Иһинээҕитигэр көс

Бырастыылаһыы (Эллэй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бырастыылаһыы


Ытаама, мин хотун-доҕорум,
Оҕолорум барахсаттар, ытаһымаҥ;
Миигин сөрөөбөтө модун холорук,
Суолбун бүөлээбэтэ күдэн туман.
Мин иннибэр Лена эбэм
Долгуннара чуумпурдулар,
Кини уйгулаах уулара мин иннибэр
Кыһыл көмүс суол буолан кутулуннулар.
Мин бардым: бухатыыр эһэлэрим
Былыргы аартыктарын арыйан,
Күн дьонум дьоллоох көҥүллэрин
Хараҥа күүстэртэн харыһыйа,
Ийэ дойдум, норуотум ыҥырыыта
Эр сүрэхпин толугуруу мөҥүһүннэрдэ,
Фашист хааннаах баандаларын хампарытар
Өрөгөйдөөх айан суолугар үктэннэрдэ.
Ким эмэ: «Аҕаҕыт ханнаный?» диир буоллар,—
Уокка кыттан — уот,
                этиҥҥэ эбиллэн — этиҥ,
Хотойдорго холбоһон
                — хотой буола,
Тапталлаах аҕабыт барбыта — диэриҥ.
Бырастыыларыҥ, көмүс биэбэйдэрим!..
Алгыс талыытынан алҕаан хаалыҥ!
Кыһыл фроҥҥа кынаттаах биистэрин
Бастыҥ сыыдамынан тиийэрбэр баҕарыҥ! Ол тиийэммин,
кыргыһыыга киирэммин,
Кырыктаах охсуунан өстөөҕү эсиһиэм!
Иккистээн төрөөбүттүү үлүскэнник
                            үөрэммин.
Иэримэ дьиэбэр,
           эһиэхэ,
             эргиллэн кэлиэм!
Оччоҕо,
      ол кэлиибэр,
               Лена эбэм,
Эмиэ бу курдук,
          сааскылыы таҥнан туруохтун
Чуумпу киэһэбэр,
               иһирик иирэлээх биэрэгэр,
Чыычаахтарын тойуктара
                       сүрэхпин долгутуохтун!


1942