Иһинээҕитигэр көс

Доҕордоһуу

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Айан аргыһы таптыыр.

Айан киһитэ аргыстаах, суол киһитэ доҕордоох.

Атас туһугар атах тостор.


Дьонноох киһи тутайбат.


Икки ардыларынан уу тохтубат.


Ким доҕордоох - ол дьоллоох.

Киһи киһинэн олорор, киһи киһинэн тыыннанар.

Кулуннаах биэ курдук куодарыһаллар.

Кырдьаҕаһы хааһахха хаалаан сылдьан сүбэлэт.

Кырдьаҕастан сүбэтин, эдэртэн эйэтин ыл.


Умса тустэхпинэ сүүспүттэн өйөө, иттэнэ түстэхпинэ кэтэхпиттэн өйөө.

Уулаах балык быстыбат, дьонноох киһи тутайбат, ойуурдаах куобах охтубат.


Үтүө киһи үгүс доҕордоох.

Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ тухары умнуллубат.


Суол аргыһы таптыыр.


Хайабытын даҕаны суор-тураах тоҥсуйуо суоҕа.

Хайабытыттан даҕаны эһэ бараах сахсарыйыа суоҕа.


Ый-күн курдук алтыһыахпыт.


Эдэрбин диэн эрэнимэ, кырдьаҕаспын диэн түүнүмэ.