Иһинээҕитигэр көс

Гитаара (Арбита)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Биэрэк Сүрүн сирэй
(Саха хоһооно)
[[|ааптар]]
Ырыа хайтах үөскүүрүй



Гитаара


Ханна нарын гитаара
Намылыйар тыастара
Наҕылыйан, бытааран
Дьаралыйан таҕыста?

Ити – таптал оҕото
Намтыыр-үрдүүр санаатын
Дорҕоонунан уматар,
Тойугунан саататар.

Сүрэхтэри таарыйбыт
Сүрдээх итии дорҕооннор,
Тарбахтарын аайыттан
Таммалыыллар, тохтоллор,

Ити курдук миньньигэс
Элэ-была тыллары
Мэлдьи кэпсиир, биллэрэр
Табыллыбат, кыаллыбат.

Санаа тыыннаах салаатын
Араҥалыыр кытаанах,
Ол кыыс кистиир санаатын
Кэпсиир арай гитаара.

Дохсун долгун күүгүнүүр
Кэрэ кэмин толкуйдаан,
Үрдүк үөрүү сүүрүгүн
Гитаараннан солбуйда.

Сааскы күнүм ойуута
Тыалга тэлим охсуллар
Отум-маһым ойуута
Гитаараҕа кутуллар.

Саҥа таптал табыллар
Саргылардаах сааһыгар,
Санаа, сүрэх аһыллар
Сатамньылаах чааһыгар –

Субу нарын гитаара
Намылыйар тыастара,
Наҕылыйан, бытааран
Дьаралыйан таҕыста.



1936, Элгээйи