Иһинээҕитигэр көс

Былыттар - баарыстаах туос тыылар... (Абаҕыыныскай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

***


Былыттар — баарыстаах туос тыылар
Күөх байҕал — киэҥ халлаан устунан
Быралгы соҕуруу усталлар,
Күн уотун күлүмэр оонньууллар.

Былыттар, көрдөлбүн ылыныҥ,
Туос тыыга поэты олордуҥ,
Былыттар, көтүтүҥ халлааҥҥа,
Туналҕан дьиримниир урсуҥҥа!

Ырыанан былыкка ытынным,
Ырааҕы эргитэ анаардым,—
Туруйа турууктуур суолунан
уорайда хоһоонум тобуллан.