Иһинээҕитигэр көс

Кутуйах (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Куоска (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Кэччэгэй баай (Өксөкүлээх Өлөксөй)


Кутуйах


Икки атах
Иһийэрин кытта,
Уһаты уллуҥах
Утуйарын кытта,
Мурун тыаһа
Бурдьугунуурун кытта,
Бытыр тиис бытаһыт,
Чэҥэлис харах чэҥэрэкээн,
Куйбах кутурук кутуйах
Ордуутуттан ойон таҕыста,
Ол-бу диэки одуулаата,
Ити-бу диэки иһиллээтэ...
Минньигэс сыты биллэ,
Ас сытын араарда,
Үчүгэй сыкка үөрдэ.
 
Сыт хоту сыбдырыйда,
Муннук аайы мукуруйда,
Хаҥас диэки хачыгыраата.
Ас тобоҕун булан,
Аһаабытынан барда.
Лэппиэски бытархайын
Кэбийбитинэн барда.
Бурдук тохтубутун
Булбутунан барда.
Иһит кирин
Кирбитинэн барда.
Оһоҕоһо тотто,
Дьоло улаатта,
Күнэ да күөнэҕэ буолла.