Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Дьолу миэхэ итэҕэйбит эбиккин!
Сүргэбин көтөҕөр сүүнэкэй күүһүм,
Сүтэ-сүтэ көстөҕүн күн-түүн,
Эйигин көрдүүбүн күннээх чаҕылыйар уулуссаҕа,
Эйигин күүтэбин хас муннук, хас тоҕой аайытын.
Эйигин көрдөхпүнэ этиэхпин эппэппин,
Элэк-хаадьы тылларынан ыһыахтанабын,
Хаарыаннаах түгэн күндү кэмчитин
Халтайга ыытар ааргы киһибин.
Хаһан да,
Кимиэхэ да
Этиллибэт эриэккэһи,
Ыпсарыллыбат ырааһы
Бэлэхтиэхпин баҕараммын
Сүргэбин көтөҕөбүн сүтүктээх сылдьан,
Санаалыын сырдыыбын
Самнар-сабыстар, саллаҥныыр чааспар.
Сырдыахпын баҕарабын эн олоххор
Сылаас да сылаас сырдыгынан,
Уматыахпын баҕарабын улуктуйар күҥҥэр
Умуллубат кутаа күөх төлөнүн,
Сирдиэхпин баҕарабын утуйбат түүҥҥэр
Кэрэттэн кэрэ түүлгэр тиэтэтэммин.
Итэҕэй,
Эн олоххо, дьоҥҥо тапталгар тардыһан
Эрчим эбинэбин, дьолго тиксэбин,
Махтал иэйиитинэн манньыйа сымныыбын,
Дьоммун, дойдубун долгуйа таптыыбын.
Махтал эйиэхэ, мааны доҕорум,
Бу сиргэ эйигин билбитим иһин,
Махтал эйиэхэ, Хотун дойдум,
Дьолу миэхэ итэҕэйбит эбиккин!
|
|