Данилов Никита Павлович туһунан Тороп Луиза Никитична ахтыыта
Аҕам туһунан аҕыйах тылынан
[уларыт]А5ам барахсан, Данилов Никита Павлович 1919 сыллаахха Бүлүүчээңңэ Тыкаары диэн сиргэ күн сирин көрбүт. Бииргэ төрөөбүттэрэ - Балаагыйа, а5ам, Катя, Маайа, Баһылай.
А5а Дойду Улуу сэриитигэр Великие Луки диэн сиргэ сылдыбыт, минометчиктаабыт. Сэриигэ сылдьыбытын, туох-ханнык ыарахаттары көрсүбүтүн, төһө эрэйдэммитин ахтыбат, муңатыйбат этэ.
О5о сааспытыгар Мэйиккэ, Бүлүүчээңңэ олорбуппут. Даниловтар дьиэ кэргэттэригэр үс бииргэ төрөөбүттэрбит. Улахан быраатым – Саша миигиттэн 11 сыл балыс. Кини бэрт кыра сааһыттан а5атын кытта куска, балыка сылдьыһара. А5абыт олорон турбат бүгүрү этэ, сымна5ас майгылаа5а. Дьиэтин, аһылыгын, о5олорун көрөн – истэн, үлэ5э-хамнаска салайан үлэлэтэрэ. Икки балтыһа5ынан сылдьара. Сэрииттэн улаханнык бааһыран, инвалид буолан кэлбитэ. Кэлин билэр дьоммут – эмээхситтэр кэпсииллэр этэ. Сэриигэ барыан иннигэр сүрдээх үчүгэй чөллөркөй куоластаа5а, үңкүү тыла эттэ5инэ ыраахтан иһиллэр этэ диэн кэпсииллэрэ. Түбүгүн быыһыгар дьикти дьарыктаах этэ. Айыан – суруйуон ба5арар, айар куттаах эбит. Улуус хаһыатыгар бэчээттэнэр этэ. Хоһоонноро кэрэ5э, ырааска, сырдыкка талаһар ис хоһоонноох буолаллара. Айыл5аны олус таптыыра. Биирдэ туруорсан туран куска, Сашаны илдьэ барарыгар, барыстым. Үөрүүбүттэн олус ыксалынан таңна о5устум, күөлбүт таһыгар тиийдибит. Онно тиийэн, а5ам өйдөөн көрбүтэ, кып-кыһыл бээһиңкэни кэппиппин. То5о маннык таңынның, ойуур са5атыгар тур, кус ыраахтан көрөн күөлгэ кэлэн түһүө суо5а диэн холдьо5уллан, тэйиччиттэн көрөн эрэ баран төннүбүттээхпин.
Ийэбит – Ксения Алексеевна өрүү үлэлээх этэ. Сааһырыар диэри ханнык да общественнай үлэттэн туора турбата5а. Оччотоо5у ирдэбил да сүрдээ5э, өрөбүл аайы араас субуотунньук бө5өтө тэриллэрэ, о5олор да хаалсыбат этибит.
А5абыт хара өлүөр дылы бултаан, наар айыл5а5а сылдьыбыта. Оскуола кэнниттэн ферма5а үлэлээбитим. Маңнайгы хамнаспын ыла барарбар а5ам, инбэлиитинэн ылбыт массыыналаа5а, мин хонтуора5а илдьиэм диэн тылламмытын умнубаппын. О5ото киһи – хара буолан эрэриттэн сүрдээ5ин үөрэр этэ. Кыра о5олор тобус толору олорсон хатааһылаан, үөрэллэрэ а5ай.
А5абыт уһаата5ына, хойутаата5ына, кэргэмминээн – биэлсэринэн үлэлиир Владимирдыын, күөл диэки киирэн көрсөр этибит. Эрэй бө5өнөн бадарааңңңа батылла-батылла иһэрин өрүүтүн саныыбын, харахпар көрөбүн. Хаһан да сордоммот, муңнанар диэни билбэт этэ. Кыыспыт Лена 1969 сыллаахха төрөөбүтэ, а5ам сиэнин көрөн баран: «Үчүгэйкээн кыыс дии, о5ом барахсан, кырачаан кыыстаммыкынан» - диэн сирэйэ сырдаан ылаахтаабыта.
Ийэлээх а5абыт такайбыттарын курдук, ханнык да үлэттэн ча5ыйан турбакка дьон сиэринэн үлэлээн, сиэннэрбитин көрөн – харайан, дьиэ – уот тэринэн, көлүөнэттэн көлүөнэ5э бэриллэр үтүө үгэстэри, иистэнэр, уһанар, бултуур – алтыыр дьарыктары үөрэтэр – такайар, сырдык сыаллаах соруктаах олоробут. Олус ыарахан кэмңэ олорон үлэлээн ааспыт ийэлээх а5абыт сырдык ааттара, суоллара – иистэрэ үйэттэн үйэ5э сүппэтин, өрүү тыыннаах буоллуннар.
Үс о5отуттан улаханнара, со5тох кыыһа, Сунтаар Кириэстээ5эр олохсуйан олорор, элбэх ыаллар эбэлэрэ Тороп Луиза Никитична