Дьол/үөрүү/таптал
Алгыс аалы көтөҕөр.
Балык ыамнаах, киһи күннээх.
Быс да — сыа, бас да — арыы!
Илии тутуурдаах, өттүк харалаах.
Күлүккэр имнэн.
Күнүм буолла — күөнэҕим таҕыста, күөрэгэйим ыллаата.
Күөх от күн уотугар хайыһар, киһи күн үтүөтүн батыһар.
Кыыс оҕо ырыата, уол оҕо тойуга буолбут.
Сиргэ туспүт силик, окко түспүт оҥоһуу.
Таптаһар дьон таҥаралара биир.
Таптыыр сүрэх таайыгас.
Таптыыртан харах арахпат, абааһы көрөртөн тыл арахпат, ыалдьартан илии арахпат.
Тойон кыыл дьоло тосхойбут.
Тоттум даа тойон оҕото буоллум!
Улаҕаҕа уктар, ойоҕоско олордор ойох-доҕор.
Уллуҥаҕа сири билбэт, хараҕа халлааны билбэт буолбут.
Уол оҕо дьоло - сир түөрт өттүгэр.
Уол оҕо дьоллоох, соно5ос ат соргулаах.
Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах.
Уол оҕо дьолун туох даа билбэт.
Үтүө тыл - дьол.
Ыалдьартан илии арахпат, таптыыртан харах арахпат.