Иһинээҕитигэр көс

Дэриэбинэм - миэнэ бэйэм (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дэриэбинэм – миэнэ бэйэм
Оҕо сааhым – биhигим,
Наҕыл киэhэ устар ыйым
Оhуор күөхтээх ырайым.

Дэриэбинэм – айыы сирим,
Абылаҥнаах айылҕам,
Туойар-ыллыыр сүрэҕим,
Уоскулаңнаах ыракам.

Дэриэбинэм – дьонум-сэргэм,
Истиң-истииң сыhыаным,
Сүөгэй үүттээх хойуу чэйим,
Наҕыл-холку сэhэним.