Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Коммунист партияҕа
Дьон-аймах сүрэҕин төлөнө —
Сулустаах эн знамяҥ, кылбайан,
Аан дойду үрдүнэн көһүннэ,
Мин улуу коммунист партиям!
Дьол күнүн күндээрдэр үөрэххин
Айбыттар Маркс, Энгельс генийдэр,
Батталы эһэргэ эйигин
Күн Ленин батастаан биэрбитэ.
Бар-дьоҥҥо саргылаах, сайдыылаах
Аартыгы арыйан,
Үйэлэр тухары айхаллан,
Коммунист партия!
Үлэһит кэккэтин түмэҥҥин,
Эн баттал түрмэтин түҥнээртиҥ,
Коммуна суолунан билигин
Советскай норуоту сирдиигин,
Эн айдыҥ: саха дьон саргытын,
Тайҕаны чэлгитэ үүннэрдиҥ
Сүүһүнэн омук биир бырааттыы
Модун күүс Союһун тэрийдиҥ.
Бар-дьоҥҥо саргылаах, сайдыылаах
Аартыгы арыйан,
Үйэлэр тухары айхаллан,
Коммунист партия!
Эн бааргын — аан дойду эрэлэ,
Сүүһүнэн мөлүйүөн таптала.
Норуоттар, эн тула түмүллэн,
Эйэни көмүскүү тураллар.
Дьон-аймах чулуута барыта,
Сүрэҕин санаатын салайан,
Олоҕун бүтүннүү анаата
Эн сыалгар, коммунист партия.
Бар-дьоҥҥо саргылаах, сайдыылаах
Аартыгы арыйан,
Үйэлэр тухары айхаллан,
Коммунист партия!
1950
|
|