Иһинээҕитигэр көс

Ийэ алгыһа (Сергей Борогонскай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ийэ алгыһа



Хараһалаах халыҥ тааспар хаххалаан,
Хайҕахтаах хара быарбар ханыылаан,
Толугуруур тойон сүрэхпэр доҕордоон,
Томтойор тоҕус ыйгын толорбутум...
Иһим иһигэр эрдэххиттэн —
Убаҕас бутугаһынан угуттаабытым,
Иҥиир этинэн эрчийбитим,
Харыалаах лэппиэскэнэн хатарбытым...

Тоҕус ыйыҥ туолуутугар,
Добун талыы доҕордонон,
Айан талыы аргыстанан,
Хаҥас орон иннигэр,
Хардан от үрдүгэр,
Төбөҕүнэн түһэн,
Төкүнүйэ сыппытыҥ...

Эрдэттэн эрэйгэ эрчиллэн,
Эрдээх буоллун диэбиттии,
Тобурах хаарым уутунан
Туос чабычахха сайҕаабытым,
Көлөһүннээх ытыспынан
Көхсүгүн имэрийбитим,
Ардахтаах хоргунунан
Атаххын аҕыныахтаабытым,
Торбос тириитинэн
Чороччу суулаабытым,
Эриэн ситиинэн
Эпсэри кэлгийбитим...

Олорор буолаат,
Оһох иннигэр
Сыгынньах эккинэн
Сыыстаах сиргэ сыылбытыҥ.

Атаххар тураат,
Алаһа дьиэни тэринэн,
Аал уоту оттон,
Сэргэ-чэчир анньаары,
Сир көхсүн симээри,
Сүгэлэнэн сүүрбүтүҥ,
Сүлдьүгэһи соспутуҥ,
Чаачарданан, чааханнанан
Таһырдьа дойдуламмытыҥ,
Охтонон, ырбаланан
Ойууру сирзйдэммитиҥ,
Хайыһарданан, хаалыктанан
Хайаны чиэрэстээбитиҥ,
Туһахтанан, кылыыланан
Тобура5ы кэспитиҥ...

Ороһулаан төрөөбүт,
Оһоҕос түгэҕинээҕи уолу —
Эйигин улаатыннаран,
Эр киһи оҥорон,
Аан дойдум арҕаһыгар
Алтан сэргэни
Анньыстын диэн,
Сир ийэ сирэйин
Синньэ-дьэрэкээн киэргэлинэн
Симэстин диэн,
Сотоҕун соноппутум,
Субу киһи оҥорбутум...
 
Сардаҥалаах сырдыкпытын
Саба көтөн,
Хара күлүгүнэн
Хаххалыы сылдьан,
Хаанымсах суордуу
Хайыта тыытаары,
Арҕаа дойду адьырҕата,
Айан суолун түөкүнэ,
Сэриитин киллэрдэ,
Силлиэни түһэрдэ...

Сир ийэ сирэйигэр
Сидьиҥ атаҕынан
Үктэнэ охсон
Өлбөөдүтэн барда;
Сиэрэй солко
Сибэкки оту,
Хаһыҥ курдук
Хагдарыта оҕуста;
Хотойор-долгуйар
Хонуулары кубарытта,
Хойуу дьиэлээх
Куораттары хоруотта...

Сэп тутаҥҥын,
Сэриилэһэр күнүҥ буолла,
Ох ылаҥҥын,
Охсуһар кэмиҥ кэллэ...

Чэй эрэ,
Өстөөҕү утары
Өргөс курдук суйулаа!
Кылааннаах биилээх
Кылыс курдук,
Ириэнэхтэн иҥнибэккэ,
Иннигинэн дьулуруй!

Хаар маҥан баттахтаах
Хатын ийэҥ
Алгыһын толорбокко,
Ааппын алдьатаайыҥыный,
Үөлээннээхтэргиттэн хаалаҥҥын
Үө5үүгэ ыытаайыҥыный,
Мэһэйтэн иҥнэҥҥин,
Мэҥнээх сирэйдээйиҥиний,
Дубук туттаҥҥын,
Тордохтоох ньуурдаайыҥыный?!

Күүс өттүнэн күөмчүлээн,
Көстүбэт албаһынан күүһүлээн —
Күн сирин дьонун
Көмүскэтин уутунан сууммут,
Элбэх ийэ сүрэҕин
Эриэн кыыллыы эммит,
O5о-ypyy
Уйатын охторбут,
Оҕонньор-эмээхсин
Уутун уйгуурпут —
Гитлер сэриититтэн
Аан Ийэ дойдугун,
Аймах билэ дьоҥҥун,
Айыы бухатыырыныы,
Араҥаччылыы барыс!
Фашист сэриитин
Баһын хампарытан,
Чиккэйэр сиһин үөһүн
Чэрдээх илиигинэн,
Быта оттуу,
Быһыта сыниьыс!

Хааннаах суолун
Хаарынан сууйаҥҥын,
Симэһиннээх суолун
Сиппииринэн сиппийэҥҥин,
Сир ийэ көхсүгэр
Сибэккитэ анньыс!

Аҕабыт Ленин
Аалай былааҕын
Күн диэки
Күерэччи ууммутунан,
Көмүс уйабытын
Күрүөлүү турус!
Ийэ буорбутун
Эргийсэ сырыт!..
 
Өстөөхпүтүн өһөгөйдөөн,
Өрөгөй-талаан үрдээн,
Этэҥҥэ сылдьаҥҥын
Эргийэн кэллэххинэ,
Аймахтаргын ыҥыран,
Арыаллаан көрсүөҕүм,
Урууларгын мунньан,
Уруй этиэҕим!..

Кердөр хараҕым дьүккэтэ,
Көтүрдэр тииһим миилэтэ,
Күннээх-ыйдаах
Көмүс чыычааҕым,
Илиигин уун
Эпсэри тутуохпун,
Уоскун аҕал
Убураан хаалыахпын!


1942