Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ийэ дойду
Мин төрөөбүт Ийэ дойдум —
Кыраны-кыамматы баттыыр
Кыахтарынан өртөйөөччүлэр
Күҥҥэ күлүмнүүр
Көмүс дыбарыастара буолбатах,
Кини
Иирээн кынаттанан, кыргыс суолланан,
Илбиһинэн кыырыгыра көппөт,
Туора дойду дьолун тоҕо кэһэн,
Толооннорун уотунан салаабат.
Мин төрөөбүт Ийэ дойдум —
Эдэр сайдар, кырдьаҕас ытыктанар
Эйэҕэс таптал күнүн сылааһа,
Үлэ айар күүһүн кылаанныыр
Үрдүк эрэл, кэлэр кэскил биһигэ.
Кини
Кэхтэри билбэт тимир кимиитэ
Маяковскай хоһоонугар этиллэр,
Көҕөрө чэлгийэр кэтит таһаата —
Максим Горькай уран, кырдьык тылыгар.
Мин төрөөбүт Ийэ дойдум —
Быһар, талыыр суоһунан суодуйбукка,
Кылыстаммыт абарыынан күүрэн,
Өһүөнньүтү үнтү суоһаран,
Өрөгөйдүүр кыайыы сүллэр этиҥэ.
Кини
Хотой кынаттанан күҥҥэ дьулуһар,
Эр сүрэхтэнэн көҥүлү көмүскэһэр.
Хорсун герой буойуттарын
Кэлим кэккэтинэн киэркэйэр.
Мин төрөөбүт Ийэ дойдум —
Кураайы кумаҕы сиигирдэн сириэдитэр,
Муустаах чэҥи уулларан көҕөрдөр,
Үйэлэр күөннэрин сырдатар
Сирдьит Ленин күнүн сардаҥата!
Кини
Устата-туората биллибэт уорҕатын,
Большевик партия салалтатынан,
Уолбат уйгулаан, бараммат быйаҥнаан,
Барҕараллар бырааттыы баатыр норуоттар.
|
|