Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
***
Дорҕоонноох ырыам,
Дохсун көр тылым,
Улууска тарҕаа,
Уйгуну алҕаа!
Мөлтөҕү күүһэт,
Мөдөөнү тиэтэт,
Саргыта ыллаа,
Санаата салҕаа!
Кырдьыкка түмсэр
Кыра дьон-аймах
Сүрэҕин эппэт,
Сүһүөҕүн эрчит!
Дорҕоонноох ырыам,
Дохсун көр тылым,
Улууска тарҕаа,
Уйгуну алҕаа!
Хаан өһөх обот —
Хара суор тойот
Үрдүгэр баргый,
Этиҥнии ньиргий!
Хамначчыт дьону
Хамыйан холбуу,
Сылаастык хоһуй,
Сырдыкка салай!
|
|