Иһинээҕитигэр көс

Курилов гаврил

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Курилов Гаврил Николаевич - Улуру Адо - юкагир поэта, учуонайа, филологическай наука ддоктора, профессор, ССРС Суруйааччыларын союьун члиэнэ, юкагир о5олорун букубаардарын автора.

Суруйар идэтин 1962с. са5алыыр, республикаугус хаьыаттарыгар бэчээттэнэр. Кини ус суруйааччы бырааттыылартан ортокулара.

Айымньыларыгар бэйэтин норуотун, юкагирдар, сырык ыраас дууьаларын арыйар, юкагир кэнэ5эски ыччата уерэхтээх, урдук культуралаах дьон буола уунэллэрин тустуур.

Поэт Улуру-Адо о5олорго эммиэ хас да кинигэлээх: "Юко кэпсээннэрэ", "Наш друг Чага" - куукула театырыгар пьесалар, "Киьи уонна Кыьыл кыыл" - кыра саасстаах о5олорго остуоруйа-уьуйээн. Бу остуоруйа-уьуйээни К.Туйаарыскай тылбаасстаабыт.

"Наш друг Чага" уруьуйун быраата - суруйааччы, худуоьунньук-график Николай Курилов онорбут. Нууччалыы тылбааьын о5о суруйааччыта И.Токмакова, сценическай редакциятын С.Прокопьева онорбуттар. Оонньуур дьоно: Юко эьэтэ, Юко - уол, Мохи - кыыс, Чага - кырдьа5ас ыт, Чагашка - ыт о5ото, кырса, Гутава диэн таба о5ото, кутуйах, бастакы хаас, иккис хаас буолаллар.

Хаас - саас кэлиитин туоьута. Оттон кырса омсолоох персонаж, табачааны сиэн ба5арар, кутуйах кыра да буоллар, Мохи уонна Юко до5ордоро. кырсаттан табачааны тыллаан быыьатар. Кырса табачааны сиэтэхпинэ дьон мантан барыахтара, оччо5о мин туундараны со5ото5ун баьылыам диэн эрэнэр. Кырдьа5ас Чага, "кырыйдарбн да билигин да туьалыыбын" - табачааны елертен еруьуйэр. Юко эьэтэ о5онньор быыкаайык ыт о5отун а5алан. о5олор уеруулэрэ сурдээх. "Чага сынньннын" - диир о5онньор. Чага уруьуйунан пьеса тумуктэнэр. Кырса ууруллэр.