Иирээн (Ньукулай Неустроев)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

ИИРЭЭН[уларыт]

Нэһилиэк сэбиэтин мунньахтыыр дьиэтин иһэ, кэҥэс соҕус хотонноох балаҕан. Уҥа муннукка, уһун остоолу тула олорон, нэһилиэк сэбиэттэрэ мунньахтыыллар. Үрдүлэригэр баар таҥара холлоруга иччитэх, истиэнэҕэ улахан баҕайы Лиэнин мэтриэтин ыйаан кэбиспиттэр, ол гэннэ үрүҥ кумааҕыга суруллубут, бэчээттэммит даҕаны ыйаахтары хайа батарынан истиэнэҕэ сыһыартаабыттар.

Нэһилиэк сэбиэттэрин силиэннэрэ бары, остоолго бүк түһэн олорон, ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ, суруксут тугу эрэ суруйарын одуулаһаллар, ол икки ардыгар мэккиһэн, улаханнык саҥарсан бараллар.

Xaҥac диэки дьиэлээхтэр ону-маны үлэлииллэр. Атах ороҥҥо, тымныынан аргыйа турар көлөһүннээх муус түннүк анныгар кырдьаҕас оҕонньор киһи, куобах нэгэ истээх холто буолбут тордох сону бүрүнэн баран, илиитигэр мас тайаҕы туппут, ол гэннэ сир диэки дьөлө көрөн, бүк түһэн олорор. Өйдөөн көрдөххө, икки хараҕа суох хара балай буолбут эбит.

Дьон кэпсэтэрин иһиллиирэ биллибэт эбэтэр былыр, эдэр, харахтаах эрдэҕинэ хайтах сылдьыбытын санаан, курутуйан олороро биллибэт. Кинини даҕаны, олус киһи баар диэн, бадаҕа, ким да кэрэхсээбэт буолбут.

Таһыттан биир киһи, өр баҕайы тоҥмут ааны хаахынатан, туманы кытта аргыый аҕай дьиэҕэ киирэн кэллэ. Аан тыаһыттан соһуйан, хараҕа суох оҕонньор, cөҥөн олорон, өрө көрө түстэ, ити гэннэ уоһун иһигэр ботугур гына саҥарда:

— Эмиэ киммит түөһүллэн киирдэ? — инньэ диэн баран, тииһэ суох уоһунан тугу эрэ ыстаан кумугулдьутта. Били таһыттан киирбит киһини, бэргэһэтин, саал былаатын устубутун гэннэ көрбүттэрэ, арай Куоҕас уола Киппэ Кирилэ эбит. Кини бэйэлээх сырайа-хараҕа тоҕо эрэ арбы-сарбы буолбут, баһын аҥаардыы куобах өрөҕөтүнэн саба бааммыт, уокка тиийэн итиннэ. Дьиэлээх Дьаакып, уот иннигэр тугу эрэ быһаҕынан тутта олорон, соһуйбут киһи быһыытынан Киппэ Кирилэ сырайын өрө көрөн мылайда. Ол кэннэ ыйытта:

— Хайа, доҕор, бу ханна бардыҥ?

Онуоха Киппэ Кирилэ, уҥа муннук диэки хараҕын кырыытынан кылапыс гына көрөн баран, аргыый аҕай эттэ:

— Дьэ, доҕор, мин түбэспэтэхпэр түбэһэн кэлэн турабын. Киһи өлөрө диэн дөбөҥ суол буолар эбит. Бэҕэһээ мантан барарбар өлүөр киһи этим... Онон киһи оһолго түбэһэрэ чугастан буолар эбит.

— Тыый, доҕор, ол туох буоллуҥ?! Сылгыга өллүҥ дуо? — диэн, кистии-саба Дьаакып хат ыйытта.

— Миигин киһи дэҥнээтэ, — диэтэ Киппэ Кирилэ. — Кэл эрэ манна, эйиэхэ сиһилии кэпсиим, — диэн баран, хаҥас быыс кэннин диэки барда. Дьаакып, хап-сабар туран, барыста.

— Ити киһи туох буолан кэллэҕэй? — диэтэ уоһун кытта нэһилиэк сэбиэтин бириссидээтэлэ Мэхээс, уҥа ороҥҥо Лиэнин мэтриэтин анныгар олорон эрэ. Инньэ диэбитин доҕотторо аахайбакка хааллылар, бэйэлэрин кэпсэтиилэрин тохтоппотулар. Өp coҕyc буолан баран, Киппэ Кирилэ дьиэлээх Дьаакыптыын быыс кэнниттэн тахсан кэлэн, уот иннигэр турдулар. Бириссидээтэл Мэхээс, кинилэри көрөөт, ыйытта:

— Хайа, Кирилэ табаарыс, тоҕо кэллиҥ, туох наадалаах буолан, бачча ыраах сиргэ? Урут бу дьиэҕэ хотон быкпат киһи этиҥ ээ. Онуоха Киппэ Кирилэ, көхсүн этитэн баран, эттэ:

— Мин моһуогуран кэлэн турабын, — диэтэ, ол гэннэ тоҕо эрэ кыбынан турар саал былаатын, кэһиитин эт аҕалбыт киһи курдук, туппахтаата.

— Бэй, ол туох моһуокка ылларан кэллиҥ? — диэтэ Мэхээс. Остоолго олорор дьон бары чөрбөҥнөөн иһиллээтилэр.

— Оттон, этэрдээх буоллаххына, аттыларыгар баран, этэн көр ээ, — диэн, дьиэлээх Дьаакып Кирилэни сүбэлээтэ.

Киппэ Кирилэ, хап-сабар остоол диэки хааман иһэн, дьиэ оттотун диэки тохтоото, сырайа кытаран, дьэс алтанын курдук дьүһүннэнэн барда, хараҕыттан уу-хаар баһылынна, xaҥac илиитинэн баһын саба бааммыт куобаҕын тириитин көннөрүннэ, ол гэннэ эттэ:

— Үтүө тойотторуом, миигин киһи атаҕастаата, баттаата...

— Ол ким, доҕоор? — диэн, соһуйбут курдук, Миитэрэй суруксут даппыйан ыйыта оҕуста.

— Мин Ылдьаана диэн биир ойохтоох этим. Ол дьахтар баара, бу сассыарда төбөбүн хайа охсон кэбистэ. Ону эһиэхэ тыллыыбын. Бу дьахтары эһиги сүбэтин буллаххытына сөп буолсу...

Инньэ диэн баран, Киппэ Кирилэ көхсүн эмиэ этиттэ, икки илиитин быар кууһунна, ол гэннэ эрчимнээх соҕустук тоҥхос гынан, остоолго олорор дьоҥҥо үҥэн кэбистэ.

Үҥсэр киһи киэбин ылынна быһыылаах.

Дьиэ иһигэр им-ньим бардылар. Xaҥac диэки дьиэлээх дьахтар Маайа, хотонугар бурдук тарда киирэн иһэн, чабычахтаах бурдугун кыбыммытынан, айаҕын атан баран, көрбүтүн чыпчылыйбакка эрэ, ohox чанчыгар иһиллээн турда. Атах сыгынньах мэник уол, холумтан үрдүгэр ойон тахсан, торбос ыстаанын өрө тардына-тардына, дьон саҥарсалларын иһиллээн, дээдэйэн турда.

— Ол төһө улаханнык өлөрдө, тугунан оҕуста, туохтан ииристигит? — диэн, бириссидээтэл Мэхээс ыйытта.

— Удьаанан куйахабын быһа охсон кэбистэ. Бастаан ыал буоллахпытына, бэйэм оҥорбут удьаам этэ. Ол удьаа хайа барыар диэри сырбатта, хааным өрө тыга түстэ, мэйиим эргийтэлээтэ, хараҕым ирим-дьирим буолла. Киһи суоҕа эбитэ буоллар, төрүт өлөрүө эбит, — диэн, дьэ, Кирилэ оҥостон туран кэпсээн эрдэҕинэ, остоолго олорор дьон бары күлсэн тигинэһэ түстүлэр. Оннооҕор, дьоҥҥо көҕүйэн, атах ороҥҥо олорор xapaҕa cyox оҕoнньоp күлэн күһүгүрээтэ. Xoлyмтaҥҥa турар мэник уол, эмиэ күлэбин диэн, холумтаны мүччү үктээн, иэнинэн сиргэ тиэрэ таһылла түстэ. Онуоха ийэтэ Маайа:

— Hoкoo, бу уол уокка түһээри гынна ээ, бар антах! — диэн баран, уолун охсоору, холумтаҥҥа сытар сыпсыны сулбу тардан ылла. Онтон уола, ыстанан кэлэн, үҥсэ турар Киппэ Кирилэни кууһа түһэн баран, күлэ-күлэ, өрө көрөн турда.

— Ээ, бэйи, тукаам, киһиттэн сүгүн буол, — диэтэ Кирилэ, ол-бу диэки көрө-көрө. Дьон күлсүбүттэриттэн кини бэккэ диэн кыбыһынна, улаханнык моһуогурда. — Дьэ, бэт, доҕор! Эн этэриҥ кырдьык буоллаҕына, дьахтар атаҕастаабыт. Хайтах буолан, ол бэйэҕит-бэйэҕитинэн ииристигит? — диэтэ Мэхээс, күлэ-күлэ. Онтон эр ылан, Киппэ Кирилэ хат саҥаран барда.

— Эһиги, табаарыстар, бу бааспын да көрүҥ, — диэн баран, Кирилэ xaҥac илиитинэн куобаҕын тириитин yhyлу тapдан ылла. Онуоха Миитэрэй суруксут, ойон туран, Кирилэ баһын имэрийэн көрдө.

— Оо, дьэ, кырдьык, өлөрбүт! Барахсан, оттон тоҕо аһаран-тойдоон биэрбэтиҥ? Аата, киниэхэ олорон биэрдэҕиҥ, — диэтэ Миитэрэй, кырдьык аһыммыт киһи курдук, Кирилэ сирэйин-хараҕын одуулуу-одуулуу. Дьон эмиэ күлүстүлэр.

— Аһаран биэрэн диэн — хайаан аһарыам буоллаҕай? Өйдүөбүнэ олордохпуна oҕycтa. Арай биирдэ куйахам уот аһыйан хаалла, — диэтэ Киппэ Кирилэ. Аһыннарбыт киһи буолан, санаата улаханнык көтөҕүлүннэ.

— Дьэ, буоллаҕа, хайаан даҕаны аһараахтыаҥый, соһумас өлүү буоллаҕа, — диэтэ Миитэрэй, ол кэнниттэн ыгыста-ыгыста күлэн быычыгыраата.

— Бэйи, доҕор, бу тохтоо! — диэн, Мэхээс Миитэрэйи буойда. — Кырдьык даҕаны, оонньуу ааһан эттэххэ, бу киһи атаҕастаммыт быһыылаах, ойох-эр иирсэрэ манан буолбат...

— Оннук-оннук, — диэтэ хат-сабар Киппэ Кирилэ. — Бу дьахтар миигин сүгүн олордоруттан ааста, туой куруук мөҕөp, сынньаары гынар. Биирдэ эмэтэ тугу эмэ саҥараары гыннахпына, төрүт саҥаппат — эн эрэйдээх тугу билэҕин, акаары, оннук-маннык диир, эйигинньик ыты кытта олоруохпун даҕаны баҕарбаппын, оҕолорум суохтара буоллар, эйигиттэн арахсыам этэ диир. Онон арахсан бараары гынар быһыылаах. Ону эһиги, үтүө табаарыстар, сөптөөҕүн булан дьаһайдаргыт абырыа эбиккит. Бу дьахтарга мээлэ миигин атаҕастаппаккыт буоллар үчүгэй буолуо этэ, — диэн, Киппэ Кирилэ, ойоҕун үҥэн, өрө кимэ турда.

— Дьэ, сүрдээх дьахтар эбит. Ол хайтах куруук атаҕастыыр, баттыыр хотунуй? Хор, эйигин сымнаҕас киһи буолуо диэн саныырбыт. Эн этэриҥ кырдьык буоллаҕына, дьахтар ыйытыллыах кэриҥнээх, — диэтэ Мэхээс бириссидээтэл.

— Эн, Мэхээлэ табаарыс, сөпкө этэҕин. Мин кинини атаҕастаабыппын билбэппин. Бэйэтэ наар булар, — диэн, Киппэ Кирилэ кимэн истэҕинэ, дьиэлээх Маайа саҥата эттэ:

— «Атаҕастаабыппын билбэппин» буола-буола! Хайа, эн даҕаны ойоҕуҥ хараҕар үүт ыкпатах эриискэ буолуоҥ ээ... Онуохаҕа Киппэ Кирилэ дьахтар диэки кынчарыйан кэбистэ.

— Ээ, эйиэхэ туох буолуох баҕайытын caҥapa тураҕын? Хата, киирэн бурдуккун тардаахтаа, — диэн, ойоҕун Дьаакып саба саҥаран кэбистэ.

— Ити, кырдьык. Маайа этэригэр дылы, хайа, бу да киһиэхэ кыра абааһы баар буолуо ээ, — диэтэ сэбиэт силиэнэ Ньукулай оҕонньор, сиргэ чыр гына силлээн баран. Ньукулай оҕонньор эппититтэн Киппэ Кирилэ кыһыйда быһыылаах, сырайа кытар гына түһэн баран, тугу эрэ этээри гынан эрдэҕинэ, бириссидээтэл Мэхээс саҥарда:

— Оннук да буоллар, биһиги киһи тыллыы турар суолун мээлэ хаалларарбыт сытаммат. Онон, дьахтары манна аҕалтаран, ыйытан көрүөххэ. Доҕоор, бараҥҥын дьахтаргын ыҥыран көрүөххүн.

— Ээ, суох, ол мин ыҥырбыппар иннинэн буолан кэлбэт дьахтар, доҕор! Атын киһинэн ыҥыттарыҥ, — диэтэ Киппэ Кирилэ.

— Оннук да буолуо. Арай эн, милииссийэ Дьаакып, баран көрүөҥ буоллаҕа.

— Ээ, барымна. Миэхэ даҕаны сүгүн буолан кэлэр дуу, кэлбэт дуу, — диэтэ Дьаакып милииссийэ, балаҕанын үрдүн диэки хантайан баран.

— Тоҕо кэлбэт буолуой? Эриҥ үҥсүүтүнэн нэһилиэк сэбиэтэ ыҥыттарар диэтэххинэ, кэлиэ буоллаҕа. Сарсын, үлэтин үлэлээн баран, кэллин.

Ити кэнниттэн нэһилиэк сэбиэттэрэ хат мунньахтаан бардылар. Киппэ Кирилэ буоллаҕына, аны туох үтүө таҕыстаҕай, сымыйанан да үҥсүбүппүн диэх киһи курдук, остоолго олорор дьону тэһи одуулаан туран баран, санаа булан, кэннинэн чугуруйан тиийэн, ohox уҥа чанчыгар баар олох маска олорон кэбистэ. Атах ороҥҥо олорор xapaҕa суох оҕонньор уоһун кытта ботугуруур саҥата иһилиннэ:

— Аныгы үйэ буолан, эр-ойох иирээнэ, арахсыыта элбээн турар, бадаҕа. Оттон былыр киһи, хайтах да сордостор, бииргэ олорор этэ буоллаҕа. Аныгы дьахтар, тэппини эрэ иһиттэр, эрбиттэн арахсабын, барабын диэн үгэстэнэр. Олох уларыйара дөбөҥ буолар эбит. Аны, өлүөхпэр диэри, тугу-тугу истэр буоллум... Дьэ буоллаҕа... Кирилээ! Инньэ гынан, дьахтаргынаан арахсыыһыгыт дии? — диэн, оҕонньор улахан баҕайытык caҥаран ыйытта.

— Мин тугу билиэмий, тойоттор быһаарыахтара буоллаҕа, — диэтэ Киппэ Кирилэ.

— Тойоттор дээ? Ок-сиэ, тойоттор буолумна! — диэн, оҕонньор эҥээттэн эрдэҕинэ, уола дьиэлээх Дьаакып саба саҥарда: — Оҕонньоор, айдаарыма эрэ! Туох буолан тэһитэ бардыҥ? Дьон мунньахтыы олорор буолбаттар дуо?! — Ээ, мунньах дуо? Буолуо, — диэн хаалла xapaҕa суох оҕонньор.

Дьиэ иһигэр им-ньим буолла. Хотон иһигэр бурдук тардар таас тыаһа тигинээтэ, торбос маҕырыыр caҥaта иһилиннэ. — Маайа бурдугун тардан эрэр дуу? — диэн, оҕонньор эмиэ хат ыйытта. Онуохаҕа ким да саҥарбата.

1926 с., 4-с Байаҕантай нэһилиэгэ