Иһинээҕитигэр көс

Бэрт Хара (Моисей Ефимов)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ханна тиэрпэтэҕэй фантазиям?
Көтөбүн үйэлэри курдаттыы...
Майаҕатта Бэрт Хара кылыйан
Туостан туостары куоһартыыр.

"Ханнаный Бороҕон богдотун
Тулуппат туйгунум? Туох абатай!" —
Кыһыйан бөҕөс дьоннорун
Тыгын киксэртии сатаата.

Турда муҥураат курдук
Түһүлгэ үөһүгэр Майаҕатта.
Ону көрөн Тыгын обургу
Хаана быһыттар, быыппастар.

Онтон тоҕо эрэ уҕараан
Сиилиирдии мүчүҥнээн ылла,
Өһүөннээх хараҕар кыламнаан
Күллүлэр үөннээх чаҕыллар.

"Оо, маннык бөтөс боотурдаах
Киирсиэххэ баар этэ кыргыска.
Тугунан эрэ ньымааттаан
Кинини бэйэҕэ тардыахха.

Эр бэрдин тайыы гынаммын
Бары биис-уустарын самнарыам.
Мин аҕа-баһылык буоламмын
Аар-саарга аҥардас аатырыам".

Кубулҕат санаата баһыйан,
Сыалыһыар быарыныы сымнаата.
Тойон-хаан аргыый налыйан
Бэрт Хара диэки хаамта.

"Оҕоккоом! Саха чулуута,
Илиигин аҕал!" — диэн ымайда.
Истибэтэх курдук Майаҕатта
Тыгыҥҥа түҥнэри хайыста.

Итиэннэ, сапсыйан кэбиһээт,
Тыа диэки баадаҥныы турда.
Тыгын, хабырдык үөгүлээт,
Тайаҕынан сири таһыйда...