Бүгүн ааспыт үйэнэн (Моисей Ефимов)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэҕэһээ кэлэр кэминэн
Толоортум ырыам чороонун.
Бүгүн ааспыт үйэнэн
Мин олоробун.

Аҥылыйар ыар сытынан
Хотонноох балаҕаным.
"Хаачыгы-ыр" гынан арылынна
Чэҥнээх халҕаным.

Нэһилиэгим сис кинээһэ
Ыадастан, аҥнан киирдэ.
Имик-самык дьиэм иһэ
Эбии күлүгүрдэ.

Куттанаммын, торбос сонум
Тэллэҕэ илибириир.
Суостаах сүдү тойонум
Миэхэ дибдигириир:

— Иэскин-күүскүн эн өрүү
Төлөөбөтөх буруйгар
Баайгар дуолгар бүтүннүү
Уоппус оҥоһуллар!

— Тойонуом, баайым диэхтээн,
Биир эрэ ынахтаахпын...
— Өйдөө ону, киһийдээн,
Мин ылыахтаахпын!

Оҕолорум ытастылар,
Ытыыр-соҥуур кэргэним,
Ити курдук ыал аатыттан
Дьэ эһиннэҕим.

Кэбис, ааспыт кэминэн
Мин олорумуум.
Бүгүҥҥү кэскилбинэн
Хоһооммун толорунуум.