Иһинээҕитигэр көс

Иван Арбита (С. Данилов)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Иван Арбита


Поэт олорбута, таһыттан көрдөххө,
Дьалбааттан дьалбаа олоҕунан,
Аһыыр аска, таҥнар таҥаска
Наадыйар кыһалҕаны тумна.

Шанхай быраагата бараннаҕына -
Баанньык пивотыгар ыаллаһара;
Иһэ аччыктаан тулуппатаҕына -
Курун тардынан намытара.

Уонна, түүну күҥҥэ эргитэн,
Түбүк бөҕөтүгэр түһэрэ:
Ойуумсуйа, илбис иҥэринэ,
Тыл иччитиниин мөккүһэ...

Ким даҕаны киниэхэ тэҥнээхтик
Саха тылын тыыннаабатаҕа буолуо.
Ким билиэй, баҕар, бэйэтэ
Тыл иччитэ эбитэ буолуо.

Түөкүттэр, илэчиискэлэр, иһээччилэр
Кинини бары, бары, билэллэрэ.
Ол улуу урдустар, бэл кинилэр,
Кини үс күлүгэр сүгүрүйэллэрэ.

Оннук күүстээҕэ кини тыла,
Кини хоһооннорун хомуһуна.
Эдэрдэр кэлэрбит илбис ыла.
Тыл абыгар киниэхэ уһулла.

Уонна, сарсыарда кэллэхпитинэ,
Хоһун дуомун "оригинальнай хатыыра" -
"Бары фроҥҥа барбыттара" диэннии
Биллэрии халҕантан хаһыытыыра:
"Ааттаах поэт Арбита
Арыгылыы барбыта!"

Кылгас үйэтигэр муспут баайа -
Биир хоппо илдьиркэй кумааҕы...
Оннук олорбута ол тыл байанайа
Бүппэт түбүккэ, ырыаҕа,санааҕа.