Иһинээҕитигэр көс

Дылбаахы үрдүттэн (Эллэй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дылбаахы үрдүттэн


Дылбаахы хайатын кылбаархай үрдүттэн
Мин ийэ кыраайбын эргиччи көрдүм,
Кини күн көмүскүүр күөх боллох күөнүттэн
Көрүлүүр олоҕу көрөммүн — үэрдүм.

Айылҕа уһуктан күндэлэс хараҕын
Имнэрдээх илиним диэкиттэн аста,
Сибэкки бэрдинэн симэммит баттаҕын
Сиккиэр тыал силирдии хамсатан ааста.

Самантан аллараа үҥкүүлээн дыгыйар
Маҥан туос чулкулаах мааны кыыс — хатыҥ,
Ол атта: будьурхай баттахтаах харыйа,
Модьу бэс, силигир сэбирдэх тэтиҥ...

Ол анна: алтан от тэлгэххэ тирэммит
Колхозпут сүнньүөх мас күрүөтэ сүүрбүт,
Хаппыыста тэрэгэр сүрэҕэ тэлгэммит,
Огурсуу араҕас хараҕа көрбүт.

Ой тыаны оркестр тыаһыныы чугдаарпыт
Ол көҥүс биэрэгэр — будьурхай иирэ,
Көй элбэх сэбирдэх тылынан айаарбыт
Көтөрү-сүүрэри көччүтэр лиирэ.

Бу мантан тус илин, быраантан аллараа,
Хайыта баттаммыт хабарҕа курдук,
Былыргы хаан аартык тайҕаттан таҥнары
Кумахтаах дьуоҕаҕа дьурулуу турбут.

О, сордоох эргэ суол, эн миэхэ эт эрэ:
Сүр нүһэр сүгэһэр самнары баттаан,
Хас-төһө хамначчыт хараҕын сииктэрэ
Халыҥ таас хаспаххар халыйан хаалтай?..

Суугунас солкоҕо маарынныыр сонуоктар
Соҕуруу бастара — хайалыын харсар.
Ол үрдэ — суол бэрдэ.
Суоруу таас устунан Массыына ох курдук сурулаан тахсар.
 
Халлааны көрөбүн: сандаллаах халлааҥҥа
Эрилкэй харахтаах мохсоҕол көттө.
Ол үрүт өттүгэр, күлүмнэс мындааҕа,
Кылбаарар кынаттаах самолет көстөр.

Куйаарбыт халлааҥҥа — күөх лаахтаах ньууругар,
Көһөҥө муус курдук, умньаммыт былыт
Күрүлэс көмүөллээх полюһу санатар,
Бухатыыр моторбут бу баарга дылы...

Ууллубат муус куйах хотугу далайга
Кыайыыбыт кылбайбыт, кыһыл кыым кыыспыт,
Сир-дойду баһыгар, хаар маҥан баттаҕар,
Советскай норуоппут сибэкки аспыт.

Ол иһин — мин эрэ буолбатах — мөлүйүөн
Үөрүүлээх хараҕа полюска тиийдэ,
Ол иһин сүрэҕим ол дойдуга көтүөн
Олустук дьулуйда, долгуйа күүрдэ.

Күр муустаах кыраайга күн бүгүн тиийдэрбиэн!
Көтөөхтөөн тиийэммин, кырыарбыт түөспэр
Күн дойдум чаҕыла суоһуурун биллэрбиэн,
Часкыйар чысхааннаах өлүүлээх үөскэ!

Мин көр-нар олоҕум уоттарын көрөбүн:
Пионер парада, барабаан тыаһыыр...
Миитэрэй мас мастыыр, биир уолчаан төрөөбүт,
Мичээрбит эмээхсин саламаат астыыр...

Кый ыраах, чуумпурбут ууларбыт уҥуора —
Көй элбэх уотунан суһумнуур муора,
Сырал күн анныгар сыламныы сытара
Ол көстөр — ол дьоллоох Дьокуускай куорат.

Кыыс кыраай лиэнтэтэ буолаахтаан үөскээбит
Элиэнэ мөһүүрэ ууларын сүүрдэр.
Хамсатын буруотун халлааҥҥа күдээрпит
Борокуот эр-бэрдэ эрчимник эрдэр.

Күөгэйэр күннэрим көнтөһүн тутуһан,
Күннүктээн күөх сирбин көрүөлүү турдум,
Көмүстээх күөмэйим күүстэрин баттаһа,
Көрүлүүр доҕорбор күндүлүү туойдум.


1937