Киһи таҥара (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)
КИҺИ ТАҤАРА Дьокуускай 2009
“Таҥара сэрэҕи таптыыр” диир саха өс хоһооно.
АННОТАЦИЯ
Сахалар таҥара туһунан билиилэрэ олус былыргы, киэҥ уонна дириҥ. Биһиги бу үлэбитигэр ол билиилэртэн сүрүннэрин талан ылан бар дьоммутугар билиһиннэрэбит.
Таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕэ. Ол иһин өйү-санааны салайыыны таҥара үөрэҕэ оҥорор. Үчүгэй киһи буолууну ситиһэргэ үчүгэй киһи таҥаралаах буолуу, ол аата киһиэхэ үчүгэй киһи буолууга ыҥырар баҕа санаа баар буолара хайаан да наада.
У народа саха с очень давних времен развита представление о боге-тангаре. Учение о боге управляет сознанием людей. Только прибивая в сознание учение о хорошем человеке можно вырастить настоящего хорошего человека.
Иван Иванович Каженкин – Хааһах Уйбаан.
ААН ТЫЛ
Олоҕу уһуннук олоруу уустук. Киһи биирдэ бэриллэр олоҕун бэйэтэ сыыһа-халты, аһара туттунан, быстахтык быһыыланан кылгатан кэбиспэтигэр таҥара үөрэҕэ ыҥырар, үөрэтэр, өйө-санаата туруктаах, тулуурдаах буолуутун үөскэтэр.
Сахалыы эттэххэ «Олох олоруу алааһы туорааһын буолбатах». Олоҕу олоруу өй-санаа туругуттан олус улахан тутулуктааҕын сэбиэскэй былаас таҥара, өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбут кэмигэр олороммут аахайбакка хаалбыппыт. Өй-санаа үөрэҕэ суоҕуттан уонна кэлин кэмҥэ сыыһа хайысханан барыытыттан билигин эдэрдэр буруйу-сэмэни оҥоруулара элбээн иһэр.
Олус уһун үйэлээх саха омук олоҕун үөрэҕэ дириҥ силистээх, айылҕаттан тутулуктааҕын сүтэрбэккэ сылдьар. Омук олоҕун үөрэҕэ уонна өйүн-санаатын тутулуктара барыта омук тылыгар иҥэн сылдьарын таба өйдөөн туһаныы билигин баар дьонтон уонна кэлэр көлүөнэлэртэн ирдэнэр.
Сахалыы киһи диэн тыл суолтатын таба өйдөөн олоххо туһаныы өй-санаа таба суолунан сайдыытыгар ылар оруола олус улахан. Саха тылыгар киһи бэйэтин эрэ киһибин диэн ааттанара олус былыргы кэмнэртэн олоҕурбутун уларыппакка туһаныахпыт этэ.
Киһи буолуу өйө-санаата сахаларга олус былыргы кэмнэртэн ыла сайдыбытын киһи бэйэтин айылҕа атын кыылларыттан, көтөрдөрүттэн туспа ааттанан араарыммыта биллэрэр. Сахалар киһини эрэ «Ким», «Кимий?», «Кини» диэн ыҥыраллар. Онтон киһи бэйэтиттэн атыттары, бары кыыллары, көтөрдөрү, маллары барыларын «Ол», «Бу», «Туох», «Тугуй?» диэн ааттаан ыҥырарын уларыта сатаамыахха наада. Бу бэйэни атыттартан туспа араарыныы өй-санаа уратытынан, киһиэхэ эрэ өйө-санаата, салгын кута сайдарынан, саҥаны, урут биллибэти айарынан быһаарыллар.
Оҕо оонньуур да, киэргэл да буолбатах, улааттаҕына киһи буолууну ситиһэн киһи буолуо этэ. Оҕону киһи буолууга кыра эрдэҕиттэн утумнаахтык дьарыктанан иитиэххэ, үөрэтиэххэ, уһуйуохха наадатын умнан, хаалларан сылдьабыт. Төрөппүтэ тугу оҥорорун, хайдах быһыыланарын оҕо көрөн, үтүктэн, батыһан үөрэнэрин үчүгэй киһи холобурунан батыһыннаран салгыы сайыннарыахха наада.
Үчүгэй киһи бу курдук, бу маннык оҥорор, ону үтүктүөххэ, батыһыахха, тугу барытын соннук оҥоруохха наада диэн үөрэх оҕо өйө-санаата саҥа сайдыытыттан ыла саҕаланан баран, салҕанан истэҕинэ соннук баҕа санаа үөскээн, үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар олохсуйарыгар тириэрдэр. Онтон олохсуйбут үгэстэр киһини бэйэтин салайаллар диэни “Кут-сүр үөрэҕэ” диэн үлэбитигэр быһаарбыппыт.
Оҕоҕо тугу барытын улахан, үчүгэй киһи оҥорорун курдук оҥорор баҕа санаа үөскээтэҕинэ уонна олохсуйан үгэскэ кубулуйдаҕына үчүгэй киһи буолуутугар тириэрдиэн сөп. Төрөппүт оҕотугар үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санааны үөскэтиини ытык иэһинэн ааҕыннаҕына ситиһэр кыаҕа лаппа улаатар.
Киһи таҥаралаах буолуу диэн тугу барытын киһи, үчүгэй киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууга дьулуһуу ааттанар. Ол аата үчүгэй киһи буолууга ыҥырар баҕа санаа, үгэс үөскээтэҕинэ киһи ол баҕа санаатын ситиһэр кыахтаныан сөп.
Өйү-санааны салайыыны таҥара үөрэҕэ оҥорор. Онтон киһи буолууну ситиһэргэ киһи таҥаралаах буолуу, ол аата киһиэхэ үчүгэй киһи буолууга ыҥырар баҕа санаа баар буолара хайаан да наада. Киһи баһын иһигэр үөскүүр араас элбэх санааларын дьаарыстаан киһи буолууну ситиһэригэр киһи таҥаралаах буолуута көмөлөһөр, сирдээн, ыйан биэрэр.
Бары быһыыларын үчүгэй киһи, төрөппүттэрин курдук оҥоро үөрэммит оҕо бэрээдэктээх буола улаатар кыаҕа улахан. Онтон бэрээдэктээх, сокуоннары тутуһар киһи диэн көрсүө, сэмэй, айыыны, куһаҕан быһыылары оҥорбот киһи ааттанар.
Таҥара үөрэҕэ дьон үксүлэрин хабар, кинилэр өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэһэр буолуохтаах. Дьон бары кэриэтэ киһи быһыылаахтар, киһилии быһыыта суох дьон отой аҕыйахтар. Киһи быһыылаах дьон тугу эмэ оҥордохторуна хайа да өттүгэр аһара барбакка, ортотунан көрөн оҥороллор. Онтон айыыны, саҥаны оҥорооччулар аҕыйах, биир эмэ буолаллара уонна үрүҥ, ол аата үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах эрэ айыылары оҥороллоро наада.
Киһи өйө-санаата уонна бары оҥорор быһыылара иккилии өрүттээхтэр; үчүгэй уонна куһаҕан диэҥҥэ арахсаллар. Киһи бэйэтигэр уонна олоҕор туһалаах, тупсаран иһиигэ аналланар быһыылары үчүгэй быһыыларынан ааттыыр, элбэхтик оҥорор, онтон туһата суох, мэһэйдиир быһыылары куһаҕан диэҥҥэ туспа араарар, олору оҥорбот буолууга кыһана сатыыр.
Үчүгэй уонна куһаҕан хаһан баҕарар эргийэн биэрэр уратылаахтарын киһи өйдөөх-санаалаах буолан барыны-бары бэйэ-бэйэлэригэр тэҥнээн көрөр кыаҕынан субу кэмҥэ сөп түбэһэринэн эрэ быһаарар кыахтаах. Ол иһин киһи буолуу диэн үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоххо туһаныыга туһалыыр.
Онон биһиэхэ, сахаларга киһи таҥарабыт, Үрүҥ Аар Тойон былыр-былыргыттан баар уонна билигин даҕаны олохпутугар туһана сылдьарбытын бу үлэбитинэн дакаастыыбыт.
БАҔА САНАА
Былыргы сахалар киһи санаатыгар улахан оруолу биэрэллэрин кинилэр: «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн этиилэрэ бигэргэтэр. Итини тэҥэ дьон санаата мунньулуннаҕына киһиэхэ бэйэтигэр, өйүгэр-санаатыгар уларыйыы тахсарын бэлиэтээн, тугу эмэ оҥороору гыннахтарына аны «Дьон туох диэн этиэхтэрэй?» диэн улаханнык тардыналлар.
Киһи санаата тула өттүгэр тарҕанан, санаабыт, туһааннаах сиригэр хаһан баҕарар олус түргэнник тиийэрин кэнники кэмҥэ өй-санаа үөрэхтэрэ сайдан иһэллэринэн олоххо таба туһанарга үөрэниэхпитин наада. Ол аата киһи хаһан баҕарар атын дьон санааларын иһигэр сылдьарын таба сыаналыахха диэн этэбит.
Сахалар “Киһини санаата салайар” диэн этэллэр. Санаа ханнык да хааччахтарга хааттарбакка таһынан таһымныыр, онно-манна барытыгар тиийэр кыахтаах. Киһи бэйэтин санааларын бэйэтэ эрэ салайар, оннуларын буллартыыр, дьайыыларын уларытар кыахтаах. Ол иһин киһиэхэ өйүн-санаатын салайарын, үчүгэй санаалара элбэх буолалларын туһугар таҥара үөрэҕин билэрэ, олоҕор тутуһара наада. Аан дойдуну барытын санаа бүрүйэн сылдьарыттан киһи дьон санааларын иһигэр сылдьарын билиннэҕинэ эрэ табыллар. Ол иһин таҥара үөрэҕэ киһи үтүө санаата элбииригэр, дьоҥҥо үтүөнү баҕарарга үөрэтэр. Дьон үтүө санаалара элбээтэҕинэ олохторо эмиэ үтүөнү, үчүгэйи оҥоруу диэки салалларын, үчүгэй быһыылар элбииллэрин таҥара үөрэҕэ быһаарар.
Саха дьоно киһи санаалара икки аҥы, тус-туспа буолалларын чуол-кайдык бэлиэтээн этэллэр. Ол курдук киһи санааларын барыларын киһи киһилии санаата уонна бэ¬йэтин быстах санаалара диэн тус-туспа араараллар.
Киһи киһилии санаата үчүгэйи батыһан, үөрэҕи ылынан, ыарахаттары кыайан, үчүгэй киһи буолуу диэки сирдиир, киһилии быһыылары оҥорууга тириэрдэр. Онтон быстах санаалар, ааттарын курдук, киһи бэйэтин этин-сиинин быстах баҕа санаалара буолаллар уонна быстах, ситэ толкуйдамматах, туох содул үөскүүрэ быһаарыллыбатах быһыылары оҥорууга, сыыһа-халты туттунууларга тириэрдиэхтэрин сөп. (1,50).
Киһи түүлүгэр санааларын элбэхтик көрөр. Түүлгэ киһи өйө-санаата икки, тус-туспа буолаллара ордук чуолкайданан көстөр: Бастакытынан, түүлгэ көстөр киһи эбэтэр дьон эттэрэ-сииннэрэ, ыйааһыннара суох. Кинилэр көҥүл көтө, хамныы сылдьаллар, тиийиэх-тээх сирдэригэр соҕотохто баар буолан хаалаллар. Түүлгэ киһи бэйэтэ көстүбэт эрээри ону-маны көрө сылдьар. Ити аҥардастыы көстөр эрэ эттиктэрин эбэтэр маллары киһи бэйэтин толкуйдуур өйө-санаата, көрө сылдьар. Түүлү көрө сылдьан киһи бэйэтэ араас быһаарыылары ылынар. Маннык көстүүлэри киһиэхэ бэйэтигэр өйүгэр-санаатыгар түһэн олохсуйбут, үгэс буолбут өйдөбүллэринэн туһанан тойоннуохха сөп. Ол аата, маннык түүллэр киһиттэн бэйэтиттэн, кини өйүттэн-санаатыттан ордук улахан тутулуктаахтар.
Иккиһинэн, киһи түүлгэ бэйэтэ сылдьар уонна тугу эмэ оҥорор эбэтэр этэ-сиинэ баара көннөрү күлүк курдук көстөр эбэтэр баар курдук сананыллар буоллаҕына, кини этигэр-сиинигэр сыһыаннаах өйө-санаата, ийэ кута тугу оҥоро сылдьара көстөр. Маннык түүллэр киһи олоҕор быһаччы сыһыаннаахтар уонна түүл бэлиэлэрин көмөтүнэн эбэтэр үгэс буолбут өйдөбүллэринэн быһааран таба тойоннонуохтарын сөп.
Түүлгэ киһи бэйэтин санаата атын биллибэт киһиэхэ бэриллэн көстөр. Маннык көстүү киһи өйө-санаата икки аҥыларын чуолкайдыыр уон¬на түүлгэ киһи куттара тус-туспа арахсан сылдьалларын көрдөрөр. Ол курдук бэйэҥ санааргыыр буолаххына, санаарҕаабыт эбэтэр куһаҕан көрүҥнээх киһини көрүөххүн сөп. Түүлгэ көрөр билбэт дьонуҥ тас көрүҥнэрэ, бэйэҥ санааҥ хайдаҕын арааран көрдөрөллөр.
Куһаҕан дьону кытта охсуһуу, кинилэри өлөртөөһүн, киһи бэйэтин куһаҕан санаалара мунньуллубуттарын кытта быһаарсарын, олортон ыраастанарын көрдөрөллөр. Түүлгэ итинник куһаҕаттары кыайыы киһи санаата ырааһыран, бөҕөргөөн, бэйэтэ кыайыыны оҥороругар көмөлөһөллөр. Онтон ити кутталлартан куотуу, быһаарыыны өссө даҕаны кыайан ылына илиги биллэрэллэр. Түүлгэ туста сылдьар дьону көрдөххө, өйгүт-санааҕыт сөп түбэспэт, толкуйдаргыт тус-туспа киһитиниин көрсүһүөххэ сөп.
Эн тускунан куһаҕаннык санаатахтарына, эттэхтэринэ түһээн тааһынан, мууһунан эбэтэр онон-манан бэйэҕин быраҕаттыыр киһини көрүөххүн сөп. Онтон бэйэҥ куһаҕаны санаатаххына, атын дьону тугунан эмэ быраҕаттыаххын сөп.
Куһаҕан, сөбүлээбэт сиргэ, хонууга, тыаҕа сылдьыы куһаҕан санаалаах дьон ортотугар киириини, сөбүлэспэти, тыл-тылга киирсибэти биллэрэллэр.
Түһээн киһи ыраах да сылдьар киһини көрөр. Бу киһи ыксаан, туохха эмэ олус наадыйан санаабыт санаата эйиэхэ түүл буолан кии-рэн көстүөн сөп. Хантан эрэ кэлэн иһэр киһи санаата эмиэ түүл буолан киһиэхэ киирэрэ биллэр. Kырдьаҕастар сарсыардааҥҥы түүлү кэлэр иһэр киһи түүлэ, кини санаата буолар диэн этэллэрэ оруннаах.
Үчүгэй түүлү түһүүр киһи үчүгэйдик сылдьар, онтон үчүгэй түүлү түһүүр наадаҕа, үчүгэй, сырдык санаалаах буолуохха наада. Ол аата, аан маҥнайгыттан үчүгэй санаалаах буоллахха, үчүгэй түүлү түһээн, үчүгэйдик сылдьыахха сөп курдук. Урукку материалистар, коммунистар салайан олорбут кэмнэригэр биһиэхэ өй-санаа үөрэҕин суох оҥорбуттара. Киһини өйө-санаата суох, барыта эрдэттэн оҥоруллубуту, бэлэми үтүктэн оҥорор эрэ курдук этэллэрэ. Билигин балаһыанньа балачча уларыйан былыргы улахан таҥара үөрэхтэрэ оннуларыгар түһэн уонна саҥа өй-санаа үөрэхтэрэ сайдан эрэллэр.
Киһиэхэ ханнык санаалар үгэс буолан иҥэн сылдьалларын көрөн билии кыаллыбат, ол курдук бэйэтин санааларын кэпсээбэтэҕинэ, суруйбатаҕына эбэтэр тугунан эмэ атынынан биллэрбэтэҕинэ кыайан билэр кыах бу кэмҥэ суох.
«Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр» диэн этии сымыйа буолбатах, олус таба. Уһун үйэлээх сахалар киһи санаата кыайан таһыттан биллибэтин, таайыллыбатын билэн итинник эппиттэр.
Ким эрэ олус үчүгэйбин диэтэҕинэ олох итэҕэйимиэххэ сөп. Баһын иһигэр тугу саныы сылдьара өссө биллибэт. Хайаан да элбэх араас санаалардаах эрээри кимиэхэ да эппэт буолан билимиэхпитин сөп. “Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһар” диэн этии бэйэтин санааларын кистээн сылдьан оҥорор киһини этэллэр. Тугу эмэни саҥаны, дьон билбэттэрин оҥоруу элбэхтик боруобаланнаҕына, хос-хос оҥорулуннаҕына биирдэ туһалааҕа дьэ биллэн тахсар. Онтон биирдэ эмэ кистээн оҥоруу табыллыбата элбэх буолан олус бөҕө быаны, сыарҕа быатын быһар курдук куһаҕаны оҥоруон сөп. Ол иһин үчүгэйи да оҥоро сатааһын кыайан табыллыбатаҕына, сатамматаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйарын таба өйдүөхпүтүн, сахалар «Айыыны оҥорума» диэн үөрэхтэрин тутуһуохпутун наада.
Киһи араас элбэх санааларыттан бэйэтигэр үчүгэй да курдуктарын иһин атыттарга куһаҕан өрүттээх санаалар баар буолуохтарын эмиэ сөп.
Киһиэхэ санаа дьайар күүһүн быһаарар этиинэн «Үчүгэйи оҥорор киһиэхэ үчүгэйи баҕараллар»,- диэн буолуон сөп. Дьон үчүгэйи баҕарыахтарын баҕарар буол¬лахха бэйэҥ үчүгэй санаалаах, дьоҥҥо үчүгэйи баҕарар буолуоххун наада. Онтон дьон үчүгэйи баҕардахтарына, эйиэхэ өссө үчүгэй буолуо диэн этэллэр. Төһө элбэх киһи үчүгэйи баҕарар даҕаны, оччонон баҕа санаа туоларыгар олук ууруллар.
Маннык өйдөбүлү былыргы баайдар киэҥник туһаналлара биллэр. Ол курдук элбэх дьон санааларын табан, үгүс туһаны таһаарынаарылар дьадаҥы дьоҥҥо куруук араастаан көмөлөһөн, ону-маны бэрсэн иһэллэрэ биллэр. Ити курдук бу баай дьон элбэх ахсааннаах дьадаҥылар санааларыгар көмөлөһөр, көрөр-истэр, харыстыыр киһилэригэр кубулуйаллар. Кинилэр үчүгэй быһыыларынан элбэх ахсааннаах дьон үчүгэйи баҕарар санаалара мунньуллуутун үөскэтэн бэйэлэригэр туһалаах, үчүгэй буоларын оҥостоллор.
Онон киһи санаата төһө эмэ киэҥ сиринэн тарҕанан наадалаах, туһааннаах сиригэр син-биир тиийэрэ дакаастанар. Киһи санаалара түүл буолан тиийиэхтээх сирдэригэр эмиэ тиийэллэр. Ол иһин киһи үчүгэй, дьоҥҥо үчүгэйи баҕарар санаалара элбэх буоллаҕына атын дьон эмиэ үчүгэйи баҕараллара элбээһинигэр тириэрдэр. Үтүө санааларгыт элбииллэригэр баҕарабыт!
Киһиэхэ үтүө санаалара элбэх буолуутун атын дьоҥҥо үчүгэйи баҕара санааһынынан элбэтэн биэрэр кыах баарын таҥара үөрэҕэ быһаарар уонна итэҕэйэр дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр.
ИС САНАА
Биһиги мэйиибитигэр араас санааларбыт үөскүүллэр. Хас киһи барыта араас санаалардааҕыттан майгылара тус-туспалар. Ол аата киһи саныыр санаалара элбэхтик хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйдахтарына бэйэтэ туттар быһыытын, майгынын уларытар кыахтаналлар. “Киһини санаата салайар” диэн этии бу быһаарыыга олоҕуран үөскээбит.
Санаа элбэх араас өрүттэрдээх, олус киэҥ, дириҥ өйдөбүллээх. Киһи үгүс араас санаалардаах, тугу барытын санаталаан ылыан сөп. Чугаһы да, ырааҕы да. Кыраны да, улаханы да, быстаҕы, буолар буолбаты даҕаны санаталаан ыллаҕына баа буолбат, кыайан бобуллубат. Санааны бобор-хаайар кыах билиҥҥитэ суох. Араас элбэх баҕа, ыра санаалар киһи баһын толору киэптииллэр, таһынан таһымныыллар.
Дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарыгар эр киһи уонна дьахтар эттэрин-сииннэрин уратылара санааларыгар дьайарыттан тус-туспа санаалаахтар элбииллэр. Ол курдук эр киһи айылҕаттан биэрэр аналлааҕыттан, атын дьоҥҥо туһалыыр санаата элбэх.
Баспыт иһигэр арааһы саныыбыт, саҥаны да айабыт. Санаабыт санаабытын тылбытынан этэн эбэтэр кумааҕыга суруйан атын дьоҥҥо билиһиннэрэбит, биллэрэбит. Аан маҥнай санаабытыгар тугу эмэ оҥорон көрөн боруобалаан баран дьиҥнээхтик оҥорон кэбиһиэхпитин сөп. Урут дьон оҥорботоҕун, ол аата билбэттэрин илэтигэр оҥордохпутуна айыы диэн ааттанар, саҥаны айыы буолан тахсар. Бу оҥорбут саҥаны айыыбытын дьон көрөн-истэн, билэн баран биирдэ сыана биэрэн үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу оҥордо диэн быһаарыы биэрэллэрэ кыаллар.
Хас киһиэхэ барыларыгар ханнык эрэ бэйэтин кистэлэҥ, кимиэхэ да кэпсээбэт, эппэт, биллэрбэт, таһыгар таһаарбат санаалара бааллар. Ол санаалар ис санаа, хос санаа, кэтэх санаа диэн атын, биллэр санаалартан туспа арааран ааттаналлар. Бу ис санаалара урут, хаһан үөскээбиттэрин, иҥмиттэрин киһи бэйэтэ да бу диэн кыайан быһаарбат, быданнааҕыттан, кыра оҕо эрдэҕиттэн баар санаалар эмиэ киирсэллэр.
Биһиги «Кут-сүр үөрэҕэ» диэн үлэбитигэр куттары тус-туспа арааран быһаарыыбытыгар киһи ийэ кутун төрүт кут, киһини бэйэтин салайыыга хайаан да кыттыһар диэбиппит. (2,84). Бу ийэ кут оҕо кыра, бэйэтэ өйдөөбөт кэмнэриттэн ыла иҥэн, олохсуйан, мунньуллан иһэр өйө-санаата буолар. Оҕо оччотооҕу билиилэрэ-көрүүлэрэ, тутан-хабан тугу оҥорбута, майгына-сигилитэ, ийэтин, аҕатын үөрэхтэрэ үгэскэ кубулуйаннар ийэ кутун үөскэтэллэр. Ийэ кут оҕо кыра эрдэҕиттэн үөскээн, иҥэн, киһи салгын кутун өйүнэн-санаатынан салаллан сырыттаҕына ханан да баарын биллэрбэккэ эрэ сылдьар.
Ханнык да үөрэх хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйбатаҕына умнуллар, кыра эмэ өйдөбүллэр эрэ хаалаллар. Оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өссө өйдөөбөт кэмигэр тугу билбитэ, оҥорбута хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйан ийэ кутугар ууруллан испэтэҕинэ атыҥҥа аралдьыйан хааларынан сотору умнуллан иһэр. Ол иһин оҕону үчүгэй быһыылары элбэхтик хатылаан оҥотторуу, иҥэрии үчүгэй үгэстэри, майгыны үөскэтэрин билэн төрөппүттэр туһаныахтарын наада.
Yчүгэй үгэстэргэ кыра эрдэҕинэ үөрэтиллибэтэх оҕо быстах быһыылаах киһи буола улаатар. Санаатар эрэ, туох өйүгэр көтөн түспүтүн оҥоро үөрэннэҕинэ быстах быһыылаах буолан, быстах быһыыларга, сыыһа-халты туттунууга түбэһэрин үксэтэр.
Ийэ кут өйө-санаата баара киһиэхэ салгын кутун өйүгэр-санаатыгар сырыттаҕына биллибэт, ханан да дьайбат курдук. Кини туох эмэ суолталаах быһаарыыны ылынарыгар кимтэн да ыйыппат, бэйэтэ эрэ үөрэх-билии этэринэн быһаарынар курдук саныыр. Ол эрээри киһи тугу эмэ оҥороору, туһааннаах быһаарыыны ылынаары бэлэмнэнэр кэмигэр санаатыгар бу быһыытын өссө төгүл хос ырытан көрдөҕүнэ ис санаатын кытта тэҥнээн көрөн, сөп түбэһэрин дуу, суоҕун дуу быһаарар кыахтанар.
«Аан маҥнай санааҕар оҥорон көр» диэн этии киһи тугу эмэ боччумнааҕы оҥороору бэлэмнэнэр кэмигэр бу оҥоруохтаах быһыытын санаатыгар өссө төгүл оҥорон көрөрүгэр сүбэлээһин, сыыһаны-халтыны оҥорон кэбиһэриттэн сэрэтии буолар.
Киһи субу оҥорор быһыыта ис санаатын кытта сөп түбэстэҕинэ эбэтэр ханнык да хос, кэтэх санаата суох буоллаҕына быһаарыыны чопчу, түргэнник ылынар. «Барыам,- диэтим да барабын», диэн этии быһаарыныы бүтэһиктээхтик ылыныллыбытын, аны уларыйбат буолбутун биллэрэр.
Киһи ис санаата бу оҥороору турар быһыытыгар сөп түбэспэтэҕинэ бара-бара төннөр, тээтэҥниир, оҥороору гына-гына оҥорбот майгыланан хаалан ылар. Ол аата киһи кэтэх, ис санаата бу оҥорор быһыытын кытта сөп түбэспэтин, сөбүлэспэтин биллэрэн санаатын уларыта сылдьарыгар тириэрдэр.
Аан бастаан уорууга кыттыһаары гыммыт эдэр киһи олус санааргыыр, чаҕыйар, төннөн хаалаары гына-гына кыайбат, тылын биэрбитин бырааптаан эбэтэр харчыга наадыйара бары атын санааларын баһыйарыттан, бу дьыалаҕа кыттыһан барар. Ол аата, бу киһи быстах, туһанар эрэ санаатыгар баһыттарыыта уонна ийэ кута уоруу куһаҕанын туһунан соччо кытаанах үгэһэ, билиитэ, көрдөбүлэ суоҕуттан, кыра эрдэҕинэ ийэтэ, аҕата уоруу куһаҕанын туһунан ситэ үөрэппэтэхтэрин түмүгэр уорууга кыттыһыан сөп.
Ийэ кут өйө-санаата киһи быһыытын хонтуруоллуу, көннөрө сатыыра ити тээтэҥнээһинтэн, бара-бара төннүүттэн биллэр. Бу быһыы өй-санаа тэҥнэспитин, хайа хайалара быһаарыыны ылыналлара уустугурбутун биллэрэр.
Кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэн, өйө-санаата уоруу диэн куһаҕанын чопчу билэрэ эбитэ буоллар эдэр киһи кыратык да санаарҕаабакка эрэ бу дьыалаттан аккаастанан кэбиһиэ, уорууга букатын даҕаны кыттыһыа суоҕа этэ.
Киһиэхэ барыларыгар «Хос санаа», «Ис санаа», «Кэтэх санаа» диэн кистэлэҥ, кимиэхэ да эппэт санаалара бааллар. Киһи тугу эмэ оҥороору бэлэмнэннэҕинэ бу санааларын ырытан, тэҥнээн көрөн ийэ кутун дьайыытын, сөбүлэһэрин дуу, утарарын дуу билиэн сөп. Бу санаалар киһи субу оҥорор быһыытыгар сөбүлэһэр эбэтэр сөбүлэспэт кэмнэрдээхтэрин киһи оҥороору турар быһыытын түргэнник оҥороро эбэтэр тээтэҥниирэ, оҥоруох курдук буола-буола оҥорбото, бараары гына-гына барбата быһаарар.
Арай киһиэхэ кыра эрдэҕиттэн ийэ кута үчүгэйи уонна куһаҕаны араарарга иитиллибэтэх, үөрэтиллибэтэх буоллаҕына ханнык баҕарар быһыыны туох да санаарҕабыла, мунчаарыыта суох оҥорон кэбиһиэн уонна хата түһээн да баттаппакка үчүгэйдик утуйуон сөп. Ол аата бу киһи санаатыгар субу оҥорор саҥа быһыыта, саҥаны айыыта бэйэтин үчүгэй диэн өйдөбүлүгэр сөп түбэһиэн эмиэ сөп. Улахан, ыар да буруйу оҥорон бараннар кыратык да санаарҕаан, кэмсинэн көрбөт эдэрдэр эмиэ элбээн иһиилэрэ оҕо кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ ийэ кутун ииппэтэхтэрин бэлиэтэ буолар. Ийэ кута иитиллибэтэх оҕо кэмсинэр диэн санааны букатын да билбэт.
Билигин эдэрдэр элбэх буруйу, куһаҕан быһыылары арыгы иһэн итирбит кэмнэригэр оҥороллор. Киһи элбэх арыгыны испититтэн өйө көтөн сылдьар кэмигэр кинини ийэ кута быһылаан салайарын быһаарбыппыт. Ол иһин кыра оҕо эрдэҕинэ атаахтык иитиллибит оҕо туоҕа эмэ табыллыбатаҕына охсуоланан, хаһыытаан барарынан итирбит киһи үгүстүк содуомнаан, айдааран барара элбэх. Бэйэтин тохтотуна, туормастана үөрэммэтэҕэ дьайан кыыһырбыт омунугар тугу барытын оҥорор киһиэхэ кубулуйарынан араас ыар буруйу оҥорор кыахтанар. Оҕо кыра эрдэҕинэ үөскээбит ийэ кута ис, хос, кэтэх санаатын үөскэтэр. Бу ис санаалар киһи оҥорор быһыытын хаһан баҕарар хонтуруоллуу, көннөрөн биэрэ сылдьаллар.
Киһи уһун үйэтин тухары биир, салгын кутун өйүнэн-санаатынан салаллан кыайан сылдьыбатын олоххо көстө түһэр араас ыарахан, соһуччу кэмнэргэ эбэтэр итирдэҕинэ кинини ийэ кута баһылаан салайарын уонна бу кэм киһи “Өйө баайыллар” кэмэ диэн ааттанарын биһиги «Кут-сүр үөрэҕэ» үлэбитигэр быһаарбыппыт. (2,47).
Онон олоххо биирдэ эмэ кэлэн ааһар соһуччу, ыарахан кэмнэргэ сыыһа-халты туттунан киһи олоҕун буорту оҥорботун туһугар кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй киһи оҥорор быһыыларын үтүктэн оҥорорго иитэн, үөрэтэн биэрии олус наадалааҕын, туһалааҕын ыйабыт. Ол аата киһи уһун үйэтин тухары кыра оҕо эрдэҕинэ ийэ кута хайдах иитиллэр даҕаны соннук быһыылары оҥорор кыахтанарын таба өйдөөн оҕону иитиигэ туһаныахха наадатын таҥара үөрэҕэ быһаарар.
САНАА КYYҺЭ
Санаа кыра да буоллар бэйэтэ күүстээх. Мунньуллан истэҕинэ күүһэ эбиллэр, эбиллэн-эбиллэн дьөлө сиир да кыахтанар. Киһи санаатын ис күүһүн, эньиэргийэтин аата уох диэн. Yчүстүк холбуу этиинэн күүс-уох диэн бэриллэр. Күүс диэн туруору, биллэр, көстөр күүс буоллаҕына уох диэн таһыттан көрөн биллибэт киһи санаатын күүһэ буолар.
Уоҕа тахсыбыт. Ол аата санаатын күүһэ мөлтөөбүт.
Уохтаах – күүстээх санаалаах. Уоҕур – санааҕын күүһүрэн биэр, мунньун.
Уоҕурдуу – сиргэ араас туһалаах минераллары эбэн биэрэн сир үүнээйини үүннэрэр күүһүн эбэн биэрии ааттанар.
Эрчиллии киһиэхэ күүс-уох биэрэрин спортсменнар билэллэр. Дьарыктаныыттан киһи этэ-сиинэ күүһүрэр буоллаҕына бу дьарыгыттан өйө-санаата күүһүрүүтэ уох буолан киирэр.
Биир санааны ылыныы киһини күүһүрдэр, бары кыаҕын барытын бу санаатын толорууга уурар, ол диэки салайар.
«Саҥарыах иннинэ санаан көр» диэн этии киһи тугу эмэ саҥарыан иннинэ бу тылтан туох тахсыаҕын быһааран билэрэ наадатын биллэрэр. Ол аата тыл өссө этиллиэн иннинэ санааҕар быһааран, бу тыл суолтатын ырытан билэн баран биирдэ этиэхтээххин. Бу этии санаа тылы баһыйарын, тыл инниттэн дьайарын, санааттан тыл үөскээн тахсарын быһаарар.
Киһи тугу эмэ оҥоруон иннинэ «Санааҕар оҥорон көр» диэн этэллэр. Ол аата тугу эмэ оҥоруон иннинэ бу быһыыттан туох уларыйыы тахсарын санааҕар оҥорон көрөн быһаарыахтаах эбиккин. “Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс” диэн этии киһи тугу эмэни оҥоруон иннинэ санаатыгар хос-хос ырытан, толкуйдаан көрөн баран биирдэ оҥордоҕуна эрэ туох эмэ туһалаах дьыала, быһыы тахсарын быһаарар.
Киһи бары оҥорор быһыыта барыта санаатыттан тутулуктаах. Ол иһин таҥара үөрэҕэ киһи санаатын үөрэтэр. Киһи санаатын тупсарыы кини майгынын, оҥорор быһыытын тупсарар кыахтааҕын иһин таҥара үөрэхтэрэ сайдыбыттар.
«Киһиэхэ кыра да наада» диэн этэллэр. Ол кырабыт тугун быһаарыыга биһиги бары күүспүтүн уурабыт уонна быһаардыбыт диэххэ сөп. Ол кырабыт киһи санаата буолар. Санаата көммүт, көтөҕүллүбүт киһиттэн эрэ кыайыы, ситиһии тахсар кыахтанар.
«Санаатын түһэрбэт» диэн этии олох араас ыарахаттарыттан санаатын түһэрбэккэ тоҕо дьүккүйэн иннин диэки, кыайыы, ситиһии диэки баран иһэр киһини этэллэр. Санааны кыра аайы түһэрбэт, кыайыы, ситиһии диэки баран иһэр киһи хаһан баҕарар тугу эмэни ситиһэр. Киһи сааһыран истэҕинэ өйө-санаата эбиллэн, мунньуллан, күүһүрэн, этин-сиинин баҕа санаатын баһыйа тутан салайара элбиир. Ол иһин эти-сиини тупсарар эрчиллиилэринэн, сүүрүүнэн уонна аһаабакка сылдьыынан киһи сааһыран истэҕинэ дьарыктанар кыаҕа улаатан биэрэр.
Киһи санаата төһө эмэ ыраахха тиийэрин былыргы булчуттар улахан булка барарга бэлэмнэнэр кэмнэрин кистээн, араас бултуур тэриллэрин атыннык, ханарытан ааттыылларыттан биллэр. Улахан булду бултуу бараары сылдьар булчуттар булду бэйэтин аатынан ааттаабаттар, атын, харысхал аатынан ааттыыллар.(3,10).
Былыргы булчут кыһын тыаҕа арҕаҕы таба хааман утуйа сытар эһэҕэ түбэстэҕинэ дьиэтигэр кэлэн көмөлөһөр киһини көрдүүрүгэр эһэни бултуу барарын туһунан тугу да эппэт. Кыттыгастарын кытта булчуттар эрэ билэр аналлаах харысхал тылларын туһанан хайдах бултуулларын, туох сэби-сэбиргэли ылалларын уонна хаһан баралларын кэпсэтэллэр.
Маннык анаан-минээн атыттар билбэттэрин курдук тэринии, сэрэнии барыта бу кэпсэтэр дьон санааларын, саҥаларын эһэ утуйа да сытан санаатынан билэн, эрдэттэн уһуктан, бэлэмнэнэн алдьархайы оҥоруон сөбүттэн сэрэнэн, харыстанан оҥоруллар.
Эһэ киһи санаатын олус ыраахтан билэрин эһэни кэпсээннэринэн кыайан-хотон арбанааччылар илэ бэйэтин утары көрсө түһэн улаханнык соһуйаллара, куттаналлара эмиэ биллэрэр. Санаа туһааннаах сиригэр ханна баҕарар, төһө баҕарар ыраахха тиийэрин ити соһуччу көрсүһэ түһүү бигэргэтэр.
Киһи санаатын салайар күүһэ сүр диэн ааттанар. Сүрэ күүстээх киһи бэйэтин көҥүл көтө-дайа сылдьар санааларын хам тутан салайар кыахтаах. Сүрэ мөлтөх киһи санаалара ыһылла, тарҕана сылдьалларын кыайан салайбат, биир сыалга туһаайара кыаллыбат.
Күүстээх санаалаах киһини улаатыннарыыны төрөппүттэр эрэ кыайар кыахтаахтар. Арай биир өс хоһоонун «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэни оҕо кыра эрдэҕиттэн кытаанахтык тутустахха эрэ күүстээх санаалаах киһини улаатыннарыы кыаллар. Ол аата, оҕо төрөппүтэ кыра эрдэҕиттэн тугу оҥорбутун барытын кыайа-хото, сабырыйа оҥорор буоларын ситиһистэххэ эрэ оҕо төрөппүтүн баһыйар киһи буола улаатар. Төрөппүтэ үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан мас хайытан кыстыыр, онтон төрдүс кылаастан бэйэтэ соҕотоҕун мас эрбиир эбит буоллаҕына оҕото ол кэмтэн хойутаабакка, өссө эрдэлээн соннук үлэни, дьарыгы кыайар буолара ирдэнэр.
Кыайар үлэтин-хамнаһын кэмигэр, этэ-сиинэ ситэн истэҕинэ баһылаан иһэр оҕо өйө-санаата сайдыыта туруктаах буолар. “Үлэ киһини айбыта” диэн этии киһи үлэлээтэҕинэ эрэ олоҕун киһилии олорорун быһаарарын тэҥэ элбэхтик хамсаатаҕына этэ-сиинэ, доруобуйата бөҕө буоларын ситиһэрин эмиэ быһаарар.
Онон үлэ, эти-сиини эрчийии, хамсатыы өйү-санааны бөҕөргөтөрүн, күүһүрдэрин олохпутугар таба туһаныа этибит.
ЫРА САНАА
Баҕа санаа киһини сирдээн иһэр күүһүн сөптөөхтүк, табан туһа¬ныы киһини киһи буолуутугар тириэрдэр быһыы буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн олохсуйбут баҕа санаалаах буоларын ситиһии хас биирдии төрөппүт ытык иэһэ буоларын ситэ сыаналаабат буоллубут. Ол оннугар оҕолорбут кыра эрдэхтэринэ олус элбэх аптаах дьон аһара элбэх баайы-малы чэпчэкитик булуналларын, араас ханна да суох кыыллар тустарынан сымыйа остуоруйалары кэпсээммит оҕолорбутугар хаһан да туолбат, туһата суох ыра санаалар үөскээһиннэрин төрүттүүбүт. Бу санаалар олус элбээн хаалыылара ыра санааҕа оҕустара, ыллара сылдьар буолууну үөскэтэрэ дьиҥнээх олоххо туһата аҕыйах. Оҕолор улаатан иһэн ол ыра санаалара кыайан туолбаттарыттан санаалара түһэн, олоххо интэриэстэрин сүтэриилэрэ, бэйэлэригэр тиийиниилэрэ биһиэхэ кэлин кэмҥэ биллэрдик элбээтэ.
Сорох дьоҥҥо бэйэлэрин кыахтара хаһан да тиийбэт баҕа санаалара олус элбэх буолаллар. Сахаларга хаһан да туолбат баҕа санааны туспа арааран бэлиэтиир өйдөбүл баар. Ол өйдөбүл «Ыра санаа» диэн ааттанар уонна олоххо соччо туһата суоҕа биллэр.
Олус элбэх хаһан да туолбат ыра санааларга оҕустарыы киһи сирдээҕи, Орто дойдуга олоҕор кыайан ситиһиллибэт суоллар буолаллар. Ол курдук хантан да халлаантан түһэн кэлэр ас-таҥас, баай-мал, санаа хоту көтөр көбүөр самолеттар суохтара, аптаах остуоруйалар оҕолорго хаһан да туолбат ыра санаалары үөскэтэллэрин бигэргэтэллэр.
Киһи киһилии баҕа санааларын Орто дойдуга олорон ситиһэр буоллаҕына, өллөҕүнэ ыра санааларын, ол аата тыыннааҕар кыайан ситиспэккэ хаалбыт баҕа санааларын өйүгэр-санаатыгар иҥэринэн илдьэ барара, кырдьык даҕаны, ол санаатын дойдутугар тиийэр курдук өйдөбүлү биэриэн сөп.
Санаа олус түргэн, ханна баҕарар соҕотохто тиийэр, тугу барытын кыайар курдук. Илэтигэр санаабыт санааларын олоххо кыайан киллэрбэт дьон бу санааларбыт өллөхпүтүнэ туолаллара буолуо диэн санааҕа киирэллэр. Кырдьык, киһи этэ-сиинэ өлбүтүн кэннэ өйө-санаата арахсан туспа бардаҕына бары эрэйтэн, ыарыыттан босхолонон көҥүл барар курдук санаа киириэн, урукку ыра санааларын дойдутугар тиийэр курдук буолуон сөп.
Киһи саныыр санаата уонна оҥорор быһыыта олус улахан уратылаахтарын уонна олору тус-туспа арааран быһаарыыны таҥара үөрэҕэ оҥорор. Ол курдук киһи баһын иһигэр тугу барытын саныан, санаатыгар тугу барытын оҥоруон, кыайыан сөп эрээри тугу баҕара санаабытын барытын оҥорор кыаҕа суох эбэтэр бу санаалара дьон оҥорор, үчүгэй диир быһыыларыгар сөп түбэспэт буолууларыттан оҥорумуон сөп. Элбэх араас санаалардаах киһи кыаҕа суоҕуттан, тиийбэтиттэн үгүс элбэх туһалаах да санааларын таах хаалларан, ыра санааларга кубулутан кэбиһэригэр эмиэ тиийэр.
Ырай диэн христианнар үтүө санаалаах өлбүт дьон сылдьар сирдэрин ааттыыллар уонна дьадаҥы, араас баҕа санааларын олохторугар кыайан ситиспэт дьон өллөхтөрүнэ дьэ онно, баҕа санааларын дойдуларыгар тиийиэхтэрэ диэн албынныыллар. Ырай диэн дойду сахалар киһи хаһан да туолбат баҕа санааларын ыра санаа диэн ааттыылларыттан ыра диэни быһа тутан, арааран ылан арҕааҥҥы омуктар быһалыы ылыныыларыттан үөскээбит. Ол курдук Ырай уонна ыра санаа төрүт өйдөбүллэрэ, сахалыы быһаарыылара биирдэр.
Ити курдук христианскай итэҕэлгэ сахалар ыра санааларын дойдута илэ бэйэтинэн Ырай буола сылдьар. Бу Ырай диэн өйдөбүлгэ киһи өллөҕүнэ эрэ туолар баҕа санаалара мунньулла сылдьаллар. Ол курдук сирдээҕи олоҕор элбэх эрэйи-муҥу көрсүбүт киһи дьэ өлөн, ырайга тиийдэҕинэ сынньана, көҥүл сылдьыахтаах диэн өйү-санааны христианскай итэҕэл тарҕатар. Бу христианскай таҥара үөрэҕэ итэҕэйэр дьон үгүстэрэ ситиһэ сатыыр ыра санааларын, сынньалаҥнык сылааска сылдьалларын Ырайга тиийдэххэ ситиһиэххэ сөп диэн үөрэтэр. Бэйэлэрэ мөлтөх, олоххо соччо ситиһэ сатыыр сыаллара суох дьон тугу да үлэлээн-хамсаан эрэйдэммэккэ эрэ сынньалаҥнык сытан, сыламныы сылдьыахтарын баҕалаахтар бу Ырай дойдутугар тиийэ сатыыллар.
Былыргы кэмнэргэ элбэх дьадаҥы дьон үксүлэрин ис, дьиҥнээх баҕа санаалара Ырайга тиийии буоларынан, баҕа санааларыгар сөп түбэһэринэн христианскай итэҕэли итэҕэйээччилэр Ырай дойдутун олохтообуттар. Киһи барыта өлөрүттэн кыайан куоппатынан, арай өйө-санаата Ырайга тиийэн сылааска сынньалаҥнык сылдьыаҕын кырдьык баҕара саныыллара сөп.
Ыра санаа дойдута – олоххо хаһан да туолбат баҕа санаа¬ дойдута буолар. Киһи бэйэтэ баҕа санаатынан өйүгэр-санаатыгар оҥорон көрөр дойдута. Ол санаатын өлөрүгэр илдьэ барарынан бэйэтэ ол дойдуга тиийбит курдук сананар кыахтаах. Ыра санаа быһаарыыта Үөһээ дойду уонна Орто дойду туох уратылаахтарын чуолкайдаан биллэрэр. Ол курдук Орто дойдуга киһи киһилии баҕа санаатын бэйэтин кыаҕынан ситиһэн тугу эмэ туһалааҕы дьиҥнээхтик оҥорор, тутар, ситиһэр буоллаҕына, Үөһээ дойду диэн аҥардастыы санаа эрэ мунньуллар дойдута.
Сахалар киһилии баҕа санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан олоҕун устата ситиһэр баҕа санаатын ааттыыллар.
ОҔО ТАҤАРАТА - ТӨРӨППҮТЭ
Кыһыл оҕо баҕата бэрт аҕыйах. Аччыктаатаҕына этин-сиинин аһыырга баҕатын ытаан биллэрэрин ийэтэ аһатан биэрэн тотордоҕуна баҕата ханан, туолан иһэр. Аһаатар, тоттор эрэ утуйан буккураабытынан барар, утуйа сытан улаатар.
Оҕо баҕа санаата хараҕа тугу эмэ таба көрөр буоларын кытта сайдан, кэҥээн барар кыахтанар. Илиитинэн сарбаҥнаан ийэтин ачыкытын ылаары тарбачыһара, өйө-санаата сайдан баҕа санаата улаатан онтун ситиһэ сатыырын биллэрэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрин көрөн үтүктэриттэн кинилэр курдук буолар баҕа санаа үөскээн олохсуйар. Ийэтэ кинини көрөн үөрдэҕинэ, үөрэн көрдөрөр, илиитин хамнатан тугу сөбүлээбитин тутан ылаары кыһанар. Көнөтүк олорор буола үөрэнээт даҕаны, түөрт атах буолан барбытынан барар, улахан дьон курдук атаҕар тураары онтон-мантан илиитинэн тардыһан тура сатыыр. Хайа атаҕар турар буолаат аны көнөтүк туттан хаамаары чохчоохойдоон эрчиллиитин саҕалыыр.
Оҕо үтүктэр күүһэ олус улахан. Төрөппүттэрин көрөн үтүктэр күүһэ атаҕар туруоран хаамтарар. Оҕо киһи буолууну баһылааһынын саҕаланыыта атаҕар көнөтүк туруутуттан, хаамар буолуутуттан ыла саҕаланар. Сиһэ көнүүтүүттэн «Көнө сүрүннээх» киһи буолар кыахтанар, сүрэ үөскүүр.
Онон, киһи буолууну аан маҥнай оҕо этэ-сиинэ ситиһэр. Өйө-санаата сайдыбатаҕына даҕаны улахан киһи курдук көрүҥнээх буола улаатар кыахтаах. Онтон өйө-санаата ситиитэ олус уһун кэми ылар уонна сааһын ситиитигэр биирдэ кыаллыан сөп. «Отох киһи отутугар ситэр» диэн этии, оҕо этэ-сиинэ буолбакка өйө-санаата ситиитин кытта сибээстээх. Кыра эрдэҕинэ ийэ кута ситэ иитиллибэтэх оҕо улаатан, бэйэтин өйө-санаата ситэн, дьэ үөрэнэн, үгэстэри үөскэтинэн киһи буолууну ситиһиитэ отутугар тиийэ уһаан хааларын бу этии быһаарар.
Оҕоҕо баҕа санаата олох кыра эрдэҕиттэн үөскүүрүн биир бэлиэтинэн төрөппүттэрин курдук үлэһит дьон улаатан тахсаллара элбэҕэ ааҕыллар. Ол курдук быраас оҕото быраас, учуутал оҕото учуутал буолар кыахтара олус улахан.
Оҕоҕо кыра эрдэҕинэ туга эмэтэ тиийбэтэҕинэ, суох буоллаҕына ону булууга-талыыга дьулуһар баҕа санаата ордук күүһүрэр. Улааттаҕына, ол баҕа санаатын толорууга олус күүскэ дьулуһан кырдьык даҕаны толоруон, ситиһиэн сөп.
Дьадаҥы киһи оҕотун баар-суох биир баҕа санаатынан хайдах эрэ дьадаҥыттан босхолонуу, байары ситиһии буолар. Кини кыра эрдэҕиттэн кыаҕа баарынан үлэлии үөрэниини баһылааһына, олоҕун устата бары кыаҕын-күүһүн түмүнэн, мунньунан ити баҕа санаатын ситиһэр кыаҕа атыттартан лаппа улаатар.
Кини ити баҕа санаатын ситиһиигэ туох баар күүһүн, үлэлии үөрэммитин, билиитин, саҥаны айыытын барытын туһаннаҕына ситиһиэн сөп. Күүстээх баҕа санаалаах киһиэхэ тулуура, дьулуура, өсөһө элбиир, киһи кыайбатын кыайар, ситиһиитин ситиһэр кыахтаныан сөп. Төрөппүт бэйэтэ, үлэтэ-хамнаһа оҕо баҕа санаата үөскээһинигэр тирэх, үктэл буолар. Оҕо улаатан иһэн төрөппүтүгэр көмөлөһө, үлэлии үөрэниитэ баҕа санаатын үөскэтэр, олохсутар уонна ону ситиһэригэр кыах биэрэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн түргэнник улаата охсон улахан киһи буола охсорго баҕа санаалаах. Улахан дьон курдук араас хааччахтарга хааттарбакка сылдьыы, киһи кыайбатаҕын кыайыы хас биирдии оҕоҕо баар буолар олус туһалаах баҕа санаалар буолаллар. Арай оҕо бары баҕа санаалара киһи быһыытын аһара барбаттарын сахалар таҥараларын үөрэҕэ «Айыыны оҥорума» диэн бобуута хааччахтыыр, сыыһаны-халтыны оҥорорун аҕыйата сатыыр.
Оҕо баҕа санаалара дьиҥнээх олоххо ситиһиллэр кыахтаах уонна сиэри кэспэт, киһи быһыытын таһынан барбат буоллахтарына киһилии баҕа санааларга киирсэллэр. Онтон киһи кыаҕа тиийэн ситиспэт араас элбэх баҕа санаалара, араас аптаах дьон эрэ кыайар быһыылара, көлдьүн баҕа санаалар барылара ыра санаалар диэн ааттаналлар уонна оҕо санаатын аралдьытан, ыскайдаан буортуну оҥороллор.
Киһиэхэ үчүгэй киһи буолар баҕа санааны таҥара үөрэҕэ иҥэрэр. Киһи быһыылаах буолууга кыра эрдэҕиттэн үөрэнэн хаалбыт оҕо, куһаҕан быһыылары оҥороро аҕыйыыр. Онтон киһи быһыылаах буолууга, киһи быһыытыгар үөрэтиллибэтэх, атаахтыы, маанылана сылдьыбыт, «куһаҕан иитиилээх» оҕо куһаҕан быһыылары оҥороро элбэх буолар.
Улаатан иһэр оҕо баҕа санаата элбэх. Ол элбэх баҕа санаатыттан хайаларын эрэ ордук чорботон, куруук ону санаатаҕына, ол санаатын олохсуйбут үгэс оҥостунан таҥараҕа кубулутуон сөп.
Оҕо барыта улаата охсон, улахан киһи буола сатыыр баҕа санаата салгыы сайдыытыттан үчүгэй киһи буолуу баҕа санаата хас биирдии киһиэхэ үөскүүр. Ол иһин үчүгэй киһи буолуу баҕа санаата дьоҥҥо барыларыгар таҥара буолбут. Арай хас биирдии омуктар тус-туспа санааларыттан улахан таҥаралар атын атын киһи аатынан ааттаммыттар.
Бары улахан киэҥник тарҕаммыт таҥаралар үчүгэй киһи буолууга ыҥыраллар, үтүктэр, батыһар киһилэрин үчүгэй мөссүөнүн оҥорон, ону таҥара оҥостон үтүктэллэр.
Баҕа санаа киһини хамсатар, үлэлэтэр, тугу эмэ оҥотторор кыахтаах. Киһи баҕа санаатын ситиһээри араас саҥаны айыылары оҥорор, олоҕор уларытыылары, тупсарыылары киллэрэр. Баҕа санаа мунньустубута, үгэс буолбута, таҥыллыбыта таҥараны үөскэтэр. Үчүгэй быһыылары оҥорорго ыҥырар баҕа санаа хас биирдии киһиэхэ баар буолуута үчүгэй быһыылар элбииллэригэр тириэрдэр кыахтаах. Баҕа санааны үгэс оҥостон өйгө-санааҕа иҥэринии – таҥараны үөскэтэр.
Оҕо төрөппүтүн курдук буолар баҕа санаата, кыра эрдэҕиттэн туохха барытыгар кинини үтүктэрэ, батыһара, кини курдук буола сатыыра, холобур оҥосторо төрөппүтүн сыыйа таҥаратыгар кубулутар. Оҕо улаатан, өйө-санаата сайдан төрөппүтүн таһымын ааһыар диэри төрөппүт бэйэтэ сыыһа-халты туттунан түһэн биэрбэтэҕинэ оҕотун үтүө, үтүктэр санаата хаһан да уларыйбат. Оҕото кыра эрдэҕинэ төрөппүт оҕотугар – таҥарата буолар.
Оҕо батыһар, үтүктэр киһитэ – төрөппүтэ. Төрөппүтүн көрөн, үтүктэн улаатар, өйө-санаата сайдар. Батыһар, үтүктэр киһитэ оҕо таҥаратыгар кубулуйар. Уол оҕо бэйэтин уратытын билинэр кэмиттэн ыла аҕата быһаччы үтүктэр, батыһар киһитигэр кубулуйар. Төрөппүтүн курдук буолар, үтүктэр баҕа санаата оҕону атаҕар туруоран хаамтарар. Оҕо атаҕар туран хаамыытыттан киһи буолуута саҕаланар. Бу кэмтэн ыла оҕо киһи буолуу, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууга үөрэниитэ саҕаланара уонна салгыы сайдан иһэрэ наада.
Оҕо аан маҥнайгы саҥарар тылларын куруук көрөр, истэр, бүөбэйдиир киһитин – ийэтин үтүктэн саҥарарга үөрэнэр. Ханнык тыллары хайдах саҥарары, кими хайдах ааттыыры оҕо ийэтэ быһааран оҕотун үөрэтэр. Саха дьахталлара оҕолорун кыра эрдэхтэринэ сахалыы саҥара үөрэтэр кыахтара улахан. Омук тыла дьахталлартан ордук улахан тутулуктаах.
Чааскыттан үүтү, кэфири иһэргэ үөрэнии төһө да уустугун, эрэйдээҕин иһин оҕо икки, үс сааһыгар үөрэнэ охсор. Төрөппүтүн, улахан дьону үтүктэ, кинилэр курдук иһэргэ, аһыырга баҕа санаата чааскыттан иһэргэ, ньуосканан таба туттарга үөрэтэр.
Кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрүйэх буола үөрэнэргэ оҕо ийэтэ, аҕата; төрөппүттэрэ үлэһит, үлэни-хамнаһы кыайар, сөбүлүүр, куруук үлэлии сылдьаллара олук, тирэх буолар. Оҕо күн аайы илиилэрин араарбакка үлэлиир төрөппүттэрин үтүктэр күүһэ, кинилэргэ көмөлөһөр санаата, кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэнэргэ үгэстэри үөскэтэрэ үлэһит киһи буола улаатарыгар төрүт буолар.
Кыра эрдэҕинэ үлэлии үөрэммэтэх оҕо улаатан бэйэтин өйө-санаата киирэн үлэлии үөрэнэрэ олус уустук, эрэйдээх, уһун кэми ылар. Туга эмэ табыллыбатар эрэ бу киһи ити дьарыгын быраҕан кэбиһэр кыахтаах. Кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэннэҕинэ соннук үгэстэр үөскээһиннэриттэн үлэлиир-хамсыыр кыаҕа улаатар.
Оҕо улаатан истэҕинэ үтүө, үчүгэй баҕа санаалары үгэс оҥосторугар үөрэтиини, иитэн, иҥэрэн биэриини, ол аата үчүгэй киһи таҥаралаах буолууну, төрөппүттэр бары санааларын ууран ситистэхтэринэ оҕолоро киһилии майгыннанан, быһыыланан, үтүө үлэһит киһи буола улаатар кыахтанар.
ТАҤАРА уонна АЙЫЫ
Биһиги сахалар олус киэҥ, дириҥ өйдөбүллээх, уһун үйэлээх, киһи өйө-санаата сайдыытыгар олус сөп түбэһэр таҥара үөрэхтээхпитин умуннаран сылдьаллар. Бу таҥара үөрэҕэ олус былыргы кэмҥэ үөскээбитин оннооҕор арҕааҥҥы дойдулар үөрэхтээхтэрэ тенгрианство диэн аатынан билинэллэр. Икки тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр үөскээбит христианство үөрэҕэ былыргы таҥара үөрэҕиттэн сайдан, үүнэн тахсыбытын суруйааччы Мурад Аджи бэлиэтиир. (4,223).
Билигин биһиэхэ былыргы бэйэбит таҥарабыт үөрэҕин оннун булларан саха дьонун санааларын үчүгэй киһи буолуу суолунан салайан биэрэрбит наада буолла. Аныгы сайдыылаах, демократия суолун тутуһар олох ирдэбилэ ону эмиэ ирдиир.
Дьон бары үөрэхтэнэн-билиилэнэн Ырай дойдута диэн киһи санаатыгар оҥорон көрөр, хаһан да туолбат ыра санааларын дойдута буоларын билиммиттэрин кэнниттэн, аныгы демократия баһылаан салайар олоҕор биһиги, сахалар таҥарабыт үөрэҕэ киһи өйө-санаата сайдыытын уратыларын быһаарыыта ордук сөп түбэһэрин билинэр кэмнэрэ буолла.
Таҥара диэн тыл олус былыргы кэмнэргэ саха дьонун олохторун үөрэҕин холбуу хомуйан таҥ, таҥар диэн төрүт сахалыы тыллартан үөскээбит. Таҥара диэн бэйэтинэн сахалыы өйдөбүлэ ким эрэ, биллибэт киһи тугу эмэ хомуйара, чочуйара, холбуура таҥара ааттанар. Ол аата таҥара үөрэҕэ диэн уһун үйэлэргэ хомуллан, таҥыллан үгүс дьон олохторун үөрэхтэринэн, уопуттарынан мунньуллан үөскээбит үөрэх диэн быһаарыллар. Таҥара үөрэҕэ биһиги сахалар бэйэбит төрүт үөрэхпит.
Таҥара үөрэҕэ диэн тугуй? Бу үөрэх туох барыта икки өрүттээҕин курдук икки тус-туспа чаастартан хомуллан үөскээбит.
Бастакытынан, оҕо кыра эрдэҕинэ үтүө быһыылары элбэхтик оҥотторон үгэс оҥорон ийэ кутугар иҥэрэн биэрии, иккиһинэн, улахан киһи бэйэтин өйүн-санаатын үөрэтиитэ, салайыыта, үтүө санааларын үгэс оҥостон ийэ кутугар иҥэриниитэ буолар.
Санаа диэн олус кыра. Тугу эмэ биирдэ эмэтэ санаан аастахха киһи умнан иһэриттэн санаа ордук кыччыыр уонна улахан суолтата суох курдук өйдөбүллээх. Ону-маны оҥоруох иннинэ өйгө-санааҕа оҥорон көрүү, бу быһыы төһө табылларын, туох туһалааҕын быһаарыы өй-санаа сүрүн үлэтэ буолар. Киһи барыта олус элбэх баҕа, ыра санаалардаах эрээри, олортон олоххо туһалааҕа олус аҕыйах. Ол иһин элбэх туһата суох санааларынан баһы толорон кэбиспэккэ олоххо туһалаах санаалары саныырга үөрэнии киһиттэн ирдэнэр биир тутаах көрдөбүл буолар.
Таҥара үөрэҕин биир сүрүн туһатынан куруук биир санааны саныы сырыттахха, ол санаа элбэхтик хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйдаҕына киһини бэйэтин салайар кыахтанарын дьоҥҥо өйдөтүү буолар.
Санаа бу курдук уларыйар кыахтааҕын дьон бары таба өйдөөн олохторугар туһаналлара эрэйиллэр. «Куһаҕаны санаама, куһаҕан майгылаах буолуоҥ» диэн этии, киһи санаата быһыытын, майгынын кытта уларытарын биллэрэр. Киһи ханнык; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу санаалардаах даҕаны соннук быһыылары оҥорор. Онтон быһыы диэн санаабыт санааны олоххо киллэрии, тугу эмэ оҥоруу аата буолар. Киһи баһыгар, өйүгэр-санаатыгар аан маҥнай санаа үөскүүр. «Киһини санаата салайар» диэн этии киһи аан маҥнай санаатыгар саныырын, оҥорон көрөрүн уонна онтон тугу эмэ дьиҥнээхтик, илэ оҥорорун чуолкайдаан биэрэр.
«Оруо маһы ортотунан тоҕо көтөн барыма», «Оломун билбэккэ эрэ ууга кииримэ» диэн этиилэр ситэ быһаарбакка, санааҕар оҥорон көрбөккө, туох кэтэһэн турарын билбэккэ эрэ мээнэ иннин диэки барыма диэн биллэрэллэр, үөрэтэллэр. «Санаабычча быһыыланар» диэн санаатыгар туох эмэ көтөн түһэрин кытта оҥоро охсор киһини этэллэр.
Саныыр санааны сааһылаан, дьаарыстаан киһи быһыытыгар сөп түбэһиннэрэн биэрэр кыахтаныы киһи быһыылаах буолууга тириэрдэр. Киһи өйө-санаата сайдан киһилии быһыыланар киһи буолуоҕуттан ыла таҥара диэн үтүө баҕа санаалара хомуллан, таҥыллан үтүө киһи мөссүөнэ үөскээбит. Ол аата таҥара үөрэҕэр үтүө, үчүгэй киһи оҥорбут быһыыларын үтүктэн, батыһан үтүө быһыылары оҥорорго үөрэнии, үчүгэй киһи буолуу киирэр.
Санааны салайа үөрэнии, куһаҕан санаалартан ыраастаныы, умнуу, үтүө, үчүгэй киһи буолууну ситиһэ сатааһын таҥара үөрэҕэ диэн ааттанар.
Киһи бэйэтин санааларын сатаан салайа үөрэниэхтээх. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону киһи буолууга үөрэтэр, ол аата таҥара үөрэҕэ тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэтииттэн саҕаланар. Киһи буолуу үөрэҕэр санааны салайыы, сөптөөх, киһилии суолунан салайан биэрии оҥоруллар, киһи быһыытын, сиэри аһара барбат буолууга үөрэтиллэр. Ол аата, оҕо аан маҥнай бары быһыыларын барыларын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэнэриттэн, бу быһыылара үгэскэ кубулуйан ийэ кутугар иҥнэхтэринэ киһилии санаалаах, киһилии быһыылаах буола улаатар. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ киһилии быһыыга үөрэтии олус улахан суолталаах. Таҥара үөрэҕэ оҕону иитиигэ улахан суолтата итинэн быһаарыллар.
Санаа мунньустар. Муһуннаҕына күүһүрэр. Куһаҕан санаалар киһиэхэ мунньустан, элбээн хаалыылара куһаҕан үгэһи үөскэтэн киһини куһаҕан быһыылары оҥороругар тириэрдиэхтэрин сөп диэн өй-санаа, таҥара үөрэҕэ быһаарар. Куһаҕан санаалары өр саныы сылдьыбакка, хос-хос хатылаан үгэскэ кубулуппакка умнан, хаалларан иһии дьонтон барыларыттан ирдэнэр биир тутаах көрдөбүл буолар.
«Былыргыны былыт саптын» диэн сахалар этэллэр. Бары куһаҕан быһыылары умнан, өйгө-санааҕа суох оҥорон иһии киһи өйө-санаата ыраастанарыгар, атын үтүө санааларынан туоларыгар тириэрдэр. Бу быһаарыыны тутуһар буолуу үчүгэй санаалаах дьон элбээһиннэрин үөскэтэр. Куһаҕан санаалартан ыраастаныы, ол аата умнуу диэн таҥара үөрэҕин биир сүрүн көрдөбүлэ буолар.
«Айыы этэн ыраастаныы» диэн оҥорбут сыыһаны, киһи оҥорбот быһыыларын оҥорбуту билинии аата. Киһи оҥорбут сыыһатын, бу сыыһа эбит диэн билиннэҕинэ эрэ аны ону оҥорбот буолар кыахтанар, умнар, ол иһин өйө-санаата ырааһырар, атын үчүгэй санаалар өйүгэр-санаатыгар олохсуйар, иҥэр кыахтаналлар.
Кыра оҕо саҥа улаатан истэҕинэ таҥарата, үтүктэр, үөрэнэр киһитэ төрөппүтэ буолар. Оҕо төрөппүтүн көрөн, үтүктэн кини курдук буолар баҕа санаатыттан төрөппүтүн курдук санаалаах, быһыылаах буола улаатар. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ этэринэн оҕо хайаан даҕаны икки төрөппүттээх буоллаҕына эрэ өйө-санаата туруктаах буола улаатарыгар олук ууруллар.
Аҥардас дьахталлар биир эмэ атаах оҕолорунан омугу сайыннарыахтара диэн төрдүттэн сыыһа өйдөбүл. Тулаайах оҕо биир төрөппүтэ суоҕуттан баҕа санаата кэлтэйдии, аҥар өттүн диэки халыйан барарыттан өйө-санаата сайдыытыгар туспа уратылар үөскүүллэриттэн туруга суох өйдөөх-санаалаах буола улаатарын сахалар билэллэр этэ. Ол иһин былыр-былыргыттан тулаайах оҕо биир эмэ буоларыгар баҕараллара уонна иитиитигэр аймахтарын эр дьоно көмөлөһөллөрүн хайаан да ирдииллэр этэ.
Сахалар таҥара уонна айыы диэн итэҕэл тылларын куруук тутталлар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн Аан дойду төрүт тутулуктарын быһаарар этиигэ сөп түбэһэн итэҕэл, киһи өйө-санаата сайдыыта эмиэ икки өттүттэн халбаҥнаабат тутулуктааҕын быһааран бу таҥара уонна айыы диэн өйдөбүллэр туттуллаллар.
Итэҕэл икки өрүттэрэ, өйдөбүллэрэ манныктар:
1. Таҥара итэҕэлэ.
2. Үрүҥ Айыы итэҕэлэ.
Итэҕэл бу икки өрүттэрин арыыйда киэҥник ырытан быһаарыахпыт:
1. Таҥара итэҕэлэ. Оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын киһи буолуу суолунан сайыннарыы, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтии, өйө-санаата аһара барарын хааччахтааһын аналлаах өй-санаа, таҥара үөрэҕинэн ситиһиллэр. Yтүө, үчүгэй киһи оҥорор быһыыларын үтүктэн ол курдук оҥоруу кини курдук өйдөөх-санаалаах буола улаатыыга тириэрдэрэ таҥара үөрэҕэ бастаан иһэрин быһаарар. Оҕо саҥа сайдан, үүнэн, улаатан иһэр баҕа санаатын киһи буолуу, киһилии быһыыланыы суолунан салайан олоҕун олороругар таҥара үөрэҕэ көмөлөһөр.
Таҥара итэҕэлэ сайдан иһэр өйү-санааны үөрэтэр, ол аата улаатан иһэр оҕолору, кэлэр көлүөнэлэри иитэр-үөрэтэр аналлаах, сайдыыны, саҥаны түргэнник ылынымтыа, олоххо буолар уларыйыылары киллэримтиэ. Ол иһин итэҕэл үрүҥ өттө, сайдар өттө таҥара итэҕэлэ буолар. Yтүө санааҕа үөрэнии итэҕэл үтүө, үрүҥ өттө, Yрүҥ итэҕэл диэн ааттанар.
2. Yрүҥ Айыы итэҕэлэ. Урукку кэмҥэ олорон ааспыт көлүөнэлэр үчүгэйгэ үөрэтэр туһалаах билиилэрин арааран ылан иҥэринии, кинилэр үөрэхтэрин олоххо тутуһуу, Yрүҥ Айыылартан билиини ылыныы Yрүҥ Айыы итэҕэлэ диэн ааттанар. Итэҕэл диэн тугу эмэ итэҕэйии аата. Итэҕэйэр буоллахха итэҕэл үөскүүр.
Үрүҥ Айыылартан ылынар билиибитигэр омукпут тыла, былыр-былыргыттан иҥэриммит олохпут үгэстэрэ, сиэрдэрэ-туомнара холбуу киирсэ сылдьаллара туох барыта икки өрүттээҕин таба өйдөөн, сыаналаан, тэҥнээн саҥаны, урукку өттүгэр суоҕу ылынарбытыгар сэрэхтээх буоларбытын ирдиир.
Итэҕэл бу икки өрүттэрэ олох араас кэмнэригэр бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн толорсон биэрэллэр. Хас эмэ үйэлэр усталарыгар саха дьонун өйдөрүттэн-санааларыттан туората, умуннара сатааннар, олору оннугар түһэрэр сыалтан билигин саха итэҕэлин Yрүҥ Айыылартан кэлэр билиилэрэ ордук элбээбит курдуктар. Олоҥхоттон ылыллар билиилэр үчүгэй, аныгы сайдыылаах дьоҥҥо туһалаах өрүттэрин туспа арааран ылан дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдии аата Yрүҥ Айыылартан кэлэр билиилэри туһаныы диэн буолаллар. Онтон былыргы кэпсээннэртэн, олоҥхолортон кэлэр өлөрүү, алдьатыы туһунан куһаҕан билиилэр Хара Айыылар буолан умнууга хаалан иһиэхтээхтэр, кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ туттуллубаттара ордук.
Айыылар, иччилэр, былыргы өбүгэлэр өйдөрүттэн-санааларыттан үөскүүр итэҕэл билиҥҥи дьоҥҥо туһалаах өттө Yрүҥ Айыы итэҕэлэ диэн ааттанар, кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ-үөрэтиигэ туттуллар, онтон туһата суох, куһаҕаны кэпсиир, үөрэтэр өттө Хара Айыы буолан умнуллууга аналланыахтаах. Куһаҕан быһыылар умнуллан, хаалан иһиилэрэ үчүгэй быһыылар элбииллэригэр тириэрдэр.
Былыргылар, урукку олорон ааспыт көлүөнэлэр өйдөрүн-санааларын олус күүскэ тутуһуу олоххо саҥаны, сайдыыны, уларыйыылары киллэриини атахтыыр, сарбыйар, былыргылыы, хаалынньаҥ олоҕунан олорууга ыҥырар. Ол иһин итэҕэл аҥар, айыылартан тутулуктаах өттүн; хара, хараҥа, түҥкэтэх, сайдыыны ылыммат өттө диэн араарыллар.
Yөрэх-билии, өй-санаа күүскэ сайдан иһэр. Хас көлүөнэлэр уларыйан истэхтэрин аайы киһи билиитэ-көрүүтэ кэҥээн, өйө-санаата эбии сайдан бэрээдэгэ тупсан, аныгы демократия төрүттэрэ киирэн иһэллэр. Саҥа үөскүүр көлүөнэлэр эһэлэр, эбэлэр, аҕалар, ийэлэр билиилэринээҕэр саҥаны, урукку олоххо суоҕу элбэҕи билэллэр. Холобурга, ааспыт, 80-с сыллардаахха олорон ааспыт көлүөнэ дьон компьютер диэн тугун букатын да билбэттэр этэ. Ол иһин былыргы дьон, бары айыылар өйдөрүттэн-санааларыттан билиҥҥи олоххо туһалаах, үчүгэй өттө, Yрүҥ Айыыта эрэ дьоҥҥо туһалыыр, туттуллар кыахтаах.
Итэҕэл бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын сүтэрбэтэхтэринэ, быспатахтарына омук өйө-санаата толорутук, олох бары кэмнэригэр туруктаахтык сайдар. Өй-санаа икки өттүттэн тутулуктаахтык сайдыыта туруктаах өйү-санааны үөскэтэрин итэҕэли үөрэтээччилэр билэллэрэ уонна кытаанахтык тутуһаллара наада. Итэҕэл үөрэҕэр хайа да өттүгэр аһара барыы диэн суох буолара ордук.
Итэҕэл саҥа, таҥара өттө аһара баһыйдаҕына саҥа итэҕэл, саҥа омук үөскүүр кыахтаналлар. Онон, дьон сайдыылаах, үөрэхтээх өттүлэрэ итэҕэл таҥара диэн ааттаах, сайдан иһэр өйү-санааны үөрэтэр өрүтүн ордук сыаналыыллар, олохторугар элбэхтик туһаналлар, оҕолорун үөрэтэллэр.
ҮӨРЭХ уонна БИЛИИ
Сахалар элбэхтик үөрэх уонна билии диэн тыллары үөрэх-билии диэн холбуу этэн туһаналлар. Манна үөрэх диэн тыл билии диэн иннигэр турара үөрэх өссө сайыннаҕына, дириҥээтэҕинэ уонна боруобаланан көрөн туох содуллааҕа быһаарылыннаҕына эрэ билиигэ кубулуйарын быһаарар. Үөрэнииттэн билии үөскүүр.
Ол аата бу үөрэтэ, билэ сатыыр быһыыбыт кэлин боруобаланан, оҥоруллан туох быһыы үөдүйэн тахсара барыта быһаарылыннаҕына, билиннэҕинэ эрэ билиигэ кубулуйар. Үөрэх билиигэ кубулуйуор диэри хайаан даҕаны боруобаланан, оҥоруллан көрөн үчүгэйэ, туһалааҕа дуу эбэтэр куһаҕана, буортулааҕа быһаарылыннаҕына эрэ табыллар. Дьон бары киһилии, ол аата үчүгэй диир быһыыларын элбэхтик оҥорор буоллахтарына куһаҕан, буортулаах үөрэҕи букатын да хаалларан иһэллэрэ ордук.
Киһи сорох үөрэҕи этин-сиинин араас чаастарынан ылынара тус-туһунаннар:
1. Истэн билии.
2. Көрөн үөрэнии.
3. Ааҕан билии.
Бу ылынар үөрэхпитин барыларын оҥорон көрөн, боруобалаан тугун-ханныгын арааран биллэхпитинэ олохпутугар быһаччы туһанар кыахтанабыт. «Элбэхтэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт үчүгэй» диэн этии киһиэхэ үөрэх хайдах иҥэрэ ордук туһалааҕын биллэрэр. «Саха киһитэ тутан-хабан көрдөҕүнэ биирдэ астынар» диэн этии туох барыта боруобаланан, оҥоруллан, тутуллан-хабыллан туга-ханныга билиннэҕинэ эрэ табылларын, оччоҕо эрэ дьоҥҥо туһалааҕа дуу, буортулааҕа дуу арылларын быһаарар.
Үөрэҕи элбэхтик көрөн-истэн, ааҕан, олору хос-хос хатылаан, суруйан үөрэтии үгэс, ол аата ийэ кут, онтон тутан-хабан, оҥорон көрөн үөрэнии буор кут үөскээһинигэр тириэрдэр, умнубат гына өйдөнүллэрин тэҥэ киһи этэ-сиинэ үөрэнэн үөрүйэх буолар. Үөрэҕи ылыныы кэмигэр оҥорон көрөр кыах баар буоллаҕына үөрэх сыыһата-халтыта сонно тута биллэн, күөрэйэн таҕыстаҕына көннөрөн саҕалыы оҥоруу кыаллара үөрэнии түргэнник уонна ситиһиилээхтик барарын биллэрэр.
Үөрэх билиигэ кубулуйуутугар оҥорон көрүү сүрүн оруолу ылар. Тугу эмэни оҥордоххо, оҥоһуллан бүппүтүн кэннэ өссө өр боруобалаатахха туох сыыһалааҕа-халтылааҕа, куһаҕаннааҕа эбэтэр үчүгэйдээҕэ дьэ арыллан тахсар уратылаах. Ол курдук тимир ууһа саҥа быһаҕы оҕустаҕына хос-хос хатаран, төнүннэрэн оннун биирдэ булларар.
Үөрэнэр кэмҥэ боруобалаан иһии, көннөрөн, тупсаран биэрэр кыах баар буолара үөрэх сөптөөх хайысханан баран иһэрин ситиһэргэ аналланар. Биһиги учууталларбыт оҕо хайдах үөрэҕи ылынара ордугун билэн туһаммыттара ыраатта. Ол курдук араас көрдөрөн үөрэтэр үөрэх тэриллэрин уонна боруобалаан үөрэтиини оскуолаларга куруук туһаналлар.
Үөрэтиллэн уонна оҥорон көрөн боруобаламмыт, сыыһата-халтыта барыта көммүт, түмүгэ биллибит үөрэх билии диэн ааттанар. Ол аата билии диэн эрдэттэн бэлэмнэммит, биллибит быһыы буолар, ол иһин билиини быһалыы ылыныллар, сол баарын курдук толордоххо хаһан да сыыһа буолбат.
Билиилээх диэн элбэҕи үөрэтэн билбит уонна олорун быһаччы туһана сылдьар киһи буолар. Онтон үөрэхтээх киһи диэн саҥа үөрэнэ сатыы сылдьар, тугу билбитин өссө да туһаҕа таһааран туһана илик киһи ааттанар. Биһиэхэ үөрэхтээх дьон төһө эмэ элбэхтэр эрээри онтуларын туһаҕа таһааран туһанар кыахтара аҕыйаҕыттан сайдыыбыт намыһах.
Оҕону кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр бэлэм билиигэ иитиллэр, тугу барытын маннык оҥор диэн көрдөрүллэр, үтүгүннэриллэр, онтон улаатан, бэйэтин өйө-санаата сайдан истэҕинэ үөрэтиллэр. Ол аата төрөппүт аан маҥнай бэйэтэ билэр, үөрэтэн билбит, үчүгэй диир быһыыларын хайдах оҥорорго үтүгүннэрэн, батыһыннаран, бу курдук оҥор диэн көрдөрөн үөрэтэрин аата иитии диэн буолар. Бэлэм, урут оҥоруллан элбэхтэ боруобаланан билиигэ кубулуйбут үөрэххэ үөрэтии иитии диэн ааттанар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ бэлэм билиигэ иитии ийэ кута түргэнник иитиллэригэр, ону-маны оҥорууну түргэнник баһылыырыгар тириэрдэр. Оҕо төрөппүттэрин билиилэрин быһаччы, ырыта, быһаара сатаабакка ылынан иһиитэ иитии диэн буолар.
Ааспыт, урукку көлүөнэлэр үөрэппит үөрэхтэрэ дьон бары билэр билиилэригэр кубулуйбуттара кинигэлэргэ сурулланнар ууруллан уонна дьон өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн сылдьаллар. Ол билиилэртэн ордук туһалаахтара өс хоһоонноро буолан сылдьалларын быһаччы ылан олохпутугар туһанабыт.
«Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһоонун хайдах этиллэринэн туһаннахпытына оҕо төрөппүтүнээҕэр бары өттүнэн барытынан ордук, баһыйар, өйө-санаата өссө күүстээх, тулуурдаах буола улааттаҕына омук сайдан иһэр кэмэ дьэ кэлэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр бу өс хоһоонун куһаҕан диэн ааттааннар туоратан, умуннаран, тутуспат буолууларыттан билиҥҥи көлүөнэлэр иннинээҕи көлүөнэлэрдээҕэр быдан мөлтөх өйдөөх-санаалаах буола улаатан сылдьаллар.
Оҕо улаатан иһэн барыны бары сатыырга, оҥорорго үөрэнэр. Үөрэх билиигэ кубулуйара өссө да ыраах, үөрэнии уһун кэми ылар. Үөрэх үөрэтиллэн-үөрэтиллэн, оҥорон көрөн, боруобаланан туох содул үөскээн тахсара быһаарыллан бүттэҕинэ билии диэн буолар уонна атын хос быһаарыыта суох олоххо быһаччы туттуллан барыан дьэ сөп буолар.
Айыы үөрэҕэ диир сыыһа. Айыы диэн өлбүт дьон билиилэрэ, өйдөрө-санаалара, аны уларыйбат турукка киирбит өй-санаа Үөһээ дойдуга сылдьара ааттанар. Айыылартан, урут тыыннаах эрдэхтэринэ үөрэтэн билбит бэлэм билиилэрин ылынабыт. Былыргы көлүөнэлэр үөрэтэн-үөрэтэн, элбэхтэ боруобалаан көрөн билиигэ кубулуппут өйдөрүн-санааларын биһиги быһалыы ылан олохпутугар туһанабыт эрэ. Былыргы өбүгэлэрбит билиилэрэ өс хоһоонноругар кубулуйан сылдьалларын таба өйдөөн олохпутугар туһаныахпыт этэ.
«Уу чугаһа, уруу ырааҕа үчүгэй» диэн былыргы өбүгэлэрбит үөрэтэн быһааран өс хоһооно оҥорбут билиилэрин билигин саҥалыы билэн дьэ туһанан эрэбит. Уу киһи олоҕор куруук баар, чугас буоллаҕына эрэ табылларын, төһөнөн чугас даҕаны таһан туһанарга чэпчэкитин былыргы үйэлэртэн, дьон хаһан дьиэ туттан олорор буолуохтарыттан ыла үөрэтэн билбиттэр. Кинилэр ити билиилэрин биһиги саҥаттан быһаара, били этэргэ дылы «бэлэсипиэти хаттаан оҥоро сатаабакка» эрэ туһанар кыахтаахпыт.
Бу этиибит салгыыта «…, уруу ырааҕа ордук» диэнин бу саҥардыы арыйан туһанар буолан эрэбит. Ол курдук ыраах сирдэртэн кэргэн ыллахха аймахтаһыы сабыдыалыгар оҕустарыы суох буолан, бу аймахтар доруобуйалара тупсарын сахалар былыр-былыргыттан билэннэр оҕолорун үөрэтэргэ анаан өс хоһооно оҥорон туһаналлар эбит.
Урукку үлэлэрбитигэр быһаарбыппыт курдук туох барыта икки өрүттээҕин быһыытынан айыылартан ылар билиибититтэн аҥардастыы Үрүҥ Айыылар билиилэрин эрэ туспа арааран ыламмыт кэлэр көлүөнэлэрбитин үөрэтиигэ туһанарбыт наада. Ол курдук эдэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара тупсарын туһугар былыргы дьон оҥорбут куһаҕан быһыыларын, Хара Айыыларын туспа арааран, умнан, хаалларан истэххэ эрэ үчүгэй быһыылар элбииллэрэ ситиһиллэр. Итини тэҥэ былыргы, өй-санаа ситэ сайда илигинэ дьон оҥорор быһыылара эмиэ өйдөрүн-санааларын таһымын курдук намыһах, оҥорор быһыыларыттан куһаҕана элбэх этэ. Ол курдук былыргы кыргыһыыларга кыайбыт-хоппут киһи кыаттарбыт киһитин өлөрөн, этин-сиинин кырбастаан, сүрэхтээх быарын үҥүүгэ үөлэн илдьэ барара. Билигин сайдыылаах үйэҕэ киһини өлөрүү диэн олус ыар буруй буоларынан былыргы дьон оҥорбут ыар быһыыларын кыра оҕо улаатыар, сууту, сокуону билэр буолуор диэри билбэтэ ордук буолуо этэ.
Бэлэм, урукку көлүөнэлэр үөрэтэн билбит билиилэрин таба туһанар наадаҕа, бу дьон оҥорбут быһыыларын ырытан, сыаналааһын наада. Ол аата бу быһыылар үчүгэйдэрин уонна куһаҕаннарын таба быһааран олоххо туһаныы кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруктаах буолуутугар тириэрдэр кыахтаах.
Урут олорон ааспыт дьон былыр үйэҕэ үөрэтэн, билэн олоххо туһаныллар гына бэлэмнээн биэрбит билиилэрин биһиги ылан олохпутугар туһаммытынан барабыт. Манна ордук дириҥ өйдөбүллээх «Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан үөрэн» диэн этиини быһалыы ылынаммыт кырдьаҕастары ытыктыыбыт, этэр тылларын истэбит.
Саха норуота үгүс үйэлэр тухары олохторун үөрэҕин, ол аата Үрүҥ Айыылартан кэлэр билиилэрин өс хоһоонноро оҥороннор билигин туһана сылдьаллар.
Өс хоһооннорун үлэһит норуот айар, ол иһин кыайыылаах-хотуулаах үлэ, сытыы, мындыр өй үрдүктүк сыаналанар, үтүө майгы-сигили, сыһыан мэлдьи хайҕанар, ытыктанар, баттабыл-атаҕастабыл, буруй-сэмэ, содур быһыы сэмэлэнэр.
Онон өс хоһоонноро үөрэтэр, биллэрэр, киһини үчүгэйгэ үөрэтэр күүстэрэ улахан. Итэҕэһи, алҕаһы, буруйу оҥорбокко, туттунарга, сэмэлииргэ, көннөрөргө үөрэтэрэ кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара тупсан иһэригэр тириэрдэр.
YӨРЭХ ИККИ ӨРYТЭ
Сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» дииллэр. Бу этиини биһиги тылбыт үөрэхтээхтэрэ, сорох суруйааччыларбыт билигин даҕаны арааран билэ, таба сыаналыы иликтэриттэн хомойорбутугар эрэ тиийэбит.
Күн уонна Сир, Аан дойду, Сир үрдүгэр туох баар барыта икки өттүттэн хардарыта тутулуктаахтар, ол иһин иккилии өрүттээхтэр. Сир үрдүгэр туох барыта уларыйан, эргийэн, күн уонна түүн, сайын уонна кыһын курдук уларыйан солбуйсан биэрэллэр. Бу икки өрүттэр уларыйан, солбуйсан биэриилэригэр улаханнык оҕустарбат, сыыһа-халты туттубат туһугар хас биирдии киһи бу икки өрүттэри иккиэннэрин тус-туспа арааран билэрэ наада.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһиэхэ бу икки өрүттэри тус-туспа арааран билэргэ уонна олоххо таба туһанарга үөрэтэр. Ол иһин таҥара үөрэҕэ хас биирдии киһиэхэ хайаан да наада.
Туох барыта икки өрүттээҕин курдук үөрэнии эмиэ икки тус-туспа араарыллар өрүттэрдээх:
1. Үөрэтии. Атын киһи киһиэхэ тугунан эмэ дьайан, кэпсээн, көрдөрөн, үтүгүннэрэн, оҥотторон үөрэтиитэ.
2. Үөрэнии. Киһи бэйэтэ булан-талан, билэн-көрөн, ааҕан-суруйан, эрэйдэнэн үөрэниитэ.
Кыра оҕолору үөрэтии уонна улахан, өйдөрүн-санааларын туппут дьон үөрэниилэрэ иккиэн тус-туспа хайысхалаахтар, тус-туспа төрүккэ, киһи өйүгэр-санаатыгар, ийэ уонна салгын куттарыгар олоҕураллар.
Биһиги таҥарабыт үөрэҕин бу быһаарыылара олоххо, өй-санаа сайдыытыгар улахан хамнааһыны таһаарар кэмнэрэ сотору кэлиэхтэрэ. Аныгы сайдыылаах, демократия сокуоннарын тутуһар олоххо дьон бары биһиги таҥарарбыт үөрэҕин тутустахтарына эрэ киһи быһыылаах, туруктаах өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлээх буолалларын билиэхтэрэ.
Оҕо кыра, 2-5 саастаах эрдэҕинэ субу оҥорбутун тута бааччы умнан иһэринэн тугу элбэхтик хос-хос хатылаан оҥорбутун эрэ өйдөөн хаалан иһэр кыахтаах. Бу элбэхтик хатылаан хос-хос оҥорбутуттан үгэстэр үөскээһиннэриттэн кини ийэ кута сайдан эбиллэр. Бу кэмҥэ оҕоҕо үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥотторон өйүгэр-санаатыгар иҥэрэн, үгэс оҥорон биэрэн истэххэ ийэ кута иитиллэн үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатар. Оҕону иитии диэн ити төрүккэ олоҕурар.
Онон оҕо саҥа улаатан истэҕинэ бэйэтэ санаатын салайар кыаҕа суоҕуттан үчүгэй быһыылары атын, улахан дьон көмөлөрүнэн, көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэриилэринэн элбэхтик оҥоро үөрэннэҕинэ үчүгэй үгэстэри үөскэтинэн, бу оҥорор үчүгэй быһыылара үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ууруллан, мунньуллан иһиилэриттэн үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатара төрүттэнэр.
Кыра оҕону үөрэтиигэ төрөппүт сыала, соруга оҕотугар элбэх үчүгэй быһыылары оҥотторо үөрэтэн бу быһыылара үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэрин ситиһиитэ буолар. Манна үчүгэй майгылаах буолуута, улахан дьоҥҥо сыһыана, үлэҕэ-хамнаска үөрэтии барыта киирсэллэр.
Оҕо улаатан, этэ-сиинэ ситэн, өйө-санаата сайдан истэҕинэ үөрэтии хайысхата уларыйан бэйэтэ санаатын салайыытыгар көһөрүллэн биэриэхтээх. Бу кэм оҕо оскуолаҕа киириититтэн саҕаланар уонна киһи буолууну ситиһиитинэн түмүктэниэн сөп. Киһи буолууну ситиһии кэнниттэн төрөппүт уонна оҕо икки ардыларыгар сыһыан тосту уларыйан улахан дьоннуу сыһыаҥҥа көһөн биэрэр кэмэ кэлэр. Бу кэмҥэ оҕо бэйэтин өйө-санаата сайдан, өйүнэн-санаатынан салайтаран үөрэҕи бэйэтэ ылынан үөрэниини ситиһэр кыахтанар.
Биһиги аныгы бэйэлэрин билиммит төрөппүттэрбит оҕолорун куруук «кыра оҕо» диир санааларыттан бу өй-санаа уларыйар кэмин табан сыаналаабаккалар кэлин улахан эрэйи көрсөллөр. Аналлаах үөрэхтээхтэр оҕоҕо бу кэм кэлэрин өссө тупсаран «Переходный возраст» диэн ааттыыллар. Бу кэмҥэ оҕо өйө-санаата сайдан улахан дьоннуу сыһыаҥҥа наадыйарын ситэ сыаналаабаттарыттан итинник охсууга, эмискэ уларыйыыга тириэрдэн кэбиһэллэр.
Оҕо бэйэтин санаатынан салайына үөрэнэрэ саҥа улаатан истэҕинэ, иитээччитэ эппитин умнубакка толорор буолар кэмиттэн ыла саҕаланар. Бу кэмҥэ оҕо салгын кута сайдар, бэҕэһээ тугу оҥорбутун билэр, умнубат, сарсын тугу оҥоруохтааҕын быһаарынар, былаанныыр кыахтанар.
Улахан киһи санаатын бэйэтэ салайар кыахтааҕынан үчүгэй санаалары элбэхтик санаатаҕына үчүгэй санаалара үгэскэ кубулуйаннар өйүгэр-санаатыгар, салгын кутугар уурулланнар үчүгэй санааланар, үчүгэй быһыылары оҥорор кыахтанар.
Онтон оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэй уонна куһаҕан диэни кыайан арааран билбэтиттэн улахан киһи туох үчүгэй, туох куһаҕан буоларын быһааран, көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэрэрэ хайаан да наада. Маннык үөрэтии оҕо ийэ кутун иитии, үчүгэй үгэстэри иҥэрии диэн ааттанар.
Кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй үгэстэргэ иитиллибит оҕо улааттаҕына сыыһа-халты туттунууларга киирэн биэрэрэ аҕыйах, киһи быһыытын аһара туттубат киһи буолар, олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыаҕа улаатар.
Улахан киһи субу оҥоруохтаах быһыытын ийэ кутугар тэҥнээн көрөр кыахтаах буолан куһаҕан быһыылары оҥорор кыаҕа кыра. Кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит буоллаҕына ийэ кута кини оҥорор быһыытын барытын хонтуруоллуу, тэҥнээн көрө сылдьарынан сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр.
Киһи уһун олоҕун устата аҥардастыы салгын кутунан салаллан олоҕун олороро өй-санаа олус түргэнник уларыйар, солбуйсан ылар кэмнэрдээҕиттэн уустуктардаах. Олох биир эмэ түргэнник уларыйар кэмигэр киһи өйө баайыллан дуу эбэтэр өйө көтөн дуу ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн ыллаҕына сыыһа туттан дуу, хайаан дуу олус куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһиэн сөп.
Бу кэм киирэн ааһыытыгар киһи туох быһыыны оҥоро охсон кэбиһэрэ кини инники олоҕор олус улахан суолталанан тахсара билигин олус элбээтэ. Ол курдук биирдэ итирэн, өйө көтөн хаалбыт киһи билэр киһитин кытта тапсыбакка быһаҕынан анньа охсон кэбиспит түбэлтэлэрэ үгүстүк буолаллара хомолтолоох.
Өй көтүүтэ диэн салгын кут көтүүтэ. Киһи өйө көппүт кэмигэр ийэ кута быһаччы салайыытыгар киирэр. Ийэ кут өйүгэр-санаатыгар ханнык үгэстэр уурулла сылдьалларыттан тутта сылдьар быһыыта быһаарыллар кэмэ кэлэр. Бу кэмҥэ кыра эрдэҕинэ атаахтык, ханнык да хааччаҕа суох көҥүллүк иитиллибит оҕо буруйу, киһи оҥорбот быһыытын оҥорон кэбиһэр кыаҕа улаатар. Улахан киһи сыыһа туттан сокуону кэстэҕинэ хаайыыга түбэһэрин туһунан биһиги төрөппүттэрбит оҕолорун кыра эрдэхтэринэ үөрэппэттэрэ кэлин оҕолоро улааппыттарын кэннэ сыыһа туттарыгар тириэрдэрэ ордук хомолтолоохтук түмүктэнэр.
Оҕону киһи быһыылаахтык олоҕу олорорго, киһи быһыытын аһара барбат, сыыһа-халты туттубат буолууга ииппэтэххэ, үөрэппэтэххэ куһаҕан, бас-баттах иитиилээх киһини улаатыннаран кэбиһиэххэ сөп. Куһаҕаннык иитиллибит оҕоттон араас «Төннүбүт төрүөхтэр» үөскээн тахсалларын билбэтэҕэ буоларбыт сатаммат. Аҥардас дьахталлар биир эмэ оҕону төрөтөн баран киһилии быһыылаах буолууга үөрэппэттэриттэн буруйу оҥорооччулар элбииллэр. Оҕону иитиини-үөрэтиини аҥардас дьахталлар кыайбаттарын былыргы сахалар билэллэрин «Тулаайах оҕо» диэн туспа өйдөбүл баара быһаарар.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн туох барыта икки өрүттээҕин билэн, өйүгэр-санаатыгар иҥэринэн улаатарыгар икки төрөппүтэ иккиэн бааллара хардары-таары олус туһалаах сабыдыалы оҥороллор. Ийэ уонна аҕа, эр киһи уонна дьахтар оҕолоругар сыһыаннара, араас көрдөбүллэрэ тус-туһунаннара оҕо туох барыта икки өрүттээх буоларын кыра эрдэҕиттэн билэрин, олоҕор туһана үөрэнэрин үөскэтэллэр.
«Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар үөрэхтэрин билии уонна олоххо туһаныы хайа да өттүгэр аһара барбат буолууга үөрэтэринэн киһи буолуу үөрэҕин сүрүн төрүтэ буолар. Икки төрөппүттээх оҕо туох барыта икки өрүттээҕин, икки өттүттэн тутулуктааҕын кыра эрдэҕиттэн билэн туһана сылдьар кыахтанар.
Аан дойду төрүт тутулуга «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэр уонна хаһан даҕаны уларыйар кыаҕа суох. Ол иһин киһи туох барыта икки өрүттээх тутулуктааҕын билинэн хайа да диэки аһара баран халыйбакка олоҕун киһи быһыылаахтык олороро ирдэнэр.
КИҺИ БЫҺЫЫЛААХ КИҺИ
Оҕо улаатан иһэн баар-суох баҕа санаатынан «Улахан киһи» буола охсуу, улаатыы буолар. Бу баҕа санаатын дьайыытыгар төрөппүттэрэ үчүгэй быһыылары оҥорор үчүгэй киһи буол диэн үөрэхтэрэ эбилиннэҕинэ киһи быһыылаах буола улаатар кыахтанар.
Оҕону киһи быһыытыгар үөрэтии сүрүн төрүтүнэн «Туох барыта икки өрүттээҕин»; үчүгэйин уонна куһаҕанын арааран биллэрии, хайа да диэки аһара барыы олоххо уустуктары үөскэтэрин быһааран иҥэрии буолар.
Саха дьонун оҕолорун үөрэтэр үчүгэй киһилэринэн былыр-былыргыттан хайа эрэ төрөппүт эбэтэр чугас аймах киһи буолар этэ. Ол иһин төрөппүтү үтүктүү, кини курдук буола сатааһын, кинилэри таҥара оҥостуу саха оҕолоругар тарҕаммыт. Төрөппүт оруола үрдээн биэриитэ ити өйдөбүл өссө улаатан, чиҥээн биэриитигэр тириэрдэн иһиэн сөп. Күүстээх куттаах-сүрдээх киһи өйүн-санаатын, үөрэҕин үрүҥ айыы, таҥара оҥостон кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ-үөрэтэргэ эмиэ туһаналлара.
Сахаларга үчүгэй киһи хайдах буолуохтааҕа эмиэ биллэр. Үчүгэй киһи куһаҕан быһыылары, хара айыыны оҥоруо суохтаах, куруук үчүгэй быһыылары оҥорор үчүгэй, үтүө санаалардаах, дьоҥҥо үчүгэйи баҕарар буолуохтаах.
Дьон бары үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруохтарын баҕараллар. Уһун үйэлэрин тухары үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥороннор үчүгэй быһыылар олус, киһи ааҕан сиппэтинэн элбэхтэр. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары оҕо арааран билэрэ быдан ордугун, оччоҕо билии дириҥ буоларын быһааран киһи олоҕун устата өйүн-санаатын харыстаан тоҕус айыыны оҥоруо суохтаах диэн этэр.
Ол айыылар манныктар:
1. Албыннаама.
2. Оттомо суох буолума, киһиргээмэ.
3. Ымсыырыма, ордук санаама.
4. Kуһаҕан кыдьыктаныма, содурдаама.
5. Уорума.
6. Өһүөннээмэ.
7. Иирсээни тардыма.
8. Өлөрүмэ.
9. Алдьатыма.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн бу аҕыйах ахсааннаах куһаҕан, хара айыылары оҥорбот буоларга үөрэннэҕинэ ийэ кута оннук иитиллэн үйэтин тухары бу быһыылары оҥороро аҕыйах, бэйэтин туттунар күүһэ элбэх буола улаатар.
Киһи буолан баран кыра эмэ мөлтөх өрүттэрдээх буолууну дьон бы-растыы гыналлар. Арай бу мөлтөх өрүттэрбит киһи быһыытын, сиэрин аһара барбат буолаллара ирдэниллэр. Кыратык сыыһа-халты туттуу «Киһи буолан баран»,- диэн быһаарар этиилээх буолар. Хаһан да, кыратык да сыыһаны-халтыны, кыра айыыны оҥорбот тыыннаах киһи диэн суох. Ол аата, киһи буоллахха, кыра, улахан суолтата суох, сиэри кэспэт, киһи быһыытыттан таһынан барбатах кыра алҕастары, саҥаны арыйыылары, айыыны оҥоруу киһиэхэ көҥүллэнэр. Киһи өйдөөх-мэйиилээх буоларынан айыыны оҥорбот буолара эмиэ табыллыбат.
Дьон саҥаны арыйаннар олоххо кил¬лэрэн иһэллэр. Киһи айыыны оҥороро эмиэ көҥүллэнэр. Ол эрээри ол айыыбыт сиэри таһынан барбатаҕына эрэ олоххо туһаны аҕалар, сиэри таһынан бардаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйар. Ол иһин сиэри аһара барбат, сиэри иһинэн айыы аата айыы-сиэр диэн буолар.
Айыыны оҥорбот дьон элбэхтэр. Кинилэр бары киһилии быһыылаах дьон диэн буолаллар. Ол аата, дьоҥҥо туһалаах айыыны оҥорор, саҥаны арыйар киһи диэн отой аҕыйах, биир эмэ буолар, онтон киһи быһыылаах дьон олус элбэхтэр, ол иһин дьон үксүлэрэ киһилии быһыылаах буолууга дьулуһаллар.
Сахалар олохторун, таҥараларын үөрэҕэр элбэхтик туттуллар «Киһи быһыыта» диэн өйдөбүл, аналлаах кыйыа, хайа да өттүгэр, үчүгэй да, куһаҕан да өттүлэригэр киһи уһун олоҕун устата туораабатын, ол аата аһара барбатын хааччыйар аналлаах. Киһи олоҕун устата киһи быһыытын кэспэххэ, айыыны оҥорбокко олоҕун олордоҕуна, киһи быһыылаахтык, олоҕун сиэрдээхтик олордо диэн этэллэр. Үчүгэй киһи буолууга дьулуһар, киһи быһыылаах дьон итэҕэллэрэ таҥара итэҕэлэ диэн ааттанар.
Киһи быһыытын кыйыата, аһара барбат кыраныыссата сахалыы сиэр диэн ааттанар. «Сиэрдээх быһаарыы» диэн олус таба, сөптөөх, дьон өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэр быһаарыыны ааттыыллар. «Сиэри таһынан» диэн киһи быһыытын аһара барбыт быһыы ааттанар. Сиэри таһынан барар быһыы үксүгэр куһаҕаҥҥа кубулуйар. Ол аата айыыны оҥорор киһи дьон билбэт быһыыларын оҥорор буолан сиэри кэһэригэр тиийэр.
«Киһиттэн таһынан» диэн этии киһи быһыытыттан ураты, сөп түбэспэт быһыылары оҥоруу ааттанар. Киһиттэн таһынан быһыылар үгүс дьон өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэспэттэр. Холобур, концерт кэмигэр айдаарар эбэтэр бырааһынньыкка итирэр киһини дьон сөбүлэээбэттэр, туората көрөллөр.
Сиэр диэн сахалар олохторун сокуона буолар. «Сиэри кэһимэ», «Сиэри таһынан барыма» дииллэр. Ол аата, киһилии быһыыны аһара барыма диэн буолар. Киһи олоҕо сиэри тутуһан, сиэри иһинэн буолуохтаах.
Билигин өй-санаа, кут-сүр үөрэҕэ сайдан иһэллэр. Киһи оҥорор бары быһыылара кини өйүттэн-санаатыттан, мэйиититтэн, куттарыттан тутулуктаах буолаллара быһаарыллан иһэр. Киһи биир мэйиитинэн толкуйдаан куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи оҥорон кэбиһэрэ ханна да ырытыллыбат чуолкай буолара быһаарыллар, ол иһин өй-санаа үөрэҕин буккуйуу таһаарыллыа суохтаах.
Кут-сүр үөрэҕэ билинэринэн киһи оҥорор быһыылара икки аҥы арахсаллар. Ол аата киһи оҥорор бары дьыалалара барылара үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥоруу диэн буолаллар. Үчүгэйи оҥоруу - үрүҥ айыыны оҥоруу буолар, онтон куһаҕаны оҥоруу - хара айыыны оҥоруу диэн сахалыы ааттанар.
Хара айыыны оҥоро охсон киһи быһыытын сүтэрбэт туһугар оҕо кыра эрдэҕиттэн үтүө үгэстэргэ үөрэнэн ийэ кута иитиллэрэ наада. Тулуура суох киһи олоҕор олус куһаҕан, сиэргэ-баппат сыыһалары оҥоро охсон кэбиһэрэ ыраахтан буолбатах. Ол иһин киһиэхэ олус күүстээх тулуур, өһөс, күүстээх санаа наада.
Киһи олоҕун устата дьарыктанан күүстээх санаалаах буолууну ситиһиэхтээх. Күүстээх санаа тулуурдаах, өһөс буолууттан үөскүүр. Тымныыны-итиини, араас ыарахаттары, айылҕа хааны сиир үөннэрин тулуйар буола үөрэнииттэн киһиэхэ күүстээх санаа үөскээн олохсуйар. Онтон чэпчэки олоҕу тутуһуу, барыта бэлэмҥэ үөрэнии олох чэпчэки-тин курдук санаалары үөскэтэн эдэр киһини сыыһа туттунууларга үтүрүйүөн сөп.
Киһи быһыытын өйүн-санаатын тутуһан олох олоруу киһи олоҕун сүрүн сыала. Киһи олоҕун устатын тухары киһи быһыытын суолуттан сыыһа-халты туттан туораабакка, киһи быһыылаахтык сылдьыыта кини сүрүн кыайыыта, өйө-санаата туруктаах буолуутун көрдөрөр бэлиэтэ буолар.
ИККИ ӨРҮТҮ ТЭҤНЭЭҺИН
Икки өрүт икки аҥы хайысхалаах, ол иһин икки аҥы барар суолу тутуһаллар. Бу икки аҥы барар өрүттэр биир санааны булунан, биир сыалы тутуһаллара ордук эрэйдээх. Олоххо икки өрүт баара, ол аата икки аҥы хайысха дьон-аймах икки аҥы, үрүҥ уонна кыһыл диэн сэриилэһиилэриттэн, эбэтэр уҥа уонна хаҥас күүстэр диэн арахсыыларыттан хаһан баҕарар баарын биллэрэр.
«Иккиттэн биирин талыы» олоххо үгүстүк көстөрүнэн, олох ханнык эмэ кэрискэ кэмигэр биир быһаарыыны ылыныы дьоҥҥо эмиэ тиийэн кэлиэн сөп. Ол аата олох уустук кэмигэр, ханнык эмэ балаһыанньаҕа «Икки саары икки ардынан» уһуннук сылдьыы кыаллыбат, бүтэр кэмнэрдээҕэ быһаарыллар.
Сахаларга «Икки саары икки ардынан» диэн этии былыр-былыргыттан баар. Бу этии «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этииттэн тирэх ылан сайдыбыт. Кыайан сөптөөх быһаарыыны ылыммакка, буккулла-тэккиллэ сылдьыыны көрдөрөр, икки аҥы халбаҥнааһын элбээбитин, аһара барбытын быһаарар буолан дьон соччо сөбүлээбэт этиилэригэр киирсэр.
Икки өрүт икки ардыгар аһара элбэхтик хардары-таары халбаҥнааһын киһи быһыытыгар сөп түбэспэт быһыы буолар. Киһи өйдөөх-санаалаах, киһилии быһаарыыны ылынан олоххо киллэрэр кыахтааҕыттан аһара элбэхтик хардары-таары эбэтэр төттөрү-таары хамсааһыны оҥороро сыыһа.
«Икки куобаҕы эккирэтимэ» диэн икки аҥы быһаарыылары биир тэҥҥэ тутуһа сылдьар кыаллыбатын быһаарар этии дьон олоҕор быһаччы сыһыаннаах. Икки куобаҕы тэҥҥэ эккирэтии диэн икки утарыта быһаарыыны тэҥҥэ ылыннахха хардары-таары хамсаныылартан хайалара да туһата суох буолууга тиийэллэрин биллэрэр.
Икки өрүт туох эмэ быһаарыыны ылынарыгар иккиэннэрин тус-туспа бара сылдьар баҕаларын аахсан икки өрүттэри иккиэннэрин тэҥнээн, тэҥнэһиини олохтоон, ол аата икки өрүт көрдөбүллэрин икки ардыларынан, ортотунан түбэһэр быһаарыыны ылыннахтарына табыллар. Икки өрүт сөбүлүүр быһаарыыта хайаан да икки тус-туспа баҕа санаалар икки ардыларынан буоллаҕына эрэ иккиэннэрин баҕа санааларыгар сөп түбэһэр кыахтанар.
Сөбүлэһиигэ киирсии хайаан да уустук кэпсэтииттэн, бэйэ-бэйэҕэ көрдөбүллэри хардары-таары ылыннарыыттан, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүүттэн, ол аата бэйэ тустаах көрдөбүллэрин кыччатан биэриинэн эрэ ситиһиллэр кыахтаах.
Сахалар икки өрүтү тус-туспа арааран билэллэрин уонна олохторугар туһана сылдьалларын бэлиэтинэн сири-дойдуну үс аҥы араараллара буолар. Манна дьон бэйэлэрэ олорор, үөскүүр сирдэрэ Орто дойду диэн ааттанара киһи өйдөөх-санаалаах, киһилии быһыылары оҥорор буолан таба быһаарыыны ылынар кыахтаахтарын уонна бу быһаарыы ханан эрэ ортотунан буолара табылларын биллэрэр. Дьон өйдөөх-санаалаах, таба быһаарыыны ылынар буоланнар бу Орто дойдуга олороллоро чуолкайдык быһаарыллар.
Онон икки өрүт сөбүлэһиитэ хайаан даҕаны иккиэннэрин баҕа санааларын, көрдөбүллэрин икки ардыларынан, ол аата ортотунан буолара табыллар. Сахалар маннык уустук кэпсэтиини ыытары былыр-былыргыттан билэллэрин бэлиэтинэн «Туох барыта ортотунан буолуохтаах» диэн этиилэрэ буолар.
Билигин олохпут үөрэҕин ситэри билэн эрэрбит бэлиэтинэн нууччалар кэлиилэрин кэмин, оччотооҕу дьон өйүн-санаатын таба сыаналаан эрэрбит буолар. Ол курдук туох барыта икки өрүттээҕин курдук нууччалар кэлиилэрин икки аҥытык сыаналыыбыт:
Бастакытынан, нууччалар сэриилээн кыайан, хам баттаан бас бэриннэрбиттэрэ диэн этии буолар.
Иккиһинэн, сахалар улаханнык, биллэр гына сэриилэспэккэ эрэ бэринэн, дьаһааҕы төлөөбүтүнэн барбыттара диэн этии эмиэ баар.
Бука бары сахалар бу икки этиилэртэн бастакытын тутуһан уһун кэмҥэ сэриилэспиттэрэ эбитэ буоллар үрдүк сайдыылаах сэрииһиттэргэ лаппа хоттороннор ахсааннара олус аҕыйаан Верхоянскай хайаларын диэки эрэ ордон хаалбыт буолуо этилэр.
Аан бастаан нууччалар кэлиилэригэр хаҥаластар диэки өттүн тутуһуу сэрии, өлөрсүү диэки халыйыыны таһаарар кыахтааҕа. Сэрии, өлөрсүү өттүн тутуспут хаҥаластар элбэхтэ өрө туран баран кыаттараннар баһылыыр, салайар дьонноро ытыллыбыттара, ыйаммыттара. Сахалар элбэх баһылыктара; бороҕоннор, мэҥэлэр, боотур уустар, байаҕантайдар олоххо үөскээбит балаһыанньаны таба сыаналааннар иккис быһаарыыны таба диэн, сөбүлээн ылынаннар сэриилэспэккэ эрэ эйэлээхтик бэриниигэ кииринэннэр улаханнык эмсэҕэлээбэтэхтэрэ, хата нууччалары кытта кыттыһа охсон сири-дойдуну кэҥэтиигэ күүскэ туруммуттарын иһин кэлэр көлүөнэлэр махталлара муҥура суох буолуон сөп.
Ол аата сайдыылаах омуктар, нууччалар кэлиилэригэр урукку балаһыанньа тосту уларыйыытыгар, икки өрүттэн биир табатын, иккиһин талан ылбыт сахалар баһылыктара оччолортон даҕаны «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыны тутуһалларын биллэрэр.
Онон олоххо ханнык баҕарар балаһыанньаҕа «Туох барыта икки өрүттээҕин» билинэн киһи быһыылаах, ол аата ханан эрэ орторунан буолуохтаах быһаарыыны ылыныы сыыһа-халты буолара аҕыйах.
ҮЧҮГЭЙИ уонна КУҺАҔАНЫ АРААРЫЫ
Сиргэ-дойдуга араас элбэх тыынар-тыыннаахтар үгүс араас быһыылары оҥороллор. Бу элбэх быһыылартан киһи өйдөөх-санаалаах буоларынан талан ылан сорохторун оҥорор, олоҕор туһанар, онтон атыттара киһи букатын оҥорбот быһыылара буолаллар. Ол аата бары баар быһыылары киһи оҥорор уонна оҥорбот быһыылара диэннэргэ икки аҥы араарыллар.
Аны киһи оҥорор быһыылара барылара эмиэ икки өрүттээхтэр, ол аата үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыы диэннэргэ арахсаллар. Киһи оҥорор быһыыларын маннык икки аҥы араарыы киһи өйө-санаата сайдан киһилии быһыылары оҥороро элбээбитин, киһи буолууну ситиспитин, үчүгэй киһи таҥара үөскээбитин кэнниттэн буолбутугар сөп.
Дьон бары үчүгэйи, бэйэлэригэр, дьоҥҥо туһалааҕы оҥорор санаалаахтар, ол иһин үчүгэй диир быһыыларын элбэҕи оҥоро сатыыллар. Ол эрээри бу быһыыны үчүгэй диэн арааран быһаарарга атына, утарыта, куһаҕан быһыы буоларын хайаан да аан бастаан быһаардахха, биллэххэ эрэ табылларын таҥарабыт үөрэҕэ тарҕана илигинэн табан өйдүү, туһана иликпит.
Ол аата оҕо аан маҥнай куһаҕан диэн тугун арааран биллэҕинэ эрэ үчүгэй диэн тугун билэр уонна сыаналыыр, харыстыыр кыахтанар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны таба өйдөөн араарар буолуу киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга тириэрдэр. Киһи өйө-санаата сайдыбытын бэлиэтинэн үчүгэйи уонна куһаҕаны сатаан булан араарара ааҕыллар.
Арыгыны аһара иһэр куһаҕан, арыгыһыт буолуохха сөп. Ол иһин арыгыны испэт үчүгэй. Арыгы куһаҕана элбэх буолан арыгыны испэт буолуу үчүгэйэ быһаарыллар кыахтанар. Ол эбэтэр арыгы куһаҕана суоҕа эбитэ буоллар бука бары арыгы үчүгэй дииллэрэ сөптөөх буолан тахсыа этэ.
Аһара кыыһырар, абарар куһаҕан диибит. «Кыыһырартан хаан хойдор» диэн этии кыыһырыы эккэ-сииҥҥэ ордук кутталлааҕын биллэрэр. Кыыһыра сылдьар киһиттэн туох үчүгэйэ кэлиэй, суох буоллаҕа дии. Ол аата кыыһырбат, үчүгэй майгылаах буолуу үчүгэй диэн ааттанар.
Киһи көннөрү сырыттаҕына үчүгэй уонна куһаҕан диэн араарыыга кыһаммакка эрэ сылдьар. Баар баарынан, суох суоҕунан. Барыта үчүгэй курдук санаатыттан атыны санаабат. Арай умайан хара хоруо буолбут тыаны көрдөҕүнэ эрэ тыыннаах күөх тыа үчүгэй эбитин арааран өйдүүр, ордук кыһанан Айылҕаны харыстыырга дьулуһуута үөскүүр.
Төһө да хомолтолооҕун иһин дьон куһаҕан быһыылары аҕыйах да буоллар оҥоро тураллар. Куһаҕан быһыы диэн суох буола симэлийэн хаалара билигин да лаппа ыраах буолуон сөп. Дьон өйө-санаата өссө сайыннаҕына, демократия сокуоннара дьоҥҥо-норуокка үгэс буолан иҥнэхтэринэ эрэ куһаҕан быһыылар аҕыйыыр кыахтаахтар.
Бары барыта үчүгэй буолан хааллаҕына куһаҕан диэн суох буолан, симэлийэн, сүтэн хаалар курдук. Олох ханньары баран аҥар өттүн диэки халыйыыта саҕаланарыттан бары үчүгэй диэн этэрбит барылара куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалыахтарын сөп. Олох охсуута оччоҕуна улаатан хаалыан сөп. Сэбиэскэй былаас бэчээт үлэтин хааччахтаан туран бары-барыта үчүгэй буолла диэн этиитэ, үөрэҕэ аҥар өттүн диэки халыйыыны үөскэппитин “перестройка” уларыта тутууларын кэнниттэн билбиппит барыбыт барыта куһаҕаҥҥа кубулуйбута ырааппыт этэ.
Өй-санаа хойутаан иһэр. Киһи эрдэттэн бу куһаҕан диэн билбэт буоллаҕына куһаҕан диэни арааран билимиэн сөп. Ол иһин аан маҥнай туох уонна төһө улахан куһаҕан буоларын хайаан да боруобалаан көрөн биллэҕинэ эрэ табыллар, оччоҕо эрэ куһаҕаны олоҕор туттубат буоларга үөрэнэрэ кыаллар.
Дьон сөбүлээбэт, сирэр, туһата суох быһыыларын куһаҕан быһыы диэн ааттыыллар. Маннык быһыылары оҥорбокко кыһаналлар, оҕолорун олору оҥорумаҥ диэн үөрэтэллэр.
Үчүгэй быһыыны оҥоро сатааһын табыллыбатаҕына, туга эмэ кыаллыбатаҕына куһаҕан быһыыга кубулуйан хааларын арааран билбэппит ордук хомотолоох. Ол курдук кыра оҕо ымсыырар, баҕарар көрдөбүлүн барытын төрөппүт тук курдук толорон истэҕинэ оҕото куруук бары баҕатын сол курдук толотторо үөрэнэрэ кэлин улаатыытын саҕана кыайан толоруллубат буола улаатан иһэрэ төрөппүттэргэ ордук ыарахаттары үөскэтэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэйэ бэрдиттэн барынан бары күндүлээн, маанылаан аһара атаахтатан кэбистэххэ куһаҕан иитиилээх буола улаатара ордук хомолтолоох буолуон сөп. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн аһара барар баҕа санаатын хааччахтыы үөрэтэр ордук туһалаах.
Ким да куһаҕаны соруйан оҥороро аҕыйах. Оҕону иитиигэ үчүгэйи оҥоро сатаан куһаҕаҥҥа тириэрдии ордук элбэх. Куруук сылаас дьиэҕэ олортоххо, сылаастык таҥыннара сырыттахха оҕо биирдэ тымныйда даҕаны ыалдьан иһэргэ кубулуйарын, тымныыны тулуйбат буолара элбиирин аныгы төрөппүттэр бэйэлэрэ дьарыга, эрчиллиитэ суохтарыттан аахсыбаттар.
Оҕо тугу барытын оҥоро үөрэнэригэр “Маннык оҥорор сыыһа”, «Бу куһаҕан» диэн көрдөрөн, үөрэтэн биэрбэтэххэ оҕо куһаҕан диэни арааран билбэт киһи буола улаатар. Оҕону кыра эрдэҕинэ кыайа-хото ииппэтэх-үөрэппэтэх төрөппүттэр оҕолоро улаатан ону-маны, куһаҕаны оҥороллоруттан эрэйдэнэллэрэ элбиир.
Аан маҥнай туох куһаҕан баарын биллэххэ эрэ үчүгэй диэн баара арыллар. Тыа оҕолоро куоракка киирэн элбэх буруйу, куһаҕан быһыылары оҥороллор дииллэр. Сахалыы хаһыаттар дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын кэпсээбэттэр, суруйбаттар. Тыа дьоно ханнык куһаҕан быһыылары дьон оҥороллорун билбэттэр, ол иһин оҕолорун үөрэппэттэр. Оҕолоро куоракка киирэн элбэх буруйу оҥорор буоллулар.
«Үрүҥү үрүҥ, онтон хараны хара» диэн арааран быһаарарга аан маҥнай куһаҕаны туспа арааран билиэххэ наадата куһаҕан хайата да буоллар аҕайах буоларынан ордук судургу. Элбэх үчүгэйтэн аҕыйах куһаҕаны туспа араарыыга аҕыйах ахсааннаах куһаҕаны билэр буолуу үөрэх ситиһиилээх буоларын хааччыйар.
Олус элбэх араас быһыылар баалларыттан киһи сорохторун букатын оҥорбот. Киһи оҥорбот быһыылара бэйэлэрэ эмиэ икки аҥы арахсаллар:
1. Киһи бу быһыылар куһаҕаннарын, туһата суохтарын таһынан буортулаахтарын билэр буолан оҥорбот быһыылара.
2. Киһи билбэт буолан оҥорбот быһыылара.
Киһи быһыыларын бу икки араастарын төһө кыайарбытынан тус-туспа арааран быһааран көрүөхпүт:
1. Урукку олох уоппуттара, эрэйдэнии, билии-көрүү кэнниттэн сайдан иһэр киһи өйө-санаата элбэх араас быһыылартан бу быһыылар чахчы куһаҕан эбиттэр диэн араарар, билэр. Ол аата бу быһыылар куһаҕаннарын хантан эмэ ааҕан, көрөн эбэтэр бэйэтэ оҥорон көрөн, боруобалаан, кэһэйэн билэр. Куһаҕан быһыылары арааран билэргэ элбэхтик үөрэниэххэ, боруобалыахха наадата итини эмиэ чиҥэтэн биэрэр.
Куһаҕан быһыылар киһи букатын оҥорбот быһыыларыгар киирсэллэр. Ол аата бу быһыылар куһаҕаннара биллэн, дакаастанан турар быһыылар. Үөхсэр – куһаҕан, арыгыны элбэхтик иһэр куһаҕан. Бары билэр куһаҕан быһыыларбыт барылара манна киирсэллэр. Киһи оҥорон көрөн бу быһыы чахчы куһаҕан эбит диэн итэҕэйдэҕинэ үөрэх дириҥник иҥмитэ быһаарыллар.
Манна кэлэн үөрэнии икки араастааҕын санаатахпытына табыллар. «Үөрэҕи ылымтыа киһи дьон сыыһаларын көрөн-истэн үөрэнэр, онтон сорох киһи бэйэтин сыыһаларыттан үөрэнэр» диэн этии үөрэх хайдах иҥэрин чуолкайдык быһаарар.
2. Киһи билбэт буолан оҥорбот быһыылара араас саҥаны арыйыылар, айыылар буолалларын бары билэбит. Киһиэхэ билии-көрүү эбилиннэҕинэ саҥаны айыылар үөскээн тахсаллара кырдьык эбиллэр. Ол эрээри бу саҥаны арыйыылар, айыылар туох содул үөскээн тахсара хайдах быһаарылларыттан көрөн эмиэ икки аҥы арахсаллар:
а). Үчүгэйи оҥорор саҥаны арыйыы, ол аата үрүҥ айыы буолар.
Сахаларга үчүгэйи оҥоруу үтүө, үрүҥ быһыы буолар, ол иһин бу айыыбыт үрүҥ диэн быһаарыылаах буоллаҕына эрэ табыллар. Туһалаах саҥаны айыыны дьон бары оҥоруохтарын баҕараллар эрээри ыл да табыллыбат, олус уһун кэмҥэ оҥоруохха, чочуйуохха, оннун булларыахха, туһаҕа таһаарыахха наада. Олоххо туһалаах, үчүгэй саҥаны айыылар отой аҕыйахтар, биир эмэ киһи оҥорор быһыыларыгар киирсэллэр.
б). Бу саҥаны арыйыыбыт, айыыбыт куһаҕаны оҥорорго туттуллар саҥаны арыйыы буолан таҕыстаҕына – хара айыы буолар. Умнуллар, дьон олоҕор туттуллубат дьылҕаланар. Бу саҥаны айыыбыт куһаҕан быһыылары элбэтэргэ туттулуннаҕына дьон олоҕор буортуну, алдьатыыны оҥороро улаатар.
Итини тэҥэ үчүгэйи оҥоро сатааһын табыллыбатаҕына, туга эрэ сатамматаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалара куһаҕан айыы элбиирин үөскэтэрин умнубатахпытына табыллабыт.
Саҥаны арыйыы, айыы киһи билбэт буолан оҥорбот быһыытыгар киирсэр. Ол иһин сахалар оҕолорун үөрэтэллэригэр «Айыыны оҥорума», «Айыы диэмэ» диэн үөрэтэллэр.
Оҕону үөрэтиигэ олус киэҥник туттуллар «Билбэккин оҥорума» диэн этии «Айыыны оҥорума» диэн өйдөбүллээҕин аахайбакка, туһаммакка сылдьарбыт эдэрдэр буруйу, куһаҕаны оҥороллоро элбээһинигэр тириэртэ.
Киһи билбэтэ, оҥорбото саҥаны арыйыы, айыы буоларын бары билэбит. Билбэттэн, биллибэттэн сэрэниэххэ наада диэн бары этэллэр. Оҕолоругар үчүгэйи баҕарар төрөппүттэр: «Билбэт буоллаххына тыытыма» диэн оҕолорун үөрэтэллэрэ наадатын маннык холобур дакаастыыр.
Оҕолор күүлэйдии сылдьан хонууттан хортуоппуй курдук үүнээйини булбуттар уонна үллэстэн сиэн кэбиспиттэр. Сотору утуу-субу бары суолга охтубуттар. Хата биир арыыччалара дэриэбинэҕэ нэһиилэ тиийэн дьоннорго этэн, түргэнник кэлэн эмтии охсон өрүһүйбүттэр. Оҕолор ким да сиэбэт үүнээйитин сиэннэр, айыыны оҥороннор былаҕайга былдьата сыспыттар.
Оҕону үөрэтэргэ билбэт буоллаҕына куһаҕаны оҥоруо суоҕа диэн былыргылыы санаа, күөйэ-хаайа сатааһын аныгы информация, билии-көрүү сайдыбыт кэмигэр кыайан тутуһуллубат буолбутун билиниэхпитин наада. Хантан баҕарар истэн, көрөн, сайдан иһэр санаалаах оҕо барыны бары билиэн-көрүөн баҕатын ханнарар кыаҕа улаатта. Ол иһин оҕону бу куһаҕан быһыы диэн биллэрэн, арааран үөрэтии эрэ билигин туһалыыр кэмэ кэллэ.
Эдэрдэри үөрэтиигэ киһи оҥорбот быһыылара бу курдук икки аҥы арахсыыларын уонна үксүлэрэ куһаҕан быһыылар буолалларын билэн олоххо таба туһанарга үөрэтиэххэ наада.
Өй-санаа бу уратыларын табан туһаныы хайаан да эрэйиллэр. Үчүгэйи куһаҕантан таба араарыы үөрэҕин биһиги, сахалар таҥарабыт үөрэҕэ салайан итэҕэйээччилэргэ тириэрдэ сатыыр.
ТАҤАРА - ӨЙ-САНАА ҮӨРЭҔЭ
Сир үрдүгэр киһи өйө-санаата, тугу оҥорбута уонна оҥороро «Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар этиилэригэр сөп түбэһэр. Бу быһаарыы Сир үрдүгэр туох барыта икки, утарыта өттүлэриттэн тутулуктааҕыттан үөскээн тахсыбыт. Ол иһин итэҕэл эмиэ икки өрүттээх тутулуктааҕа быһаарыллар:
Бастакытынан, эдэр, үүнэн иһэр өйдөөх-санаалаах оҕоҕо үтүө, үчүгэй санаалары үгэс оҥорон иҥэрии таҥара үөрэҕэ диэн ааттанар. Оҕо бэйэтин олус күүстээх баҕа санаатын итэҕэл оҥосторугар, ону ситиһиигэ дьулуһарыгар таҥара үөрэҕэ көмөлөһөр, таба суолунан салайар.
Иккиһинэн, урукку, олорон ааспыт көлүөнэлэр билиилэрин, өйдөрүн-санааларын үөрэтэн, итэҕэйэн итэҕэл оҥостуу Үрүҥ Айыы итэҕэлэ диэн ааттанар.
Итэҕэл икки өрүтүттэн таҥара үөрэҕэ эдэрдэргэ сайдан, үүнэн, олох сайдыытыттан уларыйан биэрэн иһэр өйү-санааны иҥэрэр, таба өйдүүргэ көмөлөһөр. Үөрэҕи-билиини баһылаан, саҥаттан саҥаны билэн иһэр өйү-санааны таҥара үөрэҕэ эрэ таба суолунан салайар. Үтүө, үчүгэй киһи өйүн-санаатын, тугу оҥорорун үтүктэн үөрэниини таҥара үөрэҕэ эрэ оҕо өйүгэр-санаатыгар тириэрдэр. Эдэрдэр саҥа олоххо саҥалыы, ол аата уруккуттан уларыйбыт, уратылаах өйүнэн-санаанан салайтаран олохторун оҥостоллоругар таҥара үөрэҕэ ыйан, көрдөрөн биэрэн көмөлөһөр.
Оҕо сайдан иһэр өйө-санаата саҥа ылыммыт, билбит-көрбүт үөрэҕинэн сайдан, уларыйан биэрэн иһэр олоххо сирдэтинэр, баҕа санааны үөскэтинэр, иҥэринэр уонна оҥорор быһыыларын салайынар кыахтанар. Холобур, оҕо билиҥҥи демократия сокуоннарын үөрэттэҕинэ, өйүгэр-санаатыгар иҥэриннэҕинэ эрэ билэр уонна толорор кыахтанар. Урут биһиэхэ демократия диэн хаһан да суох этэ, биһиги өбүгэлэрбит, оннооҕор төрөппүттэрбит оннугу билбэккэ олохторун олорбуттара. Ол иһин Үрүҥ Айыыттан ылынар билиибитигэр демократия сокуоннара суохтар.
Билигин биһиги саҥа сайдан иһэр демократиябыт олоҕор таҥарабыт үөрэҕин оннун булларан, сайыннаран кэлэр көлүөнэлэрбитин ииттэхпитинэ, үөрэттэхпитинэ эрэ туруктаах өйү-санааны ситиһэннэр омукпутун сайыннарар кыахтаныахтара.
Оҕо улаатан иһэн өйүн-санаатын аһара ыыппакка киһи быһыылаах буола үөрэниитэ хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буоларын биһиги умнан туһаммакка сылдьабыт. Аһара барар, «көҥүлүнэн барбыт» өйдөөх-санаалаах эдэрдэрбит бу кэмҥэ ыар, куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэллэрэ олус элбээтэ.
Киһи бэйэтин үтүө санаатын үгэс оҥостон иҥэриниитин аата таҥара үөрэҕэ диэн ааттанар. Оҕо кыра эрдэҕинэ үтүктэр, батыһар дьоно төрөппүттэрэ буоллахтарына иитии-үөрэтии ханнык да халыйыыта, аһара барыыта суох баран иһэр кыахтанар. Ол аата оҕо төрөппүттэрин курдук буолар баҕа санаатыттан соннук үгэстэри үөскэтиммитэ кинини олоҕун устата салайа сылдьар.
Киһи хайдах быһыылаах киһи буолара тугу оҥороруттан, саҥарарыттан эрэ быһаарыллан дьоҥҥо биллэр кыахтанар. Тас көрүҥэ бу киһи хайдаҕын кыайан быһаарбат. Итини тэҥэ киһи тугу саныырыттан хайдах киһитин кыайан быһаарыллыбат.
Тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор киһи киһи быһыылаах диэн ааттанар. Онтон киһи оҥороруттан атыннык, туспатык, тиэрэтик оҥорор киһи киһи быһыыта суох, ураты киһи буолар. Бу киһи аны киһи оҥорботун, билбэтин оҥордоҕуна саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу буолан тахсара өй-санаа үөрэҕин табатык сыаналаан, сэрэхтээхтик туһанары ирдиир. Ол аата киһиттэн ураты дьон саҥаны айан, айыыны оҥороллор.
Дьоҥҥо туһалаах саҥаны айыыны оҥорор дьон олус аҕыйахтар, онтон туһата суох, буортулаах да саҥаны айыылары оҥоро сатааччылар аһара элбээн хаалыыларыттан таҥара үөрэҕэ дьону харыстаан «Айыыны оҥорума», «Айыы диэмэ» диэн үөрэтэр.
Киһи кыыһырдаҕына, куһаҕан санаата киирдэҕинэ быстах санаатыгар оҕустаран куһаҕаны оҥорон кэбиһиэн сөбө өй-санаа туруктаах буолуутун ирдиир. Куһаҕан санаалар киһиэхэ өр кэмҥэ мунньустахтарына үгэскэ кубулуйан ийэ кут өйүгэр-санаатыгар эмиэ уларыйаллар. Онтон киһини араас ыксаллаах түгэннэргэ ийэ кута салайарын биһиги «Кут-сүр үөрэҕэ» үлэбититтэн булан туһаныахха сөп.
Куһаҕан санаалартан эмиэ куһаҕан үгэстэр үөскээннэр киһини куһаҕан быһыылары оҥорторуохтарын сөп. Ол иһин куһаҕан санаалартан ыраастаныы, умнуу, суох оҥоруу хас биирдии киһиттэн хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Куһаҕан санаалартан ыраастаныы, умнуу таҥара үөрэҕин сүрүн көрдөбүлэ. Өй-санаа үөрэҕин тутуһар, таҥараны итэҕэйэр киһи өйүн-санаатын куруук ыраастыыр, куһаҕан санааларын умнан, санаабакка хаалларан иһэринэн атыттартан уратыланар. Таҥараны, ол аата өй-санаа үөрэҕин итэҕэйэр киһи өйүн-санаатын куһаҕан санааларыттан ыраастана сылдьар кыахтанара элбэх үчүгэй быһыылары оҥорор кыаҕын улаатыннарар.
Үчүгэй оҕо куһаҕан быһыылары оҥорбот диэн үөрэтии оҕо кыра эрдэҕиттэн, ийэ кута иитиллэр кэмиттэн ыла саҕаланан барара, ол аата бу кэмтэн ыла ханнык куһаҕан быһыылар баалларын билэр, туспа “бу куһаҕан” диэн араарар буолара наада. Туохха барытыгар икки өрүт арахсыыта биллэр бэлиэлэрдээх. Үчүгэй оҕо мэниктээбэт, ону-маны алдьаппат, үөрэҕэр кыһанар, куһаҕан оҕо сүрэҕэлдьиир, ол иһин мөлтөхтүк үөрэнэр.
Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар араарыллыыларын биллэрэн уонна ону тутуһарыгар үөрэтии таҥара өйүн-санаатын иҥэрии буолар. Үчүгэйи санаан, үчүгэйи оҥоро үөрэнэн оҕо үчүгэй майгылаах буола үөрэнэр.
Былыр-былыргыттан дьон өйө-санаата саҥа сайдан эрдэҕинэ киһи өйө-санаата үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыта үрүҥ уонна хара дьүһүннэр алтыһыыларыттан үөскээбит. Ол курдук сырдык, үрүҥ буолуута киһиэхэ үчүгэйи аҕалар эбит буоллаҕына хараҥа, хара куһаҕан кэми аҕалар. Хара куһаҕан, үрүҥ үчүгэй диэн өйдөбүллэр үөскээбиттэр.
Таҥара үөрэҕин сүрүн төрүтүнэн «Туох барыта икки өрүттээҕин» билинии, ону итэҕэйии буолар. Ол аата киһи оҥорор быһыыларыгар хайа да диэки халыйбакка, үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларынан буолар быһаарыылары ылыннахха үйэлээх, таба быһаарыы буолар.
Саха тыла киһи өйө-санаата саҥа сайдан киһилии быһыыланар буолан эрдэхтэринэ үөскээн сайдыбытын биир бэлиэтинэн сиэр диэн тыл буолар. Сахалар сиэр диэн өй-санаа хааччаҕын быһаарыылара үрүҥ уонна хара дьүһүн иккиэн бииргэ буккуспуттарыттан, холбоспуттарыттан үөскээбит дьүһүн буолар. Таҥараны итэҕэйэр киһи туох бары оҥорор быһыыларыгар аһара барбакка, аҥар өттүн диэки халыйбакка ортотунан түбэһэр быһаарыыны ылынар киһи буолар. Бу быһаарыыны олоххо киллэрэргэ анаан икки дьүһүн холбоспуттарыттан үөскээбит сиэр диэн тыл туттуллар. Сиэр сахалар олохторун сокуона.
«Үрүҥү-үрүҥ, хараны-хара» диэн быһаарыы сахаларга былыр-былыргыттан баара таҥара үөрэҕин ол кэмнэртэн ыла билэллэрин биллэрэр. «Таҥараҕа мастаммыкка дылы» диэн этии саха дьоно өй-санаа үөрэҕин былыр-былыргыттан баһылаабыттарын биллэрэр. Таҥара диэн өй-санаа үөрэҕэ, ол иһин маһынан таба охсуллубат. Өй-санаа үөрэҕэ хас да көлүөнэ дьон олохторугар холбуу дьайар уратылааҕыттан биир киһи таба өйдөөн быһаарара уустук. Ол иһин кырата эһэтин эбэтэр эбэтин этиилэрин, үөрэхтэрин таба сыаналаатаҕына эрэ киһи сөптөөхтүк өйдүүр кыахтанар.
Үрүҥ Айыылартан билиини ылыныы билиҥҥи, саҥа сайдыылаах олох көрдөбүллэригэр сөп түбэһэр эрэ буоллаҕына эдэрдэри үөрэтиигэ туһалыыр кыахтанар. Ол аата эдэрдэр бэйэлэрин сайдан иһэр өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэһэр билиини былыргылар үөрэхтэриттэн ылан олохторугар туһаналлара эрэ туһалыыр.
Омук былыргы олоҕун сиэрин тутуһан олоҕун оҥосторугар, тылын-өһүн, культуратын харыстыырыгар үрүҥ айыы итэҕэлин туһата олус улахан. Сайдан иһэр саҥа үйэҕэ итэҕэл икки төрүттэрин бэйэ бэйэлэригэр тэҥнээн биэрии хайаан да наада.
Билигин олох сайдыыта олус түргэтээбит кэмигэр итэҕэл икки өрүттэрэ тэҥҥэ сайдан иһэллэрэ табыллыа этэ. Манна эмиэ аҥар өттүн диэки халыйыы омук олоҕор улахан уларыйыылары киллэриэн сөп.
БЫЛЫРГЫ ТАҤАРАЛАР
Араас тус-туспа итэҕэллээх, таҥаралардаах омуктар эйэлээхтик холбоһууларыттан үөскээбит омук элбэх таҥараларын илдьэ сылдьар. Ол курдук атын, кыаттарбыт, баһыттарбыт омуктары репрессиялээн, кырган, суох оҥорон кэбиспэтэхтэрин бэлиэтинэн ол омуктар таҥаралара бары холбуу киирэн билигин да туттулла сылдьалларын ааҕыахха сөп.
Дьон өйө-санаата сайдан истэҕинэ баҕа санаалара, өйдөрө-санаалара эмиэ уларыйарын бэлиэтээн таҥаралара кытта уларыйан биэрэр. Омук төһө элбэх таҥаралаах даҕаны соччо уһун үйэлээх омук буолар. Ол курдук олус былыргы, киһи өйө-санаата саҥа сайдан, бултаан аһаан айаҕын ииттэр буолан истэҕинэ аан маҥнай ханнык эрэ улахан, булчут кыыл курдук буолар баҕа санааны үөскэтиммит. Олус былыргы, кыыллары бултаан аһыыр, хара тыа быыһыгар олорор дьон улахан кыыл эбэтэр көтөр таҥаралардаах эбиттэрэ итинник быһаарыллар.
Аар тайҕа ортотугар олорон бултаан аһыыр былыргы киһи хотой кыыл курдук үөһээнэн көтө сылдьан ханнык баҕарар булду ыраахтан тэһэ көрөн ылан үрдүгэр түһэн бултаан сииригэр ымсыыра, баҕара саныыра баа буолуо дуо?
Сыыдам сырыылаах бөрө курдук ханнык баҕарар сүүрэр атахтаах булду эккирэтэн тутан сиир кыаҕар ымсыыра, баҕара саныылларыттан бөрө курдук буолуохтарын баҕараллар эбит.
Кыыл, көтөр таҥаралар киһи өйө-санаата ситэ сайда, билиитэ-көрүүтэ кэҥии илигинэ, аҥардастыы булдунан эрэ дьарыктанар кэмигэр үөскээбиттэр. Ол иһин аҥардастыы бултаан аһыыр кэмнэрин саҕана дьон таҥаралара улахан кыыллар, сиэмэх көтөрдөр буолар эбиттэр. Былыргы билиилэрин уларытан кэбиспэккэ иҥэринэн илдьэ сылдьар сахаларга оччотооҕу биллэр таҥаралар ааттара умнуллубакка сылдьаллар. Ол курдук билигин да умнулла илик суор, куба, хотой, бөрө таҥаралардаах улуу уустар баар буола сылдьыбыттарын билэбит. Киһи өйө-санаата үлэтиттэн-хамнаһыттан тутулуктанан уларыйан иһэрин Л.Н.Жукова “Первичные общества и традиционные религиозные воззрения народов Арктики” диэн үлэтигэр арыйар. (5,49).
Киһи өйө-санаата эбиллэн, үлэни-хамнаһы сатыыра үксээн иһиитигэр таҥарата – баҕа санаата эмиэ уларыйан биэрэн иһэр.
Олох сайдан дьон таба кыылы тутан, айааһаан, үөрэтэн көлө, миинэр миҥэ оҥостон туһанар кэмнэриттэн ыла таба таҥара үөскээбитэ. Онтон салгыы дьон көлөлөрө уларыйан истэҕин аайы таҥаралара, ол аата баҕа санаалара уларыйан таба, ынах, оҕус, сылгы таҥаралар баар буолбуттара.
Бу таҥаралар аан бастаан киһи үлэтин-хамнаһын уратыларынан өйө-санаата уларыйарын бэлиэтээн маннык ааттаммыттар:
1. Баай Байанай таҥара. Булчуттар таҥаралара.
2. Таба таҥара. Таба көлөлөөхтөр таҥаралара.
3. Ынахсыт таҥара. Ынах сүөһүнү көрөөччүлэр таҥаралара.
4. Дьөһөгөй таҥара. Сылгыһыттар таҥаралара.
Салгыы Күн таҥара үөскээбит. Сырдык уонна хараҥа хардары-таары уларыйан биэриилэриттэн киһи сылааһы, сырдыгы, үрүҥү үчүгэй диэн быһаарыытыттан сырдык, үрүҥ Күн таҥараҕа кубулуйбут. Бу кэмтэн ыла дьон үтүөнү уонна мөкүнү, үрүҥү уонна хараны, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыылара үөскээн олохсуйбут.
Киһи таҥара үөскүөн иннинэ сахаларга хас да тус-туспа ааттаах таҥаралар баар буола сылдьыбыттара уһун үйэлээх тылбытыгар иҥэн хаалбыттарын булуталыахха сөп. Умнуллубут таҥаралар ааттара манныктар:
1. Син. «Син» диэн сахалыы тыл кытайдыы «чин» диэн тылга сөп түбэһэр. Бу тыл таҥараҕа тэҥнэнэ сылдьыбытын маннык этиилэр бигэргэтэллэр:
синигэр түспүт – туох да буолбутун иннигэр сөбүлэһэргэ тиийбит;
синим биир – туох да буоллаҕына ылыммыт быһаарыым уларыйыа суоҕа диэн биир санааны ылыныыны биллэрэр.
2. Бах. Бах таҥара буола сылдьыбыт бэлиэтин бахтай - өл, быһын диэн тылтан булуохха сөп. Баҕа диэн баҕа санаа буолара, баҕах диэн сиэр-туом сэргэтэ баара бары бах диэн төрүттэн тахсыбыт буолуохтарын сөп.
3. Сах. Сах таҥара буолара «Сах сиэтин», «Сах билэр» диэн этиилэртэн биллэр. Барыны бары билэр, сиэн кэбиһэр күүстээх-уохтаах Сах таҥара сахаларга баар буола сылдьыбыт.
Сах таҥара сабыдыалынан саха омук үөскээбит. Тимир ууһа сахалар уоту таҥара оҥостон «Сах» диэн ааттаабыттар. «Сах» диэн былыргы сахалар Күн таҥараларын аата эбит диэн Г.В.Ксенофонтов бэйэтин «Шаманизм и христианство» диэн үлэтигэр быhаа¬рар. (6,245). Бах, син, сах диэн таҥаралар кыыл, көтөр таҥаралар кэннилэриттэн үөскээбиттэр. Сах диэн уот таҥара дьон уоту баһылаан тимири уһаарар, уһанар буолууларыттан ордук күүскэ сайдыбыт.
Таҥаралар уларыйан иһиилэрэ дьон баҕа санаалара эмиэ уларыйан испиттэрин бигэргэтэр. Былыргы таҥаралар улахан кыыл эбэтэр көтөр эбит буоллахтарына кэлин киһи өйө-санаата өссө сайдыытын түмүгэр киһи таҥара баар буолбут.
Икки аҥар тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр дьон өйө-санаата өссө күүскэ сайдыытын, бэйэтин атын кыыллартан, көтөрдөртөн лаппа үрдүктүк турарын, өйө-санаата сайдар, саҥаны айар уратылааҕын билиниитин түмүгэр киһи таҥара баар буолан киһи көрүҥнээх таҥаралар үөскээн барбыттар.
Улахан киһи буолуу баҕа санаатыттан улахан киһи таҥара Будда, онтон үчүгэй киһи буолар баҕа санааттан, үчүгэй эрэ быһыылары оҥорор, үчүгэй киһи Христос таҥара үөскээбит.
Бастакы киһи таҥара Будда, оҕо улахан киһи буола сатааһынын баҕа санаатыттан үөскээн олус улахан киһиэхэ кубулуйбут. Бу таҥара улаатан иһэр оҕо баҕа санаата «Хаһан улахан киһи буолабын» диэҥҥэ олоҕуран үөскээбит. Ону тэҥэ төрөппүттэр оҕом хаһан улаата охсон улахан киһи буолар диэн баҕа санаалара холбоһон олус улахан киһигэ кубулуйбут.
Дьон өйө-санаата өссө сайдыытыттан, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билиилэриттэн уонна олохторугар туһаныыларыттан Иисус Христос таҥара уҥуоҕунан олус улахан буолбакка үчүгэйи оҥорор, үчүгэй киһиэхэ кубулуйбут.
Таҥаралар көтөр, кыыл көрүҥнэриттэн уларыйан улахан киһи, онтон үчүгэй киһи көрүҥнэригэр кубулуйуулара дьон өйө-санаата кыыл, көтөр өйүттэн-санаатыттан сыыйа сайдан үүнэн тахсыбыттарын чуолкайдык быһаарар.
Киһи ханнык өйдөөҕүн-санаалааҕын уонна хайдах майгылааҕын оҥорор быһыыларыттан эрэ көрөн быһаарыллар кыах баара оҕону үөрэтии уустуктарын биллэрэр. Ол аата киһилии быһыылары оҥорор буоллахха эрэ киһи быһыылаах киһи буолуу кыаллар кыахтаах.
«Туох барыта икки өрүттээҕин», ол аата икки өттүттэн тутулуктааҕын сахалар таҥаралара халбаҥнаабакка тутуһар. Бу быһаарыы өй-санаа сайдыытын уратытынан быһаарыллар уонна сахалыы «ай» диэн тылбытыгар иҥэн сылдьар. Бу тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх: үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорору холбуу ылан быһаарар. Ол аата оҕо куһаҕан иитиилээх буола улаатан куһаҕан быһыылары оҥорботун туһугар өйүн-санаатын, ийэ кутун иитиигэ таҥара үөрэҕин тутуһуу наада.
Билигин таҥара үөрэҕэ үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араарары тэҥэ дьон бэйэ-бэйэлэрин, ол аата эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарыгар тэҥнэһиини, биир бырааптаныыны сайыннарар, демократия баһылаан иһэр кэмигэр олоробут. Ол иһин аныгы, үөрэхтээх-билиилээх дьон таҥаралара “Туох барыта икки өрүттээҕин” билинэр, тутуһар таҥара буолара наада.
ТАҤАРА УЛАРЫЙАН ИҺЭР
Таҥ, таҥар, таҥара диэн төрүт сахабыт тыла. Бу тыл өй-санаа үөрэҕэ уһун сылларга эбиллэн-эбиллэн үөскүүрүн, хомуллан, таҥыллан, дьон өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан олохсуйарын табатык быһаарар.
Аныгы улахан таҥара үөрэхтэрэ язычество кэмин сайдыыта суох кэминэн ааҕаннар аанньа ахтыбаттар. Бу быһаарыы өй-санаа сайдан иһиитигэр сөп түбэһэринэн уонна язычество кэмэ ааспыта олус ырааппытынан биһиги да сөптөөх диэн ааҕабыт.
Язычество кэмин саҕана былыргы дьон таҥаралара элбэх араас улахан кыыллар уонна көтөрдөр этилэр. Таба, сылгы, бөрө, саһыл, куба, суор, хотой таҥаралары сахалар билигин да умна иликтэр.
Таҥара диэн киһи кыра эрдэҕиттэн бэйэтигэр үөскэтинэр баҕа санаата уонна ону ситиһэ сатыырга дьулуһуута буоларынан кыыл-сүөл таҥара курдук буола сатааһын, олору үтүктүү кырдьык да өй-санаа хаалыытын, ситэ сайда илигин бэлиэтэ буолара саарбахтаммат. Ол курдук ханнык да кыыл эбэтэр көтөр даҕаны киһи өйө өйдөөх буолбатахтарын бары билэбит. Билигин, сайдыылаах үйэҕэ оҕолорбутун суор курдук собулҕаны булан тоҥсуйарга эбэтэр ханнык эрэ кыра, кыаммат кыылы булан тоҕута, хайыта тыытан сиир баҕа санаалаах буола улаатыннарар санаабыт уларыйара, ол аата киһи таҥараны билинэрбит, ылынарбыт наада.
Киһи таҥаралаах буолуу, ол эбэтэр таҥара киһи курдук буолуута кыыл, көтөр өйүттэн-санаатыттан өссө үрдүк таһымҥа өй-санаа сайдан, өрө тахсыбытын илэ көрдөрөр. Ол аата киһи таҥараны итэҕэйэр оҕо кыра эрдэҕиттэн киһи буолуу үөрэҕэр үөрэнэн киһи быһыылаах буола улаатар кыахтанар.
Саха дьонугар «Улахан киһи буол», «Улахан киһи оҥорорун курдук хаһан оҥорор буолаҕын» диэн оҕону үөрэтиигэ аналлаах этиилэр былыр-былыргыттан туттулла сылдьаллар. Бу этиилэргэ олоҕуран үөскээбит баҕа санаа сайдан иһиитэ аан маҥнай улахан киһини – Будданы айбыта. Ол курдук дьон кыыл эбэтэр көтөр таҥараттан киһи таҥараҕа көһүүлэрэ икки аҥар тыһыынча сыл анараа өттүгэр саҕаламмыта уонна олоххо Будда аатынан киирбитэ. Бу ситиһии оҕо улаатан, улахан киһи буолан тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥороругар баҕа санааттан үөскээбит.
Олох сайдан истэҕинэ аны үчүгэй киһи Христос диэн ааттаах таҥара баар буолбута. Улахан киһи буолууну баһылаабыт дьон аны үчүгэй киһи буолуу, тугу барытын оҥорууга үчүгэйдик, табатык оҥоруу диэки баҕа санаалара салаллыбыта.
Дьон өйө-санаата сайдан иһиитэ таҥара үөрэҕэр сыыйа-баайа уларыйыылары киллэрэн иһэр, ол иһин үчүгэй киһи Христос, онтон мусульманнар үчүгэй киһилэрэ Магомет үөскээбиттэрэ.
Бу киһи курдук таҥаралар үөскүүр кэмнэригэр дойдулары араас короллар, султаннар, ханнар быһаччы салайар этилэр. Олус улахан, барыны бары кыайар, бас билэр киһи таҥаралар; Христос уонна Магомет тоталитарнай, диктаторскай салайыныылаах системалар үөскэппит таҥаралара буоланнар олус улааппыттара, аһара кыаҕырбыттара, барыны бары кинилэр айбыттарын курдук өй-санаа дьоҥҥо иҥмитэ.
Дьон баҕа санаалара хаһан да биир сиргэ хам баайыллан турбат, тохтоон, хааттаран хаалбат. Туох эмэ биир интэриэстээх, биир санаалаах элбэх киһи баҕа санаата түмүстэхтэринэ күүһүрэн, өссө элбээн баран иһэр кыахтаахтар. Арай бу дьон туох сыал туһугар санааларын ууралларыттан, мунньалларыттан бу санаалара күүһүрэн, эбиллэн иһэригэр дьайыыта улаатар. Ол иһин араас биир санаалаахтар түмүстэхтэринэ санаалара күүһүрбүтүнэн туһанан ханнык эрэ таҥараны үөскэтиниэхтэрин сөп.
Үгүс киһи санаалара тус-туспа уратылаахтарыттан, сөп түбэспэттэриттэн, бэйэлэригэр үчүгэй буоларын туһугар урут бастаан кыһаналларыттан кыайан күүһүрүмүөхтэрин уонна мунньуллумуохтарын эмиэ сөп. Араас бытархай, буолар буолбат санаалардаах, аҕыйах ахсааннаах итэҕэйээччилэрдээх түмсүүлэр, секталар кыайан сайдыбакка хаалан, ыһыллан иһэллэрэ элбэх.
19-с үйэттэн саҕалаан үлэһит дьон бэйэлэрин бырааптарын иһин охсуһууларыгар баҕа санааларын, «коммунизмы» үөскэтэн, иитиэхтээн, элбэх өрө туруулары тэрийтэлээн 20-с үйэҕэ элбэх государстволар түмсүбүт системаларын үөскэппиттэрэ. Кэлин бу “коммунизмы” тутар баҕа санаалара барыларын хабан, улаатан таҥараларын курдук буолбута. Бэйэтэ таҥара курдук буола сыспыт коммунистар улуу сирдьиттэрэ билигин да бэйэтигэр анаан тутуллубут мавзолейыгар хараллан сытар.
20-с үйэ 39-45 сыллардааҕар Аан дойду киһилии санаалаах дьоно Германияҕа сайдан, күүһүрэн тахсыбыт фашизмы үлтүрүппүттэрэ. “Германия – превыше всего” диэн Германияны күүһүрдэ, сайыннара сатааһын баҕа санаата үөскээһиниттэн нацистар ордук чорбойон, баһылыыр оруолу ылан тахсыбыттара. Нацистар үтүө киһилэрэ, сирдьиттэрэ, киһиттэн таһыччы киһи – Гитлер этэ. Уһуннук олорбута, үйэтэ лаппа уһаабыта эбитэ буоллар бэйэтин итэҕэйээччилэригэр, батыһааччыларыгар улахан таҥара буолара ханнык да саарбаҕа суох этэ.
Фашистыы өй-санаа национализмы аһара күөртээн, омуктар тэҥэ суох өйдөөхтөр-санаалаахтар, сайдыылаахтар диэн өйдөбүлү аһара өрө тутан дьон бары бииргэ олорууларыгар олус улахан кутталы үөскэппитин иһин араас тус-туспа санаалаахтар, итэҕэллээхтэр бары холбоһоннор тула өттүттэн көмөлөөн, үлтү сынньан хаптаппыттара, фашистыы тэрилтэлэри сууттаабыттара, Аан дойду үрдүгэр аны фашистыы өй-санаа сайдан аһара барбатыгар олук уурбуттара. Ити курдук Аан дойду норуоттарын холбуур Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ үөскээбитэ.
Ааспыт үйэҕэ буолан ааспыт Аан дойдуну хаттаан үллэстии иккис сэриитигэр сайдан, үүнэн иһээччилэр, саҥа, элбэх үлэһиттэри, оробуочайдары бэйэлэрин диэки тардааччылар, коммунистар баһылааһыннарынан фашизмы, аһара барбыт национализмы кыайыыны ситиспиттэрэ.
1985 сыллаахтан коммунизм үөрэҕэ дьон өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэтэ арыллан, биллэн тахсан бэйэлэрэ үтүө санааларынан 1991 сыллаахха ыһыллыбыттара. Дьон бары араҥаларыттан аҥардастыы үлэһит дьону өрө тутуу, барыларын тэҥнии сатааһын уонна бары барыта үчүгэй буолла, тубуста диэн албын өйдөбүлү киллэрэн албыннааһын кыайан уһуннук барбата. Маннык үөрэх өй-санаа аҥар өттүгэр халыйыытын үөскэппититтэн, сайдар кыаҕын сарбыйбытыттан хаалыы, «застой» кэмэ кэлиититтэн кыаҕыран испит коммунистар өйдөрө-санаалара, таҥаралара ССРС-ка эйэлээхтик эстибитэ. Бу таҥара эйэлээхтик эстиитэ коммунистар дьону сөбүлүүр, харыстыыр, көмүскүүр санаалара атыттардааҕар, националистардааҕар ордук улахан күүстээҕин уонна дириҥин быһаарар.
Бу кэмҥэ материалистар, коммунистар олус үчүгэй дьоннорун, төрүттээччилэрин К.Маркс, Ф.Энгельс, В.И.Ленин уонна И.В.Сталин үлэлэрэ төһө да туттулла сырытталлар кинилэр үөрэхтэрин тутуһааччылар аҕыйаан иһиилэриттэн таҥаралара мөлтөөн, дьайыыта аҕыраан иһэр. Бу дьон саҥа таҥараларга кубулуйан иһэннэр коммунизм үөрэҕин сыыһата арыллан тахсан бэйэлэрэ эмиэ туоратыллан эрэллэр.
Өссө да кэлэрэ быдан эрдэ буолуон сөптөөх коммунизмы тута сатыыр, олус үчүгэй диэн ааттаммыт дьон аҥардастыы материализмы өрө тутуулара үгүстэр өйдөрүгэр-санааларыгар уонна «Туох барыта икки өрүттээх» диэн айылҕа тутаах көрдөбүлүгэр сөп түбэспэтиттэн ыһыллыбыттара.
Билигин, бу 21-с үйэҕэ сайдан, ахсааннара лаппа эбиллэн иһээччилэр аны мусульманнар буоллулар. Саҥа күүстээх сэрии сэбин атомнай буомбаны оҥосто, сирдэрин-дойдуларын кэҥэтинэ сатыыллара үксээтэ.
Россияҕа православнай таҥара перестройка кэнниттэн эрэ арыыйда сайда, дьону бэйэтигэр хомуйа, тарда сатыыр даҕаны Улуу Өктөөп өрө туруутугар үлэһиттэр, дьадаҥылар диэки буолбакка, утары, баайдар диэки өттүн тутуспутуттан, үгүстэр абааһы көрбүттэрэ, кэлэйбиттэрэ билигин да ааһа илигинэн салгыы сайдыыны ситиһэрэ, элбэхтэр итэҕэллэрин ылара ыраах, аны кыаллыбата да буолуо. Православнай итэҕэл мөлтөөн, ыһыллан государство өттүттэн көмөҕө наадыйара аһара барбата буоллар.
Дьон олоҕор, өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэт, «Туох барыта икки өрүттээх» диэни билиммэт таҥаралар хайа эрэ өттүнэн өй-санаа аҥар өттүн диэки халыйыытын үөскэтэллэриттэн син-биир туоратыллан иһиэхтээхтэр. Урукку короллар, ханнар, султаннар баһылыыр кэмнэригэр үөскээбит улахан таҥаралар бэйэлэрэ олус улахан диктатураҕа, тоталитарнай системаҕа кубулуйан сылдьаллара аныгы, демократия олоҕор сөп түбэспэт. Дьон өйө-санаата сайдан, демократия диэки тардыһан истэҕинэ сыыһа-баайа урукку улахан диктатураҕа кубулуйбут таҥара үөрэхтэрэ уларыйар, саҥа, демократия тутулугар сөп түбэһэр таҥаранан солбуллар кэмнэрэ кэлэн иһэр.
Билигин Аан дойду бары дьоно демократия үөрэҕин сайыннарыыларыгар урукку, улахан тоталитарнай системаҕа кубулуйбут, олус былыргы, олохтон хаалбыт үөрэхтэри тутуһар католическай, православнай уонна мусульманскай таҥаралар дьону иитэр, үөрэтэр кыахтара кыччаата.
Аҥардастыы эр дьону өрө тутар, дьахталлары баттыыр, үлэттэн-хамнастан туоратар мусульманскай таҥара үгүс дьон өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэтэ ордук улаатта. Сорох дьону аҥардастыы хам баттыыр өйү-санааны тарҕатар уонна өй-санаа икки аҥы арахсыытын үөскэппит таҥаралар салгыы сайдар суоллара сарбыллар. Ол курдук бу таҥаралар салайар үлэһиттэрэ бэйэлэрин олус үчүгэйинэн, үчүгэйи эрэ оҥорооччуларынан ааҕыныылара таҥараны итэҕэйээччилэр олус күүскэ хайдыһыыларын уонна бэйэ-бэйэлэригэр утарсыыларын үөскэтэр.
Биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ олус дириҥ силистээх, төрүттээх, өй-санаа үөскээһинин уонна сайдыытын быһаарыыта олус таба, туох барыта икки өрүттээҕэр тирэҕирэр. Ол курдук таҥара үөрэҕин маҥнайгы төрүтэ кут-сүр үөрэҕиттэн саҕаланан баран улахан, үчүгэй киһи буолууга тириэрдэрэ уонна киһи быһыылаахтык олоҕу олорорго ыҥырара билигин, демократия кэмигэр ордук туһалаах. Ол аата билигин демократия суолун тутуһар сайдыылаах дойдуларга биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ ордук улаханнык туһалыаҕа.
КИҺИ ТАҤАРА
Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит араас кыыл, көтөр таҥаралар дьон өйдөрө-санаалара ситэ сайда, үүнэ илигинэ, дьон тыа быыһыгар, ойуурга олорон эрэ улахан кыыллар, көтөрдөр курдук бултаан аһыыр эрдэхтэринэ, бу кыыллар, көтөрдөр курдук булду кыайа-хото тутарга баҕара саныылларыттан үөскээбиттэр. Ол былыргы хаалбыт таҥаралары билиҥҥи сайдыылаах дьоҥҥо аҕалан сыбыы сатааһын улахан сыыһа, хаалынньаҥ быһыы буолар.
Киһи өйө-санаата былыргы кыыл, көтөр өйүттэн-санаатыттан, туттар быһыытыттан сайдан улахан киһи буолуу, онтон үчүгэй киһи буолуу таһымыгар диэри сайдыбытын киһи таҥаралаах буолуу быһаарар.
Икки тыһыынча сыллардаахтан ыла сайдыбыт, үгүс дьон итэҕэйэр үчүгэй киһи, Христос таҥаралаах омуктар язычниктары, ол аата кыыл-сүөл таҥаралаах дьону аанньа ахтыбаттара халлаантан ылыы буолбатах. Кыыл-сүөл таҥаралаах буолуу өйү-санааны үөскэтэр баҕа санаа аҕыйаҕын, өй-санаа сайдыытын таһыма кыратын илэ биллэрэр көстүү буолар.
Киһи өйө-санаата сайдан иһиитин таһымнарын итэҕэли үөрэтээччилэр чуолкайдык билэр буолуохтарын наада. Аныгы үөрэхтээх, сайдыылаах киһиэхэ «Суор курдук буолан собулҕаны тоҥсуйа сылдьар баҕа санаалан» диэн көнөтүк эттэххэ улаханнык хомойуон, өһүргэниэн да сөп.
Дьон өйө-санаата сайдан иһиэҕиттэн олус элбэх таҥаралардаах этилэр. Бу таҥаралар өй-санаа сайдыытын таһыма үрдээн истэҕин аайы уларыйан биэрэн иһэллэр. Ол курдук олус былыргы кэмнэргэ киһи бултаан аһыыр эрдэҕинэ улахан булчут кыыллар, көтөрдөр курдук буолар баҕа санааны үөскэтинэр, таҥара оҥостор эбит буоллаҕына 2,5 тыһыынча сыллартан ыла киһи буолар, үчүгэй киһи буолар баҕа санааны үөскэтинэр киһи таҥаралаах буолбут.
Билигин сайдыылаах демократия олоҕор тиийбит дьоҥҥо, «Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар үөрэхтэрин билинэн, тутуһан, айылҕаны харыстыыр, сыыһаны-халтыны оҥорбот буолууга иитэр, үөрэтэр саҥа таҥара наада буолар кэмэ кэллэ.
Киһи баҕа санаатын ситиһээри олох олорор. Ол аата киһи баҕа санаата үчүгэй киһи буолуу диэки тардыстаҕына, таластаҕына тугу барытын оҥороругар үчүгэй киһи оҥорорун курдук оҥорор буоллаҕына киһи быһыылаах буолууну ситиһэр кыахтанар. Киһи быһыытын, майгына хайдаҕын быһаарарга ханнык быһыылары оҥороруттан көрөн быһаарыллара итинник чуолкайданар.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн күүстээх, кыахтаах буолууга аттыгар баар, көрөр, батыһар, үтүктэр киһититтэн холобур ылынан үөрэнэр, кини курдук буолар баҕа санааны үөскэтинэр. Бу оҕо батыһар, үтүктэр дьоно оҕо төрөппүттэрэ, иитээччилэрэ, онтон салгыы учууталлара буолалларын, ол аата оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэй киһини үтүктэн үөрэнэрин, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор, киһи быһыылаах буола улаатарын умнумуохха наада.
Таҥара диэн сахалыы таҥ, таҥар эбэтэр быһалыы ким эрэ таҥара, ол аата хомуйара, холбуура диэн элбэх өйдөр-санаалар холбоһууларын, мунньуллууларын быһаарыыттан үөскээбит. Ол аата өй-санаа мунньуллуута, холбоһуута таҥара диэн ааттанар. Таҥара диэн төрүт сахалыы тыл. Таҥара үөрэҕэ диэн биһиги сахалар өй-санаа туһунан үөрэхпитин ааттыыбыт.
Таҥара диэн киһи үтүө баҕа санаалара холбоһууларыттан үөскүүр өй-санаа мунньуллуута, ол аата оннук үгэс үөскээһинэ буолар. Таҥара киһи курдук быһыылаах буолуута 2,5 тыһыынча сыллаахтан ыла саҕаламмыта уонна бастакы биллэр улахан таҥаранан маҥнайгы киһи курдук таҥара Будда буолар.
Хас биирдии төрөппүт оҕото улаата охсоругар, көмөлөһөрүгэр, улахан киһи буоларыгар, тугу барытын улахан киһи курдук оҥороругар, киһилии быһыыланарыгар олуһун баҕарар.
Оҕо барыта түргэнник улаата охсон улахан киһи оҥорор бары быһыыларын, үлэлэрин-хамнастарын оҥорор буолуон олус баҕарар, кэтэһэр. Оҕо улаата охсор баҕа санаатын күүһүттэн оннооҕор хас утуйан турдаҕын аайы төһөнү улааппытын мээрэйдэнэ сылдьара эмиэ биллэр.
«Улахан киһи буол» диэн төрөппүттэр баҕа санаалара уонна оҕо бэйэтэ улаата охсор баҕа санаалара холбоһоннор биир буолууларыттан улахан киһи буолуу өйө-санаата, таҥарата үөскээн сайдыбыт. Ол аата элбэх киһи баҕа санааларын түмсүүтэ улахан, киһи таҥараны үөскэппит.
Улахан киһи буолуу баҕа санаатыттан үөскээбит Будда таҥара кырдьык да олус улахан киһиэхэ кубулуйан таас хайа сирэйигэр эрэ чочуллан оҥорулларга тиийэ улааппыт.
Дьон өйдөрө-санаалара өссө сайдыытыттан, үөрэҕи-билиини баһылаан иһиилэриттэн киһи оҥорор быһыыларын барыларын икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан диэн араарыыларыттан, оҕолоро үчүгэй санаалара элбээн үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥорор буола улааталларын ситиһэр сыалтан үчүгэй киһини таҥара оҥостубуттара. Ол аата киһи оҥорор бары быһыыларын үчүгэй киһи оҥорорун курдук үчүгэйдик, табатык оҥорорго баҕа санаа үөскээһинэ үчүгэй киһи таҥара үөскээһинигэр тириэрдибит.
Оҕо улаатан истэҕинэ киһи оҥорор бары быһыыларын барыларын үчүгэйдик, тупсаҕайдык, ис киирбэхтик оҥорорго дьулуһуутуттан уонна төрөппүттэр оҕолоро куһаҕан быһыылары буолбакка, үчүгэй эрэ быһыылары оҥорор киһи буоларыгар баҕа санаалара холбоһууларыттан үчүгэй киһи буолуу өйө-санаата үөскээн сайдыбыт. Үчүгэй быһыылары оҥорор олус үчүгэй киһи Христос таҥара ити курдук үтүөҕэ, үчүгэйгэ баҕарар өй-санаа мунньустуутуттан, элбээһиниттэн, хас биирдии киһиэхэ баар буолуутуттан үөскээбит.
Сахалар олохторун үөрэҕэ этэринэн оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр төрөппүттэрэ иҥэрэн биэрбит баҕа санааларын олоҕун устата ситиһэ сатыыр. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр иитии-үөрэтии олус улахан суолталаах уонна оҕо инники олоҕор хайа омук тылынан саҥарарын, үчүгэй дуу, куһаҕан дуу быһыыланарын, дьоҥҥо хайдах сыһыаннаһарын төрүттүүр.
Онон оҕо кыра эрдэҕиттэн ханнык омук тылынан саҥарарын, хайдах өйдөөх-санаалаах, майгылаах буола улаатарын ийэтэ эбэтэр көрүүгэ-истиигэ быһаччы көмөлөһөр эбэтэ эрэ оҥорор кыахтаахтар. Ол курдук кинилэр оҕо саҥа саҥаран эрдэҕинэ хайа омук тылынан саҥарарыгар үөрэтэр кыахтара олус улахан. Барыта кинилэртэн, дьахталлартан омук тыла, сиэрэ-туома уонна өйө-санаата быһаччы тутулуктаахтар.
Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ олус дириҥ силистээх, төрүттээх, өй-санаа үөскээһинин уонна сайдыытын быһаарыыта олус таба, кут-сүр үөрэҕиттэн тирэх ылан сайдар уонна улахан, үчүгэй киһи буолууга тириэрдэрэ, киһи быһыылаахтык олоҕу олорорго ыҥырара билигин ордук туһалыыр кэмэ кэллэ.
Биһиги киһи диэн тылбыт таҥарабыт аата буолар. Кыыллартан, көтөрдөртөн, сүөһүлэртэн туспа араарыммыт, өйбүт-санаабыт сайдан киһи буолбуппутун билиммит тылбыт буолар. Ол аата билигин биһиги сахалар таҥарабыт – Киһи таҥара.
Манна киһи диэн тылы быһаарыы улахан оруолу ылар. Оҕобутугар “Киһи буол”, “Улахан киһи буол”, “Хаһан бу улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор буолаҕын” диэн этиилэрбит оҕону киһи буолууга, киһилии быһыыланарга иитэллэр уонна үөрэтэллэр.
Саха дьоно сиэри кэспэккэ, аһара барбакка, көрсүөтүк, сэмэйдик, үлэлээн-хамсаан, оҥорон-тутан, элбэх оҕолонон-урууланан киһи быһыылаахтык биирдэ бэриллэр олохторун олоруохтарын баҕараллар. Ол аата киһи буолуу, киһилии быһыыланыы биһиги олохпут сыала, баҕа санаабыт буолар.
Сахалар былыр былыргыттан өй-санаа уратыларын арааран билэннэр киһи диэн ханнык баҕарар кыыллартан олус үрдүктүк турарын, өйө-санаата элбэҕин, сайдыыны ылынар уратытын, киһилии майгылааҕын билинэн бэйэлэрин, ол аата дьону эрэ туспа арааран «Ким», «Бу кимий?»,- диэн ааттаан ыҥыраллар, «Кини» диэн ытыктабыллаахтык ааттыыллар. Кини диэн киһини эрэ ааттыыры, ыҥырары саха дьоно бары тутустахтарына өй-санаа оннугар түһэрэ ситиһиллэр.
Киһиттэн атын бары кыыллар, сүөһүлэр, көтөрдөр, мастар, туттар тэриллэр бука бары сахалыы «Бу», «Ол», «Туох»,- диэн этиллэллэр, «Бу тугуй?» - диэн ыҥырыллаллар. Балар өйдөрө-санаалара киһиэхэ тиийбэтинэн, кыайан сайдыбатынан уратылаахтарын сахалар былыр-былыргыттан билэн тылларыгар киллэрбит эбиттэр. Онон билигин таҥарабыт итэҕэлин ылынан, киһи буоларбытын билинэн атыттары туспатык ааттыырбытын олоххо киллэриэххэ наада.
Саха тылын бу биллэр, былыргыттан баар уратытын хайаан да таба туһаныы наада. Маннык Сир үрдүгэр баар атыттартан барыларыттан туспа арааран киһи диэн ааттааһын атын кыыллардааҕар, көтөрдөрдөөҕөр өйүнэн-санаатынан олус үрдүктүк турарын, итилэри кытта хаһан да тэҥнэспэтин сахалар былыр-былыргыттан билэллэрин уонна олохторугар туһаналларын бэлиэтиир көстүү буолар.
Кыыллар, сүөһүлэр, көтөрдөр киһиэхэ ханан даҕаны тэҥнэспэттэр, майгылара туспа уратылаахтарынан, киһиэхэ тиийбэттэринэн ааҕыллалларын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ дакаастыыр. Кыыллар, көтөрдөр өйдөрө-санаалара киһиэхэ хаһан да тиийэр кыаҕа суох, биир сүһүөҕүнэн аллараа сылдьар. Итилэргэ салгын кут хаһан да кыайан сайдыбат. Киһи үрдүктүк сыаналанара өйдөөх-санаалаах буолан, салгын кута сайдарыттан, саҥаны, урут суоҕу айарыттан барыларыттан үрдүктүк, туспатык турарынан быһаарыллар.
Онон сахалар киһи таҥаралаах буолбуттара саха тыла саҥа үөскээн эрдэҕиттэн ыла сайдыбыт. Ол иһин киһи диэн тыл өй-санаа өссө сайдан кыыллар-сүөһүлэр өйдөрүттэн-санааларыттан арахсыбытын, өрө тахсыбытын биллэрэн биһиги тылбытыгар киирэн иҥмит.
Таҥара үөрэҕэ кут-сүр үөрэҕиттэн тирэх ылан саҕаланан киһи өйүн-санаатын сайдыытын табатык быһаарар. Билигин сайдыылаах олоххо төрдүттэн демократичнай тутулуктаах, “Туох барыта икки өрүттээх” тутулуктааҕын халбаҥнаабакка тутуһар, тугу барытын оҥороругар икки өрүтү иккиэннэрин тэҥник сыаналыыр, оҕо өйө-санаата сайдыытын табатык быһаарар биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ наада буолла. Ол аата билигин демократия суолун тутуһар сайдыылаах дойдуларга биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ ордук улаханнык туһалыан сөп.
Былыргы хараҥа кэмҥэ таҥара үөрэҕэр күүстэринэн эбэтэр араас манньаны мэҥиэлээн киллэрэ сатыыр эбит буоллахтарына билигин дьон өйө-санаата сайдан, үөрэх, билии эбиллибит кэмигэр төрөппүттэр оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр үтүөнү баҕарар, киһи быһыылаах буола улааталларыгар баҕа санаалара эрэ таҥара үөрэҕэ тарҕаныытыгар уонна кытаанахтык тутуһуллар буолуутугар тириэрдэр кыахтаах. Төрөппүттэр оҕолорун туһугар, кинилэр өйдөрө-санаалара туруктаах, киһи быһыылаах буоларын иһин биһиги, сахалар таҥарабыт үөрэҕин бэйэлэрэ тутуһан уонна оҕолорун кытаанахтык тутуһарга үөрэттэхтэринэ эрэ бу аймахтар салгыы сайдар кыахтаналларын билэллэрэ наада.
Хас биирдии ыаллар, аймахтар сайдан, элбээн иһиилэриттэн омук сайдан, ахсаана эбиллэн иһэр кыахтанарын таба өйдүөхпүтүн наада. Оҕо өйө-санаата туруктаах буолуутун биһиги, сахалар таҥарабыт үөрэҕэ төрүттүүрүн таба өйдөөн туһаннахпытына эрэ омукпут салгыы сайдар кыаҕын улаатыннарыахпыт.
ИККИ ТАҤАРА
Сахалар былыр-былыргыттан өй-санаа үөрэҕин олус дириҥник баһылаабыттара икки улахан киһи таҥаралара дьоҥҥо дьайыылара тус-туһунан, икки аҥы буолуутуттан биллэр. Туох барыта икки өрүттээҕин курдук киһи өйүгэр-санаатыгар үөрэх дьайыыта эмиэ икки өрүттээх, ол иһин сахаларга икки улахан киһи таҥаралар баар буолбуттар.
Өйбүт-санаабыт сайдан киһилии быһыыланар киһи быһыылаах буолуохпутуттан ыла үтүктэр, үөрэҕи ылынар уонна үөрэтэр киһи таҥараларбыт иккиэлэр:
1. Үрүҥ Аар Тойон таҥара. Үрүҥ Аар тойон таҥара оҥорбут үтүө быһыыларын киһи бэйэтэ, атын тастан ыгыыта суох өйүнэн-санаатынан салайтаран үтүктэн, батыһан үөрэнэр, бэйэтигэр туһалааҕын иҥэринэр. Үтүктүү кыаттарбатаҕына даҕаны бу таҥара кэһэппэт, иэстэспэт.
Үрүҥ Аар Тойон таҥара киһи үтүктэн, бэйэтэ үөрэнэр таҥарата. Бу таҥара үчүгэй киһи оҥорбут үтүө быһыыларын үтүктэргэ, олоххо туһанарга аналланар.
2. Улуутуйар Улуу Тойон таҥара. Улуутуйар Улуу Тойон таҥара киһи сыыһаны, куһаҕаны оҥордоҕуна кэһэтэн, накаастаан, этигэр-сиинигэр ыарыыны биллэрэн үөрэтэр. Бу үөрэтии киһиэхэ дьайар күүһэ ордук улахан, уталыппакка кэлэн иһэрэ сотору киһиэхэ бэйэтигэр эмиэ биллэр. Ол курдук синньигэс маска ыттыбыт оҕо дөлбү түһэн ыарыыланнаҕына, кыра, синньигэс маска ыттыма диэн үөрэх баарын дьэ билэн иҥэринэрэ бу кэһэтэн үөрэтэр таҥара үөскүүрүгэр тириэрдибит.
“Аһара күлэн алларастаама, аны кыыһырарыҥ кэлээрэй?” диэн этии үөрүү эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх буоларын биллэрэр, хаһан баҕарар аһара барыы куһаҕанын өйдөтөр уонна Улуутуйар Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр.
Киһи үгүстүк сыыһа-халты туттунар. Ол иһин тугу эмэни оҥороору бэлэмнэнэригэр бу быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын эрдэттэн билэ-көрө сатыырыгар, сэрэнэригэр, этин-сиинин харыстыырыгар анаан бу кэһэтэн үөрэтэр Улуутуйар Улуу Тойон таҥара үөскээбит. Ол курдук киһи олоҕун уһуннук олорорун туһугар аан маҥнай этин-сиинин эрчийэрэ уонна харыстыыра ордук улахан суолталааҕын биллэрэр.
Аан дойду төрүт тутулугун сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этэллэр. Бу этии быһаарыытынан Сирбит икки өттүттэн тутулла сылдьара буолар уонна хайа да диэки бардаҕына, сыҕарыйдаҕына, иккиэннэригэр дьону куһаҕаҥҥа тириэрдэриттэн сэрэтэр аналлаах. Ол курдук Сир Күн диэки баран чугаһаатаҕына олус итийэн уотунан умайан хаалыан, онтон Күнтэн тэйэн ырааттаҕына Куйаар тымныыта күүһүрэн бары-барыта хам тоҥуон сөп. Ол иһин киһи бары оҥорор быһыылара аҥардастыы биир өттүн диэки барбакка, иккис өрүтүн эмиэ ааҕыстаҕына, тэҥнээтэҕинэ, учуоттаатаҕына эрэ табыллар.
Киһи үөрэҕи ылынара эмиэ икки өрүттээх. Ол курдук атын киһи дьайан үөрэтэрэ үөрэтии диэн, онтон бэйэтэ билэн-көрөн үөрэҕи ылынара үөрэнии диэн ааттаналлар. Үөрэҕи ылыныы икки өрүтэ таҥара, өй-санаа үөрэҕэ икки өрүттээхтик дьайыытын үөскэтэринэн сахалар киһи таҥаралара иккиэ буолбуттар.
Икки таҥара баар буолуута сахалар өй-санаа үөрэҕин олус дириҥник баһылаабыттарын бэлиэтэ буолар. Биир таҥара ыҥыран, угуйан, киһи бэйэтин кыаҕын сайыннаран иитэр-үөрэтэр буоллаҕына атына, дьарыйар, бэрээдэктиир таҥара буолар.
Киһи ханнык баҕарар үөрэҕи ылыныыта «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэр. Ол курдук кут-сүр үөрэҕэ этэринэн киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, куттара үөрэҕи тус-туспатык ылыналлар. «Үөрэҕи ылынымтыа киһи дьон оҥорор сыыһаларыттан көрөн, истэн үөрэнэр буоллаҕына, ыараханнык үөрэнэр киһи бэйэтин сыыһаларыттан эрэйдэнэн үөрэнэр» диэн этии үөрэх икки өрүтүн арыйар. Киһи үөрэҕи икки өрүттээхтик ылынара икки таҥара баар буолуутугар тириэрдибит.
Үөрэҕи ылыныы икки өрүттэрэ манныктар:
1. Үөрэтии.
2. Үөрэнии.
Бу икки өрүттэри быһааран туох уратылаахтарын арыйыахпыт:
1. Оҕо кыра, бэйэтин өйө-санаата ситэ киирэ илигинэ үөрэҕи ылыныы бастакы өрүтэ сөп түбэһэр. Ол аата кыра оҕо иитиллэр уонна үөрэтиллэр. Кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар үөрэтии кыра эмэ кэһэйиилээх буоллаҕына ордук түргэнник, дириҥник уонна умнуллубат гына иҥэр. Тарбаҕын төбөтүн итиигэ хаарыттарбыт оҕо сэрэммэккэ эрэ итиини тыыппат буоларга түргэнник уонна хаһан да умнубат гына үөрэнэр. Ол курдук кэһэйии эти-сиини таарыйарыттан, ыарыыны биллэрэриттэн оҕо бэйэтин харыстанар санаатын уһугуннаран туохтан эмэ кэһэйбитин хаһан да умнубат, сэрэнэрэ эбиллэр.
Оҕо ийэ кута аан маҥнай иитиллэр, бэлэм билиилэри иҥэринэр. Ол аата төрөппүт бэйэтэ тугу барытын оҥороругар оҕотун батыһыннара сылдьан “Мин курдук оҥор”, «Бу курдук тут» диэн көрдөрөн, үтүгүннэрэн үөрэтиитэ оҕо ийэ кутун иитэр, үөскэтэр.
Сыыһаны, куһаҕаны оҥорбут киһи хайаан да туохха эмэ түбэһэрэ, кэһэйэрэ Улуутуйар Улуу Тойон таҥара үөскээһинигэр тириэрдибит. Ол аата киһи ханнык баҕарар быһыыны оҥордоҕуна онно сөп түбэһэр эппиэти хайаан да ылыахтааҕа быһаарыллар. Ол курдук үчүгэйи оҥорбут киһиэхэ үчүгэй сыһыан баар буоларын тэҥэ куһаҕаны оҥордоххо куһаҕан сыһыан, кэһэйии кэтэһэр. Ол аата сыыһаны оҥорбут киһи бэйэтин сыыһа туттуутуттан туга эмэ сатаммакка кэһэйэрин, онтон дьоҥҥо куһаҕаны оҥорбут киһи анараа дьон эппиэттэрин хайаан да билиэхтээҕэ быһаарыллар.
Көннөрү тылынан этии киһи өйүгэр-санаатыгар түһэрэ уһун кэми ылар, дириҥник иҥмэт. Ханнык баҕарар үөрэх кэһэйиилээх, чиҥэтиилээх, киһи этин-сиинин ханан эрэ таарыйар буоллаҕына ордук түргэнник ылыныллар. Ол курдук киһи тоҥноҕуна тымныыттан ордук сэрэнэрэ үөскүүр. Ол аата бу быһыыны өссө хатылыыртан кыра да кэһэйиилээх буоллаҕына туттунар күүс биллэрдик улаатарын биллэрэр.
Киһи бэйэтин сыыһаларыттан үөрэниитэ кэһэйэн үөрэнии буолар. Сыыһа-халты туттунан кэһэйии кэнниттэн дьэ сэрэхтээх буолуу киирдэҕинэ үөрэх киирбитэ, иҥмитэ биллэр.
Өй-санаа сайдыытын уратыларын билэллэриттэн сахаларга кэһэтэн үөрэтэр таҥара Улуутуйар Улуу Тойон баар буолбут. «Эрэй киһини үөрэтэр» диэн этии кэһэйэн үөрэнииттэн үөскээбит. Эрэй киһи этин-сиинин таарыйарынан хаһан да умнуллубат гына өйдөнөр уратылаах. Улуутуйар Улуу Тойон таҥара үөһээттэн киһи сыыһа-халты туттунарын, куһаҕаны, дьон оҥорботторун оҥорорун көрөн олорор курдук. Бу таҥара киһи бэйэтэ сыыһа-халты туттарыттан, куһаҕаны оҥороруттан хайаан да кэһэйэрин биллэрэр, үөрэтэр таҥара буолар.
Сахалар ордук Улуутуйар Улуу тойон таҥараттан саллаллар, сыыһаны-халтыны, куһаҕаны, дьон билбэттэрин, айыыны оҥорортон туттуналлар. Олус былыргы кэмнэргэ бэйэлэрин үчүгэйинэн ааҕынар дьон бу таҥараны оннооҕор куһаҕаҥҥа холоон, абааһыларга холбоон сир анныгар олохтуу сатаабыттара да кыаллыбатаҕа. Тоҕо диэтэххэ киһи сыыһа-халты туттунар майгына хайдах иитиилээҕиттэн тутулуктанан улаатан, элбээн биэрэрэ кэһэйэн үөрэтии хаһан да суох буолбатыгар тириэрдэр.
Онон Улуутуйар Улуу Тойон таҥара киһини кэһэтэн үөрэтэр таҥара. Итини тэҥэ сыыһа-халты туттунан бэйэ кэһэйиитэ эмиэ Улуутуйар Улуу Тойон үөрэҕэр киирсэр. Ол курдук туохха эмэ сыыһа-халты, аһара тутуннахха ханнык эрэ иэстэбил хайаан да кэлэрин бу таҥара биллэрэр.
2. Оҕо улаатан бэйэтин толкуйдуур, быһаарар өйө-санаата сайыннаҕына үөрэҕи бэйэтэ көрөн-истэн, ааҕан билэн иҥэринэр кыахтанар. Үөрэнии маннык көрүҥэ сайдан иһиитигэр киниэхэ батыһар, үтүктэр, үчүгэй киһитэ чугас баара, ол аата төрөппүтэ буолара наада. Оҕо үчүгэй быһыылары үтүктэн үөрэнэригэр үтүктэр киһитэ өссө үчүгэй быһыылары оҥороро ордук.
Сахаларга үчүгэй быһыылары оҥорорго ыҥырар, үтүктэр таҥарабыт Үрүҥ Аар тойон диэн ааттаах. Бу таҥара үрүҥ диэн аатын быһаарыыта былыргы кэмнэргэ олорон ааспыт улуу киһи үөрэҕиттэн-билиититтэн, тугу оҥорбутуттан үчүгэй быһыыларын туспа арааран ылан кэлэр көлүөнэлэри үөрэтэргэ туһанарга аналлаах. Ол иһин бу таҥара үчүгэйи оҥорорго үтүктэр, батыһар таҥара диэн буолара аатыгар кытта иҥэн сылдьар.
Онон үчүгэй быһыылары үтүктэн оҥорор таҥарабыт, батыһар киһибит Үрүҥ Аар Тойон диэн ааттанар. Атын дьон оҥорбут сыыһаларын көрөн, үөрэтэн билэн олору оҥорбот киһи үөрэҕи ылынымтыа, сэрэхтээх буолар.
Киһи үөрэҕи икки өрүттээхтик иҥэринэрин, ылынарын сахалар былыр-былыргыттан билэллэрин уонна олохторугар туһаналларын киһи таҥаралара иккиэ буолуулара уонна олор киһиэхэ оҥорор дьайыылара тус-туһунаннара быһаарар. Ол курдук Улуутуйар Улуу Тойон таҥараны умнуу, киһи оҥорор бары; үчүгэй да, куһаҕан да быһыыларыгар, онно сөптөөх эппиэт хайаан да кэлиэхтээҕин билбэттэриттэн эдэрдэр тугу оҥороллоругар арааран кыһаммат буоллулар. Эдэрдэри үөрэтиигэ аһара сымнааһынтан, куһаҕан быһыылары оҥордоххо хардары кэлэр эппиэтэ эмиэ куһаҕан буолуохтааҕын билиһиннэрбэттэн, кистээһинтэн куһаҕан быһыылары оҥороллоро элбээтэ.
Оҕо уһуннук үлэлэнэр ыарахан үлэни-хамнаһы кыайарга, үлэлииргэ үөрэниитэ хайаан да дьарыйыылаах, кыра эмэ да буоллар ыгааһыннаах буоллаҕына эрэ ситиһиллэр кыахтаах. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах, дьулуурдаах буола үөрэнэрэ хайаан да наада.
Оҕо саллар, ытыктыыр, эппит тылын истэр, толорор эрэ киһититтэн үөрэҕи түргэнник ылынар. Бэйэтиттэн аллараа саныыр, аанньа ахтыбат киһититтэн ханнык да бэйэлээх үөрэҕи ситэ ылыммат, тугу эппитин кулгааҕын таһынан аһарар.
Оҕо өйө-санаата тэҥник сайдыытыгар иитии-үөрэтии икки көрүҥнээх буолара ордук табыллар. Ол курдук аҕа ордук дьарыйар, толотторор, дьаһайар, үлэлэтэр, ол аата үөрэтэр буоллаҕына, ийэ харыстыыр, таптыыр, көрөр-истэр өттө баһыйара, үөрэтэрэ сымнаҕаһа, үгүстүк өйдөтөрө наада.
Онон киһи өйө-санаата туруктаахтык, ол аата икки өттүттэн тутулуктаахтык сайдарыгар баҕа санаата, таҥарата эмиэ икки буолара табылларын сахалар өй-санаа дириҥ тутулуктарын былыр-былыргыттан билэн олохторугар туһаналлар. Бу таҥаралар дьайыыларын хас биирдии саха киһитэ билэн олоҕор туһана сылдьыыта таҥарабыт үөрэҕэ сайдан иһиитигэр тириэрдиэҕэ уонна сэбиэскэй былаас 70-тан тахса сыллар усталарыгар өй-санаа үөрэҕин суох оҥорон өйбүтүн-санаабытын буккуйбута оннугар түһэригэр көмөлөһүөҕэ.
ТАҤАРА ДЬИЭТЭ
Билигин үөрэх-билии сайдан, сэбиэскэй былаас уурайан араас хааччахтара төлөрүйэннэр, кырдьаҕас, аҕыйах ахсааннаах омуктар олохторун суолун уонна үөрэҕин билэ сатыыллара тэнийдэ. Хас биирдии омуктар ааттара-суоллара аан маҥнай атын омуктарга биллиититтэн, сурукка киириититтэн бу омук хаһан үөскээбитэ чуолкайдык быһаарыллар кыахтанна. Итини тэҥэ ханнык тыл хайа омук тыла буолара бу тылга иҥэн сылдьар өй-санаа быһаарыытынан табатык чуолкайданар буолла.
Омук атын омук тылын, үөрэҕин аан маҥнай ылынарыгар бэйэтин тылыгар урут суох, саҥа тыллары үгүстэрин хайдах саҥарыллалларынан, суруллалларынан уонна ханнык өй-санаа иҥэ сылдьарын уларыппакка эрэ тылыгар киллэрэр, онтон кэлин бу тылга үөрэнэн истэҕинэ кыратык, тыл бүтүүтүн эрэ уларытан туһанар. Холобурга, элбэх омук туттар тылыгар «Сибиир» диэн тыл киирсэр. Элбэх да омук бу тылы туттуннар бу тыл «ойуурдаах дойду» диэн өйдөбүлэ монгол тылыгар баара суолтатыгар ордук сөп түбэһэр эбит. Үөрэхтээхтэр ити иһин бу тылы монгол тыла эбит диэн быһааран сылдьаллар. Ол эрээри сахалыы “сири-сибиири кэһэн” диэн холбуу этии баара бу тыл суолтатыгар эмиэ сөп түбэһэринэн кэнники чуолкайдаан биэриигэ наадыйар.
Атын омук тылыттан саҥа киирбит тыл дорҕооннорун тутулуктара сөп түбэстэхтэринэ кэлин сыыйа-баайа уларыйан омук бэйэтин тылын дорҕоонноругар көһөн омук тылыгар маарыннаан барыан сөп. Холобурга, остуол, ыскаап, биилкэ у.д.а. элбэх нууччалартан киирии тыллар саха тылыгар оннуларын булуммуттара ырааппыт.
Үс үйэттэн ордук кэм устата сахалар нууччалартан элбэх үөрэҕи-билиини, тыллары ылынныбыт. Кэнники үйэҕэ киирбит үөрэхтэртэн «коммунизм», «социализм» диэн тыллары улаханнык уларыппакка эрэ бэйэлэринэн туһана сылдьабыт.
Нууччалар православнай таҥараларын «бог» диэн ааттыыллар. Бу тылы сахалар бэйэтинэн ылыммыттара эбитэ буоллар таҥара аата «буох», онтон итэҕэли тарҕатар дьиэлэр ааттара «буох дьиэтэ» диэн ааттаммыт буолуохтара этэ.
Нууччалар 17-с үйэҕэ аан маҥнай кэлэн православнай таҥара үөрэҕин тарҕатар кэмнэригэр сахалар таҥара диэн өй-санаа үөрэҕин бэйэлэрэ букатын билбэттэрэ эбитэ буоллар саҥа, нууччалартан киирэн эрэр өй-санаа үөрэҕин хайаан да бэйэтин аатынан «буох» диэн ааттыахтарын сөп этэ.
Бу кэмҥэ Буох Диэхсин диэн лаппа ытыктанар киһи Мэҥэҕэ олоро сылдьыбыта биллэр. Сахалар православнай таҥараны саҥа билэн эрдэхтэринэ «Буох» диэн ааттааҥ диэн элбэхтик этэ сылдьыбыттарыгар сөп. Биһиги киһибит онно кыттыһан, таҥара үөрэҕэ саҥа тарҕаныытыгар элбэхтэ «Буох диэ» диэн бэйэтин дьонноругар аҕытаассыйа ыыта сылдьыбыт буолуон сөп. Ол бэлиэтигэр Буох Диэхсин диэн хос аат иҥмитигэр сөп.
Төһө да бары «Буох диэ» дии сатаабыттарын иһин сахалар бэйэлэрэ өй-санаа үөрэҕин былыр-былыргыттан билэллэриттэн, таҥара диэн ааттыылларыттан бу православнай үөрэҕи эмиэ таҥара диэн ааттыылларын уларыппатахтар.
Нууччалар кэлэн аан маҥнай православнай итэҕэллэрин үөрэҕин тарҕатыыларыгар сахалар өй-санаа үөрэҕэ таҥара үөрэҕэ диэн ааттанарын былыргыттан билэр уонна үөрэхтэрин тутуһар буоланнар, бу, өйү-санааны тарҕатар дьиэлэри таҥара дьиэлэрэ диэн ааттыылларынан хаалларбыттар.
Онон нууччалар кэлиилэригэр сахалар таҥараларын үөрэҕэ баар, дьон билэн туһана сылдьар эбиттэр. Ол иһин кэлии саҥа, православнай таҥараҕа үтүрүттэрдэр даҕаны симэлийэн, суох буолан хаалбатаҕын тэҥэ аата-суола саҥа таҥараҕа көспүт.
Билигин таҥарабыт үөрэҕин төрүттэрин ырытан оннуларын буллартаабыппыт кэннэ, сайдыы суолугар киирэр кыахтанна. Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ аныгы сайдыылаах, демократия суолун тутуһар дьон өйдөрүгэр-санааларыгар ордук сөп түбэһэринэн сотору дьон бары ылынан барыахтара. Тоҕо диэтэххэ билигин баар бары улахан таҥаралар үөрэхтэрэ, холобур, католическай, православнай, мусульманскай таҥаралар олус күүстээх диктатура, тоталитарнай тутулуктаахтар уонна уһун үйэлэр тухары атын дьонтон үрдүктүк сананыылара үөскээбитэ уларыйбакка сылдьар.
Туох барыта икки өрүттээҕин курдук бары өй-санаа үөрэхтэрин аҥар өттүлэрэ, оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын үөрэтэр, сайыннарар өттүлэрэ биирдэр, сөп түбэһэллэр, үтүө санаалаах үчүгэй киһини иитэр-үөрэтэр сыаллаахтар. Хайа да омук оҕотун өйө-санаата сайдыыта биир төрүккэ олоҕуран сайдар, ол курдук аан маҥнай ийэ кута иитиллэр, онтон үчүгэй киһи буола улаатыыга дьулуһуута үөскээн салгын кута сайдар. Оҕо улаатан үчүгэй киһи буолуу диэн сүрүн сыалы ситиһиитин кэнниттэн хайа государство, итэҕэл киһитэ буолуута биирдэ быһаарыллар уонна эбиискэ үөрэҕинэн киирсэр.
Сахалар былыр-былыргыттан өй-санаа үөрэҕин билэллэрин бу үөрэҕи таҥара үөрэҕэ диэн ааттыыллара быһаарар. Таҥ, таҥар, таҥара диэн саха тылыттан үөскээбит үөрэх араас элбэх билиилэртэн, хомуллан, таҥыллан уһун үйэлэргэ үөскээбит өй-санаа үөрэҕэ буолар. Өй-санаа үөрэхтэрэ элбэхтэр. Бу үөрэхтэртэн саамай улаханнара, тэнийбиттэрэ буддийскай, католическай, православнай уонна мусульманскай таҥара дьиэлэрэ буолаллар. Бу таҥара үөрэхтэрэ бары; дьон олоҕор улахан тоталитарнай режимнэр, диктатуралар үөскээбит кэмнэригэр сайдыбыттара, күүһүрбүттэрэ уонна тарҕаммыттара.
Бу үөрэхтэр бары сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэриттэн сайдан, үүнэн тахсыбыт үөрэхтэр буолаллара хос быһаарыылаах этиллэллэринэн дакаастаналларын тэҥэ, сүрүн төрүттэринэн уонна билигин сахаларга эрэ умнуллубакка туттулла сылдьар кут-сүр үөрэҕинэн таба быһаарыллаллар. Ол курдук күүстээх куттаах-сүрдээх киһи атын дьоҥҥо көмөлөһөр, санааларын салайар, көннөрөр кыахтаах буолуута, киһи таҥара мөссүөнүн үөскэппит.
Олус былыргы кэмҥэ үөскээбит буолан сахалар таҥараларын дьиэтэ бэйэтинэн таҥара дьиэтэ, онтон атыттар дьиэлэрэ, таҥараларын үөрэхтэрэ хос быһаарыылаах православнай, католическай, мусульманскай таҥара дьиэлэрэ, үөрэхтэрэ диэн этиллэллэрэ өй-санаа быһаарыыларынан ордук сөп түбэһэр.
Онон биһиги өй-санаа үөрэҕин тарҕатар дьиэлэрбит таҥара дьиэлэрэ диэн ааттаналлара бэйэлэрин сыалларыгар ордук сөп түбэһиэ этэ.
ТАҤАРА ҮӨРЭҔИН ХААЧЧАХТАРА
Бары улахан, киэҥник тарҕаммыт таҥара үөрэхтэрэ киһи өйө-санаата араас сиэри-туому, сокуоннары, бэрээдэги тутуһарын, аһара барбатын ирдииллэр, өй-санаа, баҕа санаа аһара баран хаалыытын хааччахтыыллар. Бу үөрэхтэр «Таҥара барытын айбыта» диэн этиилэрэ уонна бары ирдэбиллэрэ, киһи өйө-санаата хаһан да таҥараттан үөһээ, үрдүккэ барар кыаҕа суоҕун быһаараллар, киһи таҥараттан кыратын, өйө-санаата тиийбэтин билинэн таҥараҕа үҥэригэр, тоҥхойоругар күһэйэллэр. Ол аата киһи тугу барытын таҥара оҥорорун курдук оҥороро эрэ табылларын өйдөтөллөр.
Билигин былыргыттан олохсуйбут сиэри-туому толорууга, сокуоннары, бэрээдэги тутуһууга ордук кытаанах ирдэбиллээх мусульманнар сайдан, ахсааннара лаппа элбээн иһэллэр. Арай кинилэр демократия сокуоннарын ылымматтара сайдыылаах дойдулар туоратыыларыгар тириэрдэр.
Биһиги бассабыыктар, коммунистар, атеистар салайыыларынан уһун кэмҥэ олороммут өйбүт-санаабыт сайдыыта ханнык да хааччаҕы билиммэтиттэн аһара бара сылдьыыга тиийэн кэлэн хаалбыта эдэрдэрбит оҥорор буруйдара, куһаҕан быһыылара, сыыһа-халты туттунуулара эмиэ аһара бара сылдьар буоларыгар тириэрдэн быстах быһыыга түбэһээччилэр, олохторун бэйэлэрэ кылгатааччылар элбээннэр Россия дьонун ахсааннара сылтан сыл аайы аҕыйаан иһэр.
Таҥаралаах, итэҕэллээх буолуу диэн өй-санаа аһара бара сылдьарын хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэрии ааттанар. Сайдыылаах, үөрэхтээх, сокуоннары, сиэри-туому билэр улахан киһи бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн бары оҥорор быһыыларын салайан бары ирдэбиллэри толорор күүстээх буоллаҕына оҕо өйө-санаата, билиитэ-көрүүтэ ситэ сайда, тулуура күүһүрэ илигинэ аналлаах хааччахтары тутуһа үөрэнэрэ хайаан да наадатын таҥара үөрэҕэ быһаарар.
Киһи баҕа санаата муҥура суох, кыаҕа эбиллэн истэҕинэ элбээн, үллэн иһэр уратылаах. Таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕэ. Бу үөрэх өй-санаа аһара барарын хааччахтаан киһи буолуу, киһи быһыылаахтык олоҕу олоруу суолугар киллэрии үөрэҕэ буолар. Сахалар олохторун үөрэхтэринэн өй-санаа хааччахтара манныктар уонна оҕо улаатан өйө-санаата сайдан истэҕинэ уларыйан биэрэн иһэллэр:
1. Оҕо кыра эрдэҕинэ «Аһара барыма», «Куһаҕаны оҥорума» диэн бобуулары туһаналлар уонна үчүгэй быһыылары хайдах оҥорорго үөрэтэллэр, ийэ кутун иитэллэр.
2. Өссө улаатан бэйэтин өйө киирэн, ону-маны оҥороро эбиллэн истэҕинэ «Айыыны оҥорума», «Айыы диэмэ» диэн дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥорор кутталлаах, куһаҕан диэн аналлаах бобуу оҥоруллар, тугу барытын үчүгэй киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтэллэр.
3. Оҕо улаатан улахан киһи буолан баран «Киһи быһыытын кэһимэ», «Сиэри тутус» диэн хааччахтары хайаан да тутуһа сылдьара көрдөнүллэр. Оҕо тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буола үөрэннэҕинэ киһи быһыылаах киһи буола улаатар уонна үйэтин тухары киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.
Бу аналлаах бобуулар, хааччахтар киһи баҕата, өйө-санаата кыра оҕо эрдэҕиттэн Орто дойдуттан барыар диэри, хаһан да аһара барбатын, киһи быһыытын кэспэтин хааччыйаллар. Өйүн-санаатын аһара ыыппат, хааччахтыыр, кыайа тутан хонтуруоллуур киһи таҥара үөрэҕин тутуһар, үтүө санаалаах, таҥаралаах киһи буолар. Ол аата таҥара диэн киһи бэйэтэ үтүөҕэ, үчүгэйгэ ыҥырар, дьон олоҕун сиэриттэн аһара барбат баҕа санааны үөскэтиниитэ уонна онтун толорорго дьулуһуута, толорор буолуута ааттанар. Таҥаралаах буолуу баҕа санаа аһара барыытын суох оҥорон, «Көҥүлүнэн барбыт» киһи үөскүүрүн аҕыйатан дьон бииргэ олорууларыгар, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннаһыыларыгар олус улахан туһаны оҥорор.
Таҥаралаах буолуу, таҥараҕа үҥүү диэн дьон оҥороруттан атыннык, тиэрэни, куһаҕаны, айыыны оҥорбоппун диэн билинии уонна ону мэктиэлээһин буолар. Киһи төбөтүн төҥкөччү туттан ылыыта уонна умсары көрүүтэ сыыһаны, куһаҕаны, буруйу оҥорбутун билинэрин бэлиэтиир быһыы уонна өйү-санааны ыраастаныыга, аһара барарын тохтотууга тириэрдэр. Сахалар «Өрө көрөн түһэн» диэн ханнык да өй-санаа хааччаҕын билиммэт, аһара мэник, дьалбаа оҕону этэллэр.
Баҕа санаа олус күүстээҕин, киһини араас кыайыылары ситиһэригэр сирдиирин уонна тириэрдэрин сахалар «Баҕалаах маска ыттар» диэн өс хоһоонноро бигэргэтэр. Ол курдук ханнык эрэ олус улахан сыалы, баҕа санааны ситиһээри эрэ киһи турар маска ыттан тахсыы курдук ыарахан үлэни оҥорор кыахтанар. Бу этии киһиэхэ баҕа санаа баара хайаан да наадатын быһаарар. Ол иһин оҕоҕо үтүөнү, үчүгэйи оҥорорго, үчүгэй киһи курдук буолууга дьулуһар баҕа санааны иҥэрии хайаан да наада.
Сахалар оҕолорун «Киһи буол», «Тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥор», «Улахан киһи курдук буол» диэн үөрэхтэрэ төрөппүтүн курдук буолууга ыҥырар, кини курдук үтүө киһи буолар баҕа санааны иҥэрэр. Киһилии баҕа санаалары иҥэринэн киһилии быһыылары оҥорор буоллахха «Киһи буолуу» өйө-санаата ситиһиллэр.
Киһи олус түргэнник сайдар баҕа санаатын күүһүнэн элбэх саҥаны арыйыылары оҥорон, олору олоххо киллэрэн олоҕу иннин диэки сыҕарытар. Туох барыта икки өрүттээҕинэн өй-санаа сайдыыта төһө да үчүгэй курдугун иһин үчүгэйэ уонна куһаҕана тэҥҥэ сайдан тахсалларыттан куһаҕан быһыылар эмиэ элбээн, күүһүрэн хаалыыларын үөскэтэрэ дьон олоҕор улахан уустуктары таһаарар кыахтаах. Ол иһин оҕо баҕа санаата олох сайдан иһиитин таһымын уонна этэ-сиинэ улаатыытын олус аһара барыытын таҥара үөрэҕэ хааччахтаан, тэҥнээн, олоҕу кытта ситимнээн биэрэр. Дьон өйө-санаата олус уһун кэмҥэ сайдан ситиһиэхтээх сыалын аҕыйах сылга, биир киһи үйэтигэр ситиһэ сатаабыт коммунистар баҕа санаалара олоххо кыайан киирбэккэ хаалан бэйэлэрэ мөлтөөн ыһыллан эрэллэр. Баҕа санаа олох таһымыттан аһара барыыта итинник үрэллиигэ тириэрдэр.
Былыргыттан олохтоммут сиэри-туому толорууга, сокуоннары, бэрээдэги тутуһууга ордук кытаанах ирдэбиллээх мусульманнар билигин сайдан, ахсааннара лаппа эбиллэн сайдыылаахпыт диэн ааттанар дойдуларга ыгааһыны үөскэтэллэрэ күүһүрдэ.
Таҥараҕа итэҕэл диэн киһи аһара барар өйүн-санаатын хааччахтаан, бэйэтин үтүөҕэ ыҥырар баҕа санаатын дьон олоххо ситиспит ситиһиилэригэр тэҥнээн биэрэринэн дьоҥҥо олус туһалаах уонна сирдээҕи, Орто дойдутааҕы олоххо хайаан да тутуһуллуохтаах көрдөбүл буолар.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ өйү-санааны хааччахтааһына атын; христианскай, православнай, мусульманскай таҥаралар курдук олус тоталитарнайа, диктатурата суох, оҕо өйө-санаата сайдыытын, улаатан истэҕинэ уларыйыытын табатык быһаарар. «Сиэр» уонна «Киһи быһыыта» диэн сахалар өйдөрүн-санааларын хааччахтара сыыйа-баайа, дьон өйө-санаата сайдыытыттан уонна элбэхтэр быһаарыыларыттан тутулуктанан уларыйан биэрэр кыахтаахтар. Өй-санаа бу хааччахтара уларыйан биэрэр уратылара киһи өйө-санаата аһара барбакка, этин-сиинин эрчийэн, үөрүйэх оҥорон сайдыыны, олоҕу уһатыыны ситиһэр кыаҕа муҥура суоҕун быһаарар.
Yчүгэйгэ ыҥырар баҕа санааны оҕоҕо үөскэтии уустугунан, уһунунан уонна өйгө-санааҕа куруук хатылаан, өйдөтөн, көннөрөн биэрэн иһии эрэйдээҕинэн таҥара үөрэҕэ диэн өйү-санааны үөрэтии дьоҥҥо олус туһалаах уонна куруук туттулла сылдьарга аналлаах.
ТАҤАРА ҮӨРЭҔИН ТУҺАТА
Санаа олус түргэнник уларыйар, эбиллэр-көҕүрүүр. Араас элбэх санаалар киһи баһыгар, мэйиитигэр киирэ охсон тахсаллар, ол иһин тугу барытын санаатыгар олус түргэнник оҥоро охсор кыахтаах. Таҥара үөрэҕин сүрүн сыалынан киһи түргэнник уларыйан биэрэн иһэр өйүн-санаатын үлэтин сатаан салайан биэрии буолар.
Өй-санаа уларыйан биэрэр уратытын киһи таба өйдөөн олоҕор туһанар кыахтаах буола үөрэниитигэр таҥара үөрэҕэ көмөлөһөр.
Таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕэ. «Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс» диэн этии таҥара үөрэҕин сүрүн төрүтэ буолар. Ол курдук киһи ханнык баҕарар субу оҥоруохтаах быһыытын аан бастаан өйүгэр-санаатыгар хос-хос оҥорон көрөн сыаналаан, ырытан туох быһыы, содул үөскээн тахсарын сылыктаан билэн, быһааран баран дьэ дьиҥнээхтик, дьыалатыгар оҥорор буоллаҕына сыыһаны-халтыны оҥороро аҕыйыыр.
Холобурга, оҕоҕо ампаар үрдүгэр тахсар санаа киирдин. Оҕо ырыта, уһуннук быһаара сатыы барбакка эрэ ампаар муннугунан үөһээ ыттан тахса туруон уонна халты туттунан дөлбү түһүөн сөп. Ол гынан баран оҕо ыксаабакка өссө толкуйдуу, быһаара түспүтэ буоллар чугас турар дьиэ кэнниттэн кирилиэһи аҕалан туруоран туох да эрэйэ суох үөһээ тахсыан сөп этэ. Бу курдук хас да көрүҥнээхтик оҥоруллуохтарын сөптөөх быһыылар киһи хас оҥорор быһыытын аайы бааллар. Олортон киһи өйүн-санаатын күүһүнэн тэҥнээн, сыаналаан көрөр кыаҕынан быһааран саамай судургутун, кыаҕын иһинэн эрэйэ суох, чэпчэкитик оҥорулларын талан ылыан сөп.
«Ай» диэн тыл киһи өйө-санаата саҥаны, урут дьон билбэттэрин өйүгэр-санаатыгар айарын быһаарар буоллаҕына, бу саҥаны айбытын киһи дьыалатыгар, илэтигэр оҥороро «айыы» диэн туспа тылынан ааттанар. “Ай” диэн бэйэтэ икки өрүттээх тылга «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ бу саҥаны айыыбыт куһаҕан өттө баһыйан, улахан сэрэхтээх буолбутун биллэрэр.
Онон, киһи санаатыгар, баһын иһигэр ону-маны саҥаны оҥоро, айа сатыыра олус элбэҕиттэн тугу эмэ оҥорон таһаарыыта өссө ордук кутталлаах, сэрэхтээх буоларын бу ай диэн тыл айыы диэн куһаҕан өйдөбүллээх тылга уларыйыыта биллэрэр.
Таҥара үөрэҕэ оҕону иитиигэ ордук улахан туһалаах. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитиини, үчүгэй үгэстэргэ үөрэтиини хайаан да оҥоруу, иҥэрии наада. Киһини ыксаабыт, ыгыллыбыт, итирбит эбэтэр өйө-көппүт кэмнэригэр ийэ кута салайарын “Кут-сүр үөрэҕэ” үлэбитигэр арыйбыппыт. Бу уустук кэмнэр киһи олоҕор биирдэ эмэтэ да буоллар кэлэн ааһар түгэннэригэр киһи сыыһа-халты, аһара туттунан кэбиһэн олоҕун барытын буортулуурун билигин бэчээт үлэтэ сэргэхсийэн син билэн сылдьабыт. Аҕыйах уонча сыллар анараа өттүлэригэр куһаҕан быһыылары, буруйу-сэмэни уолаттар эрэ оҥороллорун курдук өйдөбүл баара билигин хаалан турар. Ол курдук аныгы кыргыттар оҥорор быһыылара куһаҕан эрэ буолбакка, хара, ыар быһыыларга киирсэллэриттэн хомойор эрэ буоллубут. (7,41).
Кыра эрдэҕиттэн ийэтэ көрөн-истэн улаатыннарар кыыс оҕото итинник ыар, хара быһыылары оҥорууга тиийбитэ биһиги оҕону иитэр, үөрэтэр үөрэхпит төрдүттэн сыыһа хайысханы тутуһарын чуолкайдык дакаастыыр. Бу сыыһа үөрэх түргэнник көннөҕүнэ эрэ оҕолор куһаҕан быһыылары, буруйу оҥороллоро аҕыйыыр кыахтааҕын бары төрөппүттэр билэллэрэ наада.
Улаатан иһэр оҕо өйүн-санаатын уратыларын, баҕа санаата уларыйарын таҥара үөрэҕэ таба быһааран төрөппүттэргэ тириэрдэ сатыыр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини сайдан иһэр өйдөөх-санаалаах эдэр киһи хайаан да билэр, олоҕор туһанар буолара наада. Бу билиитигэр аан маҥнай куһаҕаны үчүгэйтэн туспа арааран билэрэ ордук улахан туһалаах.
Дьон бары үчүгэй быһыылары оҥоро сатыыллар. Ол иһин дьон оҥорор бары быһыыларыттан үчүгэй быһыылар лаппа элбэх өттүн ылаллар. Ол иһин үчүгэй быһыылар аһара элбэхтэриттэн аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары эдэрдэр арааран билэр буоллахтарына олору оҥорбот буолар кыахтара улаатар.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕолор аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары билэр буолууларын ирдиир уонна “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэтэр. Маннык куһаҕан быһыылары уруттаан үөрэтии үөрэх дириҥник иҥэрин үөскэтэринэн оҕо бэрээдэктээх буолуутун ситиһии кыалларыгар олук уурар.
Киһи таҥаралаах буолуу бэйэ өйө-санаата аһара барарын киһи таҥараҕа тэҥнээн көрөн хааччахтааһын, киһи быһыытын аһара туттубат буолууга үөрэнии, сайыннарыы, өй-санаа күүһүн итэҕэйиигэ тириэрдэр.
Оҕо барыта биир буолбат. Сорох аһара барар, уруттаан түһэн иһэр өйдөөх-санаалаах буоллаҕына атыттарга көмө, тирэх буолуу, илиититтэн сиэтии, сирдээн, ыйан биэрии наада буолар. Хаһан баҕарар аһара барааччылар инники диэки сайдыыны, хамсааһыны саҕалааччынан буолар уратылаахтарын таҥара үөрэҕэ быһааран аһара барар өйү-санааны куһаҕан өттүн диэки салаллан барарын хааччахтыырга ыҥырар, үөрэтэр.
«Туох барыта икки өрүттээҕин» курдук оҕолору үөрэтии эмиэ икки араастаах буолара наада. Манна биһиги этиибит уруккуттан биллэр. Уолаттары уонна кыргыттары тус-туспа кылаастарга, оскуолаларга үөрэтии олохсуйара наада. Бу быһаарыы уолаттар уонна кыргыттар эттэрэ-сииннэрэ ситиитэ, өйдөрө-санаалара сайдыыта тус-туспа уратылаахтарыгар тирэҕирэр. Ол курдук уолаттар тугу билбиттэрин урут түһэн боруобалыы охсорго олус тиэтэллээх буоллахтарына эттэрэ-сииннэрэ кыргыттардааҕар икки хас сылынан хойутаан ситэр. Ол иһин таҥара үөрэҕэ оҕолору үөрэтиигэ бу уратылары учуоттуурга ыҥырар.
Ол аата таҥара үөрэҕин итэҕэйии диэн эт-сиин уонна өй-санаа тус-туспа уратыларын билэн эти-сиини эрчийии, өйү-санааны сайыннарыы, күүһүн-кыаҕын элбэтии буолар.
Өйү-санааны күүһүрдүү эти-сиини эрчийииттэн, тулуурдаах оҥорууттан аан бастаан тутулуктаах. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн итиини, тымныыны, айылҕа үөннэрэ сииллэрин тулуйар буола үөрэнэрэ хайаан да наада.
Киһи сааһыран истэҕинэ этэ-сиинэ мөлтөөн, ыарытыйара элбээтэҕинэ санаата түһэрэ өссө кыайбат-хоппот буолуутугар тириэрдиэн сөп. Санаа түһүүтэ киһини ордук мөлтөтөрүн иһин таҥара үөрэҕэ өй-санаа күүһүрэригэр көмөлөһөр.
«Төһө да айаххын киэҥник аппытын иһин халлаантан туох да ас түһүө суоҕа» диэн этии босхону ким да биэрбэтин быһаарарын таһынан кураанаҕы кэтэһэ олорор туох да туһата суоҕун биллэрэр. Киһи бэйэтэ өйүн-санаатын, этин-сиинин үлэлэтэн тугу эмэ туһалааҕы оҥорботоҕуна атын ким эрэ босхо биэрэрин кэтэһэн олорботоҕуна табылларын таҥара үөрэҕэ быһаарар.
«Үлэлээбэккэ айаххын атан баран олорума» диэн этии киһи бэйэтэ үлэлээтэҕинэ, тугу эмэни оҥордоҕуна эрэ аһылыгы булунан тыыннаах буолан сылдьарын быһаарар.
«Надейся на бога, но сам не площай» диэн нууччалыы өс хоһооно таҥара уратытын, өйгө-санааҕа дьайыытын ордук чуолкайдаан быһаарарын таһынан киһи бэйэтин кыаҕынан эрэ тугу эмэ туһалааҕы оҥосторун ыйан биэрэр.
Бу этиилэртэн таҥара диэн киһи өйүн-санаатын күүһэ буолара чуолкайдык быһаарыллар. Тулуурдаах буолууга үөрэнииттэн өй-санаа күүһүрэр, кыаҕа улаатар. Таҥара үөрэҕэ аан маҥнай киһи бэйэтин өйүн-санаатын сайыннарарыгар, үөрэтэригэр, билиини иҥэринэригэр, тулуурдаах оҥороругар ыҥырар.
“Киһини санаата салайар” дииллэр сахалар. Киһи аан маҥнай саныыр, онтон оҥорор. Ол иһин тугу эмэ оҥоруон иннинэ санаатыгар бу оҥороору бэлэмнэнэр быһыытын өссө төгүл ырытан, сыаналаан көрөрө ордук. Оҥорор быһыыны маннык сыаналааһын сэрэхтээх буолууну үөскэтэр.
Таҥара үөрэҕэ сэмэй дьону иитэр, үөрэтэр. Сир үрдүгэр баар дьонтон ордук элбэхтэрин көрсүө, сэмэй, үлэһит дьон ылаллар. Эйэлээх олоҕу төрүттээччилэр таҥараны итэҕэйээччилэр кинилэр буолаллар.
Онон таҥара үөрэҕэ дьоҥҥо хайаан да наада. Арай бу таҥара үөрэҕэ дьон өйүн-санаатын сайдыытын табатык быһаарара, элбэх дьоҥҥо көмөлөөх буолара наада. Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ элбэх ахсааннаах үлэ дьонугар, үлэһиттэргэ, кинилэр өйдөрүгэр-санааларыгар тирэҕирэр, ол иһин сайдар кэскиллээх.
НЭМИН БИЛЭН ТУТТУНУУ
Сахабыт тылыгар өйгө-санааҕа быһаччы сыһыаннаах нэм диэн тыл баарын аахайбакка, анньа ахтыбакка хаалларан сылдьабыт. Бу тыл хаалан хаалыытыгар, туттуллубатыгар сэбиэскэй былаас саха дьонун симэлитэр, суох оҥорор сыалын ситиһэригэр мэһэйдиирэ олук буолбутугар сөп. Ол курдук эйэ-нэм диэн холбуу этии эйэни харыстыыр, бөҕөргөтөр, элбэтэр аналлаах буоллаҕына тылбыт үөрэхтээхтэрэ туттуҥ диир эйэ-дэм диэн холбуу этиилэрэ эйэбитин алдьатар, үрэйэр, дэмниир.
Бу нэм диэн тыл киһи тугу барытын оҥороругар, хамсанарыгар, саҥарарыгар ханнык эрэ кээмэйи аһара барбатыгар, сэрэхтээх буоларыгар ыҥырар.
Киһи күүстээх, ыйааһыннаах, ол аата элбэх эньиэргийэлээх. Бу эньиэргийэтин сатаан, табан туһаныытын аата нэмин билэн туттунуу диэн ааттанар. Нэмин билэн туттунууга киһи олус өр кэмҥэ үлэлии, сатаан хамсана үөрэннэҕинэ сатанар. Ол курдук ханнык баҕарар үлэҕэ киһи күүһэ баарынан хамсаммат, тугу оҥороруттан көрөн күүһүн сатаан, кэмнээн, нэмин билэн туһанара наада. Сыыһа, күүскэ хамсана сырыттаҕына бэйэтэ тоҕута түһэн, оҥорон абырыырын оннугар алдьатара элбээн хаалыан сөп.
Киһини сэрэхтээхтик туттунууга үөрэтэринэн нэмин билэн туттунуу таҥара үөрэҕин биир салаатынан буолар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ нэмин билэн туттубат. Ийэтин кулгааҕын хам тутан баран хайа тардан кэбиһиэн сөп. Ытарҕаны эмиэ күүскэ тардыалыыр. Ыалдьара буолуо диэни билэ илик. Манна ийэ ачыкылаах буоллаҕына ордук эрэйи көрүөн сөп. Оҕо харбаан ылан туура тардарыттан аналлаах быанан моонньуттан иҥиннэрдэххэ эрэ ачыкы өр кэмҥэ туһалыыр кыахтанар.
Оҕо кыра, өйө-санаата өссө ситэ илигинэ нэмин билэн туттунар, тардыалыыр диэни билбэт. Уулаах ыстакааны остуолтан тоҕо хаһыйан кэбиһэрэ ыраахтан буолбатах. Чааскыны ылан муостаҕа быраҕан кэбиһиэн сөп. Оҕо итинник быһыыланара туох барыта аналлаах кээмэйдээх, нэмнээх буоларын билбэтиттэн, өссө билэ илигиттэн тутулуктаах. Чааскы алдьанара куһаҕан буоларын биллэҕинэ сэрэнэн туттарга син үөрэнэр.
Нэмин билэн тутууга оҕо олус өр кэмҥэ үөрэнэр. Манна илии күүһүн билэн сатаан салайар буолууга үөрэнии, элбэхтик эрчиллии наада. Нэмин билэн туттунуу сэрэхтээхтик туттунууга тириэрдэр. Киһи тугу барытын оҥороругар бу үлэтигэр сөп түбэһэр күүстээхтик туттунуутун аата нэмин билэн туттунуу диэн ааттанар.
Таас, курустаал иһити олус сэрэнэн тутуллар. Аһара күүскэ тутуу алдьаныыга, сыыһа-халты тутуу үлтүрүйүүгэ тириэрдэрэ киһиттэн олус сэрэхтээх буолуутун, хас биирдии хамсаныытын мээрэйдээн туттунарыгар тириэрдэр. Туттунар күүһү мээрэйдээн хамсаныы нэмин билэн хамсаныы диэн ааттанар.
Киһи улахан, ыйааһыннаах, ол аата күүстээх. Ыйааһыны таба туһаныы нэмин билэн туһаныыга киирсэр. Ыараханы үөһэттэн түһэрдэххэ алдьатар күүһэ улахан. Олоппоско олоро түһүүгэ аан маҥнай олоппос уйарын дуу, суоҕун дуу хайдах эрэ быһаардахха табыллар. Ыарахан ыйааһыннаах киһи ордук сэрэхтээхтик хамсаннаҕына сатанар.
Тиэхиникэҕэ үлэлиир киһи ордук сэрэхтээх буолара наада. Кыра гайканы эрийэргэ кыра күлүүс туттуллар. Улахан күлүүһүнэн мөлтөх да киһи кыра гайканы быһа эрийэн кэбиһэр кыахтаах. Уустук тутулуктаах биир гаайканы быһа эрийэн кэбиһии бу тиэхиникэ уустугурбут кэмигэр олус элбэх туһата суох үлэни үөскэтиэн, улахан ночоокко түһэриэн сөп. Ол иһин үлэһит киһи уустук үлэтигэр сөптөөхтүк, нэмин билэн хамнанара, элбэхтик эрчиллэрэ, оҥоро үөрэнэрэ хайаан да наада.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи туохха барытыгар нэмин билэн туттунарыгар ыҥырар, үөрэтэр. Ол аата киһи бэйэтэ ону-маны алдьатарыттан ордук улахан сэрэхтээх буоларын ирдиир.
Омуктар бэйэ-бэйэлэригэр эйэлээх буолууларыгар нэмин билэн сыһыаннаһыы ордук наадалаах. Ол курдук эйэ олус кэбирэх, биир сатамматах тылтан сылтанан эйэ алдьанан хаалыан уонна кыайан оннугар түспэккэ уһуннук эрэйдиэн сөп. Ол иһин эйэҕэ сыһыан хайаан да нэмин билиигэ олоҕуруохтаах.
Биһиги сахалар эйэлээх, түмсүүлээх буолуохпутун олуһун баҕарабыт. Ол иһин сахабыт тылыгар эйэ-нэм диэн холбуу этиини туһанарбыт наада.
ТАҤАРА СЭРЭҔИ ТАПТЫЫР
«Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн этии киһи тугу эмэни оҥоруон иннинэ хайаан даҕаны бу быһыытын өссө төгүл ырытан, сыаналаан, туох содул үөскээн тахсыан сөбүн быһааран көрөрүгэр сүбэлиир. Бу этиигэ сэрэнии диэн тугу эмэни оҥоруох иннинэ санааҕа оҥорон көрөн быһаарыыны ылыныы аата. Ол аата өссө бу быһыы дьыалатыгар оҥоруллуон иннинэ өйгө-санааҕа элбэхтик ырытан, сыаналаан көрүү наадатын быһаарар.
Киһи тугу барытын оҥороругар, саҥарарыгар хайаан да улахан сэрэхтээх буолуохтаах. Туохха барытыгар нэмин билэн туттунуу сэрэхтээх буолууну үөскэтэр.
Сэрэх диэн олус киэҥ өйдөбүллээх тыл. Тула көрүнэ сырыт диэнтэн киһи хайдах туттунарыгар тиийэ быһаарар. Сэрэнии хас да араас көрүҥнэрдээҕин биир-биир ылан быһаарыахпыт:
1. Саҥарыыга сэрэх.
Саха киһитигэр сахалыы дорҕооннор дьайыылара өйүгэр-санаатыгар былыр-былыргыттан иҥэн сылдьаллар. Дорҕооннор киһиэхэ дьайыыларын тыл иччитэ диэн ааттыыбыт уонна тыл иччититтэн саллабыт. Куһаҕан дорҕооннор куһаҕан тыллары үөскэтэллэрин саҥа билэн туһанар буолан эрэбит. Ол курдук айыы диэн тыл куһаҕан өттө элбэҕин быһаарбыппыт кэнниттэн онно-манна туттарбыт, улаханнык саҥарарбыт аҕыйыа этэ диэн баҕа санаалаахпыт.
Хас биирдии сахалыы тыл суолтатын, өйдөбүлүн билэн саҥарыы киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл. Куһаҕан тыллары саҥара сылдьыы куһаҕан майгыланыыга тириэрдэр кыахтаах. Оҕо улаатан иһэн куһаҕан тыллары саҥарарын билэр дьон тохтотон иһэллэрэ ордук буолуо этэ. Куһаҕан тыллар суолталара оҕо өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан иҥэн хааллахтарына куһаҕан майгыланара дьэ кэлэр.
Үчүгэй да тыллары күлүү гынан этиигэ эмиэ туһанылларын умнумуохха наада. Оҕо улаатан иһэн тыл маннык дэгэттэрин билэрэ ордук. Күлэн этиини билбэтиттэн көнөтүнэн өйдөөн сыыһа өйдөбүлгэ киирэн хаалыан эмиэ сөп. Үчүгэй да үчүгэй диэн хайҕаабыттарын кэннэ ону хаттаан сыаналааһын, тэҥнээн көрүү хаһан баҕарар туһалаах буолар.
«Бардырҕаччы саҥалаах» диэн этии тыл суолтатын билбэккэ эрэ мээнэ саҥарар киһини быһаарар.
Солуута суох саҥалаах киһи диэн мээнэ, быстах, буолары-буолбаты элбэхтик саҥарар киһини этэллэр.
Киһилии киһи саҥарар саҥатын сааһылаан, хас биирдии тылын суолтатын быһааран саҥарар, куһаҕан тыллары наадата суохха туттубат буолуохтаах.
2. Туттунууга сэрэнии.
Сэрэхтээх буолуу киһиттэн ирдэнэр биир тутаах көрдөбүл. Киһи ханна баҕарар сырыттаҕына сэрэхтээх буолара наада. Туох барыта икки өрүттээҕин курдук туттунууга сэрэхтээх буолуу эмиэ икки өрүттээх:
Бастакытынан, киһи улахан, ыйааһыннаах, күүстээх буолан тугу эмэни алдьаппатарбын, тоҕо кэспэтэрбин диэн куруук сэрэнэрэ, көрөн, мээрэйдээн хамсанара наада. Туох эмэ кыраны оҥороору гыннахха олус сэрэхтээхтик тарбах төбөтүнэн бигээн тутуохха наада. Аҥардастыы күүһүнэн өттөйүү табыллыбата, туһата суоҕа быдан элбэх, тугу барытын күүһэ баарынан туттаҕына барыны-бары алдьатара элбээн хаалыан сөп.
Киһи үгүстүк тиэтэйэриттэн эмискэ олоро түһэн олоппоһу да тоҕо түһүөн, сыыһа-халты хамсанан толору астаах остуолу да тоҕо анньыан сөп. Арыгы иһиитин кэнниттэн киһи сыыһа-халты хамсанара элбиир. Холуочуйан баран бырааһынньык остуолун тоҕо көппүт киһини сэрэҕэ суох, куһаҕан киһинэн ааттыахха сөп курдук. Хоонньоһон утуйа сытан кыра оҕотун хам баттыыр ийэ эмиэ баара биллэр, эргийээри оронтон сууллааччылар син-биир элбэхтэр. Ол иһин киһи утуйа да сытан сэрэхтээх буолары умнубатаҕына табыллар.
Киһи ханнык баҕарар хамсаныылары оҥороругар бу хамсаныыларбынан туох эмэ куһаҕаны оҥорботорбун диэн олус сэрэхтээх буолара ити холобурдартан быһаарыллар.
Иккиһинэн, аны бэйэм онтон-мантан дөлбү түспэтэрбин, кыбыллыбатарбын, улахан, түргэн тиэхиникэлэргэ киирэн биэрбэтэрбин диэн сэрэннэҕинэ, тулатын көрүнэ сырыттаҕына эрэ эчэйбэккэ сылдьыан сөбүн хайаан да биллэххэ табыллар. Халтархай суолга киһи көннөрү хааман да иһэн охтон улаханнык эчэйэн хаалыан сөбө сэрэнэри тэҥэ эрчиллиилээх буолууну эмиэ эрэйэр.
Үлэһит киһиэхэ улахан сэрэхтээх буолуу хайаан да наада. Ону-маны оҥорууга, тутууга, илиинэн үлэлиир тэриллэринэн сатаан, сэрэхтээхтик тутта үөрэниигэ киһи өр кэмҥэ дьарыктаннаҕына эрэ табыллар. Аны тиэхиникэнэн үлэлииргэ өссө улахан сэрэхтээх буолуу наада. Манна тугу эмэ тоҕо көтүппэтэрбин диэн сэрэҕи кытта аны бэйэм киирэн биэрбэтэрбин диэн сэрэнии эрэ туһалыыр. Ханнык баҕарар үлэ көрүҥэр аналлаах сэрэхтээх буолуу үөрэхтэрэ үлэ-хамнас уопутунан мунньуллан оҥоруллан туттулла сылдьаллар. Хас биирдии үлэһит ол үөрэхтэри билэн үлэтигэр туһанара аналлаах ирдэниллэр көрдөбүлгэ киирсэр.
«Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн этии киһи хаһан баҕарар сэрэхтээх эрэ буоллаҕына туох эмэ куһаҕаны оҥорбокко туһалааҕы оҥорорун уонна бэйэтэ олоҕун олорорун быһаарар. Сэрэхтээх киһи сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр.
Сэрэхтээх буолууга үөрэммэтэх киһи онноҕор дьиэҕэ киирэн иһэн ааҥҥа тарбаҕын кыбытыа. Ыһыы-хаһыы, айдаан бөҕө буолуо. Аныгы төрөппүттэр оҕо ааҥҥа тарбаҕын кыбыттаҕына сатаан илиитин тута үөрэнэ илигин, сэрэхтээх буолуута суоҕун умнан туран, ааны оҥорбут киһини холбуу мөҕүөхтэрин сөп.
Сэрэҕэ суох хааман иһэр, хантаарыҥнаабыт киһи хаһыллыбыт умуһаҕы көрбөккө түһэрэ баар суол. «Муннун аннын көрбөт» диэн итинник киһини этэллэр.
Киһи үлэлиириттэн этин-сиинин сатаан-табан хамната үөрэтэриттэн, сэрэхтээхтик туттарыттан киһи быһыылаах буолууну ситиһэр. Бары үлэлиир тэриллэринэн сатаан, сэрэхтээхтик тутта үөрэнии эрэ киһи кыайа-хото үлэлээн ситиһиини оҥороругар кыах биэрэр.
Сатаабат, үлэлии үөрэммэтэх киһи сыыһа-халты туттунара элбиир. Оннук киһи тарбаҕын онно-манна кыбыппыта, хайыта тардыбыта, өтүйэ ыллаҕына дьукку охсубута, быһах ыллаҕына быспыта, хайа анньыбыта эрэ баар буолар. Быһаҕынан сатаан тутта үөрэниигэ табан хамсаныы, олус сэрэхтээх буолуу хайаан да наадатын умнубаппыт буоллар араас эчэйиилэр аҕыйыа этилэр.
Сааны-сэби сатаан туттууга улахан сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Манна сааны ииппэккэ эрэ илдьэ сырыт диэн этиини тэҥэ саа уоһун киһи, дьон, эҥин диэки хаһан да туһаайыма диэн үөрэх ордук туһалаах диэн этиллэр.
Суоппар суол бары быраабылаларын тутуһан айанныырын таһынан олус сэрэхтээх буоллаҕына эрэ билигин массыына элбэҕэр сатаан сылдьар кыахтанар. Атын массыына суоппардара сыыһа-халты туттунууларыттан, хабырыйыыларыттан сэрэхтээх буолара, сороҕор аһаран биэрэ сылдьара эрэ абырыыр. Суоппар сыыһа-халты туттунара абаарыйаҕа тириэрдэр кыахтаах. Сэрэҕэ суох, киһиргэс суоппарга олорсубатах ордук курдук.
Сатыы киһи уулуссаны туорууругар тула өттүн көрүнэн ааһан иһэр массыыналарга киирэн биэрбэтэҕинэ эрэ этэҥҥэ уҥуор тахсар кыахтаах. Ол иһин сатыы да киһи суол быраабылаларын үөрэтэрэ, билэрэ наада.
Онон, киһи сэрэнэн бэйэтин харыстанарын тэҥэ атыттары эмиэ харыстыахтаах, сэрэниэхтээх. Олус былыргы кэмҥэ курдук киһи аар тайҕаҕа суос-соҕотоҕун сылдьар кэмнэрэ, бэйэтин эрэ харыстанара ааспыта быданнаата. Билигин сайдыыны ситиспит, улахан тиэхиникэлэри баһылаабыт өйдөөх-санаалаах киһи олоҕун сүрүн сыалынан аан маҥнай атыттары харыстыахха, сэрэниэххэ диэн буолар кэмэ кэллэ.
Сыыһа-халты туттунан, аһара баран быстах быһыыга түбэспэккэ олоҕун көрсүөтүк, сэмэйдик, уһуннук олорбут киһи дьон хайҕабылын ылыан ылар. «Киһини күҥҥэ 44 оһол күүтэр» диэн сахалар этэллэр. Бу хантан да, халлаантан ылыллыбатах олох уопутунан дакаастаммыт быһаарыы киһи үгүстүк бэйэтэ тиэтэйэриттэн, ыксыырыттан сыыһа-халты туттунарыттан, дэҥҥэ-оһолго түбэһэриттэн сэрэтэр этии буолар.
Киһи олоҕор «Туох барыта икки өрүттээх» буоларынан ханнык эрэ кээмэйи, сиэри аһара бардаҕына атын өттүгэр уларыйарынан сэрэхтээх буолуу аһара барара эмиэ куһаҕаҥҥа кубулуйар. Сэрэхтээх буолуу аһара барара, барыттан бары сэрэниигэ кубулуйара сыыһа. «Бөрөттөн куттанар буоллахха, тыаҕа тахсымыахха» диэн этии итини бигэргэтэр. Ол аата тыаҕа олорор киһи кутталыттан тыаҕа тахсыбатаҕына олоҕор туга эрэ улаханнык табыллыбат, суох буолуутугар тириэрдиэн сөп.
«Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн этии киһи бу оҥоруохтаах быһыытын өссө дьыалатыгар оҥоруон иннинэ санаатыгар өссө ырытан, сыаналаан көрөрө хайаан да наадатын быһаарар. Аан маҥнай саныыгын, өйгөр-санааҕар оҥорон көрөҕүн, өссө боруобалыыгын, онтон дьэ дьиҥнээхтик оҥороҕун. Оҥоруон инниэн өссө төгүл ырытан, сыаналаан көрүү сэрэхтээх буолууну үөскэтэр. «Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс» диэн этии санааҕар элбэхтэ хос-хос оҥорон көр, онтон барыта табыллар буоллаҕына биирдэ оҥорор буол диэн үөрэтэрин хайаан да тутуһуу киһини элбэхтэ сыыһарыттан быыһыыр аналлаах.
Онон таҥара үөрэҕин биир тутаах салаатынан киһини сыыһа-халты туттунарыттан, быстах быһыыга киирэн биэрэриттэн харыстааһын, эрдэттэн, бу сыыһа туттууну өссө оҥоруон инниттэн көмүскүү сатааһын буолар. Таҥара үөрэҕин итэҕэйэр киһи көмүскэллээх буолара итинэн быһаарыллар.
СЭМЭЙ БУОЛУУ
Дьон бары, айылҕа айбытын быһыытынан бэйэ бэйэлэригэр маарыннаспат майгылаахтар, тус-туспа санаалаахтар. Сорох олус тиэтэйэн барыны-бары саҥалыы оҥороору, саҥаттан-саҥаны була-тала, айа-тута охсоору ыксыыр. Ханнык баҕарар дьыаланы оҥорууга ыксыыр, тиэтэйэр туһаны аҕалбатын, куһаҕаҥҥа кубулуйарын саха дьоно билэллэр. «Ыт ыксаан-ыксаан икки хараҕа суох оҕону төрөтөр» диэн өс хоһооно ону биллэрэр. Хараҕа суох ыттан туох туһа тахсыаҕай? Суох буоллаҕа дии. Ол курдук тиэтэйэн оҥоруллубут дьыала туһата кыра, суох да буолуо.
Туһалаах дьыалалары оҥорууга, тутууга дьон үксүлэрэ соччо тиэтэйбэттэр эрээри син-биир атыттартан хаалан хаалбаттар, бастаабаталлар даҕаны барсан иһэллэр. Киһи бары оҥорор быһыытын эрдэттэн санаатыгар хос-хос хатылаан оҥорон көрөн туох тахсарын ырытан билэн баран оҥороро ордугун «Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс» диэн этии бигэргэтэрин бу дьон тутуһаллар.
Оҕо улаата охсоору, улахан дьон дьыалаларыгар кыттыһаары, кыайа-хото тутаары ыксыыр, тиэтэйэр. Ол да тиэтэйдэр оҕо олус түргэнник этэ-сиинэ улаата да, өйө-санаата да сайда, үчүгэй быһыылары оҥорорго үөрэниитэ мунньулла охсубаттар. Олох олорууга ыксыыр, тиэтэйэр табыллыбат, куһаҕан, сыыһа-халты туттунууга тириэрдиэн сөп. Ыксыырыттан, тиэтэйэриттэн уопута суох эдэр киһи сыыһа-халты туттара элбиир. Ол иһин ордук куһаҕан. Айылҕа айбытынан оҕо этэ-сиинэ ситэн истэҕин аайы онно сөп түбэһэринэн өйө-санаата сайдан, билиитэ-көрүүтэ дириҥээн биэрэн истэҕинэ улахан табыллыы, сөп түбэһии, туруктаах буолуу үөскүүр.
«Сэмэй буол, урут түһүмэ» диир сахалар үөрэхтэрэ. Туохха барытыгар уруттаан түһэн иһэр оҕо ситэ билбэтигэр уонна табан сыаналаабатыгар оҕустаран сыыһа-халты туттара элбиириттэн эдэрдэри харыстаан итинник сэрэтэллэр.
Сахалар ордук элбэхтик көрсүө-сэмэй диэн холбуу этиини тутталлар. Көрсүө оҕо диэн мэнигэ, тэбэнэтэ суох, оттомноох, болҕомтолоох, үөрэҕи ылымтыа оҕону этэллэр. Киһи сирэйиттэн-хараҕыттан майгына эмиэ биллэр. Көрсүө сирэйдээх-харахтаах эдэр киһи киирэн кэллэ диэн таба көрөн сыаналаан этэллэрэ элбэх. Киһи барыта көрсүө, сэмэй буоларга дьулуһуохтаах диир сахалар үөрэхтэрэ.
Сэмэй киһи дьон иннигэр киирэ сатаабат. Инники миэстэ аҕыйах, биир эрэ буолар. Билигин «Кырдьаҕас киһи иннигэр түһүмэ» диэн этиини табан сыаналаабат буолан сылдьабыт. Бу этии саамай түгэх, дириҥ өйдөбүлүнэн тиэтэйимэ, урут түһүмэ, кырдьаҕас киһи билэрин барытын билэн кэбиһэр кутталлаах, соччо үчүгэйэ суох, аны Анараа дойдуга урут тиийэн хаалыахха сөп диэн сэрэтэр, эмиэ аһара барыма диэн өйдөбүллээх, ол иһин сэмэй киһини иитэр суолталаах.
«Не лезь вперед батьки в пекло» диэн этии нууччаларга баар. Бу этии сахалыыга маарынныыр, өссө сайыннаран биэрэр курдук эрээри сахалыы этии суолтатын кыччатан олус куһаҕан быһыыга эрэ киириигэ кырдьаҕас иннигэр түһүмэ диэн быһаарар. Бу этии туох барыта икки өрүттээҕин билиммэккэ үчүгэйи да оҥорууга элбэх уопуттаах кырдьаҕастар элбэҕи оҥоруохтарын сөбүн билиммэт, кырдьаҕастары намтатар.
«Элбэҕи биллэххинэ эрдэ кырдьыаҥ» диэн этии кырдьаҕас билэрин барытын эдэр киһи кыайан билбэтин, олох элбэх кистэлэҥнэрэ, ол иһигэр эт-сиин уларыйыыта кырдьан истэххэ эрэ арыллан биэрэллэрин кырдьаҕас киһи эрэ билэрин биллэрэр.
Ойуурга үрдүк тиит биир эмэ буолар. Аһара баран олус үрдүктүк, ойуччу үүнэн хаалбыт тиити кэлин тыал охторор. Аһара баран ойуччу улаатан, үрдээн эбэтэр хонуу ортотугар үүнэн хаалбыт тиит абыраммат, элбэх эрэйи-муҥу көрсөн эрийэ саастанар, күн көрөрүн күүһүттэн элбэх мутуктанар, туһата аҕыйыыр.
Дьон оҥоруохтарын иннинэ урут түһэн оҥоро охсон туһаны ылыахтарын баҕалаахтар син-биир бааллар. Маннык быһыыланыы биирдэ эмэ, тугу эрэ үллэстиигэ туһалаабытын иһин урут түһүү сыыһа-халты буолара элбэҕинэн урутаабыт киһи ночоотурара үксээн хаалыан сөп. Үлэҕэ урут түһүү диэн аҕыйах. Суох да буолуо. Үлэни киһи олус наадыйарыттан үлэлиир. Урукку стахановецтар кэмнэрэ эргийэн кэлэрэ биллибэт. Арай үлэлээтэххэ туох эмэ кэлэрэ киһини үлэлэтэр.
Саха дьонун үгүс өттүлэрэ көрсүө, сэмэй, үлэһит дьон. Таҥара үөрэҕэ үгүс дьоҥҥо аналланар. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ көрсүө сэмэй дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннарыыга туһуланар. Ол иһин «Аһара барыма», «Айыыны оҥорума», «Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн өй-санаа аһара барарын тохтоторго аналлаах хааччахтардаах.
Киһи оҥорор ханнык баҕарар быһыыларыгар аһара барыы сыыһа-халты туттунууларга тириэрдэринэн быстах быһыыга киирсэр. Сымнаҕас майгылаах, олох ханнык да кэмнэригэр аһара барбат, аһара туттубат майгылаах дьон олоҕу олорор күүстэрэ элбэх. Аһара барбат буолуу өйө-санаата сэмэй киһини үөскэтэр.
Yгүс дьоннортон барыларыттан элбэхтэрин сэмэй дьон ылаллар. Улахан ханна да биллибэт-көстүбэт курдук үлэлэринэн оҥорон-тутан элбэх туһалааҕы оҥороллор, оҕолорун киһилии быһыылаах буолууга үөрэтэннэр аймахтара, уруулара элбээн омук ахсаанын бу дьон элбэтэллэр.
Кыра эрдэхтэринэ ураты бэрээдэктээх, холку, бэйэлэрэ сымнаҕас майгылаах көрсүө оҕолор, ол иһигэр кыргыттар тугу даҕаны киһиттэн таһынан оҥорботторуттан, төрөппүттэрин тылларын истэллэриттэн «Айыыны оҥорума» диэн үөрэҕи төрөппүттэриттэн эбэтэр эбэлэриттэн, эһэлэриттэн истибэккэ, билбэккэ хаалбыт буолуохтарын кырдьык сөп. Ол иһин «Айыыны оҥорума» диэн этиини билбэттэрэ кинилэр буруйдара буолбатах.
Оҕо барыта күөх оту тосту үктээбэт буолбатах. Уолаттар үксүлэрэ саҥаны, билбэттэрин оҥорууга олус дьулуурдаахтар, туох эмэ уратыны, дьон билбэттэрин оҥоро охсууга, урут түһүүгэ өйдөрө-санаалара дьэ киирэр. Арай онтуларбут барылара кэриэтэ оҥорору кытта табылла охсубаккалар араас быстах быһыылар, оһоллор тахсаллара элбээн хаалар.
Урут «пугач» бэстилиэти оҥостуу уонна ыраах сыалы табыы улаатан эрэр уолаттар улахан кыайыыларыгар киирсэрэ. Хантан эрэ булуллубут синньигэс туруубка буорах эстэрин тулуйбакка тоҕо баран дэҥнэнии, сирэйи буорахха салатыы эмиэ буолара. Оҕо маннык саҥаны айарын, айыыны, билбэтин оҥорорун тохтотуу, сэрэхтээх буолууга үөрэтии эрэ араас дэҥҥэ-оһолго түбэспэтин хааччыйар кыахтаах.
Сахалар олохторун үөрэҕэр «Киһини күҥҥэ 44 оһол күүтэр» диэн быһаарыы баар. Оҕо кыра, саҥа хааман эрдэҕинэ ордук сэрэхтээхтик көрүөххэ-истиэххэ наада диэни бары төрөппүттэр билэллэр. Оҕо саҥа атаҕар туран, хааман эрдэҕинэ охтон дэҥнэниэн, улаатан иһэн олоппоско ыттан аны онтон охтуон сөп. Оҕону кыра эрдэҕиттэн сэрэхтээх буолууга үөрэтиэххэ наада. Ол аата хайдах охторго, төбөнү харыстыырга эрдэттэн үөрэтэн иһэр ордук тиийимтиэ уонна туһалаах. Оҕо бэйэтин харыстанар күүһэ элбэҕиттэн сэрэнэргэ түргэнник үөрэнэр.
Киһи оҥорор быһыылара барылара сэрэхтээх, сыыһа-халты туттубат буолууну эрэйэллэр. Сэмэй буолууга үөрэммит киһи аан маҥнай бу оҥорор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын өйүгэр-санаатыгар ырытан көрөн быһаарар, ол иһин сэрэхтээх буолар. Сэмэйдик, ол аата сэрэнэн туттуохха наада. Аһара барыы сэмэй быһыы буолбатах.
Сахаларга киһи оҥорор быһыытын быһаарарга аналлаах «Быстах быһыы» диэн этии баар. Ситэ быһаарыллыбатах, ырытыллыбатах, туох уларыйыы, содул үөскээн тахсара биллибэт быһыытын аата быстах быһыы диэн буолар. Араас саҥаны арыйыылар, айыылар табыллыбатахтарына бары быстах быһыыга кубулуйаллар. Ол иһин аһара бара сылдьар, саҥаны айа сатыыр оҕо быстах быһыыны оҥороро элбиир.
Олоххо сэмэй киһи утарытынан киһиргэс, дэбдэҥ киһи буолар. «Дэ» диэн дорҕоон киһини дэбдэҥнэтэн киһиргэтэр, бэйэм эрэ бэрпин диэн санааны киллэрэн өйүн-санаатын үрэйэр, ыһыллаҕас оҥорор дорҕоон. Ол иһин бу тыл эйэ диэн тылбытын кытта холбуу “эйэ-дэм” диэн букатын туттуллуо суохтаах.
Киһиргэс буолуу киһини «Титаник» диэн уһулуччу улахан, мааны, баай хараабыл барбыт суолунан илдьэр. «Титаник» хараабыл аһара киһиргээн, акыйааны киэптээн, хаһан да тимирбэт аатырбытыттан өссө улахан муус хайаҕа кэтиллэн тимирбитэ. Билигин «Титаник» хараабыл ханна муора түгэҕэр сытарын киһи барыта билэр буолла. Киһиргээһин, киэптээһин, «Мин эрэ үчүгэйбин, бэрпин» диэн бэрдимсийии, аһара барыы суола ол онно тириэрдэр.
«Күүстээххэ күүстээх көрсүөҕэ» диэн этии киһиргээн аһара барыы хаһан эмэ син-биир түмүктээх буоларын уонна күүстээҕи күүстээх хайаан да баһыйарын быһаарар.
Билигин биһиэхэ итэҕэл, таҥара үөрэҕэ сыыһа хайысханан барыыта аһара бара сылдьар, араас айыыны оҥорор эдэрдэр элбээһиннэригэр тириэртэ, ол иһин быстах быһыылар үксээтилэр.
Биирдиилээн эмэ аһара барар, айыыны оҥорон саҥаны арыйар дьон төһө даҕаны дьоҥҥо туһалааҕы оҥорон өйү-санааны сайыннарбыттарын иһин биир эмэ оҕолорунан уонна биллиилээх дьон майгыларын уратытынан оҕолорун киһи быһыылаахтык ииппэккэлэр, омук уопсай сайдыытыгар ханнык да туһалаах хамсааһыны киллэрбэттэр.
Олох сүнньэ диэн өйдөбүл хайа да диэки халбаҥнаабакка, аһара барбакка, олох икки өрүтүттэн ортотунан тутуһан баран иһэри быһаарар. Бу быһаарыы сүрүн өйдөбүлэ сахалар Орто дойду диэн дьон-аймах олорор уонна үлэлиир сирдэрин ааттыылларынан ордук чуолкайданар.
Тугу барытын наллаан, нэмин билэн туһанар, ыспат-тохпот, алдьаппат, хаһан да аһара барбат, аһара туттубат бэрээдэктээх киһи көрсүө, сэмэй киһи диэн ааттанар уонна таҥара үөрэҕин тутуһар киһи буолар.
Төрөппүттэр бука бары оҕолорун харыстыыр санаалаахтар. Ол эрээри биһиги аныгы төрөппүттэрбит оҕолорун хайдах харыстыыры билбэттэр. Оҕону харыстааһын диэн көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтии, оҕо өйө-санаата аһара барарын хааччахтааһын, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууга үөрэтии ааттанар. Ол аата киһи быһыытын аһара барыма, айыыны оҥорума, сыыһа-халты туттан эдэр олоххун алдьатыма, харыстаа диэн үөрэх буолар.
Олох сайдыыта элбэх саҥаны айан туһаҕа таһаарыыттан улахан тутулуктаах. Бары саҥаны айыахпытын баҕарабыт. Ол эрээри бары саҥаны айыыларбыт дьоҥҥо туһалаах, үчүгэйи оҥорууга аналламмыт үрүҥ айыылар буолуохтаахтар. Үчүгэй, туһалаах, үрүҥ айыылары сиэри, киһи быһыытын тутуһарга үөрэммит дьон ордук элбэхтик оҥорор кыахтаахтар. Ол иһин оҕо аан маҥнай киһи буолуу, киһилии быһыыланыы өйүн-санаатын баһылыырын сахалар таҥараларын үөрэҕэ ирдиир.
Саха омугун уһун үйэлээх олоҕун өй-санаа туһунан үөрэхтэрэ олус баай тылбытыгар иҥэн сылдьар. Сэмэй диэн өй-санаа туругун быһаарыы кэнниттэн мункук соҕус, муҥкук, муҥутах, килбик, бүтэҥи диэн киһи өйүн санаатын туругун быһаарар тыллар салгыы кэлэн иһэллэр. Бу тыллар өйдөбүллэрэ манныктар:
Муҥкук. Кыһалҕатын, кырдьыгын да чобуотук эппэт, дьорҕоото суох, килбик, муҥутах.
Муҥутах. Кэнэтэн көрүүнү кыайбат, тобулугаһа, сайаҕаһа суох өйдөөх.
Бүтэҥи. Сайаҕаһа суох, түҥкэтэх.
Ити курдук киһи өйүн-санаатын уратыларын саха дьоно былыр-былыргыттан билэн, туспа уратыларынан араартаан ааттыылларын табатык өйдөөн туһаныахпытын наада. Үгүстэр сэмэй киһини арааран билбэттэриттэн муҥкук, муҥутах, бүтэҥи киһиэхэ ханыылыы сатыыллара сыыһа.
Сэмэй буолууну «Муннугу кэйэ сылдьар» муҥкук эбэтэр «Умса түһэ сылдьар» киһиэхэ холуур улахан алҕас. Сэмэй киһи диэн аан маҥнай аһара барбат, аһара, сыыһа-халты туттубат, алдьаппат, нэмин билэн туттунар киһи буоларын табатык өйдүөххэ уонна олоххо, оҕону иитиигэ туһаныахха наада.
Дьиэҕэ киирээт уҥуоргу истиэнэттэн нэһиилэ иҥнэр, айаҕын атан алларастаан күлэр, «оруо маһы ортотунан барар» киһини саха дьоно сөбүлүүллэрэ буолуо дии санаабаппыт.
Сэмэй киһи ханнык да киһиттэн өйүнэн-санаатынан хаалсыбат, бары оҥорор быһыыларын аһара барбакка, сыыһа-халты туттубакка оҥороруттан уонна сылыктаан, дириҥник ырытан быһаарарынан элбэхтэртэн ордор киһи буоларын умнумуохха наада. Эһиги сэмэй киһини тиийиммэт өйдөөх-санаалаах муҥкук, муҥутах, бүтэҥи дьону кытта буккуйбаккытыгар сүбэлиибит. Баар дьонтон барыларыттан сэмэй, үлэһит дьон аҥардарыттан лаппа ордуктарын ылаллар уонна оҕолорун киһи быһыылаах буолууга иитэр, үөрэтэр буоланнар омук ахсаанын кинилэр элбэтэллэр.
Сэмэй киһи диэн аһара барбат, аһара туттубат киһи буолар. Ол аата сэмэй киһи олоххо сыыһа-халты туттунара аҕыйах буолан олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыаҕа улахан, оҕолорун сэмэй буолууга, аһара барбакка үөрэтэринэн, бу аймахтар сайдан, элбээн иһэр кыахтаналлар.
Ити курдук саха дьонун олохторун үөрэҕэ сэмэй дьон омугу сайыннаралларын, элбэтэллэрин быһаарар. Сэмэй буолуу диэни испитигэр аанньа ахтыбат курдукпут эрээри үлэһит, туохха да аһара туттубат, аһара барбат көрсүө сэмэй бэрээдэктээх дьон уһун олохторун киһи быһыылаахтык олороннор, элбэх оҕолорун аһара барбат, киһи быһыылаах дьон буола улаатыннараннар омук ахсаанын элбэтэн омугу сайыннаралларын билэр кэммит буолла.
Саха дьонун олохторун үөрэҕэ көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтэр, ыҥырар. Элбэх өс хоһоонноро, өйдөтөр, харыстыыр этиилэр сэмэй буолууга, барыны бары сатыырга, оҥорорго, үлэҕэ-хамнаска сэрэхтээхтик сыһыаннаһарга үөрэтэллэр.
«Оломун билбэккэ эрэ ууга кииримэ» диэн этии урут түһүмэ, аһара барыма, тиэтэйимэ, ыксаама диэн үлэ киһитин үөрэтэр. Көрсүө, сэмэй буолуу сэрэхтээх буолууга тириэрдэр. Сэрэхтээх киһи тугу эмэ оҥороору гыннаҕына эрдэттэн бэлэмнэнэн, туох сабыдыал үөскээн тахсарын быһааран баран биирдэ оҥорор, ол иһин сыыһа-халты туттунуулартан көмүскэллээх буолар. Кини тугу эмэ оҥоруон иннинэ, бу быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын быһаарарга, сыаналыырга үөрэммитэ сыыһаны-халтыны оҥороруттан харыстыыр.
«Сатаабат аата сата баһын тардыма» диэн этии билбэт дьыалаҕын ылсыма, кыайбат аата киһиргээмэ диэн барыны бары сыаналаан көрөргө, бэйэ кыаҕын-күүһүн, үөрүйэҕин, ситэ билэ-көрө, үөрэнэ илиги табатык сыаналаан билинэргэ үөрэтэр. Тугу эмэ оҥоруон иннинэ бу быһыыттан туох содул үөскээн тахсарын таба сыаналыыр, «һуу-һаа» буолан, тиэтэйэн оҥоро охсубат, ырытар, тугу эмэ оҥороору гыннаҕына сэрэнэн, нэмин билэн оҥорор киһи сэмэй буолар.
«Умнаһыт бурдугун тыал көтүппүт» диэн этии сатаабат, кыайбат, үлэлии үөрэммэтэх киһи төһө да сыаналаах баайы-малы таах ыскайдыырын, суох оҥорорун быһаарар. Ол аата умнаһыкка төһөнү да, тугу да биэрдэххэ сотору суох оҥоруо диэн быһаччы өйдөбүллээх этии буолар.
Сахалар кырдьаҕас, уһуннук олорбут, үлэлээбит киһини уһун олоҕун көрсүөтүк, сэмэйдик, киһи быһыылаахтык олордо диэн этэллэр, хайгыыллар, оҕолоругар кини курдук олоҕу олороллоругар баҕараллар. Көрсүө, сэмэй киһи оҕолоро барылара киһи быһыылаахтарынан, көрсүөлэринэн, сэмэйдэринэн, ону тэҥэ элбэх сиэннээҕинэн киэн туттара, элбэхтэр махталларын ылара олох сиэрэ буолар. Биһиги бары киэн туттар көрсүө, сэмэй киһибит туох сыаналааҕы, туһалааҕы оҥорон маннык чиэскэ, бочуокка тиксэр эбит диэн ырытан көрүүбүтүн кэлэр көлүөнэлэрбитигэр тириэрдэбит:
1. Олоҕу уһуннук олоруу бэйэтэ улахан кыайыыга тэҥнэнэр, өй-санаа туруктаах, көрсүө, сэмэй буолуутун быһаарар. Итини тэҥэ сааһыран этэ-сиинэ мөлтөөн иһэр киһи өйө-санаата өссө бөҕөрҕөөн, күүһүрэн биэрэн истэҕинэ эрэ уһуннук олорууну кыайар кыахтанарын табатык сыаналыахпытын наада.
2. Тугу эмэ оҥороору гыннаҕына урут түспэт, аһара барбат, маҥнай сэрэхэдийэн, сылыктаан көрөр, бу быһыыттан туох содул үөскээн тахсарын үөрэтэр, бэрэбиэркэлиир, көрсүө, сэмэй майгылаах киһи уһуннук олорууну кыайар кыахтанар. Киһи олоххо биирдэ эмэтэ да буоллар түбэһэр ыксаллаах кэмҥэ сыыһа-халты туттубакка олоҕун киһи быһыылаахтык олордоҕуна эрэ уһун үйэлэнэр. Ол курдук биирдэ эмэ арыгы да истэҕинэ кыыһырса, этиһэ-охсуһа сылдьыбат, хата үөрэрэ-көтөрө киирэрин иһин дьон сымнаҕас майгылаах, көрсүө, сэмэй диэн билинэр киһилэрэ уһуннук олорууну ситиһэр.
3. Тиэтэйэр, ким эрэ иннинэ уруттаан түһэн оҥоро охсорго дьулуһар киһи сыыһа-халты туттунара элбиир. Онтон сыыһа-халты буолбут быһыы быстах быһыыга кубулуйар уратылааҕынан куһаҕаҥҥа тэҥнэнэр. Уһун олоҕун устата сыыһа-халты туттубакка, сиэри кэспэккэ, киһи быһыытын аһара барбакка олоҕу олорууну көрсүө, сэмэй киһи кыайар кыахтаах.
4. Киһи этин-сиинин туругун уонна өйүн-санаатын кыаҕын тэҥнээн, сөбүн көрөн туохха барытыгар табан туһаныыны сэмэй киһи ситиһэр.
5. Оҕолоро, сиэннэрэ кинини үтүктэннэр көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх, үлэни-хамнаһы кыайар, аҕаларын, эһэлэрин туйаҕын хатарар дьон буола улааталлар.
Бэйэтэ көрсүө, сэмэй майгылаах киһи оҕолорун бэйэтин курдук көрсүө, сэмэй майгылаах, киһилии быһыылаах буолалларыгар үөрэтэр кыаҕа улахан. Төрөппүт бэйэтэ көрсүө, сэмэй буоллаҕына эрэ оҕото кинини үтүктэн көрсүө, сэмэй буола улаатар кыахтанар.
Көрсүө, сэмэй буолууга үөрэнии диэн тугу эмэ оҥоруох иннинэ сыаналааһын, өйгө-санааҕа ырытан көрүү аата. Ханнык баҕарар быһыыны оҕо оҥоруон иннинэ бу быһыыбыттан туох уларыйыы тахсыаҕай диэн сыаналаан, ырытан көрдөҕүнэ сэмэй киһи буола улаатар кыахтанар.
Өр сылларга олорбут, элбэхтик үлэлээбит, оҕолорун киһилии быһыыга үөрэппит дьон тустарынан сөбүлээн, хайҕаан элбэхтик суруйабыт. Ол эрээри кэлин кэмҥэ айыы үөрэҕин айааччылар улахан сыыһалардаах үөрэхтэрин тутуһан быстах быһыылаах, ону-маны саҥаны айыылары оҥоро сатаары сыыһа-халты туттунар дьону өрө тутуу, эккирэтэ сылдьан хайҕааһын олоҕураары гынна. Бу улахан сыыһалардаах үөрэх сабыдыалынан бэйэҥ «сэмэй буол» диэтэххэ өһүргэниэх курдук дьон элбээн эрэллэр.
Өрөбүлгэ да өрөөбөккө, күн тура-тура үлэлии-хамсыы, оҥоро-тута сылдьар үлэһит, көрсүө, сэмэй дьон аанньа ахтыллыбат курдук буоллулар. Олоҕу үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта, барыс киллэриитэ эрэ сайыннарарын, тупсарарын билигин умнубут, аҥардастыы тугу эрэ үллэстии, туохха эрэ тииһинии ордугун курдук санааҕа киирбиппит.
Эдэр сэнэх эрдэххэ «Муора тобугунан, халлаан хабаҕатынан» буола киэптии сылдьыбыт киһи «Муоһа, туйаҕа тулуннаҕына», ол аата кэһэйдэҕинэ көрсүө, сэмэй, ол аата уруттаан түһэн испэт, аһара барбат киһиэхэ дьэ кубулуйар. «Муос, туйах туллуута» киһи доруобуйатыгар, этигэр-сиинигэр туох да сабыдыала суох ааспатынан бу киһи мөлтөөтөҕүнэ, бытаардаҕына, кыаҕа-күүһэ аҕыйаатаҕына эрэ көрсүөтүгэр, сэмэйигэр түһэр диэн быһаарыы олохсуйан эрэрэ куһаҕан.
Эдэр киһи кыанар эрдэҕинэ аһара бара сылдьыбатын туһугар кыра эрдэҕиттэн сахалар үөрэхтэрин тутуһан көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтиллэрэ эбитэ буоллар сыыһа-халты туттубакка элбэх туһалаах дьыалалары оҥоруо, үйэтэ да уһуо этэ.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтии ордук наадалаах уонна туһалаах эбит диэн ылыныахпытын, өйбүтүгэр-санаабытыгар иҥэриниэхпитин наада. Олоҕу, үлэни-хамнаһы табатык өйдүүрүттэн көрсүө, сэмэй киһи элбэх туһалаах дьыалалары оҥорор кыахтанар. Ол иһин сахалар таҥаралара «Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн этэр уонна көрсүө, сэмэй буолууга оҕону кыра эрдэҕиттэн, ийэ кута иитиллэр кэмиттэн ыла үөрэтэргэ аналланар.
Онон таҥара үөрэҕин олоҕор тутуһар, толорор киһи сэмэй киһи буолар уонна олоҕор сыыһа-халты туттунуулары оҥороро аҕыйыырыттан уһун үйэлэниини ситиһэр кыахтанар.
УҺУН ҮЙЭЛЭНИИ
Киһи барыта олоҕун дьоллоохтук, уһуннук олоруон баҕарар. Олоҕу уһуннук олоруу киһи олоҕун сыала буолар. Таҥара үөрэҕэ киһи ити олоҕун сыалын ситиһэригэр быһаччы көмөлөһөр кыахтаах. Таҥара үөрэҕин тутуһар киһи уһун үйэлээх буолууну ситиһэр кыаҕа кыра эрдэҕиттэн улаатар.
Уһуннук олорууну, уһун үйэлэниини ситиһэргэ киһи өйүгэр-санаатыгар туох ураты көрдөбүллэр баалларын биир биир ылан ааҕан көрүөхпүт:
1. Кут сүр үөрэҕэ этиитинэн оҕо ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорор буолууга иитиллибитэ.
2. Өйө-санаата аһара барбат буолуута.
3. Сэрэхтээх буолуу.
4. Нэмин билэн туттунуу.
5. Киһи быһыылаах буолуу.
Киһи өйө-санаата бу көрдөбүллэри тутуһар буоллаҕына уһун үйэни ситиһэр кыахтаах буолар. Арай бу көрдөбүллэри тутуһар киһи көрсүө, сэмэй киһи буоларын умнубатахпытына, олохпутугар туһаннахпытына табыллыахпыт, салгыы сайдыахпыт этэ.
Көрсүө, сэмэй киһи олоҕун бэрээдэктээхтик, туттулла сылдьар сокуоннары кэспэккэ олороруттан уһун үйэлээх буолары ситиһэр кыахтанарын бары бэркэ диэн билэбит эрээри оҕолорбутун үөрэтэрбитигэр аны туохха эмэ, үллэстиигэ уруттаан түһүспэккэ үтүрүллэн, тииһиммэккэ хаалыа диэн быстах санаабытыттан атыттартан хаалсыма диэн этэбит, харса суох буолууга, урут түһэн иһиигэ, аһара барыыга үөрэтэбит. Бу тиэтэтэр үөрэхпитинэн оҕо субу оҥороору бэлэмнэнэн эрэр быһыытын өссө ырытан, туох содул үөскээн тахсарын быһаарарын наадатын умуннаран кэбиһэбит, барыга-бары ыксатан, өйүн-санаатын туруга суох оҥоробут, сыыһа-халты туттунууга үтүрүйэбит.
Уһуннук олорбут дьон бары көрсүө, сэмэй, үлэһит дьон буолалларын хас үбүлүөйдэрэ кэллэҕин аайы ахтабыт, киэҥник суруйабыт. Бу киһи элбэх ахсааннаах үлэһит, үөрэхтээх оҕолордооҕунан, сиэннэрдээҕинэн киэҥ туттарбытын биллэрэбит, оҕолорун, сиэннэрин көрсүө, сэмэй буолууга үөрэппитин хайгыыбыт. Ол эрээри бэйэбит оҕолорбутун иитиигэ, үөрэтиигэ тиийэн кэллэхпитинэ кинилэри кыра эрдэхтэриттэн көрсүө, сэмэй буола улааталларын ситиһиигэ суолта биэрэ иликпит, аахайбат курдукпут, ол оннугар элбэх сыыһалардаах «Айыы үөрэҕин» тутуһаммыт оҕолорбут саҥа сайдан иһэр өйдөрүн-санааларын буккуйа сылдьабыт.
Биһиги быстах санаабытыгар оҕобут урут түһэн, инникилээн туохха эмэ туһалаахха урут тиксиэ диэн санаабыт кыайан арахпат, “перестройка” үллэстиитин кэнниттэн сорохтор син онно-манна тииһиммиттэригэр ымсыыра, баҕара саныырбыт өссө хаала илик.
И.Гаврильев «Кыым» хаһыакка көрсүө, сэмэй буоллахпына туохха эмэ урут түһэн тиксэрим аҕыйыа, үллэстииттэн матыам диэн санааргыырыттан көрсүө, сэмэй майгыны сөбүлээбэтин биллэрэр. (8,13). Дойдубутугар ырыынак сыһыаннара киирэн олох оннун буллаҕына ону-маны, босхону үллэстии диэн суох буолуо, ким элбэхтик үлэлээбит уонна үлэтин түмүгүн сатаан харыстаабыт тиһэҕэр тиийэн барыстаах хаалыаҕа.
Дьон олохторун уһуннук, дьоллоохтук олоруохтарын баҕараллар. Ол иһин кыахтара баарынан кыһанан, үлэлээн-хамсаан олорор олохторун тупсаран иһэргэ кыһаналлар. Олох тупсан, экономика сайдан иһиитэ киһи аһара күүскэ үлэлээбэккэ сынньалаҥнык сылдьарын хааччыйан уһун үйэлэниигэ тириэрдиэн сөп эрээри өй-санаа туруктаах буолуута ордук күүһүрэн биэриитэ ирдэнэр.
Сайдыыны ситиһэн иһэр сааһыран эрэр киһи олох олорууга интэриэһэ күн-түүн улаатан, күүһүрэн иһэр. Дьон бары уһун үйэлэниэхтэрин баҕара саныыллара сааһыран истэхтэринэ ордук эбиллэр, күүһүрэр.
Уһуннук олоруу холобурун бэйэбит ортобутугар көрсүөтүк, сэмэйдик олорор дьонтон буларбыт ордук үчүгэй, улахан туһалаах. Уһуннук олорор дьон биһиэхэ билигин да элбэхтэр. Кинилэр олохторун уопутуттан эдэрдэргэ бэрсэллэрэ, үллэстэллэрэ элбиирэ эбитэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Билигин 90 сааһын ааспыт киһини уһун үйэлээх диэн ааттыыбыт. Ол эрээри бу соторутааҕы кэмҥэ диэри уһун үйэлээх диэн 100 саастаах киһини этэр этибит. Уһун үйэлээх диэн мээрэйи кыччатан, намтатан биэриибит кэлин кэмҥэ дьон үйэтэ кылгаабытын чахчы билинии буолар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ көрсүө, сэмэй буолууга үөрэппэтэххэ кылгас үйэлээх буолан хаалыа диэн биһиги сахалар кут-сүр үөрэхпит этэрин олохторугар уһун үйэлэммит дьон холобурдара дакаастыыр. Кинилэр, уһун үйэлээхтэр бары биирдэ да этиһэн, охсуһан көрбөтөх, көрсүө, сэмэй, үйэлэрин тухары үлэлии-хамсыы сылдьар дьон буолалларын бары билинэбит.
Оҕо аһара барар өйө-санаата аһара баран сыыһа-халты туттунууларга тириэрдэрэ элбиирин, ол иһин оҕо үйэтэ кылгыан сөбүн уһун үйэлээх сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ билэн дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр.
«Чиэскин эдэргиттэн харыстаа» диэн өс хоһооно оҕо кыра эрдэҕиттэн сыыһа-халты туттунара аҕыйах буоларыгар ыҥырар. Көрсүө, сэмэй оҕо тугу оҥорорун ырытан, ол быһыытыттан туох содул үөскүүрүн билэр буолан сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр.
Хас биирдии киһи бэйэтин кыаҕынан дьарыктанан уһун үйэни ситиһэр кыахтааҕын эдэр эрдэҕиттэн туһаныаҕын наада. Уһун үйэлэниини ситиһии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэринэн эмиэ икки өрүттээх тутулуктааҕын таба сыаналаан олоххо туһаныахха:
Бастакытынан, айылҕаттан бөҕө эттээх-сииннээх уһун үйэлээх киһи. Бу киһи илии үлэтинэн үлэлии-хамсыы уонна олохтоох аһылыгы аһыы сырыттаҕына эбии дьарыга да суох уһун үйэлэниини ситиһэр кыаҕа улахан, арай сыыһа-халты туттунан быстах быһыыга киирэн биэрбэтэ наада.
Иккиһинэн, бэйэтэ этин-сиинин уһуннук дьарыктаан уонна аһыыр аһылыгын таба сыаналаан уһун үйэни ситиһэр киһи. Биирдиилээн дьон уһун үйэни ситиһэр кыахтарын туһунан «Аһылык уратылара» диэн үлэбитигэр суруйбуппут. (9,73).
Хас биирдии киһи уһун үйэтиттэн салҕанан бу аймахтар уһун үйэлэрэ үөскүүр. Ол аата уһун үйэлээх аймахтардаах киһи уһун үйэни ситиһэр кыаҕа кырдьык улахан.
Оҕолорун хайдах иитэллэриттэн, үөрэтэллэриттэн аймахтар уһун үйэлэнэллэрэ быһаччы тутулуктаах. Оҕо үөрэнэн, улаатан, үлэлээн-хамсаан, баайы-малы мунньунан, ойох ылан, кэргэн тахсан, оҕо төрөтөн, бу оҕотун хайдах иитэриттэн тутулуктанан аймахтар салгыы сайдаллара дуу, эстэн, симэлийэллэрэ дуу быһаарыллар.
Ыаллар оҕолорун көрсүө, сэмэй майгыга, сыыһа-халты туттубат буолууга кыра эрдэхтэриттэн үөрэттэхтэринэ оҕолоро оҕотун эмиэ соннук ииттэҕинэ, үөрэттэҕинэ бу аймахтар салгыы сайдан иһэр чинчилэнэлэр, уһун үйэни ситиһэр кыахтара улаатар.
Сахалар таҥараларын үөрэҕин итэҕэйэн кытаанахтык тутуһа сырыттахха уһуҥ үйэни ситиһиэххэ сөп. Таҥара үөрэҕэ оҕону атаахтык иитимэ диэн үөрэтэр. Төрөппүттэр оҕону атаахтатан, аһара маанылаан, барыга-бары аһара бара, аһара тутта сылдьар киһи оҥорон кэбистэхтэринэ бу оҕо сыыһа-халты туттунарыттан, урутаан түһэн иһэриттэн улахан хараҥа буруйу оҥорон кэбиспэтэҕинэ арыгыны элбэхтик иһэн арыгыһыт буолуон сөп. Оҕолоро итинник быһыыга тиийдэҕинэ бу аймахтар эстэр, симэлийэр дьылҕаланаллар.
«Төрүт ыал» диэн өйдөбүл оҕону хайдах иитэртэн, үөрэтэртэн тутулуктаах өйдөбүл. Эһэлэриттэн, эбэлэриттэн ылбыт, иҥэриммит оҕону иитэр, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэр ньымаларын салҕаан иһэр ыаллар салгыы сайдан иһэр кыахтаналлар. Ол иһин омук уһун үйэлээх буолуута хас биирдии ыал, аймахтар оҕолорун хайдах иитэн улаатыннаралларыттан, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэллэриттэн быһаччы тутулуктаах.
Биһиги сахалар олус уһун үйэлээх омук буоларбытын саҥа билэн сылдьабыт. Арай тоҕо, туох үөрэҕи баһылааммыт маннык уһун үйэни ситиспиппитин таҥарабыт итэҕэлин туһана иликпититтэн кыайан арааран быһаара иликпит.
Биһиги сахалар өй-санаа үөрэҕин төрүттэрин, таҥарабыт итэҕэлин, «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини кытаанахтык тутуһар буоламмыт маннык уһун үйэлээх буолууну ситиһэн олорорбутун билиниэхпитин наада.
Саха дьонун олохторун үөрэҕэр киһи үйэтин тыынын уһунунан кэмнииллэр. «Кылгас тыын» кылгас үйэни биллэрэр. Кылгас- кылгастык, чаастатык тыынар-тыыннаахтар бары кылгас үйэлээхтэр. «Уһун тыыннаах» диэн этии аҕыйахтык тыынары тэҥэ уһун үйэлээх киһини эмиэ биллэрэр.
Киһи төһө аҕыйахтык, дириҥник тыынар даҕаны үйэтэ уһуур. Кыратык хамсаатар эрэ аҕылаан, тыынара кылгаан иһэр киһи доруобуйата, этэ-сиинэ мөлтөөн эрэрин билинэн араас харыстанар ньымалары туһаммытынан барара наада.
«Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар олохторун үөрэҕин этиитин тыынар салгыммыт кытта дакаастыыр. Ол курдук кислороду тыынан киллэрэммит эппитин-сииммитин хааччыйар буоллахпытына тыынан таһаарар салгыммытыгар 6 бырыһыаҥҥа диэри углекислай гаас баар буолара наада эбит. Киһи хааныгар углекислай гаас 6 бырыһыантан аҕыйах буоллаҕына араас сүрэх, тымыр, хаан ыарыылара көбөллөр.
Киһи этэ-сиинэ, быччыҥнара хамсаатахтарына углекислай гааһы оҥорон таһаарара элбиир. Аҕыйахтык хамсанар, олорор, сытан сынньанар киһи хааныгар углекислай гаас үөскээһинэ аҕыйаан хааларыттан кыра тымырдара хам тутуллууларыттан хаанын баттааһына улаатар эбит.
Куруук хамсаныы уонна сатаан тыынарга үөрэнии киһи олоҕун биллэрдик уһатар кыахтарын туһаныахха наада диэн Ю.Н.Мишустин «Выход из тупика» диэн үлэтигэр суруйар. (10,41).
Онон уһун үйэни ситиһии бэйэтэ эмиэ икки өрүттээҕин таба өйдөөн олохпутугар туһаныа этибит:
Бастакытынан, төрөппүттэр таҥара үөрэҕин билэн тутуһар буолуулара оҕолорун иитиигэ тосту уларыйыылары киллэрэн, туруктаах өйдөөх-санаалаах буолууларын үөскэтэн уһун үйэлээх аймахтар элбииллэригэр тириэрдиэ этэ.
Иккиһинэн, киһи этин-сиинин бэйэтэ утумнаахтык дьарыктаан, үлэлээн-хамсаан эрчийэн уонна сөптөөх аһылыгынан хааччыйан уһун үйэни ситиһэр кыаҕын улаатыннарар.
Хас биирдии киһи уһун үйэни ситистэҕинэ ыаллар уһун үйэлэнэллэр. Онтон салгыы аймахтар үйэлэрэ уһууруттан саха омук үйэтэ уһуур уонна ахсаана эбиллэн салгыы сайдарыгар кыахтаах буолар.
Онон олоххо таҥара үөрэҕин тутуһуу уһун үйэлээх буолууну хас биирдии киһи ситиһэригэр кыах, күүс-уох биэрэрин таба туһаныахпыт этэ.
Хос быһаарыылар.
1. Каженкин И.И. Үрүҥ Айыы буолуу. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. – 88 с.
2. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.
3. Сомоҕотто С. Обычаи народа саха. – Якутск: НИПК «Сахаполиграфиздат», 1996. – 48 с.
4. Аджи, М. Европа, тюрки, Великая степь / Мурад Аджи. – М.: АСТ, 2007. – 473 с.
5. Журнал “Наука и техника в Якутии”. 2003 №1(4).
6. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. ( Публикации 1928 - 1929 гг.) Якутск: Творческо-производственная фирма «Север- Юг», 1992.- 318 с.
7. “Кыым” хаһыат. Сэтинньи 3 күнэ 2008. №45.
8. “Кыым” хаһыат. Атырдьах ыйын 21 күнэ 2008 №33.
9. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. – Дьокуускай: РИМЦ, 2007. – 84 с.
10. Мишустин Ю.Н. Выход из тупика. Ошибки медицины исправляет физиология. 3-е изд., исправл. И доп. – Самара: ОАО «Издательство «Самарский Дом печати», 2007. – 80 с.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл
Баҕа санаа
Ис санаа
Санаа күүһэ
Ыра санаа
Оҕо таҥарата - төрөппүтэ
Таҥара уонна Айыы
Үөрэх уонна билии
Үөрэх икки өрүтэ
Киһи быһыылаах киһи
Икки өрүтү тэҥнээһин
Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы
Таҥара өй-санаа үөрэҕэ
Былыргы таҥаралар
Таҥара уларыйан иһэр
Киһи таҥара
Икки таҥара
Таҥара дьиэтэ
Таҥара үөрэҕин хааччахтара
Таҥара үөрэҕин туһата.
Нэмин билэн туттунуу
Таҥара сэрэҕи таптыыр
Сэмэй буолуу
Уһун үйэлэнии
Хос быһаарыылар
Иһинээҕитэ