Иһинээҕитигэр көс

Доҕоччугуом, тоҕо маннык... (С.Данилов)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт


Доҕоччугуом, тоҕо маннык
Тоҥкурууннук көрсөн,
Туохтан дууһаҥ туоххаһыйан,
Чоҕулуччу көрдүҥ?
Миигиттэн дуу хоргутаҥҥын
Үөрэ тоһуйбатыҥ,
Тугу мин туора туттаммын
Маннык киэр хайыстыҥ?

Ыар буруйдаах буоллахпына
Муҥатыйа ааттыам,
Буруйа да суоҕум иһин
Буруйдаахтыы туттуом.
Хаарыан дьиэм хараҥаччыта,
Халлаан курдук халлыый,
Үрүҥ дьиэм үрүмэччитэ
Үөрэн-көтөн кэлиий.