Иһинээҕитигэр көс

Итэҕэйбэппин (Айыы Уола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Итэҕэйбэппин


Мин билигин өйдөөтүм,
Мин билигин дьэ биллим,
Эн сымыйа суруктаргын,
Сымыйа тылларгын.
Оо, кэпсээмэ, кэпсээмэ,
Эн төhө өр күүппүккүн,
Истибитим, эйигин
Атын уоллаах сылдьаргын.

Кэлимэҥ, кэлимэҥ, -
Итэҕэйбэппин мин! -
Кумааҕыга күөҕүнэн
Суруллубут суруктар,
Тыаhаамаҥ-ыҥырымаҥ,
Телефон тыастара,
Билэбин мин, билэбин,
Кини сымыйа кэпсээнин.

Эрэнэр этим мин,
Ол кэлэр суруктар,
Кэтэhэр этим мин
Телефонум тыастарын,
Дьэ биллим, дьэ биллим,
Эн сымыйа тапталгын,
Дьэ биллим - эн миигин,
Атын уолга уларыттыҥ.