Иһинээҕитигэр көс

Данилов Никита Павлович туһунан Егорова Татьяна Константиновна ахтыыта

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Никита Павлович туһунан

[уларыт]

Егорова Татьяна Константиновна ахтыыта


А5а Дойду улуу сэриитин актыыбынай кыттыылаа5а Данилов Никита Павлович туһунан, Кыайыы 65 сылынан сибээстээн ахтан ааһарга сананным. Никита Павлович сэрии иннинэ Бүлүүчээңңэ аа5ар бала5аңңа үлэлиир этэ. Оччотоо5у ыччаттар олус көхтөөх уонна чөл олохтоох эбиттэр этэ. Мин билигин санаан аһарда5ына бөдөң-садаң ба5айы, ып-ыраас маңан сорочкалаах, бэһиэлэй, бэрээдэктээх уолан дьон саңа тутуллубут киэң да киэң былаһаакка5а киэһэ аайы футболлаан тэйэллэрин, мээчик тэбэллэрин саныыбын. Мээчиктэрэ таба түүтүнэн дэлби симэн, тириинэн тастаммыт билиңңи футбол мээчигин курдук этэ. Биһиги кыра о5олор былаһаакка биир муннугар мустан оонньуур этибит. Ити уолан дьоннортон биир эмэ киһи биһигини тэрийэн спортивнай оонньуунан дьарыктыыр буолара. Үрдүгү ыстаныы, кылыы, куобахтааһын курдуктарга куоталаһыннараллара. Мин итиннэ барытыгар кыттан II-ис буолан киэһэ аайы 15 харчы бириэмийэлэнэр этим. Биирдэ эрэ уһуну ыстаныыга I миэстэлэнэн 20 харчыны ылан үөрбүппүн өйдүүбүн. Футболлаан бүттэхтэринэ мээчиги миэхэ туттараллара, кэбирээбит, көтүллэн эрэр миэстэлэрин ийэбэр тиктэрэн сарсынын киэһэтигэр а5алан биэрэр бочуоттаах эбээһинэстээх этим. Ол кырдьык на5араада5а тиксии тэңэ этэ, өрөмүөннээн лоп курдук мусталларыгар а5алан биэрии, бүтэллэрин күүтэн ылыы чиэс бочуот курдук этэ.

Билиңңи курдук арыгы испит, иирсэ-баайса сатыыр ыччат суо5а. Итинник мустуулара үөрэх бүппүтүн кэннэ окко киириэххэ дылы буолара. Сэлиэнньэ иһигэр олорор биир эмэ киһи бара, үксүлэрэ Тыкаарыттан, өрүс уңуортан, Мачча5аттан кэлэн оонньууллара. Тыкаарыттан Никита уонна Данилов Баһылай кэлэллэрэ.

Итинник көр-нар 1941 сылтан суох буолбута. Сэрии иннинээ5и саас муус суллуута ыччаттар үрэх төрдүгэр мустан, уңуор-маңаар туран күөгүлүүр, халымалыыр этилэр. Тыкаарыттан Никиталаах уонна Киргиэлэйдээххэ, Байбаллаахха, Баһылайдаахха олорор оскуола улахан о5олоро кыыстыын-уоллуун бары кэлэллэрэ. Сынньанан, ыраас салгыны тыынан баран уол да кыыс да бары дьиэлэрин таһыгар ким сыар5а5а, ким ханнык эмит тапчааңңа ыраас салгыңңа кытаанахтык утуйаллара. Биирдэ Кириэстээхтэн сэттис кылааска үөрэнэр Мария диэн кыыс ким хайа иннинэ эрдэ тахсан оннук хоппо сыар5а5а оңостон утуйа сытта5ына Никиталаах Баһылай тыаһа-ууһа суох илдьэн бэйэлэрин дьиэлэрин таһыгар ууран кэбиспиттэр. Сарсыарда кыыс турбута атын дьиэ таһыгар сытар үһү. Таңаһа дьиэтин аттыгар хаалла5а дии, кыбыстан хайдах да буолуон билбэккэ сытта5ына уолаттар күлэ-күлэ сыар5алары көтө5өн илдьэн биэрбиттэр. Ол көннөрү дьээбэлэнии, кыыска туох да куһа5аны оңорор санаата суох көр-көрүдьүөс этэ. Уолаттар кыыска олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар этэ. Дьэ онтон сэрии ыар сыллара ааңнаан кэри-куру сыллар ааспыттара.

Никита Павлович 1945 сыллаахха кыайыы ыһыаҕын баттаһа кэлбитэ. Ыһыах күн Тыкаарыттан ыңыыр атынан кэлбитэ, кэлиэ5э эрдэттэн биллэр этэ, онон биһиги аттаах киһи иһэрин көрөөт ат баайар сиргэ утары барбыппыт, олус үөрбүт-көппүт көрүңнээ5э да аңар ата5ын нэһиилэ соһон хаамар этэ. Биһигини барыбытын кытта илии тутуһан дорооболоспута. Дьэ онтон эйэлээх олох са5аланан киһи барыта колхозка көхтөөх үлэ5э туруммута. Кэлэн баран иккис сылыгар кэргэннэммитэ. 1950 сыллартан алмааска Сулдьукаарынан, Мэйигинэн көһө сылдьан үлэлээбиттэрэ. Онон алмаас көрдөөһүнүн дьоһун кыттыылаа5а диэххэ сөп. Алмазниктар Мирнэйгэ көһөллөрүгэр доруобуйата мөлтөөн, Бүлүүчээңңэ дойдутугар дьиэ-уот туттан олохсуйбута. Кэргэнэ Ксения Якутскайга кооперативнай техникумңа үөрэнэн продавецтаабыта, бухгалтердаабыта. Никита ата5а бэргээн дьиэ5э олорон о5олорун олус үчүгэйдик көрөн-харайан, иитэлээн, аһын астаан, дьиэтин дьаһайан олорбута.

Биирдэ 1968 сыл сайын Никиталаах тастарыгар ыал дьиэтин уларсан, о5олорбун илдьэ тахсан сайылаабытым. Онно Никита о5олору илдьэ тэллэйдээтилэр. Онтон ыраастаан, кини ыһаарылаата, ону бары мустан аһыахтаах этибит. Буһаран бүтэн баран эттэ: «То5ойуом, то5о эрэ соччото суох сыт кэлэр, дьааттаах тэллэй киирсибит быһыылаах, сиэ суохха» - диэтэ. Онон куттанан то5он кэбистибит.

Арааһы кэпсэтэр этибит да сэрии туһунан олох ахтыбат этэ. Убайым Яковтыын хайдах оонньуулларын, хардарыта хонсоллорун ахтара. Биирдэ а5ам тай5аттан кэлбитигэр убайым илдьэ кэлэн эмиэ биһиэхэ хоммут. Киэһэ эти кытта миискэ5э хартыыһаны көйөрөн уурбуттар. Ону Никита: «Бу туох аһай, сыта-сымара дьикти дии» - диэбит. Ону Яков дьээбэлэнэн: «Дьэ, ити олус минньигэс ас, ону ньуосканан баһан сиэниллэр» - диэбит. Ону Никита өс киирбэх ньуосканы толору баһан айа5ар укпута - амырыын ас буолан биэрбит, нэһиилэ суунар тааһы булан быыһаммытын күлүүлээх ба5айытык кэпсиир этэ.

Сэрии кэннэ өрүс баһын диэки самолет катастрофатыгар өлбүт летчиги табаарыһа нэһиилэ тыыннаах кэлэн тыллаабытын, Никиталаах дьаһайан бөһүөлэккэ көмпүттэрэ. 1968 сыллаахха Иркутскайтан кэргэнэ кэлэн көрөн барбыта. Ону Никита арыаллаан сылдьыбытын өйдүүбүн. Дьахтар олус махтанан барбыта. Үс о5ону иитэн, харайан улаатыннартаабыта. Сэриигэ ылбыт бааһыттан хас да сыл эрэйдэнэн олохтон туораабыта. Олус киэң кө5үстээ5э, муңатыйарын, суланарын истибэтэ5им.

Егорова Татьяна Константиновна үлэ, тыыл ветерана, норуот үөрэ5ириитин туйгуна.

Сүрүн сирэйгэ