Иһинээҕитигэр көс

Доҕорбор Сүөкүччэҕэ (Ойуунускай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Доҕорбор Сүөкүччэҕэ


Кылбаарар кынаттаах
Кыталыктан ордук,
Тырымныыр чыычааҕым,
Тыкаарар далбарым,
Сүрэҕим сөбүлүүр
Сүөкүччэ доҕорум!

Түүннээҕи халлааным
Төлөннөөх мичээрэ
Күлүмнүүрүн курдук,
Күндү күлэр-мичик
Хаастаах харахтаргын
Хайҕаан умсугуйдум.

Сардаҥалаах күнүм
Саһарҕата оонньуур
Субуруйар долгун
Суһуоххун санааммын,
Олохтоох дойдубар
Ордугу булбатым.

Тэрбэлдьийэн көстөр
Тэтэрээхтиир иҥҥин
Килбэйэр халлааным
Киирэн эрэр күнүн
Кыыһар сырдыгыттан
Кыччыырга көрбөтүм.

Томтойор-мөтөйөр
Толору түөстэриҥ
Долгуйарын көрөн,
Дорҕоонноох салгыным
Дьэргэнигэр аахтым,
Тэҥнээҕи билбэтим.

Доҕойон тураҥҥын
Долгуйа хаамаргын
Туналыйар кубам
Тунаарар байҕалым
Удьурдаах баалыгар
Устарыгар уурдум.

Субуруйар долгун
Суһуоххун тараанан,
Күлүмнүү-мичиҥнии
Күүтэн олороргун
Курбуулаах арылык
Кустукка холуйдум.

Алаарар, тунаарар
Алгыстаах алааһым
Ахтар айылгыта
Көҕөрөн-наҕаран
Көрүлүүрүн курдук,
Күндүтүк санаатым.

Кэмнэрдээх аналбыт
Кэхтиилээх кирбиитэ
Кэлэрин көрөммүн,
Иккистээн эргийбэт
Илэ кэрэ сааскар
Хоһуйан ыллаатым.


1925