Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Куоска
Мултас мурун,
Бытыгыр бытык,
Чэҥэлис сирэй
Куоска обургу,
Мааска барахсан,
Кыыча кыыл
Эрдэ туран,
Эҥинник киэргэннэ.
Түүн ааһан,
Түүтүн суунна,
Тыстары, тыҥырахтары
Тылынан саланна.
Аҥатах кыыл дэтээри,
Айаҕын атта.
Аҥала кыыл дэтээри,
Аргыый хаамта.
Сыылба кыыл дэтээри,
Сыбдырыҥнаан сырытта.
Көхсүн бөкчөлдьүттэ,
Кутуругун куоҕалдьытта,
Курдьугунаан кубулунна.
Хаҥас диэки
Хачыгырас тыаһы
Хапсаҕайдык иһиттэ.
Кэтэҕириин диэки
Кэбийэр тыаһы
Кэрэтик иһиттэ.
Муннук диэки
Булт баарын
Муннунан булла.
Хатан харах,
Хапсаҕай хары,
Сытыы сырай,
Сындыыс сырыы,
Тыытаайы тыҥырах,
Кумуу куоска диэн
Кини буолла.
Кутуйах сордооҕу
Хайы-үйэҕэ
Хаппыта баар,
Номнуо үйэҕэ
Туппута баар,
Ытыһыгар ылан,
Ытаппыта баар.
|
|
Сүрүн сирэйгэ