Дорообо, доҕоруом!.. (Алампа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

* * *



Дорообо, доҕоруом!
Тоҕо тохтооҥҥун
Тоҥхох кымматыҥ?
Толоҕойдоох толкуйуҥ
Тосту туораан
Тоҥон чугаһаабатыҥ?
Хара баттаххыттан
Хаамар атаххар дылы
Хайҕаан хараҥаран,
Хара быарбар ханыылаабытым.
Көрөр хараххын,
Көстөр дьүһүҥҥүн
Көлөһүнэ суох көрөн
Көмүстээҕэр күндүргэппитим.
Сайаҕас санааҕын,
Саҥарар тылгын,
Самалдьыгас бэйэҕин
Саргыга санаабытым.
Сүһүөҕэ суох сүрүҥҥүн,
Сүлүһүнэ суох тылгын,
Сүрдээхтик сөбүлээн
Сүрэхпэр сөҥөрбүтүм...
Эрэллээх тылбын,
Эт сүрэхпиттэн
Эйиэхэ эрэ
Эймэнийэн эппитим.
Оҕотук сааспар
Олоҕу оройдообокко
Оройум хаана оргуйан,
Оонньуур уодьуганыгар
Оттуллубут уот омуллубата,
Олохсуйбут санаа уларыйбата,
Буҕа санаа
Булгуллубата буолуо диирим.
Эрэйи эгэлгэлээбэккэ,
Эҥини билбэккэ,
Элэркэй санааҕа эриттэрэн
Эргийэ сылдьар эрдэхпинэ,
Эн-мин дэһиспиттэн
Эт сүрэх эҥмэнийэрин
Эргэрэрэ буолуо диэн
Эгэлгэлээбэт этим.
Күлүүгү көрүнэн,
Көҥүлгэ көччүйэн,
Көтө-сүүрэ сылдьан
Көхтөөх санаа көччүйбүтэ,
Көмөлүйэр сүрэх көбүөхтээбитэ
Көҕүрээбэтэ буолуо диирим.
Онтукам баара
Олох оҥоһуута ураты,
Киһи кэскилэ кэдирги,
Саҥа да эргэрэр,
Санаа да уларыйар,
Таптал да салҕар,
Сүрэх да сөллөр,
Буҕа санаа булгуллар
Буолар эбит.
Онон эйигин
Хааным дьалкыйан,
Хара быарым хамнаан,
Хараҥаран таптыырбын,
Хайаан да кыайбаппын
Хайтах кыныамый?
Хайтах кынан
Сүрэҕим ньүөлүйэн,
Сүһүөҕүм хамнаан,
Сүмэм дьалкыйан,
Көҕүйэ көрөн,
Көмөлгөннөөх санаам
Көччүйбэт буолтун
Көннөрүөмүй, көмүһүөм?
Хайтах кынан
Санаам сайдан,
Саҥам тахсан,
Этим итийэн,
Эт сүрэҕим
Эриллибэт буолтун
Эргитэн аҕалан
Эйэҕэс буолуомуй?

Тымырым хаана тыгыалаан,
Тулаайах быарым туллаӨнаан,
Талыы курдук дьаралыйан,
Таптаабат буолбуппун
Туох күүспүнэн туран
Туругурдуохпунуй, доҕоруом?
Соҕотох буоллахпына суохтуубун,
Аҥардас буоллахпына аһынабын.
Ол кынан баран
Көрдөрбүн эрэ күүркэйэбин,
Кэпсэттэрбин эрэ китиэркиибин,
Тоҕо даа буоларын толкуйдаабакка
Тоҥон кэлэбин,
Ыллара ныксаарбатарбын даҕаны
Ытыыга ылларабын,
Буоһата да суохтан
Бунчааран буоттуланабын.
Онон
Таптал дьалыйдаҕа диэн
Таайабын, эрэбил,
Сөбүлүүр сүрэх
Сөлүннэҕэ диэн сүрүнньүүбүн.


1926


Алампа

Сүрүн сирэйгэ