Иһинээҕитигэр көс

Киһи - санаа кулута (Добун)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Киһи – санаа кулута

[уларыт]

(Олох сэһэниттэн быһа тардыы)

[уларыт]

1. Махтал

[уларыт]

Киһи күлэр күннээх күөх кырыска күөлэһийэн түһүөҕүттэн ыла буору бааһырдар бороҥ урааҥхай аатыран, айбыт Үрдүк Айыыларыгар аттаныар диэри орто дойду айылҕатын эйгэтигэр бэйэтин үрдүктэн этитиилээх дьылҕатыттан харыс халбарыйбакка, сүөм быкпакка аҕалаах ийэтин имэҥнээх тапталларынан түөрэҕэ туспүт, төлкөтө түстэммит кэмигэр айдарыллан, олохолорор ыйаахтаах.

Ол этитиилээх дьылҕабыт кэрдиис кэмнэрин ааһа атыллаан, билэ биһирээн, тутахсыйа санаарҕаан сыддьарбыт усталаах-туоратыгар үөрэн үчүгэй, кэлэйэн куһаҕан диэн, дьон-сэргэ ортотугар тэҥнээх курдук сананартан өссө ордукка, үрдүккэ тардыһан өрөгөйдүүрбүт эбэтэр аллара анньыллан сэнэнэрбит бэйэбититтэн эрэ силистээх-мутуктаах буоларын ааһан, тулалаан турар эйгэ сытыттан, өҥүттэн, тыаһыттан, бэйэбит ыраланан ыҥырар төлкөбүтүттэн уонна алтыһан ааһар дьоммутуттан-сэргэбититтэн мүччүрүйбэт курдук дьаҥсайтарбыт эбит ээ!

Ол да иһин уһуннук олоҕу олорбут ытык кырдьаҕастарын бары улуу омук инники күөҥҥэ тутан, өлбөт үөстэрин таба тайанар кистэлэҥнэрин була сатыыр эбит.

Биһиги, сахалар, өлбөт үөстэнэр кистэлэҥин билэн, биһирээн бараммыт, Айбыт Үрдүк Айыыларбытытган ордук сананан, бэрт былдьаспыппытын бэтиннэрбитгэр, холоруктаах Хотугу дойду хоонньугар хорҕоппутгар.

Эрэйи эҥээрбитинэн тэлэн эрдийэрбитигэр, муҥу муннубутунан тыыран борбуйбутун көтөҕөрбүтүгэр, бэрт былдьаһан ат тарпат аньыытын-харатын оҥостубатыннар диэн уларыйбат уураахтаабыттар, көтүллүбэт ыйаахтаабыттар, биһирэмнээн билгэлээбиттэр.

Сээркээн Сэһэнньиттэрбит: "Киһи санаа кулута", - диэн, олус табан түс түһэрбиттэринэн эрэ бэйэбит сирдээҕи олохпут оҥкулун оҥостон, олорор этитиилээхпит. Онон үчүгэй аатыран, үөрэн өрөгөйдүүрбүт эбэтэр куһаҕан дэтэн, кэмсинэн кэхтэрбит бэйэбит ыраланан, ыҥыран аҕалар өйбүтүттэн уонна тылбытыттан майгы-сигили сиэрэ-туома тутуһуллара булгуччу ыйытыллар. I Дьоллоох эбэтэр сордоох дьылҕаланарбыт аҥаардас бэйэбит айыыны эбэтэр аньыыны оҥорор мүччүрүйбэт баҕабытынан салайтарар.

Ол туһугар киһи этин-сиинин кыдьыгыттан бэйэтин босхолуохтаах уонна өй-санаа иэйиитинэн олоруохтаах. Оччоҕуна ким баҕарар дьоллонон, үтүө баҕатынан салайынан, бэйэтин киһи курдук үрдүктүк сананыа.

Онон олорор олоҕум усталаах-туоратыгар, кини умсулҕанынан тыыннаах сылдьарым тухары, уйаҕас куппунан-сүрбүнэн үөрэн дуу, хомойон дуу ылыммыппар, бииргэ үлэлээн-хамсаан, кэпсэтэн-ипсэтэн, иллэһэн-этиһэн, алтыһан ааспыт бар дьоммор өй-санаа өрөгөйлүүрүгэр олук уурбуттарын иһин сүһүөхтаэх бэйэм сүгүрүйэн туран, БАРҔА МАХТАЛБЫН тиэрдэбин! Оннук эрэ буоллун!

Домм! Домм! Домм!


2. Үтүө түстээх санаа

[уларыт]

Киһи барахсан хайа күн дьахтардаах эр киһи имэҥ иэйиитигэр эриллэннэр, оҕо буолан олох аартыгын арыйар төлкөбүт түстэҕинэ, бастаан сүүдүйэ тэбиэлээн сүргэбитин түстүүр сүрэхпит үөскүүр. Онтон эппит-хааммыт ийэбит кутуйатын иһигэр толору сиппитин кэннэ оҕо буолан бэбээрбитинэн, бу аан дойду биһигэ буолбут Сир Ийэҕэ күөлэһийэн түһэбит.

Хайа киһи Айыы сирин айылҕатыгар ыраастан ыраас куттанан, аҕа-ийэ тапталларыгар бигэнэн, сыттарыгар убанан, сылаастарыгар тардыстан, тылларыгар абылатан, күлэн күндүтүйдэхпитинэ, ытаан ыксаттахпытына, ыалдьан эрэйдээтэхпитинэ, үтүөрэн үөртэхпитинэ сүрэх чопчута, харах дьүккэтэ, мурун бүөтэ буоламмыт күндүтүйэбит.

Бу араҕас далбардаах Аан Ийэ дойдуга санаа кулута буолан айылла үөскүөхпүтүттэн ыла тыллаах чыычаах буолан тырыбыныыбыт, үөрэр-хомойор үөрүйэхтэнэбит, үтүөнү-мөкүнү түстэнэбит.

Бу Бүппэт Улуу Куйаарга тылтан ордук күүстээх туох да суох! Хайа да бэйэлээх сайдыылаах дуу, кэхтиилээх дуу Бүппэт Улуу Куйаар усталаах-туоратыгар эргийэр кииннэнэн, тардыһар айылҕаланан, сүтэрсибэт сүргүөһүннээх, эргийэр иэрчэхтээх кулукутунан тутулуктанан турар дойду курдук дойдуларга тыл эрэ баар буоллаҕына, сайдыы уонна кэхтии арыалдьытганар эбит.

Киһи хайа күн өйүн-санаатын сааһыланар кэрдиис кэмигэр киирдэҕинэ үөһээ үрдүк күөх халлааннаахпын, атаҕым анныгар үктэнэр кырыс сирдээхпин дэннэҕинэ, сырдыкка, кэрэҕэ баҕата оҥкулланан барар.

Олоҕу билэн, бу сиргэ киһи үөрэн үрдүүрэ, хомойон кэхтэрэ элбэҕин өйдөөн истэҕин аайы Ытык итэҕэлгэ сүгүрүйэр уонна айбыт Таҥаралаахпын диэн, ымыылаах ыраас баҕата улааттар улаатан иһэр.

Ол таҥарата бэйэтин курдук: дьүһүннүүн-бодолуун, хайдах санаалааҕынан, үтүөнү-мөкүнү баҕарарынан, тугу ыраланарынан арахсыспат арыалдьыт буолан олоҕун устата сылдьыһар. Куһаҕантан тэйдэҕинэ айыы, үчүгэйи түүйүммэтэҕинэ абааһы аргыстанар. Ол иһин киһи санаа кулута: хайдах санааны иитиэхтээн угуйар да, оннук олоҕу олорор дьылҕаланар!

Санааттан ордук күүстээх киһи олоҕор туох да суох! Ол иһин ханнык баҕарар итэҕэлгэ киһи бу сиргэ аньыы-хара сүгэһэрдээх төрүүр, мөлтөх айылгылаах диэн такайыллан, дьылҕата барыта кутгал уонна сэрэх буолуу ситимигэр баайыллар.

Онон кини олох олорорун тухары Үрдүк Таҥараттан эрэ үҥэн-сүктэн көрдөстөҕүнэ, киһи киһи курдук дьоллоох олоҕу олорор дьылҕалааҕын курдук санаа саҕыллан, баҕатын курдук голору дьоллоох олоҕу олорбот, кыһалҕата суох сылдьыбат, көҥүл диэн тугун билбэт, бэйэтии санаатын күүһүгэр ситэ эрэммэт.

Киһи төрүөҕүттэн бэйэтин сэнэнэр өйүн-санаатын ыһыкта илигинэ, бэйэ-бэйэтин тэҥҥэ санаһан үрдэтинэр э..........итигэр төннүө суоҕа.

Үрдүк сайдыы кэрдииһигэр тахсарга сүрүннүүр сырдык санаа киһиэхэ барытыгар баар буоллаҕына эрэ, сиргэ ымсыылаах Ырай аана аһыллыаҕа. Ол туһугар олох олоруоҕуҥ, айыаҕыҥ, тутуоҕуҥ, ытыктаһыаҕыҥ!

Киһи бэйэтэ Таҥара! Хас биирдии киһи икки атаҕар уйуттан хаамар айылгылааҕын тухары Бүппэт Улуу Куйаар эргийэр киинин курдук сананан, олоҕун оҥостуохтаах.

Тулалаан турар эйгэни харахпытынан көрөрбүтүнэн, айахпытынан амсайарбытынан, муннубутунан сытырҕыырбытынан уонна эппитинэн-сииммитинэн ыалдьан, тоҥон-хатан, тиритэн-хорутан тураммыт ылынабыт. Ол аата хайдах саныырбытынан ылынабыт уонна Сирдээҕи олохпутун оҥостобут.

Ыраас санаалаах, сырдык өйдөөх киһи олох дьоллоох түһүн түһэрсэр уонна сайдыытын кэскиллиир. Эт-хаан чэгиэн буолуута, киһи чөл олохтонуута уонна сир түннүгэ буолан, кырдьар сааһыгар тиийиитэ бэйэтин санаатын күүһүттэн тутулуктаах.

Биһиэхэ, сахаларга, “ыалдьартан илии арахпат” диэн өйдөбүллээхпнт. Ханнык баҕарар киһи кыратык улаханнык да ыарыйдаҕына санаата олус эрэйдэнэр, сүөм түһэр, харыс хаалар.

Ону билигин дьон эмп дьайыытынан мүлүрүтэр эбэтэр, ол кыаллыбатаҕына, араас эмчиттэр сүбэлэригэр, тылларын алыбыгар алкыйтаран, санаата күүһүрэр уонна олоххо сырдык эрэли иитиэхтээн, букатыннаахтык үтүөрбэтэр даҕаны, болдьохтоох кэмҥэ чэпчиир түбэлтэтэ элбэх. Санаа сылаас биһигэр биэбэйдэммит тыл иччитин ылыныы оннук күүстээх!

Сырдыктан сырдык уонна ыраастан ыраас санааны санаан, бэйэ ис туругун кистэлэҥнэригэр итэҕэйэрбит биһиги олоххо көрсөр ыарахаттарбытыттан: хомойууттан, кэлэйиитгэн, аһыыттан, айманыытган, кыыһыран тымтартан, таҥнарсыыттан, мээнэ саҥаттан быыһаан арчылыыр аналлаах. Ону итэҕэй!

Саргылаах Саха, өйгүнэн-санааҕынан ылынан бил: киһи санаата бигэ эбэтэр ыһыллаҕас буоларын.

Бигэ санаалаах киһи дьоллоохтук олорор, кыһалҕата суох кырдьар сааһыгар тиийэр уонна айбыт Айыыларыгар муҥа-таҥа суох аттанар.

Отгон ыһыллаҕас санаалаах киһи олоҕун усталаах туоратыгар саҥаттан саҥа моһоллору кыһалҕаны, эрэйи бэйэтэ көрдөөн ылан, тулалаан турар чугас дьонугар уонна бэйэтигэр саҥаттан саҥа түбүгү соҥнуур, дьоло суох оҥортуур.

Киһи-сүөһү, уу-хаар, от-мас, көтөр-сүүрэр, тыал-куус, тыас-уус, сир-халлаан тардыһыыта, Бүппэт Улуу Куйаар ситимэ — барыта угуйсар сыттаах, дьүөрэлэһэр өҥнөөх, кэпсэтэр тыллаах, суохтаһар айылгылаах, ыраастанар ымыылаах, төрөөн хатыланар төлкөлөөх, ыһыллыбат-ыһыктыспат курдук кытаанах тардыһыылаах.

Ким баҕарар кыыдааннаах кыһын аастаҕына, күлэр күннээх күөх саас кэллэҕинэ, маҥнайгы этиҥ этэрин олус долгуйа күүтэр айдарыылаах.

Сааскы маҥнайгы этиҥ этэринэн уонна тыаһын дорҕоонунан хайдах дьыл кэлиэҕин сыыспакка билгэлииллэрэ. Аан дойду сирэ-уота сылы быһа мунньуммут кириттэн-хоҕуттан ыраастанарын итэҕэйэллэрэ. Сахалар этиҥ түспүт маһын тымтыгынан дьиэлэрин арчылыыр ытык ымыылаах үгэстээхтэр.

Ол үгэс билигин да умнуллубакка арчылыыр күүс быһыытынан туттгуллар. Онно киһи санаатын күүһүн саҕар кистэлэҥэ көстөн кэлэр.

Итэҕэй, өбүгэлэриҥ үтүө түстээх ымыыланар санааларын кистэлэҥин уонна санаа кулута буолар аналгынан арчылан!

Эйиэхэ сырдык ымыылаах санаа олоҕуҥ устата дьолунан алҕаан, сирдээҕи олоххун арчылыы туруохтун! Оннук эрэ буолуохтун!

Домм! Домм! Домм!

И. ГЕРАСИМОВ-Добун.

Сунтаар улууһа

“Кэскил” хаһыат, атырдьах ыйын 2 күнэ 2011 с.