Иһинээҕитигэр көс

Дьыл кэлиитин ырыата (М.Н. Андросова-Ионова ырыата)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тохсунньу ый
Toҕyc эргэтигэр
Уубуттан уһуктаммын,
Ороммуттан тураммын,
Таһырдьалыыр тахсаммын,
Көмүс тиэрбэс caҕa
Күөл уу харахпынан
Toҕyc иилээх-сaҕaлaax
Толомон туруу бараан дойдум урсунун
Одуулаан көрдөхпүнэ,—
Тоҕус үөрдээх
Тураҕастай атыыр сылгы
Кутуругун туруору туппут курдук,
Догдоон хара тыа ортотугар,
Көтөр кынаттаах
Тойоно буолбут
Хотой-Хомпоруун,
Хара дьаҕыл,
Чачыгырыыр таас таҥалай,
Чучугуруур туус тумус,
Бүлгүннээх гиэнэ бөҕөтө,
Дабыдаллаах гиэнэ талыыта,
Хотоҕойдоох гиэнэ хорсуннааҕа,
Тобураҕы сыһыарбат
Добун маҥан халлаан аннынан сурулаччы дайбаан,
Көхсө күнү бүөлээн,
Санна халлааны хаххалаан,
Тиийэн кэлэн,
Бу
Догдоон хара тыа ортотугар
Тоҕус мас төбөтүн
Дьөрбөлүү тардан ылан,
Уон дьааҥы хотуурун курдук
Хардастыгас тыҥыраҕынан
Хатана түһэн баран,
Toҕуc иилээх-саҕалаах
Толомон туруу бараан дойдум улаҕатынан
Кыһыл чааскы саҕа
Уоттаах хараҕынан
Урбаччы көрөн баран,
Кырыылаах дьэҥкир таас тумсун
Түүлээх ньилбэгэр
Үс төгүл
Туора сотуннаҕына,—
Үөр дьыбар
Аҥар муоһа тостор,
Хатан дьыбар халбарыйар,
Күүстээх дьыбар күлгэрийэр,
Ахсым дьыбар ахсыыр,
Бастыҥ дьыбар манньыйар;
Ол кэлин өттүттэн —
Олунньу ый уон саҥатыгар
Ой хара тыа ортотугар
Уон былас от түгэҕин саҕа хаардаах
Уйатыгар тиийэн,
Икки тэллэҥэс туос саҕа
Нэлим көмүс кынатынан
Үс төгүл тэбиэн баран,
Үрдүгэр тоһоҕос от саҕа буолан,
Ноҥнос гына олоро түһэн баран,
Үс төгүл чоҥкуначчы туойдаҕына,—
Догдоон хара тыа
Тобураҕа тооронор,
Көмнөҕө күлгэрийэр;
Аан дойду диэки
Аҥаарыччы көрөи баран,
Алта төгүл чаҥырҕаччы саҥардаҕына,—
Аан туман арахсар,
Күдэн туман көтөҕүллэр;
Саарба кыыл саннын түүтүн
Арыйа баттаабыт курдук,
Адаар хара тыа
Алын кырыытыттан
Аламай маҥан күн,
Алта былас от түгэҕин саҕа буолан,
Аҥаарыйа ойон тахсар.
Ол кэлин өттүттэн
Өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө,—
Кубулҕаттаах кулун тутар ыйым
Уон саҥатыгар тиийэн кэллэхпинэ —
Тус соҕуруу диэкиттэн
Күтүр күүстээх
Көй салгын
Тыал тыалырбыт —
Көмүрүө хаарбын күлгэриппит
Күтүр тымныы күүһүн алдьаппыт,
Уор тымныы уоҕун уҕарыппыт,
Ааттаах тымныы аҥар муоһун тоһуппут,
Дохсун тымныы уу дьулайын тобулбут,—
Тус соҕуруу дойдуттан
Туллук кыылбын
Tуpуу сириттэн
Сурулаччы үүрэн аҕалла.
Кытай бараан сирбиттэн
Кырбас эт кыйаарынан кыттыһан,
Кыраһа хаарынан кынаттанан,
Сытыы тыалынан атахтанан,
Сыыр чыычааҕа ааттанан
Сырылаччы көтөн кэллэ,—
Сыа хаарым сымнаата,
Күрдьүк хаарым күлгэрийдэ,
Эргэнэ хара тыам тиитэ иэччэхтэннэ,
Халдьаайы сирим харалдьыта таҕыста,
Үрүйэ сирим дулҕата көһүннэ,
Үрүҥ сүүрүктэрим үлтү хаамсан,
Үрэх-үрэх баһыттан
Үөрдэрин булсуһар буолан бардылар,
Хара сүүрүктэрим хампы хаамсан.
Хамчааккы тайҕa баһыттан
Ханыыларын булсуһар буолан бардылар.
Тус илин диэки көрдөххө,—
Эттээх ат кутуругун
Экчи быһа баттаабыт курдук,
Эргэнэ хара тыам кэтэх өттүттэн
Аламай маҥан күнүм
Сэттэ былас от түгэҕин caga буолан
Тэмтэйэ ойон тахсар буолла;
Аан күдэн араҕыста,
Тэгэл тымныы тэйдэ,
Уор дьыбар уларыйда,
Хатан дьыбар халтарыйда.
Ол кэлин өттүттэн —
Aҕыс иилээх-саҕалаах
Аан ийэ дойдум элгэтин диэки
Аҥаарыччы көрөн турдахха —
Күнүм ойуутун диэкиттэн
Итии сиксиэр тыал
Тыалыран кэлбит эбит.
— Бу хайа кэм эбит? — диэн, өйдөөн
көрдөхпүнэ —
Уулан устар будулҕаннаах
Муус устар эбэккэйим эбит.
Уон ордуга биэс саҥатыгар тиийэн кэлэн
өйдөөтөххө —
Көтөр кынаттаах кыыл
Көйгөтө буолбут
Тураах диэн көтөрүм
Сурулаччы дайбаан тиийэн кэлбит эбит;
Күрдьүк хаарым көтөҕүллүбүт,
Сойуо хаарым солбонуйбут,
Кур муус күлгэрийбит,
Үрүйэ уута үөрдүспүт,
Силис уута сиэттиспит,
Taйҕa уута тардыспыт,
Үрэх уута үмүөрүспүт.
Байҕал уута барыласпыт,
Муора уута булкуспут,
Тоҥмут ирбит,
Отут уopҕaлaax модун дьыл уларыйбыт,
Эргэ дьыл эстибит.
Саҥа дьыл салаллыбыт эбит, дoҕoттoop!

Таатта улууһа, II Игидэй нэһилиэгэ, М. Н. Андросова (Ионова) ырыата.

В. М. Ионов. Орел по воззрениям якутов. С.-П., 1913 с.