Иһинээҕитигэр көс

Дьон тыла (Айыы Уола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бэлэхтээ (Айыы Уола) Дьон тыла
Ырыалар
Айыы Уола
Ийэҕэ махтал (Айыы Уола)


Дьон тыла


Эн доҕоргун сүтэрдиҥ,
Доҕоргун сутэрдиҥ -
Бу күнү күүппэтэҕин,
Эн күнүҥ хараарда.
Араарда эhигини -
Араарда сымыйа,
Араарда албын сурах,
Араарда дьон тыла.

Эн истимэ, истимэ,
Ыраас тыпталы
Эн тэпсимэ,
Эн истимэ -
Дьон тыла олох сымыйа,
Барыта сымыйа.

Эн кинини кытары
Дьоллоох да этигит,
Өйдөө, ол чуумпу киэhэ
"Таптыыбын" диэбитин.
Араарда эhигини,
Араарда сымыйа,
Араарда албын сурах,
Араарда дьон тыла.

Эн истимэ, истимэ,
Ыраас тыпталы
Эн тэпсимэ,
Эн истимэ -
Дьон тыла олох сымыйа,
Барыта сымыйа.