Ийэ сир хаары таҥынна...

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт


Ийэ сир хаары таҥынна,

Тоҥнулар күөллэр, өрүстэр.

Сайаҕас чэбдик салгыннаах

Кыһыҥҥы күннэр үүннүлэр.


Хайыһардар, салааскалар,

Халыһыйыҥ сыырдарбар:

Эһиэхэ анаан хаар түһэр,

Эһиэхэ кыһын салаллар.


Сурдурҕаччы субуруҥнаан,

Сыыдамнык сырсыҥ, хаҥкылар:

Эһиэхэ анаан соруйан,

Өрүстэр, күөллэр тоҥнулар.


Ыраас хаарга, күөлгэ киирэн,

Оҕолор, оонньооҥ-көрүлээҥ:

Эһиэхэ анаан, бу кэрэ

Кыһыҥҥы күннэр үүннүлэр.