Иһинээҕитигэр көс

Истэр этиэҥ, эт эрэ эн миэхэ (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ырыаһыта суох буолан дуу, хайдах дуу (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Туора дьон хараҕар, мин (В. Потапова)




Истэр этиэҥ, эт эрэ эн миэхэ,
Ыраах Бүлүү кытылыгар
Тарҕанан олорор уонча дьиэлээх селону?
Онно суох этэ таас дьиэ.
Арай элбэҕэ кытылга таас —
Араҕас, кыһыл, күөх уонна да араас...
Ол сир отугар-маһыгар атаахтыы
Кыысчаан оонньуура күнү быһа.
Күн уотун тута сатыыра,
Кытыгырас долгуннуун сырсыалаһа.
Таптыыра кини таас оонньуурдарын,
Күөх кытылга үүммүт бороҥ дьиэлэрин,
Сарсыардааҥы сайаҕас салгыҥҥа
Ыраахтан иһиллэр сайылык дуораанын.
Таптыыра талымастаабакка
Сир биэрбит бары кэрэтин:
Киэҥ сыһыыларын, сибэккилээх кырдалларын,
Ыраах да ыраах баар дойлулар сурахтарын,
Иһиллии чуумпурбут сэргэх тыалларын.
Сир күндүтэ кини сүрэхчээнигэр
Күннээҕи олох чуумпу түбүгэ.
Билбэтэ кини күүтэр олоҕу,
Бу барыта өр умнуллуо суоҕун,
Ахсым олоххо дириҥ умсулҕан
Айаас дьолго кинини кынаттыан...