Итэҕэйэбин (Zeasta)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Итэҕэйэбин

Төһө да, халааҥҥа хараҥа былыттар
Ардаары муһуннунар үрдүбэр,
Билэбин биири - сүтэн-охтон биэрэм суоҕа,
Туох баар тоһуур туора туоруу туруоҕа.
Улуу Байҕал ортото хаалыахпын сөп соҕотох,
Ол да буоллар кыайыа суоҕа соҕотохсуйуу сорҕото.

Эйигин көрсүөхпүттэн ыла, доҕорум сыыһа,
Эн эрэ буолаҕын эрэлим кыыма,
Баай да туһуттан эйигиттэн барыам суоҕа,
Бэриннэрбиттэрин да иһин биэриэм суоҕа,
Истэр илэ иэйиим, эйиэхэ анаан айабын,
Куруук миигинниин буол, итэҕэйэбин.

Итэҕэйэбин!
Итэҕэйэбин!
Итэҕэйэбин!

Суолбар туох даҕаны туора турбат билигин,
Томторуктаан туппат ким даҕаны миигин.
Хараҥаҕа халҕаммын хатаан хаайдахтарына,
Харабыл хараҕынан манаттахтарына,
Миэхэ синэ биир - барыта көнүө, үчүгэй,
Көҥүлгэ көччүйүөм, ылланыа Өрөгөй!

Тоҕо диэтэр, көрсүбүтүм, көмүһүм, эйигин,
Бэйэбэр эрэлим эбилиннэ билигин,
Уратылыы утары уларыттыҥ олоҕум суолтатын -
Кэмсиммитим олохтон. Билигин санаам атын,
Хараҥаҕа тыкпыт сырдыгы көрөбүн эйиэхэ...
Бииргэ буолуохха, бэйэ бэйэбитигэр итэҕэйиэххэ.

Итэҕэйэбин!
Итэҕэйэбин!
Итэҕэйэбин!

Өйдүүбүн, ол күндэлэс күндү күннэри,
Өйдүүбүн, ол кэрэннэн киэргэммит кэмнэри -
Хоһооммун саҕалаабытым хоһуйан
Соҕотох олоҕум суолтатын көрсүбүппүттэн соһуйан.
Этэбин мин - эрэнэбин, итэҕэйэбин,
Итэҕэйэбин, итэҕэйэбин, итэҕэйэбин...