Дьаардаах олох... (Иван Арбита)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

* * *



Дьаардаах олох
Дьаҥын ааспыт
Улуу дьоллоох
Оҕо сааска
Дириҥ байҕал
Уутун саҕа
Уруй-айхал,
Уустук саҥа!
Аҕал, маама,
Саҥа дьолло,
Дөссө наада
Кыыста, уолла!


1936