Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Быраһаайдарыҥ, быдан кэмҥэ:
Иитиллибит алаас сирбит,
Күөх халлааммыт, күндүл үрэхпит,
Иллээх үтүө дьүөгэлэрбит!
Халыйан кэлэн долгуппатын
Хара былыт силлиэтинэн
Сайаҕас эһи салгыҥҥытын,
Сандал кэрэ бэйэҕитин!
Эрэллээх айаннаан бардыбыт
Эһи дьолгутун көмүскүү:
Ытык иэспитин толоруохпут.
Ыраах сиргэ күнүс, түүн!..
Үлэлээн, үөрэ-көтө хаалыҥ,
Олох ордук чэлгийиэхтин!
Өстөөхпүтүн кыайан, өтөр
Эһиэхэҕэ эргиллиэхпит!
Быраһаайдарыҥ быдан кэмҥэ:
Иитиллибит алаас сирбит,
Күөх халлааммыт, күндүл үрэхпит,
Иллээх үтүө дьүөгэлэрбит...
1941
|
|
Антология иһинээҕитэ
Илья Дорофеевич Винокуров - Чаҕылҕан
Сүрүн сирэйгэ төнүн