Иһинээҕитигэр көс

Ийэ сирим, миигин эн... (Абаҕыыныскай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

***


Ийэ сирим, миигин эн
Итии эйэҕэс тыллаатыҥ,
Көтөр кынат санаалаатыҥ,
Күөххэ көҥүл көччүтэн.

Үөрэ-көтө саныахтык,
Үүнэр, сайдар тускулаатыҥ,
Итии төлөн тапталлаатыҥ,
Ирэн иэйэ ыллыахтык.
 
Бастыҥ махтал — эйиэхэ,
Барҕардыбыт Ийэ буорбар,
Төрөппүт, ииппит норуоппар
Төлөн тыллаах эҕэрдэ!
 
Сирим-буорум иннигэр
Сэрииһитинэн сырыттым,
Сэрииһитинэн барыаҕым
Силлиэ түһэр күнүгэр.