Илим алгыһа

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балыксыт илимниир күөлүн үрдүгэр кутаа оттон илимин тутан туран ас биэрэр, алгыыр:

Илим алгыһа


Быртах харахтаах
Көрбүтэ буолуо,
Былаҕай илиилээх
Туппута буолуо.
Татаар тыллаах
Таба эппитэ буолуо,
Уоттаах харахтаах
Ситэ көрбүтэ буолуо,
Балык үрдүгэр
Балк гына түс!
Ылас! Ылас! Ылас!

Бу кэннэ сиргэ тыбыырар, саҥа илими таҥан, уокка тутан баран, ууга угаары туран: "Субу курдук алдьатан тут", - диэн баран илим биир хараҕын сабын быһа тардар. Ол кэннэ:

Күөх боллох оҕонньор,
Көмүс хатырыктааххын
Көбүччүтэн күрэтэн аҕалан,
Тэрээк илимим барахсаҥҥа
Тиһэ баттаан биэрээр дуу...
Лоһугурас собоҕун состор,
Быччык балыккын бастар,
Ииттэххинэ Эн эрэ иитиэҥ,
Аһаттаххына Эн эрэ аһатыаҥ!
Күөх далай иччитэ,
Көрдөһөбүн, көрдөһөбүн!


В.Н.Сивцев кинигэтиттэн

Булчут кинигэтэ, Бичик, 2017