Иһинээҕитигэр көс

Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

КУТ - СҮР ҮӨРЭҔЭ. ҮС КУТ Дьокуускай 2017

АННОТАЦИЯ

Биһиги сахалар былыргы ойууннарбыт өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин дириҥник үөрэтэн сайыннарбыттарын билигин ситэ туһана иликпит. Сахалар киһи үс куттаах диэн этиилэрэ олус дириҥ суолталаах, оҕо кыра эрдэҕиттэн өйө-санаата; буор кута үөрүйэхтэргэ үөрэнэрин, ийэ кута үгэстэргэ иитиллэрин, онтон салгыы салгын кута үөрэҕи ылынан сайдарын быһаарар уонна оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии, үчүгэй үгэстэри иҥэрии олоххо туттулуннаҕына эрэ өйө-санаата туруктаах буолуута үөскүүрүн быһаарар. Бу үлэ автор “Кут-сүр үөрэҕэ” диэн үлэтин салгыыр, дириҥэтэр.

Якутские шаманы в древние времена глубоко изучили развития сознания человека. С рождения начинает развиваться способности движения буор кут. Развитие сознания маленького ребенка называется ийэ кут, а при взрослении начинает развиваться салгын кут. Это различие нужно учитывать при развитии сознания ребенка.

Каженкин Иван Иванович – Хааһах Уйбаан.

ААН ТЫЛ Сахалар былыргы ойууннара өй-санаа төрүт тутулуктарын дириҥник үөрэппиттэр. Кинилэр киһи өйө-санаата, үс куттара тус-туспа буолууларын арыйбыттара аныгы науканан дакаастанара чугаһаан иһэр. Ол курдук мэйии үлэтин үөрэтээччи профессор С.Иллариошкин киһи мэйиитигэр үс саастаах эрдэҕинэ өйдөөбүт өйдөбүллэрэ мунньуллан уурулла сылдьар, мэйии ис өттүгэр баар миэстэлэрин булбут. Ол аата оҕо үс саастааҕар тугу билбитин умнубакка, үйэтин тухары ууруна, өйдүү сылдьара быһаарыллар. Бу быһаарыы сахалар ийэ кут диэн өйдөбүллэрин толору быһаарар уонна ийэ кукка иҥмит үгэстэр дьайыылара киһиэхэ хаһан баҕарар, улааппытын да кэннэ тиийэрин дакаастаан биэрэр.

Оҕо уонна улахан киһи өйдөрө-санаалара сайдыыта тус-туһунаннарын сахалар өй-санаа, кут-сүр, таҥара үөрэхтэрэ арыйан итэҕэйэр дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр. Өй-санаа бу уратыларын аныгы наука үөрэтэн быһаара илик. Ол курдук киһиэхэ санаа дьайыыта эмиэ саҥа үөрэтиллэн эрэр.

Өй-санаа үөрэҕин тарҕатааччы улахан таҥара үөрэхтэрэ олус былыргы, үөрэх-билии өссө сайда илигинэ, тоталитарнай салайыныылаах кэмнэргэ үөскээн сайдыбыттарыттан, салайааччылар бэйэлэрин «үчүгэйбит» диэн санаалара улаханыттан уонна аһара барарыттан өй-санаа икки аҥы арахсыытын үөскэтэн кэбиспиттэр. Ол курдук нууччалар үчүгэйи – хорошо, онтон куһаҕаны – “грех” диэн тус-туспа тылларынан ааттааннар биир киһи өйө-санаата, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥороро, икки тус-туспа тылларынан этиллэннэр, икки аҥыларын, тус-туспа төрүттээхтэрин курдук өйдөбүлү үөскэппиттэр уонна билигин да ону тутуһа сылдьаллар.

Сэттис үйэҕэ үөскээн сайдыбыт, тарҕаммыт мусульманнар эмиэ өйү-санааны икки аҥы араарбыттар, куһаҕаны “харам” диэн эмиэ туспа тылынан этэллэр.

Биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ өссө былыргылар үөрэхтэригэр тирэҕирэриттэн өй-санаа икки аҥы хайдыһыытын үөскэппэт, биир киһи оҥорор быһыылара үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын олоххо тутуһар. Киһи оҥорор бары; урут суох, ураты, саҥа быһыыларын барыларын ай, айыы, айыыны оҥоруу диэн биһиги ааттыыбыт. Ол аата биир киһи оҥорор үчүгэй да, куһаҕан да айыылара барылара айыы диэн холбуу биир тылынан ааттаналлар.

Бука бары саҥаны айыыны оҥоруохпутун баҕарабыт эрээри айыыны оҥоруу аан маҥнай үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана араарыллан биллибэт уратылааҕа уустуктары үөскэтэр. Арай төһө эмэ кэминэн бу айыылар хайдахтара; үчүгэйдэрэ эбэтэр куһаҕаннара араарыллан билиннэҕинэ, чуолкайданнаҕына үрүҥ эбэтэр хара диэн быһаарыылаах этиллэллэр, дьон билэр уонна олоххо туттуллар билиилэригэр кубулуйаллар.

Киһи өйө-санаата биир төрүттээҕин, бары саҥаны айыылар; үчүгэйдэр эбэтэр куһаҕаннар биир мэйииттэн айыллан, оҥоруллан тахсалларын сахалар былыр-былыргыттан билэллэрин уонна олохторугар туһаналларын айыы диэн тыл соҕотоҕо, бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ биллэрэр. Ол барыта сахалар санаа дьайыытын уонна оҥорор быһыыга уларыйыытын уратыларын былыр-былыргыттан, саха тыла саҥа үөскүөҕүттэн ыла билэллэрин, тылларыгар киллэрэн иҥэрбиттэрин бигэргэтэр.

Хас биирдии киһиэхэ санаа тус-туһунан дьайыылаах. Санаа киһиэхэ дьайыыта уратылардааҕын арааран билии уонна олоххо таба туһаныы сайдан иһэр өйдөөх-санаалаах дьонтон аан бастаан ирдэнэр көрдөбүл буолар. Бары таҥара үөрэхтэрэ киһи санаата үчүгэй буоллаҕына үчүгэй үгэстэрдэнэн үчүгэй быһыылары оҥорорун билинэллэр.

Православнай таҥара үөрэҕэ “Сначало было слово” диэн этэрэ киһи өйө-санаата сайдыытыгар сөп түбэспэт. Ол курдук киһи аан маҥнай саныыр, санаатыгар оҥорон көрөр, ол кэнниттэн эрэ тылынан этэн дьоҥҥо билиһиннэрэр. Ол аата тыл диэн киһи санаабыт санаатын дьоҥҥо тириэрдиитин биир көрүҥэ эрэ буолар уонна санаа кэнниттэн үөскээн тахсара быһаарыллар.

“Таҥара халлааҥҥа баар” диэн олус былыргы этиини догма оҥостон туһанар православнай таҥара үөрэҕэ оҕо, киһи өйө-санаата сайдыытын табатык быһаарар кыаҕа суох. Олус былыргы, дьон өйө-санаата ситэ сайда, тупса илигинэ үөскээбит этиилэри билигин кэлэн бэйэлэринэн туһаныы аныгы сайдыылаах, үөрэхтээх, билиилээх дьоҥҥо сөп түбэспэт.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Аан дойдуну санаа тутан турар”, “Киһини санаата салайар”, “Киһи айылҕа оҕото” диэн этиилэртэн саҕаланар уонна киһи буолуунан, киһи быһыылаахтык олоҕу олоруунан киһи олоҕо түмүктэнэрин билинэр. Ол аата бу үөрэх оҕо өйө-санаата сайдан иһиитин табатык быһаарар.

Ханнык да таҥара сири-дойдуну, тыынар-тыыннаахтары оҥорботоҕо, айбатаҕа. Сахаларга оннук өйдөбүл былыр-былыргыттан суох. Айыы диэн тыл киһи саҥаны оҥорор өйүн-санаатын уонна ураты, атыттарга маарыннаабат өй-санаа, бэйэтэ туспа айыы буолан сылдьарын быһаарар. Бу айыы диэн тыл атын таҥара үөрэхтэрин курдук “творец” диэн өйдөбүлэ сахаларга төрүт суох.

Айылҕа уһун үйэлээх сайдыыта “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр уонна икки өттүттэн тутулуктааҕа, хардары-таары хамныыра, кэмиттэн кэмигэр тэҥнэһиини үөскэтэрэ киһини, тыынар-тыыннаахтары, айылҕаны сайыннарбыта. Бу хардары-таары солбуйсан биэрэр хамсааһын айылҕа сүрүн тутулугунан буолар. Ол курдук киһи бэйэтэ эмиэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн этэ-сиинэ уонна өйө-санаата тус-туспа буоланнар икки өрүтүн үөскэтэллэр. Бу икки өрүттэр хардары-таары бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктанан тупсуу диэки хамсыыллара киһи сайдыыны ситиһэригэр кыах биэрэллэр.

Онон айылҕа барыта икки өрүттээх тутулуктааҕа сиргэ олох сайдыытын уонна уустуктарын үөскэтэр. Айылҕаҕа аҥардастыы аҥар өттүн диэки барыы, ханнык баҕарар халыйыыны үөскэппит көрүҥ эстиитигэр тириэрдэр. Ол иһин айылҕаҕа туох барыта кэмиттэн кэмигэр тэҥнэһии балаһыанньатын үөскэттэхтэринэ эбэтэр киирэн биэрэн истэхтэринэ эрэ табыллар. Холобурга, уонтан тахса сылынан аһара үөскээн хаалар куобах аһыыр аһылыга быстыытыттан уонна сирин, тыатын киртитиититтэн эстэн, симэлийиигэ барар, ахсааннара лаппа аҕыйыыр кэмнэрдээх.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн биһиги, сахалар бэйэбит айылҕа тутаах тутулуктарын быһаарар үөрэхпит буолар. Бу үөрэҕи тутуспат буолуу айылҕаҕа дьон эстиилэригэр тириэрдиэн сөп. Ол иһин киһи өйдөөх-санаалаах буоларынан, үөрэх-билии этиитинэн салаллан олоҕун олорорунан, бу үөрэҕи хайаан да тутуһара ирдэнэр.

Автор бары биир санаалаахтарыгар, үлэтин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт аймахтарыгар, табаарыстарыгар истиҥ махталын биллэрэр.

КИҺИ ТУТУЛА

Мэйии¬тигэр өй-санаа түргэнник сайдар кыахтааҕыттан киһи, билигин Сири дойдуну барытын баһылаан, аны Космос куйаарыгар тахсан эрэр. Дьон бары төһө да үөрэҕи-билиини сайыннардаллар даҕаны, бэйэлэрин эттэрэ-сииннэрэ уонна өйдөрө-санаалара хайдах бииргэ, бэйэ-бэйэлэриттэн тутуллан үлэлииллэрин ситэ арааран би¬лэ иликтэр. Арай сахалар өй-санаа, кут-сүр үөрэхтэрэ уонна айылҕа тутулугун быһаарар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиилэрэ киһи тутулун, өйө-санаата сайдыытын быһаарыыга сөп түбэһэллэр.

Сахалар былыр-былыргыттан киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, куттара тус-туһунан буолалларын билэн кут-сүр үөрэҕин арыйан туһаналлар. Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, куттара тус-туспа буолуулара киһи өйө-санаата кыыл өйүттэн-санаатыттан сыыйа сайдан испитэ диэн наука этиитигэр кытта сөп түбэһэллэр. Ол курдук олус былыргы кэмнэргэ киһи өйө-санаата ситэ сайда илигинэ, улахан кыыл өйүн-санаатын саҕа таһымнаах буолан, олус өр кэмҥэ олорбут. Киһи өйө-санаата кыыллар өйдөрүттэн сыыйа сайдан тахсыбыта диэни аныгы наука эмиэ билинэн, дьон эбисийээнэтэн үөскээбиттэр диэни ылынар.

Биһиги инники үлэлэрбитигэр олоҕуран уонна сахалар кут-сүр үөрэхтэрин сүрүн өйдөбүллэригэр сөп түбэһиннэрэн киһини бэйэтэ маннык тус-туспа көрүҥнэртэн хомуллан оҥоһуулаах диэн этэбит:

1. Киһи этэ-сиинэ - баар-суох сүрүн, тутаах, айылҕаттан уонна төрөппүттэриттэн тутулуктаах, быһаччы бэриллэн, утумнаан, удьуордаан иһэр чааһа буолар. Эт-сиин ба¬рыта Айылҕаҕа баар эттиктэртэн хомуллан үөскүүрүн уонна айылҕаттан тутулуга улаханын сахалар быһаараннар “Киһи айылҕа оҕото” диэн этиини үөскэппиттэр.

2. Өй-санаа эттэн-сиинтэн туспа көрүҥ. Туспа эньиэргийэ көрүҥэ буолара билигин быһаарылла сылдьар. Киһи өйө-санаата сайдыыны ситиһэр уратыларыттан тутулуктанан үс сүрүн таһымнарга арахсар:

- Бастакы таһым. Сахалыы буор кут диэн ааттанар. Саамай кыра таһымнаах өй-санаа. Бары үүнээйилэр, тыынар-тыыннаахтар эттэрин-сииннэрин хамсаталлар, ол хамсааһыннартан саҕаланан үөскүүр өйү-санааны буор кут диэн ааттаабыттар. Үүнээйилэртэн саҕалаан Айылҕа бары тыынар-тыыннаахтарыгар эт-сиин хамсааһыныттан үөскүүр кыра таһымнаах өй-санаа. Эти-сиини көрөргө-харайарга, харыстыырга, бары быччыҥнары араастаан хамсатар¬га-имсэтэргэ аналлаах өй-санаа буолар.

- Иккис таһым - ийэ кут таһыма диэн ааттанар. Өй-санаа сайдыы-тын иккис таһыма. Айылҕа тыынар-тыыннаахтарыгар барыларыгар сайдар. Өй-санаа кыра таһыма, үгэстэртэн үөскүүр, эти-сиини көрөрүн-истэрин таһынан, эт-сиин бары баҕа санааларын толорорго аналлаах өй-санаа буолар.

Тыынар-тыыннаахтарга ийэ кут сайдарын сахалар эрэ арааран би¬лэллэр. Атын омуктар итэҕэллэрин үөрэхтэрэ буор уонна ийэ кут өйдөрүн-санааларын көтүтэн, быһалыы салгын куту эрэ билинэллэр. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн ат, ыт, улахан кыыллар бары тыыннаах куттаахтар, ол куттара ийэ кут таһымыгар сайдар, хос-хос хатылаан үгэстэргэ үөрэнэллэр. Остуоруйаларга, олоҥхолорго аттар, көтөрдөр бары тыыннаах куттаах гына ойууланан көрдөрүллэллэр. Ийэ кут таһымар үгэстэргэ үөрэнии олус боростуой, саҥаны билиилэртэн хомуллан биллибэтинэн мунньуллан, сайдан иһэр, оҕо кыра эрдэҕиттэн саҕаланан үтүгүннэрэн үөрэтиинэн ситиһиллэр уонна элбэхтик хатыланнаҕына умнуллубат буоларынан уһун кэми ылар. Бары кыыллары, көтөрдөрү үөрэтиигэ хос-хос хатылаан, манньалаан, үөрэҕи үгэс оҥорон иҥэрии эрэ туттуллар. Ол иһин ийэ куту эрчийиигэ үгэс¬тэргэ үөрэтии, өр кэмҥэ хос-хос хатылаан, бэйэни батыһыннарыы, үтүгүннэрии эрэ туттуллара туһалаах. Оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кута олус түргэнник сайдар, туох саҥаны, уратыны билбитэ барыта ийэ кутун үөскэтэн иһэр. Сахалар урукку кэмҥэ өй-санаа үөрэҕин туһанар эрдэхтэринэ оҕо төрөппүттэрин үтүктэн үөрэнэр кыаҕын таба туһаналлар этэ.

- Үһүс таһым - салгын кут таһыма. Өй-санаа бу таһыма дьоҥҥо эрэ сайдар кыахтаах. Үөрэҕи-билиини баһылааһын, көрөн, истэн, ааҕан үөрэнии барыта бу таһымҥа киирсэллэр. Киһи салгын кута түргэнник сайдар кыахтааҕыттан, олус былыргы кэмнэртэн ыла сир үрдүгэр баһылыыр оруолу ылар кыахтаммыта, бэйэтин киһибин диэн ааттанан атыттартан, бары улахан кыыллартан, көтөрдөртөн туспа араарыммыта, өйүн-санаатын уратыларын билиммитэ. Бу ураты сахабыт тылыгар киирэн киһи бэйэтин эрэ “ким”, “кини” диэн ааттыыр уонна “кимий” диэн ыҥырарыгар иҥэн сылдьар.

Киһи үс куттара сүр диэн санаа күүһүнэн холбуу бииргэ тутулла сылдьаллар диэн сахалар сайдан иһэр кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарар. Сүр киһиэхэ тулуурдаах буолуутуттан үөскүүр уонна куттарын холбуу тута сылдьар күүс буолар. Сүр мөлтөөһүнэ, суох буолуута, тостуута куттар ыһыллан, тус-туспа барыыларыгар тириэрдэрэ киһи өйө, салгын кута көтөрүгэр тириэрдэр. Өйө көппүт, өйө суох киһи кыыл, сүөһү өйүгэр-санаатыгар түһэр, ол аата салгын кута көттөҕүнэ ийэ кута баһылаан салайыытыгар киирэр. Өй көтүүтэ диэн өйдөбүл салгын кут көтүүтүн, арахсан барыытын биллэрэр.

Киһи этэ-сиинэ куттарын кытта ыарыы диэн санаа ситимнэринэн холбоно сылдьаллар. Эт-сиин өйтөн-санааттан туспа буоларын эккэ-сииҥҥэ ыарыы үөскүүрэ быһаарар. Эт-сиин туга эмэтэ табыллыбата даҕаны сонно ыарыы үөскээн куттарга тарҕанан тиийэриттэн киһи ыарыыны, этэ-сиинэ баарын, туга эрэ табыллыбатаҕын билэр.

Ыарыы суоҕа буоллар киһи туга, ханнык чааһа ыалдьарын билбэккэ эрэ сылдьыа этэ. Өйү-санааны салайыы үрдүкү таһымын ситиспит ойууннар эттэригэр ханнык да ыарыы үөскүүрүн билиммэт турукка киирэн ылар кэмнээхтэр. Киһи ханнык да ыарыыны билиммэт буолуута эт-сиин уонна өй-санаа, куттар тус-туспаларын быһаарыыга туһалыыр бэлиэ буолар.

Кэлин киһи өйүн-санаатын сайдыыта биллэрдик түргэтээн билиҥҥи таһымын, урукку сайдан иһиитин кэмигэр тэҥнээн көрдөххө, олус түргэнник ситистэ. Кэнники икки тыһыынча сыл иһигэр дьон-аймах сай¬дыыларын таһыма букатын туруору өрө таҕыста. Өй-санаа, салгын кут сайдыыта хаһан да ситиспэтэх үрдүк таһымыгар тахсан эрэр.

Өй-санаа олус күүскэ сайдан, бэйэтин билинэн иһиитэ аһара барыыта Үөһээ дойдуга талаһыытын, бара сатааһынын үөскэтэн, этин-сиинин быраҕарыгар тириэрдиэн сөп. Ол иһин өйө-санаата сайдыбыт киһи өйүн-санаатын сүрүн күүһүнэн хам тутан Орто дойдуга сырытыннардаҕына эрэ, киһи, эттэнэн-сииннэнэн киһи быһыылаахтык олоҕун олороро кыаллар. Ол курдук былыргы са-халар үөрэхтэринэн Үөһээ дойду диэн аҥардас өй-санаа мустубут сирэ, дойдута баар. Бу сиргэ, дойдуга киирдэххэ эбэтэр сырыттахха букатын былыргы да дьон өйдөрүн-санааларын, куттарын тэҥэ, кэлэр кэмҥэ буолуохтаах быһыы¬лар тустарынан билиэххэ сөп диэн этэллэр. Бу дойду өйү-санааны угуйар, тардар, көҥүл-босхо, көтө сылдьар буолууга ыҥырар. Өй-санаа эт-сиин сайдыытын аһара баран сайдара куһаҕаҥҥа, өлүүгэ, быстах быһыыга тириэрдиэн сөбүн биллэрэр.

Түүлгэ өлбүт киһини кытта барсыы өй-санаа Үөһээ дойдуга барыытыгар, киһи өлүүтүгэр тириэрдэр быһыы буолар. Ол иһин тыыннаах, Орто дойдуга олорор дьон өйдөрүн-санааларын тулуурдаах буолууга үөрэтэн, харыстыыллара, Үөһээ дойдуга көҥүлүнэн ыыппаттара сирдээҕи олох көрдөбүлэ буолар.

Киһи сирдээҕи олоҕо олус уустук. Этэ-сиинэ Айылҕа бэйэтин усу-луобуйатыгар баар эттиктэртэн хомуллан үөскүүр уонна төрөппүттэ¬риттэн быһаччы тутулуктаах буоллаҕына, өйө-санаата улаатан истэҕинэ сайдан, мунньуллан, күүһүрэн иһэр. Олох кыра эрдэҕиттэн этэ-сиинэ хамсааһыннарга үөрэнэр, төрүт өйө-санаата, ийэ кута иитиллэн улаатар. Бу ийэ кут өйө-санаата үгэстэртэн, биир быһыыны олус элбэхтэ хос-хос хатылааһыннартан уонна саҥаны билэн иһииттэн үөскүүр буолан төрүт өй-санаа буолар, киһиэхэ үйэтин тухары дьайа сылдьар. Ол курдук кыра эрдэҕинэ атаахтык улааппыт оҕо улаатан баран итирдэҕинэ, өйө көттөҕүнэ атаахтыыра куруук киирэ сылдьара, куһаҕаннык, сиэри таһынан быһыыланнарара хаһан да хаалбат.

Үөһээ дойду өйүгэр-санаатыгар олус бы¬лыргыттан үгэс буолбут өйдөбүллэр мунньустар буоланнар киһи, бу күннээҕи өйүгэр, салгын кутугар кыайан өйдөммөттөр. Киһи атын турукка киирдэҕинэ эбэтэр түһээтэҕинэ, ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирэн ылар кэмнэрин биирдэ эмэтэ туһаныахха сөп. Ийэ кут өйө-санаата атын мээрэйдээх, былыргыттан үөскээбит үгэстэринэн салаллар. Ол курдук түүлү тойоннооһун түүлгэ көстөр бэлиэлэр олохсуйбут өйдөбүллэринэн, онно иҥмит үгэстэринэн быһаарыллаллара оруннаах.

Салгын кут өйө-санаата диэн оҕо улаатан иһэн 5 эбэтэр 6 сааһыттан ыла билиитин-көрүүтүн, бэйэтэ өйүгэр-санаатыгар тутан, ум¬нубат буолбут кэмиттэн ыла биһиги ааттыыбыт. Ол аата оҕо сарсын тугу оҥоруохтааҕын былааннаан баран умнубат буоллаҕына салгын кута сайдан иһэр. Салгын кут билиитэ олус элбэхтэ хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйдаҕына эмиэ ийэ кут өйүгэр-санаатыгар уларыйан ууруллар, умнуллубат буолууга кубулуйар.

Психолог Г.Миллер киһи өйө-санаата уонна этэ-сиинэ үчүгэй эбэ-тэр куһаҕан буолууну тус-туспатык ылыналларын бэлиэтиир. Киһи эти¬гэр-сиинигэр үчүгэй буолуута өйүгэр-санаатыгар санаарҕабылы үгүс¬түк үөскэтэллэрин быһаарар. (1,205). Ол аата, киһи өйүгэр-санаа¬тыгар үчүгэй буолуута, этигэр-сиинигэр куруук үчүгэйи оҥорбот эбит. Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, куттара тус-туспа буолалларын үчүгэйи уонна куһаҕаны хайдах арааралларыттан быһааран билиэххэ сөп. Холо¬бурга, арыгы уонна аһылык киһиэхэ дьайыытын ылыахпытын сөп.

Арыгы иһиитэ киһи өйүгэр-санаатыгар түргэнник дьайар буолан үөрүүнү, чаллайыыны таһааран, үксүгэр киһиргээһини үөскэтэр. Кыра эрдэҕиттэн киһиргии үөрэммит оҕо өйө-санаата арыгы иһиэҕин баҕатын кыайан туттунара уустук. Эл¬бэхтик арыгылааһын, арыгыһыт буолуу кэнниттэн киһи этэ-сиинэ, до¬руобуйата мөлтөөн ыарыһах буолан хаалар. Ол аата, өйгө-санааҕа үчүгэй буо¬луута кэлин эккэ-сииҥҥэ куһаҕаны оҥорор, этэ-сиинэ эрэйдэнэригэр тириэрдэр.

Киһи минньигэс аһылыгы элбэҕи сиэн баҕарар. Иһэ тотуор диэри. Топпут киһи санаата көнөр дииллэр. Олус элбэҕи аһыыр буолуу кэнниттэн эт-сиин эбиллэн, уойуу буолан барар. Уойбут киһи көрүҥэ мөлтөөн, хамсанара аҕыйаан барыытыттан өй-санаа санааргыыр, хайдах эрэ аһыыр аһылыгы аҕыйатан, эти-сиини диетаҕа киллэриэн баҕара саныыр буолар. Бу утарыта турсууга хайалара кыайара өссө биллибэт, киһи өйө-санаата, салгын кута бөҕө, өһөс буоллаҕына, тулуура уонна дьулуура күүһүрдэҕинэ эрэ этин-сиинин аһыан-сиэн баҕатын кыайыан сөбө быһаарыллар. Ол курдук оҕо улаатан эрэр кэмигэр аһаабакка сылдьары улаханнык ыарырҕатар, кыайбат да буоллаҕына, сааһырбыт киһи эрэйдэммэккэ эрэ аһаабакка сылдьары кыайар, тулуйар кыаҕа улахан.

Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата утарыта турар санаалаахтарын киһини үөрэтэр үөрэхтээхтэр эмиэ бигэргэтэн эрэллэр. Биллиилээх физиотерапевт Поль Брэгг киһи улахан тулуурдаах буоллаҕына эрэ этин-сиинин көрдөбүллэрин сатаан салайар буола үөрэнэрин быһаарбыта. (2,53).

Онон, киһи бэйэтин уһун олоҕун устатын тухары ис санааларын кы¬тары охсуһан, олору кытта туруулаһан тахсар. Этин-сиинин быстах баҕа санаала¬рын кыайан, сабырыйа тутан салайдаҕына эрэ, этэ-сиинэ доруобай, күүстээх буолан өй-санаа салгыы сайдыытын ситиһэр, этин-сиинин хамсатан үлэни-хамнаһы кыайар кыахтанар.

“Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн сахалар этиилэрэ олус киэҥ, дириҥ силистээх тулуурдаах буолуу үөрэҕин саҕалыыр этии буолар. Өһөс киһи тулуурдаах, дьулуурдаах, онтон олоҕу киһи быһыылаахтык олорууга, ыарахан үлэни үлэлииргэ киһи ураты тулуурдаах, өһөс буолара эрэ табыллар. Тулуурдаах буолуу сүрү үөскэтэр. Онтон сүр диэн сахалар үөрэхтэринэн киһи өйүн-санаатын биир тутаах хаачыстыбата, куттарын холбуу тута сылдьар күүһэ буолар. Төрөппүттэр бу сахалыы үөрэҕи тутустахтарына эрэ эрэллээх кэлэр көлүөнэлээх буолуохтарын сөбүн билиэхтэрэ этэ.

Киһи айылҕа биир чааһа буоларынан, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки аҥы, икки тус-туспа төрүттээх өрүттэртэн тутуллан олоҕун олорор. Ол курдук этэ-сиинэ айылҕаттан, төрөппүттэриттэн быһаччы бэриллэр өрүтэ буоллаҕына, өйө-санаата улаатан истэҕинэ төрөппүттэрэ иитэн биэрэр уонна бэйэтэ билэн-көрөн, истэн-ааҕан сайыннарар өрүтэ буолар.

Бу икки тус-туспа өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин кытта тутулуктарын биһиги салгыы ырытыахпыт. Киһи өйө-санаата сайдыбытынан туһанан айылҕа төрүт тутулуга “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этэрин тутуһан, этин-сиинин уонна өйүн-санаатын көрдөбүллэрин иккиэннэрин тэҥнээн биэриини ситистэҕинэ, ол аата хайаларын да аһара ыыппатаҕына, аҥар өрүтүн хаалларбатаҕына эрэ, олоҕун киһи быһыылаахтык олорорун билиэ, бу билиини олоҕор туһаныа этэ. Ол аата киһи буолуу, киһилии быһыыланыы диэн аныгы сайдыылаах үөрэх-билии көрдөбүллэринэн, өй-санаа сайдыбытынан туһанан эти-сиини эрчийии, сайыннарыы, тупсарыы буолар. Бу сайыннарыы, эрчийии хайа да өттүгэр аһара барбакка, ханнык эрэ кэмнээх, бэйэтигэр сөп түбэһэр тэҥнэһиини үөскэтэн иһэрэ эрэйиллэр. Онон эт-сиин уонна өй-санаа, куттар киһи икки өрүтүн үөскэтэллэр. Бу икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин утарыта хайысхалаах көрдөбүллэрин тэҥнээн биэрэр кыахтаннахтарына эрэ киһи киһилии быһыылары оҥорор, олоҕун киһи быһыылаахтык, уһуннук олорор кыахтанар.

ЭТ - СИИН

Былыргы кэмҥэ сахалар улахан күүстээх, хомуһуннаах ойууннара кут-сүр үөрэҕинэн, киһи өйүн-санаатын үөрэтиинэн утумнаахтык дьа¬рыктаммыт эбиттэр. Олус дириҥник хасыһан түүллэри үөрэтэн уонна гипноһу туһанан үөрэппит буоланнар киһи өйө-санаата, куттара уонна этэ-сиинэ тус¬-туспаларын арааран билбиттэр. Кинилэр киһи кутун уонна сүрүн үөрэ¬тиилэрин салгыы сайыннараннар, өй-санаа үөскүүр төрүттэрин быһаараннар киһи этин-сиинин хамсатарга аналлаах өйүн-санаатын үс аҥы, тус-туспа куттарга араа¬рар буолбуттар.

Биһиги бу ыстатыйабытыгар аҥардастыы киһи этин-сиинин туспа арааран үөрэтиэхпит. Ол иһин бу эт-сиин диэн өйдөбүлгэ киһи туох чаастара киирсэр эбиттэрин быһаарыахпыт.

Өйө-санаата суох киһини сахалар «киһи курдук көрүҥнээх» эбэтэр «киһи буолбатах» диэн этэллэр. “Киһи курдук көрүҥнээх” баар буолуута эт-сиин өйтөн-санааттан уратытын, туспатын, биир эмэ киһи өйө-санаата суох эбэтэр лаппа аҕыйах буолуон сөбүн биллэрэр. Сахалар киһи этин-сиинин хаһан баҕарар өйүттэн-санаатыттан тус¬па буоларын бэлиэтээн этэллэр. Киһи этэ-сиинэ дьиҥнээх биологичес¬кай төрүтэ буолар. Бу этин-сиинин киһи төрөппүттэриттэн, аймахта¬рыттан быһаччы утумнуур, удьуордуур. Эт-сиин утумнаан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салгыы бэриллэн иһэр Айылҕа эттиктэринэн буолар. Ол иһин Айылҕаҕа уларыйан, эргийэн биэрэн иһэллэрэ эрэйиллэр. Ол аата, киһи өллөҕүнэ этэ-сиинэ ийэ буоругар, Айылҕаҕа төннөн салгыы атын көрүҥҥэ кубулуйан иһиэхтээҕэ быһаарыллар.

Олус былыргы кэмнэргэ Тибет олохтоохторо киһи өллөҕүнэ хайаҕа таһааран кыыллар, көтөрдөр сииллэригэр анаан ууран биэрэллэр эбит. Онтон кэлин уҥуохтара ыраастаммыттарын кэннэ хомуйан ылан көмөн кэбиһэллэрэ үһү. Сахаларга “Киһи уҥуоҕа” диэн этии баара, былыр эмиэ киһи уҥуоҕун эрэ көмөллөрө эбитин биллэрэр.

Киһи тас көрүҥэ, быһыыта-таһаата кэнэҕэски көлүөнэлэригэр бэ-риллэн иһэрин кини оҕолоро, сиэннэрэ тас көрүҥнэринэн төрөппүттэ¬ригэр ханан эмэ маарынныыллара чуолкайдык быһаарар. Ити тас көрүҥ бэриллэн иһиитэ барыта Айылҕа биэрбитинэн, эт-сиин утумнаан иһии¬тинэн быһаарыллара сөбүн бэлиэтиир.

Айылҕа биэрбитинэн киһи этин-сиинин оҥоһуулара кэлэр көлүөнэ ыччаттарыгар быһаччы бэриллэн иһэр буолуута төрөппүттэрин өйдөрө-санаалара оҕолорун өйүгэр-санаатыгар эмиэ быһаччы бэриллэрэ буолуо диэн санааны дьоҥҥо барыларыгар олохсуппута сыыһа. Маннык сыыһа санааны сэбиэскэй былаас кэмин саҕана материалистар быһаччы уонна судургу үөрэхтэрэ киэҥник тарҕатар этэ, оннооҕор оҕону төрүүрүн кытта “киһи буолар” диэн этэ сылдьыбыттара. Бары төрөппүттэр кэлэр көлүөнэлэрин кыһанан, ылсыһан туран кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэллэрин, кэнники кэмҥэ, ити санаа суох оҥорон эрэр. Итини тэҥэ эрбэхтэн эмэн оҥоруллубут “айыы үөрэҕин” алҕастара, ийэ кут халлаантан түһэр диэн этэллэрэ саха дьонун албынныыр, өйдөрүн-санааларын буккуйар.

Кэлэр көлүөнэлэригэр киһи этин-сиинин кыт¬та өйө-санаата эмиэ бэриллэр диэн өйдөбүл төрдүттэн сыыһа буоларын уонна оҕо диэн өйө-санаата сайда илигин бэлиэтээн итинник ааттанарын биһиги бары үлэлэрбитинэн дакаастыы сатыыбыт. Бу дакаастабылга биһиги сахалар “Бил баһыттан сытыйар” диэн киэҥник биллэр өс хоһооннорун туһанарбыт ордук табыллар. Бу өс хоһоонугар баайдар, бастаахтар, салайааччылар эрэ өйдөрө-санаалара бастарыттан саҕалаан сытыйарын туһунан этиллэрэ саамай сөп.

Атеистар уһун кэмнээх дьайыыларыттан дьон бары былыргыттан үөрэхтээх, элбэх өйдөөх киһи оҕото эмиэ өйдөөх буолуохтаах дии саныы үөрэммиттэрин хаалларбакка сылдьаллар, онуоха эбии анаан-минээн буккуйааччылар, ийэ куту ким эрэ чэчэгэйгэ үрэн биэрэрин курдук этээччилэр эмиэ бааллар. Ол эрээри кэлэр көлүөнэлэри иитии, үөрэтии үлэтэ мөл¬төөбүтүттэн эдэрдэр бэрээдэктэрэ суох буолла диэн этээччилэр билигин элбээтилэр. Дьон өйдөрө-санаалара баайдарыттан-дьадаҥыларыттан туту-луктара суоҕун революция кэнниттэн дьадаҥы үлэһит дьонтон сайдан-үүнэн тахсыбыт биллэр салайааччылар, суруйааччылар бэйэлэрин холобурдарынан эмиэ туоһу¬лууллар. Өйдөөх дьон оҕолоро төрөппүттэрин курдук өйдөөх-санаалаах буо¬лаллара аҕыйаҕын сахалар быһааран биэрэр этиилэринэн «Бил баһыттан сытыйар» диэн буолар. Бу этии элбэх билиилээх бас-көс, салайааччы дьон оҕолорун кыайан киһилии быһыыга ииппэттэриттэн, атаахтаталларыттан өйдөрө-санаалара мөлтөөн, сытыйан барарын чуолкай¬дык быһаарар этии буолар.

Биһиги санаабытыгар уонна психологтар быһаарыыларынан саҥа үөскээн, үүнэн иһэр оҕо мэйиитэ кураа¬нах буолара сөп. Оҕо мэйиитэ улаатан, сайдан истэҕинэ билиитэ-көрүүтэ кэҥиириттэн, өйө-санаата мунньуллан, эбиллэн иһэрэ быһаарыллар. Төрүөҕүттэн улахан киһи курдук өйдөөх оҕо баара бил¬либэт. Оҕо төрүүрүгэр мэйиитэ кураанах буоларын толкуйдуур, быһаарар кыаҕа суоҕа эмиэ биллэрэр. Ол барыта мэйиигэ мунньуллан иһэр өй-¬санаа, олох аҕыйаҕыттан эбэтэр суоҕуттан буолар. Итинник быһаарыы дакаастабылларынан хас биирдии оҕону ньуосканы сатаан тутан аһыырга, горшокка олордо үөрэ¬тии төһө эмэ уһун кэми ылара уонна кырдьаҕас киһи өйө-санаата, толкуйдуур, быһаарар дьоҕура өй үлэтинэн дьарыктанан истэҕин аайытын эбиллэн иһэрэ быһаарар. Төһө элбэх өй-санаа киһи мэйиити¬гэр киирэн мунньуллар даҕаны, соччонон мэйии толкуйдуур, быһаарар күүһэ эбиллэн иһэрин сааһыран иһэр дьон бары билэллэр.

Киһи этэ-сиинэ өйүн-санаатын кытта биир биллэр тутулуктаах. Ол тутулугунан киһи этигэр-сиинигэр үөскүүр ыарыы буолар. Киһи этин-сиинин ханнык эмэ өттүн туохха эмэ дэҥнээтэҕинэ эбэтэр эт¬-сиин бэйэтэ туох эмэ куһаҕан буоллаҕына, онно ыарыы үөскээн өйүгэр-санааты¬гар тиийдэҕинэ өйө-санаата бу үөскээбит ыарыыны суох оҥорор санааҕа түһэр. Хайдах эмэ хамсанан дуу, эмп иһэн дуу, хайаан дуу бу ыарыыны суох оҥоро сатааһынынан өйө-санаата дьарыктаммытынан барар.

Итинник аналлаах сибээс, тутулук баара эт-сиин уонна өй-санаа тус-туспа буолалларын өссө төгүл бигэргэтэр көстүүнэн буолар. Өй-¬санаа эттэн-сиинтэн араҕыстаҕына киһи этэ ыарыыны билбэт буолар. Ханнык да ыарыылартан эт-сиин кыһаммат буолан, көмүскэнэр кыаҕа сүтэр. Былыргы ойууннар өйдөрүн-санааларын күүһүнэн эттэригэр үөс¬күүр ыарыылары суох оҥорон кэбиһэллэрэ билигин даҕаны кэпсээн буо¬лан сылдьаллар.

Онон, киһи этэ-сиинэ өйүттэн-санаатыттан туспа көрүҥ буолар. Бу эт-сиин өйө-санаата суох бэйэтэ туспа сайдан барыан сөп. Бу быһаарыыны кыыллар өйдөрө-санаалара аҕыйах буолуута уонна букатын да өйдөрө аҕыйах дьон баар буолуулара чуолкайдык бигэргэтэр. Биир хааннаах, чугас аймах дьон эттэрэ-сииннэрэ биир оҥоһуу-лаахтар. Бу быһаарыыны медицина науката билэн билигин туһана сылдьаллар. Эт-хаан сөп түбэһиитин таба туһанан киһи чаастарын, ис уорганнарын сап¬паас чаас оҥостон, атастаһыннаран биэриигэ киэҥник туһанар буолан эрэллэр.

Аймах дьон эттэрэ-сииннэрэ биир тутулуктаах буолууларын былыргы сахалар билэллэрин чопчу этиилэрэ бигэргэтэллэр. Ол курдук аһара кырдьыбыт киһи бэйэтин эдэр аймахтарын эттэрин-сииннэрин баттыырын кырдьаҕастар билэллэр. Кырдьаҕас киһи өллөҕүнэ, эдэр ыарыһах аймаҕа арыычча буолан тупсан хааларын сахалар былыргыттан бэлиэтииллэр.

Саас халтараан суолга массыына абаарыйатыгар түбэһэн эдэр кыыс улаханнык оһоллонон, хаста да эппэрээсийэлэнэн мөлтөх туруктаах балыыһаҕа сыттаҕына, аҕата көрсө киирэн иһэн соһуччу, астмата көбөн өлөн хаалар. Ыарахан туруктаах кыыс сайын үтүөрэн, күһүнүгэр ыраах сиргэ кэргэн тахсан, ыал мааны ийэтигэр кубулуйар. Хаан ай¬мах дьон эттэрэ-сииннэрэ биир оҥоһуулаах, буор куттарынан тутулуктаах буолаллара итинник холобурдарынан быһаарыллыахтарын сөп курдуктар.

Сахалар киһи этин-сиинин «Инчэҕэй эттээх» диэн арааран этэллэр. Орто дойдуга эрэ сылдьар киһи инчэҕэй, тыыннаах эттээх буолар. «Сорох кэмҥэ бэйэҕин көм эккиттэн кымаахтаан көрөр буол, ыалдьар буоллаҕына Орто дойдуга сылдьар буолуоҥ»,- диэн киһи өйө-санаата ханна сылдьара уларыйан ылар кэмнэрдээҕин билэннэр эмиэ этэллэр.

Эт-сиин баҕа санаатын толорууну киһи оҥорор кыаҕа улахан, ол иһин дьоллоох буолууну элбэхтик билэр. Тыыннаах киһи Орто дойдуга эттээх-сииннээх сылдьар, эт-сиин баара үчүгэйин билэн, баҕа санаата туолан сорох кэмнэргэ дьоллооҕунан ааҕынар кыахтанар. Онон тыыннаах буолан, эттэнэн-сииннэнэн сылдьыы киһиэхэ Орто дойдуга эрэ бэриллэр. Ол иһин киһи этин-сиинин харыстаан, көрөн-истэн эрчийэн уһун үйэлээхтик илдьэ сылдьара өйүттэн-санаатыттан быһаччы тутулуктаах. Ол аата өй-санаа аһара баран Үөһээ дойду, айыы буолуу диэки таласпакка, бара сатаабакка этин-сиинин көрөн-истэн, харыстаан, утумнаахтык эрчийэн Орто дойдуга уһун үйэни ситиһэр, олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтаныан сөп.

ӨЙ - САНАА

Аныгы олоххо кыра оҕо иитиитигэр кыһаммат буола сылдьабыт. Ол барыта сэбиэскэй былаас кэмигэр “Киһи барыта тэҥ” диэн этиини аһара ыытан, оҕо төрөөтөр эрэ “киһи буолар” курдук өйдөбүлү иҥэриилэриттэн уонна элбэх сыыһалардаах, сэбиэскэй кэмнээҕи өйү-санааны салҕаан иһээччилэр, «айыы үөрэҕин» айааччылар оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэрин курдук таһы-быһа сымыйанан этиилэрин итэҕэйииттэн буолла.

Өй-санаа тутулуктарын түүл үөрэҕин көмөтүнэн үөрэтии оҕо ийэ кута сайдар кэмин чуолкайдык быһаарар кыахтанна. Ол курдук кыра оҕо чуолкайдык түүл түһээбэтэ ийэ кута өссө сайда, үгэстэрэ өссө үөскүү иликтэрин биллэрэр. Киһи сааһыран истэҕинэ түүлэ ордук чуолкайданан, ыраастык көстөр буоларын тэҥэ, араас саҥалары истэрэ эбиллэр. Ол аата киһи сааһыран истэҕинэ үгэстэрэ күүһүрэннэр, өйө-санаата дириҥээн эбиллэн иһэрэ быһаарыллар.

Киһи эттээх-сииннээх Орто дойдуга эрэ сылдьар кыахтаах буоллаҕына, эттэн-сиинтэн эньиэргийэ ылан сайдар өй-санаа көҥүл-босхо баран, Үөһээ дойдуга тахсар санаата, сайдан, күүһүрэн истэҕинэ эбиллэн иһэр. Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара эттэриттэн-сииннэриттэн арахсан, Үөһээ дойдуга айыы, үөр буолан туспа бараллара кырдьык. Ол курдук киһи хаһан баҕарар өлбүт киһи өйүн-санаатын түһээн көрөрө суох буолан хаалбат.

Өйү-санааны көҥүл-босхо ыытыы, өй көтүүтүгэр, киһи өлүүтүгэр тириэрдиэн сөп. Ол иһин киһи сүрүн күүһүнэн, өһөс санаатынан өйүн-санаатын хам тутан бииргэ, холбуу илдьэ сырыттаҕына эрэ Орто дойдуга олоҕун киһи быһыылаахтык олороро кыаллар кыахтаах. Өй-санаа киһи үс куттарын үөскэтэр. Бу куттар эти-сиини хамсатар, көрөр-истэр аналлаахтар. Ол курдук буор кут эти-сиини быһаччы, хас биирдии быччыҥнарын хамсатар буоллаҕына, ийэ уонна салгын куттар үгэстэри, үөрүйэхтэри үөскэтэн эти-сиини хамсаталлар. Буор, ийэ куттар оҕо кыра эрдэҕиттэн сайдан барар буоллахтарына, салгын кут оҕо биэс эбэтэр алта сааһыттан ыла түргэнник сайдар, үөрэҕи-билиини ылынар.

Оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ үөскүүр ийэ кута уһун үйэтин тухары туттунар быһыытын барытын хонтуруоллуу сылдьарын билэммит оҕону кыра эрдэҕинэ иитиини сыыһата-халтыта суох, бэйэни үтүгүннэрэн, ону-маны, аан маҥнай үчүгэйи оҥотторо үөрэтэн ситиһиэхпит этэ. Ол иһин сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ оҕо ийэ кута иитиллиитигэр сүрүн олуолу биэрэр уонна киһи бэрээдэктээх буолуута, олоҕор сыыһа-халты туттубата барыта, онтон, ийэ кута иитиллиититтэн тутулуктаах диэн быһаарар. Оҕо кыра эрдэҕинэ иитии уратыларын сахалар былыргыттан билэллэриттэн ийэ кута сыыһа, куһаҕаннык иитиллибит оҕону атаах оҕо диэн туспа арааран ааттыыллар.

Оҕо өйө-санаата сайдан барыытыгар, кыра эрдэҕинэ эһэ уонна эбэ олус улахан сабыдыалы оҥороллоро эрэйиллэр. Kинилэр уһун олохторугар олох уоппутун элбэҕи мунньуммут дьон, оҕо үтүө үгэстэргэ иитиллиитигэр, үөрэниитигэр олук ууран биэриэхтэрэ этэ. Сааһырбыт дьон оҕону иитиигэ ылар оруоллара үрдүгүн «Kырдьаҕас дьон оҕолоро үчүгэй иитиилээх буолар»,- диэн этии бигэргэтэр. Ол барыта оҕо кыра эрдэҕиттэн үрүҥ дьүһүҥҥэ улахан суолта биэрэн, маҕан баттахтаах эһэтин, эбэтин этиилэрин боччумнаахтык истэн толоро үөрэнэригэр олоҕурар.

Эт-сиин биир эрэ үйэ устата олорор эбит буоллаҕына, өй-санаа, буор кут сайдыыта хас да, элбэх көлүөнэ дьон олохторун усталарыгар сайдан баран иһэр. Сахалар олохторун үөрэҕэ, ол иһин биир эрэ көлүөнэ дьону хаппакка, хас да көлүөнэ дьон олохторун холбуу ылан, оҕо хос эбэтигэр, эһэтигэр диэри кэмтэн ыла быһаарар. Ол курдук «Хос эһэтэ умнаһыт этэ»,- диэтэхтэринэ, бу киһи өйүн-санаатын дириҥ төрүттэрэ быһаарыллан биллэр кыахтаналлар уонна аныгы, сайдан иһэр капитализм олоҕор соччо сөп түбэспэт өрүттэрдээх буолара арыллыан сөп.

Kиһи олоҕун устата өйө-санаата, тугу билбитэ, хайдах хамсаммыта үгэс буолан этин-сиинин үөрүйэх оҥорон, буор кукка кубулуйан ууруллан, мунньуллан иһэллэр. Буор кукка кубулуйбут өй-санаа үөрүйэх диэн ааттанар уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр кыахтанарын, салгыы сайдан иһэрин саха дьоно барылара билэллэр. Уус идэтигэр үөрэнии хас да көлүөнэ устата салгыы баран истэҕинэ улахан уус буолууну ситиһиллэр.

Kиһи өйүн-санаатын күүһүнэн этин-сиинин эрчийэн, дьарыктаан, үчүгэй үгэстэргэ, үөрүйэхтэргэ үөрэтэн сайдыыны, тупсууну ситиһэр, баҕа санаата туолан, дьолу билэр кыахтанар. Бу сайдыы эккэ-сииҥҥэ дьайыытыттан эт-сиин сайдар, күүһүрэр, араас уустук хамсаныылары оҥорор кыаҕа улаатар. Үчүгэй үгэстэр киһи этигэр-сиинигэр үөрүйэҕи үөскэтэн буор кут буолан олохсуйдахтарына эрэ кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр кыахтаналлар.

Эт-сиин өйө-санаата ийэ кут таһымынан бүтэр. Ийэ кут таһыма – сүөһү, улахан кыыл, киһи өйүгэр-санаатыгар тиийбэт өй-санаа. Сахалар былыр үйэҕэ быһааран ыт өйүн биэстээх оҕо өйүгэр, сылгыны – түөртээх, онтон ынаҕы үстээх оҕо өйүгэр тэҥнииллэр. Итирэн дуу, хайаан дуу өйө, салгын кута көппүт киһи ийэ кутун салайыытыгар киирэн хаалар. Ол аата сүөһү өйүгэр-санаатыгар түһэр, араас сыыһаны-халтыны оҥорон кэбиһиэн сөп туруктанар.

Өйү-санааны эрчийии, дьарыктааһын, билиини хаҥатыныы - өй-санаа олоххо ситиһэр ситиһиитэ буолар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн иитиини, үөрэтиини сүөһүттэн киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы диэн ааттааһын олус таба буолуон сөп. Ол аата оҕону киһи быһыытыгар ииппэтэххэ, үөрэппэтэххэ өйө-санаата сүөһү өйүн таһымыгар хаалан хаалыан сөп.

Өй-санаа Үөһээ дойдуттан тутулугун түүллэри үөрэтии дакаастыыр. Түүлгэ ыалдьан өлбүт киһи “Ыарыым мэһэйдээбэт буолла” диэн этэрэ этэ-сиинэ суох буолан ыарыы диэни билбэтин бэлиэтиир.

Kиһи өлүүтэ уонна дьылҕа кистэлэҥнэрэ өссө да кыайан быһаарылла иликтэр. «Уһун үйэлээх», «Kылгас үйэлээх» – диэн этиилэр киһи олоҕун уһунун быһаараллар. «Быстах өлүүгэ түбэһэр дьылҕалаах» диэн этии баара киһи олоҕо атын хантан эрэ тутулуктааҕын эмиэ билинэр курдук. Ол эрээри ийэ кута иитиитэ суох эбэтэр куһаҕаннык иитиллибит буоллаҕына, эдэр киһи сыыһа-халты туттунара элбээн быстах быһыыга түбэһэрин элбэтиэн сөп.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи олоҕун уһуна эмиэ икки өттүттэн тутулуктаах:

1. Айылҕаттан тутулук. Бу тутулугу сахалар «Дьылҕа» диэн ааттыыллар. Айылҕаттан эт-сиин быһаччы тутулуктаах. Уһун үйэлээх дьон кэлэр көлүөнэлэрэ уһун үйэлээх буолуохтарын сөп.

2. Киһи олоҕо атын, иккис өттүттэн тутулуга бэйэтиттэн, өйө-санаата сайдан үөрэх-билии этэрин олоҕор хайдах тутуһарыттан тутулуктаах. Олох сыалын таба өйдөөн, эдэр эрдэхтэн эти-сиини эрчийэн, дьарыктаан, үөрүйэх оҥорон, өйү-санааны сайыннаран киһи үйэтин лаппа уһатыан эбэтэр ийэ кута куһаҕаннык иитиллибититтэн сыыһа-халты туттунара элбээн, бэйэтэ кылгатан кэбиһиэн сөп. Киһи түүллэрин үөрэтии, түүл туолара эбэтэр туолбата киһиттэн бэйэтиттэн эмиэ тутулуктаах буолуута олох уһуна ордук улаханнык киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктааҕын быһаарар.

Онон эт-сиин уонна өй-санаа киһи икки өрүтүн үөскэтэллэр уонна бу икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн-толорсон биэрдэхтэринэ, хайалара да аһара барбакка атынын көрө-истэ сырыттаҕына эрэ, киһи уһун үйэни ситиһэрин, киһи быһыылаахтык олоҕун олорор кыахтанарын таба өйдүөхпүт этэ.

ҮС КУТ

Былыргы улахан ойууннар куту тутан аҕалан туһааннаах киһиэхэ иҥэрэн биэрэллэрэ кэпсээҥҥэ сылдьаллар. Биһиги билигин кут диэн тугун түүл үөрэҕин туһанаммыт саҥа быһааран, билэн эрэбит.

Кут диэн эти-сиини хамсатарга аналлаах өй-санаа түмсүүтэ буоларын сахалар ойууннара билэр этилэр уонна ыалдьыбыт киһини эмтииллэригэр быһаччы туһаналлара. Ол курдук тыынар-тыыннаах кыылы өлөрөн, онтон доруобай кутун ылан ыалдьыбыт киһиэхэ олордон, иҥэрэн биэрэллэрэ былыргы кэпсээннэртэн биллэр.

Ыарыы диэн тугуй? Эт сиин кыайан хамсаабат буолуута, санаа тымырдарын бүөлэниитэ ыарыыны үөскэтэр. Ол аата эти-сиини хамсатар өй-санаа, буор кут кыайан бэйэтин үлэтин толорбот буолуутуттан үгүс ыарыылар үөскүүллэр. Ыалдьыбыт, кыайан үлэлээбэт буолбут буор куту саҥанан, доруобайынан солбуйан, уларытан биэрдэххэ, эт-сиин хамсааһына оннугар түһэрин былыргы ойууннар табан туһаналлар эбит.

Киһи этин бары араас быччыҥнарын хамсатар үгэстэр, үөрүйэхтэр мунньустаннар буор куту үөскэтэллэр. Хамсана үөрүйэхтэр бары тус-туспалар уонна хас биирдии быччыҥнарга тарҕанан иҥэн сылдьаллар.

Кут оҕоҕо үөскээһинин маннык холобуртан билиэххэ сөп. Оҕо өйө-санаата сайдан, улаатан истэҕинэ кыбыытын кыанарга үөрэниитэ киһи буолуу үөрэҕин сүрүн тутулуга уонна салҕанан иһиитэ буолар. Кыра оҕо кыбыытын кыанар буолуутугар өр кэмҥэ эрэйдэнэн, быччыҥнарын салайар үөрүйэҕи үөскэтинэн, элбэх таҥаһы-сабы сууйтаран, ыраастатан, төрөппүттэрин түбүккэ түһэрэн баран сыыйа-баайа үөрэнэр. Киһи буолуу биир тутаах үөрэҕинэн кыбыыны кыатанан, туттунан сылдьыы буолар.

Тулуурдаах буолан кыбыыны кыанарга үөрэнии киһи үйэтин тухары дьайарыттан культурнай олоххо кыттар, киһи буолан дьон ортотугар сылдьар кыахтанар. Кыайан кыбыытын кыана үөрэммэтэҕинэ оҕо киһилии быһыылаахтык сылдьара кыаллымыан, өйө-санаата сүөһү таһымыттан өрө тахсымыан сөп.

Кыбыы кылаапаннарын салайар өй-санаа киһи санаатынан салайыытынан, туһааннаах кэмигэр арыллан биэрэллэрэ чэпчэтиниигэ тириэрдэллэр. Киһи кырдьан истэҕинэ бу кылаапаннар үлэлииллэрэ уустугуран барыан сөп. Эт-сиин туруга мөлтөөһүнүттэн санаа сүүрэр тымырдара бүөлэнэн, кыараан истэхтэринэ салайыы уустугурар, кыаллыбат да буолар, эт-сиин үлэтэ кэһиллэр, араас ыарыылар үөскээн барыахтарын сөп.

Эти-сиини салайар, хамсатар өй-санаа эккэ-сииҥҥэ бэйэтигэр иҥэн сылдьар. Буор кут диэн ааттанар. Мэйииттэн санаа дьайыыта тиийдэҕинэ үлэлээн, арыллан, хамсааһыны оҥорон биэрэллэр. Өйбүт-санаабыт күүһүнэн, санаабытынан салайан эппитин-сииммитин талбыппытынан, санаабыт хоту хамсатарбыт буор кут дьайыыта буолар. Эккэ-сииҥҥэ сыһыаннаах, араас хамсаныылары оҥорорго кыаҕы биэрэр өй-санаа киһи буор кутун үөскэтэр. Буор кут төһө сайдыылаах даҕаны киһи уустук хамсаныылары ураты түргэнник оҥорор кыахтаныан сөп. Оҕо бэйэтэ өйүнэн-санаатынан, ол аата салгын кутунан салайан илиитин, атаҕын хамсатара буор кутун эрчийэр, үөрүйэхтэр үөскүүллэр.

Ийэ кут өйө-санаата оҕо кыра, бэйэтэ өссө өйдөөбөт эрдэҕинэ олус күүскэ сайдан олохсуйан хаалар. Бу кэмҥэ оҕону ийэтэ көрөрө-истэрэ элбэҕинэн, ийэтин быһаччы көрөн, үтүктэн, батыһан үөрэнэрин иһин ийэ кут диэн былыргылар олус табан ааттаабыттар. Ол аата киһини таба көрөр буолуоҕуттан 5 сааһыгар диэри ийэ кута иитиллэр.

Оҕо улаатан, 5 эбэтэр 6 сааһыттан бэйэтин өйүнэн-санаатынан сайыннарар өйө-санаата салгын кут диэн ааттанар. Салгын кут үөскээбитин бэлиэтинэн оҕо сарсын тугу оҥоруохтааҕын былааннаан баран умнубат буолуутун ааттыахха сөп.

Саха дьонун өй-санаа, кут-сүр үөрэхтэрин билигин дьон интэриэһиргээн үөрэтэллэрэ элбээн иһэр. Уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэхтэрэ киһи өйүн-санаатын тутулуктарын олус табатык быһаарарын билинэн эрэллэр. Олус былыргы кэмнэртэн саха ойууннара киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэппиттэрин «Киһи үс куттаах» диэн быһаарыылара уонна куттары үс аҥы араарыылара бигэргэтэр.

Түүллэри үөрэтии - өйү-санааны үөрэтии буолар. Киһи түүлүгэр олоххо сыһыаннаах араас бэлиэлэри көрүүтэ сааһыран истэҕин аайытын ордук чуолкайданан, ырааһыран иһиитэ өй-санаа күүһүрэн иһэрин биллэрэр. Үгэс буола күүһүрбүт санаалар түүлгэ илэ көрөр курдук көстүүлэрэ өй-санаа мунньуллан күүһүрэрин, туспа сылдьар кыахтанарын быһаарар. Өй-санаа төһө күүскэ уонна эт-сиин ханнык чаастарыгар мунньуллубутуттан тутулуктааҕын саха ойууннара быһаараннар куттары үс көрүҥҥэ араарбыттар:

1. Буор кут.

2. Ийэ кут.

3. Салгын кут.

Өй-санаа үөрэҕэр ханнык баҕарар быһаарыы туох эрэ уларыйбат тирэххэ тирэнэн сайдыахтаах. Сахалар үс кут диэн быһаарыылара киһи өйө-санаата, үөрэҕи ылыныыта үс аҥы арахсыыларыгар олоҕурар уонна саха тылыгар былыр-былыргыттан маннык киирэ сылдьаллар:

1. Үөрүйэх. Буор кут эрчиллэн үөрүйэх буолар.

2. Үгэс. Ийэ кут үгэстэргэ иитиллэр.

3. Үөрэх. Салгын кут үөрэнэр.

Бу быһаарыылары биир-биир ыламмыт куттары кытта холбоон төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:

1. Yөрүйэх. Киһи өйүн-санаатын күүһүнэн үгэстэри туһанан, элбэхтик этин-сиинин хамсатан, эрчийэн этэ-сиинэ үөрүйэх буоларын ситиһиитэ үөрүйэх буолуу диэн ааттанар. Yөрүйэх буолуу диэн элбэхтик дьарыктанан, эрчиллэн эккэ-сииҥҥэ буор куту үөскэтии аата. Уһуннук дьарыктанан, элбэхтик эрчиллэн үөрүйэх буолбут эккэ-сииҥҥэ буор кут үөскээн олохсуйар.

Оҕо олох кыра эрдэҕиттэн этин-сиинин эрчийэрэ доруобуйатыгар ордук туһалааҕын былыргы кэмҥэ саҥа төрөөбүт оҕону хаарынан сууйуу үгэһэ баара бигэргэтэр. Оҕону кыра эрдэҕиттэн ыла тымныынан дьарыктааһын туһата улаханын аныгы төрөппүттэр билиэ этилэр. Элбэхтик тымныыга сылдьар, тымныынан дьарыктанар киһи этэ-сиинэ үөрэнэн үөрүйэх буолан тымныыны ордук тулуйар, ыарыыларга ылларбат буола бөҕөргүүрүн бары истэбит, билэбит, үгүстэр туһаналлар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ этэ-сиинэ ыалдьарыттан үөрэҕи быһаччы ылынан буор кутугар иҥэринэр. Эккэ-сииҥҥэ ыарыы үөскээн «Айыы-айа» буоллаҕына, бу ыарыы суох буоларын туһугар өйө-санаата ордук үлэлиир, харыстанар санаа үөскээн олохсуйар. Эккэ-сииҥҥэ кыра ыарыылары үөскэтэн үөрэтии аата “Кэһэтэн үөрэтии” эбэтэр “Кэһэйэн үөрэнии” диэн сахалыы ааттанар. Бу үөрэх киһи үйэтин тухары умнуллубат, олус туһалаах үөрэх буолар. Оҕо итии тэриллэртэн сэрэнэр буолуутун кыратык тарбаҕын төбөтүн итиигэ хаарыттаран үөрэтии туһалааҕын сахалар билэн туһаналлар.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан уһана, үлэлии-хамсыы үөрэнэрэ кэлин үөрүйэххэ кубулуйдаҕына оҥорор-тутар кыаҕа улаатар, хаһан да хаалан хаалбат, үлэҕэ-хамнаска дьоҕурдаах, үлэлииргэ баҕа санаалаах буолар.

2. Yгэс. Билии-көрүү элбэхтик хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйдаҕына эбэтэр саҥаны, урут суоҕу билииттэн, саҥаны айыыттан ийэ кут үөскээн оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥэр. Yгэстэр уһун үйэлэргэ умнуллан, симэлийэн хаалбаттар. Yгэс диэн үгүс диэн тылтан үөскээбит. Бэйэлэрэ төһө элбэхтик хатыламмыттарыттан тутулуктанан элбэх эньиэргийэни мунньунаннар туспа даҕаны сылдьар кыахтаналлар. Биһиги түүлбүтүгэр үгэстэри, ол аата араас тус-туспа бэлиэлэри, онно иҥмит өйдөбүллэри көрөбүт.

Оҕо кыра, бэйэтэ өйүгэр тутан өйдөөбөт кэмигэр быһалыы үгэстэргэ үөрэнэрин «Кут-сүр үөрэҕэ» диэн үлэбитигэр быһаарбыппыт. Бу үөрэх, ол аата оҕо бэйэтэ оҥорор быһыыларыттан үөрэниитэ олус дириҥник уонна хаһан да умнуллубаттык иҥэр.

Оҕоҕо ийэ кута үөскээһинин уонна кини үйэтин тухары дьайарын маннык холобуртан быһаарыахха сөп. Оҕо кыра, бэйэтэ өссө өйдөөбөт эрдэҕинэ олус элбэхтик эрэйдэнэн, муҥнанан, таҥас бөҕөнү марайдаан кыбыытын кыанарга, тулуйарга үөрэнэ сатыыр. Инчэҕэй таҥас хаарыйара куһаҕана үөрэх быдан түргэтииригэр уонна дириҥник иҥэригэр тириэрдэр. Бу үөрэҕэ кэлин этигэр-сиинигэр дьайан кыбыытын бэйэтэ санаатынан салайар кыахтанар уонна уһун үйэтин тухары бу үгэһэ соннук үлэлиир. Кыбыыны кыанар буолуу кэлэр көлүөнэлэргэ быһалыы, буор куту кытта кыайан бэриллибэтин, оҕо сыыйа-баайа уһун кэмҥэ бэйэтэ үөрэнэрин төрөппүттэр бары билэллэр. Ол аата оҕо үгэһи бэйэтэ, төрөппүттэрин көмөтүнэн үөскэтинэн уонна кэлин бэйэтин өйүнэн-санаатынан салайан кыбыытын кыанан сылдьарга үөрэнэр.

Yгэстэртэн ийэ кут үөскүүр. Ийэ кут киһини бэйэтэ билбэтинэн салайар. Онтон быһаччы салайыыны киһи өйө көппүт, өйө баайыллыбыт кэмигэр оҥорор. Өйдөөҕөр үчүгэй баҕайы, сымнаҕас майгылаах киһи итирдэҕинэ куһаҕаннык быһыыланара кыра эрдэҕинэ элбэхтик атаахтаабытын, ийэ кута киһилии быһыыга иитиллибэтэҕин, үөрэммэтэҕин биллэрэр.

Киһи үгэстэринэн салаллан олоҕун олорор. Оҕо аан маҥнай бары быһыыларын барыларын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэнэриттэн, бу быһыылара үгэскэ кубулуйан киһилии санаалаах, киһилии быһыылаах буола улаатыан сөп. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ киһилии быһыыга үөрэтии олус улахан суолталаах уонна үйэтин тухары туһалыы сылдьарынан ордук сыаналанар.

Оҕо бэйэтэ оҥорор быһыыларыттан үөрэнэрэ ордук кытаанахтык уонна дириҥник, хаһан да умнуллубат гына өйүгэр-санаатыгар иҥэр. Ол курдук оҕо оҥорор быһыыларыттан буор уонна ийэ кута иккиэн сайдаллар. Атын, саҥа үгэстэр үөскээн, урукку үгэстэри солбуйбатахтарына ийэ кут дьайыыта киһи үйэтин тухары тиийиэн сөп.

Көрөн-истэн, ааҕан, үөрэтэн, үтүктэн, боруобалаан, оҥорон көрөн билии уһун кэмҥэ хос-хос хатыланан умнуллубат буола үгэскэ кубулуйдаҕына кэлин ийэ кукка, онтон үөрүйэҕи үөскэттэҕинэ буор кукка уларыйыан сөп. Ол аата билии-көрүү, өй-санаа, үөрэх этиитэ киһини салайыыга сыыйа-баайа кыттыһан бараллар.

Онон оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун киһилии өйгө-санааҕа иитии, үчүгэй үгэстэри иҥэрии, бэрээдэги тутуһарга үөрэтии бастаан иһэр буолара хайаан да көрдөнөр биир тутаах ирдэбил буоларын төрөппүттэр билиэ этилэр. Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ ордук улахан суолтата итинэн быһаарыллар.

3. Yөрэх. Салгын кутунан киирэр билии-көрүү үөрэх диэн ааттанар. Киһи көрөн-истэн, ааҕан билэр билиитэ хос-хос хатыланан умнуллубат буоллаҕына, салгын куту үөскэтэр. Манна оҕо улаатан иһэн төрөппүттэриттэн, оскуолаттан учууталлартан, кинигэттэн ааҕан, көрөн-истэн бэйэтэ үөрэтэн билбит билиитэ барыта киирсэр.

Үөрэхтэн өй-санаа сайдарын билигин бары билэбит. Үөрэх туһалааҕа дакаастаннаҕына, бары билиннэхтэринэ билиигэ кубулуйар. Үөрэхтэн салгын кут сайдар. Элбэхтик хос-хос хатылаан үөрэппит үөрэхпит чиҥ билиигэ кубулуйдаҕына хаһан да умнубаппыт, өйдүү сылдьабыт. Ол аата бу билиибит сыыйа-баайа үгэскэ кубулуйан умнуллубат буолар, ийэ кукка уларыйан барар уратылаах.

Олох уустук кэмнэригэр биирдэ эмэтэ да буоллар киһи өйө баайыллар, өйө көтөр кэмэ тиийэн кэлиэн сөп. Бу кэм тиийэн кэллэҕинэ киһи салгын кута көтөн, үөрэх-билии этиитэ туһалаабат кэмигэр киһини салайыыны ийэ кута быһаччы оҥорор. Ол аата бу кэмҥэ киһи кыра оҕо эрдэҕинээҕи өйүгэр-санаатыгар түһэн ылар. Кыра эрдэҕинэ атаахтыы, аһара бэлэмҥэ үөрэммит оҕо араас сыыһа-халты туттунуулары оҥорон кэбиһиэн сөп балаһыанньата үөскээн ылар кэмэ кэлэр.

Киһи олоҕор маннык түргэнник киирэн ааһар кэмнэргэ сыыһа-халты туттуммат туһугар киһи ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорор буолууга кыра эрдэҕинэ иитиллибит буолара ирдэнэр. (3,91).

Онон киһиэхэ аҥардастыы салгын кутун сайыннарыы итэҕэс, ситэтэ суох буолар. Үөрэх олус уһаан хааларыгар тириэрдэрин тэҥэ, туруга суох оҥорор, олох уустук кэмнэригэр сыыһа-халты туттунан быстах быһыыга киирэн биэриэн сөп. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун киһилии быһыыга, бэрээдэккэ иитии-үөрэтии хайаан да көрдөнөр тутаах көрдөбүл буоларын бары төрөппүттэр билиэ, олохторугар туһаныа этилэр.

БУОР КУТ

Биһиги урукку, “Кут-сүр үөрэҕэ” диэн үлэбитигэр салгыы буор кут туһунан тугу билбиппи¬тин бу үлэбитигэр хомуйдубут. Былыргы өбүгэлэрбит буор кут диэн аатыттан ураты аҕыйах буор кукка сыһыаннаах этиилэри хаалларбыттарын туһанныбыт. Билии-көрүү сайдан, дириҥээн иһэрин быһыытынан буор кут туһунан билиибит эмиэ эбиллэр.

Билигин компьютеры дьон оҥорон туһанар буолбуттарын кэнниттэн сахалыы «кут» диэн өйдөбүлү бу аналлаах программа курдук, өй-санаа хос-хос хатыланыыта, мунньустуута, үгэс, үөрүйэх буолуута эбит диэн кыбыстыбакка эрэ этиэххэ сөп буолла.

Киһи ханнык баҕарар дьыаланы оҥороругар элбэхтэ хос-хос хаты¬лаатаҕына эрэ үөрэнэр, үөрэҕэ тиийэр, умнуллубат буолар. “Повторение – мать учения” диэн этии үөрэх төрүтэ буолар. Бу үөрэнии хайдах быһыылаахтык барарын хо¬лобурун бэлэсипиэт тэбиитигэр үөрэнииттэн билиэххэ сөп.

Биһиэхэ аан бастаан бэлэсипиэттэр дэлэччи баар буолуохтарыттан үйэ аҥарыттан ордук эрэ кэм ааста. Дэриэбинэҕэ бастакы бэлэсипиэти тэбэр, наадалаах сиригэр түргэнник тиийэр буолбут киһи кэпсээҥҥэ сылдьар кэмэ баара. Сатаан тэбэр киһи бо-чуокка сылдьара. Сорох сааһырбыт дьон бэлэсипиэти тэбэргэ үөрэнэ сатаан баран кыайан үөрэммэтэхтэрэ эмиэ биллэр.

Бэлэсипиэти тэбии өйүнэн-санаанан соччо уустуга суоҕун иһин эти-¬сиини сөптөөхтүк хамсатыыны, ыйааһыны тэҥнэһиигэ тутары эрэйэр буолан үөрэнии биллэр уустуктардаах. Бэлэсипиэт саҥа кэлиитигэр эдэрдэр бары кэриэтэ түргэнник тэбэ үөрэммиттэрин иһин, сааһыран эрэр дьон тэбэ үөрэнэллэрэ олус уус¬туга биллибитэ. Ити барыта киһи эдэр эрдэҕинэ үөрэҕи ылынар дьоҕура, этин-сиинин хамсатар кыаҕа ордук үрдүгүн биллэрэр. Оҕо кыратыгар тэбэ үөрэннэҕинэ, аны онтун хаһан да умнубат, ыл да тэппитинэн барара хаалан хаалбат.

Киһи хас биирдии быччыҥа хайдах хамсаабытын, ууммутун, кылгаабытын барытын өйдөөн, иҥэринэн иһэр уратылаах. Хайдах хамсыыр даҕаны ол хамсааһынтан өй-санаа үөскээн быччыҥҥа иҥэн иһэр. Киһиэхэ буор кут диэн быччыҥнара хамсаныыларыттан эккэ-сииҥҥэ барытыгар үөскээн иһэр өй-санаа буолар. Оҕо саҥа хамсана үөрэнэн истэҕинэ үөскээн олохсуйан иһэр өйө-санаата буор кутун үөскэтэн иһэр. Элбэхтэ хамсанан-хамсанан сатаан таба хамсанарга сыыйа-баайа үөрэнэр, үөрүйэх буолар, төрөппүттэрин үтүктэн икки атаҕар туран хаампытынан барар.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарыытынан өй-санаа, үөрэх сайдан, хос¬-хос хатыланан-хатыланан, олус күүстээх үгэс буолар, онтон салгыы эти-сиини дьарыктаан, эрчийэн үөрүйэххэ кубулуйан буор кукка уларыйар. Буор кут үөрүйэххэ кубулуйдаҕына киһи этин-сиинин уларытар күүстэнэр. Ол аата, киһи этигэр-сиинигэр, хас биирдии быччыҥнарыгар, мэйиитин килиэткэлэригэр барыларыгар олохсуйар, олорго сөп түбэһэр буолар. Буор кут олохсуйбут, уларыппыт этигэр-сиини¬гэр иҥэн, эти-сиини бэйэтигэр сөп түбэһэринэн уларытан, кэлэр көлүөнэҕэ бэриллэр кыахтанар.

Киһи үс куттарыттан буор кут эти-сиини уларытарыттан, онно сөп түбэһэриттэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр. Биир хааннаах аймах дьон эттэрэ-сииннэрэ биир оҥоһуулаах, биир буор куттаах буолаллар. Kыра оҕо ийэтин эмэр хамсаныылара оҕо төрүт буор кута буолар. Улаатан иһэн оҕо төрөппүтүн курдук хамсанар буолуута, нүксүччү туттуута, тиэрэ үк¬тэниитэ барыта баар, биллэр суоллар. Маннык хамсаныылары оҥорор буор кут бу аймах дьоҥҥо биир буолар.

Сахалар оҕону төрөппүтүгэр маарынныыр буоларын бэлиэтии көрөл¬лөр. Оҕо төрөппүтүгэр маарынныыр өрүтэ аан бастаан тас көрүҥэ буолан баран, араас хамсаныылары оҥоруута эмиэ сөп түбэһэр буолар. «Үлэһит киһи оҕото, үлэһит буолар»,- диэн этии баар. «Түргэн, сылбырҕа туттуулаах, аҕатын курдук»,- диэн этиэхтэрэ.

Эр киһи төрөппүтүгэр ордук маарынныыр оҕо, кыыс оҕотуттан төрөөбүт сиэннэриттэн ордук баар буоларын саха дьоно арааран билбиттэрэ ырааппыт. Ол иһин сиэннэрин ордук кэтээн көрөллөр. Буор кут өйө-санаата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр суолун итин-ник быһаарыахха сөп.

Улахан уустар, биллиилээх иистэнньэҥнэр үйэлэрин тухары үлэ-лээн, үөрүйэх буолбут хамсаныылара мэйиилэригэр, быччыҥнарыгар иҥэн, мэйиилэрин, быччыҥнарын ки¬лиэткэлэрин уларытан, уус буолар дьоҕурдаах гына оҥороллор. Ула¬рыйбыт мэйиилэрин килиэткэлэрэ онно олохсубут буор куту кытта кэ¬лэр көлүөнэлэригэр бэриллэр кыахтаналлар.

Талаан бэриллиитэ эмиэ итинник суоллаах. Аан бастаан олус эл-бэхтик дьарыктанан, киһи бэйэтигэр күүстээх буор куту үөскэтинэн өйүгэр-санаатыгар олус дириҥник иҥэриниэ этэ. Киһи өйүгэр-санаа-тыгар иҥмит, олохсуйбут буор кута кэлэр көлүөнэтигэр бэриллэр кыахтанар. “Уус оҕото уус буолуо” диэн этии итини бигэргэтэр.

Билигин сахалар былыргы үөрэхтэрин сэбиэскэй былаас суох оҥорбута оннугар түһэ илик. Ону тэҥэ сэбиэскэй былаас тобохторо, үөрэхтээхтэрэ, анаан-минээн буккуйааччылар өй-санаа үөрэҕин сыыһа хайысханан ыыта сатыыллар. Онно балыттаран сылдьалларыттан төрөппүттэр кэлэр көлүөнэлэрин туһугар аанньа ахтан кыһаммат буоллулар. Бу кыһаммат буолуу бэлиэтинэн эдэрдэр ханна эрэ көрсүһэ түһээт оҕолоно охсуулара буолла.

Бэйэтэ сүрэҕэ суох, кыайа-хото үлэлээбэт эбэтэр үрүҥ, кумааҕы үлэтинэн дьарыктанар, иллэҥ кэмигэр элбэхтик сытар киһи оҕолоругар үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах туох да туһалаах өйү-санааны биэрбэтин таһынан өссө сытар, үлэлээбэт буолуу өйүн-санаатын буор кутун нөҥүө биэриэн сөп.

Сааһыран баран оҕоломмут дьон оҕолоро «Өйдөөх буолар» дииллэр. Биһиги быһаарыыбытынан бу этии бэйэлэрэ өйү-санааны ситиспит, буор куттара сайдыбыт дьон оҕолоро быдан сайдыылаах буор куттаах төрүүрүгэр олоҕурарын тэҥэ, олоххо уопутурбут кырдьаҕастар оҕо ийэ кутун иитиини хойутаппакка эрэ киһи быһыылаахтык оҥороллоруттан эмиэ улахан тутулуктаах.

Сахалар «Төрүт уус ыал» диэн өйдөбүллэрин быһаарыыта буор кут үөс¬кээһининэн толору быһаарыллар. Хас эмэ көлүөнэ дьон олохторун ус¬татын тухары кыайа-хото үлэлээннэр олус күүстээх буор куту үөскэтинэллэр. Бу буор кут киһи үлэҕэ-хамнаска сыһыаныттан, хамсаныыларыттан үөскээ¬бит буолан кэлэр көлүөнэлэргэ үлэһит буолууну, бэлэм хамсаныылары биэрэр. «Төрүт ыал төрүөҕэ, ытык ыал ыччата» итинник үөскээн, төрөөн тахсар. Бу киһи төрүөҕүттэн үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах билии-лээх, буор куттаах, быччыҥнара хамсана үөрүйэх буолаллар. Ол барыта кини үлэҕэ-хамнаска «Илиитэ-¬атаҕа сыстаҕас»,- буолуутун үөскэтэр. Бу киһи олоҕун устата төрүттэриттэн бэрил¬либит ити төрүт өйүн-санаатын, буор кутун, билиитин-көрүүтүн салгыы үлэлээн-хамсаан сайыннарар кыах¬танар. Онон, буор кут киһи төрүөҕүттэн ыла баар, сыыйа сайдан иһэр. Нууччалыы үөрэхтээх¬тэр ону инстинкт диэн ааттыыллар, итини тэҥэ генофонд диэн эмиэ буор кукка киирсэр өрүттэрдээх. Буор кут төрөппүттэриттэн оҕо¬лоругар бэриллэр кыахтааҕын утумнааһын диэн баара быһаарар. Арай буор куту хаалларан кэбиспэккэ уһугуннаран, сайыннаран, эрчийэн биэрдэххэ эрэ туһалыыр.

Куурусса оҕото сымыыттан тахсаат даҕаны кыайан аһаабат. Тарбаххынан тоҥсуйан, тыас таһааран биэрэн буор кутун уһугуннардахха эрэ, тоҥсуйан аһаан барара табыллар. Итини тэҥэ сымыыттан тахсар көтөрдөр аан маҥнай харахтарынан көрбүт кыылларын «Бу ийэм» диэн батыһа сылдьар оҥоһуулаахтар. Кус сымыытын кууруссанан баттатан кус оҕолорун таһаардаҕына, куурусса ийэ буолан батыһыннара сылдьар кыахтанара, оҕолоро ууга киирдэхтэринэ улахан уустуктары үөскэтэр.

Саҥа төрөөбүт оҕо аан маҥнай тыын ыларыгар көмөлөһөн биэрии эрэйиллэр. Онтон ыла салгыы бэйэтэ тыынан барар. Эмэргэ үөрэтии эмиэ тиҥсиритэн, амтаһытан биэриигэ олоҕурар. Ити барыта тыыннаах буолууга анал¬лаах буор кут оҕоҕо өйүгэр-санаатыгар ууруллан сылдьарын быһаа¬рар көстүүлэр буолаллар.

Өйүнэн-санаанан, салгын кутунан салайтаран киһи бэйэтэ буор кутун сайыннаран биэрэр кыахтаах. Ол курдук ыраах төрүттэригэр биллэр талааннаахтара суох да киһи уһун кэмҥэ ситиһиилээхтик үлэлээн, дьарыктанан биллэр ситиһиилэри оҥоруон сөп.

Киһи тыыннаах буолан олох олорор аналлаах. Этэ-сиинэ оннук оҥоһуулаах. Айылҕа атын кыылларыттан мэйиитин оҥоһуута уратылаах буолан уһун үйэлэр тухары буор куттарын сайыннаран көлүөнэттэн көлүөнэҕэ сайдыыны ситиһэн өйдөрө-санаалара эбиллэн иһэллэр. Кэлин кэмҥэ өй-санаа, салгын кут сайдыыта олус түргэтээн, киһиэхэ буор кут үөскүүр кэмин, аһара баһыйар буолла. Киһи өйө-санаата, салгын ку¬та сайдыытын этэ-сиинэ кыайан сиппэт кэмэ үөскээтэ. Өй-санаа, салгын кут аһара баран түргэнник сайдыылара олус уһун кэмҥэ үөрүйэх буолары ситиһэр эттэн-сиинтэн арахсыахтарын баҕарар санааларын улаатыннарыах курдуктара биллэн иһэр. Бу арахсыы буолуох курдуга биллэр бэлиэлэрдээх. Ол дьон өйдөрө-санаалара Үөһээ дойду диэки салаллыыларынан быһаарыллар. Ол курдук дьоҥҥо Үөһээ дойдуга үчүгэй, онно көҥүл, көтө сылдьыллар диэн өйдөбүл киириитэ олус кутталлаах, куһаҕан көстүү буолар. Итини тэҥэ киһи өллөҕүнэ иккистээн, үһүстээн хаста да төрүүр диэн албыннаан үөрэтии эмиэ дьону өлүүгэ, эттэрин-сииннэрин быраҕыыларыгар ыҥырыы буолар. Хаһан баҕарар өллөхпүнэ даҕаны иккистээн төрүөхпүн сөп диэн быһаары¬ныы киһи сирдээҕи олоҕун сирэр буолуутун үөскэтэн, албыҥҥа киирэн биэриитигэр тириэрдиэн сөп. Үгүс дьоҥҥо маннык санаа баар буолуута, сайдан барыыта дьон-аймах эс¬тиилэригэр тириэрдэр суол буолар.

Өлүү диэн эт-сиин аан маҥнай өлөр. Онтон салгын кута 3 хонугунан ыһыллар, үөр буолан тарҕанар, 9 хонугунан ийэ кута бытарыйар, үөр, айыы буолан Үөһээ дойдуга тахсаллар, 40 хонугунан буор кута үрэллэр. Өй-санаа туспа арахсан барыыта, Үөһээ дойдуга тахсыыта киһи этэ-сиинэ өллөҕүнэ эбэтэр өйө көттөҕүнэ буолар суол. Киһи түүлүгэр олус үөһээ көтүүтэ, кый бырах барыыта, кыайан төннүбэт буолуута өлүүгэ-сүтүүгэ көстөр бэлиэ диэн этэллэрэ оруннаах.

Оҕо быһаччы төрөппүттэриттэн этин-сиинин уонна буор кутун ылынан сайдар, улаатар. Манна хайа төрөппүтүттэн тугун ордук утумнуурун сахалар балачча билэллэр эрээри, көннөрү таайыыга соччо сөп түбэспэт курдук. Ол курдук дьахтар бэйэтигэр маарынныыр оҕону хайа баҕарар эр киһиттэн төрөтөр кыахтаах буоллаҕына, эр киһи бэйэтигэр маарынныыр оҕону ыраас, эр киһини букатын билбэтэх кыыс оҕоттон эрэ төрөтөр кыахтааҕын билиэ, кинилэри ордук кыһанан харыстыа этэ.

Кут-сүр үөрэҕэ билинэринэн төрөппүттэртэн оҕолоругар этин-сиинин кытта буор куттара бэриллэр. Буор кут диэн киһи этин-сиинин хамсатар күүс-уох, араас элбэх үөрүйэхтэр ааттара буолар. Эт-сиин хамсааһыныттан бу хамсааһыннары оҥорор күүс, өй-санаа үөскүүр уонна үөрүйэххэ кубулуйан кэлин эти-сиини бэйэтин уларытар.

Буор кут киһи этин-сиинин эрчийэн үөрүйэх оҥорор эбэтэр эт-сиин уһуннук эрчиллэн, хамсаан буор куту үөскэтинэр. Ол аата үөрүйэх буолбут эккэ-сииҥҥэ буор кут быһаччы олохсуйар. Ити курдук өй-санаа үөскээһинэ икки өттүттэн тутулуктаах, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр. Тымныыны тулуйар, үөрүйэх буолбут эт-сиин бары килиэткэлэрэ тымныыны тулуйарга үөрэнэллэр. Тымныыны тулуйар буолууга тымныы эрэ баара туһалыыр. Элбэхтик үлэлиир, этин-сиинин дьарыктыыр киһи этэ-сиинэ ыарахан үлэҕэ, араас уустук хамсаныыларга үөрүйэх буолар.

Киһи этин-сиинин кэлэр көлүөнэлэригэр салгыы биэрэн иһэринэн төрөппүттэриттэн оҕолоругар буор кута бэриллэн иһэр. Ол аата төрөппүт туохха барытыгар үөрүйэҕэ элбэх буоллаҕына, оҕото эмиэ олорго үөрүйэх буолан төрүүр кыахтанар.

Буор кут бэриллиитэ сахалар «Уус оҕото уус буолар» диэн этиилэринэн дакаастанар. Бу этии үлэттэн киһиэхэ өр кэмҥэ сайдар, үөрүйэх буолан эккэ-сииҥҥэ олохсуйар буор кут баарын билинэр.

Буор кут ханнык баҕарар тыынар-тыыннаахтарга инники көлүөнэлэриттэн эти-сиини кытта бэриллэн иһэр. Уус киһи оҕото уус, иистэнньэҥ киһи оҕото иистэнньэҥ буоларыгар буор кут көмөлөһөр. Булчут ыт оҕото булка үөрүйэх. Тайахчыт ыт тайаҕы кэнниттэн үрэ-үрэ эккирэппэт, иннин күөйэр, салайан биэрэн иччитин диэки аҕаларынан атын эккирэтэр ыттартан быдан уратылаах.

Сахалар уһун үйэлэрин тухары булдунан дьарыктананнар булчут ыттары хайдах үөскэтэри билэллэр, олохторугар туһаналлар. Булчут ыты ууһатыы улахан уустуктардаах. Бу уустуктар буор кут бэриллиитин быһаараллар. Тыһы ыкка ханнык эрэ “дворняшка” ыттыбыт буоллаҕына бу ыт булчут ыты төрөтөр кыаҕын букатын сүтэрэрин бары булчуттар билэллэр. Былыргы сахалар кыыс оҕону ырааһынан эргэ биэрэллэрэ бу быһаарыыттан тирэх ылар.

Бойцовскай ыттар кыра оҕолору сиэбит хас да түбэлтэлэрэ бэлиэтэннэ. Бу боруода ыттар атын ыттары кытта охсуһарга аналлаах үөскэтиллибиттэр. Атын ыттарга иччилэрэ киксэрдэллэр эрэ үрдүлэригэр түһэн охсуспутунан барар аналлаахтар. Бу ыттар ытырар уонна охсуһар аналлара хаһан да хаалбат. Кэлин кэмҥэ маннык ыттар кыра оҕолору сиэбит түбэлтэлэрэ элбээтэ. Ыттар ханнык эмэ түбэлтэҕэ оонньуу сылдьар, ат буолбут кыра оҕолору ханнык эрэ ыкка маарынната көрөннөр, сиэмэх инстиннэрэ тардан кэлэн ытыран көрөллөр, онтон оҕо көмүскэнэн дайбаҥнаатаҕына мөхсүбэт буолуор диэри хам ытыраллар.

Бойцовскай ыт маннык майгына көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр. Анаан-минээн охсуһууга аналлаах ыттар буор куттарыгар бэйэлэригэр маарынныыры ытырыахха, охсуһуохха диэн үөрүйэх олохсуйан сылдьар. Бу үөрүйэҕэ хаһан баҕарар киирэн кэлэн кими баҕарар ытырыан, тырыта тыытыан сөп. Манна кыра оҕо араастаан саҥарыыта, сыыһа-халты хамсаныыта, ат буолан ыкка маарынныыр курдук туттунуута хаһан баҕарар саба түһэригэр төрүөт буолуон сөп.

Икки олус охсуһуохтарын баҕалаах ыттар бэйэ-бэйэлэригэр суоһурҕана, чугаһыы-чугаһыы тэйсэ сырыттахтарына, ким эрэ “рр-рр” диэн ырдьыгыныыр саҥаны таһааран биэрдэҕинэ, соҕотохто үрдүлэригэр түһүспүтүнэн, охсуспутунан бараллар. Ол аата охсуһуу саҕаланыытыгар ыттар кыыһырбыт саҥалара иһиллиитэ төрүөт буолар кыахтанар.

Ат буолбут киһини атын, сиэмэх кыылга маарынната көрүү уонна онтон улаханнык соһуйуу, дьиэ кыылларыгар эмиэ баара бэлиэтэнэр. Ынах сүөһү киһини көнөтүк туттан, икки атаҕынан хаама сырыттаҕына эрэ, киһи сылдьар диэн билэр. Ханнык эмэ түбэлтэҕэ ат буолан хааман үөр сүөһүгэ эбэтэр сылгыларга да тиийэр олус кутталланар. Туох эрэ атын, биллибэт кыыл кэллэ диэннэр үөр сүөһүлэр бары үргэллэр, харахтарын тиэрэ көрөллөр, орулаабытынан сүүрэн кэлэн кэйээри гыналлар.

Сүөһү маннык майгына уларыйарын куска элбэхтик үөмпүт киһи билэр уонна эрдэттэн сэрэннэҕинэ, сүөһүлэри тумуннаҕына эрэ табыллар. Сүөһүлэр быыстарынан куска үөмээри саҥа ат буолан бараары гыннахха, кыыллара киирэн кэлэн саба сырсан кэлэннэр, орулуу-орулуу кэйиэхтэрин баҕараллар, тула сүүрэллэр. Онтон туран кэллэххэ, аны билэннэр тута уоскуйан, аһаабытынан, тарҕаспытынан бараллар. Салгыы ат буолан үөмээри гыннахха эмиэ итинник быһыы хатыланар. Ынах сүөһүлэр олус былыргы кэмнэргэ түөрт атахтаах сиэмэхтэртэн көмүскэнэр инстиннэрэ, буор куттара билигин да хаалан хаала илигэ итинник дакаастанар.

Билигин өй-санаа, кут-сүр үөрэҕэ сайдан төрөппүттэриттэн оҕолоругар буор кут өйө-санаата бэриллэр диэн быһаарыы олоххо киирэр кыахтанна. Онтон буор кут диэн киһи үйэтин тухары үөрэммит үөрүйэхтэрэ буолаллар. Бу үөрүйэхтэр төрөөбүт тылынан саҥардахха эрэ толору арылланнар кэлэр көлүөнэҕэ туһалыыр кыахтаахтар. Ол курдук саҥа дорҕооннорун дьайыылара биһиги буор куппутугар эмиэ ууруллан, иҥэн сылдьаллар. Кыһыйар, кычыгырыыр «кыы» диэн тыаһы хайа да киһи тулуйан истибэт куһаҕан тыаһа, «р» дорҕоон хатыланан «рр» диэн буоллаҕына ырдьыгынааһын, кыыһырыы үөскүүр, «ы» дорҕоон хатыланан «ыы» диэҥҥэ тиийдэҕинэ ытааһын тиийэн кэлэр. Бу дорҕооннор саха киһитигэр куһаҕан дьайыылара хаһан да уларыйбаттар.

«Кырдьаҕас төрөппүттэр оҕолоро өйдөөх буолар» диэн этии дакаастабыла буор кут сайдыытыгар иҥэн сылдьар. Киһи төһөнөн саастаах даҕаны араас үлэлии үөрэммит үөрүйэхтэрэ, тулуурдаах буолуута, ол аата буор кута элбэх буолар. Ол иһин оҕолоро үлэҕэ-хамнаска үөрүйэҕэ элбэҕиттэн үөрэҕи, үлэни-хамнаһы кыайар кыахтара улаатар.

Буор кут киһи этин-сиинин кытта кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр. Эти-сиини кытта бииргэ, хас биирдии быччыҥҥа иҥэн сылдьар. Өбүгэлэртэн бэриллэр буор куту туһаҕа таһаарарга эти-сиини хамсатан үлэлэтии эрэ туһалыыр. Оччоҕуна буор кут уһуктан хамсааһыҥҥа кыттыһан барар, киһи “дьоҕура уһуктар”, “талаана арыллар”. Өбүгэлэриттэн бэриллибит улахан талааннаах уус оҕолор өбүгэлэрин дьарыктарынан дьарыктанан үлэлээбэтэхтэринэ, ол талааннара таах хаалыан сөп.

Инкубатортан саҥа сымыыттан тахсыбыт куурусса оҕото сатаан аһаабат. Ийэ куурусса баара буоллар хайдах аһыыры көрдөрөн биэриэ этэ. Ол да буоллар киһи тарбаҕынан ыһыллыбыт аһылыгы тоҥсуйан тобугуратан тыас таһааран үтүгүннэрэн биэрдэҕинэ, куурусса оҕото үтүктэн аһаабытынан барар, ол аата улаатар кыахтанар. Тоҥсуйар тыастан куурусса оҕотун буор кута уһуктар.

Уол тугу эмэ уһаннаҕына, оҥордоҕуна туохха эмэ сыһыаннааҕа, дьоҕурдааҕа, сыыйа-баайа биллэн барар, талаана арыллар. Төрүттэртэн, былыргы өбүгэлэртэн бэриллибит буор куту уһугуннаран, дьарыктаан биэрдэххэ эрэ буор кут баарын биллэрэр. Өбүгэлэрин дьарыктарынан дьарыктанар оҕолорго буор куттара уһуктар, салгыы хамсаныылары оҥороругар көмөлөһөн эбии сайдар кыахтанар.

Былыргы төрүттэригэр олус ыар быһыылары, хара айыылары оҥорбут дьон буор куттара кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрэ ханан да саарбахтаммат. Сахалар оҕолоро ыал буолалларыгар төрүччүлэрин ыраахха диэри үөрэтиилэрэ, ити куһаҕан майгы салгыы сайдан испэтигэр аналланар. Хайа да төрөппүт куһаҕан төрүччүлээх аймахтанан, куһаҕан буор куттаах кэлэр көлүөнэлэниэн, сиэннэниэн баҕарбат буолуон сөп.

Сахалар буор кут кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин былыр-былыргыттан билэн олохторугар туһаналларын бэлиэтин «Төрүт уус ыал», «Төрүт-уус ыал оҕото» диэн этиилэр бааллара бигэргэтэр. Маннык үтүө ыал аатын-суолун үгүс көлүөнэлэр тухары бэрээдэктээх, үлэни-хамнаһы кыайар, арыгыһыт буолбат, ыар, хара айыылары оҥорботох дьон ылаллар.

Киһи билбэт, оҥорбот быһыыларын оҥоруу саҥаны айыы, айыы буоларын бары билэбит. Билигин дьон бары үөрэҕи-билиини баһылааннар киһи билбэт уонна оҥорбот үчүгэй быһыылара диэн лаппа аҕыйааннар, суох кэриэтэ буолан тураллар. Ол иһин киһи оҥорбот быһыылара барылара кэриэтэ куһаҕан быһыыларга киирсэллэр. Ол аата айыыны оҥоруу куһаҕан быһыыны оҥорууга тэҥнэнэр быһыы буолан турар.

Саха дьоно «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн үөрэхтэрэ ити быһаарыыга олоҕурар, онтон тирэх ылар. Саҥаны айыы “үчүгэй” диэһин быстах санаа, уһуну-киэҥи ырыҥалаабат, үчүгэйи, куһаҕаны араарбат буолуу бэлиэтэ, субу күннээҕинэн эрэ быһаарыы уонна бэйэлэрэ дьон олоҕор туһалаах эбэтэр соччо туһата суох, үрүҥ, хара айыылары кыайан араарбат буолууларын бэлиэтэ буолар. Саха дьонун өй-санаа туһунан этиилэрин кэлэр көлүөнэлэри иитээччилэр уонна үөрэтээччилэр таба өйдөөн, билэн туһаныахтара этэ.

Өй-санаа үөрэҕин сыыһа хайысханан үөрэтии кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолуутугар тириэрдэн эдэрдэр буруйу, куһаҕан быһыыны элбэхтик оҥороллоругар, бэйэлэригэр тиийинэллэригэр күһэйэрин билиэхпит этэ.

Саха тыла олус былыргы кэмҥэ үөскээбит тыл буолан өй-санаа тутулуктарын сүтэрбэккэ эрэ сылдьар. «Ай» диэн бэйэтэ икки өрүттээх; үчүгэйи уонна куһаҕаны холбуу ылан быһаарар тылга «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиититтэн үөскээбит «айыы» диэн тыл киһи оҥорор быһаарарынан куһаҕан өрүтэ баһыйар буолан хаалыытыттан сэрэхтээх, куһаҕана элбэх тылга кубулуйар. Ол аата саныыр санааттан илэтигэр оҥорон таһаарыыга, бу оҥорор быһыыбыт куһаҕан өттүгэр уларыйара элбэҕин бэлиэтиир.

Айыы диэн сэрэхтээх, улаханнык этиллибэт, элбэхтик туттуллубат тыл. Сахалар «Айыы диэмэ», “Айыыны оҥорума” диэн оҕолорун үөрэтэллэр. Бу тыл куһаҕан дорҕооннооҕуттан, куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөбүттэн оҕолорун сэрэтэр, харыстыыр быһыылара буолар. Уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэҕин тыл үөрэхтээхтэрэ сиргэ-буорга тэпсибэккитигэр баҕарабыт. Киһи үйэтэ кылгас, онтон сахалар өссө даҕаны уһун үйэлэргэ баар буолуохтара. Айыы үчүгэй, айыыны оҥоруҥ диэн айдаарары аҕыйатар эбитэ буоллар, кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруктаах буолуутуттан төрөппүттэр бэйэлэрэ абыраныахтара этэ.

Биһиги буор куту үөрэтиибитин «Кут-сүр үөрэҕэ» үлэбитигэр саҕалаабыппыт. Араас үлэлэр уустук хамсаныылара уонна итиини-тымныыны тулуйар буолуу киһи куруук дьарыктана сылдьан, үөрүйэх буолууну ситистэҕинэ эрэ туһалаах буолбуттара биллэр. Буор кут киһиэхэ олус өр кэмҥэ үөскүүр. Ол аата киһи салгын кутунан билбит билиитин үгэс оҥостон, онтон салгыы дьарыктанан үөрүйэх оҥоһуннаҕына, бу үөрүйэҕэ этин-сиинин уларыттаҕына буор кут үөскээбитэ биллэр.

Эр киһи оҕону сааһын ситиэҕиттэн ыла, хаһан баҕарар, 80 да сааһыгар оҥорор кыахтааҕын оннооҕор медицинэ үөрэҕэ бигэргэтэр. «Кырдьаҕас төрөппүттэр оҕолоро өйдөөх буолар» диэн сахалар этиилэрин бары билэбит уонна бу айылҕа биэрбит, сайдыыны ситиһиигэ аналлаах ураты бэлэҕин атын омук батталыгар киирэммит, сахалыы олох үөрэҕин туһаммат буоламмыт хаалларан сылдьабыт.

50 саастаах эр киһи олоҕун аҥарын олорон өйө-санаата эбиллэн араас үөрүйэхтэрэ биллэрдик элбииллэр. Кини бу сааһыгар эдэр дьахтары кэргэн ылан оҕолоноро буоллар ураты өйдөөх, үлэһит оҕолору төрөтөр кыахтаах буолуо этэ. Биһиги аныгы олохпутугар кылгас санаалаах омугу үтүктэрбититтэн маннык дьаһаныы билигин кыаттарбат буола сылдьар.

Билигин ыаллар биир, икки оҕолорун саҥа ыал буолаат даҕаны утуу-субуу оҕолонон баран онон бүтэллэр. Бу эдэр, бэйэлэрин буор куттара сайда, үөскүү иликтэринэ оҕоломмут оҕолоро буор кута букатын аҕыйах, ол аата эһэтиттэн эбэтэр эбэтиттэн эрэ ордон кэлбитэ эрэ баар буолуон сөп. Итини тэҥэ биир кэмҥэ улаатан иһэр оҕолор кыра оҕо диэни көрбөккө эрэ улаатыылара, бэйэлэрэ оҕолонон олору көрөөрү гыннахтарына, тугу да сатаабаттара, билбэттэрэ, оҥоро үөрэммэтэхтэрэ биллэн тахсар, оҕолорун иитиини дьаалатынан ыыталлар, бары баҕатын барытын толоро сатаан атаахтатан кэбиһэллэр. Сахалыы кут-сүр үөрэҕин тутуһаммыт оҕолору иитиигэ үөскээбит бу сыыһа быһыыны көннөрүө этибит.

Буор кута аҕыйах киһи үлэҕэ-хамнаска сыһыана тоҥкуруун, уустук хамсаныылары оҥорор кыаҕа аҕыйах буолан хаалара үгүс үлэ көрүҥнэригэр олус уһуннук үөрэнэригэр, саҥалыы буор кутун үөскэтинэригэр тириэрдэр. Киһи уһун үйэтин тухары мунньунар өйүттэн-санаатыттан, үс кутуттан буор кут эрэ кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр кыахтаах. Ол курдук уһуннук дьарыктаныыттан киһи этэ-сиинэ үөрүйэх буолуу таһымыгар тиийдэҕинэ буор кут өйө-санаата эти-сиини бэйэтигэр сөп түбэһэр гына уларытар. Онтон салгыы бу уларыйбыт эт-сиин кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр кыахтанар.

Үөрүйэх буолуу диэн өй-санаа сайдыытын саамай үрдүкү таһыма буоларын табан сыаналаан олоххо туһаныахпыт, туохха барытыгар үөрүйэх буолууну ситиһиэхпит этэ. Ол курдук тымныыны тулуйарга үөрэнии төһө эмэ эрэйдээҕин иһин киһи кыра ыарыыларга ылларбат буолуута олоххо ордук туһалаах. Ол иһин тымныынан эти-сиини эрчийии киһи үйэтин тухары тохтообокко салҕанан иһэрэ эрэйиллэр. Эти-сиини үөрүйэх буолууга диэри эрчийиэххэ, утумнаахтык дьарыктыахха наадатын улахан спортсменнар билэллэр уонна туһаналлар. Үөрүйэх буолуохха диэри эрчиллии быччыҥнар ураты түргэнник хамсаныыны оҥороллоругар тириэрдэр. Ол курдук тустууга быраҕыылары оҥоруу олус түргэтээтэҕинэ, утарылаһааччы хойутаан хаалан кыайан утарыласпатаҕына эрэ кыаллар кыахтаах.

Биһиги билигин сахалар өйгө-санааҕа сыһыаннаах «Кырдьаҕас дьон оҕолоро өйдөөх буолар» диэн этиини таба өйдөөн олохпутугар туһаныахпыт этэ. Өй-санаа үөрэҕин чинчийии, сайыннарыы бу этии туохтан төрүттэнэн үөскээбитин быһаарар кыаҕы биэрэр. Ол курдук киһи өйө-санаата сайдыыта диэн үөрэҕи ылынан, иҥэринэн, салгын кутун сайыннарыыта салгыы баран, элбэхтэ хос-хос хатыланан үгэстэри үөскэтинэн ийэ куту иитиниитэ буолар. Бу үөскээбит ийэ куппут көмөтүнэн эппитин-сииммитин утумнаахтык эрчийэн, үлэлээн-хамсаан үөрүйэхтэри, ол аата буор куту үөскэтинии буолар.

Онон туохха барытыгар, үлэҕэ-хамнаска үөрүйэх буолууну ситиһии, ол аата буор куту сайыннарыы киһи өйө-санаата сайдыытын саамай үрдүкү чыпчаала буолар уонна сайдыыны дьиҥнээхтик, олохтоохтук ситиһэр кыаҕы биэрэр. Ол курдук салгын кут билиитэ киһи өйө көтөн хаалар эбэтэр баайыллан ылар кэмигэр суох буолан хаалар буоллаҕына, үөрүйэх буолуу хаһан да умнуллубат, үйэлэр тухары дьайар кыахтаах уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр уратылаах.

БУОР КУТ БЭРИЛЛИИТЭ

Саха дьоно, ойууннара хас тыһыынча сыллардаахха буор куту үөрэтэн, дьоҥҥо баарын быһааран, ыалдьыбыт буоллаҕына эмтиир буолбуттарын быһаарыы кыаллара уустук. Ол курдук кут-сүр туһунан билиилэр нууччалар кэлиэхтэрин быдан инниттэн бааллара уонна ойууннар туһаналларын туһунан сурукка киирбиттэрэ элбэх.

Ыал буолуу сүрүн сыалынан кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии буолар. Кэлэр көлүөнэлэр үчүгэй хаачыстыбалаах; өйдөөх, үлэһит, бөҕө доруобуйалаах буола төрүүллэригэр былыргы кэмнэргэ оҕолор ыал буолуохтарын инниттэн төрөппүттэр ылсыһан дьарыктаналлара ордук улахан суолтаны биэрэллэрин биллэрэр. Ыаллар бары оҕолоро бэйэлэригэр көрүҥүнэн маарынныыр, кинилэр курдук майгылаах, үлэһит буолуохтарын чахчы баҕараллар. Бу үтүө баҕа санаа туолуутугар биллэр көрдөбүллэр баалларын урукку кэмҥэ кытаанахтык тутуһаллар этэ:

- Урукку кэмҥэ ыал буолууга кыыс оҕо ыраас кыыһынан буоларын хайаан да ирдииллэр этэ. Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин суох оҥоруута, дьахталлары аһара көҥүл ыытыыта, бу тутаах көрдөбүл тутуһуллубат буолуутугар билигин тириэртэ.

- Ыал, кэргэн буолааччылар төрүччүлэрин ыраахха диэри үөрэтэн, эрдэттэн билсиһэллэр этэ. Төрүччүнү үөрэтиинэн дьон доруобуйалара, майгылара, үлэни-хамнаһы кыайаллара, баайдара эбэтэр дьадаҥылара бастакынан быһаарыллара.

Сэбиэскэй былаас дьадаҥылары өрө туппутун көмөтүнэн ыраас хааннаах, эр дьон утумнарын салҕааччылар билигин суох буоллулар. Сэбиэскэй Сойуус дьоно барылара сэттэ уонтан тахса сыллар усталарыгар дьадаҥылары, үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээбэттэри, өйдөрө-санаалара мөлтөхтөрү өрө тутуутуттан, кинилэр куһаҕан генофондаларынан сутуллан хааллылар. Ол иһин үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээччилэр быста аҕыйаатылар.

Билигин кэлэн орто оскуоланы барыта кэриэтэ эдэр дьахталлар үөрэнэн бүтэрэллэр. Бу дьахталлар айыыны оҥоро сатаан кыыстарын харыстаабаттарыттан эргэ таҕыстахтарына кэргэннэригэр ыраас хааннаах кэлэр көлүөнэлэри төрөппөт кыахтаналларын билигин умнан сылдьабыт. Ол курдук аан маҥнай сылдьыспыт эр киһитин буор кута, бу дьахтарга киирэн иҥэн хаалыан сөбүн уонна кэлэр оҕотугар бэриллэрин былыргы сахалар билэн кэргэн буолуох иннинэ сылдьыһары кытаанахтык боболлор этэ. Кыыс оҕо сааһын ситэригэр үөскүүр өйүн-санаатын уларыйыыларын сааһын ситтэр эрэ эргэ биэрэн оннугар түһэрэллэрэ.

Буор кут киһи туттарыттан-хаптарыттан, үөрүйэхтик, сымсатык хамсанарыттан, ону-маны оҥороруттан-тутарыттан баара биллэр. Туох эмэ туһалааҕы оҥорорунааҕар алдьатара, буортулуура элбэх оҕо буор кута мөлтөх, аҕыйах да буолуон сөп. Аһара эдэр төрөппүттэр оҕолоро үлэҕэ-хамнаска сыһыаннара тоҥкуруун, дьоҕурдара, талааннара суох буолар кыахтара улахан.

Буор кута сайдыбыт, сааһырбыт киһи оҕото, дьоҕура, талаана элбэх, өйө-санаата туруктаах буоларын сахалар «Сааһырбыт киһи оҕото өйдөөх буолар» диэн этиилэрэ быһаарар. Билигин үөрэхтэммит дьон үксүлэрэ эдэрдэригэр биир эмэ оҕону төрөтөн баран бүтэллэриттэн сайдыылаах буор куттаах кэлэр көлүөнэлэр үөскүүллэрэ сарбыллан сылдьар. Бу быһаарыы чуолкай дакаастабылынан эдэр тустууктарбыт ситиһиилэрэ урукку кэмнээҕэр намтаан иһэрэ буолар.

Тыыннаах киһи куҥ эт буолбатах. Киһи этигэр-сиинигэр, хас биирдии килиэткэлэригэр өй-санаа, куттар, эньиэргийэ иҥэн сылдьалларын аныгы медицинэ быһааран туһана илик. Ол да буоллар киһи этэ-сиинэ туспа эньиэргийэлээх буолара быһаарыллан эрэр. Хас киһи барыта тулалыыр эньиэргийэтэ аура диэн ааттанар уонна аныгы тиэхиникэ көмөтүнэн быһаарыллар буолбута ыраатта эрээри кыайан ситэри үөрэтиллэ илик.

Биһиги аныгы медицинэбит үлэһиттэрэ өй-санаа үөрэҕин фантазиянан ааҕаллар, сэбиэскэй былаас атеистарын дьайыылара билигин да ааһа илигинэн туһананнар, аанньа ахтыбаттар.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн кыра оҕоҕо, төрөппүттэриттэн этэ-сиинэ уонна буор кута бэриллэр. Былыргы үөрэх, билии сайда илик кэмнэригэр буор кут хайдах бэриллэрин кыайан быһаарбат эрдэхтэринэ дьахтар чэчэгэйигэр үрэн бэриллэр диэн этэллэрэ. Бу быһаарыы сыыһатын билигин дакаастаан эрэллэр. Буор кут эньиэргийэ буоларынан эр киһи сиэмэтин кытта дьахтар иһигэр киирдэҕинэ иҥэн хаалан кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэрин билигин быһаара сылдьаллар. Сахалар олохторун үөрэҕинэн дьахтар аан маҥнай сылдьыспыт эр киһитин сиэмэтин кытта буор кута бэриллэрин уонна иҥэн хаалан кэлэр оҕолоругар дьайыытын быһааран кыыс оҕо ыраас бэйэтинэн эргэ тахсарын ситиһэллэр этэ. Ол аата, оҕо дьахтар аан маҥнай сылдьыспыт эр киһитин буор кутун иҥэринэн төрөөн, киниэхэ маарынныыр буолан хаалыан сөбө быһаарыллар.

Эр киһи сиэмэтин кытта буор кут дьахтарга быһаччы бэриллэн, иҥэн хааларын билигин телегония науката үөрэтэ сылдьар. (4,54). Онон буор кут эньиэргийэ буолан эр киһи сиэмэтин кытта дьахтарга быһаччы бэриллэрэ быһаарыллан иһэрэ сахалар былыргы үөрэхтэрэ олус диэн табатын дакаастыыр.

Сиргэ аан бастаан пробирка иһигэр дьон илиилэринэн тутууларыттан-хабыыларыттан үөскэтиллибит оҕо Луиза Браун от ыйын 6 күнүгэр 1978 сыллаахха төрөөбүтэ. (5,316).

Пробиркаҕа төрөөбүт оҕоҕо буор кут бэриллэрэ дуу, бэриллибэтэ дуу салгыы быһаарыыга, кэтээн көрүүгэ наадыйар. Ол эрээри пробиркаттан төрөөбүт оҕолор элбэхтэриттэн, ханнык да өй-санаа, хамсаныы өттүнэн итэҕэстээхтэр үөскээбэттэриттэн уонна чэчэгэйгэ үрэн биэрии суоҕуттан, буор кут эр киһи сиэмэтин кытта бэриллэрэ быһаарыллар кыахтанар.

Буор кут кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллиитин телегония науката үөрэтэн билигин дакаастабыллар баар буолан эрэллэр. Ол курдук атын эр киһилиин аан маҥнай сылдьыспыт дьахтар, ол киһи курдук, киниэхэ маарынныыр оҕону төрөтөрө быһаарылла сылдьар. Бу быһаарыыны эбии дакаастыырга сахалар биллэр этиилэрин туһаныахха сөп. Ол курдук «Атын киһи ойоҕо, ойох буолбат» диэн этии баарын ырытан көрүү быһаарыыны биэрэр кыахтаах. Бу этии эр киһи бэйэтэ ыраас кыыһы кэргэн ыллаҕына, кыыһын алдьаттаҕына эрэ бэйэтин ойоҕунан ааҕынарын быһаарар. Аан маҥнай атын киһилиин сылдьыспыт дьахтар ойох диэн буолбат эбит. Кыыһа алдьанарыгар “ой”, “ох” диэбит эрэ дьахтар эр киһиэхэ ойох буоларын бу тылбыт быһаарар.

Онон дьахталлар эр киһилэригэр, кэргэннэригэр, кинини утумнуур оҕону төрөтүөхтэрин баҕарар буоллахтарына, эдэр эрдэхтэринэ, кыыстара алдьана илигинэ эргэ тахсаллара ордук буолар. Былыргы сахалар кыыс оҕону эдэригэр эргэ биэрэн, оннун булларан кэбиһэллэрэ мээнэҕэ буолбатах. Эт-сиин баҕата эмиэ улахан, сааһырыахтарыгар диэри эр киһини билбэккэ сылдьаллара чахчы кыаллыбат да буолуон сөп.

Оччолорго өй-санаа сайдыытын сахалар ордук билэн олохторугар туһаналларын кыыс оҕону эдэригэр кэргэн биэрэллэрэ быһаарар. Бу быһаарыыны билигин, ырыынак кэмигэр туһаныы барыһы эрэ аҕалыан сөп. Кыргыттар үөрэнэн, үлэлээн эрэйдэммэккэ саастара ситэрин кытта сөптөөх эр киһини булан эргэ тахса охсон хас да оҕону төрөттөхтөрүнэ ол оҕолоро улаатан, үлэлээн-хамсаан төрөппүттэригэр көмөлөһөллөрүн тэҥэ, омукпутун сайыннарыахтарын сөп.

БУОР КУТУ ЭРЧИЙИИ

Билигин аныгы наука быһааран эрэринэн эбэтэр сахалар былыргы ойууннара билиилэринэн-көрүүлэринэн өй-санаа диэн эттэн-сиинтэн бэйэтэ туспа сылдьар ханнык эрэ биологическай көрүҥ, эньиэргийэ түмсүүтэ буолар. Бу өй-санаа көстүүтэ ханнык эрэ сабардамы ылар уонна киһи хараҕар көстүбэтэҕин иһин аныгы прибордар быһаарыахтарын сөп.

Эти-сиини быһаччы хамсатарга сыһыаннаах, аналлаах өй-санаа түмүллүүтүн сахалар кут диэн ааттыыллар уонна үс таһымҥа; буор, ийэ уонна салгын кут таһыма диэннэргэ араараллар.

Бары күөх үүнээйилэр, мастар органическай, биологическай көрүҥнэргэ киирсэллэр. Сахалар быһааралларынан бу көрүҥнэргэ барылары¬гар буор куттаахтар. Ол аата, бу үүнээйилэргэ эттэрин-сииннэрин тас өттүнэн өй-санаа кыра таһыма - буор кут баар. Үүнээйилэргэ буор кут баарын быһаарар бэлиэнэн үүнээйи бытаан¬нык да буоллар хамсыыра буолар, этигэр-сиинигэр ыарыы, алдьаныы буоллаҕына сыҕарыйар, бааһын-үүтүн оһорунар, кыаҕа баарынан куота сатаан көрөр. Күн уота, сырдык хантан кэлэрин батыһан үүнээйи сэбирдэҕэ ол диэки хамсаан, эргийэн биэрэн иһэр. Үүнээйи сырдык кэлэр өттүн диэки тардыһан үүнэр. Туох эмэ мэһэй баар буолан күлүктээтэҕинэ, үүнээйи тумнан, эргийэн үүнэн барар. Сорох сыһыллан үүнэр үүнээйилэр өссө тутуһаллар, аналлаах тардыһар лабааларынан тутуһан, тардыһан үүнэллэр. Үүнээйи этигэр алдьаныы, дьуккуруйуу таҕыстаҕына, сүмэһинин сүүрдэн бааһын ыраас¬тыыр, этин-сиинин абырахтанар, бааһын бүөлүү оһорунар.

Киһи этэ-сиинэ өйүн-санаатын, куттарын кытта холбонор тутулугу¬нан этигэр-сиинигэр үөскүүр ыарыылар буолаллар. Этин-сиинин ханан эмэ дэҥнээтэҕинэ эбэтэр туга эмэтэ табыллыбатаҕына, онно ыарыы үөскээн өйүгэр-санаатыгар тиийэ тарҕанар. Бу ыарыы төһө күүстээҕэ, дэҥнэнии, оһоллонуу төһө улаханыттан быһаччы тутулуктанар.

Киһи этин эмискэ, бэйэтэ билбэтинэн, кыратык ыарытыннардахха, кини буор кута ити ыарыыга хайдах эппиэттиирэ биллэн тахсар. Бу кэмҥэ киһи барыта тус-туспатык хамнанар. Үгүстэр ыарыыны тулуйумтуо буоллахтарына, биир эмэ киһи кыра да ыарыыттан тымтан, быстан-ойдон, олус улаханнык соһуйан холустук, сыыһа-халты хамсаныан, сиэрэ суох быһыыланан туруон сөп. Ол иһин өй-санаа туруктаах буолуута диэн араас ыарыылары, өй-санаа хамнааһыннарын тулуйан киһи сыыһа-халты хамсаммата сүрүн оруолу ыларын сахалар үөрэхтэрэ быһаарар.

Киһи бэйэтэ, ол аата толкуйдуур өйө-санаата, салгын кута ханан ыарыы буолуохтааҕын биллэҕинэ, ол ыарыыны мүлүрүтэн, тулуйан биэ¬рэри ситиһэр. Ойуун буолуу биир биллэр бэлиэтинэн эти-сиини ыарыылары тулуйар, билиммэт буолуор диэри эрчийии буолар. Улахан киһи укуол ыарыылааҕын биллэр даҕаны, тулуйар күүһэ улахан буолан көҥүл укуоллатар. Оҕо ыарыыны тулуйа үөрүйэҕэ суох буолан укуолтан куруук куттанар. Кини салгын кута сайда илик буолан укуол туһалааҕын билбэтэ, ыарыыны ситэ тулуйбата биллэн тахсар.

Кыра мэниктиир оҕолору укуолунан куттааһын эмиэ баар буолааччы. Бэрээдэги тутуһуннарарга син барсыан сөп курдук эрээри, оҕону үөрэтэргэ төрдүттэн сөп түбэспэт быһыы буолар. Эмтиир, киһи доруобуйатын тупсарар аналлаах тэрили, оҕону ыарыынан куттааһыҥҥа тириэрдии өйүгэр-санаатыгар төттөрү өйдөбүлү оҥорор. Оҕо эмтэниэн баҕарбат буолуутугар, ыарыыны тулуйбат, куттанар буоларыгар тириэрдиэн сөп.

Буор кут эккэ-сииҥҥэ үөскүүр кыра ыарыылары тулуйар буолуута киһиттэн хайаан да көрдөнөр сүрүн көрдөбүл буолар. Ыарыыны тулуй¬бат, мөхсөр, араастаан хамсанар киһи – мөлтөх, тулуура суох киһи. Этэ-сиинэ ыарыыттан оҥорор хамса¬ныыларын өйө-санаата кыайан салайбатын, тулуйбатын көрдөрөр. Ол аата ыарыыны тулуйар буоларга эрчиллии киһиэхэ хайаан да көрдөнөр ирдэбил буолуохтаах. Кыра оҕо ыарыылары тулуйар буоларга олус өр кэмҥэ, эрэйдэнэн да буоллар син үөрэнэр.

Өр кэмҥэ эрчиллэн ыарыыны тулуйар буоларга киһи үөрэ¬нэр кыахтаах. Киһи буор кутун эрчийиигэ Айылҕа эмиэ кыттыһар, көмөтө улахан. Айылҕа хааны сиир үөннэрэ, ордук бырдахтара уонна күлүмэннэрэ ыарыылаахтык кэйиэлииллэриттэн, ыарыы сүүрээннэрин киһи этин-¬сиинин устун тарҕатаннар, буор кутун тулуурдаах буолууга эрчийэллэр. Саас маҥнайгы быр¬дахтарга сиэтии олус ыарыылаах, куһаҕан буоларын тыа сирин олох¬тоохторо бары билэллэр. Халлаан сылыйан бырдах элбээн, сииллэрэ үксээн истэҕинэ, киһи этэ-сиинэ эмиэ үөрэнэн, кыра ыарыыларга кыһаммат буолан барар.

Сайын куйааска күлүмэн түһүүтэ Айылҕа ыарыынан буор куту эм-тээһинин, эрчийиитин чыпчаала буолар. Бу үөннэр сииллэриттэн үөрэммэтэх киһи ойуоххалыы түһэр ыарыыта үөскүүр. Элбэхтик күлүмэҥҥэ сиэттэҕинэ, олус өр кэмҥэ нэһиилэ, эрэйдэ¬нэн-эрэйдэнэн күүстээх ыарыыны син тулуйарга үөрэнэр. Тулуурдаах буолуута лаппа бөҕөргөөтөҕүнэ, үөрүйэҕэ эбилиннэҕинэ эрэ күлүмэн¬нэр сииллэрин холкутук тулуйар буола эрчиллэр.

Айылҕа ити өйү-санааны тулуурдаах оҥорор үөрэхтэрэ куорат дьонугар тиийбэт буолан хааллылар. Куорат дьоно тыа олохтоохторунааҕар майгылара татыма, көхсүлэрэ кыараҕаһа, ыгыллан, кыыһыран, ыксаан иһэллэрэ Айылҕа ити кыра ыарыылары тулуйар буоларга үөрэҕин ылымматтарынан быһаарыллар. Аныгы оҕолор эттэрэ ханнык да ыарыыны тулуйбакка үөрэниитэ, кинилэр өйдөрө-санаа¬лара туруга суох буолуутун үөскэтэр. Куорат дьоно кыра аайы олус быстар-ойдор татым майгыланаллар. Ол иһин бу дьон соһуччу буолар ыарыыларга эп¬пиэттээн хайдах хамсаналларын бэйэлэрэ да билбэттэр, эмискэ ыарыыттан соһуйдахтарына олус аһара баран сыыһа-халты хамсаналлара элбиир.

Уруккуну суруйааччылар киһи олус кыыһырдаҕына, абардаҕына, этэ ыарыйдаҕына тугу оҥорорун быһааран толкуйдаабакка эрэ хамсанарын таба көрөн бэлиэтииллэр этэ. Дмитрий Таас «Кыһыл көмүс хоруоп» диэн сэһэнигэр эдэр киһиэхэ эмискэ саба түһүүттэн ыарыы буолбуту¬гар хайдах соһуччу хамнанан эппиэттээбитин арыйар: «Кириһээн ыарыытыттан, абатыттан ытыы түстэ уонна тутан турар кымньыытынан, маҕыйа түһэн баран, Дьарааһыны сирэйин хаба ортотунан охсон кууһуннарда». (6,15). Ити курдук соһуччу буолар ыарыыларга киһи ханнык хамсаныылары оҥорон эппиэттиирин бэйэтэ отой да билбэт. Бу быһаарыылаах кэмҥэ киһи өйө баайыллан, толкуйдаан тугу эмэ быһаа¬рар өйө, салгын кута арахсан хаалан, ийэ кутун салайыытыгар быһаччы киирэн ылар кэмэ кэлэр.

Ити курдук киһи этэ ыалдьарыттан өйө баайыллан ыллаҕына буор, ийэ кутун быһаччы салайар кэмигэр киирэрин быһаардыбыт. Ол аата, киһи бэйэтин этин-сиинин харыстанар хамсаныыларын олус түргэнник, тугу да толкуйдуу турбакка эрэ оҥоро охсор. Бу хамсаныылары барыларын киһи буор кутун өйүттэн-санаатыттан быһаччы ылан оҥорор. Буор кут өйүн-санаатын урукку кэмҥэ оҥоруллубут холобурдар, үгэстэр хомуллан үөскэтэллэр. Урут итинник ыалдьыбытыгар оҥоруллубут хамса¬ныы ыарыыны суох оҥорууга көмөлөспүт буоллаҕына, билигин эмиэ соннук хамсаныыны киһи оҥорон кэбиһиэн сөп.

Киһи быстах ыарыылары тулуйара бэйэтэ ылынан туран эрчиллиитин түмүгэр эбиллэн иһэр. Ол эбиллиитин түмүгэр киһи өйө-санаата бөҕөргөөн, туруктаах буолан кыра ыарыы аайы тымтан, алдьанан, ойуоххалыы сылдьыбат киһи буолар. Ити курдук Айылҕалыын көмөлөөн киһи бэйэтин буор кутун эрчийдэҕинэ, өйө-санаата туруктаах буолан салгыы сайдыыны ситиһэригэр бөҕө тирэх оҥоруллар. Хас сыл кэмэ уларыйдаҕын аайы Айылҕа уларыйан биэрэн иһэр усулуобуйалара киһи буор кутун эрчийэ сылдьаллар. Буор куту эрчийиигэ итиини да, тымныыны да тулуйар буолуу ордук улахан суолталаах. Киһи этэ-сиинэ тымныыны төһө тулуйар даҕаны доруобуйата бөҕөргөөн иһэрэ улаатар. Элбэхтик эрчиллибит бөҕө доруобуйалаах киһи ханнык баҕарар быстах ыарыыга ылларбат дьоҕурданарын бары билэбит.

Бары медицинэ үлэһиттэрэ уруккуттан этэ сатаан, өйдөтөн биэрбиттэрэ эрээри, элбэх киһи доруобуйаларын үлэлээн-хамнаан, эрчиллэн бөҕөргөтөллөрүн ыарыргыыллар, кыра эрдэхтэриттэн төрөппүттэрэ дьарыктаннара үөрэппэтэх буоланнар, бэйэлэрэ ылсыһыахтарын сүрэҕэлдьииллэр, бэлэм эмтэри ылан сии сылдьыахтарын баҕараллар. Улахан да дьону саҥаҕа, туохха эмэ үөрэтэргэ бэйэни батыһыннаран, үтүгүннэрэн үөрэтии син¬-биир туһалаах буоларын билигин реклама аһара элбээбитэ быһаарар.

Тымныыны тулуйар буолууга эрчиллиигэ Айылҕа көрдөбүллэригэр аныгы медицина үөрэҕэ эмиэ сөп түбэһэр. Манна өр эрчиллэн тымныы ууга харбыы үөрэнэр дьону уонна П.Иванов «Оокком» үөрэҕин киллэ¬риэххэ сөп. Утумнаахтык, турунан туран дьарыктаннахха киһи бэйэ¬тин этин-сиинин тымныыны тулуйар буоларга үөрэтэригэр толору кыах¬таах. Тымныыны тулуйар буоларга эрчиллии киһи доруобуйатын тупса¬ран уонна бөҕөргөтөн иһэрин тэҥинэн өйү-санааны тулуурдаах, өһөс оҥорор. Бу үөрэҕи баһылыырга киһиттэн бэйэтит¬тэн сөбүгэр соҕус тулуурдаах буолуута уонна доруобуйатын тупсарар¬га баҕа санаа эрэ баара эрэйиллэр. Тымныы уунан эрчиллиини быраҕан кэбиспэккэ куруук дьарыктана сырыттахха туһалааҕа сыыйа биллэн, тымныйан ыарыылар, тумуулар аҕыйаан бараллар. Бэйэтин доруобуйа¬тын, этин-сиинин бэйэтэ көрөн-истэн, харыстыы үөрэммит киһи итин¬ник эрчиллиилэринэн дьарыктанар толору кыахтанар.

«Оокком» үөрэх өссө биир сүрүн көрдөбүлэ, тымныы уунан куттууга киһи бэйэтин куһаҕан санааларын ыраастыыра буолар. Бу көр¬дөбүл сахалар куһаҕан санааттан ыраастаныы диэн өйдөбүллэригэр эмиэ сөп түбэһэр. Ол курдук үөһээттэн кутуллар тымныы уу киһи куһаҕан са¬нааларын ыраастаан түһэрэр, суох оҥорорго көмөлөһөр. Ол аата, тымныы уунан куттан өй-санаа куһаҕан санаалартан ыраастаныытын кэнниттэн киһи элбэх үчүгэйи баҕарар санаалары санаатаҕына, өйө-санаата биллэрдик тупсуон сөп.

Оҕолору киһилии быһыыга үөрэтии диэн оҕону кыра эрдэҕиттэн үчүгэй үгэстэргэ, тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтии буолар. Бу быһаарыыны сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн кыра ыарыы¬лары, итиини-тымныыны тулуйар буолуутугар үөрэтиини, эрчийиини саҕалаабытынан барар ордук туһалаах, тиийимтиэ. Ыарыы¬лары тулуйар буолан хаһан даҕаны киһилии быһыыны сүтэрбэт буолуу хас киһиттэн барытыттан ирдэнэр көрдөбүл буолуо этэ. Ыарыыны тулуйар буоларга эрчиллии буор куту эрчийэр, тулуурдаах буолууга үөрэтэр. Буор кут өйө-санаата бөҕө, туруктаах буолуутун киһи бэйэтин өйүн-санаатын ыарыылары ту¬луйар буолууга эрчийэн эрэ ситиһиэн сөп.

Улахан хара оҕуһу кыра чыпчархайдаах оҕо көҥүл таһыйар, үүрэр, түргэнник хааман иһэригэр күһэйэр кыахтаах. Чыпчархай кыра ыарыыны сүөһү этигэр оҥороруттан, этигэр ыарыы буоллаҕына, сүөһү буор кута, ол ыарыы суох буоларыгар кыһанар. Түргэнник хаамтаҕына таһыйыы тохтуур буоллаҕына, сүөһү тиэтэйэн биэрэр буолууга үөрэнэн хаалар.

Чыпчархай кыра да буоллар оҕуска ыарыыны үөскэтэринэн куотан биэрии хамсаныыларын оҥорууга тириэрдэр. Оҕус кыра эрдэҕиттэн саллар, чаҕыйар тэрилэ - чыпчархай эрэ буолар. Чыпчархай оҕуһу бэрээдэккэ үөрэтэр туһалаах тэрил. Оҕус өйө-санаата ийэ кутунан бүтэр буолан, хаһан баҕарар чыпчархайтан салларын үйэтин тухары кыайан бырахпат.

Үөрүйэх диэн тылы умнан эрэрбит курдук, оҕо буор кутун эрчийэн үөрэппэт буоллубут. Минньигэс аһынан аһата – аһата, маанытык таҥыннаран баран, өссө «Эн аһара үчүгэйгин»,- диэн оҕолорбутун атаахтатан уонна киһиргэтэн кэбиһэрбит ийэ кутугар тохтотунар күүһэ суох буоларыгар тириэрдэр. Аһыахтарын-сиэхтэрин, иһиэхтэрин баҕаларын кыайан туттунан тохтообот, кыра да ыарыылары, итиини, тымныыны букатын тулуйбат эдэр көлүөнэлэри иитэн улаатыннарар буолан хааллыбыт.

Буор куту эрчийии, үөрэтии сахалыы үөрүйэх диэн тылынан толору бэриллэр. Кэлин кэмҥэ умнулла сыспыт да буоллар, бу тыл оҕо кыра эрдэҕинэ үөрэҕи хайдах быһыылаахтык ылынарын бэлиэтиир. Ол курдук оҥорор быһыыны олус элбэхтэ хос-хос хатылаатахха эрэ үөрүйэх буолуу ситиһиллэр.

«Тымныыны тулуйа үөрүйэх» диэн куруук тымныыга сылдьар буолан тулуйа үөрэммит киһини этэллэр. Элбэхтик Айылҕаҕа сылдьыы, ордук күһүҥҥү халлаан тымныйан эрэр кэмигэр, киһи тымныыны тулуйар буолуутун күүһүрдэр. Тымныы уунан куттан утумнаахтык эрчиллии ордук тиийимтиэ буоларынан үөрүйэх буолууну түргэнник үөскэтэр.

Үөрүйэх диэн сахалыы тыл туохха эмэ үөрэнэр буоллахха элбэхтик хос-хос хатылаан биэриэххэ диэн өйдөбүллээх. Үөр диэн тыл элбэҕи биллэрэр. Эти-сиини элбэхтик эрчийэн ту¬луурдаах буолууга үөрэнэргэ ыҥырар тыл буолар. Тулуурдаах буолууга үөрэнэрбит хаалбытын курдук, бу тыл эмиэ умнууга хаалан эрэрин, аны сөхсүтэн оннугар киллэрэрбит эрэйиллэр.

Эти-сиини элбэхтик хамсатыы, үлэни үлэлээһин, спордунан дьарыктаныы киһи буор кутун эрчийэр. Улахан спортсменнар, үҥкүүһүттэр эттэрин-сииннэрин утумнаахтык эрчийэннэр биллэр ситиһиилэри оҥороллор. Хамсаныы төһөнөн уустук даҕаны соччонон буор кут үөрэҕэ, өйө-санаата улаатан, эбиллэн иһэр. Киһи тарбахтарын хамсатар буолуута ордук элбэх өйү-санааны эрэйэр. Өй-санаа бу уратытын роботтары оҥорооччулар дакаастаан сылдьаллар. Ол курдук робот тарбаҕын кыратык хамсатарыгар улахан компьютер өйө наада буолар эбит. Итини тэҥэ норуот билэр уустара, маастардара, иистэнньэҥнэрэ киэҥник биллэр, олохтоох өйдөөх-санаалаах дьон буо¬лалларын илиилэринэн, тарбахтарынан уустук үлэлэри оҥороллоро дакаастыыр.

Арыгы испит дьон элбэх буруйу оҥороллор диэн статистика даан-найдара көрдөрөллөр. Итирэн «Өйө көтөн» сырыттаҕына киһи этигэр-сиинигэр ыарыы буоллаҕына, буор кутун өйө-санаата быһаччы эппиэт¬тиир кэмэ кэлэр. Бу эппиэт хайдах көрүҥнээх буолуохтааҕа урут маннык балаһыанньаҕа бу киһи тугу оҥорбутуттан тутулуктаах. Ол аата хаһан эмэ кини манныкка маарынныыр түбэлтэҕэ хайдах гынан, бу ыарыы курдук буолбутуттан быыһаммыт эбитэ быһаарар. Бу сырыыга эмиэ оннук курдук хамнаныылары оҥоруон сөп. Ол аата, буор кут өйө-санаата мунньуллан эбиллэн иһэр, кэлин, маарынныыр түбэлтэлэргэ киһи урук¬ку үөрүйэҕин ылан туһанар кыахтанар.

Кыра эрдэҕиттэн кыра ыарыылары кыайан тулуйбат буола үөрэммит киһи этигэр-сиинигэр ыарыы буоллаҕына, хайдах хамсанан эппиэттиирэ букатын биллибэт. Тулуура суох буола үөрэммит атаах киһи итирэн өйө көтөн сырыттаҕына, этигэр ыарыы буолан хаалыыта кинини букатын да, өйө суох оҥорон кэбиһиэн сөп. Маннык түбэлтэҕэ атаах киһи тугу оҥорорун букатын да билбэт буолан хаалыан сөп. Билигин эдэр дьон итирэн баран оҥорор ыарахан, ыар буруйдара үксүлэрэ итинник саҕаланаллар.

Итирэн баран охсуһа үөрэммит киһи аныгыскы итириитигэр эмиэ охсуһуон сөп диэн бу быһаарыы этэр. Киһи бэйэтэ итинник санааларын өр кэмҥэ дьарыктанан туоратыан, суох оҥоруон сөп. Кини бэйэтин охсуһар-этиһэр санааларын атын үчүгэй санааларынан солбуйдаҕына уонна өр кэмҥэ, ол саҥа санааларын иҥэриннэҕинэ, үгэс оҥоруннаҕына ити кыаллар суол буолар.

Итинник быһаарыылары ылыннахпытына киһи олоҕо барыта бэйэтэ ту¬гу саныырыттан тутулуктаах буолуута өссө күүһүрэн, дириҥээн биэ¬рэр. Сахалар «Аан дойдуну санаа тутан турар», - диэн этиилэрэ ор¬дук дириҥ өйдөбүллэнэн тахсар.

Үчүгэй, үрүҥ санаа куһаҕан, хара санааны баһыйар буолуута киһи үчүгэйи элбэхтик оҥорор буолуутугар тириэрдэр. Элбэх үчүгэйи, туһалааҕы оҥордоххо эрэ олох иннин диэки, сайдыы, үүнүү диэки сыҕарыйан барар кыахтаныан сөп.

Онон “Хамсаныы олох төрүтэ”, “Үлэ – олох үөрэҕэ” диэн этиилэр хаһан да уларыйбаттар. Үлэлии-хамсыы үөрэнии, эти-сиини эрчийии, дьарыктааһын, үөрүйэх оҥоруу буор куту эрчийэринэн киһиэхэ сайдыыны ситиһэр кыаҕы биэрэр.

ТАЛААН уонна ДЬОҔУР

Төрөппүттэр бары оҕолоро талааннаах, дьоҕурдаах буолуохтарын олуһун баҕараллар. Оҕону төрөтүөх инниттэн олоххо дьулуурдаах, талааннаах буолуутун ситиһии төрөппүттэри таба талан ылыынан ситиһиллэрин сахалар былыргыттан билэннэр олохторугар туһаналлар. Ыал буолааччы эдэрдэр эрдэттэн, ыал буолуохтарын инниттэн төрүччү үөрэҕин туһанан төрөппүттэрин дириҥник чинчийдэхтэринэ эрэ төрүүр оҕолорун инникитин, сайдыыны ситиһэр кыаҕын олохсутар кыахтаналлар.

Ыаллар оҕолоро саҥа улаатан истэҕинэ бары, туһалаах диир дьарыктарынан дьарыктаннара, үлэҕэ үөрэтэ сатыыллар, туохха талааннаахтарын, дьоҕурдаахтарын быһаараллар. Арай кэнники кэмҥэ кумааҕы үөрэҕин, ырыаны, үҥкүүнү эккирэтэ сатыыллара элбээһиниттэн үлэни-хамнаһы кыайааччылар аҕыйаатылар.

Оҕо туохха эмэ ордук сыһыаннаах буолуута улаатан истэҕинэ биллэр кыахтанар. «Ырыаһыт талааннаах» диэтэхтэринэ бу киһи күөмэйин оҥоһуутун уратылара, хамсыыр, дорҕоону таһаарар уратылара уонна кулгааҕа араас тыаһы арааран истэр кыаҕа улахана быһаарыллар. Ырыаһыт талаан элбэхтэргэ бэриллибэт.

Улахан уустар талааннара оҕолоругар бэриллэн иһэллэр. Ол курдук уус киһи үйэтин тухары үлэлэээбититтэн буор кута сайдан араас уустук хамсаныылары сатаан, табан оҥорор кыахтаммыта кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэр. “Уус оҕото уус буолар” диэн этиини былыргыта уус төрүттээх сахалар туһаналлар.

Талааны киһи бэйэтэ үөскэтиммэт. Талаан өбүгэлэртэн бэриллэр. Онтон дьоҕуру киһи уһуннук үлэлээн-хамсаан, этин-сиинин эрчийэн үөскэтиниэн сөп.

Талаан уонна дьоҕур утумнаан, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэллэрин дьон бары билэллэр. Талаан диэн эккэ-сииҥҥэ былыргы өбүгэлэртэн бэриллибит буор кут уратылара ааттаналлар. Былыргы өбүгэлэртэн бэриллэн иһэр эт-сиин уратылара дьоҥҥо туһалаах өрүттэрэ талаан диэн буолар эбиттэр.

Талаан таах хаалан хаалыан сөп. «Талааннаах этэ да …» диэтэхтэринэ баар буолуохтаах талаанын сайыннарбатах киһини этэллэр. Талаан буор куттан тутулуктааҕа итинэн быһаарыллар. Дьарыктаммакка хаалларан кэбистэххэ талаан таах хаалан хаалыан сөп. Оҕону кыра эрдэҕинэ туохха ордук талааннааҕын, дьоҕурдааҕын олоххо уопутурбут кырдьаҕастар быһаара сатыыллар этэ.

Улахан уус буолуохтаах киһи талаанын таба тайаммакка атын үөрэххэ үөрэнэн хаалан баран арыгыһыт буолан хаалбыта биллэр. П.А.Ойуунускай, И.Н.Барахов уонна М.К.Аммосов былыргы ыраахтааҕы кэмин саҕана үөрэхтэммит дьон. Чахчы талааннаах, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах, дьулуһар киһи оччотооҕу да кэмҥэ үөрэҕи ылар кыахтааҕа.

Дьарыктаннахха талаан биллэн тахсыан сөп. «Бүргэһи мөһөөччүккэ хаайыы кыаллыбат» диэн этии табатын уонна талааны быһаарарын балыксыт уола М.В.Ломоносов ыраах Архангельскайтан сатыы кэлэн үөрэҕи ылыыта уонна улахан учуонай буолуута дакаастыыр.

Эт-сиин уонна өй-санаа, куттар тус-туспаларын быһаарыы сахабыт тылыгар иҥэн сылдьар өй-санаа өйдөбүллэрин быһаарар кыаҕы биэрэр. Талаан диэн буор кут сайдыытын, кыаҕын быһаарар, аан бастаан өйү-санааны, эти-сиини хамсатар кыаҕы биллэрэр. Талаан арыллыбакка таах хаалан хаалыан сөп. Билигин киһи барыта үөрэҕи эккирэтиинэн үлүһүйүүлэриттэн уус талаана хаалан сылдьар. Эти-сиини таба хамсатыыга үөрүйэх буолуу дьоҕур диэн ааттанар. Ол аата былыргы өбүгэлэртэн бэриллэр буор кут өйө-санаата, сайдар өрүтэ дьоҕур диэн буолар. Дьоҕур талаантан уратытынан эрчийдэххэ, дьарыктаатахха сайдан, эбиллэн иһэринэн уратыланар. Дьоҕуру уһуннук үлэлээн-хамсаан, утумнаахтык эти-сиини эрчийэн ситиһиэххэ сөп. Оҕо кыра эрдэҕиттэн туһалаах хамсаныыларынан эрчилиннэҕинэ ханнык баҕарар дьоҕуру ситиһэр кыахтаах. Суруйааччылар дьоҕур сайдыытын маннык суруйаллар.

Кыысчаан Мааппа эмээхсин тугу этэр да барытын улгумнук толорор. Танньа уон биэс сааһыгар да сырыттар бары үлэни улахан киһиттэн итэҕэс үлэлээбэт. Кинини кыра эрдэҕиттэн ийэлээх аҕата үлэҕэ үөрэппиттэриттэн ылбыт дьоҕура.

Дьоҕур хас биирдии киһиэхэ баар буолуон сөп, биир эмэ киһиэхэ баар буолар талааҥҥа тиийбэтэр даҕаны буор кут сайдыытын быһаарар. “Уус оҕото уус буолар” диэн этии талаан уонна дьоҕур кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэллэрин биллэрэр.

Дьоҕур диэн эт-сиин хамсаныылары оҥорор кыаҕа, имигэһэ барыта холбуу киирсибитэ ааттанар. Айылҕаттан бэриллибит дьоҕуру табан туһаммакка хаалларан кэбиһии, атын үлэни-хамнаһы тутуһуу олоххо элбэхтик көстөр. Ол курдук уус, тутааччы буолуон сөптөөх киһи кумааҕы үлэтигэр көһөн хаалыыта, онно үөрэниитэ олоҕор табыллыбат буолуутун кэлин үөскэтиэн сөп.

Дьоҕур диэн өбүгэлэртэн ылыммыт хамсаныылары оҥорор кыахпыт ааттанар. Уһуннук дьарыктаан, үөрүйэхтэри үөскэтинэн дьоҕуру сайыннарыахха сөп.

Онон саҥа ыал буолааччылар талааннаах, дьоҕурдаах оҕону төрөтүөхтэрин баҕардахтарына өбүгэлэрин төрүччүлэрин эрдэттэн үөрэтэн билэллэрэ эрэйиллэр. Итини тэҥэ кэргэн тахсар кыыс оҕоҕо аналлаах ураты көрдөбүллэри былыргы сахалар туһаналларын омукпут сайдарын туһугар олоххо киллэрии эрэйиллэр.

ДЬАДАҤЫ ДИЭН ЫАРЫЫ

Сэбиэскэй былаас кэмигэр салайар былааһы дьадаҥылар, үлэһиттэр ылбыттарынан дьадаҥы буолуу үчүгэй диэн ааҕыллара, бары салайааччылар, суруйааччылар дьадаҥы төрүттэринэн киэн тутталлара, арбаналлара.

Бу кэмҥэ дьадаҥылар куһаҕан генофондалара Россия бары дьонугар тарҕаныытын түмүгэр дьон бары онон сутуллубуттара, сэбиэскэй былаас эстиитигэр үлэни-хамнаһы кыайбат буолуу аһара элбээбитэ, үлэ оҥорон таһаарыыта быста намтаабыта, маҕаһыыннарбыт барылара кураанахтаммыттара, ас-таҥас тиийбэт буолбута илэ биллибитэ.

Перестройка уларыта тутуутун кэнниттэн улахан экономист Г.А.Явлинскай Россияны көннөрөр былаанын 500 хонугунан мээрэйдээбитэ. Бу былааны араас үөрэхтээхтэрбит бары өйөөннөр 500 хонугунан үлэни-хамнаһы көннөрө, өрө тарда охсуохтарын кырдьык баҕарбыттара. Ол эрээри үлэ кыаттарбат буолуута дьадаҥы буолууттан тутулуктааҕынан уонна хас да көлүөнэлэр олохторун усталарыгар көнөр кыахтааҕынан, тиэтэйбиттэр дойдуну салайыыттан туоратыллыбыттара.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылар өрө тутуллубуттарынан дьон бары дьадаҥы буолбуттара. Өй-санаа үөрэҕин суох оҥорууттан сахабыт тылыгар дьадаҥы диэн тылы аҥардастыы баайга-малга эрэ сыһыаннаах курдук өйдүү үөрэммиттэрэ. Билигин сайдан иһэр өй-санаа, кут-сүр үөрэхтэрэ дьадаҥы буолуу өйтөн-санааттан, буор куттан тутулуктааҕа ордук улаханын бигэргэтэр.

Дьадаҥы буолуу уратылара манныктар:

1. Доруобуйа мөлтөх буолуута.

2. Кыратык, сылайбат гына үлэлээһин.

3. Сүрэҕэ суох буолуу, көрү-нары эккирэтии.

4. Баайы-малы ыскайдааһын.

5. Эт-сиин баҕатын аан бастаан толоруу.

Дьадаҥы буолуу бу бэлиэлэрэ билигин Россия дьонугар барыларыгар баар буолла, олохсуйан сылдьара билиннэ, үлэ-хамнас кыаттарбат буолуута тарҕанан сылдьар. Бу уратылары биир-биир ыламмыт арыыйда дириҥник ырытыахпыт:

1. «Мөлтөхтөн мөлтөхтөр төрүүллэр» диэн этии олус таба уонна аныгы дьон кэлэр көлүөнэлэрэ мөлтөөн иһэллэрин, ыарыһахтар элбээн иһэллэрин чуолкайдык быһаарар. Ыал буолууну эдэрдэр бэйэлэрэ баһылааһыннара төрүччү үөрэҕин туһаммат буолууга тириэрдэн араас ыарыылаах оҕолор төрүүллэрэ элбээтэ. Дьахталлар харыстанабыт диэн ааттаан элбэхтик эмтэниилэрэ уонна хойутуу сыһан баран биир эмэ оҕоломмуттара доруобуйата мөлтөх буолан хаалара үгүстүк бэлиэтэнэр.

Дьон олохторо көнүүтүттэн оҕону кыра эрдэҕинэ көрүү аҥардастыы сылаастык таҥыннарыыга, сылаас дьиэҕэ сырытыннарыыга тиийэн хаалбыта тымныйан ыалдьааччылары элбэтэр. Күөмэй ыарыытыттан сылтанан оҕолор бары ыарыһахтарга кубулуйар буоллулар. Ыарыһахтар, мөлтөхтөр үлэни-хамнаһы кыайбаттарыттан бэйэлэрэ дьадаҥы, аҕыйах баайдаах буолаллара биллэр чахчы.

2. Кыратык, сылайбат курдук үлэлээһини, сылаас сиргэ олорууну үөрэхтээх буолуу үөскэтэринэн дьадаҥы өйдөөх-санаалаах дьон бары үөрэҕи эрэ эккирэтэ сатыыллара элбээтэ.

Үлэҕэ нэһиилэ сүөдэҥнэһэр дьон тугу элбэҕи кыайыахтарай? Биһиги намыһах сайдыылаах дойдубутугар илии үлэтин кыайа-хото үлэлээһин сайдыыны аҕаларын умнубут курдукпут. Бары үлэһиттэрбит Суорун Омоллоон суруйбут «Күөх Көппөтүн» курдуктарга кубулуйдулар. Үөрэхтээх дьон субуотунньукка тугу эмэ үлэлээн дьодьуйдахтарына бу быһаарыы чахчы чуолкайданар.

Бары үөрэхтээх буолууга дьулуһуулара эт-сиин хамсаныыларга дьоҕурун аҕыйатан иһиитэ буор кут дьадайыытыгар тириэрдэр. Кыахтаах үлэһиттэр аҕыйаан иһэллэриттэн кэлиилэр, үлэни-хамнаһы кыайааччылар элбээтилэр.

3. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрин бэлэмигэр, аҕалан биэрэллэригэр үөрэнэн, өйөнөн хаалыыта сүрэҕэ суох оҥорор, өйө-санаата, хамсаныыларга үөрүйэҕэ дьадьайар. «Эт хантан кэлэрий» диэн ыйытыкка «Холодильниктан» диэн эппиэттиир улахан оҕо үлэлиир кыаҕа бэрт аҕыйах буолуо. Элбэхтик утуйар киһини сахалар «Сүрэҕэ суох» диэн этэллэрэ умнууга хаалбыта ыраатта.

Элбэхтик утуйуу, сынньана сытыы үксээһинэ эт-сиин дьадаҥы буолан, хамсаныыларга үөрүйэҕин сүтэрбитин биллэрэр.

4. Бэлэм, халлаантан түспүт курдук кэлэр харчыны, баайы-малы ким да аанньа ахтыбат, ыскайдыыр кыаҕа улаатар. Дьадаҥы буолуу биир сүрүн уратытынан баар баайы-малы ыскайдаан бүтэрии буолар. Аатырбыт футболист Пеле кыайыытыгар ылбыт бириистэрин үлэлиир тэрилтэлэргэ, акцияларга кубулутан кыанар, баай киһиэхэ кубулуйбут буоллаҕына, бииргэ кыайыыны ситиспит доҕоро Гарринча бары бириистэрин сууйууга-сотууга, аһааһыҥҥа кубулутан, суох оҥорон дьадаҥытынан өлбүтэ.

Баар баайы-малы ыскайдааһын, суолтата суохха туһаныы дэлэйиитэ дьадаҥы буолууну бэлиэтиир. Дьадаҥы төрүттээх, өйдөөх-санаалаах дьон эмискэ байбыттара үлэни буолбакка ырыаны, үҥкүүнү эккирэтэллэрин элбэтэр.

5. Эт-сиин тутаах баҕата – аһааһын буоларын бары билэбит. Минньигэстэн минньигэс аһылыгы эт-сиин сиэҕин, аһыаҕын баҕата улахан. Дьадаҥы өйдөөх-санаалаах киһи ас дэлэй буоллаҕына кыайан туттуммакка аһара аһаан уойар кыаҕа улахан. Аһыырга баҕа санаа киһи бэйэтин кыаҕыттан аһара барбатын киһи быһыылаах буолуу ирдиирин билиэ этибит.

Эт-сиин атын, быстах баҕаларын толорууга дьадаҥы өй-санаа ордук кыһанар. Арҕааҥҥы дойдуларга сиэкис аһара барыыта эт-сиин баҕатын толоро сатааһын элбээбитин биллэрэр. Эт-сиин баҕатын толоро сатыыр санаа кыайыылаах үлэ-хамнас мэһэйдээбэтинэн дьадаҥыларга аһара барыан сөп.

Аҕыйах баайдаах киһини дьадаҥы диэн этэрбит ситэтэ суох. Ханнык өй-санаа дьайыытыттан дьадаҥы буолуу үөскүүрүн саҥа үөрэтэн эрэбит. Дьадаҥы буолуу өйтөн-санааттан тутулуга ордук улаханын кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Ол курдук аҥардастыы чэпчэки үлэни көрдүү-көрдүү элбэхтик утуйа сытар, сүрэҕэ суох киһи дьадаҥытыттан тахсар кыаҕа кыра.

Дьадаҥы диэн буор кут ыарыыта, кыайан хамсаммат, үлэни-хамнаһы кыайбат буолуута ааттанар. Дьадаҥы диэн олус өр кэмҥэ, хас да көлүөнэлэр усталарыгар нэһиилэ көнөр кыахтаах өй-санаа, буор кут ыарыыта буолар. Кыайан хамсаммат, үлэлээбэт, ситэ төҥкөйбөт буолуу буор куттан тутулуктаах. Быччыҥнар ситэ хамсаабаттара, уумматтара буор кут мөлтөҕүн, сайдыыта суоҕун, хамсаныылары кыайан оҥорботун биллэрэр.

Билигин ырыынак үйэтигэр дьон бары байыахтарын баҕара саныыллар. Бу үтүө баҕа санаа туоларын туһугар өбүгэлэртэн бэриллэр буор кут туһата улаханын билигин да итэҕэйэ иликпит. «Баай дьадаҥыны уруурҕаабат» диэн этии буор кут уратыларынан быһаарыллара олус сөптөөх. Ол курдук үлэһиттэр, баайдар кэлэр көлүөнэлэригэр сайдыылаах буор куттара бэриллэрин харыстыылларын биллэрэр.

Онон дьадаҥы буолбат туһугар төһө кыахпыт баарынан үлэлээн, оҥорон, тутан биэрдэхпитинэ, эппитин-сииммитин уонна ону хамсатар буор куппутун утумнаахтык эрчийдэхпитинэ эрэ табылларын билиэ этибит. Итини тэҥэ кэлэр көлүөнэлэрбит дьадаҥы буолан хаалбаттарын туһугар эрдэттэн кыһанан, ыал буолар оҕолор төрөппүттэрин төрүччүлэрин дириҥник үөрэтэрбит ирдэнэр. Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска, хамсаныыларга, үөрэтэн, буор куттарын эрчийэрбит туһата улахан буолуо этэ.

СҮРЭҔЭ СУОХ БУОЛУУ – ДЬАДАЙЫЫ

Сэбиэскэй былаас үлэһит дьоҥҥо оҥорбут бары үтүөлэрин, көмөлөрүн билигин ырыынак кэмигэр умнан кэбиһии суобаһа суох буолууга тириэрдэр. Бу үлэһиттэр былаастара үлэһиттэргэ, оҥорон таһаарааччыларга кыаҕа баарынан көмөлөспүтэ, үлэһиттэри өрө тута сатаабыта, эстиэхтэригэр диэри килиэп сыанатын үрдэппэтэҕэ. Бука барыларыгар үлэ булан биэрэллэрэ, ыган туран үлэлэтэ сатыыллара, хамнастара, пиэнсийэлэрэ эмиэ сөп түбэһэрэ. Дьон элбэх ахсааннаах өттүлэрэ үлэһиттэр буолалларынан ол эстибит былааһы үгүс киһи сирбэт, хата сөбүлүүллэр этэ.

Сэрии кэнниттэн олох тупсан истэҕинэ үлэһиттэргэ үчүгэйи оҥоруу улаатан, эбиллэн испитэ үлэ оҥорон таһаарыытын аҕыйатан, былааны кыччатан биэрэн испиттэрэ. Оҥоруллуохтаах былааны кыччатан биэрии үлэһиттэргэ үчүгэйи оҥоруунан ааҕыллар этэ. Үлэ оҥорон таһаарыыта олус кыччаан ас-үөл биллэрдик аҕыйаабыта, дьоҥҥо тиийбэт буолбута, маҕаһыыннар кураанахтаммыттара, ол түмүгэр сэбиэскэй былаас эстибитэ.

Салайар былаас дьоҥҥо үчүгэйи оҥоруута аһара барыыта бэйэлэрэ үлэлээн-хамсаан туһалааҕы оҥорууларын аҕыйаппыта, бары кэриэтэ сүрэҕэ суохтарга, бэлэм хамнаһы ылааччыларга кубулуйбуттара. Үлэ оҥорон таһаарыытыгар сөбө суох элбэх хамнаһы төлөөһүн дьону түргэнник, аҕыйах уон сылынан бэлэми эрэйээччилэргэ, кэтэһээччилэргэ кубулуппута.

Үрдүк үөрэхтэммит киһи илиитинэн үлэлээбэтэ чахчы. Дьону барыларын үрдүк үөрэхтээһин тэнийиитэ илиилэринэн үлэлээччилэр аҕыйыыларын үөскэппитэ. Үрдүк таһымнаах сайдыыны ситиһэ илик, үгүстүк илиинэн үлэлэнэр үлэлээх дойдубутугар элбэх үрдүк үөрэхтээхтэр баар буолуулара туһата суоҕа дакаастаммыта, илии үлэлэрин толорооччу кэлии үлэһиттэр элбээн барбыттара.

Дьону толору хааччыллыыллаах таас дьиэлэргэ олордуу олох тупсуута буоларын бары билэбит. Сотору кэминэн сылааска, сымнаҕаска сыта үөрэнэн хаалабыт, тымныыны тулуйарбыт мөлтүүрүттэн араас ыарыыларга ылларарбыт элбиир. Оҕо кыра эрдэҕиттэн элбэхтик сыта, сынньана үөрэннэҕинэ сүрэҕэ суох буола улаатарын төрөппүттэр билэн кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ оҥорон үлэҕэ үөрэтиэ этилэр. “Сүрэҕэ суох киһи оҕото, өссө сүрэҕэ суох буолар” диэн үлэһит сахалар этиилэрин таба өйдөөн туһаныа этибит.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорууттан дьадаҥы диэн тылы аҥардастыы баай-мал аҕыйаҕын быһаарар курдук санааҕа киирбиттэрэ, бу тыл өйтөн-санааттан ордук улахан тутулуктааҕын умуннарбыттара. Билигин өй-санаа үөрэхтэрэ сайдан иһэллэриттэн дьадаҥы буолуу диэн өйтөн-санааттан ордук улахан тутулуктааҕын уонна өр кэмнэргэ дьайар өй-санаа, буор кут итэҕэһэ буоларын билинэн эрэбит.

Сүрэх хаһан да тохтообокко эрэ үлэлиир, хааны хачайдыыр, киһи тыыннаах буоларын хааччыйар. Ол иһин сүрэх үлэни, хаһан да тохтообот үлэни бэлиэтиигэ анаан саха тылыгар туттуллар. Үлэһитэ суох буолуу – сүрэҕэ суох буолууну биллэрэр.

Сүрэҕэ суох буолуу – дьадайыы бэлиэтэ. Буор кут дьадайар, эти-сиини хамсатар дьоҕурун сүтэрэр. Ол аата хамсанарга баҕа санаата суох буолуутуттан эт-сиин хамсаныан баҕарбат эбэтэр сатаан хамсаммат турукка тиийэр. Манна кыратык хамсыы түһээт даҕаны сылайа охсон хаалар дьон эмиэ киирсэллэр.

Сүрэҕэ хайдах үлэлиирэ киһи кыаҕын-күүһүн быһаарар. Сүрэҕэ үчүгэй киһи кыахтаах, күүстээх хамсаныылары оҥорор кыахтанар. Бу быһаарыыны туһанан сахалар киһи үлэлиир кыаҕын сүрэххэ тэҥнээн быһаарбыттар.

Киһи хайдах үлэлиириттэн, хамсанарыттан үлэ оҥорон таһаарыыта быһаччы тутулуктаах. Киһи үлэлиир, хамсанар кыаҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Сүрэхтээх.

2. Сүрэҕэ суох.

Бу икки өрүттэри төһө кыайарбытынан дириҥник ырытыахпыт:

1. Хаһан да тохтоон көрбөккө киһи хаанын хачайдыырынан сүрэх сахаларга үлэһит буолууну бэлиэтиир. Ол курдук үлэһит киһи хаһан да таах олоро түһэн ылбакка тугу эмэни оҥоро, тута сылдьар уратылаах. “Эрдэлээбит чыычаах тумсун соттор, хойутаабыт хараҕын хастар” диэн өс хоһооно эрдэ туран үлэлээбит барыһырарын, онтон хойутаабыт барыттан матарын биллэрэр.

Үлэ оҥорон таһаарыытыгар сүрэхтээх буолуу улахан өрүтүн ылар. Түргэн хамсаныылаах үлэһит элбэҕи оҥороро, тутара саарбаҕа суох. Үчүгэй, таһаарыылаах үлэһити быһаарыыга араас күрэхтэһиилэр ылар оруоллара үрдүк. Сахалар былыр-былыргыттан күүлэйи ыытан үчүгэй от охсооччулары талан быһаараллар.

2. Үлэни кыайа-хото үлэлээбэт, таах саллаҥныыр, ыарахан диир үлэтин үлэлиэн баҕарбат киһи сүрэҕэ суох диэн ааттанар. Киһи үлэни хайдах үлэлиириттэн, кыһанарыттан кыһамматыттан бу үлэттэн туох туһалаах тахсара улахан тутулуктаах. Сүрэҕэ суох киһи аахайбакка, кыһаммакка, аатыгар эрэ үлэлээн сүөдэҥниэн сөп.

Үлэ оҥорон таһаарыыта намтааһына сүрэҕэ суох буолууттан ордук улахан тутулуктаах. Ол курдук бытаан хамсаныылаах, сүрэҕэ суох киһи аҕыйаҕы оҥорон таһаарара биллэр буоллаҕына, кыһанан оҥорбот киһи үлэтэ туох да туһата суох хаалыан сөп. Россия УАЗ массыынатын саҥа атыылаһан ылан баран хаттаан хомуйдахха эрэ эрэллээхтик үлэлиирэ кыаллара собуот үлэһиттэрэ кыһанан үлэлииллэрэ быста мөлтөөбүтүн биллэрэр.

Уһуннук утуйа сытар, элбэхтик сынньанар киһи сүрэҕэ суох диэн ааттанара сөп. Сарсыарда эрдэ туран туһалаах хамсаныыларынан этин-сиинин эрчийбэт киһи этэ-сиинэ мөлтөөн, араас ыарыыларга ылларара элбиэн сөп.

Ыарыы киһи хамсанар кыаҕын сарбыйар. Сүрэҕэ ыалдьар киһи баҕарбытын да иһин кыайан күүскэ хамсаммат, илиинэн үлэни кыайбат киһигэ кубулуйар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр аҥардастыы үөрэҕи өрө тутан үөрэхтээх буолуу үчүгэй диэн өйдөбүл дьоҥҥо иҥмититтэн илиинэн үлэҕэ дьон бары сүрэҕэ суохтарга кубулуйдулар. Бары илии үлэлэригэр кэлии үлэһиттэр баһылаан эрэллэр.

Былыргы, ыраахтааҕы кэмин саҕана дьадаҥылар элбэх эбиттэр. Үгүс суруйааччылар дьадаҥы киһи элбэхтик сытарын, утуйарын туһунан суруйан хаалларбыттар. Тугу эмэ үлэлээтэхтэринэ даҕаны онтулара табыллыбатын, оҥорбут күрүөлэрэ суулла сылдьарын, дьаарыстаабыт саһааннара охторун туһунан элбэхтик суруйбуттар.

Сатаан хамсаммат буолуу үлэни кыайа-хото үлэлээбэт буолууну үөскэтэн дьадайыыга тириэрдэр. Бу быһаарыыны тутуһан кыанар, үлэһит дьон дьадаҥылары кытта уруурҕаспаттарын “Баай дьадаҥыны уруурҕаабат” диэн өс хоһооно биллэрэр.

Үөрэхтэммит төрөппүттэр оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн үлэлии-хамсыы үөрэммэттэриттэн хамсаныылаах үлэлэри сөбүлээбэт буола улааталлар. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ буор кут мөлтөөһүнэ, сатаан хамсаммат буолуута, дьадайыыта салҕанан баран истэҕинэ, бу аймахтар үлэни-хамнаһы кыайбаттарыттан сотору, үс көлүөнэнэн эстэр, симэлийэр кыахтаналлар.

Үөрэх буор куту эрчийбэт. Үөрэхтэммит, үгүстүк олорор үлэлээх төрөппүттэр оҕолоро сайдыыта суох буор куттаах буолан төрүүллэр. Итини тэҥэ улаатан иһэннэр элбэхтик олорор, сытар төрөппүттэрин көрөн үтүктэннэр, оннук үгэстэнэннэр үлэлиир-хамсыыр кыахтара улаханнык аҕыйыыр. Бу оҕолор оҕолорун буор куттара өссө сайдыыта суох, дьадаҥы буолар кутталланаллар. Ханнык да үлэни-хамнаһы кыайбат буолуохтарын сөп.

Үөрэх киһини дьадатар, үлэлииргэ сүрэҕэ суох оҥорор. Элбэх үрдүк үөрэхтэри баһылаабыт дьонноох Саха сиригэр хара үлэни кыайа-хото үлэлиир үөрэҕэ суох кэлиилэр элбээн иһэллэр. Ол аата үлэни-хамнаһы кыайар сайдыылаах буор куттаах кэлиилэр олохтоохтору сабырыйан барыылара саҕаланна.

Үөрэхтэммит киһи илиитинэн үлэлээбэт, көтөхпөт, сүкпэт, быччыҥнарын хамсаппат, эрчийбэт, үгүстүк олорор, өйүнэн-санаатынан үлэлиир, кумааҕыны бэрийэр, компьютери мышканы хамсатан салайар. Хамсаныылартан тутулуктаах буор кута сайдыыта суох хаалар. Олоро үөрэнэн хаалан хамсыан-имсиэн бэйэтэ баҕарбат турукка тиийэр. Оҕото өссө хамсаабат, элбэхтик олорор, сытар буола улаатар. Куоракка киирэн олохсуйбуттара ырааппыт, үөрэхтэммит сахалар кэлэр көлүөнэлэрэ биллэрдик мөлтөөтө.

Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата тус-туспалар уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэллэр:

1. Эт-сиин киһи сүрүн, тутаах чааһа.

2. Өйө-санаата; буор, ийэ уонна салгын куттара.

Эт-сиин уонна ону хамсатарга аналлаах буор кута бииргэ сылдьаллар, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэллэр. Буор кут дьадайыыта диэн быччыҥнар сатаан хамсаммат буолуулара ааттанар.

Буор уонна ийэ куттара оҕо кыра эрдэҕиттэн үөскээн мунньуллан иһэр буоллахтарына, салгын кута биэс эбэтэр алта сааһыттан сайдан, биллэн, умнубат буолуута сайдан барар.

Эт-сиин уонна ону хамсатарга аналлаах өй-санаа, буор кут кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэллэр. “Уус оҕото уус буолар” диэн этии олус таба. Улаатан истэҕинэ төрөппүтүттэн бэриллибит буор кутун дьайыытыттан бары уустук хамсаныылары баһылыыр кыаҕа улаатар, уус буолууну түргэнник ситиһэр кыахтанар.

Онон үлэ эрэ киһи этин-сиинин сайыннарар, араас хамсаныыларынан буор кутун эрчийэр. Онтон эт-сиин диэн киһи сүрүн, тутаах чааһа буоларын бары билэбит. Эти-сиини элбэхтик эрчийии, дьарыктааһын киһи уһун үйэни ситиһэригэр кыах биэрэрин туһаныахпыт этэ.

ӨЙДӨӨХ ОҔОНУ ТӨРӨТҮҮ

Оҕо этэ-сиинэ улаатан, өйө-санаата сайдан үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран олоҕор туһана үөрэннэҕинэ, оҥорор быһыылара барылара киһи быһыылаах буоллахтарына киһи буолууну ситиһэр. Итини тэҥэ киһи буолууну ситиһии биир тутаах бэлиэтинэн оҕо улаатан этэ-сиинэ ситэн, өйө-санаата сайдан, бэйэтин аҥарын булунан ыал буоларын билиниэхпит этэ.

Ыал буолуу кэлэр көлүөнэлэри үөскэтиигэ аналланар. Былыргы сахалар кэлэр көлүөнэлэрэ доруобай, өйдөөх, үлэни-хамнаһы кыайар буола төрүүллэрин оҕолоро ыал буолуон быдан инниттэн, ыал буолааччылар саҥа билсиһэн эрдэхтэринэ төрүччү үөрэҕин туһанан быһаараллара уонна олоххо киллэрэллэрэ.

Ыаллар бары оҕолоро доруобай, өйдөөх, үлэҕэ-хамнаска үөрүйэх буола улаатыахтарын олуһун баҕараллар. Өйдөөх оҕо төрүүрүгэр төрөппүттэрэ, бары өбүгэлэрэ кыра да соҕус буоллар кыттыгастаналларын бары билэр курдукпут. Оҕо эбэтигэр, эһэтигэр ордук маарынныыр буолан хаалара эмиэ биллэр. Ол курдук ыраах өбүгэлэригэр даҕаны баар сорох ыарыылар оҕолорго бэриллэллэрин медицинэ науката бигэргэтэрин сэбиэскэй былаас дьадаҥылары өрө тутан буккуйуутуттан уонна төрүччүнү үөрэтэн туһаммаппытыттан билигин хаалларан сылдьарбыт хомолтолоох.

Сайдыылаах диэн ааттыыр үйэбитигэр олорор аныгы дьоҥҥо аҕыйах оҕолоох буолуу олоҕурда. Эдэрдэр 25 саастарыгар диэри ыал буолан биир, улааттаҕына утуу-субуу икки оҕолоно охсон баран, онон бүтэллэр. Үлэлии-хамсыы үөрэнэ, буор куттара ситэ сайда илик эдэрдэр оҕолоро үлэҕэ-хамнаска соччо сыстаҕаһа суох буолаллар диэн сахалар «Кут-сүр үөрэхтэрэ» быһаарарын умнан, туһаммакка сылдьарбыт итинэн быһаарыллар. Кэлин кэмҥэ төрөөбүт оҕолор үлэҕэ-хамнаска сыһыаннара, тардыһыылара суох буолуута, мөлтөөһүнэ ити быһаарыы табатын кырдьык дакаастыыллар.

Өйдөөх, сайдыылаах буор куттаах, үлэҕэ-хамнаска сыһыамах оҕолор аҕыйаан иһэллэриттэн тыа сирин үлэлэрин кыайа-хото үлэлээһин кыаттарбат. Былыргы сахалар «Сааһырбыт дьон оҕолоро өйдөөх буолар» диэн этиилэрин, бу кэмҥэ төрүт умуннубут, туһаммаппыт. Дьахталлар, эр дьон сааһыран, буор куттара сайдан баран оҕоломмот буолууларыттан эдэрдэр үлэҕэ-хамнаска үөрүйэх буолуулара аҕыйаата.

Өй-санаа, үгэстэр, үөрүйэхтэр үөскээһиннэрин сахалар кут-сүр үөрэхтэрин туһанан таба быһаарыы уонна киһи этигэр-сиинигэр олохсуйбут үөрүйэхтэрэ, ол аата буор кута эрэ кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр кыахтаналлларын билии, олоххо туһаныы билигин ордук наадалаах буолла.

Өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин баһылааһын өйдөөх оҕо төрүүрүгэр көмөлөһөр кыаҕын туһаныы ирдэнэр. Ол курдук киһи төһө уһуннук олоҕун олорор даҕаны үчүгэй, туһалаах үгэстэри, үөрүйэхтэри үөскэтинэн иҥэринэр кыаҕа улаатан иһэр. Үөрүйэх буолууну киһи уонунан сылларга утумнаахтык дьарыктанан эрэ иҥэринэр. Уол оҕо эдэр сааһыттан үлэҕэ-хамнаска эриллэн, тымныыга тоҥон, куйааска буһан тулуурдаах киһи буолууну 25 сааһыгар ситиһиэн сөп. Уһун үйэлээх эр киһи элбэх үчүгэй, туһалаах үөрүйэхтэри үйэтин тухары үөскэтинэн иҥэринэн иһэр кыахтаах. Бу үөрүйэхтэрэ, сайдыбыт буор кута, кини кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэр кыахтаналларын сааһыран да баран оҕо оҥорор кыахтааҕа быһаарар.

Сааһырбыт эр киһи эдэр дьахтары ылан оҕо төрөттөҕүнэ, күүһүрбүт, сайдыбыт буор кута бэриллэринэн, бу оҕо олус өйдөөх, үлэҕэ-хамнаска сыһыамах, сатаан, табан хамсанар, дьоҕура, талаана элбэх буолар кыаҕа төрүөҕүттэн улаатарын былыргылар билэллэрин аныгы олоххо туһанарбыт эрэйиллэр.

Дьон сааһыран баран оҕоломмот буолууларыттан сайдыылаах буор куттаах оҕолор төрүүллэрэ аҕыйаата. Биир эмэ оҕолоох буолууттан уонна эдэр сааска эрэ оҕолонууттан өр сылларга мунньуллар буор куттарын, өйдөрүн-санааларын төрөппүттэр оҕолоругар салгыы биэрэн иһэр кыахтара билигин сарбыллан сылдьар. Ол курдук бөҕө эттээх-сииннээх, 40 сааһын ааспыт, үлэлээн, хамсаан элбэх үөрүйэхтэри мунньуммут эр дьоммут иккистээн, үһүстээн кэргэн ылалларын православнай таҥара үөрэҕэ уонна сэбиэскэй былаас сыыһа үөрэтиилэрин итэҕэйэн туһанарбытыттан билигин хаалларан сылдьарбыт, омукпут мөлтөөһүнүгэр тириэрдэр.

Аҕыйах ахсааннаах эр дьон бэртэрэ, талыылара эттэрэ-сииннэрэ, доруобуйалара мөлтөөбөккө алта уон саастарыгар тиийэллэр. Бу кэмҥэ кинилэр оҕо оҥорор кыахтара кыччаабат диэни бары билэбит, медицинэ науката эмиэ бигэргэтэр. Ол иһин сааһырбыт эр киһи өйө-санаата, буор кута муҥутуурдук сайдыбыт, тулуурдаах буолуута күүһүрбүт кэмэ буоларын таба туһанан, кэлэр көлүөнэлэргэ салгыы биэрии эдэр дьахтары кэргэн ыллаҕына эрэ кыаллар кыахтааҕын таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

Урукку, ыраахтааҕы кэмин иннинэ, өй-санаа үөрэҕин сахалар тутуһар эрдэхтэринэ, эр киһи хас да кэргэннэнэрин сөбүлүүр, ону тутуһар этилэр. Үрүҥ айыы билиилэрин тарҕатааччылар, олоҥхо кэминээҕи үөрэҕи өрө тутааччылар билигин биһиэхэ элбэхтэр. Кинилэр бары сахалар бу былыргы үгэстэрэ омукпут сайдыытыгар, үлэни-хамнаһы кыайыытыгар, ахсаана эбиллиитигэр ордук туһалааҕын билинэн, аныгы олоххо киллэриигэ бары кыахтарын уураллара эбитэ буоллар чахчы улахан туһаны оҥоруо этилэр.

Кыахтаах, баайдаах, доруобай эр дьон хас да ойохтоноллорун көҥүллээһин омук өйдөөх, кыахтаах эттээх-сииннээх дьоно элбииллэригэр тириэрдиэн сөптөөх, айылҕа биэрбит соҕотох суола буолар. Былыргы сахаларга эр дьон үс эбэтэр өссө да элбэх ойохтоноллоро баа буолбат, көҥүллэнэр этэ. Ол барыта былыргылар эр киһи уонна дьахтар айылҕаларын, өйдөрүн-санааларын уратыларын ордук билэллэрин, дьахтар 40 сааһын аастаҕына оҕолонор кыаҕа суох буоларын, эмээхсиҥҥэ кубулуйарын, олоххо табан туһаналларын биллэрэр.

Эр киһи 40 сааһыгар этэ-сиинэ дьэ толору ситэр, өйө-санаата сайдар, оннун булунар, сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр, олоҕу атыннык, үчүгэй өттүттэн сыаналыыр кыаҕа лаппа улаатар, үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир. Бу кэмҥэ эр киһи иккистээн кэргэн ылан оҕолонноҕуна, оҕотун буор кутун сайдыыта ордук элбэх буолар. Оҕотун иитиитигэр таба, киһи буолуу суолун тутуһар. Былыргылар бу кэмҥэ иккис кэргэннэрин ылаллар этэ.

Бэйэтэ доруобай эттээх-сииннээх 60 саастаах эр киһи үһүс кэргэнин ыларыгар толору кыахтаах. Кини буор кутун сайдыыта муҥутуурдук улааппыт, сайдыбыт, үөрүйэхтэрэ элбээбит кэмигэр төрөппүт оҕолоро ордук өйдөөх-санаалаах уонна эдэр дьахтартан оҕолонноҕуна, доруобай эттээх-сииннээх буолуохтарын сөбүн быһаарарын туһаныахпыт этэ.

Онон үчүгэй, бөҕө доруобуйалаах, уһун үйэлээх, олохторун киһи быһыылаахтык олорор, сөптөөх баайы-малы мунньуммут эр дьон үс кэргэннээх буолуулара айылҕа үтүө айыыта буолар уонна дьон эттэрин-сииннэрин, өйдөрүн-санааларын, куттарын сайдыытыгар сөп түбэһэр. Айылҕа үөскэппит бу сөп түбэһиитин былыргылар билэн туһана сылдьыбыттарын хаттаан олоххо киллэрэн туһаныы омукпут өссө сайдыытыгар тириэрдэр кыахтаах.

Омук сайдарыгар, ахсаана эбиллэригэр төрүөх биэрэр дьахталлар ордук туһалаахтар. Дьахтар төрүөх биэрэр кыаҕа эдэр эрдэҕиттэн саҕаланар уонна сүүрбэ эрэ сылтан кыратык ордор, бу кэмҥэ эрэ дьахтар диэн ааттанар. Олоҕун салгыы олордоҕуна, төрүүр кыаҕа сүттэҕинэ дьахтар аата эмээхсин диэҥҥэ уларыйар уонна оҕолору иитэр, үөрэтэр эбэтэр атын үлэҕэ үлэлиир анала дьэ киирэр. Ол аата кыыс оҕо улаатан, сааһа ситтэҕинэ, аан маҥнай сааһын баттаһа, хас да оҕолонон баран өйө-санаата дьэ оннун булунан, олоххо туһалаах дьарыгынан эр дьонтон кыра да итэҕэһэ суох дьарыктанар кэмэ кэлэр. Кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии уонна кыра эрдэхтэринэ иитии дьахтар анала. Киһи буолуу, киһилии быһыыланыы, майгыланыы үгэстэригэр дьахтар оҕотун кыра эрдэҕиттэн иитэр, үөрэтэн кыаҕа улахан.

Эр киһи оҕо улаатан истэҕинэ үлэҕэ-хамнаска, тулуурдаах буолууга үөрэтэр аналлаах. Дьахтар бэйэтин оҕолорун улаатыннаран баран, аны сиэннэрин киһи буолууга иитэрэ, олоххо үөрэтэрэ олох үөрэҕэ салҕанан иһэрин үөскэтэр.

«Сааһырбыт дьон оҕолоро өйдөөх буолар» диэн этии бары өттүнэн таба. Ол курдук сааһырбыт киһи оҕотун иитиигэ, үөрэтиигэ ордук кыһанар уонна өйө-санаата оннун булбутунан туһанан олоххо таба суолу тутуһар. Бэйэтин олоҕун уопутуттан элбэхтик туһанара оҕотун үөрэтиигэ ордук туһалыыр. Итини тэҥэ төрөппүт оҕотугар бэйэтин сайдыылаах буор кутун биэрэриттэн оҕо үлэни-хамнаһы кыайар кыаҕа улаатарын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ дакаастыыр.

«Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх» диэн этиини олоххо хайаан да таба туһаныы ирдэнэр. Ол курдук оҕо оҥоруллар дьыалатын таҕылы тарҕатыыга кубулутуу билигин иллэҥ дьахталлар элбээһиннэриттэн аһара барыыта үөскээн эрэриттэн, өйдөрө-санаалара сайдыбыт, тулуурдара улааппыт дьон хайдах эрэ туттунуохтара, аһара барыахтара суоҕа этэ. Киһи этэ-сиинэ улаатыыта, өйө-санаата сайдыыта эмиэ айылҕаттан бэриллибит икки өрүттээх тутулуктарын тутуһа сылдьыахпыт, хайата эрэ аһара баһыйан, халыйан барыытын суох оҥоруохпут этэ.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылары, үлэни-хамнаһы кыайбаттары, өйдөрө-санаалара мөлтөх дьону өрө тутууттан, арбааһынтан дьадаҥылар, умнаһыттар өйдөрө-санаалара бары дьоммутугар тарҕаммытыттан Сэбиэскэй Сойууска үлэ-хамнас барыта таҥнары барыыта саҕаламмыта. Ол куһаҕан сабыдыал охсуутуттан билигин даҕаны үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиир дьон өссө үөскүү, тэнийэ иликтэрэ кэлии үлэһиттэр элбииллэригэр тириэрдэр.

Сэбиэскэй былаас дьоҥҥо үчүгэй курдук көстөөрү дьахталларбытыгар олус элбэх, омук олоҕор, сайдыытыгар туһата суох, өссө буортулаах да көҥүллэри элбэҕи биэртэлээн кэбиспитэ билигин да дьайа, туттулла сылдьара омукпут сайдан, ахсаана эбиллэн иһиитигэр сөп түбэспэт. Ол курдук үрдүк үөрэхтэммит дьахталлар бэйэлэрин эрэ көрүнэллэрэ, өрө туталлара элбээн, элбэх оҕону төрөппөт буолууларыттан омукпут ахсаана эбиллибэт. Итини тэҥэ аҥардас дьахталлар биир эмэ тулаайах оҕолорун кыайан киһилии суолунан ииппэттэриттэн, сыыһа-халты туттуналлара элбэҕиттэн омук ахсаана эбиллиитигэр биллэр туһаны аҕалбаттар.

Ахсаан өттүнэн лаппа баһыйар дьахталлар бэйэлэрин көнө, үтүө санааларынан омукпут сайдыытын ситиһэрбитигэр кыһанан, элбэх ойохтонууну көҥүллүүллэрэ, оннук сокуоннары ылынарбыт буоллар, кыахтаах, үлэни-хамнаһы баһылаабыт эр дьоннорбутуттан элбэх, сайдыылаах буор куттаах оҕолор төрүөхтэрэ этэ, оҕолорбут өйдөрө-санаалара тупсарыгар уонна үлэни-хамнаһы кыайар буолууларыгар тириэрдиэ этибит. Билигин биһиэхэ кыахтаахтык үлэлиир-хамсыыр эр дьон элбээн иһэллэринэн өйдөөх, сайдыылаах буор куттаах кэлэр көлүөнэлэрдээх буолуу туһата лаппа үксүүрүн дьахталлар эмиэ өйдүөхтэрэ, омукпут сайдарын, ахсаана элбиирин туһугар кыһаналларын илэ биллэриэхтэрэ этэ.

Эр дьон элбэх кэргэннээх буолуулара кэргэн арахсыыта, көрсүү эрэйдээһинэ диэн билигин киэҥник тарҕаммыт куһаҕан көстүүнү букатын суох оҥоруо этэ. Ол курдук кэргэннэрэ арахсан бардаҕына, кырдьар саастарыгар соҕотох хаалан хаалар сааһырбыт дьахталлар диэн суох буолуохтара. Оҕолор аҕата суох хаалбаттарыттан иитиилэрэ киһи быһыылаахтык барыаҕа, бары дьахталларга көрөр-истэр, көмөлөһөр киһилэрэ хаһан баҕарар баар буолуо этэ.

Онон Аан дойдуга биллэр уһун үйэлээх омукпутугар бэриниилээх, омукпут сайдарын, үүнэрин туһугар ханнык эрэ сиэртибэлэргэ киирии элбэх ахсааннаах дьахталларбытыттан ирдэнэр кэмэ кэллэ. Итини тэҥэ байыыны ситиспит, кыаҕырбыт эр дьон бэлэмнэригэр сынньалаҥнык сытыахтарын баҕара саныыр, чахчы кыахтаах, өйдөөх-санаалаах, сайдыылаах буор куттаах оҕолору төрөтүөхтэрин баҕалаах эдэр дьахталлар эмиэ элбэх буолуохтарын сөп.

ХААН УРУУ

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн хаан уруу диэн этиини аймахтары быһаарыыга анаан туһаналлар. Амырыын тымныылаах дойдубутугар биир киһи, киһи буолан олороро олус уустугунан, хаһыа да буолан бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөн, күүс-тирэх буолан олоруу эрэ табыллар кэмнэрэ бааллара. Ол курдук аһара элбэх маһы сиир көмүлүөк оһоҕу кыайа-хото оттоору ыаллар хас да буолан дьукаахтаһан кыһыны кыстыыллара.

“Хаан хаанын түһэн биэрбэт” диэн өс хоһоонун сахалар куруук тутуһалларыттан бу ыарахан олохтоох хотугу дойдуга үлэни-хамнаһы сайыннарбыттар. “Хаана тардар” диэн этии биир хаан аймахтар бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөрүгэр эбиискэ күүс баарын биллэрэр. Аныгы олоххо бииргэ төрөөбүттэр, бииргэ улааппыттар кыра эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөрө, өйдөһөллөрө ордук күүстээҕиттэн хаан аймахтары сыаналыыбыт. Өр сылларга сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин суох оҥорбутуттан аймахтар тэйэн истэхтэринэ, бииргэ олоруу кыаллыбат буолбутун кэнниттэн кинилэри умнуохха сөп курдук сыыһа саныы үөрэммиппит.

Санаа хаһан да кыайан тутуллубат, хааттарбат. Киһи буор кута төрөппүттэриттэн оҕолоругар бэриллэн иһэр. Ол иһин киһи этигэр-сиинигэр быһаччы дьайар, хамсаныылары үөскэтэр буор кут бары хаан аймахтарга этин-сиинин курдук эмиэ биир буолар. Билигин хаан аймахтар эттэрэ-сииннэрэ оҥоһуута биирин, маарынныырын органнары уларытыыга медицинэ науката киэҥник туһана сылдьар. «Хаан урууну өрүс да уутунан сууйуллубат» диэн этиини сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбутуттан ыла соччо аахайбат буола сылдьабыт. Бу этии хаан уруу элбэх уунан да сууйдахха кыайан суох буолбатын, сүппэтин чопчулаан биллэрэрин тэҥэ, хаан урууну умнума диэн өйдөтөр.

Кут-сүр үөрэҕэ киһи куттарын үөрэтэр. Биир хаан аймах дьон эттэрэ-сииннэрэ биирэ, маарынныыр буолара биир төрүттээхтэрин биллэрэрин тэҥэ, араас хамсаныылара эмиэ маарынныыра буор куттара биир буоларын быһаарар. Ол курдук оҕо аҕатыгар көрүҥүнэн маарынныырын таһынан, нүксүгүрэ эмиэ биир буолан хаалыан сөп.

Буор кут диэн хамсаныылары оҥорор өй-санаа биир хаан аймах дьоҥҥо барыларыгар биир буолар, тэнийэн, тарҕанан баран иһэр. Ол курдук сыыдам хамсаныылаах үлэһит киһи оҕото диэтэхтэринэ төрөппүтүн курдук үлэһит, сыыдам хамсаныылаах буолуон сөбө быһаарыллар.

Хаан аймахтар үгүстүк биир санааланыылара, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһүүлэрэ, өйөһүүлэрэ олоххо туһалаах. Хайа эрэ аймах куһаҕан буолуута, санаата алдьаныыта, бу аймахтары барыларын хаарыйар кыаҕа улахан. Буор кут сибээһэ, тутулуга олус күүстээҕин, киһи этин-сиинин барытын хабарын уонна хаһан да уларыйбатын, суох буолбатын бэлиэтээн сахалар сууйуллубат диэн этэллэр. Ол курдук киһи хаан аймаҕыттан ылар этин-сиинин кытта хамсанар кыаҕын, буор кутун кытта ылынар. Уус киһи оҕото уус буолуон сөбүттэн ити быһаарыы тирэх ылан үөскээбит.

Олус уһун үйэлээх аймахтар буор куттара мөлтүүр, бытарыйар кыаҕа аҕыйыырыттан бу дьон оҕолоноллоро биир эмэ, үксүгэр кыыс оҕо буолар. Омук кырдьыыта диэн этии буор куту кытта сибээстээх.

«Хааны тупсарыы» диэн омук атын омугу кытта холбоһон оҕолонуулара ааттанар. Эт-сиин саҥалыы үөскүүрүттэн буор кут эмиэ саҥалыы үөскүүр кэмэ кэлэр. Саҥа үөскүүр омук саҥа буор куту үөскэтиниитэ уһун кэмҥэ, хас да үйэлэргэ, элбэх көлүөнэлэр усталарыгар барар.

Аймахтар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын тупсарыыларыттан сайдаллара, үүнэллэрэ быһаччы тутулуктааҕын билиэхпит, олохпутугар туһаныахпыт этэ. Хайа эрэ хаан аймах табыллы-батаҕына, ыар санааҕа түстэҕинэ, ыарыйдаҕына аймахтарга аан маҥнай биллэр. Санаарҕаабыт, куһаҕан көрүҥнээх аймахтарын түүллэригэр көрүөхтэрин сөбүн тэҥэ, быһаччы эттэрэ-сииннэрэ биттэнэн эмиэ билиэн сөп. Ол курдук биттэнии диэн эккэ-сииҥҥэ үөскүүр хамсааһыннарынан инникини билии ааттанар.

Сахалар хаан аймахтарын ордук сыаналыыллар, харыстыыллар. Урукку кэмнэргэ аймахтарын 9 көлүөнэҕэ диэри бары билэллэр, сылдьыһаллар, аймахтаһаллар этэ. Арыыччалар аймахтарын 12 көлүөнэҕэ диэри билэллэрэ ахтыллар.

Олоҕун киһи быһыылаахтык уһуннук олорбут, элбэх оҕолорун киһи буолууга ииппит, үөрэппит киһи буор кута муҥутуурдук сайдар. Кини өлбүтүн да кэннэ бу кута бары хаан аймахтарыгар көмөлөһө, көрө-истэ араҥаччылыы сылдьарын сахалар билэллэр уонна үрүҥ айыылар көмөлөрө диэн ааттыыллар. Ыарыһах киһиэхэ хаан аймахтарын чулуу киһитэ түүлүгэр көстөн аналлаах эмп буһаран сиэппитэ туһалаабыта эмиэ биллэр. Өлбүт төрөппүттэр оҕолорун түүллэригэр көстөн араас кутталлаах, соһуччу түгэннэртэн сэрэтиилэрэ айыылар харыстааһыннара диэн ааттанар.

Онон хаан аймахтар бары бэйэ-бэйэлэрин кытта буор куттарынан холбуу баайыллан бииргэ тутулла, сибээстэһэ сылдьаллар. Биир эмэ хаан аймахтара олоҕор табыллыбатаҕына, санаата алдьаннаҕына атыттарга барыларыгар эмиэ охсоруттан бары түмсүүлээх, бэйэ-бэйэлэрин билсиһэр, көмөлөһөр буолуулара эрэйиллэр.

БУОР КУТ БУККУЛЛУУТА

Сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн киһи этин-сиинин хамсатар өйө-санаата буор кут диэн ааттанар уонна эти-сиини кытта куруук бииргэ сылдьар, өллөҕүнэ эрэ арахсар. Бу үөрүйэх буолууттан үөскүүр буор кут диэн эккэ-сииҥҥэ иҥэн сылдьарынан төрөппүттэриттэн оҕолоругар быһаччы бэриллэн иһэр кут буолар.

Буор кут киһи этин-сиинин араас чаастарын, бары быччыҥнарын хамсатар аналлаах. Буор кут буккуллуута сатаан хамсаммат, саҥарбат буолуу үөскээһинигэр тириэрдиэн сөп.

Билигин церебральнай паралич диэн ыарыы кыра оҕолорго элбээһинэ бэлиэтэнэр. Саҥа төрөөбүт оҕолор кыайан хамсаммат, хаампат, сатаан саҥарбат буолуулара ордук элбэх. Өй-санаа үөрэҕин быһаарыытынан аныгы дьахтар боруобалыыр аатыран, элбэх эр киһини кытта быыстала суох сылдьыһарыттан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр буор кут буккуллуута үөскээн итинник сатаан хамсаммат, саҥарбат оҕо төрүүрүгэр тириэрдэр.

Урукку кэмҥэ сахалар кыыс оҕо эргэ тахсарыгар атын эр киһилиин сылдьыһа илигин хайаан да ирдииллэр этэ. Оччотооҕу кэмнэргэ бары сахалар өй-санаа үөрэҕин этиилэрин тутуһаллара уонна төрөппүттэри, төрүччү үөрэҕин туһанан талан ылан бэйэлэрин удьуордуур, утумнуур кэлэр көлүөнэлэри анаан-минээн үөскэтэллэрэ.

Билигин даҕаны үчүгэй төрүттээх, төрүт-уус ыаллар уол оҕолоро кэргэн, ыал буолууларыгар кэргэн буолар кыыс оҕоҕо аналлаах көрдөбүлү кытаатыннаран биэрэр кыахтаахтар. Киһи этин-сиинин, өйүн-санаатын сайдыытын үөрэтии ити көрдөбүлү кытаанахтык ирдиир кэмэ кэлэн иһэр. Эр дьоммут сайдыылара түргэтээн үөрэҕи, үлэни-хамнаһы кыайаллара эбиллэн иһэрэ кэлин кэмҥэ биллэр буолла. Итини тэҥэ дьахтар хайа баҕарар эр киһиттэн бэйэтигэр маарынныыр оҕону төрөтөр кыахтаах буоллаҕына, эр киһи бэйэтигэр маарынныыр, удьуордуур, утумнуур оҕону, адьас ыраас кыыс оҕоттон, атын эр киһилиин сылдьыспатаҕына эрэ, төрөтөр кыахтанарын эр дьон эдэр эрдэхтэриттэн билэн кыыс оҕолору олус кыһанан харыстыахтарын сөп этэ.

Билигин телегония диэн саҥа наука салаата саҥардыы үөрэтэ сатыыр үөрэҕин былыргы сахалар олус чуолкайдык билэллэрэ олоххо туттар үгэстэриттэн чуолкайдык биллэр. Ол үгэс кэргэн тахсар кыыс оҕо атын эр киһини кытта сылдьыспатах буолуутун кытаанахтык ирдээһиҥҥэ иҥэн сылдьарын билигин быстах санаалаах омук үөрэҕин тутуһарбытыттан хаалларан кэбистибит. Ыал кэргэн буолууга аҥардастыы тапталы эрэ өрө тутаммыт атын туһалаах өрүтүн, тэҥнэһиини үөскэтэр баайы-малы, үлэни-хамнаһы умнан сылдьабыт. Ол аата кэргэн тахсыан иннинэ атын эр киһилиин сылдьыспыт дьахтар эр киһини утумнуур оҕону кыайан төрөппөтүнэн итинник хааччахтааһын оҥоруллар эбит.

Төрүүр оҕо хайа эрэ өттүнэн дьахтар аан маҥнай сылдьыспыт киһитин курдук буолуохтааҕын былыргылар билэннэр итинник хааччахтааһыны оҥорон туһаналлар эбит. Кэтээн көрүү түмүгүнэн атын киһиттэн оҕолоох дьахтары ойох ылбыт киһи маҥнайгы оҕото анараа киһи эбэтэр ийэтин курдук буолара быдан элбэх.

Үгүс эр киһилиин сылдьыспыт дьахталлар ыарыһах оҕону үгүстүк төрөтөллөр. Манна кыайан саҥарбат, сатаан хамсаммат оҕолор төрөөһүннэрэ кэлин, аныгы сайдыылаах дьахталлар көҥүл-босхо барбыттарын кэннэ, аһара элбээбитэ бэлиэтэнэр.

Кут-сүр үөрэҕэ этэринэн буор кут буккуллуута оҕо кыайан хамсаммат, саҥарбат буолуутун аан маҥнайгынан үөскэтэр. Эр киһи сиэмэтин кытта буор кута дьахтарга холбуу бэриллэрэ билигин быһаарыллар кыахтанан эрэр. Элбэх эр киһилиин сылдьыспыт дьахтар буор кут буккуллуутуттан итинник, ыарыһах, кыайан хамсаммат, аанньа саҥарбат оҕону төрөтүөн сөп.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ киһи үс куттаах диэн үөрэтэр. Бу куттартан буор кут киһи этин-сиинин кытта бииргэ сылдьар, хас биирдии быччыҥҥа үөскүүр хамсатарга аналлаах өй-санаа буолар. Ол аата бу буор кут хас биирдии быччыҥҥа, килиэткэҕэ иҥэн сылдьар уратылааҕыттан эти-сиини кытта бииргэ бэриллэр.

Былыргы сахалар үөрэхтэринэн дьон сиэбэт, бобуулаах этин чаастара хас кыыл аайы бааллар. Ол барыта уһун үйэлэр тухары саха дьоно кэтээн көрөн, боруобалаан билбит үөрэхтэрэ, үтүө үгэстэрэ буолар. Былыргыны суруйааччылар А.Е.Кулаковскай, А.А.Саввин сахалар аһылыкка туттар араас өрүттээх бобууларын сурукка киллэрэн хаалларбыттарыттан билигин билэр кыахтаахпыт.

А.А.Саввин былыргы сахалар ханнык кыыл, хайа этин сииртэн киһи этин ол чааһа уларыйыан, ыалдьыан, куһаҕаннык хамсыыр буолуон сөбүн былыргы сахалар арааран билэн олохторугар араас бобууга кубулутан туһаналларын туһунан суруйар. Кыыл-сүөл араас эттэрин чаастарын сиэһин дьоҥҥо барыларыгар; ордук дьахталларга уонна улаатан иһэр оҕолорго куһаҕаннык дьайалларын быһаарбыттар. Холобурга, оҕо хопто этин сиэтэҕинэ саҥата куһаҕан буолуон сөп.

Оҕо ураанай кус этин сиэтэҕинэ, тыла суох буолуон сөп.

Төрөөрү сылдьар дьахтар иҥиири сиэтэҕинэ төрүүрүгэр иҥиирэ тардыан сөп.

Эһэ этин сиэтэҕинэ оҕо эһэ курдук уордаах майгылаах буолуон сөп.

Оҕолорго бобуу – тыл төбөтүн сиэтэҕинэ элбэх уу-хаар тыллаах буолуо, тиис миилэтин сиэтэҕинэ, тииһэ куһаҕан, эрдэ түһэн хаалыан сөп. (7,53).

Сахалар кыыллар ураты, киһиэхэ дьайыыта тиийиэн сөптөөх чаастарын отой сиэбэттэр. Онно киирсэллэр: ынах маҥырыыра, сылгы кистиирэ. Бу чаастары сиэтэххэ киһи саҥата буорту буолуон сөп. Ураты быччыҥнар ураты буор куттара киһиэхэ бэйэтигэр киирэн иҥэн хаалыахтарын сөбүттэн ити бобуулары оҥороллор.

Буор кут диэн эти-сиини хамсатар өй-санаа түмсүүтэ буолан эти-сиини кытта бииргэ сылдьар. Ол иһин холбуу сиэн кэбистэххэ киһиэхэ киирэн иҥэн бэйэтин буор кутун буккуйан кэбиһэр кыахтанарын иһин сиэппэттэр, боболлор. Ол барыта олус уһун үйэлээх сахалар өй-санаа үөрэҕин дириҥник үөрэппиттэрин биллэрэр.

Онон кэлэр көлүөнэлэр буор куттарын буккуйбат буолууну ситиһиигэ былыргы сахалар үөрэхтэрин быһаччы туһанан кыыс оҕо кэргэн тахсарыгар ыраас кыыһынан буоларын ирдиэххэ уонна былыргылар курдук эдэр саастарыгар кэргэн тахсыыларын ситиһии омукпут сайдыытыгар, үлэни-хамнаһы кыайыытыгар, ахсаана элбииригэр туһалыа этэ.

БУОР КУТ МӨЛТӨӨҺҮНЭ

Сааһырыахтарыгар диэри эттэрэ-сииннэрэ мөлтөөбөккө олохторун олорор эр дьон соччо элбэҕэ суохтар диэн барыны билэр, статистика этэр. Эр киһи олоҕор араас сыыһа-халты туттунууга, быстах быһыыга түбэһиитэ элбэҕэ онно эмиэ эбиллэр. Ол курдук эр дьон бэртэрэ, өйдөрө-санаалара туруктааҕа, тулуурдаахтара доруобуйалара мөлтөөбөккө, эттэрэ-сииннэрэ бөҕөтүн ыһыктыбакка кырдьар саастарыгар тиийэллэр.

Айылҕа айбытын быһыытынан сааһырбыт эр киһи оҕо оҥорор дьоҕура кыччаабат, итини медицинэ науката эмиэ бигэргэтэр. Эр киһи сааһыран истэҕин аайы сайдан, мунньуллан иһэр буор кутун, үөрүйэхтэрин оҕолоругар биэрэр кыаҕа хаалан хаалбат. Былыргы сахалар айылҕа ити биэриитин сатаан, табан туһаналлар этэ. Кыахтаах эр киһи үс кэргэннээх буолара.

Буор кут өйө-санаата диэн киһи хамсаныыларга дьоҕура, этэ-сиинэ хамсаныыларга үөрүйэҕэ ааттанар. Төһөнөн буор кут өйө-санаата сайдыылаах, үөрүйэхтэргэ үөрэммит буоллаҕына, киһи араас үлэ араас уустук хамсаныыларын улахан эрэйэ суох сатаан, табан оҥоро үөрэнэр кыахтанар.

Үлэлиир, хамсыыр киһиэхэ буор кут үйэтин тухары мунньуллан, өйө-санаата эбиллэн иһэр. Ол курдук элбэх араас үөрүйэхтэр үөскээннэр киһи этигэр-сиинигэр олохсуйан иһэллэриттэн буор кут сайдан үөрүйэхтэрэ эбиллэн иһэллэр.

Үйэтин тухары элбэхтик үлэлээн-хамсаан сааһырыар диэри элбэх буор куту үөскэтиммит эр киһи эдэр дьахтары кэргэн ылан оҕолоннохторуна, оҕолоро өйдөөх, сайдыылаах буор куттаах төрүүрүттэн үлэҕэ-хамнаска үөрүйэҕэ, дьоҕура элбэх буолан үөрэҕи, билиини, уустук үлэни-хамнаһы баһылааһыны ситиһэрэ ураты түргэн буолуон сөп диэн сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэрин итэҕэйэн олохпутугар туһаныа этибит.

Уустук хамсаныылары киһи олус өр үөрэнэн, эрчиллэн, этэ-сиинэ үөрүйэх буоллаҕына эрэ баһылаан, тупсаҕайдык, имигэстик оҥорор буолар. Хамсаныыларга үөрүйэх буолуу буор куту үөскэтэр. Ол иһин бары хамсаныылары оҥоруу буор куттан олус улахан тутулуктаах. Буор кут, эти-сиини хамсатарга аналлаах өй-санаа, үөрүйэх буоллахха эрэ үөскээн эккэ-сииҥҥэ иҥэр.

Эдэр тустууктарбыт ситиһиилэрэ мөлтөҕүттэн бары да санааргыыр буоллубут, тренердэри мөҕө-этэ, буруйдуу сатыыбыт. Урукку тустууктарбытын утумнуур эдэр тустууктарбыт отой аҕыйахтар. Буор куттара сайдыбатах, дьарыктаналларыгар сүрэҕэ суох эдэрдэри булан эрчийэ сатыыбыт да, кыайыылары ситиһэллэригэр кыахтара кыра.

Кэлин кэмҥэ ыал буолааччылар эдэр эрдэхтэринэ, холбоһоот даҕаны биир, икки оҕону төрөтөн баран онон бүтэр буоллулар. Эдэр эрдэхтэринэ оҕоломмут оҕолоро буор кута сайдыыта мөлтөҕүттэн этэ-сиинэ хамсаныыларга үөрүйэҕэ суох, үлэҕэ-хамнаска дьоҕура аҕыйах буола төрүүр. Эдэр төрөппүттэр саҥа үлэлээн-хамсаан буор куттара, бу кэмҥэ саҥа сайдан эрэр кэмэ буолар. Киһи бэйэтэ үлэлээн-хамсаан үөскэтинэ сатыыр буор кута уһуннук дьарыктаннахха, эрчилиннэххэ эрэ үөскээн, үөрүйэххэ кубулуйан олохсуйарын билиэхпит этэ.

Хамсаныыларынан дьарыктаныы үрдүкү чыпчаалын тустуу быһаарара ордук табыллар. Чыпчылҕан түгэнэ сымсатык, кыахтаахтык хамсаныы, үөрүйэх буолбут быраҕыылары туһаныы тустууга ситиһиинии, кыайыыны оҥорууга тириэрдэрин бары билэбит. Тустуунан дьарыктаммыппыт ыраатта эрээри Чукровтар эрэ динистиялара биллэр. Тустууктар династиялара ыраас кыыһы кэргэн ылбаттарыттан салҕанан испэт, быстан хаалар. Ол курдук хамсаныылары оҥорууга сайдыы чыпчаалын ситиспит отутуттан тахсыбыт улахан тустуук оҕолонон сайдыылаах буор кутун оҕотугар биэрэрэ билигин хаалан сылдьар. Ол иһин сайдыылаах буор куттаах оҕолор төрөөбөттөрүттэн эдэрдэрбит тустууга ситиһиилэрэ мөлтөөтө.

Олоххо хаалыыны үөскэтэр православнай таҥара үөрэҕин тутуһууттан эр дьон биир эрэ кэргэннээх буолуулара олохсуйбута итэҕэйэр, тутуһар омуктары эстиигэ тириэрдэн эрэрин билиэ этибит.

Россия тустуутун билигин Кавказ уолаттара баһылаан иһэллэр, элбэх ахсааннаах ааттаах нууччалартан биир эмэ уол тустууга үрдүкү таһымы ситиһэр. Ол барыта Кавказ олохтоохторо урукку, ыраахтааҕы кэмин саҕанааҕы олохторун үгэстэрин тутуһан олороллоруттан, ыраас кыыһы кэргэн ылалларыттан уонна эр дьон сааһыран баран оҕолоноллоруттан тутулуктаах. Кавказ дьахталлара сааһыран да баран элбэхтик оҕолоноллор.

Православнай таҥара үөрэҕэ эр киһи биир эрэ кэргэннээх буолуохтаах диэн үөрэҕинэн нууччалары эһэн эрэр. Ханнык да үлэ-хамнас эдэрдэргэ кыаллыбат буолбута, кэлии үлэһиттэр аһара элбээн эрэллэриттэн биллэрин атын биричиинэлэргэ балыйа сатыыллар. Үлэ-хамнас ыарахан, эрэйдээх, оонньуу буолбатах, хамсаныы элбэх эньиэргийэни эрэйэр. Үлэни-хамнаһы кыайыыга үөрүйэх, сатаан үлэлиир, ураты тулуурдаах, сыыһа-халты туттубат буолуу киһиттэн ирдэнэр. Сайдыыны, үүнүүнү ситиһиэн баҕарар нууччалар православнай таҥара үөрэҕиттэн аккаастаннахтарына эрэ баҕа санаалара туолуон, нуучча омук сайдыан сөп.

Буор кут көлүөнэттэн көлүөнэҕэ сайдан, күүһүрэн эбэтэр мөлтөөн, ахсаан иһиэн сөп. Киһи буор кутун эрчийбэт, үлэнэн, хамсаныыларынан этин-сиинин дьарыктаабат буоллаҕына, үөрүйэхтэр үөскээбэттэриттэн буор кута сайдыбат. Буор кута сайдыбатах киһи сахалыы дьадаҥы диэн өйдөбүлүнэн толору этиллэр. Үлэҕэ-хамнаска үөрүйэҕэ суох, хамсанарыттан сүрэҕэлдьиир, элбэхтик сытарын, сынньанарын сөбүлүүр киһи сахалыы үөрэҕинэн дьадаҥы диэн этиллэр уонна буор кутун өйүн-санаатын таһыма быһаарыллар. Бу киһи оҕото өссө сатаан хамсаммат, үлэлээбэт киһи буола улаатыан сөп, онтон сиэнэ букатын мөлтүүр. Бу аймахтар эстэр дьылҕаланаллар. Сэбиэскэй былаас дьадаҥылары өрө туппут сабылыалынан билигин Россия дьоно бары кэриэтэ дьадаҥылар өйдөрүгэр-санааларыгар түһэн сылдьаллар. Ол курдук дьону барыларын бэлэмҥэ үөрэппит сэбиэскэй былаас эстибитин да кэннэ, оччотооҕу, бэлэмҥэ үөрэммит дьон баалларынан, бу өй-санаа билигин да хаала, тупса илик. Ол дакаастабылынан үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиир дьон биһиэхэ билигин да олус аҕыйахтар.

Дьадаҥы буолуу диэн буор кут сайдыыта суоҕун быһаарар өй-санаа уратыта хас да көлүөнэ дьон олохторун устата күүскэ үлэлээн-хамсаан эттэрин-сиинэрин эрчийиилэриттэн көнөн, тупсан барыан сөп.

Төрөппүттэриттэн бэриллибит сайдыылаах буор куттаах оҕо үлэҕэ, хамсаныыларга үөрүйэх, этин-сиинин кыайа-хото хамсатар, сатабыллаах, дьоҕурдаах буола төрүүр, улаатан истэҕинэ дьоҕура эбии киирэн, тулуура, дьулуура эбиллэн иһэр. Элбэхтик хамсанарыттан үөрүйэхтэр үөскээннэр буор кута сайдан, мунньуллан иһэр кыахтанар. Үлэни-хамнаһы, эти-сиини эрчийиини кыайа-хото тутар аймахтар сайдан, чэчирээн иһэр кыахтаналлар.

Сахалыы таҥара үөрэҕин “тенгрианство” диэн аатынан да билинии, олоххо киллэрии өй-санаа үөрэҕин оннугар түһэриэ этэ. Ол курдук буор, ийэ уонна салгын куттар үөскээһиннэрин уонна эти-сиини кытта тутулуктарын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ эрэ таба быһааран дьоҥҥо тириэрдэр кыахтаах.

Онон буор кут мөлтөөһүнэ диэн киһини дьадаҥы, үлэни-хамнаһы кыайбат буолууга тириэрдэр, хас да көлүөнэ дьон олохторун устата күүстээх үлэлэриттэн эрэ көнөр кыахтаах өй-санаа улахан ыарыыта буолар. Үөрэҕи аһара өрө тутуу, аҥардастыы үөрэҕинэн эрэ дьарыктаныы, өйү-санааны эрэ сайыннара сатааһын “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа сокуонугар сөп түбэспэт быһыы буоларын эт-сиин, буор кут мөлтөөһүнэ быһаарар. Ол курдук үйэтин тухары аҥардастыы үөрэҕинэн, кумааҕынан дьарыктаммыт киһи оҕото эмиэ соннук дьарыктаннаҕына, сиэннэрэ этэ-сиинэ мөлтөөн-ахсаан, үлэни-хамнаһы кыайара аҕыйаан барарын киһи бэйэтин үйэтигэр да кэтээн көрүөн сөп.

ИЙЭ КУТ

Сахалар «Кут-сүр үөрэхтэрэ» этэринэн киһи үс куттаах, биир эттээх-сииннээх. Бу куттар буор, ийэ уонна салгын куттар диэн ааттаналларын былыргылар быһаарбыттара уонна иҥэрбиттэрэ, дириҥ өйдөбүллэригэр олус диэн сөп түбэһэр. Балартан биһиги урукку үлэлэрбитигэр эбэн биэрэн, салҕаан ийэ куту ырытыахпыт.

Хас биирдии киһи уһун үйэтин тухары этин-сиинин эрчийэн, үөрүйэх оҥорон, өйүн-санаатын сайыннаран, тупсаран, күүһүрдэн, тулуурун улаатыннаран сааһыран истэҕинэ ойуун таһымын ситиһэр кыахтаах. Кырдьаҕаһы ытыктааһын диэн этии өй-санаа бу уларыйыытыгар олоҕурар. Былыргы кэмнэргэ аймахтарга уһун үйэлээх, олоххо уопутурбут киһилэрэ ытыктанара, тыла-өһө сыаналанара. Сахалар үөрэхтэринэн ойуун хайдах майгылаах буола улаатара кини ийэ кута ханна иитиллэриттэн уонна ханнык кыыл дуу эбэтэр көтөр дуу кыра эрдэҕинэ туох аһы аһатан, көрөн-истэн улаатыннарарыттан быһаччы тутулуктаах. Бу тутулук маннык быһаарыллар: ытык мас илин өттүгэр ыйаммыт уйаҕа иитиллэр ойуун үтүө, үрүҥ санаалаах, онтон бу мас арҕаа өттүгэр ыйаммыт уйаҕа иитиллэр ойуун куһаҕан, сиэмэх майгылаах буола улаатар.

Киһи өйө-санаата сайдыыта кырдьан истэххэ ойуун таһымыгар тиийэринэн, бу быһаарыы хас биирдии киһиэхэ барыларыгар сыһыаннаах. Ол курдук кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр сыыһа, атаах буола иитиллибит, бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыт оҕо үчүгэй быһыылары оҥорорунааҕар куһаҕан быһыылары элбэҕи оҥоруон уонна майгына куһаҕан буолуон сөп. Сахалар «Атаах оҕо өйө-санаата түктэри» диэн этиилэрэ итини дакаастыыр.

Төрүт уус, үлэһит, элбэх оҕолоох кэргэҥҥэ иитиллибит оҕо үтүө майгылаах, аһыныгас санаалаах, үлэһит, киһилии быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанарын саха киһитэ барыта билэр. Арҕааҥҥы эстэн эрэр омук үөрэҕин өрө тутарбытыттан биирдии, иккилии эрэ оҕолонон баран аһара атаахтатан кэбиһэрбититтэн оҕолорбутун киһилии майгыга, быһыыга иитэрбит уустугуран иһэр.

Үгэскэ кубулуйбут өй-санаа олус өр кэмҥэ умнуллубат, сүтэн хаалбат. Туспа эньиэргийэ көрүҥэ буолан өр кэмҥэ сылдьар кыахтанар. Үгэстэртэн ийэ кут өйө-санаата үөскүүр. Оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ тугу саҥаны билэн элбэхтэ хос-хос хатылаабыта барыта үгэскэ кубулуйан өйүгэр-санаатыгар ууруллан, иҥэн хаалан иһэрин, ийэ кутун үөскэтэрин таба өйдөөн, оҕону иитиигэ туһаныахпытын сөп буолла.

Үгэс үөскээһинин уратылара манныктар:

а/. Саҥаны, урут билбэти билии дьайыыта. Бу дьайыы ураты күүстээҕинэн өйгө-санааҕа иҥэр күүһэ улаханыттан хаһан да умнуллубат гына өйдөнөр кыахтаах. Ол курдук оҕо аан маҥнай көрбүтэ, истибитэ, соһуйбута кини өйүгэр-санаатыгар ордук күүскэ иҥэр кыахтаах. Оҕо биирдэ билбитин, соһуйа көрбүтүн үгэс оҥостунуон сөп. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ иитии, үчүгэйи оҥорууга үөрэтии, бу кэмҥэ ийэ кута үөскээн олохсуйарынан ураты улахан суолталааҕын таба өйдөөн төрөппүттэр туһаныахтара этэ.

б/. Үөрэҕи хос-хос хатылаан үгэскэ кубулутуу. Бу бары билэр уонна үөрэҕи иҥэринэргэ анаан куруук туттар ньымабыт, тугу эмэ умнумаары гыннахпытына хос-хос хатылаан биэрдэхпитинэ кырдьык умнубаппыт.

Оҕо өйө-санаата куруук саҥаны билэн, иҥэринэн иһэриттэн сайдыытын тэтимэ түргэн, билиитэ кэҥээн, хаҥаан, үгэстэрэ үөскээн иһэллэр. Өйбүтүгэр хатанан хаалбыта элбэҕиттэн сааһыран баран санаатахпытына эдэр эрдэхпитинэ күн уһун курдук саныыбыт.

«Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат» диэн сахалар үөрэхтэрэ этэрин умнан, билигин аанньа ахтыбат буола сылдьабыт эрээри, кэлин сэбиэскэй кэмҥэ атаахтык, аһара маанылаан иитиллибит оҕолорбут улааппыттарын кэннэ быстах быһыыга түбэһэллэрэ, сыыһа-халты туттуналлара элбээтэ. Атаах киһи хаһан баҕарар аһара бара сылдьар майгылааҕа, бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыта дьону кытта тапсарын уустугурдарын таһынан, араас буолар буолбат саҥаны айыылары оҥороору, ситэ билэ-көрө илигиттэн, уопута тиийбэтиттэн сыыһа-халты туттунуулары оҥороро элбиир. Ыаллар оҕолорун аһара атаахтатан, маанылаан, барыга-бары бэлэмҥэ үөрэтэн, бобууну-хаайыыны биллэрбэккэ, үүнэ-тэһиинэ суох көҥүлүнэн ыытан кэбистэхтэринэ, кырдьар саастарыгар оҕолорун куһаҕан, аанньа ахтыбат майгыныттан, аһара бэйэмсэҕиттэн улаханнык санааргыахтарын, кэлэйиэхтэрин, хомойуохтарын сөп.

Кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр атаахтык иитиллибит, көрүллүбүт оҕо улаатан баран итирэн өйө, салгын кута көттөҕүнэ ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн, кыра оҕотун кэмнээҕитин курдук атаахтыыр санааланара элбэх. Ону баара улахан киһини, өссө итирбитин кэннэ ким да атаахтаппатыттан, киһиргэппэтиттэн элбэх иирсээннэр саҕаланаллар. Ол иһин атаахтык иитиллибит киһи итирдэҕинэ дьону кытта тапсыбата, иирсэрэ, кыыһырара, сыыһа-халты туттара элбээн хаалар.

Былыргы сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ оҕо кыра эрдэҕинэ ханнык эйгэҕэ, ыалга, кэргэҥҥэ иитиллибитэ, ханнык үгэстэри иҥэриммитэ өйө-санаата төрүттэнэригэр уонна сайдыытыгар ордук улахан суолтаны ыларын итинник чуолкайдык быһаарар.

Айылҕаҕа, Аан дойдуга туох барыта икки өрүттээҕин курдук өй-санаа бэйэтэ эмиэ икки өрүккэ арахсар. Өй-санаа икки өрүттэрэ сахалыы ийэ кут уонна салгын кут диэн ааттаналлар. Ийэ кут диэн оҕо кыра эрдэҕинэ ийэтин быһаччы үтүктэн иитиллибит, үөрэммит үгэстэрэ ааттанар буоллаҕына, салгын кут диэн улаатан иһэн бэйэтэ билэн-көрөн иҥэринэр үөрэҕэ буолар.

Оҕо кыра, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ, ол аата 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри улахан дьону, ийэтин үтүктэн үөрэммит үөрэҕэ ийэ кутун үөскэтэр. Оҕо өйө-санаата бу кэмҥэ олус күүскэ сайдар, элбэх билиини иҥэринэр, дьиэ-уот иһинээҕи өйү-санааны, тылы-өһү, киһи киһиэхэ сыһыанын барыларын билэр-көрөр. Тугу билбитэ-көрбүтэ барыта аан маҥнайгы билии буоларынан, тугу оҥорбутун оҕо өйө-санаата олус кытаанахтык иҥэринэр. Оҕо саныыр санаата, салгын кута сайда илигинэн тугу оҥорбутун хос-хос хатылаан үгэс оҥостон өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар уурунан иһэр. Бу үөрэҕэ бэйэтэ көрөн-истэн, тутан-хабан оҥорор быһыыларыттан үөскүүр буоланнар өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ордук дириҥник иҥэллэр. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥороругар үөрэтэр буолуу үчүгэй үгэстэри иҥэрэринэн суолтата өссө улаатар.

Куһаҕан быһыыны оҥоруу эмиэ саҥаны айыы, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу буоларынан, ымсыырдарынан, угуйарынан оҕо өйүгэр-санаатыгар ордук түргэнник иҥэр уратылаах. Оҕо урут оҥорбот быһыытын, саҥаны оҥоруута өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник хатанар, букатын да умнуллубат буолуон сөп. Ол курдук мэйиигэ урут суоҕу, саҥаны билииттэн нейроннар саҥа холбоһуктара үөскүүр диэн медицинэ науката этэр. Биирдэ уоран туһаммыт, тутуллубатах киһи өссө уорар кыахтанара ити холобурунан дакаастанар.

Кыра оҕо өйө-санаата сайдыыта уонна улахан киһи өйө-санаата үлэлиирэ, ол аата бу өйү-санааны иҥэриниилэрэ тус-туспалар. Оҕо туох саҥаны билбитэ барыта ийэ кутун үөскэтэн иһэр буоллаҕына, улахан киһи хос-хос хатылаан саҥаны билэрэ кыаллар. Сахалар оҕону иитии уонна үөрэтии диэн этэллэр. Бу тыллар киһи тус-туспа куттара үөрэҕи-билиини иҥэринэллэрэ, ылыналлара тус-туспатын быһаараллар. Ол курдук оҕо ийэ кута иитиллэр, онтон салгын кута үөрэнэр.

Ийэ кут иитиллэрэ диэн улахан киһи, төрөппүт бэйэтин билиитин быһалыы, маннык оҥор диэн көрдөрөн, үтүгүннэрэн үөрэтэн биэриитин аата. Бу үөрэҕи оҕо хос-хос хатылаан оҥорон өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар иҥэриннэҕинэ соннук быһыылаах киһи буола улаатар. Ол аата оҕо ньуосканан саҥа аһаары оҥостон эрдэҕинэ, аан маҥнай ньуосканы уҥа илиигинэн маннык тут диэн көрдөрөн, туттаран бэриллиэхтээх, барыны-бары уруттаан оҥорон, көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэрэн иһии туһата улахан. Оҕо ханнык илиитин аан маҥнай хамсата, туттуна үөрэтэр даҕаны, ол илиитэ куруук бастаан иһэр буолар.

Улахан киһи ийэ кута сайдыбыт буоллаҕына, субу оҥорор быһыытын ийэ кутугар иҥэн сылдьар өйдөбүллэригэр тэҥнээн көрөр кыахтаах. Ол аата ийэ кутугар иҥэн сылдьар өйдөбүллэригэр, үгэстэригэр субу оҥорор быһыыта куһаҕан диэн сыананы ыллаҕына, бу быһыытын тохтотор, оҥорбот кыахтанар.

Оҕо ийэ кута сайда илигинэ ханнык баҕарар, үчүгэй да, куһаҕан да быһыылары оҥорор кыаҕа улахан. Урукку оҥорон көрбүт билиитэ, үгэһэ суох буолан ханна да тэҥнээн көрөн, бу үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн быһаарар кыаҕа суоҕуттан хайалара ордук судургутун, интэриэһин тардарын оҥорор кыахтанар. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥорорун хайаан да тохтотон, аралдьытан, үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥотторо үөрэтии эрэ үчүгэй үгэстэри иҥэринэн үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатарыгар тириэрдэрин билиэ этибит.

Оҕону кыра эрдэҕинэ үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥотторо үөрэтэн, ол быһыылара үгэс буолан иҥэллэрин ситистэххэ, кини атын оҥорор быһыыларын ол үгэстэригэр тэҥнээн көрөн оҥорор кыахтанар. Бэйэлэрэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит төрөппүттэр оҕолорун үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥотторо үөрэттэхтэринэ, үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатара ити курдук быһаарыллар.

Бу быһаарыы салгыытынан “Үлэһит киһи оҕото – үлэһит буолар” диэн этии буолар. Үлэһит төрөппүттэрин үтүктэн, батыһан оҕо үлэлии, ону-маны оҥоро, туһа киһитэ буола, көмөлөһө кыра эрдэҕиттэн үөрэнэр. Үлэһит киһи оҕотун “Мин бэйэм”, “Бэйэм оҥоробун” диэн санаатын кыра эрдэҕиттэн хам баттаабат, сайыннарар, ол иһин оҕото тугу барытын бэйэтэ оҥоро үөрэнэн иһэр кыахтанар.

Олох ханнык баҕарар кэмнэригэр киһи өйө-санаата туруктаах, ол аата ийэ кутугар үтүө үгэстэр иитиллибит, иҥэриллибит буоллахтарына сыыһа-халты туттунуулары, быстах быһыылары оҥорон олоҕун алдьаппакка киһи быһыылаахтык олорор кыахтанарын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ эрэ табатык быһаарар. Бу үөрэх саҕаланыытын биһиги «Кут-сүр үөрэҕэ» диэн үлэбититтэн билсиһиэххэ сөп. (3,83). Билигин үгүс эдэр дьон араас киһи үөйбэтэх-ахтыбатах быстах быһыыларын оҥорон кэбиһэн баран, бу оҥорор быһыыбытын өйдөөбөккө эрэ оҥорон кэбистибит диэн этэллэр. Психологтар киһи маннык быһыытын «Состояние аффекта» диэн эриэхимэйдик ааттыыллар эрээри, сахалар маны, киһи өйө баайыллан ылар кэмэ диэн былыр-былыргыттан билэллэр. Киһи өйө-санаата маннык кэмҥэ үгүстүк тулуура тиийбэтэҕинэ, ыксаатаҕына, ыгылыйдаҕына, арыгы истэҕинэ киирэн кэлэрин сахалар билэллэр. Бу өйө баайыллыбыт кэмигэр киһини ийэ кута быһаччы салайар. Ийэ кута куһаҕаннык эбэтэр төрүт да иитиллибэтэх буоллаҕына, киһи бу кэмҥэ араас сыыһа туттуулары, быстах быһыыны оҥорон кэбиһэр кыаҕа аһара улаатар. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун чиҥник, үчүгэй быһыылары оҥорууга иитии-үөрэтии хайаан да наадатын биһиги арыйабыт уонна төрөппүттэргэ тириэрдэ сатыыбыт.

Кыра оҕо саҥа улаатан истэҕинэ таҥарата, үтүктэр, үөрэнэр киһитэ төрөппүтэ буолар. Оҕо төрөппүтүн көрөн, кини оҥорор быһыыларын үтүктэн оҥороруттан, кини курдук буолар баҕа санаатыттан төрөппүтүн курдук санаалаах, быһыылаах буола улаатар, төрөппүтүн таҥара оҥостон үтүктэр. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ этэринэн оҕо хайаан даҕаны икки төрөппүттээҕэ табыллар, өйө-санаата туруктаах буола улаатарыгар, олох икки өрүтүн, дьахтар уонна эр киһи иитэр-үөрэтэр, олоххо туттунар уратыларын билэр буола улаатарыгар олук ууруллар.

Оҕо улаатан иһэн бэйэтин санааларын сатаан салайа, тулуурдаах буолууга үөрэниэ этэ. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону киһи буолууга үөрэтэр, ол аата таҥара үөрэҕэ тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэтииттэн саҕаланар. Киһи буолуу үөрэҕэр санааны салайыы, сөптөөх, киһилии суолунан салайан биэрии оҥоруллар, киһи быһыытын, сиэри аһара барбат буолууга “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтиллэр. Бу үөрэх сиэри-туому билэр буолууну, бэрээдэги тутуһууну, үчүгэй үгэстэргэ үөрэниини ирдиир, сыыһа-халты туттубат буолууга үөрэтэр.

Оҕо аан маҥнай бары оҥорор быһыыларын барыларын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэнэриттэн, бу быһыылара үгэскэ кубулуйан ийэ кутугар ууруллан иһэриттэн киһилии санаалаах, киһилии быһыылаах буола улаатар. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ киһилии быһыыга үөрэтии олус улахан суолталанар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону иитиигэ улахан суолтата итинэн быһаарыллар.

Онон оҕо кыра, бэйэтэ өссө өйдөөбөт эрдэҕинэ саҥаны билэриттэн уонна элбэхтик хос-хос хатылаан оҥорор быһыыларыттан ийэ кута үөскээн олохсуйар. Оҕо бэйэтэ оҥорор быһыыларыттан үөрэнэрэ ордук кытаанахтык уонна дириҥник, хаһан да умнуллубат гына өйүгэр-санаатыгар иҥэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ үчүгэй быһыылары оҥотторо үөрэтии туһата итиннэ саһан сылдьар.

Төрөппүт эппит тылын оҕото кыра эрдэҕиттэн толоро, оҥоро, кини курдук үлэлии үөрэннэҕинэ эрэ, соннук үгэс үөскээн өйүгэр-санаатыгар олохсуйар. Бу үөскээбит үгэс оҕо улааппытын кэннэ төрөппүтүн тылын истэригэр, сыаналыырыгар тириэрдэр. Оҕо төрөппүтүн курдук майгылаах буола улаатар кыахтанар.

Кыра эрдэҕинэ оҕону үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэр судургу. Үчүгэй быһыылары оҥотторо үөрэтиллэр. Аан маҥнай төрөппүт бэйэтэ үчүгэй үгэстэрдээх буолара ирдэнэр. Оҕо көрөн-истэн үтүктэрэ эмиэ элбэх. Үчүгэй үгэстэрдээх уонна олору тутуһар буолууга кыһаныахха. Оҕо бэйэтэ да үөрэниэн, билиэн-көрүөн баҕата бу кэмҥэ олус элбэх. Бу баҕа санааны сатаан туһанан, таба суолунан салайан, тугу, хайдах оҥорору көрдөрөн биэрэн бэйэни үтүгүннэрэн, батыһыннаран эрэ биэрэн истэххэ уонна куһаҕан быһыылары оҥорон куһаҕан үгэстэри иҥэриммэтин ситистэххэ үөрэх салгыы баран иһэр.

Сэбиэскэй былаас үрэллэрин саҕана оҕоломмут төрөппүттэр оҕобут улаатан истэҕинэ этэр тылбытын истибэт буолан иһэр диэн этэллэрэ элбэх. Бу төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕинэ киһилии быһыыга, бэрээдэктээх буолууга ситэн үөрэппэккэлэр аҥардастыы оонньото, атаахтата, маанылыы сылдьыбыттара, оҕолоро билигин улаатан баран кинилэр этэллэрин кырдьык истибэттэр, бэйэлэрин да аанньа ахтыбаттара улаатан иһэр.

Кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэммэккэ хаалбыт оҕо улаатан баран саҥалыы үгэстэргэ үөрэниитэ «Отох киһи отутугар дьэ өйдөнөр» диэн этиинэн бэриллэр.

Улаатан баран үгэскэ үөрэнии олус уһун кэми ылар. Биһиги ааҕан таһаарыыбытынан бу кэм оҕо киһини үтүктэр буолуоҕуттан саҕаланан баран уонча сылы ылар. Билигин ырыынак кэмэ үөскээбитинэн үгүс төрөппүттэр үйэлэрин тухары мунньуммут баайдарын-малларын салгыы салайар, өссө элбэтэр, ыспат-тохпот кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэр санааларыттан кут-сүр уонна сахалыы таҥара үөрэҕин баһылаатахтарына эрэ, оҕолорун өйүн-санаатын киһилии быһыылаах буолууга үөрэтэр кыахтаналларын сыыйа-баайа син билэн иһиэхтэрэ. Ол курдук оҕолорун атаахтатан, аһара бэлэмҥэ үөрэппит төрөппүттэр оҕолоро улааттаҕына, эрэйи көрөллөрө эбиллэн иһиэн, быстах быһыыга түбэстэхтэринэ улаханнык санааргыахтарын сөп.

Оҕону атаахтатыы, кыра эрдэҕинэ бары баҕатын тук курдук толорон иһии, киһиргэтии, аһара бара сылдьарга үөрэтии соннук өй-санаа ийэ кутугар иҥэн уурулларын үөскэтэр. Бу оҕо кэлин улаатан да баран атаахтыы, ону-маны көрдүү сылдьар буоларын таһынан аһара туттан кэбиһэн быстах быһыыга түбэһэр кыахтанарын умнубаппыт буоллар кэлэр көлүөнэлэрбит киһилии быһыылаах, туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатыахтара этэ.

Көрсүө, сэмэй, боччумнаах, аныгы үөрэх этэринэн бэрээдэктээх буолуу оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кутугар иҥэриллэр үөрэх. Билигин сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ бу үөрэхпитин букатын хааллараммыт, элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” өрө тутаммыт эдэрдэрбит киһи быһыытын аһара бара сылдьалларыттан, буолар-буолбат саҥаны айыылары оҥоро сатыылларыттан быстах быһыыга түбэһэллэрэ биллэрдик элбээтэ.

Туһа киһитэ буолуу оҕо олох кыра эрдэҕиттэн саҕаланар. Саҥа хаампыт оҕо ону-маны соһорун, таскайдыырын сөбүлүүр. Бу кэмҥэ туһалаах дьыаланы оҥотторо үөрэтии туһа киһитэ буоларын төрүттүүр. Оҕо туох кыайарыттан саҕалаан дьиэ иһигэр ону-маны аҕалыыга, илдьиигэ көмөлөһөн, тутуһан-хабыһан үөрэниитэ туһа киһитэ буолуутугар, ону-маны оҥоро үөрэниитигэр тириэрдэр, үлэһит буола улаатарыгар үтүө үгэһи иҥэриммитэ олук буолар.

Оҕо туһалаах, үчүгэй дьыаланы оҥордоҕуна дьоно үөрэр, хайгыыр, кыратык манньалыыр буоллахтарына, өссө кыһанан бу дьыалатын оҥорор. Бу быһыыта элбэхтэ хос-хос хатыланан, үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар иҥнэҕинэ улаатан баран үгүс туһалаах дьыалалары оҥорор үлэһит киһиэхэ кубулуйар кыахтанар.

Оҕо үтүктэр дьоҕура олус улахан. Улахан дьону үтүктэн ыалдьыттаах, ол аата кэлбит ыалдьыты аһата, ону-маны солуну кэпсэтэ оонньуур, онтон хоноһолоох буола оонньоотоҕуна, аны хоноһото ороннонон утуйан турара эмиэ үтүктүллэр. Ыаллар ыалдьыты арыгынан күндүлээн элбэхтик арыгы иһиллэр буоллаҕына, оҕо ону үтүктэн оонньоон соннук быһыы үгэс буолан иҥэн хааллаҕына, кэлин улаатан баран хас ыалдьыт кэллэҕин аайы арыгы иһэн, аны арыгыһыт буолар куттала улаатар.

Арыгыһыт аҕалаах ыаллар оҕолоро ыаллаах буола оонньоотохторуна аҕа буолбут уолга: «Эн итирэн кэл ээ. Онтон мин ааны аһыам суоҕа»,- диэн сотору-сотору итирэн кэлэр аҕатын быһыытын үтүктэ сатыыллара үчүгэйгэ үөрэнии буолбатах.

Оҕо сүрүн үөрэҕэ ыаллаах буола оонньооһун буолар. Манна элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро ордук табыллаллар. Ким ийэ, ким аҕа буола оонньоотохторуна оҕолоро араас кыра, улахан куукулалар буолаллар, оҕолорго элбэх оҕолоох буолуу өйө-санаата кыра эрдэхтэриттэн иҥэриллэр. Ыаллаах буола оонньооһун оҕо кэргэн, ыал буоларыгар олук уурар, оннук үгэһи үөскэтэр. Оҕо олох кыра эрдэҕинэ кокуукка оҕону көрө-истэ үөрэниитэ үгэс буолан иҥнэҕинэ элбэх оҕолоох ийэ эбэтэр аҕа буолар кыахтанар.

Элбэх ынахтаах, сылгылаах уонна олору көрө-истэ маныы оонньооһун оҕо кыра эрдэҕиттэн кыыллары, сүөһүлэри сөбүлүүрүгэр, көрөрүгэр-истэригэр үөрэтэр, оннук үгэстэри үөскэтэн иҥэрэр. Араас тутуулары кыра кубиктарынан сааһылаан уурталыы оонньообута үгэс буолан оҕо саҥаны тутарыгар, айарыгар олук буолар кыахтанар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ үгэстэрэ, ийэ кута үөскүүр кэмигэр араас ытыалыыр, элбэх киһини өлөртүүр оонньуулары компьютерга оонньуура оннук куһаҕан үгэһи үөскэтиэн сөбүттэн тохтотуллуо этэ. Ол курдук ити үөрэнэн хаалбыт куһаҕан үгэстэрэ улааппытын кэннэ дьайыыларыттан, олус улахан куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөбүттэн, кут-сүр үөрэҕэ төрөппүттэри сэрэтэн, оҕолорун өйүн-санаатын харыстыырга ыҥырар.

Оҕоҕо ийэ кута олус күүскэ сайдар, үөскүүр кэминэн бэйэтэ өссө өйдөөбөт эрдэҕинэ кэм, ол аата олох кыратыттан 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри кэми ылар. Бу кэмҥэ оҕо оонньообут оонньуутун үгэс оҥостон иҥэринэн иһэр. Ол курдук оҕо тугу оҥороруттан, хайдах хамсанарыттан үгэстэр үөскээннэр ийэ кута иитиллэн, иҥэн олохсуйар.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри майгына, ийэ кута күүскэ үөскүүр, олохсуйар. Ийэ кут киһини олоҕун устата салайарын «Кут-сүр үөрэҕэ» дакаастаан дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр. Манна ордук суолталааҕынан киһи биирдэ эмэтэ да буоллар итирэн дуу хайаан дуу салгын кута көтөн хаалбытын эбэтэр өйө баайыллыбытын кэннэ ийэ кута баһылаан салайар кэмэ тиийэн кэлэрин билиэ этибит. Ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорууга иитиллибит киһи маннык кэм кэлэн ааһарыгар сыыһа-халты туттунара отой аҕыйах буолар. Соҕотох оҕолоох ыал оҕолоро оонньуур оҕото эмиэ соҕотох буолар. Соҕотох буолуу үгэһэ иҥэриллэн хаалар. Элбэх оҕолоох буолуу үгэһэ аныгы оҕолорго иҥэриллибэтэ биир оҕолоох буолууттан саҕаланан салҕанан баран иһэр.

Оҕо улахан дьону үтүктэн үөрэниитин бэйэтэ оонньоон өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар үгэс оҥостон иҥэринэр. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун киһилии өйгө-санааҕа үөрэтии бастаан иһэр буолара хайаан да көрдөнөр биир тутаах көрдөбүл буолар. Итини тэҥэ оҕо оонньуурдара барылара олоххо сыһыаннаах, улааттаҕына ситиһэр сыалларын көрдөрөр буолара, соннук үгэстэри үөскэтэрэ ордук. Yгэс буолбут өйдөбүллэр киһини бэйэтин салайаллар диэн «Кут-сүр үөрэҕэ» үлэбитигэр ырыппыппыт. Оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэнэрэ кэлин, улааппытын кэннэ сыыһа-халты туттунан быстах быһыыга киирэн биэрбэтигэр туһалыыр диэни саха киһитэ барыта билэрэ уонна олоҕор, оҕолору иитиигэ туһаныа этэ.

Бу үлэбитигэр быһаарбыт оҕону үчүгэй үгэстэргэ хааччахтаан, көҥүлүнэн ыыппакка үөрэтии кэмэ оҕо бэйэтин өйө-санаата, салгын кута сайдан, умнубат буолан, бэйэтэ быһаарынан, билэн оҥорор буолуоҕуттан ыла уларыйан биэрэрэ эрэйиллэр. Ол аата бу, улаатан эрэр кэмиттэн ыла оҕо аны “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэҕи тутуһан, үчүгэйи уонна куһаҕаны, үрүҥү уонна хараны, аны бэйэтэ арааран билэргэ үөрэнэрэ, олоҕор туһанара хайаан да ирдэнэр.

Оҕо кыра, үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан арааран билбэт эрдэҕинэ, куһаҕаны оҥорорун төрөппүтэ эбэтэр иитээччитэ хааччахтаан, элбэхтик үчүгэйи оҥорууга үөрэтэрин аата ийэ кутун иитии, ол аата улахан киһи бэлэм билиититтэн иитэн биэриитэ диэн ааттанар, онтон улаатан, бэйэтин өйө-санаата, салгын кута сайдыытыгар, үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэргэ аны үөрэннэҕинэ эрэ табыллар.

Өй-санаа үөрэҕэ маннык уларыйан биэрэр кэмэ кэлиитин төрөппүттэр билэн оҕо үөрэтиитин хайысхатын уларытан, бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны билэрин үөскэтиэ этилэр. Оҕо төһө эрдэттэн үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэн олоҕор таба туһанар буоллаҕына өйө-санаата сайдан киһи буолууну эрдэлээн ситиһэр кыахтанар.

Оҕо бэйэтин өйө-санаата, салгын кута сайыннаҕына ону-маны ааҕан, көрөн-истэн билэрэ өйүгэр-санаатыгар ууруллан иһэрэ араас элбэх билиилэри, ол иһигэр куһаҕаны даҕаны иҥэринэригэр тириэрдиэн сөп. Бу кэмҥэ оҕо сиэр уонна киһи быһыытын көрдөбүллэрин үөрэтэн билэн, ол аата үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран тутуһар буолара өйө-санаата туруктаахтык сайдыытыгар тириэрдэр. Бэйэтэ сайдан, саҥаны арыйан, айыыны оҥорон иһэр оҕо өйүн-санаатын аһара тиэтэтэн, өссө саҥаны ай, киһи билбэтин, оҥорботун оҥорон ис диэн үөрэтии суох буолара ордук. Ол аата оҕону “айыыны оҥор” диэн үөрэтии оҕону тиэтэтэн, ыксатан, билиитин ситэтэ суох оҥорон, сыыһа-халты туттунууларга, быстах быһыыны оҥорууга тириэрдэрин быһаарабыт. Итини тэҥэ оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ илигинэ тиэтэтииттэн, ыксатыыттан боростуойдук, судургутук оҥоруллар куһаҕан быһыылары элбэхтик оҥорор кыахтанан хаалыан сөп.

Үрүҥ айыылартан кэлэр билиилэри, ол аата олорон ааспыт көлүөнэлэр үөрэхтэрин оҕо кыра эрдэҕинэ улаханнык сиидэлээн, ыраастаан баран өйүгэр-санаатыгар тириэрдиллэрэ ордук буолуо этэ. Ол курдук былыргы, өйдөрө-санаалара ситэ сайда илик дьон куһаҕаны, буруйу, өлөрсүүнү оҥороллоро быдан элбэх буоларынан, ол куһаҕаны оҥорбуттара эмиэ хара айыы буолан сылдьаллар. Бу куһаҕан, хара айыылары кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар тиэрдибэккэ, хаалларан кэбистэххэ, оҕо өйүгэр-санаатыгар үчүгэй быһыылар, үрүҥ айыылар ордук элбэхтик иҥэн хаалыахтара этэ.

Омук итэҕэлэ, бу омук дьонун өйүн-санаатын иитиигэ-үөрэтиигэ аналланар. Итэҕэл икки өрүтүн, ол аата таҥараны уонна айыыны ханан тус-туспа арахсалларын арааран билэн олоххо табан туһаныы ирдэнэр. Итэҕэл икки өрүтэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктанан, бэйэ-бэйэлэрин сайыннарсан, тэҥнэһэн, кэккэлэһэ баран истэхтэринэ эрэ, омук олоҕо туруктаах, биир тэҥник баран иһэр кыахтанар. Хайалара эрэ аһара баһыйан барыыта олоххо халыйыыны, атына хаалан хаалыытын үөскэтэр. Ол курдук итэҕэл айыы өттө аһара бардаҕына, былыргыны үөрэтии, билии төһө да кэҥээбитин иһин, куһаҕан, охсуһар, этиһэр быһыылар элбээннэр сайдан иһэр олохтон хаалан хаалыы чахчы үөскүөн сөп. Онтон таҥара өттө аһара бардаҕына омук былыргы төрүттэрин умнан атын сайдыылаах омукка кубулуйуута кэлэриттэн сэрэниэхпит этэ.

Омук бэйэтэ уларыйбакка, тылын буккуйбакка, урукку олоҕун үгэстэрин уларыппакка эрэ кытаанахтык тутуһан олорорун итэҕэл айыылартан тутулуктаах өттө ирдиир. Итэҕэл бу өттө ордук улахан, өйдөрүн-санааларын туппут, бэйэлэрин билиммит, киһи буолуу үөрэҕин баһылаабыт дьону үөрэтэргэ табыллар. Ол иһин айыы итэҕэлин тутуһааччылар саха тылын төрдүттэн уларыппакка, ийэ уонна аҕа диэн тылларбытын оннугар түһэрэн, былыргытын курдук туһаныыны кытаанахтык ирдииллэрэ эрэйиллэр. Итини тэҥэ сэбиэскэй былаас кэмигэр сорох төрүт тылларбытын, холобурга, эйэ-нэм, солун, айыы диэн тыллары буккуйбуттарын, уларыппыттарын урукку оннугар түһэриигэ үлэлэһиэхтэрэ этэ.

Үрүҥ айыылартан кэлэр билиини тутуһар улахан дьон былыргылар билиилэриттэн үчүгэйин, үрүҥүн талан ылан оҕолорун аныгы сиэрдээх киһи быһыытыгар сөп түбэһэр, олоххо туһалаах өттүн ылан иитиэ-үөрэтиэ этилэр. Ол аата былыргылар билиилэриттэн үрүҥ айыытын эрэ талан ылан, куһаҕан, дьоҥҥо буортулаах хара айыыттан чопчу арааран, бэйэлэрин оҕолорун иитиигэ-үөрэтиигэ туһаныахтара этэ. Итэҕэл айыылартан тутулуктаах өттүттэн куһаҕана, дьоҥҥо буортулааҕа ыраастанан умнууга хаалан иһэрэ, киһи өйө-санаата сайдыытыгар, үчүгэй быһыыта элбииригэр тириэрдэр уонна омук былыргылар үөрэхтэрин тутуһан уларыйбакка, бэйэтинэн сылдьарын хааччыйар аналлаах.

Саҥа сайдан, улаатан, үүнэн иһэр оҕо өйүн-санаатын итэҕэл таҥара диэн ааттаах өттө табатык быһааран үөрэтэр. Таҥара итэҕэлэ аһара сайдан иһэр оҕо өйүн-санаатын хааччахтаан, киһи буолуу суолунан салайан биэрдэҕинэ эрэ, киһилии майгылаах, көрсүө, сэмэй, үлэни-хамнаһы кыайар дьон үксүүллэр, олох салгыы сайдар кыахтанар. Ол иһин биһиги итэҕэлбит оннун булуннаҕына саха омук салгыы сайдарын таҥарабыт үөрэҕэ төрүттүөҕэ.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн оҕо ийэ кута саҥа төрүөҕүттэн, хараҕа иччилэниэҕиттэн сайдан 5 эбэтэр 6 сааһыгар, бэйэтин өйө-санаата сайдыар диэри кэмҥэ олус күүскэ сайдар, өйгө-санааҕа иҥэр уонна киһини бэйэтэ да билбэтинэн үйэтин тухары салайыыга быһаччы кыттыһар. Былыргылар үөрэхтэрин төһө да тыал тыаһын курдук истибиппит, аанньа ахтыбатахпыт иһин, аныгы наука чинчийиилэрэ олор табаларын бигэргэтэн иһэллэр. Ол курдук киһи итирэн дуу, хайаан дуу өйө, салгын кута көттөҕүнэ хаһан эрэ санаатыгар туппутун, ууруммутун оҥорон кэбиһэрэ, бу кэмҥэ киһини салайыыны ийэ кута быһаччы оҥорорун дакаастыыр.

«Харах иччитэ» диэн этии кыыллар, оҕо, киһи харахтарыгар араарыллан көстөр ханнык эрэ сырдык кыымнартан, сырдаан көстөрүттэн, утары көрүүгэ киһини таба көрүүттэн быһаарыллар өй-санаа баарын биллэрэр өйдөбүл буолар. Оҕо киһини таба көрөр буолуоҕуттан ыла хараҕа иччитийэр, өйө-санаата күүскэ сайдар, ийэ кута үөскээн, иитиллэн мунньуллар.

Балык миинин курдугунан мэндээриччи эбэтэр чалбах ньамаҕынан көрбүт харахтар иччитэ суоҕунан ааҕыллаллар. Ийэ кута ситэ иитиллибэтэх эдэрдэр мэндээриччи көрөллөрө баар буолан иһэр.

Билигин даҕаны сахалар кут-сүр үөрэхтэрин аанньа ахтыбат, нууччалыы үөрэнэн хаалбыт дьон элбэхтэр. Ол эрээри аныгы наука ситиһиилэринэн өй-санаа, мэйии үөрэхтэрэ сайдан, урут биллибэт боппуруостар быһаарыллан, сахалар былыр-былыргыттан билиилэрэ улахан туһалаахтара сыыйа-баайа дакаастанан иһэллэр.

РАМН неврологиятын киинин мэйиини үөрэтэр отделын салайааччыта профессор Сергей Иллариошкин үөрэтэн, чинчийэн оҕо 3 сааһыгар диэри тугу өйдөөбүтэ барыта мэйиитигэр иҥэн сылдьар сирин булбут. Профессор бу булуутунан, арыйыытынан оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтин өйө-санаата, умнубат буолуута үөскүөр диэри тугу да өйдөөбөт диэн этии сыыһа буоларын быһаарда. (8,3). Онон сахалар оҕо өйө-санаата, ийэ кута 5 сааһыгар диэри үөскүүр уонна бу кута киһи үйэтин тухары дьайа сылдьар диэн этиилэрэ аныгы науканан дакаастанан эрэрин биллэрэр.

Итини тэҥэ учуонай өй үлэтинэн дьарыктаныы, элбэҕи билии мэйии үлэлиир дьоҕура улаатарыгар уонна киһи үйэтэ уһууругар тириэрдэрин арыйда. Бу быһаарыы биһиги икки омук тылын, билиитин баһылааһын киһи өйө-санаата сайдыыны ситиһэр кыаҕын улаатыннарар диэн быһаарыыбытын бигэргэтэр. (9,46).

Элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” айааччылар, аныгы тыл үөрэхтээхтэрэ уонна урукку, сэбиэскэй үөрэхтээх учуонайдар ийэ кут киһиэхэ халлаантан кэлэн түһэр диэн этиилэрэ таһы-быһа сымыйа. Саха дьонун барыларын билбэт аата албыннааһын буолар. Бу этии сымыйатын наука оҕону пробиркаҕа үөскэтэн төрөтөрө, ким да оройго үрбэтэҕинэ даҕаны өйө-санаата үөскүүрэ ханнык да саарбахтабыла суох дакаастыыр.

Онон ийэ кут диэн оҕо кыра эрдэҕинэ ийэтэ көрөн-истэн, тутан-хабан, бэйэтин үтүгүннэрэн иҥэрэн биэрэр өйө-санаата буолар. Бу кэмҥэ оҕо ханнык тылынан саҥарара, кими хайдах ааттыыра, бэйэтин ханнык омугунан билинэрэ барыта быһаарыллар. Ол иһин оҕо ийэ кутун иитии олоҕу хайдах олорорун, хайа омук киһитэ буола улаатарын төрүттүүрэ кырдьык.

ИЙЭ КУТУ ИИТИИ

Биһиги кэнники үлэлэрбит былыргы саха дьоно киһи өйүн-санаатын быһаарар этиилэригэр быһаччы олоҕураллар. Ол курдук сахалар оҕо ийэтиттэн быһалыы, үтүктэн, көрөн үөрэнэр үөрэҕин ийэ кут диэн ааттаабыттара, киһи салгыы олоҕор, өйө-санаата сайдыытыгар олус улахан суолталааҕын салгыы быһаарабыт.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн ийэ кут оҕоҕо иитии көмөтүнэн кыра эрдэҕиттэн 4 эбэтэр 5 сааһыгар диэри түргэнник үөскүүр, онтон салгын кут оҕо 5 эбэтэр 6 сааһыттан ыла сайдан үүнэн барар.

Төрөппүттэриттэн бэриллэр кут буор кут диэн ааттанар. Бу кут оҕоҕо төрөппүттэриттэн бэриллэн иһэр уонна кыра эрдэҕиттэн хамсаныыларыттан үөскээн үөрүйэх буолан эккэ-сииҥҥэ иҥэн иһэр уонна кэлэр көлүөнэлэргэ салгыы бэриллэр.

Макбеттар, маргиналлар диэн бас-баттах иитиилээх, көҥүллэринэн барбыт эдэрдэрбитин билигин итинник ааттыыбыт. Омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта холбоһууларыттан, үйэлээх үгэстэри умнууларыттан, төрөөбүт тылы, өй-санаа үөрэҕин үөрэппэттэриттэн, сахалыы таҥара үөрэҕин этиилэрин тутуспаттарыттан уонна аһара үөрэҕи эккирэтииттэн үлэни-хамнаһы хаалларыыттан, атаахтатартан итинник бас-баттах иитиилээх эдэрдэр элбииллэр.

Сэбиэскэй былаас оҕо төрүөҕүттэн ыла «үчүгэй киһи» буолар диэн сымыйа үөрэҕэ дьайыытыттан төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарын ииппэккэ, буолар-буолбат, олоххо сыһыана суох оонньуурдарынан оонньотон аһаран кэбиһэллэриттэн, итинник иитиилээх дьон билигин элбээтилэр.

«Оҕону иитии-үөрэтии» диэн сахалар этэллэр. Ол аата, оҕо кыра эрдэҕинэ аан маҥнай ийэ кута иитиллэр. Kыра эрдэҕинэ бэйэтэ быһаарар, толкуйдуур өйө киирэ илик, ол иһин өссө киһи буола илик, оҕо диэн ааттанар. Бу кэмҥэ ханнык баҕарар дьиэ кыылын курдук аан маҥнай бэрээдэккэ үөрэтиллиэхтээх. Оҕо ийэ ку¬тун үчүгэй быһыыларга иитии үйэлээх үгэстэри үөскэтэн үчүгэй, киһилии быһыылаах киһи буола улаатарыгар тириэрдэр. Бэрээдэккэ үөрэммэтэх киһини «Куһаҕаннык иитиллибит» диэн этэллэр. Ол аата, кыра эрдэҕинэ сыыһа иитэннэр, атаах оҕо оҥорон кэбиспит буолуохтарын сөп.

Сахалар сайдан иһэр кут-сүр үөрэхтэрэ киһи өйө-санаата сайдан барыытыгар ийэ кут өйүн-санаатын аан бастаан сайыннарарга ыҥырар. Ийэ кут өйө-санаата, киһи төрүт өйө-санаата буолан, кини ханнык баҕарар быһыытын хонтуруоллуу сылдьар. Манна ордук оҕо кыра эрдэҕинэ бэйэтэ көрөн, улахан дьону, төрөппүттэрин батыһа сылдьан үтүктэн үөрэнэр кэмэ ылар. Бу кэмҥэ оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥэриммит өйдөбүллэрэ хаһан да сүппэт гына кытаанахтык, дириҥник иҥэллэр. Бу өйдөбүллэр үгэс буолан, хос-хос хатыланан иҥэр үөрэх буо¬ланнар хаһан баҕарар киһи быһыытын хонтуруоллуу сылдьаллар.

Биһиги быһаарыыбытынан кыра оҕо өйө-санаата төрүөҕүттэн кураа¬нах буолар. Оҕо өйө-санаата кураанах буоларын бэлиэтинэн ханнык да кыра оҕо айылҕаттан кыбыытын кыанар буолан төрөөбөт. Кини өр кэмҥэ, хас да сыл үөрэннэҕинэ эрэ, этэҥҥэ горшокка олорор буола үөрэнэр. Оҕо бу өр кэмҥэ, элбэхтик үөрэннэҕинэ эрэ баһылыыр быһыы¬та кини өйө-санаата төрүүрүгэр букатын ырааһын, кураанах буоларын туоһулуур, айылҕа киниэхэ ханнык даҕаны бэлэм өйү уган биэрбэтэҕин бэлиэтээн көрдөрөр.

Кыра да өйү-санааны оҕо бэйэтэ үөрэнэн, мэйиитигэр олохсутан, иҥэрэн истэҕинэ эрэ табыллар. Дьон-аймах билэллэринэн киһиэхэ төрөппүттэриттэн бэриллэр дьоҕурдара, талааннара бааллар. Дьоҕур уонна талаан төрөппүттэриттэн бэриллэр буор куттан тутулуктаахтар, эккэ-сииҥҥэ иҥэн сылдьаллар. Ол курдук уус дьоҕура сатаан хамсаныылары оҥороруттан, онтон ырыаһыт талаана күөмэйин уратыларыттан ордук улахан тутулуктаахтар.

Кыра оҕоҕо улахан киһи өйө-санаата, салгын кута быһаччы бэриллибитэ биллибэт. Оҕо улаа¬тан иһэн өйө-санаата эбиллэн, ситэн, төрөппүттэрин үөрэхтэрин ылы¬нан иһэр. Хас киһи барыта утумнаахтык дьарыктаннахтарына эрэ тугу эмэни ситиһэллэрин бары билэр курдук эрээрилэр, өй-санаа хайдах киһи өйүгэр киирэрин быһаарыыга биир тылы өссө да булуна иликтэр.

Хас биирдии төрөппүт оҕото «Үчүгэй оҕо» буолуон баҕарар. Кини үчүгэй оҕо диэн өйдөбүлэ улаатан истэҕинэ төрөппүттэрэ иҥэрбит өйдөбүллэрэ буолар. Төрөппүт бэйэтин кыра эрдэҕинээҕитин санаан, хай¬дах улаатан испитин курдук оҕотун үөрэттэҕинэ, оҕото кини курдук майгылаах, өйдөөх-санаалаах буола улаатарын ситиһиэн сөп. Ол аата, бэйэтэ кыра эрдэҕинэ хайдах үлэлээбитин, үөрэммитин, эрэйдэммитин курдук бэйэтин батыһыннара сылдьан оҕотун ииттэҕинэ, үөрэттэҕинэ эрэ, кини курдук өйдөөх-санаалаах буола улаатара быһаарыллар.

Оҕо киһи саҥатын арааран истэр буолуоҕуттан үчүгэйи оҥордоҕуна хайҕанар, онтон куһаҕаны оҥордоҕуна тохтотуллар, мөҕүллүөн сөп. «Оҕом үчүгэй, чээ» диэн этиини кытта улаатан иһэр. Оҕото үчүгэй диирин элбэхтик оҥор¬доҕуна төрөппүтэ үөрэр, хайгыыр: “Оҕом үчүгэй оҕо”,- диир. Үөрдэҕинэ, хайҕаатаҕына оҕото өс¬сө үөрэр уонна бу оҥорбутун хос-хос хатылаан оҥорон көрдөрөр. Эл¬бэхтик хатылааһынтан бу быһыы үгэскэ кубулуйан оҕо ийэ кутугар иҥэн умнуллубат гына өйдөнөн хаалар.

Оҕото куһаҕаны оҥордоҕуна төрөппүтэ мөҥөр, сэмэлиир: “Куһаҕан оҕо буолума”,- диир. Сыыһаны оҥордоҕуна: “Маннык оҥорума”,- диэн тохтотор, салгыы ону оҥорорун бобор. Оҕо оҥорбут быһыыта хос-хос оҥоруллан хатыланара суох буолан өйүгэр иҥэн хаалбат, умнуллан хаалар. Оҕо куһаҕаны оҥороро суох буола тохтуур кыахтанар.

Кыра оҕону үөрэтиигэ кыратык манньалаан биэриини ордук тиийим¬тиэ дииллэр. Оҕо манньа ылаары үчүгэй быһыылары оҥороро лаппа эл¬биир. «Оҕом үчүгэй, сайыспат» диэн үөрэтиини кыратык манньалаан тэптэрэн биэриэххэ эмиэ сөп. Сайыспат, ытаабат оҕоҕо кыра кэмпиэт сыыһа биэрии, сайыспат буолуутун чиҥэтэн биэрэр.

Ийэтин, аҕатын этэр тылын истэр буолууга үөрэтии оҕону иитиигэ сүрүн көрдөбүл буолар. Ийэ сымнаҕас майгылаах буолан, атаахтатан, ман¬ньалаан үөрэтэр буоллаҕына, аҕа туруору, көнөтүк этэн үөрэтэрэ та¬быллар. Эбэтэр бу үөрэх хардары-таары буолуон сөп. Аҕа тылын исти¬бэт буолуу дьарыйыыга тиийэр буолуута оҕоҕо ордук тиийимтиэ, сыыһаны-халтыны оҥорорун тохтотор. Ол аата, манньалаан уонна дьарыйан үөрэтии бэйэ-бэйэлэрин толорсон, ситэр¬сэн биэрэр буоллахтарына ордук туһалаах, тиийимтиэ буолаллар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн аһара туттууну оҥордоҕуна, ханнык эрэ, ол оҥоруллубукка сөп түбэһэр эппиэккэ тар¬дыллар буолуута, итинник быһыыны хатылаан оҥорбот буоларыгар үөрэтэр. Кэлин оҕо өйө-санаата сайдан истэҕинэ бэйэтэ үөрэнэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн тугу оҥороору гыммытын эрдэттэн толкуйдаан, куһаҕан буоллаҕына, бу сыыһа эбит диэн тохтотунар буоларга үөрэнэрэ киһи буолууну ситиһэригэр тириэрдэр.

Оҕо тугу оҥорорун толкуйдаан, ыараҥнатан көрөр буолууга үөрэ-ниитэ олус уһун, барыны-бары бэйэтэ оҥорон боруобалаан көрдөҕүнэ эрэ табыллар. Олох кыра эрдэҕиттэн тугу оҥорорун быһааран, туох содул үөскүөн сөбүн билэргэ үөрэниэ этэ. Кыра оҕо бэйэтэ тугу аан маҥнай оҥорор туһалааҕын кыайан араарбакка эрэ судургутун, боростуойун урутаан оҥорор. Ол иһин үчүгэйгэ үөрэтии барыта үтүгүннэрэн, көрдөрөн биэрэн үөрэтиинэн ситиһиллэр кыахтанар.

Билигин сайдыылаах дойдуларга кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ханнык да өйү-санааны укпакка, кураанах кэриэтэ хаалларан, эбэтэр кыра эрдэҕинэ наар оонньотон эбэтэр компьютер ытыалыыр оон¬ньууларынан толорон кэбиһии оҥоруллар буолла. Оҕо таһырдьа сылдьарын элбэхтик хамсанарын оннугар мэниктээбэтин, ону-маны оҥорботун диэн телевизоры, компьютеры холбоон биэрэн баран: «Олорон эрэ ытыалыы оонньоотун ээ, аралдьыйдын», - диэн быстах санааҕа оҕустаран элбэхтик оонньотоллор эбэтэр элбэх киһини өлөрүүлээх видик киинэлэрин үгүстүк көрдөрөллөр. Биһиги быһаарыыбыты¬нан оҕо бэйэтэ санаатыгар өйдөөбөтөҕүн да иһин, маннык оонньуу эбэтэр киинэ көстүүлэрэ элбэхтэ хатыланнахтарына, кини ийэ кутун өйүгэр-санааты¬гар үгэс буолан суруллан ууруллан иһэллэрэ, кэлин улааппытын кэннэ өйүн-санаатын бутуйуон, сыыһа-халты тутуннарыан сөп.

Киһи биирдэ эмэтэ ийэ кутун баһылааһыныгар киирэн ыллаҕына, оччотооҕу кэмҥэ өйдөөн хаалбыт түгэннэринэн салаллан, дьону ытыалааһыннары да оҥорон кэбиһиэн сөп. Оҕолор бэйэлэрин кыайан туттуммакка куһаҕан быһыылары оҥоруулара, кинилэр ийэ куттарын өйө-санаата үчүгэй быһыылары оҥорууга иитиллибэтэҕин, үчүгэй үгэстэрэ суоҕун туоһута буолар. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар үчүгэйи оҥорор үгэстэр иҥэриллэн, мунньуллан ууруллубатах буоллахтарына, оҕо аан бастаан бэйэтин быстах баҕа санааларын толороругар тиийиэн сөп.

Оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтин толкуйдуур өйө, салгын кута сайда илигинэ, ийэ кута кинини баһылаан салайар. Ол аата үгэс буолбут, оҥоро үөрэммит быһыыларын оҥорор. Бу кэмҥэ кини тугу көр¬бүтэ, истибитэ ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар суруллан ууруллан, иҥэн иһэл¬лэр диэн биһиги быһаарыыбыт сүрүн төрүтэ буолар. Кыра оҕо теле¬визорга эбэтэр компьютерга элбэх киһини өлөртөөһүнү, ытыалааһыны көрбүтэ, соһуйбута, үөрбүтэ хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйан ийэ кутун өйүгэр умнуллубат гына өйдөнөн хаалан иһэллэр.

Бу өйдөнөн хаалбыт өйдөбүллэр эбэтэр үгэстэр оҕо быстах кэмҥэ олус кыыһыран дуу, соһуйан дуу, итирэн дуу, «Өйө баайыллан», “Өйө көтөн” ыллаҕына, ийэ кутуттан быһа киирэн, кинини итинник ытыалааһыннары оҥо¬роругар күһэйэн кэбиһиэхтэрин сөп. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута сайдар кэмигэр тугу соһуйа көрбүтэ, истиби¬тэ хос-хос хатыланнахтарына үгэскэ кубулуйаннар кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар суруллан хаалаллар. Оҕо бу өйүгэр-санаатыгар ууруллан иһэр өйдөбүллэр эбэтэр үгэстэр кини төрүт өйүнэн-санаа¬тынан ааттаналлар. Ити иһин аан бастаан ийэ оҕотугар иҥэрбит өйө-санаата ийэ кут диэн сахалыы ааттанара өй-санаа сайдыытыгар олус сөп түбэһэр.

Кини кэлин улахан киһи буолан иһэн «Өйө баайыллан» эбэтэр туох¬ха эмэ түбэһэн «Өйө көтөн» хаалбыт кэмигэр урут төрүт өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ууруллубут өйдөбүллэринэн туһанан салаллар. Бу быстах буолан ылар кэмнэргэ кини араас урут үөйбэтэх-ахтыбатах дьыалаларын оҥорон кэбиһиэн сөбө, билигин эдэр ыччаттарбытыгар, компьютер ытыалааһыннаах оонньууларынан дьарыктаммыттара ырааппыт Америка оҕолоругар куһаҕан өрүтэ биллэн эрэр.

Бу быһыыны өссө дириҥник быһаардахпытына, киһи атын киһиэхэ туһуламмыт куһаҕан санаата кыра, быстах санаа буоллаҕына, салгын кутун өйүгэр-санаатыгар сылдьар. Онтон бу санаа ыараан, сотору-со¬тору хатыланан иһэр буоллаҕына, үгэскэ кубулуйан киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар көһөн ууруллар. Ол аата, киһи өйүгэр-санаатыгар өссө дириҥник иҥэн, хаһан да умнуллубат гына ууруллар. Итинник ууруллубут куһаҕан са¬нааны өр кэмҥэ иитиэхтэммит санаа, өһүөн диэн быһаараллар. Куһаҕан санаа киһи өйүгэр бу курдук уларыйыытын түмүгэр, киһи итирэн дуу, хайаан дуу «Өйө көтөн» ийэ кутун салайар кэмигэр кии¬рэн хааллаҕына, ити ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар иҥмит куһаҕан санаатын өйдөөн кэлэн соһуччу оҥорон кэбиһиэн сөп.

Бу быһаарыы улахан да дьоҥҥо эмиэ сөп түбэһэр. Ол курдук үгүстүк атын киһиэхэ куһаҕан санааны санааһын үгэскэ кубулуйан, хаһан эрэ киһи ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хааллаҕына, бу куһаҕан үгэскэ кубулуйбут быһыытын бэйэтэ оҥорон кэбиһиэн сөп. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ ханнык да куһаҕан санаалары куруук саныы сылдьыма, умнан кэбис, өйү-санааны ыраастыы сырыт уонна үчүгэй санаалары элбэхтик санаа диэн үөрэтэрин тутуһуо этибит.

Киһи өйө-санаата итирбит кэмигэр уларыйан, салгын кута көтөн ийэ кутун салайыытыгар киирэн хааларын эдэр дьон оҥорон кэбиһэр куһаҕан быһыылара дакаастыыллар. Ол кур¬дук биирдэ арыгы иһэн итирэн хаалбыт эдэр киһи билэр киһитин кытта тыл-тылга киирсибэккэ гынан баран быһаҕынан анньан кэбиһэрэ, бу киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар куһаҕан быһыылары оҥорор туһунан өйдөбүллэр уурулла сылдьалларын көрдөрөр. Ол аата, итирбит кэмигэр куһаҕан быһыыны оҥорбут киһи өйдөөбөккө, алҕас оҥорбут диэн буолбакка, уруккуттан саныы сылдьыбыт үгэс буолбут куһаҕан санаатын толорбут диэн быһаарыллара таба буолар.

Онон арыгы иһэн баран оҥоруллар куһаҕан быһыыларга арыгы оҥорор буруйа кыра, киһи бэйэтэ куһаҕан санааларынан туолбутун бэлиэтэ буолар. Арыгы да суоҕа буоллар бу киһи кэлин куһаҕан быһыытын син-биир оҥоруон сөп.

Оҕо бэйэтин толкуйдуур өйө киирэн салгын кута сайдыар, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билиэр диэри эл¬бэх өлөрсүүлэри, киһи киһини кырбааһынын, арыгылааһыннары көрбөтө ордук буолуо этэ. Онтон көрөр да буоллаҕына улахан, ытыктыыр киһитин быһааран, өйдөтөн биэриитэ хайаан даҕаны ирдэнэр. Быһааран, өйдөтөн биэрии кэнниттэн кини ийэ кутугар чахчы олох сиэригэр сөп түбэһэр өйдөбүллэр, үчүгэйи оҥоруулар өйдөнөн, ууруллан хаалаллара буоллар кэлиҥҥи олоҕо быдан ыраас, сырдык диэки тардыһыылаах буолуо, сыыһа-халты туттунара аҕыйыа этэ.

Сахаларга былыр-былыргыттан «Киһи илиитэ барбат» диэн олохсуй¬бут өйдөбүл баар. Бу өйдөбүл оҕо өйүгэр-санаатыгар үөскээн олохсуйарыгар ийэ уонна аҕа бэйэлэрэ көрдөрөр холобурдара сүрүн оруолу ылаллар. Ийэ уонна аҕа бэйэлэрэ эйэлээх, охсуспат, этиспэт буоллахтарына уонна оҕолоругар бэйэлэрин холобурдарын көрдөрөн, охсуһума, киһини охсуолаама, кырбаама диэн ииттэхтэринэ, үөрэттэхтэринэ, оҕо ийэ кутугар итин-ник өйдөбүл үөскээн, үгэс буолан иҥэн хаалар. Ити иһин урукку кэмҥэ иитиллибит кырдьаҕас дьон хаһан даҕаны киһиэхэ илиилэрин көтөхпөттөр, дьону кырбаабаттар, куһаҕаны оҥорорго «Илиилэрэ барбат буола» кыра эрдэхтэринэ үөрэммиттэр эбит.

Кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарыгар тохтотор туормаһа суох буола иитиллибит, туохха эмэ баҕардахтарына ытаан, сарылаан туран ылларар оҕолор, улаатан баран улахан сэрии сэбин баһылаатахтары¬на, биир эмэ түбэлтэҕэ «Өйдөрө баайыллан» хааллаҕына, улахан сэриини да төлө тардан кэбиһиэхтэрин сөп. «Өйдөрө көппүт» кэмигэр ийэ кутта¬рыгар тохтотор, «Илиилэрэ барбат» буоларга үөрэҕэ суох буоллахта¬рына, кинилэри туох да өй-санаа тохтоппот дьонугар кубулуйаллар. Билигин эдэр оҕолор арыгылаан баран, «Өйдөрө көппүт» кэмигэр араас ыар буруйу оҥорууларын ийэ кут итинник өйдөбүлэ олус чуолкайдык быһаарар. Ол курдук биирдэ арыгы иһэн, итирэн хаалан баран ыарахан буруйу оҥоро охсон хаайыыга киирэр эдэрдэр элбээн иһэллэр.

Билигин оҕолору иитиини буортулууллар диэн видик, телевизор уонна компьютер программаларын этэллэрэ оруннаах. Ол эрээри бу буорту оҥоруу хантан саҕаланан ханнык өйү-санааны буортулуура ситэ биллэ илик. Арай биһиги быһаарыыбытынан оҕо өйүгэр-санаатыгар үөскүүр «Илии барбат» буолуутун өйдөбүлүн суох оҥороруттан, араас куһаҕан быһыылары оҥорортон тохтотор быһыыта суох киһи буола улаа¬тар. Оҕо компьютерга элбэх киһини тохтоло суох ытыалыырга үөрэнэн хаалбыта итинник ыар буруйу оҥороругар тириэрдиэн сөп. Тоҕо диэ¬тэххэ кини ийэ кутугар дьону ытыалыыр туһунан өйдөбүл иҥэр, олохсуйар. Хаһан баҕарар, саа дуу, туох дуу булла даҕаны ытыалаан барыан сөптөөх киһиэхэ кубулуйар. Маннык иитиллибит киһи тохтотор, сыыһаны, куһаҕаны оҥороору гыннаҕына туормастыыр майгына суох буола улаатарыттан дьону ытыалыыр ыар быһыыны оҥоруон сөп.

Бэйэтин оҥорор быһыытын кыайан хонтуруолламмат, тугу оҥороругар тохтотор майгына суох киһи ыксаан, ыгы¬лыйан «Өйө баайыллан» хааллаҕына, тугу да оҥорортон, билэр дьо¬нун да ытыалыыртан туттунан тохтообот буолуон сөп. Дьону маннык ытыалыырыгар кини кыра эрдэҕинэ компьютер оонньуутугар элбэх киһини ытыалыы оонньоо¬бута олук буолар. Сайдыылаах диэн ааттанар дойдуларбытыгар бу курдук иитиилээх саҥа көлүөнэ дьон үөскээн, элбээн иһэллэрэ үтүө санаалаах дьону санаарҕатар буолла. Сир үрдүгэр дьон-аймах олоҕо итинник иитиилээх эдэр көлүөнэлэр¬тэн олус улахан тутулуктаах буолара көлүөнэлэр солбуһууларыттан сыыйа чугаһаан иһэр. Киһи бэйэтин уһун үйэтигэр элбэх араас өйдөбүллэри хос-хос ха-тылаан үгэс оҥосторо үгүстүк бэлиэтэнэр. Манна ордук арыгы иһии-тин ааттыахха сөп. Киһи куруук биир кэмҥэ арыгы иһэр буоллаҕына, ити быһыыта эмиэ үгэс буолан хаалар. Элбэх дьон арыгыһыт буоллубут диэн сананыылара сороҕор көннөрү үөрэнэн хаалбыт үгэстэрэ эрэ буо¬луон сөп. Доҕотторун көрсө түһүү, араас ыалдьыттары аһатыы барыта арыгылаах буолан, бу быһыы үгэскэ кубулуйбута дьон арыгылааһыннарын саҕалыыр. Ол иһин дьону арыгы¬лаах көрсүһүү үгэһин суох гыннахха, элбэх арыгылаах “презентациялары” тохтотоххо дьон арыгыга үөрэниилэрэ аҕыйыан сөп этэ.

«Кыыһырбат киһи кыыһырбыта киһиттэн таһынан барар» диэн кырдьаҕастар этэллэр. «Хайа да киһини мээнэ кыйахалаабат баҕайы» диэн киһи киһиэхэ сыһыаныгар ханнык эрэ тохтотор быыс баарын бил¬лэрэр этии баар. Сымнаҕаһынан да биллэр киһи, тулуйа сатаан баран тоҕо баран кыыһырыан, сыыһа-халты туттунуон сөп. Аһара кыыһырбыт киһи тугу гынарын дьүүл¬лээн быһаарбат түгэнэ баар буолар. «Кыыһырбат киһи кыыһырбыта киһиттэн таһынан барар» диэн этии киһи бэйэтин туттунар күүһэ ханнык эрэ кэмнээҕин-кэрдиилээҕин биллэрэр. Аһара кыыһырбыт, ыгыллыбыт кэмҥэ киһи «Өйө көтөн» эбэтэр баа¬йыллан ылар кэмэ киирэн ылыан сөп. Маннык кэм киһиэхэ киирэн кэлиитин суруйааччылар таба көрөн бэ¬лиэтииллэр.

Аркадий сүрэҕэ мөҕүл гынна, уҥа илиитин сутуруктуу туттубутунан утары хоско ыстанан таҕыста - кини абарбыта, уордай¬быта олус буолан, иннин-кэннин соччо быһаара турбата. (10,233). Өлөксөөс хараҕа хараҥара түһэр да, Симакову сырбатан кэбиспитин бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалар. (11,136). Суруйааччылар бэлиэтээбиттэрин курдук, бу олус соһуччу буолан ылар күүстээх хамсаныылар үчүгэйгэ тириэрдэр быһыылар буолбатахтар.

Киһи олоҕор биирдэ эмэтэ да буоллар куттара солбуйсан ылар кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Киһи салгын кута көттөҕүнэ, сүрэ эмиэ көтөр. Итирбит киһи бэйэ¬тин киһилии туттунар күүһэ, сүрэ суох буолан букатын сүөһүтүгэр түһэр. Сүр – киһи куттарын холбуу тута сылдьар сүрүн күүс буолара итинник быһаарыллар.

Кыыл булан ылан ииппит, үөрэппит оҕолоро кыайан киһилии хаампаттар, ат буолан сылдьаллар. Уһун кэмҥэ үөрэтэ сатааһын киһилии хаамар буолууга кыайан үөрэппэт, ол аата көнөтүк туттан хаамарга үөрэнэр кэмнэрэ ааһан хаалар эбит.

«Киһи буолабын»,- диэн санаа киһиэхэ сүрү биэ¬рэр. Ол аата, оҕо төрөппүттэрин көрөн үтүктэр күүһэ ордук элбэх буоларын бэлиэтиир быһыы буолар. Дьоно көнөтүк туттан хаама сылдьалларын көрөн оҕо, икки атаҕар туран хаама үөрэнэр. Олус хойутаан хаампакка хаалбыт оҕо, төһө да бэйэтин өйө киирбитин иһин, аны куттанан хаампат түбэлтэлэрэ бааллар. Бу быһыы үөрэҕи ылыныы кэмэ ааһан хааллаҕына олус ыара¬ханнык көнөрүн көрдөрөр холобур буолар.

Ийэ кут өйө-санаата үөскээн киһини бэйэмсэх оҥорорун холобурун оҕолоох ийэттэн булуохха сөп. Оҕолоох ийэ олус бэйэмсэх, оҕом бэйэм киэнэ диэн өйдөбүлэ хаһан да уларыйбат. Тоҕус ыйы быһа «Бэйэм киэнэ» диэн санаабыт санаата иҥэн, ийэ кутугар олохсуйан хаалар. Икки да оҕо ийэ, ити санаатын кыайан уларыппат, иккиэннэрин көтөҕө да сылдьыан сөп. Арай үһүс оҕотун кэнниттэн ийэ бэйэмсэҕэ лаппа аҕы¬йыыр, суох да буолар диэххэ сөп. Улахан оҕотун кыайан көтөхпөтүттэн “Эн улахан буоллуҥ, бэйэҥ хаамп, кыралары көрүүгэ көмөлөс” диэн дьэ үөрэтэр буолар. Ити курдук үс оҕолоох ыаллар оҕолоро киһилии майгылаах буола улааталлара, улахан оҕо буола охсубут маҥнайгы оҕолоро атыттары көрөн-истэн үөрэтэриттэн быһаччы тутулуктанар.

Ийэ өйө-санаата үһүс оҕотун кэнниттэн бу курдук уларыйыыта оҕону иитиигэ уонна үөрэ¬тиигэ улахан туһаны аҕалар. Улахан оҕо диэн ааттаммыт оҕо бэйэтин бэйэтэ салайынара эрдэлиир, атыттары, кыралары көрөр-истэр, көмөлөһөр өйдөөх-санаалаах буола улаатар уонна кыралары эмиэ соннук үөрэтэр. Бу ыаллар кэлэр көлүөнэлэрэ туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатыыларыгар олук ити курдук үлэҕэ үөрэтииттэн саҕаланар.

Онон оҕону киһи быһыылаах буолууга иитии дьахталлар элбэх, үс эҥин оҕолонор буоллахтарына эбии көрдөбүлэ суох ситиһиллиэн сөп. Арай дьон, төрөппүттэр аныгы тупсубут үөрэх-билии этэрин истэн-билэн, иҥэринэн, сахалыы таҥара үөрэҕин халбаҥнаабакка кытаанахтык тутуһан, толорон биир эмэ оҕолоннохторуна даҕаны, атаахтаппакка, киһи быһыылаахтык иитэллэрэ кыаллыан сөп этэ.

АРАЛДЬЫТЫЫ

Оҕо кыра эрдэҕинэ тугу оҥорбутун өйдөөбөт диэни бары билэбит уонна сорохтор бу кэмҥэ оҕону албынныы да сылдьыахха сөп дии саныыллар. “Хаппыыста быыһыттан булбуппут” диэн этии ити албынныыр санааттан нууччаларга үөскээбит.

Сахалар үөрэхтэрэ кыра да оҕону албыннаама, киниэхэ хаһан да сымыйалаама диэн үөрэтэр. Ол барыта оҕо кыра эрдэҕинэ тугу оҥорбута барыта өйүгэр-санаатыгар ууруллан иһэринэн, ийэ кута үөскүүрүнэн дакаастанар. Сымыйалааһын хаһан баҕарар, хойутаан, оҕо улааппытын да кэннэ арыллан тахсыыта төрөппүтүн итэҕэйбэт буолуутун үөскэтиэн сөп.

Оҕо саҥа улаатан иһэн туох өйүгэр көтөн түһэрин үчүгэйин, куһаҕанын араарбакка эрэ хайата оҥорорго чэпчэкитин, судургутун оҥорон иһэр кыахтаах. Ийэтин баттаҕын бобута тута-тута тардыалыан сөп. Ол иһин куһаҕан быһыылары оҥоро үөрэнэн хаалбатын туһугар иитээччи, төрөппүт көрө сылдьан куһаҕаны оҥорорун кытта тохтотон, атыҥҥа, үчүгэйи оҥорууга аралдьытан биэрэн иһэрэ хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Сахалар кыра оҕону көрүүгэ аралдьытыы, сааратыы, саататыы диэн тыллары үгүстүк тутталлар. Бу тыллар оҕо өйүн-санаатын уратыларын бэлиэтээн хайдах үөрэтэр ордук туһалааҕын быһаараллар. Ол курдук биир оонньууртан салҕан, быраҕаттаан бардаҕына атыны, саҥаны эбэтэр урут бырахпытын ылан биэрэн истэххэ, аралдьыйан, салгыы оонньуу олоруон сөп. Оҕо олорор миэстэтин уларытан биэрии эмиэ аралдьытыыга киирсэр.

Аралдьытыы диэн санааны аралдьытыы, атыҥҥа көһөрүү, атыны санааһын. Куһаҕаны үгүстүк санааһынтан санааны аралдьытыы туһата олус улахан. Туохтан эмэ санаарҕаатахха туох эмэ үчүгэйи, туһалааҕы баҕара санааһыҥҥа көһөрүү санаа аралдьыйыытын, санаарҕабыл умнуллуутун үөскэтэрин туһаныллар.

Санаа кыра, өссө күүһүрэ, чиҥии, хос-хос хатылана илигинэ туохха эмэ атыҥҥа аралдьыйан, атыны санаан ыллахха сонно умнуллан, суох буола симэлийэн хаалан иһэр. Суох буолбут санаа кыымын хатылаан өйдөөрү кыһана сатаатахха даҕаны, туох да туһаны биэрбэт кыахтаныан, санаа умнуллан, сүтэн хаалыан сөп.

Киһиэхэ туох эмэ ураты, саҥа санаа киирдэҕинэ сонно тута хос-хос хатылаан санаан, чинэтэн биэрдэххэ умнуллубат, киһи син өйдөөн кэлэр туруктанар. Ордук туһалаах санаа буоллаҕына кыратык да суруйан, бэлиэтэнэн кэбистэххэ умнуллубата өссө улаатыан сөп. Ол аата киһи көннөрү саныырынааҕар, кулгааҕынан истэринээҕэр илиитин, быччыҥнарын хамсатан билиини иҥэринэрэ ордук улахан туһалааҕа быһаарыллар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ санаата мөлтөх, тугу субу көрбүтүн тутаары сарбаҥныыр эрэ кыахтаах. Тугу эмэ оҥорорун санаатыгар туппакка эрэ оҥорор. Ол иһин тугу оҥорбутун бэйэтэ умнан иһэр, арай быччыҥнара хайдах хамсаабыттарын өйдөөн хаалан соннук хамсаныыны хатылаан оҥоруон сөп. Ол аата хайдах хамсанарыттан буор кута сайдан иһэрэ умнулла охсубат.

Быччыҥнар хайдах хамсаабыттарын умнубакка өйдөөн хаалан буор куту үөскэтэр кыахтаахтара оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр үчүгэй быһыылары эрэ оҥороро ордугун, үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанарын быһаарар. Ол курдук киһини охсуолуу, тэбиэлии үөрэммит кыра оҕо улаатан, итирэн өйө көттөҕүнэ сутуругунан түһэ сылдьар буолара биллэр. Кыра оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр куһаҕан быһыылары оҥорбокко үөрэннэҕинэ, куһаҕан үгэстэрэ суоҕуттан, куһаҕан быһыылары оҥороро аҕыйах буолар кыахтанар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥороруттан аан бастаан аралдьытыы, атынынан солбуйуу эрэ быыһыыр кыахтаах. Холобурга, оонньуу олорор оонньууруттан салҕан быраҕаттанан бардаҕына, атын, ураты оонньууру ылан биэрдэххэ, онон салгыы оонньуу түһүөн сөп эбэтэр миэстэтин уларытан биэриэххэ, кыратык көтөҕөн, аралдьытан да ылыахха. Оҕо барыта көтөхтөрө түһэн ыларын хаһан баҕарар сөбүлүүр.

Оҕо өйө-санаата саҥаны билэн иһэр уратытынан саҥа оонньуурунан оонньуурун ордук сөбүлүүр. Оҕо сайдан иһэр өйө-санаата саҥаттан-саҥаны билиигэ-көрүүгэ аһара наадыйар, ол билиилэртэн хомуллан ийэ кута сайдар. Улаатан иһэн үөрэҕи, билиини ылыныыта этэ-сиинэ сайдан иһиитин кытта тэҥҥэ, хаалсыбакка барсан иһэрэ ордук. Оҕо кыра эрдэҕинэ аһара элбэх оонньуур туһата суох, буортулаах да буолуон сөп. Ол курдук саҥаттан-саҥа, үчүгэйтэн үчүгэй, аһара элбэх оонньуур бииртэн-биир кэлэ турара ыла-ыла быраҕан иһэр өйүн-санаатын аһара сайыннаран оҕоҕо харыстыыр, көмүскүүр санаатын суох оҥоруон сөп.

Кыра оҕо бэйэтэ өйдүүр кыаҕа сайда, салгын кута баһылаан салайар буола илигинэ субу оҥорбутун умнан кэбиһэрэ элбэх. Ол иһин куһаҕаны оҥорон кэбиспитин кэнниттэн тута тохтотон атыҥҥа, үчүгэйи оҥорууга аралдьытан биэрдэххэ, куһаҕаны оҥорбута элбэхтэ хатылаабатаҕына умнуллан, хаалан иһэр кыахтанар.

Ону-маны көөчүктээн, ымсыырдан баран, ылан биэрэ-биэрэ былдьаан, былдьаһыннара үөрэтэн кэбиһии ордук эрэйгэ тириэрдиэн сөп. Ол курдук оҕо сөбүлүү көрбүтүн барытын ылан иһэргэ үөрэнэрэ кэлин төрөппүккэ аһара улахан ыарахаттары үөскэтиэн сөп. Атыҥҥа аралдьытан биэрии оҕо былдьасыһар санаатын суох оҥорор.

Оҕо сыыһар бырааптаах. Ол иһин оҕо диэн ааттанар. Табан хамсана үөрэниэр диэри оҕо хаһан баҕарар сыыһа-халты туттунара, иһити муостаҕа түһэрэрэ элбэх. Ол иһин маҥнайгы аһыыр иһитэ муостаҕа түстэҕинэ да алдьаммат буолара ордук.

Улаатан иһэр оҕо санаата аралдьыйан иһэрэ элбэх. Ол эрээри аһара аралдьыйыы боччумнаах буолууну суох оҥороро кэлин, улаатан истэҕинэ куһаҕан буолуон сөп. Ол курдук олус элбэх санаалар киириилэриттэн бииртэн бииргэ көтөн иһии, солумсаҕырыы, барыны-бары боруобалыы сатааһын элбиир.

Куһаҕан санаалартан ыраастаныыга аралдьыйыы туһата улахан. Ол курдук атынынан дьарыктаныы саҥа интэриэһи үөскэтэн санааны уларытан, атын санаалар киирэллэригэр тириэрдэрэ иҥэн хаалбыт куһаҕан санаалары үтүрүйэн уларытыан сөп.

Киһи олоҕор араас туһалаах дьарыктардаах буолуута куһаҕан санааларга оҕустарарыттан, куһаҕан быһыыга киирэн биэрэриттэн көмүскэл, харыстабыл буолар кыахтаахтар. Турунан туран үлэлии-хамсыы сырыттаҕына, билэр да киһитэ арыгыта иһэ барыах диэтэҕинэ, оҥоро сылдьар үлэтин быраҕан барар кыаҕа кыччыыр.

Киһи өйө-санаата сайдыыта “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэриттэн аһара аҥар өттүн, аралдьыйыы диэки баран хаалара куһаҕаҥҥа, боччума суох буолууга тириэрдиэн сөбүттэн оҕо улаатан истэҕинэ сэрэниэххэ, аһара ыытымыахха.

Онон оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр куһаҕан быһыылары оҥоро үөрэнэн хааларыттан аралдьытыы, үчүгэй быһыылары оҥоруу диэки салайан биэрии ордук туһалаах. Иитээччи, төрөппүт оҕо кыра эрдэҕинэ көрөрүн-истэрин таһынан, сиэри-туому тутуһарыгар, бэрээдэктээх буолуутугар иитиигэ, үөрэтиигэ эппиэтинэһэ ордук улаханын таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

АТААХ ОҔО

Ийэ кутун иитиитэ табыллыбатах, хайа эрэ өттүгэр халыйбыт иитиилээх оҕону сахалар атаах диэн туспа арааран ааттыыллар. Оҕону кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр аһара маанылыыр, бэлэмҥэ үөрэтэр, атаахтатар куһаҕан, бэлэмҥэ үөрэммит майгылаах, тулуура суох буола улаатарыгар тириэрдэр диэн сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарар уонна оҕону атаах буолуутугар тириэрдии төрөппүттэриттэн быһаччы тутулуктанан тус-туспа арахсалларын быһаарар:

А/. Ыал биир оҕолоох буоллаҕына бэлэмҥэ үөрэтэллэрэ элбэҕинэн атаах буола улаатыан сөп.

Б/. Аҥардас дьахтар оҕотун иитиитэ аҥар, дьахтар диэки өттүгэр халыйарынан атаах буолуон сөп.

В/. Элбэх оҕолоох ыалтан кыра оҕолоро бары көрөн-истэн бэлэмҥэ үөрэтэллэриттэн атаах соҕус буола улаатыан сөп.

Билигин олохпут сайдыылаах диэн ааттанар буолбутун кэннэ ыаллар бары биир эмэ оҕолонор буолуулара уонна аҥардас дьахталлар оҕолонон хаалыылара үксээһинэ оҕолор атаах буола иитиллэллэрин үөскэтэрэ элбээтэ. Аныгы оҕолор бэлэмҥэ үөрэнэллэриттэн кыра да тулуурдара суох, бэйэлэрин тохтотунар кыахтара олус аҕыйаҕыттан, араас быстах быһыыга киирэн биэриилэрэ, аһара туттунуулары оҥороллоро элбээбитэ кыра эрдэхтэринэ атаах буола иитиллибиттэринэн быһаарыллар.

Атаах оҕо сүрүн уратытынан куруук бэлэмҥэ үөрэммитэ, элбэхтик минньигэһи сиэбитэ, киһиргээбитэ, мааныламмыта үгэс буолан олохсуйан, иҥэн хаалыыта буолар. Атаах буола иитиллии киһи улаатан баран олоҕу олороругар улахан уустуктары үөскэтэрин иһин куһаҕаҥҥа үөрэниигэ, куһаҕан майгыга киирсэр. Биир оҕо атаах буола улаатан хааллаҕына олоҕун кыайан киһи быһыылаахтык олорбокко быстах быһыыга түбэһэн аймахтары эһиэн сөп.

Оҕо улаатарыгар туһалаах астары аһаатаҕына эрэ улаатар. Ол иһин оҕо улаатан истэҕинэ улаатарыгар туһалаах астарынан аһатыы төрөппүттэртэн ирдэнэр көрдөбүл буолар. Араас амтана минньигэс астары оҕо кыра эрдэҕинэ сиэбэтэҕинэ даҕаны туга да итэҕэстийбэккэ эрэ улаатыан сөп. Хата минньигэһи, саахардааҕы букатын да сиэбэтэҕинэ тиистэрэ ыарыы буолбаккалар бэйэтэ ордук абыраныан, доруобуйата бөҕө буоларыгар олук буолуон сөп. Ол иһин кыра оҕону минньигэһинэн, саахардааҕынан аһаппакка, сөбүлээн көрөн хааччахтааһын бэйэтигэр улахан туһалаах буоларын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ.

Олох сайдыыта, тупсуута диэни сыыһа саныырбытыттан, минньигэс ас элбээбитинэн туһанан оҕону олорунан хатаҕалааһын куһаҕаҥҥа тириэрдэрин таба өйдүөхпүт этэ. Оҕо кыра эрдэҕинэ тииһэ ыалдьара олус ыараханнык, эрэйдээхтик эмтэнэр, өйүгэр-санаатыгар буортуну, халыйыыны үөскэтиэн сөп.

Урукку, ыраахтааҕы саҕанааҕы кэмҥэ олох кытаанаҕа, ыарахана оҕо иитиитигэр быһаччы дьайан, дьадаҥылар, үлэһиттэр оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн үлэлии үөрэнэннэр оҕолор атаах буола иитиллэллэрэ төрдүттэн суох этэ. Арай аһара байбыт аҕыйах баайдар эрэ оҕолорун аһара атаахтатан кэбиһэллэриттэн тугу да үлэлээбэттэрэ, арыгыһыт, хаартыһыт буолаллара, олохторо кылгыыра былыргыны суруйуулартан биллэллэр.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр үлэһиттэр олохторо көнөн, тупсан иһиититтэн, дьон бары үлэлииллэриттэн, сөп буолар хамнастаммыттарыттан оҕолорун иитэллэрэ кэлин, “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыынан доҕуһуолланан, барыларын кэриэтэ атаахтатыыга кубулуйбута. Өй-санаа үөрэҕин суох оҥорбуттарынан туһанан уонна туох барыта үчүгэй буолла, оҕо төрөөтөр эрэ киһи буолар диэн албыҥҥа киллэрэннэр, барыны-бары оҕо туһугар диэн ааттааннар аһара бэлэмҥэ үөрэппиттэрэ, аҥардастыы үөрэхтээх эрэ дьон оҥороору үлэҕэ-хамнаска үөрэтэллэрин бырахпыттара.

Атаах буола иитиллибит оҕо өйө-санаата туруга суоҕуттан араас быстах быһыыга, сыыһа-халты туттунууга түбэһэрэ элбэҕиттэн олоҕо кылгыырын сахалар бары билэллэр. Атаах кыыс оҕо кэлэр көлүөнэлэрин хаалларбатын, аймаҕы, омугу сайыннарбатын былыргы төрүппүт Омоҕой Баай мааны, атаах кыыһа бэйэтигэр тиийинэрэ биллэрэрин таба өйдүөх этибит. Кыыс оҕолору атаахтатыы, аһара маанылааһын, көҥүллэринэн ыытыы аймах, омук эстиитигэр тириэрдэрэ былыргы кэпсээммитигэр быһаччы этиллэрин таба өйдөөммүт олохпутугар туһаныахпыт этэ.

Уол оҕо кыра соҕус атаахтык иитиллибитэ бэйэтин оҕотун иитиигэ улаатан истэҕинэ кыттыһарыттан аймахтар сайдыыларыгар кыра куһаҕаны, ордук уолга бэйэтигэр оҥорор буоллаҕына, аһара атаах кыыс оҕо төрөтөр оҕотун ийэ кутун кыайан киһи быһыылаахтык ииппэккэ аймахтарга, омукка туох да туһаны оҥорбот кыахтанар.

Билигин үөрэх-билии сайдыбытынан уонна ырыынак олоҕо кэлбитинэн төрөппүттэр оҕону сахалыы кут-сүр, таҥара үөрэҕин туһанан аһара атаахтаппакка көрөллөрө-истэллэрэ, иитэллэрэ-үөрэтэллэрэ эрэйиллэр кэмэ кэлэн турар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ араастаан атаахтыыра, ону-маны көрдүүрэ, иллэҥ, оҕотун көрүүнэн эрэ дьарыктанар төрөппүккэ үчүгэй курдук. Биир эмэ оҕолоох буолуу, бу санааны аһара күүһүрдэн кэбиһэриттэн оҕо бары баҕатын тук курдук толорон иһии олохсуйан хаалан куһаҕан майгыланарыгар тириэрдиэн сөп. Арай оҕо улаатан истэҕинэ итинник майгына иҥэн, олохсуйан хааллаҕына, куруук бэлэмҥэ үөрэнэн, ону-маны көрдүүрэ улаатан, элбээн хааллаҕына, төрөппүт санааҕа ылларара дьэ киириэн сөп.

Оҕо улаатан ону-маны көрдүүрэ киирэн истэҕинэ тугу эмэ көрдүүрүн кытта тута ылан биэрэ охсубатахха, бэлэм барыта олус түргэнник кэлэригэр үөрэнэн хаалара суох буолан, атаах киһиэхэ кубулуйара тохтуо этэ. Аан маҥнай бу ылан биэрииттэн туох туһа тахсарын ырытан көрөн баран, кэнники биирдэ биэриэххэ эбэтэр бэйэтигэр ыларга үөрэттэххэ, аан маҥнай бэйэтэ ону-маны оҥорорго баҕа санааны үөскэтиниэ этэ. Бэйэтигэр ону-маны булууга ыҥырар баҕа санааны үөскэтинэрэ кэлин олорун толорон бэйэтэ ситиһиини оҥороругар тириэрдиэн сөп.

Биир эмэ оҕону кыайан ииппэккэ, атаахтатан, маанылаан кэбиһэн баран улааппытын кэннэ эрэйи көрөр төрөппүттэр билигин элбэхтэр. Олох сайынна, бары барыта баар, дэлэй буолла диэн сыыһа санааҕа киириибит оҕобутун бэлэмҥэ үөрэтэн, атаахтык иитэрбитигэр тириэрдэрин саҥа өйдөөн эрэбит.

Барыны бары үтүктэ, батыһа үөрэниибит аһара баран атыттартан кыратык да хаалсымаары оҕолорбутун атаахтатан иитэбит. Ол ыал оҕолоругар ылбыттар, биһиги туох итэҕэстээхпитий диэн санаабыт баһыйарынан, аны хаалсымаары оҕобут бары баҕатын ханнара, толоро сатыырбыт, бэлэмҥэ үөрэниитигэр тириэрдэр.

«Атаах оҕо арыгыһыт буолар» диэн этиини дириҥник сыаналаан олохпутугар туһанарбыт эрэйиллэр. Ол аата атаах оҕо бэйэтин этин-сиинин баҕатын кыаммат, туттуммат буола улаатарынан арыгы иһэр, чаллайар, киһиргиир баҕатын кыаммакка арыгыһыт буолар кыахтанарын таба сыаналыахпыт этэ.

Киһиэхэ эт-сиин баҕата диэн эмиэ баар. Уол оҕо улаатан этэ-сиинэ ситтэҕинэ ол баҕата улаатан, атын аҥарын көрдүүрэ күүһүрэр. Уол тулуурдаах, өһөс буоллаҕына, этин-сиинин баҕатын кыана туттунан киһи быһыылаахтык, аһара туттубакка эрэ сылдьыан сөп. Билигин кыра кыргыттарга саба түһэр эр дьон элбээтилэр диэн этэллэр. Кинилэр атаах буола улаатаннар эттэрин-сииннэрин баҕатын чахчы кыамматтарын ити оҥорор ыар быһыылара биллэрэр.

Кыыс оҕо олус эрдэ дьахтарга кубулуйуута баҕа санаата аһара баран сайдарыгар, элбэх эр дьону боруобалыырыгар тириэрдиэн сөбө куһаҕаны, кэргэн тахсыбатын элбэтиэн сөп. Ол курдук эр дьон кэргэн ылалларыгар биир талан ылар ньымалара, атын эр киһилиин сылдьыспатаҕын ордук сыаналыыллара, бэйэлэрин утумнуур буор куттаах оҕону төрөтүүгэ аналланар.

Билигин биһиги өйбүт-санаабыт сэбиэскэй былаас токурутууларыттан саҥа арахсан, босхолонон урукку ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы, өй-санаа туруктаах кэмигэр, төттөрү төннө сатыыбыт, таҥара үөрэхтэрин олоххо киллэрэн эрэбит. Таҥара үөрэҕэ диэн биһиги сахалар бэйэбит үөрэхпит. Таҥ, таҥар, таҥара диэн тыллар саха тыллара. Өй-санаа эмиэ таҥылларын, мунньулларын биллэрэр. Сахалыы таҥарабыт үөрэҕин олоххо киллэриэ этибит. Ол кэм саҕана дьон өйө-санаата быдан олохтоох, сиэри-туому бары тутуһар этилэр, сахалар ахсааннара биллэрдик эбиллэн испитэ, ыар буруйу оҥоруу, быстах быһыыга түбэһии диэн букатын аҕыйаҕа.

Ол кэмҥэ ыал буолуу сиэрэ-туома былыргылыытынан, энньэлээх уонна халыымнаах ыытыллара, ол аата тапталлаахтар холбоһон ыал буолуулара баайынан-малынан хааччыллан, кэргэнниилэр арахсыылара диэн отой аҕыйаҕа. Кыыс оҕо аан маҥнайгы баҕа санаатынан тэҥнээҕин булунан эргэ тахсыы буоларын таба сыаналыыллара, сааһа ситэрин кытта эргэ тахсарын ситиһэллэрэ.

Урукку кэмҥэ кыыс оҕо эр киһиэхэ баҕата эргэ тахсыбытын кэнниттэн сайдан, күүһүрэр этэ. Дьахталлар оҕоломмуттарын кэнниттэн баҕалара ордук улаатан иһэр. Дьахтар этин-сиинин баҕа санаатын оҕо баһа эрэ ыган, тэнитэн толору ханнарар кыахтааҕын бэйэлэрэ да өйдүөхтэрэ этэ.

Билигин, сайдыылаах олох кэлэн кыыс оҕо диэн тылбытын хаалларарбытыгар тиийиэх курдукпут. Ол курдук бобуу, хаайыы аҕыйаан, сиэри-туому тутуспат буолуу элбээн уонна «айыы үчүгэй» диэн тыл үөрэхтээхтэрин сыыһа үөрэхтэрэ дьайыытыттан аныгы оҕолор айыыны элбэхтик оҥоро охсор санааларыттан аан маҥнайгы боруобалаһыыны кыахтара тиийэр эрэ буоллар оҥорор кыахтаннылар. Оскуола үөрэҕэ аһара уһаабытыттан кыргыттар оннуларыгар эдэр дьахталлар үөрэнэн бүтэрэллэр.

Оҕону кыра эрдэҕинэ аһара атаахтатыы өйүн-санаатын туруга суох оҥорон этин-сиинин баҕатын кыайан кыана туттубат оҥорор. Бу баҕа санаа сайдыыта эдэрдэр маҥнайгы боруобалаһыыларын олус эрдэ оҥороллоругар тириэрдэр буолла, саастарын ситэ илик эдэр ийэлэр элбээн иһэллэр.

“Айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэн үөрэх ити куһаҕан майгы урутаан сайдыытыгар тириэрдэрин билигин да үгүстэр табан өйдүү иликтэр. Ол курдук оҕо саҥаны айа, айыыны оҥоро сатыыр санаатыгар аан маҥнайгы боруобалаһыыны кыахтаннар эрэ оҥоро сатыыра куһаҕан быһыыны элбэтэрин, сиэри тутуспат буолууга тириэрдэрин төрөппүттэр билиэ этилэр.

Оҕо уонна улахан киһи өйдөрө-санаалара уратыларын таба өйдөөн туһаммаппытыттан, оҕоҕо куттара хаһан уонна хайдах үөскүүллэрин билбэппититтэн оҕону иитиибит таҥнары өттүттэн, улахан дьону үтүктүүттэн кэлэн иһэр. Биһиги ийэ кут сайдыытын үөрэтиибит бу таҥнары барбыт үөрэҕи көннөрүүгэ туһалыа этэ. Ол аата оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун киһи быһыытыгар, бэрээдэктээх буолууга иитии аан бастаан иһиэ этэ.

Өй-санаа сайдыыта оҥорор быһыыттан үгүстүк хойутуур. Тугу эмэ оҥоро охсон баран туох содул үөскээбититтэн соһуйабыт, көннөрө, тупсара сатыырбыт олус элбэх. Сэбиэскэй былаас өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин суох оҥорон өйү-санааны токуруппута, билигин да ону тутуһа сатааччылар баалларыттан уонна оччотооҕу кэмнээҕи суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учууталлар, учуонайдар уларыйа иликтэринэн кыайан хаалбакка, өссө да көммөккө сылдьар.

Атаах оҕо өйүн-санаатын үөрэтии аныгы сайдыылаах, үөрэх-билии тарҕаммыт, баай-мал элбээбит кэмигэр ордук улахан суолталанна. Билигин биһиэхэ баайдар уонна дьадаҥылар, үлэһиттэр диэн арахсыы ордук дириҥээтэ. Ол курдук баайдар олохторо сайдан, тупсан иһиитэ элбээбитэ төрөппүттэр оҕолорун маанылыылларын, киэргэтэллэрин улаатыннаран, бары араас баҕаларын толорон иһэллэриттэн атаах буола улааталларын элбэтэр буолла.

Атаах буола улаатыыттан оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн үөскүүр өй-санаа уратылара манныктар:

1. Бэлэмҥэ үөрэнэр. Төрөппүттэрэ кыра эрдэҕиттэн бары баҕатын тук курдук толорон иһэллэриттэн аһара бэлэмҥэ үөрэнэн, онно өйөнөн хаалан, бэйэтэ оҥороро-тутара аҕыйыыр.

2. Бэйэмсэх. Барыны-бары булан талан оҕоҕо анаан аҕалан иһэллэриттэн аһара бэйэмсэх, барыта миэнэ эрэ диэн өйгө-санааҕа иитиллэр.

3. Аһара мааны. Туох үчүгэй, саҥа көстүбүтүнэн төрөппүттэрэ хааччыйан иһиилэриттэн саҥаны, үчүгэйи эккирэтэр санаата аһара улаатар.

4. Атаах оҕо өйө-санаата туруга суох буолар. Барыта-бары көрдөөтөҕүн аайы баар буолан иһэригэр үөрэнэн тулуура, дьулуура суох буола улаатар.

5. Атаах оҕо өйө-санаата түктэри диэн сахалар этэллэр. Баҕа санаата туолбатаҕына, туга эмэ табыллыбатаҕына атынынан ситиһэр, иэстэһэр санаата киһи быһыытын аһара барар, куһаҕаны оҥоруута сиэргэ баппат кыахтанар. Атаах кыыс оннооҕор иитэн, үөрэтэн улаатыннарбыт төрөппүт аҕатын ол-бу куһаҕан суолга барытыгар күтүрээн интернеккэ суруйара итини дакаастыыр.

Биир эмэ оҕолорун атаахтык иитэн улаатыннарар үөрэхтээхтэр, баайдар омук сайдыытыгар, ахсаана элбээһинигэр туох да туһаны оҥорботтор. Кинилэр аан бастаан бэйэлэрин эрэ тустарыгар кыһаналларын элбэх ахсааннаах үлэһиттэр билиэ этилэр.

Омугу элбэхтик оҕолонор, үлэни-хамнаһы кыайар көрсүө, сэмэй майгылаах үлэһит дьон сайыннаралларын билиэ этибит. Кинилэр оҕолорун, сиэннэрин көрсүө, сэмэй, үлэни-хамнаһы кыайар буолууга иитэллэриттэн, үөрэтэллэриттэн омук салгыы сайдарын төрүттүүллэр.

Онон атаах диэн ийэ кута киһилии быһыыга, бэрээдэктээх, тулуурдаах буолууга иитиллибэтэх оҕо, киһи ааттанар. Өй-санаа бу уратытын сахалар олус былыргы кэмнэртэн ыла билэн олохторугар, оҕону иитэллэригэр туһаналлар.

АТААХ КЫЫС

Олох сайдан, тупсан дьон байан-тайан истэхтэринэ оҕолорун маанылыыллара уонна атаахтаталлара эбиллэн иһэр. Биир эмэ оҕолоох буолуу бу быһыыны өссө улаатыннарар. Уол оҕолору атаахтатыы өйдөрүгэр-санааларыгар төһө да охсуулааҕын, сыыһа-халты туттуналларын элбэтэрин да иһин, омук сайдыытыгар кыыс оҕолору атаахтатар курдук улахан охсууну оҥорбот эбит.

Саха дьонун олохторун үөрэҕэр оҕону атаах гына иитимэ диэн аналлаах үөрэх баар. Бу үөрэх этэринэн кыыс оҕо аһара атаах буола улааттаҕына кэлэр көлүөнэлэри хаалларбакка эбэтэр сатаан ийэ кутун ииппэккэ, үөрэппэккэ омук салгыы сайдар кыаҕын сарбыйарын былыргы олохпут кэпсээнэ биһиэхэ тириэрдэрин таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

Былыргы олохпут кэпсээнигэр Омоҕой Баай икки кыыстааҕа уонна бу кыргыттара тус-туспа иитиилээхтэрэ, биирдэһэ аһара атааҕа, мааныта, онтон атына көйгөтө, үлэһитэ, өй-санаа улаатан иһэр эдэрдэргэ дьайыыта олус улаханын уонна икки өрүттээҕин арыйан көрдөрөллөр:

1. Атаах оҕо. Аһара мааны, бэйэмсэх, тулуура аҕыйах, үлэ диэни үлэлээбэт оҕо атаах оҕо диэн ааттанар.

2. Көйгө оҕо. Куруук үлэлии-хамсыы, көмөлөһө, тугу эмэ оҥоро сылдьар, мааныламмат, улахан тулуурдаах буолууга үөрэммит оҕо аата. Киһи барыта үлэлиир. Көйгө диэни төһө да сөбүлээбэтэхпит, куһаҕаннык истибиппит иһин оҕо тулуурдаах буоллаҕына, үлэлии үөрэннэҕинэ эрэ аныгы да кэмҥэ олоҕо табылларын бары билэбит.

Бу кэпсээҥҥэ сахалары сайыннарбыт, ахсааннарын элбэппит төрүппүт Эллэй Боотур өр кэмҥэ кэтээн көрөн, талан ылан көйгө кыыһы, Аан Чаҥыйаны кэргэн ылбыта чопчулаан бэлиэтэнэр. Көйгө кыыһы кэргэн ылбытыттан аймахтара, Омоҕой Баайдаах туоратаннар, биир эрэ ынаҕы энньэ диэн биэрэннэр, көһөрөн, атын сиргэ олохтооннор оҕолоро эһэлэрин, эбэлэрин билбэт, аахсыбат буола, аҥардастыы Эллэй Боотур оҕолорун курдук санана улааппыттар. Манна оҕонньордоох эмээхсин эрдэ өлүүлэрэ эмиэ суолталаммыт буолуон сөп. Бу сыыһа өйү-санааны, сахалар аҥардастыы Эллэй Боотур эрэ өбүгэлээхтэрин туһунан этиилэри билигин даҕаны тарҕатааччылар бааллар.

Көйгө кыыспыт Аан Чаҥыйа үлэни-хамнаһы кыайара, доруобуйата бөҕөтө, элбэхтик оҕоломмута. Дьадаҥы олохтоох Эллэй Боотур көйгө кыыһы кэргэн ылан элбэх оҕолорун киһи быһыылаахтык иитэн, улаатыннаран саха омук буола сайынныбыт, ахсааммыт эбиллэн иһэр. Онтон атаах кыыс бэйэтигэр тиийинэн олохтон туораабытын, кэлэр көлүөнэлэри хаалларбатаҕын, атаах буола иитиллиитэ быһаарарын билигин аахайбакка сылдьабыт. Кыыс оҕону атаахтатыы содула итинниккэ тириэрдэрин аны билиэ этибит.

Бииргэ олорор дьон аймахтаһыылара чугаһаатаҕына элбэх кыыс оҕолор төрүүллэр. Олус былыргы кэмнэртэн ыла бииргэ олорбут дьонноох ыаллар Омоҕой Баайдаах икки эрэ кыыс оҕолоохтор. Бу оҕолорун тас көрүҥнэрэ, эттэрин-сииннэрин туруга биллэр тус-туспалаахтарыттан уонна көрөн-истэн иитиилэрин уратыларыттан өйдөрө-санаалара атаах уонна көйгө диэн икки аҥы арахсыбыттар. Эллэй Боотур кэргэнин таба талан ылан саҥа ыалы тэрийиитэ сахалар олохторугар төһө улахан суолтаны ылбытын билигин ааҕан ситэр кыаллыбат. Ол курдук Эллэй Боотуртан төрүттээхпит диэн этинээччилэр билигин элбээннэр, оннооҕор, сахалар барыларын төрүттэрэ соҕотох Эллэй Боотур буолар диэн этэ сатыыллар. Онон кыыс оҕо көйгө, үлэһит буола улаатара аймаҕы, онтон омугу барытын сайыннарар, элбэтиннэрэр кыаҕын улаатыннарара билигин ордук биллэр буолла.

Атаах оҕо, аан бастаан кыыс оҕо, кэлэр көлүөнэлэри хаалларбакка бэйэтэ быстах быһыыга түбэһэн олоҕо кылгыырын былыргы олохпут кэпсээнигэр Омоҕой Баай мааны, атаах кыыһа Ньыка Харахсын ыйанан өлөрө быһааран биһиэхэ тириэрдэр. Кыргыттары аһара атаахтатыы омукпутун эстиигэ тириэрдэрин былыргы кэпсээммититтэн бары билэр курдукпут эрээри «Кут-сүр үөрэҕин» туһаммаппытыттан хаалларан, аахайбакка сылдьабыт.

Атаах кыыс оҕо этэ-сиинэ, доруобуйата мөлтөҕүнэн кыайан тулуйан төрөөбөт, төрөөтөҕүнэ даҕаны мөлтөх, ыарыһах оҕону төрөтүөн сөп. Ыарыһах оҕо аһара көрүллэн-истиллэн бэйэтэ өссө атаах буола улаатар кыаҕа улаханын тэҥэ, кэлэр көлүөнэлэри төрүт да аҕалар кыаҕа суох буолуон сөбүн былыргы кэпсээммит биллэрэр.

Оҕону кыра эрдэҕиттэн атаахтаппакка, тараҥнаппакка иитэргэ оҕо доруобуйата бөҕөтө улахан оруолу ылар. Дьахталлар элбэхтэ төрөөтөхтөрүнэ доруобай эттээх-сииннээх оҕолору төрөтөр кыахтара улаатан иһэрин билэн туһаныахтара этэ.

Кыра оҕону сатаан иитэр, үөрэтэр, киһи быһыылаах буола улаатыннарар туһугар дьахтар бэйэтэ оҕону иитии туһунан билэр уонна онтун олоххо сатаан туһанар буолара табыллар. Бэйэтэ атаахтыы үөрэммит дьахтар кыра оҕо бары баҕатын толороору маанылаан, атаахтатан, «Көҥүлүнэн ыытан», бас-баттах иитиилээх, киһи быһыыта суох киһи оҥорор кыаҕа улаатан хаалар.

Оҕону кыра эрдэҕинэ иитии, үөрэтии ийэ кутун үөскэтии ийэлэртэн, ол аата дьахталлартан быһаччы тутулуктаах. Кинилэр эрэ оҕону кыра, кыаммат эрдэҕинэ баһылаан көрөллөр-истэллэр, төрөөбүт тылларынан саҥа саҥаран эрдэҕиттэн саҥарда үөрэтэллэр. Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ оҕону кыра эрдэҕинэ, 5 сааһыгар диэри көрүү-истии ийэ кутун үөскэтэрин уонна бу кута кинини үйэтин тухары салайарын быһааран итэҕэйэр дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр. Ол аата кыра эрдэҕинэ аһара атаахтаан ийэ кута бэлэмҥэ үөрэнэн хааллаҕына, үлэлээн-хамсаан туһаны аҕалара аҕыйыыр кыахтанарын сахалар үөрэхтэрэ быһаарар. Билигин сир аайы элбээбит эдэр умнаһыттарбыт, бичтэрбит оҕону кыра эрдэҕинэ атаахтатыы, үлэҕэ-хамнаска үөрэппэт буолуу дьиҥнээх бэлиэлэрэ буолан куораппытын биир гына хаамсан сүөдэҥнэһэллэр.

Кыыс оҕону атаахтатыы, аһара маанылааһын, көҥүлүнэн ыытыы биһиэхэ кэлин кэмҥэ аһара сайынна. Атаах соҕус да буола улааппыт уол оҕо бэйэтин оҕотун кыра эрдэҕинэ иитиигэ кыттыгаһа кыратынан кэлэр көлүөнэҕэ охсуута кыра. Онтон дьахтар бэйэтэ оҕотун кыра эрдэҕинэ тутан-хабан иитэринэн, үөрэтэринэн оҕоҕо дьайыыта олус улахан, кини үөрэҕэ оҕо ийэ кутун быһалыы үөскэтэринэн оҕо салгыы киһи быһыылаахтык олоҕун олорорун, ийэтин ити үөрэҕэ быһаарар.

Омук олоҕо, сайдыыта дьахталлартан тутулуктаах диэн этии олус таба. Ол курдук дьахтар оҕону кыра эрдэҕинэ көрөрүттэн-истэриттэн, ийэ кутун быһаччы иитэринэн өйө-санаата туруктаах буола улаатарын үөскэтэр кыахтаах. «Куһаҕаннык иитиллибит» диэн кыра эрдэҕинэ ийэ кута сыыһа үөрэххэ, бэлэмҥэ, мааныга, тулуура суох буолууга иитиллибит буоллаҕына этэллэр. Атаах буолуу куһаҕаннык иитиигэ тэҥнэһэрин иһин сахалар сөбүлээбэттэр.

Олохпутугар сэбиэскэй былаас кэмигэр үөскээбит уларыйыылары таба сыаналаан, ырыынак кэмигэр аны көннөрөн туһаныахпыт этэ. Оҕолору атаахтатыы, маанылааһын «Барыта оҕолор тустарыгар» диэн ыҥырыынан салаллыыта, «айыы үчүгэй, айыыны оҥорон ис» диэн үөрэтиини тутуһуу аан бастаан уол оҕолорбут өйдөрүн-санааларын буортулаан, ону-маны, саҥаны айа, айыыны оҥоро сатаан буолары буолбаты, куһаҕаны оҥороллоро элбээтэ, сыыһа-халты туттунан, быстах быһыыны, буруйу-сэмэни оҥорон, билигин уолаттарбыт 30 бырыһыаннара хаайыыга киирэллэригэр тыл үөрэхтээхтэрэ тириэртилэр.

Билигин бу атаахтатыы уонна сыыһа үөрэтии төһө эмэ хойутаан кыыс оҕолорбутугар тиийэн табаахтыыллара, арыгылыыллара, күүлэйдииллэрэ эмиэ эбиллэн иһэр. Оннооҕор бииргэ үөрэнэр оҕолорун кырбыырга, өлөрүүгэ кытта тиийэр буолан эрэллэр. Оҕолору үөрэтиибит маннык туругунан салгыы баран иһиитэ омукпут эстиитигэр чахчы тириэрдэр кыахтааҕыттан билиҥҥиттэн сэрэниэхпит, харыстаныахпыт, былыргы үөрэхпитин туһаныахпыт этэ.

Онон, атаах кыыс аймахтары, омугу эһэр аналланар. Ол иһин былыргы олохпут кэпсээнигэр Омоҕой Баай атаах кыыһа бэйэтигэр тиийинэн өлөр, кэлэр көлүөнэни хаалларбат, онтон көйгө кыыс элбэхтэ оҕолонон, үлэлээн-хамсаан аймахтары, омугу сайыннарар. Кэпсээн бу иитэр-үөрэтэр аналын таба өйдөөн олохпутугар туһаннахпытына эрэ омукпутун салгыы сайыннарар кыахтанарбытын таба өйдүөхпүт этэ.

Кыргыттары атаахтаппакка, кытаанах бэрээдэккэ тутан улаатыннарар омуктар сайдан иһэр, ахсааннара эбиллэр кыахтаахтар. Кыргыттары, дьахталлары көҥүллэринэн ыыппат мусульманнар сайдан, ахсааннара биллэрдик эбиллэн иһэллэр. Уһун үйэлээх саха омуга сэбиэскэй былаас өйү-санааны үлтү буккуйуор диэри эмиэ мусульманнар курдук кыргыттары хааччахтыыр миэрэлэри, үгэстэри туһаналлара. Билигин ырыынак кэмигэр урукку үгэстэрбитигэр төннөрбүт эрэйиллэр кэмэ кэллэ.

ОҔОНУ ИИТИИ УРАТЫЛАРА

Төрөппүт оҕото кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр хайдах быһыылаахтык көрөр-истэр даҕаны оҕотун өйө-санаата соннук уратылара үгэс буолан олохсуйан, иҥэн хаалаллар. Ол уратылар манныктар:

А/. Оҕону аһара көрөн-истэн бэлэмҥэ үөрэтэн кэбиһии.

Б/. Бэйэтин өйүн-санаатын сайыннаран биэрии.

Бу оҕону иитиигэ үөскүүр уратылары эр-биир ыламмыт арыычча дириҥник быһаарыахпыт:

А/. Оҕо иитиитигэр сахалар “Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр” диэн этиилэрин быһаччы туһаныы эрэйиллэр кэмэ кэллэ. Сэбиэскэй былаас барыта-бары бэлэм олоҕор үөрэнэн, өйөнөн хаалан уонна барыта оҕолор тустарыгар диэн сыыһа, албынныыр ыйыынан сирдэтинэн төрөппүттэр оҕолорун аһара бэлэмҥэ үөрэтиилэрэ, атаахтатыылара, аҥардастыы үөрэхтээх эрэ оҥоро сатааһыннара олохсуйбута. Хас да уон сыллар ааспыттарын кэннэ эдэрдэрбит ханнык да үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээбэт буолуулара сайдан билигин кэлии үлэһиттэр элбээтилэр, төрүт үлэбит-хамнаспыт тупсуутун, сайдыытын ситиһэрбит ыараата. Кэлиилэр кыайа-хото үлэлииллэриттэн, оҥорон таһаараллара элбэҕиттэн хайҕаналлара, үчүгэй аатыраллара элбээн иһэр.

Кэлин олохпут уларыйыыта билигин аһара баайдар үөскээһиннэригэр тириэрдибитэ элбэх ахсааннаах бары үлэһиттэр дьадайыыларын, кинилэргэ олох ыараабытын биллэрдэ. Олох ыарааһына бары-барыта тиийбэт буолуутун, үлэ-хамнас оҥоруута намтааһынын үөскэтэн оҕолор атаах буола иитиллэллэрин суох оҥорон, омук күүһүрэрин быһаччы үөскэтэр. Ол аата тулуурдаах, дьулуурдаах кэлэр көлүөнэлэр үөскээннэр күүскэ үлэлээн-хамсаан омугу сайыннарар кэмнэрэ тиийэн кэлэн иһэр.

Оҕо улаатан иһэн олох ыарахаттарын бэйэтэ билбэтэҕинэ, боруобалаан көрбөтөҕүнэ, ол туһунан билиитэ ситэтэ, олоҕо суох буоларын төрөппүттэр билиэ этилэр. Ол курдук ас-таҥас тиийбэтэ диэни букатын билбэккэ, бэйэтэ боруобалаан көрбөккө улааппыт аныгы оҕоҕо, ол туһунан эбэлэрин, эһэлэрин кэпсээннэрэ, тыал тыаһын курдук истиллэн баран сотору умнуллар. Ханнык баҕарар үөрэх киһи этин-сиинин быһаччы таарыйар буоллаҕына, буор куту үөскэттэҕинэ эрэ, хаһан да умнуллубат үөрэххэ кубулуйарын төрөппүттэр туһанар буолуо этилэр.

Кэлэр көлүөнэлэрин туһугар кыһанар, киһилии быһыылаах, өйдөөх-санаалаах буолуохтарын баҕарар төрөппүттэр оҕо кыра эрдэҕинэ аһара баран хааччыйар, аһара маанылыыр, көрөр-истэр, атаахтатар сыыһа суол буоларын билиэхтэрин сөп этэ.

Оҕо кыра эрдэҕинэ туга эмэтэ тиийбэтэҕинэ, суох буоллаҕына, улаатан иһэн олору булар, ситиһэр баҕа санааны үөскэтинэр. Дьадаҥы дьон оҕолоро олоххо ордук улахан ситиһиини оҥороллоро, үлэни-хамнаһы кыайаллара, ити туһалаах баҕа санаа үөскээһиниттэн быһаччы тутулуктаах. Ол аата оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута үөскүүр кэмигэр аһара хааччыллыбата, бэлэмҥэ үөрэммэтэ үчүгэйгэ, туһалааҕы оҥорууга тардыһар баҕа санааны үөскэтэрэ улаатан баран ситиһиини оҥороругар тириэрдэр. Үлэлии-хамсыы, оҥоро-тута үөрэнэн үчүгэй үгэстэри үөскэтинэрэ улахан туһаны аҕалыа этэ.

Оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ тугу барытын харыстыырга, дьулуурдаах, тулуурдаах буолуутугар үөрэтии туох эмэ тиийбэт буоларыттан ситиһэргэ ордук табыллар. Ол курдук килиэп тиийбэт буолуута аһылыгы ордук харыстыырга, кэмчилииргэ үөрэтэр күүһэ олус улаханын сэрии кэмигэр олорбут дьон билэллэр. Оннооҕор билигин, кырдьан да олорон килиэби, аһылыгы таах бырахпаттар, син-биир харыстыыллар, туһаҕа таһааран иһэллэр.

Таҥас тиийбэт, аҕыйах буолуута таҥаһы харыстыырга үөрэтэр күүһэ улахан. Кыра оҕо улаатан иһэн улахан оҕо таҥныбыт таҥаһын таҥнар буолуута оҕо көрүүтүн улаханнык чэпчэтэр, эдэр ыалга көмө буолар. Үс оҕо биир таҥаһы таҥнан улааталлар диэн этиини эдэрдэр туһаннахтарына оҕо таҥаһыгар санааргыыллара аҕыйыа этэ.

Оҕону төрөтүү, кыра эрдэҕинэ иитии ыал аһара байа, баайы-малы мунньуна иликтэринэ буоллаҕына, оҕо иитиитэ уустугурбат, оҕону маанылааһын, атаахтатыы бэйэтэ, олох көрдөбүлүнэн, кыаллыбатынан суох буолар кыахтанар. Туохтара барылара тиийбэт төрөппүттэр оҕолоро улаата охсон тугу эмэ үлэлээн туһаны оҥороругар баҕараллара ордук улаатар. «Оҕом улааттаҕына үлэһит буолуо, көмөлөһүө» диэн этэн үөрэтии, баҕа санааны тириэрдии үлэһит буолар кыаҕын улаатыннарар. Оҕо төрөппүттэрин ити улахан баҕа санааларын иҥэринэн улаатан, олору толорон, үлэһит киһи буола улаатар кыахтанар.

Олох тупсан иһиитэ бэйэмсэх буолууну аһара сайыннарда. Бэйэм эрэ үчүгэйдик, холкутук, баайдык-тоттук сылдьыым, бэйэбэр эрэ туох барыта баар, үчүгэй буоллун диэн санаа дьахталларбытыгар аһара барда. Дьахталлар бэйэлэрин үлэлэринэн карьера оҥостоллорунан диэн ааттаан эдэр эрдэхтэринэ үөрэҕи эккирэтэн, ыал буолбаттар, оҕо төрөппөттөр. Биир эмэ оҕону сааһыран баран, онтон-мантан булан оҕолоно сатыыллар эрээри, ыарытыган буолара элбэх, аны кыайан ииппэттэр, аһара көрөн-истэн, бэлэмҥэ үөрэтэн атаахтатан кэбиһэллэр. Барылара бары баар, дэлэй буолан аһара көрөн-истэн, маанылаан бэйэмсэх оҥороллор, атаахтаталлар.

Оҕо иитиитигэр олоххо буолар уларыйыылар, хайа эрэ төрөппүт суох буолуута улахан охсууну оҥорорун, өйүн-санаатын аҥар өттүгэр халытарын оҕолоругар үтүөнү баҕарар төрөппүттэр өйдүө, тутуһуо, бэйэлэрэ эмиэ оҕолорун туһугар кыһаналларын, тулуурдаахтарын биллэриэ этилэр.

Б/. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн биир тэҥник, сыыйа-баайа улаатан иһэллэригэр сөп түбэһиннэрэн, бэйэлэрин үтүө холобурдарынан үтүгүннэрэн, батыһыннаран, бэйэлэриттэн кыратык да ордук туппакка, аһара маанылаабакка, атаахтаппакка үөрэтэн иһэр көрсүө, сэмэй төрөппүттэр оҕо иитиититтэн өйө-санаата уларыйар уратыларын билбэккэ хаалыахтарын сөп. Ол аата оҕону кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ куруук, быһан, умнан кэбиспэккэ, тохтоппокко үөрэтэн истэххэ, оннук өй-санаа, үгэстэр иҥэннэр, олохсуйаннар, үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанар.

Оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэрин, олоҕор туһана үөрэнэрин үөскэтии төрөппүттэртэн ирдэнэр. Ол аата «Бу үчүгэй» маны элбэхтик оҥоруохха, онтон «Бу куһаҕан» маны оҥорумуохха диэн үөрэтии куруук баар буолуо этэ. Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэт оҕо «Үрүҥү, хараны араарбат” буола улаатара сыыһаны-халтыны оҥороругар олук буолуон сөп.

Саха дьоно “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн оҕону иитэргэ аналлаах үөрэхтэрин таба өйдөөн төрөппүттэр бары туһаныа этилэр. Ол курдук ханнык баҕарар саҥаны айыы, айыыны оҥоруу оҕо мэйиитигэр нейроннар саҥа холбоһуктарын үөскэтэр диэн медицинэ науката быһаарбыта. Онтон сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ саҥаны билии хаһан да умнуллубат гына иҥэр, ийэ куту үөскэтэр диэн ыйар. Ол иһин сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ оҕо саҥаны билиитэ сонно ийэ кутугар кубулуйан, хаһан да умнуллубат буола иҥэр, олохсуйар диэн быһаарар. Билигин өй-санаа сайдан туһалаах саҥаны айыы, оҥоруу диэн олус аҕыйаата, арай куһаҕаны айыы, олору оҥоруу эрэ элбээн иһэр. Ол иһин саҥаны айыыттан, ордук оҕо саҥаны айарыттан, айыыны оҥороруттан киһи быһыылаах дьон чахчы сэрэниэ этилэр. «Айыыны оҥорума» диэн үөрэх оҕону харыстыырга, сыыһа-халты туттарыттан сэрэтэргэ аналлаах. Оҕо олоххо туһалаах, уһун үйэлээх саҥаны айыаҕа диэн санаа бэйэни албыннаныы буоларын төрөппүттэр, олоххо билбит-көрбүт уопуттарынан туһанан билиэхтэрин сөп этэ.

Атын киһи дьайан эбэтэр оҕо бэйэтэ булан, куһаҕан дьону үтүктэн куһаҕаны оҥорорун тохтоппотоххо, онто үгэс буолан иҥэн хааллаҕына, ол кэнниттэн көннөрүү, үчүгэй быһыыга хаттаан үөрэтии эрэйдэнэн, уһаан хаалар кыахтанар. Ол курдук аан бастаан үөскээбит куһаҕан үгэһин хайдах эрэ умуннаран, хаалларан баран, атын саҥа, үчүгэй үгэһи үөскэтэн иҥэрии эрэ, оҕо быһыытын көннөрөрө кыаллар. Кыра эрдэҕинэ куһаҕан үгэстэргэ иитэн, үөрэтэн кэбиһэн баран көннөрө сатаан «Трудные подростки» диэн оҕолорго кубулутарбытын билиэ этибит. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии, үөрэтии олус эппиэттээх дьыала буоларын, оҕо төрүт өйө-санаата үөскүүрүн, олохсуйарын таба өйдөөн төрөппүттэр туһаныахтара этэ. Былыргылар ону билэн оҕону “Хара харахтаахха көрдөрбөккө” иитэллэрэ, бэйэлэрэ эрэ олохторун уопутунан үөрэтэллэрэ, улаатыннараллара хантан да халлаантан ылыы буолбатах, олох тутаах көрдөбүлэ буоларын билигин ырыынак кэмэ кэлбитинэн туһаныа этибит.

Онон ыаллар оҕону иитиигэ баайдарынан өҥнүбэккэ, аһара маанылаабакка, бэлэминэн хааччыйбакка улаатыннараллара олох тутаах көрдөбүлэ, оҕо өйө-санаата сайдыы, үлэ-хамнас, харыстааһын, аһыныгас буолуу диэки салаллыылаах буола улаатарыгар тириэрдэр суол буоларын төрөппүттэр өйдүө этилэр.

УҺУЙУУ

Сахаларга баар «Уһуйуу» диэн өйдөбүл киһи кут¬тарыгар сыһыаннаах өйдөбүл буолар. Ол курдук ойууннар үөрэх¬тэрин биир көстүүтүнэн киһи кутун уһуйуу буолар. Кыахтаах, улахан ойууннар киһи куттарын тус-туспа ылан ытыстарыгар уура сыл¬дьаллара кэпсэнэр. Ити ылбыт куттарын кинилэр кимиэхэ баҕарар иҥэрэн биэрэр кыахтаахтарын ким да саарбаҕалаабат.

Сахалыы үөрэххэ уһуйуу диэн туспа көрүҥүнэн ааҕыллар. Бу үөрэнии көрүҥэ кут-сүр үөрэҕэр киирсэр. Ол иһин бу үөрэх хайдах сайдан иһэрэ са¬халар кут-сүр үөрэхтэринэн сөптөөхтүк быһаарыллар. Уһуйан үөрэтии диэн көрүҥҥэ улахан уустары уонна ойууннары үөрэтии киирсэр. Уус¬тары уонна ойууннары уһуйан үөрэтиилэр тус-туспа көрүҥнээхтик ба¬раллара бэлиэтэнэр. Ол курдук ууска үөрэнии оҕо кыра эрдэҕиттэн идэтин лаппа баһылыар диэри олус өр кэмҥэ ыытыллар. Онтон эдэр ойууну кырдьаҕас ойуун уһаатаҕына үс сыл иһинэн уһуйан, үөрэтэн кэбиһэрэ биллэр.

Ууска үөрэтии, киһи илиитинэн тутан-хабан үлэлииригэр, оҥорору¬гар үөрэтии буолан, эти-сиини үөрүйэх оҥорон, буор куту үөскэтииттэн тутулуктаах. Ол иһин олус өр кэмҥэ оҥоруллара быһаарыллар. Итини тэҥэ буор кут көлүөнэттэн көлүөнэҕэ эти-сиини кытта бэриллэн иһэрэ чуолкайданар, “Уус оҕото уус буолар” диэн этии баар. Ол аата, уус киһи тугу оҥорорго үөрэниитэ барыта элбэхтэ хос-хос хатылаан хам¬санан эти-сиини эрчийэн, үгэскэ кубулуйан, үөрүйэх оҥорон кини буор кутун өйүгэр-санаатыгар иҥнэҕинэ эрэ идэтин дьиҥнээхтик баһылыыр. Ити иһин уус буоларга үөрэнии эт-сиин тутулуттан улахан тутулуктаах уонна олус уһун бириэмэни ыларын тэҥэ, буор куту үөскэтэринэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр кыахтанар.

Ойуун үөрэҕэр уһуйуу киһи ийэ кутун таһымыгар барар буолан олус уһун кэмҥэ буолбат эбит. Уһуйуу аһара уһун кэмҥэ буолбатын кырдьаҕастар эмиэ бэлиэтииллэр. “Бэлэһигэр силлэппит” диэн этэллэр. Силлээн биэрии аһара уһаабатынан уһуйуу уһуннук барбата быһаарыллар. Арай уһуйууну барыахтаах эдэр киһи онно сөп түбэһэр ураты талааннаах, өйө-санаата сөп түбэһэр уратылаах буолара эрэйиллэр.

Улахан уоппуттаах элбэҕи билбит-көрбүт кырдьаҕас ойуун киһи бэйэтин үөрэҕин эдэр үүнэн иһэр киһиэхэ биэ¬риитин, кинини бэйэтин идэтигэр үөрэтиитин уһуйуу көмөтүнэн оҥо¬рор. Эдэр ойууҥҥа кырдьаҕас ойуун бэйэтин үөрэҕин кытта араас абааһыларын уонна үөрдэрин кытта биэрэр. Итини тэҥэ кырдьаҕас ойуун араас абааһылар сылдьар аартыктарын эдэр ойууҥҥа арыйан биэ¬рэн, итилэргэ киирэн биэрбэтигэр үөрэтэр. Ити иһин уһуйууну барбатах киһи кыайан ойуун буолбат дииллэр.

Кэнники кэмҥэ үөрэхтээхтэр киһи мэйиитэ компьютер курдук үлэ-лиирин быһааран эрэллэр. Компьютер өйүгэр төһө элбэх билиини-көрүүнү, информацияны киллэрэр кыахтаах даҕаны оччонон үлэлиир, толкуйдуур дьоҕура элбэх буолан тахсар. Бэлэм оҥоруллубут программалары компьютер өйүгэр хаалаан биэрии эмиэ оҥоруллар. Маннык тэҥнэбили оҥордохпутуна, уһуйуу диэн киһи мэйиитигэр бэлэм үөрэҕи, ийэ куту кытта киллэрэн биэрииттэн тутулуктаах өйдөбүл буолуон сөптөөх. Ойуун бэйэтин кистэлэҥнэригэр үөрэтиитэ уһуйуу диэн ааттанар. Кырдьаҕас ойуун эдэр ойууҥҥа бары сылдьар аартыктарын арыйар. (12,48).

Киһини үөрэххэ, билиигэ-көрүүгэ уһуйуу диэн өйдөбүл киһи кутта-рын кытта сибээстээх. Бу өйдөбүл киһи куттара, өйдөрө-санаалара тус-туспа буолалларыттан үөскээн тахсар уонна итилэр атын күүс көмөтүнэн ханна баҕарар салаллыахтарын сөбө дакаастанар. Ойуун атын омук киһитин кутугар киирдэҕинэ, бэйэтэ ол омук тылын билбэт да буоллаҕына, омук киһитин курдук саҥаран барар. (12,130).

Салгын кукка ким эмэ кута түстэҕинэ, киһи, ол түспүт кут майгынын ылар, билиитин иҥэрэр, интэриэһин тутуһар. (13,128).

Ойуун кута-сүрэ ойуун үөскүүр Орук маһыгар иитиллэр. Ойуун буо¬лар киһи төрөөбүтүн кэннэ кута онно баран иитиллэр. Ити кэмҥэ кини кута тэйэр. Ол иһин иирэр, бутуллар, буккуллар. Бу маска уйа баар буо¬лар. Кут онно баран сытар. Онтон тахсыбат. Кут, киһи ойуун буол¬лаҕына, ол киһи өлөрүгэр биирдэ тахсар. Ойууттар уһуттарбакка эрэ ойуун буолаллар да, билиитэ-көрүүтэ суох ойуун уонна уһун үйэтэ суох буолаллар. Уһуттарбакка кыырбыт ойуун абааһыттан сыыһа-алҕас түбэһэн өлүөхтээх, быһа кымньыылаттаран. (14,38).

Ити быһаарыылары барыларын түмнэхпитинэ ойуун буоларга уһуйуу диэн кырдьаҕас ойуун бэйэтин билиитин-көрүүтүн, өйүн-санаатын эдэр ойууҥҥа көһөрөн биэриитин аата буолар. Былыргы кэмҥэ сахаларга кыах¬таах ойууннара киһи куттарын туспа араартаан ылалларын бэлиэтиил¬лэр. Итинтэн сиэттэрэн биһиги быһаарыыбытынан кырдьаҕас ойуун эдэр ойууҥҥа бэйэтин өйүн-санаатын, ийэ кутун көһөрөн биэриитэ ойуун идэтигэр уһуйуу диэн ааттанар.

Урукку кэмҥэ, ыраахтааҕы баарын саҕана хас да улууска биир эмэ улахан кыахтаах ойуун баар буолара бэлиэтэммит.

Кырдьаҕас ойуун өлөрө чугаһаатаҕына уһуйуллуон сөптөөх өйдөөх-санаалаах, ураты талааннаах эдэр киһини көрдөөн булар. Эдэр, бары өттүнэн сөп түбэһэр киһини булан ойуун бэйэтэ көрөн-истэн, идэтигэр уһуйан үөрэтэр.

Уһуйуллуон сөптөөх өйдөөх-санаалаах киһи биир эмэ буолар эбит. Онон уһуйуллан үөрэнии диэн букатын тарҕамматах, үйэҕэ биирдэ эмэтэ буо¬лар, улахан ойууннары иитэр ураты суол. Ойуун бары билиитин-көрүүтүн ийэ кутун өйүгэр-са¬наатыгар киирдэҕинэ билэр-көрөр. Ол аата, ойуун буолар киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар түргэнник киирэр уонна тахсар кыахтаах киһи буолуон сөп.

Онон ийэ кут иитиллиитэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыыга эмиэ сөп түбэһэр. Дьон барыта кэриэтэ ийэ куттара төрөппүттэрин көмөтүнэн иитиллэн, этин-сиинин хамсатан үөскүүр буоллаҕына, биир эмэ ураты талааннаах, өйө-санаата уратылаах киһи ийэ кута уһуйуу көмөтүнэн түргэнник иитиллэр кыахтаах эбит. Өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ үгүс дьоҥҥо аналланалларынан, киһилэр өйдөрүн-санааларын үөрэтэринэн оҕо ийэ кутун иитиини төрөппүттэрин үтүктэн, киһи быһыытын тутуһан ыытылларын ирдииллэрэ ордук буолуо.

МАНЬЯК

Олох сайдан, тупсан иһиитэ аҥардастыы үчүгэйи эрэ оҥорууну элбэппэтин, куһаҕаны оҥорууну эмиэ үөскэтэллэрин уонна олор эмиэ сайдан, күүһүрэн, эбиллэн иһэллэрин биллэрэр. Олох сайдан иһиититтэн саҥа өйдөбүллэр уонна тыллар үөскээн олоххо киирэн иһэллэрэ эбиллэр.

Куһаҕаны оҥорор дьоммут аҕыйаан, суох буолан иһэллэрин оннугар элбээн, туспа дьон бөлөхтөрүн үөскэтэн иһэллэрин бэлиэтээн “маньяк” диэн өй-санаа буккуллуутун биллэрэр тылга саҥа, эбии тылы булан сыһыаран саҥа тылы үөскэтэн туһанан иһэбит. Ол курдук 20-с үйэҕэ наркомания тарҕаммыт буоллаҕына, саҥа үйэҕэ саҥа тыл – лудомания диэн киэҥник туттуллан эрэр. Кэлин кэмҥэ араас элбэх маньяктар үөскээн элбээн иһэллэрин бэлиэтинэн араас оонньууга ылларыыбыт аны саҥалыы лудомания диэн ааттанар буолла.

Аан маҥнай киһини өлөрөн баран тутуллан эппиэккэ тардыллыбатах киһи муунтуйбут, ыгыллыбыт санаата дуоһуйарын ситиһээри хатылаан, өссө киһини өлөрүүнү оҥорор кыахтанарын кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Хас да киһини өлөрүү маньяк буолууга тириэрдэр. Ол эрээри биир да киһини өлөрбүт уонна тутуллан эппиэккэ тардыллыбатах киһи маньяк буолар кыахтаныан сөп. Ол барыта ийэ кута хайдах иитиллибититтэн быһаччы тутулуктааҕын биһиги дакаастыыбыт.

Киһини өлөрүү аһара, олус улахан долгуйууну, санаа хамсааһынын, ыгыллыытын үөскэтэринэн, атаах буола иитиллэн бэйэтин баҕа санаатын кыайан тохтотуммат, туттуммат киһи, өссө боруобалаары, хатылаан оҥоруон сөп.

Киһи олоҕор ханнык эрэ баҕа санаалаах, тугу эмэ ситиһэ сатыыр буолара хайаан да наада. Ол эрээри бу баҕа санаабыт «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэн үчүгэй, туһалаах эбэтэр куһаҕан, буортулаах диэн икки аҥы арахсалларын билиэхпит, үчүгэйин, дьоҥҥо туһалааҕын эрэ талан ылан оҥоро сатыахпыт этэ.

Куһаҕан быһыылаах, оннук быһыылары хос-хос хатылаан оҥорор киһини билигин маньяк диэн ааттыыллар. Бу тыл үгүстүк куһаҕаны бэлиэтииргэ туттуллар эрээри, биир эмэ үчүгэйи оҥоро сатыыра, хос-хос хатылыыра элбэхтик табыллыбат киһини «маньяк курдук» диэн этэн кэбиһиэхпитин сөп.

Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ киһи өйө-санаата сайдыытын олус табатык быһаарара медицинэ науката мэйиини үөрэтиитин кытта сөп түбэһэрэ биллэрэр. Ол курдук саҥаны айыы, урут оҥорботоҕу оҥоруу киһиэхэ олус күүскэ иҥэр, саҥа үгэһи, ийэ куту үөскэтэр диэн сахалар үөрэхтэрэ этэр. Онтон сайдыбыт медицинэ үөрэҕэ саҥаны билии мэйиигэ саҥа нейроннар холбоһууларын үөскэтэрин уонна ол холбоһуулар өр кэмҥэ уларыйбаттарын дакаастаабыта.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыга сөп түбэһэн үгэс үөскээһинэ эмиэ икки өрүттээх. Ол курдук үгэһи киһи олус өр кэмҥэ биир быһыыны элбэхтик хос-хос хатылаан иҥэринэр буоллаҕына, олус ынырыгы, ыары, куттаабыты биирдэ да көрүү кэнниттэн киһи түүлүгэр киирэн көстөрүнэн, олус куһаҕан быһыы үгэһи соҕотохто, биирдэ биллээт-көстөөт даҕаны үөскэтэрэ быһаарыллар.

Оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ туох саҥаны билбитэ барыта үгэс буолан, ийэ кутун үөскэтэн, өйүгэр-санаатыгар ууруллан иһэр уратылааҕын төрөппүттэр таба өйдөөн оҕолорун иитиигэ хайаан да туһаныа этилэр. Ол курдук бу кэмҥэ үчүгэй эрэ быһыылары оҥороругар үөрэтэн, үчүгэй үгэстэри үөскэтэн, үчүгэй быһыылаах киһи оҥорор кыахтаахтарын туһаныахтара этэ.

Оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар бу быһыы куһаҕан, маны оҥорума диэн үгэс кыра эрдэҕиттэн иҥэриллибэтэх буоллаҕына, саҥа киирэр, билэр быһыытын, олус уратытын, өйгө-санааҕа хамсааһыны оҥорорун иһин соҕотохто, хаһан да умнубат буола өйдөөн хаалыан, үгэс оҥостунан кэбиһиэн сөп.

Олоххо сахалар кут-сүр, киһи буолуу үөрэхтэрин тутуһуу, куһаҕан быһыылары, айыыны, киһи оҥорботун оҥорума диэн үөрэх оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар иҥэриллэн уурулуннаҕына, оҕо улаатан баран сыыһа-халты туттунара аҕыйыырыгар тириэрдэр кыахтаах. Оҕоҕо ийэ кута үөскээһинин уратыларын хас биирдии төрөппүт билэн олоххо туһанара, кэлэр көлүөнэлэрэ өйө-санаата туруктаах, араас манияларга ылларбат, ол аата туруктаах өйдөөх-санаалаах буолууларыгар тириэрдиэ этэ.

Маньяктар хаһан баҕарар баар буолуохтарын сөп. Сэбиэскэй былаас кэмигэр ыгыы-хаайыы күүһүнэн дьон өйө-санаата тупсуута, куһаҕан быһыылары оҥоруулара төһө да аҕыйаабытын иһин биирдиилээн элбэх киһини өлөрөөччүлэр син-биир баар этилэр. Ол курдук Чикатило диэн киһи 53 өлөрүүнү оҥорбут буоллаҕына Москваҕа Сергей Головкин, “Фишер” диэн хос ааттаммыт киһи 11 эдэр оҕолору өлөрөн тутуллан ытыллыбыта.

“Фишер” Рублевкаҕа Борис Ельцин даачатыттан чугас гаражка аналлаах подвал оҥорон баран оҕолору албыннаан, табаахтатан подвалыгар аҕалан өр кэмҥэ араастаан накаастаан, эрэйдээн өлөрөр эбит. Өлүктэрин чугастааҕы тыаҕа быраҕаттаан кэбиспитин 1984 сыллаахтан ыла булан, өр көрдөөн, тутан 1996 сыллаахха сууттанан ытыллыбыта. (15).

Маньяк диэн тылы билигин бары сөбүлээбэппит. Хантан кэлэн, кимтэн төрөөн-үөскээн маньяктар баар буолалларын наука өссө үөрэтэ илик. Арай бу тыл сахалыы өйдөбүлүн, ийэ кута куһаҕаннык иитиллибит, куһаҕан быһыылаах киһи диэн быһаарылларын таба өйдөөн олоххо туһаныахха сөп. Сахалыы өй-санаа, таҥара үөрэҕэ иитиллии диэн оҕоҕо ийэ кут өйө-санаата үөскээһинин быһаарарын туһанан оҕолору киһи быһыылаах буолууга ииттэххэ, үөрэттэххэ маньяктар аҕыйыа этилэр.

Өй-санаа үөрэҕин төрүтүн билбэппититтэн санаабытыгар салгын куппутунан, үөрэммиппитинэн, билиибитинэн туһанан олохпутун олоруохпут диэн сыыһа саныыбыт. Киһи олоҕор биирдэ эмэтэ да буоллар итирэр, өйө баайыллар, өйө көтөр кэмэ тиийэн кэлиэн сөбүн умнумуохпутун сөп этэ. Бу түргэнник кэлэн ааһар кэмҥэ сыыһа-халты туттубатах киһи киһи быһыытын аһара барбакка, буруйу-сэмэни оҥорбокко олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар. Ол аата киһи олоҕор өйө-санаата туруктаах, быстах быһыыга киирэн биэрбэт буолуута ордук улахан суолталанан тахсарын билиэ этибит.

Онон ийэ кутун иитиитэ табыллыбатах, куһаҕаннык, атаахтык иитиллибит оҕо улааттаҕына сыыһа-халты туттунуулары оҥорор кыахтанан хаалара улаатар. Бэйэтин быстах баҕа санаатын кыайан туттуммат, тохтотуммат буола улааппыта маньяк буолуу диэки салайыан сөбүн төрөппүттэр билэн оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй, киһилии быһыылары оҥорууга иитиэхтэрэ этэ.

АБААҺЫТА КИИРБИТ

Куһаҕан, киһилии быһыыга сөп түбэспэт өй-санаа абааһы диэн ааттанар. Былыргы кэмнэргэ туох баар куһаҕаны барытын абааһылар оҥороллорун курдук өйдүүллэрэ, ылыналлара уонна киһи куһаҕан быһыыны оҥордоҕуна ханнык эрэ абааһы киирэн оҥотторорун курдук быһаара сатыыллара. Биирдэ эмэтэ да буоллар куһаҕан санаатыгар оҕустаран куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһэр киһини “абааһыта киирбит” диэн этэллэрэ.

Киһи өйө-санаата икки аҥытын, ийэ уонна салгын кут диэн арахсалларын, үчүгэй уонна куһаҕан санаалар мунньустуулара баарын “абааһыта киирбит” диэн өйдөбүл дьоҥҥо баара табатык быһаарар. Ол курдук киһи илэ өйүнэн, салгын кутунан салаллан сырыттаҕына, ийэ кутугар ханнык санаалар, үгэстэр ууруллан сылдьалларыгар кыһаммакка, билбэккэ эрэ сылдьар. Ол эрээри киһи олоххо түбэһэ түһэр араас уустук балаһыанньаҕа түбэһэн буккулуннаҕына, ыксаатаҕына, ыгылыннаҕына, ыга кыыһырдаҕына, итирдэҕинэ “өйө баайылларыттан” салгын кута көтөн, ийэ кутун салайыытыгар киирэн ылар кэмнэрэ биирдэ эмэтэ да буоллар тиийэн кэлиэхтэрин сөп. Бу түргэнник киирэн ааһар кэмҥэ кини хайдах быһыыланара, тугу оҥоро охсоро кыра эрдэҕинэ ийэ кута хайдах иитиллибититтэн быһаччы тутулуктанар. Ийэ кута куһаҕаннык, атаахтык иитиллибит, куһаҕан майгы үгэс буолан иҥмит буоллаҕына, ханнык баҕарар баҕа санаатын толоттороору ытаан, сарылаан, охсуоланан барыан, сыыһа-халты туттунуон сөп.

Сахалыы кут-сүр үөрэҕин билбэттэриттэн кыраттан, санаата туолбатаҕыттан ииримтийэн, киһилии быһыытын сүтэрэр киһини православнай итэҕэлгэ “абааһы киирбит” диэн ааҕаллар. Атын, хантан эрэ кэлэн абааһы киирэрин, моһуоктуурун туһунан этэллэр. “Абааһыта киирбит” диэн өйдөбүл нууччалар “абааһы киирбит” диэн этиилэринээҕэр ураты өйдөбүллээх. Ол курдук “абааһыта киирбит” диэн этии киһи бэйэтин куһаҕан санаалара абааһы буолан биллэллэрин чуолкайдыыр.

Былыргы ыарахан олох оҕону кыра эрдэҕиттэн, ийэ кута иитиллэр кэмиттэн ыла тулуурдаах, өһөс буола улаатыннарарыттан, ыарахаттары тулуйа үөрэнэриттэн өйө-санаата туруктаах, бөҕө буола улаатар этэ. Билигин олох тупсубутунан, көммүтүнэн сибээстээн атаах буола иитиллэр оҕолор элбээһиннэриттэн “абааһыта киирбит” оҕолоро эмиэ баар буоллулар.

Аҥардас дьахтар аһара атаахтатан ииппит уол оҕото оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан атын оҕолору кытта кыайан тапсыбакка, туораттылар диэн бэйэтигэр тиийиниитэ өйө-санаата тулуура, туруга, олоххо дьулуура суох буола улааппытын биллэрэр.

Аһара кыыһырыы, ыгыллыы, арыгы иһиитэ сорох киһини сиэри таһынан быһыыланарыгар тириэрдэрин, бу кэмҥэ өйө баайыллан, салгын кута көтөн хаалбытын кэннэ, ийэ кута баһылаан салайарын, ийэ кута тулуурдаах, өһөс буолууга иитиллибэтэх буоллаҕына, бэйэтин олох кыанан туттубата, билигин эдэрдэрбитигэр биллэн эрэр. Арыгы истэллэр, итирдэллэр эрэ аһара барыыны, аһара туттунууну оҥоро охсон кэбиһээччилэр, буруйу-сэмэни оҥорон хаайыыга түбэһээччилэр элбээтилэр.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ кыра аайы бэйэтин кыайан туттубакка хаһыытаан, сарылаан, ыстаҥалаан барар киһи ийэ кута кыайан тулуурдаах буолууга, бэйэни туттунууга иитиллибэтэх диэн быһаарарын таба өйдөөн туһаныа этибит. Өй-санаа аһара баран сайдыыта киһи куһаҕан кэмэлдьилэрэ, өһүөн, иэстэбил эмиэ улааталларыгар тириэрдэрэ аныгы олох уустуктарын үөскэтэр.

Христианскай православнай таҥара дьиэтэ хас биирдии киһиэхэ аанньала уонна кыракый абааһыта бииргэ сылдьалларын, ол аата киһи үчүгэйи кытта куһаҕан санаалара эмиэ холбуу баалларын билинэр. Киһи оҥорор быһыыларын бэйэтэ талан ылыы көмөтүнэн туһанан оҥорор кыахтаах. Ол курдук үчүгэйи оҥоруон баҕардаҕына, чугас киһитигэр көмөлөһүөн эбэтэр куһаҕан санаата киирдэҕинэ, көмөлөһүмүөн сөбө хаһан да хаалан хаалбат. Киһиэхэ абааһы киирдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥоруон сөп диэн православнай таҥара үөрэҕэ билинэр. (15,78).

Православнай таҥара үөрэҕэр абааһыны үүрүү диэн туом эмиэ толоруллар. Воронежскай уобаласка сааһырбыт төрөппүттэр кыыстарыгар киирбит абааһыны үүрээри кыыстарын өлөрөн кэбиспиттэр. Икки оҕолоох кыыстара кинилэргэ куораттан ыалдьыттыы тахсыбыт уонна кулҕаахпар тыас тыаһыыр диэн эппит. Ону баара кырдьаҕастар кыыспытыгар абааһы киирбит, ону үүрэн оҕобутун быыһыахха наада диэн “үтүө санааларыттан” кыыстарын кэлгийэн баран элбэх сибэтиэй ууну иһэрдэн тумнаһыннаран кэбиспиттэр.

Ийэ кут өйө-санаата киһи көннөрү сырыттаҕына бэйэтигэр биллибэтинэн саха ойууннара киһиэхэ абааһы киирбитин кыырыыны туһанан, ийэ кут өйүгэр-санаатыгар киирэн, ол көмөтүнэн таһаараллара элбэх кэпсээннэргэ суруллубуттар.

Кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарын киһилии быһыыга, тулуурдаах буолууга ииппэккэ, хаалларын, аһардан кэбиспит төрөппүттэр оҕолоро этэр тылларын истибэттэриттэн, тугу барытын талбыттарынан оҥороллоруттан, араас олоххо туһата суох, куһаҕан саҥаны айыылары оҥоро сатыылларыттан улаатан истэхтэринэ олус диэн хомойоллор. Ону тэҥэ туттунар күүһэ суох буола улааппыт оҕо ханнык баҕарар быһыыны аһара баран оҥороруттан куһаҕан быһыыны элбэтэр кыахтанарын таба өйдөөн, оҕо ийэ кутун үчүгэй быһыыга иитиини, “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи төрөппүттэр туһаныа этилэр.

Сыыһа иитиллэн, туттунар күүһэ суох буола улааппыт оҕону улаатан истэҕинэ көннөрө сатааһын утарсыыны, истибэт буолууну ордук улаатыннарыан, «Трудный подросток» диэҥҥэ кубулутуон сөп. «Итэҕэстээҕи иинин буора эрэ көннөрөр» диэн этии ийэ кута сыыһа иитиллэн хаалбыт оҕону көннөрөн үөрэтии олус уустугун, эрэйдээҕин, кыайан көнүмүөн да сөбүн биллэрэр. Улааппыт оҕо бэйэтин өйө-санаата киирэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ үөрэннэҕинэ, элбэхтэ эрэйдэнэн, олох үөрэҕин билэн сыыһа санаатын бэйэтэ көннөрүнүөн сөп. Ол эрээри маннык үөрэх олус уһун кэми ыларынан «Отох киһи отутугар биирдэ өйдөнөр» диэн этиигэ сөп түбэһэр кыахтанар.

Өй-санаа тутулуктарын, киһи өйө көппүт, өйө баайыллыбыт кэмигэр ийэ кута баһылаан салайарын билбэт араас үөрэхтээхтэр, бэйэлэрин аһара үчүгэйбит диэн сананалларыттан, киһи бэйэтэ, салгын кутунан, өйүнэн-санаатынан салаллан оҥорбот куһаҕан быһыыларын оҥордоҕуна, ханнык эрэ абааһы киирэн оҥотторорун курдук саныахтарын сөп. Былыргылар киһи үөйбэтэҕин-ахтыбатаҕын оҥорор киһиттэн, ол абааһытын үүрэн таһаардахха өйө-санаата ырааһырар диэн саныыллар эбит. Абааһыттан ыраастаныыга хас да ньымалары оччолорго тутталлар этэ:

1. Эккэ-сииҥҥэ ыарыыны оҥоруу. Абааһыттан ыраастаныыга ордук элбэхтик кэлгийэн баран таһыйыыны туһаныыны сөбүлүүллэр эбит. Ол барыта эккэ-сииҥҥэ ыарыыны биллэрии өй-санаа көнүүтүн, тосту уларыйыытын үөскэтэрин туһаналлар эбит.

2. Соһутууну туһаныы. Эмискэ хаһыытаатахха эбэтэр туох эмэ тыаһыттан киһи улаханнык соһуйдаҕына куһаҕан санаата көтөрүн эмиэ туһаналлар этэ.

Эт-сиин ыарыыны билэриттэн өй-санаа уларыйара түргэтиир. Эт-сиин ыарыы үөскээбэтигэр кыһанарыттан сыыһа хамсаныылары оҥорбокко үөрэнэр. Өйү-санааны көннөрүүгэ ыарыыны биллэрии ньымалара аҕалар туһаларынан эккэ-сииҥҥэ ыарыыны үөскэтии куһаҕан майгы олохсуйбутун суох оҥорор эбиттэр.

Кыра эрдэхтэринэ, ийэ куттара иитиллэр кэмигэр атаахтаан, ытаан, сарылаан туран тугу баҕарбыттарын барытын төрөппүттэринэн толотторор оҕолор бэйэлэрин араас баҕаларын кыайан туттунан тохтотуммат буола улааталларыттан, кыыһырдахтарына, ыгылыннах-тарына, арыгы истэхтэринэ букатын “абааһы киирбитин” курдук куһаҕаннык быһыыланаллара элбэх буолуон сөп. Тулуура, өһөс майгына суох киһи “өйө баайыллара”, “өйө көтөрө” элбээн хааларыттан сыыһа-халты туттунара, куһаҕан, сиэрэ суох быһыыны оҥороро эмиэ элбиэн сөп.

Ийэ кут өйүттэн-санаатыттан киирэр өйдөбүллэри киһи бэйэтин салгын кутунан кыайан салайбатыттан, ханнык эрэ куһаҕан, атын, абааһы киирбитин курдук сананарыттан ити, “абааһы киирэрин” туһунан өйдөбүл дьоҥҥо үөскээбит. Оҕо ийэ кутун үчүгэй быһыыларга иитиини төрөппүттэр аһаран, кэмигэр ииппэккэ хаалларан кэбистэхтэринэ, улаатан баран атын дьон куһаҕан санааларыгар киирэн биэримтиэ, өс киирбэх буолан хаалыан сөп. Ол аата ийэ кута иитиллибэккэ хаалбыт киһиэхэ араас куһаҕан майгылар түргэнник иҥэллэрин, дьайыылара улахан буоларын быһаарар.

Аныгы психология науката оҕо ийэ кута иитиллэрин уонна киһи өйө-санаата икки аҥыларын арааран билбэтиттэн киһиэхэ “абааһы киириитэ” диэн этиини табан быһаарбаттар, төбө ыарыыларын; таарымтаны, мэнэриги кытта холбуу буккуйаллар, кыайан эмтээбэттэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах, өһөс буолуутун сайыннарыы, аһара туттубат, көрсүө, сэмэй майгылаах, үчүгэй үгэстэрдээх буолуутугар тириэрдэринэн, өйө-санаата туруктаах буолуутун үөскэтэрин ситэ билэ иликтэр.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн улахан киһи этэрин истэрэ, сыыһаны оҥорума диэн улахан киһи эттэҕинэ бэйэтин тохтотунара хайаан да ирдэнэр. Манна араас биллэр ньымалары туттуохха сөп. Аан бастаан аралдьытыы, саататыы, “Тохтуу түс”, “Кэтэс” – диэн олордо, уоскута түһүү, муннукка да туруоруу баар буолуон сөп. Аһара барар оҕону чыпчархайдаан тохтотууну былыргы сахалар туһанар этилэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ бэрээдэккэ, аһара барбат буолууга үөрэтэр, улааппытын кэннэ үөрэтэ, этэ сатыырдааҕар быдан судургу, чэпчэки уонна ийэ кутун үөскэтэринэн туһата лаппа улаатар.

Онон төрөппүттэр оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитиини кытаатыннаран, тупсаран биэрэллэрин сахалар таҥараларын үөрэҕэ ирдиир. Оҕо ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорууга иитиллибит, туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улааттаҕына, тулуура, өсөһө элбээтэҕинэ, көрсүө, сэмэй майгыланнаҕына, төрөппүттэрин бары баҕа санааларын улааттаҕына толоруон сөп.

КОМПЬЮТЕР БУОРТУТА

Аан дойду олоҕор аҥардастыы үчүгэй диэн туох да суох, куһаҕан син-биир ханна эрэ баар, сырдык, чаҕыл күммүт кэнниттэн хараҥа, тымныы түүн саба халыйан тиийэн кэлэр. Сылааһынан угуттуур самаан сайыммыт кэнниттэн кырыалаах, тымныы кыһыммыт эргийэн кэлэн иһэр. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии чахчы сир үрдүгэр баар туохха барытыгар сөп түбэһэр уонна бу өрүттэр солбуйсан биэрэллэрин быһаарар.

Бары улахан дьон үлэҕэ, үөрэххэ туһанар, онто суох табыллыбат буолбут компьютердара араас уустук оонньуулары оонньуурунан оҕолор ордук сөбүлүүллэр. Билигин оҕолор оонньуулларыгар аналлаах туспа, ураты кыахтаах компьютердары анаан-минээн оҥорор буоллулар.

Компьютер улахан дьон үлэлэригэр, үөрэхтэригэр чахчы көмөлөһөр буолан бары үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах саҥаны айыы курдук саныыбыт. Ол да буоллар олох сайдан иннин диэки баран сыҕарыйан истэҕинэ, компьютер олус улахан куһаҕаннааҕын, оҕону иитиигэ улахан буортулааҕын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ арыйан дьоҥҥо тириэрдэр. Ол барыта оҕо кыра эрдэҕинэ тугу саҥаны көрбүтэ-билбитэ ийэ кутугар үгэс буолан ууруллан иһэригэр олоҕурар. Итини тэҥэ компьютеры олоххо туһаныы саҥаны айыы кэнниттэн куһаҕана, буортулааҕа кэлин биллэн тахсыбытынан саҥалыы сыаналанара ирдэнэр. Сахалар “Айыы диэмэ”, «Айыыны оҥорума» диэн үөрэхтэрин оҕолору үөрэтиигэ туһанаммыт айыыны өссө оҥоруохтарын инниттэн сэрэхтээх буолууларын үөскэтэн, сыыһа-халты туттуналларын аҕыйатыахпыт этэ.

Компьютер оҕо өйүн-санаатын буорту оҥорорун, куһаҕан үгэстэри иҥэрэн кэбиһэрин арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр арыйан туһана иликтэр. Компьютер оонньууларыттан оҕолор ыарыы буолаллар диэн этиини Кытайга уонна Кореяҕа туһана сылдьаллар. Биһиги оҕо өйө-санаата куһаҕан өттүгэр уларыйыытыгар компьютер оҥорор дьайыытын арыйан 2001 сыллаахха суруйбуппут “Туймаада саҥата” уонна “Кыым” хаһыакка бэчээттэммиттэрэ. (17,6).

Компьютер куһаҕанын быһаарыыта сахалыы кут-сүр үөрэҕэр тирэҕирэрэ оруннаах. Биһиги оҕо ийэ кута үөскээһинин үөрэтиибит ити быһаарыыны ылынарбытыгар тириэрдибитэ.

Оҕо ийэ кута кыра эрдэҕинэ киһини таба көрөр буолуоҕуттан ыла 5 сааһыгар диэри түргэнник үөскээн, өйгө-санааҕа иҥэр диэн сахалыы кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Бу ийэ кута үөскүүр кэмигэр оҕо элбэхтик дьону ытыалыыр оонньуурунан оонньоон соннук ытыалыыр өйү-санааны үгэс оҥостон иҥэринэн кэбистэҕинэ, кэлин өйө-санаата баайыллан ийэ кута салайар кэмигэр киирэн хааллаҕына, бэйэтэ дьону ытыалаан кэбиһиэн сөп. Компьютер сайдыбыта ырааппыт сайдыылаах дойдуларга элбэх киһини ытыалаан кэбиһэр дьон баар буолуулара ити быһаарыыны чуолкайдыыр.

Сахалар «Киһиэхэ куһаҕаны санаама, бэйэҕэр тиийиэҕэ» диэн этиилэрэ кут-сүр үөрэҕинэн табатык дакаастанар. Ол курдук куһаҕан санааны элбэхтик санаан үгэс оҥостон кэбистэҕинэ, киһи бэйэтэ ол санаатын толорон кэбиһиэн сөп куттала чахчы үөскүүр. Оҕо онно-манна барбатын, олорон эрэ оонньоотун диэн төрөппүттэр санаалара оҕону сүрэҕэ суох, оонньуунан эрэ дьарыктанар буолуутугар тириэрдиэн сөп. Компьютер оонньуута ыарахан ыарыыга кубулуйбутун бэлиэтинэн «Оонньоомо» диэн бобо сатаабыт ийэтин оҕото сүгэнэн кэрдэн кэбиспитэ буолар.

Дьахталлар олорон эрэ кыра оҕолорун көрбөккө, үлэлии эҥин сылдьалларыттан оҕолор аныгы үйэҕэ бары дьиэлэригэр олорон эрэ компьютерынан оонньууларга ыллараннар ыарыы буолан эрэллэр. 2012 сыллаахха алтынньыга НТВ-га «Дети матрицы» диэн передачаҕа оҕолор өйдөрүн-санааларын компьютер оонньуута буккуйарын туһунан кэпсээтилэр. Кинилэр сахалар кут-сүр үөрэхтэрин билэллэрэ эбитэ буоллар передачалара ордук туһалаах, тиийимтиэ буолуо этэ.

Өй-санаа сайдыыта үрдүкү таһымҥа тахсан, чыпчаалын ситиһэн, аны төннүү суолугар киирэн сылдьар. Дьон бэйэлэрин өйдөрүнэн-санааларынан толкуйдаан, ырытан туһалаах быһаарыыны ылыналлара аҕыйаан иһиитэ өйдөрө-санаалара мөлтөөһүнүгэр тириэрдэр. Саҥа үүммүт үһүс тыһыынча сыллара, бэстилиэнэй тыһыынча сыллара буолаллар уонна дьон өйө-санаата таҥнары түһэр, урукку кыыллар өйдөрүгэр-санааларыгар төннөн барарын биллэрэр.

Компьютер сайдыыта дьон өйө-санаата сайдыытын, суоттуур, толкуйдуур дьоҕура сайдарын суох оҥорон эрэр. Ол курдук аҥардас калькулятор тарҕаныыта дьон ахсааны өйдөрүнэн ааҕан-суоттаан таһааралларын букатын суох оҥорбута. Билигин дьон кыра да ахсааны суоттаары калькулятор үрдүгэр түһэн иһэллэр.

Интернет сайдыыта дьон бары ситиспит ситиһиилэрин түмэн, мунньан тарҕатыыта бары олору түргэнник туһаналларын үөскэтэр. Дьон уһуну-киэҥи толкуйдуу, анаара сатаан өйдөрүн-санааларын эрчийэллэрин, сайыннаралларын оннугар, бэлэми ылан туһаналларын элбэтэр. Бу бэлэм өй-санаа элбэҕэ киһи бэйэтин өйүн-санаатын сайыннарарын, өйдүү сатаан эрчийэрин суох оҥорор, бэлэми эрэ туһанарын үөскэтэр.

Сахалыы өй-санаа сайдан, тупсан иһиитэ үчүгэй диэн тылынан бэриллэр. Үчүгэй буолан иһии сайдыы кэлэн иһэрин биллэрэр эбэтэр сайдыы кэлэн иһиитэ үчүгэй буолууну үөскэтэр. Үчүгэйтэн үчүгэй диэн этии кэлиитэ өссө үчүгэй буолбутун быһаарар. Үчүгэйтэн үчүгэй кэнниттэн кэрэ диэн быһаарыы кэлэр. Билигин туох барыта кэрэ буолуон баҕара санааччылар элбээтилэр. Кэрэттэн кэрэ диэн өссө кэрэ, үчүгэй кэлиитэ буолар.

Кэрэ кэнниттэн кэрэх диэн тылбыт үөскүүрүн уонна уларыйбат турукка киириини бэлиэтиирин билигин аахайбакка сылдьабыт эрээри, бу кэрэхтэр баар буолан иһэллэр. Олоххо кэрэ буолуу кэнниттэн үчүгэй уларыйан, эргийэн биэриитэ кэлэр. Ол курдук кэрэ киһи үлэлээбэт, кэрэтин эрэ көрдөрө сылдьар, үлэ-хамнас хаалар, эстии-быстыы саҕаланар.

Онон улахан дьоҥҥо олус улахан туһаны оҥорор компьютер оҕо иитиитигэр оҥорор буортута ордук улахан. Оҕо кыра эрдэҕинэ куһаҕан, охсуһар, дьону ытыалыыр үгэс иҥэн хаалбатын туһугар маннык оонньууларынан оонньотумуохха наадатын оҕолорун өйө-санаата туруктаах буола улаатарыгар кыһанар төрөппүттэр билиэ, тутуһуо этилэр.

ООННЬООБОТОХ ОҔО СААС

Сэбиэскэй былаас кыайбытын кэнниттэн өй-санаа, таҥара үөрэҕин бырахпыттара, туһата суоҕунан ааҕан хаалларбыттара. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр дьон санаатын күүһүрдүүгэ таҥара үөрэҕэ туһатын И.В.Сталин билэн православнай таҥара дьиэлэрэ үлэлииллэрин көҥүллээбиттэрэ.

Өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин билбэппит, туһаммаппыт бэлиэтинэн сэрии иннинэ төрөөбүт дьон оҕо сааспытыгар оонньооботохпут диэн хом санаалаах сылдьаллара буолар. Кинилэр аныгы, атаахтык иитиллэр, оонньооһунунан эрэ дьарыктанан улаатар, үлэҕэ-хамнаска үөрэммэт оҕолору ордугургуур быстах санааларыгар оҕустаран итинник этиниигэ тиийэллэр.

Эстибит сэбиэскэй былаас саҕанааҕы бэлэми үллэстии өйө-санаата билигин да кырдьаҕас дьоҥҥо иҥэн сылдьар. Оҕо эрдэхпитинэ элбэхтик үлэлээбиппит, оонньооботохпут диэн этэннэр эбии көмө эрэйэллэр, көрдүүллэр. Кырдьык да сэрии ыарахан кэмнэригэр оонньооботох оҕо саастаах, элбэхтик үлэлээбит көлүөнэлэр өй-санаа үөрэҕин, оҕо куттара сайдыыларын уратыларын билбэттэриттэн итинник хом санааҕа түһэн сылдьаллар.

Кинилэр олохторун киһи быһыылаахтык, сиэри таһынан барбакка, куһаҕан быһыылары оҥорбокко уһуннук олорбуттарынан, элбэхтик үлэлээбиттэринэн киэн тутталлара кырдьык сөп. Үлэлиир-хамсыыр саастарыгар сыыһа-халты туттунан, быстах быһыыга элбэхтик түбэһэллэриттэн ахсааннара аҕыйах, билиҥҥи, кыра эрдэхтэринэ элбэхтик оонньоон-көрүлээн, атаахтаан улаатарга тиийбит эдэрдэргэ холоотоххо, кырдьаҕастар үөрүөхтэрин сөп этэ да, өй-санаа үөрэҕин билбэттэриттэн хомойо сылдьар курдуктар.

Сэрии кэмин ыарахан олоҕо дьайыытыттан кыра саастарыттан үлэҕэ-хамнаска үөрэнэн бары араас үлэни барыларын кыайа-хото, үчүгэйдик үлэлии үөрэммиттэригэр, киһилии, үчүгэй, аһыныгас майгыламмыттарыгар өй-санаа үөрэҕин биллэхтэринэ улаханнык махтаныахтарын сөп этэ.

Биһиги сэрии кэнниттэн төрөөбүт оҕолор олох саҥа көнөн эрэрин билэн улааппыппыт. Кыра эрдэхпиттэн уһуннук оонньото сырытыннарбат, куруук үлэлэтэр аҕабын соччо сөбүлээбэт, чаҕыйа саныыр, дьаарханар этим. Билигин кэлэн сааһыран олорон аҕам кытаанах, элбэхтик үлэлэтэр эбитэ үчүгэйин, бары үлэни барытын сатыырга, кыайа-хото үлэлииргэ үөрэппит эбитин хойутаан да буоллар билэн улахан махталбын тириэрдэбин.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ оҕо ийэ кута кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ, ол аата олох кыра эрдэҕиттэн 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри кэмҥэ үөскээн олохсуйарын быһаарар. Онтон бэйэтэ умнубакка өйдөөн хаалар кэмиттэн ыла саҕалаан үөрэҕи-билиини ылынан салгын кута сайдан барар. Ийэ кута, төрүт өйө-санаата сайдар кэмигэр үлэлиир-хамсыыр туһунан үгэстэр үөскээбиттэрэ киһини үйэтин тухары салайа сылдьалларын, үлэҕэ-хамнаска сыһыамах буола улаатарын билиниэ этибит. Ол иһин оҕо эрдэххэ аҥардастыы оонньуу сылдьыы үлэҕэ-хамнаска үөрэммэтэх, тулуура, дьулуура суох, бэрээдэгэ мөлтөх киһини улаатыннарар.

Онон оонньооботох оҕо саастаах сэрии кэминээҕи көлүөнэлэр кыайа-хото, харса суох үлэлээннэр улахан сэрии алдьатыытын аҕыйах сылынан көннөрбүттэрэ, үлэҕэ-хамнаска элбэх саҥа ситиһиилэри оҥорбуттара. Элбэхтик үлэлээн, хамсанан, үчүгэй үөрүйэхтэри үөскэтинэн, сайдыылаах буор куттарын кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэр кыахтаммыттара. Ол кэмҥэ Сэбиэскэй Сойуус чахчы сайдан, экономиката тупсан испит кэмэ баара, ас-таҥас сыаната чэпчээн иһэрэ. Оннооҕор Американы ситиэхпит диэн санааҕа кытта киирэ сылдьыбыттара.

Кэлин олох тубуста, бары-барыта «үчүгэй» буолла, тубуста диэн салайааччылар сымыйа этиилэринэн дьон өйүн-санаатын буккуйаннар уонна «айыы үчүгэй» диэн этэннэр ыаллар оҕолорун атаахтата, бэлэмҥэ үөрэтэ, аҥардастыы үөрэҕи эрэ эккирэтиннэрэ сатааннар, үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээбэт эдэрдэр улаатаннар, ханнык да үлэ көрүҥэ билигин кыаттарбат буолбутуттан сэбиэскэй былаас бэйэтэ эстибитэ.

Кэлэр көлүөнэлэри иитии, үөрэтии өссө да көнө илигиттэн билигин ырыынак да кэмигэр үлэни-хамнаһы кыайар көлүөнэлэр үөскүү иликтэр. Үөрэхтэммит, мааны аатырбыт дьон куһаҕан, ыарахан, хара диэн ааттыыр үлэлэригэр атын, кэлии дьон эрэ үлэлиир буолан эрэллэриттэн ахсааннара сылтан сыл аайы элбээн иһэр.

Кыра эрдэхтэринэ аҥардастыы оонньуу, атаахтыы сылдьыбыт көлүөнэлэр сааһыран иһэн, дьонноро көрөн-истэн, харайан бүттэхтэринэ ханнык да үлэни кыайан үлэлээбэккэ, бичтии сылдьалларын ордорор, арыгыга ылларар дьон буолан хаалалларын билигин бары көрө, билэ сылдьабыт. Куораппыт иһэ эдэр бичтэринэн толору. Арай хантан кэлэн маннык дьон баар буолан хаалалларын сөҕө санааччылар элбэхтэр. «Төрөппүттэрэ үйэлэрин тухары үлэ бөҕөнү үлэлээбиттэрин үрдүнэн оҕолоро ити буола сылдьар» диэн сэтэрии санааччылар эрэ бааллар.

Оҕо өйө-санаата кыра эрдэҕинэ хайдах иитиллибититтэн уратылардаах буола сайдарын сахалар атаах уонна көйгө диэн үөрэхтэрэ быһаарарын билигин умнан, туһаммат буола сылдьарбыт оҕолорбут иитиилэрэ мөлтүүрүгэр тириэрдэр. Кыра эрдэххэ көйгө буолуу туһалааҕын былыргы остуоруйалар, кэпсээннэр биһиэхэ тириэрдэ сатыылларын өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин билбэппититтэн аанньа ахтыбаппыт, туһаммаппыт. Ол курдук былыргы төрүппүт Эллэй Боотур талан ылан тоҕо Омоҕой Баай көйгө кыыһын кэргэн ылбытын уонна элбэх уолаттары төрөтөн улаатыннарбытын, сахалары сайыннарбытын таба өйдөөн олоххо туһана иликпит.

«Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр» диэн этиини таба өйдөөн кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ-үөрэтиигэ туһаннахпытына омукпут күүһүрүө, кыаҕырыа этэ. Кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска эриллэн тулуурдаах, дьулуурдаах, ол аата өһөс майгылаах, көрсүө, сэмэй эдэрдэр элбэхтик, кыайа-хото үлэлээн омукпутун сайыннарыа, үлэбитин-хамнаспытын тупсарыа этилэр. Ол курдук үлэни-хамнаһы эдэрдэрбит кыайа-хото үлэлээбэт, сүрэҕэлдьиир буоллахтарына, атыттар, кэлиилэр кэлэн кыайа-хото үлэлээн, ахсааннара элбээн бардаҕына, үлэни-хамнаһы кыайар дьон сирбититтэн-дойдубутуттан үтүрүйэн, хоту диэки үүрэн барыахтарын сөп.

Омугу сайыннарыы диэн үлэни кыайа-хото үлэлээһин, оҥорон таһаарыы эрэ буоларын таба өйдүө этибит. Ол курдук үөрэхтээһин, ырыа, үҥкүү омугу сайыннарыы буолбатаҕын өйдөөн, үлэни-хамнаһы өрө тутуохпут этэ.

Сэрии ыар кэмигэр элбэхтик үлэлээн улааппыт көлүөнэлэр билигин даҕаны кыахтара баарынан үлэлии-хамсыы, оҕолоругар, сиэннэригэр көмө буола сылдьаллар. Ол барыта кинилэр кыра эрдэхтэринэ үлэҕэ-хамнаска үөрэммиттэриттэн, оннук үгэс үөскээбититтэн тутулуктааҕын билиэ этилэр. Бэйэҕит олоххут туһалаах уопутунан туһанан оҕолоргутун, сиэннэргитин кыра эрдэхтэриттэн үлэлии-хамсыы үөрэттэххитинэ, кинилэргэ соннук үгэстэр үөскүүллэриттэн үлэни-хамнаһы кыайар дьон буола улаатыахтара.

Онон, сааһырбыт, билигин да үлэни-хамнаһы кыайар дьон оҕо сааспытыгар оонньооботохпут диэн өҥнүбэттэрэ ордук буолуо этэ. Эһиги тулуурдаах, дьулуурдаах, үлэни-хамнаһы кыайар буола улааппыккыт кыра эрдэххитинэ үлэлии үөрэммиккититтэн, оннук үгэстэр үөскээбиттэриттэн уонна сыыһа-халты туттубат, быстах быһыыга киирэн биэрбэт көрсүө, сэмэй майгыламмыккытыттан быһаччы тутулуктааҕын арааран биллэххитинэ, урукку, ыарахан олоххутугар билигин кэлэн махтаныа этигит.

САЛГЫН КУТ

Арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр оҕоҕо буор уонна ийэ кута үөскээһиннэрин быһааран билбэттэриттэн аҥардастыы салгын куту, үөрэҕи-билиини иҥэриниини сайыннара сатыыллар. Үөрэҕи-билиини оҕоҕо иҥэриини арҕааҥҥы үөрэхтээхтэри быһаччы үтүктэр биһиги иитээччилэрбит уонна үөрэтээччилэрбит кыайа-хото туталлар. Арай бу үчүгэй үөрэнээччилэрбит тоҕо куһаҕан, сиэрэ суох, ыар быһыылары оҥороллор диэни кыайан быһаарбаттарыттан олору оҥорооччу эдэрдэрбит эбиллэн иһэллэр.

Үөрэҕи билиини бэйэ өйүнэн-санаатынан иҥэринэн иһии киһи салгын кутун үөскэтэр. Салгын кут оҕо тугу оҥорорун умнубат буолбут кэмиттэн, ол аата биэс эбэтэр алта сааһыттан ыла сайдан барар. Аныгы үөрэх кыһалара оҕо салгын кутун сайыннарыыны, үөрэҕи-билиини иҥэриини утумнаахтык ыыталлар. “Повторение – мать учения” диэн хос-хос хатылаатахха үөрэх чиҥник иҥэрин таба туһаналлар. Ол эрээри олох ханнык эмэ түргэнник кэлэн ааһар кэмигэр киһи өйө баайыллан, өйө көтөн ылар кэмэ кэлэн ааһарын аахсыбаттарыттан, атаах буола улааппыт эдэрдэр оҥорор куһаҕан быһыылара тоҕо эбиллэн иһэллэрин кыайан быһаарбаттар.

Сахалар оҕону иитэр, үөрэтэр үөрэхтэригэр эрдэлээн үөрэтэн иһии диэн өйдөбүл баар. Сайдан иһэр оҕо өйө-санаата саҥаны билээри-көрөөрү кэмэ кэлэн истэҕинэ, барыны-бары билэр улахан киһи оҕону батыһыннара сылдьан бэйэтэ көрдөрөн биэрэн үтүгүннэрэн үөрэтэн иһиитин «Эрдэлээн үөрэтэн иһии» диэн ааттанар. Ол аата оҕо өйө-санаата сайдан иһиитин билэн тугу барытын эрдэттэн үөрэтэн, билиһиннэрэн, үчүгэй быһыылары талан ылан маннык оҥоруллар диэн көрдөрөн, биллэрэн, ону бэйэтигэр оҥорторон, оннук үгэс үөскээһинин ситиһии буолар.

Биһиги үөрэтии бу көрүҥүн бастатан туран киллэриибит биир сүрүн тутулуктаах. Ол тутулугунан оҕо кыра эрдэҕинэ аан маҥнай билбитин, соһуйа көрбүтүн олус кытаанахтык, дириҥник иҥэринэригэр, ол билиитэ ийэ кутун быһалыы үөскэтэн, хаһан даҕаны умнубатыгар олоҕурар. Ол аата үчүгэй быһыылары аан бастаан оҥотторон үөрэтии соннук үчүгэй үгэстэр ийэ кутугар үөскээн иҥэллэрин ситиһии буоларын төрөппүттэр билиэ этилэр. Сахалыы таҥара үөрэҕэ бу быһаарыыны тутуһар.

Төрөппүттэр оҕолорун эрдэттэн үөрэтэн биэриилэрэ хойутаан хааллаҕына, оҕо бэйэтэ онтон-мантан көрөн-истэн, тутан-хабан эбэтэр кимтэн эмэ, атын киһиттэн истэн-көрөн син-биир ону билиэ, оҥоруо эрээри, киһи быһыытыгар, сиэргэ-майгыга сөп түбэспэт буоларын тэҥэ, үгүстүк сыыһа туттан, бу быһыытын куһаҕаҥҥа кубулутуон сөп.

Үөрэҕи ылыныы икки өрүттээҕин быһаарар уонна дириҥэтэн биэрэр «Yөрэҕи ылымтыа киһи дьон сыыһаларыттан көрөн, онтон үөрэҕи бытааннык ылынар киһи бэйэтин сыыһаларыттан үөрэнэр» диэн этии баар. Бу этии үөрэх биир өрүтэ киһи салгын кутунан, онтон аҥар өрүтэ буор кутунан киирэрин биллэрэр.

Yөрэҕи ылымтыа киһи араас суруйуулартан, кинигэттэн ааҕан билэн, көрөн-истэн билиитэ-көрүүтэ түргэнник сайдар уонна ол билиитин үчүгэйин, куһаҕанын быһааран олоҕор туһанар кыахтанар. Маннык киирэр билиилэр уһун кэмҥэ үгэскэ кубулуйдахтарына киһини бэйэтин салайар кыахтаналлар.

Киһи бэйэтэ оҥорор сыыһалара этин-сиинин хамсатарыттан тутулуктааҕыттан эккэ-сииҥҥэ билиннэҕинэ дьайыыта өссө улахан буолар. Ол иһин киһи бэйэтин сыыһаларыттан үөрэммитэ ордук дириҥник, уһуннук умнуллубат гына иҥэринэн уратыланар уонна “дириҥ билиигэ” кубулуйар.

Сахаларга өсөһүннэрэн үөрэтии диэн баар. Бу үөрэх улаатан иһэр оҕоҕо өсөһөр, туруулаһар санааны үөскэтэринэн кыайыыга-хотууга, ситиһиигэ дьулуурун улаатыннарыыга туһалыыр аналлаах. «Бачча улаатан бараҥҥын маны кыайбаккын дуо?» диэн этии бу үөрэх сүрүн төрүтэ буолар уонна оҕо улаатан барыны-бары кыайар-хотор санаата эбиллэн иһэриттэн күүс ылар, ол иһин дьайар күүһэ улаатар.

Yөрэхтэн-билииттэн киирэр өй-санаа киһи быһыытын уларытара эмиэ ийэ кут нөҥүө барар. Ол аата ханнык баҕарар билии киһиэхэ үгэһи үөскэттэҕинэ эрэ, киһини бэйэтин салайар, бу үөрэҕэ этэрин тутуһар кыахтанар. Киһи ханнык баҕарар быһыытын ийэ кута хонтуруоллуу, көннөрөн биэрэ сылдьарынан саҥа үгэс ханан эрэ уруккуну баһыйдаҕына эрэ толоруллар кыахтанар. Ол курдук оҕо ийэ кутугар уорар куһаҕан диэн өйдөбүл иҥэн сылдьар буоллаҕына, кэлин улааппытын кэннэ тугу эмэ уоруохха диэн санаа киирэн да кэллэҕинэ, бэйэтин тохтотунан уорумуон, ылымыан сөп.

Кыра эрдэҕинэ оҕону атаахтатыы, бары баҕатын тук курдук толорон иһии, көҥүлүнэн барыытын хааччахтаабат буолуу, туохха барытыгар аһара бара сылдьарга үөрэтии соннук өй-санаа ийэ кутугар иҥэн уурулларын үөскэтэр. Бу киһи кэлин, улаатан да баран атаахтыы, ону-маны көрдүү сылдьар буоларын таһынан, аһара баран, сыыһа туттан кэбиһэр кыахтанарын умнубаппыт буоллар кэлэр көлүөнэлэрбит киһилии өйдөөх-санаалаах, көрсүө, сэмэй буола улаатыахтара, сыыһа-халты туттуналлара аҕыйах буолуо этэ.

Онон сахалар өй-санаа, кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарар ыксаллаах, ыгыллыбыт, итирбит кэмҥэ көтөн эбэтэр баайыллан хаалар өйбүт-санаабыт салгын кут диэн буолар. Итирбит киһи бары киһилии үөрэҕэ, билиитэ барыта көтөн хаалбытын кэннэ ийэ кута, кыра эрдэҕинэ иитиллибит үөрэҕэ, үгэстэрэ быһаччы салайаллар. Ол иһин итирдэхтэринэ үгүстэр бэйэлэрин көрүнэр, атаахтыыр, киһиргиир санаалара киирэн кэлэрэ улаатарыттан сыыһа-халты туттуналлара элбээн хаалара, куһаҕан быһыылар үксүүллэригэр тириэрдэр.

Онон сахалар кут-сүр үөрэхтэрин туһанан оҕо, киһи өйүн-санаатын, куттарын уратыларын билии уонна олоххо, оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ, үөрэтиигэ туһаныы сайдыылаах, үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьонтон ирдэнэр кэмэ кэллэ.

САЛГЫН КУТ САЙДЫЫТА

Сахалар Аан дойдуга биллэр уһун үйэлээх омуктар буолаллара дакаастанан иһэр. Кинилэр бэйэлэрин уһун үйэлэригэр мунньуммут үөрэхтэрин, би¬лиилэрин нууччалар үөрэхтэрэ кэлэн сабардаан суох оҥороору кыһанар. Онно нууччалары быһаччы үтүктэр тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар, нуучча тылын учууталлара көмөлөһөллөр. Ол эрээри киһи өйүн-санаатын туһунан сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ олус табата быһаарыллан салгыы сайдан иһэр чинчилээх. Бу үөрэх киһи өйүн-санаатын, атын итэҕэл үөрэхтэригэр тэҥнээтэххэ, олус табатык быһаарара сотору кэминэн толору дакаастаныа.

Психолог Рон Хаббард «Дианетика» диэн улахан үлэтигэр киһиэхэ икки тус-туспа өй-санаа бэйэлэрин уоппуттарын тус-туспа мунньунар сирдээхтэрин быһаарар. Киһи олоҕун уоппута эбиллэн истэҕин аайытын ити өй-санаа саппаастара эбиллэн иһэллэр диир учуонай. Оскуолаҕа билигин үөрэтэр ньымабыт барылара оҕо салгын кутун үөрэтэргэ аналлаахтар. Бу үөрэххэ биһиги дойдубутугар даҕаны ула¬хан ситиһиилэри оҥороллор. Кыра эрдэхтэринэ төрөппүттэрэ ийэ куттарын кыайан ииппэтэх эбэтэр куһаҕаннык ииппит оҕолорун учууталлар үөрэтэ, тупсара сатаан элбэхтик эрэйдэнэллэр.

Оҕо учуутал этиитин өйдөөн умнубат гына уурунан иһэрэ үөрэҕи ылымтыатын бэлиэтэ. Кыра оҕо мэник, болҕомтотун кыайан хатыы үөрэ¬нэ илик буоллаҕына, үөрэтэр киһи этэрин ситэ истибэккэ хаалан аан¬ньа үөрэҕи ылыммат курдук көстүөн эмиэ сөп. Оҕо кыра эрдэҕиттэн улахан, үөрэтэр киһи этэригэр болҕомтотун хатаан, истибитин өйүгэр хос хатылаан ылынар буоллаҕына, үөрэҕи ылара эрэйэ суох буолар.

Сахалар киһи өйүн-санаатын быһаарарга олус элбэхтик «дириҥ» диэн тылы тутталлар. «Дириҥ билиилээх», «Дириҥник толкуйдуур», «Дириҥник иҥэриммит» диэннэри уонна да атын этиилэри туһаналлар. Бу өйү-са¬нааны быһаарар этиилэр өй-санаа төһө кытаанахтык, умнуллубат гына иҥэн сылдьалларын чуолкайдаан биэрэллэр.

Өй-санаа, салгын кут киһи мэйиитин сарыытыгар үөскүүр буоллаҕына, мэйиитигэр төһөнөн дириҥник киирэн иҥэр да соччонон чиҥ, умнуллубат буолан иһэрин бэлиэтииллэр. Итини тэҥэ өй-билии дириҥ буоларын туһугар үөрэҕи хос-хос хатылаан бэриллиэхтээҕин ыйаллар. Ол аата билиибит хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйан ийэ кукка уларыйан мэйиибитигэр дириҥник киирэн иҥнэҕинэ умнуллубат буолара улаатан иһэр.

Киһи мэйиитин үөрэтэр үөрэхтээхтэр мэйии өйү-санааны иҥэрэр нейроннарын ахсааннара киһи кыра эрдэҕиттэн, улааппытын да кэннэ биир тэҥ буолалларын быһаарбыттар. Бу нейроннар бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнэринэн тутуһар эбиттэр. Өй-санаа эбиллэн иһиититтэн нейроннар бэйэ-бэйэлэрин кытта тутулуктара элбээн мэйии ис өттүн диэки дириҥник киирэн иһэллэр эбит. (18,17). Киһи өйө-санаата эбиллэн иһии¬тэ нейроннар бэйэ-бэйэлэрин кытта тутулуктара эбиллэн, элбээн иһиилэринэн быһаарыллар.

Мэйии тас бүрүөһүнэ, сарыыта төһөнөн элбэх мыччыстаҕастардаах да соччо¬нон өй-санаа элбэх буоларын дьон билбиттэрэ өр буолла. Тас бүрүөһүнтэн өй-санаа төһө дириҥник мэйии ис өттүн диэки иҥэн киирэн иһэр даҕаны соччонон билии чиҥ, умнуллубат буолан иһэр. Мэйии ити уратытын былыргы сахалар билэннэр өй-санаа, билии дириҥ буол¬лаҕына, чиҥ, умнуллубат буоларын быһаараннар тылларыгар киллэрбиттэр.

Сахалар киһи үөрэҕи ылыныыта хас да араастааҕын бэлиэтииллэр. Үөрэҕи ылыныамтыа киһини «Киһи тылын истимтиэ» диэн бэлиэтээн этэллэр. Ити этии улахан, үөрэтэр киһи тылын болҕомтолоохтук истэн ылынан иһэр оҕо үөрэҕи-билиини баһылыыра түргэнин бэлиэтээн этии буолар. Үөрэтэр киһи этэр тылын истэн үөрэҕи ылынан иһии оҕо өйө-санаата салгын кутун таһымыгар тиийэ сайдыбытын бэлиэтиир биир тутаах көстүү буолар. Итини тэҥэ бу кэм кэлбитин бэлиэтинэн оҕо тугу оҥорбутун ум-нубат уонна тугу оҥоруохтааҕын кэлиэн иннинэ эрдэттэн былааннаан толкуйдуур буолуута буолар.

Салгын кут сайдан барыытыгар сыһыаннаах: «Үөрэҕи ылымтыа киһи атын дьон сыыһаларын көрөн, истэн үөрэнэр, онтон ыараханнык, эрэйдэнэн үөрэнэр киһи бэйэтин сыыһаларыттан үөрэнэр»,- диэн этии баар. Бу этии киһи үөрэҕи баһылааһына эмиэ куттарын курдук икки араастааҕын уонна үөрэх киһиэхэ киирэн иҥиитэ эмиэ тус-туспа буолалларын арааран бэлиэтиир.

Бэйэтин сыыһаларыттан үөрэнэр киһи салгын кутун сайдыыта бытаан буолан, өйүн-санаатын өссө кыайан салайар буола илигин бэлиэтэ буолар. Ол иһин элбэхтэ хатылаан ийэ кутугар иҥэрэн үөрэнэр. Үөрэнии ыараханнык уонна бытааннык барар. Ол иһин хата маннык үөрэх лаппа иҥнэҕинэ умнуллан хаалара аҕыйах буолан чиҥ билиигэ кубулуйар. Үөрэ¬нэргэ төһө эмэ эрэйдээҕин иһин, өр кэмҥэ, баҕар букатын даҕаны ум¬нуллубат гына иҥэринэн уратыланар. Төрөппүттэр кыра оҕону үөрэтии¬гэ үгэстүк хатылаан, хос-хос оҥотторон үөрэтии хайаан да туттуллуохтааҕын бэлиэтииллэр.

Киһи этин-сиинин уратылара өйө-санаата, салгын кута сайдыытыгар биллэр уратылары киллэрэллэр. Сахалар былыр-былыргыттан дьахтар өйө-санаата эр киһиттэн улахан уратылааҕын бэлиэтииллэр. Кинилэр ити уратыны бэ¬лиэтээннэр, ханнык баҕарар саҥаны, олоххо урут туттуллубатаҕы оҥо¬рууга дьахталлары эр дьон баһыйаллар дииллэр. Дьахтар өйө-санаата билиҥҥи тылынан эттэххэ «консервативнай» диэн өйдөбүлгэ олус сөп түбэһэр. Олохсуйбут үгэстэри, быһыылары халбаҥнаабакка тутуһарга дьахталлар эр дьонтон ордуктарын наука үлэһиттэрэ кытта бигэргэтэллэр.

Олохсуйбут үгэстэри ордук тутуһар дьоҕурдаах буоланнар дьахтал¬лар дьиэни-уоту көрүүгэ уонна оҕолору иитиигэ, үгэстэргэ үөрэтиигэ быдан ордуктар. Ыал буолуу, оҕолору үөрэтии халбаҥнаабат үгэстэрин ту¬туһууга дьахталлар эр дьону быдан баһыйаллар. Ол иһин дьахталлар сүрүн дьарыктарынан - дьиэ-уот, оҕо-уруу көрүүтэ, үгэстэргэ үөрэтиитэ буолуохтаах диэн сахалар былыргыттан этэллэр.

Бэйэлэрин кыахтарын билинэр, күүстээх дьоҥҥо кыаттарбыттары аһынар, бырастыы гынар өйдөбүллэр баар буолаллар. «Кыахтаах киһи – холку», «Кыайбыт киһи - киэҥ көҕүстэнэр» диэн этиилэринэн сахалар киһи ити майгынын быһаараллар. Маннык өйдөбүллэр элбэхтик араас күрэх¬тэһиилэргэ кыттар эр дьоҥҥо бааллара биллэллэр. Дьахталларга киэҥ көҕүстээх буолуу, бырастыы гыныы диэн өйдөбүллэр олох аҕыйахтар, мин үчүгэйбин диэн санаалара улаханыттан ураты күүстээхтик ордук санааһыҥҥа ылларымтыалар. «Атыт¬тарга баар буоллаҕына, хайдах миэхэҕэ суох буолуохтааҕый?»- диэн өйдөбүл санааларыттан хаһан даҕаны арахсыбат. Атын дьоҥҥо тэҥнэһэ, туох эмэ уратылаах буоллаҕына, ордугургуу санааһын хас биирдиилэригэр аһара иҥмит өйдөбүл. Кинилэр итинник санааларын күүһүттэн подиумҥа тахсан бэйэлэрин баалларын-суохтарын барытын көрдөрө сатыырга ураты көхтөөхтөр. Мин атын дьахталлартан туох эмэ ордуктаах буолуохтаахпын диэн өйдөбүл эмиэ олус кытаанахтык иҥмит дьоно буолаллар.

Бэйэ-бэйэлэрин аһара үтүктүмтүөлэр, үчүгэйдик көстүөхтэрин, кинилэри талан ылыахтарын баҕаралларыттан подиумҥа тахсаллар. Хайа эрэ дьахтарга туох эмэ ураты баар буоллаҕына, киниэхэ эмиэ өссө ураты баар буолуохтааҕын туһунан туруорсуу түгэннэрэ элбэхтэр. Ол иһин даҕаны араас муода уларыйыытын кинилэр баһылаан иһэллэр. Ити чааһыгар эр дьон кинилэргэ лаппа баһыттарал¬ларын бэйэлэрэ да билинэллэр. Баһылаан иһэр эр киһи бэйэтэ талан ыларын сөбүлүүр.

Айылҕаттан аналын быһыытынан дьахтар эр киһини үчүгэйдик көрдөҕүнэ уонна аһаттаҕына-сиэттэҕинэ эрэ киниэхэ бэйэтигэр үчүгэй буолуохтааҕын билэ сылдьар. Үчүгэйдик санаата көммүт эр киһиттэн эрэ кини бэйэтин санаата көнөрүн билэр буолан, чопчу кимиэхэ туһаны оҥорорун билэр. Ол иһин кини хаһан баҕарар эрэллээх көмөлөһөөччү эбэтэр көрө-истэ сылдьааччы буолар аналлааҕа быһаарыллар.

Ити курдук киһи этин-сиинин уратылара өйүгэр-санаатыгар дьайаллар. Сайдыыны-үүнүүнү ситиһэн олохторугар биллэр уларыйыылары кил¬лэртээн эрэр омуктары эр дьон сирдииллэр. Онтон олохторун булум¬мут, сайдыыны ситиспит, аны олохторугар улахан уларыйыылары киллэриэхтэрин баҕарбат буоллахтарына, дьахталлар баһылаан салайар кэмнэрэ кэлиэн сөп. Европаҕа, сайдыылаах дойдуларга дьахталлар былааска тахсыылара бу дойдулар сайдыыны ситиһиилэрэ бүтэн, төннөн эрэллэрин биллэрэр.

Былыргы сахалар киһи кутун тус-туспа араарыылара куттар кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэрэллэринэн чуолкайдык быһаарыллар. (1,91). Киһи уһун үйэтин тухары куруук салгын кутунан, ол аата үөрэх-билии этэринэн салаллан сылдьыбат кэмнэрдээх. Биирдэ эмэ, олох араас уустук, соһуччу кэмнэригэр салгын кут көтөн, өй баайыллыыта, өй көтүүтэ тиийэн кэлэр кыахтаах. Олоххо бу кэм тиийэн кэллэҕинэ киһини буор эбэтэр ийэ куттара баһылаан салайар кэмнэрэ тиийэн кэлэн, кыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллибитэ тардан, араас сыыһа-халты туттунуулары оҥорон кэбиһэр кыахтанар. Билигин үгүс эдэрдэр кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарын иитиилэрэ табыллыбатаҕыттан, биирдэ итирээт даҕаны куһаҕан, сиэрэ суох быһыыны оҥоро охсон кэбиһэннэр хаайыы дьоно буолаллара элбээтэ.

Онон төрөппүттэр, киһи быһыылаах кэлэр көлүөнэлээх буолуохтарын баҕардахтарына, оҕо өйө-санаата сайдыыта икки сүһүөхтээҕин арааран билэн, ийэ кутун кэмигэр, хаалларан кэбиспэккэ, хойутаппакка эрэ, кыра эрдэҕинэ киһилии быһыыга иитэн-үөрэтэн биэрэллэрэ ирдэнэр.

ТЭҤНЭҺИИ

Сир, бары планеталар уонна Күн олус күүстээх тэҥнэһии балаһыанньатыгар бэйэ-бэйэлэриттэн тутуллан куйаарга көтө сылдьаллар. Ол иһин Айылҕаҕа туох барыта икки өттүттэн тутулукка уонна тэҥнэһиигэ тутуллан үөскээбиттэр. Бу тутулугу сахалар олус былыргы кэмнэртэн ыла арааран билэн “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини үөскэппиттэр. Хайа эрэ өттүгэр аһара барыы, халыйыы, хардары, утары хайысхалаах хамсааһыны үөскэтэрин сахалар былыргы кэмнэргэ быһааран сэт үөскээһинэ диэн ааттаабыттар. Айылҕа тутаах сокуонун быһыытынан туох барыта, киһи оҥорор быһыылара барылара эмиэ тэҥнэһии балаһыанньатын үөскэтэллэрэ, хайа да өттүгэр аһара барбаттара олоххо ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Оҕо иитиитигэр тэҥнэһии балаһыанньатын икки төрөппүтэ, дьон икки өрүттэрэ; ийэтэ, дьахтар уонна аҕата, эр киһи иккиэн кыттыһан үөскэтэллэр. Кинилэр икки аҥы өйдөөх-санаалаах, көрдөбүллээх буолуулара оҕоҕо “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһарыгар кыра эрдэҕиттэн үөрэтэр. Ийэ сымнаҕас, аһынымтыа, көрөр-истэр, сынньата, аһата сатааччы буоллаҕына, аҕа үлэлэтээччи, үлэҕэ, тулуурдаах буолууга үөрэтээччи, кытаанах көрдөбүллээх буолара табыллар. Икки төрөппүттээх оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны тэҥҥэ тутан араара, олоҕор туһана үөрэнэрэ итинник саҕаланар уонна олоҕун устата салҕанан баран иһэрэ туруктаах өйү-санааны үөскэтэр.

Аныгы демократия сокуоннара эр киһи уонна дьахтар барыга-бары тэҥ бырааптаныыларын ирдиир. Бу ирдэбил сыыйа-баайа демократия үөрэҕин тутуһар дойдуларга олоххо киирэн иһэрин бэлиэтинэн аныгы кыыс уонна уол өйдөрө-санаалара, оҥорор быһыылара холбоһон, тэҥнэһэн эрэллэринэн быһаарыллар. Ол курдук олох, үлэ-хамнас, спорт араас көрүҥнэригэр дьахталлар эр дьонтон хаалсыбаттарын көрдөрөн иһэллэр эрээри, эт-сиин быһаччы уратыларыттан тутулуктаах өйдөрүн-санааларын уларытыы хаһан да кыаллыбат буолуон сөп. Биһиги бу, дьахталлар эр дьоҥҥо тэҥнэһэ сатыыллара куһаҕан диэбэккэбит эрэ өйгө-санааҕа туох уларыйыылары киллэрэрин биир-биир ылан ааҕан биэриэхпит:

1. Кыыс оҕо уол оҕо курдук буолан иһэр. Буруйу-куһаҕан быһыылары оҥороллоро эмиэ элбээтэ. “Айыы үчүгэй”, “Айыыны оҥор” диэн сыыһа үөрэҕи батыһан оҥоро илик быһыыларын, саҥаны айыыны оҥоро охсоору тиэтэйэн, ыксаан кыыстарын харыстаабаттар, эрдэ дьахтар буолаллар, сиэкиһинэн дьарыктаналлара эрдэлээн саҕаланар. Ол иһин эргэ таҕыстахтарына кэргэннэригэр кинини утумнуур оҕону төрөппөттөр. Табаах тардаллар, арыгы иһэллэр, наркотиктары туһаныыга эмиэ хаалсыбаттар.

Улаатан эрэр уолаттар 50 сыл анараа өттүгэр оҥорор быһыыларын барытын аныгы кыргыттар аһара оҥорор буоллулар. Сайдыбыппыт, үөрэҕи ылбыппыт туһатынан кыыс оҕолорбут буорту буоланнар оҕо төрөтөллөрө аҕыйаата, биир эмэ оҕону төрөттөхтөрүнэ даҕаны үгүс ыарыылаах буоларын тэҥэ, ийэ кутун иитиитэ табыллыбакка быстах быһыыга түбэһэрэ элбэҕиттэн эдэр олоҕун кылгатан кэбиһэр. Ол иһин Россия дьоно билигин ахсааннара аҕыйаан иһэллэр.

2. Элбэх эр дьону кытта сылдьыспыт дьахталлар доруобай оҕону төрөтөр кыахтара аҕыйыыр. Истэригэр араас элбэх ыарыылар мунньустубуттара оҕолоругар бэриллиэн сөп. Ханнык эрэ ыарыылартан сыстыбыттара, араастаан эмтэммиттэрэ оҕолорун доруобуйатын эмиэ мөлтөх оҥорор. Эргэ тахсыан иннинэ атын эр киһилиин сылдьыспыт дьахтар эр киһини утумнуур буор куттаах оҕону төрөппөтүн кут-сүр үөрэҕэ дакаастаан дьоҥҥо тириэрдэр.

3. Уолаттарбыт кыыс курдук майгылаах буоллулар. Детсадтарга, оскуолаларга аҥардастыы дьахталлар көрүүлэринэн-истиилэринэн, “ырбаахыларын анныгар” иитиллэр, үөрэтиллэр уолаттар кыыс курдук бэрт былдьаһыылара элбээтэ, киэҥ, холку майгылара аҕыйаата, үөрдэһэн сылдьар буолуулара үөскээтэ.

Эр дьон ыалы салайыыттан туоратыллан, туораан биэриилэрэ оҕону иитии аҥар өттүгэр, дьахталлар диэки халыйыытын үөскэтэр. Уолаттар тулуурдаах, өһөс буолууга иитиллэллэрэ, үлэҕэ-хамнаска үөрэтиллэллэрэ аныгы үйэҕэ хаалан турар. Киэҥ, холку, тулуурдаах буолуу уол оҕо сүрүн хаачыстыбыта буолара букатын да умнууга хаалла. “Дьахтары кытта тыл аахсыбат баҕайы” диэн былыргылар үөрэхтэрин туһаммат буоллулар.

Аҥардастыы үөрэҕи эккирэтэ, ситиһэ сатааһын аһара барбыта илиинэн үлэ-хамнас хаалыытыгар тириэртэ. Үлэни-хамнаһы кыайыы диэн өйдөбүл сүппүтэ ыраатта, эдэрдэр ийэлэрэ ыарахан диир үлэлэрин үлэлээбэт буоллулар.

Дьахталлар эр дьону кытта барыга-бары, охсуһууга кытта тэҥнэһиилэрэ оҕону иитэллэригэр халыйыыны үөскэтэрин тэҥэ, эр дьон курдук төрөөбөт буолууларын сайыннарар кыахтаах.

Эр дьону сэбиэскэй былаас кэмигэр мөлтөтүү оҕо иитиитигэр аҥардастыы дьахталлар эрэ кыахтара баарынан кыттыһыыларыттан аҥар өттүгэр халыйыыны үөскэтэннэр, эдэрдэрбит өйдөрө-санаалара ордук мөлтөөтө. Ол курдук дьахталлар аҥардастыы атаахтатыы, маанылааһын уонна көрөн-истэн харыстааһын өттүгэр өйдөрө-санаалара тардыһыылаахтарынан оҕону кыра эрдэҕиттэн атаахтатан, маанылаан кэбиһэллэрэ элбэх.

Ырыынак ыарахан усулуобуйата дьайан дьон оҕону иитии уратыларын син өйдөөн, олохторугар туһанан эрэллэр. Атаах, мааны оҕо туһунан элбэхтик суруллар, этиллэр буолан эрэр. Арай хайа төрөппүт ордук атаахтатан, маанылаан, бэлэмҥэ үөрэтэн оҕо өйүн-санаатын буорту оҥороро эрэ быһаарыллара наада буолла.

Манна быһаарыы чуолкай уонна ханнык да сыыһата суох. Дьахталлар, ийэлэр, эбэлэр оҕону ордук көмүскүүр, харыстыыр санааларыттан атаахтаталлар, маанылыыллар, бэлэмҥэ үөрэтэллэр, бу быһыылара аһара бардаҕына, өйүн-санаатын халыталлар, буорту оҥороллор. Аҥардас дьахталлар ииппит оҕолоро туруга суох өйдөөх-санаалаах буола улаатарын сахалар былыргыттан билэллэрин «Тулаайах оҕо», «Аҥардас дьахтар оҕото» диэн этиилэрэ бигэргэтэллэрин билигин умнан сылдьабыт.

Онон, аҥардас дьахталлар оҕону иитиигэ өйүгэр-санаатыгар халыйыыны, атаахтатыыны үөскэтэннэр тулуура, дьулуура суох, үлэни-хамнаһы кыайбат оҕону улаатыннараллар. Маннык быһыы хас да көлүөнэлэргэ салҕанан барыыта, тарҕаныыта үлэни-хамнаһы кыайбат буолууттан аан маҥнай хайа эрэ аймахтар, онтон салгыы бардаҕына омук эстиитигэр, симэлийиитигэр тириэрдэрэ ханнык да саарбаҕа суох.

Олох биир тэҥник, долгуйбакка эрэ устан иһэр кэмигэр дьахталлар государстволары салайыыга кытта кыттыһаллар. Ол эрээри дьахталлар государствоны салайыыга кыттыһыылара элбээһинэ, өй-санаа халыйыытын үөскэтэн, аҥардастыы харыстааһын, көмүскээһин өттүгэр халыйыыта, бу государство атыттарга баһыттаран эстэрэ, симэлийэрэ чугаһаабытын биллэрэр.

Ырыынак олоҕо олоххо киириитэ элбэхтик оҕоломмут уонна оҕолорун киһи буолууга ииппит, көрсүө, сэмэй майгыга, үлэҕэ-хамнаска үөрэппит төрөппүттэр барыстара элбииригэр, атыттары баһыйан барыыларыгар тириэрдэр. Ол курдук элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх кырдьаҕастар үйэлэрэ уһуура, кырдьар, мөлтүүр саастарыгар көрөр-истэр чугас дьонноро бааллара тирэх, көмө буолар кыахтара улаатарын тэҥэ, киһи быһыылаах кэлэр көлүөнэлэр элбэхтик үлэлээн-хамсаан баайы-малы кыайа-хото мунньунуохтара.

Кырдьар сааска соҕотох хаалыы, соҕотохсуйуу диэн туохха да кыайан тэҥнэммэт эрэй. Эдэр кыанар сааһыгар күүлэйдии, көччүйэ сылдьыбыт киһи, ордук дьахталлар, ханна да көтөн кыайан куоппакка эрэ, түбэһиэхтэрин сөптөөх эрэйдэрэ буолар. Оҕо төрөппүтүгэр сыһыана кыра эрдэҕинэ үөскээн олохсуйарын төрөппүттэр аһаран кэбиспэккэ бэйэлэригэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһарга иитиэ, үөрэтиэ этилэр. Бэйэлэрин ким диэн ааттатан ыҥыртараллара; ийэ, аҕа дэттэрэллэрэ, оҕолоро кинилэри ытыктыырыгар иитэрин, үөрэтэрин аахсыа, туһаныа этилэр.

Өй-санаа үөрэҕин таба туһаныы омук сайдыыны ситиһэригэр эр дьон оруоллара лаппа үрдүгүн быһаарар. Ол курдук бары таҥара; католическай, православнай, мусульманскай, буддийскай үөрэхтэри эр дьон баһылаан салайаллара өй-санаа сайдыытыгар, туруктаах буолуутугар тулууру, өһөс буолууну сайыннарыы ордук улахан оруолу ыларынан быһаарыллар. Сахалар кут-сүр үөрэхтэригэр тулуурдаах, өһөс буолууну үөскэтэр сүр, киһи куттарын холбуу тута сылдьарынан киһи буолууну ситиһиигэ, киһилии быһыыланыыга сүрүн оруолу ылар.

Онон “Туох барыта икки өрүттээх” диэн сахалар этиилэрэ оҕону иитиигэ быһаччы оруоллаах. Оҕо иитиитэ хайа да өттүгэр халыйан хаалбатаҕына, эр дьон оҕо иитиитигэр, үлэҕэ-хамнаска үөрэтиигэ быһаччы кыттыстахтарына эрэ, оҕо тулуурдаах, дьулуурдаах буолуута улаатан өйө-санаата киһилии суолунан сайдыан сөп.

ӨЙ – САНАА САЙДЫЫТЫН ТАҺЫМНАРА

Сахалыы өй-санаа үөрэҕин баһылыы, туһалааҕын билинэ иликпититтэн атын омуктар өй-санаа үөрэхтэрэ барылара ордуктар диэн сыыһа санааҕа киирэн сылдьабыт. Бары таҥара үөрэхтэрин төрүттэринэн сахалар билэр уонна билигин да туһана сылдьар кут-сүр үөрэхтэрэ буоларын уонна бу үөрэх оҕо өйө-санаата сайдыытын атыттардааҕар ордук табатык быһаарарын аахайбаппыт. Ол курдук күүстээх куттаах-сүрдээх ойуун киһи бэйэтин аймахтарыгар көмөлөһөр, көрөр-харайар кистэлэҥ күүстээҕин, санаатын күүһүнэн дьайарын сахалар былыргыттан билэннэр олохторугар туһаналлар. Ол үөрэх “Кырдьаҕаһы ытыктаа” диэн этиинэн эдэрдэргэ бэриллэрин таба туһана сылдьыа этибит.

Өй-санаа киһи уһун үйэтин тухары сайдан, мунньуллан, күүһүрэн иһэр, үөрүйэхтэр үөскээннэр эккэ-сииҥҥэ мунньуллаллар. Сааһырбыт, олоҕун уопутун элбэҕи мунньуммут киһи өйө-санаата сайдан, күүһүрэн ойуун таһымыгар тиийиэн сөп. Ол курдук кырдьаҕастар түүллэрин табатык тойоннуу, араас билгэлэри туһанан таба быһаарыыны ылынан эдэрдэргэ тириэрдэллэрэ бэйэлэриттэн эрэ тутулуктаах.

Саха дьоно кут-сүр үөрэх төрүттэрин былыр¬-былыргыттан бэйэлэрин олохторугар туһаналлар. Үөрдэри, айыылары, иччилэри билигин да итэҕэйэллэр, харыстыыллар, аймаабаттар, олор куттартан үөскүүллэрин билэллэр. Ол куттар барылара араас көрүҥнэри ылынан¬нар былыргы таҥара үөрэҕин төрүттэрэ буолбуттар.

Хаартыскаҕа киһи кута иҥэн сылдьара быһаарыллыбыта. Күүстээх экстрасенс хаартысканы көрөн киһи тыыннааҕын дуу, өлбүтүн дуу быһаарар кыахтааҕын тэҥэ олоҕун суолун кэпсээн биэриэн сөп.

Өлбүт киһи кута аймахтары көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьарын сахалар билэллэр. Айыылары харыстааһын диэн ити куттары үргүппэт, ыскайдаабат буолуу ааттанар.

Өлбүт дьон куттарын, айыылары харыстыыр сахалар өлбүт дьон хаартыскаларын улаатыннаран уулуссаҕа, тыаллаах, салгын хамсыыр сиригэр таһаарары сөбүлээбэттэр. Өлбүт киһи кута баран хаалыан сөп. Өбүгэ киһи кута суох буолуута бу аймахтар биир санааланыыларын суох оҥорон быстах быһыыга киирэн биэриилэрин элбэтиэн сөп.

Уулуссаҕа өлбүт дьон улахан хаартыскаларын тутан хаамыы сахалар айыылары харыстыыр өйдөбүллэригэр сөп түбэспэт. Хаартыскаҕа иҥэн сылдьар кут баран хаалыыта аймахтары харыстыыр күүһүн суох оҥоруон сөп.

Билигин сайдыылаах, үөрэх-билии тарҕаммыт кэмигэр оҕо ийэ кутун иитэн, ол аата кыра эрдэҕинэ, бэйэтин өйө-санаата киириэн иннинэ атаахтаппакка, үчүгэй быһыылары оҥорорго үөрэтэн олору үгэс оҥорон иҥэрэн биэрии, онтон улаатан истэҕинэ салгын кутун сайыннарыы диэн үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэргэ үөрэтии буоларын таба өйдөөн олоххо туһаныы эрэйиллэр.

Үөрэх, үгэс уонна үөрүйэх диэн өйдөбүллэри табатык өйдөөн оҕоҕо кут үөскээһинэ ити курдук үс сүһүөхтэнэн салҕанан иһэрин олоххо туһанар буолуу саха дьонуттан ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Норуот өр кэмҥэ мунньуммут олоҕун үөрэхтэрэ таҥара үөрэхтэ-ригэр кубулуйан сылдьаллар. Дьиэ кэргэн олоҕун төрүттэрэ, оҕону иитии-үөрэтии үгэстэрэ, киһи киһиэхэ сыһыанын уратылара барылара таҥара үөрэхтэригэр холбуу киирбиттэр. Олох үөрэхтэригэр сыһыаннаах сиэри-туому толоруулары таҥара үлэһиттэрэ баһылаан дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэллэрэ эрэйиллэр.

Сир үрдүгэр уһуннук олорбут омуктар бэйэлэрин уһун, ыарахан олохторугар мун¬ньуммут туһалаах уопуттара, үгэстэрэ элбэҕэ ханан да саарбахтаммат. Бу быһаарыыны сахалар элбэх таҥаралаахтара чуолкайдаан биэрэр. Киһи өйө-санаата улахан кыыл өйүн-санаатын таһымыттан сайдан, тупсан испитин таҥаралар уларыйан испиттэрэ бигэргэтэр. Ол иһин олус уһун үйэлээх сахалар олохторун, таҥараларын үөрэҕэ билигин, үөрэх-билии сайдыбытын кэнниттэн ордук туһалаахтара биллэн, үөрэтэн, дьон итэҕэйэн эрэллэр. Итэҕэл, таҥара үөрэҕэ оҕо өйө-санаата сайдыытыгар, киһи олоҕун сыалын ситиһэригэр сөп түбэһиэхтээх, ханнык да халыйыыта суох буолуохтаах. Сахалар өй-санаа, таҥараларын үөрэҕэ киһи олоҕун устата өйүн-санаатын сайдыытын маннык кэрискэ кэмнэргэ, таһымнарга араарар:

1. Киһи буолуу. Оҕо кыра эрдэҕиттэн улаатан сааһын ситиэр диэри иитиллэн, үөрэнэн ситиһэр таһыма киһи буолуу диэн ааттанар. Бу кэмҥэ оҕо улаатан, этэ-сиинэ ситэн, өйө-санаата сайдан тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буола үөрэнэн, үчүгэй үгэстэри иҥэринэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанар буоллаҕына, киһи буолуу таһымын ситиһэр. Олоҕор «Куһаҕаны, айыыны, дьон билбэтин, туттубаттарын оҥорума»,- диэн өй-санаа хааччаҕын тутуһан өйө-санаата сайдар, улахан киһи таһымын ситиһэн, улахан киһи буолар. Бэйэтэ киһилии быһыылаах киһи киһитэ, сиэри тутуһар киһи буола улаатар.

2. Киһи быһыыта. Өйө-санаата сайдыбыт киһи олоҕун «Киһи быһыыта», «Сиэр»,- диэн өй-санаа хааччахтарын тутуһан киһи быһыылаахтык, сиэрдээхтик олорор. Дьиэ туттан, оҕо төрөтөн, мас олордон олоҕун сыалын толорор. Сайдыыны ситиспит өйө-санаата этин-сиинин утумнаахтык эрчийэн, барыга бары үөрүйэх оҥорон үйэтин уһатыыны ситиһэр, киһи быһыылаахтык олоҕун олорор, оҕолорун, сиэннэрин киһи буолууга үөрэтэр. Киһи Орто дойдутааҕы, сирдээҕи олоҕун сыала киһи быһыылаахтык, сыыһа-халты туттубакка олоҕу олоруунан түмүктэнэр.

3. Yрүҥ айыы буолуу. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата этиттэн-сииниттэн арахсан, ыһыллан Yөһээ дойдуга тахсар. Yгүс дьоҥҥо туһалаах үлэни, үчүгэйи, саҥаны арыйыылары бэйэтин үйэтигэр оҥордоҕуна, кини үөрэҕин-билиитин кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ туһанаары Yрүҥ айыы оҥороллор, куруук ахта-саныы сылдьаллар, кэлэр көлүөнэлэрин үөрэтэллэр. Сорохтор оҥорбут куһаҕан быһыыларын, хара айыыларын умнуу, ахтыбат буолуу Сир үрдүгэр куһаҕан быһыылар аҕыйыылларыгар тириэрдэринэн үтүө санаалаах дьонтон ирдэнэр тутаах көрдөбүл буолар.

Сахалар бастакы таҥаралара Үрүҥ Аар тойон диэн ааттанара олус былыргы кэмнэргэ олорон ааспыт дьон билиилэриттэн үрүҥүн, ол аата үтүөтүн, үчүгэйин, билиҥҥи, сайдыыны ситиспит дьоҥҥо туһалаах, сөп түбэһэр эрэ өттүн талан ылынан кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ туһанар наадалааҕын быһаарар.

Yрүҥ айыылартан кэлэр билиилэргэ урукку олоххо буолан ааспыт быһыылар, оччотооҕу үөрэхтэр, үлэ-хамнас ситиһиилэрэ, тутуллубут тутуулар, омук саҥарар тыла, үгэстэрэ, үөрүйэхтэрэ киирэллэр. Оччотооҕу кэмнэргэ оҥоруллубут саҥаны арыйыылар билиҥҥи кэмҥэ эргэрэннэр дьон бары билэр билиилэригэр кубулуйаннар сыаналара түһэн, суолталара намтаан иһэр. Ол курдук олус былыргы охсуһуулаах-этиһиилээх, суут-сокуон диэн суох, олоҥхо кэмигэр дьон олохторун таһыма, өйдөрө-санаалара эмиэ олорор олохторун курдук, намыһах этэ. Билигин сайдыы, демократия, киһи киһиэхэ сыһыана ордук тупсан, кэҥээн иһэр кэмигэр оччотооҕу, былыргы кэмнээҕи билии-көрүү туһата лаппа кыччаата. Арай бу билиилэртэн ордук туһалаахтарынан тус-туспа омуктар олохторун үгэстэрин, тылларын үөрэтии уонна харыстааһын киирсэллэр.

Онон биһиги сахалар итэҕэлбит, таҥарабыт үөрэҕэ, бары тутуһуллар хааччахтара барылара былыр-былыргыттан бааллар уонна билигин да туһанылла сылдьаллар. Бу үөрэх киһи олоҕун бары кэмнэрин толору хабар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн улаатан өйө-санаата сайыннаҕына, күүһүрдэҕинэ билбит үөрэҕинэн туһанан этин-сиинин эрчийэн уонна сыыһа-халты туттубакка үйэтин уһатыахтааҕын табатык быһаарар. Биһиги итэҕэлбит, таҥарабыт үөрэҕэ киһи өйүн-санаатын, атын өй-санаа үөрэхтэринээҕэр ордук дириҥник, киэҥник быһаарар, сайдан, эбиллэн истэҕинэ уларыйан биэрэн иһэрин кытта аахсан, толору арыйар. Биһиги итэҕэлбитин билиэххэ, үөрэтиэххэ уонна олоххо туһаныахха эрэ наада.

Эти-сиини утумнаахтык эрчийэн, үөрэҕи-билиини баһылаан олоҕу уһуннук, киһи быһыылаахтык, дьоҥҥо-норуокка туһалаахтык олороргутугар, кэлэр көлүөнэлэргитин киһи быһыылаах буолууга иитэргитигэр, үөрэтэргитигэр баҕарабыт.

ӨЙ - САНАА САЙДЫЫТА

Итэҕэл, өй-санаа үөрэҕинэн дьарыктанааччылар дьон өйө-санаата уһун үйэлэргэ сайдан кэлбит суолун билэллэрэ, хайа кэмҥэ, ханнык уларыйыылар киирбиттэрин таба өйдүүллэрэ эбитэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Элбэх сыыһалардаах, өйтөн булуллубут, сэбиэскэй былаас тобохторо мунньахтаан оҥорбут “айыы үөрэҕин” албыныттан сыыйа-баайа босхолонуохпут этэ.

Өр сылларга сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥоро сатаабыта биһиги, Россия олохтоохторун өйдөрүн-санааларын үлтү буккуйан, билигин саҥалыы урукку, умнулла сыспыт өй-санаа, сахалыы таҥара үөрэҕэр үөрэнэ сатыы сылдьабыт. Ол курдук киһи буолууну, киһилии быһыыланыыны биһиги билигин, саҥа баһылыы үөрэнэ сатыыбыт, киһи таҥараны өссө итэҕэйэн, олоххо улахан туһалааҕын билинэн оҕолору иитиигэ туһана иликпититтэн эдэрдэр буруйу, аһара туттунуулары оҥороллоро элбии турар.

Олус былыргы кэмнэргэ киһи өйө-санаата ситэ сайда илигинэ сири-дойдуну икки аҥы, бу дойду, ол дойду диэн араараллара сахабыт тылыгар иҥэн сылдьар. Дьон бэйэлэрэ олорор сирдэрин бу дойду, онтон түүлгэ көстөр эбэтэр өй-санаа уларыйар кэмигэр көрөр дойдуларын, ол эбэтэр анараа дойду диэн ааттыыллара.

Сахалар ол эбэтэр анараа дойдуларга тыыннаах, “Инчэҕэй эттээх” киһи сылдьыбатын, олорботун билэллэрэ. Бу икки аҥы, тус-туспа дойдуларга арахсыы былыргы христианнар икки тарбахтарын холбуу тутан үҥэ сылдьыбыттарынан быһаарыллар.

Оччотооҕу өй-санаа өссө сайда, тупса илик кэмигэр дьон бэйэлэрэ эмиэ икки аҥы арахсыылара айыы уонна абааһы диэн боростуойдук быһаарыллара. Оччолорго айыы дьоно диэн бэйэ дьонун, онтон атын дьону барыларын абааһылар, адьарайдар диэн үөҕэн ааттыыллара. Олус былыргы кэмнэргэ дьон ахсааннара аҕыйах эрдэҕинэ бэйэ-бэйэлэрин бултаһаллара, тутан ылан сиэһэллэрэ, хас биирдии атын киһи абааһы көрүүгэ киирсэрэ, көрсүстэххэ өлөрсүү, өһөрсүү буолара, күллэри көтүтэллэрэ. Ол иһин атын киһини итинник куһаҕаннык этэллэрэ, абааһынан, адьарайынан ааттыыллара.

Оччотооҕу, олоҥхо кэмигэр бэйэлэрин айыы дьоно диэн ааттанар эрдэхтэринэ куһаҕан, атын дьону туспа, үөхсэр тылынан ааттааһын, үөҕүү, өстөөхтөрү быһаарыы, булуу судургу буолара. Бары атын дьон абааһыларга, адьарайдарга киирсэллэрэ, өлөрүүгэ-өһөрүүгэ аналла-наллара. Бу дьон өйдөрө-санаалара ситэ сайдан, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран «Туох барыта үһүстээх» диэн өйдөбүлгэ өссө тиийэ иликтэринэ итинник, дьону икки аҥы эрэ араараллара. Ол иһин айыы уонна абааһы диэн дьон икки аҥы арахсыылара оччотооҕу, хаалыылаах кэмҥэ өй-санаа ситэ сайда, тупса илигинэ баар этэ.

Дьон ахсааннара эбиллэн, өйдөрө-санаалара салгыы сайдан истэҕинэ үчүгэй уонна куһаҕан дьон диэн арахсыы бэйэ, айыы дьонун истэригэр баалларын быһаараннар бэйэ, айыы дьоно өссө икки аҥы арахсыбыттара; үчүгэй уонна куһаҕан дьон диэн баар буолбуттара. Өй-санаа үөрэҕэ сайдыыта икки тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр киһи өйө-санаата оҥорор быһыыларыттан көрөн үчүгэй уонна куһаҕан диэн тус-туспа арахсарын быһааран үчүгэй киһи таҥараны Христоһу үөскэппиттэрэ. Үчүгэй киһи, Христос таҥараны үтүктэн дьон үчүгэй быһыылары оҥороллоро элбээбитэ.

Ити курдук уһун үйэлэргэ дьон өйө-санаата сайдан иһиитэ киһи ханнык санаалааҕыттан тутулуктанан үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорорун, санаа киһиэхэ оҥорор дьайыылара икки аҥы арахсалларын быһаарыы кыаллыбыта. Ол аата киһи бэйэтин өйө-санаата тус-туспалара, икки аҥы араарыллыыта арыллыбыта, санаа киһини салайар кыаҕа быһаарыллан тахсыбыта, үчүгэйи оҥоруу элбээтэҕинэ олох иннин, сайдыы диэки салаллара биллибитэ, дьон үчүгэй санаалара мунньустубут таҥарата – Христос таҥара үөскээн үгүс дьоҥҥо тарҕаммыта.

Европаттан саҕаламмыт Христос таҥара үөрэҕэ арыгыны иһиини кытта тэҥҥэ тарҕаммыта. Арыгыны иһиини утарыыттан үөскээбит хайдыһыыттан Мухаммед таҥара үөрэҕэ сайдыбыта.

Киһи санаата икки аҥы, үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсан, тус-туспа хайысхалаахтара быһаарыллыбытын кэнниттэн оҥорор быһыылара, бу икки хайысха икки ардынан, ортотунан көрөн бардаҕына эрэ, киһи оҥорор быһыылара аһара барбаккалар, киһилии буолар кыахтаналларын быһааран дьон өйүгэр санаатыгар үс; Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар баар буолбуттара.

Үс дойдулар баалларын быһаарыыттан “Туох барыта үһүстээх” диэн этии үөскээбитэ. Бу быһаарыы олоххо киириитэ саҥа христианнар үс тарбахтарын холбуу тутан үҥүүлэринэн бигэргэтил-либитэ уонна икки тарбахтарынан тутан үҥээччилэри “хаалыылаахтар” диэн ааттаан туоратыынан түмүктэммитэ.

Билигин “айыы үчүгэй” диэн этээччилэр олус былыргы олоҥхо кэмин саҕанааҕы хаалбыт, ситэ сайда илик өйү-санааны тутуһа сатааччылар буолаллар. Кинилэр дьону олус былыргылыы икки аҥы; айыы уонна абааһы диэн араараллара сайдан иһэр өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ ситиспит ситиһиилэригэр сөп түбэспэт, онно сайдыытын таһымынан тиийбэт. Айыы диэн тыл бэйэтэ икки аҥы, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥоруу диэн арахсарын, икки тус-туспа, утарыта өйдөбүллээҕин, бу хаалбыт өйдөөх-санаалаах дьоммут өссө да арааран быһаара иликтэр. Онтон хомойорго эрэ тиийэбит.

Сайдан, уларыйыылары киллэрэн иһэр олохтон хаалбыт, олус былыргы өйү-санааны тутуһуу өй-санаа халыйыытын, хаалыытын үөскэтэр. Аһара баран былыргы диэки халыйыы сайдыы буолбатах, олохтон хаалан хаалыы, кэннигэ тэбиллии буоларын билиэ этибит.

Дьон өйө-санаата өссө сайдыыта «Туох барыта үһүстээх» диэн этии чахчы табатын дакаастыыр. Бу быһаарыыга олоҕуран олорор сири-дойдуну үс аҥы араарыы киһи өйө-санаата арахсыытыгар билигин даҕаны сөп түбэһэр. Үчүгэй киһи таҥара, Христос баар буолбута икки тыһыынча сыллартан ордон эрэр эрээри, биһиги тыл үөрэхтээхтэрбит, суруйааччыларбыт, учуонайдарбыт өй-санаа ити уларыйыыларын билигин да арааран билэ иликтэриттэн хомойорбутугар эрэ тиийэбит.

Сахалар өй-санаа тус-туспа арахсыыларын быһаарар дойдулары Үөһээ, Аллараа уонна Орто дойдулар диэн хаһан ааттаабыттара өссө биллибэт ыраах, бу дойдулар ааттара олоҥхоҕо баалларыттан олус былыргы кэмнэргэ буолбутугар сөп. Үөһээ дойдуга үчүгэй санаалар мунньустар буоллахтарына, куһаҕан санаалары туспа арааран Аллараа дойдуга мунньа сатааһын куһаҕан быһыылар аҕыйыылларыгар, ол аата үчүгэй быһыылар элбииллэригэр тириэрдиигэ, биир өйү-санааны, диктатураны үөскэтиигэ аналлаах. Дьон бэйэлэрэ айыы да, абааһы да буолбатахтарын билинэн, Үөһээ уонна Аллараа дойдулар икки ардыларыгар, Орто дойдуга олохсуйан олоробут диэн этинэллэрэ өй-санаа үөрэҕин билэллэрин, олохторугар туһаналларын биллэрэр.

Сир уонна Күн төрүт тутулуктара олус күүстээх тэҥнэһиигэ олоҕуран тутуллан тураллар уонна «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэллэр. Айылҕа маннык икки өттүттэн тутулуктааҕа хайа да өттүгэр аһара барыы халыйыыны үөскэтэринэн, олоххо табыллыбат, саҥаны айыыны оҥоро сатааһыны туһата суох оҥорор. Ол аата хаһан эрэ үчүгэй куһаҕаҥҥа кубулуйан биэриитэ син-биир кэлиэхтээх эбэтэр төттөрү буолан, куһаҕан үчүгэйгэ уларыйыахтаах. Ити курдук элбэх уларыйыылартан тэҥнэһиини тутуспут өрүт ордон тахсан сайдыыны ситиһэр кыахтанарын сахалар былыр үйэҕэ быһаараннар “Туох барыта ортотунан буолуохтаах” диэн этэллэр, бэйэлэрэ Орто дойдуга олороллорун билинэллэр.

Дьон өйдөөх-санаалаах буоланнар үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйарын уһатан, хойутатан биэрэр эрэ кыахтаахтарын билиниэхтэрэ этэ. Ол аата хайа да өттүгэр аһара барыылары, айыыны оҥорбокко олороллоро эбитэ буоллар үйэлэрэ балачча уһуо этэ диэн быһаарыы таба буолар. Онон сахалар “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрэ Сир уонна Күн тэҥнэһиигэ тутуллан туралларын хамсаппакка, оннугар туруорарга туһалыыр аналлаах, олус улахан суолталаах этии буолар. Ол иһин бу этиини хас киһи барыта тутуһа сылдьара буоллар Сиргэ олох уларыйбакка эрэ уһуннук туруо этэ.

Сайдыыны аһара түргэнник ситиһии эстиини, быстыыны эрдэлээн аҕалар кыахтааҕын “айыыны оҥорон ис” диир дьон өссө да билэ иликтэр. Ол курдук саҥаттан саҥаны арыйан, айыыны оҥоро охсон, сир баайын булан, тоҕо хаһан хостооһунтан, сотору ол саппаастар бүтүөхтээхтэрин ахсааны үөрэппит дьон билиэхтэрин сөп этэ.

Онон биһиги сахалар киһи буолуу, таҥарабыт үөрэҕин оннугар түһэрэн, оҕолору кыра эрдэхтэринэ көрсүө, сэмэй буолууга иитиини, үөрэтиини кытаатыннаран, чиҥэтэн биэрдэхпитинэ эрэ сайдыыны, омукпут ахсаана эбиллиитин ситиһэр кыахтаахпыт. Оҕолору иитиини бас-баттах ыытыы, көҥүлүнэн барбыт дьону үксэтэн, быстах быһыылары оҥорууларын элбэтэринэн омугу эстиигэ тириэрдэрин билиэхпит этэ.

СИЭР

Тыл төһөнөн аҕыйах дорҕоонноох даҕаны эрдэ, ол аата өссө былыргы кэмҥэ үөскээбит тыл буолар диэн тыл үөрэхтээхтэрэ дакаастаабыттара ыраатта. Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа сахаларга олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит. Сиэр туһунан суруйуубутун биһиги “Үрүҥ айыы буолуу” диэн үлэбитигэр саҕалаабыппыт. (17,35). Бу үлэбитигэр ол суруйуубутун салҕаан, кэҥэтэн биэриини оҥордубут.

Сахалар олоххо сыһыаннаах үчүгэй үгэстэр мунньуллууларын, ол үгэстэри кэспэт, уларыппат буолууну сиэр диэн ааттыыллар. Сиэр диэн дьүһүн эмиэ баар. Сиэр диэн дьүһүн үрүҥ уонна хара дьүһүннэр холбуу буккуһууларыттан үөскээбит дьүһүн буолар. Ол аата бу дьүһүн үрүҥ уонна хара икки ардыларынан дьүһүн буолар уонна киһи оҥорор быһыыларын быһаарыыга, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини таба тутуһууга, үһүс өрүтү арааран билиигэ аналланан, сиэр диэн киһилии киһи аһара барбат, кэспэт кыйыатын үөскэппит. Саха дьоно бары сиэри таһынан барыыны, сиэри кэһиини үчүгэй диэбэттэр. Айыыны оҥоруу сиэри кэһэр, таһынан барар, дьон билбэт буолан оҥорбот быһыыларыгар киирсэринэн сахалар олус сэрэхтээх быһыы буоларын билэллэр.

Сиэр диэн тыл киһи быһыытын быһаарыыга туттулуннаҕына үчүгэй, үрүҥ уонна куһаҕан, хара икки ардыларынан, ортолорунан барар быһаарыыны ылыныы олоххо таба буоларын биллэрэн сахаларга өй-санаа тутулугун, сокуонун үөскэппит. “Сиэри кэһимэ” диэн сэрэтии туолбатаҕына иэстэбил үөскүүрүн биллэрэр.

Сахалар сылгы дьүһүнүн быһаарыыга сиэр диэни элбэхтик тутталлар. Сиэр диэн сахалыы тылтан сиэрэй диэн нууччалыы тыл үөскээбит. Биир сүһүөхтээх сиэр диэн тылга нууччалар «й» диэн дьүһүнү быһаарар сыһыарыылара хос эбиллэн икки сүһүөхтэнэн сиэрэй диэн тыл үөскээбит. Нууччалыы «серый» диэн тыл эмиэ сахалыытын, сиэр диэн курдук өйдөбүллээх, сылгы дьүһүнүн уонна атын дьүһүннэри быһаарыыга туттуллар.

Нууччалар сахалар кэннилэриттэн уонна сахалары салгыы үөскээбит омуктар буолалларын, бу сиэр диэн тыл өйдөбүллэрэ уонна суолталара биирэ быһаарар. Нууччалар сахалартан үөскээбиттэрин билигин умнан, төттөрү баран, өй-санаа, таҥара үөрэҕэр сахалары үөрэтэ сатыы сылдьаллара кыайан таба өйдөммөт.

Сахалыы сиэр диэн тыл киһи оҥорор быһыытын быһаарарга туттуллуута өссө киэҥ уонна дириҥ өйдөбүллээх. Ол курдук үрүҥ уонна хара диэн тыллар дьон оҥорор быһыылара хайдаҕын; үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын быһаарар дириҥ суолталаахтар. Үрүҥ уонна хара холбуу буккуһуулара үчүгэй уонна куһаҕан бииргэ сылдьалларын быһаарар уонна сиэр диэн ааттанар.

Сахалар олохторугар сиэр диэн тылы элбэхтик тутталлар. Бу тыл киһи тугу оҥорорун, майгынын, быһыытын уонна өйүн-санаатын барытын быһаарар. Ол курдук сиэр киһи хаһан да аһара барбат кыйыата буоларынан киһи быһыытын олохтуур. Сиэри аһара барбат, сиэри кэспэт киһи киһи быһыылаах диэн ааттанар. Киһи быһыылаах киһи сиэри тутуһар, сахалыы өйү-санааны харыстыыр.

Кэнники нуучча тылыгар үтүрүттэрэн уонна сахалыы олох үөрэҕин ум¬нуу түмүгэр бу тыл аанньа туттуллубат буолла. Ол да буоллар саха дьонун олохторо урукку кэмнэргэ үөскээбит өйдөбүллэри, үгэстэри тутуһуунан, сиэр быһыытынан баран иһэр. Сиэр диэн сахалар олохторун сокуона. «Cиэрдээх быһаарыы»,- диэн этии олус сөп түбэһэр, таба быһаарыы буолбутун биллэрэр.

Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта сиэр диэн тылы маннык быһаарар. Сиэр - дьон туохха эмэ тутуһар майгылара эбэтэр үгэс оҥостубут үөрүйэхтэрэ. (20,404). Сиэри тутуспат буолуу: «Сиэрэ суох, сиэри таһынан, сиэргэ баппат»,- диэн этиилэринэн быһаарыллар уонна саха киһитэ хаһан да оҥорбот быһыыта буолар.

Сиэр диэн үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах үгэстэр хомуллубуттара, мунньуллубуттара ааттанар. Былыргы сурук-бичик суох кэмигэр саха дьоно сиэри тутуһан, ол аата олоххо туһалаах үгэстэри тутуһан олохторун олороллоро. Ол аата олоххо туһалаах үгэстэр үөскээһиннэрэ, уһун кэмҥэ дьайыылара, дьон бу үгэстэри тутуһар буолуулара сиэри үөскэтэр. Үчүгэй үгэстэргэ иитиллибит, үөрэммит, олору тутуһар киһи сиэрдээх киһи диэн буолар.

Сиэр диэн тыл үчүгэй эрэ өйдөбүллээх. Сиэр киһи тугу оҥорорун, бэйэтин быһыытын, майгынын кээмэйдиир буолан киһи буолууну, киһи быһыылаах буолууну бэлиэтиир. Сиэр – өйү-санааны ханна да аһара ыыппат, халбаҥнаппат со¬куон, аналлаах кыйыа буолар. Бу сокуону хаһан да аһара барыллыа суохтаах. Сиэри таһынан барыы киһи быһыытыгар сөп түбэспэт. Ол аата киһи быһыылаах киһи сиэри кэспэт, тутуһар киһи буолар. Оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араарар, сиэри тутуһар буолууга үөрэниитэ, үгэс оҥостуута киһи буолууга тириэрдэр.

Бу быһаарыыны салгыы сайыннардахпытына, саҥаны айыы, айыыны оҥоруу сиэри кэһэр, сиэри таһынан барар, дьон билбэт, оҥорбот быһыылара буоларынан сиэргэ сөп түбэспэт. Ол иһин хайа да айыы; үчүгэйи даҕаны, куһаҕаны даҕаны оҥоруу сиэри таһынан барыа суохтаахтар. Айыыны оҥорор киһи сиэри тутуспат, таһынан барар киһи буолар. Бу быһаарыы “айыы үөрэҕин” улахан сыыһатын, саха дьонун олохторун үөрэҕэр сөп түбэспэтин биллэрэр.

Ханнык баҕарар саҥаны айыы сиэргэ сөп түбэһэр, сиэри иһинэн буолуохтаахтара айыы-сиэр диэн холбуу этиинэн быһаарыллар. Ол аата бары саҥаны айыылар урукку олох уопутугар тирэҕирэр, ону сайыннарар буоллахтарына олоххо туһалаах буолаллар.

Майгы диэн киһи этин-сиинин хамсатыыга быһаччы кыттыбат өй-санаа мунньустуута, араас үгэстэрэ буолар. Майгы түргэнник үөскүүрүн тэҥэ, оннук түргэнник уларыйыан сөп. «Ыт майгына», «Киһи майгына» диэн этиилэр бааллара майгы эттэн-сиинтэн ордук тутулук¬тааҕын, кыылларга эмиэ майгы баарын быһаарар.

Киһи майгына олус элбэх араастаах. Хас киһи барыта өйүттэн-санаатыттан, этиттэн-сииниттэн тутулуктанар араас майгылаах. Майгы үөрэҕи, билиини ылыныыттан ордук улахан тутулуктааҕыттан, уларыйарыттан салгын куту үөскэтэр.

Сиэр өй-санаа хааччаҕа буоларынан майгы сиэри таһынан барбата ирдэнэр. Сиэрдээх майгы диэн киһи майгына сиэ¬ри таһынан барбатах, киһилии майгы буоллаҕына этиллэр. Сиэри тутуһар майгы, үчүгэй майгы, киһилии майгы, сиэр-майгы диэн аатырар. Ол аата, майгы эмиэ сиэргэ бас бэринэр, сиэр иһинэн буоллаҕына эрэ табыллар.

Өй-санаа, салгын кут үлэтэ, тугу толкуйдаан таһаарара барыта сахалыы ай диэн өй-санаа үлэтин быһаарар бэйэтэ икки өрүттээх; үчүгэйдээх эбэтэр куһаҕаннаах тылынан бэриллэр. “Ай” диэн саныыр санаабыт баспыт иһигэр сырыттаҕына үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана ханнык да хамсааһыннары оҥорботуттан кыайан биллибэт, араарыллыбат. Онтон бу санаабытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына, айыы диэн буолар, «ыы» диэн ытааһын сыһыарыылаах куһаҕан дорҕооннордоох тылынан этиллэр. Айыы диэн тыл “ыы” диэн ытааһын дорҕоонноноро айыы уратытын, сэрэхтээҕин, куһаҕана элбэҕин биллэрэн ураты өйдөбүлү биэрэр.

Киһи өйүттэн-санаатыттан чочуллан оҥоруллан, быһаарыллан тахсар буолан айыы эмиэ элбэх араастардаах. Улахан, кыра, үрүҥ, хара, үчүгэй, куһаҕан айыылар диэн биллэллэр. Ол иһин бу айыы эмиэ сиэр иһигэр киирдэҕинэ эрэ табыллар, киһи быһыытын таһынан барбат буолар. Сиэри таһынан барбат айыы сиэрдээх айыы эбэтэр айыы-сиэр диэн буолар. Айыы эмиэ сиэр иһигэр киирдэҕинэ, сиэргэ сөп түбэстэҕинэ эрэ үчүгэй, үрүҥ өйдөбүллэнэр, дьоҥҥо туһаны аҕалар. Ол иһин айыы-сиэр диэн этии үчүгэйгэ эрэ туттуллар.

Айыы диэн киһи билбэт буолан оҥорбот быһыытыгар киирсэр. Айыыны оҥорор киһи сиэри тутуспат, сиэри таһынан барар киһи буоларын арааран билэн олоххо айыыны оҥорортон, сиэри кэһэртэн туттунуохпут этэ. Сиэри тутуспат киһи киһи буолбатах. Айыы киһитэ диэн этии сиэри тутуспат киһини быһаарарынан алгыска туттуллуо суохтаах, өйү-санааны халыйыыга тириэрдиэн сөп.

Киһи оҥорор араас элбэх быһыылара барылара сиэргэ сөп түбэһэр, сиэри таһынан барбатахтарына эрэ киһилии быһыы, сиэрдээх быһыы буолал¬лар. Араас быстах, буолар-буолбат саҥаны айыылары була-тала сатаан оҥоро сатааһын, онно-манна солумсаҕырыы, сыыһа-халты буолан хаалара үксүнэн, куһаҕан быһыыны элбэтэринэн, сиэргэ сөп түбэспэт куһаҕан майгы буолар. Ол иһин оҕо улаатан иһэн сиэри тутуһа үөрэнэрэ, таһынан барбата хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Сиэри тутуһар киһи куһаҕан айыыны оҥорботуттан киһилии быһыылаах диэн өйдөбүл үөскээбит.

Оҕону “Айыыны оҥорума” диэн иитии, үөрэтии сиэри кэһимэ, таһынан барыма диэн бэрт көнө өйдөбүллээх. Айыыны оҥорбот киһи сиэри тутуһар, таһынан барбат, көрсүө, сэмэй, киһилии киһи буоларын таба өйдүөхпүт этэ.

Ити курдук сиэр диэн сахалар былыргыттан бу кэмҥэ диэри тутуһа сылдьар олохторун сокуона буолара дакаастанар. Киһи оҥорор туох баар быһыылара, киһи араас майгына барыта уонна өйө-санаата тугу айара сиэргэ сөп түбэһэр, сиэри аһара барбат буо¬луохтаахтар. Итини тэҥэ киһи олоҕо барыта сиэр иһинэн баран, сиэрдээх олох буолара киһи буолууну кытта сибээстээх. Ол иһин саха дьонугар олох сиэрэ диэн кытаанахтык тутуһуллар өйдөбүл үөскээбит. Олох сиэрин тутуһар киһи киһилии киһи буолар.

Олох биир сиргэ турбатыттан, хаамыытыттан, сайдыытыттан саҥаны арыйыылар киирэн иһиилэриттэн олох сиэрэ эмиэ уларыйан биэрэн истэҕинэ табыллар. Сэбиэскэй былаас саҕана киһи тутта сылдьар быһыытын быһаарар «Моральный кодекс строителя коммунизма» диэн баар этэ. Бу кодекс олус өр кэмҥэ уларыйбакка туран хаалбыта үгүс дьон өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэспэт этэ. Сиэр-майгы эмиэ кэмиттэн кэмигэр уларыйан биэрэн иһэрин саха дьоно былыргыттан билэр буоланнар сиэр ханнык даҕаны биллэр хааччаҕа суох, элбэхтэр быһаарыыларынан уларыйан биэрэн иһэр кыахтаах. Ол иһин кэмиттэн кэмигэр бары бүттүүн быыбардар көмөлөрүнэн олоххо уларыйыылары киллэрэр аныгы демократия көрдөбүллэригэр ордук сөп түбэһэр.

Сиэр сыыйа-баайа уларыйан иһэрин быһаарарга маннык көстүүнү ылыахпытын сөп. Биир үйэ анараа өттүнээҕи кэмҥэ дьахталлар моонньулара уонна илиилэрэ эрэ таҥастарыттан быгар эбит буоллахтарына, билигин эмиийдэрэ көстө сыл¬дьара улахан сиэри кэһиинэн ааҕыллыбат буолла.

Онон, олох уларыйан иһиитин кытта тэҥҥэ сиэр эмиэ уларыйан биэ¬рэн иһэр. Манна сөптөөх уларыйыылары дьон бэйэлэрэ өйдөрүн-санааларын күүһүнэн киллэрэн биэрэн иһиэхтэрин сөп. Дьон бары би¬линэр буолуулара, үйэлээх үгэстэри үөскэтиниилэрэ сиэри уларытар. Ол аата элбэхтэр ылыммыт быһаарыныыларын батыһан сиэр уларыйан биэрэн иһэр кыахтаах.

Онон саха дьоно уһун үйэлэр тухары демократия сокуоннарын тутуһан олохторун олорон кэлбиттэрин, сиэр диэн олохторун сокуона элбэхтэр быһаарыыларынан уларыйан, тупсан биэрэрэ быһаарар. Ол иһин биһиги үөрэхпит “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этииттэн тутулуктааҕыттан атын таҥара, өй-санаа үөрэхтэриттэн ордук таба, сайдан уларыйан биэрэр кыахтааҕыттан уһун үйэлээх.

ТӨРҮЧЧҮ ҮӨРЭҔЭ

«Кут-сүр үөрэҕэ» сахалар киһи өйүн-санаатын дириҥник билэллэрин уонна олохторугар киэҥник туһана сылдьыбыттарын дакаастыыр. Ол курдук киһи өйүн-санаатын үс кукка араарыы үөрэх-билии өйгө-санааҕа хайдах киирэн иҥэрин уонна ханнык уларыйыыны баран, үгэскэ кубулуйан умнуллубат курдук уурулларын, онтон кэлин тиһэҕэр буор куту үөскэтэн, эти-сиини үөрүйэх оҥорон, уларытан кэлэр көлүөнэлэргэ салгыы бэриллэр кыахтанарын табатык быһаарар.

Кут диэн эккэ-сииҥҥэ үөскүүр, араас хамсаныылары оҥорорго сыһыаннаах өй-санаа мунньустуута ааттанар. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ киһи үс куттаах диэн быһаарар. Ол куттар буор, ийэ уонна салгын кут диэн ааттаналлар.

Төрөппүттэри, былыргы төрүттэри, өбүгэлэри үөрэтии төрүччү үөрэҕэ диэн ааттанар. Сэбиэскэй былаас иннинэ сахалар төрүттэрин тоҕустан уон икки көлүөнэҕэ диэри бары билэллэр эбит. Хас киһи барыта былыргы төрүттэрин, аймахтарын билэрэ, билигин биһиги олохпутугар ырыынак үйэтэ кэлэн киһилии быһыылар ордук сыаналанар буолбуттарын кэнниттэн өссө улаатта.

Оҕо төрөппүттэриттэн этин-сиинин быһаччы утумнууруттан эти-сиини хамсатар аналлаах буор кутун эмиэ ылынар. Ол аата оҕо төрөппүттэриттэн кинилэр үйэлэрин тухары үөрэтэн иҥэриммит өйдөрүн-санааларын, үгүс үөрүйэхтэрин, буор куттарын илдьэ төрүүр. Дьон сааһыран баран оҕолоннохторуна оҕолоро өйдөөх, үлэлии-хамсыы үөрүйэх буолара сайдыбыт буор куту иҥэринэн төрүүрүнэн табатык быһаарыллар.

Сахалар өй-санаа, кут-сүр үөрэхтэрэ киһи кэлэр көлүөнэлэригэр буор кутун салгыы биэрэн иһэр кыахтааҕын этэр. Биһиги бу үөрэҕи биллэхпитинэ, олохпутугар туһаннахпытына кэлэр көлүөнэлэрбит өйдөрө-санаалара туруктаах, эттэрэ-сииннэрэ бөҕө-таҕа, доруобай, үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиир кыахтаах буола төрүүрүн ситиһиэхпитин, омукпутун салгыы сайыннарыахпытын сөп.

Үөрэх-билии улахан киһиэхэ киирэн, иҥэн салгын кут буолан мэйиитин сарыытыгар мыччыстаҕастар буолан ууруллар. Кэлин бу билиибит үгэскэ кубулуйдаҕына, умнуллубат буоллаҕына, мэйии дириҥ түгэҕэр диэри тарҕанар, киһини бэйэтин салайар, толоруллар кыахтанар, онтон салгыы сайыннаҕына, бары быччыҥнарга тарҕаннаҕына, буор кукка кубулуйар, эккэ-сииҥҥэ тарҕанан үөрүйэх буолууну үөскэтэр. Араас эмтэммэт ыарыылар киһи буор кутугар уурулланнар кэлэр көлүөнэлэргэ салгыы бэриллэр кыахтаналлар. Ол иһин ыраах төрүттэригэр ханнык эмэ төбө ыарыылаахтар, кылгас үйэлээхтэр, быстахтык быһыыланааччылар, арыгыһыттар баар буоллахтарына, былыргы сахалар улаханнык сэрэнэн, бу аймахтары кытта ыал буолартан, кэлэр көлүөнэлэрин харыстаан, туттуналлар этэ.

Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин суох оҥоруута уонна арҕааҥҥы үөрэҕи өрө тутуута сахалар былыргы билиилэрин суох оҥорууга тириэрдэ сыспыта. Билигин ырыынак кэмэ син кэлэн туруктаах өйдөөх-санаалаах, көрсүө, сэмэй үлэһит дьон кыайалларынан үлэлээн-хамсаан тугу эмэ туһалааҕы оҥостуналлара сыаналанар буолан иһэр. Былыргыттан, хас эмэ көлүөнэлэр усталарыгар кыайыылаах, таһаарыылаах үлэһит, оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин олохторун үөрэҕэр үөрэтэр дьону «Төрүт уус ыал» диэн ааттыыллара халлаантан ылыы буолбатах. Ол курдук киһиэхэ буор кут хас да көлүөнэлэр усталарыгар сайдан мунньуллар уонна кэлэр көлүөнэлэргэ салгыы бэриллэн иһэр. Ол иһин аймахтар сайдыылаах буор куттарын харыстыа, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин ситиһиэ этилэр.

Үлэҕэ-хамнаска сүрэҕэ суох буолуу эмиэ төрүттэри үөрэтиинэн арыллан тахсар. Урукку ыраахтааҕы салайар кэмигэр Россияҕа ырыынак сокуоннара тутуһуллар этилэр. Ким үчүгэйдик үлэлиир син туох эмэ баайдаах-маллаах, сирдээх-дойдулаах буолара.

Быстар дьадаҥылар, туох да баайдара суох хамначчыттар өрө туруу көмөтүнэн салайар былааһы ылан, барыны бары баһылаан олорбуттара 90-тан тахса сыл буолбутун кэнниттэн Россия дьоно ахсааннара аҕыйаан иһэрин тэҥэ, туох баар үлэ-хамнас барыта сатарыйан, оҥорон-тутан таһаарыы суох буолан, бэлэми, сир баайын эрэ хостооһун, олору туһаныы үлэлэрин эрэ кыайар, сайдыыта суох буор куттаах эдэр дьон үөскээтилэр.

Төрүччү үөрэҕин туһаммат буолуу дьон-аймах өйдөрө-санаалара уонна эттэрэ-сииннэрэ мөлтүүрүгэр тириэрдэрин саҥа билэн эрэбит. Ол курдук таптал, сөбүлүү көрүү аҥардастыы эт-сиин баҕата буоларынан өй-санаа тутаах көрдөбүллэрин аахсыбат, халыйыылары үөскэтэр, олоххо араас уустук балаһыанньалар үөскүүллэригэр тириэрдэр кыахтаах. Ол курдук:

1. Таптал аймахтыы буолары аахсыбат.

2. Тапталга баай-мал көрдөбүллэрэ суох буолаллар.

3. Аймахтарга урукку биллибэт ыарыылар баалларын таптал билэ да сатаабат.

Бу балаһыанньалары сыаналаатахпытына дьиҥнээх олоххо аҥардастыы тапталынан эрэ салаллан олоҕу олоруу чахчы кыаллыбат, үчүгэйгэ тириэрдибэт. Ыал буолуу эмиэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэринэн, тапталы тэҥинэн ойтөн-санааттан, баайтан-малтан тутулуктааҕа улахан өрүтүн ылар буоллаҕына, аныгы олоххо аҥардас тапталынан эрэ салайтарыы халыйыыны үөскэтэрэ быһаарыллар.

Ыал буолуу үөрэҕэр сахаларга былыргы кэмнэргэ тапталы кытта энньэ уонна халыым туттуллара. Бу эбии көрдөбүллэр таптал утары өрүтүн, өйтөн-санааттан, баайтан-малтан тутулуктаах өттүн үөскэтэллэрэ. Туохха барытыгар икки өрүтү тэҥнээн туһаныы эрэ уһун үйэлээх сайдыыны аҕаларын билиэ этибит.

Киһи буолуу диэн аан бастаан өй-санаа сайдыытыттан тутулуктаах үөрэх. Бу үөрэх сүрүн көрдөбүлүнэн оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран, араас элбэх баҕа санааларын салайан, киһи быһыытын аһара барбатыгар күһэйиитэ, хааччахтааһына, сиэри тутуһарга үөрэниитэ буолар. Таптал аан бастаан эт-сиин баҕа санаата буоларынан, өйө-санаата сайдыбыт киһи таптал үөскэтэр халыйыыларын өйүн-санаатын күүһүн туһанан суох оҥордоҕуна эрэ, киһи быһыытыгар сөп түбэһэр, дьоҥҥо туһалаах өрүтэ арыллар. Ыал буолан олоҕу олоруу уопутуттан ылыннахпытына таптал сотору кэминэн ааһарынан ытыктаһыы, убаастабыл, сөбүлээһин үгэс буолбуттара эрэ ордон хааланнар дьон уһуннук, олохторун устата ыал буолан олороллоро кыаллар.

«Уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук» диэн этиини халбаҥнаабакка эрэ тутуһар буолуу кэргэнниилэр аймахтыы буолуулара ыраатан иһэрин хааччыйар кыахтаах. Бу этиини тутуспатах кэргэнниилэр оҕолоро өйүнэн ыарыһах буолан хаалара, кинилэри хойутаан да буоллар санаарҕыылларыгар, олохторо табыллыбатыгар тириэрдиэн сөп. (18,246).

«Таптаатым да тайахтаахха тахсыам, сөбүлээтим да сүгэһэрдээххэ сүктүөм» диэн сорох дьахталлар баҕа санаалара сахалар олох туһунан үөрэхтэригэр сөп түбэспэт. Бу сөп түбэспэт буолууну төрүччү үөрэҕэ толору дакаастыыр. Ол курдук аҥардас тайахтаах эрэ, дьадаҥы киһи аныгы дьахтар бары көрдөбүллэрин кыайан толорор кыаҕа суоҕа бииргэ олох олоруу олус уустугурарыгар, кыаллыбатыгар да тириэрдиэн сөп.

Кэргэн, ыал буолууга төрүччү үөрэҕин хайаан да тутуһуу эрэйиллэр көрдөбүл буолуо этэ. Төрөппүттэр, эһэлэр, эбэлэр олоххо ылыммыт үөрэхтэрин, билиилэрин сөптөөхтүк туһанан оҕолоругар, сиэннэригэр төрүччү үөрэҕин иҥэрэннэр, кэлэр көлүөнэлэрэ салгыы сайдалларыгар туһалыырын таба сыаналыахтара этэ.

Аймахтары үөрэтии, кинилэр олохторун, доруобуйаларын, үлэлэрин-хамнастарын, өйдөрүн-санааларын ырытыы төрүччү үөрэҕэ диэн ааттанар. Бу үөрэҕи хас биирдии киһи билэрэ уонна олоҕор туһанара кэлэр көлүөнэлэр сайдыыларыгар туһата улахан буолуо этэ. Төрүччү үөрэҕэ уонна сахалар «Кут-сүр үөрэхтэрэ» биир ситимнээхтэр. Ол курдук киһи оҥорор быһыыларыттан өй-санаа үөскээн ийэ, буор кукка кубулуйан кэлин бэйэтин салайар кыахтанарын сахалар үөрэхтэрэ дакаастыыр.

Оҕо төрөппүтүн көрөн, үтүктэн үөрэнэрэ үгүс. Үгүстүк сытар төрөппүт оҕото өссө элбэхтик сытар буолара быһаарыллар. Төрөппүттэр хайдах быһыылары оҥороллоруттан, атын дьоҥҥо, үлэҕэ хайдах сыһыаннаһалларыттан оҕолоро хайдах быһыылаах буола улаатара быһаарыллар. Төрөппүттэри үөрэтии, төрүччүлэрин ырытыы оҕолоро хайдах быһыылаахтарын, олоххо хайдах сыһыаннаһалларын толору арыйан быһаарар кыахтаах.

Саҥа ыал буолууга төрүччү үөрэҕин туһаныы суолтата өссө улаатар. Чугас аймахтарыгар быстахтык быһыыланар, араас эмтэммэт ыарыылардаах дьону кытта эдэрдэр олохторун холбууллара чахчы сыыһа. Араас эмтэммэт ыарыылаахтар, быстах быһыылаахтар, дьадаҥылар сайдыбакка, элбээбэккэ, көҕүрээн истэхтэринэ үтүө, үчүгэй санаалаахтар, көрсүө, сэмэй майгылаахтар, доруобайдар, үлэһиттэр элбиир кыахтара улаатарын, омук сайдарын, ахсаана эбиллэрин таба сыаналыахпыт этэ.

Быстах быһыылары туруга суох өйдөөх-санаалаах, тулуурдара тиийбэт, бэйэлэрин кыана туттубат дьон оҥороллоро элбэх. Ол иһин быстах быһыылары аҕыйатыы дьон өйдөрө-санаалара бөҕөргөөн, тулуурдара элбээн иһэрин бэлиэтиир көстүү буолар. Кэлэр көлүөнэлэрин туһугар дьиҥнээхтик кыһанар төрөппүттэр төрүччү үөрэҕин билэн, туһана сылдьыахтара этэ.

Сэбиэскэй былаас дьоҥҥо оҥорбут биир олус куһаҕан быһыытынан төрүччү үөрэҕин умуннарыыта, “былыргы хаалынньаҥ үөрэх” диэн туоратыыта буолар. Эдэрдэр бэйэлэрэ таптыы түстэллэр эрэ холбоһо, ыал буола охсууларын тарҕатан, тэнитэн уонна дьадаҥы, туох да баайдара-маллара суох, үлэни кыайа-хото үлэлээбэт дьадаҥы дьону өрө тутан Россия дьонун барыларын генофондаларын буорту оҥорбуттара кут-сүр үөрэҕинэн дакаастанар кыахтанна. Ол курдук билигин Россияҕа дьон буруйу оҥоруулара элбээһинэ, үлэһит дьон аҕыйааһыннара эт-сиин мөлтөөһүнүттэн, ордук буор куттара сайдыыта суоҕуттан быһаччы тутулуктаах.

Онон төрүччү үөрэҕэ диэн дьон-норуот былыр-былыргыттан кытаанахтык тутуһан сайдыылаах буор куттаах дьону талан ылар, доруобайтан доруобайдар, өйдөөхтөн өйдөөхтөр төрөөн үөскүүр, сайдар, омуктар баччаҕа тиийэн кэлиилэрин төрүттээбит үөрэх буолар. Бу сахалар үөрэхтэрин кытаанахтык тутуһуу сайдан иһэр омуктартан ирдэнэр олох тутаах көрдөбүлэ буоларын умнумуохха, олоххо туһаныахха.

ХОС БЫҺААРЫЫЛАР

1. Г.Миллер. Сонник: Толкования 10000 снов. Москва: ООО Фирма «Издательство АСТ», 1999.- 400 с.

2. Поль С. Брэгг. Формула совершенства. Санкт-Петербург: ТОО «Лейла», 1993.- 384 с.

3. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.

4. Газета «Якутск вечерний». 11 марта 2011 года.

5. 100 великих предсказаний. – М.: Вече, 2010. - 432 с.

6. Дмитрий Таас. Сэһэннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1990.- 336 с.

7. Саввин А.А. Пища якутов до развития земледелия. – Якутск: ИГИ АН РС(Я), 2005. – 376 с.

8. Газета «Аргументы и факты». №10, 2011 г.

9. Каженкин И.И. Тыл - санааны салайар. – Дьокуускай: “Триада”, 2003. – 76 с.

10. Г.Г.Окороков, И.К.Сивцев. Саха литературата. Хрестоматия. 10 кылаас. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1981.- 280 с.

11. Николай Якутскай. Алмаас уонна таптал. Сэһэннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1983.- 344 с.

12. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. (Публикации 1928 - 1929 гг.) Якутск: Творческо-производственная фирма «Север – Юг», 1992.- 318 с.

13. Л.А.Афанасьев. Айыы үөрэҕэ. Дьокуускай: «Ситим» КиФ, 1993.- 184 с.

14. Н.Н.Яковлев. Курууппа ойуун көрүүлэрэ. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1993. - 56 с.

15. НТВ. 8.04.11. Передача “Дело «Фишера».

16. Газета “Якутск вечерний”. 21 октября 2011 года.

17. “Кыым” хаһыат. 11.05.2001.

18. Журнал «Здоровье». N 1, 1986 г.

19. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. – 88 с.

20. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 с.

21. Багдарыын Сүлбэ. Нөрүөн нөргүй буолуохтун! – Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 1995. – 272 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Киһи тутула

Эт-сиин

Өй-санаа

Үс кут

Буор кут

Буор кут бэриллиитэ

Буор куту эрчийии

Талаан уонна дьоҕур

Дьадаҥы диэн ыарыы

Сүрэҕэ суох буолуу - дьадайыы

Өйдөөх оҕону төрөтүү

Хаан уруу

Буор кут буккуллуута

Буор кут мөлтөөһүнэ

Ийэ кут

Ийэ куту иитии

Аралдьытыы

Атаах оҕо

Атаах кыыс

Оҕону иитии уратылара

Уһуйуу

Маньяк

Абааһыта киирбит

Компьютер буортута

Оонньооботох оҕо саас

Салгын кут

Салгын кут сайдыыта

Тэҥнэһии

Өй-санаа сайдыытын таһымнара

Өй-санаа сайдыыта

Сиэр

Төрүччү үөрэҕэ

Хос быһаарыылар

Иһинээҕитэ