Ийэ дойду (Суорун Омоллоон)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ийэ дойду[уларыт]

"Саха бырааһынньыга" диэн театрализованнай ораторияттан[уларыт]
(Ыччат ырыата)[уларыт]

Ийэ итии таптала,
Эдьий нарын сүрэҕэ
Эйиэхэ баар эбээт,
Ийэ дойду биһиэнэ!

Оҕо сааспыт оонньуутун,
Олох дьолун үөрүүтүн,
Имнээх халлаан кэрэтин,
Ийэ дойду, эн биэртиҥ!

Күүстээх күөҥҥэр көтөҕөн,
Күҥҥэ, күеххэ көччүтэн,
Илгэҕинэн эмсэхтээн,
Ийэ дойду, ииппитиҥ.

Үөрэх үрдүк ситиитэ,
Үлэ дьикти айыыта,
Эйэ-доҕор эрэлэ,—
Ийэ дойду, бэлэҕиҥ.

Уоттан толлон турбакка,
Ууттан иҥнэн хаалбакка
Эдэр ыччат бэлэммит,
Ийэ дойду, иннигэр!

Ииппит сүһүөх дьоҥҥуттан,
Иэстээх чэгиэн кэккэттэн
Итии төлөн эҕэрдэ,
Ийэ дойду, эйиэхэ!