Киһи быһыыта (Каженкин И.И.)
KИҺИ БЫҺЫЫТА Дьокуускай 2005
АННОТАЦИЯ
Оҕо улахан киһи оҥорорун үтүктэн үөрэнэн киһи быһыылаах буола улаатар. Киһи быһыыта диэн этии үтүктэн үөрэниини быһаарар. Киһи оҥорор быһыылара барылара ханнык санаалардааҕыттан тутулуктааҕын биһиги бу үлэбитигэр быһаарабыт. Yгэс буола кубулуйбут санаалара киһини бэйэтин салайаллар.
Основой для воспитания детей должна быть учение: «Делай как я», «Будь человеком». Иван Иванович Kаженкин
ААН ТЫЛ
Оҕо өйө-санаата олус түргэнник сайдар. Улаатан улахан киһи буолуутугар төрөппүттэрэ, кини иннинээҕи көлүөнэлэр баһылаабыт билиилэрин барытын кэриэтэ билэр, үөрэтэр кыахтаах. Yгүс дьон үөрэҕи-билиини баһылааннар, өйдөрүн-санааларын салгыы сайыннараннар элбэх саҥаны арыйыылары олохторун устата оҥороллор.
Kиһи ханнык быһыылары үчүгэй уонна куһаҕан диэн арааран быһаарарыттан тутулуктанан өй-санаа эмиэ үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсаллар. Өй-санаа бу курдук арахсыытыгар Айылҕа көмөтө улахан оруоллаах. Ол курдук сырдык буолуута киһиэхэ хараҕа сырдыырын, үчүгэйдик көрөрүн үөскэтэн, үчүгэйи, кыайыыны аҕаларынан үрүҥ дьүһүн дьоҥҥо үчүгэй өйдөбүллэммит.
Түүн хараҥа, туох барыта дьоҥҥо куһаҕаннык көстөрүнэн хара дьүһүн куһаҕан өйдөбүллээх. Өй-санаа бу курдук икки аҥы арахсыытын дьон бары тутуһаннар өйдөрө-санаалара сайдар.
Саха дьонун өй-санаа туһунан үөрэхтэрин аанньа ахтыбаттан, эдэрдэри атаахтык иитэртэн өйдөрө-санаалара туруга суох буолан быстах быһыыларга киирэн биэрэллэрэ элбээтэ. Омук сайдан иһиитигэр кэлэр көлүөнэлэри иитии-үөрэтии сахалар «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өстөрүн хоһоонунан сирдэтинэн барара эрэ табылларын биһиги бу үлэбитигэр быһаарабыт.
Биһиги быстах санаабытыгар ас-таҥас, тиэхиникэ арааһа барыта дэлэйэн истэҕинэ олох чэпчээн иһэр диибит. Өй-санаа тутулуктарын, сайдан иһэр суолларын ситэ билбэппититтэн сахалар «Олох ыарахан» диэн этиилэрин олохпутугар уонна оҕолору иитэрбитигэр, үөрэтэрбитигэр кыайан туһана иликпит.
Олох сайдан, бары барыта дэлэйиитэ, киһи баҕа санаата аны аһара барарын таһааран өй-санаа ханнык да тутулуга суох буоларын курдук өйдөбүлү үөскэтэр. Бу албын өйдөбүл абылаҥар сымнаҕастык иитиллибит, тулуурдара тиийбэт дьон аан маҥнай киирэн биэрэллэр. Сымнаҕас иитиилээх, тулуурдара тиийбэт дьон аан маҥнай арыгыга ыллараллар. Аны арыгы кэнниттэн кэлэн иһэр наркотиктар өйү-санааны ордук күүскэ буккуйаннар киһиттэн олус тулуурдаах, дьулуурдаах буолууну ирдиир кэмнэрэ кэлэн иһэллэр. Олус тулуурдаах, дьулуурдаах, наркотик дьайыытыгар өйдөрө-санаалара утарылаһар кыахтаах эрэ дьон олохторун дьоһуннаахтык, киһилии олорон, кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэн сайдыыны ситиһэр кыахтаахтар. Ол иһин кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ уонна үөрэтиигэ сахалар оҕону иитиигэ сыһыаннаах «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өстөрүн хоһоонун дьон бары халбаҥнаабакка эрэ тутустахтарына салгыы сайдыыны ситиһэр кыахтаныахтара.
Атын омук батталыгар, өйүгэр-санаатыгар иитиллэр буоламмыт «Омук сайдыыта» диэн этиини сыыһа сыаналыыбыт. Таҥас-сап, ол-бу тирээпкэлэр дэлэйэн, араас аныгы тиэхиникэлэр барылара элбээтэхтэринэ олохпут сайдыбыт курдук сыыһа санааҕа кэлэбит. Омук дьоно ахсааннара эбиллэрэ тохтоотоҕуна уонна тулуурдаах, дьулуурдаах, киһилии өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарбатахтарына сайдар, чэчириир кыахтара суох. Ол иһин кэлэр көлүөнэлэр тулуурдаах, дьулуурдаах буола улааталларын ситиһии биһиги сыалбыт буолар.
Киһини санаата салайар. Ханна да баара, туох күүстээҕэ киһиэхэ биллибэтэр даҕаны инники диэки сирдээн иһэр баҕа санааны үөскэтэр буолан киһини ол диэки ыҥырар, угуйар, ол иһин салайар диэн этиллэр. Yтүөҕэ ыҥырар баҕа санаа киһиэхэ баара хайаан да наада. Сахалар «Киһини санаа – хамначчыта» диэн ааттыыллар. Kиһи барыта ханнык эрэ баҕа санаатын толоро сатыыр, онно дьулуһар. Ханнык баҕа санаалар киһиэхэ баар буолан олохсуйаллар даҕаны киһи соннук быһыылары оҥорор. Ол иһин оҕоҕо үтүө баҕа санаалары олохсутан, үгэс оҥорон биэрии хас биирдии төрөппүттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Эрэллээх, эһиги бары баҕа санааларгытын толорор кыахтаах, тулуурдаах, дьулуурдаах, сахалыы эттэххэ өһөс майгылаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннараргытыгар ис сүрэхпититтэн баҕарабыт.
КЫРА ОҔО МАЙГЫНА
Араас элбэх гороскуоптар, таҥхалар киһи майгы¬нын Айылҕа оҥорон биэрэр диэн өйдөбүлү үөскэтэллэр. Биһиги Айылҕа киһиэхэ биэрэр күүһүн ханан да утарбакка эрэ, Айылҕа бэйэтин тымныытынан, итиитинэн, үөннэринэн-көйүүрдэринэн оҕо майгыныгар дьайар күүһэ улаханын быһаара сатыахпыт.
Киһи төрөөбүт күнүттэн, ыйыттан уонна сылыттан тутулуктанар го-роскуобу Пифагор оҥорбута дьон майгынын быһаарарга ордук сөп түбэһэр курдук. Бу гороскуобу сыныйан үөрэттэххэ, киһи майгынын, өйүн-¬санаатын уонна доруобуйатын төрөөбүт күнүн, ыйын уонна сылын сыып¬паралара быһаараллар.
Кэлин кэмҥэ элбэх үөрэхтээхтэр киһи өйө-санаата, майгына үөс-кээһинигэр Айылҕа кистэлэҥ күүстэрэ кыттыһалларын курдук этэллэрэ элбээтэ. Биһиги кинилэр этиилэрин ситэ билбэт буолан утарсыбаппыт эрээ¬ри киһи дьылҕатыгар, өйүгэр-санаатыгар Айылҕа быһаччы орооһуута ордук улахан оруолу ыларын туһунан этиэхпитин баҕарабыт. Ол иһин бу үлэ¬битигэр кыра оҕо майгына үөскээһинигэр Айылҕа бэйэтин быһаччы дьайыыларын ылар оруолларын туһунан ырытыахпыт.
Кыра оҕо майгынын уратылара дьыл хайа кэмигэр төрөөбүтүттэн улаханнык тутулуктаналлар уонна биллэр бэлиэлэрдээхтэр. Медицина үөрэхтээхтэрэ оҕо бастакы сааһыгар иммунитета, этэ¬-сиинэ айылҕаҕа үөрэниитэ үөскүүр диэн этэллэр. Ол аата, оҕо биир сааһыгар диэри тымныыны, итиини тулуйарга этэ-сиинэ үөрэнэ охсор. Бу үөрэниилэртэн хайалара бастаабыттара оҕо майгыныгар ордук улаханнык дьайар кыахтанар.
Тымныы кэмҥэ төрөөбүт оҕолор ордук ту¬луурдаахтара, дьулуурдаахтара биллэр. Айылҕа бэйэтин оҕолорун тымныынан эрчийэр. Кыһын төрөөбүт оҕолор ордук тулуурдаахтара, дьулуурдаахтара, ылыммыт сыалларын толорууга дьаныардаахтара барыта тымныы дьайыытыттан тутулуктаах. Тымныыттан оҕоҕо сүрэ үөскүүр уонна сайдар. Оҕо кыра эр¬дэҕиттэн тоҥору-хатары тулуйарын ситиһии төрөппүттэр бэйэ¬лэрин «Туйах хатарааччыларыгар» хайдах сыһыаннаһалларын көрдөрөр. Ол курдук кэлэр көлүөнэлэрэ чэгиэн-чэбдик, күүстээх-кыахтаах буола улаатыахтарын баҕарааччылар тымныынан эрчийиини, дьарыктааһыны бу кэмтэн ыла утумнаахтык саҕалаабытынан барыахтарын наада.
Оҕо сайын төрөөтөҕүнэ аан маҥнай итиини тулуйар буола үөрэнэн баран тымныыны тулуйарга үөрэнэригэр тиийэр. Итиини тулуйар буолуу уратыта оҕо майгыныгар уларыйыылары киллэрэр. Тиритэн көлөһүн тахсыыта оҕо тириитэ аһыллан биэриитигэр тириэрдэн этэ-сиинэ өйүн¬-санаатын эрчийэригэр тириэрдэр. Сайын төрөөбүт оҕо итиини тулуйар буолууга аан бастаан үөрэниитэ майгына түргэнник уларыйымтыа буо-луутун үөскэтэр. Тымныыга тулуурдаах, дьэбир буола үөрэниитэ хойутаан саҕаланар.
Сайын эбэтэр саас эрдэ төрөөбүт оҕо букатын кыра эрдэҕиттэн бырдахха, үөннэргэ сиэтэн этин ыарыытыгар үөрэнэр. Кини этэ-сиинэ үөрэнэн ыарыыларга тулуура улаатар. Ону тэҥэ этигэр үөскүүр кыра ыарыылары тулуйара өйө-санаата олус туруктаах, ымыттыбат бөҕө буолуутугар тириэрдэллэр.
Кыра оҕо этигэр-сиинигэр дьайар ыарыылартан өйүгэр-санаатыгар эмиэ уларыйыылар тахсаллар. Бу уларыйыылар оҕо дьыл ханнык кэмигэр төрөөн хаһан бырдахха сиэппититтэн улахан тутулуктаахтар. Ол кур¬дук сайын төрөөбүт оҕо олох кыһыл оҕо эрдэҕиттэн этэ ыарыыны билэр буола үөрэнэр. Бырдах сиэһиниттэн ытаан-хайаан майгыта уларыйар, этэ-сиинэ ыарыыны тулуйар буола аан маҥнай үөрэнэр.
Оҕо кыра буолан бырдах сиириттэн кыайан көмүскэммэт. Ыалдьарын билэр эрээри кыайан хамсаммат буолан сатаан үргүппэт. Биир бырдах эргийэ сылдьан дьөлүтэ кэйиэлээн кэбиһэр. Таах олорон биэрэн элбэхтик сиэтэригэр тиийэр.
Этигэр кыра ыарыы үөскээһинин тулуйа үөрэниитэ оҕо майгытын кы-таатыннарар, тулуурдаах оҥорор. Ыарыыны тулуйар буолуута өйө-санаата сайдан эт-сиин баҕа санааларын тулуйарыгар үөрэтэр. Улаатан истэҕинэ аҕыйах бырдах сииригэр кыһаммат, тулуурдаах буола улаатар. Итини тэҥэ Айылҕа бырдахтара кыра оҕоҕо аналлаах прививка курдук дьайаллар. Оҕо этигэр-сиинигэр Айылҕа араас микробтарын, бактерияларын сыһыаран биэрэллэр. Айылҕаны кытта этин-сиинин сибээстэрин олохтууллар. Хомойуох иһин, Айылҕа киртийиитэ аан маҥнай үөннэргэ дьайара кыра оҕолор бырдах сииригэр олус уһуннук эрэйдэнэн, бааһыран баран үөрэнэригэр тириэртэ. Кыһын төрөөбүт оҕо лаппа улаатан, олорор буолан баран бырдахха сиэтэр. Кини этигэр ыарыы үөскээһинэ тымныыны тулуйар буола үөрэм¬митин кэнниттэн дьайар. Тымныы дьайыыта оҕо этигэр-сиинигэр уһуннук дьайар буоллаҕына, үөннэртэн үөскүүр кыра ыарыылар кылгас кэмҥэ өйүгэр-санааты¬гар ордук дьайаллар. Ол иһин кыһын төрөөбүттэр холкулар, тулуурдаахтар, майгылара уларыйымтыата суох, онтон сайыҥҥылар түргэн быһаарыныылаахтар, ыарыыны тулуйумтуолар, майгылара уларыйымтыа.
Оҕо этэ ыалдьарыттан олус түргэнник уонна хаһан да умнубат гына үөрэнэр. Бу үөрэх киһи буор кутугар олохсуйар буолан үйэтин тухары дьайа сылдьар.
Оҕо улаатан бэйэтэ сыыла, ат буола сылдьан, этин ыарытыннардаҕына, сэрэнэргэ, аны ону, кутталлааҕы тыыппакка түргэнник үөрэнэр. Саха дьоно оҕо ити уратытын билэннэр итии чаанньыгы дуу, туох эмэ кутталлааҕы тыыппатын диэн кыратык, тарбаҕын төбөтүнэн хаарыттаран, кэһэтэн биэрэн үөрэтэллэр. Оҕо итии чаанньыгы тардыалаабат буола үөрэнэрэ кини салгыы олоҕор ордук туһалыырын оҕолоох дьон таба сыа¬налыыллар. Кыра эрдэҕинэ тарбаҕын кыратык сиэппитэ үйэтин тухары туһаны оҥорор. Сытыы быһах биитин тыытыыттан оҕо тарбаҕын хайаан да быһар. Быһаҕы тыыппат, сэрэхтээх буола үөрэнии киһиэхэ үйэтин тухары олус наада. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ «Чыычыйы», итиини, кут¬таллааҕы, билбэти мээнэ тыыппат буоларыгар эрдэттэн кэһэтэн үөрэ¬тэн кэбиһии туһалаах.
Кактус үүнээйини тутан көрбүт кыра оҕо аны хаһан да бу үүнээйини сэ¬рэммэккэ эрэ таарыйбат буолар, сыыллан баран иһэр сирин бүөлүү уурдахха, иҥнэн барбат, тумуннаҕына эрэ табыллар курдук саллар, үйэтин тухары сэрэхтээх буолууга үөрэнэр.
Кэлин кэмҥэ ийэлэр оҕолорун тымныынан эрчийбэт, куруук суулуу, саба сатыы сылдьалларыттан оҕо биир сааһыгар диэри этин-сиинин эрчийэрэ суох буолла. Тымныйан ыарыылар олус дэлэйдилэр. Тымныынан эрчийии суоҕуттан оҕолор бары ханнык да тулуурдара суох буола улааталлар. Аныгы ийэлэр оҕолорун түүлээх таҥаһынан аһара таҥыннаран, тиритиннэрэн букатын тулуура суох, өссө тымныйыыны тулуйбат, ыалдьан иһэр оҥороллор.
Аһара көрөн-истэн харыстааһын түмүгэр кыра оҕолору бырдахха сиэтэн эрчийии букатын да хаалла. Ыарыыны тулуйар буола эттэрэ-сииннэрэ үөрэммэтэҕиттэн, улааппыттарын кэннэ биирдэ эмэ эттэригэр соһуччу ыарыы үөскээтэҕинэ хайдах тым¬тан, быстан-ойдон тураллара биллибэт дьон улааттылар. Майгылара түрдэстигэс, ыгым, кыра да тулуурдара суох кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэ¬тэн улаатыннарыы элбээтэ.
Оҕо майгына куһаҕан, мөлтөх буолуута аһара көрүүттэн, харайыыт-тан үөскүүр. Аһара көрүү-истии оҕо бэйэтэ билиигэ-көрүүгэ тардыһыытын, олох иһин охсуһар күүһүн суох оҥорор. Былыргы сахалар «Олох ыараатаҕына, омук күүһүрэр» диэн этиилэрэ, олох ыараатаҕына бары-барыта кэмчилэнэн, аһара маанылааһын, аһара көрүү-истии суох буолан, кыра оҕо көрүүтэ кытаатан, чиҥээн биэриитигэр олоҕурар.
Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан кыра оҕо майгына көрүүттэн-истииттэн, үөскээбит үгэстэриттэн уонна төрөппүттэрин буор куттарыттан үөскүүр. Буор кут туһунан «Кут-сүр үөрэҕэ» үлэбитигэр арыйбыппыт.
Онон, кыра эрдэхтэриттэн олох ыарахаттарын тулуйарга үөрэхтээх, өйдөрө-санаалара туруктаах, кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы саха дьонуттан эрэйиллэр кэмэ кэллэ. Олох тупсан, чэпчээн иһэр диэн сыыһа өйү-санааны аны быраҕан оҕону кыра эрдэҕиттэн итиини-тымныыны, эрэйи, ыарыыны тулуйарга үөрэтэн, тулуурдаах, дьулуурдаах киһи буола улаатарын ситиһии ирдэнэр.
КЫРА ОҔОНУ ИИТИИ УРАТЫТА
Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута быһаччы сайдар. Оҕо туохха барытыгар үтүктэн, батыһан үөрэнэр буолан, үөрэх хос-хос хатыланан үгэс буолан ийэ кутугар ууруллан иһэр.
Ийэҕэ кыра оҕото туох да олус үчүгэй, тапталлаах, үүт сыттаах, төрөппүттэр күннэрэ-ыйдара киниттэн эрэ тахсар. Оҕо төһө да кыратын иһин тыыннаах киһи буоллаҕа дии. Сытан да эрэ барыны-бары көрөр-истэр, билэр, улаатар. Сотору ийэтин саҥатын арааран истэр буола охсор. Көрөн билэр, үөрдэҕинэ үтүктэн үөрэр, кыыһырдаҕына хомойор, санааргыыр.
Кэнники кэмҥэ биһиги биир, икки оҕолоох ийэлэрбит оҕолорун «Оонньуур оҕо», көрдөрүүгэ илдьэ сылдьар улахан, саҥарар куукула курдук өйдүүргэ тиийбиттэрэ хомолтолоох. Бэрт сотору оҕо улаатан туспа киһи, бэйэтэ ыал аҕата, ийэтэ буолан тахсыахтааҕын туһунан умнан кэбиһэллэр. Биһиги бу үлэбити¬гэр биир эбэтэр икки оҕону иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы ураты уус¬туктарын быһаара сатыыбыт. Оҕо иитиитэ барыта төрөппүттэртэн, кинилэр кэлэр көлүөнэлэригэр ханнык сыалы-соругу туруоран, кыра эрдэхтэриттэн иитэллэриттэн уонна үөрэтэллэриттэн, ханнык өйү-санааны иҥэрэн биэрэллэриттэн ту-тулуктааҕын быһаарабыт.
Саха дьоно элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро үлэни-хамнаһы сөбүлүүр, киһилии майгылаах буола улааталларын билэллэр. Биһиги бу үлэбити¬гэр оҕоҕо итинник, киһилии майгы хантан кэлэн баар буоларын быһаарыахпыт. Бэйэлэрэ элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро аан бастаан өйдүөхтэрэ дии саныыбыт.
Урукку кэмҥэ ыаллар биирдии-иккилии сыл буола-буола таҥара биэрбитинэн оҕолонон иһэллэр этэ. Улахан оҕо саҥа улаатан иһэн кыра быраатын дуу, балтын дуу соһо-сыһа сылдьан көрө, саатата сылдьарыгар тиийэр этэ. Сүрүн оҕо көрөөччү кини буолара. Кыайар эрэ буоллар көтөҕөр, ытаа¬таҕына сааратар. «Мин курдук оҥор» диэн үтүгүннэрэн үөрэтэр.
Кыра оҕо бэйэтэ оҕону көрөн аһара үтүктэр. Улахан оҕо «Мин курдук оҥор» диэн көрдөбүлэ олус кытаанах уонна халбаҥнаабат, то-лоруллар эрэ буолара табыллар. Кыра оҕо улахан оҕо көрдөбүлүн халбаҥнаабакка толорорго үөрэнэн хаалар.
Оҕо улаатан иһэн барыны-бары сатыырга, билэргэ-көрөргө олус дьулуурдаах. Улахан оҕо оҥорор дьыалаларын оҥорорго бэйэтэ, бары кыаҕын ууран дьулуһар. «Куһаҕан киһи, сатаабат буолуу» оҕоҕо олус улахан накаастабылынан ааҕыллар. Улахан оҕо курдук буолуу, кыра киһи баҕа са¬наатыгар кубулуйар. Улахан оҕоттон тугунан да хаалсымаары гынар, кини курдук буолар баҕа санаата баһыйан бары ыарахаттары да тулуйар кыахтанар. Оҕо бары оҥорорун барытын киһи курдук үтүктэн оҥороро киһи быһыыта диэн ааттанар.
Оҕолор улаатан истэхтэринэ ити үөрэх салҕанан баран иһэр. Ула-хан оҕо оҕолорго барыларыгар батыһар киһилэрэ, үтүктэр холобурда-ра, кытаанах, ханна да халбаҥнаппат учууталлара, төрөппүттэрин үөрэҕин сүһэн ылан, кыра оҕолорго быһаччы тириэрдээччи, толотторооччу буолар. Ол курдук оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта бииргэ сылдьар бириэмэлэрэ быдан элбэҕэ уонна кыра оҕолор улахан оҕону үтүктэр күүстэрэ холбоһоннор улахан оҕо үөрэтэр дьа¬йыытын улаатыннаран, күүһүрдэн биэрэллэр.
Онон, оҕолор икки ардыларыгар үөскүүр балаһыанньаны салгыы быһаардахпытына кыра оҕолорго кытаанах бэрээдэк, тоталитарнай бы-лаас үөскүүрэ быһаарыллар.
Элбэх оҕолоох ыал оҕолоругар бэйэ-бэйэни көмүскэһии, хардарыта көмөлөһүү өйө-санаата элбиир. Ыаллар улахан оҕолоруттан үчүгэй салайааччылар үүнэн тахсаллар. Салайааччы майгына үөскээһини¬гэр оҕо кыра эрдэҕиттэн атыттары көрөн-истэн, дьарыктаммыта улахан оруолу ылар.
Элбэх оҕолоох ыаллар холбурдарыттан ылан туһаннахпытына, оҕо кыра эрдэҕинэ «Мин курдук оҥор» диэн үтүгүннэрэн үөрэтии кытаанах, чиҥ буолуохтаах. Ол аата, оҕо ийэ кута сайдар кэмигэр үтүгүннэрии, бэрээдэккэ, аһара барбат буолууга үөрэтии чиҥэ, халбаҥнаабата наада. Онтон улаатан иһэн бэйэтин өйө, салгын кута сайдан тугу оҥорорун толкуйдаан көрөн сөптөөхтүк быһаарынар буоллаҕына дьэ сымнаҕас, демократия үөрэхтэрин тутуһан үөрэтии киирэн биэриэн сөп. Бу быһаарыы сахалар олохторун үөрэҕинэн дакаастанарын атын үлэлэрбититтэн булуохха сөп.
Оҕону кыра эрдэһинэ кытаанахтык, чиҥник иитии ирдэниллэр. Хан-нык да балаһыанньаҕа аһара барбат, киһи быһыытын сүтэрбэт майгы-ланарын ситиһии, кини салгыы олоҕор элбэх сыыһалары оҥорорун суох гыныа этэ. Итинтэн салгыы оҕо бэйэтин салгын кута сайын¬наҕына биир киһи олоҕор ситиһэр ситиһиитин бэйэтэ даҕаны ситиһиэн сөп. Хайа баҕарар дойдуга ким да улахан көмөтө суох сайдан, үөрэнэн тахсыталаабыт биллэр дьон элбэхтэр. Бэйэбит киһибит П.А.Ойуунускай кыра эрдэҕинэ тиийиммэттик, дьадаҥытык улааппыта биллэр. Кини кыра эрдэҕиттэн олох ыараханын билэн, тулуура, дьулуура эбиллэн, бэйэтин кыаҕынан үөрэҕи-билиини баһылаан, олох будулҕаннаах кэмигэр республикабытын тэрийсэн, салайбыта. Кини олоҕун устата ситиспит ситиһиитэ кэлэр көлүөнэлэргэ үтүө холобур буолар кыахтаах.
Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун иитэр холобурдарыттан олус туһалаах өрүттэрин биһиги ылан туһаныахпыт этэ. Биһиги олохпуту¬гар туох, ханнык үөрэх тиийбэт буолан хаалан эдэр көлүөнэ ыччат¬тарбыт бэрээдэктэрэ мөлтөөбүттэрин билигин наука кыайан быһаара илик. Арай оҕо иитиитин араас элбэх арҕааҥҥы омуктар үөрэхтэрин бүтэртээбит дьон салайаллар. Анараа омуктары үтүктүү киирэн саха ыаллара эмиэ биир эбэтэр икки оҕолонор буоллулар. Биир эбэтэр икки оҕолоох буолуу оҕо иитиитин мөлтөтөн, сымнатан кэбиһэн, оҕо аһара көрүл¬лэн, хаайыллан, мааныланан, атаах буола улаатыытыгар тириэрдэрин биһиги дакаастыыбыт.
Киһи өйө-санаата олорор олоҕуттан тирэх ылан салгыы сайдан барар. Оҕо кыра эрдэҕинэ үөрэммит үөрүйэҕэ олоҕун төрүтэ буолар. Сахалар оҕону кыра эрдэҕинэ үөрэтии сүнньүн былыргыттан билэллэрин бэлиэтин булан, арааран ылаттыахха сөп. Ол курдук кинилэр баайдар оҕолорун иитиигэ-үөрэтиигэ сыыһа суолу тутуһалларын билэллэр этэ. Биллэр улахан баайдар оҕолорун дьадаҥыларга биэрэн улаатыннаран ылаллара элбэх эбит. Баай киһи Баһылай Ксенофонтов улахан уолун дьадаҥы аймахтарыгар биэрэн улаатыннаттарбыт. Ыал бастакы оҕото кыра¬ларга холобур буолан олус улахан сабыдыалы оҥорорун ити ыаллар оҕолоро хайдах майгылаах дьон буола улааппыттарыттан быһаарыахха сөп.
Ол аата оҕо өйүн-санаатын иитии уонна үөрэтии төрүттүүрүн сахалар былыр-былыргыттан билэн олохторугар туһаналлар эбит.
БИИР ОҔО
Оҕо улаатан иһэн бэйэтэ хантан кэлбитин 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри билбэт. Улахан дьон албыннаан: «Хаппыыста быыһыттан булбуппут»,- диэтэхтэринэ итэҕэйэригэр эрэ тиийэр. Төрөппүттэрэ, дьоно кыра эрдэҕинэ хайдах улаатан испитин кэпсээбэтэхтэринэ, хаартыскаларын көрдөрбөтөхтөрүнэ хан¬тан кэлбитин, хайдах улааппытын, кимнээх көрбүттэрин-истибиттэрин кырдьык, билбэккэ эрэ улаатар.
Ыаллар биир икки оҕолоро утуу-субуу улаатан иһэннэр бэйэлэрэ кыра оҕону төрүт көрбөккө эрэ улаатан хаалаллар. Улаатан, улахан да киһи буолан бараннар бэйэлэрэ төрөппүттэригэр кыра оҕо буола сылдьаллар, куруук бэйэлэрин көрдөрөллөр, көмөҕө наадыйаллар, туохта¬ра-эмэлэрэ син-биир табыллыбата элбээн иһэр. Улаатан иһэн бэйэтэ кыра оҕону көрбөтөх киһи бэйэтин кыра оҕо курдук сананарын кыайан бырахпакка уһуннук эрэйдэнэр.
Ыал биир эбэтэр икки да оҕото кыра оҕо диэни көрбөккө улаатыылара бэйэ¬лэрэ оҕолоннохторуна оҕолорун сатаан көрбөттөрүн-истибэттэрин үөскэтэр. Ол курдук киһи бэйэтин өйө-санаата, салгын кута 5 эбэтэр 6 сааһыттан сайдар буолан, бэйэтэ кыра оҕо буола сылдьыбытын букатын да бил¬бэт. Кини бэйэтэ улаатан иһэн, үөрэҕи ылынар кэмигэр, кыра оҕону көрбөтөх буо¬лан, оҕону хайдах көрөргө-истэргэ төрөппүттэриттэн үөрэммэккэ хаалар.
Мааны ыал биир оҕото бэйэтэ кыра эрдэҕинэ хайдах иитиллибитин өйдөөбөт буолан, билбэт, улаатан иһэн оскуолаҕа киириэн эрэ инни-нээҕитин эрэ онон-манан өйдүүр. Кини санаатыгар хайы-сах улаатан баран баар буолбут курдук. Бу киһи улааттаҕына кыра оҕону көрөр-истэр туһунан туох да өйдөбүлэ, кыра да билиитэ суох буолара саарбахтаммат. Ол аата бэйэтэ билбэт суолугар, тутан-хабан көрбөтөх быһыытыгар, оҕону үөрэтиигэ сөп түбэһэр кытаанах көрдөбүлэ суох буолан, оҕолонноҕуна бэйэтинээҕэр атаах гына иитэр кыахтанар.
Ити курдук биир эбэтэр икки оҕолоох ыаллар оҕолоро ийэлэриттэн, эбэлэриттэн быһаччы үтүктэн кыра оҕону көрөргө-истэргэ үөрэниилэрэ суох буола быстан хаалар. Эбэлэр бэйэлэрин үйэлэригэр хас да оҕону көрөн үөрэппит үөрэхтэрин соҕотох сиэннэригэр көрдөрөн үөрэтэр кыахтара суох буола быстар. Ол курдук эбэлэр биир сиэннэрэ бэйэтэ соҕотох уонна кыра буолан, ким, хайдах кыра эрдэҕинэ көрбүтүн олох да өйдөөбөккө эрэ улаатар.
Онон ыаллар биир эбэтэр икки да оҕолоох буолуулара оҕону иитиини-үөрэтиини сымнатан, кыра эрдэхтэринэ ийэ куттара киһилии майгыга, өйгө-санааҕа иитиллибэккэ, атаах буола улааталлар.
Кут-сүр үөрэҕин ыйыытынан оҕону киһилии майгыга, аһара барбат буолууга 5 сааһыгар диэри үөрэтиллэр. Бу быһаарыы былыргы кырдьаҕастар оҕону иитиигэ аналлаах «Оҕону ороҥҥо туора сытар эр-дэҕинэ үөрэтиллэр» диэн этиилэригэр сөп түбэһэр. Бэйэлэрэ биир эбэтэр икки оҕолоох ыаллар оҕолорун киһилии майгыга үөрэтэллэрэ ити иһин олус уустугурар. Кинилэр кыра оҕону иитиини-үөрэтиини барытын кинигэлэртэн эбэтэр билэр дьон кэпсээннэриттэн эрэ билэр кыахтаахтар. Аҕыйах оҕолоох төрөппүттэр бэйэлэрэ элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро буолбатахтарына, эбиискэ үөрэҕи ылымматах¬тарына киһилии киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннараллара аһара уустук дьыалаҕа кубулуйар.
Элбэх оҕолоох ыаллар улахан оҕолоро бэйэтин кыра бырааттарын дуу, балтыларын дуу олох кыра эрдэҕиттэн көрө-истэ үөрэнэр. Кыра эрдэҕинэ хайдах саататары, оонньуурунан аралдьытары барытын баһылыыр. Кини оҕону кыайан көтөҕөр буолуоҕуттан ыла сыһа-соһо сылдьан ийэлэрин эбэтэр эбэлэрин быһаччы ыйыыларынан, көрдөрөн биэриилэри¬нэн оҕону көрөр-истэр, көтөҕөр. Улахан оҕо кыра оҕону хайдах тутан-хабан көрөргө-истэргэ уоппуттаах дьон, ийэлэрин, эбэлэрин көмөлөрүнэн, көрдөрөн биэриилэринэн, бэйэтэ тутан-хабан үөрэнэр. Бэ¬йэ үтүктэн үөрэниитэ ордук тиийимтиэтин кинилэр, улахан оҕолор билэн улааталлар. Бу быһаарыыга «Киһи тутан-хабан көрдөҕүнэ эрэ үөрэнэр» диэн этии сөп түбэһэр.
«Оҕо оҕону үөрэтэр» диэн этэллэр. Улахан оҕолор кыра быраат-тарын дуу, балыстарын дуу улаатан истэҕинэ батыһыннара сылдьан бэ-йэлэрэ тугу сатыылларыгар барытыгар үөрэтэллэр. Оҕо бэйэтэ атын оҕо тугу оҥорорун көрөн үтүктэн үөрэниитэ ордук тиийимтиэ уонна өйдөнүмтүө.
Улаатан иһэн кыра оҕолору көрөргө төрөппүттэрин көмөлөрүнэн үөрэммит оҕо бэйэтэ улаатан оҕолонноҕуна оҕону хайдах баҕарар көрөр-истэр кыахтанар. Киниэхэ ханнык да туспа көмө наада буолбат. Кини оҕотун чахчы бэйэтэ хайдах үөрэтиллибитин курдук үөрэтиэн сөп кыахтаах, билиилээх-көрүүлээх буолар.
Ол аата, оҕону бэйэ хайдах иитиллибитин, көрүллүбүтүн курдук көрөн-истэн үөрэтэр наадаҕа төрөппүттэр оҕолорун хайдах ииппиттэ-рин билиэххэ наада. Бу үөрэҕи билэргэ ыаллар улахан оҕолоро кыра бырааттарын дуу, балыстарын дуу төрөппүттэрин кытта бииргэ көрсөн үөрэннэҕинэ эрэ ситиһэр кыахтаахтар. Оҕону иитии-үөрэтии үөрэҕэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр суола итинник эрэ суолунан салгыы баран иһэрэ табыллар.
Элбэх оҕолордоох ыаллар оҕону иитэр, көрөр-истэр үөрэхтэрэ ити курдук салгыы бэриллэн иһэр. Кыра оҕону улаатан иһэр оҕо төрөппүттэрин көмөлөрүнэн көрөргө-истэргэ үөрэниитэ, төрөппүт¬тэр оҕону көрөр-истэр үөрэхтэрэ кэлэр көлүөнэҕэ салгыы бэриллэн иһэрин хааччыйар. Улахан оҕо кыраларын бэйэтэ дьаһайан көрөрө-истэрэ туспа уратылардаах. Бу уратылары биһиги билигин кыайан булан ыллахпытына улахан кыайыы буолуон сөп.
Улаатан иһэн кыра бырааттарын дуу, балтыларын дуу көрбүт оҕолор өйдөрө-санаалара олус түргэнник улахан киһи өйүгэр уларыйаллар. Кыра оҕону көрүүттэн-истииттэн олус улахан эппиэтинэскэ үөрэниилэрэ, барыга-бары улахан дьоннуу сыһыаннара сайдар. Ол курдук кыра эрдэҕиттэн ханнык да сыананан кэмнэммэт күндүнү, кыра оҕону көрө үөрэниитэ бэйэтин итинник үрдүк эппиэтинэһи ылыныыга үөрэтэн кэбиһэр. Итини тэҥэ бэйэтин илиитинэн тутан-хабан кыра оҕо¬ну хайдах көрөргө-истэргэ үөрэнэрин тэҥэ салайыыга, дьаһайыыга эмиэ үөрэнэр.
Элбэх оҕолордоох ыаллар оҕолоро биир күүстээх хамаанда буолан тахсаллар. Улахан уол кыра уолаттарга муҥур тойон буола улаатар. Ханнык да кылаадьыта суох быһаардахха, эппит тылын толотторооччу улахан салайааччы буолар. Кыра уолаттар убайдарын эппитин толорол¬лоро хайаан да ирдэнэр, чиҥ көрдөбүлгэ кубулуйар.
Бииргэ төрөөбүт оҕолорго итинник кытаанах былаас үөскээһинэ оҕо кыра эрдэҕиттэн өйө-санаата, аһара барбат буолуутун үөскэтэр. Бу быһаарыы саҥа ону-маны билэн, үөрэнэн эрэр кыра киһи улахан оҕолору куруук батыһан, үтүктэн үөрэниитигэр олоҕурар. Ханнык да улахан күүһүлээһин туттуллубат. Арай: «Мин эмиэ хаалсыбаппын, мин эмиэ сатыыбын»,- диэн санааттан батыһан иһэр кыралар бары быһыыларын улахаттары үтүктэн оҥороллоругар олоҕурар үөрэх буолар. Онтон улахан оҕо «Мин курдук оҥор» диэн көрдөбүлэ хайаан да толоруллар, чиҥ буолуута үөрэнии ситиһиилээх буоларын хааччыйар.
Онон, элбэх оҕолоох ыаллар холобурдарыттан ылан туһаннахпытына, кыра оҕону, 5 сааһыгар диэри үөрэтиигэ кытаанах, чиҥ көрдөбүл баар буолуохтаах. Оҕону үөрэтии барыта батыһыннаран уонна үтүгүннэрэн ситиһиллэрэ ийэ кута үгэстэргэ үөрэнэригэр олоҕурар буолан ордук тиийимтиэ. Ол аата, оҕо бэйэтэ үтүктэр дьоҕурун сайыннаран биэрии улахан оҕо курдук эбэтэр төрөппүтүн курдук буо¬ларын ситиһэригэр көмөлөһөр.
«Кыра оҕо атаах буолар» диэн өйдөбүл саха дьонугар иҥмит. Бу этии элбэх оҕолоох ыаллар кыра, «мурун бүөтэ» оҕолоругар эрэ сыһыаннаах этэ, ону кэлин оҕолорго барыларыгар сыбаан кэбиһии оҕолору барыларын атаах оҥордо. Дьиэ кэргэн барылара көрө-истэ сатааһыннарын, маанылааһыннарын түмүгэр кыра оҕолоругар итинник, атаах буолуу өйө-санаата үөскээн олохсуйан хаалара кыр¬дьык. Төрөппүттэр бэйэлэрэ мөлтөөн, сымнаан биэриилэрэ «Оҕо мөлтөх, кыра» диэн улахаттарга төттөрү ыйыыны биэриилэрэ кыра оҕо майгынын уларытан атаах буолуутугар тириэрдэр.
Урукку кэмҥэ сахалар ыал улахан оҕотун өйө-санаата сайдыытын табан туһаналлар этэ. Билигин: «Улахан оҕом үлэһитим, барыга-бары көмөлөһөр»,- диэн этии элбэх оҕолоох ыаллар аҕыйааннар аанньа туттуллубат буолла. Ол оннугар «Кыра оҕо атаах буолар» диэн быһаарыыны биир, икки оҕолоох ыаллар оҕолоругар сөп түбэһэр диэн тутта үөрэниибит оҕолору барыларын атаах оҥорор.
Ыаллар бары биирдии, иккилии эрэ оҕолонуулара кыра оҕону иитии, үөрэтии үлэтэ барыта кинигэлэртэн эрэ ылылларыгар тириэрдэр. Кэтээн көрүү түмүгүнэн кинигэ үөрэҕин быһаччы ылынан толорооччу олус аҕыйах буолара билиннэ. Киһи барыта бэйэтэ тутан-хабан үөрэммитин ордук чугастык ылынан, толороругар кыаҕа улахан буолар. Бэйэтэ кыра эрдэҕинэ эрчиллибэтэх киһи кинигэ эрэ ааҕан баран оҕотун көрөрө-истэрэ, эрчийэрэ олус ыарахан суол. Ол иһин оҕону этин-сиинин тымныынан эрчийии, зарядка оҥорорго үөрэтии букатын да хаалан эрэр.
«Киһи тутан-хабан көрдөҕүнэ эрэ үөрэнэр» диэн этии баара омук дьоно аҕыйах оҕолоннохторуна, оҕону иитэр-үөрэтэр кыахтара эмиэ мөлтөөн иһэрин быһаарар. Эдэр көлүөнэлэри иитии-үөрэтии мөлтөөһүнэ омук дьонун барыларын мөлтөтөр.
Айылҕа киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор биир ыараханынан хат дьахтарга үөскүүр бэйэмсэх санаата буолар. Тоҕус ыйы быһа дьахтар этигэр-сиинигэр хаатыйаланан үөскүүр оҕотун бэйэтин этин-сиинин сорҕото, бас билиитэ курдук саныы үөрэнэр. «Миэнэ», «Мин оҕом» диэн санаата аһара барар. Оҕолоох ийэ бэйэмсэх санаата оҕотун иитэригэр улахан уустуктары үөскэтэр. Оҕотун бэйэтин этин-сиинин сорҕото буоларын билиниитэ ити санаатын ураты күүһүрдэн кэбиһэр. Икки оҕолоох ийэ бэйэмсэҕэ соччо аҕыйаабат. Икки илиитинэн оҕолорун көҥүл тута-хаба, көтөҕө сылдьар кыахтаах буолан миэннэрэ диэн санаатын кыччаппат.
Ийэ бэйэмсэх санаата үһүс оҕотун кэнниттэн дьэ ааһар. Кыайан барыларын көтөҕөрө кыаллыбакка улахан оҕотун «Эн улахан буоллуҥ, бэйэҥ сырыт, хаамп»,- диэн этэн үөрэтэрэ дьэ киирэр. Улахан оҕотун кыралары көрүүгэ көмөлөһүннэрэ үөрэтэрэ үлэлииргэ, барыны-бары бэйэтэ быһааран оҥорорго үөрэнэ¬ригэр тириэрдэр. Улахан оҕо кыра оҕолору көрүүгэ-истиигэ ийэтин көмөтүнэн үөрэнэрэ, билиитэ-көрүүтэ кэҥииригэр, кыраларын салайар, дьаһайар дьоҕура сайдарыгар тириэрдэр.
«Ийэ оҕотун атаахтатар, маанылыыр» диэн этиини олус көнөтүк ылыныыттан оҕону аһара көрөн-истэн, маанылаан, атаахтатан кэбиһии сайынна. Сымнаҕас майгылаах оҕону аһара көрүү-истии, харайыы бэйэтигэр олус бэриммит киһини иитэр, онтон кытаанах майгылаах оҕону атаахтатыы аһара бара сылдьар киһини улаатыннарарын букатын да аахайбаппыт хомолтолоох.
Урукку кэмҥэ саха биллэр баайдара оҕолорун иитэллэригэр ураты ыарахаттар баалларын билэннэр улахан оҕолорун атын, дьадаҥы ыалларга биэрэн ииттэрэн ылаллара. Маннык иитии үтүө холобурунан баай киһи Баһылай Ксенофонтов буолар. Кини уолаттара саха дьоно бэйэлэрин билинэн, сайдалларын-үүнэллэрин туһугар олохторун да харыстаабакка үлэлээбиттэрэ.
Билигин баар кырдьаҕас дьон олохторун дьоһуннаахтык, киһи быһыылаахтык олорбут өт¬түлэрэ бары кыра эрдэхтэринэ үлэлээн-хамсаан чиҥ соҕус бэрээдэккэ үөрэммит дьон. Кырдьа баран иһэн сыаналаан көрдөххө кыра эрдэхтэринэ наһаа мааны, атаах баҕайы оҕолор олох очурдарыгар оҕустараннар сорохторо букатын да олохтон туораатылар, онтон атыттара син сыыгынаан эрэ сылдьаллар.
«Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр» диэн этии баара олох ыараан, оҕону көрүүгэ-истиигэ кытаатыы киирдэҕинэ, кэлэр көлүөнэ дьон ордук кыайыылаах-хотуулаах үлэһит дьон буола улаатаннар, омуктарын күүһүрдэллэрин бэлиэтиир. Билигин биһиги саха дьоно кы¬ратык да буоллар күүһүрэ түһүөхпүтүн баҕарабыт. Бу баҕа санаабыт туоларын наадатыгар кэлэр көлүөнэлэри иитии-үөрэтии үлэтин лаппа кытаатыннаран, чиҥэтэн, төрөппүттэр эппиэтинэстэрин үрдэтэн биэр-дэхпитинэ тугу эмэни ситиһиэхпитин сөп.
Биһиги бу быһаарыыларбытын барытын түмэн бараммыт, биллэр өс хоһоонун кыратык уларытан, оҕону иитии уонна үөрэтии диэки салайдахпытына маннык көрүҥнээх буолан тахсыа этэ: «Үөрэнии кытаанаҕа олоҕу олорору чэпчэтэр». Дьон бары үөрэнии ыарахан, чиҥ буоллаҕына эрэ туһаны аҕаларын билэллэр. Ол аата, оҕо кыра эрдэҕинэ олоҕу олорорго үөрэниитэ эмиэ кытаанах соҕус, чиҥ буолуохтааҕын ким да утарбат.
ХАРЫСТААҺЫН
Ханнык баҕарар ийэ оҕотун харыстыыр, көмүскүүр. Кыаҕа баарынан. Оҕо кыра эрдэҕинэ кырдьык харыстааһыҥҥа, көмүскээһиҥҥэ наадыйар. Биһиги үгүс ийэлэрбит ити эбээһинэстэрин кыайа-хото толороллоругар ханнык да саарбахтааһын тахсыбат, арай аһара барбаттара буоллар диэн баҕа санаа баар.
Ийэ оҕотун харыстыыра Айылҕа биэрбит үтүө майгына буолар. Ийэ-лэргэ: «Оҕону харыстыахха, көмүскүөххэ» диэн өйдөбүл олох көнөтүнэн ылыныллар буолан хаалбыта оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар улары¬йыылары киллэрдэ. Аныгы ыаллар биир уол, биир кыыс оҕолоох эрэ буолуулара харыстыыр санааларын ордук улаатыннарар. Баар-суох, биир эрэ улааппыт оҕолорун аһара харыстыыр, көмүскүүр ийэлэр элбээн хааллылар. Бу үтүө өйдөбүлү аһара туттуу улаатан иһэр эдэр дьону аны кэбирэтэн, ыараханы тулуйбат, мөлтөх майгылаах оҥортуурун сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ бэлиэтиир.
Оҕону көрүү-истии, аһатыы, айаҕар ону-маны укпатыгар үөрэтии, дөлбү түһэртэн харыстааһын ийэ хайаан да оҥоруохтаах эбээһинэһэ буолар. Таҥас-сап дэлэйбитинэн туһанан тымныыттан харыстаан таҥыннара сатааһыны биһиги ийэлэрбит кыайа туталлар. Араас түүлээх таҥастарынан хамсаабат гына үллэччи таҥыннаран бараннар, аны тиритиннэрэн кэбиһэллэр уонна куһаҕаны оҥоробут дии санаабаттар. Тымныы кэмҥэ оҕо ти¬ритэрэ доруобуйатыгар куһаҕанын, туоҕа эрэ тиийбэтин, туга эрэ улаханнык табыллыбатын эбэтэр бэйэтэ мөлтөөбүтүн чуолкайдык көрдөрөр бэлиэ буоларын умнан кэбистилэр.
«Туох барыта кэмнээх, кэрдиилээх»,- диэн этэллэр. Харыстааһын эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх буолара наада. Туохха барыты¬гар аһара барыы куһаҕаҥҥа тириэрдэр. Биһиги ийэлэрбит тымныыттан харыстаныыга аҥардастыы итиитик таҥыннарыы өттүгэр салаллан хаа-лыылара оҕолорун доруобуйаларын мөлтөтөр. Аныгы оҕолор тымныынан эрчиллиилэрэ суоҕуттан олус элбэхтик тымныйан ыалдьалларын үгүстүк атын ыарыыларга балыйабыт. Урукку кэмҥэ чараас таҥастаах тоҥмут оҕону: «Таах тоҥон турума, ыл сүүрэкэлии түһэн биэр»,- диэн кытаанахтык этэллэрэ умнууга хаалбыта ыраатта.
Тымныйыыттан харыстаныыга сүрүн оруолу эрчиллии ыларын эдэр ийэлэр ситэ өйдөөбөттөр. Кинилэр бэйэлэрэ эмиэ эрчиллибэккэ улааппыттара ити дьарыгы ылыналларыгар уонна толороллоругар мэһэйдиир. Оҕо кыра эрдэҕиттэн тымныыны тулуйа үөрэннэҕинэ, этэ-сиинэ эрчиллэн бөҕөргөөн хаалар диэн көн¬нөрү этии кинилэргэ тиийбэт. Куруук эрчиллэрин бырахпатаҕына, оҕо тымныыны тулуйара өссө эбиллэн иһэр диэн медицинэ үлэһиттэрэ этэ, суруйа сатыыллар даҕаны ким да аахайбат. Манна арай ырыынак үйэтэ кэлэн медицинэ көмөтө харчынан сыаналанар буолуута сыыйа-баайа хамсааһыны таһаарыан сөп. Бу быһаарыы «Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр» диэн этиигэ сөп түбэһэр.
Этин-сиинин эрчийбэккэ эрэ аҥардастыы сылаас таҥаһы таҥна сылдьар киһи биирдэ эмэ сыыһа туттаран, ол эбэтэр аһара итиитик таҥнан баран аны итииргээн тиритэн хааллаҕына, «Этэ арыллан», эмискэ тоҥон тымныйан хаалыан сөп. Маннык быһыыттан ким да кыайан харыстаммакка хаалар. Бу курдук ыалдьааччылар элбээн хаалыылара аны төттөрү өттүгэр дьайан эрчиллии туһалаах диэччилэри соччо итэҕэйбэттэригэр тириэрдэр.
Ыаллар барылара биирдии, иккилии эрэ оҕолоохторо харыстыыр, көмүскүүр санааларын аһара күүһүрдэн кэбиһэр. Кинилэр оҕо эрчиллэн истэҕинэ доруобуйата бөҕөргүүрүн ум¬нан, хаайа, харыстыы сатааһын диэки салалыннылар.
Ол да буоллар киһи тымныыны тулуйар буолара хайаан да наада. Тымныытынан дьону, кыыллары үөрэтээри, эрчийээри кэмиттэн кэмигэр Айылҕа кыһына хойутаабакка эрэ кэлэн иһэр. Ол аата Айылҕаҕа кыһын син-биир эргийэн кэлэн иһэринэн, халлаан тымныйарын уларытар кыах суоҕунан киһи тымныыны тулуйарга эрчиллэр эбээһинэстээх.
Онон, оҕону сөптөөхтүк харыстааһын диэн кинини үөрэтии уонна эрчийии буолуохтаах. Халлаан тымныйарын ким да тохтоппотун быһыы-тынан аҥардас эрчиллии эрэ киһини тымныыны тулуйар гына оҥорорун билиниэхпитин наада. Ким барыта төһө кыаҕа тиийэринэн эрчиллэ, тымныыны тулуйарга үөрэнэ сылдьара эрэйиллэр да, көрдөнүл¬лэр да быһыы буолар. Бу эрчиллиини төрөппүттэр оҕолоро олох кыра эрдэҕиттэн саҕалаан баран быраҕан кэбиспэккэ, утумнаахтык дьарыктаан, үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэрин ситистэхтэринэ ордук туһаныа, бөҕө доруобуйалаах кэлэр көлүөнэлээх буолуо этилэр.
Медицинэ үөрэхтээхтэрэ оҕону биир сааһын иннинэ тымныынан эрчи¬йэ үөрэтиэххэ, оччоҕо оҕо доруобуйата өссө бөҕө буолар диэн этэ сылдьыбыттара хаалан эрэр. Аҥар¬дастыы харыстыы сатааһын тымныыны тулуйарга көмөлөспөт диэ¬ни кытаанахтык билэн, элбэхтик эрчилиннэхпитинэ эрэ доруо¬бай кэлэр көлүөнэлээх буоларбытын итэҕэйиэхпитин наада.
Билбэт, үөрэммэтэх киһи араас быһылааҥҥа түбэһэрэ быдан элбэх буолар. Суол быраабылатын билбэт киһи ааһан иһэр массыынаҕа киирэн биэриэн сөп. Бары быраабылалары билии уонна олору халбаҥнаабака эрэ тутуһуу массыынаҕа сатыы киһи киирэн биэрэрин лаппа аҕыйатар. Аны массыыналар куруук элбээн иһэллэрин быһыытынан, арай суол быраабылаларын эрэ билии киһи массыынаҕа киирэн биэрэрин аҕыйатар кыахтаах. Билии-көрүү – оһолу, быстах суолга түбэһиини аҕыйатар.
Халтарыйан сууллан түспүт киһи уҥуоҕун тоһутан кэбиһэрэ баар суол. Кыахтаах, эрчиллиилээх киһи мээлэ охтубат, биирдэ-эмэтэ оҕуннаҕына даҕаны халымырдык охтуон сөп. Тустуук киһи хас оҕуннаҕын аайы дэҥнэнэн испэт. Барытыгар эрчиллии быһаарар. Ол аата, ийэ оҕотун харыстааһына диэн өйдөбүл - кинини эрчийиитигэр саһан сыл¬дьар. Ийэ оҕотун эрчийиэхтээх, үөрэтиэхтээх, барыга-бары кыахтаах буоларын ситиһиэхтээх.
Ийэ оҕотун харыстыахтаах диэн өйдөбүлү бары тутуһабыт. Ол эрээ-ри харыстааһын диэн билбэт киһини, оҕону үөрэтии буоларын умнан кэбиһэрбит хомолтолоох.
Ийэ оҕотун хайдах көмүскүүрүттэн оҕотун өйө-санаата сайдар. Аһара баран көмүскээһин, куруук көмүскэтэ үөрэниитигэр тириэрдэр. Оҕо куруук, сыыһаны да, куһаҕаны да оҥордоҕуна көмүскэтэ үөрэниитэ бэйэтэ тугу оҥорбутугар эппиэтинэһэ суох буолуутун үөскэтэр. Ол аата, тугу да оҥордоҕуна ийэтэ эппиэттиирин курдук өйдөбүл оҕотугар иҥэн хаа¬лар. Маннык үөрэтии улаатан иһэр оҕолорго ордук куһаҕаннык дьайар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ бэйэтин кыаҕынан көмүскэнэ, харыстана үөрэ-ниэхтээх. Кыайан көмүскэммэт оҕо муҥкук, барыттан-бары салла сыл-дьар буола үөрэнэр. Ийэ оҕотун хайдах көмүскэнэргэ, харыстанарга үөрэттэҕинэ, оҕото улаатан иһэн бэйэтэ харыстанарга үөрэнэр. Оҕолорун иитиилэрэ, үөрэтиилэрэ мөлтөҕүттэн, сымнаҕаһыттан баай дьон уһун үйэлэрэ суохтар. Үһүс, төрдүс көлүөнэ дьонтон саҕалаан арыгыга, хаартыга ыллараллар, майгылара бардам, татым буолан араас быһылааннарга, быстах быһыыларга түбэһэллэр.
Баайдара, маллара ыһыллан баранар. Сахалар уһун үйэлээх омуктар буоланнар баай дьон ити май¬гыларын билэллэр. Ол иһин «Баай дьон тоҕус көлүөнэҕэ тиийбэттэр»,- диэн этэллэр. Бу этии биир аймах дьоҥҥо быһаччы сыһыан¬наах. Ол курдук кэлэр көлүөнэлэри иитии-үөрэтии өбүгэ үгэстэрин тутуһан, табатык баран иһэр буоллаҕына эрэ, аймах дьон сайдан-үүнэн иһиилэрэ ситиһиллэр кыахтаах.
КӨМҮСКЭҺИИ
Айылҕаҕа киһи оҕотугар туох да куттал суоһаабат буолбута ыраатта. Оҕоҕо кутталы оҥоруохтарын сөптөөх дьиикэй кыыллары дьон лаппа аҕыйатан, үгүстэрин суох оҥортоон эрэллэр.
Киһи киһиэхэ, оҕо оҕоҕо сыһыаннарыгар үөскүүр уратылартан көмүскэһии диэн өйдөбүл үөскээбит. Көмүскээһин диэн атын тастыҥ күүстэртэн кыаҕа суоҕу, кыраны араҥаччылааһын, көрүү-истии аата буолар. Оҕо кыра эрдэҕинэ көрүү-истии, көтөҕө сылдьыы, көмүскээһин хайаан да наада. Балары барытын ийэлэр баһылаан-көһүлээн, салайан иһэллэрэ ханнык да мөккүөргэ турбат. Бастакы көмүскээһини, харыстааһыны кинилэр кыахтара баарынан оҥороллор.
Оҕо кыра эрдэҕинэ куһаҕаны оҥордоҕуна көрөр-истэр дьоно сөбүлээбэттэрин биллэрэллэр, бу оҥорор быһыытын тохтотоллор. Оҕо кыратыгар аан маҥнай киһи көрүҥүн көрөн арааран билэр. Кыыһырбыт сирэйи көрдөрүү, кытаанахтык көрүү оҕоҕо сөбүлээбэт быһыыны, куһаҕа¬ны оҥорбутун сонно өйдөтөр, тохтотор быһыы буолар. Онтон киһи саҥатын арааран истэ үөрэнэр. Саҥа дорҕооннорун уларыйыыларыттан оҕо кыыһырбыты, сөбүлээбэтэҕи араарар, куһаҕаны, сыыһаны оҥорбутун билэр, аны манныгы оҥорбот буоларга кыһанар.
Оҕо улаатан истэҕинэ көрө-истэ сылдьыы ордук наада. Оҕо хаһан баҕарар буруйу, оҥоруллуо суохтааҕы оҥорор. Сороҕун билбэ¬титтэн, сороҕун боруобалаан көрөн, билээри-көрөөрү оҥоруон сөп. Сыыһаны, буруйу оҥорбут оҕо эмиэ сөптөөх эппиэтинэскэ тардыллан иһэрэ бэйэтигэр туһаны эрэ аҕалар. Сыыһаны оҥорбутун билиннэҕинэ, салгыы оннук быһыыны оҥорбот буола көннөрүнүөн сөп. Куһаҕан быһыыны оҥорбутун ким да тохтоппот, бу куһаҕан быһыы диэн эппэтэҕинэ, оҕо соннук быһыылары өссө оҥорор кыахтанар. Аны бу быһыытын элбэхтэ хатылаан оҥоро сырыттаҕына, онто үгэскэ кубулуйан, ийэ кутугар иҥнэҕинэ, букатын да куһаҕан быһыылаах оҕоҕо кубулуйар. Детсадка, онтон оскуолаҕа оҕо оҕоҕо сыһыаныттан араас хардары-таары буруйу оҥоруулар тахсаллар. «Эн урут саҕалаабытыҥ» диэн балыссыы кэнниттэн икки өрүттэр тэҥ сыһа буруйдаах буолан хаалааччылар. Буруйу быһаарыыны ийэлэр ыллахтарына, хартыына биллэрдик уларыйар. Оҕолоро буруйдааҕын быһаарыыга ийэлэр хаһан даҕа¬ны сөптөөх сыанабылы биэрбэттэр. Кинилэргэ «Мин оҕом үчүгэй» диэн өйдөбүллэрэ ханнык да буруйдааҕар ордук буолан тахсар. Аныгы ийэлэр маннык быһыыларын тосту көннөрүннэхтэринэ эрэ киһилии майгылаах оҕолору иитэн-үөрэтэн улаатыннарыахтарын сөп.
Оҕо оскуолаҕа тугу эмэни сыыһа оҥордоҕуна, ону быһаарсаары гын¬нахха ийэлэр оҕолоругар сыһыаннара арылхайдык арыллар. Бэйэлэрин улаханнык сананар ийэлэр оҕолорун аһара көмүскүүллэр. Кинилэр «Мин үчүгэйбин» диэн бэйэлэрин ордуктук сананар санаалара оҕолорун көмүскүүр санааларын өссө күүһүрдэн, улаатыннаран биэрэллэр.
Хайа эрэ ийэ оҕотун мөҕүөҕэ: «Сыыһаны оҥорбуккун, көннөрүн»,- диэҕэ, оҕото аны ити курдук сыыһаны оҥорботугар олук ууруоҕа. Оҕото бэрээдэктээх, сыыһа-халты туттуммат киһи буола улааттаҕына, бу ийэ кэлин бэйэтэ абыраныан, кырдьар сааһыгар сынньалаҥнык сылдьыан сөп.
Буруйу оҥорбут оҕону көмүскэһии сорох ийэлэргэ баар суол. Оҕо буруйдааҕын билэ-билэ, оҕолорун көмүскэһэр аатыраарылар, туох бааллары¬нан киирсэллэр. «Кини баҕас мин оҕобун мөхпүт буола-буола»,- диэн этиигэ кытта тиийэллэр, оҕолорун көмүскэһэр санааларыттан атын дьону аанньа ахтыбаттарын биллэрэн кэбиһэллэр. Ийэтин итинник быһыытын хата оҕото дөбөҥнүк ылынан иһэр. Оҕолор атын дьону аанньа ахтыбаттара төрөппүттэриттэн ылыныллыбыт холобурдар. Оҕо төрөппүтүн майгынын куһаҕан да, үчүгэй да буоллар ылынан, иҥэринэн иһэр уратытын хаһан да умнубаппыт эбитэ буоллар эдэр көлүөнэлэр майгылара быдан киһилии буолуо этэ.
Аһара көмүскээһин, «Мин эрэ оҕом үчүгэй» диэн оҕону киһиргэтии оҕо майгынын уларытар. «Мин ураты үчүгэй эбиппин» диэн өйдөбүлү иҥэрэр. Ураты, оһуобай киһи дьон ортотугар сылдьара олус ыараханын ийэлэр оҕолоро улаатан истэхтэринэ билэллэригэр тиийэллэр. «Оһуобай үчүгэй оҕо» дьону кытта биир тылы булара, сатаан тапсара олус уустугуран хаалан уһуннук эрэйдэнэригэр тиийэр.
Хайа эрэ «Мин бэппин» диэн сананар ийэ «Оҕобун сыыһа мөхтүлэр. Бэйэлэрэ маннык куһаҕаттар, оннук куһаҕаттар» диэтэҕинэ оҕото ийэтин итинник этиитин көнөтүнэн ылынан иһэр. Мин үчүгэй эбиппин, кинилэр куһаҕаннар эбит диэн өйдөбүлэ дириҥник иҥэр. Оҕо ийэтэ эппитин хаһан да умнубат гына өйдүүр. Ол иһин сотору эмиэ итинниккэ маарынныыр буруйу оҥорор кыахтанар. Киниэхэ ону оҥорор кыаҕы ийэтин көмүскээһинэ, тэптэрэн биэриитэ биэрэр, өссө оҥордохпуна даҕаны ийэм көмүскүөҕэ диэн эрэллээх буола улаатар.
Буруйу, куһаҕан быһыыны оҥорбут оҕону көмүскэһии, кинини тэптэрэн биэрбит тэҥэ дьайыыны оҥорор, өссө ити курдук буруйу оҥороругар көҥүлү биэрэргэ тэҥнэнэр. Ийэлэр бэйэлэрэ да билбэттэринэн оҕолорун салгыы буруйу оҥорор буолуу диэки үтүрүйэллэр, ол диэки анньан биэрэллэр, кэлэр көлүөнэ киһилэригэр, бэйэлэрин олохторун салҕааччыларыгар үтүөнү, дьолу баҕарбат дьон курдук буолан ылаллар. Ити курдук бэйэмсэх, бэйэм эрэ үчүгэйбин диэн майгы оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ, өйүн-санаатын төрүттээһиҥҥэ буортуну оҥорор.
Оҕону туохтан барытыттан көмүскэһэн, харыстаан таптааһын кини өйө-санаата сайдыытыгар сөп түбэспэт. Оҕо бэйэтэ эрэйдэнэн, билэн¬-көрөн харыстана үөрэниитэ ордук туһалаах буолар, өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэр. Киһи бэйэтэ олоҕуттан үөрэнэн иһэрин бэлиэтээн «Киһи үйэтин тухары үөрэнэр» диэн сахалар этэллэр.
Оҕолор оҥорор куһаҕан быһыылара эмиэ киһи киһиэхэ сыһыаныттан үөскээн тахсаллар. Баай-мал тэҥэ суох буолуута элбэх кыахтаах дьон кыаҕа суох мөлтөх өттүлэрин аанньа ахтыбаттарыттан оҕолор сыһыаннара эмиэ уларыйда.
Баай дьон бэйэлэрин аһара улаханнык сананыыларыттан оҕолорун аһара көмүскэстэр. Бу өйдөбүл «Хайа эрэ дьадаҥы киһи мин оҕобун үөрэтиэ дуо?» диэн этииттэн үөскээн, сайдан тахсар. Бэйэ¬лэрин баайбын, үчүгэйбин диэн сананар дьахталлар ордук оҕолорун көмүскүүллэр. Куһаҕаны оҥорбутун билэ-билэлэр «Кини баҕас мин оҕобун мөхпүт буола-буола» диэн өйдөбүлтэн оҕолорун көмүскэһэллэр.
Оҥоруллубут буруй саҕа, онно сөп түбэһэр эппиэтинэс баар буо-луохтаах диэн өйдөбүлү дьон-аймах былыр-былыргыттан билэллэр уонна билигин даҕаны олохторугар тутта сылдьаллар. Манна «Өлөрсүбүтү өлөрөн кэбиһэллэр» диэн өбүгэ үгэһэ баар эбитэ холобур буолуон сөп. Ити быһыы былыргы да кэмҥэ оҥоруллубут буруйга сөп түбэһэр, онно тэҥнээх эппиэтинэс баар буолуутун ситиһэллэрин көрдөрөр. Оҕо кыра эрдэҕинэ оҥорор буруйа кыра буолан мөҕүлүннэҕинэ эҥин сөп буолар. Улаатан иһэн эмиэ мөҕүллүүнэн, ол-бу ылыахтааҕа көҕүрээһининэн бүтэр. Онтон сааһа ситэн улахан дьон кэккэлэригэр таҕыстаҕына, обургу буруйу оҥордо да хаайыыга түбэһэр. Кэнники кэмҥэ мааны, атаах оҕолору кыра эрдэхтэ¬ринэ бэрээдэккэ үөрэтиилэрэ сымнаҕаһыттан, туох да туһаны аҕалбатаҕыттан, улаат-тахтарына сокуону кэһэн хаайыыга түбэһэллэрэ лаппа элбээтэ.
Киһи хайа да кэмҥэ сокуоннар этиилэриттэн туораабатын ситиһии общество олоҕо тупсан иһиитигэр тириэрдэр. Киһи киһиэхэ сыһыанын суут-сокуон көмөтүнэн быһаарар демократия олоҕор хайа баҕарар киһини сокуоннар көмүскүүллэр. Киһи барыта общество иннигэр биир тэҥ бырааптарын демократия сокуоннара араҥаччылыыллар.
Билигин биһиэхэ ырыынах сыһыаннаһыылара киирэннэр төрөппүттэр оҕолоругар туруорар көрдөбүллэрэ үрдээн биэрэн иһэр. Үлэлээн-хамсаан ханнык эмэ баайы-малы мунньуммут төрөппүттэр оҕо¬лорун иитэр-үөрэтэр санаалара күүһүрэн биэрэн иһиэхтээх. Манна оҕону кыра эрдэҕиттэн бэрээдэккэ, сокуоннары тутуһарга үөрэтии ордук кытаатан, чиҥээн биэриитэ, мунньуллубут баай-мал эрэллээх, ыспат-тохпот илиигэ, кэлэр көлүөнэҕэ салгыы бэриллэн иһиитин хааччыйар кыахтаах.
КИҺИРГЭТИИ
Тыл киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыта улахан уратылардаах. Омук бэйэтэ төһөнөн уһун үйэлээх даҕаны соччонон кини тыла дьайар күүһэ улахан. Сахалар киһи тылыгар улахан суолтаны биэрэллэр. Кинилэр санааларыгар ханнык баҕарар тыллар иккис, кистэлэҥ, өйтөн-санааттан тутулуктаах суолталаахтар. Ол кистэлэҥ суолталара хайдах уонна ханнык кэмҥэ этиллибиттэрит¬тэн тутулуктанан уларыйан биэрэн иһэллэр. Ол аата тыл дорҕооннорун уратылара дьайыыларыттан суолтата уларыйан биэрэр. Биир тыл хайдах саҥарылларыттан, күүскэтик эбэтэр сымнаҕастык этиллэриттэн тутулуктанан суолтата уларыйар, күүһүрэр, эбиллэр кыаҕа олус улахан. Тыл суолтатын сатаан туһаныыга олоҕурбут үгэс сахаларга баар. Ол үгэс тугу да «Быһа этимэ» диэн кынаттаах этиигэ олоҕурар. Бу этии киһи киһиргэс буолуутуттан тугу да ситэ сыаналаабата үөскээн тахсарыгар олоҕурар. Эдэр эрдэххэ олоҕу ситэ билбэттэн, куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи ситэ араарбаттан быстах суолга киһиргэнэн, быһа этинэн кэбиһии үөскүөн сөп.
Быһа этинии киһиргээһинтэн эбэтэр ситэ билбэттэн, тиэтэйииттэн үөскээн тахсар өйдөбүл. Дэбдэйэн, чабыланан тугу эрэ, барыны мин кыайабын, хотобун диэн санаа киириититтэн, уруттаан улаханнык эти-ниини «Быһа этинии» диэн ааттыыллар. Киһиргэс буолуу хаһан эмэ син биир быһа этиниигэ тириэрдэр.
Атын киһини аһара хайҕааһын, олус киһиргэтии «Быһа этии» буолар. Аһара хайҕааһын киһиэхэ киһиргиир санааны үөскэтэн, аһара бара сылдьар киһиэхэ кубулутарыттан итинник ураты өй¬дөбүллэнэр.
Үгүс төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн киһиргэтэ үөрэтэл-лэр. «Мин оҕом олус үчүгэй», «Мин оҕом, кыайар буоллаҕа» диэн этии киһиргэтиигэ тэҥнэнэр. Киһиргэс буолан хаалбыт киһиттэн киһилии киһи тахсара аһара уустук. Куруук аһара бара сылдьарыттан үчүгэйи куһаҕаҥҥа кубулутара элбиир. Аны тугу эмэ бэйэтэ оҥороору гыннаҕына хайгыы, дэб¬дэтэн биэрэ сылдьыы наада буолар. Киһиргэтэ сырыттахха киһи көтүмэх, барытын үрдүнэн-аннынан оҥоро охсон хайҕабыл ыла охсор санаа¬ланар. Киһиргэтэн үөрэтиллибит киһи аанньа ахтан үөрэммэт, тугу үөрэппитэ үксэ үрдүттэн буолар уратылаах.
Боччумнаан, ымпыктаан-чымпыктаан үөрэнии билии дириҥник иҥэригэр тириэрдэр. Ылынан үөрэнии, үөрэх эрэйдээхтик да киирбитин иһин, хаһан да умнуллубат гына иҥэринэн уратыланар.
Кыра оҕо киһиргээтэр эрэ туох үчүгэйгэ үөрэммитин соҕотохто ум-нан кэбиһэр, өйүн дуома көтөр, хараҕын иччитэ суоҕунан мээлэ көрөр уонна өссө ким эрэ киһиргэтэрин кэтэһэр. Киһиргэтэн, дэбдэтэн биэрэн истэх аайы аһара бара турара киирэн иһэр. Ити иһин киһиргэс киһини «Киһиргэтэн, дэбдэтэн биэрэн баран тугу баҕарар оҥотторуох¬ха сөп» диэн этэллэр.
Кыра оҕону киһиргэтии, эккэлэтэ үөрэтии ордук куһаҕан содул¬лаах. Оҕолоро кинилэри ахтарын, сөбүлүүрүн бэлиэтээн көрдөрөөрү «Оҕом сайыһар ээ» диэн аны сайыһарын киһиргэтэн кэбиһэллэр. Оҕолоро сайыһара ор¬дук эбиллэн, ытаан-хайаан аһара баран хаалар. Кыратык да дөлбү түспүт оҕону «Оҕом буорайда» диэн этэри кытта тэҥҥэ ытаан тоҕо ба¬рара ити этии табатын бигэргэтэр.
Оҕону иитиигэ ордук куһаҕан быһыынан «Оҕом охсуолуур, тэбиэли-ир» диэн бэлиэтээн киһиргэтии буолар. Ол тэптэрэн биэрииттэн оҕо тугу, кими, хаһан охсуолуура ордугун быһааран билбэт буоларга үөрэнэр. Киһи киһиэхэ сыһыаныгар урут сутуруга тиийэ сылдьар киһиэхэ кубулуйар кутталланар.
Хайҕааһын диэн үчүгэйи сөбүн көрөн бэлиэтээһин аата. Хайҕабылы сатаан тулуйарга эмиэ тулуурдаах буолуу наада. Аһара баран хайҕааһын киһиргэтии диэн ааттанар. «Киһиргэс киһи» диэн бэлиэтээһин ыйаммыт киһитэ элбэх уу-хаар кэп¬сээннээх, халы-мааргы соҕус майгылаах, мин да мин дэммит, кыраҕа, кыайарыгар урут түһэ сылдьар киһи буолар.
«Дэбдэҥ» диэн арыычча киһиргэскэ тиийбэт эрээри сотору-сотору буолан ылыталыыр хайҕаныыны уйбатын бэлиэтэ. Кыра да хайҕааһынтан өрө эккирээн туран кэлэр киһини «Эмиэ дэбдэҥнээн эрэр»,- диэн этэн тохтото түһэн, туормастыы, уоскута сатыыллар.
Ханнык баҕарар оҕо хайҕанарын аһара сөбүлүүр. Мэниктиир оҕону киһиргэтэн «Герой киһи» диэн хайҕаан биэрдэххэ аһара баран мэник-тээччи. Хайҕаан, киһиргэтэн биэрии сөптөөх кээмэйдээх буолуохтааҕа, аһара барбата, оҕо майгыныттан тутулуктааҕа наада. Оҕону куруук хайҕаан биэрэ үөрэттэххэ, аны хайҕабыла суох тугу да оҥорбот буолан хаалар уратылаах. Хайҕалга үөрэнии сотору-сотору тэптэрэн, киһиргэтэн биэриигэ наадыйарыгар тириэрдэр.
Киһиргээһин диэн куһаҕан кэмэлдьигэ киирсэрин бэлиэтиир этиинэн: «Хантайан туран силлээмэ, хараххар түһүөҕэ» диэн баара буолар. Киһиргэс киһи бэйэтин кэпсэнэригэр хантаарыҥныыр уратытын билэн арыычча бэттэх, дьон диэки көнөтүк туттан көһүннүн диэн саха дьоно сэрэтэн этиилэрэ итинник.
Ыт оҕотун «Чээн» диэн киһиргэттэххэ букатын өйө көтүөр диэри үөрэр, эккэлээ да эккэлээ, ойуоххалаа да ойуоххалаа, кутуругун сыыһын салыбытат да салыбырат буолар, өйүн-санаатын туома букатын да көтөр. Кыра оҕону эмиэ киһиргэттэх¬хэ, аһара бара сылдьара соҕотохто эбиллэр.
Элбэх үлэһит оҕолору ииппит төрөппүттэр оҕону үөрэтиигэ аһара хайҕааһын, киһиргэтии олус буортулааҕын бэлиэтииллэр. Ол курдук киһиргии үөрэммит оҕо улааттаҕына даҕаны киһиргэтэ сылдьыыга наадыйар. Олоххо көрсөр уустуктарга кыайан сөптөөх быһаарыыны кыайан булуммат киһи буола улаатар. Ким эрэ киһиргэтэрин кэтэһэн ордук түргэнник биллэ-көстө сатааһын, эмискэ байа-тайа охсуу диэки охтон хааларыттан быстах суолга кии¬рэн биэрэрэ элбиир.
Саха дьоно «Оҕонон оонньоомо» диэн кытаанах этиилээхтэр. Бу этиини биир эмэ оҕолоох ыаллар букатын умнан кэбистилэр. Оҕолорун маанытык таҥыннара-таҥыннара, киһиргэтэ-киһиргэтэ, бары үчүгэйин ба-рытын көрдөттөрө оонньууллар. Биир оҕолорун бэйэлэрин саататарга анаан оонньуур оҕо оҥостоллор. Оҕо сотору улаатан бэйэлэрин курдук ула¬хан киһи буолан тахсыа, туспа ыалы үөскэтиэ диэн санаа хата мааны төрөппүттэрбитигэр киирбэт. Оонньуур оҕо кими эмэ саататаары араас дьээбэни булан оҥорорго бэрт буола улаатар.
Киһиргэс буола иитиллибит киһи арыгыһыт буолар куттала улахан. Арыгы иһиитэ өйү-санааны дэбдэҥнэтэн, дьалкытан киһиргииргэ олук буолар. Арыгы иһэн холуочуйуу кэнниттэн киһиргээһин ордук табылларынан арыгы иһиитэ элбиир. Онтон арыгыны элбэҕи иһии сыыйа-баайа арыгыһыт буолууга тириэрдэрин бары билэбит.
Оҕо боччумнаах, бэйэтин билинэр, дуоспуруннаах буола улаатары-гар төрөппүттэрэ кинини убаастаан, улаатан иһэр киһи, бэйэтэ ыал ийэтэ эбэтэр аҕата буолуо диэн олох кыра эрдэҕиттэн бэлэмнээн, оҕолорун ытыктаан сыһыаннаһаллара, киһиргэппэттэрэ олус наадалаах.
КӨРДӨҺҮҮ
Хас киһи барыта баҕа санаалаах. Элбэх кыахтаах, билиилээх-көрүүлээх дьон баҕа санаалара эмиэ киэҥ, букатын муҥура суох бара турар. Кыра ычалаах киһи баҕа санаата эмиэ ычатын курдук дьиэтин таһыгар ырааппакка эрэ сылдьар. Киһи баҕа санааларын таһыгар таһааран бил¬лэрбэккэ иһигэр тута сырыттаҕына ис санаата диэн ааттанал¬лар. Хас киһи ис санаата барыта кистэлэҥ, бэйэтэ этэн биэрбэ-тэҕинэ эбэтэр хайдах эрэ хамнанан эҥин биллэрбэтэҕинэ, атын дьон кыайан билэр кыахтара суох.
Хайдах эмэ хамсанан эҥин эбэтэр сирэйгэ биллэн хаалар ис санаа-лар киһи быстах санаалара, буор эбэтэр ийэ кутун санаалара буолаллар. Эккэ-сииҥҥэ сыһыаннаах баҕа санаалар киһи тас көрүҥэр аан маҥнай биллэллэр. Ол курдук чугасаһыан баҕарбыт дьону кинилэр харахтара уонна сирэйдэрэ хаһан баҕарар биллэрэ сылдьаллар.
Быстах баҕа санааларга холоотоххо салгын кут баҕата ыл да бил-либэт. Бу баҕа санаалар киһи мэйиитин сарыытыгар үөскүүллэр, этигэр-сиинигэр быһаччы сыһыаннара кыра. Салгын кут баҕа санаатын биллэрэр бэлиэлэринэн киһи саҥарара, суруйара уонна оҥороро буолар.
Ис баҕа санааны киһи таһыгар таһааран биллэрэрин биир бэлиэтэ - көрдөһүү буолар. Киһи туох эмэ көрдөһөрдөөх буолуута, ис баҕа са-наатын таһыгар таһааран биллэрэрин бэлиэтиир. Олус күүскэ, иэйэн-туойан көрдөһүү - баҕа санаа күүстээҕин бэлиэтиир көстүү буолара саарбаҕа суох.
Тугу эмэ көрдөөһүн аһара барбатын наадатыгар «Көрдөөбүтү ылыы» диэн баҕа санаа син туолбутун бэлиэтиир этии баар. Бу этии сахалыы быһаарыытынан кэһэйбити биллэрэр. Ханнык эмэ дьыалаҕа аһа¬ра барыы кэнниттэн кэлэр иэстэбил аата. Төһө эмэ сэрэтэн, тохтоо, аһара барыма диэн этиллибитин кэннэ аһара баран мэниктиир оҕону кыратык чыпчархайдаан биэрии бу этии табатын бэлиэтиир. Бэйэтэ билэ-билэ куһаҕаны оҥорор киһи хаһан баҕарар ылыахтаах иэһэ буолар, ол иһин көрдөөбүтү ылыы диэн ааттанар.
«Көрдөс киһи» диэн атын дьоҥҥо туох баарыгар олус ымсыырарын, баҕара саныырын биллэрэ сылдьар киһи аата. Кини ымсыырарын биллэрэн элбэхтик көрдүүрүн сөбүлүүр, элбэхтик көрдөөтөххө эмиэ туох эмэ туһа тахсарын билэр киһини итинник этэллэр. Грузиннарга олохсуйбут үгэс баара биллэр. Ким эмэ туоҕу эмэ ымсыыран хайҕаатаҕына эбэтэр көрдөөтөҕүнэ, ол ону киниэхэ бэлэхтээн биэрэн кэбиһиэххэ наада диэн бу үгэс этэр эбит. Киһи аһара баҕаран көрдөөбүтэ бу малга иҥэн хаалан мал майгынын алдьатар диэн этэллэр.
«Ким көрдүүр, ол булар» диэн этии баара, лаппа кыһанан көрдөөтөххө киһи туох баҕарбытын барытын булуон сөбүн бигэргэтэр. Бу этии олус күүстээх баҕа санаа хаһан баҕарар туолуон сөбүн бигэргэтэр.
Бу этиигэ сөп түбэһэринэн «Ытаабат оҕону эмсэхтээ¬бэттэр» диэн баара буолар. Ол аата бэйэҥ кыһанан көрдөөтөххүнэ, туох наадатын биллэрдэххинэ эрэ ким эмэ көмөлөһүө диэни өйдөтөр. Киһи киһиэхэ сыһыаныгар ити курдук өйдөбүллэр бааллара хантан баҕарар, кимтэн эмэ көрдөөбүт эрэ киһи баҕа санаата туолуон сөп диэн өйдөбүлү үөскэтэн кэбиспит.
Дьон өйүгэр-санаатыгар көрдөһүү өйдөбүлэ ити курдук уларыйыыта эстибит-быстыбыт, кыаҕа суох дьон хантан баҕарар көрдөһөр санаала-рын үөскэппит. Дьон бэйэлэрин үтүө, үчүгэй баҕа санааларыттан, таҥараларыттан көрдөһө үөрэммиттэр. Таҥараттан көрдөһүү диэн баҕа санаа туоларыгар бэйэ кыаҕа букатын тиийбэтин билинии буолар. Дьадаҥы, бэйэлэрэ кыаммат, түгэммэт дьон, олохторугар баҕа санааларын кыайан толорбокколор, таҥараҕа итэҕэллэрэ, көрдөһөллөрө элбиир. Бэйэлэрэ кыахтара суоҕун илэ билинэр буолуулара таҥараны итэҕэйэллэригэр тириэрдэр.
Дьон кыахтара суох өттүлэрэ атын кыахтаах дьонтон эмиэ көрдөһөллөр. Күүстээх куттаах-сүрдээх бэйэ аймах киһититтэн көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьарыгар көрдөһүү ордук тиийимтиэтин былыргы сахалар билэллэр этэ. Ойуун чугас, аймах-билэ дьонун ханна да сырыттахтарына көрөрүн-истэрин, харыстыырын билэр дьон кэпсииллэр. Санаалара түһэн, кыахтара кыччаабыт дьон санааларын көтөҕөн, эрэллэрин элбэтэн биэрэр кыах күүстээх куттаах-сүрдээх дьоҥҥо чахчы баар суол. «Санаата көтөҕүллүбүт» диэн этии киһи санаата күүһүрэн, көтөҕүлүннэҕинэ барыны-бары кыайар күүстэнэрин бэлиэтиир.
ХОМОЛТО
Билигин куорат ыалларын үгүстэрэ биирдии эбэтэр иккилии оҕолоохтор. Иллэҥ кэмнэрэ элбээн оҕолорун көрөллөрө-истэллэрэ, маныыллара элбэх буолла. Оҕолоро ханна да сы¬рыттаҕына куруук көрө-истэ сылдьаллар. Бу көрүү-истии эмиэ наадалаах суол эрээри үксүгэр аһара баран хаалара хомолтолоох. Аһара көрүү-истии кэтээһин, улаатан иһэр, бэйэтэ туспа өйдөөх-санаалаах буола улаатыахтаах, туспа ыал аҕата эбэтэр ийэтэ буолуохтаах эдэр киһиэхэ үгүс ыарахаттары оҥорор. Ол курдук оҕо төрөппүттэрин көрдөбүллэригэр сөп түбэһэ сатаан элбэхтик сымыйалыырга күһэлиннэҕинэ аны майгына куһаҕаҥҥа уларыйан хаалыан сөп.
Сорох ураты бэйэмсэх төрөппүттэр санааларыгар улаатан иһэр оҕолоро бэйэтэ туспа санаалаах, толкуйдаах буолара сатаммат. Кинилэр бэйэлэрэ эппиттэрин курдук оҕолоро оҥорботохторуна олус өһүргэнэллэр, букатын сиэрэ суох быһыыны оҥорбуттарын курдук саныыллар, улаханнык хоргуталлар, хомойоллор.
Оҕо улаатан бэйэтин толкуйдуур өйө, салгын кута сайдан истэҕинэ тугу барытын бэйэтэ билэн-көрөн оҥороро ордук туһалаах буолуо этэ. Оҕо өйө-санаата сайдан иһэрин бэлиэтинэн бэйэтэ тол¬куйдаан туспатык оҥороро элбээн иһэрэ буолар. Бэйэтэ кыайар өттүттэн саҕалаан араас дьыалалары оҥорон иһэргэ үөрэнэрэ өйө-санаата сайдарыгар ордук туһалыыр. Төрөппүттэр оҕолоро улаатан, сайдан иһэрин таба учуоттаан бэйэтэ баһылаан-көһүлээн оҥорор дьыалаларын салайан эрэ биэрэн иһэллэрэ ордук туһалыа этэ.
Билиҥҥи төрөппүттэр оҕолорун санаатын барытын билэр курдук тутталлар. Кинилэр оҕолоро эппиттэрин курдук оҥорботохторуна олус хомойоллор. Бэйэлэрэ билиилэрэ аҕыйах буолан ханнык баҕарар дьыаланы мин эрэ эппитим курдук оҥоруохха сөп диэн санааларын кыайан уларыппаттар. Ол аата кинилэр эппиттэриттэн атыннык оҥорууну сыыһаны, куһаҕаны оҥоруунан ааҕаллар.
Киһи киһиэхэ сыһыаныттан үөскээн тахсар хомолтону профессор Орлов үс тус-туспа салаалартан хомуллан үөскүүр диэн быһаарар:
1. Киһи бэйэтин санаатыгар анараа киһи тугу оҥоруохтааҕын сэрэйэн, оҥорон көрүүтэ.
2. Анараа киһи тугу оҥороро.
3. Анараа киһи оҥорор быһыыта мин сэрэйэн көрүүбэр сөп түбэспэтэ мин санаам туолбатын таһааран хомолтону үөскэтэр.
Ол аата, хомолто диэн атын киһи бу курдук оҥоруоҕа дии санаабытын оҥорбокко хааллаҕына эбэтэр атыннык оҥордоҕуна үөскээн тах-сар санаа эбит. (1,24). Атын киһи оҥорор быһыыта кини санаабытын курдук тахсыбатаҕына бу киһи санаата туолбакка, киниэхэ хомолто үөскүүр.
Атын киһи тугу оҥорор быһыытын эрдэттэн былааннаан көрөргө кини ол быһыыны хас да суол тус-туспа көрүҥнээхтик оҥоруон сөбүн куруук ахсааҥҥа ылыы ордук буолуо этэ. Атын киһи мин эрэ эппитим, толкуйдаабытым курдук хайаан да оҥоруохтаах диэн быһаарыы, хомолто олус ыарахан, дириҥ буоларын үөскэтэр. Мин эрэ эппитим курдук оҥоруу диэн, биир өттүттэн санаан, толкуйдаан көрдөххө, сыыһа буолан хаалыан эмиэ сөп курдук. Биир эрэ этиини ылыныы тугу эмэ оҥорорго атын, барыстаах суолу булан ылары эмиэ суох оҥорон ночооттоох суол диэки үтүрүйүөн, ол диэки баран хаалыан сөп.
Атын киһи быһыытын сыаналыырга, кини ол быһыыны оҥороругар хас да тус-туспа суоллардааҕын хаһан баҕарар аахсыы, киһи оҥорор быһыыларыттан улаханнык хомойботу үөскэтэр. Ол аата ким эрэ оҥорбут быһыытыттан олус санаата түспэтин таһаарар. Ханнык баҕарар быһыыны атын өттүттэн көрөн сыаналаан эмиэ оҥоруохха сөбүн хаһан да умнубатахха хомолто аҕыйыыр, кыччыыр.
Киһи оҥорор быһыытын аһара кытаанахтык, биирдик көрөн сыаналааһын киһи бэйэтэ үгүстүк хомойоругар тириэрдэр. Онтон куруук санаа түһүүтэ, хомойуу стрескэ тириэрдэрин бары билэбит. Манна стресс диэн наука өйдөбүлүн сахалыы кут-сүр үөрэҕин быһаарыыларыгар киллэрэрбит наада. Киһи биири олус элбэхтик хос-хос хатылаан санаатаҕына, үгэс буола кубулуйан ийэ кутугар ууруллар. Бу киһи хаһан эмэ кыыһыран дуу, хайаан дуу өйө баайыллан ыллаҕына, хомойбут санааларыгар быһаччы эппиэттэри биэртэлиэн сөбө эбэтэр өйө-санаата буккуллан ылыыта стресс диэн ааттанар.
Атын киһи оҥоруохтаах быһыытын таба сыаналыырга киһи бэ¬йэтэ, сахалыы эттэххэ «Киэҥ көҕүстээх» буолара наада. Кини өйө-санаата киэҥэ, дьон олоҕуттан элбэх, араас холобурдары билэрэ, атын киһи быһыытын таба соҕустук быһаарарыгар кыаҕы биэрэр. Ол аата, бэйэ эрэ билбитигэр хааттарбакка, бэйэтин өйүнэн-санаатынан эрэ муҥурдаммакка, элбэх дьону кытта алтыһан, билсиһэн, киһи киһиэхэ сыһыана кэҥээн биэрэригэр тиийдэҕинэ дьон оҥорор быһыыларын та-батык быһаарар кыахтанар.
Ийэлэр санааларыгар оҕолоро кинилэр эппиттэрин курдук оҥороллоро хайаан да наада. Кинилэр бэйэлэрин санааларыгар оҕолоругар куруук үчүгэйи эрэ оҥороллор. Ол иһин оҕолоро кинилэргэ сымыйалаан кэбистэхтэринэ букатын санаалара түһэн, хомойон хаалаллар. Бу хомолто ордук улаатан иһэр оҕо бэйэтэ эмиэ туспа толкуйдардааҕын аахсыбаттан ордук дириҥиир. Бу кэмҥэ ийэ бэйэтэ улаатан иһэр эрдэҕинээҕи кэмин өйдөөн кэлэн, таба сыаналаан оҕотун быһыытын быһаардаҕына, баҕар киһи оннук улаханнык хомойоро суох да буолуон сөп. Ол аата, оҕо оҥорор быһыытын төрөппүт урукку, бэйэтэ оҕо эрдэҕинээҕи быһыыларыттан ылан сыаналаатаҕына ордук таба буолуо этэ.
Төрөппүттэр оҕолоро тугу оҥорбутун сыаналыылларыгар бэйэлэрэ кыра эрдэхтэринэ тугу оҥорбуттарын таһы-быһа умнан кэбиһэллэр. Бэ-йэлэрэ сороҕор чараастык таҥна да сылдьыбыттарын букатын умнан оҕолорун аһара таҥыннара сатыыллар, бэргэһэтэ суох оскуолаҕа баран хааллаҕына, улахан айдаан буолар.
Киһи оҕотун урут бэйэтэ хайдах сылдьыбытын курдук сырытыннаран, үлэлээбитин курдук үлэлэтэн үөрэттэҕинэ бэйэтин курдук өйдөөх-санаалаах киһи оҥорор. Бэйэҕититтэн сымнаҕастык, маанылаан көрдөххүтүнэ, атаах киһини иитэн улаатыннараҕыт. Оҕоҕутун кытта өйгүт-санааҕыт тус-туспа барыыта итинтэн саҕаланар, иитиигит тус-туспа суолунан баран бэйэ-бэйэҕититтэн хомойо сылдьаргыт элбиир. Бииргэ үлэлиир-хамныыр, биир олохтоох дьон, көлүөнэлэриттэн улахан тутулуга суох биир санааланаллара үгүс буолар.
БОБУУ
Кырдьаҕас саха эмээхситтэрэ оҕону аһара бобон иитиини сөбүлээбэттэр. «Оҕо туппас буолар» диэн этэллэр. Бу этиини көннөрү санаатахха аныгы киһи өйүгэр төттөрү курдук өйдөнөр. Ол эрээри сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕин быһаарыытын ылыннахпытына барыта орун-оннугар син түһэр.
Оҕо күүскэ сайдан иһэр өйө-санаата күнтэн-күн саҥаны билэн-көрөн иһэргэ наадыйар, ону-маны ылан көрүөн, тутуон баҕата эбиллэр. Ону куруук бобон истэххэ оҕо ылан көрүөн баҕата онтон аҕыйаабат. Ол иһин киһи көрбөт кэмигэр түбэһиннэрэн ыларын ордорорга үөрэнэр. Маннык майгыта иҥэн хааллаҕына тугу барытын кистээн оҥорор киһиэхэ кубулуйан барар.
Кыра оҕону бобон: «Төрүт тыытыма» диэн үөрэттэххэ, киһи көрөр кэмигэр тыыппакка гынан баран, кыратык халбарыйан ыллахха, тыыппыта, ылбыта эрэ баар буолар. Тугу эмэ ылан көрүөн баҕарбытын «Сэрэнэн тут, алдьаныа»,- диэн үөрэтэн, көрдөрөн биэрэн истэххэ оҕо ордук сэрэнэн тутарга үөрэнэн иһэр. Оҕону маннык үөрэтиигэ кыра эмэ тулуурдаах буолуохха эрэ наада.
Оҕо сэрэхтээх, мааны тэрили сатаан тута-хаба үөрүйэҕэ суоҕа таайан, сыыһа туттан төлө түһэриэн, алдьатыан да сөп. Айылҕаттан билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта тардан барыны-бары тутан-хабан көрөн истэҕинэ эрэ табыллар. Ити баҕатын хааччахтаан кэбиһии, иһигэр ол бобуулары суох оҥорор баҕа санаалар иҥэн олохсуйалларыгар тириэрдэр.
Ханнык баҕарар дьыаланы аан маҥнай оҕоҕо бэйэтигэр оҥотторо үөрэтэн иһиэххэ. Тугу, хайдах оҥорору көрдөрөн, үөрэтэн биэриэххэ, онтон бэйэтэ оҥорбутун кэнниттэн, бу сыыһа, маннык оҥоруохха наада диэн көннөрөн биэрии хайаан да наада. Бу курдук оҥордоххо сыыһа буолар, маннык гыннахха биирдэ табыллар диэн хос-хос хатылаан көр-дөрүү кэнниттэн дьыала син табыллан барар.
Ити курдук тугу барытын оҕо бэйэтэ оҥоруута, сыыһа оҥорбутун көннөрүүтэ, өйө-санаата сөптөөхтүк, сайдан иһиитин үөскэтэр. Ол аата, бобууну-хаайыыны туоруур туһун толкуйдаабакка, оҥорор, тутар өттүн толкуйдуу үөрэнэр, өйө-санаата оҥорор, тутар диэки салалларын хааччыйар. Хайдах эрэ, төһө да ыарахан буолбутун иһин, аһара барбакка, сэрэнэн, киһилии туттарга үөрэтэн иһиэххэ. Сэрэн, аһара барыма диэн үөрэтии оҕоҕо ордук тиийимтиэ.
Оҕону тугу эмэ оҥоруоҕа диэн эрдэттэн бобон, хаайан үөрэтии үчүгэй, киһилии түмүктэри биэрбэтин ырытыахпыт. Аҥардастыы бобуу төһө даҕаны төрөппүккэ туһалааҕын иһин оҕо улаатан өйө-санаата сайдан истэҕинэ ураты баҕа санаа үөскүүрүгэр тириэрдэр. Ол баҕа санаата бу бобууну хайдах эрэ суох гыммыт киһи эбэтэр хайдах эмэ гынан тумнар ордугун ырытыыга ананар.
Ханнык баҕарар баҕа санаа куруук хатылана турар буоллаҕына, оҕо ийэ кутугар иҥэн ууруллар. Бэйэтэ улаатан иһэрин тэҥэ баҕа санаата эмиэ улаатан иһэр.
Ити курдук куруук бобуллар, хаайыллар оҕо өйүгэр-санаатыгар туспа, ураты баҕа санаа үөскээн олохсуйар. Ол баҕа санаа бу бобуулааҕы хайдах эмэ ылан көрбүт киһи диэн буолар эбэтэр улаатан истэҕинэ олус кытаанах бобуулаах табаҕы тардыахха уонна арыгыны иһиэххэ диэн өйгө-санааҕа кубулуйар. Кини ити баҕа санаата улаатан истэҕинэ хос-хос хатыланан ийэ кутугар иҥэн ууруллан иһэр. Ол түмүгэр бу киһи улааттаҕына арыгы иһиитин диэки, баҕа санаатын толоруу диэки салаллар кыахтанар.
Ийэ кутугар иҥэн ууруллубут баҕа санаа киһи итирэн ийэ кутун салайыытыгар киирэн хааллаҕына дьэ тахсан кэлэр. Бобууга, хааччах-тааһыҥҥа сылдьыбыт оҕо улаатан, арыгы иһэн итирэн хааллаҕына төрөппүттэрин кытта тапсыбата итинэн быһаарыллар.
Онон, оҕо тугу эмэ оҥорорун бобуу кини өйө-санаата ол бобууну утарсар, суох оҥорор баҕа санааны үөскэтэрин таһаарар. Ханнык баҕарар баҕа санаа олус элбэхтик хос-хос хатыланан оҕо ийэ кутугар иҥэн уурулуннаҕына, улааппытын кэннэ хаһан баҕарар толоруллар кыахтанар. Эдэр оҕо ити баҕа санаатын толороору элбэхтик арыгы иһэн арыгыһыт буолан хаалыан сөп.
Бобуу оҕо өйүгэр-санаатыгар киһилии санаа үөскүүрүн мэһэйдиир, суох оҥорор, өйүн-санаатын уларытан баҕа санаатын кистээн, кимиэхэ да эппэккэ оҥорор киһиэхэ кубулутар. Тугу эмэ оҥороору гыннаҕына соһуччу, уһуннук толкуйдуу турбакка эрэ, оҥоро охсорго үөрэнэр. Итинник быстахтык быһыыланара кыра эрдэҕинэ аһара бобон тугу да тыыппатыгар үөрэппиттэриттэн буолар.
Оҕо өйө-санаата, этэ-сиинэ түргэнник сайдан иһэр. Ол иһин киниэхэ ханнык да бобуу наадата суох, мэһэй эрэ буолар. Кини улаатан иһэн ити мэһэйи хайаан да туоруурга аналлаах күүстээх баҕа санааны үөскэти¬нэр. Хомойуох иһин, аһара бобууттан үөскээбит баҕа санаа үчүгэйгэ тириэрдэрэ аҕыйах быһыылаах.
Сорох төрөппүттэр бэйэлэрин холобурдарынан көрдөрөн, арыгыны бэрээдэктээхтик, бырааһынньыктарга эрэ иһэргэ үөрэппэккэ эрэ, оҕо-лорун аҥардастыы бобон: «Арыгыны отой иһимэ»,- диэн этэллэр. Маннык үөрэтэ сатааһын, биллэр дьон бары араас үчүгэй бырааһынньыктарга иһэ-аһыы сырыттахтарына, ханнык да туһаны аҕалбата биллэр. Төрөппүт этиитэ уонна бэйэтэ тугу оҥороро тус-туспа бардахтарына оҕо төрөппүтэ этэрин ылыммат буолар уратылааҕын умнубатахха үөрэтиигэ туһалыа этэ.
Онон, улаатан, өйө-санаата сайдан иһэр оҕону олус бобон үөрэтимиэххэ, өйүн-санаатын төттөрү барыы диэки салайымыахха. Кыра эрдэҕиттэн туох олоххо наадатыгар үөрэтэ, такайа сатыахха, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэргэ үөрэтиэххэ. Туох бобуулаах баарын улаатан иһэн бэйэтэ син-биир ситиһиэҕэ эрээри эрдэттэн билэ-көрө сылдьыбыта өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэр, ол иһин ордук туһалааҕын кут-сүр үөрэҕэ дакаастыыр.
Саха дьоно оҕолорун бобон үөрэтэри сөбүлээбэттэр. Оҕоҕо туох эмэ бобуулаах баара барыта, олус ымсыырар, наһаа ылан көрүөн баҕарар баҕа санаатыгар кубулуйан хааларын билэллэр. Оҕо ол баҕа санаатын то¬лорор туһугар өйүн-санаатын барытын салайан кэбиһэр. Ол аата, олус улахан баҕа санаа оҕо ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар ууруллар. Кини хаһан улааттаҕына, ол баҕа санаатын толорор туһугар тугун да кэрэйбэт киһиэхэ кубулуйуон эмиэ сөп.
Баҕа санаа - өр кэмҥэ киһи өйүгэр-санаатыгар иитиэхтэнэн өссө күүһүрэн, дириҥээн иһэр. Эдэр киһи олоҕун сыалыгар кубулуйан хаа-лар баҕа санаата туох эмэ олус баҕара саныыр бобуулааҕа буолара ханнык да саарбаҕа суох. Улаатан иһэн тугу эмэни кыайыы-хотуу эдэр киһи анала буолар. Бу кыайыыны-хотууну оҥороругар ханнык эрэ бобуулааҕы булуу, ону туһаныы ордук табыллар. Үүнэн иһэр эдэр киһи бобуулааҕы булууга ордук таһаарыылаахтык ылсыһар, кэлэр-барар, сүүрэр-көтөр. Кини эдэр эниэргийэтэ, күүһэ-уоҕа элбэҕэ баҕа санаатын ситиһэригэр кыах биэрэр.
Демократия сокуоннара сайдыбыт дойдуларыгар киһи ханнык да баҕа санаатын ситиһэригэр бобуу-хаайыы соччо суох. Ханнык баҕарар баҕа санааны ситиһэргэ харчы-баай эрэ баар буолуута наада. Төһө харчы¬лааххын даҕаны соччо баҕа санаалары ситиһэххэ сөп курдук. Баай дьон дьадаҥылартан биир уратыларынан ханнык баҕарар баҕа санааларын ситиһэр кыахтаахтара буолар. Үгүс баай дьон оҕолоро бары баҕаларын ситиһэн бараннар аны бобуулааҕы эрэ ситиһэллэрэ хаалар. Ону да кинилэр си¬тиһэллэр. Эдэрдэр наркотиктары элбэхтик эккирэтэн туһаныылара ити быһаарыыга олоҕурар.
Наркотик уратыларын, киһи өйүгэр-санаатыгар дьайар күүһүн аахсыбат буолуу, наркоманнар элбээн иһиилэригэр тириэрдэр. Ураты күүстээх синтетическэй ЛСД диэн наркотик биир эмэ дуозата киһини наркотиктан тутулуктаах буолуутугар тириэрдэр диэн этэллэр. Наркотик киһи өйүгэр дьайыыта быдан күүстээх буолан кыра да дозата киһи өйүн көтүтэр. Өйө көппүт киһи сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарарынан атын кээмэйдээх сиргэ сылдьар, түһүүр курдук ханна баҕарар тиийэр, талбытынан үөһээ-аллараа, онно-манна көтөр. Элбэхтэ итинник кэмҥэ киирэ сылдьыбыт киһи аны бэйэтэ оннук сылдьарга баҕарар. Ол иһин наркотиктары туһанара элбээн, наркоман буолан барыыга тиийэр.
Киһи өйүн-санаатын биир саамай мөлтөх сиринэн «Өйө көтөн» хаа-лыыта эбэтэр «Өйө баайыллан» ылыыта буолар. Киһи өйө мэйиитин дор¬гуйуутуттан, олус соһуйуутуттан, кыыһырыытыттан, арыгыны элбэхтик иһэн итириититтэн уонна наркотиктары туһаныытыттан көтөн хаалар кэмнэрдээх. Өй көтүүтэ элбээтэҕинэ киһи бэйэтэ аны онно үөрэнэн хаалар уратылаах. Улахан арыгыһыт киһи анаан-¬минээн итирээри, өйүн-көтүтээри арыгыны элбэхтик иһэр. Итирэригэр, өйө көтөрүгэр аҕыйах арыгыта тиийбэтэҕинэ онтон-мантан булан эбинэ, итирэ сатыыр.
Эдэр дьон олоххо туһалаах дьарыктара суох буолуута, иллэҥ кэмнэрэ элбээһинэ күүлэйинэн, арыгынан, наркотиктарынан дьарыктаналларыгар үтүрүйэр. Ол иһин аан маҥнай туох да туһалаах дьарыктара суох баай дьон оҕолоро арыгыһыт, наркоман буолуу диэки салаллаллар.
Билигин сайдыылаах дойдулар наркотиктары кытта аҥардастыы бобон эрэ охсуһуулара төттөрү түмүктэри биэрэн иһэр. Бобуу - эдэрдэри мэҥиэлээһин буолар. Кинилэр өйдөрүн-санааларын сыыһа өттүгэр салайыы оҥоруллар. Ханна туох бобуулаах баарын булан туһаныы эдэр дьон кыахтарын бэлиэтиир көстүүгэ кубулуйар. Ол иһин хайа да эдэр киһи доҕотторуттан харыс да хаалсан хаалбакка, үтүктэн боруобалаан иһэргэ тиийэр.
Арыгыны букатыннаахтык бобуу, суох оҥоруу кэнниттэн эдэрдэр ол-бу дьааттары сытырҕалыыллара уонна наркоман буолуулара олус элбээбитин улахан салайааччылар кытта булан бэлиэтээбиттэрэ.(2,101).
Өй-санаа туруга олус кытаанаҕа, дьиппиэрэ уонна киһи бэ¬йэтин олоҕор туһалаах дьыалалары оҥорорго дьулуурдааҕа эрэ наркоман буолууттан быыһыан сөп. Арыгы курдук буолбакка наркотик киһи өйүгэр-санаатыгар олус күүскэ дьайар. Аҕыйахта боруобалыы сылдьыбыт эдэр киһи, сотору бэйэтэ наркотиктары көрдүү барарга тиийэ охсор. Ол иһин наркоманнар куруук эбиллэн иһэллэр.
Наркотиктар атыыга тахсар сыаналара ыарааһына наркоманнары аҕайаппат. Ырыынакка дьон наадыйар табаардара суох буолан хаалыыта бу табаар сыаната олус үрдүүрүн таһаарар. Сайдыылаах дойдулар ырыынакка киирэн иһэр наркотиктары тутан ылан суох оҥоруулара наркотик сыанатын үрдэтэн кэбиһэр. Ыарыһах буолбут ылан туһанааччылар итинник быһыыттан ордук эрэйи көрсөллөр. Наркотик аҕыйах буолуута бу, ыарыһах дьон быраҕан кэбиһэллэрин кыайан таһаарбат.
Полиция тутан ырыынакка киирэн иһэр наркотиктары аҕыйатан иһэ-риттэн оҥорооччулар туох да буолбаттар. Кинилэр сыананы ыаратаннар бэйэлэрин ночоотторун сабынан иһэллэр. Ылларбыт дьон кыайан туттунан тохтооботторо сыана төһө баҕарар үрдээн иһэригэр тириэрдэр. Наркоман буолбут дьон туохтарын да кэрэйбэккэ атыылаһалларыгар эрэ тиийэллэр.
Наркотиктары кытта маннык бобон охсуһуу эргийэ турар көлүөһэни санатар. Хантан саҕаланар да эргийэн онно тиийэн кэлэн иһэр. Бобон, хаайан эдэрдэргэ көөчүктээн кинилэри мэҥиэҕэ киллэрии буолар. Бу курдук охсуһуу наркоманнар өссө эбиллэн иһиилэрин үөскэтэр.
Оҕо өйө-санаата тэҥнээхтэриттэн, доҕотторуттан хаалсыбат буолууга олоҕурар. Бу өйдөбүл олус күүстээх. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин үтүктүүлэрэ өйдөрө-санаалара сайдан иһиитин үөскэтэр. Бэ¬йэ-бэйэлэриттэн хаалсымаарылар ситиһиилэри оҥороллор. Оҕо үтүктэр, батыһар өйдөбүлэ олус сайдыбыт. Ол иһин үчүгэй киһини үтүгүннэҕинэ, үчүгэй, киһилии киһи буола улаатара быһаарыллар.
Оҕо үтүктэр өйдөбүлүн таба суолунан салайан биэрии төрөппүттэр-тэн ирдэнэр тутаах көрдөбүл буолар. Төрөппүт оҕотун батыһыннарар, үтүгүннэрэр күүһэ оҕотун бэйэтин курдук өйдөөх-санаалаах буолуутугар тириэрдэр күүс буолар.
Биһиги бу үлэбитигэр дьону-сэргэни наркотигынан куттуур санаа¬быт суох. Арай киһи туруктаах өйдөөх-санаалаах буолуохтаах диэн өйдөбүлү киллэриэхпитин баҕарабыт. Туруктаах өй-санаа оҕоҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар эрэ иҥэриллэр кыахтааҕын бу үлэбитигэр быһаа-ра сатаатыбыт. Оҕо ийэ кутугар үтүө, үчүгэй туһунан чиҥ, кытаанах өйдөбүллэр иҥэриллибит буоллахтарына эрэ, кини өйө-санаата ту-руктаах буолан, кэлин киирэр куһаҕан өйдөбүллэри арааран, билэр кыахтанар. Ол иһин оҕону олус боппокко, хаайбакка, киһилии олоҕу олоруу туһунан үчүгэй холобурдары үтүгүннэрэн үөрэтии туһалаах буолуон сөп.
КЭМСИНИИ уонна СУОБАС
Саха дьоно былыр-былыргыттан киһи өйүн-санаатын үөрэппиттэрэ кут-сүр үөрэҕэ буолан билигин да өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн сылдьар. Билигин кут-сүр үөрэҕэ сайдан иһиитэ киһи өйүн-санаатын туругун өссө дириҥник билиигэ тириэрдэр.
Кут-сүр үөрэҕэ ситэ сайда илигинэ кэмсинии уонна суобаһа суох буолуу туһунан дириҥник үөрэтии соччо кыаллыбат этэ. Үрдүттэн ылан «Ис санаа» диэн быһаарыынан бүтэргэ тиийиллэрэ. Билигин киһи өйө-санаата икки аҥы буолара чуолкайдаммытын кэнниттэн кэмсинэр санаа хантан кэлэн баар буоларын чуолкайдык быһаарыы кыаллар буолла.
Кэмсинэр санаа олус күүстээх. Киһи сыыһаны, куһаҕаны оҥорбутун билинэн көннөрүнүөн, аны итинник сыыһаны оҥорбот буолуон баҕата кэмсинэр санааттан эрэ киирэр. Киһи куттара хаһан баҕарар өйүгэр-санаатыгар дьайа сылдьалларынан олус өр кэмҥэ куһаҕаны оҥорбута өйүттэн-санаатыттан арахсыбакка, оҥорбут сыыһатын көннөрүнэригэр күһэйиэн сөп.
Сахалыы кэмсин диэн тыл тугу эмэ сыыһа гыммыккын, оҥорбуккун билинэн хомой, сэмэлэнэ санаа диэн өйдөбүллээх.(3,106). Бу тыл киһи өйө-санаата икки аҥы буолан оҥорор быһыылара бэйэ-бэйэлэрин санааларыгар, быһыыларыгар сөп түбэспэттэрин чуолкайдык быһаарар. Ол курдук киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар иҥэн сылдьар үчүгэй диэн өйдөбүлүгэр сөп түбэспэт быһыытын оҥордоҕуна кэмсинэр санаата киирэр. Киһи санааргыыр, санааҕа ылларар, хайдах гынан маннык сыыһаны оҥорбутун көннөрүнүөн эбэтэр бырастыы гыннарыан саныыр буолар. Кэмсинии эмиэ суобас курдук киһи оҥорбут быһыытын бэйэтэ урут билэр үөрэҕин, үгэһин эбэтэр быһыытын кытта тэҥнээн көрөн сыаналыырын быһаарар өйдөбүл буолар.
Оҕоҕо кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ үчүгэйи оҥоруу диэн хайдаҕын быһааран, өйдөтөн, өйүгэр-санаатыгар үгэс оҥорон, ийэ кутугар иҥэрэн кэбистэхтэринэ киниэхэ үйэтин тухары бу өйө-санаата иҥэн сылдьар диэн кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Бу быһаарыы сөптөөх буоларын кэмсинэр санаа үөскээн баар буолара туоһулуур.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн ханнык быһыылары оҥордоҕуна үчүгэй буола-рын, онтон тугу оҥордоҕуна куһаҕан диэн ааттанарын төрөппүттэрэ бэйэлэрин үтүгүннэрэн үөрэтэн иҥэрэн кэбиһэллэр. Оҕо итинтэн сал-гыы туох быһыыны оҥорорун барытын ити иҥмит, үгэс буолбут өйдөбүллэрин туһанан, олорго тэҥнээн көрөн тугу оҥорбутун үчүгэйин дуу эбэтэр куһаҕанын дуу арааран быһаарар. Ол аата, оҕо улаатан да баран тугу оҥорбутун барытын бэйэтин ийэ кутугар иҥэн үгэс буолбут үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэригэр тэҥнээн көрөн быһааран, сыаналыыр. Оҕо ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар үчүгэйи оҥоруу туһунан өйдөбүллэр элбэхтик иҥнэхтэринэ үчүгэй дьыалалары оҥороро элбиирэ ити курдук быһаарыллар.
Киһиэхэ кыра эрдэҕинэ үчүгэй диэн хайдаҕын быһааран, өйдөтөн, өйүгэр-санаатыгар иҥэриллибэтэҕинэ, кэлин онорор быһыыла¬рын ханнык да быһыыга тэҥнээн көрөн бэйэтэ быһаарар кыаҕа суох буолар. Итинник киһи «Үчүгэйи, куһаҕаны кыайан араарбат киһи», «Кэмсинэр санаата суох» эбэ¬тэр тугу оҥорорун, үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу, арааран билбэт киһи буола улаатар.
Киһи бэйэтэ куһаҕаны оҥорбутун биллэҕинэ, бу тоҕо куһаҕаны оҥордум дии саныыр, ол иһин санааргыыр, кэмсинэр. Кыаллар буоллаҕына итинник куһаҕан быһыыны хатылаан оҥорорун тохтотор санааны ылынар. Бу оҥорбут быһыыта кини урут оҥоро үөрэммит үчүгэй диэн быһыытыгар сөп түбэспэтиттэн итинник быһаарыыны ылынар кыахтанар. Сыыһаны оҥоруу кэнниттэн киһи санааргыыра, кэмсинэрэ, аны итинник сыыһаны оҥорортон тохтотор, туормастыыр майгы буолар. Сыыһаны оҥорбут киһи көннөрүнэр кыаҕын улаатыннарар.
Киһи ханнык баҕарар быһыыны оҥордоҕуна урукку оҥорбут маннык быһыытын туһунан өйдөбүлүгэр тэҥнээн көрөр. Ол аата, уруккуттан үгэс буолбут өйдөбүлэ кини ийэ кутугар иҥэн сылдьарыгар бу оҥорбут быһыытын тэҥнээн көрөр. Бу икки быһыылар сөп түбэспэттэрэ киниэхэ санаарҕабылы, кэмсиниини үөскэтэр.
Холобур, киһи кыыһырбытын омунугар билэр киһитин «Куһаҕаҥҥын» диэбит. Уруккуттан билэр, үчүгэй киһитин куһаҕаннык эппит. Ийэ ку¬та оннук этиигэ кыайан сөбүлэспэт. Ол иһин сыыһа эппититтэн олус санааҕа ылларар. Киһитэ тэйбититтэн улаханнык соҕотохсуйбут, киһитин кытта хайдах гынан тупсарын туһунан санааҕа түспүт. Ол иһин сотору эйэлэһэн эмиэ бииргэ сылдьар буолбуттар.
Сахалыы кэмсинии диэн тыл киһиттэн бэйэтиттэн хайдах да арахсан туспа сылдьара өйдөммөт. «Сыыһаны оҥорбутуттан кэмсинэр» диэн сахалар этэллэр. Кэмсинии хаһан да быраҕыллыбат, ол оннугар хата кэмсинии сороҕор букатын суох буолар. «Кэмсинэр санаата суох» диэн этэллэр. Ол аата, кэмсинэр санаа үөскүүрүгэр киһи өйүгэр-са¬наатыгар бу оҥорор быһыыта хайдаҕын, үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын туһунан эрдэттэн ууруллубут тэҥнээн көрүүгэ аналлаах соннук быһыы баар буолара наада. Бу ууруллубут быһыы өйдөбүлүгэр тэҥнээн көрөн киһиэхэ кэмсинэр санаата үөскүүр. Бу курдук оҥорбутум буоллар үчүгэй буолуо эбит диэн санаатыттан кэмсинии үөскүүр.
Бу быһаарыы «Оҕону үчүгэй быһыыга кыра эрдэҕинэ үөрэтиэххэ наада» диэн этиигэ сөп түбэһэр. Оҕоҕо итинник үчүгэй быһыы туһунан өйдөбүллэр иҥэрилиннэхтэринэ кини хаһан баҕарар, олоҕун устатын тухары, ханнык баҕарар быһыытын ол үчүгэй диэн өй¬дөбүллэргэ тэҥнээн көрөр кыахтанар, сыыһаны, куһаҕаны оҥороро аҕыйах буолар.
Киһилии киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы өйдөбүлэ сахаларга былыргыттан иҥэн сылдьар. Ол үөрэх сүрүн өйдөбүлэ «Оҕону атаахтык иитимэ» диэн олус кылгастык этиллэр. Төрөппүт оҕотун бэйэтэ хай¬дах иитиллибитин курдук ииттэҕинэ, үөрэттэҕинэ уонна үлэлэттэҕинэ бэйэтин курдук өйдөөх-санаалаах киһи оҥорор. Онтон бэйэтэ хайдах иитиллибитин курдук буолбакка сымнаҕастык, үчүгэйдик көрөн-истэн ииттэҕинэ, бэйэтинээҕэр сүрэҕэ суох, атын өйдөөх-санаалаах киһини улаатыннарар.
Киһи өйө-санаата икки аҥы буоларын быһаарар көстүүнэн суобас баара буолар. Саха дьонун өйдөбүллэригэр суобас бу курдук быһаа-рыллар. Киһи ис санаатыттан сиэри-майгыны кэспэккэ тутуһуута, үчүгэйи санааһына суобас диэн ааттанар. (3,161). Бу быһаарыыны өссө арыйдахпытына киһи үчүгэйи билиитэ-көрүүтэ, сиэр-майгы үөрэҕэ иҥмитэ суобас диэн буолар эбит. Ол аата, суобастаах буолууга ха¬йаан да киһи-киһиэхэ сыһыанын, дьон олохторун үөрэтии, билии-көрүү наада.
Бу быһаарыыны өссө чиҥэтэн биэрэр этиинэн саха дьоно киһилии майгылаах, сиэри-туому билинэр киһини суобастаах киһи диэн этэллэрэ буолар. Үөрэх-билии көмөтүнэн үөскээн тахсыбыт киһи киһиэхэ сыһыанын тутуһуу уонна олохсуйбут үтүө үгэстэри кэспэт буолуу суобастаах буолуу диэн ааттанар. Үчүгэй майгыга үөрэнэн истэҕинэ киһиэхэ суобаһа эбиллэн, элбээн биэрэн иһэр курдук. «Суобаһырар» диэн этии итини бэлиэтиир. Үчүгэй санаалаах, дьонтон ордук суобастаах курдук туттууну суобаһырар диэн эмиэ этэллэр.
Сайдыылаах киһиэхэ суобас баар буолара хайаан да наада. Суобастаах киһи куһаҕаны, сөбө суох быһыыны оҥорон кэбиһэн баран са-нааргыырын «Суобаһа ыалдьар» диэн ааттыыллар.
Биһиги бу үлэбитигэр суобас хайдах киһиэхэ үөскүүрүн уонна хан-нык балаһыанньаҕа суобас баара биллэрин быһаара сатыахпыт. Суобас диэн нуучча тылыттан киирбит тыл. Үөрэх-билии нууччалартан киирби-тин биллэрэн саха тылыгар киирэн иҥмит. Саха тылыгар баар кэмсинии диэн тыл суолтатын кэҥэтэн биэриигэ сөп түбэһэринэн суобас диэн тыл саха тылыгар оннун булуммут курдук.
Ол курдук «Суобастаах буол» диэн этии суобаһы булан ылыахха сөбүн бэлиэтиир. Ол аата, киһи үөрэҕи-билиини баһылаан, өйүн-са-наатын сайыннаран суобастаах буоларын быһаарар. Бу этии суобас киһиэхэ кэлин да киирэн баар буоларын утарбат.
«Суобаһын сиргэ-буорга тэпсибит» диэн киһилии майгына суох, сиэр-туом диэни билиммэт, харса-хабыра суох киһини этэллэр. Бу этии киһи урукку кэмҥэ баар буола сылдьыбыт суобаһын таах ылан бы¬раҕан кэбиһиэн сөбүн биллэрэр. Киһи олоҕун устата хаһан баҕарар сыыһаны-халтыны оҥорон кэбиһэр кыахтааҕын бу этии ордук арааран бэлиэтиир.
Бу этиини салгыы ырыттахпытына суобаһа суох киһи эмиэ баар буо-лара биллэн тахсар. Ол киһи өйүгэр-санаатыгар үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэр эрдэ иҥмэтэхтэринэ, бэйэтэ кэлин тугу оҥорбутун туохха эмэ тэҥнээн көрөр кыаҕа суох буолан, суобаһа суох буола улаатар. Ол аата, оҥорбут быһыытын атын туохха да, ханнык эрэ үчүгэй киһи быһыытыгар тэҥнээн көрөр кыаҕа суоҕа, үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорбутун арааран быһаарбатыгар тириэрдэр. Ол иһин суох суобаһа хаһан даҕаны ыалдьыбат, бэйэтэ оҥорбут куһаҕан быһыытыттан хаһан да санаарҕаабат, ханнык да быһыыны оҥорбутун барытын сөптөөҕү, үчүгэйи оҥорбутун курдук ылынар. Куһаҕан дуу эбэтэр үчүгэй дуу дьыаланы оҥордум диэн кыайан быһаарбат. Ханнык баҕарар дьыалалары оҥорор кыахтанар. Суобас суох буолан ыалдьыбат, санааҕа киирэн моһуоктаабат даҕаны. Итинник киһи олус куһаҕан, сиэрэ суох да быһыыны оҥорон баран, бу тугу оҥордум диэн хата санаарҕаабат, кэмсинэр санаа киирбэт киһитэ буолар.
Ол аата, суобаһа суох киһи диэн «Үчүгэйи, куһаҕаны кыайан араарбат киһи», тугу оҥордоҕуна үчүгэй, онтон тугу оҥордоҕуна куһаҕан диэн буоларын арааран билэргэ үөрэтиллибэтэх киһи буолан тахсара быһаарыллар.
Онон, биһиги быһаарыыбытынан суобас диэн киһиэхэ үөрэҕи-билии-ни баһылыаҕыттан ыла билэн-көрөн үөрэнэн иҥэринэн иһэр үчүгэй үгэстэрэ буолар эбиттэр. Ол аата, кини ийэ кута үчүгэй үгэстэргэ үөрэнэн суобастаах буола улаатар эбит. Киһи кэлин сыыһа туттан урут үөрэммит үчүгэй үгэстэригэр сөп түбэспэт быһыыны оҥордоҕуна кини үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит ийэ кута санааргыыр. Ол иһин киһи санааҕа түһэр. Бу санааҕа түһүү, сыыһаны оҥорбуппун диэн кэмсинии суобаһа ыалдьар диэн ааттанар.
Суобас уонна кэмсинии диэн тыллар киһи өйүн-санаатын олус ди-риҥник быһаараллар. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ бу тыллары хантан төрүөттэнэн үөскээн кэлбиттэрин быһаара сатыыр кыахтанна. Ол быһаарыы киһи өйө-санаата икки аҥы буоларыгар, ийэ кут уонна салгын кут диэннэргэ арахсыыларыгар олоҕурар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ тугу оҥорорун өйдөөн-дьүүллээн араарбат. Бары быһыыларын барытын төрөппүттэрин уонна улахан оҕолору үтүктэн оҥо¬рорго үөрэнэн иһэр. Кэлин улаатан салгын кута сайыннаҕына төрөп¬пүттэрин уонна учууталларын этиилэрин истэн үөрэнэр буолар. «Ийэм эппитэ», «Учуутал эппитэ»,- диэн ким эрэ этиитин умнубакка оҥорор буолар.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн өйө-санаата сайдан, күүһүрэн иһэр. Улаатан иһэн туох ханнык быһыыны оҥоруон иннинэ, тугу оҥорорун толкуйдаан, быһааран көрөр кыахтанар. «Бу быһыыны оҥордохпуна туох эмэ куһаҕан буолуо суоҕа дуо?» эбэтэр «Сыыһаны оҥоробун дуу, табабын дуу?» - диэн боппуруостарга эппиэттээн баран үгүс дьыала¬ларын оҥорорго үөрэнэр. Оҕо өйүгэр-санаатыгар маннык кэм кэлиитэ салгын кута сайдан барыытынан быһаарыллар. Салгын кут олус түргэнник сайдан иһэр. Оҕо өйүгэр-санаатыгар билии хантан баҕарар киирэр: кинигэттэн, киинэттэн, видиктэн, телевизортан, оскуолаттан, уулуссаттан, төрөппүттэриттэн, табаарыстарыттан, уонна да атыттартан. Ити курдук олус элбэх билиилэртэн талан ылан ханнык быһыыны оҥорорун оҕо бэйэтин өйүнэн-санаатынан талан ылан быһаарар. Ол аата, ханнык баҕарар быһыыны оҥороругар бу оҥоруохтаах быһыытын туһунан бэйэтин эрдэтээҕи билиитигэр, урут оҥоро үөрэммитигэр, үгэс буолбут өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар тэҥнээн, сыаналаан көрөр.
Үөрэҕи-билиини баһылаабыт киһи ханнык баҕарар быһыыларын үөрэх-билии, суут-сокуон этиилэригэр тэҥнээн көрөр. Ити быһаарыыга сөбүлэстэхпитинэ куһаҕан быһыылары оҥорбот наадаҕа суут-сокуон этиилэрин эрдэттэн биллэххэ эрэ туһалаах буолуон сөбө биллэр. Ол аата, кини саҥа оҥороору сорунан эрэр быһыытын суут¬-сокуон көрдөбүллэригэр тэҥнээн көрөр кыахтанар. Оҕолору төһө эрдэттэн, өйдөрө-санаалара саҥа сайдан истэҕинэ сууту-сокуону, куһаҕан быһыыны арааран билэргэ үөрэтэр туһалааҕын бу быһаарыы бигэргэтэр. Бэйэтигэр туох эмэ барыс киирэр кыахтаннаҕына сорох киһи сиэр-майгы көрдөбүллэрин тутуспат буолууну оҥоруон эмиэ сөп. Манна эмиэ тэҥнээн көрүү туттуллар. Ол аата, бу быһыытыттан барыс киириитин улахана суут-сокуон эппиэтин баһыйдаҕына, киһи куһаҕан быһыылары оҥоруон сөп.
Айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ, үлэҕэ-хамнаска, дьоҥҥо хайдах сыһыаннаһарыттан көрөн киһини «Суобастаах» эбэтэр «Суобаһа суох» диэннэргэ араараллар. Дьону маннык араартааһын кыра оҕо үчүгэй эбэтэр куһаҕан киһини билэн араарарын курдук эрээри быдан киэҥ уонна дириҥ өйдөбүллээх.
Үөрэх-билии сайдыбыт кэмигэр сууту-сокуону билэр, киһи киһиэхэ сыһыаннарыгар аһара барыылары таһаарбат, эйэҕэс, көмөлөһүөн баҕалаах киһи, быһата киһи киһиэхэ сыһыаннарыгар үөрэх-билии этэрин тутуһар киһи бэйэтин суобастаах киһибин диэн этиниэн сөп буолар. Суобас итинник өйдөбүлэ элбэх дьоҥҥо иҥэн сылдьар, ол дьон атын дьону сыаналыылларыгар эмиэ ити көрдөбүллэри¬нэн туһанан «Суобастаах» эбэтэр «Суобаһа суох» диэн быһаараллар.
Элбэх киһи өйө-санаата хайа диэки халбаҥныырыттан тутулуктанан суобас эмиэ уларыйан биэрэр. Дьон санааларыгар туохтан эмэ сылтанан уларыйыы киирдэҕинэ суобастаах буолуу көрдөбүллэрэ эмиэ уларыйаллар. Ол курдук дьон өйдөрүн-санааларын тосту уларыйыылара араас революциялар, перестройкалар кэннилэрит¬тэн тахсаллар. Россия олохтоохторо ааспыт үйэҕэ хас да итинник, өй-санаа тосту уларыйыыларын көрсүстүлэр. Ол иһин билигин даҕаны суобастаах буолуу эбэтэр суобаһа суох буолуу көрдөбүллэрэ оннула-рын ситэ була иликтэр. Соторутааҕыта куһаҕан өйдөбүллээх үспүкүлээн диэн тыл билигин олус үчүгэй коммерсант диэҥҥэ уларыйыыта бу атыы-эргиэн үлэтин-хамнаһын төрүтүн, бэйэҕэ барыс киириитэ элбиирин син-биир уларыппат.
Суобастаах эбэтэр суобаһа суох диэн сыанабылы киһи оҥорор быһыыларыттан көрөн, билэн атын дьон иҥэрэллэр. Ол аата, бу сыаналааһын дьон санаалара буолар. Онтон киһи бэйэтин суобастаахпын эбэтэр суобаһа суохпун диэн сананара өйө-санаата атын дьон быһаарыыларыгар сөп түбэһэрин быһаарар уонна ханнык өй-дөбүллэр иҥэн сылдьалларыттан эмиэ тутулуктаах.
Атын киһи оҥорор быһыыларын быһаарыыга киһи бэйэтин суобас туһунан өйдөбүллэринэн туһанар. Ол аата суобас туһунан өйдөбүл бөлөх дьоҥҥо биир суолталанарыгар тиийэр. Кинилэр бэйэлэрин суобас туһунан өйдөбүллэригэр атын киһи оҤорор быһыыларын тэҥнээн көрөр кыахтаахтара анараа киһи быһыыларыгар суобас баарын дуу, суоҕун дуу быһаарар.
Киһи бэйэтин суобастаахпын эбит диэн сананнаҕына, ол суобас бары көрдөбүллэрин билэр уонна саҥа оҥорор быһыытын ол би-лиитигэр тэҥнээн көрөр кыахтааҕа суобастааҕын биллэрэр.
Саха дьонугар үөрэх-билии, сурук нууччалартан киирэн суобас эмиэ кинилэртэн кэлбит курдук. Сахалыы кэмсинэр санааны туспа арааран, киһи өйүттэн-санаатыттан тэйитэн быһаарыыга суобас олус сөп түбэспит. Кэмсинэр санааны суобас диэҥҥэ уларытыы бэйэ үөрэм¬мэккэ эрэ, бу суобаһы хантан эрэ булан да ылыахха сөп курдук өйдөбүллээх буола уларыйбыт.
Биһиги сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэр киһи икки, тус-туспа өйдөөх-санаалаах диэн быһаарбыппыт. Киһи оҥорбут дьыалата ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэт, ол аата, кини урукку иҥэриммит үгэстэригэр сөп түбэспэт быһыылары оҥордоҕуна санааргыыр, кэмсинэр диэн буолар.
Суобас уонна кэмсинии диэн тыллар төһө да суолталара биир кур-дук буолбутун иһин киһи тус-туспа өйдөрүгэр-санааларыгар сыһыан-наахтар. Кут-сүр үөрэх көмөтүнэн сахалыы быһаарыыга бу икки тыл уратылара биллэн тахсаллар. Ол курдук урут баар суобас киһиттэн быраҕыллан, суох буолан хаалар эбит буоллаҕына, кэмсинэр санаа киһиттэн хаһан да быраҕыллыбат, туспа арахсыбат, куруук бииргэ сылдьар.
Kиһи сыыһа туттан быстах баҕа санааларын толороору оҥорон кэбиспит куһаҕан быһыыларын салгын кутун өйүгэр-санаатыгар, үөрэх-билии этиитигэр тэҥнээн көрөн сыаналыыр быһыыта, онтон санаарҕааһына суобаһа ыалдьар диэн буолар.
Онтон кэмсинии диэн киһи салгын кутунан салалла сылдьан оҥорбут быһыыта ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэт буолуута ааттанар. Ийэ куту кытта сибээстэһэр буолан кэмсинии хаһан да киһиттэн арахсыбат, куруук бииргэ сылдьар. Сахалыы өйдөбүлүнэн кэмсинии диэн өссө күүскэ санаарҕааһын, санааҕа ылларыы, сыыһаны оҥорбуту билинии өйдөбүлэ киириитэ ааттанар.
Сахалыы быһаарыыга бу өйдөбүл ордук чуолкайданан тахсар. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар «Үчүгэй» диэн хайдах буолуох-тааҕын туһунан чиҥ өйдөбүл иҥэрилиннэҕинэ, кини улаатан иһэн туох оҥорор быһыыларын барыларын урукку ийэ кутугар иҥэн сылдьар өйдөбүллэригэр тэҥнээн көрөн быһаарар. Бу тэҥнээн көрүүтүгэр саҥа оҥорбут быһыыта, урукку ийэ кутун өйдөбүлүгэр кыайан сөп түбэспэтэҕинэ киһи санааргыыр, кэмсинэр.
Онтон оҕо ийэ кутугар «Үчүгэй» диэн хайдах буоларын туһунан олохсуйбут, үгэс буолбут өйдөбүл суох буоллаҕына, бу киһи ханнык да оҥорор быһыытын кыайан тэҥнээн көрөр кыаҕа суоҕуттан ханнык да санааҕа ылларбат, кэмсиммэт даҕаны. Хата төттөрү баран, үчүгэйи дьэ оҥордоҕум буолуо диэн саныаҕын эмиэ сөп. Kыра эрдэхтэринэ, ийэ куттара сайдар кэмигэр киһилии майгыга үөрэтиллибэтэх, үчүгэйи да, куһаҕаны да араарбат дьон ити курдук үөскүүллэр.
Ол аата, оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэ¬ри билэн, ийэ кутугар иҥэриннэҕинэ, үйэтин тухары оҥорор быһыыларын ол билиитигэр тэҥнээн көрөн быһаарар. Кэлин кини оҥорор быһыыларын барыларын ол уурулла сылдьар өйдөбүллэ¬ригэр тэҥнээн көрөн үчүгэйи дуу эбэтэр куһаҕаны дуу оҥорбутун бэйэтэ араара үөрэнэр. Куһаҕаны оҥордоҕуна ийэ кутун өйө-санаата ол сыыһа оҥорбутуттан кэмсинэр, санааргыыр. Киһи оччоҕуна ол сыыһаны оҥорбутун көннөрөр кыахтанар.
Саха дьонугар кэлин нууччалартан киирбит өйдөбүлүнэн үөрэх-би-лии этиилэригэр сөп түбэспэт, атын, куһаҕан быһыылары киһи оҥордоҕуна «Суобаһа суох» киһи буолар. Оҕо үөрэҕи-билиини атын киһи этиититтэн, кинигэни ааҕан онтон өйдөөн ылынар буолуута салгын кута сайдыытыттан эрэ саҕаланар. Үөрэх-билии өйдөбүллэрэ оҕо өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан иҥнэхтэринэ суобастаах буолуу өйдөбүлэ үөскүүр. Киһи сыыһа туттан суобастаах буолуу өйдөбүлүгэр сөп түбэспэт быһыыны оҥордоҕуна «Суобаһа ыалдьар» диэн этэллэр. Кини суобаһа ыарыйдаҕына, санаарҕаатаҕына, сыыһаны оҥорбутун билинэн көннөрүнэр кыаҕа улаатар.
Биһиги маннык быһаарыылары киллэриибит оҕону кыра эрдэҕинэ үөрэтиигэ сахаларга уонна нууччаларга араастаһыы баарын быһааран таһаарар. Ол курдук саха дьоно оҕолорун ийэ кутун аан маҥнай сайыннарарга кыһаналлар, кыра эрдэхтэринэ бэрээдэккэ, киһилии майгыга үөрэтэллэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өйдөөбөт кэми¬гэр кытаанахтык, чиҥник бэрээдэккэ үөрэтэннэр ийэ кутугар үчүгэй, чиҥ өйдөбүллэри иҥэрэллэр, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн, хаһан да аһара барбатыгар үөрэтэллэр.
Нууччалыыттан кэлин киирэн иһэр үөрэххэ оҕону кыра, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ иитии уонна үөрэтии туһунан үөрэх суох. Оҕо улаатан оскуолаҕа киирэн истэҕинэ үөрэтии, салгын кутун сайынна¬рыы эрэ ыытыллар. Кэлин кэмҥэ оҕолор кыра эрдэхтэринэ куруук оонньуу, атаахтыы иитиллэннэр ийэ куттарыгар чиҥ, үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар тустарынан ханнык да өйдөбүллэрэ суох улаатар буоллулар.
«Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэт» дьон элбээн хааланнар бэрээдэги, сокуону тутуспаттар үксээтилэр. Ханнык да ыар, куһаҕан, сиэргэ баппат быһыылары оҥорон бараннар кыратык да санаарҕаабат, кэмсиммэт, суо¬бастара суох буолан ханан да ыалдьыбат эдэр дьон элбээтилэр.
Сахалыы тыллаах хаһыаттарга дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын барыларын кэпсээбэттэрэ, суруйбаттара эдэрдэр билиилэрэ кэлтэйдии барыытыгар тириэрдэр. Кинилэр куһаҕан быһыылары билэн туспа араарбаттарыттан аны ол куһаҕан быһыылары бэйэлэрэ оҥороллоро элбиир.
Эдэрдэр куһаҕан быһыылары оҥоруулара элбээһинэ оҕону кыра эрдэҕинэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэргэ үөрэппэттэн, ийэ кутугар үгэс оҥорон чиҥ өйдөбүллэри иҥэрбэттэн үөскээн тахсар быһыылар буолаллар. Ол иһин былыргылар оҕону иитиигэ аналлаах этиилэрин: «Оҕону ороҥҥо туора сытар эрдэҕинэ үчүгэй быһыыга үөрэтэллэр» диэни саҥалыы ылынаммыт эдэр көлүөнэлэри иитиигэ уонна үөрэтиигэ туһаннахпытына табыллабыт.
ХАЛЛААН КИҺИТЭ
Киһи өйүн-санаатын, майгынын үчүгэйин бэлиэтиир «Киһи киһитэ», «Киһи быһыылаах» диэн этиилэри тэҥэ дьон өйдөрө-санаалара тэҥэ суоҕун сахалар бэлиэтиир этиилэринэн «Халлаан киһитэ» диэн этии баара буолар. Сахаларга халлаан - үөһээ диэки баар уонна кураанах диэн өйдөбүллээх. Сорох кэпсээннэргэ, олоҥхолорго халлаан Үөһээ дойдуну кытта силбэһэн да хаалар кэмнэрдээх. Киһи түүлүгэр олус үөһээ, кый бырах көттөҕүнэ хаһан да туолбат ыра санаатын дойдуту¬гар тиийэр. Сиргэ, Орто дойдуга хаһан да буолбат үчүгэйи, бэйэтэ оҥорон көрөр ыра санаатын барытын көрүөн сөп. Олус былыргы таҥара диэн өйдөбүл халлаан диэнтэн үөскээбит диэн тыл үөрэхтээхтэрэ быһааран тураллар.
Биһиги дьоҥҥо өй-санаа Үөһээ дойдуттан киирбит уонна билигин да киирэ турар диэн быһаарыыга сөбүлэһэбит. Ол эрээри, өй-санаа дьоҥҥо Халлаантан киирэн быһаччы бэриллэрин утаран тураммыт букатын атын быһаарыыттан тирэх ылабыт. Ол быһаарыыбыт Үөһээ дойдуттан кэлэр өй-санаа дьоҥҥо түүл буолан киирэр уонна түүл дьоҥҥо өй уган биэрэр диэн өйдөбүлгэ олоҕурар.
Сахалар «Халлаан киһитэ» диэн киһи өйө-санаата сирдээҕи олохтон тэйэн, атын, ыра санаа, Үөһээ дойду өйдөбүллэринэн туһанар кэмҥэ киирдэҕинэ этэллэр. Ол аата, «Халлаан киһитэ» буолууга хаһан да туол¬бат ыра санаалар аһара элбэхтэрэ, сирдээҕи дьон хаһан да кыайан толорбот баҕа санаалара мунньустуулара тириэрдэр.
Сиргэ-дойдуга аҥардастыы үчүгэйи эрэ оҥорорго аналлаах киһи төрөөбүтэ биллибэт. Оҕо үчүгэйи оҥорорго кыра эрдэҕиттэн үөрэннэҕинэ эрэ ону табатык оҥорор кыахтанар. Үчүгэйи оҥорор баҕаттан аһара баран куһаҕаҥҥа тиийэн хаалара олоххо элбэхтик көрсүллэр быһыы буолар. Үчүгэйи оҥоруу диэни бил¬бэккэ, сатаабакка киһи сыыһаны-халтыны оҥорон кэбиһиэн сөп. Олус үчүгэй, куруук үчүгэйи эрэ оҥорор киһи дьон-аймах ыра санааларын киһитэ. Ыра санаа Сиргэ кыайан туолбат буолан халлааҥҥа, ырай дойдутугар эрэ туолар аналлаах. Ол иһин Ырай дойдута халлааҥҥа олоҕурбут.
Онон, киһи өйө-санаата сирдээҕи өйдөбүллэргэ сөп түбэспэт, ырайга, хаһан да туолбат баҕа санаа дойдутугар сылдьара «Халлаан киһитэ» буолууга тириэрдэр.
Сымыйыаччы киһини эмиэ «Халлааны эрдэн киирэн барда» диэн этэллэрэ, халлаан кырдьык да кураанаҕын биллэрэр. Халлааны кытта сымы¬йалааһын быһаччы эмиэ сибээстээх. Ол сибээс «Халлаан кэпсээннээх» киһи ууну таһыйар сымыйыаччы халлааҥҥа маарынныырынан быһаарыллар. Быстах ардах кэнниттэн кылбаччы көрөн кэлэр күннээх халлааны «Ардаабытын билиммэт» диэн этэллэр. Ол аата, бу киһи сымыйалаабытын бэйэтэ да билбэтин, хаһан да сымыйалаабатах курдук туттарын биллэрэр.
Yөрэх эмиэ араастаах. Киһи олоҕун таһыма төһө сайдыбытыттан тутулуктанан үөрэҕи-билиини олоҕор туһанар кыахтанар. Олоххо тугу да туһалаабат үөрэххэ үөрэниини сахалар «Халлаан үөрэҕэ» диэн этэллэр.
Олоххо тугу да билбэт-көрбөт, хантан эрэ атын сиртэн кэлбит курдук быһаарыыта суох киһини «Халлаантан түспүт» курдук диэн тэҥнээн көрүүнү тутталлар. Бу киһи халлаан курдук кураанах дойдуттан кэлбит буолан тугу да билбэтэ быһаарыллан тахсар. Сахалар халлаан туһунан этиилэрэ барылара халлаан кураанаҕын билинэллэр. Онно кырдьык туох да суох.
БЭЙЭҔЭ ТИИЙИНИИ
Сахалар бэйэлэригэр тиийинэн өлөр дьону мөлтөх майгылаах, олох иһин охсуһууга кыаттарбыт, барар-кэлэр сирдэрэ бүөлэммит, ыарахан кэмҥэ кыайан сөптөөх быһаарыыны ылыммат буола буорайбыт дьонунан ааҕаллара. Бэйэҕэ тиийиниини киһи бэйэтин олоҕор оҥорор саамай ыар буруйунан билинэллэрэ. Бу дьон кэлэр көлүөнэлэрин туһугар ханнык да ыллыктаах санаалара суох дьон диэн этэллэрэ, ол барыта бэйэҕэ тиийинии кэлэр көлүөнэ дьон өйүгэр-санаатыгар олус куһаҕаннык дьайарыгар олоҕурар. Бэйэтигэр тиийинэн өлбүт киһи өйө-санаата куһаҕан, өлөр санаанан туолан, бу киһи кута ыараан, Үөһээ дойдуга кыайан көппөт буо¬лан, үөр буолар дьылҕаланара биллэр. Үөр буолбут киһи кута бэйэтин аймахтарыгар, чугас дьонугар илэ да эбэтэр түүллэригэр киирэн элбэхтик куһаҕан көрүҥүнэн көстөн, дьонун санааларын элбэхтэ түһэрэн, олохторун буортулуон сөп дииллэр. Бу быһаарыы түүлү көрүүнэн эмиэ дакаастанар. Ол курдук түүлгэ куһаҕан көрүҥнээх киһи көстүүтэ туох эрэ куһаҕан, сөбүлээбэт быһыы кэлэн иһэрин бэлиэтиир көстүү буолар.
Сахалар олохторун үөрэҕэр «Олох иһин охсуһуу» диэн өйдөбүл баар. Бэйэҕэ тиийинии, эдэр эрдэххэ өлүү киһи бэйэтэ олох ыараханын тулуйбакка олохтон туораан биэриитэ, олох ыарахаттарыгар бэриниитэ буолар. Бэриммит киһи олох иһин охсуһарын тохтотор. Элбэх кэпсээннэргэ киһи бэйэтин тулуурунан, дьулуурунан өлүүнү эмиэ кыайбыта кэпсэнэр. Киһи бэйэтин баҕа өттүнэн дьарыктанан, тулуурун сайыннаран, этин-сиинин эрчийэн олоҕун уһунун төһө баҕарар уһатыан сөбүн үөрэхтээхтэр дакаастаабыттара ыраатта.
Оҕону аһара көрөн-истэн, маанылаан, атаахтатан иитии өйө-санаата тиэрэ баран, олох ыарахаттарын тулуйбат буолуутун үөскэтэр. Маннык иитиилээх оҕолор туохтара-эмэлэрэ тиийбэтэҕинэ өлөллөрүнэн куттаан эбэтэр «Тоҕо төрөппүккүнүй?»- диэн ыган бардахтарына барыта бэлэмҥэ үөрэппит төрөппүттэр чахчы ыксыыллар. Атаах оҕолор саҥа соппуоска ылбатыгыт диэн куттаан балконтан ыстанан кэбиһэр түбэлтэлэрэ эмиэ бааллар. Оҕону атаах гына иитии кини олоҕун сыаналаабат, атын ким эрэ, төрөппүттэрин туһугар олорор курдук сананыытын үөскэтэр. Ол иһин бэйэлэригэр тиийиниилэригэр тириэрдэр.
Арыгыһыт буолуу олох ыараханын тулуйбат буолуу биир көрүҥэр киирсэр. Арыыйда мөлтөх, киһиргэс майгылаах, тулуура соччо тиийбэт, сымнаҕас, чэпчэки олоххо үөрэммит оҕолор арыгыга түргэнник ыллараллар.
Өйү-санааны наркотигынан буккуйуу бу бэйэҕэ тиийиниигэ тэҥнэнэр быһыы буолар. Өй-санаа тулуура тиийбэтэҕинэ быстах, көтө сыл¬дьар чэпчэки өйгө-санааҕа баһыттаран, наркоман буолууга ылларар.
Өйү-санааны Үөһээ дойдунан буккуйуу, онно үчүгэй диэн үөрэтии, дьону бэйэлэригэр тиийиниилэригэр, олох ыарахаттарыгар бэриниилэригэр ыҥырар быһыы буолар. Өй-санаа киһи өллөҕүнэ арахсан, туспа баран Үөһээ дойдуга барыыта, көҥүл көтөн хаалыыта чахчы. Ол гынан баран киһи өйө-санаата ол дойдуга бэйэтинэн сылдьыбат. Урукку үлэлэрбитигэр быһаарбыппыт курдук кут диэн тус-туспа үгэс буолбут өйдөр-санаалар холбоспуттара буолар. Киһи өлбүтүн кэнниттэн 40 хонугунан куттара барылара үрэллэн, тус-тус¬па арахсан, ыһыллаллар. Yөһээ дойдуга өй-санаа толору бэйэтинэн сылдьыбатын бэлиэтинэн түүлгэ көстөр дьон өй¬дөрө-санаалара аҥардас көстүүлэринэн уонна быстах-быстах бэлиэлэ¬ринэн эрэ биллэллэр.
Атын дьон өйдөрүгэр-санааларыгар маарыннаабат өй-санаа туста бөлөх, кут буолан бэйэтинэн уларыйбакка өр кэмҥэ сылдьыан сөп. Ма-ны олус былыргы дьон түүлгэ көстүүлэрэ бигэргэтэр. Онтон атын дьон өйдөрүгэр-санааларыгар маарынныыр, биир тэҥ өрүттэр атын өйдөргө-санааларга холбоон, симэлийэн сүтэн хаалаллар. Ол иһин киһи өллөҕүнэ өйө-санаата үөр буолан ыһыллаллар диэн сахалар этэллэр. Yөр буолуу диэн бытарыйыы, ыһыллыы аата.
Бэйэҕэ тиийинии диэн киһи этин-сиинин өлөрүнүүтэ буолар. Быстах санааҕа баһыттарыы бэйэҕэ тиийиниигэ тириэрдэр. Өй-санаа туруга суох буолан олох ыарахаттарын тулуйбат, быстах санааҕа киирэн биэрэр. Быстах санааҕа баһыттарыы өйө-санаата кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр куттала бэйэҕэ тиийинэр дьону тохтотуон сөп. Быстах санааҕа баһыттарыы киһи быһыытыгар сөп түбэспэт.
Сахалар бэйэлэригэр тиийинэн өлбүт киһини ахтыбакка, кистээн дьон сылдьыбат сирдэригэр хоруобугар умсары уган көмөллөрө. Ол барыта куһаҕан санаалаах өлбүт киһи быһыытын хаалар дьон умналларын, аны хатылаабаттарын туһугар оҥоруллар быһыы буолар. Олус куһаҕан быһыыны оҥорбут киһи аата умнуллуохтаах. Аат умнулларын тэҥэ оҥорбут куһаҕан быһыыта эмиэ умнуллар.
СЫЫҺАНЫ, КУҺАҔАН БЫҺЫЫНЫ ОҤОРБУТУ КӨННӨРҮҮ
Киһи бэйэтин уһун үйэтигэр үчүгэйи оҥороро төһө да элбэҕин иһин сыыһаны, куһаҕаны да оҥороро баар суол. Дьон олоҕун сиэригэр сөп түбэспэт быһыылары оҥорууну сыыһаны, куһаҕаны оҥоруулар диэн ааттыыллар.
Сыыһаны тоҕо оҥоруохха сөбүй? Урукку кэмҥэ саха дьоно оҕону кы-ра эрдэҕиттэн куһаҕан быһыылары билэн оҥорбот буоларга, үчүгэй быһыылары эрэ оҥорорго үөрэттэххэ табылларын этэллэр этэ. Кинилэр киһи айыллыаҕыттан үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолбатаҕын чопчу билэллэр эбит. «Куһаҕаны оҥорума, үчүгэйи оҥор», - диэн арааран үөрэтэллэрэ итини дакаастыыр. Кэнники кэмҥэ киһи барыта тэҥ, үчүгэй эрэ буолар диэн «коммунизм» быһаччы үөрэҕин киллэрэннэр бэйэлэрэ «үчүгэй» оҕолору куһаҕан быһыылары оҥорбот буолууга үөрэтии суох буолбута билигин эдэрдэр элбэх буруйу оҥороллорун үөскэттэ.
Билигин элбэх куһаҕан быһыылары эдэрдэр оҥороллор диэн бары этэллэр. Эдэрдэр оҥорор куһаҕан быһыыларын маннык көрүҥнэргэ араартыахха сөп:
1. Билбэт буолууттан оҥоруллар быһыылар. Бу оҥорор быһыылара дьон олоҕун сиэригэр, үгэстэригэр сөп түбэспэттэрин эдэрдэр билбэттэриттэн оҥорон кэбиһэллэр.
2. Алҕаска, сыыһа туттан оҥоруу. Сыыһа туттуулар үксүгэр эмиэ билбэттэн, оҥоро үөрэммэтэхтэн тахсаллар эрээри үчүгэйи оҥороору мүччү туттуулар үгүстүк тахсаллар.
3. Соруйан, билэ-билэ куһаҕан буоллун диэн оҥоруу. Өйдөөн-санаан туран эрдэттэн бэлэмнэнэн, өр оҥостунан баран оҥоруллар быһыылары ити курдук ааттыыллар.
Кэнники кэмҥэ улааппыт эдэрдэр үксүгэр билбэт буолан сыыһаны, куһаҕаны оҥороллор. Бэйэлэрэ нууччалыы ситэ билбэт төрөппүттэр оҕолорун нууччалыы эрэ аҕыйах тылы саҥарарга үөрэтэн бараннар кыайан оҕолоро үөрэнэр, өйдөрүгэр түһэр гына кэпсэппэттэр, барыны-бары дириҥник быһааран биэрбэттэр. Хайа да быһыыны хос-хос хатылаан үгэс буолан иҥэр гына үөрэппэттэр. Оҕолоро бэйэтэ бэйэтигэр буккулла сылдьар, атын дьон этиилэригэр, сабыдыалларыгар киирэн биэрэрэ элбэх буолар.
Сахалар оҕону бэрт кыраҕа да үөрэтэргэ «Сүүстэ этиэххэ наада» диэн этэл¬лэр. Ол аата, оҕону кытта олус элбэхтэ кэпсэттэххэ, ыйыталастахха, көрдөрөн биэрдэххэ, быһаардахха туох эмэ үөрэх өйүгэр киирэн иҥэрин уонна ону хайдах ситиһиллэри былыргылар билэр эбиттэрин ити этии дакаастыыр. Ханнык баҕарар быһыыны хос-хос хатылаан үгэс буолан оҕо ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар иҥэр гына үөрэттэххэ дьэ биирдэ чиҥ үөрэтии буолар.
Төрөппүттэр оҕолорун датсад уонна оскуола үөрэтиэ дии санааннар кэлин кэмҥэ кыра эрдэхтэринэ букатын үөрэппэт буоллулар. Кыра эрдэҕинэ: «Бар оонньоо, мэһэйдээмэ»,- диэн туспа хоско үүрэллэр. Улаатан истэҕинэ детсадка ыыталлар, онтон оскуолаҕа барар. Сахалыы үгэстэри, сиэрдэри-туомнары билэн толорууга үөрэтиллибит оҕолор куоракка олох аҕыйахтар, тыа да сирдэригэр аҕыйаан эрэллэр. Ханнык быһыылары оҥордоҕуна сыыһа, дьоҥҥо куһаҕан буоларын арааран билбэт эдэр дьон улаатан элбээн иһэллэр.
Сыыһаны, куһаҕаны арааран билбэт буолуутуттан эдэр киһиэхэ сыыһаны, куһаҕаны оҥоробун диэн кэмсинэр санаа үөскээбэт. Куорат дьоно атын оҕолор куһаҕаны оҥороллорун көрдөхтөрүнэ да кыһамматтар. Арай маннык быһыылар дэриэбинэҕэ быдан атыннык быһаарыллаллар. Онно атын дьон этэллэрин сыаналыыллар. Дьон тыла, санаалара хонноҕуна туох да үчүгэй буолбатын билигин да билэллэр. Оҕо сыыһаны оҥорбутун дьон тылыттан эмиэ истэн-билэн көннөрүнүөн сөп.
Кыра оҕону куһаҕан быһыылары оҥорботугар аан бастакынан үөрэтии, улааппы¬тын кэннэ хос көннөрөн үөрэтэрдээҕэр быдан судургу. Оҕо аан маҥнайгы билиитин олус кытаанахтык ылынарын биһиги бары үлэлэрбитигэр быһаара сатыыбыт. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕиттэн куһаҕан быһыылары оҥорботугар үөрэтии хайаан да наадалааҕын быһаарабыт.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүтүн көрөн улаатар. Төрөппүт куһаҕан диир быһыыларын оҕото оҥороору гыннаҕына эбэтэр оҥорорун кытта сөбүлээбэтин биллэрэрэ наада. Баҕар кытаанахтык көрүөҕэ, мөҕүөн да сөп. Тохтотон атыҥҥа аралдьытан кэбиһии ордук тиийимтиэ диэн этэллэрэ кыра оҕону үөрэтэргэ ордук табыллар.
Кыра оҕо сотору аралдьыйан тугу оҥорбутун умнан иһэрэ, үчүгэйи оҥороругар эбэтэр куһаҕаны оҥорботугар үөрэтэр кэм кыра, бэйэтэ өйдөөбөт, умнан кэбиһэр кэмигэр эрэ буолуохтааҕын быһаарар. Субу кэмҥэ үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥорон ийэ кукка иҥэриллэн хаалыахтаахтарын өйдөтөр. Оҕо кыра эрдэҕинэ аан маҥнай иҥэриммит үөрэҕэ кини өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар олохсуйан, иҥэн иһэр. Ити иһин сахалар: «Үлэһит дьон оҕолоро үлэһит буолаллар»,- диэн этиилэрэ аан маҥнайгы үөрэ¬тии киһи олоҕун оҥкулун быһаарарын чуолкайдыыр.
Оҕо кыра умнан иһэр кэмигэр куһаҕан быһыыны оҥордоҕуна даҕаны элбэхтэ хатылаан оҥоро илигинэ өйүгэр иҥэрэ охсубат, ол иһин куһаҕан быһыыны тохтотон, атыҥҥа аралдьытан кэбиһии хайаан да оҥоруллан иһэрэ наада.
Иитээччи оҕо сыыһаны эбэтэр куһаҕаны оҥороору гыннаҕына: «Маннык сыыһа, бу курдук аны оҥорума»,- диэн көннөрү тылынан куолаһын уларытан этиэн сөп. Оҕо киһи куолаһа уларыйарын олус кэтээн, арааран истэр. Истигэн, улахан киһи этэрин болҕомтолоохтук истэр оҕо сыыһаны оҥорбуккун көннөр диэтэххэ бэйэтэ да көннөрүөн сөп.
Киһи этэрин соччо истигэнэ суох мэник оҕоҕо күүскэ этиэххэ, мөҕүөххэ сөп. Саҥа дорҕоонноро оҕоҕо ордук тиийимтиэлэр. Тохтотон, муннукка туруора түһэн, аралдьытан уоскутуохха да син.
Букатын истибэт аһара барар дьалбаа оҕону урукку кэмҥэ хаайыллар, бобуллар, чыпчахайынан дьарыйан биэрии эмиэ көрүллэр этэ. Ити быһыылар бары оҕо майгытыттан тутулуктанан үчүгэйгэ үөрэтэргэ аналлаахтар. Үчүгэйгэ үөрэтэр быһыылар хайаан да, хайа эмэ өттүлэринэн оҕо көҥүлүн, көҥүлүнэн барарын хааччахтыыллар. «Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат» диэн сахалар этэллэр. Ол иһин үчүгэйгэ үөрэтиини кыратык да буоллар ыктахха, күүһүлээтэххэ эрэ үөрэтиллэр кыахтаахтар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтигэр, майгыныгар сөптөөх ыгааһыны тулуйар буола үөрэннэҕинэ эрэ үчүгэйи оҥорор киһи буола улаатар.
Улаатан истэҕинэ киһи өйө-санаата икки аҥы буолан барарын кэнники кэмҥэ син билэн эрэбит. Ол барыта үөрэх хайа өттүн, үчүгэйин дуу эбэтэр куһаҕан өттүн дуу баһыйа ылынан иһэриттэн тутулуктаах. Бу өй-санаа арахсыыта оҕо ийэтин көрөн билэр буолуоҕуттан ыла саҕаланар. Оҕо кыра, бэйэтэ ситэ өйдөөбөт эрдэҕинэ аһара бара сылдьарга үөрэнэрин быһааран эрэбит. Итини чуолкайдыыр биир көстүүнэн оҕо аан маҥнайгыттан минньигэһи сиэри көр¬дөөтөҕүн аайы ылан биэрэн истэххэ, өссө көрдөөн иһэрэ эбиллэн ба¬рара буолар.
Коммунизм кэмин саҕанааҕы өй-санаа үөрэхтэрэ оҕо төрүөҕүттэн өйө-санаата үчүгэйи оҥоруу диэки салаллыылаах диэн буолар этэ. Пе-рестройка кэнниттэн ону эмиэ уларытаннар оҕо төрөппүттэрин өйүн-санаатын илдьэ төрүүрүн курдук этэр буоллулар. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ төрөппүттэртэн оҕолоругар этэ-сиинэ уонна онтон быһаччы тутулуктаах буор кута эрэ бэриллэллэрин быһаарар. Бу үөрэх оҕо улаатан иһэн маҥнай ийэ куту бэйэтигэр иитиэхтиир, онтон салгыы салгын кута сайдан-үүнэн барарын бэлиэтиир.
Куһаҕан быһыы олус түргэнник тарҕанар. «Сыптараҥ ынах хотону сутуйар», «Ложка дегтя портит бочку меда» диэн этиилэр биир эмэ да куһаҕан быһыылар элбэх үчүгэйи оҥорууну буортулуулларын, ол иһин куһаҕаны оҥоруу хайаан да эрдэтинэ тохтотуллуохтааҕын быһаарар.
Саха дьоно былыр-былыргыттан оҕону үөрэтиигэ ураты кытаанах, дьиппиэр эбиттэр. Оҕолоро кыра эрдэҕиттэн сиэри-туому, олохсуйбут үгэстэри тутуһалларын ситиһэллэрэ, бэрээдэги кэһэллэрин кытаанахтык боболлоро. Урукку кэмнэргэ кыра оҕону үөрэтэргэ чыпчархайы да туттууну боппот, хата сөбүлүүр, элбэхтик туһанар эбиттэр. Кыын, бэргэһэ быалара, чыпчархай кыраларын да иһин оҕо аһара баран мэниктиирин, улахан киһи тылын истибэтин көннөрөргө олус туһалаах тэриллэр эбиттэр.
Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан чыпчархай оҕо этигэр кыра ыарыыны оҥорор, буор кукка быһаччы дьайар буолан көннөрү этэр тыллааҕар ордук тиийимтиэ. Оҕо лаппа улаатан истэҕинэ эрэ киһи этэр тылын болҕойон истэр уон¬на ылынан толорор буолар. Ол иһин кыра эрдэҕинэ, улахан киһи этэ¬рин истэн толорор буолуор диэри чыпчархай туттуллуон сөп. Кыра оҕо этигэр ыарыы буолуута буруйу оҥорорун соҕотохто тохтотор.
Оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата, салгын кута ситэ сайда илигинэ туох үчүгэй, туох куһаҕан буоларын арааран өйдөөбөт. Быһалыы эттэххэ тылынан этэри аахайан истибэт. Бу кэмҥэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэр буолуутугар этигэр-сиинигэр дьайар быһыы кини буор кутугар соҕотохто өйдөнөн хаалар. Куһаҕаны оҥордоххо чыпчар¬хайтан ыарыы буолуута хаһан да умнуллубат гына өйдөнөр. Онон, оҕо кыра эрдэҕинэ куһаҕаны оҥорбутун көннөрөргө былыргы сахалар чыпчархайы тутталлара сөптөөх эбит. Өйө-санаата ситэ сайда илигинэ буруйу, куһаҕаны оҥорортон тохтотор наадаҕа чыпчархай тутуллуон билигин да сөп буолуох курдук. Yрдүк сайдыылаах Англия дойдутугар оҕолору оскуолаҕа таһыйыыны билигин даҕаны оҥороллор.
Төһө да үөрэтэ, этэ сатаабыт үрдүнэн оҕо хаһан баҕарар сыыһаны оҥорор. Үксүгэр оҕо сыыһаны оҥороро тугу эмэ саҥаны, билбэтин оҥорон боруобалаан көрүүтүттэн тахсар. Туох эмэ билбэтэ, бобуулааҕа баара кини интэриэһин ордук тардар, угуйар. Ол иһин кини ити баҕатын элбэхтэ саныыр буолан ийэ кутугар иҥэн ууруллар. Оҕо улаатан истэҕинэ ийэ кута сайдан барар. Бу кэмҥэ кини саҥа дорҕооннорун арааран истэр буолан, онтон үөрэнэр. Мөҥөр, кыыһырбыт саҥа дорҕоонноро буруйу, сыыһаны оҥорортон хаһан баҕарар тохтотор быһыылар буолаллар.
Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн бу үчүгэй, бу куһаҕан, бу сөп, бу сыыһа диэҥҥэ, онтон улаатан истэхтэринэ бу кырдьык, бу сымыйа диэн үөрэтэбит. Үчүгэй эбэтэр куһаҕан оҕолор дьиэттэн, тулалыыр эйгэттэн иитиллэн тахсалларын бары билэбит. (4,7). Бары төрөппүттэр оҕолорун үчүгэй, киһилии майгылаах, өйө-санаата сайдыбыт киһи буола улаа¬тыан баҕараллар. Ол эрээри үөрэтэр-иитэр үлэлэрин оҕо улаатан бэйэтэ өйдүүр, киһи саҥатын истэн өйүгэр тутар буолбутун эрэ кэннэ, ол аата салгын кута сайдыытыттан ыла ылсыһан саҕалыыллар.
Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ оҕону итинник үөрэтии хойутаан хааларын бэлиэтиир. Оҕо киһилии майгыга, бары дьыалаҕа аһара барбат буолууга өссө кыра эрдэҕинэ, ол аата ийэ кута сайдар кэмигэр үөрэнэрэ наада. Былыргылар оҕону ороҥҥо туора сытар эрдэҕинэ үчүгэй майгыга үөрэтиллэр диэн этиилэрэ чахчы таба эбит. Бу кэмҥэ оҕону үчүгэй майгыга үөрэтии улахан эрэйэ, түбүгэ суох ситиһиллэр, утумнаахтык дьарыктаныахха эрэ наада. Оҕо аан бастааҥҥы этиини, көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэрэр үөрэҕи олус түргэнник уонна хаһан да умнуллубат гына ылынан иһэрэ ити үөрэх таба буоларын кэрэһилиир.
5 эбэтэр 6 сааһыттан саҕалаан оҕо салгын кута сайдан истэҕинэ кини саныыр санаата баһылаан салайар буолан иһэр. Ол аата бу кэм¬тэн ыла саҕалаан оҕо сыыһаны оҥордоҕуна аан маҥнай саныыр санаатын көннөрүөххэ наада буолар. Ол иһин хара маҥнайгыттан сыыһа үөрэтиллэн, сыыһаны, куһаҕаны оҥорор буола үөрэммит оҕону көннөрөр олус эрэйдээх, уустук дьыала буоларын оҕо оскуолаҕа киирбитин кэнниттэн учууталлар бары билэллэр.
Оҕо өйө-санаата төрөппүттэрэ тугу куһаҕан, тугу үчүгэй дииллэ¬ригэр олоҕуран сайдан иһэрэ ханнык да саарбаҕа суох. Куһаҕаны оҥорума – сыыһа буолар диэн эттэхтэринэ, оҕолоро оннугу оҥорбот буоларга үөрэнэн хаалара чахчы.
Оҕо хаһан баҕарар сыыһаны оҥорор кыахтаах. Бу оҥоруллубут сыыһа быһыы көннөрүллэн испэт буоллаҕына сотору-сотору хатыланарыгар тиийэр. Куһаҕан тыллары тыллаһар оҕону ким да тохтоппотоҕуна, ити этэр тылларыгар үөрэнэн хаалан куруук тутта сылдьар буолар. Куһаҕан тыл суолтата син-биир уларыйбакка эрэ оҕо ийэ кутугар иҥэн сылдьар. Оҕо төрөппүттэрэ эбэтэр учууталлар куһаҕан быһыыны оҥорорун көрөн тохтоппотохторуна, оҕо ол быһыытын хос хатылаан оҥорор кыах¬танар. Ханнык баҕарар быһыы хос-хос хатыланан оҥорулуннахтарына оҕо ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар олохсуйар. Хаһан да умнуллубат гына иҥэн иһэр. Куһаҕан быһыыны оҥорорго үөрэнии барыта ити курдук салгыы баран иһэр.
Олус куһаҕан быһыылары элбэҕи оҥорбут киһи өйө-санаата уларыйан куруук куһаҕаны оҥорор киһиэхэ кубулуйар. Киниэхэ атын дьон куһаҕан диэн өйдөбүллэрэ таҥнары эргийэн бу киһи санаатыгар үчүгэй диэнигэр кубулуйан хаалар. Өй-санаа маннык уларыйыыга тиийбитин кэнниттэн киһи майгынын көннөрүү олус ыарахан буоларын милиция үлэһиттэрэ үчүгэйдик билэллэр. «Кыайан көммөт рецидивист» диэн этии билигин дьоҥҥо барыларыгар биллэр уонна өйдөнөр буолбута ыраатта.
Куһаҕан быһыылары оҥоро үөрэммит киһини көннөрөр наадаҕа кини саныыр санааларын аан маҥнай көннөрөрүн ситистэххэ эрэ табыллар. Ол аата кини сыыһаны, куһаҕаны оҥорбутун ис санаатыттан билинэн, бэйэтин өйүн-санаатын көннөрүүнэн, ыраастаныынан дьарыктаннаҕына эрэ көнөр суолу тутуһар. Сыыһаны оҥоруу төһөнөн ыарахан даҕаны өй-санаа көннөрүүтүн, ыраас¬таныытын үлэтэ эмиэ уһаан биэрдэҕинэ табыллар.
Куруук табаны оҥорор киһи аҕыйах буолуон сөп. Биирдэ эмэтэ сыыһаны, куһаҕаны оҥорбут киһи бэйэтэ сыыһаны оҥорбутун билинэн, онтун көннөрөн уонна хос хатылаан оҥорботоҕуна, бу сыыһаны оҥоруу кини өйүгэр-санаатыгар ханнык да уларыйыыны таһаарбакка умнуллан хаалыан сөп. Ханнык баҕарар быһыыны хос-хос хатылаан оҥорботоххо, киһи ийэ кутугар киирэн дириҥник иҥмэтэҕинэ умнуллан хаалара дөбөҥ буолар.
Куһаҕаны, сыыһаны оҥорбуту билинии киһи өйүгэр-санаатыгар ула-рыйыы тахсарыгар тириэрдэр. Урут үчүгэй дии саныыр эбит буоллаҕына билигин санаата уларыйан бу быһыы куһаҕан эбит диэн санаатын уларыттаҕына урукку санааларыттан босхолонон, куһаҕан быһыылары оҥорбот кыахтанар.
Сыыһаны оҥорбутун бэйэтэ билиммэт киһи кыайан көннөрүммэт. Бу мин оҥорбутум таба, сөпкө оҥорбут быһыым дии саныы сылдьар буол-лаҕына, оннук быһыытын сотору эмиэ хатылаан оҥорор кыахтанар.
Уорар, алдьатар киһи бэйэтин быһыытын бу куһаҕан быһыы буолар диэн билиниэр диэри хаһан да бырахпат. Дьон бэлэмин уоран, талаан ылыы кыалыннаҕына бэрт боростуой уонна элбэх барыһы биэрэр үлэ буолара сүрэҕэ суох, барыта бэлэмҥэ үөрэммит дьоҥҥо ордук табыллар. Түргэнник байа-тайа охсоорулар ити суолу батыһааччылар эмиэ элбээтилэр.
Онон, сыыһаны, куһаҕаны оҥорон баран көннөрөр наадаҕа аан маҥнай бэйэ сыыһаны оҥорбутун билиниэн наада. Ол аата, сыыһаны оҥорбут киһи өйүгэр-санаатыгар бу сыыһа эбит диэн өйдөбүл олохсуйуохтаах. Сыыһа, куһаҕан быһыылары аны санаабат, оҥорбот буоларга өйүн-санаатын туһаайара наада. Онтон сыыһаны оҥорбут киһини көннөрөр суолга киллэрэргэ, бу киһи буруйун билинэн, сыыһаны, куһаҕаны оҥорбутун көннөрүүгэ санаатын уурарын ситиһии эрэ туох эмэ туһаны аҕалыан сөп.
Сахаларга «Айыы этиитэ»,- диэн өйдөбүл куһаҕаны оҥорбуту этэн, билинэн өйү-санааны ыраастаныы ааттанар. Киһи айыытын этэрэ сыыһатын билинэн көннөрүнүү суолугар киирэрин биллэрэр.
Бары таҥара үөрэхтэрэ сыыһаны оҥорбут киһи аан маҥнай бэйэтин санаатын көннөрүнүөхтээҕин билинэллэр. Мусульманнар аналлаах куһаҕан санаалартан ыраастанар күннэри биэрэллэр. Бу күннэргэ ким даҕаны куһаҕан санааны санаабат буолуохтаах уонна урукку куһаҕан санааларыттан ыраастанан кэбиһиэхтээх. Киһи куһаҕан, сыыһа санааларыттан ыраастаннаҕына эрэ, саҥа, ыраас, сырдык санаалар өйүгэр-санаатыгар киирэллэр.
Куһаҕан санааларын ыраастаабыт киһи өйө-санаата тосту улары¬йар, саҥа оҥорор дьыалаларыгар үчүгэй санаалаах ылсыһар, баҕа санаатын ситиһэригэр кыаҕа-күүһэ эбиллэр. Тулалыыр эйгэтигэр үчүгэйи эрэ оҥордоҕуна, чэбдик олохтоох, баҕа санаатын ситиһэр, дьол-соргу аргыстанар киһитэ буолар.
Билигин Россияҕа олус элбэх эдэр дьон буруйу оҥороннор хаайыыга түбэһэллэр. Бу дьон ол дойдуттан киһилии майгыларын сүтэрбэккэ кэлэллэрин үгүс дьон улаханнык саарбахтыыр буолан тураллар. Сыыһаны, буруйу оҥорбут киһи өйүн-санаатын көннөрүөхтээх сирдэрбититтэн көнөн, өйдөрө-санаалара ырааһыран кэлэллэрэ бэрт аҕыйах. Ол иһин бу сыыһаны оҥорбуту көннөрөр сирдэри саҥалыы өйгө-санааҕа олоҕуран көннөрөн биэрии үлэтэ бар-дьонтон эрэйиллэр.
Саха дьоно «Санаа күүстээх» дииллэр. Киһи санаатын түмнэҕинэ, мустаҕына - санаата эбиллэр, күүһүрэр. Киһи санаата күүстээх буо¬лара чахчы биллэр. Ол курдук «Санаатын күүһүнэн баһыйан» диэн этии киһи тугу барытын кыайыан иннинэ аан бастаан санаатыгар кыайыахтааҕын бэлиэтиир. Маны өссө дириҥник ырыттахпытына, ханнык баҕарар дьыаланы аан маҥнай киһи бэйэтин санаатыгар кыайдаҕына эрэ, бу дьыалатын кыайарын көрдөрөр этии буолар.
Элбэх киһи санаалара биир буолан түмүстэхтэринэ, санаалара өссө күүһүрэр. Эгрогердар дьон күүстээх санааларын эмоцияларыттан үөскүүллэр. Билигин икки саамай күүстээх эгрогердар: Христианство уонна мусульманство ииристилэр (эгрогердар таҥараттан уратылар, бу дьон холбоспут санаалара, ону умнуо суохтаахпыт). Дьон түмүллүбүт санаата (эгрогер) - сүүнэ күүс, сүүнэ иччи. Бу иччи эмискэ сүппэт, кини уһун үйэлээх, атын эйгэҕэ олорор. (5,13).
Киһи бэйэтин өйүн туруктаах оҥорон санаатын күүһүнэн бөҕөргөтүнэ сылдьара ордук. Тус бэйэҥ иннигэр: «Мин хайа да бэйэлээх мэһэйи-моһолу санаа күүһүнэн кыайыам. Мин тулуурдаахпын. Мин кутум-сүрүм бөҕө»,- диэн бигэтик тутта сылдьарга «Санаа күүһүнэн көмүскэнэ үөрэн»,- диэн үлэтигэр Ф.И.Алексеева ыҥырар. (6,72).
Эйигин сатаан истэр, өйдүүр чугас киһигэр аймыыр санааҕын тоҕо тэбээ диэн этэллэр. Киһи өйүгэр араас мунньуллубут санаалар иҥэн олохсуйан хаалалларын бу этии бигэргэтэр. Мунньуллубут санаалартан киһи өйүн ыраастаан, чэбдигирдэн биэрдэҕинэ саҥа ыраас санааларынан туоларын билиэтииллэр.
Саха дьоно былыр-былыргыттан оҕону кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыы¬лары оҥорботугар үөрэтэр наадатын, туһалааҕын билэллэр. - Оҕом тэбэр ээ, өссө охсуолуур,- диэн этэн киһиргэтии, сутуруга уруттаан тиийэ сылдьар киһитин иитэн-үөрэтэн таһаарыан сөп. Куһаҕан быһыылары оҥорор оҕону киһиргэтии, тэптэрэн биэрии, бу оҥорор быһыыта үчүгэйин курдук өйдөбүлү оҕоҕо иҥэрэн кэбиһэр. - Тэбиэлээн биэр,- диэн этии оҕоҕо тэбиэлиир ордугун, туһалааҕын быһааран биэрэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ үөрэнэр күүһэ олус улахан. Улахан киһи аҥар-дас куһаҕаннык көрүүтэ оҕону куһаҕаны, сыыһаны оҥороруттан тохтоторго сөптөөх быһыы буолар. Кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥорбот буолууга үөрэммит оҕоҕо бу быһыылара ийэ кутугар иҥэн хаалаллар.
Киһи ийэ кута олус өр кэмҥэ, бары быһыылара үгэс буолан иҥнэхтэринэ эрэ сайдар, эбиллэр. Олохсуйбут ийэ кут өйө-санаата ыл да уларыйа охсубат. Үөрэммит үгэстэри уларытарга эмиэ өр кэмҥэ хаттаан үөрэниэххэ наада буолар. Оҕону үчүгэй үгэстэргэ кыра эрдэҕинэ үөрэтэр судургу уонна улахан эрэйэ суох кыаллар дьыала, аһара бардаҕына кыратык табыталыттан тардыалааһыҥҥа эрэ тиийиэн сөп. Оҕо аан маҥнай үөрэммит үөрэҕин олус кытаанахтык ылынар. Бэйэтэ үчүгэй үгэстэрдээх киһи оҕотун батыһыннара сылдьан үтүгүннэрэн, көрдөрөн, үөрэтэн кэбиһэрэ судургу. Арай оҕоҕо быһааран кэпсээн биэрэн иһиэххэ наада. Оҕо үчүгэй үгэстэргэ үөрэммитэ үйэтин тухары умнуллубат гына ийэ кутугар ууруллан сылдьар. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ төрөөбүт тылынан үөрэтии үчүгэй үгэстэр ордук дириҥник иҥэллэригэр тириэрдэр.
Дьон олохторугар сөп түбэспэт куһаҕан быһыылары оҥорор киһини атын дьонтон туспа тутуу хайа баҕарар государствоҕа көрүллэр. Арай бу туспа тутуу, хаайыы буруйу оҥоруу төһө ыараханыттан уонна хаста хатыламмытыттан көрөн уларыйан биэрэрэ хаайаан да наада.
Куһаҕан быһыылары оҥорор киһини көннөрүү олус ыарахан, уустук дьыала буоларын Россия хаайыылаахтара дакаастыыллар. Көнөр сиргэ, хаайыыга түбэспит киһи өссө буорту буолан, букатын көммөт турукка тиийэн тахсара олус элбэх. Туох эмэ кыра да дьыалаҕа хаайыыга түбэспит дьон олус улахан буруйдаахтары кытта бииргэ тутуллаллара буруйу оҥорооччулар аҕыйыылларыгар тириэрдибэт.
Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан куһаҕан быһыылары оҥорор киһини көннөрүү саҥа үчүгэй үгэстэргэ үөрэтиинэн эрэ ситиһиллэр кыахтаах. Ол аата, бу буруйу оҥорууга туох төрүөт буолбутун аан маҥнай быһаарыы уонна ол төрүөтү суох оҥорон биэрии маннык буруй хатыламматын үөскэтэр. Буруй кыра, сыыһа туттууттан уонна киһи ситэ билбэтиттэн үөскээтэҕинэ, бу киһини эбиискэ үөрэтэн, бу үөрэҕи үгэс оҥостон иҥэринэригэр көмөлөһөн биэрии сөп буолуо этэ. Киһи сокуоннары, быраабылалары билбэтиттэн сыыстаҕына, бу баларын лаппа чиҥник билэн үгэс оҥостон толорор буолуор диэри үөрэттэххэ, оччоҕуна аны итинник сыыһаны оҥороро суох буолар кыахтаах. Суол быраабылаларын кэһиилэри оҥо¬рор суоппардарга уонна быстах бэрээдэги кэһээччилэргэ бу быраабылаларын эбиискэ үөрэтэн, чиҥэтэн биэриигэ күһэйии хайаан да улаханнык туһалыа этэ.
Буруйу оҥорооччу көннөрүнэрин наадатыгар кини өйүн-санаатын үөрэтии улахан оруолу ылар. Онно бу буруйу сыыһа-халты туттунан оҥорбутун дуу эбэтэр билбэт буолан оҥорбутун дуу араарыахха наада.
- Буруйдаах киһи бэйэтэ буруйу оҥорбутун билинэн кэмсиннэҕинэ көннөрүнэр кыахтаах. Бу киһи ийэ кутугар субу оҥорбут быһыыта куһаҕанын туһунан өйдөбүл баар, иҥэн сылдьар буоллаҕына киниэхэ кэмсинэр санаа киирэр. Кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ үөрэппит үчүгэй уонна куһаҕан быһыыларын туһунан өйдүүрэ киниэхэ кэмсинэр санааны үөскэтэр. Ол аата, сыыһаны оҥорбутун билинэн бэйэтэ, атын көмөтө суох көннөрүнүөн сөп.
- Сорох куһаҕан быһыыны оҥорооччулар ол быһыыларын куһаҕан диэн билиммэттэр. Маннык дьону үчүгэй быһыыны оҥорорго үөрэтиллибэтэхтэр диэн туспа араарыахха наада. Бу дьон ханнык да быһыыны оҥор¬дохторуна кэмсиммэттэр, санааҕа ылларбаттар. Бу оҥорбут куһаҕан быһыыларын куһаҕаны оҥордубут дии санаабаттар. Кинилэри үчүгэй үгэстэргэ саҥалыы үөрэтэн биэрии эрэ киһилии суолга үктэнэллэригэр тириэрдэр кыахтаах.
Үчүгэй үгэстэргэ үөрэтиигэ киһи бэйэтин ис санаата, куттара сөбүлэстэхтэринэ, ситиһиллэр кыаҕа түргэтиир. Ол аата, киһи бэйэтэ ылынан, санаатын ууран, төттөрү этэн утарыласпакка, атыннык оҥорбокко эрэ, саҥалыы үчүгэй үгэстэргэ үөрэннэҕинэ табыллар. Манна урут оҥоруллубут куһаҕан быһыытын киһи умнар, өйүн-санаатын ол быһыыларыттан ыраастанара олус көмөлөһүөхтээх.
Хаайыы олоҕо аһара куһаҕан буолуута, мөлтөх майгылаах дьону салытыннаран, аны куһаҕан быһыылары оҥорботугар үөрэтиэн сөп. Ол эрээри киһи ханнык баҕарар олоххо үөрэнэр дьоҕура элбэҕинэн үгүстэр ыарахан олоҕу тулуйарга, онтон туох эмэ барыһы киллэрэргэ түргэнник үөрэнэллэр. Ол иһин хаайыы олоҕо ыараханынан куттаан куһаҕан быһыылары оҥорбокко күһэйии төһө да сорохторго дьай¬бытын иһин үксүгэр үчүгэй түмүгү биэрбэт.
Үчүгэй майгыга үөрэтии биир кэм хатыланан истэҕинэ эрэ киһи өйүгэр-санаатыгар, кутугар түһэн иҥэр. Хас биирдии буруйу оҥорбут киһиэхэ майгыныттан, оҥоруллубут буруй төһө ыараханыттан уонна көннөрүнэр кыаҕыттан көрөн тус-туспа сыһыан хайаан да баар буолара ордук. Манна киһи бэйэтэ дьулуһан туран көннөрүнэ сатааһына олус улахан оруолу ыларын учуоттуохха наада.
Куһаҕан быһыылары оҥорбот буоларга киһиэхэ үчүгэй санаата элбэх уонна күүстээх буолан куһаҕан санааларын баһыйар, хам тутар, таһыгар таһаарбат, өйүттэн-санаатыттан ылан быраҕар кыахтааҕа ордук туһалыыр.
САНАА КYYҺЭ
Билигин биһиэхэ өй-санаа үөрэхтэрэ сыыйа-баайа сайдан иһэллэр. Төрөппүттэр оҕолоро, кэлэр көлүөнэлэрэ олохторун салгыырыгар бары кыахтарын уураллар. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии, өйүн-санаатын туруктаах оҥорон олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыаҕын улаатыннарарын хас биирдии төрөппүт билэрэ ирдэнэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ ханнык санаалардаах буола улаатарыгар сэбиэскэй былаас саҕана улахан суолта бэриллибэт этэ. Оҕолору барыларын атаахтатыы, маанылааһын, киһиргэтии, аһара харыстааһын, көрүү-истии олохсуйбута ийэ куттара туруга суох өйдөөх-санаалаах буола улааталларыгар тириэрдибитэ. Кэлин улаатан иһэн ийэ кутугар үчүгэй үгэстэр иҥэриллибэтэх, туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэр киһи элбэх сыыһа туттуулары, быстах быһыылары оҥороругар тиийэрин таба сыаналаабаттар этэ.
Сахалар киһи олоҕо барыта саныыр санаатыттан тутулуктааҕын былыргыттан билэллэрин «Киһи – санаа хамначчыта» диэн этиилэрэ бигэргэтэр. Ол аата киһи ханнык, үчүгэй да, куһаҕан да санаалардаах даҕаны соннук быһыылары оҥорор. Ол иһин оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ ордук улахан суолтаны үчүгэйгэ, үтүөҕэ ыҥырар санаалары иҥэрэн, иитэн биэрии уонна санаата күүстээх буоларын ситиһии ирдэнэр.
Санаа күүһэ – киһи санаабыт санаатын ситиһэр иһин дьүккүөрэ, күүрээнэ. Киһи санаатын күүһүнэн урут кыайбатын кыайыан эмиэ сөп. Олоххо ити туһунан кэпсиир элбэх холобурдар бааллар. Ол курдук киһи кыылтан куотаары дириҥ көҥүһү үрдүнэн ойон кэбиспитэ эбэтэр үрдүк тииккэ ыттан тахса охсубут түбэлтэлэрэ биллэллэр.
Эр санаа – киһи кутталы, ыараханы дьулайбакка көрсүүтэ, оннуктан чаҕыйбат быһыыта. Итиини, тымныыны, аччыктааһыны уонна Айылҕа үөннэрэ сииллэрин тулуйа үөрэнии санааны күүһүрдэр, тулууру үөскэтэр. Тулуурдаах, дьулуурдаах, өһөс киһи санаабыт санаатын ситиһэр кыахтанар. Сахалар оҕону иитиигэ сыһыаннаах этиилэрэ: «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс»,- диэн киһи тулуурдаах, дьулуурдаах буолан олох ыарахаттарын тулуйар күүстэнэригэр ыҥырар.
Саамай кыра санаа күүһэ сахалыы «СИ» диэн ааттанар. Туох эмэ кыраны, дуона суоҕу түһээн, көрбүөччүлээн билиини «Туох эмэ сибики билиннэ дуо?»- диэн ыйыталаһаллар. Сибики - си биллиитэ диэн буолар. Сибикилээһин диэн олус кыра санаа хамсааһынын, уларыйыытын билии аата.
Сахалыы «сибигинэйии» диэн олус кыратык саҥаран солуну кэпсиибин диэн өйдөбүллээх тыл эмиэ баар. Сибигинэйии - си биэрэбин диэн холбуу этииттэн үөскээбит. Итини тэҥэ майгы кыра уларыйыыларын, уратыларын бэлиэтиир «сигили» диэн тыл баар.
Санаа туспа, ураты күүстээх. Бу күүс киһиэхэ баарын дуу, суоҕун дуу, төһө элбэҕин, эбиллибитин дуу, көҕүрээбитин дуу быһаарар тыллар сахаларга элбэхтэр. Ол барыта былыргы кэмнэргэ санаа күүһүн, кыаҕын билэн элбэхтик туһана сылдьыбыттарын биллэрэр. Сахалар киһи санаата ураты күүстээҕин туһунан тыллара, этиилэрэ, билиилэрэ элбэхтэр. Бу тыллары хаһан, туохха сыһыаннаан туттуллалларыттан көрөн наардаатахха киһи хайа куттарыгар дьайаллара биллэр. Ол курдук сүр диэн киһи куттарын холбуу тута сылдьар күүс ааттанар. Бу күүс киһи киһи буоларын быһаарар төрүт күүс буолар.
Күүс, тэтим, эрчим, кыах диэн тыллар эт-сииҥҥэ, хамсаныыга, буор кукка быһаччы сыһыаннаах буоллахтарына уох, уор, суос диэн тыллар ийэ кут санаатын күүһүн быһаараллар, баарын, элбээбитин биллэрэллэр. Санаа күүһүн сахалар быһаарыылара уонна бу күүс кыыһырыыттан быһаччы тутулуктааҕа билиҥҥи наука билиитигэр сөп түбэһэр. Ол курдук киһи хааныгар адреналин киирдэҕинэ күүһэ-уоҕа соһуччу эбиллэрин наукаҕа быһаарбыттара ыраатта.
СYР – Айылҕа көмөтүнэн үөскүүр санаа күүһэ. Итиини, тымныыны уонна үөннэр сииллэрин тулуйартан үөскээн сайдар санаа күүһэ. «Сүрдээх киһи» диэн этиини саха киһитэ барыта билэр, хас киһиэхэ барыларыгар баар буолуохтаах күүс. Сүр киһи куттарын холбуу тута сылдьар сүрүн күүс. Оҕо кыра эрдэҕиттэн улахан дьону үтүктэн иһиититтэн күүһүрэн иһэр. Оҕо атаҕар туран көнөтүк туттан хаама үөрэниитэ сүрүн үөскэтэр уонна күүһүрдэр, киһи буолар санааны киллэрэр. Киһиттэн сүрэ көттөҕүнэ аан маҥнай салгын кута көтөр, киһи быһыытын сүтэрэр, оҕотугар түһэр эбэтэр кыыл, сүөһү кэмэлдьилэнэр.
УОХ – Хас киһиэхэ барыларыгар баар санаа күүһэ. Yгүстэргэ кырата бэрт буолан баара да биллибэт. Киһиэхэ санаата күүһүрэн, эбиллэн биэриитэ «уох» киирэн иһиитинэн быһаарыллар. Биир эмэ кэмҥэ киһиэхэ кыра эмэ да буоллар санаата эбиллибитин, күүһүрбүтүн биллэрдэҕинэ «Уохтаах» диэн этиллэр. Күүс-уох диэн холбуу этии киһи этин-сиинин уонна санаатын күүстэрин холбуу ылан эбиллибиттэрин биллэрэр.
Уоҕа суох быччыҥ мөлтөх, ньалбаҥ. Киһи эмиэ оннук. «Көҥдөй көрүҥэ эрэ» диэн улахан көрүҥнээх эрээри күүһэ-уоҕа аҕыйах, мөлтөх киһини этэллэр.
Быччыҥ күүһэ, эрчимэ уохтаах буоллаҕына, ол аата санаатын күүһэ ордук эбилиннэҕинэ тэтимирэр, күүһүрэр. «Хайаан да кыайыам» диэн санаа киирэн иҥнэҕинэ кыайыыга эрэл улаатар. Киһи ханнык эмэ сыалы ситиһиигэ санаатын уурдаҕына, дьулуһан туран дьарыктаннаҕына хайаан да ситиһэр кыахтанар. Санаа күүһүн туһата итинник.
СУОС – Бу тыл киһиэхэ «уох» киирдэҕинэ санаата күүһүрэн таһынан таһымныырын, өссө суостанан иһэрин быһаарар. «Суостаах» диэн оһоҕу эмиэ этэллэр. Ол аата итийбит оһохтон итиитэ тулатыгар олус күүскэ тарҕанарын быһааран этэллэр. Бу тыл санаа күүһэ тэйиччиттэн дьайарын, суоһа ыраахтан биллэрин эмиэ быһаарар. «Суос бэринэн олорор» киһиэхэ аккыраҥ киһи чугаһыан да чаҕыйар, киирэн биэриэн баҕарбат. Суос киһи көрүүтүнэн эмиэ бэриллэрин «Суостаахтык көрөр» диэн этии бигэргэтэр. Суостан атыттар чаҕыйаллар, дьулайаллар.
УОР – Санаа күүһэ кыыһырыыттан эбиллэн аһара барыытын бу тыл быһаарар. Кыыһырыыттан эмискэ киирэр эбиискэ күүс аата уор диэн. «Уордаах» диэн этилиннэҕинэ кыыһырдахха майгы куһаҕаҥҥа уларыйарын, сыыһа-халты туттунуулар үөскүөхтэрин сөбүн быһаарар. «Уордайбытын омунугар» диэн быһаарыы ханнык эрэ олус куһаҕан, быстах быһыылары оҥоруу, сыыһа-халты хамсаныы буолбутун биллэрэр. Уордайыыттан, ыгыллыыттан киһи өйө, салгын кута быстах кэмҥэ көтөн ыларын сахалар өйө баайыллар диэн этэллэр. Маннык кэм кэлиитэ киһи олоҕор соһуччу уларыйыылар тахсалларыгар тириэрдэрин, ол иһин киһи өйө-санаата туруктаах буоларыгар кыра эрдэҕинэ үөрэнэрэ туһалааҕын «Кут-сүр үөрэҕэ» үлэбитигэр быһаарбыппыт.
Киһи санаатын күүһэ уларыйа, хамсыы турар. Биир кэмҥэ эбиллэн, күүһүрэн кэлбит санааны «Сүргэтэ көтөҕүллүбүт» диэн быһаараллар. Ол аата сүргэ көтөҕүллүүтэ быстах кэмҥэ киһи салгын кутугар дьайар. Сүргэ көтөҕүллүбүт кэмигэр киһи кыайара-хоторо эбиллэн, дьулуура, тулуура эмиэ элбиир. Олох ханнык баҕарар уустук кэмнэригэр санаатын түһэрбэккэ, өрө көтөҕүллүүлээхтик сылдьар киһи элбэх кыайыыны, ситиһиини оҥороро итини быһаарар.
Санаа күүһүрэрин тэҥэ мөлтөөн, ахсаан, көҕүрээн ылар кэмнэрдээх. Киһиэхэ санаатын күүһэ мөлтөөбүтүн маннык быһыыларыттан булан билиэххэ сөп:
1. Барыга-бары ээл-дээл сыһыаннаһыы, аахайымтыата суох буолуу үөскээтэҕинэ, киһи тугу да оҥоруон баҕарбат санаата киирдэҕинэ эбэтэр тугу эмэ оҥороору гыннаҕына сылайан иһэр буоллаҕына санаата түспүт кэмэ кэлэр.
2. Аһара сэрэхтээх буолууттан кыайан сөптөөх быһаарыыны ылыммат кэм кэлиитэ. Барыттан-бары сэрэнии киһи кыаҕа-күүһэ мөлтөөбүтүн бэлиэтиир.
3. Бииртэн-биир атын араас санаалар киирэннэр аралдьытан сөптөөх быһаарыыны кыайан булбат буола буккуллуу, тала сатааһын кэнниттэн тугу да оҥоруу кыаллыбат.
4. Тугу эмэ, ордук кыаллыбаты булан оҥоро охсоору ыгылыйыы. Биир сиргэ таба олорбот буолуохха диэри ыгылыйдахха ханнык да олохтоох быһаарыы кыайан ылыллыбат, бары-барыта түҥ-таҥ барар.
Санаата букатыннахтык түспүт, өтөр көммөт кыахха киирбит киһини «Сүрэ тостубут» диэн этэллэр. Өр кэмҥэ дьарыктаныы, эти-сиини, буор куту тулуурдаах буолууга эрчийии сыыйа-баайа сүрү көннөрөр, күүһүрдэр.
«Биир санааны ылын» диэн ханнык эмэ быһаарыыны ылынарга сүбэ, кыайан быһаарыыны ылыммат, санаата мөлтөөбүт киһиэхэ көмө аата. Холку киһи үчүгэйдик утуйар, ол иһин уһуннук олорор. Yчүгэйдик утуйан турбут киһи санаата олохтоох, күүстээх буолар.
Кыайыыга, ситиһиигэ дьулуур санааны күүһүрдэр. Санаата күүстээх киһи хаһан баҕарар сөптөөх быһаарыыны ылынар кыахтаах. Yтүөҕэ, үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санааны үөскэтии хас биирдии киһиэхэ хайаан да наада. Yчүгэй санаалар суох эбэтэр аҕыйах буоллахтарына атын куһаҕан санаалар элбээн бардахтарына киһи куһаҕан быһыылары оҥоруон сөп. Ол иһин киһи куруук куһаҕан санааларыттан ыраастана сылдьара эрэйиллэр.
Айылҕаҕа сылдьыы, итиини, тымныыны, үөннэр сииллэрин тулуйуу тулуурдаах буолууну үөскэтэн санааны күүһүрдэр, бөҕөргөтөр. Тулуурдаах киһи олох бары ыарахаттарын кыайар кыахтанар.
Дьон мөлтөх өттүлэрэ санааларын көтөҕүүгэ наадыйаллар. Санааларын көтөҕөөрү табаах тардаллар, арыгы иһэллэр. Кинилэр тулуурдара тиийбэккэ кыайан табаахтарын бырахпаттар, куруук арыгы иһэннэр аны арыгыга ыллараллар. Кэлин кэмҥэ олус дэлэйэн эрэр наркотиктар киһи санаатыгар дьайыылара ордук күүстээх.
Сэбиэскэй кэмҥэ материалистар аҥардастыы эт-сиин эрэ үчүгэй буоларыгар баҕараллара, киһи санаатыгар улахан оруолу уурбаттара. Билигин киһи олоҕо санаатыттан ордук тутулуктааҕа билиннэ. Күүстээх санаалаах киһи олоҕун толору олороругар кыаҕа элбиир. Күүстээх санаалаах буолар туһугар күн аайы утумнаахтык эти-сиини эрчийии, тулуурдаах оҥоруу, санааны бөҕөргөтүү ирдэнэр. Санаа күүстээх буоларын эрчиллиинэн, үлэнэн-хамсаныыларынан эрэ ситиһиэххэ сөп.
ӨҺӨС БУОЛУУ
Сахалар киһи майгынын олус дириҥник үөрэппиттэр. Кинилэр омук мөлтөөбөккө салгыы сайдан иһэрин туһугар эдэр көлүөнэ дьону, бэйэлэрин оҕолорун киһилии өйгө-санааҕа, үрдүк көрдөбүллээхтик үөрэтэр наадалааҕын куруук бэлиэтииллэр. Бу үөрэтии сүрүн өйдөбүлэ саха киһитэ барыта билэр «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһоонугар түмүллэ сылдьар.
Бу өс хоһоонун дириҥ өйдөбүлүнэн саха киһитин оҕото төрөппүтүнээҕэр бары хаачыстыбалара барылара ордуохтааҕын быһаарара буолар. Kэлэр көлүөнэлэрэ олоххо ордук дьоҕурдаах, кыайыылаах-хотуулаах буола улаатыахтарын баҕарар төрөппүттэр куруук туттар өстөрүн хоһооно буолуо этэ. Бу өс хоһооно оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүтэ тугу сатыырын, туохха үөрэммитин барытын баһылаан баран, салгыы баран, үүнэн, аһара сайдыахтааҕын бигэргэтэр этии буолар.
Оҕолору, кэлэр көлүөнэ дьону иитиигэ «социализм» саҕана сыыһа хайысханы, сымнаҕас суолу тутуһуу буолбута билигин ырыынак кэмэ кэлбитигэр дьэ билиннэ. Ол курдук ырыынак кэмэ кэлэн, туох барыта киһиттэн бэйэтиттэн эрэ тутулуктаах буолуута тирээн кэлбитигэр, кыайа-хото тутан үлэлиир-хамныыр дьон биһиги ортобутугар олус аҕыйахтара биллэн таҕыста.
«Социализм» кэмигэр салайааччы эппитин утары эппэккэ эрэ, тук курдук толорор дьон ордук сыаналанар этилэр. Кыра омуктары улахан, элбэх ахсааннаах омукка буккуйан симэлитэр наадаҕа бу омук дьонун өйдөрүн-санааларын мөлтөтүү былааннаахтык ыытыллара. Оччотооҕу кэмҥэ сахалар ити өс хоһоонноро куһаҕан өйдөбүллээх, ыарахан майгылаах киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарарга ыҥырар диэн этэллэрэ. Биһиги сымнаҕас, үтүө олохпутугар кытаанах майгылаах, өһөс дьон наадалара суохтар диэн аһаҕастык билинэллэрэ. Бу «куһаҕан» өйдөбүллээх өс хоһоонун букатын да умуннарарга дьулуһаллара.
Ордук бу өс хоһоонун үрдүгэр аныгы нууччалыы үөрэҕи сыҥалыы сатааччылар түһэллэр. Кинилэр саха дьоно көҥүл, күүстээх, тулуурдаах уонна дьулуурдаах, өһөс са¬наалаах буоллахтарына бэйэлэрин көҥүллэрин ордук туруулаһан көмүс¬күөхтэрэ диэн куттана саныыллара ураты сөптөөх. Ол курдук саха киһитэ бэйэтин билинэн, үөрэҕи-билиини иҥэриннэҕинэ, ким-кими са¬лайар буоларын быһаарыан, өйө-санаата ордук сайдыан сөп.
Дьон үгүстэрин өйдөрүгэр-санааларыгар кыараҕас холлороон бүтүүтүгэр олус сырдык баар буолуута иҥэн сылдьар. Үөрэхтээхтэр манныкка маарынныыр көстүү оҕо төрүүрүгэр көстөр бэлиэ дииллэр. Оҕо төрүүрүгэр холлорооҥҥо ыгыллан, тулуйан, кэтэһэн эмискэ сырдыкка тахсан кэлиитэ итинник көстүүнү өйүгэр-санаатыгар иҥэрэр, бу көстүү үөскүүрүгэр олук буолар эбит. Итини тэҥэ холлороону уонна холлороон бүтүүтүгэр сыр¬дык уоту дьон өлөллөрө кэллэҕинэ түүллэригэр эмиэ көрөллөрө биллэр.
Kэлин кэмҥэ дьахталлар доруобуйалара биллэрдик мөлтөөн кыайан айылҕаларын курдук оҕоломмот буолан иһэллэр. Үгүс дьахталлар кыайан оҕоломмокко кесарево сечение оҥорон оҕону ороон таһаардахтарына, оҕо өйүгэр эмискэ сырдыкка тахсан кэлиитэ холлорооно суох буолар эбит. Олус соһуччу, холлорооҥҥо кэтэһиитэ, ыгыллыыта суох, суос-соҕотохто олус сырдык буола түһүүтэ бу оҕолор өйдөрүгэр хатанан хаалара бэлиэтэнэр.
Дьахталлар доруобуйалара мөлтөөбүтүн тэҥэ тулуурдара суох буолан төрүүр ыарыытын кыайан тулуйбакка оҕону быһа ороон ылыы ньыматыгар тиийэллэрэ элбиир. Эдэр дьон тулуура суох, киһи быһыытын аһара бара сылдьаллара эмиэ эбиллэр. Тулуура суохтан дьон өйдөрө хамсыыра, көтөрө, баайыллара эмиэ тутулуктаах. Онтон өйө көппүт киһи – иирбитэ дуу, итирбитэ дуу биллибэт, тугу баҕарар оҥоруон сөп.
Тулуура суох киһи — сүрэ мөлтөх. Онтон сүр киһи куттарын холбуу тута сылдьар күүс. Сүрдээх буолуу — тулуурдаах буолуу. Саха дьонун олохторун үөрэҕэ олус тулуурдаах, дьулуурдаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарарга аналланар уонна «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс»,- диэн диэн өс хоһоонунан этиллэр.
Оҕо төрүүрүгэр холлорооҥҥо ыгыллыыта, кэтэһиитэ тулуура үөскүүрүгэр аан маҥнайгы үөрэтии көрүҥэ буолар. Эрэйдэнэн, ыара-ханнык төрөөбүт оҕолор холлорооҥҥо ыгыллан, хаһан бүтэрин олус өр кэтэспиттэрин психолог Рон Хаббард булан бэлиэтээбитэ биллэр. Киһилии киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы олус уустук уонна ыарахан үлэ. Киһи оҕотун бэйэтэ хайдах олоҕунан олорбутун курдук олортоҕуна, иитиллибитин курдук ииттэҕинэ уонна үөрэтиллибитин курдук үөрэттэҕинэ бэйэтин курдук өйдөөх-санаалаах киһи оҥорор. Ити иһин былыргы олох туруктаах кэмигэр, араас революциялар уонна перестройкалар буолбат кэмнэригэр саха дьоно оҕолорун иитэллэригэр бэйэлэрин олохторун холобурдара, үгэстэрэ толору сөп түбэһэллэр эбит.
Революция кэнниттэн дьадаҥы дьон бэйэлэрин оҕолорун үөрэхтээх киһи оҥороорулар ыарахан илии үлэтин сөбүлээбэт гына үөрэтэн кэ-бистилэр. Саҥа, үчүгэй олоҕу тута охсоорулар, «Мин олоҕум куһаҕан, ыарахан этэ»,- диэн төрөппүт бэйэтин олоҕор, үлэлээбит үлэтигэр оҕотун үөрэппэт буолбута. Оҕо төрөппүтүн олоҕун ситэ билбэт буолуута сайдан барбыта. Саҥа олоҕу тутуохтаах эдэрдэр урукку олох үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын барытын быраҕан, суох оҥорбуттара. Социализмы тутуохтаах кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаа¬лара туруга суох буолуута ити курдук сайдыбыта.
Төрөппүт оҕотун бэйэтин олоҕуттан атын олохтоох буоларга үөрэ¬тэн улаатыннарара ураты уустук. Аныгы сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕин өйдөбүллэринэн туһаннахха соччо кыаттарбат үөрэх буолуон сөп. Оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ уонна үөрэтиигэ хайаан даҕаны төрөппүт үтүгүннэрэн, батыһыннаран биэриитэ наада. Төрөппүт бэйэтин оҕотугар аан маҥнай бэйэтин олоҕун, үлэтин-хамнаһын үөрэтэн баран, салгыы саҥа олоххо бэлэмниирэ, онно үөрэтэрэ оруннаах. Оччоҕо кэлэр көлүөнэ дьон өйдөрө-санаалара туруктаах, тирэхтээх буолар.
Айылҕа аһара тымныылаах, өҥүрүк куйаастаах, хара тордох курдук саба түһэр үөннээх-көйүүрдээх сиригэр олохтоох дьон ураты тулуурдаах, дьулуурдаах, өһөс майгылаах буоллахтарына эрэ олоҕу киһилии олорор кыахтаналлар. Өссө тугу эмэни оҥорор, ситиһэр буоллахха, өссө өһөс буолуу көрдөнөр. Биһиги дойдубутугар өһөс буолуу Айылҕа тутаах көрдөбүлэ. Хас эмэ сүүһүнэн сыллар усталарыгар ити ыарахаттары кытары туруулаһан, охсуһан саха дьоно өһөс, тулуурдаах, дьулуурдаах майгыламмыттар.
Өһөс майгылаах киһи ылыммыт сыалын ситиһиигэ дьулуурдаах, дьаныардаах буолар. Итини тэҥэ өһөс майгы киһи тулуурдаах буоларын эмиэ бэлиэтиир. Туох эмэ ыараханы тулуйар наадаҕа өһөс майгы хайаан да наада. Арай киһи майгынын биир уратытынан буоларынан сибээстээн аһара баран хаалбата эрэ киһиттэн ирдэнэр.
Өһөс буолуу аһара бардаҕына ньоҕой диэн ааттанар. Саха¬лар бэлиэтииллэринэн ньоҕой майгы бэйэҕэ сыһыаннаах сыалы ситиһэргэ ураты туһалааҕын таһынан, атын дьону кытта тапсарга, бииргэ үлэлииргэ аһара ыарахан. Ньоҕой майгы өссө аһара барыыта ньоҕойдоһуу диэн эбиискэ өйдөбүллэнэр. Киһи бэйэ¬тин кыаҕын, күүһүн билиммэт буолуута аһара баран ньоҕойдоһууну таһаарар.
Дьон-аймах бииргэ олорууларыгар хайаан даҕаны тутуһуллуохтаах бэрээдэги билии уонна толоруу хас биирдии киһиттэн ирдэнэр тутаах көрдөбүллэр буолаллар. Билигин Россия демократия сокуоннарын тутуһарга үөрэнэ сатыыр. Урукку хараҥа империя үйэлэрин саҕаттан олохсуйан хаалбыт, тойон былааһа диэн өйдөбүл, саҥа сокуон былааһа киириитин туормастыы сатыыр. Олох сайдан иһиитэ иннин диэки баран иһэринэн ити хаалбыт өйдөбүллэр умнуллан иһиэхтэрин сөп этэ.
КЭҺИИ
Киһи киһиэхэ олус ытыктабыллаахтык, сымнаҕастык, бэйэ-бэйэлэрин сыаналаһан, өйөһөн сыһыаннаһалларын саха дьоно сөбүлүүллэр. Ити сыһыаны тупсарыыга, санааларын көтөҕүүгэ туттуллар биир үгэстэринэн кэһии бэрсиитэ уонна ылсыыта буолар.
Сахаларга былыр-былыргыттан хардары-таары кэһии бэрсиһэр үгэс баар. Бу үгэс туһунан В.Ф.Трощанскай маннык суруйар: «Сахалар кэһии ылалларын уонна биэрэллэрин олус сөбүлүүллэр. Кэһии биэрэр киһи хаһан эрэ биэрбитинээҕэр ордук кэһиини ылыам диэн бигэтик са-нанарыттан үөрэр, онтон ылар киһи бэйэтэ кэһии ыларыттан, кинини сыаналыылларыттан үөрэр». (7,93). Былыргы киһи бу суруйуутуттан кэһии хас да сүрүн суолталара арылыччы арыллан тахсаллар:
1. Кэһии ылар киһи кэһиилээх үчүгэйдик саныырыттан, кинини сыаналыырыттан үөрэр, санаата көтөҕүллэр.
2. Бэйэтэ кэһиилээх киһи биэрбит кэһиим хаһан эмэ төннүө диэн эрэнэ саныырыттан хардары үөрэр. Кэһии аҕалбыт киһи анараа дьонун ытыктыырын, сыаналыырын илэ биллэрэр.
3. Киһи бэйэтин хайдах сананарын кэһиилээҕэ дуу, кэһиитэ суоҕа дуу эмиэ биллэрэр. Киһи бэйэтин олоҕор, баайыгар сөп түбэһэр кэһиилэннэҕинэ, санаата табыллар, көнөр. Бэйэтин сөптөөхтүк сыаналанар кыахтанар.
Ити курдук кэһии биэрии уонна ылсыы киһи киһиэхэ сыһыаннарыгар ураты өйдөбүллэри, бэйэ-бэйэлэрин ордук итэҕэйсэллэрин, эрэнсэллэрин, биэрбит тылларын толорорго дьулуһалларын иҥэрэр уратылаах.
Саха дьонун кэһии бэрсэр үтүө үгэстэрин ыраахтааҕы кэмин саҕа-нааҕы салайааччылар улаханнык туһанан аһара байбыттар. Жадов¬скай воевода баайын хайдах мунньуммутун силиэстийэлиир хамыыһыйа ыйыппытыгар маннык хоруйдаабыт: «Такие пожитки и деньги 3100 руб-лей я получил от якуцких обывателей и приезжих купцов, которые сносили мне за честь на царские ангелы, и господские праздники, и на мои именины, тако ж и на приезд мой, и на рождения детей моих, и на крестины». (8,69).
Былыргы кэмҥэ улахан салайааччыттан, тойон киһиттэн олохтоохтор олус улахан тутулуктаахтарынан туһанан элбэх кэһиини мунньунар кыахтанар эбит. Кэһии ылыахтарын баҕарар салайааччылар кыра да дьыала оҥорулларын барытын улахан кэһиитэ суох табыллыбатыгар, кыаллыбатыгар тириэрдэн кэбиспиттэр. Революция кэнниттэн үлэһит дьон былааһы бэйэлэрин илиилэригэр ылан баран тойоҥҥо кэһии биэриини «Бэрик биэриитинэн» ааттаан букатыннаахтык суох гыммыттара. Билиҥҥи да кэмҥэ салайааччы киһи бэйэтин үлэтин эбээһинэһин, эбии санаа көтөҕөр көмөтө, кэһиитэ суох оҥорорун олох көрдөбүллэрэ син-биир ирдииллэр.
Биирдиилээн дьон, аймахтыылар, ыаллыылар бэйэ-бэйэлэригэр хардары-таары кэһии биэрсиилэрэ да ылсыылара да саха дьонугар олус тэнийбит былыргы үгэс буолар. Аймахтыылар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарыгар кэһии суолтата үрдүгүн В.А.Протодьяконов «Киһини итэҕэйэр буоллахха» диэн кэпсээнигэр бу курдук арыйар.
Аҕата ботуоҥкатын сүөрэн:
- Ийэҥ кэһиитэ,- кини миискэҕэ тапталлыбыт арыыны, бидоннаах сүөгэйи уонна туос ыаҕайалаах сымыыты хостоон таһаарда. Прокопий ийэтин кэһиитин күндүтүк тутан, тумбатын үрдүгэр уурда. Бу кэһии ийэтин эйэҕэс тапталын, төрөөбүт-үөскээбит алааһын, дьиэтин санатта. (9,67).
Kэһии биэрэр уонна ылсар үгэс билигин даҕаны аймахтыылар икки ардыларыгар тутуһулла сылдьар. Бу үтүө үгэс дириҥ суолтатын арыйан дьон билиитигэр таһаарыы киһи киһиэхэ сыһыаннарыгар үчүгэй өттүгэр хамсааһыны таһаарыа этэ.
Былыргы дьон «Киһиэхэ кыра да наада» дииллэр. Ол кыралара диэн киһиэхэ үчүгэй санааны киллэрэн биэрии буолар. Хайдах эмэ гынан киһи санаатын көтөҕүүнү ситиһии бэйэтэ туспа кыайыыны оҥорууга тэҥнэнэр. Кэһии киһи санаатын көтөҕөр уратылааҕын саха дьо¬но былыргыттан арааран билэн бэйэлэрин олохторугар олус киэҥник тутталлар.
Киһи хайа эмэ ыалга ыалдьыттыы тиийиитэ кинилэр олохторугар биллэр уратылары киллэрэр. Бу үөскүүр ураты санаалары тэҥнээн биэ-риигэ кэһии ылар оруола олус үрдүк. Ким эмэ ханна эрэ ыалдьыттыы бардаҕына, бэйэтин кыаҕыттан көрүнэн, туох эмэ кэһиилээх барара ордук. Ол курдук тыаҕа тахсыыга туттуллар кэһиинэн куорат сир солун астара, арыгылара, кыра табаардара да буолуохтарын сөп курдук. Онтон куоракка киириигэ тыа сирин ордук иҥэмтэлээх астара олус сыаналанар кэһиинэн ааҕыллыахтарын сөп этэ.
Ыалга кэһиилээх тиийии сылдьар ыалы улаханнык ытыктааһын, сыа-налааһын бэлиэтэ буоларын саха дьоно былыргыттан билэллэр. Кэһии-лээх кэлбит ыалдьыкка төннөрүгэр хардары кэһии биэрэн ыытыы үгэһэ сахаларга эмиэ олус тэнийбит.
Ыраах сиртэн айаннаан кэлэр дьон кэһиилээх сылдьаллара биллэр. Айаҥҥа, араас оһоллор элбэхтик буолар сирдэригэр сылдьар кэмҥэ, киһи атын дьон үчүгэйи баҕаралларыгар ордук наадыйар. Ол курдук ыраах айаҥҥа сылдьар киһи атын дьон санааларыттан, быһыыларыттан олус улахан тутулуктанар. Дьон үчүгэйи баҕара санааһыннара хаһан баҕарар киһиэхэ туһалаах буолар, көмөлөһөр. Бу быһаарыыга кэлэн кэһии кистэлэҥ суолтата ордук арыллан тахсар. Ол курдук дьон үчүгэйи баҕара саныылларын ситиһиигэ кэһии ылар оруола олус үрдүк.
Хардары-таары кэһии бэрсиитэ олус былыргыттан олохсуйбут. Кэһиини ылыы бэйэтэ биир ураты өйдөбүллээх. Ол уратыта иэскэ кии-риини бэлиэтиирэ буолар. Ол аата, бу кэһиини ылан баран аны хаһан эмэ төттөрү кэһии биэриллиэхтээх диэн өйдөнөр. Кэһии бэрсэр үгэс кэккэлэһэ олорор ыаллары ытыктааһыҥҥа, сыаналааһыҥҥа олоҕурар. Бы¬лыргы кэмнэргэ сахаларга ыаллар, аймахтар бары дьыалаларын бииргэ түмсэн, санааларын холбоон оҥостоллорун ордук чуолкайдаан бэлиэтиир үгэс кэһии бэрсиитэ буолар.
Сахалар былыр-былыргыттан «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн этэллэр. Хайа баҕарар киһи дьон ортолоругар олоҕун атаарар. Дьон бу киһи туһунан бары санаалара киниэхэ тула өттүттэн дьайа сылдьаллар. Ол иһин киһи олоҕо, дьиэ кыылларын олохторо эмиэ атын, тулалыыр дьон санааларыттан олус тутулуктаахтар. Былыргы сахалар киһи санаатын уратыларын дириҥник билэр эбиттэрин кэһии ылар уонна биэрэр үтүө үгэстэрэ чуолкайдык быһаарар. Ол аата, кэһии сүрүн суолтатынан сыһыаннаах дьон санааларын тупсарыыга быһаччы аналлаах.
Сылдьыбатаҕа сылтан ордубут киһи ыалга ыалдьыттыы эбэтэр хоно кэллэҕинэ кыра да буоллар, туох эмэ кэһиилээх кэлэн, бэйэтин бил-лэрэрэ ордук. Кэһии кыра да буоллар бу кэлбит ыаллары төһө ытыктыыры, сыаналыыры биллэрэр бэлиэ буоларын умнубатахха ыаллар санаалара көнөрө, тупсара сылдьар киһиэхэ ураты туһалаах.
Олус эстибэтэх, быстыбатах, бэйэтин кыанар, умнаһыттыы илик киһи бэйэтэ кэһиитэ суох ыалга кэлэриттэн санааргыыр буолуон сөп. Бэйэтин санаатыгар сөп түбэһэр кэһиилээх киһи санаата туолар, дуоһуйар. Ол аата, кэһии төһөтө, элбэҕэ, киһи олоҕуттан, бэйэтин хайдах сананарыттан быһаччы тутулуктааҕын бэлиэтиир. Ким хайдах кэһиилээҕиттэн бэйэтин хайдах сананара быһаарыллар. Итини тэҥэ бу кэһии хайдаҕа киһи кэлбит ыалларын төһө ытыктыырын, сыаналыырын көрдөрөр бэлиэ буолара ордук улаханнык биллэр.
Саха ыалларыгар кэһии түҥэтиитин суолтата ордук ыаллар идэһэлэрин өлөрдөхтөрүнэ биллэн тахсар. Манна биир эмэ ыал быйыл идэһэтэ суох буолан хааллаҕына, ыалларын идэһэлэриттэн амсайар дьоллонол¬лоро ханнык да саарбаҕа суох буолар. Тула олорор ыаллар бары идэһэлэннэхтэринэ, хардары-таары бэрсиһэннэр бары идэһэлэрин эттэриттэн амсайар кыахтаналлар.
Туох туһалаах барыта кэһиигэ барсыан сөп. Сорох түгэҥҥэ хаһыат, сурунаал эмиэ кэһиинэн ааҕыллар кэмнээхтэр эбит. (10,222). Кэһии буолар аһылыктан былыргы кэмҥэ ордук сылгы ойоҕоһо сыаналанар этэ. Билигин кэһиигэ сөп буолуох айылаах туох барыта хас маҕаһыын, киоска аайы толору анньыллан тураллар. Ырыынак кэмэ көмөлөһөн туох эмэ кэһиини булууга баҕа санаа эрэ баара наада буолар кэмэ кэлбитэ ыраатта.
Ити курдук умнулла сыспыт үтүө үгэһи аһара барбакка эрэ бэйэ-бэйэҕэ сыһыаны тупсарыыга туттар буолуу дьон санааларыгар биллэр үчүгэйи киллэриэ этэ. Санаата көммүт киһиттэн ордук сылаас сыһыан үөскээн тахсара хайа баҕарар саха киһитигэр туһалаах буолуо.
ХАРАХ - ӨЙ-САНАА СИЭРКИЛЭТЭ
Киһи иһигэр тугу саныы сылдьара тас көрүҥэр, сирэйигэр-хараҕар тута биллэр дииллэр. Ордук ис туруга харахха арылхайдык көстөр. Ол иһин бу үлэбитин «Харах киһи өйүн-санаатын сиэркилэтэ» диэн ааттаатыбыт.
Өй-санаа уонна өйгө-санааҕа туох уларыйыылар тахсыылара киһи тас көрүҥэр, сирэйигэр, хараҕар туох эмэ бэлиэлэринэн көстөн биллэр. Бу көстүүлэртэн өй-санаа уларыйыыта ордук арылхайдык киһи хараҕар көстөн биллэр.
Биһиги бу үлэбитигэр киһи өйө-санаата, куттара хараҕар көстөн биллэн сылдьалларын, олору таба көрөн быһаарыы дьон билсиһэллэригэр уонна бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннарыгар ордук туһаны аҕалыахтааҕын быһаара сатыыбыт.
Киһи хараҕын уонна көрүүтүн уратыларын туһунан ордук суруйааччылар таба бэлиэтээн суруйаллар. Кинилэр киһи араас кэмнэргэ, майгына уларыйан ылыытыгар хайдах уратылардаахтык көрүтэлээн ыларын арааран, ойуулаан бэлиэтииллэр. Биһиги бу үлэбитигэр суруйааччылар харах араастаан көрүүтүн уонна уларыйыыларын хоһуйан суруйбуттарыгар олоҕурдубут.
Олох сайдан иннин диэки барар кыаҕа төһө элбэх киһиэхэ үтүө санаалар үөскүүллэринэн быһаарыллар. Ол аата, дьон үксэ үтүө дьыалаҕа биир санааланнахтарына эрэ ситиһии, сайдыы кэлэр кыахтаах. Биһиги олохпут сыалынан дьону барыларын кытта эйэлээхтик бииргэ олоруу буоларынан дьон үгүс өттө үтүө санаалаах диэн быһаарыы сөп түбэһэр.
Yтүө санаа харахха көстүүтэ ураты. Дьоҥҥо үтүөнү баҕарар киһи «Сырдык, ыраас харахтаах» диэн суруйааччылар быһаараллар. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн кут диэн киһи санааларын түмсүүлэрэ, үөрэммит үгэстэрэ буолар. Yтүө санаалаах, үтүө үгэстэргэ үөрэммит киһи, ол аата үтүө, үрүҥ куттаах киһи буолар. Yтүө санаалардаах киһи хараҕа сырдык ыраас, сандаарыччы көрөр буолар. Чаҕылхай сырдык харах үтүө санаа түмсүүтүн көрдөрөр. «Хараҕын ыраах түгэҕиттэн күлүмнэтэр. Сандаарыҥнас, саһархайдыҥы уоттааҕынан көрөргө дылыта»,- диэн билэр киһи П.А.Ойуунускай хараҕын ойуулаан суруйар.
Куруук да буолбатар киһи олоҕор үөрүүлээх түгэннэр үүнэллэр. Ханнык эрэ баҕа санаата туолбут, дьолломмут киһи үөрэр. Харах үөрүүнэн күлүмнүүр, тырымныыр, сандаарар кыымынан ыһыахтанар, үөрүүтүттэн тулалыыр дьоҥҥо, айылҕаҕа бэрсэр. Yөрбүт киһи хараҕа сырдаан, сандааран, уоттанан кэлэрин суруйааччылар «Yөрүүтүттэн хараҕа кылапаччыйбыт», «Хараҕа үөрүүнэн сыдьаайбыт» диэн бэлиэтээн суруйаллар. Арай биир эмэ киһи үөрүүтүн кимиэхэ да биллэримээри атын сири көрөн кэбиһэрэ эмиэ баар суол.
«Сылаастык», «Сымнаҕастык көрөр» диэн таптыыр, сөбүлүүр киһи хараҕын ааттыыллар. Сөбүлүү көрөр харах сылаас уоттаах, имэрийэрдии көрөр. Сөбүлүү көрөр хараҕы «Сандаарыччы көрөр», «Эйэҕэстик көрөр» диэн эмиэ этэллэр. «Таптыыртан харах арахпат» диэн этии ханнык да эбии быһаарыыга наадыйбат. Арай «Таптаабыт харах» тапталлаах киһи атын уратыларын таба көрбөтүнэн эрэ уратыланар.
«Дьэбир киһи» диэн этии өйүн-санаатын араас уларыйыыларын тас көрүҥэр ханан даҕаны биллэрбэт киһини этэллэр. «Дьэбирдик көрүү» диэн этии ыарахан, хамсаабат, дьиппиэн көрүүнү быһаарар.
Уһун кэмҥэ анаан-минээн дьарыктаммыт, ураты үөрэҕи барбыт киһи ис санаалара тас көстүүлэригэр ханан даҕаны биллибэтин ситиһэр. Анаан-минээн ураты үөрэҕи барбатах киһи өйө-санаата уонна өйүн-санаатын уларыйыылара хараҕар көстөн ааһыыларын кыайан кистиир кыаҕа суох. «Хараҕа кылапачыс гына түстэ» диэн үөрбүтүн кистии сатыыр киһини этэллэр. Киһиэхэ туох санаалар өйүгэр-санаатыгар киирбиттэрэ хараҕар охсуллан биллэн ааһалларын кистиир олус уустук.
Куһаҕан санаалаах киһи үөрбүтэ буолан ымайдаҕына даҕаны харахтара үөрбэттэр, тымныынан, килбэччи көрөллөр. Куһаҕан санааны кистии сылдьыы олус уустук, ыарахан дьыала. Куруук кэтэнэ, сэрэнэ, хараҕы саһыаран атын сири көрө сылдьыахха наада. Куһаҕан санаалаах, сөбүлээбэт киһини кыра оҕо ордук арааран билэр, бэйэтэ чугаһаабат, тэйиччи сылдьар.
«Сабыстыгас харахтаах» диэн этии санааҕа ылларбыт киһини быһаарар. Куруук ыар санааҕа ыллара сылдьар киһи хараҕа «Курустук көрөр». Ыар санаа хам баттааһына хара күлүк буолан хараҕы бүөлүүр, харах сабыллар, бүрүөлэнэр.
«Аахайбаттык, тымныытык көрүү» ханнык даҕаны ис санаатын биллэрбэт киһи хараҕа буолуон сөп. Туохха да кыһаммат, санаатын уурбат киһи эмиэ итинник көрөр. «Муус курдугунан тымныытык көрбүт аһыныгаһа суох» харахтар аныгы эдэрдэргэ ордук элбэхтик көстөллөр. «Муус курдук харах», «Мэндээриччи көрүү», «Болоорхой харах» диэн быстах санаалаах, быстах быһыылары оҥорор кыахтаах дьон харахтара ойууланар.
Быстах санаалаах киһи хараҕа олоҕо суох, мээлэнэн сүүрэлиир, тугу да таба көрбөккө халтарыйан ааһар. «Хараҕа олоҕо суох» диэн иннэ-кэннэ биллибэт, быстах санаалаах киһини бэлиэтээн этэллэр. Куттаҕас киһи «Хараҕа сүүрэлиир», биир сири таба көрбөккө эрэйдэнэр.
«Ньамах курдук, будулуччу көрбүт» харахтаах киһи туох санаалааҕа биллибэт, тугу баҕарар оҥорор кыахтаах киһи буолар. Кини ийэ кутугар ханнык даҕаны киһилии өй-санаа ууруллан мунньуллубатах буолан хараҕа чычаас, болоорхой.
Быстах кэмҥэ киһи майгына уларыйан ылыытыгар хараҕын хайдах көрүтэлээн ылаттыырын детективтэри суруйааччылар ордук табан арыйаллар. Киһи майгынын эмискэ уларыйыыта хараҕар биллэ түһүүтэ: «Хараҕа кытаата, дьиппинийэ түстэ», «Тимир курдук көрдө», «Хараҕа хамсаабат» диэн этиилэринэн бэриллэр.
Киһи олус кытаанах санааны ылыннаҕына хараҕа «Ыстаал курдук килэпэччийэр» харахха кубулуйар уонна туохтан да иҥнибэт, тоҕо түһэр кыахтанар. Санаата күүһүрбүтэ хараҕыттан уот буолан кыламныыр. Олоҕор түбэһэн ааһар олус ыарахан балаһыанньаҕа киирэн баран быыһанаары бары кыаҕын, күүһүн уурбут киһи хараҕа ыстаал курдук килэпэччийэр, уоттанар.
Сахалар кут-сүр үөрэхтэригэр билигин «Туруктаах өй-санаа» диэн быһаарыы баар буолла. Бу этии оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии үлэтэ биир тэҥник, сайдан иһии суолунан, ийэ уонна аҕа иккиэннэрин сабыдыалларынан барбытын быһаарар. Киһи хайдах көрөрө өйө-санаата туруктааҕын, оттомнооҕун, боччумнааҕын быһаарар уонна «Олохтоох харахтаах» диэн этиигэ сөп түбэһэр.
Хараххытын көрсөр буолуҥ. Ыраас, үтүө санаалаах киһи хараҕа ыраас, сырдык буолар. Yөрдэҕинэ хараҕа ордук сырдыыр, сандаарар, хараҕын түгэҕэ көстүбэт, дириҥ.
«Хараҕын куоттара көрө сылдьар» киһи албын буолуон с±п. «Олоҕо суох сүүрэкэлээбит харахтаах» киһиттэн сэрэнэ соҕус сылдьыахха, киһи соччо эрэммэт киһитэ буолуон, хаһан баҕарар түһэн биэриэн сөп. Киһи эрэммэт киһитин: «Хараҕа олоҕо суох», «Мээлэнэн көрбүт», «Киһини таба көрбөт», «Хараҕа сүүрэлэс» диэн быһаарыыларынан эмиэ арааран билэллэр.
«Киһини куһаҕаннык көрөр» диэн быһаарыы куһаҕан санаалаах, сөбүлээбэт, кыыһыран иһэр киһини арыйар. Маннык киһиэхэ дьон чугаһаабаттар, тэйиччинэн сылдьыахтарын сөп.
Өйө-санаата ситэ сайдыбатах киһи эмиэ ып-ыраастык, туох да сыстыбатаҕын курдугунан мэндээриччи көрүөн сөп. Хараҕа чычаас, ханнык даҕаны иэйии кыыма көстүбэт.
Киһи өйө көппүтэ хараҕар көстөн биллэр. «Балык миинин курдугунан көрбүт иччитэ суох харахтаах» киһи өйө көппүт эбэтэр суох да буолуо. «Иччитэ суоҕунан мэндээриччи көрбүт харахтаах» киһи иирбит эбэтэр итирбит буолуон сөп. Иччитэ суох буолбут харах түгэҕэ сабыллар, мэндээриччи көрөр.
Сахалар «Харах эмиэ иччилээх» диэн этиилэрэ итини быһаарар. Харах иччилээх буолара «Кут-сүр үөрэх» этиитигэр сөп түбэһэр. Кыра эрдэҕиттэн үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит, ийэ кута иитиллибит, туруктаах өйдөөх-санаалаах киһи хараҕа дириҥиир, иччитийэр. Киһи майгынын уратылара олус элбэхтэрин курдук харах көрүүтүн уратылара эмиэ олус элбэхтэр. Майгы уларыйыыта киһи санаатыттан тутулуктаах. Кытаанах санааны ылыныы харах көрүүтэ кытаатарыгар, батары дириҥник көрүүтүгэр тириэрдэр.
Дьон бары тус-туспа майгылаахтарынан уратыланаллар. Бу уратылар киһи хайа кэмҥэ төрөөбүтүттэн олус улахан тутулуктаахтар. Кыһын тымныы кэмҥэ төрөөбүт дьон ордук кытаанах майгылаахтар, өһөстөр, тулуурдаахтар. Бу дьон барыларын харахтара кытаанах, олохтоох. Кытаанах майгылаах дьон үчүгэй салайааччы, үөрэтээччи буолар кыахтаахтар.
Сымнаҕас майгылаах дьон харахтара эмиэ сымнаҕастар. Атын дьону үөрэтэр киһи аһара сымнаҕас майгылаах буолара табыллыа суох курдук. Yөрэтэр киһи көрдөбүлэ үрдүгэ үөрэх ситиһиилэнэригэр тириэрдэрэ ханнык да саарбаҕа суох. Халбаҥнаабат, кытаанах көрдөбүллэрдээх буолуу үөрэх дириҥник иҥэрин хааччыйар.
Киһи хараҕын көрүүтэ майгына, санаата уларыйыытыттан олус түргэнник уларыйар. «Кыыһыран хараҕын хааннааҕынан көрдө» диэн этии олус улахан кыыһырыы буолбутун бэлиэтиир. «Кыыһырбытын омунугар хараҕа уоттанна» диэн этии түргэнник уонна улаханнык кыыһырбыт киһини быһаарар. Кыратык кыыһырбыт киһи хараҕын кырыытынан кынчарыйан көрүөн эмиэ сөп. Куруук кынчарыйа сылдьар дьон эмиэ баар буолааччылар.
Өлөн эрэр киһи хараҕа «Өһөн барар», «Өлбөөдүйэн, уота умуллар». Өлүү-сүтүү ыар тыына хараҕы «Yрүҥүнэн көрүүгэ», «Тиэрэ көрүүгэ» тириэрдэр.
Онон, бэйэ-бэйэттэн хараҕы кистээбэт буолуу киһи киһиэхэ сыһыанын тупсарар. Өй-санаа киһи хараҕынан бэриллэн тулалыыр атын дьоҥҥо тарҕанар.
Yчүгэйдик, сымнаҕастык көрөр үтүө санаалаах киһиэхэ дьон чугастык, иллээхтик сыһыаннаһаллар. Yтүө санаалаах буоларгытыгар баҕарабыт.
Yөрбүт харах киһини бэйэтигэр тардар, угуйар, үөрүүтүттэн бэрсэр курдук. Дьон чугаһыыллар, үөрүү кыымнарыттан тииһинэллэр. Yөрэ-көтө сылдьар ордук.
Сылаастык имэрийэрдии сымнаҕастык көрөр, кэмигэр үөрүү-көтүү, дьол-соргу кыымнарынан сыдьаайар, сырдык уотунан толбоннурар харахтаах киһиэхэ дьон ордук тардыһар, чугаһыыр. Истиҥ-иһирэх сыһыаҥҥытынан, иэйиилээх тапталгытынан тоҥмуту ириэрэ, чугас дьоҥҥутун үөрдэ-көтүтэ сылдьар кыахтааххыт.
ТӨБӨ уонна БАС
Сахалыы төбө диэн тылы киһиэхэ сыһыаннаан маннык быһаараллар. Киһиэхэ үөһээ, оттон сүөһүгэ, харамайга инники өттүгэр сылдьар, мэйиитэ, көрөр-истэр органнара баар сүрүн миэстэтэ. (3,194).
Киһи өйө-санаата барыта төбөттөн тутулуктааҕын быһаарар этиилэр сахаларга элбэхтэр. «Төбөтүнэн ыалдьар» диэн иирбит, өйө-хамсаабыт киһини, «Кыайыыттан төбөтө эргийэр» диэн туох эмэ ситиһиилэммититтэн үөрэн, наһаалаан, бэрдимсийэн, киһиргээн барар киһини этиэхтэрэ. Бу этии¬лэри өссө чуолкайдаан биэрэр «Барыта төбөттөн тутулуктаах» диэн этии баар.
«Дьилэй төбө» диэн букатын таас курдук кытаанах туох да өй-санаа диэн киирбэт төбөтүн этэллэр. Бу этии кытаанах төбөҕө ханнык да өй-санаа, үөрэх кыайан киирбэтин эбэтэр букатын иҥнибэтин быһаарар.
Олус мэник оҕону бэлиэтиир «Төбөт» диэн тыл төбөттөн тахсар өйүнэн-санаанан салаллан сылдьыы киһи быһыытыгар соччо сөп түбэс-пэтин быһаарар.
Төбө диэн тыл чорбойо сылдьары бэлиэтиир буолан ордук киһи этигэр-сиинигэр сыһыаннаах. Төбөҕө сыһыаннаах өй-санаа соччо үчүгэйэ суох, быстах өйү-санааны бэлиэтииргэ туттуллар. Онтон бас диэн тыл өй-санаа үчүгэй, киһилии өттүгэр сыһыаннаһар уонна өй-санаа төһө элбэҕин, хайа диэки хайысхалааҕын кытта быһаарар. Бас диэн тыл ууну эбэтэр ханнык эрэ убаҕаһы баһарга эмиэ туттуллар буолан киһилии өй-санаа баарын эбэтэр суоҕун кытта биллэрэр.
Сахалар киһи баһын туһунан элбэх этиилэриттэн киһи өйүн-санаатын быһаарар этиилэрэ манныктар бааллар:
- «Чаал бас» диэн ааттаах баска өй-санаа нэһиилэ киирэн кыра¬лаан иҥэр эбит буоллаҕына, «Чой бас» диэҥҥэ туох да өй-санаа кии¬рэрэ биллибэт. Бу этиилэр маннык бастарга өй-санаа ханнык да сибики, си-биэн буолан киирбэттэрин ордук быһааран бэлиэтиир курдуктар. Сай-дан иһэр кут-сүр үөрэҕэ өй-санаа киһиэхэ сибики буолан түүллэригэр киирэн көстөрүн бэлиэтиир. Итинник билиини сахалар: «Туох эмэ си-бики билиннэ дуо?»- диэн ыйыталаһаллара быһаарар.
Бас-көс киһи диэн кылгатан этии баһылаан иһэр, атыттартан ордон баһа көстөр диэн тыллартан үөскээбит.
Баһылык - бастаан иһэр, са¬лайааччы, баһы ыл диэн, онтон аҕа баһылык диэн баһылыктар аҕалара, тойонноро диэн тыллар буолаллар. Баһылай диэн аат сахалыы баһы салай диэн тыллартан үөскээбитэ итинник чуолкайданар.
Бас диэн тылтан үөскээбит бастаа, бастакы, бастыҥ диэн тыллар өйү-санааны саҕалааччы киһи инники иһэрин быһаараллар. Ол курдук бастаах диэн тыл бас баарын, ол аата өй-санаа баарын быһаарар. Итини тэҥэ бастыҥаны кэтии бастаан иһэр үчүгэй киһини бэлиэтиирин таһынан, туһалаах, киһилии өй-санаа баар буолуутун эмиэ бэлиэтиир.
Онон, бу тылларбытын ырытан быһаардахпытына аҕыйах, олоххо соччо туһата суох өйдөөх-санаалаах төбөҕө киһилии, бастаан иһэр өй-санаа баһыллар буола киирдэҕинэ бас буола уларыйар. Бу тыллар быһаарыылара өй-санаа икки аҥытын, киһилии өй-санаа баска эрэ үөскээн баар буоларын быһаарар.
БАТТАХ
Баттах киһи тас көрүҥүн тупсарарын таһынан этин-сиинин биир наадалаах чааһа. Киһи төбөтүн, өйүн-санаатын уйатын итииттэн-тым-ныыттан, үргүөртэн харыстыырын иһин сахалар баттаҕы өйгө-санааҕа быһаччы дьайар курдук саныыллар.
Сахалар «Баттаҕа суох киһи санааҕа-онооҕо ылларбат» диэн этиилээхтэр. Бу этиини дакаастыыр көстүүнэн былыргы ойууннар, удаҕан-нар, өй-санаа үлэтинэн күүскэ дьарыктанар дьон бары уһун баттахтаахтара буолар. Армияҕа сулууспаҕа сылдьар дьон баттахтарын кырыйыы ыраас, чэбдик буолууну таһынан, тугу да оҥордохторуна санааҕа-онооҕо ылларбаттарын, кылгас, быстах санаалаах буолууларын үөскэтэр.
Баттах уһаатаҕына киһи санаата эбиллэн түүлэ ордук элбиир уонна чуолкайданар. Киһи төһө эмэ уһун түүллэри өйдөөн хаалар кыаҕа улаатар.
Биһиги билигин даҕаны баттах туһунан билиибит аҕыйах быһыылаах. Киэр¬гэлтэн атыннык санаабаппыт. Арай улаханнык куттаммыт, соһуйбут киһи баттаҕа өрө туран хааларын туһунан кэпсээннэргэ ахтылларын эрэ билэбит. «Баттаҕа өрө туран хаалла» диэн суруйууну аахтахпытына даҕаны бэйэбит боруобаланан көрбөтөх буоламмыт аахай¬бакка аһарабыт.
Баттах эмиэ киһи бары этин-сиинин курдук - тыыннаах. Кытаанах майгылаах киһи баттаҕа эмиэ кытаанах. Кыра эрдэххэ сымнаҕас, ньассыын баттах сааһыран истэххэ кытаатан, хойдон, халыҥаан иһэр. Ол барыта баттах элбээн иһэринэн буолбакка, соноон, кытаатан иһэринэн быһаарыллар. Кыра эрдэххэ кугас баттах сыыйа харааран хаалар. Этэ-сиинэ доруобай киһи баттаҕа бэйэтэ да кылапаччыйан, килбэчийэн үчүгэй көрүҥнээҕин, тостубатын, түспэтин бары билэллэр.
Киһи үгүс билиини хараҕынан көрөөт даҕаны быһаччы ылынар. Ону «Истибиттээҕэр көрбүт ордук» диэн быһаараллар. Yөрэнии икки араастаах. «Киһилии киһи атын дьон сыыһаларыттан көрөн үөрэнэр, онтон мөлтөх киһи бэйэтин сыыһаларыттан эрэйдэнэн үөрэнэр» диэн саха дьоно этэллэр. Бу этиилэргэ киһи олох үөрэҕэр хайдах үөрэнэр дьоҕурдааҕа толору арыллар. Ол курдук көрөн үөрэнии киһиэхэ дьайар күүһэ улахан.
Атын дьон оҥорор быһыыларыттан үөрэҕи көрөн ылынарга олоххо уоппуттаах уонна уоппута суох дьону арааран биэрэр бэлиэ баар буо-лара наада. Айылҕа оннук бэлиэни дьоҥҥо эмиэ оҥорбут.
Дьоннору араартыыр, олоххо төһө уоппуту мунньуммуттарын быһаа¬рар көстүүнэн баттах маҥхайан иһэрэ буолар. Эдэр киһи маҥан баттахтааҕы көрө түһээт «Бу кырдьаҕас, уһуннук олорбут, олоххо элбэх уоппуту мунньуммут киһи» диэн соҕотохто быһааран кэбиһэр. Кырдьаҕас киһи итирэн, эҥиннээн куһаҕаннык быһыыланарын дьон көрдөхтөрүнэ «Баттаҕа маҥхайыар диэри өй киирбэтэх» диэн хомойбуттарын биллэрэллэр.
Айылҕа киһи баттаҕын тоҕо маҥхатан иһэрин дириҥник толкуйдаан ырыта иликпит. Кырдьаҕас сылгылар маҥхайан иһэллэр. Үөр аттарга маҥан сылгы ордук бочуоттанар. Эдэр хара, буулуур соноҕостор маҥан сылгыга суолларын туораан биэрэллэрин таһынан үчүгэй аһылыктарын кытта туран биэрэллэр.
Киһи кырдьан, сааһыран истэҕинэ баттаҕа сыыйа маҥхайан иһэр. Баттах маҥхайан барыыта киһи сааһыран, олоххо уоппута эбиллэн, мунньуллан иһиитин кытта сөп түбэһэр бэлиэ буолар. Маҥхайбыт баттах көстүүтэ атын, туора киһиэхэ быһаччы биэрэр өйдөбүлүн кэлин кэмҥэ сатаан туһаммаппыт билиннэ. Ол иһин эдэр көлүөнэлэрбитин иитии-үөрэтии таһыма мөлтөөтө диэн этэрбит элбээтэ. Эдэр киһи маҥан баттахтаах кырдьаҕас киһини көрө түһээт даҕаны бэйэтин тардына, бэрээдэгин тупсарына түһэр кэмэ былыр эрэ буолар эбитин курдук саныы үөрэннибит, кинигэлэр үөрэхтэрин баһылаабыт эрэ дьон олоххо уоппуттара элбэх диэн сыыһа санааҕа оҕустардыбыт. Ханнык баҕарар киһи хаһан баҕарар маҥан, үрүҥ дьүһүнү сөбүлүү, сэҥээрэ көрөр. Бу дьүһүн сырдык буолуутун бэлиэтиир буолан киһиэхэ өй-санаа эбиллэн иһиитин көрдөрөрүн ситэ сыаналаабакка сылдьабыт.
Сааһыран эрэр дьахталлар эдэр курдук көстөөрүлэр, бэйэлэрин туһаларыгар эр дьону тардаарылар баттахтарын хара, эриэн гына кы-рааскалыыллар, улааппыт кыргыттарын кытта тэҥнээх, саастыыларын курдук тутта-хапта сатыыллар. Маннык быһыылара бэйэлэригэр туһалааҕын иннигэр оҕолорун иитэр-үөрэтэр өттүгэр туһалаах сабыдыалларын лаппа кыччатар. Ол иһин оҕолор ийэлэрин этиилэри-нээҕэр кырдьаҕас, баттаҕа маҥхайбыт эбэлэрин, эһэлэрин этиилэрин ордук истэллэрэ, толороллоро биллэр. Оҕолор, олоххо уоппут-таахтара биллэ сылдьар дьон этиилэрин, үөрэхтэрин ордук ылыналлар. Эһэлэр, эбэлэр ииппит сиэннэрэ үлэҕэ-хамнаска ордук сыһыаннаахтара итини дакаастыыр.
Маҥан баттаҕа суох киһини оҕо тэҥнээҕин, саастыылааҕын курдук көрөр. Бу киһи этиитигэр улахан сыанабылы биэрбэт, аанньа ахтыбат. Дьахталлар баттахтарын кырааскаланан тупсарына сатааһыннара оҕо-лорун иитиилэрэ мөлтүүрүгэр тириэрдэр. «Кырдьаҕас төрөппүттэр оҕолоро үчүгэй иитиилээх буолар» диэн норуокка этии баар. Бу этии кырдьаҕас дьон иитэр-үөрэтэр кыахтара ордук элбэҕин быһаарар уонна маҥан баттах оҕону иитиигэ быһаччы сыһыаннаах диэн этиибитин бигэргэтэр.
Маҥан баттах дьайыыта суох буолан, кырдьаҕас төрөппүттэрэ суох эдэр ыаллар оҕолорун иитэр-үөрэтэр кыахтара намтаан иһэр. Кавказ омуктарын: «Үчүгэй кырдьаҕастар суох сирдэригэр эдэрдэр халы-маар-гы иитиилээх буолаллар»,- диэн этиилэрин табатык сыаналыырга маҥан баттах суолтатын быһаарыы көмөлөһөр. Ол курдук киһи олоҕор маҥан дьүһүн ылар оруола олус үрдүк. Хайа баҕарар киһи маҥан, үрүҥ дьүһүнү - үчүгэй диэн сыаналыыр. Ол аата, Айылҕа бэйэтин дьиҥнээх көстүүтэ, сырдык буолуута киһиэхэ үчүгэй буолуутун, бу үчүгэй диэн өйдөбүлүн үөскэтэр. Итини тэҥэ хара дьүһүн маҥаҥҥа кубулуйан барыыта сырдык, үчүгэй буолан барыытын бэлиэтиир. Кырдьаҕастары сыаналыыр буолуу олох уоппутун табатык иҥэриниигэ көмөлөһөр, эдэрдэр сотору бэйэлэрэ кырдьан, олохторугар элбэх уоппуту мунньунан баттахтара эмиэ маҥхайан барарын биллэрэр.
Былыргы таҥара үөрэхтэригэр маҥан баттах туһунан бу курдук этэллэр: «Слава юношей - сила их, а украшение стариков – седина». Кэнники кэмҥэ сахалар олохторун үөрэҕин аанньа ахтыбат буолуу биһиги кырдьаҕастарбытын улаханнык туоратта. Онуоха эбии бэйэлэрэ арыгы иһэннэр сыыһа-халты туттаннар, аптарытыаттарын түһэн биэрэн иһэллэр. Олох ыараханын тулуйан, олохторугар ситиһиилэри оҥорон кырдьар саастарыгар тиийбит кырдьаҕастар бэйэлэрин күүстээх санааларын эдэрдэргэ көрдөрөн дакаастаан иһэллэрэ эбитэ буоллар маҥан баттах дьайыыта эдэр дьоҥҥо ордук тиийиэ этэ. Ол аата, кырдьаҕас дьон ордук киһилии быһыы¬лаахтарын, тулуурдаахтарын олоххо көрдөрөллөрө эдэр дьоҥҥо холобур буолан туһалыа этэ.
Итини тэҥэ билигин өй-санаа бэйэтэ туспа эниэргийэ көрүҥэ буолара быһаарыллан эрэр. Хойуу баттах Айылҕа эттигэ буолан таһыттан кэлэр араас өйдөрү-санаалары эниэргийэлэри киллэрбэтэ, онтон бас иһигэр үөскүүр бэйэ өйүн-санаатын хаайан тутара, мунньара киһи өйө-санаата туруктаах буоларыгар ураты суолталаах. Сахалар баттаҕа суох киһини олохтоох өйө-санаата аҕыйах, быстах санааҕа ылларымтыа киһинэн ааҕаллар.
УТУЙУУ
Киһи үйэтин үс гыммыттан биирин утуйан атаарар. Кыра оҕо олус элбэхтэ утуйар. Улаатан иһэн утуйара элбэх соҕус, онтон кырдьа баран, иннэ кылгаан, кэннэ уһаан истэҕинэ, утуйар кэмэ лаппа аҕыйаан барар.
Сааһыран иһэр киһи этэ-сиинэ оннун булан, аны улаатара бүттэҕинэ сынньанар кэмэ аҕыйаан биэрэр уонна олохпор туһалааҕы оҥорорум кыаттарымаары гынна диэн санаа киириитэ киһи утуйар кэмэ кылгыырыгар тириэрдэр. Ол аата, утуйар кэм аҕыйаан биэриитэ киһи санаатыттан ордук тутулуктаах уонна туһалааҕы оҥорор кэмэ элбиирин үөскэтэр.
Киһи этэ-сиинэ сынньана, утуйа сыттаҕына, өйүн-санаатын сорох өттө утуйбат, куруук кэтээн, этин-сиинин эмиэ хонтуруоллуур, көрөр-истэр. Утуйа сытан хайа эрэ чааһа хам баттаннаҕына, көһүйдэҕинэ хамсанан, эргийэн биэрэр, онтон тоҥноҕуна суорҕанын көннөрөн саптар.
Утуйа сытар киһи этэ-сиинэ сынньанар, күнүскү сылаатын таһаа¬рар. Быччыҥнара, сүһүөхтэрэ, өйүн-санаатын толкуйдуур, быһаарар өттө бары сынньаналлар.
Киһи Айылҕаттан айыллыаҕыттан түүҥҥү кэмҥэ утуйар, сынньанар аналлаах. Эт-сиин үлэлиир-хамсыыр күүһэ түүн мөлтүүр, киһи сынньа-нарга наадыйар. Итини тэҥэ киһи хараҕын оҥоһуута эмиэ сырдык кэмҥэ эрэ сылдьарыгар аналлаах. Сырдык кэмҥэ үчүгэйдик көрөр, онтон хараҥаҕа киһи көрөрө мөлтүүр. Ол иһин киһи хараҥаны абааһы көрөр, дьаахханар. Хараҥа буолуутуттан туох барыта көстөрө мөлтөөтөҕүнэ киһи этэ-сиинэ сынньанара наадатын эмиэ өйдүүр.
Кыра оҕо утуйа сытан суорҕанын табан, сатаан саптыбакка уон сааһа ааһыар диэри эрэйдэнэр. Мөхсөн суорҕанын түһэрэн, тэбэн кэ-биһэр, бэйэтэ аһара эргийэн кэбиһэн хаптаҕай, кыйыата суох оронтон сууллан да түһүөн сөп. Бу курдук эрэйдэнэн утуйа сытан табан хамсанарга оҕо олус өр кэмҥэ үөрэнэр.
Биир эмэ киһи утуйа сылдьан хаамарын туһунан кэпсээннэри эмиэ истиэххэ сөп. Олус уһун кэмҥэ эрчиллэн, үөрэнэн киһи аҕыйах хамсаныылары утуйа сылдьан оҥорорго син үөрэнэр. Ол курдук киһи тоҥноҕуна суорҕанынан эринэн кэбиһэрин бэйэтэ да билбэт. Утуйа сылдьан хамсаныыларга киһи өйө-санаата, салгын кута кыттыспат, уһуктан баран хайдах хамсаммытын киһи билбэт, өйдөөбөт. Маннык хамсаныылар аҥардастыы эт-сиин көрдөбүлүн эрэ толороллор, ол иһин буор кут быһаччы оҥорор хамсаныыларыгар киирсэллэр. Ол курдук киһи тоҥноҕуна кумуччу туттуута уонна суорҕынын эринэр хамсаныылара тыынар-тыыннаахтар бары оҥорор хамсаныыларыгар киирсэллэр. Ол иһин утуйа сытар киһи хамсаныыларыгар өйө-санаата кыттыспакка эрэ көннөрү этин-сиинин көрдөбүллэрин толорор хамсаныылары, буор кутун эрэ көмөтүнэн оҥорор диэн быһаарыахпытын сөп.
Бу быһаарыыны салгыы сайыннардахха киһиэхэ буор кут үөскүүр кэмэ эмиэ биллэн тахсар. Утуйа сытан табан хамсанарга оҕо 10 сааһын ааһан баран биирдэ үөрэнэр диэн быһаарыы киһиэхэ буор кут үөскээһинэ уонча сылы ыларын бигэргэтэр. Ити иһин киһи этин-сиинин эрчийэн, тутан-хабан үлэлиир үлэҕэ, холобур, уус идэтигэр, иистэнньэҥҥэ олус өр кэмҥэ үөрэнэр.
Итини тэҥэ утуйа сытар киһини толкуйдуур өйө-санаата, салгын кута салайбат диэн этиини итинник дакаастыахха эмиэ сөп курдук. Сахалар өйдөбүллэринэн утуйа сытар кэмҥэ киһи өйө-санаата, куттара этиттэн--сииниттэн туспа бараннар Үөһээ дойдуга сылдьаллар. Бу кэмҥэ киһи араас түүллэри көрүөн, ол түүллэригэр онно-манна да тиийэ сылдьыан сөп.
Киһи өйө-санаата сылайбат буолуон сөп. Утуйа сытар кэмҥэ өй-са-наа дьэ босхо баран көҥүл сылдьарын киһи түүлү көрөрө быһаарар. Бу кэмҥэ киһи бары өйө-санаата ийэ уонна салгын куттара тус-тус¬па баран сылдьаллар диэн этиигэ сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ эмиэ сөбүлэһэр.
Киһи сааһыран истэҕинэ өйө-санаата эбиллэн, билиитэ дириҥээн иһэр. Ол эбиллии бэ¬лиэтинэн түүл элбиир, түүлгэ көстөр дьон куттара ордук чуолкайдык көстөллөр уонна атын киһи саҥатын арааран истии эбиллэр. Киһи өйө-санаата кырдьары, сылайары, эт-сиин мөлтөөн-ахсаан иһэрин билиммэт. Ол иһин киһи куттарын өйдөрө-санаалара сааһыран истэҕин аайытын сөп түбэспэттэрэ, утарылаһаллара өссө улаатан биэрэр.
«Сүрэҕэ суох киһи утуйара элбэх буолар» диэн сахалар этэллэр. Киһи этин-сиинин баар-суох баҕа санаатынан тото аһыы-аһыы утуйа, сынньана сытыы буолар. Бу баҕа санааны киһи өйө-санаата сайдан, күүһүрэн кыайдаҕына, баһыйдаҕына эрэ аһыырыттан ураты дьоҥҥо уонна бэйэтигэр туһалаах дьыалалары, киһилии быһыылары, үлэни-хамнаһы туран оҥорор кыахтанар. Киһи утуйан туран туох эмэ туһалаах дьыалалары оҥороругар өйө-санаата этин-сиинин күһэйэр кыахтааҕа, күүстээҕэ наада. Ол иһин утуйуу эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх, сиэри таһынан барбата киһилии быһыылаах киһит¬тэн ирдэнэр.
КЫРДЬЫЫ
Кырдьартан ким да куоппат. Кэлиэхтээх кэмиттэн аһара хойутаабакка, бу кэллим диэн биллэрбэккэ сыыйа-баайа кэлэн иһэр. «Иитиллэр иэстээх»,- диэн сахалар этэллэр. Оҕону кыра эрдэҕиттэн киһилии быһыыга, кырдьаҕаска көмөлөһө үөрэттэххэ, кырдьыы кэмэ кэллэҕинэ, кыах, күүс мөлтөөтөҕүнэ көмөлөһүөн сөп. Элбэх оҕолоох төрөппүт кырыйдаҕына, кыаҕа-күүһэ мөлтөөтөҕүнэ оҕолоругар хардары-таары сылдьар, олорор кыахтанар. Кыра эрдэхтэриттэн тулуурдаах, дьулуурдаах, үлэҕэ-хамнаска үөрэммит оҕолоро биир төрөппүттэрин көрөр-харайар кыахтара улаатар. Элбэх оҕолоох буолуу уонна киһилии быһыыга үөрэтии кырдьар сааска көрүүгэ-харайыыга, сынньалаҥнык сылдьыыга тириэрдэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн кырдьан, мөлтүүр кэм кэлэрин билэ үөрэнэрэ наада. Кырдьаҕас эбэлэригэр, эһэлэригэр көмөлөһөн, туһа киһитэ буола улааттаҕына бэйэтин сиэннэрин киһилии быһыыга, кырдьаҕастары ытыктыырга, көмөлөһөргө үөрэтэр кыахтанар. Кырдьаҕастар бэйэлэрин көрүҥнэринэн олох эргийэн иһэрин сиэннэригэр көрдөрөн үөрэтэллэр.
Кырдьыбыт төрөппүтү көрүү-истии оҕо иэһэ. Бу иэс, ытык иэс буоларын туһугар оҕо кырдьаҕастары ытыктыы, көмөлөһө үөрэнэрэ ирдэнэр.
Кырдьан барыы киһи этэ-сиинэ мөлтөөһүнүнэн саҕаланар буолан өйгө-санааҕа улахан уларыйыылары киллэрэр, эт-сиин күүһэ-уоҕа, кыаҕа өй-санаа көрдөбүллэригэр кыайан сөп түбэспэтигэр тириэрдэр. Өй-санаа эттэн-сиинтэн тосту уратылаах буолан киһи хаһан даҕаны кырдьан иһэрин билиммэт. Ол оннугар сааһыран истэҕинэ өйө-санаатэ дьэ киирэн, эбиллэн, саҥа күүһүрэн иһэр курдук сана¬нар. Сахалыы эттэххэ киһиэхэ «Сүрэх баҕатын, сүһүөх кыайбат» кэмэ кэлэр. Бу кэм кэлиитигэр киһи өйө-санаата эрдэттэн бэлэмнэнэн биэ¬рэрэ наада. Ол иһин былыргы сахалар «Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан үөрэн» диэн этэллэр. Биһиги бу курдук киһи олоҕор сааһыран истэҕинэ үөскүүр этин-сиинин уларыйыыларыгар сөп түбэһэр гына өйө-санаата эмиэ уларыйан биэриэхтээҕин ситэ сыаналыы, туһана иликпит.
Өй-санаа кырдьыбат. Сааһыран истэххэ хата эбиллэн күүһүрэн, дириҥээн биэрэн иһэр. Өй-санаа эбиллэн иһиитин эт-сиин тулуйбат. Сыллар ааһан истэхтэрин аайы эт-сиин мөлтөөн-ахсаан, ыалдьан, кэбирээн иһэр. Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата кыайан тапсыбат, биир тылы булумматтара эбиллэн биэрэр. Бу кэмҥэ өй-санаа араас үөрэҕи-билиини ылынан сайдыбытынан туһанан бэйэтин этин-сиинин харыстаан, көрүнэн, сайыннаран, эрчийэн, дьарыктаан биэрэн иһэрэ эрэйиллэр. Бу быһаарыы олох тутаах көрдөбүлэ буолар. Дьон кырдьан истэхтэринэ «Кэннибит уһаан, иннибит кылгаан иһэр» диэн этэллэр. Бу этии эт-сиин уонна өй-санаа уларыйан иһиилэрин бэлиэтиир. Киһи кырдьан, сааһыран истэҕинэ, урут эдэр эрдэҕинэ үчүгэйдик, табыллан сылдьыбыт кэмнэрин саныыра, ахтара эбиллэр. Бу ааспыт кэмнэрин ордугургуу, ахта саныыра элбээтэҕинэ, билиҥҥи олоҕо, кырдьыбытынан сибээстээн, уруккутуттан мөлтөөн, ахсаан иһэрин бэлиэтиирэ элбиир.
Киһи кырдьан, этэ-сиинэ мөлтөөн урукку эдэр эрдэҕинээҕитин курдук кыайа-хото сылдьыбат, барбат-кэлбэт буоллаҕына, урукку сырыыларын, кыайыыла¬рын-хотууларын ахта саныыра ордук күүһүрэр. Элбэх кырдьаҕастар бииргэ муһуннахтарына билигин олорор олохторо урукку олохтору¬нааҕар мөлтөөн, ахсаан барыытын тэҥнээн көрөн ахта-саныы сылдьал¬лара эбиллэн биэрэр.
Элбэх дьон холбостохторуна омугу үөскэтэллэр. Уруккуну ахта санааһын өйө-санаата дириҥээн барыыта бу омук кырдьан, мөлтөөн-ахсаан эрэрин билиэтэ. Омук кырыйдаҕына, урукку кыайыыларын кыайан ситиспэт кэмэ кэллэҕинэ, ол кыайыыларын ахта-саныы сылдьара элбиир. Ол иһин уруккуну ахта-саныы сылдьар быһыы элбээтэҕинэ, омугу күүһүрдэ, урукку кэмигэр эргитэ сатааһын тэнийдэҕинэ, бу омук кырдьыбыт эбит диэн быһаарыы олохтоох буолар.
Билигин Россия дьоно, ордук нууччалар, урукку кэмнэрин ахта, суохтуу саныыллара ордук эбилиннэ. Кинилэр урукку ыраахтааҕы саҕанааҕы кэми, Петр Первэй, Суворов кыайыыларын ордук санаан ахтар буоллулар. Былыргы кыайыыларыгар-хотууларыгар хайдах эмэ гынан эргиллибит киһи диэн баҕара саныыллара үксээтэ. Арай урукку курдук кыайыылары билигин кэлэн хайдах гынан ситиһэр туһунан эрэ кыайан быһаарына иликтэр. Урукку кыайыылары эргитэр кыахтаах, ССРС эрдэхтэн олус сайыннарыллыбыт армия күүһэ-күдэҕэ билигин Россияҕа баар. Ол иһин кэлин кэмҥэ армияны бөҕөргөтүү, өссө сайыннарыы үлэтэ тэнийэн баран иһэр.
Аан дойду дьонун олохторугар Россия күүһүрүүтэ, ордук чуолаан армията бөҕөргөөһүнэ улахан кутталы үөскэтэр. Сайдыылаах омуктар куттанар санааларыгар Россия экономикатын сайыннарартан туттуналлар, онтон экономика сайдар кыаҕа суоҕа хайа эмэ ордук сайдыан сөптөөх эрэ хайысханы ылан ону сайыннарарга тириэрдэр. Ол иһин кэлин кэмҥэ Россия элбэх сэрии сэбин оҥостон аныгы сэриилэрин сэптэриттэн атын государстволарга атыылыыра эбилиннэ.
КИҺИ БЫҺЫЫТА
Оҕо айылҕаттан аналын быһыытынан олоҕу олоруон баҕарар. Саҥа төрүөҕүттэн улааппытынан бараары ийэтин эмпитинэн барар, туга эмэтэ тиийбэтэҕинэ ытаан бэбээрэн биллэрэн иһэр. Оҕо ытыыр саҥата киһи истэригэр саамай сөбүлээбэт дорҕоонноро буолаллар. Ытыыр саҥа көмө хайаан да наадатын биллэрэр. Кыра оҕо кыаммат буолан олоҕун ийэтин көрүүтүнэн-истиитинэн уонна көмөтүнэн саҕалыыр. Оҕо өйө-санаата кыра эрдэҕиттэн хайдах иитиллэриттэн уонна үөрэтиллэриттэн тутулуктанан сайдар. Саха дьоно: «Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарыаҕа»,- диэн этиилэрэ оҕо аҕатын суолун батыһан, үтүктэн үөрэнэн кини курдук буоларын уонна өссө бөҕөргөөн, хатарылыннаҕына салгыы сайдыыны ситиһэрин быһаарар. Өй-санаа, кут-сүр, таҥара үөрэхтэрэ оҕону иитииттэн-үөрэтииттэн, киһи буолуутуттан саҕалаан киһи быһыылаахтык олоҕун олороругар үөрэтэр аналлаахтар.
Киһи диэн тыл хаһан үөскээбитэ, туттуллар буолбута биллибэт ыраах. Өй-санаа сайдан киһи кыыллартан, сүөһүттэн арахсан киһилии быһыыланар буолуоҕуттан үөскээбит. Киһи былыр Күҥҥэ тэҥнэнэр үтүө тыл эбит. Былыргы түүрк тылын тылдьытын ыллахпытына, Күн диэн былыргы суолтата – киһи. (11,42).
Төрөппүт эбээһинэһэ оҕотун бэйэтин курдук киһи оҥоруу буолар. Төрөппүтүн өйүн-санаатын таһымын, үлэтин-хамнаһын ситиһэн баран өйүн-санаатын салгыы сайыннарбыт оҕо туруктаах өй¬дөөх-санаалаах буола улаатар. Өйө-санаата салгыы сайдан барыыта төрөппүтүн, үгэстэригэр билиитигэр-көрүүтүгэр, үлэтигэр-хамнаһыгар тирэҕирэр, онтон салгыы сайдан кини өйө-санаата туруктаах буолар. Ол аата оҕо ийэ кута үтүө үгэстэргэ төрөппүтүн көмөтүнэн үөрэннэҕинэ өйө-санаата туруктаах буола сайдар.
Дьон өйдөрө-санаалара сайдан истэҕин аайытын бэйэлэрин солбу-йааччыларын анаан-минээн, ааҕан-суоттаан Күн сирин көрдөрөллөр. Ийэ оҕотугар сыһыана оҕото бэйэтин олоҕор хайдах сыһыаннаһарын үөскэтэр. Улаатан истэҕинэ аһара көрүү-истии бэйэтэ мөл¬төх, бэлэмҥэ үөрэммит киһини иитэн таһаарар. Барыны-бары бэйэтэ оҥоро үөрэммит оҕо олоххо дьулуурдаах, үүнүү-сайдыы диэки тардыһыылаах буола улаатар. Бэйэтин олоҕуттан сиэттэрэн тугу үчүгэй, тугу куһаҕан дииргэ төрөппүттэрин үтүктэн сыыйа үөрэнэр. Сахалар быһааралларынан кыра оҕо улахан киһиттэн чуолкайдык туспа араарыллан «Оҕо» диэн ааттанар. Бары кыыллар, көтөрдөр оҕо-лоро эмиэ оҕолор диэн ааттаналлар. Былыргы сахалар «Киһи үйэтин тухары үөрэнэр» диэн этиилэрэ оҕо киһи буолууга, онтон киһи быһыы-тын сүтэрбэккэ олоҕу олорууга үйэтин тухары үөрэнэ сырыттаҕына эрэ та¬былларын быһаарар. Кэлин кэмҥэ бу этии олох үөрэҕэр сыһыаннааҕын умнан аҥардастыы үөрэхтээһиҥҥэ эрэ сыһыаннаах курдук өйдөөһүн баар буолла.
Өй-санаа олус түргэнник сайдар. Киһи бары баҕа санаата аһара элбэх. Өй-санаа ханнык да кээмэйэ, хааччаҕа суох бараары гынар. Сирдээҕи олоххо өй-санаа эккэ-сииҥҥэ, өйгө-мэйиигэ үөскүүр, иитиллэр, онтон эниэргийэ ылынар буолан баран аны аһара барыан баҕарар. Киһи тыынар-тыыннаах, эттээх-сииннээх буолан өйө-санаата эмиэ киһи быһыытыттан таһынан барбата ирдэнэр. Бары таҥара үөрэхтэрэ өйү-санааны хааччахтыыллар. «Таҥара барыны барытын айбыта» диэн этии киһи өйө-санаата таҥараҕа хаһан да тиийбэтин бэлиэтиир, ол иһин өйү-санааны хааччахтыыр.
Өй-санаа эбиллэн, сайдан иһиитэ диэн киһи бары билиитин-көрүүтүн туһанан этин-сиинин эрчийиитэ, ону өр кэмҥэ дьарыктаан үөрүйэх оҥоруута буолар. Сахалыы үөрэҕинэн үөрүйэх буолбут эт-сиин буор куту үөскэттэҕинэ эрэ кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр кыахтанар.
Оҕо төрүөҕүттэн уһуннук иитиллэн, үөрэтиллэн уонна улаатан киһи буолары ситиһэр. Төрөппүттэрэ хайдах иитэллэр уонна үөрэтэллэр даҕаны сон¬нук киһи буолар диэни саха киһитэ барыта билэр. Киһини билиэхтэрин баҕардахтарына сахалар кини төрөппүттэрин туһунан ыйыта¬лаһаллар этэ. Советскай былаас кэмигэр оҕолору аһара көрүү-истии, үөрэхтээх эрэ дьон оҥороору атын, сымнаҕас олоххо үөрэтии түмүгэр оҕолор өйдөрө-санаалара уларыйда. Оҕо төрөппүтүн курдук диэн өйдөбүлү олус көнөтүнэн, олох быһаччы өйдүүр буоллубут. Ол эрээри кэлин кэмҥэ оҕону хайа кэмҥэ диэри иитиэххэ, онтон салгыы үөрэтиэххэ сөбө букатын уларыйда. Оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэн ийэ кута иитилиннэҕинэ эрэ өйө-санаата туруктаах буоларыгар тириэрдэрин кут-сүр үөрэҕэ дакаастыыр.
Киһи буолууну оҕо олох кыра эрдэҕиттэн үчүгэйдик иитилиннэҕинэ уонна үөрэннэҕинэ эрэ ситиһэн иһэр. Улаатан, өр кэмҥэ үөрэнэн, үөрэнэн өйө киирдэҕинэ биирдэ ситиһиэн сөптөөх уһун уонна ыарахан үөрэх, киһи буолуу буолар. Ол эбэтэр оҕо улаатыар диэри «Киһи буоларга» үөрэннэҕинэ эрэ салгыы киһи быһыылаахтык олоҕун олороро табыллар.
Саха дьоно киһи олоҕун сыалын, олоҕор тугу ситиһиэхтээҕин чуол-кайдык быһааран этэллэр. Ол сыал «Киһи быһыылаахтык» олоҕу олоруу, өйү-санааны сайыннаран «Киһилии киһи» буолары ситиһэн, дьону-сэргэни кытта эйэлээх буолуу буолар. Yгүс дьон сөбүлүүр, итэҕэйэр киһилэрин «Киһилии киһи» диэн ааттыыллар. Сахалар быһааралларынан киһи уһун үйэтин тухары үлэлии-үлэлии, үөрэнэн-үөрэнэн куруук киһи быһыытын таһымыгар сылдьыахтаах. Киһи быһыытын киһи олоҕун бүтүүтүгэр диэри ил¬дьэ сырыттаҕына, быстах суолга сыыһа туттан сиргэ-буорга тэпсибэтэҕинэ биирдэ олоҕун сыалын, ситиһэрэ кыаллар. Ити иһин «Олох ыарахан» диэн этии киһи быһыытын сүтэрбэт буолуу ыараханын бэлиэтиир. Бу быһаарыы киһи олоҕор олус куһаҕан, сиэргэ-баппат сыыһалары оҥорон кэбиһэрэ ыраахтан буолбатын эмиэ арыйар. Ол курдук чэпчэки олоҕу тутуһуу, барыта бэлэмҥэ үөрэнии олох чэпчэки¬тин курдук санаалары үөскэтэн эдэр киһини сыыһа туттууларга үтүрүйэр. Итини тэҥэ өй-санаа туруга суох буолуута, ийэ кута үтүө үгэстэргэ үөрэммэтэҕэ киһини быстах суолга сыыһа туттарыгар тириэрдэр. Эдэрдэри кэтэһэр алдьархайдар итиннэ саһан сыталлар.
Киһи быһыытын өйүн-санаатын тутуһан олох олоруу киһи олоҕун сүрүн сыала. Киһи олоҕун устатын тухары киһи быһыытын суолуттан сыыһа-халты туттан туораабакка сылдьыыта кини сүрүн кыайыыта, өйө-санаата туруктаах буолуутун көрдөрөр бэлиэтэ. Өй-санаа туруктаах буолуутун ситиһэргэ сахалар кут-сүр үөрэхтэрин баһылыахха наада. Ол аата эти-сиини эрчийэр курдук өй-санаа эмиэ эрчийиигэ, куруук дьарыктыы, ыраастыы сылдьарга наадыйар.
Кут-сүр үөрэҕин быһаарыытынан куһаҕаны санааһын, куһаҕан санаалартан өйү-санааны ыраастаан испэт буолуу өй-санаа киртийэн, куһаҕан санааларынан туоларын үөскэтэр. Yгүстүк куһаҕаны саныы сылдьартан аны ол санаалара куһаҕан үгэскэ кубулуйдахтарына куһаҕан быһыылаах киһиэхэ кубулуталлар. «Былыргыны былыт саптын» диэн этии куһаҕаны умнан, өйү-санааны ыраастыыр туһалааҕын бэлиэтиир.
Киһи сааһа ыраатан истэҕин аайы олоҕо, майгына уларыйан биэрэн иһэр. Бу уларыйыыларга сөптөөх уларыйан биэриилэри киһи бэйэтин өйүгэр-санаатыгар киллэрэн биэрэн истэҕинэ эрэ киһилии киһи буолуутун өйүттэн-санаатыттан туораабат. Киһи кырдьан, этэ-сиинэ мөлтөөн иһиититтэн олоҕор буолар уларыйыыларга өйө-санаата үөрэнэн биэрэн иһиэхтээҕин былыргы сахалар чопчу билэннэр «Киһи үйэтин тухары үөрэнэр» диэн эппиттэр. Былыргы саха дьонун бу этиилэрэ үөрэхтээһиҥҥэ буолбакка олох үөрэҕэр үөрэниигэ сыһыаннаах. Ол аата, киһи киһи быһыылаах буола үөрэнэн иһэригэр аналлаах.
Киһи хаһан баҕарар үөрэнэрэ наада диэн этэллэр. Билигин үөрэнии диэн тылы үчүгэй буолуу, билиини-көрүүнү баһылааһын диэн өйдөбүллээх туттуллар. Олох уоппутугар үөрэнии диэн этии букатын да хаа¬лан сылдьар. Сахалыы олох уоппутугар үөрэнии «Үөрүйэх» диэн ааттанар уонна үгэстэргэ үөрэниини кытта быһаччы сибээстээх. Киһи олох уоппутугар куруук үөрэнэ, эбинэ сылдьыахтаах. Ол иһин киһи хаһан баҕарар, хас күн аайы өйүн-санаатын үчүгэй буолууга, үчүгэйи оҥорууга үөрэтэ сылдьыахтаах.
Үчүгэй санаалаах буолууну ситиспит киһи дьэ биирдэ «Киһи киһитэ», «Киһилии киһи» диэн буолар. Оҕо улаатан истэҕинэ сайдан, үөрэнэн-үөрэнэн «Киһи буолууну» ситиһиэхтээх. Онтон салгыы өйө-санаата сайдан дьон-сэргэ сөбүлүүр үтүө быһыыларын оҥортоотоҕуна, бар дьонугар ытыктабыллаахтык сыһыаннастаҕына «Киһи киһитэ» диэн ааты иҥэрэллэр.
Элбэх дьон ытыктабылларын ситиспит, бары сөбүлүүр, астынар киһилэрин: «Баар-суох киһибит», «Биһиги киһибит»,- диэн үрдүктүк сыаналыыллар.
«Киһи тыыннаах буолан тугу эмэни оҥорор» диэн этии баара, Киһи хаһан баҕарар үчүгэйи даҕаны эбэтэр куһаҕаны эмиэ оҥорор кыахтааҕын бэлиэтиир. Киһи тыыннаах сырыттаҕына эрэ сыыһаны, куһаҕаны оҥорорун бу этии эмиэ быһаарар. Тыыннаах киһи сыыһаны хаһан баҕарар оҥоруон сөп. Ол аата, сыыһаны, куһаҕаны оҥорортон кини өйө-санаата эрэ быыһыыр. Сайдыбыт өй-санаа куһаҕаны, сыыһаны билэн, арааран, дьон олохторун уоппутунан салайтаран оҥорбот буоллаҕына эрэ киһилии киһи буолара быһаарыллар. Бу быһаарыы ордук чуолкайдык нууччалыы өс хоһоонунан быһаарыллар. Ол курдук «От сумы и от тюрьмы не зарекайся» диэн өс хоһооно киһи хаһан даҕаны киһибин диэн аһара барбакка бэйэтин кыана тутта сырыттаҕына эрэ табылларын быһаарар. Сыыһа-халты туттуу ханнык баҕарар тыыннаах киһиэхэ баар буолуохтаах быһыы эбитин уонна онтон киһи бэйэтэ, өйүн-санаатын күүһүнэн эрэ харыстанар кыахтааҕын бэлиэтиир.
Үчүгэй санаалаах, үчүгэйи оҥоруон баҕарар киһи куһаҕаны оҥорбот, үчүгэй киһи, киһи буолуон баҕарар. Үчүгэйи оҥорор са¬наалаах киһи сыыһа туттан куһаҕаны оҥордоҕуна даҕаны көннөрүнүөн баҕарар күүһэ улахан. Кини ийэ кутугар үчүгэй туһунан өйдөбүллэр иҥнэхтэринэ санаата үчүгэй диэки таттарыылаах буолан сыыһаны оҥордоҕуна көннөрүнэр кыаҕа улаатар.
Оҕо киһи оҥорор быһыыларыттан куһаҕан быһыылары билэн оҥорбот, үчүгэй быһыылары оҥорор буола үөрэннэҕинэ үчүгэй быһыылаах оҕо буола улаатар. Ол аата оҕо ийэ кутугар үчүгэй быһыылары оҥорор буолуу үөрэҕэ үгэс буолан иҥэрилиннэҕинэ кини үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир.
Дьон оҥорор туох-баар быһыылара барылара «Киһи быһыыта» диэн ааттаналлар. Ол иһин киһи быһыытын оҥорор киһи «Киһи быһыылаах»,- диэн ааттанар.
Киһи оҥорор бары быһыылара аны үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыылар диэн икки улахан бөлөхтөргө арахсаллар:
- Yчүгэй быһыы. Yгүс киһи сөбүлүүр быһыыларын оҥоруу үчүгэй киһи быһыыта эбэтэр үчүгэй быһыы диэн ааттанар.
- Куһаҕан быһыы. Дьон үгүстэрэ сөбүлээбэт быһыылара син киһи быһыытыгар киирсэр буолан баран дьоҥҥо үчүгэйи оҥорботуттан куһаҕан быһыы диэн буолар.
Yчүгэй уонна куһаҕан быһыылар бэйэ-бэйэлэриттэн төһө үчүгэйдэриттэн уонна куһаҕаннарыттан тутулуктанан элбэх араастарга арахсаллар. Ол араастар киһи майгыныгар быһаччы сыһыаннара суох, ол иһин биһиги ырыппаппыт.
Kиһи оҥорор туох баар быһыылара барылара иккилии өрүттээхтэр. Бу икки өрүттэр арахсыылара дьон үксэ хайдах санаалаахтарыттан быһаччы тутулуктанар. Үгүс киһи өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэр өйдөбүл, кинилэр сөбүлүүр быһыылара – үчүгэй диэн буолар, онтон ханнык эрэ өйдөбүл эбэтэр быһыы дьон үгүстэрин санааларыгар сөп түбэспэтэҕинэ куһаҕанынан ааҕыллар.
Туох барыта икки өрүттээх. Бу этии ордук «Мэтээл икки өрүттээх» диэн этиинэн чуолкайданар уонна биир өттө көстүбэт, кэтэх өттө буоларынан быһаарыллар. Туох баар барыта биир өттө дьоҥҥо биллэр, көстө сылдьар буоллаҕына атына соччо баара биллибэт, табан быһаардахха эрэ булуллар.
«Үчүгэй эмиэ куһаҕаннаах» диэн этиини быһаарыыга дьон барыта билэр холобурдарын туһаныахха сөп. Ол курдук олус минньигэс, сыалаах, арыылаах астары аһыы сылдьар киһи сотору олус уойан, доруобуйата мөлтөөн барыан сөп эбэтэр куруук арыгыны элбэҕи иһэр киһи арыгыһыт буолан хаалыыта үчүгэй олус элбэҕэ киһиэхэ буортулааҕын быһаараллар. Өссө бу этиини быһаарыыга куруук сылааска сылдьарга үөрэнэн хаалбыт киһи доруобуйата мөлтөөн, тымныйан ыалдьан иһэрэ элбиирэ эмиэ олук буолуон сөп.
Ханнык баҕарар быһыы аһара баран хааллаҕына төттөрү өттүгэр кубулуйан хаалар. «Хотели как лучше, а получилось как всегда» диэн быһаарыы үчүгэйи оҥороору санаммыттара кыаттарбакка куһаҕан өттүгэр уларыйбытын бэлиэтиир.
«Kуһаҕан эмиэ үчүгэйдээх» диэн этиилэр бааллара киһи үчүгэйтэн да, куһаҕантан да кыайан арахсан быыһамматын быһаараллар. Үгүс дьон куһаҕан диэн ааттыыллара аҕыйах киһиэхэ үчүгэй буолан тахсыан эмиэ сөп. Ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыга, оҕону үөрэтиигэ кимиэхэ үчүгэй буоларын таба быһааран туһаныахха наада.
Туох барыта икки өрүттээх уонна олор куруук бииргэ сылдьалларын киһи барыта билэр. «Мэтээл икки өрүттээх», «Палка с двумя концами» диэн этиилэр икки өрүт хаһан да арахсыбакка бииргэ сылдьалларын быһаараллар. Арай иккис көстүбэт, биллибэт өрүтү булан, таба быһаарыы, табан туһаныы дьонтон ирдэнэр тутаах көрдөбүл буолар.
Бу этиилэр барылара киһи оҥорор быһыылара, үчүгэйэ уонна куһаҕана куруук бииргэ сылдьаларын уонна хаһан да арахсыспаттарын быһаараллар.
«Ытыыр уонна күлэр аҕас балыстыылар» диэн этии куһаҕан кэнниттэн үчүгэй эмиэ кэлэрин бигэргэтэр курдуктар. Эбэтэр аһара үөрүү кэнниттэн хомолто, ытааһын кэлэрин бу этии эмиэ биллэрэр.
«Аһара үөрдэххэ сотору хомолто кэлиэҕэ», «Наһаа алларастаама» диэн сахалар этиилэрэ икки өрүт ордук өйгө-санааҕа сыһыаннаахтарын быһаараллар уонна хардары-таары солбуйсан биэрэн иһэллэрин чуолкайдыыллар.
Туох барыта икки өрүттээх буолуута сөптөөх, таба быһаарыы ханна эрэ икки ардыларынан, ортотугар буоларын биллэрэр. «Истина как всегда где-то на середине» диэн этии баара ханнык баҕарар быһыылартан табалара, кырдьыктаахтара ортотунан баарын быһаарар. Бу быһаарыы сахалар Орто дойду диэн өйдөбүллэрэ былыргы дьон кырдьыктаах олоҕу тутуһан олорбуттарын быһаарар. Бу өйдөбүл дьон олохторо хаһан баҕарар ортотунан эрэ баран иһиэхтээҕин чуолкайдыыр. Дьон быһыылара хайа да диэки өттүн диэки халыйан барыыта аһара барыы, сыыһа суол буолар. Ол иһин олох суола бу икки быһаарыы икки ардыларынан, ортотунан баран иһэр.
Сахалар Орто дойдуну быһаарыылара дьон өйдөрө-санаалара сайдан иһиитин суолун чуолкайдыыр. Дьон-аймах ханнык баҕарар быһыылартан ортотун талан ылыахтаахтарын биллэрэр. Сахалар бары билэр Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойду диэн этиилэрэ өйгө-санааҕа сыһыаннаахтарын уонна дьон олорор, үлэлиир, сайдар сирдэрэ Орто эрэ дойду буоларын чуолкайдыыр. Ол аата дьон оҥорор быһыылара хайаан даҕаны икки өрүт, үчүгэй уонна куһаҕан икки ардыларынан буолуохтааҕа быһаарыллар.
Дьон өйдөрө-санаалара сайдыыта аҥардастыы биир өттүн диэки барар кыаҕа суох. Аҥардастыы биир өттүн диэки барыы кэлтэйдии сайдыыны таһаарар. Өй-санаа кэлимник сайдар. Ол аата икки өрүттэрэ тэҥник сайдаллар. Дьон бары куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи эрэ оҥороллоро хайдах да табыллыбат буолуон сөп. Үгүс элбэх киһи элбэх араас санаалаахтар. Kиһи барыта биир буолбатах, бары биир санааны тутуһар кыахтара суох уонна бары куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи эрэ оҥороллоро кыаллыбат.
Ханнык баҕарар быһыы аһара бардаҕына аҥар, куһаҕан өттүн диэки уларыйан хааларын киһи түүллэрэ чуолкайдаан көрдөрөллөр. Ол курдук түүлгэ аһара баран күүскэ ытаатахха үөрүү буолар, онтон аһара үөрдэххэ, күллэххэ – хомойуу, ытааһын тиийэн кэлиэн сөп. Саха дьонун олохторун үөрэҕин «Киһи быһыыта» диэн быһаарыылара өй-санаа кэлимник, ол аата үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах, икки өрүттээхтик сайдарын быһаарар. Бу үөрэх биир киһи олоҕунан муҥурдаммакка хас эмэ көлүөнэлэргэ бииргэ, курдаттыы дьайар. Ол аата биир көлүөнэ, ийэ уонна аҕа үрүҥ үлэһиттэр, оҕолорун туһугар олус кыһанан, аһара көрөн-истэн, сынньалаҥнык сырытыннаран, атаахтатан кэбистэхтэринэ, оҕолоро сүрэҕэ суох буола улаатан кэлэр көлүөнэлэриттэн «Киһи быһыылаах» дьон тахсыбаттар.
Kуруук үчүгэйи оҥоруу олус уустук уонна дьоҥҥо соччо кыаттарбат суол быһыылаах. Kим эмэ кимиэхэ эрэ куруук үчүгэйи оҥорор буолуута анараа киһитэ кини үчүгэйи оҥороругар үөрэниитин үөскэтэр. Ол аата бу киһиэхэ үчүгэйи оҥоруу кини өйүн-санаатын буорту оҥорон, бэлэмҥэ үөрэнэн хаалыытын үөскэтэр. Бу ордук кэлэр көлүөнэни, оҕолору үөрэтиигэ ордук улахан буортуну оҥорор. Бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыт оҕоттон соччо туһата суох киһи улаатан аймах дьон эстиилэригэр тириэрдэрэ элбэх.
Киһи быһыытын үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар диэннэргэ араартааһын демократия сүрүн сокуонугар олоҕурар. Ол иһин элбэх киһи туох дии саныырынан быһаарыллаллар. Дьон үгүс өттүлэрэ хайа диэки санааларын уураллар, хайа быһыыны ордук сөбүлүүллэр даҕаны үчүгэй быһыы ол диэки баар буолар.
Аан дойду бары олохтоохторуттан үлэлээн иитиллэр дьон үгүс өттүлэрин ылаллар. Ол иһин үгүс дьон үчүгэй диэн өйдөбүллэрэ үлэһит дьон баҕа санааларыттан үөскээн олохсуйаллар.
Араас революциялар, перестройкалар олох оҥкулун тосту уларытаннар өйү-санааны, үчүгэй уонна куһаҕан быһыылары уларыта туруортаан дьон олоҕун аймыыллар. Бу уларыйан ылыы кэмнэригэр урукку кэмҥэ үчүгэй диэн ааттанар быһыы соҕотохто куһаҕан быһыыга кубулуйан хаалара дьон өйүн-санаатын улаханнык буккуйар. Ол курдук Улуу Октябрьскай революция иннинэ баай дьон аатыран бочуоттанар эбит буоллахтарына революция кэнниттэн үлэһит дьон былааһы ыланнар баайдары олохтон туораппыттара.
«Үлэлиир киһи сыыһаны оҥорор, тугу да оҥорбот киһи хаһан даҕаны сыыспат» диэн этии баара киһи быһыылаах киһи өйдөбүлүгэр сыһыан-наах. Ол аата, киһи үлэтигэр-хамнаһыгар, олоҕор даҕаны кыра сыыһалары хаһан баҕарар оҥоруон сөп. Өй-санаа тыыннаах буоллахха уларыйа, эбиллэ эбэтэр көҕүрүү турарын быһаарар. «Киһи быһыытын» өйдөбүлүгэр ханнык эрэ кыра сыыһалары, саҥаны айыылары оҥоруу, киһи быһыытыттан уонна сиэртэн аһара барбатаҕына хаһан баҕарар көҥүллэнэр. Сахалар өйдөбүллэринэн тугу да оҥорбот, үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорбот буолуу дьэ биирдэ «Айыы киһитэ буолууга» тириэрдэр. Ол аата, киһи өллөҕүнэ, аны тугу да оҥорбот буоллаҕына, өйө-санаата мастыйдаҕына, уларыйар кыаҕа уурайдаҕына биирдэ эрэ «Айыы киһитэ» буолар. Айыы буолуу өй-санаа өлүүтүгэр тириэрдэр. Киһи өлбүтүн кэннэ өйө-санаата уларыйбат кэмҥэ киирэн дьэ айыыга кубулуйар.
Киһи буолан баран кыра эмэ мөлтөх өрүттэрдээх буолууну дьон бы¬растыы гыналлар. Арай бу мөлтөх өрүттэрбит киһи быһыытын, сиэрин аһара барбаттара ирдэниллэр. Кыратык сыыһа-халты туттуу «Киһи буолан баран» диэн быһаарар этиилээх. Хаһан да, кыратык да сыыһаны-халтыны, айыыны оҥорбот тыыннаах киһи диэн суох. Ол аата, киһи буоллахха, кыра, улахан суолтата суох, сиэри кэспэт, киһи быһыытыттан таһынан барбатах, кыра алҕастары, саҥаны арыйыылары оҥоруу киһиэхэ көҥүллэнэр. Ол аата, киһи өйдөөх-мэйиилээх буолан айыыны оҥорбот буолара эмиэ табыллыбат. Дьон саҥаны арыйаннар олоххо кил¬лэрэн иһэллэр. Киһи айыыны оҥороро эмиэ көҥүллэнэр. Ол эрээри ол айыыбыт сиэри таһынан барбатаҕына эрэ олоххо туһаны аҕалар. Ол иһин сиэри аһара барбат, сиэри иһинэн айыы аата айыы-сиэр диэн буолар. Айыыны оҥорбот дьон элбэхтэр. Кинилэр бары киһилии быһыылаах дьон диэн буолаллар. Ол аата, айыыны оҥорор киһи диэн отой аҕыйах, онтон киһи быһыылаах дьон олус элбэхтэр, ол иһин дьон үксүлэрэ киһилии быһыылаахтар.
Сахалар олохторун үөрэҕэр элбэхтик туттуллар киһи быһыыта диэн өйдөбүл, аналлаах кыйыа, хайа да өттүгэр, үчүгэй да, куһаҕан да өттүлэригэр киһи олоҕун устата туораабатын, аһара барбатын хааччы-йар аналлаах. Киһи быһыыта диэн өй-санаа хааччаҕа. Арай бу хааччах биир сиргэ хам баайыллан турбат, олох сайдарын курдук эмиэ сайдан уларыйан биэрэн иһэр. Киһи олоҕун устата киһи быһыытын кэспэххэ олоҕун олордоҕуна, киһи быһыылаахтык, олоҕун сиэрдээхтик олордо диэн этэллэр.
Олохторугар киһи быһыытын тутуспат дьон эмиэ баалларын сахалар «Киһиттэн таһынан быһыылаах» диэн быһааран этэллэр. Олус сиэри таһынан быһыыланар киһини «Киһи буолбатах» диэн туох эрэ атыннааҕын, өйө-санаата тиийбэтин арааран быһаараллар. Киһи быһыыта диэн өй-санаа хааччаҕын киһи олоҕун устата тутуһа, таһынан барбакка сырыттаҕына уонна оҕолорун киһи быһыытыгар үөрэттэҕинэ, кэлэр көлүөнэлэрэ эмиэ кини курдук, олохторун киһи быһыылаахтык олороллоругар олук уурар.
Саха дьоно олоххо сыһыаннарын «Биирдэ бэриллэр олоҕу киһилии олоруохха» диэн этиинэн быһаараллар уонна олохторун киһилии олоруохтарын баҕараллар. Бу этии киһи олоҕо бу Сир үрдүгэр биир эрэ буоларын чуолкайдаан биэрэр. Дьон олохторо кылгаһын билэннэр бэйэлэрин кэннилэриттэн оҕолоро хааланнар кинилэр оҥорон испит дьыалаларын салгыахтарын баҕара саныыллар. Ол иһин оҕолорун киһилии, бэйэлэрэ хайдах үөрэммиттэрин курдук үөрэтэн, сайдыылаах киһи оҥоруохтарын муҥура суох баҕараллар.
Киһи Айылҕаттан тыыннаах буоларга анаан айыллыбыт. Олох олоруу төһөнөн ыарахан да, оҕо кыра эрдэҕиттэн ол ыарахаттары тулуйарга эрчиллэр, үөрэнэр. Ол иһин олоххо дьоҕура, дьулуура улаатан биэрэр. Оҕо үтүктэн үөрэнэр дьоҕура кыра эрдэҕиттэн сайдан иһэр буолан олоҕу хайдах олорорго төрөппүттэрин көрөн үөрэнэрин саҕалыыр. Киһи олоҕун ханнык суолунан салайара төрөппүттэрэ туохха үөрэтэллэриттэн быһаччы тутулуктанар. Саха дьонун «Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарыаҕа» диэн өс хоһоонноро уола элбэхтик үөрэннэҕинэ уонна эбии хатарылыннаҕына эрэ аҕатын курдук майгылаах киһи буолан тахсарын бигэргэтэр.
Кытай улуу сирдьитэ Мао-Цзэ-дун этэн турар: «Народ - это чистый лист бумаги на котором можно написать любой иероглиф». Улуу сирдьит этиитэ дьоҥҥо иитии-үөрэтии көмөтүнэн ханнык баҕарар өйү-санааны иҥэриэххэ сөп диэн өйдөнөр. Ол аата, киһи өйө-санаата хан¬нык үөрэҕи ылыммытыттан эрэ тутулуктааҕын быһаарар.
Сахалар «Олох иһин охсуһуу» диэн этиилээхтэр. Көнө санаабытыгар бу этиини сутуругунан дуу, тугунан дуу охсуһууга сыбааммыт куһаҕан өйдөбүллүү сылдьабыт. Бу этии өй-санаа охсуһуутугар сыһыаннаах. Киһи өйө-санаата төһөнөн бөҕө, тулуурдаах даҕаны сайдан иһэр олох араас абылаҥнарыгар киирэн биэрбэт кыахтанар. Киһи кыра эрдэҕиттэн олох иһин охсуһууга бэлэмнэниэхтээҕин биһиги, «социализм» кэмин оҕолоро ырыынак ыарахан тыына ыган тиийэн кэлбитигэр эрэ биллибит. Оччотооҕу «социализм» кэмигэр киһи олоҕун салгыырыгар, тугу үлэлээн хамнас өлөрөрүгэр төрүт санаатын оҕустарбат гына үөрэппиттэрэ. Оҕо кыра эрдэҕиттэн государство киһитинэн ааҕыллан, босхо детсадка сылдьан, оскуолаҕа үөрэнэн талбыт идэтин талан ыларыгар толору кыаҕы биэрэллэр этэ.
Оҕону бу курдук эрдэттэн бэлэмнэммит суол устун баран иһиигэ үөрэтии кини бэйэтэ олох иһин туруулаһарын мөлтөтөн, ордук бэлэми кэтэһэ сылдьар майгытын сайыннаран кэбиһэр. «Социализм» бэлэмигэр улааппыт оҕолор ырыынак кэмэ тиийэн кэлбитигэр бэйэлэрэ булан-талан үлэни тэрийэр кыахтара мөлтөҕө биллэн таҕыста.
Барыта бэлэмҥэ үөрэнии, сылааска сытыы, аҕыйахтык хамнаныы киһи доруобуйатын, этин-сиинин эмиэ мөлтөтөн, кэбирэтэн иһэр. Маннык сымнаҕас олох көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан баран иһиитэ, бу аймах дьон өйдөрүн-са¬нааларын уонна доруобуйаларын мөлтөөһүнүгэр тириэрдэн эстиилэри¬гэр, симэлийиилэригэр төрүөт буолар. Элбэх аймах дьон биир омугу үөскэтэллэр. Kинилэр бары итинник мөлтөөн барыылара омук эстиитигэр, симэлийиитигэр дьэ тириэрдэр.
Киһи-аймах үөрэҕи-билиини си¬тиһэн истэҕин аайытын олоҕун, үлэтин-хамнаһын тупсаран иһэр. Ол курдук ас-үөл саппааһа дэлэйэн иһиитэ аһары элбэҕи аһааһыны, ары¬гыны элбэхтик иһиини уонна наркотиктары туһаныыны көҕүлүүр. Бу быһыылар киһи доруобуйатын биллэрдик мөлтөтөллөрүн билэн, итилэри тохтотор туһугар дьон сайдыылаах өттүлэрэ үлэлииллэрэ эмиэ эбиллэн иһэр.
Айылҕа ыарахан, тымныы усулуобуйатыгар куруук сылдьа үөрэнии киһи доруобуйатын тупсарар уонна бөҕөргөтөр. «Олох ыараатаҕына омукка күүс киирэр» диэн саха кырдьаҕас дьонугар олохсуйбут өйдөбүл баар. Бу өйдөбүл биһиги «социализм» кэмэ ииппит дьонун баспытыгар кыайан баппат да буоллар, кырдьаҕас Лөкүө эбэбит итинник этэр этэ. Билигин ырыынак кэмэ кэлэн ыган, олох барыта ыараан барбытыгар, сымнаҕастык иитиллибит, сылааска сыппыт, барыта бэлэмҥэ үөрэммит «социализм» дьоно улаханнык соһуйдулар, кыахтарын чуут былдьата сыстылар. Ити иһин былыргы кырдьаҕастар уһуну-киэҥи билэллэрэ, кинилэр этиилэрэ таба буолара чахчы биллэн таҕыста.
Кырдьаҕас эбэбит Лөкүө эмээхсин өссө биир этиитэ билиҥҥи Аан дойду олоҕор быһаччы сыһыаннаах. Кини: «Ыалларга элбэх уолаттар төрөөтөхтөрүнэ - сэрии буолар»,- диирэ. Бу этии оччотооҕу кэмнэргэ букатын да тиэрэ курдук иһиллибитин иһин, билигин Кавказ омуктарыгар уол оҕолор ахсааннара быдан элбэхтэрэ бэлиэтэнэр. Омукка уол оҕолор элбэхтэрэ атын омуктар кыыс оҕолорун сүктэрэн аҕалыыны үөскэтэн атын омугу эйэлээхтик баһылааһыҥҥа киллэрэрин биһиги да саҥа билэн эрэбит.
Кут-сүр үөрэҕэ оҕо төрүөҕүттэн өйө-санаата сайдан барыытын быһаарар. Оҕону иитиигэ кут-сүр үөрэҕин таба туһаныы киһи өйө-санаа-та бары өттүнэн биир тэҥ сайдыылаах буола улаатыытын хааччыйар. Кут-сүр үөрэҕин быһаарыытынан киһи олоҕо чуолкайдык тус-туспа араарыллар үс сүһүөхтээх. Ол сүһүөхтэрэ манныктар:
1. Оҕо саас. Улаатыы. Киһи буолуу үөрэҕин баһылаан, ситии-хотуу кэмэ.
2. Аҕа, ийэ буолуу. Ыал буолуу. Оҕо-уруу төрөтүү. Олоҕу киһи быһыылаахтык олоруу.
3. Тойон, хотун буолуу. Сиэннэри киһи буолуу үөрэҕэр иитии-үөрэтии кэмэ. Эти-сиини эрчийэн, үөрүйэх оҥорон үйэни уһатыы.
Киһи этэ-сиинэ сайдан, улаатан уонна кырдьан, мөлтөөн иһэрэ Айылҕа айбытын курдук баран иһэринэн, киһи олоҕун оҥостуута эмиэ хойутаабакка баран иһиэхтээх. Эдэрдэр эттэрэ-сииннэрэ сайдыытын кытта тэҥҥэ ыал буоланнар оҕо-уруу төрөтөн иһэллэрэ кут-сүр үөрэҕин көр¬дөбүллэригэр сөп түбэһэр. Маннык көрдөбүл тутуһуллуута аҕы¬йах ахсааннаах омуктарга ордук туһалаах буолуо этэ.
Сахалар этэллэринэн, олох олоруу, алааһы туорааһын буолбатах. Этэҥҥэ олорор наадаҕа элбэхтик үлэлиэххэ, оҥоруохха, тутуохха наадатын киһи барыта билэр курдук эрээри бэйэҕэ тиийдэххэ быстах санааҕа баһыттаран сынньана сытар ордук курдук. Тугу эмэ оҥорорго ханнык эрэ хамсатар күүс эбиискэ наада. Ол күүс киһини инники диэки сирдиир баҕа санаата буолар. «Баҕалаах маска ыттар» диэн этии баҕа санаа олус күүстээҕин, киһини төһө эмэ үөһээ таһаарар кыахтааҕын бэлиэтиир.
Сахалар киһи олоҕун уһунун быһаарар кэрдиис бэлиэлэринэн «Көлүөнэ» диэн баар. Олох салгыы баран истэҕинэ саҥа көлүөнэ үөскээн тахсан кырдьаҕастары солбуйан иһэр. Биир көлүөнэ солбуллар кэмин 25 сылынан ааҕаллар. Ол аата, киһи 25 сааһыгар диэри ийэ эбэтэр аҕа буолан баран, 50 сааһыгар эбэ дуу эһэ дуу буолуохтаах эбит. 50 сааһын иннинэ эбэ эбэтэр эһэ буолбут киһини «Эдэр» эбэ эбэтэр эһэ диэн ааттыыллар.
Киһи этэ-сиинэ ситиитин сокуоннай сааһы ситии дииллэр. Бу саас 18-ка тэҥнэнэр. Ол аата, ыал буолуу, дьиэ-уот тэринии кэмэ 18 саас буолара көлүөнэлэр солбуйсууларын төһө эмэ түргэтэтэн биэриэн сөп. Сахалар аҕыйах ахсааннаах омук буоларбытын билинэр буолбуппут ыраатта. Ол да буоллар бу биир үйэҕэ сыалай биир көлүөнэ дьону эбэн биэриэн сөптөөх хайысханы сайыннара иликпит. Хас көлүөнэ дьон уларыйан истэхтэрин аайы өй-санаа араастаһыыта эбиллэн иһэр. Эдэр көлүөнэлэр кырдьаҕастары ситэ өйдөөбөттөрө үөрэх-билии сайдан истэҕинэ өссө дириҥиир. Төрөппүттэр, кырдьаҕастар бэйэлэрин олохторун үгэстэригэр, саҥарар тылларыгар оҕолорун кыра эрдэхтэринэ эрэ үөрэтэр кыахтаахтарын син билинэн эрэллэр. Кырдьаҕас көлүөнэлэр бэйэлэрин олохторун үгэстэригэр, тылларыгар эдэрдэри үөрэппэттэрэ, кинилэр икки ардыларыгар өй-санаа араастаһыытын ордук улаатыннарар.
Сир үрдүгэр туох баар барыта иккилии өрүттээхтэрин курдук олох олоруу эмиэ икки өрүттээх. Ол өрүттэртэн биир өттө дьон-аймах туһугар олоҕу олоруу диэн ааттанар. Бу дьон олохторугар үгүс туһалаах дьыалалары элбэх дьоҥҥо анаан оҥордохторуна ити кур¬дук этэллэр.
Киһи, бэйэтин олоҕор атын ким да туһугар буолбакка бэйэтин туһугар ордук кыһанар диэччилэр эмиэ бааллар. «Киһи бэйэтин ырбаахыта этиттэн чугас» диэн этии итини бигэргэтэр. Бу дьон олохторун устата ордук туһалааҕы бэйэлэригэр урут оҥостоллоро ити этииттэн быһаарыллар.
Сир үрдүгэр дьон-аймах ахсааннара элбээн иһиитэ олох олоруу олус уустугуран иһэрин бигэргэтэр. «Бэйэм эрэ туспар» диэн этии хайа да өттүнэн дьону кытта сыһыаҥҥа кыайан сөп түбэспэт буолла. Хайа баҕарар киһи олоҕо атын тулалыыр дьон ортолоругар баран иһэр буолан «Бары бииргэ» диэн өй-санаа хас киһиэхэ барыларыгар баар буолуутун ирдиир кэмэ кэллэ. Ханна эрэ хоту дойдуга эстибит атомнай буомба буортулаах холбоһуктара сиргэ-дойдуга киэҥник тарҕаналлар. Дьоҥҥо барыларыгар Айылҕаны харыстыыр санаа киириитэ эрэ Сир-дойду олоҕор эрэллээх, туруктаах буолууну киллэриэн сөп.
Сир үрдүгэр туох барыта икки өрүттээх буолан, олору таба сыаналаан олоҕу олоруу уустук. Сахалар ону былыргыттан билэн «Олоҕу олоруу уустук» диэн этэллэр.
ӨЛҮҮ
Киһи өлүүтэ аймахтарыгар, билэр дьонугар ыар сүтүк буолар. Бары айманаллар, аһыйаллар. Киһи бэйэтин олоҕор туох үчүгэйи оҥорбута дьэ барыта ахтыллар, ааҕыллар кэмэ кэлэр. Өлбүт киһи үчүгэйи төһө оҥорбутун ордук ахта сатыыллар, куһаҕаны оҥорбутун умналлар, ахтыбаттар.
Yтүө үгэс үөскээн, элбээн иһиитигэр киһи оҥорор быһыыларын ахта-саныы сылдьыы улахан оруоллаах. Ол курдук үчүгэйи куруук саныы сылдьыы үчүгэй үгэс үөскээн өйгө-санааҕа олохсуйарыгар тириэрдэр. Киһи үчүгэйи элбэхтик оҥорор. Yчүгэй быһыы элбиир. Киһи оҥорбут куһаҕан быһыыларын ахтыбат буолуу, умнуу ол быһыылар аны хатыламматтарын үөскэтэр. Куһаҕан быһыы умнуллар, хаалар. Ол түмүгэр куһаҕан быһыылар аҕыйыыллар.
Дьон олохторугар билигин даҕаны кыайан быһаарыллыбат уонна табатык өйдөммөт быһыылар буолуталаан ылаллар. Ханнык да наука дьон өйдөрүн-санааларын толору үөрэтэн баһылыыр кыаҕа билиҥҥитэ суох. Арай биһиги кыайан быһаарыллыбат быһыылартан биир эмэ холобуру аҕалыахпытын сөп:
—Эмээхсин бэйэтин курдук ааттаах сиэнэ кыыс соһуччу өлөн хаалбы¬тыгар кэмэ суох айманар. Эмээхсин билигин даҕаны хоп курдук. Kырдьаҕастар санааларыгар эдэр сиэнэ кыыс кини оннугар анараа дойдуга барбыт курдук.
—Эдэр кыыс массыына абаарыйатыгар түбэһэн ыараханнык эчэйэн балыыһаҕа сыттаҕына аҕата көрсүһэ киирэн иһэн эмискэ өлөн хаалбыт. Эдэр кыыс сыл иһинэн сыыйа-баайа үлтүрүйбүт уҥуохтара ыпсаннар, үчүгэй буолан, көнөн хаалбыта. Кэргэн тахсан, ыал буолан этэҥҥэ олороллор.
—Эмээхсин өлөр ыарыытыгар ыалдьан сыттаҕына кыыһа массыына абаарыйатыгар түбэһэн өлөн хаалар. Эмээхсин үтүөрэн, сиэнин улаатыннаран кэргэн тахсарыгар кытта тиийэр, олоҕун оҥосторугар көмөлөһөр.
Сахалар саныылларынан, аймах дьон эттэрэ-сииннэрэ биир сибээс-тээхтэр. Бу быһаарыы бииргэ төрөөбүттэргэ, аймахтарга буор куттара биир буоларыгар олоҕурар. Ол иһин кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр маарынныыр хамсаныылардаахтар, биир идэлээх буолаллар. Кырдьаҕас киһи үйэтэ олус уһаатаҕына, саҥа тииһэ кылбайа үүнэн таҕыстаҕына, аймахтарыттан ылан үйэ эбинэр диэн этэллэр.
Сахаларга олох күүһэ диэн туспа өйдөбүл баар. Кыра оҕоҕо олоҕун күүһэ олус элбэх. Кырдьаҕастар кыра оҕону тутан-хабан, имэрийэн олохторун күүһүн эбинэллэр. Элбэх сиэннэрдээх кырдьаҕастар эрчим-нэрэ, күүстэрэ-уохтара мөлтөөбөт, санаалара үчүгэй диэки тардыс-тыылаах, үйэлэрэ уһун буолар.
Оҕону атын дьонунан туттарбат-хаптарбат, үлбүрүттэрбэт баҕайы диэн этэллэр. Оҕо олус үлбүрүйбүт, туппут-хаппыт, оонньообут ыта кэхтэр диэни саха дьоно эмиэ билэллэр.
Өлүү диэн тылга саха дириҥ өйдөбүлү иҥэрэр. Саха киһитэ үс куттаах, ол куттара өллөҕүнэ киһиттэн үс аҥы арахсан бараллар. Ол иһин былыргы саха айыыта-харата, сэтэ-сэлээнэ, сэмэтэ-суҥхата суох ыраас куттаах буоларга дьулуһара. Өлүөхтэрин иннинэ айыыларын этэн, куттарын ыраастаан, өйдөрө-санаалара Yөһээ дойдуга ыраас тиийэрин ситиһэллэрэ. Кут-сүр үөрэҕин быһаарыытынан ол барыта үтүө санаалаах кут тыыннаах дьонно үтүөнэн дьайарыгар олоҕурар.
А.Н.Павлов-Дабыл этиитинэн өлүү диэн кут үс аҥы арахсыыта, араарыллыыта.
Б.Н.Путилов папуастарга өлбүт киһини: «Согласно представлением папуасов со смертью совершается переход человека в иную сущность из умершего «выходит» существо, которое «живет теперь независимо» диэн сахаларга маарынныыр өйдөбүл баарын ыйар.(12,63).
Онон, өлүү диэн киһи этэ-сиинэ өлөр. Өйө-санаата, куттара өлбүт киһиттэн тахсан баралларын уонна туспа сылдьалларын сахалар былыр-былыргыттан билэллэр. Өй-санаа бэйэтэ туспа эниэргийэлээх. Тус-туспа өйдөр-санаалар, үгэстэр тус – туһунан эниэргийэлээхтэр, тус-туспа сылдьаллар. Элбэх эниэргийэлээх, күүстээх кут, ураты өй-санаа, саҥаны арыйыы, айыы үөһээ, үрдүккэ тахсара уонна уһуннук, атын куттары кытта булкуһан хаалбакка туспа сылдьара итинник быһаарыллар. Ол курдук киһи түһээтэҕинэ олус былыргы кэмҥэ буолбут быһыылары, былыргы дьону кытта көрүөн сөп.
Биһиги түүллэри үөрэтиибит түмүгүнэн киһи куттары түһээтэҕинэ эбэтэр ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирдэҕинэ көрөр. Онтон түүл көстүүлэрэ киһи үгэс буолбут өйдөбүллэринэн таба быһаарыллан тойонноноллор. Ол иһин киһи түһээтэҕинэ үгэс буолбут өйдөбүллэри, хамнаныылары көрөр диэн биһиги быһаарыыбыт кут-сүр үөрэх төрүтэ буолар. Ол аата үгэстэр киһини салайаллар.
Киһи өлөрүн кытта салгын кута көтөр, арахсан барар. Бу быһаарыы билигин дакаастана сылдьар. Кылгастык өлө сылдьан баран эмтээһин көмөтүнэн тиллибит дьон бэйэлэрин эттэрин-сииннэрин үөһээттэн, атын сиртэн көрбүттэрин кэпсииллэрэ оруннаах. Маннык көстүүлэр түүлгэ эмиэ буолаллар.
Күүстээх экстраценстар киһи өлүүтүн кэнниттэн тоҕус хонон баран хаартыскатыгар өлүү бэлиэтэ түһэрин арааран билэллэр. Тыыннаах буолууну быһаарар ийэ кут симэлийэн, үөр буолан ыһыллар.
Түөрт уон хонук кэнниттэн киһи буор кута үрэллэр. Киһилии быһыылаах, үчүгэй санаалаах дьон куттара түүлгэ да көстүбэт буола ырааталлар. Сирдээҕи олох бүтэн, өй-санаа үөр буолан Yөһээ дойдуга ыһыллар. Киһи үгэс буола күүһүрбүт санаалара, араас ураты саҥаны айыылар тус-туспа бараннар Yөһээ дойдуга сылдьаллар. Өй-санаа Yөһээ дойдуттан түүл буолан Орто дойду дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар үтүө санаатынан дьайа сылдьарын туһугар олоҕу киһи быһыылаахтык олоруу, үтүө, үчүгэй санаалардаах буолуу хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Хос быһаарыылар.
1. Журнал «Крестьянка». N 7 - 8, 1992 г.
2. Борис Ельцин. Исповедь на заданную тему. Якутск: Кн. Изд-во. 1990.- 208 с.
3. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев редакциятынан - Дьо-куускай: «Бичик» нац.кинигэ, кыһата, 1994.- 264 с.
4. «Эдэр саас» хаһыат. 29.08.2001.
5. «Киин куорат» хаһыат. Сэтинньи 2 күнэ 2001 с. 43 N-рэ.
6. «Чолбон» сурунаал. 1 / 2001.
7. В.Ф.Трощанский. Наброски о якутах Якутского округа. Под ред. и прим-ми Э.К.Пекарского. Казань: Типография Императорского Уни-верситета, 1911.- 144 с.
8. В.Ф.Иванов. Русские письменные источники по истории Якутии 18 - начала 19 в.- Новосибирск: Наука. Сиб. отд-ние. 1991.- 213 с.
9. В.А.Протодьяконов. Киһини итэҕэйэр буоллахха: Сэһэннэр.- Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1982.- 296 с.
10. Г.Г.Окороков, И.К.Сивцев. Саха литературата. Хрестоматия. 10 кылаас.- Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1981.- 280 с.
11. Урсун. Быралыйбат былыргы: Ыстатыйалар, суоллааҕы бэлиэтээһиннэр.- Дьокуускай: Бичик, 2005.- 144 с.
12. «Чолбон» сурунаал. 2 / 2001.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл
Kыра оҕо майгына
Kыра оҕону иитии уратыта
Биир оҕо
Харыстааһын
Kөмүскэһии
Kиһиргэтии
Kөрдөһүү
Хомолто
Бобуу
Кэмсинии уонна суобас
Халлаан киһитэ
Бэйэҕэ тиийинии
Сыыһаны, куһаҕан быһыыны оҥорбуту көннөрүү
Санаа күүһэ
Өһөс буолуу
Kэһии
Харах - өй-санаа сиэркилэтэ
Төбө уонна бас
Баттах
Утуйуу
Kырдьыы
Киһи быһыыта
Өлүү