Кут-сүр үөрэҕэ (Каженкин И.И.)
KУТ – СҮР ҮӨРЭҔЭ Дьокуускай 2004.
АННОТАЦИЯ
Олох оҥкулуттан тутуллан киһи өйө-санаата икки өрүттээх буола сайдар. Киһи тугу оҥороро санаата хайдаҕыттан тутулуктаах, ол иһин үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорор буолуутугар тириэрдэр. Үтүө, үчүгэй, үрүҥ санаата киһи куһаҕан, хара санаатын баһыйар элбэх буоллаҕына эрэ киһи үчүгэй быһыылары оҥорорун автор бэлиэтиир.
Автор былыргы сахалар киһи өйүн-санаатын үөрэтиинэн дириҥник дьарыктаммыттарын арыйар. Сахалар буор, ийэ уонна салгын куттар диэн өйдөбүллэрин кэҥэтэн, дириҥэтэн быһаарар. Түүллэри үөрэтэн, киһи куттарын ура¬тыларын арааран, билэн туһаныы киһилии майгылаах эдэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарарга туһалыаҕа.
Бары ааҕааччыларга ананар.
Автор делает попытку использования богатого духовного наследия и мировоззрения предков якутов в деле воспитания подрастающего по¬коления, приводит собственную трактовку данного учения кут-сүр.
Изменения жизненных условий влечет за собой изменения сознания людей, затрагивающего одну из тайн человека – как сон. Необходимо духовное воспитание подрастающего поколения.
Для широкого круга читателей. И. И. Каженкин.
ААН ТЫЛ
Былыргы саха ойууннара киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэтэннэр кут-сүр үөрэҕин сайыннарбыттар. Kинилэр түүлү тойоннооһунунан киэҥник дьарыктаналарын чинчийээччилэр элбэхтик бэлиэтээбиттэр. Ойууннар бу үөрэҕи сайыннаралларыгар түүлү үөрэтэн туһаммыттарыгар сөп. Түүл киһи өйүн-санаатын биир дьикти көстүүтүнэн буолар. Түүл киһиэхэ хантан кэлэн киирэрэ билигин даҕаны ситэ быһаарылла илик.
Биһиги бу үлэбитигэр түүл диэн киһи олоҕун сирдьитэ, бастаан иһэр бэриэччитэ, кини куттарын санаалара буолар эбит диэн быһаара сатыахпыт. Ол курдук, түһээн туста сылдьар дьону көрдөххө, ыалдьыт кэлиэ диэн этэллэр. Итини тэҥэ бу түүл тойоннооһуна кэлбит ыалдьыты кытта эн көрүүлэриҥ сөп түбэһиэхтэрэ суоҕа диэн эбиискэ быһаарыылаах буо¬лар. Түүлгэ анараа киһи кутун кытта эн кутуҥ санаалара тапсыбакка¬лар туста сылдьалларын көрбүт буолуохха сөп. Маннык түүллэри быһаарыыга былыргы сахалар кут-сүр үөрэхтэрин туһаныахха сөбө ити көстүүттэн биллэн тахсар. Ол курдук киһи түүлүгэр көстөр бэлиэлэри хайдах уонна хантан көрөрө эмиэ туспа уратылардаах. Бу уратылар киһи тус-туспа куттара түүлү атын-атыннык көрөллөрүттэн уонна куттар өйдөрө-санаалара бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэспэт буолууларыттан үөскээн тахсаллар.
Биһиги бу үлэбитигэр түүл көстүүлэрин уонна аныгы психология үөрэхтэрин туһанаммыт былыргы сахалар кут-сүр үөрэхтэригэр этиллэр киһи үс кутун сөптөөх оннуларыгар аҕалтаатыбыт. Kут-сүр үөрэх этэринэн киһи кутун өйдөрө-санаалара тус-туспалар уонна ити куттарга мунньуллар өйдөр-санаалар бэйэлэрэ эмиэ биллэр уратылардаахтар.
Бастакы кут — буор кут буолар. Киһи этин-сиинин кытта быһаччы сибээстээх, эти-сиини харыстыырга, хамсатарга аан маҥнай эппиэттиир сүрүн кут буолар. Эккэ-сииҥҥэ кыра да ыарыы билиннэр эрэ буор кут хардары эп¬пиэттээн ханнык эрэ харыстанар хамсаныылары оҥорорго тириэрдэр.
Иккис кут — ийэ кут. Бу куту өбүгэлэрбит олус табатык ааттаабыттар. Оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ аан маҥнай ийэ оруола олус үрдүгүн, туохха да кыайан тэҥнэммэтин быһаарар. Оҕо олох кыратыттан, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕиттэн ийэтин, аҕатын сыһыаннарын, быһыыларын-майгыларын көрөн, үтүктэн үөрэммит үөрэҕэ барыта бу кукка мунньуллан, үгэс буолан ууруллан иһэллэр. Үтүктэн, хос-хос хатылаан үгэс оҥостон үөрэнии мунньустар кута – ийэ кут. Буор куту кытта куруук бииргэ сылдьар буолан киһи төрүт өйө-санаата буолар.
Үһүс кут - салгын кут. Бу кут оҕо 5 эбэтэр 6 сааһыттан ыла сайдан барар. Үөрэх-билии, толкуйдуур өй-санаа мунньустар киинэ. Салгын кут сайдан истэҕинэ киһи үөрэх-билии этиитинэн салайынар буолан барар. Улахан киһи олоҕун устата куруук кэриэтэ салгын кутунан салайынар.
Биһиги бу үлэбитигэр саха дьоно былыргы дьыллар мындааларыттан ыла мунньуммут олохторун үөрэҕин, бэргэн этиилэрин, өс хоһооннорун туһанныбыт. Сахалар «Олох олоруу алааһы туорааһын буолбатах»,- диэн бэргэнник этэллэр. Киһи олоҕун устата араас быһылааннарга, ыксаллаах түгэннэргэ түбэһэрэ ыраахтан буолбатах. Ол иһин Айылҕа киһини көмүскэнэр кыаҕын улахан гына айбыт. Олус соһуччу, ыксаллаах кэмҥэ түбэстэҕинэ киһи толкуйдуур өйө, салгын кута арахсан, салайыыны ордук түргэнник оҥорор кыахтаах ийэ эбэтэр буор кута ылар. Бу куттар ордук түргэн хамсаныыны оҥорор кыахтаах буоланнар киһи кутталтан, ыксаллаах түгэнтэн, быһыыттан быыһанарыгар кыаҕа, күүһэ төһө эмэ улаатан биэрэрин хааччыйаллар.
Биһиги дойдубутугар кэнники кэмҥэ эдэр көлүөнэни иитии-үөрэ-тии улаханнык уустугурбутун төрөппүттэр уонна милиция үлэһиттэрэ бэлиэтииллэр. Кыра эрдэҕи¬нэ олус үчүгэй, наһаа мааны, атаах оҕолоро улааттаҕына майгына тосту уларыйарын, ийэтин, аҕатын тылларын уонна үөрэхтэрин ылыммат буолан хааларыттан төрөппүттэр олус хомойор буоллулар.
Буруйу оҥоруу диэн тугуй? Үксүгэр аһара барыы, сыыһа туттуу бу¬руйу оҥорууга тириэрдэр. Үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорору арааран билбэт киһи буруйу, сыыһаны оҥороро элбиир. Ол инниттэн төрөппүт оҕотугар бу үчүгэй диэн үчүгэй быһыыны оҥорорго үөрэтиэхтээх, онтон куһаҕаны оҥорорун боборо, хааччахтыыра кэлин бу¬руйу оҥорорун аҕыйатыа этэ.
Оҕо улаатан истэҕинэ өйө-санаата хайдах сайдан иһэрин кут-сүр үөрэҕин туһанан быһаарыылары оҥордубут. Оҕону кыра эрдэҕиттэн бу үөрэҕи туһанан үөрэтии улахан туһаны аҕалыа. Ол курдук оҕо олохсуйбут үгэс¬тэргэ үөрэнэн бэрээдэги тутуһар, атын дьону кытта сыһыаныгар эйэ¬лээх буолуутугар ийэ кутугар олохсуйбут өйдөбүллэрдээх, үгэстэрдээх эрэ буоллаҕына, быстах быһыыларга түбэһэн сыыһа туттара аҕыйах буолар.
Эдэр көлүөнэни иитэн-үөрэтэн аймах-билэ дьон олохторо салгыы баран иһэрин наадатыгар кут-сүр үөрэҕин тутуһуу наада. Биһиги үчүгэйи баҕарар санаабытыгар оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун өйүн-санаатын үчүгэй өйдөбүллэринэн толорон, үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэн биэрдэххэ эрэ кини улааппытын кэннэ өйө-санаата туруктаах буолан, быстах быһыы¬ларга киирэн биэриэ, ыксаллаах кэмнэргэ сыыһа туттуо суоҕа диэн быһаарабыт.
ОЛОХ ОҤКУЛА
Дьон олоҕо былыргыттан олохсуйбут сиэри-туому, үгэстэри тутуһан халбаҥнаабакка, уларыйбакка баран иһэрин сахалар олох оҥкулун устун долгуйбакка устан иһэр диэн ааттыыллар. Олох биир тэҥник, оҥкула, сайдан иһэр суола уларыйбакка баран истэҕинэ киһи, дьон олоҕун үөрэхтэрэ куруук туттуллар үгэстэргэ кубулуйан-нар кэлэр көлүөнэ эдэрдэргэ, төрөппүттэртэн, кырдьаҕас көлүөнэттэн үтүктэн үөрэтии көмөтүнэн бэриллэн иһэллэр. Ол иһин олох биир тэҥник, долгуннарга оҕустарбакка салгыы баран иһэр кыахтанар. Олох оҥкулун уларыйыыта, олох сиэрин, сыалын-соругун уларытар, олох суола хамсыыр, улахан долгуннарга кубулуйар. Ол курдук Октябрьскай революция кэнниттэн дьадаҥы дьон бы¬лааһы ыланнар урукку олох оҥкулун үлтү сынньан, уларытан социализ¬мы тутууну саҕалаабыттара, урукку олох сиэрин, үгэстэрин барытын умуннарбыттара, суох гына сатаабыттара.
Саҥа олох сүрүн сыалынан-соругунан бары биир тэҥ буолуу буолбута. Оччотооҕу Россия дьонун үгүс өттүлэрэ быстар дьадаҥы эр¬дэхтэринэ итинник сыал-сорук кинилэр үгүстэрин баҕа санааларыгар олус сөп түбэһэр этэ. Ол эрээри кэнники кэмҥэ дьон олоҕо көнөн, кыра да буоллар баайдара-маллара эбиллэн, үөрэх-билии киирэн истэҕинэ, биир тэҥ буолуу, өй-санаа тэҥнэһиитэ кыайан ситиһиллибэтэ биллибитэ. 80-с сыллар бүтүүлэригэр аны «пе¬рестройка» хамсааһына кыайан «социализм» олоҕун оҥкула уруккуга төттөрү уларыйыыта саҕаламмыта. Россия дьоно «социализм» кэмигэр бары биир тэҥ дьадаҥы дьон эбит буоллахтарына, билигин ким барыта төһө кыахтааҕынан байар-тайар, элбэх харчыланар кэмэ кэллэ.
Революция түмүгэр олох оҥкулун эмискэ уларыта тутуу, дьон өйө-санаата тосту уларыйа түһүүтүн кыайан таһаарбата билиннэ. Элбэх киһи өйүн-санаатын уларытыы бэйэтэ эмиэ олус уһун кэми, хас да көлүөнэ дьон уларыйыыларын ирдиирин кэлин биллибит. Ол курдук революция кэнниттэн үөскээбит кытаанах кэмҥэ былыргылыы, баай¬дардыы өйдөөх-санаалаах элбэх дьону репрессиялааһын, өлөртөөһүн уонна хаайыы түмүгэр соци¬ализм өйө-санаата быдан түргэнник киирэн испитэ диэххэ сөп. Дьон өйө-санаата, олохсуйбут үгэстэрэ уларыйыыларыгар диэри төһө эмэ уһун кэм, хас да көлүөнэ дьон солбуһуулара наада. Ол аата, олох оҥкулун уларыйыыта бэйэтигэр сөптөөх үтүө үгэстэри үөскэтэн, аны ол үгэстэрэ кэлэр көлүөнэ дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэллэригэр төһө эмэ бириэмэ наада. Онтон салгыы бу үөскээбит үгэстэри төрөппүттэр оҕолоро кыра эрдэхтэринэ өйдөрүгэр-санааларыгар, ийэ куттарыгар иҥэрдэхтэринэ, саҥа олох оҥкула дьэ олохсуйан, эдэр көлүөнэ дьоҥҥо бэриллэр буолан барар. Саҥа үөскүүр көлүөнэ дьон төрүөхтэриттэн ыла саҥалыы олох үөскэппит үгэстэригэр үөрэнэн улааттахтарына, дьиҥнээх саҥа, уларыйбыт олох дьоно буолуохтарын сөп.
Олох оҥкула уларыйдаҕына төрөппүт бэйэтэ да ситэ билбэт саҥа олоҕор үчүгэй үгэстэри үөрэтэн баһылыы илик буолан оҕотун үгэстэргэ үөрэтэр кыаҕа суох буолар. Биһиги быһаарыыбытынан үчүгэй үгэс¬тэргэ үөрэммэтэх эдэр киһи ийэ кутугар олохтоох, туруктаах өй-са¬наа ууруллан мунньуллубат. Ол иһин олох оҥкула уларыйыытын кэнниттэн туох да үгэстэргэ үөрэтиллибэтэх, сиэри-туому билбэт эдэр дьон үөскээн, элбээн тахсаллар. Ийэ куттарыгар туруктаах өй-санаа ууруллан мун¬ньуллубатах дьоно бэйэлэрин быстах баҕа санааларыгар ылларымтыа, ол санааларын кыайан салайбат буола улааталлар. Ити иһин олох оҥкулун уларыйыыта эдэр дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннарыыга ордук улахан уустуктары, охсуулары оҥорор.
Оҕону кыра эрдэҕинэ үөрэтии ийэ кутун иитии, үгэстэргэ үөрэтии диэн ааттаныан сөп. Үгэстэр оҕо ийэ кутугар ууруллан, чиҥник өйдөнөн хаалар буоланнар киһи төрүт өйө-санаата, ийэ кута буолаллар. Төрөппүт бэйэтин өйүнэн-санааты¬нан тугу үчүгэй эбэтэр тугу куһаҕан диэн быһаарарынан кыра оҕотун үөрэтэн, ийэ кутугар иҥэрэр даҕаны соннук өйдөөх-санаалаах киһи улаатан тахсар. Былыргы сахалар ити үөрэҕи билэннэр киһини билиэх¬тэрин баҕардахтарына төрөппүттэрин туһунан ыйыталаһаллар этэ. Итини тэҥэ “Төрүт ыал”, “Ытык ыал” диэн өйдөбүллэр оҕолорун үтүө үгэстэргэ үөрэтэр ыаллары быһаарарга анаан туттуллаллар.
Олох оҥкула, сиэрэ, сыала-соруга уларыйыыта олохсуйбут үгэстэр уларыйыыларыгар тириэрдэр. Оҕону үөрэтии үгэстэрэ уларыйыылара, үгэскэ, олохтоох өйгө-санааҕа үөрэтиллибэтэх эдэр дьон баар буолууларын элбэтэр. Үтүө үгэстэргэ үөрэммэтэх эдэр дьон элбээһиннэрэ дьон олоҕун туруга суох оҥорор. Билиҥҥи биһиги олохпут көстүүлэрэ итинник кэм кэлбитин туоһулууллар, эдэр көлүөнэлэрбит бас-баттах иитиилээх буола улаатаннар олоххо оннуларын кыайан булбакка эрэйдэнэллэр.
Аны билигин, социализм кэмигэр тула өттүттэн манабылга сылдьыбыт олохпут оҥкула улары¬йан, эмискэ босхо баран хаалбыта куһаҕан өттүн диэки баран эрэр. Чэпчэкитик байбыт дьон элбэхтэрэ, олох сиэрэ уларыйыытыгар тириэртэ. Кыайан үлэ булбатах эдэр дьон чэпчэкитик байбыт дьону булан уоран, халаан туһанарга үөрэннилэр. Байыы-тайыы кинилэргэ ыҥырар, угуйар сулус буолан кылбайан, аттыларынан омук массыыната буолан килэпэччийэн ааһар. Бэйэтэ үлэлии, оҥоро үөрэммэтэх, сөптөөх үлэтэ суох эдэр киһи дөбөҥнүк харчы булуу, байа охсуу диэки санаатын салайара түргэн. Уоруу, халааһын ол иһин элбээн иһэр.
Уларыта тутуу кэмигэр арыый кыахтаах салайааччылар өттүлэриттэн харчыны бас билэр дьон бэйэлэрин тустарыгар маҥнай кыһаммыттара саарбаҕа суох. Кинилэр билигин байаннар-тайаннар дьон үгүс өттүлэрэ аны кинилэри үтүктэр¬гэ, батыһарга тиийэн эрэллэр. Үтүктүү элбэхтэ хатыланар буоллаҕына үгэстэри үөскэтэр уратылаах. Биллэр дьон кылгас кэм иһигэр лаппа байыылара атын кыахтаах соҕус эдэр дьону кинилэр курдук байыахта¬рын баҕаралларыгар ыҥырар, угуйар, үтүктэргэ күһэйэр, омуннаах соҕус эдэр киһи байа охсоору араас суолу-ииһи көрдүү сатыы сылдьан кинилэри үтүктэригэр тиийэр.
Биһиги дойдубутугар эдэр киһи бэйэтин көрдөбүлүгэр сөп буолар харчыны булунарыгар бэрт аҕыйах суоллар бааллар. Ол суоллар манныктар:
- Үлэлээн-хамсаан, тугу эмэ оҥорон көрөр. Бэйэтэ күүскэ үлэлии үөрэммэтэх буолан кыайа-хото үлэлээбэт, сирэр-талар, ол иһин туох да дуоннаах үлэ тахсыбат, аһара нолуоктан уонна туттуллар матырыйааллар аһара үрдүк сыаналаах буоланнар хамнаһа да суох хаалар.
- Булан-талан эргинэн көрөр. Эмиэ нолуок, түһээннэр хам бат-тыыллар. Эргиэн үлэтин чэпчэки курдук саныылларыттан киһи барыта эргинэ сатыыр. Табаар сыаната үрдүк буолан барыстаахтык эргинии уустуктардаах, онно эбии дьадаҥы дьон тугу да элбэҕи атыыласпаттара эргиэн сайдыытын атахтыыр.
- Хайдах эмэ элбэх харчылана охсоору быстах хампаанньаларга кыттыһан уоруу, талааһын диэки хайыһааччылар элбииллэр эбэтэр тугунан эмэ бобуулааҕынан эргинэллэр.
- Тыа сиригэр олохтоох киһи урукку олоҕун сиэрин-майгытын, оҥкулун тосту уларыттаҕына эрэ промышленность үлэлэ¬ригэр кыттыһар кыахтаах. Ол иһин тыа дьоно промышленность үлэлэригэр көһөллөрө эмиэ уустуктардаах, олоххо, үгэстэргэ саҥалыы үөрэниэххэ наадата уларыйыы түргэнник киирэрин атахтыыр.
Биһиги дойдубутугар бу курдук дьон олоҕо сайдыы диэки барар суола бүөлэниитэ оҕоло¬ру иитиигэ улахан уустуктары үөскэтэр. Ол курдук кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар олохсуйбут үгэстэр эрэ умнуллубат гына өйдөнөллөр. Оҕо үчүгэй үгэстэргэ кыра эрдэҕинэ үөрэммэтэҕинэ, атаах буола иитилиннэҕинэ өйө-санаата туруга суох буолан араас сыыһа туттуулары, быстах быһыылары оҥорууга тиийэн хаалыан сөп диэн биһиги бу үлэбитигэр быһаарабыт.
Олох оҥкула уларыйыытыттан эдэр дьон өйдөрө-санаалара мөлтөөһүнүн күүһүлээн, күөйүү-хаайыы үлэтин күүһүрдэн көннөрүөхтэрин баҕалаахтар эмиэ элбэхтэр. Дьон сиэрэ-майгыта көнө охсорун наадатыгар диэн ааттаан баһылыыр былааһы күүһүрдэн биэриэхтэрин баҕараллар. Ол иһин атыннык саныыр дьону сыыйа баайа туоратыы саҕаланан эрэр. Россияҕа былааска бирикээһи толоро үөрүйэх байыаннайдар өрө тахсан иһэллэр, аһара хамсаабыт олох оҥкунун бэрээдэги ыга тутан көннөрүү диэки тардар санаалаахтар.
Төрөппүт бэйэтэ үлэлээн-хамсаан оҕотугар көрдөрөн үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэппэтэҕинэ, оҕотун үлэлииргэ үөрэтэрэ аһара уустук, кыаллымыан да сөп буолар. Оҕо тиритэ-хорута үлэлии-хамсыы сылдьар, сылайар-элэйэр төрөппүттэригэр бэйэтин баҕа санаатыттан көмөлөһүөн баҕата олох кыра эрдэҕинэ киирэр. Ол баҕа санааны хам баттаабакка, кэмин хойутаппакка эрэ сайыннаран, үгэскэ кубулутан иҥэрэн биэриигэ бэйэ көрдөрөн үөрэтэр холобура хайаан да наа¬да. Үлэлээн-хамсаан байыы, туруктаах байыы буоларын эдэр дьоҥҥо дакаастаан көрдөрүү, итэҕэтии табылыннаҕына эрэ кинилэр өйдөрө-санаалара көнөн үлэлии үөрэнэллэригэр көмөлөһүө этэ.
ҮГЭСТЭР
Саха дьоно былыр-былыргыттан олохсуйбут үгэстэри тутуһа үөрэм¬миттэр. Кинилэр бэйэлэрин уһун кэмнээх олохторугар билбит-көрбүт үөрэхтэрин сурукка киллэрэн мунньан иһэр кыахтара суох буолан, олору барыларын үгэстэргэ кубулуталаан, өс хоһооннорунан этитэлээн өйдөрүгэр-санааларыгар мунньунан иһэллэр эбит. Былыргы кэмҥэ сахалар олохсуйбут үгэстэри өс хоһоонноругар кубулутаннар түргэнник өйдөнөр көрүҥнээх оҥорон киэҥник туһаммыттара бу кэмҥэ тиийэ кэлбиттэр.
Олох үгэстэрэ өс хоһоонугар этиллэн сылдьалларын табатык өйдөөһүн улахан суолталаах. Кэлин кэмҥэ «Уол оҕо аҕатын туйаҕын хата¬рыаҕа» диэн өс хоһоонун уол баар эрэ буоллар бэйэтэ аҕатын курдук өйдөөх-санаалаах буолуохтааҕын курдук өйдүү үөрэммиппит. Ол быстах санаабытыгар бу өс хоһоонуттан «хатарыы» диэн тыл суолтатын ситэ өйдөөбөккө, туһаммакка хаалларан кэбиһэр эбиппит билиннэ. Өс хоһооно «хатарыынан» түмүктэниитэ былыргыттан тимир ууһа төрүттээх саха дьонугар эрэ табатык өйдөнөрүн умнубуппут, туһаммат буолбуппут. Хатарыллыбыт тимир ордук бөҕө, кытаанах, сиикэй тимири баһыйар буолуута уол аҕатынааҕар бары өттүнэн барытынан ордук, өйүнэн-санаатынан, күүһүнэн-кыаҕынан баһыйар буолуохтааҕын быһаарар. Ол аата уол аҕатынааҕар ордук элбэхтик үөрэн¬нэҕинэ, үлэлээтэҕинэ, эрчилиннэҕинэ, тоҥноҕуна-хаттаҕына эрэ ордук үлэһит, кыахтаах киһи буолуохтааҕын бэлиэтиир.
Үөрэхтээхтэр үгэс диэни олус киэҥник быһаараллар. Ол быһаарыы¬ларыгар үгэс сүрүн бэлиэлэрин арыйаллар. Манна киирсэллэр: үгэс хатыланыыта, утумнаныыта, бигэ туруктаах уонна маассабай буолуута. (1,6-13). Киһи туох баар быһыыта элбэхтэ хос-хос хатыланнаҕына үгэскэ кубулуйан иһэр. Үгэс көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиитэ утумнаныыта буолар. Үгэс буолбут өйдөбүллэр олус уһун кэмҥэ умнуллан, сүтэн хаалбаттар.
Онон үгэс диэн олоххо олус туһалаах билиини-көрүүнү, кылгас, киһи өйүгэр-санаатыгар умнуллубат гына иҥэн хаалар көрүҥҥэ кубу¬лутан өр кэмҥэ туһаныы буолар. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта үгэс диэн тылы маннык быһаарар. Үгэс – киһи үөрэнэн хаал¬быт быһыыта, үөрүйэҕэ. Сэмэй буолуу - үтүө киһи үгэһэ. (2,216). Бу быһаарыыга сөбүлэстэхпитинэ үгэскэ киһи өр кэмҥэ үөрэнэр. Үгэс¬кэ үөрэнэргэ ааҕар, суруйар, үөрэхтээх буолуу наада буолбат. Тугу барытын үтүктэн, элбэхтэ хос-хос хатылаан үөрэнии - үгэскэ үөрэнии диэн ааттанар.
Хас биирдии төрөппүт оҕотун үөрэтэригэр үчүгэй диир быһыыларын элбэхтик оҥотторо үөрэтэр. Ол аата, кини оҕото бэйэтэ үчүгэй дии¬рин оҥордоҕуна үөрэр, хайгыыр. Оҕото ити хайҕалтан эмиэ үөрэр уон¬на тугу оҥорбутун хос-хос хатылаан оҥорон көрдөрөн иһэр. Ити кур¬дук бу быһыы элбэхтэ хос-хос хатыланан үгэс буолан оҕо ийэ кутугар умнуллубат гына өйдөнөн, мунньуллан иһэр. Оҕо бу быһыытын, тугу оҥорбутун умнубакка хаһан баҕарар хатылаан оҥорор кыахтанар. Оҕо төрөппүтэ тугу үчүгэй диирин оҥорор буоларга үөрэниитэ ити курдук салҕанан барар.
Дьон олоҕо уһун кэмҥэ биир тэҥник баран истэҕинэ, оҕону иитии-үөрэтии үлэтэ барыта үгэстэргэ кубулуйан оҕолорго кыра эрдэхтэринэ үтүгүннэрэн үөрэтиинэн төрөппүттэриттэн быһаччы бэриллэн иһэр. Кырдьаҕас дьон оҕолору үөрэтиигэ олохсуйбут үгэстэргэ үөрэтии олус туһалааҕын бэлиэтииллэр. (3,51).
Оҕону иитии-үөрэтии кут-сүр үөрэҕиттэн тутулуктаах. Хас бырааһынньык аайы арыгы иһэр үгэстэр, оҕо кыра эрдэҕинэ өйүгэр-санааты¬гар олохсуйан хаалаллар. Дьиэҕэ-уокка арыгыны элбэхтик иһии кыра оҕолор арыгы иһэр үгэскэ үөрэнэн хаалалларын үөскэтэр. Ол иһин кы¬ра оҕолору арыгыга үөрэтэн кэбиспэт сыалтан улахан дьон арыгыны дьиэлэригэр испэт буолууларын хайаан да олохсутуохха наада, оччоҕуна эрэ саха дьоно арыгыны аһара испэт буолууга сыыйа-быыйа үөрэниэхтэрэ.
Дьоҥҥо төһө элбэх ордук, ыһылла сылдьар харчы баар буолуута, бырааһынньыктары оҥорууга уонна күүлэйдээһиҥҥэ ыҥырар. Дөбөҥнүк, улахан үлэтэ-хамнаһа суох көстүбүт эбэтэр «халлаантан түспүт» хар¬чы элбэх буолуута көҥүллүк, улахан туһата суох, ыскайдаан туттул¬лар харчыны үөскэтэр. Дьоннорун итинник быһыылара оҕолорун өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник иҥэн, өйдөнөн хаалан иһэллэр. Куһаҕан быһыылары элбэхтэ хос-хос хатылаан истэҕинэ оҕо эмиэ үгэскэ кубулутан өйдөөн хаалан иһэрин умнумуохха наада. Үгэскэ кубулуйбут быһыылар оҕо да, улахан да киһи өйдөрүгэр-санааларыгар, ийэ куттарыгар мунньуллан умнуллубат гына өйдөнөн иһэллэр. Үгэс диэн үйэлэр тухары олохсуй¬бут үөрэх буолар. Үгэстэри суох оҥоруу киһи өйүн-санаатын кураа¬нахтыыр, туруга суох оҥорор. Уһун кэмҥэ умнубат өйдөбүллэрин суох оҥорор буолан, киһи быстах санаалара баһыйалларын үөскэтэн, быстах быһыыларга киирэн биэрэригэр тириэрдэр.
Кэнники кэмҥэ сахаларга нууччалар үөрэхтэрин киллэрэ сатааһын салҕанан бара турар. Маннык үөрэтии сахалар бэйэлэрэ уһун үйэлэрин туха¬ры мунньубут үөрэхтэрин - үгэстэрин суох оҥорон иһэр. Суох буол¬бут үгэстэр оннуларыгар арҕааҥҥы омуктар быстах быһыыларын үтүктүү ордук элбээн эрэр. Ол иһин эдэр үүнэн иһэр көлүөнэ дьон өйдөрө-санаалара туруга суох буолан, быстах өйгө-санааҕа киирэн биэрэннэр куһаҕан быһыылары оҥороллоро элбээтэ.
Үгэс диэн олохсуйбут өй-санаа буолар. Үгэс буолбут өйдөбүллэртэн ийэ кут өйө-санаата хомуллан үөскүүр. Ол иһин оҕо үчүгэй быһыыны үгэс оҥостон иҥэриннэҕинэ эрэ олоҕор үөскээн ылар быстах, соһуччу түгэннэргэ сыыһа-халты туттубат буолар. Былыргы сахалар үөрэхтэрэ, аан маҥнай бэйэҥ үчүгэй киһи буоллаххына, оҕоҥ эйигин үтүктэн, эн үгэстэргэр үөрэнэн үчүгэй киһи буолуо диэн этэр. Ол иһин сахалар киһи хайдаҕын, тугун билээ-рилэр төрөппүттэрин туһунан хайаан да ыйыталаһаллар. Бу үөрэх ыйыытынан оҕону кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэтии туһалаах буолар. Оҕо өйүгэр-санаатыгар үгэс дириҥник иҥэр өйдөбүл буолан кэлин хаһан даҕаны умнуллубатын бары төрөппүттэр билэллэрэ туһалаах буолуо.
ҮГЭС ҮӨСКЭЭҺИНЭ
Киһи өйүгэр-санаатыгар биир ханнык эмэ быһыы хос-хос хатыланнаҕына бу быһыы үгэскэ кубулуйар. Kиһи тугу эмэни оҥорбута барыта хос-хос хатыланар, элбэх¬тик туттуллар буоллахтарына, үгэскэ кубулуйан иһэллэр. Биир быһыыны хос-хос хатылаан үөрэнии үгэскэ үөрэнии диэн ааттанар.
Үчүгэй үгэстэргэ үөрэнии олус наадалааҕын бары билэбит. Бу үөрэх киһи үйэтин тухары салҕанан баран иһэрэ наада. Ол эрээри бу үгэстэрбитигэр хаһан үөрэнэрбит кыайан быһаарылла илик. Биһиги санаабытыгар үчүгэй үгэстэргэ үөрэнии олус уһун кэми ылар буолан оҕо бэйэтэ хамныыр буолуоҕуттан саҕаламмытынан бардаҕына эрэ улаатыар диэри үчүгэй үгэстэргэ үөрэнэр кыахтанар.
Киһи киһиэхэ хайдах сыһыаннаһарын сирэйигэр аналлаах көстүүлэ¬ри оҥорон биллэрэр. Үчүгэйи баҕарыыны, үчүгэй буолууну биллэрэр көстүүнэн үөрүү буолар. Атын киһиэхэ үөрбүтү биллэрэргэ үчүгэйдик көрүү, мичээрдээһин, күлүү курдук көстүүлэр туттуллаллар. Оҕоҕо үгэс үөскээһинигэр үөрүү олус улахан оруоллаах. Үөрүү көстүүлэрэ оҕоҕо сөбүлүүрү, хайгыыры көрдөрөн биллэрэллэр.
Оҕо үчүгэйи оҥорбутуттан ийэтэ үөрэр буоллаҕына, хайҕаатаҕына оҕото элбэхтик үчүгэйи оҥоро сатыыр. Бу оҥорбут үчүгэй быһыытын хос-хос салгыаҕар диэри хатылыыр. Хас киһи аайы тиийэн көрдөрөн иһэр. Ол иһин бу быһыыта кэлин үгэскэ кубулуйан кини өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ууруллан умнуллубат гына иҥэн хаалар. Оҕо улаатан иһэн үчүгэйи оҥороро элбиир. Кырдьаҕас эбэлэр оҕону үчүгэйи оҥорорго үөрэтиилэрин бэйэтэ хамсанан ону-маны оҥорор буолуоҕуттан саҕалаабытынан бараллар. Бу үөрэххэ аан маҥнай ытыһы таһыныы, үөрбүтү көрдөрүү, киһини хайыта тарпат, охсуолаабат, бытыылканы уонна оонньуурдары бырахпат буолуу оҕо улаатан истэҕинэ сыыйа киирэн иһэллэр.
Оҕо хааман бардар эрэ ону-маны оҥорорун үгэскэ кубулутара олус элбиир. Бу кэмҥэ тугу эмэ тыытаары гыннаҕына аан маҥнай улахан дьону ыйытардыы көрүтэлиир. Туох эмэ үчүгэйи оҥордоҕуна тэптэрэн биэрии, хайҕааһын буоллаҕына оҕо кэмэ суох үөрэр уонна бу быһыытын хос-хос салгыаҕар диэри хатылаан оҥорор. Үчүгэй быһыы кини өйүгэр-¬санаатыгар ити курдук хос-хос хатыланан үгэс буолан олохсуйан хаа¬лан иһэр. Оҕо тугу оҥорорун улахан дьон сөбүлээбэккэ куһаҕаннык көрөн эбэтэр буойан тохтотон, оҥорон эрэр быһыытын аралдьытан кэ¬бистэхтэринэ, бу быһыы кыайан элбэхтэ хатыламмакка үгэс буолара суох буолан быстан хаалар. Оччоҕуна оҕо куһаҕан быһыыны оҥоруута кини өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбакка, умнуллан иһэр. Ити курдук үгэс оҥорон өйгө-санааҕа иҥэринии түмүгэр оҕо өйүгэр-санаатыгар үчүгэйи оҥоруу элбэхтик иҥэн хаалар.
Уонунан сыллары быһа арыгыны иһиини аҕыйатаары охсуһан тахсабыт. Кэлин санаабытыгар букатын да кыаттарбат сибиэни кытта охсуһар курдукпут. Ол эрээри арыгыны испэт буолуу дьиэ иһиттэн оҕо кыра эрдэҕинэ үөрэ¬тиллэн тахсыахтааҕын таба өйдөөн туһаммакка сылдьабыт. Элбэхтэ дьиэлэригэр арыгы иһэр төрөппүттэр оҕолорун арыгы иһиитин үгэһигэр бэйэлэрэ үөрэтэ сылдьаллар. (4,23).
Дьиэлэригэр арыгылыыр төрөппүттэр кыра оҕолорун арыгылыырга үөрэтэллэрин билигин да билэр буола иликтэр. Оҕо кыра сылдьан улахан дьон арыгы иһэн үөрэллэрин-көтөллөрүн сөбүлүү көрөр. Өссө лыҥкынас тыастаах курустаал үрүүмкэлэри охсуһуннара-охсуһуннара, үөрэ-көтө, ыллыы-ыллыы арыгы истэхтэринэ бу быһыы оҕо өйүгэр букатын умнуллубат гына хатанар. Ити кэмтэн ыла оҕолоро атын оҕо¬лору кытта оонньууругар хантан эрэ үрүүмкэ булан охсуһуннара оонньуоҕа. Дьиэҕэ-уокка арыгы иһиитэ ити курдук көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр буолан кыайан суох буолбат. Арыгы иһэргэ аналлаах улахан эрэ дьон бэйэлэрэ эрэ сылдьар сирдэригэр арыгыны иһэллэрэ эбитэ буоллар, бу арыгы иһиитэ кыра оҕолорго холобур буолан бэриллэр ситимэ суох буола быстан, кэлэр көлүөнэ дьон арыгыны иһэллэрэ аҕыйаан баран иһиэ этэ.
Дьиэҕэ-уокка арыгыны элбэхтик иһии кыра оҕолор арыгы иһэр үгэс¬кэ үөрэнэн хаалалларын үөскэтэр. Ол иһин кыра оҕолору арыгыга үөрэтэн кэбиспэт сыалтан улахан дьон арыгыны дьиэлэригэр испэт буолууларын хайаан да олохсутуохха наада. Манна арыгы иһэргэ анал¬лаах туспа дьиэлэр баар буолуулара эрэ көмөлөһөр кыахтаах.
Арыгы испэт эбэтэр бэйэлэрин кыана туттунан биирдэ эмэтэ бырааһынньыкка чэпчэки арыгыны иһэр дьон оҕолоро арыгыны элбэхтик испэт буолалларыгар олук ууруллар. Бу оҕолор төрөппүттэрин көрөн үөрэ¬нэн, арыгыга сыһыаннара үөскээн, үйэлэрин тухары олохсуйан хаалар. Ити курдук бу оҕолор төрүт өйдөрүгэр-санааларыгар, ийэ кутта¬рыгар төрөппүттэрин арыгы испэт үгэстэрэ иҥэн сылдьар буолан ары¬гыга ыллараллара аҕыйах буолар.
Нууччаларга харчы баар эрэ буоллар уҥа-хаҥас ыскайдаан туттар буолуу үгэс курдук олохсуйбут. Байа эрэ түстэллэр «царь» курдук сананаллар. Оҕолорго маннык үгэс үөскээһинэ кыра эрдэхтэринэ нууч¬ча народнай остуоруйаларын кэпсээн үөрэтииттэн саҕаланар. Онно кэпсэнэр геройдар хантан эрэ, уоран дуу, талаан-халаан дуу булбут харчыларын уонна баайдарын ыһан-тоҕон, матайдаан кэбиһэллэрэ бу остуоруйалары истэр оҕо¬лорго үгэс буолан иҥэн хаалан иһэр. Кинилэр эмиэ улааттахтарына, хантан эрэ харчы буллахтарына, күүлэйдээн ыһыахтаныахтарын баҕа¬раллара барыта остуоруйаҕа кэпсэнэр «геройдары» үтүктүү үгэстэрит¬тэн тутулуктаахтар.
Үгэстэргэ үөрэнии сүрүн өйдөбүлэ нууччалар «Повторение – мать учения» диэн өстөрүн хоһоонунан ордук дириҥник өйдөнөр. Бу өс хоһооно хос-хос хатылааһын үөрэнии төрүтэ буоларын быһаарар, онтон хос-хос хатылаан үөрэнии үгэстэргэ үөрэнии буоларын чуолкайдаан биэрэр.
Үчүгэй үгэскэ үөрэнии олус уһун кэми ылар. Араас хамсаныылары биир тэҥник уһун кэмҥэ элбэхтик хос-хос хатылааһын үгэс буолбут хамсаныыны үөскэтэр. Үгэс буолбут хамсаныыны киһи хаһан баҕарар оҥорор кыахтанар. Үчүгэйдик эрчиллибит киһи үгэс буолбут хамсаныыларын хараҕын саба баанан баран да оҥорор.
Онон, оҕо хайдах өйдөөх-санаалаах киһи буола улаатыытын быһаарар суолунан оҕону кыра эрдэҕинэ иитии-үөрэтии буолар. Аан маҥнай бэйэҥ үчүгэй киһи буоллаххына, оҕоҥ эйигин үтүктэн, эн үтүө үгэстэргэр үөрэнэн үчүгэй киһи буолар кыахтаах. Ол иһин оҕону кыра эр¬дэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэн кэбистэххэ эрэ олоҕун киһилии, аһара барбакка, аһара быһыыламмакка эрэ олороро быһаарыллар. Оҕо өйүгэр-¬санаатыгар дириҥник иҥмит өйдөбүл үгэс буолан, ийэ кутугар иҥэн кинини олоҕун ханнык баҕарар түгэннэригэр салайан көннөрөн биэрэр. Үгэс өйдөбүлүн маннык быһаарыы¬та сахалар киһи үс куттаах диэн этиилэрин саҥалыы арыйыыга сөп түбэһэр. Биһиги бу үлэбитин оҕо кыра эрдэҕинэ үөрэммит үгэстэриттэн ийэ кута үөскээн, олохсуйан кинини үйэтин тухары салайа сылдьарын быһаарыыга аныыбыт.
ОҔО ӨЙӨ - САНААТА ҮӨСКЭЭҺИНЭ
Саха дьонун олохторун биир сүрүн сыалынан ыал буолан кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы буолар. Оҕо саҥа төрүөҕүттэн ыла улаатан киһи буолуор диэри олоҕор буолар уларыйыыларын саха дьоно олус таба бэлиэтээн тус-туспа кэрдиис кэмнэргэ араараллар.
Сахалар оҕо саҥа төрүүрүн кытта кыһыл оҕо диэн ааттыыллар. Бу ааты дьүһүнэ олус кыһыл буоларын бэлиэтии көрөн иҥэрбиттэр. Оҕо бу кэмҥэ олох кыамматын уонна көрүүтэ элбэҕин бэлиэтээн «Кыһыл оҕо көрүүтэ» - диэн арааран бэлиэтииллэр. Онон, оҕо кыра бэйэтэ кыаммат, төрөппүттэрин көрүүлэригэр-харайыыларыгар ордук наадыйар кэ¬мигэр «Кыһыл оҕо» диэн ааттанар.
Киһи саҥа төрөөбүтүн кэнниттэн улаатан бэйэтин кыанар, бэйэтэ көрүнэр буолуор диэри оҕо диэн буолар. Оҕо буолуу эмиэ кэмэ кэлэн истэҕинэ уларыйан кыра оҕо, обургу оҕо, онтон улахан оҕо диэннэргэ араарыллар. Оҕо улаатан, уларыйан иһиитэ өйө-санаата эмиэ эбиллэн улахан дьон оҥорор бары дьыалаларын сатыыр, «Улахан киһи» буолан иһиитин бэлиэтиир.
Кыра оҕо диэн арааран ааттааһын оҕо бэйэтин толкуйдуур өйө, салгын кута сайда илигинэ ааттанар. Бу кэм сүрүн уратытынан оҕо тугу гыммытын, оҥорбутун үксүн умнан, бэйэтэ өйүгэр тутан өйдөөбөккө хаалар.
Обургу оҕо буолуу өй-санаа эбиллэн иһиитин бэлиэтиир. Оҕо сарсын тугу оҥоруохтааҕын умнубакка өйдүүр, бэйэтэ быһаарынан быстах дьыалаларын оҥорор буолуута өйө-санаата эбиллибитин биллэрэр.
Оҕо өйө-санаата олус түргэнник сайдар кэмэ улахан оҕо буолуунан ааҕыллар. Төрөппүт оҕотун өйүгэр-санаатыгар улахан киһи буолууга дьулуһар өйү-санааны иҥэрдэҕинэ, эрэллээх көлүөнэлээх киһи буолуо этэ. Ол иһин бу кэмҥэ оҕоҕо «Улахан киһи» буолуу өйдөбүлүн, төрөп¬пүтүн курдук буолуу өйүн-санаатын иҥэрии ирдэнэр. Төрөппүт түһэн биэрбэтэҕинэ оҕото кинини баҕа санаатын киһитигэр, таҥаратыгар ку¬булутар кэмэ оҕо улаатан эрэр кэмэ буолар. Бу кэмҥэ оҕо төрөппүтүн курдук буолуон баҕара саныыра олус күүстээх.
Сахалар оҕо диэн тылы кыыллар оҕолоругар анаан эмиэ тутталлар. Арай бу оҕолору эһэ оҕото, ыт оҕото, кус оҕото диэн хайа кыыл оҕо¬то буолалларын арааран этэллэр. Бары оҕолору биирдик ааттааһын өй-санаа өйдөбүллэригэр олоҕурар. Кыра оҕолор өйдөрө-санаалара тэҥ буолуута итинник тылынан тэҥнэбилинэн эмиэ быһаарыллар.
«Оҕону кытта аахсыма»,- диэн этии баара оҕо өйө-санаата ситэ илигин, улахан киһи өйүгэр-санаатыгар өссө тиийбэт буоларын араа¬рар этии буолар. Бу этии оҕо сыыһаны оҥорор бырааптааҕын, үөрэнэр кэмэ уһунун, сыыһан-сыыһан кэнники дьэ таба оҥорор буола үөрэнэ¬рин быһаарар. Сыыһаны оҥорбут оҕону олус наһаа ыкпакка, үөрэнэр кыаҕын сүтэрбэт буолуутун намтаппакка бу этии эмиэ туһалыыр.
Оҕо олус уһуннук үөрэнэрин, хас биирдии үөрэҕэ үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥнэҕинэ эрэ туһалаах буоларын кэлин кэмҥэ материалистар баһылааннар, ситэ аахсыбат буолуу үөскээтэ. Оҕо ахсааны билэр, ааҕары, суруйары сатыыр, «Бар», «Kэл» диэн атын омук тылларын билэр буоллар эрэ улахан үөрэхтээх курдук сананар буолуутун үөскэтии билии¬лэрэ кэлтэй буолан хаалыытын таһаарар. Киһи киһиэхэ сыһыанын, дьон олохторун үөрэтии букатын хаалан хаалла. Үлэҕэ-хамнаска үөрэтии отой да мөлтөөтө.
«Оҕо курдук буолума»,- диэн оҕо сыыһаны оҥорор, үөрэнэр быраап¬тааҕын бэлиэтиир этиитин тэҥэ, оҕо улаатан улахан киһи буолуохтааҕын, оҕо буолан бүтүөхтээҕин быһаарар. Биһиги бу үлэбитигэр оҕо буолуу кэмэ чуолкай бүтүүтүн пааспары ылар кэминэн буолбакка, этэ¬-сиинэ ситиитинэн быһаарабыт. Ол аата, кыыс оҕо ийэ, уол оҕо аҕа буолар дьоҕурдара ситтэҕинэ оҕо буолан бүтүөхтээхтэр. Бу кэм кэлиитин ийэ, аҕа билэ-көрө сылдьаннар, мантан салгыы оҕоҕо улахан киһилии сыһыаны олохтууллара ирдэнэр. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан оҕо ийэ кута, кыра, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ, төрөппүттэрин үтүктэн үөрэнэр кэмигэр үгэс буолан үөскүүр. Ол иһин оҕону кыра, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ, был¬дьаһыннара, сайыһыннара, охсорго, тэбэргэ үөрэтии – куһаҕаҥҥа үөрэтии буолар. Бу кэмтэн ыла оҕо үчүгэйи оҥоруу – «Чээ», куһаҕаны оҥоруу –«Па» буоларын билэн араарар буолар. Оҕо оҥорор куһаҕан быһыылара ийэ кутугар иҥэн, ууруллан хаалбыттара, кэлин улаатан ба¬ран ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хааллаҕына, куһаҕан, сыыһа быһыылары оҥороругар тириэрдиэхтэрин сөп.
Саха дьонун оҕо туһунан этиилэрэ кини уһуннук иитилиннэҕинэ уонна үөрэннэҕинэ эрэ киһи буола сайдарын быһаараллар. Кини өссө дьиҥнээх киһи буолара, улахан киһилии өйдөнөрө-санааланара бу өйү-са¬нааны үөрэнэн ситистэҕинэ, бэйэтэ быһаарынан киһилии быһыылары оҥорор буоллаҕына эрэ кэлэр.
Улаатан өйө киирэн иһэр оҕону сахалар киһи быһыылаах, киһи буо¬лан иһэр диэн бэлиэтээн этэллэр. Ол иһин, оҕо улаатан, өйө-санаата барыта киһилии, киһи быһыытын тутуһар буоллаҕына эрэ, дьэ киһи, улахан киһи буолар. Оҕо киһи буолууга үөрэниитэ олус уһун кэми ылара итинэн быһаарыллар. Улаатан, өйө-санаата эбиллэн, бэйэтин тутта-хапта сылдьара төрөппүттэрин курдук буолан, бэйэтэ быһаары¬нан улахан дьон дьыалаларын оҥорор буолан барар. Быһалыы эттэххэ, улаатан, дьэ киһитийэн, киһи быһыылаах буолан, киһилии майгыннанан иһэр. Сөп-сөп да буоллар киһилии быһыыланар, үчүгэйи оҥорор, төрөппүттэригэр көмөлөһөр буолуута, өйө-санаата эбиллэн иһэрин бэлиэтиир.
Улахан киһи курдук этэ-сиинэ ситтэҕинэ, өй-санаа киирдэҕинэ, улахан киһи, майгына майгыннаннаҕына – киһилии киһи дьэ биирдэ буолар. Сахалар өйдөбүллэринэн киһилии киһи буолуу диэни оҕо олус өр кэмҥэ үөрэнэн, бэйэтэ улахан киһи буолар кэмигэр биирдэ ситиһэр. Киһи буолуу диэн оҕо бэйэтин үйэтигэр хайаан да ситиһиэхтээх кирбиитэ. Бу кирбиини ситиһии оҕо өйүгэр-санаатыгар улаханнык биллэр кыайыыта буолар.
«Отох киһи отутугар диэри өйдөммөт» - диэн этии сорох киһи оҕо¬тун өйүттэн-санаатыттан олус хойутаан тахсарын, улахан киһи өйө-санаата, ол аата, тугу эмэни быһаарыыны ылынара кыаллыбатын, ханнык да дьыаланы оҥордоҕуна киһи оҥорбутугар маарыннаабатын биллэрэр. Маннык киһи өйө-санаата «Оҕотунан сылдьар» диэн эбиискэ быһаарыылаах буолар.
«Киһилии быһыыны сүтэрбэт»,- диэн этии баара киһи буолан бүтүү эмиэ кэлиэн сөбүн бигэргэтэр. Бу этии киһи үйэтин тухары киһилии быһыытын сүтэрбэккэ сырыттаҕына эрэ киһи буоларын быһаарар. Олох ханнык баҕарар уустук, ыарахан да кэмнэригэр киһи быһыытын сүтэрбэт буолуу киһиттэн эрэйиллэр биир сүрүн көрдөбүл буолар. Бу сүрүн көрдөбүлү толорор наадаҕа киһиэхэ тулуурдаах буолуу, хаһан даҕаны, хайа да өттүгэр, үчүгэй да, куһаҕан да диэки аһара барбат буолуу ирдэнэр. Ол иһин киһи өйө-санаата хамсаан, өйө баайыллан, өйө көтөн ылар кэмнэригэр туруктаах өйдөөх буоларын наадатыгар аан бас¬таан ийэ кутун иитэн-үөрэтэн, сайыннаран бэриллиэхтээх. Төрөппүттэр бу быһаарыыны тутуһаллара буоллар оҕолоро улаатан киһилии сылдьалларын туһугар санаалара бөҕөх буолуо этэ.
Онон, оҕо төрүөҕүттэн аналын быһыытынан олус уһун кэмҥэ, улахан киһи буолуор диэри үөрэнэн ситиһэр ситиһиитинэн, олоҕун сыалынан киһи буолуу, киһилии майгыланыы буолар. Киһи буолууну оҕо төрөппүт¬тэрин көрөн быһаччы үтүктэн, кинилэр курдук буолар баҕа санааланан, тугу оҥорорун барытын кинилэр курдук оҥорон ситиһэр. Итинтэн салгыы киһи уһун үйэтин тухары киһилии майгынын сүтэрбэккэ олоҕун олоруута киһи кыайыыта, ситиһиитэ буолуохтаах. Киһи тыыннааҕын тухары киһилии быһыытын сүтэрбэккэ олоҕун олоруута - кини дьоло буолар.
Kырдьаҕас киһини анараа дойдуга атаарыыга: «Олоҕун киһи быһыылаахтык, дьоһуннаахтык, дьоллоохтук олордо...»- диэн этэллэр. Саха дьоно билигин иитии-үөрэтии үлэтэ мөлтөөн, эдэр көлүөнэ дьон бэрээдэктэрэ куһаҕан буолан иһэрин бэлиэтииллэр. Эдэрдэр ордук элбэхтик сыыһа-халты туттаннар олох араас очурдарыгар оҕустарар буолуулара төрөппүттэри санаарҕатара үксээтэ.
Сахалар былыргыттан оҕо хайдах иитиллибититтэн майгыта улаханнык уларыйарын арааран бэлиэтиир «Атаах оҕо», «Тулаайах оҕо» диэн этиилэрдээхтэр. Бу этиилэри быданнааҕы кэмнэртэн оҕо өйө-санаата хайдах, ханнык көрүҥнээхтик сайдан баран иһэрин саха дьонун билиэхтэрин көрүөхтэрин баҕалаах өттүлэрэ дьарык оҥостон үөрэтэн быһаарбыттар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кута иитиллэн, үтүө үгэстэргэ үөрэнэн өйө-санаата туруктаах буолуутун бу этиилэр бэлиэтииллэр. Оҕо атаах буола иитиллиитин уратыларын сахалар олохторун үөрэҕэ чуолкайдык арааран бэлиэтиирин ситэ сыаналаабакка сылдьабыт.
Материалист учуонайдар кыра оҕо өйө-санаата төрүүрүгэр кураанах буолар диэн этэллэр. Кинилэр этиилэрин Мао-Цзэ-дун бигэргэтэн: «Норуот өйө диэн ыраас кумааҕы буолар. Онно ханнык баҕарар иеро¬глибы суруйуохха сөп» - диэн эппитэ биллэр. Бу этии иитии-үөрэтии көмөтүнэн дьоҥҥо ханнык баҕарар өйү-санааны иҥэриэххэ сөбүн туоһулуур.
Психолог үөрэхтээх Рон Хаббард оҕо төрүүрүгэр өйүгэр-санаатыгар сорох өйдөбүллэр баар буолаллар диир. Ол өйдөбүллэргэ оҕо туннелынан, холлороонунан нэһиилэ баран иһэрин тэҥэ, атын ыарыылар өйдөбүллэрэ эмиэ киирсэллэр диэн быһаарар. Итинник этиини соҕотох Рон Хаббард оҥор¬бута диэтэххэ итэҕэс буолуо. Юрий Росциус «По неутоплении сжечь» диэн ыстатыйатын ырытыыга, кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар төрүүр кэмигэр буолбут түбэлтэлэр өйдөбүллэрэ эмиэ баар буолаллара бэлиэтэ¬нэр. (5,57).
Биһиги үөрэхпит ити үөрэхтээхтэр этиилэригэр олоҕурар уонна оҕо өйө төрүөҕүн инниттэн ыла сайдан барар диэн быһаарар. Оҕо төрүүрүгэр уонна кэнники билбит ыарыылара өйүгэр-санаатыгар мунньуллан иһэллэр диэн этии оҕо мэйиитэ, өйө-санаата төрүөҕүн иннинэ сайдарын билинэр. Ол иһин төрүүрүгэр билбит ыарыылара кини өйүгэр, буор кутугар суруллан хаалаллара кырдьык буолуон сөп. Операция, кесарево быһыы оҥорон ороон ылыллыбыт оҕолор өйдөрүгэр эмискэ, ханнык да кэтэһиитэ суох олус сырдык буола түһүүтэ иҥэн хаалар. Бу оҕолор улаатан иһэн ордук тэһийимтиэтэ, тулуура суох буолуулара бэлиэтэнэр.
Оҕо төрүөн инниттэн ыарыыны арааран билэр, туга эмэ табыллыбатаҕына хамсыыр, мөхсөр. Төрөөбүтүн кэнниттэн ыарыы буоллар эрэ ытаан биллэрэр буолар. Арыыйда улаатан иһэн инчэҕэй буолуута куһаҕан буоларын эмиэ арааран билэргэ үөрэнэ охсор. Инчэттэр эрэ, эмиэ ыалдьар курдук ытаабытынан барарга үөрэнэр.
Кыра оҕо туттунар кыаҕа суох буолан сотору-сотору таҥаһын инчэтэн кэбиһэн иһэрэ өйө-санаата сайдан барыытыгар көмөлөһөр. Инчэйбит таҥаһын уларытан биэрэн истэххэ, сотору ыраас, кураанах таҥас¬ка үөрэнэ охсор. Таҥаһа инчэйбитэ тымныынан хаарыйарын төрүт сөбүлээбэт буолар, абааһы көрөр, мөхсөр, онтон ытаан барар. Манна сорох кэр-дьэбэр дьон оҕолорун таҥаһын уларытан биэрэн испэт буол¬лахтарына, оҕолоро инчэҕэй да таҥаска сытарга үөрэнэн хаалбыт буо¬лар. Таҥаһын инчэтэн иһэрин ийэтэ сөбүлээбэккэ сабыччы көрдөҕүнэ эбэтэр: «Эмиэ ...» -диэн ким эмэ сөбүлээбэттик эттэҕинэ куһаҕаны, сыыһаны оҥорбутун өйдүүр. Буруйдаах курдук туттар. Кураанах таҥаска уларыттахха күлэр-үөрэр, санаата көнөр.
Оҕо сотору хараҕа сырдыыр, ийэтин таба көрөн билэр буолар. Атын дьонтон арааран билэр буолуута өйө-санаата түргэнник сайдан иһэрин бэлиэтиир. Ийэтэ мичээрдээтэҕинэ мичээрдиир, үөрдэҕинэ үөрэр, күл¬лэҕинэ күлэр. Ийэтин көрүҥүттэн көрөн үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолбутун арааран билэргэ үөрэнэр. Үчүгэй буолуутугар эппиэттиирэ - үөрүүтэ буолар. Ийэтэ кыыһырбыт курдук туттан сабыччы көрдөҕүнэ, хомойор, санаата түһэр, тугу эрэ куһаҕаны, табыллыбаты оҥордум диэн өйдүү охсор. Ити курдук оҕо ийэтин көрүҥүттэн көрөн үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу оҥорбу¬тун өйдүүр буолан иһэрэ эбиллэр. Ийэ уонна оҕотун икки ардыларыгар саҥата суох, көрүҥүттэн көрөн өйдөһүү баар буолан олохсуйар.
Оҕо үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорбутун билэр буоларыгар сото-ру-сотору инчэтэн кэбиһэрэ улахан оруолу ылар. Ийэтин, эбэтин көрүҥнэриттэн, быһыыларыттан инчэттэҕинэ куһаҕаны оҥорбутун өйдүүр, инчэҕэй тымныынан хаарыйар буолан бэйэтигэр да куһаҕан. Кыһана са¬тыыр, тулуйа сатыыр, өйө-санаата бөҕөргүүр. Төһө эмэ өр эрэйдэнэн син чохчойо үөрэнэр. Дьоно хайҕаатахтарына кыһанара ордук эбил¬лэр. Икки өттүттэн бу курдук кыһананнар, элбэхтик үлэлээннэр сото¬ру буолан баран куһаҕаны, инчэҕэйи кыайаллар. Оҕо үөрэнэн, бэйэтин быстах баҕара санааһынын кыана туттунар буола өйүн-санаатын үөрэтэр. Кини улаа¬тан истэҕинэ бэйэтин ханнык баҕарар быстах баҕатын өйүн-санаатын күүһүнэн кыайа тутан туттунар киһи буолан тахсарыгар олук ууруллар. Ол маҥнайгы бэлиэтинэн оҕо бэйэтин тутунар кыаҕа улаатан, бириэмэтэ кэллэҕинэ горшокка олорору баһылыыра буолар.
Маннык быһаарыы кэнниттэн билигин биһиэхэ тарҕанан эрэр памперс куһаҕан өрүтүн арыйыахха наада. Бу сайдыылаах дойду дьонун саҥаны арыйыылара ийэ, оҕо көрөөччү үлэтин чэпчэтэргэ аналлаах. Kэтэрдэн кэбистэххэ оҕо төһө да инчэттэр даҕаны хата кураанах сылдьар. Оҕо көрөөччүгэ кырдьык улахан абыралы аҕалыах курдук. Ол эрээри бу памперс оҕоҕо бэйэтигэр куһаҕаны, инчэҕэйи оҥордум диэн өйдөбүлүн суох оҥорор. Памперсынан куруук туһанар оҕоҕо инчэттэхпинэ куһаҕаны оҥоробун диэн өйдөбүлэ суох буолан, ханнык да куһаҕаны үчүгэйтэн араарбат, бэйэтин быстах баҕа санааларын кыайан кыана туттубат буолуутун үөскэтэр. Итиннэ эбии сорох медицина үлэһиттэрэ памперс оҕону кураанах сырытыннарара сабыдыаллаан оҕо кыбыытын кыаммат буоларыгар тириэрдиэн сөп диэн эмиэ этэллэр.
Ханнык баҕарар ийэ, оҕотугар үчүгэйи баҕарар. Кини бэйэтэ быс-тах кэмҥэ, оҕото тулуйан сылдьар буола үөрэниэр эрэ диэри, эбиискэ үлэни, таҥас уларытан биэриитин тулуйуон сөп. Ийэ хаһан баҕарар бэйэтэ сынньалаҥнык сылдьаары, оҕотун уһун кэмнээх эрэйгэ тэбиэн букатын баҕарыа суоҕа. Итини тэҥэ оҕо өйө-санаата сайдыытыгар, бэйэтин кыаҕын билинэр буолуутугар быстах баҕатын кыана туттар буола үөрэниитэ олус улахан оруолу ыларын биһиги бу үлэбитигэр бэлиэтиэхпитин баҕарабыт.
Ити курдук оҕо өйө-санаата, тугу үчүгэй эбэтэр куһаҕан диирэ, бэйэтин быстах баҕа санаатын салайар буолуута ийэтин көмөтүнэн сайдан баран иһэр. Биһиги быһаарыыбытынан оҕо өйүн-санаатын сайдыытын ийэтэ, кинини көрөр-истэр киһитэ оҥорор. Ол иһин оҕо кыратыгар, биэс-алта сааһыгар диэри сайдыытын ийэ¬титтэн ылар өйө-санаата, ийэ кута диэн буолар. Былыргы сахалар бу өйү-санааны киһи ийэ кута диэн ааттыыллара олус таба.
Kыра эрдэҕинэ оҕо үөрэммит үөрэҕэ үйэтин тухары халбаҥнаабакка эрэ сылдьарын биһиги бу үлэбитигэр дакаастыыбыт. Ол курдук оҕо горшокка оло¬рор буолууну ситиһиитэ үйэтин тухары умнуллубат. Оҕо аан маҥнай киһи буолаары үөрэммит үөрэҕэ бэйэтин кыана туттар буолан таҥаһын инчэппэтэ буолар. Бу үөрэҕи оҕо ийэтин, көрөр-истэр киһитин кытта көмөлөөн оҥорор эбиттэр. Бу кыайыыларын кинилэр күүстэрин холбоон төһө уһун кэмҥэ ситиһэллэрэ бэйэ-бэйэлэрин хайдах өйдөһөллөрүттэн быһаччы тутулуктанар.
Ийэтин көмөтүнэн баһылаабыт өйдөбүллэрэ хос-хос хатыланан-нар үгэскэ кубулуйаннар өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ууруллан, мунньуллан иһэллэр. Манна оҕо төрөппүттэригэр уонна атын дьоҥҥо хайдах сыһыаннаһарга үөрэниитэ эмиэ үгэс буоланнар ийэ кутугар мунньуллаллар. Ийэ кут өйүгэр-санаатыгар мунньуллубут өй-санаа хаһан да умнуллубат гына иҥэр. Ол курдук киһи горшокка олорор үөрэҕи кыра эрдэҕинэ баһылаабыта үйэтин тухары умнуллубат, куруук туһалыы сылдьар.
Саха оҕото төрөппүттэрин итэҕэйэр уонна ытыктыыр буола үөрэнэ¬ригэр кинилэри аан маҥнай саҥарыаҕыттан ыла ким диэн ааттаан ыҥырара улахан оруолу ылар. Сахалар ийэ уонна аҕа диэн тыллара бы¬лыргыттан билиҥҥэ диэри сахалары араҥаччылыы сылдьар Иэйиэхсит уонна Айыыһыт таҥаралартан тутулуктаах тыллар буолаллар. Ол иһин оҕо ийэтин «Ийэ», онтон аҕатын «Аҕа» диэн ааттаан ыҥырар буо¬луута төрөппүттэрин ордук дириҥник ытыктыырыгар, тылларын истэр буолуутугар тириэрдэр.
Хас биирдии төрөппүт оҕото бары өттүнэн үчүгэй киһи буолуон баҕарар. Ол иһин кыаҕа баарынан оҕотугар туһалаах үөрэҕи ситиһэрин кыһана сатыыр. Ити эрээри оҕо кыра эрдэҕинэ, үтүктэн, батыһан үөрэнэр кэмигэр төрөппүттэрин илэ көрөн, кэпсэтэр саҥаларын истэн эмиэ үөрэнэ сылдьарын умнан, хаалларан кэбиһэр сатаммат.
ТЕЛЕВИЗОР УОННА KОМПЬЮТЕР ОҔО ИИТИИТИГЭР БУОРТУЛАРА
Кэнники кэмҥэ сайдыылаах дойдуларга, Америкаҕа оскуола оҕолоро араас сэрии сэптэринэн элбэх киһини, бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта учууталларын эмиэ ытыалаан кэбиһэр түбэлтэлэрэ тахсыталыыр буоллу¬лар. Улаатан иһэр оҕолор маннык майгылара уларыйан ылыытын психиа¬трдар кыайан быһаара иликтэр. Арай оҕо бу курдук түктэри быһыыны оҥоруута сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн эрэ быһаарыллыан сөп.
Билиҥҥи кэмҥэ кыра оҕо өйө-санаата сайдыытын, ийэ кута үөскээһинин ситэ билбэппит, кэлэр көлүөнэ дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннарарбытыгар улахан уустуктары оҥорор. Сайдыылаах омук дьонугар компьютер олоххо киирбитин кэнниттэн саҥа көлүөнэ дьон үөскээн улааттылар, кнопканы баттыалаан компьютерга оонньоон, араас кыыллары, дьону элбэхтик ытыалыы үөрэммит саҥа көлүөнэ иитиллэн таҕыста.
Сахалар сайдан иһэр кут-сүр үөрэхтэрэ киһи өйө-санаа¬та сайдан барыытыгар ийэ кут өйүн-санаатын аан бастаан сайыннарар¬га ыҥырар. Ийэ кут өйүн-санаатын сайдыыта киһи төрүт өйө-санаата буолан, кини ханнык баҕарар быһыытын олоҕун ханнык баҕарар кэмигэр хонтуруоллуу, көннөрөн биэрэ сылдьар. Ол иһин төрүт өйү-санааны, ийэ куту үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэн, оҕо олоҕун устата үтүө быһыылары оҥорор буолуутугар салайан биэриини оҥоруллуохтааҕын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарар. Биһиги кэнники үлэлэрбит бы¬лыргы саха дьоно киһи өйүн-санаатын быһаарар этиилэригэр быһаччы олоҕураллар.
Сахаларга былыр-былыргыттан «Киһи илиитэ барбат» диэн олохсуй¬бут өйдөбүл баар. Бу өйдөбүл оҕо өйүгэр-санаатыгар үөскээн олохсуйарыгар ийэ уонна аҕа бэйэлэрэ көрдөрөр холобурдара сүрүн оруолу ылаллар. Ийэ уонна аҕа бэйэлэрэ эйэлээх, охсуспат, этиспэт буол¬лахтарына уонна оҕолоругар бэйэлэрин холобурдарын көрдөрөн, охсуһума, киһини кырбаама диэн үөрэттэхтэринэ, оҕо ийэ кутугар итинник өйдөбүл үөскээн үгэс буолан иҥэн хаалар. Ити иһин урукку кэмҥэ иитиллибит кырдьаҕас дьон хаһан даҕаны киһиэхэ илиилэрин көтөхпөттөр, куһаҕаны оҥорорго «Илиилэрэ барбат буола» үөрэммиттэр эбит.
Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута сайдар кэмигэр тугу көрбүтэ, истиби-тэ хос-хос хатыланнахтарына үгэскэ кубулуйаннар кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар суруллан хаалаллар. Оҕо бу өйүгэр-санаатыгар ууруллан иһэр өйдөбүллэр эбэтэр үгэстэр кини төрүт өйүнэн-санаа-тынан аатталлар. Аан бастаан ийэ оҕотугар иҥэрбит өйө-санаата ийэ кут диэн ааттанар. Кини кэлин улахан киһи буолан иһэн «Өйө баайыллан» эбэтэр туохха эмэ түбэһэн «Өйө көтөн» хаалбыт кэмигэр урут төрүт өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ууруллубут өйдөбүллэринэн туһанан салаллар. Бу быстах буолан ылар кэмнэргэ кини араас урут үөйбэтэх-ахтыбатах дьыалаларын оҥорон кэбиһиэн сөбө билигин Америка оҕолоругар биллэн эрэр.
Билигин эдэр оҕолор арыгылаан баран, «Өйдөрө көппүт» кэмигэр араас буруйу оҥорууларын ийэ кут итинник өйдөбүлэ олус чуолкайдык быһаарар. Ол курдук биирдэ арыгы иһэн, итирэн хаалан ыарахан буру¬йу оҥоро охсон хаайыыга киирбит эдэр дьон элбээн иһэллэр. Билигин сайдыылаах дойдуларга кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ханнык да өйү-санааны укпакка, кураанах кэриэтэ хаалларан, эбэтэр кыра эрдэҕинэ наар оонньотон эбэтэр компьютер ытыалыыр оон¬ньууларынан толорон кэбиһии оҥоруллар буолла. Оҕо мэниктээбэтин, ону-маны куһаҕаны оҥорботун эбэтэр мээнэ барбатын диэн компьютеры холбоон биэрэн баран: «Олорон эрэ ытыалыы оонньоотун ээ, аралдьыйдын», - диэн быстах санааҕа оҕустаран элбэхтик оонньотоллор эбэтэр элбэх киһини өлөрсүүлээх-өһөрүүлээх араас боевиктары, триллердэри үгүстүк көрдөрөллөр. Биһиги быһаарыыбыты¬нан оҕо бэйэтэ өйдөөбөтөҕүн да иһин маннык оонньуу эбэтэр киинэ көстүүлэрэ кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар суруллан ууруллан хаалаллара олус куһаҕан, сиэри таһынан быһыылары оҥороругар тириэрдиэхтэрин сөп.
Телевизорынан көстөр киинэлэр, видиктэр оҕолору куһаҕаҥҥа үтүгүннэрэллэрин, киһи кыыллыы инстинктэрин көбүтэллэрин В.А.Кондаков бэлиэтиир. (6,88). Дьиэтигэр сөптөөх иитиини ылбатах, ырааҕы, дириҥи өйдөөбөт оҕо ити арыгылааһын, охсуһуу, өлөрсүү көстүүлэрит¬тэн кыайан өйүн-санаатын көмүскэммэт, үтүктэн батыһарыгар эрэ күһэллэр.
Оҕо бэйэтин толкуйдуур өйө киирэн салгын кута сайдыар диэри эл¬бэх өлөрсүүлэри, киһи киһини кырбааһынын, арыгылааһыны көрбөтө ордук буолуон сөп эбэтэр сөбүлүүр, убаастыыр киһитэ куһаҕаны, үчүгэйи хайдах араарарга быһааран, өйдөтөн биэрэн истэҕинэ эрэ оҕо ийэ кутугар чахчы олох сиэригэр сөп түбэһэр өйдөбүллэр иҥэн хаалан иһиэ этилэр. Олох уустук боппуруостарын оҕоҕо быһааран, өйдөтөн биэрии хайаан да наада уонна бу быһааран биэрии аан маҥнай оҥоруллара ирдэнэр. Kини өйүгэр-санаатыгар олох сиэригэр сөп түбэһэр өйдөбүллэр, үчүгэйи оҥоруулар өйдөнөн, уурул¬лан хаалаллара буоллар кэлиҥҥи олоҕо быдан ыраас, сырдык диэки тардыһыылаах буоларыгар олук ууруллар.
Итинник быһаардахха билигин оҕолору иитиини видик сэриилэрэ уонна компьютер ытыалыыр программалара буортулууллар диэн этэллэрэ оруннаах буолан тахсар. Ол эрээри бу буорту оҥоруу хантан саҕала¬нан, ханнык өйү-санааны буортулуура ситэ биллэ илик. Арай биһиги быһаарыыбытынан оҕо куруук компьютер оонньуутунан ытыалыыра уонна видик ытыалааһыннаах киинэлэрин көрүүтэ үгэс буолан өйүгэр-санаа¬тыгар иҥэн хаалар. Бу иҥэн хаалбыт ытыалыыр өйдөбүллэр оҕо өйүгэр «Илии барбат» буолуутун өйдөбүлүн суох оҥорор буоланнар араас куһаҕан быһыылары оҥорортон туттунар быһыыта суох киһи буола улаатар. Оҕо компьютерга элбэх киһини тохтоло суох ытыалыырга үөрэнэн хаалбыта үгэс буолан кинини итинниккэ маарынныыр буруйу оҥорорго тириэрдиэн сөп.
Маннык тугу оҥороругар тохтотор майгына суох киһи ыксаан, ыгы¬лыйан «Өйө баайыллан» хааллаҕына, тугу да оҥорортон, билэр дьо¬нун да ытыалыыртан туттумматын Америка оҕолоро билэр оҕолорун уонна учууталларын кытта ытыалыыр буолбуттара көрдөрөр. Дьону ытыалыырыгар оҕо кыра эрдэҕинэ компьютер оонньуутугар элбэх киһини ытыалыы оонньообута олук буолара ханнык да саарбаҕа суох. Бу курдук иитиилээх саҥа көлүөнэ дьон үөскээн, элбээн иһэллэрэ үтүө санаа¬лаах дьону санаарҕатар буолла.
Сир үрдүгэр дьон-аймах олоҕо ити курдук иитиилээх эдэр көлүөнэ¬лэртэн олус улахан тутулуктаах буолара чугаһаан иһэр курдук.
КЫРА ОҔОНУ ИИТИИ, ҮӨРЭТИИ
Билигин сахаларга арҕааҥҥы омуктар оҕону үөрэтэр ньымаларын киллэрии бара турар. Ол иһин үгүс дьоҥҥо оҕону кыра эрдэҕинэ үөрэтэн эрэйдэммэккэ эрэ оонньото сылдьыахха сөп диэн өйдөбүл киирэн сылдьар. Итиннэ эбии биһиги үгүс дьадаҥы дьоммут оҕолоро бэйэлэрин курдук хара үлэһит буолуохтарын баҕарбаттар. Кинилэр санааларыгар оҕолоро үөрэхтээх киһи буоларыгар илии ыарахан үлэтин үлэлии үөрэнэрэ төрүт да наадата суох, арай үөрэхтээх буолар наадаҕа кинигэни эрэ элбэхтик ааҕар буоллаҕына сөп буолуох курдук.
Киһи оҕотун бэйэтин олоҕуттан атын олоххо үөрэтэрэ ураты уус-тук, ардыгар кыаллымыан да сөп. Арай оҕотун аан маҥнай бэ¬йэтин олоҕун үгэстэригэр, үлэтигэр, хамнаһыгар үөрэтэн баран, салгыы атын олоххо үөрэ¬тэрэ оруннаах диэн сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Оҕо төрөппүтүн олоҕун аан маҥнай билэн-көрөн баһылаан баран салгыы сайыннаҕына өйө-санаата туруктаах, тирэхтээх буолар.
Киһи бэйэтин олоҕо уонна оҕотун туохха үөрэтэрэ сөп түбэспэт, бэйэ-бэйэлэрин утарса сылдьар буоллахтарына, оҕо иитиитэ буккуллар, сүнньүн сүтэрэр. Эдэр дьон олохсуйбут үгэстэргэ үөрэнэллэрэ суох буолан, быстах санааларыгар бас бэринэллэрэ элбиир. Араас революциялар, перестройкалар дьон олоҕун оҥкулун эмискэ уларытаннар эдэр көлүөнэни иитэр-үөрэтэр үлэни төрдүттэн суох оҥорон, уларыта туталлар.
Саха дьоно ыал буолан оҕо төрөтөллөрүгэр аймахтарын төрүччүлэ¬рин дириҥник ырытан көрөллөрө. Бу үөрэтии ураты наадалаах буолуохтааҕын кэнники син билэр буоллубут. Ол курдук былыргы саха дьонун «Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй» диэн өс хоһоонноро кэргэҥҥин ыраахтан ыл диэни чуолкайдык быһаарар. Омук доруобуйата бөҕө буолуутугар тус-туспа хааннаах дьон холбоһуулара улахан туһалааҕын уонна наадалааҕын оннооҕор наука дакаастаан турар.
Киһи өйө-санаата сайдыыта хайдах иитиллибититтэн ордук тутулуктааҕын дакаастыыр көстүүнэн былыр «оҕо турбат» баай дьоно оҕолорун саҥа төрүүрүн кытта хотон түннүгүнэн атын ыалга биэрэн ииттэрэллэ¬рэ буолар. Бу оҕо улаатан иһэн ииппит дьадаҥы дьонун өйдөрүн-санааларын иҥэринэр, кинилэр курдук өйдөөх-санаалаах киһи буола улаатар.
Дьадаҥы ыалга иитиллибит оҕо өйүгэр-санаатыгар ииппит дьонун сабыдыаллара олус улахан буоларын саха суруйааччылара бэлиэтииллэр. Иннокентий Семенов «Дьулуур» диэн ах¬тыы-сэһэнигэр Мөхөлүөп Мэхээлэ улаатан киһи-хара буолуута, өйө-са-наата уһуктуута кэпсэнэр. Дьадаҥы Бөдьөө Дьөгүөссэҕэ уонна Ааныкаҕа иитиллибит Мэхээчэ өйө-санаата, олох туһунан толкуйа төрөппүт аҕатын өйүгэр-санаатыгар ханан да сөп түбэспэт, сорох өрүттэринэн өссө утары буолан хаалар. (7,3).
Сэһэн Боло - Дьячковскай Дмитрий Иванович революция быдан инни¬нэ быыбарынай кулуба киһиттэн төрөөн баран, биллибэт-көстүбэт таайдарыгар улаатыар диэри иитиллибит. Революция дьалхааннаах кэмнэригэр Сэһэн Боло баай дьонун өйдөрүнэн-санааларынан барбатаҕын кини кэнники кэмнээҕи үлэтэ-хамнаһа толору көрдөрөн дакаастыыр. (8,5).
Дьадаҥы, үлэһит дьоҥҥо иитиллибит оҕо өйүгэр-санаа¬тыгар аан маҥнай иҥэриммит өйдөбүллэрэ, ол аата дьонун аһыныгас майгылара, киһилии өйдөрө-санаалара олус дириҥник иҥэн хаалбыта кинилэр салгыы олохторугар дьайыыта үлэһиттэр диэки буолууларыгар тириэрдибит.
Атын дойдуларга оҕону кыра эрдэҕинэ бөрө дуу эбэтэр атын кыыл булан ииппит түбэлтэлэрэ биллэллэр. Итинник иитиллэн улааппыт оҕо¬лор ииппит кыылларын майгыларын ылынар, туттууларын-хаптыыларын үтүктэр уонна саҥаралларын курдук саҥарар буолан хаалаллар эбит. Кыра эрдэхтэринэ кыыллары көрөн, үтүктэн үөрэммит үөрэхтэрэ олус күүскэ иҥэн, улааттахтарына даҕаны кыыл курдук майгыларын кыайан бырахпаттар, киһилии туран хаама сылдьар буолуулара уустугурар. (9,12).
Оҕо төрүт өйө-санаата кыра эрдэҕинэ чочуллан, ситэн-хотон, кэлин ханнык да үөрэх киирбитин иһин саҥалыы уларыйара олус уустук, ыарахан буолар. Ол иһин сахалар былыргыттан оҕону кыра эрдэҕинэ үөрэтии өйүгэр-санаатыгар олус дириҥник иҥэрин бэлиэтииллэр. Кыра оҕону үөрэтии туспа уратылардааҕын билэннэр былыргы саха¬лар оҕолорун бэйэлэрэ эрэ көрөллөр-истэллэр, туспа дьоҥҥо мээлэ көрдөрбөттөр, тыыттарбаттар. Маны барытын оҕо өйүн-санаатын харыс¬тыыртан оҥороллор. Оннооҕор кыыс оҕолорун букатын даҕаны «Хара ха¬рахтаах көрбөтүнэн» иитэн-үөрэтэн улаатыннараллар. Ити курдук оҕо кыра эрдэҕиттэн ураты харыстаан, атын дьонунан оҕо өйүн-санаатын буккуттарбакка, чахчы бэйэлэрин курдук өйдөөх-санаалаах киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннараллар этэ.
Биһиги эдэр көлүөнэ ыччаппытын уопсай детсад көрүүтэ-истиитэ буорту оҥорор. Элбэх оҕолору барыларын холбуу үүрэ сылдьан ону-ма¬ны оҥотторуу кинилэри күүһүлээһиҥҥэ үөрэтэр. Бары онно бардылар даҕаны, оҕо эмиэ хайаан да барыахтааҕын туһунан өйдөбүлгэ үөрэтии ыытыллар. Ыллаабат оҕону ыллатыы, сүүрбэти сүүрдүү барыта ыгааһын түмүгэр оҥоруллар. Былыргы казарменнай «социализм» кэмин саҕана бары биир киһи курдук буолар туһунан өйдөбүл баар эрдэҕинэ итинник үөрэтии олох ирдэбилэ буолар этэ.
Уопсай детсад оҕолору көрүүтэ уол оҕолору хам баттыырга хайысхалаах. Уол оҕону куруук дьахталларга көрдөрүү кинилэргэ бас бэриммит киһини улаатынннарар, бэйэлэрэ тугу да быһаарар кыахтара суох буоларыгар олук ууруллар.
Биһиги былыргы дьон кыра оҕолорун көрүүгэ-истиигэ тоҕо олус сэрэхтээх¬тик сыһыаннаһалларын быһааран көрүөхпүт. Kыра оҕону үөрэтиигэ биир алҕас этиллибит тыл ураты улахан суолталаах буолан тахсарын холобурдары аҕалан дакаастыы сатыахпыт.
Суоппардыы сылдьан ыалга эбиэт буһарын кэтэһэ таарыйа саҥардыы тылланан эрэр кыра уолу кытта билсистим. Оонньоон муннун баттыы-баттыы «пиип-пиип» диэбиппэр олус сөбүлээн, кэлэ-кэлэ муннун тоһуйан биэрэр буолла. Дьиэлээхтэр оҕолорун үөрэтэллэрэ олус хойутаан иһэр быһыылаах. «Бу кулгаах»,- диэн тардыалаабыппар дьэ билэн, үөрэнэ оҕуста. Кулгааҕын тарда-тарда «Бу кулгаах» диир буолла. Урут үөрэммэтэх буолан, үтүктэн иһэрэ түргэниттэн мин дьиибэ¬лэниэх санаам киирдэ. Оонньуу курдук илиититтэн тардыалаан баран «Бу атах» диэн ааттаан кэбистим. «Доо, атаххын аҕал эрэ»,- диэ¬тэхпинэ, үөрэ-үөрэ илиитин биэрэн иһэр буолла. Биһиги кэпсэтэр көрбүтүн дьиэлээхтэр көр-күлүү курдук истэ сырыттылар.
Ол эрээри чэйдээн бүтүүгэ оҕо ийэтэ «Атах» диэни сөбүлээбэккэ, көннөрөн «Илии, диэ»,- диэн хаста да этэн көрө сырытта. Онтуката баара хата оҕото илиитин былдьаан ылыахтарыттан харыстыыр курдук хам тутан баран: «Атах, атах»,- дии-дии куота сүүрэ сылдьар буолла.
Оҕо ханнык баҕарар билиитин бэйэтин итэҕэйэр дьонуттан уруттаан ылан иһэрэ ордук буолуохтааҕын бу холобур дакаастыыр. Аан маҥнай билбит билиитэ-көрүүтэ оҕо өйүгэр-санаатыгар олус күүскэ хатанан иһэр. Ол курдук аан маҥнай хаҥас илиитинэн ньуосканы тута үөрэм¬мит оҕону уҥа илиитинэн туттар буолуутугар көннөрөн үөрэтии лаппа уустугуран тахсар. Ону көннөрүүгэ олус уһуннук дьаныһан туран дьарыктаннаххына, саҥа билиитэ үгэс буолан иҥнэҕинэ эрэ кыайаҕын.
Кыра уол куоракка барсыан аһара баҕаран айаннаары хомуна сырыттахпына аттыбыттан арахпат. Хайдах эрэ тэйэ түстүн дии санааммын: «Чэ, мааны таҥаскын таҥыннаххына баҕар илдьиэм»,- диэн кэбистим.
Чэйдии олорон киһибитин олох да умнан кэбистибит. Арай сөп-сөп сүүрэн кэлэн ийэтиттэн тугу эрэ ыйытар уонна хоско киирэн хаалар. Айаннаары бэлэмнэнэн, арахсарга илии тутуһуутун кэнниттэн кыра уолбут хостон бу тахсан кэллэ. Туох баар мааны таҥаһын барытын кэппит, сороҕун илиитигэр туппут, адьас барсардыы көрүҥнэммит.
Оонньоон эппитим оҕус буолбутуттан мин соһуйан хааллым. Киһим чахчы кырдьыктанан субу барсардыы оҥостубут. Мин диэн баара дуо, дьоно өссө соһуйдулар. «Оо, бараргын дьоҥҥор эппэтэххин дии»,- диэммин сы¬мыйыаччы буолумаары аһарына сатаатым. Киһилэрин нэһиилэ тутан хааллардылар. Ытаһыы, айдаан атаарыылаах айаҥҥа хоҥуннубут.
Ити курдук оҕо итэҕэйэр киһитин соҕотох да этиитин ыраас мууска ылынан кэбиһэр. Онтон ону көннөрүү ордук улахан эрэйдээҕин ити холобурдар көрдөрөллөр. Бу холобурдар оҕону кыра диэн албыннаабакка, киһилии майгыга олохтоохтук, сыыһа-халты саҥарбакка үөрэтиллиэхтээҕин көрдөрөллөр, оҕону кыра эрдэҕинэ үөрэтии олус сэрэхтээхтик, өйүн-санаатын ураты харыстаан оҥорул¬луохтааҕын эмиэ дакаастыыллар.
Төрөппүттэр санааларыгар бэйэлэрин кыра эрдэхтэринээҕи өйдөбүллэрэ оскуолаҕа киириэхтэрин эрэ инниттэн саҕаланар. Ол иһин кинилэр бэйэлэрэ кыра оҕо буолан сылдьыбыт кэмнэрин билбэттэр, дьоннорун кэпсээннэриттэн эрэ истэллэр. Бу санааларыттан оҕолорун кыра эрдэхтэринэ эмиэ албынныы сылдьыахха сөп курдук саныыллар. Ол иһин «Кыра оҕо өйдөөбөт», - диэн этиинэн салайтараллар.
Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ оҕо кыра, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кута үөскээн өйө-санаата олохсуйар диэн быһаарар. Бу кэмҥэ чиҥник, чиэһинэйдик, албыннаабакка, бэ¬рээдэктээхтик иитиллибит оҕолортон өйдөрө-санаалара туруктаах, тулуурдаах дьон улаатан тахсаллар. Туруктаах өй-санаа диэн сахалар билэллэ-ринэн хаһан да халбаҥнаабат, сыыһа-халты туттубат өй-санаа буолар.
Билигин биһиги төрөппүттэрбитигэр оҕо улаатан истэҕинэ өйө-санаата туруга суох буолан ылар кэмэ кэлэр диэн өйдөбүл иҥэн сылдьар. Бу өйдөбүл нууччалартан киирбит буолан, наукаҕа чугаһатан «Переходная возрасть» диэн тупсаран ааттыыллар.
Кэнники кэмҥэ оҕо улаатан этэ-сиинэ ситэн барыытыгар өйө-санаа¬та уларыйар кэмин итинник туспа араарар буоллулар. Былыргы саха¬ларга оҕо улаатыытыттан өйө-санаата тосту уларыйар диэн үөрэх баа¬ра биллибэт. Ол барыта урукку кэмҥэ сахалар оҕолорун кыра эрдэхтэ¬риттэн киһилии, чиҥник үөрэтэннэр өйө-санаата этин-сиинин сайдыы¬тын эрдэлээн иһэрин ситиһэллэриттэн буолар. Оҕо улаатан иһэн өйө-санаата сайдыыта этин-сиинин ситии-титтэн эрдэлээн иһэр буоллаҕына, этин-сиинин уларыйыыларыгар өйө-санаата бэлэмнээх буолан, улаханнык оҕустарбакка эрэ аһарар. Былыргы сахалар оҕолоро өйдөрүн-санааларын сайдыылара эттэрин-сииннэрин ситиитигэр сөп түбэһэр буоланнар кэргэн буолар кэмнэрин ула¬ханнык аһарбакка эрэ, ыал буолууларын ситиһэллэр этэ. Бу быһыы ордук кыыс оҕолорго сыһыаннаах буоларын «Тыс үтүлүгүнэн бырахтахха уйар буоллаҕына, кыыс оҕо эргэ тахсар кыахтанар» диэн этиилэрэ бигэргэтэр. Ол аата, урукку кэмҥэ кыыс оҕо этэ-сиинэ ситиитин кытта эргэ тахсара хааччахтаммат этэ.
Оҕо этин-сиинин сайдыыта өйүн-санаатын, билиитин таһымын эрдэлээн хааллаҕына итинник «Переходная возрасть» диэн түргэнник уларыйыы кэмин охсуутугар киирэр. Төрөппүттэр оҕолорун өйүн-санаатын сатаан ииппэккэ, этэ-сиинэ улаатыытыттан хаалларан кэбиһэн баран бу кэми буккуллан ылар кэмэ диэн ааттыыллар. Бу өй-санаа уларыйар кэмэ эдэр киһиэхэ хаһан кэлэрий?
Оҕо улаатан бэйэтэ улахан киһи буолан барыытыгар этэ-сиинэ ула¬рыйан эмиэ ситэр, хотор. Улахан киһи буолбут эт-сиин көрдөбүллэрэ уларыйаллар. Бу эт-сиин уларыйыытыттан өй-санаа хаалан хаалыа суохтаах. Ол барыта төрөппүттэр оҕолорун хайдах иитэллэриттэн, кинилэр санааларыттан олус тутулуктааҕын биһиги быһаара сатыахпыт.
Аныгы бэйэлэрин билиммит төрөппүттэр ордук бэйэмсэх өйдөөх-са¬наалаах буоллахтарына, оҕолорун ордук кыра оҕо курдук саныыллар. Кинилэр санааларыгар оҕолоро куруук кыра, тугу да быһааран билбэт, куруук көрө-истэ сырыттахтарына эрэ сатанар курдук. Кыра оҕо бэҕэһээ туох буолбутун умнан кэбиһэринэн туһанан хаһан баҕарар албынныы сылдьыахха сөп курдук саныы үөрэммиттэрин букатын уларытыахтарын баҕарбаттар. Маннык быһыы оҕо өйүн-санаатын, кут-сүр үөрэҕин ситэ билбэттэн үөскээн тахсар.
Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ киһи өйүн-санаатын икки аҥы арааран, бу өйдөр-санаалар тус-туспа буоланнар киһиэхэ дьайыылара эмиэ икки аҥыларын билинэр. Кыра оҕону бэйэтэ өйдөөбөтүнэн туһанан куруук албынныы сырыттахха, «Төрөппүтүм албын» диэн өйдөбүлэ ийэ кутугар иҥэн хаалар буолан, кэлин улаатан баран ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хааллаҕына, таһыгар тахсан биллэр. Онтон киһи өйө көтөн, өйө баайыллан ылар кэмнэрэ биир эмэ түбэлтэҕэ син-биир тахсаллар. Бу кэмҥэ киһи ийэ кутун өйүнэн-санаатынан салаллар. Ол иһин төрөппүтүн кытта тапсыбат буолуута арыллан тахсар. Ийэ кутун дьайыыты¬нан улаатан иһэн төрөппүттэрин кытта сөпсөспөт буолуута ордук күүһүрэр.
Оҕо улаатан иһэн, бэйэтин өйө-санаата сайдан, төрөппүттэрин көрүүлэриттэн-истиилэриттэн босхолоно түһүөн баҕарар. Эмиэ бэйэтэ билэр сирдэригэр сылдьа да түһүөн, атын табаарыстарыттан хаалсан хаалымыан баҕара санаата элбэхтик киирэр буолар. Этэ-сиинэ ситэн-хотон барыыта кинини бэйэтин улахан киһиэхэ кубулутан иһэр. Өйө-санаата этин-сиинин кытта хаалсыбакка уларыйан иһиитин төрөппүттэрин бобуулара, көрүүлэрэ-истиилэрэ уонна ситэ үөрэппэттэрэ хааччахтыыр. Эт-сиин ситэрин кытта тэҥҥэ оҕо улахан киһи оҥорор бары быһыыларыттан хаалсымыан баҕа¬рар санаата күүһүрэн иһэрин толорорго дьулуһар.
Улаатан иһэр оҕо бэйэтин улахан киһинэн билинэр буолуута өйө-санаата ситиитигэр туһалыыр. Төрөппүттэр оҕолорун сөптөөхтүк ииппит уонна үөрэппит буоллахта¬рына бу кэм ханнык да улахан хамсааһына суох салгыы баран иһэр.
Төрөппүттэр оҕолорун улаатан, өйө-санаата уларыйан барыытын аахсыбат буолууларыттан уонна кыра эрдэҕинэ элбэхтик сымыйалыы сылдьыбыттара арыллан хаалыытыттан оҕолоро кинилэри итэҕэйбэт буо¬луута үөскүүр. Оҕо өйүгэр-санаатыгар төрөппүттэр мөлтөх өрүттэрэ арыллан тахсыытыттан албынныы сылдьыбыттарын билэн олус улаханнык хомойор.
Биһиэхэ оҕо кыра эрдэҕинэ үгүстүк албыннаан, сымыйалаан уонна манньалаан үөрэтии сайынна. Куруук аптаах, албын остуоруйалары, сымыйа кэпсээннэри оҕолоругар кэпсээннэр оҕолоро аны, ол кэпсээннэрин итэҕэйэр буола улааталлар. Кыра эрдэҕинэ куруук сымыйалыы, албынныы сылдьыбыттарын оҕолоро улаатан иһэн син-биир билэр. Ол иһин төрөппүттэрин итэҕэйбэт, эрэммэт буолуута үөскүүр, кэлин улаатан иһэн тапсыбат буолара онтон саҕаланар.
Төрөппүттэр араас элбэх бобуулара барылара бэйэлэрин тустарыгар буоларын оҕо улаатан, өйө-санаата эбиллэн истэҕинэ арааран билэр. Оҕо төрөппүтүн итэҕэйэр, эрэнэр буоларын туһугар хаһан да, тугу да сымыйалаабат, албыннаабат, балыйбат ордук. Туох эмэ кыаттарбат да түбэлтэтигэр оҕоҕо быһааран биэрдэххэ бэйэтин кыаҕынан барытын өйдүүр, ылынар. Бэйэҕит сымыйалыы, албынныы үөрэппэтэххитинэ оҕоҕут эһигини хаһан даҕаны албынныаҕа, түһэн биэриэ суоҕа.
АТААХ ОҔО
Саха дьоно былыр-былыргыттан оҕо хайдах иитиллибититтэн туту¬луктанан майгыта уратылардаах буола улаатарын билэллэр. Итинник уратытык, туспатык иитиллибит оҕо майгытын туспа арааран «Атаах оҕо» диэн бэлиэтээн этэллэр.
Биһиги бу үлэбитигэр «Атаах оҕо» майгына, өйө-санаата туох уратылардаах буоларын быһаара сатыахпыт. Ол иһин аан маҥнай «Атаах оҕо» диэн майгы көрүҥэ хантан үөскээн кэлэрин булан ыларбыт наада.
Советскай былаас кэмигэр баай дьон оҕолоро атаах буола иитиллэллэр диэн үөрэтии баар этэ, элбэхтик суруйаллара, кэпсииллэрэ. Баай дьон оҕолоро бардам майгылаах, арыгыһыт, хааттыһыт буола улааталлара кырдьык. Былыргы кэмҥэ баай дьон оҕолорун дьадаҥы ыалга биэрэн ииттэрэллэрэ эмиэ баар буолара. «Социализм» кэмин саҕана сорох салайааччылары улааппыт оҕолоро улаханнык эрэйдээн, карьераларын атахтаабыттара биллэр. Бу кэмҥэ дьон бары тэҥник, баайдык сананыылара оҕолорун иитиилэригэр үгүстүк маанылыы сатыылларын үөскэтэн кэбиспитэ олоххо баар суол.
Кэргэнниилэр оҕо төрөттөхтөрүнэ, маҥнайгы оҕолоро кинилэргэ күннэрин курдук буолар. Көрөн-истэн, биэбэйдээн улаатыннараллар. Биир оҕолоох буолан хааллахтарына оҕолоро кырдьык маанытык иитил¬лэр. Эрэнэллэрэ, күүтэллэрэ кини эрэ. Улаатан биэрбэккэ эрэйдиир. Бары баҕатын барытын кыахтара тиийэринэн толоро сатыыллар. Кокуукка курдук таҥыннаран бараннар «Эн үчүгэйгин, эн бэккин, эйиэхэ эрэ баар» диэн киһиргэтэн кэбистэхтэринэ, киһилэрэ кырдьык мин эрэ баарбын дии санаан, атаах буолара чахчы. Оҕо өйүгэр-санаатыгар үөрдүү, киһиргэтии олус күүскэ иҥэр. Ол иһин саха дьоно киһиргэтии кэмнээх буолуохтаах диэн этэллэр. Аһара киһиргэтии, хайҕааһын киһини быһа этии буолар. Kиһи киһиргээтэҕинэ, дэбдэйдэҕинэ сыыһа туттара, алҕас сыаналыыра элбиир.
Тугу эмэ үчүгэйи оҥорбутуттан атыттар үөрдэхтэринэ оҕо онтукатын хатылаан оҥор да оҥор буолар. Онтон эбии киһиргэтэн «уу-дьугудьук, уу-дьу¬гудьук» диэтэххэ букатын туох сатыырын барытын көрдөрбүтүнэн, араастаан хамсаммытынан барар. Үчүгэйи оҥордоҕуна үөрүү, онтон куһаҕаны оҥордоҕуна хомуруйуу буоллаҕына оҕо өйүгэр-санаатыгар үөрүүнү оҥорбута элбэхтэ хатыланар буолан үгэскэ кубулуйан өйүгэр умнуллубат гына ууруллан хаалар. Ол иһин оҕо бэйэтэ үчүгэйи оҥо¬роро эбиллэн, үчүгэй үгэс өйүгэр-санаатыгар иҥэр. Онтон куһаҕаны оҥороро тохтотуллан хаалан өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан иҥмэккэ умнуллан хаалан иһэр. Дьон оҕолорун бэйэлэрэ кыра эрдэхтэринэ көрүллүбүт-тэринээҕэр үчүгэйдик көрөллөрө-истэллэрэ билигин баар суол. Ол курдук биһиги дойдубут олоҕун сайдыыта кэлин кэмҥэ түргэнник тупсан иһэр буолан таҥнар таҥас, аһылык эмиэ тупсан биэрэн иһэллэр. Ас-үөл чааһа өссө тупсар. Ол иһин оҕолор төрөппүттэринээҕэр лаппа үчүгэйдик көрүллэллэрэ син курдук. Дьонтон ураты, үчүгэйдик көрүллүүнү сахалыы маанылааһын диэн ааттыыллар.
Киһи майгынын, өйүн-санаатын уратыларын суруйааччылар ордук билэллэр. Михаил Соров суруйарынан мааныланан иитиллии атаахтык иитиллии буолар. (10,3). Ол аата оҕону аһара маанылаан, атын оҕоттон арааран аанньа үлэлэппэккэ сынньатан иитии атаах оҕону иитэн улаатыннарар.
Мантан салгыы аны мааны, маанылааһын диэни быһаарарга тиийэбит. Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта бу тыл сүрүн өйдөбүллэрин барытын бэлиэтиир. Ол курдук атыттартан ордук көрүллэр, ордук тапталлаах, күндү буоллаҕына мааны буолар. Оҕолорун үчүгэйдик таҥыннарар, ас-үөл бастыҥын күндүлээн аһатар буоллахтарына маанылыыр эбиттэр. (2,113). Ол аата, бу курдук уратытык, мин эрэ баарбын, миэхэ эрэ наада диэн өйгө-санааҕа үөрэтиллибит оҕо атаахтык иитиллибит киһи буолан тахсыан сөп. «Атаах оҕо» бары баҕатын барытын то¬лорторо сатыырын, куруук кыра оҕо буола сылдьарын сөбүлүүрүн туспа арааран бэ¬лиэтииллэр. (2,24). Бу быһаарыыларга сөбүлэстэхпитинэ, аһара мааныланан улааппыт оҕо атаах оҕо буолан тахсара кырдьык. Ол аата маанылааһын диэн оҕону төрөппүт бэйэтинээҕэр үрдүктүк тутан, ордук минньигэс аһынан хатаҕалаан аһатан, саҥа ураты таҥастары таҥыннаран көрүүтэ буолар уонна атаах оҕо биир уратытын быһаарар. Оҕону итинник көрүү-истии «Мин ордукпун», уратыбын диэн өйдөбүлү хас сырыы аайы хатылыыр буолан иҥэрэн, өйүгэр-санаатыгар олохсутан кэбиһэр.
Эрилик Эристиин «Хачыгыр» диэн кэпсээнигэр маанылаах сиэн оҕо¬лоро, тоттук оҕо Хачыгыры көҥүл кырбыыр, оҕунан ытыалыыр. Туох баҕатын барытын толоро үөрэппит тоттук оҕолоро оҕун уокка сиэтэн, баҕата кыайан туолбакка аны Хачыгыры ыкка соһон илдьэн ытыттараары гынар. (11,34-36).
Маны быһаардахпытына бэйэни кыана туттубат, сыыһаны оҥороору гыннахха кыайан тохтотуммат буолуу диэн «Атаах оҕо» майгытын ураты көрүҥэ буолар. Кырдьаҕас дьон атаахтык иитиллибит оҕолор итинник майгылаах буолаллар диэн этэллэр. Ити аата, «Атаах оҕо түктэри майгыта» диэн былыргыттан сылдьар өйдөбүл быһаарыытынан, оҕо быстах баҕа¬тын толороору бэйэтин букатын сатаан туттуммата буолар. Кини маанытык иитиллибит, барыта бары бэлэм буоларыгар үөрэтиллибит буолан үгүс дьон бу таба, бу сыыһа, бу курдук куһаҕан, маннык үчүгэй диэн өйдөбүллэрэ киниэхэ сөп түбэспэт буолан хаалыытыттан атын дьону кытта тапсара ыарахан буолар.
Киһи тугу оҥорбута барыта аһара бардаҕына куһаҕан буоларын са¬халар билэннэр «Аһара барыма» диэн этэн үөрэтэллэр этэ. Бу этии оҕону иитиигэ аһара барыы букатын табыллыбат суол буоларын, оҕо атаах буола улаатарын бигэргэтиэн сөп. Онон, атаах оҕо өйө-санаата хантан үөскээн кэлэрин быһаардахпытына, ыаллар оҕолорун аһара маанылаан, олус киэргэтэн уонна эбиитин дэлби киһиргэтэн: «Эн эрэ бааргын»- диэн үөрэтэн кэбистэхтэринэ оҕолоро «Атаах оҕо» майгына майгыланан хаалар.
Сахалар олус уһун үйэлээх омуктар. Кинилэр киһи олоҕун чахчы дириҥник үөрэппиттэрин бэлиэтинэн «Баай дьон тоҕус көлүөнэ иһинэн дьадайаллар» диэн олохсуйбут өйдөбүллэрэ буолар. (12,46). Бу өйдөбүл үөскээһинигэр баай дьон бэйэлэрин оҕолорун үлэҕэ-хамнаска үөрэппэккэлэр, куруук бэлэмҥэ, сынньалаҥнык күүлэйдэтэ сырытыннараннар, кэлэр көлүөнэлэрэ букатын мөлтөх дьон буолан тахсаннар баайдарын-малларын ыһан-тоҕон бүтэрэллэрин бэлиэтээһиннэрэ олук буолбут.
Е.Д.Андросов баай дьон Оруоһуттар олохторун дириҥник үөрэппит. Кинилэр түөрт көлүөнэ устата киэҥник тарҕанан сайдан, байан-тайан бараннар мөлтөөн, дьадайан барбыттар. Бу кэмҥэ революция буолан баай дьону хабырдык тутууларын түмүгэр Оруоһуттар суох гына эсти¬биттэр. (13,110).
Ааспыт «социализм» кэмигэр оҕону иитиини-үөрэтиини государство бэйэтин илиитигэр ылбыт буолан төрөппүттэр оҕолоругар сыһыаннара лаппа сымнаабыта. Билигин ырыынак кэмэ буолан хас биирдии төрөппүт оҕотугар туруорар көрдөбүлэ улаатан биэриэхтээх. Итини тэҥэ саха дьоно саҥа үүнэн иһэр көлүөнэлэрин иитиини-үөрэтиини төрдүттэн уларытан, былыргы сахалардыы, «Мин оҕом саары чаккылаах» диэн атаахтаппакка, бэйэҕитинээҕэр ордук тулуурдаах, өһөс, үлэһит дьону ииттэххитинэ уонна үөрэттэххитинэ маннык сымнаабыт майгы сыыйа көнөн барыаҕа, саха дьоно салгыы сайдар кыахтаныахтара.
Атаах оҕо сүрүн уратытынан ханнык да баҕатын, ол иһигэр быстах баҕа санаатын букатын кыайан туттуммат буола улаатар. Ханнык баҕарар баҕа санаатын төрөппүттэринэн толотторо үөрэммитэ, бэйэтэ сүрэҕэ суох буола улаатарын үөскэтэр. Бэйэтин баҕа санааларын атын дьонунан толотторорго үөрэммитэ, көрдөс майгылаах буолуутугар ти¬риэрдэр.
Атаах оҕо майгынын биир уратытынан атын дьону үтүктүүтэ ордук күүстээҕэ буолар. Бэйэтэ тугу эмэ толкуйдуура атаахтыырын күүһүттэн ситэ сайдыбакка хаалар буолан уонна «Миэхэ эмиэ» баар буолуохтаах диэн бэйэмсэх өйдөбүлүттэн атын дьону олус үтүктэр. Тугу эмэ атыылаһар баҕа санаа киириитигэр «Ол дьоҥҥо баар, миэхэ тоҕо суох буолуохтааҕый?» диэн өйө-санаата баһыйан хайаан да үтүгүннэҕинэ эрэ табыллар. Ол түмүгэр бу үтүктэр баҕатын толороору туох баар кыаҕын, албаһын барытын уурар.
Ийэ, аҕа баар-суох оҕолорун атаахтатан бары баҕатын толоро үөрэтэн кэбистэхтэринэ, киһилэрэ ханнык баҕарар баҕатын толотто¬роору дьулуһара өссө улаатан иһэр. Баҕатын толоттороору ытыы-ытыы кыыһырыы, онон-манан куттааһын атаах кыра оҕо үгүстүк туттар ньыматыгар кубулуйар. Оҕо улаатан истэҕинэ бу ньымаларын туттара эмиэ эбиллэн биэрэр.
Киһи буолуу сүрүн бэлиэтинэн оҕо бары баҕа санааларын олох дьиҥнээх баар көрдөбүллэригэр тэҥнээн биэрэ үөрэниитэ буолар. Оҕоҕо баҕа санаа хайаан да баар буолара наада. Арай кини баҕа санаатын туолуутугар атын дьон интэриэстэрин учуоттуур буолууга үөрэнэрэ ордук туһалаах. Бу көрдөбүл киһи буолууга ордук суолталаах. Оҕо улаатан, улахан дьон коллективтарыгар киириитэ, өйө-санаата тосту уларыйыытын үөскэтэр. Бу кэнниттэн кэргэн ылыы эбэтэр кэргэн тах¬сыы оҕо өйө-санаата атын дьон интэриэстэрин аны бэйэтигэр ылыыныы¬тыгар тириэрдэр. Атаах оҕо өйө-санаата эппиэтинэс улаатыытын кыайан тулуйбат буолан аныгы кэргэнниилэр арахсыылара кэлин кэмҥэ олус элбээтэ.
Россия дьоно советскай былаас сабыдыалынан үрдэрэн билигин даҕаны оҕолорун иитиигэ оччотооҕу майгыны салгыы баран иһэллэр. «Барыта оҕолор тус¬тарыгар» диэн ыҥырыы бэйэтэ атаах оҕолору иитэн-үөрэтэн улаатыннарыыга ыҥырар. Билигин олох уларыйан бу ыҥырыыны уларытыахха сөп буолла.
Билигин ырыынак кэмэ буолбута уонтан тахса сыл буолла эрээри оҕону иитии уонна үөрэтии ньымалара кыайан уларыйа иликтэр. Оҕону кыра эрдэҕиттэн «Барыта эн тускар» диэн үөрэтии салҕанан бара турар. Төрөппүттэр үтүө, мааны кэлэр көлүөнэлэрин иитэн-үөрэтэн улаатыннарар баҕаларыттан оҕолорун маанылаан, киэргэтэн, атаахтатан кэбиһэллэрэ син-биир салҕанан иһэр. Ол кэмнээҕи оҕону иитии сабыдыалынан билигин эдэр ыччаттар бэрээдэктэрэ мөлтөөн, олоххо кыайан оннуларын булбаттар. Ол иһин билигин оҕону «Бэйэҥ баскын бэйэҥ харыс¬таа», «Эн улахан киһи буоллуҥ», - диэн үөрэтэр буолуу тарҕаннаҕына эрэ атаах оҕолор аҕыйах буолуохтара. Оҕоҕо бары эппиэтинэһи бэйэтигэр биэрэн иитии-үөрэтии түмүгүнэн эрэ эдэр дьон олоххо өссө дьулуурдаах, тулуурдаах буола улаатаннар сайдыыны-үүнүүнү тарҕатыахтарын сөп.
«Барыта оҕо туһугар» диэн ыҥырыы мөлтөх дьону иитэн улаатыннарар. Маннык көрдөбүлүнэн иитиллибит оҕолор маанылаан, атаахтык иитиигэ тэҥнээхтик иитиллэллэр, көрдөөтөллөр эрэ бары барыта баар буолан иһиитэ, сыалы-соругу ситиһиигэ дьулуура суох дьону үөрэтэн таһаарыыга олук уурар. Бэйэлэригэр эрэммэт, ким эрэ бэлэмин кэтэһэллэрэ элбэх, улахан дьон көрүүлэригэр аһара наадыйар дьон буолан тахсаллар.
Cоҕотох дьахтар уол оҕону иитэрэ олус ыарахан. Оҕотун атаахта¬тан кэбистэҕинэ, оҕото атаахтыырын, соҕотох оҕо буоларын билинэн, бары баҕа санаатын ийэтинэн толотторор буола үөрэннэҕинэ букатын ыарахан буолар.
Сахалар оҕону иитэр үөрэхтэрин кэлин кэмҥэ букатын да умуннубут. Саха дьоно «Ийэ сүрэҕэ - оҕоҕо, оҕо сүрэҕэ – тааска» диэн этиилэригэр суолта биэрбэт буоллубут. Оҕо улаата охсон, туспа киһи, туспа ыал буола охсуон баҕатын умуннубут. Айылҕа оҥоһуутун быһыытынан оҕо туспа киһи, атын ыал төрдө буолар аналлааҕын аахсыбаппыт, куруук кыра курдук саныыбыт.
Сайдыылаах, элбэх ахсааннаах омуктары үтүктэн биирдии-иккилии оҕолоох буолуу аҕыйах ахсааннаах омугу эстиигэ тириэрдэрин ситэ билбэккэ сылдьабыт. Ыаллар соҕотох оҕолорун «Күннэрин» курдук көрөн, маанылаан улаатыннарар буолуулара, оҕолоро атаах буолуутугар тириэрдэр. Оҕо соҕотоҕун, баар-суох оҕолоро буоларын билинэн, онон дьоннорун куттуур буолуута, олус атаах эбитин биллэрэр. «Мин баран хааларбынан куттааммын тугу барытын ылларар кыахтаахпын»,- диэн өйдөбүл оҕоҕо киирдэҕинэ дьонноро улаханнык эрэйдэниэхтэрин сөп.
Бэйэтин быстах баҕа санааларын уруттаан толоро үөрэммит, атаахтык иитиллибит киһиттэн төннүбүт төрүөх үөскээн тахсар кыахтаах. Бэйэтин этин-сиинин баҕатын кыайан тулуйбат, салайбат буолуута араас киһиттэн таһынан быһыылары оҥорон кэбиһэригэр тириэрдэллэр.
Сахалар атаах киһи диэн өйдөбүллэрэ бэйэтин быстах баҕа санааларын кыайан салайбат, өйө-санаата тулуура мөлтөх киһини быһаарар. «Атаах киһи арыгыһыт буолар»,- диэн этии өй-санаа мөлтөх буоларын кырдьык чуолкайдыыр.
Соҕотох оҕо атаах буолар аналланар. Төрөппүттэрэ соҕотох оҕолорун аһара көрөн-истэн маанылаан атаахтатан кэбиһэллэр. Күннэрэ киниттэн эрэ тахсар буолуута оҕо өйүгэр-санаатыгар «Мин эрэ»,- диэн санаатын күүһүрдэр. Итиннэ эбии оҕо бары баҕатын барытын толорон иһэр буоллахтарына «Миэхэ эрэ»,- диэн өйө-санаата уруттаан сайдар.
Кыра эрдэҕиттэн элбэх оҕолонор үгэс киниэхэ суох буолан соҕотох оҕо бэйэтэ улаатан кэргэн ылан элбэх оҕолонор кыаҕа суох. Kини кыра оҕо хайдах улаатарын бэйэтэ көрбөтөх буолан оҕону көрүү туһунан ханнык да өйдөбүлэ суох буола улаатар.
Бэйэтэ атаах буола иитиллибит киһи оҕотун өссө атаах гына иитэр. Аһара атаах киһиттэн киһилии киһи тахсыбат. Өйө-санаата туруга суох буолан ханна эрэ, хаһан эрэ сыыһа туттар кыаҕа улахан. Атаахтаан бары баҕатын толотторо үөрэммитэ бэйэтин быстах баҕа санааларын кыайан тохтоппот, салайбат киһи буола улаатарыгар тириэрдэр.
Kиһи буолуу сүрүн өйдөбүлэ диэн тугуй? Kиһи бэйэтин быстах баҕа санааларын тулуйан, хам тутан, салайан киһи оҥорор быһыыларыгар, үөрэх-билии этэригэр тэҥнээн биэрэр буолуохтаах. Онтон киһи оҥорор быһыыларыгар бары сокуоннары, быраабылалары, үгэстэри тутуһуу барыта киирсэллэр.
Атаах оҕолору иитэн улаатыннарыы омугу эстиигэ, симэлийиигэ тириэрдэр суос-соҕотох суол буолар. Түүр омуктар сайдан-үүнэн государстволары тэринэн бараннар эстэн-быстан хаалалларын дириҥник үөрэппит Л.Н.Гумилев бэйэтин «Хунны в Kитае» диэн үлэтигэр итинник быһаарар.
Омугу мөлтөтүү диэн, эдэр, үүнэн иһэр көлүөнэлэри бэлэмҥэ үөрэтии, аһара маанылаан улаатыннарыы буолар. Хас көлүөнэ уларыйан истэҕин аайы мөлтөөһүн салгыы өссө күүскэ баран иһэр. Маннык ыараабыт балаһыанньаттан тахсар суолу саха дьоно билэллэр. «Олох ыараатаҕына, омук күүһүрэр» диэн саха кырдьаҕастарыгар иҥмит өйдөбүл баар. Олох ыараатаҕына оҕону иитии оруола лаппа үрдээн, кытаатан биэрэрин саха дьоно бэлиэтээннэр итинник өйдөбүлү үөскэппиттэр. Бу кэмҥэ оҕону иитиигэ уларыйыы үөскээн, оҕо мааныланара, төрөппүтүнээҕэр ордук көрүллэрэ суох буолан атаахтыыра кыаллыбат. Ол иһин оҕо өйө-санаата туруктаах, тулуурдаах, дьулуурдаах буола иитиллэр. Онон, олох ыарахаттарын тулуйа, олору туоруурга үөрэнии оҕону үөрэтиини кытаатыннаран, омугу күүһүрдэн биэрэрэ быһаарыллар.
ИЛИИ БАРБАТ БУОЛУУТА
Кырдьаҕас дьон аныгы, эдэр ыччаттар оҥорор буруйдарыттан саллан, санаалара түһэн сылдьаллар. Билигин эдэр дьон буруйу оҥоруулара элбээбитин барытын былаас уларыйыытыгар түһэрэллэр, иитии-үөрэтии үлэтэ мөлтөөбүтүгэр оскуоланы буруйдууллар. Буруйу оҥорооччу эдэрдэр кинилэр бэйэлэрин оҕолоро, сиэннэрэ буолалларын умнан, бэйэлэригэр кыра да буруйу ылыныахтарын баҕарбаттар, оҕолоро, сиэннэрэ кыра эрдэхтэринэ киһилии майгыга үөрэппэтэхтэрин билиммэттэр.
Советскай былаас эстиэн иннинэ төрөппүттэр оҕолорун бары кэриэтэ атаахтык ииппит эбиттэрэ билигин биллэн эрэр. Оччотооҕу кэмҥэ төрөөбүт оҕолор билигин улаатан улахан дьон кэккэтигэр киириилэригэр араас ыарахан буруйу оҥоруулара, арыгыһыт буолуулара элбээтэ.
Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн үөскээбит көлүөнэлэр олохторо быдан кырыымчык этэ. Kинилэр улааталларыгар олох ыараханын, ас-таҥас аҕыйаҕын, быһыы килиэп суолтатын билэн, эйэлээх-иллээх буолууга иитиллэн улааппыттара. Ол кэмҥэ улааппыт дьон биир улахан куоһурдарынан, биһиги киһини хаһан даҕаны кырбаабаппыт, охсуолаабаппыт диэн билинэллэрэ чахчы кырдьык уонна оччотооҕу кэмҥэ оҕону иитии уратыларын быһаарар.
Кырдьаҕас, урукку иитиилээх дьон киһини хаһан даҕаны аһара туттан кырбаабаттар, эчэппэттэр, тэбиэлээбэт¬тэр. Сүрүн уратыларынан охто сытар, утарыласпат буолбут киһини отой да тыыппаттар. Аһара туттуу, аһара барыы диэн сиэрэ суох быһыыны оҥороллоругар кинилэр «илиилэрэ барбат» буола кыра эрдэхтэринэ иитиллибит¬тэр. Ити урукку кэмҥэ оҕону иитии уратыта буолар этэ. Оҕону иитии ити үчүгэй өрүтүн ханна гынан, сүтэрэн кэбиспиппитин буларбыт буоллар, эдэр көлүөнэ дьоммут бэрээдэктэрэ тубустаҕына, омукпут уһун үйэтэ салҕанан бара туруо этэ.
Оҕо кыра эрдэҕинэ, куһаҕан быһыыны оҥорбокко, үчүгэйи эрэ оҥорорго үөрэннэҕинэ, кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар үчүгэй быһыылары эрэ оҥорор туһунан олохсуйбут өйдөбүл баар буолар. Оҕоҕо бэйэтин өйө киириэн иннинэ ийэтэ уонна аҕата: «Оҕом куһаҕаны оҥорума, үчүгэйи, маннык оҥор»,- диэн үөрэтиилэрэ, хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйан кини ийэ кутугар киирэн олохсуйан иһэллэр уонна үйэтин тухары куһаҕаны оҥорор сыыһа, табыллыбат быһыы диэн тохтотор, туормас буолан өйүгэр-санаатыгар уурулла сылдьаллар. Бу олохсуйбут үгэстэр туормас, тохтотор быһыы буолан киһи куһаҕаны оҥороору гынарын хаһан баҕарар тохтото сылдьаллар диэн сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар.
Оҕо маҥнайгы туормаһын, тохтотор майгынын ийэтэ оҥорор. Ол курдук кыра оҕо маҥнайгы хамнаныытынан хам тутан тардыалааһын буолар. Манна ийэ баттаҕа уонна кулгааҕа куруук тардыаланар. Оҕото ыалдьар гына тардыалаатаҕына ийэтэ сөбүлээбэккэ куһаҕаннык көрдөҕүнэ эбэтэр эмискэ хамнаннаҕына, оҕо куһаҕаны оҥорбутун өйдүүр, тардыалыыр оннугар имэриттэрэ үөрэттэххинэ, бэрт сотору үөрэнэр. Бу кэм¬тэн саҕалаан оҕо куһаҕаны оҥороро тохтотуллан иһэр, онтон үчүгэйи оҥороро хайҕанан, элбэхтэ хос-хос хатыланан үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар ууруллан истэхтэринэ, үйэтин тухары үчүгэйи оҥоро сылдьара элбэх буолар.
Оҕо тугу эмэ оҥороору гыннаҕына эбэтэр оҥордоҕуна онно эппиэт¬тээн улахан дьон, төрөппүттэрэ хайдах көрөллөрүн, тугу гыналларын хайаан да кэтэһэр. Эбэ дуу, ийэ дуу оҕото куһаҕаны оҥорорун көрдө даҕаны сөбүлээбэтэх саҥата эбэтэр куһаҕаннык көрүүтэ оҕону сонно тохтотор, маннык оҥорор сыыһа эбит диэн өйдөбүлү киллэрэр. Кыра оҕо өйүгэр бу быһыы тохтотуллан хаалан хос-хос хатылааһына суох буолан кыайан хатанан хаалбат. Ол иһин кэлин кыайан хатыламмакка умнуллан хаалан иһэр. Оҕо куһаҕаны оҥороро тохтотуллубат буоллаҕына хатылаан оҥорор кыахтанар.
Манна биһиги оҕо аан маҥнайгы оҥорор быһыыта диэн өйдөбүлү киллэриэхпит этэ. Ол аата оҕо аан маҥнай оҥорор быһыыта, ханнык да быһыы буоллун, аан маҥнайгынан ордук кытаанахтык өйдөнөр. Оҕону кыра эрдэҕиттэн үчүгэй быһыылары оҥорорго үөрэтии ити иһин оруола быдан үрдүк.
Оҕолоро үчүгэй быһыыны оҥордоҕуна дьоно үөрэллэр. Үөрүү оҕо¬ну тэптэрэн биэрэр. Оҕо дьонун өссө үөрдээри ити оҥорбутун хос-хос хатылаан салгыаҕар диэри оҥоро турар. Хос-хос хатыланар быһыы үгэскэ кубулуйан оҕо өйүгэр-санаатыгар умнуллубат гына ууруллар. Ити быһыыны сотору-сотору хатылаан биэрэ сырыттахха киһи үйэтин тухары умнубат өйдөбүлэ буолан иҥэн хаалар. Оҕо өйүгэр-санаатыгар бу курдук умнуллубат гына иҥмит өйдөбүллэр бары холбоһон кини ийэ кутун үөскэтэллэр.
Оспуор ханнык эмэ көрүҥэр кыаттаран баран, кыһыытын-абатын кыайан туттуммакка сыыһа-халты хамсанар киһини бэйэтин кыайан туттуммат киһи диэн этэллэр. Улааппыт киһи итинник майгытын кыайан көннөрүнэрэ олус уустугун бэлиэтиир этиинэн: «Куһаҕан майгылаах киһини кыйахалаама»,- диэн этии баара буолар. Ол аата, киһиҥ эмиэ ыгыллан, кыыһыран муҥуругар тиийэн хааллаҕына кыайан туттунуо суоҕа диэн өйдөтөр. Бу аата, оҕо кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыыны оҥорорун тохтоторугар үөрэппэтэх буоланнар, улаатан баран бэйэтин кыайан тохтотуна үөрэнэрэ уустугун бэлиэтиир этии буолар.
Уолаттар эбэтэр эр дьон икки ардыларыгар биирдиилээн да буоллар быһаарсыы, илин былдьаһыы көрүҥнэрэ син бааллар. Маннык быһаарсыы суруллубатах быраабыла быһыытынан барара былыргыттан биллэр. Арай бу быраабыла икки өттүттэн сөбүлэһиилээх эрэ буолуохтааҕа ирдэниллэр. Урукку кэмҥэ уолаттар икки ардыларыгар биир бииргэ киирсии туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох ким «Бүттүм» диэр диэри ыытыллара. Чаҕыйан куотуу, сытан биэрии эбэтэр мурун хаана тоҕуннаҕына быһаарсыы бүппүтүнэн ааҕыллара.
Биир бииргэ утарыта көрсөн охсуһуу киһиттэн улахан тулуурдаах, бэйэни кыана туттар буолууну эрэйэр. Кыаттарбыт киһи өссө улахан тулуурдаах, кыһыытын-абатын өссө кыана туттар буолара табыллар. Ол аата кыаттарбыт киһиттэн бу дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара, салгыы олохторо улахан тутулуктаах буолан тахсарын бэлиэтиир. Кыаттарбыт киһи бэйэтин билиммэккэ эйэлэһимтиэтэ суох буолуута, өсөһөн-ньоҕойдоһон туруута салгыы бардаҕына араас сэби-сэбиргэли туттууга тиийэн бу дьон олохторун улаханнык аймыан сөп.
Бэйэни кыайан туттуммат буолуу кэлин кэмҥэ уолаттар ортолоругар олус тарҕанна. Биирдиилээн бэйэ икки ардыгар быһаарсыылар элбэх буолан, күргүөмүнэн киирсиилэргэ тиийэн хаалар буоланнар, кыайбыт¬тар кырбааччыларга кубулуйуулара үгүстүк таһаарыллар буолла. Бэйэ¬лэрин кыана туттан тохтотуммат эдэр уолаттар кыаттарбыт киһини хам тэпсэн хамнаабат оҥорон кэбиһэллэр, эчэтэллэр.
Маннык быһаардахпытына бэйэни кыана туттубат, сыыһаны оҥороору гыннахха кыайан тохтотуммат буолуу кэлин кэмҥэ үөскээн тэнийэн эрэр майгы көрүҥэ буолар. Кырдьаҕас дьон атаахтык иитиллибит оҕо¬лор итинник майгылаах буолаллар диэн этэллэр. Ити аата, «Атаах оҕо түктэри майгына» диэн былыргыттан сылдьар өйдөбүл быһаарыытынан, оҕо бэйэтин букатын сатаан туттуммат, өйүнэн-санаатынан салайыммат буолуута ааттанар.
Бэйэтин кыайан туттуммат киһи ханнык баҕарар быһыыны, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥоруон сөп. Ол эрээри тугу да оҥорбута барыта киһиттэн таһынан, сиэрэ суох буолан тахсыахтаах. Маннык быһыы ордук куһаҕан быһыылары оҥорууга биллэр. Ол быһыылар үксүгэр аһара баран дьон өйүгэр-¬санаатыгар букатын сөп түбэспэт быһыыларга кытта тиийэр буолбута үгүс дьону хомотор.
Ийэ кут уонна салгын кут тус-туһунан өй-санаа буолалларын биир туоһутунан итирбит киһи өйө-көтүүтэ буолар. Биһиги быһаарыыбытынан киһи өйө көппүтүн кэнниттэн, кинини ийэ кута быһаччы салайар. Бу салайар кэмигэр сорох киһи бэрээдэги аһара кэспэккэ син киһи кур¬дук сылдьар. Онтон сорох киһи биирдэ итирдэҕинэ туох эмэ буруйу, аһара туттууну оҥоро охсор.
Итирбит кырдьаҕас киһи элбэхтик үөрэр, кэпсиир, ыллыыр. Хаһан даҕаны аһара киэптэһэн, охсуһан барбыттара суох. Эгэ биирдэ эмэ киһини кырбыахтара дуо? Охсуһарга, киһини кырбыырга «Илиилэрэ барбат» буола кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэн хаалбыттара кинилэри бэрээдэги кэспэккэ сылдьалларын хаһан баҕарар хааччыйар.
Сахалар аатырбыт ороспуонньуктара Манчаары араас ыарахан балаһыанньаҕа түбэһэ да сырыттар киһини өлөрөн хааны тохпотоҕо биллэр. Оннооҕор кини улаханнык кыыһыран-абаран туран Чоочо баайы өлөрөөрү сананан баран илиитэ баран кыайан өлөрбөтөх. Оччотооҕу кэмҥэ киһини өлөрүү диэн саамай ыар, хара айыы буолара уонна кыра эрдэҕиттэн аһара туттан кэбиһэргэ үөрэммэтэҕэ кинини тохтотоннор, олоҕун алдьаппыт киһиттэн иэс ситиһэр түгэн үүммүт кэмигэр «Илиитэ бар¬бат» буолбута чахчы.(14,162).
Ити курдук оҕо кыра эрдэҕинэ иитии уонна үөрэтии хайдах барбы¬тыттан киһи улаатан баран тутта-хапта сылдьыыта улахан тутулук¬тааҕа дакаастанар. Үчүгэй майгылаах дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы оҕо кыра эрдэҕиттэн утумнаахтык дьарыктаннахха эрэ кыаллыан сөбүн өссө төгүл бэлиэтиибит.
Хос быһаарыылар.
1. Е.П.Попов. Үтүө үгэстэри үксэтэн иһиэххэ. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1986.- 80 с.
2. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.- 264 с.
3. Федоров Г.Е. Егоров Н.Ф. Сэргэ төрдүгэр сэһэн. Үһүйээннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1991.- 160 с.
4. Осипов Н.М. Шичко ньыматынан арыгылааһынтан уонна табахтааһынтан босхолонуу. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.- 48 с.
5. Журнал «Техника молодежи» N 1, 1988 г.
6. Кондаков В .А. Санаа уонна тыл ис кистэлэҥ күүстэрэ. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1998.- 128 с.
7. «Чолбон» сурунаал. 2-с ньүөмэрэ, 1992 с.
8. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. Дьокуускай: «Бичик» нац. кн. кыһата, 1994.- 352 с.
9. Газета «Якутия». 23 декабря 2000 год.
10. Михаил Соров. Отчут уонна лыахчыт. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1993.- 64 с.
11. Сүүрбэһис үйэ кэпсээнньиттэрэ: Саха прозаиктарын айымньыла¬рын антологията. Дьокуускай: «Бичик», 2000.- 353 с.
12. В.Ф.Трощанский. Наброски о якутах якутского округа. Под ред. и с прим. Э.К.Пекарского. Казань: Типография Императорского Уни-верситета, 1911.- 144 с.
13. Е.Д.Андросов. Оруоһуттар. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 2000.- 288 с.
14. Предания, легенды и мифы саха ( якутов ). Новосибирск, «Нау¬ка» Сибирская издательская фирма РАН,- 1995.- 400 с.
ТУЛААЙАХ ОҔО
Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар кыра эрдэҕинэ ханнык кэргэҥҥэ, усулуобуйаҕа иитиллэн улааппыта улахан оруолу ыларын саха дьоно арааран бэлиэтииллэр. Элбэх оҕолоох, толору, эйэлээх, үлэһит кэргэҥҥэ улааппыт оҕолор өйдөрө-санаалара туруктаах, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөр, өйөһөр, үлэһит буола улааталлар.
Былыргы кэмҥэ саха дьоно тулаайах оҕо иитиитигэр улахан болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллара биллэр. Кинилэр тулаайах оҕо, толору кэргэҥҥэ улааппыт оҕоттон ураты өйдөөх-санаалаах буола улаатарын былыр-былыргыттан бэлиэтиир эбиттэр. Ол курдук сахаларга тулаайах оҕону иитэргэ уонна үөрэтэргэ сыһыаннаах холбуу этиилэр элбэхтэр. Маннык этиилэри мунньан холбоотоххо, тулаайах оҕону хайдах үөрэ¬тиэххэ сөбүн туһунан толору билиэххэ сөп. Итини тэҥэ тулаайах оҕо иитиитигэр уонна өйүгэр - санаатыгар тахсар уратылары ити этиилэр эмиэ бэлиэтииллэр.
Тулаайах оҕону үксүгэр соҕотох дьахтар иитэр буолан, бу оҕо иитиитэ кэлтэйдии, аҥар өттүттэн, дьахтар өйүнэн-санаатынан баран хааларын сахалар бэлиэтээн: «Аҥардас дьахтар оҕото» диэн арааран ааттыыл¬лар. Кинилэр өйдөбүллэринэн тулаайах оҕо хайаан даҕаны эбиискэ үөрэтиигэ наадыйар. Ол аата тулаайах оҕо толору кэргэн олоҕун ситэ билбэккэ хааларын чугас аймахтара, эр дьоно билсиһиннэрэн, үөрэтэн биэриэх¬тэрин сөбүн куруук бэлиэтээн этэллэр.
«Тулаайах оҕо хоргус» диэн этии оҕо кыра эрдэҕинэ, ону-маны өйдүүр буолуоҕуттан эр киһи көмүскэлэ суох буолан, куруук мөлтөх курдук сананарыттан үөскээн тахсар өйдөбүлү биэрэр. Ити иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн атын толору кэргэҥҥэ төрөөбүт оҕолортон туспа¬тын, кинилэрдээҕэр ахсаанынан аҕыйаҕын билинэн улаатар. Кини ити иһин атын оҕолору ордугургуу саныыр буола улаатар. Ол санаата улаатан, бэйэтэ күүһүрэн-уоҕуран истэҕинэ аны уларыйан, иһигэр күрэхтэһэ сатааһыҥҥа уонна күөнтэһиигэ кубулуйан барыан сөп. Кыра эрдэҕинэ аҕалаах оҕолор тулаайаҕы аанньа ахтыбаттар, ол иһин кини туспатык тутта сылдьар. Кыра да түбэлтэҕэ хоргуппутун, хомойбутун иһигэр тутан мунньуна сылдьарынан уратыланар. Сорох түгэннэрин ийэтигэр этэн хомолтотун көҕүрэтиэн баҕарар эрээри, аны улаатан уонна ийэтин аһынан ис санаатын эппэт буолуон сөп. Тулаайах оҕо ити курдук, хоргуппутун уонна хомойбутун иһигэр тута сылдьар майгылаах буола улаатар буолан кыра да хомолто киниэхэ олус дириҥник киирэн иҥэр, умнуллубат.
Кини итинник майгыланан улаатыыта, атын дьону кытта уопсай тылы буларыгар уустуктары, табан өйдөспөт буолууну үөскэтэр. Туора дьон тулаайах оҕоҕо сыһыаннарын биллэрэллэригэр «Тулаайах оҕону атаҕастаама» диэн этии баар. Бу этии эмиэ тулаайах оҕо бэйэтэ аҕата суох буолан, төрүөҕүттэн атаҕастаммыт курдук сананарыттан үөскээн тахсар өйдөбүл. Бэйэтэ даҕаны атаҕастаммыт, туора көрүллүбүт киһини эбиискэ атаҕастыыр ордук куһаҕан буолуохтааҕын өйдөтөр этии. Итини тэҥэ тулаайах оҕо майгыныгар кини иитииллиитин уратыта эмиэ дьайар. Ол курдук аҥардас ийэ оҕотун күнүн курдук көрөн куруук кини баҕатын эрэ толорон, маанылаан, атаахтатан улаатыннарар. Маннык үөрэнэн улааппыт киһи атын киһиттэн туора көрүлүннэҕинэ, ураты хоргус, хомойумтуо буолар.
Аҥардас дьахтар иитэр уол оҕото ордук эрэйгэ түбэһэр. Уола улаатан истэҕинэ, өйө-санаата уларыйан барыытыгар ийэтэ сүбэ-лээн көмөлөһөрүн оннугар харыстыыр санаата киирэн: «Оҕом кыра, кыаммат. Атыттар туораталлар»,- диэн өйдөбүлү иҥэрэн, атын оҕолортон намыһахтык сананарын, туоратар курдуктарын эбии күүһүрдэн биэрэригэр тиийэр.
Тулаайах оҕо кыра эрдэҕинэ иитиллиитигэр итинник итэҕэстэр бааллара, кини өйүн-санаатын уларыталлар. Ол курдук оҕо улааттаҕына урукку туора, туспа санана сылдьыбыта олохсуйан хаалан, ула¬хан дьону кытта сыһыаныгар таба суолу тутуһара ыарахан. Кини ордук хомойбутун уонна атаҕастаммытын хаһан даҕаны умна, бырастыы гына охсубат, иһигэр мунньан хаһаана сылдьар идэтин кыайан бырахпат. Ол иһин тулаайах оҕо иитиитигэр туспа, тастыҥ көмө хайаан да баар буолуохтааҕын саха дьоно бэлиэтииллэр.
Эр киһи уонна кини уола буоланнар хас күн аайы атын дьону эбэтэр бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннаһыылара кэҥээн, үөрэхтэрэ эбиллэн иһэллэр. Ол иһин аҕалаах уол атын дьону кытта сыһыаннара бэйэтэ улаатан истэҕинэ, сыыйа улаатан - кэҥээн иһэллэр. Атын дьону кытта, аҕата хайдах кинилэргэ сыһыаннаһар даҕаны, оннук сыһыаннаһарга көрө сылдьан эрэ үөрэнэн иһэр. Онтон тулаайах уол улаатыар диэри наар ийэтин кытта сылдьар буоллаҕына, атын дьоҥҥо сыһыана эмиэ кыра оҕо ийэтигэр сыһыаныттан уларыйбакка хаалар. Ол иһин ту¬лаайах оҕо улааттаҕына улахан дьону кытта тапсан биир санааны булара улаханнык уустугурар. Кини кыра аайы, кыра оҕо курдук өһүр¬гэнэн, толлойон иһэр майгынын хаһан даҕаны бырахпат, ураты хомо-йумтуо майгына олохсуйан хаалбыта олус эрэйдиир.
Оҕо улаатан истэҕинэ ордук улахан оруолу тулуурдаах буолууга үөрэниитэ ылыахтаах. Киһи төһөнөн тулуурдаах даҕаны оччонон олоххо көрсөр ыарахаттарын туоруурга дьоҕура улаатар. Манна киһи тылын уйар, тулуйар буолуу диэн үөрэх эмиэ учуоттаныахтаах. Оннук үөрэх улахан дьону кытта сыһыаҥҥа быһаарар оруолу ылар. Ол курдук мөҕүллүүнү, үөрэтэн этиини, тыл араас дэгэттэрин таба өйдөөн, сөп¬төөхтүк сыаналыырга үөрэниигэ тулаайах оҕо улаханнык ночоотурар. Сорох дьон үгэ-хоһоон тылынан кэпсэтэллэрин оҕо киһи табан өйдөөбөккө уратытын саныы сылдьара элбэх буолар.
Киһи киһиэхэ сыһыаныгар ураты тулуурдаах буолууну эйэ-нэмнээхтик олорор ийэ уонна аҕа бэйэлэрин холобурдарынан хас күн аайы оҕо¬лоругар иҥэрэн иһэллэр. Ол курдук туох эмэ табыллыбатаҕар ордук хомойон иһэр киһиэхэ кыра да өйөбүл тыллара санаатын көтөҕөллөр. Итинник бэйэ холобурунан көрдөрөн үөрэтии суоҕунан, тулаайах оҕо эр киһи уонна дьахтар бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөр сыһыаннаһыыларыгар үөрэммэккэ хаалар. Ити үөрэнии итэҕэһэ кини дьиэ кэргэн иһигэр тахсар өйдөспөт буолуу түбэлтэлэригэр таба суолу тутуһарын олус уустугурдар. Тулаайах итинник быһыыларга урут түбэспэтэх буолан хойутаан, бэйэтин холобурдарыттан эрэ үөрэнэри¬гэр тиийэр. Ити иһин тулаайах оҕото эмиэ тулаайах буолар диэн быһааран этии оруннаах буолан тахсарыгар тиийэр.
Сахалар ситэри быһаарыммат киһини «Тулаайах оҕо курдук буолан түһэҥҥин»,- диэн ааттыыллар. Бу этии тулаайах оҕо кыра эрдэҕиттэн ону-маны оҥорорго ситэ үөрэммэтэҕин, ол иһин хайдах оҥорору билбэт буолан, барыга-бары муҥкугун бэлиэтиир. Итини тэҥэ тулаайах оҕо кыра эрдэҕинэ кыайбат уонна сатаабат буолан оҥоруон да сөбүн оҥорбот буола үөрэнэн хааларын уонна бары дьыалаларга быһаарыныы ылынара уустук буолан тахсарын быһаарар.
Статистика дааннайдара бигэргэтэллэринэн эдэрдэр ортолоруттан бэрээдэги кэһээччилэр үгүстэрэ толорута суох кэргэҥҥэ иитиллибиттэр буолаллар. Kыра эрдэхтэринэ иитии-үөрэтии туруга суох буолуута кинилэри быстах дьыалаларга убаныыларыгар эбэтэр сыыһа-халты туттууларыгар тириэрдэр.
Олохторугар араас ыарахан балаһыанньаҕа түбэһэн оҕолорун хаал¬ларбыт төрөппүттэр, бэйэлэрэ ханна эрэ сылдьар буоллахтарына, оҕо¬лорун «тыыннаах тулаайаҕа» диэн, онтон «төгүрүк тулаайах» диэн ха¬йа да төрөппүтэ суох оҕону ааттанар. Былыр сахалар аҕа уустары¬нан тутуллан олорбут кэмнэригэр төгүрүк тулаайаҕы да аймахтара ба¬ры көмөлөөн, көрөн-истэн улаатыннаран, киһи-хара оҥорон улаатыннараллара биллэр.
Онон, тулаайах оҕо буолуу киһини бэйэтин олус ыарахан суолга умсары анньарын былыргы сахалар билэннэр, тулаайах оҕо аҕыйах ахсааннаах буоларыгар баҕараллара, оҕолор бары толору кэргэҥҥэ иитиллэн улааталларын ситиһэ сатыыллара. Билигин олох көнөн, оҕо иитии¬тин аҥардас дьахталлар кыайа-хото тутар буолбуттарын да иһин, ту¬лаайах оҕо өйүн-санаатын уратылара син-биир уларыйбаттар, олох сайдан иһиитэ төттөрү өттүгэр дьайыыта тулаайах оҕо өйүгэр-санаатыгар ордук күүскэ сабыдыаллыыр. Ол иһин бу кэмҥэ өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин сүтэрбэккэ тулаайах оҕо иитиитигэр бары аймахтара, туһулаан эр дьон утумнаахтык көмөлөһөллөрө эрэйиллэр.
КИҺИ ААТА
Кэнники кэмҥэ эдэр көлүөнэ дьон өйдөрө-санаалара олус хойутаан ситэр буолан иһэр. Кинилэр тугу эмэни оҥороору гыннахтарына кыайан сөптөөх быһаарыыны ылыммакка, куруук сүбэһиккэ наадыйан иһэллэрэ олус элбээтэ. Ол курдук эдэр ыччаттарбыт бэйэлэрэ армияҕа этэҥҥэ сулууспалаан кэлэллэрэ улаханнык устугуран иһэр, ханна да сырыттахтарына көрүүтэ-истиитэ суох киһилии, улахан дьон курдук, кыайан сылдьыбаттар. Ити барыта армия олоҕо ыараан иһэриттэн буолбакка, эдэр дьоммут өйдөрө-санаалара мөлтөөн, сайдыыларын таһыма хойутаан иһэриттэн тутулуктааҕа, төрөппүттэр оҕолорун аһара көрөн-истэн, үлэҕэ-хамнаска, тулуурдаах буолууга үөрэппэккэ, маанылаан, атаахтатан улаатыннараллара билиннэ.
Киһи аатын дорҕоонноро кини майгытын-сигилитин түстүүллэр диэн этиини кырдьаҕас, сайдыылаах омуктар бары билэллэр. Ордук бу үлэҕэ кинилэр таҥараларын дьиэлэрэ дириҥник ылсыһан үлэлээбиттэрэ тыһыынчанан сыл буолла. Ханнык ааттаах-суоллаах киһи майгына хайдах буолуохтааҕын, кинилэр үөрэтэн билэн туһана сылдьаллар. Кини¬лэр киһи майгынын билээри, төрөөбүт күнүттэн тутулуктаах гороскобун оҥорон эмиэ туһаналлар. Ол аата киһиэхэ аатын биэриини төрөөбүт күнүн кытта ыксары сибээстииллэрэ чахчы буолан тахсар.
Киһиэхэ аат биэриини былыргы сахалар икки сүһүөхтээн оҥороллоро биллэр. Ол курдук оҕону кыра эрдэҕинэ, бэйэтин толкуйдуур өйө кии¬рэн салгын кута сайдыар диэри, кистэлэҥ, кыра, таптал аатынан ааттыыллар. Маннык кистэлэҥ ааттааһыны кыра оҕоттон абааһыны муннараары оҥороллор. Ол кэнниттэн, оҕо майгына, кимиэхэ маарынныыра лаппа биллибитин кэннэ, дьэ биирдэ улахан киһи аатын биэрэн иҥэрэллэр.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн улаатыар диэри кыра, тапталлаах аатынан ааттыы сырыттахха, кини куруук, улаатан да баран кыра оҕо курдук санана сылдьыаҕа дииллэр. Ол аата, оҕону мэлдьи «Саньканан» эбэтэр «Витегынан» ааттаан ыҕырдахха, бу киһиэхэ улахан киһи өйө олус хойутаан киириэҕэ диэн этэллэр. Итинник ааттааһынтан бу киһи ханнык да дьыалаҕа бэйэтэ быһаарыыны кыайан ылыммат буола үөрэнэн хаалыан сөп. Маннык үөрэммит киһи куруук атын киһи көрүүтүгэр наадыйар, туспа киһи этиитин улгумнук толоро үөрүйэх буолан хаалар уратыланар. Быһата хамаанданы эрэ туйгуннук толорооччу ылгын уол буола иитиллэр. Оҕо итинник өйө-санаата аатыттан тутулуктааҕын былыргы дьон билэннэр, хамначчыттарын уонна ылгын уолаттарын барыларын кыччатан ааттаан ыҥыраллар этэ. Kиһини бу курдук кыччатан ааттаатахха өйө-санаата уларыйарын, хаһан да улааппатын быһаарыыга нууччалар хаһан да өйдөммөт, акаары аҥардаах, сорук-боллур уолларын, «Ванькаларын» киллэриэххэ сөп.
Билигин үгүс төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕинэ улаханнык таптаабыта буоланнар наар кыра, таптал аатынан ыҥыраллар уонна оҕоло¬ро улааппытын да кэннэ итинник ааттыылларын уларыппаттар. Маннык ааттааһын оҕону куруук намтата, кыччата сылдьар, куруук кини кыратын, мөлтөҕүн санатар уонна улахан киһи курдук толкуйдаан, быһаарынар өйө киирэрин лаппа бытаардар. Ити иһин бу киһи өйө-санаата салгыы сайдан барыытыгар кэһиллии, бытаарыы тахсар.
Киһи улаатан иһэн эмиэ бэйэтэ тугу эмэни бас билэн быһаарыан, оҥоруон баҕардаҕына даҕаны, ону оҥороругар эмиэ кимҥэ эмэ көрдөрүөххэ уонна сүбэлэтиэххэ наада буолан иһэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ куруук тэптэрэн, киһиргэтэн биэрэн иһиигэ үөрэттэххэ, тугу эмэ оҥороругар атын киһи көмөтө уонна сүбэтэ суох табыллыбат буолан хаалар. Ити иһин маннык үөрэтэн кэбиһиллибит эдэр киһи, салгыы олоҕор, атын киһи эппитин толоро сылдьарын ордорор буоларынан уратыланар. Ити курдук эдэр киһи улаатан истэҕинэ, бэйэтэ сөптөөхтүк быһаарыыны ылынар өйө хойутаан киириитэ, атын өйдөөх-санаалаах дьону батыһа сылдьарыгар тириэрдэр. Манна эдэр киһи дьылҕатыгар, түбэһэ түспүт сирдээн иһэр киһи сөптөөх дуу, сөбө суох дуу быһаарыыны биэрэриттэн улахан тутулуктаах буолуу кэмэ кэлэр. Бэйэ¬лэрэ туох да быһаарыыны ылына үөрүйэҕэ суох эдэрдэр бастаан иһэр сирдьит киһилэриттэн, ханнык дьыаланы оҥоруохтаахтарын туһунан быһааран биэриитин хаһан да көрдөөбөттөр.
Онон, бэйэлэрэ толкуйдаан быһаарыыны ылына үөрэммэтэх эдэр дьон атын киһи этиитин таах, туох да толкуйа суох, улгумнук толоро сылдьарга үөрэнэллэр. Итинник хамаанданы тук курдук толоро үөрэнэн хаалыылара олохторугар сыыһа суолга киирэн биэрэллэригэр тириэрдиэн эмиэ сөп.
Оҕолорго кыччатар, таптал ааттары биэрии, кинилэр улаатан истэх¬тэринэ, бириэмэтиттэн хойутаппакка эрэ, улахан киһи аатыгар уларытан бэриллиэхтээх. Ол курдук ити аат уларыйан биэриитэ бэйэтэ, эдэр киһи өйө-санаата түргэнник ситэн, өйүн-төйүн булуна охсорун көҕүлүүрүн наадатыгар эрдэттэн уларыйара өссө ордук буолуо этэ.
Киһи аатын дорҕоонноро чуолкайдык этиллэр уонна иһиллэр буолаллара ордук. Ити дорҕооннор киһи майгытын-сигилитин, харахтерын хас аатын ааттаатах аайы чочуйан биэрэн иһэллэр. Өр кэмҥэ киһи истэ үөрэммит аата, кини майгынын уларытан аатыгар сөп түбэһэр гына оҥорон кэбиһэр. Ол иһин киһи аата, иһиллэр дорҕоонноругар сөп түбэһэр суолталаах буолара наада.
Итини тэҥэ киһи бэйэтин аатын сирбэт буолара ордук дииллэр. Бэйэ аатын сирэн уларытыы, саҥа аат дорҕоонноругар үөрэнэн майгын эмиэ уларыйарар буолан, киһи саҥа аатыгар олус өр кэмҥэ үөрэнэр. Онтон тулалыыр дьон, уруккуттан билэр киһилэрин саҥа аатыгар эмиэ хаттаан үөрэниэхтээх буоланнар, аат уларыйбыта кинилэри ордук хаарыйар. Ол курдук сорохтор ыҥыра үөрэммит ааттарынан син-биир ааттыы сылдьааччылар. Оччоҕуна саҥа ааттаах киһи эргэ аатын кыайан бырахпакка, хос аат курдук илдьэ сылдьарыгар тиийэр.
Сорох дьон бэйэ-бэйэлэригэр араас хос ааттары бэрсээччилэр. Итинник хос ааттыыры сөбүлээбэт киһи хаһан даҕаны ол аакка сөбүлэһэн, «Ээх» диэн эппиэттээбэтэ ордук. Оччоҕуна ханнык даҕаны хос аат киһиэхэ кыайан иҥмэт, көннөрү атын дьон саҥаларыгар эрэ кубулуйан хаалар. Ол аата, киһи бэйэтэ сөбүлэһэн, ылынан кэбиспэтэҕинэ ханнык да тыл-өс киһиэхэ кыайан иҥмэт уратылаах. Саха дьоно бэйэлэрин утумнааччылара хайа эмэ сиэннэриттэн баар буолуохтаахтарын билэллэр. Кинилэр ол иһин бэйэлэрин ааттарын маарынныыр сиэннэригэр биэриэхтэрин баҕараллар. Итини тэҥэ төрөппүттэр оҕолоругар аат биэрэллэригэр бэйэлэрин аймахтарын улахан бочуоттаах, олохторугар туох эмэ ситиһиини оҥорбут киһилэрин аатын биэрэргэ кыһаналлар. Бэйэлэрин олохторун дьоһуннаахтык олорбут дьон ааттара бэйэлэрэ саҥа киһини араҥаччылыыр ураты күүстэнэллэр. Ол күүстэрэ саҥа киһини олох ыарахаттарын этэҥҥэ туо¬руурга уонна итинник ааттаах киһи курдук олоххо ситиһиилэри оҥорорго ыҥыра сылдьаллар.
ӨЙ - САНАА АРАХСЫЫТА
Сахалар киһи өйө-санаата икки өрүттээҕин билэн, икки аҥы араарар буоланнар киһи уонна сүөһү диэн тыллары сороҕор холбуу киһи-сүөһү диэн тутталлар. Саха дьоно этэллэринэн киһи өйүн аҥар өттө киһилии өй-санаа - манна аныгы үөрэх этэринэн салайтарыы, дьону үтүктэн үөрэнии, үөрэҕи-билиини баһылааһын киирсэллэр, онтон атын өттүгэр, сүөһүлүү өй-санаа - манна киһи көннөрү тыыннаах буолуу иһин олоҕун олоруута, бэйэтин этин-сиинин баҕатын толоруута, харыстаныыта киирсэр эбиттэр.
Киһилии өйү-санааны урукку олох уоппуттара уонна аныгы үөрэх холбоһоннор үөскэтэн таһаараллар. Бу киһилии өй-санаа киһи саҥалыы өйүн-санаатын өттө буолар. Ол аата, киһи күннээҕи олоҕор, аныгы үөрэх этиитинэн уонна атын дьону үтүктэн, киһилии өйүнэн-санаанан салайтаран олороруута киһилии олох, киһи быһыыта диэн ааттанар.
Саха дьоно киһи аҥар өттүн быһаарарга «киһи» диэн тылы бэйэтин тутталлар. Кинилэр этэллэринэн киһи аҥар өттө - дьиҥнээх киһи бэйэтэ буолар. Маны быһаарыыга «киһилии оҥор», «киһилии быһыылан», «киһи курдук буол» диэн этиилэр туттуллаллар. Онтон ити этиилэр барылара киһи майгынын, өйүн-санаатын быһаарар этиилэр. Ити аата киһи аҥар өттө - киһилии өй-санаа өттө. Киһилии өйү-санааны урукку олох уоппуттара уонна аныгы үөрэх холбоһоннор үөскэтэн таһаараллар. Бу киһилии өй-санаа киһи саҥалыы өйүн-санаатын быһаарар. Ону тэҥэ, «улахан киһи курдук буол» диэн этии өй-санаа төһө үөрэҕи ылынан истэх аайы эбиллэн иһиитин эмиэ бэлиэтиир. «Киһилии быһыылаах» диэн этии киһи күннээҕи олоҕор, аныгы үөрэх этиитинэн уонна атын, «киһилии быһыылаах» дьону үтүктэн, киһилии өйүнэн-санаанан салайтаран, киһи оҥорор быһыыларын оҥорон олорорун чуолкайдыыр.
Саха суруйааччылара, Николай Якутскай, Дмитрий Таас, Далан киһи майгына икки өрүттээҕин таба туһананнар бэйэлэрин үлэлэрэ дьоҥҥо ордук тиийимтиэлэр. Кинилэр ити үлэлэригэр киһи элбэхтик үлэлээтэҕинэ, үөрэннэҕинэ эрэ киһилии майгылаах киһи буола улаатарын арааран бэлиэтииллэр.
И.С.Портнягин «Кто он, человек солнечного улуса айыы» диэн үлэ¬тигэр «киһилии киһи» өйүн-санаатын толору арыйар. Кини сахалар киһилии киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарыыга, оҕо кыра эрдэҕиттэн бары кыахтарын барытын ууралларын бэлиэтиир. Кини ити үлэтигэр киһи өйө-санаата эмиэ икки аҥы утарыта турар өрүттэрдээҕин ыйар. (1,9,10).
Онон, киһилии өй-санаа диэн, дьоҥҥо кэлин үөскээбит уонна күннэтэ түргэнник сайдан-үүнэн иһэр, омук-омукка, бэйэ-бэйэҕэ хай-дах сыһыаннаһыыларыттан уларыйан биэрэр, үөрэх, билии, сокуоннар ба¬рылара холбоммут киэҥ өйдөбүллэрэ буолар. Бу киһилии өй-санаа сахалар салгын куту быһаарыыларыгар сөп түбэһэр. Ол аата, салгын кут диэн оҕо улаатан истэҕинэ сайдан иһэр киһилии өйө-санаата буолар.
Сахалар сүөһү диэн бары улахан кээмэйдээх, тыынар-тыыннаах эрээри, өйө-санаата суох харамайдары ааттыыллар. Ол иһигэр сорох киһи биирдэ эмэ киирсэн ылар кэмнэрдээх. Суруйааччы Г.В.Баишев - Алтан Сарын үөрэх сырдыгыттан маппыт киһи «сүөһү» курдук буоларын быһаарар. (2,79). Киһи биир эмэ кэмҥэ өйө-санаата тиийбэтэҕинэ эбэтэр төрүт суох буола итирдэҕинэ дьиҥнээх «сүөһүгэ» тэҥнэнэр. Ити аата сүөһү диэн, киһи өйүн-санаатын аҥар өттүн туспа арааран бэлиэтииргэ туттуллар тыл буолар. Онон, көннөрү тыыннаах буолуу, олоҕу таах олоруу уонна ууһааһын иһин охсуһуу өттө - киһи быстах баҕа санааларын толорор иһин олоруута кини сүөһүлүү өйүн-санаатын өттө буолар.
Оҕо улаатан иһэн бэйэтин быстах баҕа санааларын кыайан баһыйа тутан салайбат буоллаҕына, киниэхэ сүөһүтүн өйө-санаата баһыйар буолан хаалбыт буолуохтаах. Ол аата, кини тоҥорун да, буһарын да тулуйбат, ордук тугу эмэ минньигэһи сиэри эбэтэр иһээри гыннаҕына, букатын кыатаммат, хайаан даҕаны сиэтэҕинэ эбэтэр истэҕинэ эрэ табыллар уонна мин эрэ билбитим, миэхэ эрэ наада диэн санаалаах буоллаҕына, сүөһүтүн өйө-санаата сити көрүҥнэргэ баһылаан иһэр буолар.
Ити курдук киһи бэйэтин этин-сиинин харыстанар, көрөр-истэр уонна бэйэтигэр туһалааҕы оҥостор өйө-санаата киһилии өйүттэн, салгын кутуттан туспа буолара быһаарыллар.
Аныгы үөрэхтээхтэр быһаарыыларынан киһи өйө-санаата икки өрүт¬тээҕэ бигэргэтиллэн эрэр. Психолог Рон Хаббард үөрэтиитинэн киһи Айылҕаттан айыллыаҕыттан икки тус-туһунан өйдөөх-санаалаах буолар эбит. Бу икки өй-санаа киһи олоҕун араас балаһыанньаларыттан көрөн бэйэ-бэйэлэрин хардарыта солбуйсан биэрэллэр. Бу курдук киһиэхэ икки тус-туһунан өй-санаа баара киһи бу сирдээҕи олоҕун сиэригэр ордук сөп түбэһэр.
Киһи өйүн-санаатын бу курдук икки аҥы арааран быһаарыы олус та¬ба буоларын улахан дьон бары билэллэр. Бу быһыыны ордук чуолкайдык арыгы иһэн «өйө көтө» сылдьыбыт киһи арааран билэр. Кини итирэн өйө көтөн хаалбытын кэннэ тугу саҥарбытын, тугу гыммытын бэйэтэ букатын да өйдөөбөт. Өйө көтөн баран сылдьар кэмэ ханнык эрэ атын кэмҥэ сылдьыбыт курдук эбэтэр өйдөммөт, суох курдук буолар. Ол эрээри көрбүт-билбит дьон кэпсээннэринэн кини хайдах сылдьыбытын кэлин сыаналаан көрдөҕүнэ, ханнык өйүнэн-санаанан салайтаран сылдьыбыта быһаарыллар. Бу кэмҥэ киһи эрдэттэн тугу эмэ оҥоруом диэн иһигэр олохсуйбут былааннаах буоллаҕына, табылла түстэр эрэ он¬тун оҥорон кэбиспит буолар. Ол аата киһи бу итирбит кэмигэр олох¬суйбут, үгэс буолбут өйдөбүллэринэн салаллан сылдьара быһаарыллар.
Ханна эмэ барарыгар «Киэһэ кэлиэм, кэтэһээриҥ»,- диэбит эдэр киһи, алҕас, кээмэйин билбэккэ элбэҕи иһэн итирэн хаалан баран, тиийиэхтээх сиригэр тиийээри улахан араллааны тардан кэбиһиэн сөп. Киһи итинник быһыыта эрдэттэн толкуйдаммыт былааны киһи итирдэҕинэ ордук дьаныһан туран оҥорорун быһаарар. Ол иһин киһи өйүгэр-санаа¬тыгар үчүгэй быһыы туһунан өйдөбүллэр үгэс буолан уурулла сылдьар буол¬лахтарына эрэ, итирдэҕинэ даҕаны син бэрээдэктээхтик, аһара туттууну таһаарбакка эрэ сылдьыан сөп. Үгүс кырдьаҕастар арыгы иһэн итир¬дэхтэринэ хата дьэ үчүгэй майгылара киирэрин ити быһаарыы эмиэ чуолкайдыыр. Ол курдук билиҥҥи кырдьаҕастар, сэрии кэмин оҕолоро үчүгэй майгыга кыра эрдэхтэринэ чиҥник үөрэтиллибиттэрин итирдэхтэринэ даҕаны майгылара алдьаммата, киһилии быһыыларын сүтэрбэттэрэ быһаарар.
Өй-санаа итинник икки өрүттээх буолуутун сахалар салгын уонна ийэ кут диэн өйдөбүллэрэ толору быһаарар. Бу икки өй-санаа киһини хардары-таары салайан биэрэр кэмнээхтэрин биһиги салгыы быһааран иһиэхпит. Салгын уонна ийэ кут диэн өйдөбүллэр үөрэҕи-билиини ылынарга аналлаах буоллахтарына киһи өссө биир өйө-санаата буор кут буолар. Буор кут хамсаныылартан уонна эт-сиин күүрүүтүттэн үөскүүр, эти-сиини быһаччы хамсатар өй-санаа.
Өй-санаа уонна эт-сиин арахсыыларын, тус-туспа өйүнэн-санаанан салаллалларын киһи салҕалыырыттан арааран билиэххэ сөп. Илиитэ салҕалыыр киһи онтун тохтотоору бары кыаҕын, өйүн-санаатын ууран сорох кэмҥэ салҕалыырын тохтотон кэбиһэр кыахтаах буолуон сөп. Салҕалааһын үгүстүк арыгыны аһара иһииттэн үөскүүр буолан салҕа буолбут арыгыһыттары кэтээн көрүөххэ сөп. Арыгылаах үрүүмкэтин дьалкытан тоҕумаары бары кыаҕын ууран салҕалыырын тохтото сатыыр киһини көрөн өй-санаа салайар кыаҕа бүтэрэ чугаһаабытын быһаарыахха сөп.
Салҕалааһын диэн киһи өйүнэн-санаатынан, салгын кутунан кыайан быһаччы салайбат эккэ-сииҥҥэ бэйэтигэр үөскүүр хамсаныылар буолаллар. Ол иһин салҕалааһыны өй-санаа быһаччы дьаһайан кыайан салайбат, тохтотор кыаҕа суох.
Ити курдук киһи өйө-санаата, куттара олус уустук, бииртэн-бииргэ бэриллэн иһэр, бэйэ-бэйэлэриттэн саҕанан барар уонна солбуһан биэрэр тутулуктаах оҥоһуулаахтар уонна олору кут-сүр үөрэҕэ быһаарар.
ӨЙ КӨТҮҮТЭ
Сахалар былыр-былыргыттан киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэппит буоланнар, киһи өйүгэр-санаатыгар сыһыаннаах этиилэрэ элбэхтэр. Ол этиилэртэн кэнники кэмҥэ «Өйө көппүт» диэн этиини элбэхтик тутталлар. Бу этии арыгыны аһара иһэн кэбиспит киһиттэн өйө арахсан, туспа көтөн хааларын чуолкайдык быһаарар буолан туттуллара элбээ¬тэ. Итини тэҥэ «өйө көппүт» киһиэхэ сүөһү майгына киирэрин бэлиэтээн, итирбит киһини «Сүөһү курдук буолбут» диэн быһааран биэрэллэр.
Хас киһи өйө көтөрө ханнык балаһыанньатыттан тутулуктанан тус¬-туһунан буолар. Арыгы иһиититтэн сорох киһи толкуйдуур өйө атыт¬тардааҕар түргэнник көтөн хаалара биллэр. Билигин биһиэхэ өй көтүүтэ ары¬гыны аһара иһииттэн ордук элбэхтик буолар буолан, итирбит диэн этии өйө көппүт диэн өйдөбүлү кытта бииргэ туттуллаллар, биир суолталаах буолан хааллылар. Ол эрээри кэнники кэмҥэ өй көтүүтэ атын эмтэртэн, наркотиктартан эҥин буолара эмиэ элбээн эрэр.
Киһи өйө көттөҕүнэ, хайдах сылдьарый, ханнык өй-санаа кинини салайарый? Бу боппуруоһу таба быһаарыыттан киһи өйө-санаата хайдах үлэлиирэ биллэн тахсар. Ол иһин бу дьыаланы элбэхтэ арыгы иһэн өйдөрө көтө сылдьыбыт дьон ордук билэллэр. Туох эмэ улахан үөрүү буоллаҕына арыгыһыт киһи «Эмиэ итирэр буоллубут» диэн эрдэттэн өйө көтүөр диэри арыгы иһэргэ бэлэмнэнэрэ эмиэ биллэр.
Итирэн «Өйө көппүт» киһи урут үөрэммит, үгэс буолбут өйдөбүллэ¬ринэн салаллан сылдьарын кинигэ ааҕар киһи барыта билэр буолбута өр буолла. Киһи эрдэттэн, итирэн өйө көтүөн инниттэн туох эмэ ылы¬ныллыбыт былааннаах буоллаҕына, итирэн баран онтун толоро сатыыр. Бу быһаарыы киһи итирдэҕинэ, эрдэттэн оҥоруллубут былаан быһыыты¬нан салаллан сылдьарын бигэргэтэр. Кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит оҕо, улааттаҕына алҕас, сыыһа туттаран өйө да көттөҕүнэ олохсуйбут бэрээдэги аһара баран кэспэтэ быһаарыллар. Үчүгэй санаалаах, холку, киэҥ көҕүстээх дьон итирэн өйдөрө да көттөҕүнэ бэрээдэги кэспэккэ эрэ сылдьаллара итини эмиэ бигэргэтэр.
Бу быһаарыыны өссө дириҥэттэхпитинэ, оҕо кыра эрдэҕиттэн куһаҕан быһыылары оҥорбот буоларга үөрэммит, бэйэтин кыана туттунар, тулуурдаах, атын дьону ытыктыырга, атаҕастаабакка үөрүйэх буоллаҕына, улаатан сыыһа туттан, итирэн өйө да көттөҕүнэ олохсуйбут бэрээдэги кэспэккэ эрэ сылдьар.
Киһи өйө көттөҕүнэ бэрээдэктээхтик сылдьарын сүрүн тутулугунан кыра эрдэҕиттэн атын дьону кытта хайдах сыһыаннаһарга үөрэммитэ буолар. Атаахтаан атын дьону, ийэтин, эбэтин охсуолаабат, тэбиэлээбэт, киһини кырбыырга «Илиитэ барбат» буола үөрэтиллибит уонна ол үөрэҕэ үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар умнуллубат гына иҥмит буоллаҕына, оҕо алҕас туттаран итирдэҕинэ даҕаны аһара туттууну таһаарбат. Итини тэҥэ оҕо кыра эрдэҕинэ уһуктааҕынан, биилээҕинэн сэрэ¬нэн тутта үөрэннэҕинэ, ити сэптэринэн хаһан баҕарар, итирдэҕинэ даҕаны сэрэхтээхтик тутта сылдьарын умнан кэбиспэт.
Итинник өйдөбүллэри, үгэстэри оҕотугар аан маҥнай ийэтэ иҥэрэр. Кини көрөн-истэн, атаахтаппакка эрэ үөрэтэн оҕото куһаҕан быһыылары оҥорбот, киһини кырбыырга илиитэ барбат буола улаатарын ситистэҕинэ, эрэллээх кэлэр көлүөнэни улаатыннарар. Ити иһин оҕо кыра эрдэҕинэ төрөппүттэриттэн үтүктэн үөрэммит үөрэҕин, өйүн-санаатын ийэ кута диэн быһаарарбыт оруннаах буолар. Былыргы сахалар ойуун¬нара бу өйү-санааны дириҥник билэннэр ийэ кут диэн ааттаабыт буо¬луохтарын сөп.
Киһи илэ сырыттаҕына уонна өйө көттөҕүнэ тус-туспа өйдөрүнэн-¬санааларынан салаллар. Биһиги быһаарыыбытынан киһи толкуйдуур өйө-санаата, салгын кут буолар. Арыгыны элбэхтик истэххэ, киһи хааны¬гар испиир элбээн өйү-санааны мөлтөтүөн сөп. Ол иһин киһи бэйэтин өйүн-санаатын харыстанан, салгын кута арахсан, «Өйө көтөн» хаалар. Өйө көппүт кэмигэр киһини ийэ кута баһылаан салайар кэмэ кэлэр. Ол кэмҥэ киһи урут олохсуйбут, ийэ кукка мунньуллубут өйүнэн-санаа¬нан, ол аата, үгэстэринэн уонна үөрүйэхтэринэн салаллан сылдьар.
ӨЙ БААЙЫЛЛАР
Киһи олоҕо хаһан даҕаны биир тэҥник, көнөтүк баран испэтин бэлиэтээн саха дьоно «Олох олоруу алааһы туорааһын буолбатах», «Олох ыарахан» диэн этэллэр. Киһи бэйэтин олоҕор араас соһуччу, ыксаллаах да түгэннэргэ түбэһиэн сөп. Ол иһин Айылҕа киһини ханнык баҕарар кэмҥэ бэйэтин харыстанарыгар анаан ураты кыахтаах гына айбыт.
Киһи олоҕор буолан ылар араас ыксаллаах түгэннэргэ түбэстэҕинэ киһи үгүстүк толкуйдаабакка, быһаара сатыы турбакка эрэ түргэн хамсаныылары оҥоро охсор. Маннык ыксаллаах кэмнэргэ түргэн тутту¬нуу эрэ киһини быыһыан сөп. Ол иһин олус түргэнник туттунар наадаҕа киһи толкуйдуур өйө, салгын кута арахсан хаалар. Быһаччы эттэххэ уһуннук толкуйдуу сатыырга бириэмэ тиийбэт кэмэ кэлэр.
Аһара омуннуруу, олус ыксааһын, ыга кыыһырыы, улаханнык соһу¬йуу кэмигэр киһи толкуйдуур өйө, салгын кута көтөн, ийэ кутун быһаччы салайар кэмигэр киирэн ылар. Маннык кэм сахалыы быһаарыыта киһи «Өйө баайыллан» ылар кэмэ диэн ааттанар. Бу кэм кэлэ охсон ааспыт бэлиэтинэн, киһи бэйэтэ тугу оҥоро охсубутун «Ыксааммын өй¬дөөбөккө хааллым» диэн этиитэ бигэргэтэр. Бу кэмҥэ киһи бэйэтэ тугу оҥоро охсубутун өйдөөн-дьүүллээн быһаарбакка хаалар. Ол аата, тугу оҥор¬орун толкуйдуу, быһаара сатыы турбакка эрэ оҥорон кэбиһэр. Кини¬гэттэн ааҕан билбитэ, төрөппүттэрэ уонна учууталлара этэн-этэн үөрэппит үөрэхтэрэ өйүгэр түспэттэр, соҕотохто умнуллан хаалаллар. Ханнык быһаарыыны ылынарын бэйэтэ букатын да билбэккэ хаалар түгэннэрэ эмиэ баар буолаллар.
Маннык ыксаллаах, киһи «Өйө көтөн, баайыллан ылар» түгэннэригэр киһини ийэ кута быһаччы салайар. Ийэ кут ити салайыытыгар урукку кэмҥэ киһи ийэ кутун өйүн-санаатын саппааһыгар ууруллубут өйдөбүл¬лэртэн, үгэстэртэн ылан туһанар. Манна ханнык хамсаныылар оҥорул¬лаллара барылара ийэ кут өйүн-санаатын саппааһыгар ханнык өйдөбүллэр уонна үгэстэр уурулла сылдьалларыттан тутулуктанан тахсар. Ол аата киһи «Өйө баайыллан» ылар кэмигэр ийэ кутун өйүнэн-санаатынан са¬лаллар буолан, кыра эрдэҕинэ бу өйүгэр-санаатыгар үчүгэй, киһилии өйү-санааны, үтүө үгэстэри уган, иҥэрэн биэрбит эрэ буоллахха, киһилии майгылаахтык сылдьара дакаастанар.
Холкутук, толкуйдуур өйүнэн, салгын кутунан салаллан олорор киһиэхэ «Өйө баайыллан» эбэтэр «Өйө көтөн» ылар түгэннэрэ киирэн ааһалларын маннык холобурдартан чуолкайдык билиэххэ сөп:
- Үгүс дьон ыксаатахтарына эбэтэр кыыһырдахтарына туох диэн эппиттэрин, саҥарбыттарын өй¬дөөн-дьүүллээн быһаарбакка хаалаллар. Ону эттэххэ чахчы соһуйаллар уонна «Ама инньэ диэтим дуо?»- диэн ыйыталаһаллар.
- Илиилэринэн ханнык хамсаныылары оҥороллорун кыайан хонтуруоллаабакка иһити-хомуоһу, чааскыны быраҕаллара биллэр.
- Арыычча тулуурдара тиийбэт дьон кыыһырдахтарына остуолу тоҥсуйаллара уонна охсоллоро кими даҕаны соһуппат.
Ити этиилэр, саҥарыылар, хамсаныылар барылара олус соһуччу оҥоруллаллар уонна «Олус кыыһыраммын эбэтэр ыксааммын тугу саҥарбыппын, бырахпыппын өйдөөбөккө хааллым ээ»,- диэн чуолкайдыыр дуу эбэтэр бырастыы гыннарарга аналлаах быһаарыылаах буолаллар.
Урукку суруйааччылар киһи олус кыыһырдаҕына, абардаҕына уонна этигэр ыарыы буоллаҕына тугу оҥорорун быһааран толкуйдаабакка эрэ хамсанарын таба көрөн бэлиэтииллэр этэ. Дмитрий Таас «Кыһыл көмүс хоруоп» диэн сэһэнигэр эдэр киһиэхэ эмискэ саба түһүүттэн ыарыы буолбутугар хайдах соһуччу хамсанан эппиэттээбитин арыйар: «Кириһээн ыарыытыттан, абатыт¬тан ытыы түстэ уонна тутан турар кымньыытынан маҕыйа түһэн баран, Дьарааһыны сирэйин хаба ортотунан охсон кууһуннарда». (4,15).
Суоппар ыксаллаах түгэҥҥэ түбэстэҕинэ эрдэттэн үөрэммит хамсаныыларын тугу да толкуйдаабакка эрэ оҥорор. Ол курдук халтарыйан ойоҕоһунан баран эрэр массыынатын уруулун аҥар өттүгэр аһара эри¬йэн кэбиспэккэ, төттөрү эрийэн көннөрө охсон биэрэн, массыыната көнөтүк барарын ситиһэр эбэтэр ыксаллаах түгэҥҥэ туормаһын үктээ¬битин билбэккэ да хаалар.
Ааҕыллыбыт холобурдартан көрдөхпүтүнэ хайа баҕарар киһиэхэ хаһан баҕарар «Өйө баайыллан» ылар кэмэ кэлиэн сөп. Бу кэм кэлэн ааһарыгар хас биирдии киһи эрдэттэн бэлэмнээх буоллаҕына эрэ соһуччу хамсанан араас сыыһалары оҥороруттан туттунуон сөп. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун өйүн-санаатын киһилии суолунан сайыннарыахха наада. Оҕону кыра эрдэҕиттэн куһаҕаны оҥорбот буолууга, үчүгэй үгэстэргэ үөрэтии ордук суолталаах. Куһаҕан быһыылары оҥорбот, киһини атаҕастааһыҥҥа илиитэ барбат буоларга кыра эрдэҕинэ үөрэммит оҕо, улаатан баран «Өйө баайыллан» хааллаҕына даҕаны куһаҕан быһыылары оҥорбот. Манна холобурунан урукку кэмҥэ иитиллибит, билигин кырдьаҕас дьон аһара туттан буруйу оҥоруулара букатын аҕыйах буоларын аҕалыахха сөп. Kиһи өйүнэн-санаатынан кыайан туттуммат кэмигэр тиийэн хааларын сахалар: «Kиһини аһара кыйахалаабат баҕайы»,- диэн этиилэрэ эмиэ бигэргэтэр. Kиһи аһара кыйаханан хааллаҕына өйө баайыллан хаалыан сөптөөҕүн уонна кыайан туттунар кыаҕа аҕыйыырын билэн итинник этэллэр.
«Kиһи диэн киһи буоллаҕа»,- диэн этии баара хайа да киһи аһара барбакка киһилии сылдьарыгар ыҥырар уонна киһи буолуу, киһи быһыылаахтык сылдьыы бэрт кэбирэх, олус кыраттан тутулла сылдьарын быһаарар.
Үрдүк категориялаах врач-психиатр И.А.Иванов «Абааһы диэн баар дуу суох дуу?» диэн ыстатыйатыгар аҥардас психическэй ыарыыларынан нэһилиэнньэ 3 эбэтэр 5 бырыһыаннара ыалдьарын суруйар. Итини тэҥэ Англия психологтара өссө 1949 сыллаахха киһи-аймах уопсай ахсааныттан 10 бырыһыаннарын кэриҥэ олохторун устатын тухары, кырата биирдэ, сороҕор хаста даҕаны, галлюцинациялары, араас көрүүлэри билбит буолалларын быһаар-быттар. (5,74).
Психология наукатын итинник быһаарыыта сахалар «Өй баайыллар» диэн өйдөбүллэрэ чахчы олохтооҕун быһаарар. Киһи бэйэтин уһун үйэтигэр аҥардас салгын кутунан, толкуйдуур өйүнэн-санаатынан кыайан салаллан сылдьыбатын бигэргэтэр. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун, туруктаах өйүн-санаатын сайыннарар хайаан да наадалааҕын бэлиэтиибит.
Хос быһаарыылар.
1. Илин сурунаал. 1999. 1-2 N-рэ.
2. Г.В.Баишев - Алтан Сарын. Тоҕус этиҥ тойуга. Дьокуускай: «Бичик» нац, кинигэ кыһата, 1998.- 384 с.
3. Л. Рон Хаббард. Дианетика. Современная наука душевного здо¬дорья: Учебник по дианетике / Пер.с англ. под общей ред. М.И.Никитина /.- Москва: Воскресенье, Нью Эра Пабликейшнс Груп ( Совместное издание ). 1993.- 576 с. ( стр. 57, 65 ).
4. Дмитрий Таас. Сэһэннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1990.- 336 с.
5. «Чолбон» сурунаал. 2 / 2000.
ҮЧҮГЭЙ уонна КУҺАҔАН
Хас биирдии киһи барыта бэйэтин олоҕор, өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэр үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэрдээх. Бу өйдөбүллэри оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ иҥэрэн, олохсутан, үгэс оҥорон биэрэллэр. Биһиги бу үлэбитигэр үгэстэргэ үөрэнии ийэ куту иитии буолар диэн быһаарабыт.
Былыргы кэмнэргэ дьон Айылҕаттан олус улахан тутулуктаах эрдэхтэринэ хараҥа түүн ааһан сырдык буолуута олохторо салгыы сайдар кыаҕын биэрэр этэ. Үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэр дьоҥҥо аан бастаан үөскээһиннэригэр Сиргэ күн уонна түүн эбэтэр үрүҥ уонна хара дьүһүннэр хас күн аайы уларыйан биэрэн иһэллэрэ улахан оруолу оҥорбут. Ол иһин үгүс дьон санааларыгар сырдык буолуута, үрүҥ дьүһүн үчүгэйи, онтон түүн, хараҥа, хара дьүһүн куһаҕаны бэлиэтиир буолбуттар. Итини тэҥэ дьон олохторун таһыма тус-туһунан буолуута, бу өйдөбүллэр эмиэ уларыйан биэриилэригэр тириэрдэр.
Билигин Россияҕа ырыынак кэмэ кэлэн дьон өйдөрө-санаалара арахсыыта баай-мал төһө элбэҕиттэн улахан тутулуктаах буолла. Бу кэмҥэ Россия дьонун 70 бырыһыаннара дьадаҥы үлэһит дьоҥҥо кубулуйдулар, онтон 10-ча бырыһыаннара лаппа баайары ситистилэр.
Дьон бу курдук тус-туспа олохтоох, сиэрдээх буолбуттарыттан оҕолорун иитэргэ-үөрэтэргэ туттар үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэрэ тус-туспа буола уларыйдылар. Ол аата перестройка иннинээҕи советскай былаас саҕана киһи барыта тэҥ буолар диэн өйдөбүл аны төрдүттэн уларыйда. Былыргыттан баай уонна дьадаҥы дьон тугу үчүгэй эбэтэр тугу куһаҕан дииллэрэ хаһан даҕаны сөп түбэспэттэр этэ. Былыр, ыраахтааҕы былааһын саҕана аһара баай дьон дьадаҥылары, үлэһиттэри олус баттыыр, үлэлэтэн баран хамнас биэрбэт, киһинэн да аахпат кэмнэригэр бу өйдөбүллэр сорох өрүттэрэ өссө утарыта турар этилэр. Бу өй-санаа утарыта турууларыттан Улуу Октябрьскай революция буолбутун кэлин умна быһыытыйдыбыт.
Баай киһи тугу үчүгэй диэн оҕотун үөрэтэрэ дьадаҥы киһи тугу үчүгэй диириттэн букатын атын, туспа буоларын умнар сатаммат. Билигин биһиэхэ улахан сала¬йааччыларбыт аһара баай буолбуттарынан кинилэр тугу үчүгэй дииллэрин үлэһит дьон бэйэлэригэр сыһыаннаан, дириҥник толкуйдаан баран ылыныахтарын наада. Ол курдук Россия баайдарын үчүгэй буолуулара көннөрү үлэһит киһи хаһан да ситиспэт ыра санаата эрэ буолан турар. Баай киһи Ис¬панияҕа сир ылан коттежд тутуннаҕына, Канарскай арыыга сынньаннаҕына, сыаналаах омук массыынатынан сырыттаҕына эҥин эрэ дьэ үчүгэй буолбут курдук сананар.
Дьадаҥы соҕус үлэһит киһи үчүгэй диэн өйдөбүлэ бэттэх, дьиэтин иһигэр эбэтэр чугас сылдьар. Урукку «социализм» кэмигэр дьоҥҥо үөскээбит үчүгэй диэн өйдөбүллэр бары үлэһит дьон үчүгэй санаалара буолар эбиттэрин ситэ сыаналаабакка сылдьыбыппыт. Арай ол үчүгэй диэн өйдөбүллэри куруук туттуллар үгэс оҥорон оҕолорго иҥэрэн биэрии кыаллыбакка, олохпут эмиэ уларыйарыгар тириэрдибитэ. Оччолорго сахалар кут-сүр үөрэхтэрин ситэ билбэт, сыаналаабат буолууттан, ити үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэри оҕолорго иҥэрэн биэрии кыаллыбатах.
Хас биирдии төрөппүт бэйэтин социальнай балаһыанньатын уратылара оҕолоругар эмиэ бэриллэн иһэллэр. Биһиги бу үлэбитигэр социальнай балаһыанньа уратылара оҕолорго хайдах дьайалларан ырыппаккабыт эрэ, үчүгэй уонна куһаҕан диэн төрөппүттэр өйдөбүллэрэ хайдах оҕолоругар бэриллэрин быһаарыахпыт. Биһиги тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн быһаарыыбыт дьон-аймах элбэх өттүлэрин, үлэһит дьон өйдөрүгэр-санааларыгар, кинилэр тугу үчүгэй, тугу куһаҕан дииллэригэр олоҕурар.
Ханнык баҕарар төрөппүт оҕотун үөрэтэригэр үчүгэй диир быһыыларын элбэхтик оҥотторо үөрэтэр. Ол аата, кини оҕото бэйэтэ үчүгэй диирин оҥордоҕуна үөрэр, хайгыыр. Оҕото ити хайҕалтан эмиэ үөрэр уонна тугу оҥорбутун хос-хос хатылаан оҥорон көрдөрөр. Ити курдук бу быһыы элбэхтэ хос-хос хатыланан үгэс буолан оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар умнуллубат гына өйдөнөн хаалан иһэр. Оҕо бу быһыытын хаһан баҕарар хатылаан оҥорор кыахтанар. Ити курдук оҕо төрөппүтэ тугу үчүгэй диирин оҥорор буоларга үөрэнэниитэ салҕанан барар.
Төрөппүт оҕото сөбүлээбэт куһаҕан быһыытын оҥордоҕуна эбэтэр оҥороору бэлэмнэннэҕинэ тохтотон: «Маннык куһаҕан, маны оҥорума»,- диэн эттэҕинэ эбэтэр атыҥҥа аралдьыттаҕына оҕото тохтоон, оҥорон эрэр быһыытын быраҕан кэбиһэр. Оҕо кыра буолан сотору тугу оҥорбу¬тун умнан кэбиһэр диэн ааҕарбыт оруннаах. Бу курдук биирдэ-иккитэ оҥоруллар быһыы кини өйүгэр-санаатыгар ханан даҕаны хатаммакка умнуллан хаалар. Ол курдук бу куһаҕан диэн ааттанар быһыыны тох¬тотон кэбиһэннэр хос-хос хатыланан үгэс буолан оҕо өйүгэр-санаатыгар умнуллубат гына өйдөнөр кыаҕа суох буолар. Оҕо төрөппүтэ, көрөр-истэр дьоно тугу куһаҕан дииллэрин ити курдук оҥорбот буолан иһэр. Оҕону куһаҕан быһыыны оҥорбот буолуутугар үөрэтии ити курдук салгыы баран истэҕинэ, оҕо куһаҕан быһыыны оҥороро суох эбэтэр лаппа аҕыйах буолуон сөп.
Сахаларга былыр-былыргыттан «Илии барбат буолуута», «Аһара барбат буолуу» диэн өйдөбүллэр бааллар. Бу өйдөбүллэр оҕо кыра эрдэҕинэ өйүгэр-санаатыгар үөскээн олохсуйаллар. Бу өйдөбүллэр үөскээһиннэригэр төрөппүт эбэтэр оҕону көрөр-истэр киһи, оҕо атын киһини охсуолаатаҕына, тэбиэлээтэҕинэ эбэтэр куһаҕаны оҥороору гыннаҕына сонно буойан тохтотон истэҕинэ уонна үчүгэйи оҥороругар аралдьытан үөрэтиитэ олук буолар. Охсуолаатаҕына, тэбиэлээтэҕинэ эбэтэр тугу эмэ куһаҕаны оҥордоҕуна сонно тохтотон, бу куһаҕан быһыы буолар диэн этии, атыҥҥа, үчүгэйи оҥорорго арал¬дьытан кэбиһии, үчүгэйи элбэхтэ оҥотторуу, оҕо өйүгэр-санаатыгар куһаҕан быһыылары оҥоруу өйдөнөн хааларын суох оҥорор. Ол аата бу куһаҕан быһыылар хос-хос хатыланан үгэс буолан оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар хатанан хаалаллара суох буоллаҕына умнуллан хаалан иһэллэр. Киһи киһиэхэ хайдах сыһыаннаһарыгар үөрэ¬тии ити курдук оҕо кыра эрдэҕинэ өйүгэр-санаатыгар иҥэриллибитэ үйэтин тухары иҥэн сылдьар уонна ийэ кут өйө-санаата диэн ааттанар.
Үлэһит киһи бэйэтин холобурунан көрдөрөн, оҕотун батыһыннара сылдьан бэйэтэ тугу үлэлииригэр үөрэтиитэ, оҕо өйүгэр-санаатыгар умнуллубат гына иҥэр. Бу өйдөбүл оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥиитэ эмиэ хос-хос элбэхтэ хатылаан үөрэтиигэ олоҕурар. Оҕо кыра эрдэҕинэ батыһа сылдьан үөрэннэҕинэ эрэ төрөппүтүн курдук үлэһит киһи буолар. Оҕо хантан да ылан эбэтэр ким эмэ биэрэн дуу, үлэһит киһи буолбат. Улаатыар диэри бары кыайар үлэлэрин элбэхтэ үлэлии үөрэннэҕинэ эрэ үлэлииргэ үөрэнэр.
Төрөппүт бэйэтэ бэрээдэктээх, атын дьоҥҥо сыһыана үчүгэй, охсуспат, этиспэт киһи буоллаҕына оҕо эмиэ бэрээдэктээх киһи буоларыгар олук ууруллар. Төрөппүтү бэйэтин оҕото көрө сылдьар. Кини тугу эппитэ, тугу оҥорбута барыта оҕотун өйүгэр түһэн иһэр. Киһи саҥатын дорҕоонноруттан кыра оҕо төрөппүтүн туох санаалааҕын, кыыһырбытын, хомойбутун, үөрбүтүн барытын билэ, иҥэринэ сылдьар.
Ити курдук төрөппүт бэйэтин санаата, тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диирэ оҕотугар хайдах бэриллэн иһэрин быһаардыбыт. Биһиги бу үлэбит эдэр төрөппүттэр, ийэлэр оҕолоругар ордук чугастык сыһыаннаһалларыгар көмө буоларыгар саарбахтаабаппыт. Оҕо кыра, тугу да өй¬дөөбөт диэмэҥ, кини өйүгэр-санаатыгар, тугу элбэхтэ көрбүтэ-истибитэ, хос-хос оҥорбута, соһуйбута-үөрбүтэ барыта суруллан ууруллан иһэллэр. Кыра оҕоҕутугар харысхаллаахтык сыһыаннаһыҥ уонна тугу үчүгэй дииргитин хос-хос хатылаан оҥотторо, үөрэтэ сырыттаххытына оҕоҕут эһиги курдук өйдөөх-санаалаах, үчүгэй үгэстэрдээх буола улаатыаҕа.
Үчүгэйи оҥорууга баҕа санааны ханнык эмэ көрүҥүнэн оҕоҕо үөскэтии төрөппүттэр сыаллара буолара наада. Үчүгэйгэ баҕара санаа – сахалыы таҥара диэн ааттанар. Ол аата сахалар үчүгэйгэ баҕара санааһын үөһээттэн, айыылартан түспүтэ диэн этэллэр. Үчүгэй санаалаах буолуу – таҥаралаах буолуу.
Үчүгэй киһи буолууга баҕа санаа дьоҥҥо баар буолуута таҥараны үөскэппитэ. Ол баҕа санааларын хаптаһыҥҥа уруһуйдааннар көрө сылдьан батыһар, үтүктэр киһини үөскэтэннэр, Христос танара оҥостубуттара.
Таҥара үөрэҕэ аһара баран бары өй-санаа барыта киниттэн эрэ тутулуктаах буолуутун үөскэтиитэ – таҥара диктатурата үөскээһинигэр тириэрдэр. Онтон ханнык баҕарар диктатура үчүгэйгэ тириэрдибэтин остуоруйа үөрэҕэ дакаастаабыта ытаатта. Ол иһин ханнык баҕарар таҥараҕа сыһыан эмиэ сэрэхтээх, аһара барбат буолара ордук.
Бэйэҕэ үчүгэй баҕа санааны үөскэтинии уонна ону толорорго дьулуһар буолуу баар буоллаҕына бу киһи туруктаах өйдөөх-санаалаах киһи буола улаатарыгар уонна олоҕун олороругар олук ууруллар. Оҕо бэйэтэ тугу эмэ оҥорон, онтун ситиһэ үөрэннэҕинэ, олоххо дьулуур¬даах, ханнык да ыарахаттары тулуйар киһи буола улаатар. Kини олоҕун бэйэтэ оҥосторугар толору кыахтаах буолар.
ҮЧҮГЭЙГЭ ҮӨРЭТИИ
Былыргы кырдьаҕастар «Олоҕу олоруу уустук, алааһы туорааһын буолбатах» диэн этэллэр. Олох олорорго киһи кыра эрдэҕиттэн бэлэмнэниэхтээх, үөрэниэхтээх диэни бары билэр курдукпут. Ханнык баҕарар киһи бэйэтин олоҕо төрөппүттэрин олохторуттан саҕаланан салгыы барар. Ол аата киһи барыта олоҕун салгыырыгар ханнык эрэ бэлэмнээх буолан тахсар. Бу төрөппүттэр бэлэмнэрин, баайдарын-малларын, өйдөрүн-санааларын оҕолоругар хайдах биэрэн хааллараллара улахан оруолу ылар. Оҕо бэлэми сатаан туһана үөрэниитэ өйө-санаата сайдыытыгар ураты суолталаах, олоҕо салҕанан барыытыгар төрүт буолар.
Төрөппүттэр бэйэлэрин өйдөрө-санаалара, тугу үчүгэй эбэтэр куһаҕан дииллэрэ оҕолоругар бэриллэн, кинилэр өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн хаалар. Ол хайдах бэриллэн оҕо өйүгэр тиийэрэ билигин да ситэ быһаарылла илик, тус-туспа араас үөрэхтэр бары атын-атыннык этэллэр. Биһиги санаабытыгар бу өй-санаа төрөппүтүттэн оҕотугар үгэс буолан ийэ кутугар быһаччы мунньуллан иһэр. Ол курдук төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕиттэн бэйэлэрэ үчүгэй дииллэрин оҥорорго үөрэттэхтэринэ, оҕолоро бэйэтин үйэтигэр оннук үчүгэйи оҥороро элбэх буолар. Кини олоҕо үчүгэйи оҥоруу диэки ха¬йысхалаахтык баран иһэр. Оҕону кыра эрдэҕиттэн үчүгэйи элбэхтик оҥо¬рорго үөрэтиини маннык көрүҥнээхтик ыытыахха сөп:
- Оҕо үчүгэйи оҥордоҕуна хайҕааһын, үөрүү. «Оҕом үчүгэй оҕо, туһа киһитэ буолан иһэр» диэн бэлиэтээн этии, үөрбүтү биллэрии, манньалааһын. Үчүгэй быһыы оҕо ийэ кутугар өйдөнөн хааларыгар элбэхтик хатылаан хос-хос оҥороро улахан оруолу ылар.
- Куһаҕаны оҥороору гыннаҕына эбэтэр оҥорорун кытта, куһаҕаны оҥорума диэн этэн тохтотуу, сөбүлээбэти биллэрии, куһаҕаннык, кыыһырбыттык көрүү, тохтотон атыҥҥа, үчүгэйи оҥорууга аралдьытан биэрэн иһии кэмигэр, хойутаппакка эрэ оҥоруллан иһэрэ наада. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ субу оҥорбутун тутатына эрэ өйдүүр, ол иһин куһаҕан быһыыны оҥорорун кытта эттэххинэ эрэ табан өйдүүр кыахтаах.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн бу курдук куһаҕаны оҥорбот буоларга чуол¬кайдык арааран үөрэтии, кинини үчүгэйи эрэ оҥороругар салайан биэрэр. Оҕо үчүгэйи оҥорбутуттан ийэтэ үөрэр буоллаҕына, хайҕаатаҕына оҕото элбэхтик үчүгэйи оҥоро сатыыр. Бу оҥорбут үчүгэй быһыытын хос-хос салгыаҕар диэри хатылыыр. «Оҕом, үчүгэйгин көрдөр эрэ», -диэтэҕинэ хас киһи аайы тиийэн көрдөрөн иһэр. Элбэхтэ хатыланар буолан бу быһыыта кэлин үгэскэ кубулуйан кини ийэ кутун өйүгэр¬-санаатыгар ууруллан умнуллубат гына иҥэн хаалар. Оҕо улаатан иһэн үчүгэйи оҥороро элбээн иһэр. Кырдьаҕас эбэлэр оҕону үчүгэйи оҥорорго үөрэтиилэрин бэйэтэ хамсанан ону-маны оҥорор буолуоҕуттан ыла саҕалаабытынан бараллар. Ол курдук оҕо аан маҥнай ытыһын таһына үөрэниитэ киниэхэ улахан кыайыыга тэҥнэнэр. Чахчы үчүгэй буоллаҕына, санаата көннөҕүнэ эрэ көрдөрөр быһыытыгар кубулуйар. Үчүгэйи оҥорорго үөрэтиигэ аан маҥнай киһини хайыта таппат, охсуолаабат, бытыылканы уонна оонньуурдары бырахпат буолуутун киллэриэххэ сөп.
Оҕо хааман бардар эрэ ону-маны оҥорорун үгэскэ кубулутара олус элбиир. Бу кэмҥэ тугу эмэ тыытаары гыннаҕына аан маҥнай улахан дьону ыйытардыы көрүтэлиир. Үчүгэйи оҥордоҕуна тэптэрэн биэрии, хайҕааһын буоллаҕына оҕо кэмэ суох үөрэр уонна бу быһыытын хос-хос салгыаҕар диэри хатылаан оҥорор. Хос-хос хатыланар быһыылар үгэс буоланнар оҕо ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар мунньуллан иһэллэр.
Киһи өйө-санаата хайдах үлэлиирин билии, оҕону үөрэтиигэ саха¬лар оҕолорун хайдах үөрэтэллэригэр төннүүнү эрэйэр. Ол курдук бы¬лыргы сахалар киһи төрдө-ууһа, удьуора оҕолоругар бэриллэллэрин билэн, аан маҥнайгыттан, ыал буолууларыттан саҕалаан улахан суол¬таны биэрэллэр эбит. Ол иһин ыал буолууга бастакы миэстэни кэргэн буолар кыыс оҕону эбэтэр күтүөтү, бары хаачыстыбаларын сыаналаан туран талан ылыыга биэрэллэр эбит.
Kиһи өйө-санаата уонна этэ-сиинэ тус-туспа санаалаах буолуулара олох ордук абылаҥнаах, уустуктардаах буолуутун хааччыйар.
Ханнык баҕарар үөрэх киһи өйүгэр-санаатыгар үчүгэй, туһалаах өттүгэр уларыйыыны киллэрэр буоллаҕына этин-сиинин баҕа санаатыгар сөп түбэспэт буолар уратылаах. Холобур, киһи туһалааҕы оҥорор буолуута элбэхтик үлэлиирин-хамсыырын үөскэтэр, ол иһин этин-сиинин сынньанар, сытар баҕатыгар сөп түбэспэт. Ити иһин ханнык баҕарар үчүгэйи, дьоҥҥо туһалааҕы оҥотторуу ханнык эмэ ыгааһыннаах, көрдөбүллэрдээх буоллаҕына эрэ табыллар. Дьадаҥы дьон олохторо бэйэтэ кыһалҕалаах, эрэйдээх буолара кыһайан үтүө, үчүгэй санаалаах, дьулуурдаах, тулуурдаах оҕолордоох буолаллар. Маны сахалар «Олох ыараатаҕына, омук күүһүрэр» диэн ааттыыллар. Бу быһаарыы утарытынан олох чэпчээһинэ, дьон байыылара оҕолорун иитиилэригэр уустуктары киллэрэр, оҕону кыра эрдэҕиттэн аһара көрөн-истэн, маанылаан, атаахтатан кэбиһии үөскүүр. Бас-баттах иитиилээх дьон улаатан тахсаллар. Ол иһин баай-мал эбиллэн, олох тупсан барыыта оҕо иитиитигэр дьадаҥы дьон оҕолорун иитэллэриттэн ханнык да уратыта суох буоллаҕына эрэ эрэллээх, тулуурдаах, дьулуурдаах кэлэр көлүөнэлэри ханнык да улахан ыгыыта, күүһүлээһинэ суох иитэн улаатыннарыахха сөп. Ол эбэтэр оҕо олох кыра эрдэҕиттэн олоххо быһалыы үөрэтии эрэйиллэр, наада буолар.
Былыргы кэмҥэ сахаларга кыра оҕону үөрэтэргэ чыпчаххайы туттуу эбэтэр бэргэһэ быатынан куттааһын көрүллэрэ биллэр. Кыра эрдэҕинэ бэйэтин чыпчаххайдаабыт буоллахтарына, бу киһи бэйэтэ улааттаҕына кыаттарбат оҕолорун үөрэтээри кыратык чыпчаххайы да туттан ылыан сөп. Маннык чыпчаххайы туттуу төрөппүттэр майгылара сымнаҕас буоллаҕына, кытаанах, өһөс майгылаах, мэник оҕону кыайа тутан үөрэтэргэ билигин даҕаны туттуллуон сөп курдук.
Чыпчаххай оҕо этигэр ыарыыны үөскэтэр буолан, буор куттан тутулуктаах үөрэххэ киирсэр. Оҕо этигэр ыарыы буоллаҕына, бу ыарыы хатыламмат буолуон ордук баҕарар, ол иһин үөрэҕи олус түргэнник ылынар. Сахалар чыпчахайы ордук аһара барар, мэниктиир оҕону тохтотор майгы быһыытынан тутталлар.
Оҕо кыра, мөлтөх буолан чыпчаххай талахтан бэйэтэ да саллар. Үөһээ, тиийбэт сиригэр кыбыллан турар чыпчаххай киниэхэ буруйу, куһаҕаны оҥороруттан тохтотор туормас буолар. Чыпчаххай итинник суолтата оҕону кыра эрдэҕиттэн үчүгэйи, туһалааҕы оҥороругар үтүрүйэр күүс, аһара барбатыгар хааччах буолар. Улаатан чыпчаххайтан саллыбат буолан, оҕо биир ситиһиитинэн үөһээ ыттан тахсан кыбытыллан турар чыпчаххайы ылан тоһутан эбэтэр кистээн кэбиһиитэ буолар. Кини өйүгэр бу талах суох буоллаҕына, букатын көҥүл барарын курдук өйдөбүл үөскүүр. Ону баара аны бу өйдөбүлү аҕатын иилинэ сылдьар тирии кура урукку он¬нугар син-биир түһэрэн биэрэр буоллаҕына улаатан иһэр оҕону куһаҕаны оҥороруттан тохтотор туормаһа эмиэ улаатан биэрэн иһиэх¬тээҕэ бэлиэтэнэр.
Билигин демократия оҥкулун тутуһан сайдан иһэр государстволарга киһи быраабын харыстааһын ордук күүскэ тутуһуллар. Бу государстволар сокуоннара киһи киһиэхэ сыһыана үчүгэй, киһилии буоларын ирдииллэр. Ол иһин киһи улаатан иһэн уонна улахан киһи буолан баран куһаҕан быһыыны оҥорботун наадатыгар араас миэрэлэр, хаайыылар син-биир туттуллаллар. Бу миэрэлэр барылара кыра эрдэххэ туттулла сылдьыбыт чыпчаххай салгыылара буолаллар. Тохтотор майгы эмиэ улаатан иһэрин бэлиэтинэн улахан киһи куһаҕан быһыыны оҥордоҕуна, суут-сокуон ситэн хаайыы дойдуланыан сөп.
Кэнники кэмҥэ төрөппүттэр улааппыт оҕолорун кытта аанньа тапсыбаттар. Кинилэр быһаарсыылара тыл-тылга киирсибэт буолууга, этиһиигэ, охсуһууга кубулуйан барар. Маннык быһыы аныгы оҕо улаатан, төрөппүтүн кытта күүстэрэ тэҥнэһэн эрдэҕинэ куруук буолар буолла. Өйдөспөт быһыы оҕо арыгы иһэн кэллэҕинэ ордук арылхайдык биллэн тахсар, арыгы иһэн итирбит кэмигэр оҕо төрөппүттэрин кытта тапсыбата аһара баран биллэн тахсар. Ол аата бу төрөппүттэр оҕолорун иитиилэригэр сыыһа хайысханы тутуспут буолуохтарын сөп. Эмиэ аһара туттууну. Ол аата аһара бобон, хааччахтаан, бэйэтигэр тугу эмэ оҥот¬торо үөрэппэккэ аһара көрө-истэ сылдьалларын улааппыт оҕо сөбүлээбэт буолбута итирдэҕинэ биллэн тахсара өйдөспөт буолууларыгар тириэрдэр.
Үгүс төрөппүттэр биир мааны оҕолорун аһара көрөн-истэн, куруук хааччахтаан, атаахтатан иитэллэр. Оҕону маннык көрүү-истии бэйэтин баһын билиммэт, атын дьону, төрөппүттэрин куруук батыһа сылдьар киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарар. Кыра эрдэҕинэ итинник үөрэммит оҕо улааттаҕына, бэйэтэ бас билэн тугу эмэни быһаараары гыннаҕына, аны төрөппүттэрин кытта тапсыбат буолуута саҕаланар.
Арыгыһыт буолан туох булбут харчытынан барытынан арыгы атыы¬лаһан иһэн иһэр аҕалаах ыаллар ийэлэрэ биир эмэ кыра оҕотунан аҕаларын сиэптэрин хастаран, хаһан эрэ арыгы иһиэм диэн хаһааммыт харчытын тобоҕун булларан ылларар түбэлтэлэрэ элбэхтэр. Маннык хаһаас баарын булан-талан ылыы арыгыһыт киһини биирдэ эмэ итирэрин тохтотон кэргэнигэр, улахан дьоҥҥо үчүгэйи аҕалбытын да иһин, кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар улахан ох¬сууну оҥорор. Бу оҕо улаатан да баран кыраны ылан бэйэтин сиэбигэр уктан кэбиһэр үөрүйэҕин кыайан бырахпакка эрэйгэ тэбиллэр. Сыыһа туттардаҕына улаханнык да ылан кэбиһиэн сөптөөх киһи буолан тахсара хомолтолоох. Ити быһыыны оҕо кыра эрдэҕинэ «Дьон киэнин кистээн ылыма» диэн үөрэтии төттөрү өттүгэр оҥоруллубутунан быһаарыахха сөп.
Билигин биһиги сахалар большевиктар, коммунистар оҥорбут элбэх алҕастарыттан эрэйдэри көрсөбүт. Ол курдук оҕону иитии-үөрэтии өттүн наар дьахталларга сүктэрэн кэбиһии эдэр үүнэн иһэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара мөлтөөн иһэригэр тириэртэ. Оҕо улаатан, сааһын ситиитигэр бэйэтэ туспа өйдөөх-санаалаах киһи буолан тахсарын аахсыбакка, аһара көрөн-истэн атаахтатан өйүн-санаатын сайдыытын сарбыйыы оҥоруллар. Ол иһин билигин ырыынак кэмигэр кыайа-хото үлэлиир-хамсыыр эр дьоммут суохтара биллэн тахсан, ити сыыһалары көн¬нөрдөхпүтүнэ эрэ табыллыахпытын сөп.
Билигин Россияны сайыннарыахха диэн күүстээх үлэ ыытылла турар. Ол эрээри бүтүн Россия үрдүнэн сайдыыны ситиһэргэ элбэх хаалынньаҥ өйдөбүллэри ылан туоратыахха наада. «Социализм» кэмигэр ким эрэ бэлэми ууран биэрэрин кэтэһэ үөрэммити быраҕан, бэйэ күүһүгэр, кыаҕар аан бастаан эрэнэр буолууну эдэр көлүөнэ дьон өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэриэххэ наада. Сөптөөх сууттаах-сокуоннаах государствоҕа киһи бэйэтин күүһүнэн-кыаҕынан, бэйэтин көрдөбүлүгэр сөп түбэһэр олоҕу ситиһиэн сөбүн ырыынак сайдан иһиитэ бигэргэтэр.
Сахалар Россия олохтоохторуттан аан маҥнайгынан өйдөнөммүт кэ¬лэр көлүөнэлэрбитин, оҕолорбутун, кытаанахтык, барыны-бары, үлэни-хамнаһы кыа¬йар, аһара туттууну таһаарбат, туруктаах өйдөөх-санаалаах гына көрөн-истэн үөрэттэхпитинэ, кинилэр улаатан сайдыыны ситиһиэхтэрэ. Оҕолору үөрэтии мөлтөөн, сымнаан бас-баттах баран иһиититтэн эр дьон урут-бастаан мөлтөөннөр, сымнааннар, омук барыта эстэр суолга кии-рэн иһэр. Биһиги аҕыйах ахсааннаах сахалар саамай сэрэнэр, дьаахханар суолбут ити быһыы буолуохтаах.
ТУҺА КИҺИТЭ
Саха дьоно былыр-былыргыттан үлэни-хамнаһы кыайа тутан, кытаанах усулуобуйалаах дойдуларыгар олохторо салгыы сайдан иһэрин ситиһэллэр. Кинилэр оҕолоро эмиэ бэйэлэрин курдук кыайыылаах-хотуулаах үлэһит дьон буолан тахсыахтарын баҕараллар.
Оҕону иитиигэ сахалар оҕо кыра эрдэҕиттэн туох эмэ туһалааҕы оҥорон «Туһа киһитэ» буоларын ситиһэ сатыыллар. Кинилэр ити үөрэхтэрин биир уратытынан, оҕо оонньуу сылдьарын таһынан туһалаах, бэйэтэ кыайар дьыалаларынан дьарыктаммытынан барарын ситиһэллэр. Оҕо туһалаах дьыаланы оҥордоҕуна хайҕаан, манньалаан чиҥэтэн биэрэн иһэллэр. Оччоҕуна оҕо туһалааҕы оҥорорун сөбүлүүр, хайҕанаары онтун хос-хос оҥор да оҥор буолар. Бу быһыыта элбэхтэ хатыланан үгэс буолан ийэ кутугар ууруллан, өйдөнөн хаалар. Оҕо аан маҥнай туһаны оҥорууга үөрэниитэ ийэтин билэн үөрэр буолуутуттан саҕаланар.
Кэнники кэмҥэ оҕо иитиитигэр аналлаах үөрэхтээхтэртэн «Туһа киһитэ» буолуу диэн өйдөбүл иһиллибэт буолла, кыра оҕону туһалата, көмөлөһүннэрэ үөрэтии таах хаалла. Арай В.С.Поскачин оҕо иитиитигэр ордук улахан суолтаны биэрэрин бэлиэтээн «Туймаада саҥата» хаһыакка ити туһунан суруйар. Биһиги санаабытыгар «Туһа киһитэ» буолуу, кыра эрдэҕиттэн үлэлии-хамсыы үөрэнии, оҕо өйө-санаата сайдыытыгар, олоххо дьулуурдаах киһи буолуутугар олус улахан оруоллаах.
Оҕо улаатан иһэн «Туһа киһитэ» буолуута кини олох диэки тардыһыытын күүһүрдэр. Кини өйүгэр-санаатыгар «Мин туһаны оҥоробун», «Мин наадалаах дьыаланы оҥоробун» диэн өйдөбүл олохсуйар. Кини кыайар буолуоҕуттан, күүһэ баарынан дьоҥҥо туһалаах, наадалаах дьыалалары оҥорон иһэргэ үөрэнэр. Бу үөрэҕэ элбэхтэ хатыланан кэлин быстан хаалбакка үгэскэ кубулуйдаҕына киниэхэ өйүгэр-санааты¬гар, ийэ кутугар үйэтин тухары иҥэн хаалар.
Үтүө дьыала үгэскэ кубулуйуутугар ийэ, төрөппүт оруола ураты үрдүк. Оҕо ийэтэ олорор олоппоһун соһон-сыһан аҕаллаҕына, ийэтин үөрүүтэ, хайҕааһына ити быһыытын өссө хатылаан оҥорон иһэрин көҕүлүүр. Үчүгэй быһыы, туһаны оҥоруу үөрүүлээх-көтүүлээх, хайҕааһын¬наах хос-хос хатыланыыта түргэнник үгэс буолан оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалар. Сиэнэ кырдьаҕас эһэтигэр көмөлөһөн тайах маһын була охсон аҕалан биэрбитин төрөппүттэрэ хайҕаатахтарына, үөрэ-үөрэ өссө да аҕалан иһиэҕэ. Кини улаатан истэҕин аайытын ити кур¬дук туһалаах дьыалалары оҥороро эбиллэн иһэр.
Оҕо бэйэтин өйүгэр-санаатыгар атын дьоҥҥо туһалаах буолуу иҥэн хааллаҕына, кини туһалаах дьыалалары кэлин бэйэтэ оҥоро сылдьара эбиллэр. Кини бэйэтэ улаатан оҕолонноҕуна, оҕотун эмиэ туһа киһитэ буоларга үөрэтэр кыахтанар. Ити курдук үлэһит аймах дьон оҕолорун үөрэтэр үгэстэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ эмиэ бэриллэн иһиитэ салҕанар.
Онон, оҕону кыра эрдэҕиттэн үчүгэй, туһалаах дьыалалары оҥорор буолуутугар үөрэтии барыта ийэтин, төрөппүттэрин илиилэрин иһигэр баар. Кинилэр оҕолоро кыра эрдэҕинэ ханнык өйгө-санааҕа үөрэтэн кэбиһэллэр даҕаны, соннук киһи буолан тахсара туох да саарбаҕа суох. Былыргы сахалар ол иһин киһи хай¬даҕын билээрилэр төрөппүттэрин туһунан ымпыктаан-чымпыктаан ыйыта¬лаһаллара ити быһаарыы табатын кэрэһилиир.
ҮЛЭҔЭ ҮӨРЭТИИ
Төрөппүт бэйэтэ тугу эмэни оҥороору, дьарыктанаары гыннаҕына оҕото аттыгар тиийэн кэлэн эмиэ тугу эрэ оҥороору мэһэйдэһэр, былдьаһар. Кини эмиэ үтүктэн соннук оҥорбутунан бардаҕына эрэ табыллар. Бу кэмҥэ үүрбэккэ, кыраҕын диэн ыраах кыйдаабакка, холдьохпокко үөрэтэ сатыыр дьон оҕолоро үлэһит буола улааталлар. Аттыгар олордон, бэйэтигэр маарынныыр туттар сэби биэрэн үлэлэтэ үөрэтэ түстэҕинэ, оҕото хайдах үлэлииргэ кыра-кыратык үөрэнэн барар. Кыра буолан со¬тору салҕан син-биир быраҕыаҕа. Ол эрээри сотору сынньана, дьэгдьийэ түһэн баран эмиэ тиийэн кэлэригэр үлэтин хаттаан оҥотторо сатыахха. Үлэ маннык хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйан өйүгэр-санаатыгар хатаныыта, кинини үлэлииргэ үөрэтэр.
Үлэлии, ону-маны оҥоро үөрэнэр ураты уустугун уонна уһунун бары үлэһит дьон билэллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ үтүктэр күүһэ ордук, күүстээх сайдыылаах. Тугу барытын үтүктэн иһэр. Ол иһин бу кэмҥэ, үтүктэр күүһэ сүтэ, мөлтүү илигинэ үлэҕэ үөрэнэрэ ордук. Төһө күүһэ кыайар буолуоҕуттан ону-маны оҥорорго үөрэннэҕинэ, ол үөрэҕэ үгэс буолан ийэ кутугар иҥэн олохсуйан хаалар. Бу оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кутугар иҥмит өйдөбүл сахалар «Үлэһит киһи оҕото үлэһит буолар» диэн этиилэрин үөскэтэр.
Оҕо бэйэтин сайдыытын куруук кимиэхэ эмэ тэҥнээн көрө сылдьар. Ол иһин кыра эрдэҕинэ батыһыннаран, үтүгүннэрэн биэрэн иһэр киһи хайаан даҕаны наада. Батыһар, үтүктэр киһититтэн итэҕэһи оҥоруон соччо баҕарбат. Хата ол оннугар батыһар, үтүктэр киһитин ситэн куота сайдан барыан олуһун баҕарар, хаалан хаалыан баҕарбат. Ол иһин ханнык баҕарар үөрэххэ үөрэнэригэр батыһар, үтүктэр киһи баара туһалаах. Бэйэлэрэ илиилэрин араарбакка үлэлии сылдьар төрөппүттэр оҕолорун үлэҕэ үөрэтэллэрэ судургу. Арай батыһыннара сылдьан көрдөрөн, көмөлөһөн эрэ биэриэхтэрин наада.
Оҕо төрөппүтүн санаатын көрүҥүттэн көрөн курдаттыы билэ сылдьар. Kини үлэтин ыарырҕатар буоллаҕына көмөлөһөр санаата киирэр. Куруук үлэлии сылдьар төрөппүт оҕото кинини көрөн, үтүктэн үлэһит буоларыгар толору кыахтаах. Үлэҕэ үөрэниини салгыы тохтоппокко, быһан кэбиспэккэ дьарыктана сырыттахха үгэс буолан хаалар. Бу курдук үөрэтии кэнниттэн төрөппүт оҕотун туһугар улаханнык санаарҕаабакка эрэ сылдьыан сөп. Үлэһит киһи хаһан баҕарар бэйэтин кыаҕар сөптөөх үлэни булунара уустуга суох буолар.
Төрөппүт бэйэтэ үлэлээбэт, тугу да оҥорбот буоллаҕына, оҕону үлэҕэ үөрэтии ураты уустугурар, кыаллымыан да сөп диэн сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Оҕо кыра эрдэҕинэ үтүктэн эрэ үөрэнэр буолан үтүгүннэрэр киһитэ суох үлэлии үөрэнэрэ кыаллыбат. Бэйэни тэҥнээн көрүү, батыһыы, үтүктүү, ол аата, көрөн үөрэнии оҕо кыра эрдэҕинэ баар суох үөрэнэр ньымата. Атыннык үөрэтии туох да туһаны аҕалбатаҕына даҕаны көҥүлэ. Былыргы сахалар «Сүрэҕэ суох киһи оҕото сүрэҕэ суох буолар» диэн этэллэрэ оруннаах буолуон сөбө кэлин биллэн иһэр.
Оҕо үтүктэн ким эрэ курдук буолуон аһара баҕарар. Ол иһин оҕону үөрэтэргэ үтүө киһи холобура хайаан даҕаны наада. Үтүө киһи холобура ыҥыран, угуйан көмөлөһөрүн тэҥинэн аны батыһарга сирдиир сулус, ыҥырар бэлиэ буолар. Оҕо ол киһини үтүгүннэҕинэ ордук элбэх билиилэниэн, үчүгэй хаачыстыбаланыан сөп. Үтүктүү оҕо кыра эрдэҕиттэн саҕаланар уонна ийэ кут өйүгэр-санаатыгар ууруллан, өй-санаа төрүтүн үөскэтэр буолан ханнык баҕарар үөрэҕи түргэнник баһылааһыҥҥа тириэрдэр.
ГОСУДАРСТВО ОҔОТО
«Социализм” кэминээҕи төрөппүттэр бэйэлэрин оҕолорун иитиитигэр улаханнык кыһаммат буолан барбыттара. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн государство бэйэтигэр ылынан көрүүтүн-истиитин уонна үөрэтиитин барытын оҥорор буолан, «Государство оҕолоро» дии санааннар итинник кыһаммат эбиттэр. Ол кэмҥэ хас биирдии киһи олоҕо государствоттан быһаччы тутулуктаах буолуутун олохтообуттара. Киһи бэйэтин бас билэр баайа-мала олус кыра буолуута, кэтэ сылдьар таҥаһынан бүтүүтэ государствоттан улахан тутулуктаах буолууну бигэргэтэрэ.
«Государство оҕото» диэн санаа үөскээһинигэр оҕону кыра эрдэҕиттэн эмтээн-томтоон, маҥнай дааһылаҕа, онтон детсадка ылан көрүү-истии, онтон оҕо улаатан оскуолаҕа үөрэнэрэ барыта госу¬дарство кыһатынан ыытыллара тириэрдэр. Kиһи барыта хайаан даҕаны орто үөрэҕи бүтэриэхтээх диэн сыал-сорук туруоруу эмиэ баар этэ. Салгыы үрдүк үөрэххэ үөрэ¬тии оҕо баҕалаах эрэ буоллар кыаллара уонна эмиэ государство илиитин иһигэр баар этэ. Бары үөрэх барыта государство көмөтүнэн босхо этэ.
Билигин ырыынак кэмэ кэлэн государство оҕолору босхо, бэйэтин оҕолорун курдук көрөн-истэн иитэрэ-үөрэтэрэ суох буолан иһэр. Ол иһин төрөппүттэр оҕолорун иһин эппиэтинэстэрэ быдан улаатан биэрдэ. Кинилэр оҕолоро үчүгэй, киһилии майгылаах, үлэни-хамнаһы кыайар, сүрэхтээх дьон буолан тахсалларыгар бэйэлэрэ эрэ бары эппиэтинэһи сүгэр буоллулар. Ханнык баҕарар төрөппүт оҕотугар бары үчүгэйи баҕарара былыргыттан да баар этэ. Арай тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн оҕолорун ханнык өйгө-санааҕа үөрэтэллэрэ эрэ уларыйан биэрэригэр тиийэр.
Урукку «социализм» кэминээҕи сыалбыт-сорукпут тосту уларыйыыта оҕону иитии-үөрэтии үлэтэ эмиэ уларыйарыгар тириэрдэр. Дьон олоҕун сыала-соруга уларыйыыта, саҥалыы өйдөөх-санаалаах оҕолору иитэн-үөрэтэн улаатыннарары эрэйэр. Бу оҕолор аны ырыынак саҥалыы сыһыаннаһыыларыгар толору бэлэмнээх дьон буола улаатыахтаахтара үөрэнии эмиэ уларыйыахтааҕын эрэйэр.
Билигин ырыынак кэмигэр ким төһө кыайарынан байара-тайара көҥүл буолбутунан төрөппүттэр бэйэлэрин уһун олохторун тухары үлэлээн-хамсаан кыра эмэ тугу эрэ мустахтарына, оҕолоро ыһан-тоҕон кэбиспэт, чиҥ, кытаанах майгылаах буолуохтарын эмиэ баҕарар буоллулар. Урукку «социализм» кэмигэр киһи барыта тэҥ буолуохтаах буолан итинник баҕа санаа туоратыллар буолан оччотооҕу дьоҥҥо суох этэ.
Онон, ырыынак сыһыаннаһыылара оҕону иитиигэ туруоруллар көрдөбүл хас эмэ төгүл улаатан, үрдээн биэриитин үөскэттилэр. Итини тэҥэ төрөппүттэр оруоллара эмиэ үрдээн, бэйэлэригэр туруорунар көрдөбүллэрэ улаатарыгар уонна соннук көрдөбүллэри оҕолоруттан аны ирдиир буолууларыгар тириэрдэр.
КУОРАТ ОҔОТО
Куорат сиргэ уонна тыаҕа оҕолору иитии уонна үөрэтии бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат тус-туспаларын төрөппүттэр кэнники кэмҥэ бэлиэтээн эрэллэр. Тыаны кытта сибээстээх төрөппүттэр оҕолорун тыаҕа ыытан үлэҕэ-хамнаска үөрэтэ сатыыллар. Ол эрээри оҕолорун улааппыттарын кэннэ, хойутаан үөрэтэ сатыыр буоланнар, үлэҕэ үөрэнии быдан эрэй¬дээхтик уонна бытааннык, саҥалыы үөрэнии курдук барар.
Ити эрээри куоракка даҕаны үлэһит, спордунан эрчиллэр эдэр киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарыахха сөбүн төрөппүттэр соччо итэҕэйэ иликтэр. Кинилэр уруккулуу санааларыгар оҕолоро сылдьан эрэ бэйэлэрэ үлэлии-хамсыы, дьарыктана сылдьыахтаахтарын курдуктар. Төрөппүттэр итинник санааҕытын букатыннаахтык быраҕаргыт буоллар киһилии майгылаах, үлэһит кэлэр көлүөнэлэргитин иитиигэ уонна үөрэтиигэ ордук кыһанар буолуоххут этэ. Оҕоҕут хаһан баҕарар эһигини эрэ үтүктэр, аан маҥнай эһиги курдук буолуон баҕа¬рар. Сүрэҕэлдьээн дьыбааҥҥа сытымаҥ, тугу эмэ оҥоруҥ, оҕоҕутун эмиэ кыттыһыннарыҥ, батыһыннарыҥ, оччоҕо ханнык баҕарар үлэттэн иҥнэн, толлон турбакка оҥорбутунан барыаҕа, кыайарга-сатыырга үөрэниэҕэ, оҥорул¬лубут үлэ түмүгүттэн үөрэр буолуоҕа, өйө-санаата бөҕөргүөҕэ.
«Оҕом кыра, билигин сыттын, улааттаҕына үөрэхтээх киһи буолуо» диэмэҥ, киһигит сыта үөрэнэн хаалан букатын сүрэҕэ суох буолуоҕа. Тугу эмэ кыайар буолуоҕуттан үлэлии, дьарыктана үөрэннэҕинэ, ол үлэтэ эбэтэр дьарыга үгэс буолан умнуллубат гына ийэ кутун өйүгэр иҥнэҕинэ үйэтин тухары үлэһит киһи тахсыаҕа. Төрөппүт бэйэтэ тиритэ-хорута үлэлии сылдьарын оҕото көрөр буоллаҕына, оҕотун өйүгэр-санаатыгар кыаҕа баарынан, хайдах эрэ көмөлөһөр санаа бэйэтинэн киирэр. Маннык санаа киириитэ оҕону үлэһит киһи буола улаатарыгар көмөлөһөр.
Төрөппүт бэйэтэ оҥоруохтаах дьыалатын оҥорбокко сытар буоллаҕы¬на уонна оҕотун «Эн үлэлээ» диэтэҕинэ, оҕотугар тэҥнэһэ сатыыр са¬наата табыллыбакка сүгүн үлэлиэ суоҕа. «Бэйэтэ сытар эрээри киһини соруйар» диэн хомойо санааһына олохсуйуо. «Хамначчыт курдукпун» дии санааһына баһыйан бардаҕына кэлин тиһэҕэр төрөппүтүн итэҕэйбэт буолан хаалыан сөп.
Онон, оҕону кыра эрдэҕинэ иитии, үөрэтии диэн төрөппүт бэйэтэ көрдөрөн биэрэр холобура буолар. Ол аата, хайдах оҥорору көрдөрөн биэрэн баран, бэйэни үтүгүннэрэн оҥотторо үөрэттэххэ эрэ оҕо тугу эмэ оҥоро үөрэнэр. Ити курдук үтүктэн үөрэҕэ үгэс буолан иҥнэҕинэ эрэ оҕо төрөппүтүн курдук үлэһит, өйдөөх-санаалаах киһи буола улаатар. Бу үөрэх былыр-былыргыттан уларыйбатын бэлиэтинэн сахалар киһи хайдаҕын билээрилэр кини төрүттэрин ыйыталаһаллара буолар. Төрөппүттэрин өйдөрө-санаалара, үлэҕэ-хамнаска сыһыаннара оҕолорун өйө-санаата сайдыытыгар сүрүн тирэх буоларын былыргы сахалар чуолкайдык билэллэр эбит. Ол курдук киһи төрүттэрэ эһэтэ, эбэтэ, ийэтэ уонна аҕата кини өйүн-санаатын оҥкулун оҥорор дьоно, бэйэлэрин үйэлэригэр тугу үлэлээн-хамнаан ситиспиттэригэр оҕолорун кыра эрдэҕинэ батыһыннара сылдьан үөрэтэн кэбиһэллэр.
ТҮҮЛ уонна КУТ–СҮР ҮӨРЭҔЭ
Сахалар чуут умуннаран кэбиһэ сыспыт кут-сүр үөрэхтэрин билигин сайыннаран эрэллэр. Кут-сүр үөрэҕэ атын омуктар киһи туһунан уонна араас таҥараларын үөрэхтэринээҕэр ордук таба буолара научнайдык дакаастанара чугаһаан иһэр.
Саха дьонун элбэх уус-уран айымньыларыттан уонна араас суруйууларга киирбит өйдөбүллэртэн хомуйдахпытына кут-сүр үөрэҕэр киһи өйө-санаата тус-туспалара быһаарыллар. Kут-сүр үөрэҕэр киһи өйө-санаата икки аҥылар: ийэ-кут уонна салгын-кут диэн тус-туспа көрүҥнэргэ арахсаллар. Онтон киһи этэ-сиинэ буор-кут буолар. (1,33). Киһи үс куттара бииргэ хомуллан сүр диэн туспа күүһүнэн холбуу баайылла сылдьаллар диэн кут-сүр үөрэҕэ билинэр. (2,48). Билигин дьон сайдыыларын таһыма, өйдөрө-санаалара ситэ тиийэн, үөрэтэн итилэри соччо дакаастыы иликтэр. Ол эрээри кэнники кэмҥэ киһи өйүн-санаатын туһунан үөрэх түргэнник сайдан иһэрэ ити хаалан хаалыыны суох оҥоруон сөп.
Былыргы Сибиир ойууннара киһи түүлүн үөрэтиинэн дириҥник дьарыктаммыттара биллэр. (3,324). Ойууннар түүлү үөрэтэннэр кут-¬сүр үөрэҕин төрүттээн, сайыннаран испит буолуохтарын сөп. Ол курдук сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ ордук киһи түүллэринэн дакаастаналлара олохтоох. Кут-сүр үөрэҕин быһыытынан киһи салгын кута бэйэтэ этэ-сиинэ суох, аҥардастыы өй-санаа мунньустубут көрүҥэ буолар. Ол курдук түүлгэ киһи сороҕор аҥардастыы көрөр эрэ, онтон этэ-сиинэ баара ханан даҕаны биллибэт, бэйэтэ көтө сылдьар курдук соҕотохто ханна эмэ баар буолан хаалар. Итинник киһи бэйэтэ көстүбэккэ эрэ сылдьан ону-маны көрөрүн киһи салгын кута оҥорор буолуон сөп.
Маннык быһааран истэхпитинэ, сорох түүлгэ киһи көннөрү көрөр биллибэт киһитэ кини бэйэтин ийэ кута буолуон сөп. Кут-сүр үөрэх этэринэн киһи ийэ кута бэйэтин этин-сиинин, буор-кутун кытта бииргэ сылдьар. Ол иһин маннык түүллэргэ көстөр бэйэҕэ маарынныыр биллибэт киһи тугу оҥороро, түүлү тойонноон таһаардахха, киһиэхэ бэйэтигэр сыһыаннаах буолан тахсаллар. Ол курдук биллибэт киһи тустара түүлгэ көһүннэҕинэ хайа эрэ киһилиин көрсүһүү буолуон сөп, ол эрээри бу киһилиин ханнык эрэ сүрүн боппуруоска сөп түбэспэт өйдөөх-санаалаах буолуоххутун сөп.
Түүлгэ киһи ийэ кутун көрүҥэ ханнык майгыны ылыммытыттан көрөн араас түгэннэргэ уларыйан биэрэн иһэр. Ол курдук киһи түһээн сороҕор бөрөнү, эһэни, ытырыык ыты көрүөн сөп. Оччоҕо кини ханнык эмэ түгэҥҥэ куһаҕан, ити көстүбүт кыыллар майгыларын курдугу атыттарга бил¬лэриэн сөп. Кини түүлүгэр ити адьырҕа кыыллары кыайдаҕына эбэтэр үүрдэҕинэ, майгына көнөн үчүгэй дьыалалары оҥоруон сөп. Онон, араас адьырҕа кыыллар киһи түүлүгэр көстүүлэрэ, киһи бэйэтин ийэ кутун майгына ол көстөр кыыллар майгыларыгар маарынныыр буолан ыларын көрдөрөр.
Түүлгэ киһини бэйэтин ыт ытырдаына, аны бэйэҥ кыыһыраҥҥын куһаҕан майгыгын көрдөрүөххүн эмиэ сөп. Ол курдук киһи улаханнык кыыһырбыт кэмигэр ийэ кута ытырыык ыкка кубулуйар. Түүлгэ маннык бэлиэ бэйэтинэн көстөр, киһини бэйэтин, салгын кутун ытырыык ыт ытырар. Түүлгэ бу ыты киһи бэйэтэ кыайдаҕына, үүрдэҕинэ кини адьырҕа майгынын сымнатан, дьону кытта эйэлээх буолуутугар тириэрдэр. Маннык түүл кэнниттэн бэйэни кыана туттарга үөрэнэр наадалаах. Киһи түүлүгэр майгына уларыйбытын бэлиэтин, атын кыыл буолан хаалбытын көрөрүн үөрэхтээхтэр эмиэ бэлиэтииллэр. (4,116).
Киһи түүлүгэр көстөр куһаҕан киһини эбэтэр кыылы кыайыыта, киһи өйө-санаата, салгын кута кыайыыны ситиһиитэ буолар. Маннык түүл кэнниттэн киһи бэйэтин олоҕор туох эмэ ситиһиини оҥороро бэлиэтэ¬нэр. Онон, киһи бэйэтин быстах санааларын, ийэ кутун баҕаларын түүлүгэр кыайыыта киниэхэ ситиһиини оҥороругар тириэрдэр. Ол иһин киһи бэйэтин олоҕор быстах баҕа санааларын өйүн-санаатын күүһүнэн кыайар буоллаҕына, элбэх ситиһиилэри оҥороро бэлиэтэнэр.
Түүлгэ сибиинньэ көстүүтэ, киһи быстах баҕа санаалара аһыыр-сиир өттүн диэки хайысхалаахтарын көрдөрөр эбэтэр итинник майгылаах киһини көрсөөрү гыммыккын бэлиэтиир.
Түүлгэ көстөр биллибэт киһи тугу оҥороругар киһи бэйэтэ сыана биэрэр, сороҕор сөбүлүүр, онтон сороҕор сирэр. Маннык түүл киһи икки кута бэйэлэрин икки ардыларыгар сөбүлэспэттэрин көрдөрөр. Бу балаһыанньаҕа куһаҕан киһи өлүүтэ, кыайыы эбэтэр ситиһии буолуутун бэлиэтинэн буолар. Kиһи көрөр эрэ түүллэрэ туолар кэмнэрэ лаппа ыраах буолуохтарын сөп.
Итинник аҥардастыы көрөр эрэ түүллэртэн киһи бэйэтэ кыттыһан ону-маны оҥорор түүллэрэ букатын уратылаахтар. Ити түүллэргэ киһи бэйэтэ хаамар, сүүрэр, ыстаҥалыыр уонна өссө тугу эмэни оҥорор. Маннык түүллэргэ киһи бэйэтэ баар буолар, манна кинини охсоллор, тааһынан быраҕаллар, кини бэйэтэ эмиэ охсуһар уонна тааһынан да быраҕар. Маннык түүллэри атыттартан туспа арааран, киһи ийэ кутун түүллэрэ диэн ааттыахха сөп. Итини тэҥэ итинник киһи бэйэтэ ону-маны оҥорор түүллэрэ чуолкай соҕустук тойонноноллор уонна сотору кэминэн туолаллар.
Түүллэри маннык икки тус-туспа көрүҥҥэ араартаан баран үөрэтии ордук табыллыан сөп. Тус-туспа араартааһын кэнниттэн хас биирдии түүлү киһи ханнык кутугар сыһыаннааҕыттан көрөн тойоннооһун, ордук ситиһиилээх буолуон сөп. Түүлгэ киһи бэйэтэ тугу оҥороро эбэтэр аттыгар сылдьар бэйэтигэр маарынныыр эрээри, билбэт киһитэ тугу гынара үксүгэр биирдик тойонноноллор. Маннык түүл көрдөрөрүнэн киһи сороҕор көрөр биллибэт киһитэ ийэ кута туспа арахсан тугу гына сылдьарын көрөрө буолан тахсар. Сахалар киһи үс тус-туспа куттаах диэн этиилэрэ ити курдук дакаастанан иһэллэр.
Түүл үөрэҕин сайыннаран иһии, кут-сүр үөрэҕин сайыннарар. Киһи түүлэ диэн бэйэтин куттара инникилээн иһэн, аан бастакынан көрөр-истэр быһыылара буолара быһаарыллан эрэр. Манна ордук улахан суолтаны киһи бэйэтин икки, ийэ уонна салгын куттара бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара ылар. Ити куттартан хайалара баһыйар оруолу ыларыттан киһи бэйэтин олоҕор тугу оҥороро, хайдах быһыыланара быһаарыллар.
Киһи бэйэтин түүллэригэр көстөр кыыллары таба көрөн, бэлиэтээн майгыларын үөрэтэрэ наадалаах. Ити көстөр кыыллар майгылара киһиэхэ бэйэтигэр эмиэ баарын билэн, олор наадалаах өттүлэрин табан сайыннаран, онтон буортулаахтарын хааччахтаан биэрдэҕинэ эрэ, өй-санаа сайдыытын ордук ситиһиэн сөп. Ол курдук ыт ытырарын ылан бырахтахха эрэллээх доҕор буолан тахсара, онтон эһэ куруук саба түспэккэ, бэйэтин арҕаҕын ордук дьаныардаахтык көмүскүүрэ олоххо көрсүһэр сорох кэмҥэ олус туһалаах буолуохтарын сөп.
КУТ - СҮР ҮӨРЭХ САЙДЫЫТА
Саха дьоно былыр-былыргыттан киһи өйүн-санаатын туругун үөрэтиинэн дириҥник дьарыктаммыттар. Кинилэр ордук сиэр-майгы үөрэҕэр улахан болҕомтолорун уурбуттарын кут-сүр үөрэҕэ бигэргэтэр. Бу үөрэх киһи олоҕун, өйүн-санаатын уонна сиэрин-майгытын бары өттүн киэҥник хабар. Кут-сүр үөрэх этиитинэн, киһи ханна да сырыттаҕына, олоҕун ханнык баҕарар кэмигэр туох эмэ сыыһаны-халтыны оҥороору гыммыта барыта: «Айыыны оҥорума» диэн сэрэтэр бобуулаах уонна хайа да өттүгэр аһара ыыппат күрүөлээх буолар. Бэйэтин олоҕор элбэх айыыны оҥорбут киһи сэккэ түбэһэр. (5,13).
Аныгы үөрэх быһаарыытынан сир үрдүгэр туох баар барыта, төгүрүччү өттүттэн тэҥнэһии балаһыанньатыгар турар. Kүн уонна чолбоннор, ол иһигэр Сир эмиэ бэйэ-бэйэлэриттэн тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан Халлаан куйаарыгар усталлар. Айылҕа хас биирдии кыыла, үөнэ уонна үүнээйитэ, бука барылара, бэйэ-бэйэлэриттэн ордук кытаанах тутулуктаахтар. Маннык хас да өрүттээх тутулуктар бары тэҥнэһии балаһыанньатыгар олоҕурбуттар. Ол иһин киһи тугу эмэни оҥорбута хайа эмэ өттүгэр аһара баран хааллаҕына, Айылҕаҕа куһаҕаны оҥорууга тэҥнэһэр. Kут-сүр үөрэҕэ, киһи бэйэтин олоҕор тугу оҥорбута барыта ханнык эрэ кэмнээх-кэрдиистээх буо¬ларын, аһара барбата наадалааҕын мэлдьи өйдөтөр.
Саха дьонун кут-сүр үөрэхтэрин биллэр өйдөбүллэрин хомуйдахпытына маннык быһаарыылары ылабыт. Былыргыттан саха дьоно киһини үс куттаах диэн ааттыыллар. (1,33). Киһи этэ-сиинэ - буор кут диэн ааттанар. Өллөҕүнэ киһи этэ-сиинэ үрэллэн буор буоларын иһин итинник ааттаабыттар. Буор кут сир информациятын илдьэ сылдьар. Саха киһитэ саныырынан киһи куттара Айылҕаны кытта сибээстээхтэр. Ийэ кут киһиэхэ космостан киирэр уонна Айылҕа саамай дириҥ күүстэрин кытта сибээстээх. Салгын кут Айылҕа түргэнник буола турар уларыйыыларын ылар. (1,24).
Былыргы Египет олохтоохторо киһини эмиэ үс куттаах диэн ааҕаллар эбит. Бу куттар Ка, Ба, Ах диэн ааттаналлар. Ба кут өлбөт үйэлээх, киһи өллөҕүнэ чыычаах буолан көтөн хаалар. Ка кут киһи этин-¬сиинин кытта бииргэ сылдьар, ол иһин былыргы Египет олохтоохторо киһи этин-сиинин мумия оҥорон, ас-үөл саппааһынан хааччыйан ба¬раннар пирамидаҕа уураннар уһун үйэлээх оҥороллор. Кыыллар уонна көтөрдөр икки: ийэ уонна буор-куттаах буолар эбиттэр. (6,65-67).
Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ киһи өйө-санаата икки өрүттээх буоларын бигэргэтэр. Ол курдук киһи салгын кута уонна ийэ кута өйү-санааны кытта ситимнээхтэр. Бу икки куттар тус-туспалар уонна бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн-толорсон биэрэллэр. Кут-сүр үөрэҕэ киһи бу сирдээҕи олоҕо кылгаһын өйдөтөр уонна бу олоҕор сайдан-үөрэнэн уларыйыыны, ситиһиини оҥороругар ыҥырар. Дьон сирдээҕи олохторо биир киһи өлбүтүнэн быстан хаалбакка, салгыы сайдан баран иһэллэ¬рин, онтон киһи бэйэтэ кэннигэр хаалар кэнчээрилэригэр үтүөнү, туһалааҕы оҥорон хаалларарыгар кут-сүр үөрэҕэ баҕарар. Бу үөрэх киһи сирдээҕи олоҕун сыалын уонна аналын эрдэттэн, кыра эрдэҕиттэн билэ сылдьарын эрэйэр.
Психолог Рон Хаббард үөрэтиитинэн киһи Айылҕаттан айыллыаҕыттан икки тус-туһунан өйдөөх-санаалаах буолар. Бу икки өй-санаа киһи олоҕун араас балаһыанньаларыттан көрөн бэйэ-бэйэлэрин хардарыта солбуйсан биэрэллэр. Маннык икки тус-туһунан өй-санаа баара киһи олоҕун сиэригэр ордук сөп түбэһэр уонна итилэр бэйэ-¬бэйэлэриттэн маннык уратылардаахтар:
1. Толкуйдуур өй-санаа. Киһиэхэ олус наадалаах үөрэҕи-билиини ылынан, онон салайтарар өй-санаа буолар. Бу өй-санаа оҕо улаа-тан, үөрэнэн истэҕинэ бэйэтин кытта сайдан-үүнэн, тупсан, уларыйан биэрэн иһэр. Ол курдук төрөппүттэр, учууталлар ыйыылара уонна атын дьону кытта бииргэ сылдьыы үөрэхтэрэ киһиэхэ сыыйа-баайа иҥэн, олохсуйан иһэллэр. Оҕо ханнык балаһыанньаҕа хайдах туттарга-хаптарга уонна атын дьону кытта сыһыаннаһарга төрөппүттэрин, учууталларын көрөн, үтүктэн үөрэнэр. Ханнык баҕарар үөрэх киһи мэйиитигэр толкуйдуур өй-санаа саппааһыгар мунньуллан, киһи билиитэ-көрүүтэ сыыйа эбиллэн иһэр. Үөрэҕи баһылаан сайдыыны ситиспит киһи салгыы олоҕор мэлдьи толкуйдуур өйүнэн-санаатынан салайтарар.
2. Быһаччы быһаарар өй-санаа. Бу өйү-санааны наукаҕа инстинкт диэн ааттыыллар. Ити аата, Айылҕа киһини харыстаан, олоҕор буолар араас ыксаллаах түгэннэргэ быһаччы харыстанар хамсаныылары олус түргэнник оҥороругар кыаҕы биэрэр быһыыта буолар. Холобура, соһуччу тарбаҕы итиигэ буһардахха, соҕотохто сулбу тардан ылыы тугу да толкуйдаабакка эрэ оҥоруллар. Kиһи олоҕор, тыыннаах буолуутугар суоһуур араас мүччүргэннээх түгэннэртэн быыһанарыгар анаан киһиэхэ харыстанар өй-санаа Айылҕаттан бэриллэр эбит диэн учуонай быһаарар. (7,57-65)
Ити курдук психолог Рон Хаббард киһи өйүн-санаатын икки аҥы араарар уонна бу икки өйдөр-санаалар тус-туспатык үлэлииллэрин быһаарар. Киһи илэ өйүнэн сылдьар кэмигэр толкуйдуур өйүнэн-санаатынан салаллар, онтон итирэн дуу, хайаан дуу «Өйө көтөн» хааллаҕына, быһаччы быһаарар өйүнэн-¬санаатынан салалларын учуонай арааран бэлиэтиир.
Биһиги киһи икки тус-туһунан өйүнэн-санаанан салайтаран сылдьыытын бэрт боростуой, биллэр уонна судургу холобурдарынан дакаастыыбыт. Ол курдук киһи илэ өйүнэн эбэтэр итирэн, «Өйө көтөн» хаалбытын кэннэ хайдах туттуна сылдьара букатын тус-туспалар, икки аҥылар. Бу кэмнэргэ киһиэхэ тус-туһунан өйдөрө-санаалара үлэлииллэр, ол иһин киһи тус-туспа быһаарыныылары ылынар.
Эбэбит Лөкүө: «Итирик киһини кыйахалаабат, хата дэбдэтэр, хайгыыр баҕайы»,- диэн этэрэ. Kини киһи өйүн-санаатын олус дириҥник билэр буолан итирик киһини аһатан эбэтэр санаатын көтөҕөн, быһыытын тупсаран, көннөрөн биэрэри сатабыллаахтык туһанара. Ити барыта киһи «Өйө көтөн», итирэн сылдьар кэмигэр бэйэтин этигэр-сиинигэр туһалаах, онно быһаччы дьайар өйүнэн-санаатынан салаллан сылдьарын быһаарар.
Былыргы дьон таҥаралара киһи уонна сүөһү икки ардыларынан көрүҥнээх, төбөтө, сирэйэ киһи курдук, онтон илиилэрэ, атахтара сүөһүгэ маарынныыр буолуулара, дьон өйү - санааны, итэҕэли ылыныылара сыыйа кэлэн испитин көрдөрөр. (8,296). Ол курдук таҥара киһи курдук төбөлөөх уонна бэйэтэ сүөһү курдук буолуута, киһи өйүн сайдыыта сүөһүттэн саҕаланан барбытын бэлиэтиир көстүү буолар.
Cахалар киһи уонна сүөһү диэн тыллары сороҕор бииргэ холбоон киһи-сүөһү диэн бэлиэтээн тутталлар. Кинилэр былыр-былыргыттан киһи майгына, өйө-санаата икки өрүттээҕин билэр буоланнар, оҕолорун үөрэтиигэ киһи майгынын ити уратыларын анаан-минээн, бэлиэтээн туһанар эбиттэр. Саха суруйааччылара, Николай Якутскай, Дмитрий Таас, Далан киһи майгына икки өрүттээҕин таба туһананнар бэйэлэрин үлэлэрэ дьоҥҥо ордук тиийимтиэлэр. Кинилэр ити үлэлэригэр киһи элбэхтик үлэлээтэҕинэ, үөрэннэҕинэ эрэ киһилии майгылаах киһи буола улаатарын арааран бэлиэтииллэр.
Былыргы сахаларга Айыыһыт таҥара саҥа төрүөхтээх оҕоҕо анаан Үрүҥ Аар тойонтон ийэ кут көрдөһөн ылан эр киһи дьулайынан иҥэрэр эбит. (9,49). Ити быһаарыы кыра оҕо төрүүрүгэр ийэ куттаах эрэ буоларын чуолкайдаан биэрэр. Салгын кут киһи улаатан үөрэҕи-билиини баһылаан ис¬тэҕинэ сайдан барарын былыргы сахалар арааран билэллэрин бэлиэтиир.
Л.А.Афанасьев «Айыы үөрэҕэ» диэн үлэтигэр салгын кут үөрэниини иҥэринэр дьоҕурдааҕын арааран бэлиэтиир. (10,128). Салгын куту санаа хоту салайа үөрэниэххэ син. Идэни баһылыырга иитии - билиини-көрүүнү кэҥэтии, ол аата салгын куту сайыннарыы, санаа күүһүн уһаарыы диэн И.Г.Баишев бэйэтин үлэтигэр эмиэ быһаарар. (11,69).
Саха дьоно киһи өйүн-санаатын аҥар өттүн быһаарарга «киһи» диэн тылы бэйэтин тутталлар. Кинилэр этэллэринэн киһи аҥар өттө - дьиҥнээх киһи бэйэтэ буолар. Маны быһаарыыга «киһилии оҥор», «киһилии быһыылан», «киһи курдук буол» диэн этиилэр туттуллаллар. Онтон ити этиилэр барылара киһи майгынын, өйүн-санаатын быһаарар этиилэр. Ити аата киһи аҥар өттө - киһилии өй-санаа өттө. Киһилии өйү-санааны урук¬ку олох уоппуттара уонна аныгы үөрэх холбоһоннор үөскэтэн таһаа¬раллар. Бу киһилии өй-санаа киһи саҥалыы өйүн-санаатын быһаарар. Ону тэҥэ, «улахан киһи курдук буол» диэн этии өй-санаа оҕо төһө үөрэҕи ылынан истэҕин аайы өйө-санаата эбиллэн иһиитин эмиэ бэлиэтиир. «Киһилии быһыылаах» диэн этии киһи күннээҕи олоҕор, аныгы үөрэх этиитинэн уонна атын, «киһилии быһыылаах» дьону үтүктэн, киһилии өйүнэн-санаанан салайтаран олорорун чуолкайдыыр.
Киһи олоҕо дьон-сэргэ ортотугар үөскээбит үчүгэй уонна куһаҕан майгылар икки ардыларынан баран иһэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ханнык майгыны тутуһан өйө-санаата сайдан барыытын төрөппүттэрэ иҥэрэл¬лэр. Кинилэр тугу үчүгэй эбэтэр тугу куһаҕан диэн этэллэрэ оҕолорун өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалан иһэр. Төрөппүттэр оҕо бэйэтэ ону-маны оҥорор буолан эрдэҕиттэн саҕалаан өйүн-санаатын оҥкулун оҥорон олохсуталлар.
Сахалар оҕону үөрэтиигэ куруук туттар ньымаларынан үчүгэй, киһилии дьон холобурдарын туһаныы буолар. Манна төрөппүттэр хардары-таары бэйэ-бэйэлэрин үчүгэй холобурдарын туһаналлара оҕолоругар ордук тиийимтиэ. Ол курдук ийэ холобур туттар киһитэ оҕолор аҕалара буоллаҕына уонна оҕолорун кинини үтүктэргэ ыҥыран үөрэттэҕинэ, бу ыаллар оҕолорун иитэллэригэр уустук боппу¬руостар букатын даҕаны үөскээмиэхтэрин сөп.
«Оҕом үчүгэй киһи буол»,- диэн үөрэтии сүрүн төрүтүнэн үчүгэй киһи хайдах буолуохтааҕын билии, кини тугу оҥорорун, хайдах тутта-хапта сылдьарын үтүктүү буолар. Маннык үөрэтиигэ үчүгэй киһи бэйэтин холобура үтүктэргэ хайаан даҕаны баара ордук. «Куһаҕан киһи курдук буолума»,- диэн хааччахтаан үөрэтэргэ куһаҕан киһи үчүгэй киһиттэн туох уратылардаах буоларын арааран үөрэтии уонна оннук быһыылары оҥорбот буолуу көрдөнүллэр.
Оҕону «киһилии быһыылаах» буола улаатан иһэрин ситиһэргэ үчүгэй киһи куһаҕан киһиттэн туох уратылаах буоларын чуолкайдык арааран биэрии оҥоруллан иһиэхтээх. Оҕо төһөнөн кыра даҕаны үчүгэй киһи уонна куһаҕан киһи арахсыылара биллэр бэлиэлэрдээх, букатын чуолкай буолуохтаах. Ол курдук «куһаҕан оҕо» ийэтэ этэрин истибэт, онтон «үчүгэй оҕо» ийэтэ этэрин барытын истэр, кини эппитин курдук оҥорор буолар эбэтэр «куһаҕан оҕо» бүтүннүү буорга буккуллар буоллаҕына, «үчүгэй оҕо» төбөтүнэн буорга түһүө суохтаах.
Онон, киһилии өй-санаа диэн, дьоҥҥо кэлин үөскээбит уонна күннэтэ түргэнник сайдан-үүнэн иһэр, омук-омукка, бэйэ-бэйэҕэ хайдах сыһыаннаһыыларыттан уларыйан биэрэр, үөрэх, билии, сайдыы барыта холбоммут киэҥ өйдөбүлэ буолар. Киһи бу өйүнэн-санаанан салайтаран сылдьыыта, «киһи буолуу», «киһилии сылдьыы», «киһилии киһи», «киһилии быһыылаах» диэн сахалыы туспа бэлиэтээн ааттанар.
И.С.Портнягин «Кто он, человек солнечного улуса айыы» диэн үлэтигэр «киһилии киһи» өйүн-санаатын толору арыйар. Кини сахалар киһилии киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарыыга, оҕо кыра эрдэҕиттэн бары кыахтарын барытын ууралларын бэлиэтиир. Кини ити үлэтигэр киһи өйө-санаата эмиэ икки аҥы утарыта турар өрүттэрдээҕин ыйар. (12,9-10).
Сахаларга киһи буолуу кэнниттэн, ол үөһээ өттүнэн «Айыы буолбут» диэн өйдөбүл баар. (8,246). Киһи бэйэтин олоҕор киһи буолууну ситиһэн баран салгыы сайдан, өйүн-санаатын сайдыытын өссө үрдүк кэрдиискэ таһаардаҕына, бар дьонугар биллэр үтүөлэри оҥордоҕуна, Айыы буолуон сөп. Ол аата, сахаларга, киһи өйүн-санаатын сайдыытын саамай үрдүкү чыпчаалын ситиһиитэ Айыы буолуу диэн ааттанар. Ол эрээри айыы буолбут өй-санаа аны уларыйбат турукка киирэр буоллаҕына, киһи өллөҕүнэ биирдэ эрэ тиийэн кэлэр. Ити туһунан салгыы атын үлэлэрбитигэр быһаарыахпыт.
Сахалар киһилии киһи диэн өйдөбүллэрэ барыта холбоһоннор туспа өйү-санааны үөскэтэллэр. Киһилии киһи өйө-санаата диэҥҥэ, киһи улаатан иһэн мунньуммут өйдөбүллэрэ, үөрэммит үөрэҕэ, тутта-хапта сылдьыыта, атын дьону кытта сыһыана, үлэтэ-хамнаһа барыта киирэр. Киһи дьон ортотугар сылдьар, үөрэнэр-үлэлиир буолан өйө-санаата сайдан эбиллэн иһэр. Бу өй-санаа саҥа үөрэҕи түргэнник ылынымтыа буолан, киһи күннээҕи олоҕор баһыйар оруолу ылар. Ол иһин киһи мэлдьи бу өйүнэн-санаатынан салаллан сылдьар. Киһилии киһи өйүн-санаатын маннык өйдөбүлэ салгын кут буолар уонна психолог Рон Хаббард үөрэҕэр быһааран таһаарбыт тол¬куйдуур өйүгэр-санаатыгар чахчы сөп түбэһэр.
Сахалар киһи утары өттүн, иккис өйүн-санаатын чуолкайдык арааран сүөһү диэн бэлиэтээн этэллэр. Сүөһү диэн улахан кээмэйдээх, тыынар-тыыннаах эрээри бэйэтэ өйө-санаата суох харамайы барытын ааттыыллар. Бу быһаарыыга сорох кэмҥэ биир эмэ киһи эмиэ киирсэн ылар, ол аата сороҕор өйө-санаата тиийбэтэҕинэ эбэтэр төрүт суох буоллаҕына, дьиҥнээх «сүөһүгэ» кубулуйар. Онтон киһи бэйэтин көнө сүнньүнэн «сүөһүгэ» кубулутуута итирэн өйө көттөҕүнэ буолар. Киһи итирэн өйө көппүт кэмигэр өй-санаа икки аҥы араастаныытын көстүүлэрэ ордук чуолкайданан биллэллэр. Маны кытта сөбүлэстэхпитинэ, өйө суох киһи - сүөһү буолан тахсара быһаарыллар. Сахалар сүрэҕэ суох киһини «сүөһү курдук сытыма» диэн туруоран тугу эмэ оҥотторо сатыыллар. Итини тэҥэ киһи бэйэтэ ханнык эмэ быһыыга сыыһа тутуннаҕына «сүөһү курдук буолума» диэн, бэрээдэгин көннөрүнэрин наадатыгар этэллэр. Онон киһиэхэ сүөһүгэ тэҥнэнии диэн саамай куһаҕан бэрээдэктэниигэ, дьону кытта сатаан тапсыбат буолууга туттуллар этии буолар.
Куһаҕан киһи майгынын быһаарыыга саха дьоно киэҥ көҕүстээхтэрин, холку, кэтэһэр майгылаахтарын көрдөрөллөр. Сөбүлээбэтэх киһилэрин майгынын быһаараары гыннахтарына «киһилии майгына суох» эбэтэр олус сирдэхтэринэ «киһи буолбатах» киһи диэн ханарытан этэ сатыыллар. Киһини маннык харыстааһын ханнык баҕарар сыыһа туттуу көнөр кыахтааҕынан уонна киһи үөрэнэр дьоҕура хаһан баҕарар баары¬нан быһаарыллар. Ол аата киһи тыыннаах буоллаҕына өйө-санаата уларыйар кыахтаах.
Ити курдук киһи өйүн аҥар өттө улахан кээмэйдээх тыыннаах харамай өйө буолар. Киһи бу өйө, Айылҕаттан бэриллибит өйө-санаата, сайдыыны-үөрэҕи олус бытааннык ылынар уонна төрөппүттэриттэн оҕолоругар үгэс буолан бэриллэн иһэр. Бу өй-санаа, төрүт өй-санаа буолан, кини быһаччы дьаһайар салааларыгар, киһи көннөрү тыыннаах буолуу иһин олоҕун олоруута, бэйэтин харыстаныыта уонна бал-бааччы, быстахтык быһаарыныыта, дьону кытта тапсыбат буолуута - барыта киирсэр эбиттэр. Ити курдук бу өй-санаа киһи сүөһүлүү өйүн-санаатын өттө буолара быһаарыллар уонна сахалыы быстах санаалар диэн туспа арааран ааттаналлар. Быстах санаалаах киһи араас баҕа санаалара быстах баҕа санаалар буолаллар уонна бэйэтин этигэр-сиинигэр эрэ үчүгэй буоларыгар урутаан баҕараллар. Киһи сүөһүтэ эмиэ бэйэтэ өйдөөх-санаалаах. Бу өйү-санааны сахалар сороҕор буор уонна ийэ кут диэн холбуу ааттыыллара аһара оруннаах. Ханнык баҕарар харамайга бэйэтин харыстанар өй-санаа айылҕаттан бэриллэр. Буор уонна ийэ куттар киһини көрөр-харайар уонна харыс¬тыыр аналлара ордук чуолкайдык быһаарыллар. Ол курдук илиитин итиигэ таарыйбыт киһи, соҕотохто толкуйдаабакка эрэ сулбу тардан ыла охсор. Сороҕор куттаммыт дьон үрдүк тиит төбөтүгэр хайдах ыттан тахса охсон хаалбыттарын өйдөөбөккө да хаалаллар, итини тэҥэ сорохтор кэтит уонна дириҥ аппаны үрдүнэн ойбут түбэлтэлэрэ эмиэ бааллар. Буор уонна ийэ кут диэн киһиэхэ Айылҕа бэйэтэ биэрбит харыстанарга, бэйэтигэр үчүгэйи оҥорорго аналлаах күүс-уох уонна өй-санаа буолаллар.
Айылҕа айбытын быһыытынан киһи биир сирдээҕи тыынар-тыыннаах харамай. Бу харамай бэйэтин дьиҥнээх өйө-санаата, төрөппүттэриттэн бэриллибит төрүтэ бииргэ холбононнор буор уонна ийэ кут диэни үөскэтэллэр. (2,48). Буор кут мэлдьи ийэ куту кытта бииргэ сылдьара быһаарыллар. Ол эрээри биир эмэ түбэлтэлэргэ ийэ кут буор куттан арахсан хаалара биллэр. Улаханнык куттаммыт киһи «кута ыс¬танан» тахсан баран хаалар уонна абааһылар киһи ийэ кутун уоран ылан эрэйдээтэхтэринэ киһи бэйэтэ ыалдьар дииллэр. (13,8). Бэйэтигэр тиийинэн өлбүт киһи ийэ кута буор кутуттан арахсан хаалан баран, кыайан төннүбэтэ биллэр. Утуйа сытар киһини эбэтэр улахан кыылы өлөрдөххө, кини кута көтөн, эмиэ туспа баран хаалара бэлиэ¬тэнэр. Ийэ кут маннык быһыыга түбэстэҕинэ, кини урут тыыннаах эр-дэҕинэ сылдьыбыт сирдэринэн, олорбут өтөхтөрүнэн көҥүл сылдьарыгар тиийэр. Буор уонна ийэ кут өйдөрө-санаалара Рон Хаббард быһаччы быһаарар өйү-санааны быһаарыытыгар эмиэ сөп түбэһэллэр. Ол курдук бу өйдөр-санаалар аан бастаан киһи бэйэтин этин-сиинин харыстыыллар.
Киһи ити икки өйүттэн-санаатыттан хайалара баһыйар өрүт буолара кини кыра эрдэҕиттэн ханнык үөрэҕи ылыммытыттан тутулуктаах. Ол аата, киһиэхэ хайа өйө-санаата баһыйар, бастаан иһэр буолуута, төрөппүттэрэ аан бастаан хайдах үөрэппиттэриттэн тутулуктааҕа быһаарыллар. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕиттэн тоҥору-хатары тулуйар, минньигэһи төһөнү сиирин билэр, кыраны - кыамматы аһынар буола үөрэннэҕинэ эрэ, киһилии өйө-санаата баһыйар, баһылыыр буолан барыахтаах. Саха дьоно былыргыттан атаах оҕо өйө-санаата түктэри буолар диэн этэллэр. Урукку кэмнэргэ итинник этиилэри баай дьон¬нор оҕолоругар эрэ сыһыаннаах өс хоһооннорун курдук өйдөтөллөрө. «Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун» диэн өс хоһооно чахчы кырдьык буолара биллэн иһэр. Былыргы баайдар оҕолоругар сөп түбэһэр майгылаах эдэр дьон билигин да баар буолан иһэллэр.
Оҕо улаатан иһэн бэйэтин быстах баҕа санааларын кыайан баһыйа тутан салайбат буоллаҕына, киниэхэ сүөһүтүн өйө-санаата баһыйар буолан хаалбыт буолуохтаах. Ол аата, кини тоҥорун-хатарын да тулуйбат, ордук тугу эмэ минньигэһи сиэри эбэтэр иһээри гыннаҕына, букатын кыатаммат, туттуммат хайаан даҕаны сиэтэҕинэ эбэтэр истэҕинэ эрэ табыллар уонна мин эрэ билбитим, миэхэ эрэ наада диэн санаалаах буоллаҕына, сүөһүтүн өйө-санаата сити көрүҥнэргэ баһылаан иһэр буолар.
Итинник быһаардахпытына, тулуурдаах буолууга үөрэммэтэх киһи бэйэтин быстах баҕа санааларын, ол аата сүөһүлүү өйүн-санаатын кыайан кыана туттубат киһи буола үөрэнэр. Тулуура суох буола үөрэммит дьонтон үгүстэрэ арыгыга ыллараллар. Кинилэр: «Иһиэхпин баҕардым»,- диэн быстах, сүөһүлүү баҕа санааларын кыайан кыана туттубаккалар арыгыны иһэ сылдьалларын бырахпаттар. Андрей Иванович Кривошапкин «Солнце и небо - мир светлых творцов» диэн үлэтигэр сахалар кут-сүр диэн үөрэхтэрэ аныгы учуонайдар научнай үлэлэринэн дакаастанан эрэллэрин бэлиэтиир. Рон Хаббард «Дианетика» диэн үөрэҕэ сахалар кут-сүр үөрэхтэрин кытта ураты сөп түбэһиитэ, сахалар үөрэхтэрэ олус табатын бэлиэтиир. Итини тэҥэ сахалар ойууннарын үөрэхтэрэ психологтар З.Фрейд уонна Карл Юнг «коллективное бессознательное» диэн теорияларыгар эмиэ сөп түбэһэр. (4,6). Ол курдук ойуун кыыран Үөһээ дойдуга тахсан айыылартан көрдөһөн инники туох буолуохтааҕын билэрэ, учуонайдар «коллективное бессознательное» диэн билии-көрүү барыта мунньустубут миэстэтэ баарын уонна дьоннор онно киирэн билиини-көрүүнү ылалларын туоһулуур.
Ити курдук киһи өйө-санаата икки өрүттээҕэ быһаарыллан тахсар. Итилэртэн бастакы өрүтэ - буор уонна ийэ кут, онтон иккис өрүтэ - салгын кут диэн сахалыы ааттаналлар. Бу икки куттар киһи олоҕор сыһыаннара эмиэ тус-туспалар. Ол курдук киһи олоҕун олоруута икки суол араастаах: бастакыта, буор уонна ийэ кутун санаалара - бэйэ быстах баҕа санааларын толорор иһин олоруута, онтон иккиһэ, салгын кут баҕа санаата үлэлээн-хамсаан туох эмэ туһалааҕы оҥоруу, үөрэнэн-сайдан өйү-санааны сайыннарыы, тулуурдаах буолууга эти-хааны эрчийэн олох ыарахаттарын эрэллээхтик тулуйуу буолаллар. Бу икки куттар баҕа санаалара сөп түбэспэттэрэ, киһи сирдээҕи олоҕо хаһан баҕарар аһара уустугун уонна олоҕу киһилии олорорго киһи бэйэтэ бары кыаҕын ууран кыһаннаҕына эрэ табылларын бэлиэтиир.
СҮР
Сахалар кут-сүр үөрэхтэригэр киһи үс кута сүр диэн Айылҕа биэр¬бит күүһүнэн холбуу баайылла сылдьаллар диэн этиллэр. Онон, бу сүр диэн күүс киһи өйө-санаата арахсан, куттара тус-туспа баран ыһыл¬лан хаалбакка, бииргэ сылдьан, чөллөөх буолууларын хааччыйара быһаарыллар. (2,48). Ол аата, киһиттэн сүр барыыта, сүрэ көтүүтэ, сүрэ тостуута киһини букатыннаахтык өлөрбөт, киниттэн куттара арахсан барыыларын көрдөрүүтэ буолар. Сүр суох буолуута, киһи салгын кута туспа баран, өйө-санаата көтөн, көннөрү тыыннаах харамайга - сүөһүгэ кубулуйуутун көрдөрөр.
Сүр киһиттэн көтөн барыытын холобурун сахалар «Түөһэйбит» диэн моорук буола кырдьыбыт киһини этиилэриттэн көрүөххэ сөп. Аһара кырдьыбыт киһини «Оҕотугар түспүт» диэн эмиэ этэллэр. Түөһэйбит киһи толкуйдуур өйө-санаата мөлтөөн кыра оҕо курдук буолар. Ити этии оруннааҕын кырдьаҕастары көрбүт дьон бигэргэтэллэр. Ол аата, түөһэйбит киһиттэн сүрэ көтүүтэ, салгын кута баран хаалан кыра оҕотун, ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар төттөрү түһүүтүгэр ти¬риэрдэрин көрдөрөр.
О.А.Парфенова «Конь и харизма Тыгына в преданиях якутов» диэн үлэтигэр сахалар «Сүр» диэн этиилэрин ырытар. Кини быһаарарынан. сүр диэн киһи сүнньүгэр, сүрүн үөһүгэр баар. Кини маннык этиитэ сахалар «сүрэ тостубут» диэн этиилэригэр олус сөп түбэһэр. Ол курдук «сүрэ тостубут» диэн санаата түспүт, тугу даҕаны көмөтө суох кыайбат буолбут, мөлтөөбүт киһини этэллэр. Өссө маны сахалар «сүнньэ тостубут» диэн этиилэрэ бигэргэтэр. Бу этиигэ сүр эмиэ сүрүн курдук тосторо чуолкайдык бэлиэтэнэр. Ол курдук «сүр тостуута» «сүрүн тостуутугар» тэҥнэнэр уонна киһи олох бүппүтүн, сүөһүтүгэр түспүтүн көрдөрөр. (12,28).
«Сүрдээх» киһи диэн сахалар бэйэтин кыана туттар, кыраҕа уолуһуйбат, ымыттыбат кыахтаах киһини ааттыыллар. Сүр киһиэхэ баар буоллаҕына, киһи бэйэтин олоҕор санаата бөҕө буолан, тугу эмэ сайдыыны-үөрэҕи ситиһэрэ бэлиэтэнэр. Онон сүр киһини тута сылдьар сүрүн күүс буо¬лара чуолкайдык биллэн тахсар.
Сүр туспа күүс буоларын бэлиэтиир этиинэн «сүрүн баттатар» диэн баар. Сүр диэн күүс хас киһи аайы тус-туһунан күүстээх эбэтэр аҕыйах буоларын бэлиэтиир. Манна элбэх күүстээх сүрдээх киһи атын киһини сабырыйарын, кинини баһыйарын көрдөрөр. Сүр туспа күүс буолан киһи тутта-хапта сылдьарыгар, майгытыгар-сигилитигэр көстөр. Былыргы кэпсээннэргэ күүстээх ойуун баар дьону барыларын сүрдэрин баттыыра бэлиэтэнэр. Эдэр киһини кырдьаҕас киһи сүрэ баттыыра эмиэ биллэр. «Сүрүн баттатар» киһи диэн чаҕыйар, саллар уонна аны кыайыы диэки дьулуура мөлтөөбүт киһини ааттыыллар.
Сүр уонна сүргэ диэн тыллар биир суолтаҕа туттуллалларын бэлиэ¬тиир «сүргэтэ көтөҕүллүбүт» диэн быһаарыы баар. Ити этии киһи быстах кэмҥэ да буоллар, кыайыыны, хотууну оҥорорго бэлэм буолбутун, күүһэ-кыаҕа элбээбитин бэлиэтиир. Итинник сүргэ көтөҕүллүүтүн кэнниттэн киһи бэйэтин олоҕор быстах кэмнээх да буоллар араас уларыйыылары-тэлэрийиилэри, үчүгэйи кил¬лэриэн сөп. Ол аата сүргэ диэн киһи быстах кэмҥэ санаата көтөҕүллүүтүн, күүһэ кииритин бэлиэтиир этии буолар.
Былыргы саха сүр туһунан өйдөбүлэ былыргы Китай Ци, Индия Йог, Прана үөрэхтэригэр маарынныыр. Азия дьонугар киһи тыыннаах буолар, сайдар күүһүн ситимин өйдөбүллэрэ барыларыгар биирдэр. Индияҕа киһи тыыннаах буолар күүһүн Прана дииллэр. Киһиэхэ Праналар 7 кииннэрэ баар дэнэр. Кинилэри сибээстиир, холбуур сүрүннүүр суолунан киһи сиһин сүнньэ эбит. Онтон барар суоллар 7 Праналар кииннэрин холбууллар. Барыларын киһи мэйиитэ салайар. (14,51).
Сахалар ойууннара киһи араас ыарыыларын, кини кутун уонна сүрүн көннөрөн, алдьаммыт буоллахтарына Үөһээҥҥи айыылартан көрдөһөн, көмөлөһүннэрэн эмтииллэр. Сахалар итэҕэллэринэн сүрү киһиэхэ Улуутуйар Улуу Тойон биэрэр. Киһи өллөҕүнэ, сүрүн Улуу Тойон төттөрү ылар дииллэр. Э.К.Пекарскай быһаарыытынан сүр диэн киһи олоххо, ситиһиигэ дьулуура, өйүн-санаатын күүһэ-уоҕа буолар. (15,стб.2402). Биһиги ити быһаарыылары сайыннаран биэрдэхпитинэ тулуурдаах буолууга үөрэммит киһи «Сүрдээх киһи» диэн ааттанар. Н.З.Копырин «Үйэлэр кирбиилэригэр үөскүүр санаалар» диэн үлэтигэр чинчийээччи С.Н.Лазарев «Диагностика кармы» диэн үлэтин ырытар. Бу улахан үлэтигэр С.Н.Лазарев киһи дууһатын туругун ырытан, хас биирдии тыынар-тыыннаахха биополе диэн баарын быһаарбыт. Ити биополе алдьаммыт эбэтэр аҕыйаабыт буоллаҕына киһи араас ыарыылар¬га ылларара үксүүр эбит. Киһи доруобуйата, характера, өйө-санаата, дьылҕата барылара биир кэлим буолалларын уонна олор барылара кини «био-хонуутугар» дьиктитик сааһылана сылдьалларын билбит. (16,6). Ойууннар быһаарыыларын уонна наука этиитин холбоотохпутуна сахалыы сүр диэн биополе буолара чуолкайданыах курдук.
Арҕааҥҥы сайдыылаах омуктар таҥараларын үөрэҕиттэн сахалар кут-сүр үөрэхтэрин уратыта ити салгын кут уонна сүр диэн Айылҕаттан бэриллэр күүстэр киһиэхэ баалларын көрдөрөрүнэн уратыланар. Кэнники үөрэхтээхтэр быһааран иһиилэринэн салгын кут диэн баара дакаастанан эрэр. Онтон сүр диэн күүс баарын сахалар бэйэлэрэ даҕаны былыргыттан билэн сылдьаллар. Бу сүр диэн күүһү үөрэтэн, баһылаан уонна бэйэҕэ сайыннаран туттуу саха дьонугар элбэх кыайыыны ситиһэллэригэр, олохторун, доруобуйаларын тупсаралларыгар улаханнык көмөлөһүөн сөп.
Саха дьоно сүр диэн киһиэхэ туспа күүс баарын арааран билэллэр. «Сүрдээх киһи» диэн этии чахчы кыахтаах, күүстээх киһини бэлиэтиир этии буолар. «Сүрэ тостубут, сүрэ көппүт» диэн олоххо тардыһар күүһэ суох буолбут, санаата түспүт киһини этэллэр. Бу күүс хантан кэлэрэ билигин да чуолкайдык биллэ илик эрээри, биһиги тулуурдаах буоларга эрчиллииттэн сүр сайдан иһэр диэн быһаарабыт.
Былыргы сахалар сүрү таҥара ийэ куту кытта бииргэ биэрэр дииллэр эбит. Былыргы кэмҥэ оҕо бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ көрөн-истэн, үтүктэн үөрэнэр үөрэҕин барытын хантан эрэ халлаантан таҥара биэрэрин курдук саныыллар этэ. Дьон үксэ билигин даҕаны итинник санааттан кыайан босхолоно иликтэр. Ол иһин киһи ийэ кутун уонна сүрүн Үөһээҥҥи Айыылар биэрэллэр диэн санааччылар билигин да бааллар. Сорох дьон били¬гин даҕаны «Таҥара халлааҥҥа баар»,- диэн санааттан босхолоно иликтэр. Оҕо өйө-санаата хантан кэлэн сайдан иһэрин ситэ билбэт буоламмыт ити кур¬дук өйдөбүллэргэ киирэн хаалабыт.
Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ бу былыргы быһаарыыларга уларытыылары киллэрэргэ былаанныыр. Ол курдук бу уларыйыылар оҕо төрүүрүгэр мэйиитигэр аҕыйах буор кут өйө-санаата баар, онтон атын өйө-санаата кураанах буолар диэн этиигэ олоҕураллар уонна туох баар билиитин-көрүүтүн барытын оҕо бэйэтэ үтүктэн уонна үөрэнэн баһылыыр диэн быһаарыыттан тирэх ылаллар.
Ол аата, оҕо ийэ кута диэн өйө-санаата ийэтин көмөтүнэн олох кыра эрдэҕиттэн, ийэтин көрөн билэр буолуоҕуттан ыла сайдан барар өйө-санаата буолар. Онтон сүр диэн оҕо тулуурдаах буолуута, бэйэ¬тин баҕа санаатын ситиһэр күүһэ ыарахаттары, ыарыылары тулуйар буолуутуттан ыла сайдан-үөскээн тахсар күүһэ буолар.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн илиитинэн тутуһан тардыһа сатыыр. Оонньууру тутан ыллаҕына олус үөрэр. Тугу эмэни таба тутан ылар буолууга өр кэмҥэ үөрэнэр. Аан маҥнай таба туппакка, сыыһа-халты тута сылдьа¬рыттан бэйэтэ да санааргыыр, кыйаханар. Эрчиллэн-эрчиллэн, хамсатан-хамсатан илиитин тарбахтарын үчүгэйдик салайа үөрэтэр.
Оҕо сайдан иһэр күүһэ олус улахан. Сатаан олорору баһылаат даҕаны сотору сыыллан барбытынан барар. Бу кэмтэн ыла атахтарын ана¬ан-минээн эрчийэрин саҕалыыр. Хаамыан лаппа инниттэн сылайыар диэри чохчоохойдуу оонньуур. Атаҕа күүһүрэн иһэрин тэҥэ санаата эмиэ күүһүрэр. Тутуһан турар сириттэн бэйэтэ, ким да көмөтө суох илии¬тин ыытынан баран, тутуспакка эрэ тура сатыырга үөрэнэр. Оҕо бу үөрэниитэ, бэйэтин этин-сиинин эрчийиитэ төрөппүттэрин үтүктэн ту¬ран хаама сылдьар сыаллаах оҥоруллар. Оҕо биир сааһын ааһыыта атаҕар туран хаама сылдьар буолар. Хааман бардар эрэ сылдьар сирэ кэҥээн барыны-бары билиэн-көрүөн, тутан ылыан баҕата эбиллэр. Бу кэмҥэ көмөлөһөн биэрэн истэххэ ону-маны билэрэ олус түргэнник кэҥиир, тулуурдаах буолара улаатар. Хааман иһэн охтубут оҕону турарыгар көмөлөһөн, ыарыытын имэрийэн, буорайда диэн атаахтаппакка үөрэттэххэ ыарыыны тулуйар буолуута күүһүрэн иһэр.
Атаҕар туран хаамар буолуута оҕоҕо олус улахан кыайыыга тэҥнэ¬нэр быһыы буолар. Улахан дьоҥҥо, төрөппүттэригэр дьэ маарынныыр буолар. Санаата күүһүрэр, ханна баҕарар хааман тиийэ сатыырга дьулуһар. Сүр - кыра оҕо атаҕар туран хаамар буолуутуттан, сиһэ көнүүтүттэн үөскээн, күүһүрэн тахсар күүс. Оҕо төрөппүттэрин үтүктэр санаатын күүһэ. Кини санаатын күүһэ көнөтүк туттан хаамар буолуутун үөскэтэр.
Оҕо төрөппүттэрин көрөн үтүктэр күүһэ улахан буолан хаама үөрэнэр. Оҕолор бары кэриэтэ биир саастарын ааһыыларыгар хаама үөрэнэллэр. Оҕолор кыра эрдэхтэринэ, ийэ куттара салайар кэмигэр, үтүктэр күүстэрэ ордук улахан кэмигэр, хаамары кыайаллар. Сатаан көнөтүк туттан хаамар буолуулара санааларын күүһүрдэр. Киһи буолуу санаата оҕо өйүгэр-санаатыгар көнөтүк туттан хаамар буолуоҕуттан ыла киирэр.
Хаамар кэмнэрин аһаран, хойутаан хааллахтарына туран хаама үөрэнэллэрэ олус уустук буолар. Куттана сылдьар буолан хааллахта¬рына салгын куттара сайдан, бэйэлэрин толкуйдуур өйдөрө киириэр диэри кыайан хаампакка сылдьаллара биллэр. Киһи салгын кута көттөҕүнэ, сүрэ эмиэ көтөр, көҕүрүүр. Итирбит киһи бэйэ¬тин киһилии туттунар күүһэ, сүрэ суох буолан букатын сүөһүтүгэр түһэр. Сүр – киһи куттарын холбуу тута сылдьар сүрүн күүс.
Кыыл буолан ылан үөрэппит оҕолоро кыайан киһилии хаама үөрэм¬мэттэр, ииппит кыылларын үтүктэн үөрэммит буоланнар ат буола сылдьаллар. Оҕо атаҕар туран хаамар буолуута сиһин тоноҕоһун көннөрөн сүрэ көнөрүгэр тириэрдэр. «Көнө сүрүннээх» диэн сахалар эрэллэр. «Кыыллыы кэмэлдьилээх» киһи көнө сүрүнэ суох, албын-көлдьүн буолар.
«Киһи буолабын»,- диэн санаа киһиэхэ сүрү биэрэр. Ол аата, оҕо төрөппүттэрин көрөн үтүктэр күүһэ ордук элбэх буоларын бэлиэтиир быһыы буолар. Дьоно көнөтүк хаама сылдьалларын көрөн оҕо көнөтүк, киһилии хаама үөрэнэр. Олус хойутаан хаампакка хаалбыт оҕо төһө да бэйэтин өйө киирбитин иһин, аны куттанан хаампат түбэлтэлэрэ бааллар. Бу быһыы үөрэҕи ылыныы кэмэ ааһан хааллаҕына олус ыараханнык көнөрүн көрдөрөр холобур буолар.
Сүрү Айылҕа эмиэ биэрэр. Биһиги биэрэр диэн тылы ханнык эрэ бэлэми таах ылар курдук өйдүү үөрэммиппит. Тымныыны тулуйар буолуу ыараханы тулуйар буолууга тэҥнэнэр. Сүрү оҕоҕо аан маҥнай тымныы¬ны эбэтэр итиини, үөннэр сииллэрин тулуйар буолуу үөскэтэр. Тымныы дьайыытыттан кыһын төрөөбүт оҕолор сүрдэрэ элбэх буолар. Киһи буолан ыарахаттары тулуйар буолууттан сүр үөскээһинэ саҕаланар. Тымныыны, ыарахаттары тулуйар буолуу сүр элбэх буолуутун эрэйэр. Ол аата, сүр диэн тугуй? Тулуурдаах буолуу - сүрдээх буолуу. Тулуурдаах буолуу сүрү үөскэтэр, элбэтэр, күүһүрдэр. Онтон тулуурдаах буолуу өһөс санааттан ордук күүһүрэр. Айылҕа хааны сиир үөннэрэ киһини уонна кыыллары эрэйдииргэ эрэ анаан айыллыбыт буолбатахтар. Бу үөннэр киһиэхэ ыарыыны оҥорор буоланнар сүрүн сайыннарар аналлаахтар. Ыарыылары тулуйар буолууну элбэх сүрдээх киһи холкутук тулуйар.
Тулуурдаах, дьулуурдаах буолууттан сайдан иһэр күүс аата - сүр. Тымныыны, итиини, үөннэр сииллэрин тулуйар буолууттан үөскээн, сайдан улаатан тахсар күүс - сүр диэн сахалыы ааттанара итинник быһаарыллар. Оҕо улаатан истэҕинэ сүрэ үөскээн, сайдан, эбиллэн иһэр.
Улахан киһи буолбутун кэнниттэн сүр баар буолан сүрдээх киһи диэн ааттанар. Сорохтор сүр хантан үөскээн кэлэрин ситэ билбэт буолууларыттан сүрү киһиэхэ биэрэллэр диэн өйдүү үөрэммиттэр. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ сүрү оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтэ сайыннаран, дьарыктаан күүһүрдэн иһэр диэн быһаарар.
Кут-сүр үөрэҕэ атын хантан да кэлбэт, киһи бэйэтин өйүн-санаа-тын көстүүлэрэ буолар. Бу үөрэх сүрүн өйдөбүллэрин хас биирдии киһи билэр буолуута, олох сайдыытын көрдөбүлэ буолуохтаах. Сайдыы¬лаах олоххо киһи бэйэтин ис санааларын билэр, олору баһылыыр уонна салайар буолуута киһи өйүн-санаатын таһымын өссө үрдүк кэрдиискэ таһаарыаҕа.
Итинник аныгы психология саҥа арыйа сатаан эрэр үөрэхтэрин бы¬лыргы сахалар билэннэр билигин да бэйэлэрин олохторугар туһана сылдьаллар. Сахалар бу кут-сүр үөрэхтэрэ бэйэлэрин национальнай культураларын баайа буолар уонна атын омуктарга мээлэ ыскайданыа суохтаах. Онон, кут-сүр үөрэҕин саҥалыы сайыннаран, сахалыы тылынан саҥардыы, кэлэр көлүөнэни үөрэтиигэ киэҥник туһаныыга киллэрии саха тыла сайдарыгар, саха дьонун өйдөрө-санаалара тупсарыгар ордук туһалаах буолуо этэ.
Хос быһаарыылар.
1. Саха төрүт культурата. 2 чааһа. Учууталга көмө пособие. Дьокуускай. Нац.кн.изд. 1992.- 80 с.
2. «Илин» сурунаал. 1998, N 1.
3. Детектив и политика. МАДПР. Вып.3. Горбовский А. Пророки и прозорливцы в Отечестве своем. Москва: Изд-во Новости,1990.- 352 с.
4. Г.В.Врублевская. 5 уроков по толкованию снов.- Санкт-Петербург, «СМИО Пресс»,1998.- 320 с.
5. Илин сурунаал. 1997. 1-2 N-рэ.
6. Илин сурунаал. 2000. N1.
7. Л.Рон Хаббард. Дианетика. Современная наука душевного здо-ровья: Учебник по дианетике / Пер.с англ. под общей ред. М.И.Ники-тина /.- Москва: Воскресенье, Нью Эра Пабликейшнс Груп ( Совмест¬ное издание ). 1993.- 576 с.
8. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. Якутск: Твор-ческо-производственная фирма «Север – Юг», 1992.- 318 с.
9. А.И.Гоголев. Якуты. Проблемы этногенеза и формирование культуры. Якутск: Изд-во ЯГУ, 1993.- 200 с.
10. Л.А.Афанасьев - Тэрис. Айыы үөрэҕэ. Дьокуускай: «Ситим» КИФ. 1993. - 184 с.
11. И.Г.Баишев. Айыы тыына. Дьокуускай: Саха республикатын үөрэҕин министерствота. 5-11 кылааска ааҕар кинигэ. 1993.- 112 с.
12. Илин сурунаал. 1999. 1-2 N-рэ.
13. Саха суруйааччылара. Хомуурунньук. Учууталга, студеҥҥа көмө пособие. Дьокуускай: Бичик, Нац.кинигэ кыһата, 1994.- 108 с.
14. В.Р.Ларионов. Саха - Айыы киһитэ. Дьокуускай, «Кудук» ХЭО АБДь, 1998.- 219 с.
15. Пекарский Э.К. Словарь якутского языка.- Москва: Т.3. 1959.
16. «Илин» сурунаал. N 1. 1999.
ҮС КУТ
Сахалар кут-сүр үөрэхпитин баһылаан, олоххо туһалааҕын ситэ сыаналаан өйбүтүн-санаабытын тупсарарбытыгар кыайан туһана иликпит. Урукку өбүгэлэрбит билиилэрин-көрүүлэрин аанньа ахтан сыаналаабат буолуубутугар нууччатымсыйа сатааһыммыт мэһэйдиир, итини тэҥэ ханнык да оруна суох бэйэбитин намтатына сатыы сылдьарбыт онно эмиэ көмө буолар.
Олохпут остуоруйатын ситэ билбэт буолуубут саҥа үөскээбит омуктарга баһыттарар, кинилэри ордугургуур санааҕа киллэрэр. Уһун үйэлээх омуктар олохторун үөрэҕэ ордук элбэх, баай буоларын ситэ сыаналааһын өссө да олохсуйа илик. Аҥардастыы үөрэҕи-билиини баһылааһын, салгын куту сайыннарыы, эти-сиини эрчийэн, үөрүйэх буолууну суох оҥорон кэлтэй сайдыылаах, туруга суох өйдөөх-санаалаах киһини үөскэтэрин кыайан таба өйдүү иликпит.
Kуту-сүрү туох сайыннарарын, хайдах дьарыктыыры билбэт буоламмыт атын омуктар: кытайдар, индеецтэр биһигиннээҕэр ордук билиилээхтэр диэн ордук саныыбыт, кинилэр үөрэхтэрин үөрэтэ сатыыбыт. Атын омуктары ордук саныыр санаабыт олус баһыйан оннооҕор нууччалар биһигиннэҕэр ордук билиилээхтэр диибит, үтүктэ сатыыбыт.
Бары сир үрдүгэр баар таҥара үөрэхтэрэ сахалар үчүгэй киһи, улахан киһи буолуу үөрэхтэриттэн үөскээн, тэнийэн тахсыбыттарын ситэ быһаара иликпит. Арай олох суолун биир кэмигэр күүстээх диктатура үөскээһинэ бу таҥара үөрэхтэрин олус күүһүрдэн, улаатыннаран уонна киэҥ сирдэргэ тарҕатан кэбиспит. Кэлин кэмҥэ сахалар мөлтөөн, аҕыйаан, сүрүн үлэлэрин, тимири уһаарары уонна уһанары нууччаларга былдьатаннар ойууннарын, уустарын үөрэхтэрэ эмиэ мөлтөөтө.
Саха дьонун тус-туспа араартааһын, бытарытыы салҕанан бара турар. Саха дьонугар саҥа таҥараны «айыы үөрэҕин» cоҥнооһун итэҕэлбитин өссө мөлтөтөр, сахалар бэйэлэрэ ыһыллалларыгар төрүөт буолар. Бу үөрэх былыргы таҥарабыт үөрэҕин үрэйэр, алдьатар аналлаах буолара биллэн эрэр.
Бары таҥара үөрэхтэрин төрүттэрэ кут-сүр үөрэх, үтүө киһи өлліҕүнэ өйө-санаата айыы, святой буолуутугар олоҕурар. Айыы буолуу өйө-санаата саха дьонугар былыр-былыргыттан баар. Kиһи өллө±үнэ өйө-санаата айыы буолар. Ол эрээри ханнык айыы буолара бу өй-санаа хайдаҕыттан быһаччы тутулуктанар. Былыргы сахалар таҥаралара Үрүҥ Айыы диэн ааттаахтара мээнэҕэ буолбатах. Kуһаҕанынан аатырыы, хара айыы буолуу диэн эмиэ баар. Ол иһин бу үрүҥ диэн быһаарыы айыы хайдаҕын, үчүгэйин, дьоҥҥо туһалааҕын быһаарар буолан сүрүн оруолу ылар. Kэлэр көлүөнэлэри иитиигэ, үөрэтиигэ туттуллар өй-санаа аҥардастыы үчүгэй өттүн диэки тардыһыылаах буолуохтаах. Ол иһин үрүҥ диэн быһаарыыта суох айыы буолуу хайдах да табыллыбат, өйү-санааны куһаҕан өттүгэр салайан кэбиһиэн сөп.
Kүүстээх, кыахтаах киһи кута билэр дьонноругар көмөлөһөр кыахтааҕа айыы буолууну үөскэтэр. Ол аата өлбүт киһи кута кэлэн көмө буоларыгар анаан көрдөһүү таҥараҕа, айыыга үҥүү диэн ааттанар.
Kут бу дьайыытыгар сахалар киһи буолуу, үчүгэй киһи буолуу өйдөбүлүн эбэн биэриилэрэ таҥараны үөскэппит. Ол иһин бары таҥаралар үчүгэй киһи курдук ойуулаахтар, үчүгэй киһи буоларга ыҥыраллар, угуйаллар. Таҥара үөрэҕин сүрүн күүһүнэн үчүгэй киһи мөссүөнүнэн, үтүө быһыытынан дьону үтүгүннэрэн, батыһыннаран иитии буолар. Былыр үөрэх-билии сайда илигинэ таҥаралар ордук күүстээх эбиттэрэ итинэн эмиэ быһаарыллар.
Былыргы кэмҥэ кут-сүр үөрэҕин сахалар улахан кыахтаах ойууннара үөрэтэн сайыннарбыттарыгар сөптөөх. Кут-сүр үөрэҕэ киһи өйүн-са¬наатын үөрэтэр. Сахалар билэллэринэн киһи өйө-санаата үс тус-туспа куттарга арахсар. Биһиги бу үлэбитигэр киһи үс куттара хайдах үөс¬кээн сайдан, үүнэн иһэллэрин кылгастык быһаарыахпыт.
Былыргы сахалар киһи этэ-сиинэ уонна үс кута тус-туспалар диэн эппиттэрин биһиги билигин дакаастыахпытын наада. Ол дакаастабылларбытын киһи этэ-сиинэ уонна үс куттара, ол аата өйө-санаата, бэйэ-бэйэлэрин кытта туох тутулуктаах, си¬бээстээх эбиттэрин булууттан саҕалыахпыт.
Киһи эти-сиинин ханнык баҕарар өттүн кыратык даҕаны дэҥнээтэҕи¬нэ сонно ыарыы үөскээн өйүгэр-санаатыгар тиийэ тарҕанар. Бу ыарыы төһө күүстээҕэ дэҥнэнии төһө улаханыттан быһаччы тутулуктаах. Хайа баҕарар тарбаҕын дэҥнээтэҕинэ киһи ыарыытыттан сонно тута ханнык эрэ көмүскэнэр эбэтэр куотар хамсаныыны оҥоро охсор. Онон ыарыы диэн киһи этэ-сиинэ өйүн-санаатын кытта сибээһэ, тутулуга буолар. Ол иһин ыарыы киһи этигэр-сиинигэр үөскээн баран өйүгэр-санаатыгар быһаччы дьайыыны оҥорор. Kиһи этэ-сиинэ өйүн-санаатын кытта сибээһин сүтэрдэҕинэ киһи ыарыыны билбэт буолар. Былыргы ойууннар эттэрэ ыалдьарын билбэт турукка киирэллэрэ элбэх кэпсээннэргэ суруллубуттар.
Сахалар өйдөбүллэринэн киһи этэ-сиинэ буор кутун кытта бииргэ сылдьар. Ол иһин киһи этигэр үөскээбит ыарыы сонно тута кини өйүгэр-санаатыгар тарҕанан тиийэ охсор. Ыарыыттан көмүскэнээри киһи олус түргэн хамсаныылары тугу да толкуйдуу турбакка эрэ оҥорор. Бу хамсаныылар киһи этигэр-сиинигэр иҥэн сылдьар курдуктар. Kиһи ыарыыттан көмүскэнэр быһаччы хамсаныылара уонна ыарыы туһунан өйдөбүллэрэ мунньустаннар буор кут өйүн-санаатын үөскэтэллэр. Бу өй-санаа киһи этин-сиинин баһылаан сайыннаран истэҕинэ эмиэ сайдан, күүһүрэн иһэр. Ол курдук киһи элбэхтик хамсанан дьарыктанан истэҕинэ этэ-сиинэ сайдар, ыарыыны тулуйар буолара биллэрдик эбиллэр.
Kыра оҕо этэ ыалдьырыттан ордук саллар, куттанар буоллаҕына, улахан киһи ыарыы туохтан үөскүүрүн билэр, өйө-санаата күүстээх, ол иһин тулуйар күүһэ улаатан биэрэн иһэр.
Былыргылар быһааралларынан ийэ кут буор куттуун бииргэ сылдьал¬лар. Ийэ кут өйдөбүллэрэ оҕоҕо ийэтиттэн үтүктэн үөрэнии көмөтүнэн быһаччы бэриллэллэр. Ийэ кут өйдөбүллэрэ хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйар өйдөбүллэртэн үөскүүллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өссө өйдөөбөт кэмигэр төрөп¬пүттэрин үтүктэн үөрэммит үгэстэрэ уонна үөрүйэхтэрэ бары хомуллан ийэ куту үөскэтэллэр. Ийэ кут төрүт өй-санаа буолар. Ол курдук ык¬саллаах кэмнэргэ эбэтэр туохха эмэ түбэһэн киһи өйө көтөн ылар кэмнэригэр эбэтэр итирдэҕинэ киһини олохсуйбут үгэс өйдөбүллэринэн туһанан, быһаччы ийэ кута салайар. Ол иһин киһи бэйэтин илэ өйүгэр, салгын кутугар киирэн өйдөннөҕүнэ тугу итирэ сылдьан оҥорбутун өйдөөбөт түгэннэрэ баар буолаллар.
Салгын кут оҕо мэйиитэ улаатан, өйө-санаата эбиллэн иһиититтэн үөскүүр. Оҕо бэ¬йэтэ тугу оҥорбутун билэр, умнубат буолуутуттан саҕаланан сайдан барар. Киһи салгын кута сайыннаҕына тугу барытын толкуйдаан, үөрэх-билии этиитинэн оҥорор буолар. Салгын кут сайыннаҕына эрэ киһи киһилии өйдөөх-санаалаах буолууну баһылыыр. Сахалар ону бы¬лыргыттан билэн киһилии киһи диэн өйдөбүлү киэҥник туттар эбиттэр. Суруйааччылар Николай Якутскай, Дмитрий Таас, Далан киһилии киһи буолуу диэн өйдөбүлү бэйэлэрин суруйууларыгар элбэхтик тутталлар.
Онон, киһи өйө-санаата сайдан иһиитэ биллэр бэлиэлэрдээх үс таһымҥа арахсар:
1. Буор кут таһыма. Буор кут таһыма кыһыл оҕо өйүн-санаатын таһыма буолар. Оҕо сытар, аһыыр. Ыарыйдаҕына эбэтэр туга эмэтэ та¬быллыбатаҕына, ытыыр, үчүгэй буоллар эрэ утуйар. Өй-санаа бу таһыма хамсаныылартан үөскүүр. Оҕо улаатан хамсаныылара төһө уустугуран иһэллэр даҕаны буор кут өй-санаата эмиэ эбиллэн иһэр.
2. Ийэ кут таһыма. Саха дьоно оҕо өйө сайдан иһиитин бэйэлэрэ билэр «өйдөөх» кыылларыгар тэҥнииллэр. Ийэ кут өйүн-санаатын сайдыытын таһыма кыыл өйүн таһыма буолар. Ат өйө үс саастаах оҕо өйүгэр тэҥнэнэр, онтон ыт өйө - биэс саастаах оҕо саҕа өйдөөх диэн этэллэр. Өйү-санааны маннык араарыы уонна оҕо бэйэтин толкуйдуур өйө-санаата 5 эбэтэр 6 сааһыттан сайдан барыыта өй-санаа тус-туспа төрүттэрдээхтэрин быһаарар. Ол аата, оҕо кыра эрдэҕинэ ийэтин, төрөппүттэрин үтүктэн, көрөн үгэстэргэ үөрэнэр кэмэ ийэ кут урутаан сайдыытын, онтон салгын кут үөскүүрүн арааран чуолкайдыыр.
Оҕо ийэ кутун өйүн-санаатын сайыннарбакка эрэ аҥардастыы салгын кутун сайыннарыы кыайан табыллыбат буолуон, туруга суох өйдөөх-санаадаах киһини улаатыннарыан сөп. Kиһи олоҕор буолан ааһыталыыр быстах түгэннэргэ киһини ийэ кута быһаччы сала¬йарын биһиги бу үлэбитинэн дакаастыыбыт. Бу ийэ кут салайар кэмигэр кыа¬йан сөптөөх быһаарыыны ылымматаҕына киһи быстах суолга түбэһэн араас сыыһа туттуулары оҥорор кыахтаах. «Өйө көппүт» эбэтэр «Өйө баайыллыбыт» кэмнэригэр биир сыыһа туттууттан киһи олоҕо барыта алдьанар түбэлтэлэрэ кэлин кэмҥэ олохпутугар элбэхтик көстөр буоллулар.
Төрөппүттэр тугу үчүгэй дииллэрин оҕолоро элбэхтэ хос-хос хаты¬лаан оҥорор буолан, бу өйдөбүллэр үгэскэ кубулуйан оҕо өйүгэр мунньуллан иһэллэр. Маннык үгэс буолбут өйдөбүллэртэн ийэ кут өйө-санаата үөскүүр. Ол курдук үгүстүк хатыланар, куруук туттуллар өй¬дөбүллэр кэнникинэн уһуннук толкуйдаабакка эрэ оҥоруллар үгэс буо¬лан хаалаллар. Ол аата, ийэ кут киһини салайыыта диэн үгэс буолбут өйдөбүллэринэн салайыныы буолар. Киһи уһун олоҕун устата үгэс буолар өйдөбүллэр эмиэ элбээн мунньуллан иһэллэр. Бу өйдөбүллэр ийэ кут өйө-санаата бытааннык да буоллар эмиэ сайдан иһэрин бэлиэтииллэр.
3. Салгын кут таһыма. Оҕо 5 эбэтэр 6 сааһыттан саҕалаан тугу оҥорбутун, көрбүтүн-истибитин умнубат, өйдүү сылдьар буолан ба-рар. Бу кэмтэн саҕалаан киниэхэ салгын кута сайдан, бэйэтин өйүн¬-санаатын үөрэх-билии, сокуоннар, быраабылалар этиилэринэн салайынар буолар. Салгын кут төһө баҕарар сайдыан сөп, сайдыытын муҥура билигин букатын биллэ илик.
Онон, киһи сайдан барыыта аан маҥнай буор куту эрчийииттэн, он¬тон ийэ куту иитииттэн-үөрэтииттэн саҕаланан баран салгын куту сайыннарыы буолуохтаах. Киһи үгүстүк хатыланар, куруук туттуллар өйдөбүллэрэ эмиэ ууруллан иһэр буоланнар, үгэскэ кубулуйаллар. Үгэскэ кубулуйбут өйдөбүллэри киһи быһа, толкуйдуу, быһаара сатаабакка эрэ олоҕун ханнык баҕарар кэмигэр ылан туһаммытынан барар. Ол иһин киһи олоҕор ордук суолталаах үөрэҕи ылынар кэминэн ийэ кута сайдан иһэр кэмин ааҕыахха наада. Ол аата, оҕо кыра эрдэҕиттэн 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри үөрэммит үгэстэрэ кини өйүн-санаатын төрүтүнэн, ийэ кутунан буолаллар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ хайдах иитиллибитэй, үөрэтиллибитэй даҕаны олоҕун устата өйө-санаата тосту уларыйбат, ол курдук сылдьар. Ийэ кут өйө-санаата ыл да уларыйа охсубат, туох эмэ уларыйыы тахсыыта саҥа үгэс уһун кэмҥэ үөскээн олохсуйдаҕына эрэ ситиһиллэр. Былыргы сахалар ити үөрэҕи дириҥник билэллэрин бэлиэ¬тинэн эдэр киһини билиэхтэрин баҕардахтарына кини төрүттэрин ыраахха диэри ырытаннар, оҕолорун ханнык өйгө-санааҕа үөрэппиттэрин билэллэрин ааҕыахха сөп.
Билигин Аан дойду үрдүнэн сахалар кут-сүр үөрэхтэрин курдук үөрэх суох. Саха дьоно былыр-былыргыттан киһи бэйэтин уонна кини өйүн-санаатын туһунан муспут үөрэхтэрэ барылара кут-сүр үөрэҕэр түмүллэ сылдьаллар. Арай бу үөрэҕи кэнники кэмҥэ күүһүлээн туран умуннара сатааһыннарын түмүгэр үгүс өттө умнуллан, сайдан иһиитэ суох буола бытааран хаалла.
Кут-сүр үөрэҕин үөрэтэн, баһылаан уонна сайыннаран дьоҥҥо тиэр¬дээччилэр ойууннар буолаллара биллэр. Сахалар кут-сүр үөрэҕин олохсуйбут үгэстэргэ уонна үөрүйэхтэргэ кубулутаннар уһун үйэлэр тухары атын омуктардааҕар ордук кытаанахтык тутуспут буоланнар, былыргы өлөрсүүлээх, алдьатыылаах үйэлэргэ эстэн, сүтэн, симэлийэн хаалбаккалар баччаҕа, сүүрбэһис үйэни бүтэрэн саҥа үйэҕэ, үһүс тыһыынча сылларга тиийэн кэллэхтэрэ. Остуоруйа дааннайдара бигэргэтэллэринэн былыргы сахалар хунн омук¬тары кытта бииргэ олорбуттар. Атын хунн уонна кинилэри кытта оччотооҕу кэмҥэ бииргэ олорбут үгүс омуктар билигин ааттара эрэ ордон хаалбытын остуоруйа үөрэҕиттэн эрэ билэргэ тиийэбит, онтон биһиги сахалар кут-сүр үөрэҕин кытаанахтык тутуспут буоламмыт билигин да баарбыт.
Бэйэлэрин үөрэхтэрин сурукка киллэрэн үйэтитэр кыахтара суох буолан сахалар кэнники түөрт сүүсчэкэ сыл устата кут-сүр үөрэҕин бэйэлэрин өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэрэн, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ биэрэн бу кэмҥэ тиийэ аҕаллылар. Кэлин иччилэри, ойууннары итэҕэй¬бэт кэм кэлэн кут-сүр үөрэҕин букатыннаахтык умнуннаран кэбиһэ сыстылар. Билигин Аан дойду үрдүнэн сайдан иһэр өй-санаа туһунан үөрэхтэр сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ дьон олоҕор уонна өйдөрүгэр¬-санааларыгар чахчы сөп түбэһэрин дакаастаан эрэллэр. Киһи өйүн¬-санаатын үөрэтии кут-сүр үөрэҕиттэн тирэх ылан салгыы сайдара кыаллыан буолуон сөп.
БУОР КУТ
Буор кут диэн киһи этин-сиинин көрөр-истэр, харыстыыр өй-санаа буолар. Киһи өйүттэн-санаатыттан, атын куттарыттан туспа арааран ылбыт буор куппут өйүн-санаатын төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт. Улахан хомуһуннаах ойууннарбыт суох буолан хаалыылара бу үөрэхпит сайдыытын улаханнык бытаарта эрээри кыайан симэлитэн кэбиспэтэ.
Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ олус былыргы үөрэх. Бу үөрэхтэн туох өйдөбүллэр ордоннор баччаҕа тиийэ кэлбиттэрин мустахпы-тына, киһи үс куттааҕын саха киһитэ барыта билэр. Ол быстах-остох ордон хаалбыт өйдөбүллэртэн буор кут туһунан быһаарыылары туспа арааран мустахпытына манныктар:
Буор кут сир информациятын илдьэ сылдьар. Ийэ кут киһиэхэ космостан киирэр уонна айылҕа саамай дириҥ күүстэрин кытта сибээстээх. Салгын кут айылҕа түргэнник буола турар уларыйыыларын ылар. (1,24).
Сахалар этэринэн киһи «Айылҕа оҕото» буолар. Бу быһаарыы киһи этэ-сиинэ айылҕаттан улахан тутулуктааҕын билинэр. Буор куту ийэ кут үөскэтэр. Буор кут эти-сиини оҥорор күүс. (2,124).
Курууппа ойуун - Яковлев Н.Н. саха итэҕэлин туһунан кэпсээнигэр буор кут киһи этиттэн-сииниттэн арахсан барарын бэлиэтиир. Бу бар¬быт буор куту ойуун ол дойдуттан таһаарар. Буор кут бардаҕына киһи ыалдьар. (3,32). Киһи өллөҕүнэ буор кута сир-халлаан ыккарды¬гар көтөн хаалар диэн өйдөбүл баара. Ол иһин тыал-хаар, ардах, самыыр буолаары гыннаҕына, өлбүт киһи түүлгэ киирэр дииллэр. (1,51).
Сахалар өйдөбүллэринэн кут диэн тыл киһи тыыннаах буолар олоҕун төрүтэ. Буор кут – киһи үс кутуттан биирдэстэрэ, киһи өллөҕүнэ, сири кытта сир буолан хаалар. (4,98).
Киһи Айылҕа оҕото буоларынан тыыннаах буолан олох олоруон баҕа¬рар уонна ол иһин бэйэтин этин-сиинин харыстыыр аналлаах. Киһи бэйэтин этин-сиинин харыстанарыгар аналлаах оҥоһуутунан хайа баҕа¬рар этигэр куһаҕан буоллаҕына, ол онно ыарыы үөскээн өйүгэр-санаа¬тыгар биллэр. Ол аата киһи этин-сиинин ханнык эмэ чааһын туохха эмэ дэҥнээтэҕинэ эбэтэр бааһыртаҕына, онтон үөскээбит ыарыы өйүгэр-санаатыгар тиийэ тарҕанар. Бу ыарыы төһө күүстээх буолара төһө улахан эчэйии, бааһырыы буолбутуттан быһаччы тутулуктанар. Маннык соһуччу ыарыыттан киһи аан маҥнайгы көмүскэнэр хамсаныытынан ыал¬дьыбыт өттүн түргэнник сыҕарыта охсон биэрии эбэтэр бүтүн бэйэтэ куота көтөн быыһаныыта буолар. Ыарыы буоллаҕына бу хамсаныылары киһи олус түргэнник оҥоро охсубутун бэйэтэ өйдөөбөккө да хаалар.
Ыарыы сүүрээнэ куһаҕаныттан киһи бэйэтэ аны итинник ыарыы хат¬таан хатыламматыгар дьулуһар, ол иһин ыарыы өссө буолбатын наада¬тыгар быстах, түргэн хамсаныылары тугу да толкуйдуу турбакка эрэ оҥоро охсор. Бу ыарыы уонна онтон көмүскэнэр хамсаныылар хаһан, туохтан уонна ханнык кэмҥэ буолбуттара киһи этин-сиинин өйүгэр¬-санаатыгар суруллан, мунньуллан ууруллан иһэллэр. Ол мунньуллан, ууруллан иһиилэрэ, аны хаһан эмэ итинник ыарыы буоллаҕына уонна урут оҥоруллубут хамсаныылар ыарыы суох буоларыгар туһалаабыт эбит буоллахтарына, киһи этин-сиинин өйүттэн-санаатыттан олус түргэнник ылан ол хамсаныылары үтүктэн, бу сырыыга эмиэ ол курдук оҥороругар туһалыыр эбиттэр. Киһи этигэр үөскээбит ити ыарыылар өйүгэр-санаа¬тыгар суруллан, ууруллан иһэллэрин психолог Рон Хаббард бигэргэ¬тэр. (5,53).
Оҕо Айылҕаттан аналын быһыытынан кыра эрдэҕинэ ордук сэрэнэр. Тугун эмэ эчэттэҕинэ, онтон ыарыы буоллаҕына, ол онтуттан ордук сэрэнэр буолар. Сууллан түһэн кэтэҕин өлөрдөҕүнэ, аны кэтэҕинэн түспэккэ, маҥнай олоро түһэргэ дьулуһар. Алҕас итии чаанньыкка тарбаҕын төбөтүн хаарыйдаҕына, аны хаһан даҕаны итии тэриллэри сэрэммэккэ эрэ туппат буолар. Аан маҥнай «Чыы» диэн тарбаҕынан кэйиэлээн көрөн баран тутарга үөрэнэ охсор. Хатыылаах кактуһу алҕас тарбаҕынан таарыйдаҕына, аны билбэт үүнээйитин сэрэммэккэ эрэ тыыппат буолар. Ити барыта кыра оҕо этэ-сиинэ ыалдьарыттан ордук түргэнник уонна өр кэмҥэ умнубат гына үөрэнэр дьоҕурдааҕын бэлиэтиир.
Былыргыттан олохсуйбут үгэстэргэ үөрэтии оҕо кыра эрдэҕиттэн саҕаланан баран иһэрэ ордук туһалаах буолуохтаах. Ол курдук бии-лээҕи, быһаҕы, сүгэни сэрэнэн туттарга үөрэтии оҕо быһаҕы тутар буолуоҕуттан ыла саҕаланан барара наада. Быһаҕы, биилээҕи сэрэнэн туттарга, киһиэхэ уһугунан анньан бэриллибэт диэн үгэскэ үөрэммит оҕо үйэтин тухары быһахтан, биилээхтэн сэрэхтээх буолуоҕа, сыыһа туттан дэҥи-оһолу таһаарымыан сөп.
Улахан да киһи тарбаҕын төбөтүн итиигэ хаарыйдаҕына соҕотохто, тугу да толкуйдаабакка эрэ сулбу тардан ылар. Олус түргэн, эмискэ хамсаныыны оҥоро охсубутун өйдөөбөккө да хаалар. Бу түгэҥҥэ куттал киһи этигэр-сиинигэр быһаччы суоһуур буолан хамсаныы, буор кут өйүттэн-санаатыттан бэлэм үөрэтиллибит хамсаныыны ыла охсон оҥо¬руллар. Kиһи бу курдук судургу, ыарыыттан көмүскэнэр хамсаныылары оҥороругар буор кута быһаччы дьаһайар. Киһи биирдэ эмэтэ «Өйө көтөн ылар» кэмигэр толкуйдуур өйө арахсан хааларын уонна бу кэмҥэ киһини быһаччы быһаарар өйө салайарын психолог Рон Хаббард эмиэ быһаарбыта. (5,76).
Буор кут диэн былыргы сахалыы өйдөбүлгэ киһи этэ-сиинэ киирсибэт. Бу өйдөбүлгэ киһиттэн бэйэтиттэн, этиттэн-сииниттэн арахсан туспа баран хаалар уонна сорох кэмҥэ ыалдьар туспа өй-санаа, кут киирэрэ бэлиэтэнэр. Киһи этигэр-сиинигэр быһаччы сыһыаннаах араас ыарыылар тустарынан өйдөбүллэр уонна бу ыарыылартан көмүскэнэргэ аналлаах хамсаныылар бу буор кукка холбуу киирсэн, туспа өй-санаа буолан мунньуллан иһэллэр. Киһи бэйэтин уһун үйэтигэр араас элбэх быстах ыарыылар уонна ол ыарыылартан хайдах харыстанар туһунан өйдөбүллэр элбээн, мунньуллан, буор кут өйө-санаата эмиэ дириҥээн, күүһүрэн иһэр. Онон буор кут диэн өйдөбүлгэ киһи этиттэн-сииниттэн ураты, ол эрээри бу эти-сиини харыстыыр, көрөр-истэр, көмүскүүргэ анал¬лаах быһаччы хамсаныылары оҥорор өй-санаа мунньустуута киирэр. Ити иһин буор кут сахалыы өйдөбүлэ төһө эмэ кэҥээн бэйэтэ эмиэ туспа өйдөөх-санаалаах буолан тахсар.
Арҕааҥҥы учуонайдар быһаарыыларынан киһиэхэ инстинкт диэн баар. Ол аата киһи толкуйдаабакка эрэ оҥорор хамсаныыларын ааттыыллар. Манна кыра оҕо тыыннаах буолаары эмиий эмэр хамсаныытын кытта кил¬лэрэллэр. Бу өйдөбүл сахалар буор кут диэн быһаарыыларыгар сөп түбэһэр. Буор куту кытта ийэ кут куруук бииргэ сылдьаллар. Киһи үгүс ыарыылара буор уонна ийэ куттартан быһаччы тутулуктаахтарын сахалар бэлиэтииллэр.
Kиһи этэ-сиинэ айылҕаттан олус уустук оҥоһуулаах, бэйэ-бэйэлэриттэн ураты тутулуктардаах организм буолар. Бу организмы чаһы курдук үлэлэтэргэ салайар, тэҥнээн биэрэн иһэр күүстэр дьайаллар. Бу күүстэр – киһи санаата буолаллар. Эти-сиини салайар күүстэр – ис санаа диэн ааттаналлар. Ол аата киһи этэ-сиинэ ыалдьарын үгүс өттө бу организматын салайар үлэтэ кэһиллиитинэн, биир тэҥник бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктаах үлэлэрэ табыллыбат буолуутунан быһаарыллар.
Кут диэн тыл сахалыы кутуу, мунньуу диэн өйдөбүллээх. Ол аата сахалыы кут диэн өйдөбүл өй-санаа мунньустубут көрүҥэ буоларын быһаарар. Буор кут диэн өй-санаа араас ыарыылар тустарынан өйдөбүллэр уонна ол ыарыылартан көмүскэнэр хамсаныылар мунньустубут көрүҥнэрэ буолар. Манна киһи ханнык эмэ хамсаныыны оҥороругар элбэх өй-санаа мунньустуута наада буоларын эбэн биэриэххэ наада. Ол курдук билигин оҥорон туһанан эрэр роботтара тарбахтарын хамсаталларыгар улахан күүстээх компьютер өйө ситэн тиийбэт диэн этэллэр. Киһи уһун олоҕун устата буор кут сайдан өйө-санаата дириҥээн иһэр. Ол курдук киһи араас ыарыылара уонна олортон көмүскэниитэ, харыстаныыта эмиэ эбиллэн иһэллэр. Кэнники буор кут өссө сайыннаҕына бэйэтэ киһи этин-сиинин, ис уорганнарын хамсааһыннарын эмиэ дьаһайара кыаллыан сөп. Киһи этэ-сиинэ ыалдьара буор кута ыал¬дьарыттан тутулуктаах буолара итинник эмиэ быһаарыллар.
ИЙЭ КУТ
Хас эмэ үйэ тухары саха дьонун өйдөрүттэн-санааларыттан ылан быраҕа, умуннара сатаабыттарын да иһин кут-сүр үөрэҕэ сыыйа сай¬дан оннун булан эрэр. Россияҕа аатыгар да буоллар демократия үөс¬кээһинэ бу үөрэх сайдыытыгар, чөлүгэр түһэн барыытыгар туһалаата. Манна ордук бэчээт үлэтин сэргэхсийиитэ улахан туһаны аҕалар. Былыргы кэмҥэ саха дьоно кут-сүр үөрэхтэрин ойууннарын нөҥүө билэр эбит буоллахтарына билигин бэчээт бары өҥөтүнэн туһананнар билиилэрэ-көрүүлэрэ түргэнник дириҥээн иһэр.
Саха дьоно былыр-былыргыттан кут-сүр үөрэҕин итэҕэйэллэр, киһи куттара тус-туспа буолалларын билэллэр. Бу үөрэх этэринэн киһи үс куттаах. Сахалар кут-сүр үөрэхтэригэр ийэ кут туһунан маннык өйдөбүллэр мунньуллубуттар:
Саха саныырынан киһи куттара айылҕаны кытта сибээстээхтэр. Ийэ кут киһиэхэ космостан киирэр уонна айылҕа саа¬май дириҥ күүстэрин кытта сибээстээх. (1,24).
Ийэ куту Үрүҥ Айыы үөскэтэр. Ийэ кут киһи этин-сиинин сороҕо буолар. Ол иһин ийэ куту төрүт кут дииллэр. Ийэ кут киһи сүрэҕэр олорор. (2,119). Киһи ийэ кута буор кутуттан арахсан туспа сылдьара эмиэ бэлиэтэнэр. Үөр буолбут ийэ кут дьоҥҥо киириэн, дьон олоҕун буортулуон сөп. (2,127).
Курууппа ойуун ийэ куту киһи этэ-хаана диир. Ыарыйдахха, киһи этэ-хаана ыалдьар, ол аата ийэ кут ыалдьара буолар. (3,35). Кэнники кэмҥэ дьон-аймах үөрэҕи-билиини баһылааннар, Сир үрдүгэр Айылҕаны кытта атааннаспакка бииргэ олороллорун наадатыгар Үрүҥ Айыы үөрэҕин тутустахтарына эрэ табылларын син билэн эрэллэр. Андрей Саввинов «Кут-сүр» как якутская ментальность» диэн үлэтигэр ийэ куту маннык быһаарар: «Ийэ-кут - нечто, передаваемое наследст¬венно и предопределяющее этническую принадлежность». (6,38).
Андрей Кривошапкин «Солнце и небо - мир светлых творцов» диэн үлэтигэр ийэ кут туһунан маннык суруйар: «Ийэ кут определяла наследственность и передавалась от предков к потомкам через детей и родстенников и оставалась в серединном мире». «Ийэ кут, по поверьям саха, у родстенников был один и в силу этого за грехи отдельно¬го человека отвечал весь род». «Якуты считали, что ийэ кут передается от предков и остается после человека в его потомках в серединном мире, и жизнь и судьба этого потомства, насколько долго сохранится его род напрямую зависят не только от действий самого человека во время всей его жизни, но и поступков его предков». (7,48-50).
Саха дьонун ийэ кут туһунан өйдөбүллэрин түмнэхпитинэ киһи өйүн-санаатын төрүтэ буолара быһаарыллар. Ийэ кут буор куту кытта бииргэ сылдьар диэн этэллэр. Ийэ кут көттөҕүнэ буор кут үрэллэр. (2,127).
Саха дьоно айылҕа кыылларын буор уонна ийэ куттаахтар диэн би¬линэллэр. (8,67). Айылҕа лаппа өйдөөх кыыла ыт буолар. Сахалар ыт өйүн биэстээх оҕо, онтон ат өйүн үстээх оҕо өйүгэр тэҥнииллэр. Бу тэҥнээһин ыт өйө-санаата төһө да сайыннаҕына биэстээх оҕо өйүттэн ордук сайдыбатын бэлиэтээн көрдөрөр. Итини тэҥэ ыты үөрэтэр араас ньымалар барылара элбэхтик хос-хос хатылааһыннаах уонна манньанан бигэргэтэн биэриилээх буолуохтаахтарын дьон бары билэллэр.
Былыргы сахалар үөрэхтэрэ ийэ кут туһунан итинник өйдөбүллэрдээх буоллаҕына, сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ ийэ кут үгүс киһиэхэ иитии-үөрэтии түмүгэр үөскээн олохсуйар диэн быһаарар. Оҕоҕо ийэ кута үөскүүрүгэр ийэтэ ылар оруола олус үрдүк буоларын бу кут сахалыы аата даҕаны биллэрэр.
Оҕо ийэтин көрөн, кинини үтүктэн билэр-көрөр өйө-санаата ийэ куту үөскэтэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун өйө-санаата олохсу-йан, сайдан иһэр. Үтүктэн үөрэнии элбэхтэ хатыланан үгэс буолан оҕо өйүгэр-санаатыгар умнуллубат гына өйдөнөн, мунньуллан иһиитэ ийэ кут өйө-санаата сайдан, үүнэн иһэрин бэлиэтиир. Ийэтэ оҕотун сөбүлүүр, таптыыр, киниэхэ эрэнэр өйө-санаата оҕотугар бэриллэн, оҕото олох иһин тардыһар күүһэ улахан, бөҕө тирэхтээх, дьулуурдаах буола улаатар. Ийэтин туох баар санаата, оҕотун туһунан тугу саныыра бэйэтин көрүҥүттэн оҕотугар бэриллэн иһэр. Оҕо ийэтин санаатын кыра эрдэҕиттэн билэр. Ол курдук ийэ туохтан эмэ мунчааран са¬наарҕаатаҕына оҕото сирэйиттэн-хараҕыттан көрөн, билэ охсон кыҥкыйдаабытынан барар, эмиэ туга эрэ табыллыбат сөп түбэспэт буола охсор.
Киһи өйүн-санаатын төрүттүүр өйдөбүллэр оҕо кыра эрдэҕинэ, бэ¬йэтин толкуйдуур өйө-санаата ситэ сайда, салгын кута үөскээн салайар буола илигинэ, оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар быһа киирэн мунньуллан иһэллэр. Бу өйдөбүллэр оҕо ийэтэ үөрэрин көрөн үтүктэн үөрэр буолуоҕуттан, илиитинэн бастакы хамсаныылары оҥороруттан саҕалаан үөскүүллэр. Бу быһаччы оҕо ийэ кутугар киирэн мунньуллар өйдөбүллэр киһи өйүн-санаатын төрүтүнэн буолалларын бэлиэтинэн оҕо аан маҥнайгыттан ылынан, үөрэнэн иһэр үөрэҕэ барыта үтүгүннэрэн үөрэтиинэн ситиһиллэллэрэ буолар. Ол курдук оҕо ийэтэ оҕотун көрөн үөрбэт буоллаҕына, оҕо хантан да ылан үөрэргэ үөрэнэрэ суох буолар. Итиннэ эбии оҕо бэйэтэ атын улахан дьону эбэтэр оҕолору көрөн үтүктэн, үөрэнэн иһиитэ ураты күүстээх. Ордук бэйэ¬тин бараллаата оҕолору көрөн үтүктэн, түргэнник үөрэнэр. Сахалар ол иһин кыра оҕону үөрэтиини иитии диэн ордук чуолкайдаан ааттыыллар.
Оҕо бытыылкатын бэйэтэ илиитигэр тутан сөбүн көрөн иҥнэрэн үүтүн иһэр буолуута олус улахан кыайыытыгар тэҥнэнэр. Бу быһыы оҕо хамнанар кыаҕа улаатан ийэ кута үөскээн олохсуйан иһэрин бэлиэтиир. Kини илиитин бэйэтэ салайан, сөптөөх хамсаныылары оҥорор кыахтанан иһэр.
Оҕо өйдөөн-санаан, кыһанан этин-сиинин эрчийэн барыыта аан маҥнай тарбахтарын хамсаныытыттан, тугу эрэ, оонньууру, ийэтин тутан көрөн, тардыалаан маҥнайгы үөрэҕин саҕалыыр. Олус кыһанан, уһун күнү быһа тарбахтарын эрчийэр, тугу барытын тутан көрө сатыыр. Таба тутан ылар буолуута маҥнайгы кыайыыта буолар. Оҕо маҥнайгы үөрэҕин олус элбэхтэ хос-хос хатылаан үгэс оҥостон уурунан иһэр буолан олус дириҥник иҥэллэр.
Оҕо ийэ кута үөрэҕи ылынан сайдан иһэрин бэлиэтинэн таҥаһын инчэппэт буолуутугар үөрэниитэ буолар. Бу үөрэххэ оҕо олус өр кэмҥэ ийэтин көмөтүнэн үөрэнэр. Кыра сылдьан баһылаабыт ити үөрэҕэ үйэ¬тин тухары умнуллубакка туһалыы сылдьар. Ити үөрэх умнуллан хаалбакка сылдьара, ийэ кут өйө-санаата киһини бэйэтин хаһан баҕарар салайа сылдьарын бэлиэтиир.
Төрөппүттэр бэйэлэрин өйдөрө-санаалара, тугу үчүгэй эбэтэр куһаҕан дииллэрэ оҕолоругар бэриллэн иһэр. Биһиги санаабытыгар бу өй-санаа төрөппүтүттэн оҕотугар үгэс буолан быһаччы бэриллэр. Ол курдук төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕиттэн бэйэлэрэ тугу үчүгэй дииллэрин элбэхтик оҥорорго үөрэттэхтэринэ, ол быһыы элбэхтэ хатыланан үгэс буолан оҕо өйүгэр-санаатыгар ууруллан, мунньуллан иһэр. Маннык үгэс буол-бут өйдөбүллэртэн оҕо ийэ кута үөскүүрэ итинник быһаарыллар.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн куһаҕан быһыыны оҥорбот буоларга чуол¬кайдык арааран үөрэтии, кинини үчүгэйи эрэ оҥороругар салайан биэрэр. Оҕо үчүгэйи оҥорбутуттан ийэтэ үөрэр буоллаҕына, хайҕаатаҕына оҕото элбэхтик үчүгэйи оҥоро сатыыр. Бу оҥорбут үчүгэй быһыытын хос-хос салгыаҕар диэри хатылыыр. Хас киһи аайы тиийэн көрдөрөн иһэр. Ол иһин бу быһыыта кэлин үгэскэ кубулуйан кини өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ууруллан умнуллубат гына иҥэн хаалар. Оҕо улаатан иһэн үчүгэйи оҥороро элбээн иһэр. Кырдьаҕас эбэлэр оҕону үчүгэйи оҥорорго үөрэтиилэрин бэйэтэ хамсанан ону-маны оҥорор буо¬луоҕуттан ыла саҕалаабытынан бараллар. Бу үөрэххэ аан маҥнай киһини хайыта тарпат, охсуолаабат, бытыылканы уонна оонньуурдары бы¬рахпат буолуутун киллэриэххэ сөп. Үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит оҕону үчүгэй иитиилээх диэн этэллэр.
Оҕо хааман бардар эрэ ону-маны оҥорорун үгэскэ кубулутара олус элбиир. Бу кэмҥэ тугу эмэ тыытаары гыннаҕына аан маҥнай улахан дьону ыйытардыы көрүтэлиир. Тэптэрэн биэрии, хайҕааһын буоллаҕына оҕо кэмэ суох үөрэр уонна бу быһыытын хос-хос салгыаҕар диэри хатылаан оҥорор. Үчүгэй быһыы кини өйүгэр-санаатыгар ити курдук хос-хос хатыланан үгэс буолан олохсуйан хаалан иһэр. Онтон улахан дьон сөбүлээбэккэ куһаҕаннык көрөн эбэтэр буойан тохтотон, оҥорон эрэр куһаҕан быһыытын аралдьытан кэбистэхтэринэ, бу быһыы кыайан элбэхтэ хатыламмакка үгэс буолбакка хаалар. Ол иһин оҕо ийэ куту¬гар салгыы өйдөммөккө суох буола сүтэн, умнуллан иһэр. Оччоҕуна оҕо куһаҕан быһыыны оҥоруута кини өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар иҥэн хаалбак¬ка, умнуллар. Ити курдук үгэс оҥорон өйгө-санааҕа иҥэринии түмүгэр оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар үчүгэйи оҥоруу өттө эл¬бэхтик иҥэн хаалар.
Ийэтэ үлэһит буолан, туох баар үлэни кыайа хото оҥорон иһэр буоллаҕына уонна оҕотун батыһыннара сылдьан үөрэттэҕинэ оҕото ийэ¬тин үтүктэн барыны-бары сатыырга, оҥорорго үөрэнэн иһэр.
Ийэ кут сайдыыта бытаан. Ийэ кут үтүгүннэрэн үөрэтиигэ ордук сайдар буолан, бөлөх дьон, коллектив өйө-санаата олус күүскэ дьа-йар. Араас олохсуйбут үгэстэр, үөрүйэхтэр бары ийэ кукка быһа дьайаллар. Манна атыттары көрөн-истэн үтүктүү ордук суолталаах. Үөрэнии маннык сайдан барыыта киһи Айылҕаҕа соҕотоҕун сылдьар буолбакка, бөлөҕүнэн кыттыһан сылдьарга ордук аналлааҕын көрдөрөр. Бу быһаарыы обществоны, дьон бөлөҕүн, соҕотох, аҕыйах киһи сайды¬быттара кыайан инники, сайдыы диэки сыҕарыппаттарын бэлиэтиир. Арай общество, дьон бөлөҕүн өйө-санаата барыта сайыннаҕына эрэ, бу дьон инники, сайдыы диэки хамсааһыннара саҕаланарын көрдөрөр. Өй-¬санаа маннык быһаарыыта «кумалаантан коммунизмҥа» ойон тиийии хай¬дах да сатамматын чуолкайдык быһаарар. Итини тэҥэ омуктарга ордук биллэр «Бытье определяет сознание» диэн өйдөбүл дьон олоҕун сай¬дыытыгар ордук сөп түбэһэрин бэлиэтиир.
Ийэ кут маннык өйдөбүлэ сахалар ийэ куту аймахтарга барыларыгар биир буолар диэн этиилэригэр сөп түбэһэр. Ол курдук аймах дьон оҕону үөрэтэллэригэр бэйэлэрин хайдах үөрэппиттэрин курдук үөрэ¬тэллэр. Кинилэр олохторун үөрэхтэрэ барылара олохсуйбут үгэстэргэ уонна үөрүйэхтэргэ кубулуйаннар оҕолоругар бэриллэн иһэллэр. Маннык үгэстэргэ үөрэтии көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн салгыы баран иһэр. Төрөппүттэрин ис өйдөрүн-санааларын оҕолоро кыра сылдьан, үтүктэн уонна саҥаларын истэн баһылыы сылдьарын улахан дьон аанньа ахтан өйдөөбөттөр. Кинилэр санааларыгар кыра оҕолор бэйэлэрэ өй-дөөбөт буоллахтарына, өйдөрүгэр-санааларыгар туох да ууруллан хаалбат буолуохтааҕын курдук өйдөбүл билигин дьоҥҥо олохсуйан сылдьар.
Учуонайдар быһаарыыларынан киһиэхэ подсознание диэн өй-санаа баар. Бу өйү-санааны гипностаах дьон баһылаан туһаналлар. Кинилэр киһи бу өйүгэр-санаатыгар киирэннэр араас уларыйыылары, холобур, арыгыны уонна табааҕы эмтээһини оҥороллор. Психолог Рон Хаббард быһаччы быһаарар өйгө-санааҕа олохсуйбут куһаҕан быһыылар тустары¬нан өйдөбүллэри, араас хомолтолору уонна хом санаалары ылан бырахтахха киһи өйө-санаата ырааһыран, бэрээдэгэ тупсар диэн быһаарар. Подсознание итинник өйдөбүлэ сахалар ийэ кут өйдөбүллэригэр олус сөп түбэһэр. Ол курдук сахалар ийэ куту быһааралларыгар киһи төрүт өйө-санаата ийэ кут буоларын бигэргэтэллэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэтин, аҕатын ытыктыыр, үтүө тылларын ис¬тэр буола үөрэннэҕинэ, үйэтин тухары итинник өйдөбүл иҥэн, олохсу¬йан, үгэс буолан хаалар. Оҕолорун кыра эрдэҕинэ «куһаҕан быһыыны» оҥорума диэн үөрэттэхтэринэ, биирдэ эмэ сыыһа туттан аһара хамнаннаҕына, охсуолаатаҕына, тэптэҕинэ эбэтэр тугунан эмэ бырахтаҕына, маннык быһыы сыыһа, куһаҕан быһыы буолар диэн буойан тохтотон иһэр буоллахтарына, киниэхэ бу куһаҕан быһыылары оҥорбот буоларга аналлаах тохтотор, туормастыыр майгылар, үгэстэр үөскээн олохсуйаллар уонна ийэ кутугар мунньуллан ууруллан иһэллэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ, куһаҕан быһыыны оҥорбокко, үчүгэйи эрэ оҥорорго үөрэннэҕинэ, кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар үчүгэй быһыылары эрэ оҥорор туһунан олохсуйбут өйдөбүллэр, үгэстэр баар буолаллар. Маннык өйдөбүллэр, үгэстэр олохсуйуулара киһини олоҕун устата үчүгэй быһыылары оҥорорун хааччыйаллар. Итини тэҥэ маннык үөрэтии куһаҕан быһыылары оҥорортон тохтотор туормас буолар. Бу туормас, тохтотор быһыы киһи куһаҕаны оҥороору гынарын хаһан баҕарар тохтотор. Ол аата, оҕо кыра эрдэҕинэ киһи быһыытыгар сөп түбэспэт хамсаныылары оҥорбот буоларга үөрэннэҕинэ, улаатан да баран ол курдук быһыылары, хамсаныылары оҥорбот буолар. Бу үөрэтии быһаарыыта сахалыы «Киһи илиитэ барбат» диэн этиинэн бигэргэтиллэр.
Киһи илиитэ барбат буолуута хаһан үөскээн олохсуйарый? Бу өйдөбүл оҕоҕо олох кыра эрдэҕиттэн улахан киһини, ийэтин, эбэтин, эдьиийдэрин охсуолаабат, тэбиэлээбэт буолууга үөрэммититтэн үөс¬кээн тахсан үгэскэ кубулуйар уонна киһи үйэтин тухары олохсуйан хаалар. Кэлин улаатан истэҕинэ бу өйдөбүл өссө дириҥээн, кэҥээн иһэр уонна араас уһуктаах, биилээх тэриллэринэн сэрэнэн туттарга үөрэниигэ, кыыллары, дьону охсуолаабат уонна кырбаабат буолууга үөрэнэргэ уларыйар.
Сахалар аатырбыт ороспуонньуктара Манчаары араас ыарахан балаһыанньаҕа түбэһэ да сырыттар киһини өлөрөн хааны тохпотоҕо биллэр. Оннооҕор кини улаханнык кыыһыран-абаран туран Чоочо баайы өлөрөөрү сананан баран илиитэ баран кыайан өлөрбөтөх. Оччотооҕу кэмҥэ киһини өлөрүү диэн саамай ыар айыы буолара уонна кыра эрдэҕиттэн аһара туттан кэбиһэргэ үөрэммэтэҕэ кинини тохтотоннор, олоҕун алдьаппыт киһиттэн иэс ситиһэр түгэн үүммүт кэмигэр «Илиитэ бар¬бат» буолбута чахчы. (9,162).
Онон, ийэ кут диэн сахалыы өйдөбүлү өссө дириҥэтэн уонна кэҥэтэн өйдөөтөхпүтүнэ, бу эмиэ өй-санаа мунньустубут көрүҥэ буолар. Бу өйгө-санааҕа оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтин толкуйдуур өйө, салгын кута сайдыан иннинэ, мунньубут өйдөбүллэрэ уонна үтүктэн үөрэммит үөрэҕэ үгэскэ кубулуйаннар мунньулла сылдьаллар. Ити курдук, оҕо кыра, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ, ол аата 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри мунньуллубут ийэ кутун өйө-санаата, үөрэммит үгэстэрэ киниэхэ үйэтин тухары дьайа сылдьаллара бэлиэтэнэр. Итини тэҥэ кэлин даҕаны киһи үгүстүк хатыланар үөрэхтэрэ үгэстэргэ кубулуйаннар ийэ кукка эмиэ мунньуллар эбиттэр. Ол иһин бытааннык да буоллар ийэ кут сайдыыта киһи олоҕун устатын тухары баран иһэр. Үчүгэй быһыылар үгэстэргэ кубулуйан ууруллан иһэллэрэ элбээтэҕинэ, киһи ханнык баҕарар кэмҥэ бэйэтин кыана тутта сылдьара быһаарыллар.
Билиҥҥи наука киһи өйүн-санаатын мунньустар кииннэрэ икки аҥы буолалларын билинэр. Kороткая память диэн киһи быстах кэмҥэ өйдөөн хаалар информациятын, онтон долговременная память диэн киһи уһун кэмҥэ өйдөөн хааларын быһаараллар. Биһиги ийэ кут өйүн-санаатын быһаарыыбыт наука этэринэн киһи долговременная память диэҥҥэ сөп түбэһэр.
САЛГЫН КУТ
Сахалар итэҕэллэрин үөрэҕин биир салаатынан кут-сүр үөрэҕэ буолар. Кут-сүр үөрэҕэ Айылҕа тыынар-тыыннаахтарыгар барыларыгар дьайар. Салгын кут туһунан суруйуохпут иннинэ кут-сүр үөрэҕэр төһө билии мунньуллубутун аан маҥнай түмэн көрүөхпүт:
Сахалар билэллэринэн Айылҕа бары тыынар-тыыннаахтара иккилии: буор уонна ийэ куттаахтар. Салгын кут киһиэхэ эрэ сайдан барар. (8,67).
Айылҕаҕа буола турар уларыйыылар киһи өйүгэр-санаатыгар, салгын кутугар киирэн мунньустан иһэллэр. Салгын кут айылҕа түргэнник буола турар уларыйыыларын ылар. (1,24).
Киһи үөрэҕи-билиини ылан иҥэринэр дьоҕура салгын куттан тутулуктаах. Салгын кут киһи чараас эйгэтин үөскэтэр. Ити эйгэҕэ киһи туруга, баҕата, санаата иҥэн сылдьар. Үөрэнии салгын кут иҥэрэр дьоҕуругар олоҕурар. Салгын кукка ким эрэ кута түстэҕинэ, киһи ол түспүт кут майгынын ылар, билиитин иҥэрэр, интэриэһин тутуһар. (2,128).
Курууппа ойуун салгын кут кэлбэт гына бардаҕына киһи иирэр диир эбит. Киһи түһээн ону-маны көрөрө - салгын кут сырыыта. Түһээн өлбүт киһини көрүстэххинэ, ол аата эн салгын кутуҥ кини сал¬гын кутун көрөр эбит. (3,34).
Салгын кут маннык быһаарыыларын барытын мунньан баран ырытан көрдөхпүтүнэ бу кут эмиэ өй-санаа мунньустуута буолара чахчы. Ол эрээри бу өй-санаа ийэ кут курдук үгэскэ кубулуйа илик буолан сахалыы эттэххэ «Kөтөн» хаалар кэмнэрдээх. Өй-са¬наа мунньустан элбээн истэҕинэ, толкуйдуур, быһаарар күүһэ эбиллэн иһэрин бэлиэтинэн оҕо улаатан иһэн ону-маны өйдүүр, тугу оҥорбутун умнубат, өйдөөн хаалара эбиллэр. Оҕо умнугана суох буолуута салгын кута сайдан иһэрин, үөрэҕи-билиини ситиһиитин биир бэлиэтэ буолар. Ити аата, оҕо улаатан иһэн үөрэҕи-билиини баһылаан, өйө-санаата сайдыыта, сахалыы салгын кут диэн ааттанар. Бу салгын кут өйө-санаата сайдыбытын бэлиэтинэн оҕо тугу оҥорбутун өйдүү сылдьар уонна бэйэтэ кэлин тугу оҥоруохтааҕын билэр, умнубат буолуута ааҕыллар.
Оҕо улаатан 5 эбэтэр 6 сааһыттан ыла бэйэтэ тугу гыммытын, хан¬на сылдьыбытын умнубакка өйдүү сылдьар буолар. Ол аата сити кэмтэн ыла саҕаланан кини салгын кута сайдан, туспа баран иһэр. Бу кэмтэн ыла саҕалаан киһиэхэ «Мин бэйэм» диэн өйдөбүл киирэн, күүһүрэр, бэйэтэ оҥорбутун өйдүүр, умнубат. Онтон ол иннинээҕи, өссө кыра эрдэҕинээҕи өйө-санаата, оччолорго тугу оҥорбута, бэйэтэ өйдөөбөтөҕүн да иһин ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар су¬руллан, иҥэн сылдьар.
Киһи хара төрүөҕүттэн үлэлииргэ, тугу эмэ туһалааҕы оҥорорго сүрэҕэ суох, эти-сиини хамсатыы элбэх эньиэргийэни, күүһү-күдэҕи эрэйэр. Сүрүн чааһа эт-сиин буолан куруук сынньалаҥнык, бэйэтин этин-сиинин, буор кутун эрэйдээбэккэ эрэ, быстах баҕа санааларын толоро сылдьыан баҕарар. Ити баҕа санаалар барылара киһи буор ку¬тун, ийэ кутун баҕа санаалара буолаллар. Бу быстах баҕа санаалары барыларын баһыйар уонна дьоҥҥо ордук туһалаах өттүн, үлэ-хамнас диэки салайан биэрэргэ аналлаах туспа күүс баар буоллаҕына эрэ киһи киһилии майгылаах, туох эмэ туһалааҕы оҥорор буола улаатар. Бу күүс, өй-санаа, салгын кут буолар. Kиһиэхэ салгын кута сайдыыта киһи өйүн-санаатын сайыннаран, үөрэҕи-билиини баһылаан «Киһилии киһи» буолуутугар тириэрдэр.
Сахалар салгын куту быһаарыылара психолог Рон Хаббард толкуйдуур өй-санаа диэн быһаарыытыгар сөп түбэһэр. (5,52).
Салгын кут сайдыыта түргэн. Оҕо улаатан улахан киһи буолуутугар дьон-норуот үйэлэр тухары үөрэтэн билбиттэрин үксүн кэриэтэ билэр буола үөрэнэр. Өссө сорохтор бэйэлэрин үйэлэригэр аһара сайданнар, саҥаны арыйыылары эмиэ оҥороллор. Оҕо улаатан, бэйэтин тол¬куйдуур өйө киирэн, салгын кута сайдан истэҕинэ, араас быстах баҕа санааларын, ийэ кутун өйүн-санаатын, баһыйа тутан салайар киһи буолан бардаҕына элбэх туһалаах үлэни-хамнаһы оҥоруон сөп кыахтанар.
«Киһи тылын истимтиэ»,- диэн этии «Үөрэҕи ылынымтыа киһини» бэлиэтиир этии. Улахан, үөрэтэр киһи тылын болҕомтолоохтук истэн ылынан иһэр киһи үөрэҕи-билиини баһылыыра түргэнин бэлиэтээн этии буолар. Салгын кут сайдан барыытыгар сыһыаннаах этиинэн: «Киһи¬лии киһи атын дьон сыыһаларын көрөн, истэн үөрэнэр, онтон ыарахан¬нык, эрэйдэнэн үөрэнэр киһи бэйэтин сыыһаларыттан үөрэнэр»,- диэн баар. Бу этии киһи үөрэҕи баһылааһына эмиэ икки араастааҕын уонна үөрэх киһиэхэ киирэн иҥиитэ эмиэ тус-туспа буолалларын араа¬ран бэлиэтиир.
Салгын кут өйө-санаата ыһыллаҕас ситэ чиҥии, үгэс буола илик санаалар буолаллар. Ол иһин салгын кут өйө-санаата сотору умнуллан суох буолан иһэллэр, биир эмэ олус дириҥник өйдөммүт өрүттэр эрэ ордон хаалаллар. Kиһи кинигэни аахтаҕына эбэтэр киинэни көрдөҕүнэ сүрүн өрүттэрин быстах-быстах сирдэринэн өйдөтөлөөн хаалар. Манна ордук киһини соһутар, урут буолбатах быһыылар аан бастаан өйдөнөллөр. Интэриэһинэйэ суох кинигэ түбэстэҕинэ ханан эрэ баһын-атаҕын эрэ өйдөөн хаалан баран сотору аатын кытта умнан кэбиһиллэр.
Аҥардастыы салгын кута сайдыбыт киһи түүлүгэр үгүстүк көтөр, үөһээ ыраах сылдьар, баҕа санааларын араас көстүүлэрин көрүөн сөп. Түүлгэ киһи олус ыраах, сир көстүбэт үрдүгэр көтө сылдьар буолуута хаһан да туолбат ыра санаалар элбэх буоллахтарына көстөр бэлиэ буолар.
Инники быһаарбыппыт курдук салгын кут эти-сиини кытта быһаччы сибээһэ, тутулуга суох. Бу кут эккэ-сииҥҥэ атын куттар: ийэ эбэтэр буор куттар нөҥүө, ол куттар сөбүлэстэхтэринэ эрэ дьайар кыахтаах.
Салгын кут аҥардастыы сайдыыта кэлтэй сайдыылаах, этэ-сиинэ эрчиллиитэ суох, мөлтөх доруобуйалаах, быстах, туруга суох өйдөөх-санаалаах киһини үөскэтэр.
Туруга суох өйдөөх-санаалаах дьон аан маҥнай арыгыһыт, наркоман буолаллар. Kинилэр өйдөрө-санаалара чэпчэки, олус көтө сылдьыы диэки салаллан хаалыылара итирэ, өйдөрө көтө сылдьар кэмин ордук сөбүлүүр буолалларыгар тириэрдэр. Ол иһин аҥардастыы салгын кут сайдыыта дьон олоҕор, Орто дойду сайдыытыгар олус улахан охсуулаах буолара сабаҕаланар.
Ити курдук сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ киһи бэйэтин өйүгэр-санаа¬тыгар олус сөп түбэһэрэ дакаастанар. Ол иһин киһи хара төрүөҕүттэн ыла дьаныһан туран дьарыктанан бэйэтин буор, ийэ куттарын эрчийэн, салгын кутун сайыннаран истэҕинэ олоҕор сайдыыны ситиһиэн, дьоҥҥо элбэх туһаны аҕалыан сөп.
КУТТАР СОЛБУҺУУЛАРА
Саха дьоно кут туһунан бэрт элбэх уонна дириҥ өйдөбүллэрдээхтэр. Олору бииргэ хомуйан маннык наардыахпытын сөп. Былыр-былыргыттан саха дьоно киһи үс куттааҕын билэллэр. (1,33). Киһи этэ-сиинэ - буор кут диэн ааттанар. Өллөҕүнэ киһи этэ-сиинэ үрэллэн буор буоларын иһин итинник ааттаабыттар. Буор кут сир информациятын илдьэ сылдьар. Саха киһитэ саныырынан киһи куттара Айылҕаны кытта сибээстээхтэр. Ийэ кут киһиэхэ космостан киирэр уонна Айылҕа саамай дириҥ күүстэрин кытта сибээстээх. Салгын кут Айылҕа түргэнник буола турар уларыйыыларын ылар. (1,24).
Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ билинэринэн киһи тыыннаах сырыттаҕына ийэ кут буор куту кытта бииргэ сылдьар. Киһи олоҕор биир эмэ түбэлтэлэргэ, холобур, соһуччу ыарыйдаҕына эҥин, ийэ кут арахсан туспа сылдьара бэлиэтэнэр. Абааһылар киһи кутун ылан бардахтарына киһи кута төннүөр диэри ыалдьар.(10,73). Былыргы ойууннар киһини ыарытыннарбыт куһаҕан тыыны булан тутан, бохсуруйан, ыалдьыбыты үтүөрдэллэр эбит.(11,47). Дьоҥҥо куһаҕан быһыыны оҥорбут киһи кутун улахан ойууннар тутан ылан буруйун боруостуор диэри хаайан баран, буруйун боруостаатаҕына бэйэтигэр аҕалан биэрэллэрэ эмиэ биллэр. (12,214). Бу кэмҥэ диэри биллибит сахалар кут-сүр үөрэхтэрин өйдөбүллэрин К.Д.Уткин «Философия «Кут-сүр» диэн үлэ¬тигэр хомуйбута уонна кут-сүр диэн өйдөбүлү атын омуктар үөрэхтэригэр тэҥнээн көрүүнү оҥорбута. (13,4).
Биһиги бу үлэбитигэр киһи өйө-санаата үс өрүттээҕин, сахалыы буор кут, ийэ кут уонна салгын кут диэн ааттаналларын салгыы ырытыахпыт. Бу үс куттар, киһи өйүн-санаатын салайар өрүттэрэ, киһини ханнык кэмҥэ быһаччы салайалларын быһаарыахпыт. Киһи Айылҕаттан аналын быһыытынан тыыннаах буолан олох олоруон баҕарар. Бу баҕа санаа олус күүстээх, ол иһин бэйэтин, этин-сиинин көмүскэнэригэр киһини буор кута уонна ийэ кута быһаччы салайаллар. Kиһи тугу эмэни оҥороругар аан бастаан бэйэтин этигэр-сиинигэр, буор кутугар туһалаах өттүн оҥоро сатыыр. Киһи бэйэтин олоҕор, өйүн-санаатын салайыыга салгын ку¬та сайдан ийэ кутун өйүн санаатын баһыйдаҕына эрэ, үөрэх-билии ту¬гу этэрин туһанар буола үөрэнэр. Киһи өйүн-санаатын уратылара уонна утарыта турар курдуктара сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн ити кур¬дук быһаарыллаллар.
Буор кут уонна ийэ кут хаһан уонна ханнык кэмҥэ киһини быһаччы салайалларын киһи олоҕун маннык бэлиэ кэмнэргэ араартаан быһаарар ордук буолуоҕа:
1. Оҕо кыра буолан бэйэтин толкуйдуур өйө киирэ илигинэ эбэтэр үөрэҕи-билиини ылынан салгын кута сайдан барыан иннинэ буор кута уонна ийэ кута баһылааннар быһаччы салайаллар. Оҕону буор кут баһылаан салайарын бэлиэтинэн туох эмэ табыллыбатаҕына эбэтэр ыарыы буоллаҕына оҕо ытыыр, мөхсөр, куотар, онтон ийэ кут баһылаан салайара оҕо кыра эрдэҕинэ куруук үтүктэн, хамсанан, батыһан үөрэнэриттэн биллэр. Ийэ кут салайар кэмигэр оҕо урут тугу оҥорбутун уонна сарсын тугу оҥоруохтааҕын кыайан өйдөөбөт.
2. Оҕо улаатан үөрэҕи-билиини ылынан бэйэтин толкуйдуур өйө-са¬наата, ол аата 5 эбэтэр 6 сааһыгар, салгын кута сайыннаҕына кини өйүн-санаатын салайыыны салгын кут баһылаан оҥорор буолан барар. Бу кэмҥэ кини өйө-санаата сайдан, ханнык быһаарыыны ылынарын толкуйдаан, үөрэх-билии тугу этэринэн оҥорорго үөрэнэр. Киһиэхэ салгын кута сайдыбытын бэлиэтинэн үөрэҕи-билиини ааҕан билэр, кулгааҕынан ис¬тэн иҥэринэр уонна тугу билбитин-көрбүтүн умнубат, өйдүү сылдьар буолуута ааҕыллар.
3. Улаатан бэйэтин өйө киирбитин кэннэ, араас соһуччу түбэлтэ-лэргэ түбэһэн толкуйдуур өйө, салгын кута, көтөн хааллаҕына киһини ийэ эбэтэр буор кута быһаччы баһылаан салайаллар.
Атын дойдуларга оҕону кыра эрдэҕинэ бөрө дуу эбэтэр атын кыыл булан ииппит түбэлтэлэрэ биллэллэр. Итинник иитиллэн улааппыт оҕолор ииппит кыылларын майгыларын ылынар, туттууларын-хаптыыларын үтүктэр уонна саҥаралларын курдук саҥарар буолан хаалаллар эбит. Кыра эрдэхтэринэ ылыммыт үөрэхтэрэ олус күүскэ иҥэн, улааттахта¬рына даҕаны кыыл курдук майгыларын кыайан бырахпакка, өйдөрө-санаалара салгыы сайдыбат буола мастыйан хаалаллар эбит. (14,12). Бу курдук иитиллибит оҕо майгына тоҕо итинник уларыйан хаалара киһи куттара тус-туспа буолалларынан эрэ быһаарыллар. Ол иһин оҕо маҥнайгы үөрэхтэрин ийэтин үтүктэн ылынан иһэр уонна ол үөрэҕэ олус дириҥник, ыл да уларыйа охсубат гына иҥэн хаалар диэн биһиги сайдан иһэр кут-сүр үөрэхпит быһаарар. Киһи өйүн-санаатын төрүттүүр өйдөбүллэр оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтин толкуйдуур өйө-санаата ситэ сайда, салгын кута үөскээн сала¬йар буола илигинэ, оҕо өйүгэр-санаатыгар, буор уонна ийэ куттарыгар быһа киирэн мунньуллан иһэллэр. Бу өйдөбүллэр оҕо ийэтин көрөн үөрэр буолуоҕуттан, илиитинэн бастакы хамсаныылары оҥороруттан саҕалаан үөскүүллэр. Бу быһаччы оҕо ийэ кутугар киирэн мунньуллар өйдөбүллэр киһи өйүн-санаатын төрүтүнэн буолалларын бэлиэтинэн оҕо аан маҥнайгыттан ылынан, үөрэнэн иһэр үөрэҕэ барыта үтүгүннэрэн үөрэтиинэн ситиһиллэллэрэ буолар. Итиннэ эбии оҕо бэйэтэ атын улахан дьону эбэтэр оҕолору көрөн үтүктэн, үөрэнэн иһиитэ ураты күүстээх. Оҕо бэйэтин бараллаата оҕолортон үтүктэн үөрэниини ордук түргэнник ылынар. Бу үөрэҕи толору дакаастааччыларынан элбэх оҕолоох ыаллар буолаллар. Ыал улахан оҕолорун кыралара бары үтүктэн улаатыылара дьоҥҥо барыларыгар былыргыттан биллэр суолга киирсэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ «куһаҕан быһыыны» оҥорума диэн үөрэтии, сорох кэмҥэ сыыһа туттан аһара хамнаннаҕына, охсуолаатаҕына, тэптэҕинэ эбэтэр тугунан эмэ бырахтаҕына, маннык быһыы сыыһа, куһаҕан быһыы буолар диэн сонно тохтоттоххо, оҕоҕо бу куһаҕан быһыылары оҥорбот буоларга аналлаах тохтотор, туормастыыр майгылар үөскээн олохсу¬йаллар уонна кини ийэ кутугар мунньуллан ууруллан иһэллэр.
Оҕо улаатан истэҕинэ бары баҕа санаалара эмиэ улаатан, кэҥээн иһэллэр. Кыра эрдэҕинэ бэйэтин баҕатын кыайан туттуммат буола үөрэммит оҕо улааттаҕына, ордук улааппыт баҕаларын кыайан туттунара өссө уустугурар. Кини толкуйдуур өйө, салгын кута ийэ кутун баҕа санааларын кыайан тохтоппот, ол иһин бэйэтин быстах баҕа санааларын кыайан туттуммат киһи буолан хаалар. Сахалар маннык үөрэммит киһини «Атаахтык иитиллибит киһи» диэн атыттартан туспа арааран бэлиэтииллэр. Ол курдук ийэ кут баҕа санаата барыта киһи бэйэтин этигэр-сиинигэр, буор кутугар сыһыаннаах быстах баҕа са¬наалар буоланнар, киһи бэйэтин быстах баҕа санааларын урут толорооччу буола улаатар. Ол аата, ханнык эрэ дьыалаҕа быһаарыыны ылынаары гыннаҕына, бэйэтин этигэр-сиинигэр туһалаах өттүн урут бастатан оҥорор киһиэхэ кубулуйар.
Элбэх оҕолордоох ыал оҕолоро бэйэ-бэйэлэрин хардарыта көрсөллөрүн, бэйэ-бэйэлэриттэн үтүктэн үөрэнэллэрин түмүгэр үчүгэй, киһилии иитиилээх буола улааталлар. Арай кинилэр кыра оҕолоро, бары көмөлөөн аһара көрөн-истэн кэбиһиилэрин түмүгэр атаахтык иитиилээх буолан хаалара эрэ хомолтолоох буолуон сөп.
Үтүгүннэрэн үөрэтии элбэхтэ хатылаатахха ордук дириҥник иҥэр. Бу майгы оҕо ийэ кутугар мунньуллан иһэр буолан, бэйэтин толкуй-дуур өйүгэр-санаатыгар биллибэт курдук. Ол эрээри бу майгы эдэр киһи итирэн дуу, хайаан дуу толкуйдуур өйө, салгын кута көттөҕүнэ биллэн тахсар. Кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар куһаҕан быһыыны оҥорума диэн үөрэх иҥэриллибэтэх буоллаҕына, итирэн, «Өйө көтөн» сырыттаҕына кини аһара түһүүнү, охсуһууну, уһуктааҕынан, биилээҕинэн сыыһа туттан буруйу оҥорууну таһаарар кыахтанар. Ол аата, кини ийэ кутугар тохтотор, аһара барбат буолар үөрэх иҥэриллибэтэх буоллаҕына, салгын кута кыайан салайбат кэмэ кэллэҕинэ, бэйэтин тохтотунар кыаҕа аҕыйыыр. Ити иһин кэнники кэмҥэ биирдэ арыгы иһэн итирэн хаалбыт эдэр дьон туох эмэ буруйу оҥоро охсоннор хаайыыга түбэһэллэрэ олус элбээтэ.
Үчүгэй дуу, куһаҕан дуу быһыылары арааран билбэт буола иитиллибит киһи итирэн, толкуйдуур өйө, салгын кута көтөн, ийэ кутун быһаччы салайыытыгар киирэн сырыттаҕына, хайаан даҕаны аһара туттан кэбиһэр киһиэхэ кубулуйар. Бу быһыыны чуолкайдыырга маннык холо¬буру ылыахпытын сөп: эдэр киһи итирбит кэмигэр дьонугар кыыһырбыта бэрдиттэн оннооҕор ыты сүгэнэн кэрдэн кэбиһэр. Ити аата, бу киһи кыра эрдэҕинэ, биилээҕи; сүгэни, быһаҕы сэрэнэн туттарга үөрэтиллибэтэҕин таһынан ийэтиттэн эбэтэр аҕатыттан элбэх хааччахтааһыннары көрсүбүт буолуон сөбө биллэн тахсар. Ол иһин итирдэҕинэ, өйө көтөн, ийэ кутун салайыытыгар киирдэҕинэ төрөппүттэригэр кыыһырара, өйө-санаата тапсыбата аны таһыгар тахсан кэлэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ, куһаҕан быһыыны оҥорбокко, үчүгэйи эрэ оҥорорго үөрэннэҕинэ, кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар үчүгэй быһыылары эрэ оҥорор туһунан олохсуйбут өйдөбүл баар буолар. Оҕоҕо бэйэтин өйө киириэн иннинэ ийэтэ уонна аҕата: «Оҕом куһаҕаны оҥору¬ма, үчүгэйи, маннык оҥор»,- диэн үөрэтиилэрэ, кини ийэ кутугар киирэн олохсуйан иһэллэр уонна үйэтин тухары куһаҕаны оҥорор сыыһа, табыллыбат быһыы диэн тохтотор, туормас буолан өйүгэр-санаатыгар уурулла сылдьаллар. Бу олохсуйбут туормас, тохтотор быһыы киһи куһаҕаны оҥороору гынарын хаһан баҕарар тохтотор.
Оҕо маҥнайгы туормаһын ийэтэ оҥорор. Ол курдук кыра оҕо маҥнай¬гы хамнаныытынан хам тутан тардыалааһын буолар. Манна ийэ баттаҕа уонна кулгааҕа куруук тардыаланар. Оҕото ыалдьар гына тардыалаатаҕына ийэтэ сөбүлээбэккэ куһаҕаннык көрдөҕүнэ эбэтэр эмискэ хам¬наннаҕына, оҕо куһаҕаны оҥорбутун өйдүүр. Ийэтэ тардыалыырын он¬нугар имэриттэрэ үөрэттэҕинэ, бэрт сотору имэрийэргэ үөрэнэ охсор. Бу кэмтэн саҕалаан оҕо куһаҕан быһыыны оҥорбот буола, үчүгэйи эрэ оҥорорго үөрэнэн истэҕинэ, үйэтин тухары үчүгэйи оҥоро сылдьара элбэх буолар.
Оспуор ханнык эмэ көрүҥэр кыаттаран баран, кыһыытын-абатын кыа¬йан туттуммакка сыыһа-халты хамсанар киһини «Бэйэтин кыайан туттуммат киһи» диэн этэллэр. Кыра эрдэҕинэ сыыһаны оҥорортон тохтотунар буоларга үөрэтиллибэтэх оҕо ыксаабыт, ыгылыйбыт кэмигэр бэйэтин кыайан хонтуруолланан тохтотунара аһары уустугун ити этии бэлиэтиир. Улааппыт киһи итинник майгытын кыайан көннөрүнэрэ олус уустугун бэлиэтиир этиинэн: «Куһаҕан майгылаах киһини кыйахалаама»,-диэн этии баара буолар. Бу этии, киһиҥ эмиэ ыгыллан, кыыһыран муҥуругар тиийэн хааллаҕына кыайан туттунуо суоҕа, сыыһа хамнанан да кэбистэҕинэ көҥүлэ диэн өйдөтөр. Киһилии майгыга оҕону үөрэтиигэ аналлаах этии: «Оҕону ороҥҥо туора сытар эрдэҕинэ үөрэтиэххэ наада», диэн дьоҥҥо баар. Оҕону кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥорбот буоларга үөрэтии хайаан даҕаны наада буоларын киһи улаатан баран хайдах сылдьара туоһулуур. Ол курдук кыра эрдэҕинэ чугас дьонун, эбэтин, ийэтин, доҕотторун охсуолаабат, тэбиэлээбэт буоларга үөрэтиллибит оҕо бэйэтэ улааттаҕына хайа да киһини аһара кырбыа, үлтү сынньыа, хам тэпсиэ суоҕа. Онтон оҕону атаахтатыы, охсуолуур ээ диэн үөрүү, төттөрүгэ үөрэтэр. Ол курдук оҕо улааттаҕына итинник хамсаныылары оҥороругар тохтотор майгына суох буола улаатар.
Буруйу оҥоруу үгүс өттө - аһара туттунууттан тахсар. Ол аата, ханнык эмэ туһалаах да дьыаланы оҥороору эбэтэр бэйэтин көмүскэнээри киһи аһара туттан буруйу оҥорон кэбиһиигэ тириэрдиэн сөп. Киһи олоҕор буолан ааһыталыыр араас түбэлтэлэргэ, дьыала алҕас туттаран охсуһууга-этиһиигэ тиийэн хаалаары гыннаҕына, бу киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕинэ олохсуйбут «Аһара барыма» диэн өйдөбүл киһини тохтото охсоро наада буолар кэмэ кэлэр. Үгүс аһара туттан буруйу оҥоруулар уһуктааҕы уонна биилээҕи сэрэнэн туттубат буолууттан үөскээн тахсаллар. Оҕо кыратыгар быһаҕынан сэ¬рэнэн тутта үөрэммэтэҕинэ, улааттаҕына даҕаны сыыһа-халты туттара уҕараабат буолуон сөп. Ол курдук сахалар «Биилээҕи уһугунан анньан киһиэхэ биэримэ» диэн үөрэхтэрин билбэт буолууттан атын киһиттэн быһаҕы ылаары киһи илиитин быстар түбэлтэлэрэ эмиэ бааллар.
Биһиги оҕобутугар үчүгэйи баҕарар санаабытыгар киниэхэ үөрэҕи-билиини иҥэрэн, салгын кутун эрэ сайыннаран биэрдэхпитинэ, оҕобут өйө-санаата баҕабыт курдук үчүгэй буолуоҕа диибит. Ол эрээри улахан да киһи куруук толкуйдуур өйүнэн, салгын кутунан эрэ салаллан сылдьыбат. Киһи олоҕор буолан ылар араас ыксаллаах түгэннэргэ түбэстэҕинэ киһи үгүстүк толкуйдаабакка, быһаара сатыы турбакка эрэ түргэн хамсаныылары оҥорор. Аһара омуннуруу, олус ыксааһын, ыга кыыһырыы, улаханнык соһуйуу кэмигэр киһи толкуйдуур өйө, салгын кута көтөн, ийэ кутун быһаччы салайар кэмигэр киирэн ылар. Маннык кэм сахалыы быһаарыыта киһи «Өйө баайыллан ылар кэмэ» диэн ааттанар. Бу кэм кэлэн ааспыт бэлиэтинэн, киһи тугу оҥоро охсубутун «Ыксааммын өйдөөбөккө хааллым» диэн этиитэ бигэргэтэр. Киһи бэйэтэ тугу оҥорбутун өйдөөн-дьүүллээн быһаарбакка хаалар. Кини¬гэттэн ааҕан билбитэ, төрөппүттэрэ уонна учууталлара этэн-этэн үөрэппит үөрэхтэрэ соҕотохто умнуллан хаалаллар, ханнык быһаарыыны ылынарын бэйэтэ букатын да билбэккэ хаалар түгэннэрэ эмиэ баар буолаллар.
Маннык ыксаллаах, киһи «Өйө көтөн, баайыллан ылар» түгэннэригэр киһини ийэ кута быһаччы салайар. Ийэ кут ити салайыытыгар урукку кэмҥэ кини ийэ кутун өйүн-санаатын саппааһыгар ууруллубут өйдөбүллэртэн ылан туһанар. Манна ханнык хамсаныылар оҥоруллаллара барыта ийэ кут өйүн-санаатын саппааһыгар хайа өйдөбүллэр уурулла сылдьалларыттан тутулуктанан тахсар. Ол аата киһи «Өйө көтөн» ылар кэмигэр ийэ кутун өйүнэн-санаатынан салаллар буолан, оҕо кыра эрдэҕинэ бу өйүгэр-санаатыгар үчүгэй, киһилии өйү-санааны уган биэр¬бит эрэ буоллахха, киһилии майгылаахтык сылдьара, быстахтык быһыыламмата дакаастанар. Холкутук, толкуйдуур өйүнэн, салгын кутунан салаллан олорор киһиэхэ «Өйө баайыллан» эбэтэр «Өйө көтөн» ылар түгэннэрэ киирэн ааһалларын маннык биллэр холобурдартан чуолкайдык билиэххэ сөп.
- Үгүс дьон кыыһыраннар туох диэн эппиттэрин, саҥарбыттарын өй¬дөөн-дьүүллээн быһаарбаттарын таһынан өссө иһити-хомуоһу, чааскыны быраҕаллара эбэтэр остуолу охсоллоро кимиэхэ барытыгар биллэр. Ити этиилэр, саҥарыылар, хамсаныылар барылара олус соһуччу оҥоруллаллар уонна «Олус кыыһыраммын тугу саҥарбыппын, бырахпыппын өйдөөбөккө хааллым ээ»,- диэн чуолкайдыыр дуу эбэтэр бырастыы гыннарарга аналлаах быһаарыылаах буолаллар.
- Уоппуттаах суоппар ыксаллаах түгэҥҥэ түбэстэҕинэ эрдэттэн үөрэммит хамсаныыларын тугу да толкуйдаабакка эрэ оҥорор. Ол курдук халтарыйан ойоҕоһунан баран эрэр массыынатын уруулун аҥар өттүгэр аһара эрийэн кэбиспэккэ, төттөрү эрийэн көннөрө охсон биэрэн, массыыната көнөтүк барарын ситиһэр эбэтэр ыксаллаах түгэҥҥэ туормаһын үктээбитин билбэккэ да хаалар.
- Шаолин манаахтара илиинэн охсуһууну баһылаабыттара биллэр. Кинилэр охсуһууга үөрэтэр ньымаларынан элбэхтик биир-тэҥ хамсаныылары оҥороннор, ол хамсаныылар кини буор кутугар киирэн иҥэннэр, көмүскэнэр хамсаныылары киһи тугу да толкуйдуу барбакка, ураты түргэнник хамсанан оҥорор буоларын ситиһэллэр. Итинник албаһы туһананнар үрдүкү кылаастаах спортсменнар эмиэ араас албастарын ураты түргэнник оҥорор буола үөрэнэллэр.
- Киһи тарбаҕын төбөтүн итиигэ хаарыйдаҕына соҕотохто, тугу да толкуйдаабакка эрэ сулбу тардан ылар. Олус түргэн, эмискэ хамса-ныыны оҥоро охсор. Бу түгэҥҥэ куттал киһи этигэр-сиинигэр быһаччы суоһуур буолан көмүскэнэр хамсаныыны буор кут быһаччы, уокка сиэтиллибит тарбах ыйыытынан оҥорор. Маннык судургу, киһи этигэр үөскүүр ыарыылартан көмүскэнэр хамсаныылары буор кут быһаччы дьаһайар. Киһи биирдэ эмэ «Өйө көтөн ылар» кэмигэр толкуйдуур өйө арахсан хааларын уонна бу кэмҥэ киһини быһаччы быһаарар өйө салайарын психолог Рон Хаббард итэҕэтиилээхтик быһаарар. (5,76).
Бу быһаарыыны чуолкайдыырга маннык көстүүнү холобурга ылыахха сөп: Арай уулуссаҕа уолаттар биир охто сытар киһини тэбиэлии сылдьаллар. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин үтүктэн харса суох тэбиэлииллэр. Тэбиэлиирбититтэн бу киһи ыалдьара, аны өлөн хаалара буолуо диэн санаа бу уолаттарга хата киирэн көрбөт. Кинилэри кыра эрдэхтэринэ киһини тэбиэлиир куһаҕан, ыалдьар диэн ким да үөрэппэтэх буолан хайалара да туттунан тохтообот. Бары омуннураннар тугу оҥороллорун арааран өйдөөбөт буолан, өйдөрө баайыллан хаалара кинилэри итинниккэ тириэрдэр.
Киһи улаатан баран араас ыксаллаах түгэннэргэ түбэһэн салгын кута, өйө көтөн сырыттаҕына, кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыыны оҥорума диэн үөрэтиллибит үөрэҕэ ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар иҥэриллибит буоллаҕына кинини киһилии, дьону кытта иллээхтик, бэрээдэктээхтик сырытыннарар. Оҕону ийэ кута быһаччы салайар кэмигэр, кыра эрдэҕинэ, куһаҕан быһыылары оҥорбот буоларга үөрэттэххэ эрэ киниэхэ аһара туттартан тохтотор, туормастыыр өй-санаа олохсуйан үөскүүр уонна үйэтин тухары хонтуруоллуу сылдьар.
Киһи бэйэтин оҕотун бэйэтэ хайдах иитиллибитин курдук ииттэҕи¬нэ, үлэлээбитин курдук үлэлэттэҕинэ уонна тугу үлэлээбитигэр үөрэттэҕинэ бэйэтин курдук өйдөөх-санаалаах уонна үлэһит киһи оҥо¬рор. Онтон оҕотун бэйэтэ иитиллибититтэн сымнаҕастык, атаахтык көрдөҕүнэ, иһиттэҕинэ, бэйэтинээҕэр сүрэҕэ суох, мөлтөх киһини иитэн уонна үөрэтэн улаатыннарар. Оҕону төрөппүттэр бэйэлэринээҕэр сымнаҕастык, харыстаан иитэр буоланнар кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара мөлтөөн иһэллэр.
Сахаларга «Баай дьон тоҕус көлүөнэ иһинэн дьадайаллар» диэн олохсуйбут өйдөбүл баар. (15,46). Бу өйдөбүл үөскээһинигэр баай дьон бэйэлэрин оҕолорун үлэҕэ-хамнаска үөрэппэккэлэр, куруук бэлэмҥэ, сынньалаҥнык күүлэйдэтэ сырытыннараннар, кэлэр көлүөнэлэрэ букатын мөлтөх дьон буола иитиллэн тахсаннар баайдарын-малларын ыһан-тоҕон бүтэрэллэрин бэлиэтээһиннэрэ олук буолбут. (16,110).
«Социализм» кэмин саҕанааҕы төрөппүттэргэ, мин кыра эрдэхпинэ олус күүскэ үлэлиир этим, онон оҕом сынньаннын, кини үөрэхтээх киһи буолуоҕа диэн өйдөбүлү олохсуппуттара. Биир өттүттэн быһаардахха бу этии олус сөп курдук. Үөрэхтээх, үрүҥ үлэһит киһи кыратык үлэлиирин курдук өйдөбүлү биэрэр. Илиинэн ыарахан үлэни үлэлиирдээҕэр олорон эрэ өй үлэтин үлэлээһин кыра дьон санааларыгар чэпчэки үлэ курдук ааҕыллар. Ол эрээри бэйэлэрин кыра оҕолорун эн «Кыратык үлэлээ» диэн үөрэтиилэрэ кинини бэйэтин сүрэҕэ суох соҕус оҥорон кэбиһэр, илии үлэтэ ыараханын курдук өйдөбөлү иҥэрэр. Ол аата, оҕолоро төрөппүттэринээҕэр элбэхтик сытарын, сынньанарын сөбүлүүр уонна үлэлиирин оннугар оонньууну-көрү ордук эккирэтэр «атаах» киһи буолан тахсарыгар олук ууруллар.
Мантан салгыы бэйэтэ бу курдук сүрэҕэ суох соҕус буола иитилли¬бит киһи аны бэйэтин оҕотун өссө сүрэҕэ суох гына үөрэтэн кэбиһэр. Кыра оҕото төрөппүтэ элбэхтик сытарын, тугу да дуоннааҕы оҥорботун көрөн, үтүктэн улаатар буолан, кинитээҕэр сүрэҕэ суох буолар. Былыргы сахалар киһи хайдах үлэһитин билээри төрөппүттэрин туһунан ыйыталаһаллара ити быһаарыы олус табатын бигэргэтэр. Ити аата, бу аймах дьон үһүс көлүөнэлэрин киһитэ букатын тугу да үлэлии үөрүйэҕэ суох, барыта бэлэмҥэ иитиллэр киһи буолан тахсара ханнык да саарбаҕа суох буолар. Биллэр баай дьон сиэннэриттэн Л.И.Брежнев сиэнэ Виктория билигин бары баайын матайдаан бомж буолан сылдьар.
Бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэт киһи эгэ оҕотун үөрэтиэ дуо? Суох буоллаҕа дии. Оҕотун аһара атаахтатарыттан уонна аһатарыттан, таҥыннарарыттан атыҥҥа кыһаммат. Оҕото улаатан ону-маны, буруйу оҥорон түбэстэҕинэ, аны атын дьону, үөрэппит оскуоланы буруйдуу саныыры¬гар тиийэр. Төрөппүттэр оҕолорун туһугар аһара кыһанан-мүһэнэн, кини эрэ туһугар, кини эрэ тот буоллун, киниэхэ эрэ баар буоллун диэн маанытык таҥыннаран, көрүүлэрэ-истиилэрэ, оҕолорун төттөрү өйгө-санааҕа, барыта мин туспар диэн санааҕа үөрэтэр. Төрөппүттэр олус көрүүлэрэ-истиилэрэ оҕолоро үчүгэй холобуру үлэлээн ылынан, үтүктэн үөрэнэр кыаҕын суох оҥорор уонна бары мин туспар кыһаналлар диэн өйдөбүлгэ оҕустаран, бэйэтин өйүн-санаатын, салгын кутун кыайан сайыннарбат, ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар бас бэриммит, сай¬дыы-үүнүү диэки соччо тарбыспат киһи буола улаатар.
Билигин биһиэхэ коммунистар, большевиктар кыайыахтарыттан ыла үһүс көлүөнэ дьон үөскээн олороллор. Россияҕа маннык эстии-быстыы кэлиитэ эдэр көлүөнэлэри иитии-үөрэтии майгыта аһара сымнааһыныттан таҕыста. Ааспыт үйэҕэ колониализм хара батталыгар олорбут түҥкэтэх өйдөөх-санаалаах дьону барыларын эмискэ үөрэхтээһин, сай¬дыыта суох экономикалаах дойдуга, илии ыарахан үлэтин кыайа-хото үлэлиир дьону аҕыйатан, бары үрүҥ, чэпчэки үлэни эккирэтэ сылдьар буолалларын таһааран кэбистэ.
Итинник үөскээбит уустук балаһыанньаны билигин тэнийэн иһэр ырыынак сыһыаннаһыылара эрэ сыыйа-баайа көннөрөллө-рүгэр эрэл баар. Итини тэҥэ саха дьоно саҥа үүнэн иһэр көлүөнэлэрин иитиини-үөрэ¬тиини төрдүттэн уларытан, былыргы сахалардыы, «Мин оҕом саары чаккылаах» диэн атаахтаппакка, бэйэҕитинээҕэр ордук тулуурдаах, өһөс, үлэһит дьону ииттэххитинэ уонна үөрэттэххитинэ маннык сымнаабыт майгы сыыйа көнөн барыан, эрэллээх кэлэр көлүөнэлээх буолуохха сөп.
Хос быһаарыылар.
1. Саха төрүт культурата. 11 чааһа. Саха республикатын үөрэҕин министерствота. Учууталга көмө. Дьокуускай: 1992.- 80 с.
2. Афанасьев Л.А. Айыы үөрэҕэ. Дьокуускай: «Ситим» КиФ, 1993.- 184 с.
3. Курууппа ойуун көрүүлэрэ. Дьокуускай: «Бичик» Нац. кинигэ кыһата, 1993.- 56 с.
4. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев редакциятынан - Дьокуускай: «Бичик» нац. Кинигэ кыһата, 1994.- 264 с.
5. Л.Рон Хаббард. Дианетика. Современная наука душевного здо-ровья. Учебник по дианетике. / Пер. с англ. под общей ред. М.И.Ни-китина. - Москва: Воскресенье, Нью Эра Пабликейшнс Груп ( Совмест¬ное издание ). 1993.- 576 с.
6. «Илин» сурунаал. 1993 - 94.
7. «Илин» сурунаал. 1998 с. N 1.
8. «Илин» сурунаал. 2000 с. N 1.
9. Предания, легенды и мифы саха ( якутов ). Новосибирск, «Нау¬ка» Сибирская издательская фирма РАН,- 1995.- 400 с.
10. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. Якутск: Творчес¬ко-производственная фирма «Север-Юг». 1992.- 318 с.
11. Ойууннар норуот номоҕор. Дьокуускай: Саха сиринээҕи тыл, литература уонна история института. 1993.- 64 с.
12. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. Дьо¬куускай: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1994.- 352 с.
13. К.Д.Уткин. Философия «Кут-сүр». Якутск: «Ситим» ЧИФ, 1994.- 20 с.
14. Газета «Якутия». 23 декабря 2000 год.
15. В.Ф.Трощанский. Наброски о якутах якутского округа. Под ред. и с прим. Э.К.Пекарского. Казань: Типография Императорского Уни-верситета, 1911.- 144 с.
16. Е.Д.Андросов. Оруоһуттар. Дьокуускай: «Бичик» нац. кн. Кыһа¬та, 2000.- 288 с.
КУҺАҔАН БЫҺЫЫЛАР
Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн дьон олоҕун сиэригэр-майгыныгар сөп түбэспэт куһаҕан быһыылары оҥоруу айыыны оҥоруунан ааҕыллар. Киһи үйэтин тухары оҥорор куһаҕан быһыылара, айыылара ыраастанан көҕүрээн биэрэн испэтэхтэринэ, мунньуллан халыҥаан, эмиэ үгэс буолан ууруллан иһэллэр. Кыра айыыны оҥоруу үчүгэй быһыыны оҥордоххо сотуллан, тэҥнэнэн ыраастанан биэрэн иһэр диэн кырдьаҕастар этэллэр.
Киһи айылҕаттан аналын быһыытынан тыыннаах буолан олоҕу олоруон баҕарар. Ол иһин бэйэтин хайаан даҕаны кыаҕа баарынан көмүскэнэр. Киһи бэйэтин көмүскэниитэ - Айылҕаттан анала. Биир эмэ киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан, күүһүнэн кыайан көмүскэнимээри гыннаҕына, Айылҕа сороҕор күүһүгэр күүс эбэн биэрэр. Ол курдук биир эмэ түгэҥҥэ киһи улаханнык куттанан үрдүк тиит үрдүгэр ытта охсубута эбэтэр кэтит уонна дириҥ аппаны үрдүнэн ойон кэбиспит түбэлтэлэрэ эмиэ биллэллэр.
Дьон бары бэйэлэрин олохторугар суоһуур куһаҕан быһыылары барыларын билэн иһэр буоллахтарына, сэрэнэ уонна ол куһаҕан быһыылартан хайдах харыстанары үөрэтэ сылдьаллар. Ханнык куһаҕан быһыылар баалларын биллэрэн, туохтан маннык быһыылар үөскүүллэрин дириҥник ырытан, кэпсээн иһии, төрөппүттэр оҕолоругар куһаҕан быһыылары туспа арааран билэргэ үөрэтэллэригэр көмөлөһөр. Ол курдук сорохтор туох куһаҕан быһыылары оҥороллорун атыттарга кэпсээбэт буолуу, кинилэри албынныырга тэҥнэнэр. Куһаҕан быһыылары кистээһин дьон үксэ бары-барыта үчүгэй диэн албын санааҕа оҕустарыыларыгар, сэрэҕэ суох буоланнар ол-бу быһылааннарга элбэхтик түбэһэллэригэр тириэрдэр. Итини тэҥэ албыннаан, буруйу оҥоруулары саба сатааһынтан төрөппүттэр бэйэлэрэ эмиэ билбэт буолууларыттан, оҕолорун куһаҕан быһыылары оҥорбот буоларга уонна олортон хайдах көмүскэнэр туһунан үөрэппэт буолан хаалаллар.
Оҕолор ханнык куһаҕан быһыылар баалларын билбэт буолуулара, ки¬нилэр бэйэлэрэ куһаҕан быһыыларга утарсар кыахтара суох буола¬рыгар тириэрдэр. Ол иһин итилэр сабыдыалларыгар киирэн биэрэллэрэ элбиир. Оҕолор куһаҕан быһыылары арааран билэр буоллахтарына, бэйэлэрэ ол курдук быһыылары оҥороллоруттан туттуналлар. Кинилэргэ кыра эрдэхтэринэ ийэлэрэ, аҕалара: «Бу куһаҕан быһыы, манныгы оҥорума»,- диэн үөрэхтэрэ өйдөрүгэр-санааларыгар олохсуйан хаалан, итинник быһыыны оҥороору гыннахтарына тохтотор туормас буолар. Ити курдук оҕо киһи киһиэхэ сыһыаныгар аһара баран хаалбат буоларга үөрэнэр. Бу үөрэх барыта, кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ хайдах үөрэп¬питтэриттэн эрэ тутулуктаах. Кыра оҕо ийэтин баттаҕыттан тардыалыыра киниэхэ ыарыыны оҥорорун көрөн билэр, ийэтэ сөбүлээбэтин хайдах эмэ биллэрдэҕинэ, тадыалаабакка үөрэттэҕинэ оҕото сотору тардыалыырын быраҕар уонна хаһан даҕаны тардыалаабат буолар.
Улаатан иһэр оҕолор улахан дьоннооҕор ордук билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕараллар, олус элбэх боппуруостары ыйыт да ыйыт буолаллар. «Бу тугуй»,- диэн ыйытан иһэллэриттэн оннооҕор кырдьаҕас эбэлэр саллаллар. Ханнык баҕарар боппуруоска төрөппүттэрэ сөптөөх эппиэти биэрбэт буоллахтарына, оҕо бэйэтэ быһаарыы булар эбэтэр атын кимтэн эмэттэн, атыттартан ыйытарыгар тиийэр. Ити курдук билбэт боппуруостарыгар ханнык эмэ эппиэти оҕо син-биир булар. Ол эрээри кини бэйэтэ булбут эппиэтэ төрөппүттэрин уонна учууталларын баҕаларыгар сөп түбэспэт буолар уратылааҕын ситэ сыаналаабаппыт.
Оҕо улаатан иһэн тулалыыр дьоҥҥо буолар араас түбэлтэлэри, сыыһа-халты туттуулары барыларын билэн иһэрэ наада. Оҕолор ханнык баҕарар куһаҕан быһыыга түбэстэхтэринэ, ханнык быһаарыыны ылынал¬ларын үгүс өттүн төрөппүттэрэ кэпсээбиттэриттэн истэн эбэтэр доҕотторо эппиттэрин курдук оҥороллор. Ол иһин төрөппүт оҕотугар бу быһыы куһаҕан эбэтэр үчүгэй диэн быһааран биэрэрэ хайаан даҕаны наадалаах. Үчүгэйи уонна куһаҕаны чуолкайдык арааран билэр буолуу итилэртэн хайдах көмүскэнэри үөрэтэргэ эмиэ туһалаах. Кэнники кэмҥэ биирдиилээн дьон бэрээдэги кэһиилэрэ элбээн, эдэрдэр илиинэн охсуһуу ньымаларыгар үөрэнэллэрин көҕүлээтэ. Итинник үөрэҕи баһылаабыт оҕолор бэйэлэрин көмүскэнэллэригэр эбэтэр кими эмэ көмүс¬күүллэригэр толору кыахтаах буолан тахсаллар.
Кэнники бириэмэҕэ үөскээбит «Оҕолору видик буорту оҥордо» диэн өйдөбүл төрөппүттэр оҕолорун иитиилэригэр бэйэлэрэ букатын кыһам¬мат буолан хаалбыттарын бэлиэтиир. Ол курдук оҕолорун иитиитин барытын, атын дьоҥҥо, «видиккэ», телевизорга сэлээннээн кэбиспиттэрин чуолкайдаан биэрэр этии буолар. Кырдьык бу курдук, оҕолорго тугу даҕаны быһааран биэрбэккэ эрэ, дьаалатынан ыытан кэбистэххэ, оҕолор аныгы киинэ өйдөбүлүн ситэ быһаарбаккалар, аҥардастыы өлөрүү-алдьатыы диэки охтон хаалыахтарын сөп. Кинилэр көннөрү санааларыгар уустук боппуруостары быһаара сатаабакка эрэ дөбөҥнүк өлөрө, ытыалыы охсон кэбиһии ордук буолан тахсыан сөп. Ол иһин аныгы киинэлэри, оҕолор ситэ өйдөөбөт өрүттэрин итэҕэйэр киһилэрэ быһааран биэрэрэ хайаан даҕаны наада. Киһи өйүн-санаатын сайдыыта үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар икки ардыларынан баран иһэр. Ол иһин өй-санаа икки кытыы өрүт¬тэригэр ханнык быһыылар буолалларын барытын билэн иһэр наадалаах. «Үтүөнү мөкүнү араарбат киһи» диэн этии, олох мындырыгар ситэ үөрэммэтэх, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорорун быһаарбат киһиэхэ аналлаах норуот үөрэҕэ буолар. Бу курдук иитиилээх киһи үчүгэйи оҥоробун дии санаан куһаҕаны да оҥоруон сөп.
Оҕону үөрэтиигэ икки төрөппүт санаалара биир буоллахтарына, эрэ иитии-үөрэтии үлэтэ эрэйэ суох баран иһэр. Ийэ, аҕа этиилэрэ оҕо өйдөбүлүгэр олус кытаанахтык иҥэллэрэ бэлиэтэнэр. Кинилэртэн биирдэстэрэ эппитин, атына чиҥэтэн биэрэр буоллаҕына, бу быһаарыы халбаҥнаабат чиҥ өйдөбүллэнэр. Төрөппүт сүрүн сыала-соруга диэн оҕотугар: «Бу үчүгэй, маннык оҥоруохха наада»,- диэн көрдөрөн эбэтэр этэн биэриитэ, онтон сыыһа диэбитин: «Бу куһаҕан, маннык оҥорума»,- диэн хааччахтыыра буолар. Оҕону маннык үөрэтэр наадаҕа дьон туох куһаҕаны, сыыһаны оҥороллоро барыта биллэр буолара туһалаах буолуо этэ. Туох куһаҕан быһыылар баар буолаллара оҕолорго биллибэт буолуута, кинилэри албынныырга, сымыйанан: «Барыта үчүгэй»,- дииргэ тириэрдэр. Итинник албын санааҕа оҕустараннар үгүс төрөппүттэр оҕолорун иитиигэ-үөрэтиигэ кырдьык кыһаммат буолан хаалбыттар.
Эдэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара, иитиилэрэ мөлтөөн иһэр диэни билигин кэлэн бары билинэр буоллубут. Оҕолорго улаатыахтарыгар диэри, дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын кэпсээбэккэ, кистээн сылдьабыт. Оҕо улаатан иһэн итилэри онтон-мантан истэн син-биир билэр. Кини кыра эрдэҕинэ үөрэтиллибит үөрэҕин үксэ сымыйа буолан хаалыыта, төрөппүттэрин сымыйыаччыларынан ааҕан аанньа истибэт буолуутугар тириэрдэр. Бу курдук эдэр киһи өйө-санаата эмискэ уларыйыыта бэйэтигэр улахан охсууну оҥорор. Сорохтор маннык кэмҥэ, үөрэтиллибэтэх, билбэт буоланнар куһаҕан быһыылары оҥоруу диэки салаллан хаалыахтарын сөп.
Саха сирин сахалыы хаһыаттара куһаҕан быһыылары кэпсээбэт буоланнар, улаатан иһэр оҕолор бэрээдэктэрэ мөлтөөн иһэр. Республика салайааччылара куһаҕан быһыылары саба, кистии сатыыр үлэлэрэ эдэр ыччаттары бэрээдэккэ иитиигэ буортуну оҥорор, куһаҕан быһыылар төрүт аҕыйахтарын, суохтарын курдук сымыйаны дьоҥҥо тарҕатар. Куһаҕан быһыылар тустарынан кэпсээн иһии, ити быһыылар үөскүүр бары биричиинэлэрин таба быһаарыыга туһалыыра саарбаҕа суох. Куһаҕан быһыылар үөскүүр төрүттэрин булан быһааран, суох оҥорууга хас киһи барыта кыһанан туруннахтарына эрэ, олор аҕыйаан барыахтарын сөп.
Күн аайы тахсар бэчээккэ суруллубат куһаҕан быһыылар саха дьонугар «этэрбэс араадьыйаларынан» син-биир тарҕаналлар. Маннык кэпсээннэр сотору кэминэн үһүйээн курдук улаатан, дарбайан, иннэ-кэннэ букатын биллибэт буола уларыйан, сымыйалара-кырдьыктара араарыллыбат буолан хаалаллар. Аһара үллүбүт кэпсээннэр дьоҥҥо ти¬риэрдэр өйдөбүллэрэ букатын уларыйан уонна төттөрү өттүгэр эргийэн тахсаллар. Ол курдук алҕаска буолбут быһылаан, соруйан оҥоруллубут курдукка уларыйыыта куруук буоларын таһынан дарбайан, улаатан тахсара эмиэ бэлиэтэнэр.
Онон, бу быһаарыыбытын түмүктээтэхпитинэ, куһаҕан быһыылары кэпсээбэт буолуу, кистээн саба сатааһын, ити куһаҕан быһыылар эбиллэн иһиилэрин таһаарар. Дьон олохторугар тахсыталыыр куһаҕан быһыылары, сыыһа-халты туттунуулары киһи барыта билэр буолуута, итинник быһыылартан сатаан харыстанар, көмүскэнэр дьайыыларга үөрэниини көҕүлүүр. Ол иһин куһаҕан быһыылар аҕыйаан, суох буолан барыыларыгар көмөлөөх буолуо этэ.
AЙЫЫ ЭТЭН ЫРААСТАНЫЫ
«Олоҕу олоруу, алааһы туорааһын буолбатах»,- диэн норуот өһүн хоһооно этэр. Киһи эрэйдээх-буруйдаах уһун олоҕор араас сыыһа-халты туттуулары оҥорон, бэйэтигэр айыыны оҥостунара эбэтэр атын дьоҥҥо оҥороро баар суоллар. Айыыны хаһан даҕаны оҥорбот тыыннаах киһи диэн суох. Үгүс айыылар кыра быстах сыыһа-халты туттуулартан, араас дьыалалартан үөскээн тахсаллар уонна кыра айыы диэн ааттаналлар. Атын киһиэхэ куһаҕаны оҥоруутуттан үөскүүр айыы сыһыаннаах дьону барыларын хаарыйар.
Ханнык баҕарар айыы барыта, ол иһигэр ыар айыы кытта сотуллубат гына киһи кутугар-сүрүгэр иҥэн хаалбат. Киһи бэйэтин олоҕор оҥорбут сыыһаларын-халтыларын эбэтэр айыыларын сыһыаннаах киһиэхэ этэн, ол эбэтэр таһыгар таһааран, иһигэр муннустан муунту буолан хааттара сылдьарын ыраастааһына, кутун-сүрүн чэпчэтиитэ, сахаларга айыы этэн ыраастаныы диэн ааттанар.
Киһи бэйэтэ оҥорбут айыытыттан, сыыһатыттан үгүстүк санааргыы¬ра биллэр суол. Итини тэҥэ бу оҥоруллубут айыыттан аны атын, бу айыыга сыһыаннаах дьон эмиэ санаарҕыыллар уонна эрэйдэнэллэр. Кинилэр санаарҕыыллара уонна эрэйдэнэллэрэ айыыны оҥорбут буруйдаах киһи кутун-сүрүн быһа эмэн, аалан кинини ордук санааҕа ылла¬рарга күһэйэллэр. Ол аата, кимиэхэ эмэ куһаҕаны оҥорон айыы буоллаҕына, айыыны оҥорбут киһи уонна бу айыы быһаччы дьайар киһитэ иккиэн эрэйдэнэллэр. Бу икки киһи икки ардыларыгар эйэлээх сыһыаннара буруйдаах киһи айыытын эттэҕинэ, ол эбэтэр сыыһаны оҥорбутун билиннэҕинэ уонна анараа киһи сөбүлэстэҕинэ эрэ, бу айыы суох буолан, букатыннаахтык симэлийдэҕинэ, дьэ көнөр суолга киирэр.
Маннык айыыны этии кэнниттэн киһиэхэ ыар баттык буола сылдьыбыт ыарахан санаалар этиллэннэр, киһи өйүттэн-санаатыттан таһы¬гар тахсан көҕүрээтэхтэринэ, киһи кута-сүрэ ырааһырар уонна санаата чэпчиир.
Киһи атын киһиэхэ туох эмэ куһаҕаны оҥордоҕуна, анараа, атаҕастаммыт киһи киниэхэ эмиэ куһаҕантан атыны баҕара санаабат. Бу анараа киһи үчүгэйи аҕалбат куһаҕан санаата киниэхэ, ийэ кутугар иҥэн киирэн олохсуйан хаалар. Ити олохсуйбут куһаҕан санаа айыы диэн ааттанар. Ол иһин айыыны, буруйу оҥорбут киһиэхэ бэйэтигэр эрэ туһаайан этии, кырдьык киһи кута-сүрэ ыраастаныытын, чэпчээһинин оҥоруохтаах. Ол аата, киһиэхэ оҥоруллубут куһаҕан быһыыттан үөскүүр куһаҕан санаа айыы диэн ааттанар уонна хардарыта, киһит¬тэн киһиэхэ ыытыллыбыт куһаҕан санаалар мустуулара буолара быһаарыллар.
Айыы ыраастаныытын, бырастыы буолуутун наадатыгар, анараа, куһаҕаны оҥотторбут киһи сөбүлэһэрэ хайаан даҕаны наада. Ол аата аны айыы ыраастаныытыгар икки сыһыаннаах киһи бэйэлэрин хардарыта сөбүлэһиилэрэ наада буолар. Оччоҕуна эрэ куһаҕаны оҥотторбут киһи, буруйдаах киһиэхэ үчүгэйи баҕарбат санаата өһүллэр, сотул¬лар. Бэйэтин санаатын киһи бэйэтэ эрэ быһаарар уонна салайар кыах¬таах. Онон, айыы бырастыы буолуута, ыраастаныыта буруйдаахтан уонна куһаҕаны оҥотторбут киһиттэн иккиэннэриттэн тутулуктаах. Ол иһин айыы бырастыы буолан, ыраастаныытыгар бу икки өрүттэр ик¬киэннэрин сөбүлэһиилэрэ хайаан даҕаны наада буолара эрэйиллэр.
Айыы этиитэ сахаларга былыр-былыргыттан баар. Ордук кырдьаҕас дьон өлөр кэмнэрэ кэллэҕинэ тыыннаах сылдьан оҥорбут араас айыыларын этэн, куттарын-сүрдэрин ыраастанан уонна чэпчэтинэн «Анараа дойдуларыгар» бараллара биллэр. Ону тэҥэ итинник айыыны этинэн «Анараа дойдуга» барыы, ол дойдуга ыраас, киртийбэтэх куттаах-сүрдээх тиийиигэ, Үөһээ дойду өйө-санаата ыраас, үтүө буолуутугар ананар.
Бүтэһик айыы этиитэ «өлөн эрэр киһи кырдьыгы эрэ этэр» диэн өйдөбүлгэ олоҕурар. Өлөн эрэр киһи айыыларын этиилэрин атын сыһыана суох дьон истэн-билэн хаалаллар. Итинник айыыны этии са¬халар былыргы итэҕэллэринэн «өлөөрү гыммыт киһи кэриэс этиитин» хайаан даҕаны толоруллуохтааҕынан, быһа бырастыы буолар уратылаах. Ол иһин өлөн эрэр киһи айыытын этиитэ, анараа, сыһыаннаах киһитэ суоҕуна даҕаны бырастыы буолар, ол иһин кини суоҕуна да этиллэрэ быһаарыллар.
Дьиҥнээх айыы этиитэ буруйдаах уонна онно сыһыаннаах киһи бэйэ-бэйэ¬лэрин икки ардыларыгар буолара эрэ туһаны аҕалар. Кинилэр икки ардыла¬рыгар арай бэйэлэрэ олус итэҕэйэр уонна эрэнэр киһилэрэ туоһу эрэ буолуон сөп. Буруйу оҥорбуту атын сыһыана суох киһиэхэ этэр ор¬дук чэпчэки. Ол курдук анараа киһи сирэйин-хараҕын утары көрөн туран буруйу оҥорбуту кэпсииргэ кыра да буоллар харса суох буолуу уонна көннөрүнэргэ, аны итинник сыыһаны оҥорбот буоларга итэҕэл наада буолар. Бу курдук айыыны этинэн куту-сүрү ыраастаныы кэн¬ниттэн киһи иккистээн итинник сыыһаны, буруйу оҥороро быдан ыара¬хан буолара бэлиэтэнэр.
Сахалар итэҕэллэрэ, айыы этэн ыраастаныы киһи кута-сүрэ чөл, ыраас буоларын хааччыйар. Kут-сүр үөрэҕин быһаарыытынан киһи кута көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр уратылаах. Ол иһин кырдьаҕас көлүөнэ дьоно айыыны оҥорон бэйэлэрин куттарын-сүрдэрин киртиппэккэ, онтон айыылаах буоллахтарына ыраастанан, кэлэр көлүөнэлэрэ доруобай, олохторугар дьоллоох буолалларыгар дьиҥнээхтик баҕараллара наада.
Православнай таҥара дьиэтэ буруйдаах уонна ночоокко түспүт дьон икки ардыларыгар айыыны этиигэ туоһу буолар оруолу бэйэ-тигэр ылынан кэбиспит. Итини таһынан таҥара дьиэтэ куттара-сүрдэ¬рэ хайдах бэйэлэригэр сыһыаннаһалларын билбэт хараҥа дьон оҥорбут айыыларын бырастыы гынар үрдүк итэҕэли толорор буолбут. Маннык итэҕэйэр дьон дууһаларын ыарыытын таҥара дьиэтин үлэһитэ хайдах даҕаны эмтиир, көҕүрэтэр кыаҕа суоҕа билигин биллэр буолла. Ол курдук буруйдаах уонна ночоокко түспүт киһи, иккиэн бииргэ кэлэн таҥара үлэһитигэр көрдөһөн үнпэттэр. Ол иһин кинилэр үһүөннэрин икки ардыларыгар куттара-сүрдэрэ ханнык даҕаны сибээһэ суох буо¬лан тахсар, ол иһин айыылара хайдах даҕаны көҕүрүүр кыаҕа суох буолар.
Маннык эппиэтинэһи православнай таҥара дьиэтэ бэйэтигэр ылынан, таҥараны итэҕэйэр дьону барыларын албыныгар киллэрэр. Ити албаһынан атын дьон ис кистэлэҥнэрин билэн, кинилэри арааһынан албынныырга уонна элбэх сиэртибэни хомуйарга туһанар кыаҕы ылар. Буруйдаах киһи дууһатын сууттууру эбэтэр бырастыы гынары таҥара дьиэтэ эбэтэр үһүс киһи быһаарар кыаҕа суох. Кимэ да биллибэт таҥара үлэһитигэр буруйдаах киһи араас сымыйа да этиилэри холкутук оҥорон кэбиһиэн сөп. Ол иһин буруйу оҥорбут киһи өйө-санаата көнөрүн оннугар төттөрү, оҥорбут буруйун бырастыы буолуута судургу буолан, өссө итинник буруйу хаттаан оҥороругар толору кыахтанар.
Таҥара дьиэтэ айыыны истэн баран бырастыы гынар оруола атын таҥараны итэҕэйээччилэр араас буруйдары уонна айыылары оҥоро ту¬ралларын күөртүүр. Ол курдук оҥоруллубут айыы чэпчэкитик, киһиэхэ бэйэтигэр улахан санаарҕабылы, туох да сабыдыалы оҥорбокко эрэ бырастыы буолан иһиитэ буруйу-айыыны хаттаан оҥорон иһэргэ көҕүлүүр уратылаах.
Бу курдук дьон бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар оҥоруллуохтаах дьыалаларын таҥара дьиэтэ бэйэтин илиитигэр ылыыта уонна оҥоруллубут буруйу дөбөҥнүк бырастыы оҥорон иһиитэ, православнай таҥараны итэҕэйээччилэр бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын мөлтөтөр көстүүнэн буолар. Россияҕа киһи-киһиэхэ сыһыана мөлтөөһүнүгэр итинник көстүү улахан оруолу ылар буолуон сөп. Ол курдук ханнык да куһаҕан быһыыны, айыыны оҥордоххо «Бог простит» диэн өйдөбүл кимиэхэ барытыгар харысхал грамотатын курдук дьайар, ол иһин Россияҕа бу¬руйу оҥоруу аҕыйыаҕынааҕар эбиллэн иһэр.
Былыргы сахалар: «Аан-дойдуну санаа тутан турар», - диэн этии-лэрэ билигин кэлэн табата биллэн барыах курдук. Айылҕа тулхадыйбат сокуоннарын үөрэтэн киһи бэйэтин олоҕор тутуһа сылдьара наада. Хас биирдии киһи барыта бэйэ-бэйэлэрин кытта көстүбэт санаа ситиминэн холбуу баайылла сылдьалларын билигин даҕаны ситэ өйдүү иликтэр. Ол ситим киһи санаата буолар. Киһи киһиэхэ сыһыанын тупсарарын наадатыгар бэйэтин санаата ыраас, үчүгэй буоллаҕына эрэ табыллар.
СЭТ
Саха дьонун олохторун сиэринэн Айылҕа биэрбит олоҕун киһилии, эйэлээхтик, иллээхтик олоруу, үөрэҕи-сайдыыны ситиһии, кэнчээри ыччаты иитэн-үөрэтэн Сир үрдүгэр олох салгыы сайдан, иннин диэки баран иһиитин хааччыйыы буолар. Олоҕу киһилии олорорго өй-санаа, кут-сүр үөрэҕэ этэрин тутуһуу, ити үөрэҕи кыра эрдэхтэн баһылаан өйгө-санааҕа иҥэринии хайаан даҕаны наада.
Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн дьон олоҕун сиэригэр сөп түбэспэт куһаҕан быһыылары оҥоруу айыыны оҥоруунан ааҕыллар. Киһи үйэтин тухары оҥорбут куһаҕан быһыылара, айыылара ыраастанан көҕүрээн испэт буолахтарына, мунньуллан ыараан иһэллэр. Кыра айыыны оҥоруу үчүгэй быһыыны оҥордоххо эбэтэр сыыһаны оҥорбуту билинэн көннөрдөххө сотуллан, тэҥнэнэн, ыраастанан биэрэн иһэр. Кут-сүр үөрэҕэ, киһи бэйэтин олоҕор тугу оҥорбута барыта, ханнык эрэ кэм¬нээх-кэрдиистээх буолуохтааҕын мэлдьи өйдөтөр. Ол барыта киһи өйө-санаата ханнык, куһаҕан да, үчүгэй да быһыылары барыларын үгэс оҥостон уурунан уонна онтун хатылаан оҥорон иһэр оҥоруулааҕынан быһаарыллар. Ол аата куһаҕан быһыылары оҥоро турар оҕону, киһини аахайбатахха, тохтоппотоххо өссө улахан, ыарахан куһаҕан быһыылары оҥоруон сөп.
Киһи ханна да сырыттаҕына, олоҕун ханнык баҕарар кэмигэр туох эмэ сыыһаны-халтыны оҥороору гыммыта барыта: «Айыыны оҥорума» диэн сэрэтэр бобуулаах уонна күрүөлээх буолара табыллар. Элбэх айыыны оҥорбут киһи сэккэ түбэһэр. (1,13). Сир үрдүгэр туох барыта, төгүрүччү өттүттэн тэҥнэһии балаһыанньатыгар турарын быһыытынан, хайа да өттүгэр аһара баран хаалыы куһаҕаны оҥорууга тэҥнэнэр быһыы буолар. Хас биирдии киһи барыта тугу-эмэни оҥорору¬гар сөптөөх кээмэйин билэн, хайа да өттүгэр аһара барбат гына тут¬туохтаах. Ол аата, киһи оҥорор ханнык баҕарар дьыалата «үчүгэй» уонна «куһаҕан» диэн быһаарыылар икки ардыларынан баран иһиэхтээх.
Сэт диэн Айылҕа уонна киһи бииргэ олорууларыгар тутуһуохтаах үөрэхтэрэ буолар. Бу үөрэҕи халбаҥнаабакка тутуһуу киһи Айылҕаны кытта атааннаспакка биир тылы булунан эйэлээхтик олороругар кыах биэрэр. (2,168). Сэт өйдөбүллэрэ «ли» диэн былыргы кытайдар фи¬лософскай көрүүлэригэр маарынныыллар. «Сэт-сэмэ» диэн этии дьон олоҕор мэлдьи тутуһулла сылдьыллыахтаах быраабылалары уонна со¬куоннары өйдөтөр. «Сэт-сэлээн» диэн сыыһа туттуу кэнниттэн кэлиэх¬тээх эппиэтинэс уонна иэстэбил ааттанар.
Айыыны оҥорор, сиэри-майгыны билиммэт киһини дьон сэмэлиир. Сэмэлиир, сөбүлээбэт тыл ыарахан буолар, ити тыл айыыны оҥорор киһи чөлүн алдьатар. Оччоҕо бу киһи кута-сүрэ дьайга туттарыллар. Ону дьон тылынан сэт суола арыллыыта дииллэр. Букатын сиэрэ суох барбыт киһини айылҕа иэстэһэр. Итинник сэккэ түбэспит киһи удьуор быһыытынан кэхтэр. (3,157).
Сиэргэ баппат ыар айыыны оҥоруу сэт туолуутугар тириэрдэр. Са¬халар өйдөбүллэринэн сэт быраабылаларын уонна сокуоннарын тутуспат киһи киһи буолбатах. Сэттэрэ туолбут дьон төрүөхтэрэ төннөр. «Төннүбүт төрүөх» диэн сиэргэ баппат майгылаах, түктэри өйдөөх-санаалаах киһи буолбатах киһи аата. Кут-сүр үөрэҕэ быһаарыытынан киһи төрдө, өбүгэлэриттэн бэриллэр өйө-санаата ийэ кута буолар. Айыылар киһи ийэ кутугар мунньустан иһэллэр. Айыы мунньуллан ыараан иһэрин бэлиэтиир этиинэн «Ат таппат айыыта, оҕус таппат буруйа» диэн буолар. Итиннэ эбии олус элбээн ыараабыт айыыны: «Буор уйбат буруйа» диэн этэллэр. Айыылаах киһи ийэ кута ыараан, майгыта уларыйан кэнэҕэски көлүөнэҕэ бэриллэр. Ол иһин элбэх айыыны оҥорон сэттэрэ туолбут дьоҥҥо төннүбүт төрүөх үөскүүр.
Сахалар төннүбүт төрүөх туһунан өйдөбүллэрэ билигин Россияҕа улахан айдааннары таһаартыыр элбэх киһини өлөртүүр маньяктар оҥорор түктэри быһыыларыгар сөп түбэһэллэр. Е.Самовичев диэн учуонай быһаарарынан маньяк диэн киһи киэбин кэтэ сылдьар дьиикэй кыыл буолар. (4,57). Манныкка тиийбит киһи өйө-санаата сорох кэмнэргэ тосту уларыйан дьиикэй кыыл кэбин кэтэрин былыргы кэпсээн¬нэргэ кэпсэнэр «оборотеннар» диэн дьон бааллара бигэргэтэллэр.
Сэтэ туолбут киһи төрөтөр оҕолорун өйдөрө-санаалара түктэри буолуута, кини бэйэтин үйэтигэр оҥорбут айыылара ийэ кутугар мунньуллан бараннар оҕолоругар бэриллэн иһэллэриттэн тахсар. Айыылаах-харалаах киһи олоҕун устата мунньубут айыылара оҕолоругар, онтон сиэннэригэр ийэ кутун кытта салгыы бэриллэн иһэллэрин кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Улаханнык баттаммыт, атаҕастаммыт кырдьаҕас киһи кыраатаҕына буруйдаах киһиэхэ кырыыс тиийэн сэт эмиэ үөскүүр. (2,171). Кырыыс этиитэ Айылҕа тэҥнэһиитин сокуонугар олоҕурар. Билигин атаҕастаммыт киһи сотору кэминэн анараа киһитиниин хайаан даҕаны тэҥнэһиэхтээхтэрин өйдөтөр. Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта сэти маннык быһаарар: «Урукку өйдөбүлүнэн туох эмэ айыыны, сыыһаны оҥорбут мүччүрүйбэт иэстэбилэ. Эһиги да хара дьай быһыыгыт сэтэ туоллаҕа дии». (5,175).
Киһи олоҕор, өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэр итэҕэли, таҥара, кут-сүр үөрэхтэрин умнуу түмүгэр советскай үйэҕэ үөскээбит дьон үйэлэрин тухары оҥорбут айыылара таах хаалан, умнуллан, суох буолан иһэллэрин курдук саныы үөрэммиттэр. Былыргы сахалар итэҕэллэринэн оҥоруллубут сэт, ол аата олус ыар айыылар, тоҕус көлүөнэ тухары ирдэнэллэр. Киһи бэйэтин олоҕор араас суол быһылааннарга түбэһиитэ туох даҕаны олоҕо суох буолбат диэн этэллэр. Ордук эдэрдэр, үүнэн иһэр ыччаттар быстахтык быһыыланыылара, кинилэр бэйэлэрин төрүччүлэрин үчүгэйдик үөрэтэн көрөллөрүн эрэйэр. Урукку да кэмнэргэ оҥоруллубут айыылар ыраастаналлара ордук буолуохтаах. Ол курдук, революция уонна гражданскай сэрии, репрессия кэмигэр, эрдэтээҕи көлүөнэлэр оҥорбут ыар айыылара, сэттэрэ эдэр көлүөнэлэриттэн ирдэнэр диэн былыргы кут-сүр үөрэҕин быһаарыыта билиҥҥи Россия дьонун олохторугар биллэр сабыдыалы оҥорор курдук. Эдэр көлүөнэлэр өй-санаа өттүнэн мөлтөөһүннэрин сэт туолуутун кытта сибээстээтэх¬хэ, былыргы кут-сүр үөрэҕэ олус таба буоларыгар тиийэр.
Сахалар олус уһун үйэлээх омуктар. Кинилэр киһи олоҕун чахчы дириҥник үөрэппиттэрин бэлиэтинэн «Баай дьон тоҕус көлүөнэ иһинэн дьадайаллар» диэн олохсуйбут өйдөбүллэрэ буолар. (6,46). Бу өйдөбүл үөскээһинигэр баай дьон бэйэлэрин оҕолорун үлэҕэ-хамнаска үөрэппэккэлэр, куруук бэлэмҥэ, сынньалаҥнык күүлэйдэтэ сырытынна¬раннар, кэлэр көлүөнэлэрэ букатын мөлтөх дьон буолан тахсаннар баайдарын-малларын ыһан-тоҕон бүтэрэллэрин бэлиэтээһиннэрэ олук буолбут. Е.Д.Андросов баай дьон Оруоһуттар олохторун дириҥник үөрэппит. Кинилэр түөрт көлүөнэ устата киэҥник тарҕанан сайдан, байан-тайан бараннар мөлтөөн, дьадайан барбыттар. (7,110).
Үгүс баай дьон баайдара-маллара элбиирин иһин үгүс аһара барыы¬лары таһааран, кыра дьону элбэхтик атаҕастыыллара-баттыыллара бы¬лыргыттан биллэр. Үгүс дьон хомойбут, хоргуппут санаалара кинилэргэ мунньустан сэти үөскэтэрэ кэлэр көлүөнэлэригэр охсуулаах буолара саарбаҕа суох.
- Ордук сананыма, олус туттума,- Аабый Дархан тойон эрин сэрэп¬питэ,- сэттээх-сэлээннээх буолуо. (8,21). Былыргы остуоруйа кэпсээн сэрэтиитэ олоххо киириитэ саха дьонугар олус ыар түмүктэммитин бары билэбит. Салайар, баһылыыр тойоттор быстахтык быһыыла¬нан сэттээх дьыалалары оҥоруулара ордук ыар содуллаах буолан тахсаллар. Маннык быһаарыы салайааччылартан тутулуктаах элбэх киһини тойон сэтэ барыларын хаарыйарыгар олоҕурар.
«Дьону ыар санааҕа түһэрэр куһаҕан быһыылары, айыыны оҥостубатаҕым. Эһиги эмиэ оҥорумаарыҥ!» - диэн былыргы сахалар бэйэлэрин кэлэр көлүөнэлэригэр кэриэстэрин этэллэр эбит. Былыргы дьон киһи бэйэтин үйэ¬тигэр тугу оҥорбута барыта, кини кутугар-сүрүгэр суруллан, кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэрин билэр буоланнар, кэлэр көлүөнэ ыччаттара дьоллоохтук олороллоругар ис сүрэхтэриттэн баҕаралларын бэлиэтинэн бэйэлэрин олохторугар айыыны оҥорбокко кыһаналлар.
Ол аата, кырдьаҕас көлүөнэ дьоно, саҥа үүнэн иһэр оҕолоругар бэйэлэрин олохторун салҕааччыларга, ыраас, айыы-хара сыстыбатах куттарын-сүрдэрин хааллараллар, оҕолорун салгыы олохторугар дьиҥнээх сырдык ыраны баҕараллара быһаарыллар.
СЭТ - СЭМЭ
Сэт диэн Айылҕа уонна дьон бииргэ олорууларын туһунан үөрэх буолар. Бу үөрэх этиитин халбаҥнаабакка тутуһуу киһи Айылҕаны кытта атааннаспакка биир тылы булунан эйэлээхтик олороругар кыах биэрэр. (9,168). «Сэт-сэмэ» диэн дьон олоҕор мэлдьи тутуһулла сылдьыллыахтаах быраабылалар уонна сокуоннар буолаллар, тугу эмэ сыыһа туттаары гыннахха «Сэт-сэмэ» буолуо диэн этэллэр.
Саха дьоно уһун үйэлэр тухары сэт-сэмэ ыйыыларын, сокуоннарын кытаанахтык тутуһар эбиттэр. Бу ыйыылар, сокуоннар киһи олоҕун бары өрүтүн барытын хабан, дириҥник ырытан көрдөрөллөр. Ол курдук бу үөрэххэ элбэх буруйу, айыыны оҥостубут киһи туохха тиксиэхтээҕэ, кини бэйэтин оҕолорун кыайан ииппэккэ, үөрэппэккэ, куһаҕан иитиилээх дьон оҥоруохтааҕа чуолкайдык быһаарыллар. Сэт үөрэҕин барытын билэн, сэт-сэмэ сокуоннарын тутуһар оҕоттон киһилии киһи иитиллэн тахсар. Оҕону олох кыра эрдэҕиттэн «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтии, кини киһилии киһи буолан тахсарын толору хааччыйар кыахтаах. Маннык үөрэх оҕо кыра эрдэҕинэ бэрт кыра, борос¬туой өйдөбүллэртэн хомуллар. Ол курдук «Үчүгэй» оҕо доҕорун үрдүгэр буору куппат эбэтэр кыра оҕону ытаппат, атаҕастаабат, хата көрөр, көмөлөһөр, ийэтэ, аҕата этэрин истэр киһи буолан иһэр. Оҕоҕо бэйэтин толкуйдуур өйө киирэ илигинэ иҥэриммит өйдөбүллэрэ, ол аата кыра эрдэҕинэ үтүктэн үөрэммит үөрэҕэ ордук кытаанахтык иҥэллэр. Биһиги быһаарыыбытынан бу өйдөбүллэр, бу үөрэх мунньул¬ланнар киһи ийэ кутун үөскэтэллэр. Киһи өйүн-санаатын оҥкулун ити өйдөбүллэр, ийэ кута оҥорор. Саха уус-уран айымньыларын хомуйааччы Г.Е.Федоров кут-сүр үөрэх туһунан суруйууларыгар сэт-сэмэ ыйыыларын эмиэ киллэртиир. Манна оҥоруллубут айыы иһин ханнык буруй-сэмэ тиксиэхтээҕэ ыйыллар.
Арсыын бытыктаах Арсан Дуолай диэн аллараа дойдуга улуу кырдьаҕас олорор. Ол кырдьаҕас буоллаҕына, элбэх буруйдаах куһаҕан дьоннору бэйэтигэр ылар диэн сэһэргииллэрэ. (10,66). Бу быһаарыы элбэх айыылаах-харалаах киһи өллөҕүнэ, салгын кута Үөһээ дойдуга кыайан тахсыбакка, Аллараа дойдуга түһэр диэн былыргы сахалар өйдөбүллэригэр олоҕурбут.
Куһаҕан түөкүн, батыгаһа суох дохсун-бардам киһини этэллэрэ - күтүрү өлбүтүн да иһин кутун-сүрүн ийэ буора ылбакка (туппакка) илэ абааһы буолуох баҕайы сылдьар дииллэрэ. Онон буор куһаҕан киһини сирэр, буор кутун туппат буолар эбит. Ити иһин абааһы буо-лумаары, көнөтүк-көрсүөтүк сылдьарга, олорорго дьулуһар буолаллара. (9,83).
Бу хойукка диэри киһи мэҥэтин сөмүйэнэн ыйыллыбат этэ. Киһи тарбаҕын уҥуоҕа ытык ыарыы буолар диэн, билиҥҥинэн уҥуох сөтөлө. Киһи уҥуоҕун алдьатары олус айыыргыыр этибит. Киһи уҥуоҕун алдьаттахха, аймаххыттан саамай үчүгэй киһи өлөр, ол аата киһи уҥуоҕун алдьаппыт сэтигэр аймаххыттан толунуохтаах. Судургу эттэххэ өрөмүөннэнэр. Онон оҕолорго киһи мэҥэтин алдьатары, муокастыыры ула¬ханнык сэрэтэр, өйдөтөр этилэр. (10,84).
Саха дьоно киһи ханнык айыыны оҥордоҕуна туох буруйга сэмэҕэ тиксэрин арааран бэлиэтииллэр. Бу буруй-сэмэ ханнык да суут-сокуон буруйа буолбатах, Айылҕа аныыр буруйа-сэмэтэ. Ол иһин бу буруй-сэмэ туолуутун кэлиитэ сороҕор бэрт уһун кэми ылар. Сэт-сэмэ туолуута сорох түбэлтэҕэ хас да көлүөнэ киһи олоҕун устата тиийэр. Куһаҕан майгылаах, элбэх айыыны оҥорбут киһи оҕолорун кыайан киһилии үөрэппэккэ, онтон ол оҕолоро өссө куһаҕан иитиилээх буолан тахсал¬ларын сэт үөрэҕэ бигэргэтэр. Ол курдук улахан айыылаах киһи сэтэ кини оҕолоругар, онтон сиэннэригэр дьайа сылдьар. И.Г.Баишев «Сэт үөрэҕэ» диэн үлэтигэр чопчу ханнык буруйу о»ордоххо туох сэмэ тик¬сэрин быһааран суруйар.
И.Г.Баишев үлэтиттэн кылгастык быһа тардан киһи киһиэхэ хайдах сыһыаннаһарыттан тутулуктаах сэт-сэмэ ыйыыларыттан аҕыйах холобурдары аҕалабыт. Бу холобурдар сэт-сэмэ үөрэҕэ олус дириҥин, киһи уонна Айылҕа быстыспат сибээстээхтэрин туоһулууллар.
- Үөһээҥҥилэри олус үөтэримэ, алларааҥҥылары олус ыатарыма ис¬тэн тиийэн кэлиэхтэрэ, үүт-тураан олоххун аймыахтара.
- Өлбүт киһини сүгүн сытыар, наһаа ааттыаҥ, аһыйыаҥ - ыраах айана тардыллыа, ыыргар көстүө, биккэр биллиэ.
- Киһи тыыныгар туруу - оҕус тарпат айыыта, үрүҥ тыыныҥ хараҥарыа, дьонуҥ-сэргэҥ киэр хайыһыа. «Өлөрсүбүтү өлөрүллэр» диэн өбүгэ төрүт иэһэ.
- Туохха да туолбат, баҕаҥ хаммат, олус басыһар санааланыма, харбаат дьоннор уһун илиилэр, байарынан иирэллэр. Иҥсэ-обот, ымсыы быһыы иҥнэри ууран тэйиэҕэ. Буор биэтэк син-биир барыбытын тэҥниэҕэ.
- Куһаҕанынан сураҕырыы кутталлааҕа биллэр. Түөкүн буруйа-айыыта төрүөҕэр диэри иэстэнэр. Хаартыга хараара иирбит - оҕоло¬рун дьоллорун туос эмэгэт майдааныгар уруттаан оонньоон кэбиһэр. Киһиттэн таһынан аатырбыт - чугас дьонун дьолун туомун толук тут¬тан аһыыр-сиир. Барытын соҕотох апчарыйар.
- Уоруйах суола муҥур.
- Уоруйаҕы кытта олоруоҥ - уоруйах буолуоҥ.
- Кырдьыбыт, мөлтөөбүт дьону күлүү гынар оҕо кырдьарын саҕана бэйэтэ оннукка түбэһиэҕэ.
- Кими да күлүмэ - күлбүтүҥ бэйэҕэр кэлиэҕэ.
- Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ.
- Муостаахпын диэн муҥутаама - муостаах муостаахтан өлүөҕэ.
- Кими да атаҕастаама - атаҕастабыл иэстэбиллээх.
- Мөлтөҕү атаҕастаабытыҥ сэтигэр бэйэҕинээҕэр күүстээххэ түбэһэҕин.
- Биэрбит тылгын кэһимэ - аатыҥ-суолуҥ намтаан иһиэ.
- Наар мөҕүллүөҥ, сэмэлэниэҥ - эйиэхэ тыл сэтэ иҥиэ.
- Атаах киһи арыгыһыт буолар.
- Арыгы үөрпүт үөрүүтүн иэстээн ылар өрүүтүн.
- Бэйэтин эрэ бэппин диэччи - соҕотох хаалан улуйуоҕа.
- Сымыйанан кынаттаныаҥ - бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоҥ.
- Сарсыарда наһаа күннээбит - тоҕо эрэ киэһэ күлбэт.
- Этэҥҥэ эрэ сылдьаргар атас-доҕор өрө көтөр, куһаҕан күҥҥэр куотуохтара - бэйэҕэр эрэ эрэн. (11,82-86).
- Уокка силлээмэ – уоһуҥ бааһырыа.
- Хотоҥҥо айдаарыма - айыы сүөһүтүн, киһи кута долгуйуо.
- Мэнигилээмэ - дьиэ иччитэ эймэниэ.
- Таһырдьа айдаарыма - от-мас иччитэ ороһуйуо.
- Күөл үрдүгэр айдаарыма - күөл иччитэ эймэниэ.
- Хара тыаны эймэтимэ - булдуҥ ханныа.
- Титииккэ айдаарыма - титиик иччитэ эймэниэ.
- Сор диэмэ, айыы - түгэҕэ биллибэт эрэйгэ түбэһиэҥ. (12,28).
Саха киһитэ быһахха ураты убаастабыллаахтык сыаһыаннаһар. Харыстыыр, үчүгэйдик уура сылдьар. Кини хаһан даҕаны быһаҕы уһугунан киһиэхэ ууммат, дугдуруйбат. Өрүүтүн уһугун бэйэ¬тин диэки тутан, биэрэр киһитин диэки угун туһаайан уунар үгэстээх. Быһаҕы хаһан даҕаны аһаҕас хаалларыллыбат. (13,17). Быһаҕы кыыныгар уган баран кичэллээхтик ууруллар. Сахалар оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн быһаҕынан сатаан тутта, сэрэхтээхтик илдьэ сылдьарга анаан үөрэтэллэр этэ.
- Быһах биитин тарбаххынан сотума - тарбаххын быһыаҥ.
- Быһах биитин салаама - тылгын быстыаҥ.
- Быһаҕы киһиэхэ утары уунан биэримэ – киһиҥ илиитин быстыа.
- Саа уоһун киһи диэки туһаайыма - саа биирдэ халлааҥҥа эстэр дииллэр.
- Уһуктааҕынан уонна биилээҕинэн киһини дугдуруйума - илииҥ иҥиирэ тардыа.
Сахалар бу сэт-сэмэ үөрэхтэрин хас биирдии ыйыылара уһун үйэлэр тухары элбэх көлүөнэ дьон олохторун холобурдарынан дакаастаммыттар. Төрөппүттэр бэйэлэрэ уһуну-киэни санаан эдэр, үүнэн иһэр көлүөнэлэрин бу сэт-сэмэ үөрэҕин ыйыыларын тутуһарга үөрэттэхтэринэ, саха дьоно сайдан-үүнэн, өйдөрө-санаалара үйэлэргэ салгыы сайдан иһиэҕэ.
СЭТ - СЭЛЭЭН
Дьон-аймах уһун кэмнээх олохторун сайдыыта үгүс киһи үчүгэйи, дьоҥҥо туһалаах үлэни-хамнаһы оҥорор буоллахтарына олохторо көнөн, сайдан-үүнэн барар, онтон үгүстэр куһаҕаны оҥоруулара элбээн хааллаҕына дьон олоҕо кэхтэр, кэннинэн төннөр. Ол иһин дьон майгылара куһаҕаны оҥоруу диэки салаллыытын сахалар сэт-сэлээн туолуута диэн ааттыыллар.
Саха дьоно былыр-былыргыттан киһи куһаҕан быһыылары элбэҕи оҥордоҕуна сэтэ туоларын билэллэр. (1,13). Уһун кэмҥэ айыыны-¬таҥараны итэҕэйбэт «коммунизм» итэҕэлэ бүрүүкээбит кэмигэр кут-сүр үөрэҕэ бобуулаах этэ. Бу кэм сабыдыалынан билиҥҥи көлүөнэ дьон сэт үөрэҕин букатыннаахтык умнан кэбистилэр. Ол курдук саха дьонугар билигин сэт-сэлээн туолуута диэн өйдөбүл эрэ хаалан сылдьар.
Сэт куһаҕан быһыылартан үөскүүрүн сахалар эмиэ билэллэр. Ордук ыарахан, куһаҕан, сэттээх-сэлээннээх быһыылары элбэҕи оҥордоххо сэт-сэлээн туолуута буолуохтаах.
Олус дьадаҥы киһи бэйэтин олоҕун сирэр, үчүгэй олоххо ымсыырар, тардыһар. Ордук оҕото үчүгэй олохтоох буолуон баҕарар. Россия дьонугар «коммунизм» ыра санаата киириитигэр ити өй-санаа улахан оруолу ылбыт буолуон сөп. Дьон барыта олус дьадайаннар бэйэлэрин оҕолорун кыайан ииппэт буолууларыттан революция хамсааһына ордук улахан далааһыннаммыта быһаарыллар. Революция кыайыытын кэнниттэн дьадаҥы дьон баҕа санааларын олус түргэнник ситиһэ сатааннар, бэ¬йэлэрин оҕолоро атын, «үчүгэй» олоххо олоруохтара диэннэр, кыра оҕолорун бэйэлэрин урукку олохторун үгэстэригэр уонна үөрүйэхтэригэр үтүгүн¬нэрэн үөрэтэллэрин бырахпыттара. Бары оҕолорун үөрэхтээх киһи оҥоро охсоорулар, сороҕор сүрэҕэлдьээтэҕинэ: «Сүөһү көрөөччү буолуоҥ»,- диэн хомуруйар тылы туттар буолбуттара. Биһиги олус дьадаҥы дойдубутугар киһи барыта үрдүк үөрэхтээх буолара төһө эмэ эрдэ¬тин иһин итинник ыҥырыы билигин да оҥорулла турар.
Октябрьскай революция былыргыттан олохсуйбут олох сиэрин үлтүрүтэн, былыргы үгэстэри уонна үөрүйэхтэри суох оҥорбутуттан кэлэр көлүөнэлэргэ сэт-сэлээн олохсуйбут буолуон сөбө хас да көлүөнэ дьон үөскээн олорон ааспыттарын кэнниттэн биллэн эрэр. Аҕыйах сыл иһинэн «коммунизмы» тута охсоору саҥа олоҕу тутууну, саҥалыы сиэри-туому тутуһууну саҕалаабыт дьон оҕолорун киһилии майгыга, үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэллэрэ аҕыйаан испит. «Коммунизм» дьонун иитэн-үөрэтэн таһаара охсоору, эдэр дьону барыларын үөрэхтииргэ турум¬муттара. Хаалыылаах экономикалаах, сүрүн үлэлэрин үксүн илиилэринэн үлэлиир дьоҥҥо аһара үөрэхтээһин туһалыаҕынааҕар, төттөрү буолан таҕыста. Ол түмүгэр ыарахан үлэни үлэлиэхтэрин баҕарбат, үрүҥ, чэпчэки үлэни көрдүү сылдьар, баар олоххо соччо туһата суох үөрэхтээх дьон элбээтилэр.
Үөрэхтээһин төһө да үчүгэйин иһин, киһи салгын кутун бастаан сайыннарар. Онтон киһи өйө-санаата сайдан барыытыгар биһиги быһаарыыбытынан оҕо аан маҥнай төрөппүттэрин үтүктэн үгэстэргэ үөрэнэрэ оруннаах буолуохтаах этэ, ол аата, аан маҥнай оҕо ийэ кутун сайыннарыллыахтаах. Үчүгэй үгэстэргэ үөрэтииттэн оҕо ийэ кута сайдан бэрээдэктээх, өйө-санаата туруктаах буола улаатарын умнан кэбистибит.
Дьон олоҕун оҥкулун алдьатыы, сиэрин-туомун суох оҥоруу сэт суола арыллыытыгар тириэрдибит. Революция кэмигэр олус харса-хабыра суох барыы, эйэлээхтик олорор дьону өлөртөөһүннэр, киһи киһиэхэ кырыктаах буолуута бу сэт-сэлээн туолан барыытыгар ордук улахан оруолу ылбыт буолуохтарын сөп.
«Коммунизм» идеята Россия дьадаҥы дьонугар киириититтэн, дьон олоҕун сиэрин, оҥкулун түҥнэри эргитииттэн, олохсуйбут үгэстэри уонна үөрүйэхтэри умнууттан, тутуспат буолууттан Россия дьонугар сэт-сэлээн туолара кэлбит. Ол аата революция кэнниттэн үс көлүөнэ дьон олохторо ааһыытыгар сэт дьайыыта биллэн эдэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолуута үөскээтэ. Ол иһин үгүс эдэрдэр олоххо оннуларын булбаттар, эрэйгэ тэбиллэллэрэ элбээтэ.
Былыргылар сэт туһунан өйдөбүллэригэр маннык этиилэр баалларын Багдарыын Сүлбэ булан бэлиэтээбит.
Төрүү илик оҕолору быалаһыы дьылҕа хаантан көрдөһөн, алгыс тыл этэн, андаҕар андаҕайан оҥоһулларынан, арай оҕолортон биирдэһэ өлөр эрэ түбэлтэтигэр, Дьылҕа хаан ылымматах буоллаҕа буолан, сэтэ-сэлээнэ суох хаалыахтаах. Өскө хайа эмэ өттүттэн көтүллэр түбэлтэтигэр сэттээх-сэлээннээх - ол аата: өлүүнэн-сүтүүнэн, эстиинэн-быстыынан хайаан да иэстэбиллээх буолуохтааҕа үһү уонна быа¬лаһыылаахтар атын кэргэннэнэллэрэ сатаммат, кэргэннэнэр түбэлтэлэригэр дьаһыыкка (көрсүү), оттон оҕолоннохторуна оҕолоро дьаһыык¬ка оҕо ааттанан, сааһын тухары күлүүгэ-элэккэ, үөҕүүгэ сылдьар киһи буолуохтаах эбит. (14,188).
Төрөппүттэр «Бэйэм эрэ үчүгэй буолуум» диэн бэйэлэрин тустарыгар аһара кыһаныылара кэлэр көлүөнэлэрин, оҕолорун өйдөрүн-санааларын буорту оҥорор. Маннык өй-санаа көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн муҥуругар тиийиитэ сэт-сэлээн туолуута диэн ааттанар. Ол аата бу аймах дьон ситимнэрэ быстыыта, аймахтарын-хааннарын салгыыр киһилэрэ суох буолуутунан түмүктэнэр.
Сахаларга «Баай дьон тоҕус көлүөнэ иһинэн дьадайаллар» диэн олохсуйбут өйдөбүл баар. (6,46). Маннык өйдөбүл атын сайдыы-лаах омуктарга эмиэ баарын улахан суруйааччылар таба көрөн бэлиэ¬тииллэр. Артур Конан Дойль баай дьон көлүөнэттэн көлүөнэҕэ дьадайаннар эстиигэ тиийэллэрин холобурун суруйар.(15,205). Бу өйдөбүл үөскээһинигэр баай дьон бэйэлэрин оҕолорун үлэҕэ-хамнаска үөрэппэккэлэр, куруук бэлэмҥэ, сынньалаҥнык күүлэйдэтэ сырытынна¬раннар, кэлэр көлүөнэлэрэ букатын мөлтөх дьон буолан тахсаннар баайдарын-малларын ыһан-тоҕон бүтэрэллэрин бэлиэтээһиннэрэ олук буолар.
Е.Д.Андросов саха биллэр баайдара Оруоһуттар олохторун уһун кэмҥэ үөрэтэн баран төрдүс көлүөнэлэриттэн саҕалаан мөлтөөн, дьадайан барбыттарын бэлиэтиир. (7,110).
Сэт туолуута элбэх айыылаах-харалаах киһи бэйэтин оҕотун үчүгэй киһи гына, киһилии киһи тахсар гына кыайан үөрэппэтиттэн тутулуктанар. Элбэх куһаҕан быһыылары оҥорон бэйэтин майгына мөлтөөбүт киһи оҕотун кыайан үчүгэй майгылаах буоларга үөрэппэт. Биһиги үөрэхпитинэн кыра оҕо төрөппүтүн көрөн, үтүктэн, кини курдук буолаары, сирэйиттэн көрөн төрөппүтүн ис майгынын ылынан улаатан иһэр. Төһө да кистии сатаабытын иһин оҕо төрөппүтүн син-биир үтүктэрин былыргы дьон билэннэр «Яблоко от яблони далеко не падает» диэн өс хоһооно оҥорбуттар. Бу өс хоһооно үчүгэй майгылаах, үлэһит аҕаны уонна ийэни өйдөтөрүн таһынан куһаҕан майгылаах дьон эмиэ аҕа уонна ийэ буолуохтарын сөбүн утарбат. Маннык көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан барар куһаҕан майгы өссө куһаҕан буолан иһэр. Ол иһин, куһаҕантан өссө куһаҕан үөскээн иһэринэн бу аймах дьон олохторо салгыы баран иһэрэ өссө ыарыырын сэт үөрэҕэ бэлиэтиир.
ТӨННҮБҮТ ТӨРҮӨХ
Саха дьонун өйдөбүллэригэр «Төннүбүт төрүөх» диэн олохсуйбут өйдөбүл былыргыттан баар. Бу букатын киһи буолбатах түктэри өйдөөх-санаалаах эрээри син-биир киһи курдук көрүҥнээх буолан туспа арааран билии уустуктардаах. Маннык киһи элбэх ыар айыылаах киһиттэн үөскээн, төрүүр диэн быһаараллар. Сахалар өйдөбүллэринэн аймах дьон эстэллэригэр маннык кэдэрги майгылаах киһи үөскүүр эбэтэр олус эрэммит, көрөн-истэн аһара атаахтаппыт, маанылаабыт киһилэрэ түктэри майгылаах буолан хаалара элбэх дьону хомоторо бэлиэтэнэр.
Төннүбүт төрүөх туһунан өйдөбүл билигин Россия дьонун аймыыр элбэх киһини өлөртүүр маньяктар оҥорор түктэри быһыыларыгар сөп түбэһэр. Россияҕа элбэх дьону өлөртүүр маньяктар баалларын «перестройка» буолбутун кэнниттэн эрэ бэчээккэ таһааран, үгүс дьон билэр буолбуттара. Элбэх арыгыһыттардаах уонна мас охторуутунан дьарыктанар лааҕырдардаах сирдэргэ маньяктар элбэх буолалларын Н.С.Модестов «Маньяки. Слепая смерть» диэн үлэтигэр бэлиэтиир. (4,45).
Е.Самовичев диэн учуонай маньяктар өйдөрүн-санааларын үөрэтэн баран маннык кылгас быһаарыыны оҥорор: «Маньяк диэн киһи киэбин кэппит дьиикэй кыыл буолар. Бары майгына барыта, бэйэтин ордук харыстаныыта дьиҥнээх дьиикэй кыылга маарынныыр. Киһини өлөрөр кэмигэр ханнык да аһыныгаһа суох сиэмэх майгыннанар. Былыргы көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр ликантропия эбэтэр порфирия диэн ыарыы киирбитин курдук майгылаах буолар». (4,77).
Маньяктар эбэтэр төннүбүт төрүөхтэр үгүстэрэ кыра эрдэхтэриттэн киһилии үөрэтиини барбатах, олус үчүгэйдик, маанытык эбэтэр ураты эрэйдээх, ыарахан оҕо сааһы ааспыттар. Бу дьон кыра эрдэхтэринэ ол-бу кыра буруйу оҥороллорун ийэлэрэ билэ-билэ буойсан тохтоторун оннугар хата көмүскэһэрин бэлиэтииллэр. (4,249). Үгүстэрэ оҕо саастарыттан күүһүлээһиҥҥэ үөрэммит буоланнар, эйэлээх киһилии олоххо кыайан үөрэммэттэр. Маннык дьон соҕотох дьарыктарынан киһини өлөрүү буолан хаалар. (16,31). Төннүбүт төрүөхтэр эбэтэр маньяктар киһини өлөрбөтөхтөрүнэ туохтара эрэ табыллыбат, ыалдьар буолаллар. Киһини өлөрдөхтөрүнэ эбэтэр күүһүлээтэхтэринэ куһаҕан санаалара дьэ дуоһуйан, майгылара көнөр. Сорохтор өлөн эрэр киһиттэн энергияларын бэйэлэригэр ылан майгыбыт көнөр диэн быһаараллар. (4,38). Киһини өлөрбүттэрин хаһан даҕаны кэмсиммэттэр, хата төттөрүтүн туох эрэ интэриэһинэйи, туһалааҕы оҥорбут курдук сананаллар. (16,196).
Россия МВД -тын үлэһитэ Ашот Айрапетян өр сылларга элбэх киһини өлөрөөччүлэринэн дьарыктаммыт. «Биһиги өр сылларга маннык быһыылар баалларын туһунан кэпсээбэт этибит. Ол эрээри биһиги ортобутугар киһи курдук эрээри кыыл майгылаах дьон бааллар. Кинилэр дьону өлөрүүнэн эрэ дьарыктаналлар» диэн маньяктар тустарынан быһаарар. (4,265). Урукку, бэчээт үлэтин барытын государство бас билэн хонтуруоллуур эрдэҕинэ маньяктар тустарынан сурахтар үһүйээн кур¬дук тарҕаналлара. Иннэ-кэннэ биллибэт сурахтар дьону аймыыллара уонна бу маньяк кимтэн үөскээн, хантан кэлэн хаалбытын быһаарар кыаҕы биэрбэттэр этэ.
Маньяктар үөскүүр төрүттэрин булан үөрэтиигэ сахалар сайдан иһэр кут-сүр үөрэхтэрэ балачча дириҥ сыанабылы оҥорор кыаҕы биэ¬рэр. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута сайдар кэмигэр бэйэтин кыана туттан тохтотунар буоларыгар төрөппүттэрэ үөрэппэтэхтэринэ, улаатан баран бэйэтин быстах баҕа санаатын кыайан тохтотунара өссө уустук буолар. Оҕо тугу баҕарбыта барыта туолан иһэригэр үөрэнэн хааллаҕына, ханнык баҕарар, быстах да баҕатын толоттордоҕуна эрэ уоскуйарга үөрэнэр. Киһиэхэ хайдах иитиллибититтэн тутулуктаах ити өй-санаа үөскээн олохсуйуута, кини быстах баҕа санаатын толороору буруйданар да дьыалалары оҥоруон сөбүн утарбат.
Сахалар киһи тыыныгар турбут киһи «Хаана ыарыыр» диэн быһаараллар. Бу быһыы өр кэмҥэ кыайан сууйуллубат, ыраастаммат ыар айыынан ааҕыллар. Олус былыргы «Өлөрсүбүтү өлөрүллэр» диэн үгэс баара киһи тыыныгар турбут киһи майгына улаханнык буорту буоларыгар олоҕурар уонна оччотооҕу кэмҥэ суут-сокуон бэрт боростуой, быһаччы быһаарар эрдэҕинэ туттуллубут туһалаах өйдөбүл буолар. Бу быһаарыы киһини өлөрөрө үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар уурулуннаҕына, ону көннөрүү олус уустугурарыгар олоҕурар. Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ кырдьыктаах быһаарыылаах сууттаах-сокуоннаах государствоҕа былыргы курдук быстахтык быһаарыы табыллыа суох курдук. Олох сайдан иһиитэ киһи киһиэхэ сыһыаныгар саҥалыы, хайа да киһини сыаналыыр, таба өйдүүр, быһаарыы баар буоларыгар эрэллээх буолууну үөскэтэр.
Оҕо иитиитигэр уһуннук үлэлээбит кырдьаҕас учуутал К.С.Чиряев оҕо хайдах иитиллибититтэн өйө-санаата улахан уратыланарын бэлиэтиир. Кини бэйэтин үлэтигэр эдэр эрдэҕиттэн Белинскэй: «Воспитание есть счастье и смерть. Человек, даже, родившийся человеком, может стать и волком, и ослом, и чем угодно» диэн этиитин туһана сылдьыбыт. (17,58). Кыра эрдэхтэриттэн киһилии өйгө-санааҕа иитиллибит, үөрэтиллибит оҕолортон эрэ киһилии быһыылаах дьон улаатан тахсалларын уонна киһи-аймах туһугар күүстэрин харыстаабакка үлэлииллэрин саха дьоно былыргыттан билэллэрин саҥа өйдөөн эрэбит. Бу үөрэҕи билиҥҥи кэмҥэ аахайбат буолан хаалбыппыт, эдэр көлүөнэ дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннарыыга улахан уустуктары оҥорор буолла. Били¬гин эдэр ыччаттар бэрээдэктэрэ мөлтөөһүнэ, кинилэри кыра эрдэхтэринэ иитии-үөрэтии сыыһа хайысхалаахтык барбытын бэлиэтиир. Ол иһин төрөппүттэр бары турунан бэйэҕитин утумнааччылары киһилии майгыга, киһилии киһи буоларга кыра эрдэхтэринэ сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ этэринэн үөрэтэргэ кыһанар¬гыт туһалаах буолуон сөп.
Хос быһаарыылар.
1. «Илин» сурунаал. 1997. 1-2 N-рэ.
2. Ф.Ф.Васильев. Военное дело якутов. Якутск: Нац.кн.изд-во «Бичик», 1995.- 224 с.
3. Л.А.Афанасьев - Тэрис. Айыы үөрэҕэ. Дьокуускай: «Ситим» КИФ. 1993.- 184 с.
4. Модестов Н.С. Маньяки. Слепая смерть. Хроника серийных убийств. - Москва: Изд-во «Надежда-1», 1997.- 288 с.
5. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. /П.С.Афанасьев ре¬дакциятынан - Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.-264 с.
6. В.Ф.Трощанский. Наброски о якутах якутского округа. Под ред. и с прим. Э.К.Пекарского. Казань: Типография Императорского Университета, 1911.- 144 с.
7. Е.Д.Андросов. Оруоһуттар. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 2000.- 288 с.
8. Далан. Тыгын Дархан. Дьокуускай: Кинигэ изд. 1993.-510 с.
9. Ф.Ф.Васильев. Военное дело якутов. Якутск: Нац.кн.изд-во «Бичик», 1995.- 224 с.
10. Федоров Г.Е. Егоров Н.Ф. Сэргэ төрдүгэр сэһэн: Үһүйээннэр. Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар.- Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1991.- 160 с.
11. И.Г. Баишев. Айыы тыына. Дьокуускай: Саха республикатын үөрэҕин министерствота. 1993.- 112 с.
12. Н.Н.Яковлев. Курууппа ойуун көрүүлэрэ. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1993.- 56 с.
13. Тумат С. Батыһыннарыылаах биэ: Кэпсээннэр. Кыра саастаах оҕолорго. Дьокуускай: «Бичик» нац.кинигэ кыһата, 1997.- 80 с.
14. Багдарыын Сүлбэ. Ыал ийэтинэн. Дьокуускай: «Бичик» национальнай кинигэ кыһата, 1994.- 240 с.
15. Артур Конан Дойль. Знак четырех. Повесть. Рассказы: Якутск: Кн. изд-во, 1991.- 320 с.
16. Ф.И.Раззаков. Бандиты запада. (Хроника знаменитых преступлений).- Москва: ЗАО Изд-во ЭКСМО, 1997.- 400 с.
17. Уткин К.Д. Нүһүлгэн. Түмүктээх айан. Дьокуускай: Үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин сайыннарар институт изд-вота, 1995.- 240 с.
ХАРА уонна ҮРҮҤ
Сахалар Айылҕа диэн өйдөбүллэрэ олус киэҥ. Бу өйдөбүлгэ киһини туох тулалыыра, киһи тугу билэрэ-көрөрө барылара киирсэллэр, ол иһигэр киһи бэйэтэ эмиэ киирэ сылдьар. Kиһи бэйэтэ Айылҕа биир чааһа буолар. Ол иһин сахалар киһини бэйэтин «Айылҕа оҕото» диэн ааттыыллар.
Айылҕа тыынар-тыыннаахтара, үөннэрэ-көйүүрдэрэ, отторо-мастара бука барылара тэҥнэһии сокуонугар олоҕуран бэйэ-бэйэлэриттэн олус күүстээх тутулуктаахтар. Бу тэҥнэһии сокуонун тутулуктара Айылҕа аан маҥнай үөскүөҕүттэн ыла олус уһун кэмҥэ сайдан кэлбиттэр. Бу тутулуктар Айылҕа ханнык эмэ көрүҥэ суох буоллаҕына эбэтэр уларыйдаҕына атыттара эмиэ уларыйалларын хааччыйар. Ол иһин ханнык эмэ көрүҥ хайа баҕарар өттүн диэки: элбээн дуу, аҕыйаан дуу эбэтэр үрдээн дуу, намтаан дуу, итийэн дуу, тымныйан дуу уларыйдаҕына, атын, тутулуктаах өрүттэрэ ити улары¬йыыны оннугар түһэрээри эбэтэр сөп түбэһээри эмиэ хамсааһыннара саҕаланар. Сахалар бу Айылҕа тэҥнэһиитин сокуонун былыр-былыргыттан билэн бэйэлэрин олохторугар туһаналларын бэлиэтинэн уһун үйэлэрин тухары үөрэтэн туһаммыт үөрэхтэрэ, «Айыыны оҥорума» диэн үөрэх буолар. Бу үөрэх ыйыытынан киһи оҥорор ханнык баҕарар быһыыта барыта кэмнээх-кэр¬диистээх, хайа да өттүгэр «Аһара барыма» диэн бобор-хаайар күрүөлээх. Аһара бараары гыммыт, урут дьоҥҥо биллибэти, саҥаны оҥорор киһини «Айыыны оҥорума» сэрэтэн, көннөрөн биэрэ сатыыллар.
Айылҕаҕа сырдык уонна хараҥа утарыта турар өйдөбүллээхтэр. Ол курдук хараҥа түүн кэнниттэн үрүҥ күн тахсан сири-дойдуну сандаарыччы сырдатыыта, дьоҥҥо өй-санаа уһуктуутун, үлэ-хамнас, кыайыы-¬хотуу кэлиитин бэлиэтиир көстүүнэн буолар уонна дьон сырдыкка, үчүгэйгэ тардыһыыларын көрдөрөр бэлиэнэн уһун үйэлэр тухары ааҕылла сылдьар. Бу быһаарыылар хаһан даҕаны уларыйар кыахтара суох. Ол курдук киһи хараҕа хараҥаҕа куһаҕаннык көрөрө хаһан даҕаны тупсар кыаҕа суоҕунан хараҥа, хара дьүһүн хаһан баҕарар куһаҕан буола туруоҕа.
Айылҕа ити курдук уларыйан биэрэр көстүүтүнэн салайтаран дьон өйүгэр-санаатыгар бэйэ-бэйэлэрин утарсар, утарыта турар өйдөбүллэр хара уонна үрүҥ дьүһүнүнэн бэлиэтээн бэриллэллэр. Маннык утарыта турар өйдөбүллэри тус-туһунан хара уонна үрүҥ дьүһүннээн араартааһын дьоҥҥо ордук тиийимтиэ, өйдөнүмтүө буолар. Ол курдук куһаҕан өттө хара, онтон үчүгэй өттө сырдык, үрүҥ буоллаҕына, киһи ханнык баҕарар дьыаланы оҥорбута бу икки дьүһүн икки ардынан буолан тахсар. Ол иһин былыр¬гы дьон, киһи өйө-санаата Айылҕаҕа өссө чугас эрдэҕинэ, киһи олоҕун сыалын, олоххо дьоҕурун таба сыаналыыр эрдэхтэринэ, киһи оҥо¬рор дьыалаларын куһаҕаҥҥа — хараҕа уонна үчүгэйгэ — үрүҥҥэ араарар эбиттэр.
Үгүс дьоҥҥо туһалаах үлэни-хамнаһы, үчүгэйи, саҥаны арыйыылары оҥоруу үчүгэй айыыны, «Үрүҥ айыыны» оҥоруу буолар. Үрүҥ айыыны оҥоруу дьону сайдыы, үүнүү диэки сирдиир, ол диэки хамсааһыны оҥо¬роллоругар тирэх буолар. Саха дьонугар үчүгэйи элбэхтик оҥорон аатырбыт киһи өллөҕүнэ, өйө-санаата «Үрүҥ Айыы» буолар. Сахалар үгүс дьоҥҥо элбэх үчүгэйи оҥорбут таҥаралара «Үрүҥ Күн», «Үрүҥ Аар Тойон», «Үрүҥ Айыы Тойон» диэн ааттаналлар. Бу таҥаралар ааттарыттан көстөрүнэн сай¬дыы, үүнүү диэки сирдиир, дьону элбэх үчүгэйи оҥорорго ыҥырар таҥаралар буолаллара быһаарыллаллар. Ол аата киһи батыһан, үтүктэр, үчүгэй быһыыга үөрэнэр үөрэҕэ таҥара диэн ааттанар.
Киһи оҥорор дьыалаларын икки утарыта турар көрүҥҥэ араартааһын киһи өйө-санаата икки өрүттээх буолуутугар сөп түбэһэр. Сахаларга «үрүҥү үрүҥ», «хараны хара» диэн этии киһи оҥорбут дьыалатыгар сыана биэриитэ чахчы таба, кырдьыктаах сыаналааһын буолбутун чуол¬кайдаан биэрэр. Киһи өйө-санаата бу икки суолтан, хараттан уонна үрүҥтэн, хайаларын өттө баһыйан, сайдан барыыта хайдах иитиилли¬бититтэн эрэ тутулуктаах.
Кытай улуу сирдьитэ Мао-Цзэ-дун эппитэ биллэр: «Народ - это чистый лист бумаги на котором можно написать любой иероглиф». Улуу сирдьит ити этиитигэр дьоҥҥо иитии-үөрэтии көмөтүнэн ханнык баҕарар өйү-санааны иҥэриэххэ сөп диэн өйдөбүл баар. Бу этии киһи өйө-санаата ханнык үөрэҕи ылыммытыттан улаханнык тутулуктанарын дакаастыыр.
Дьон бары бэйэлэрин үйэлэригэр өйдөөн-санаан туран оҥорор оҥоруулара барылара икки өрүттээх буолан тахсаллар. Ол курдук биир өттө дьоҥҥо, бэйэ дьонугар, аймахтарыгар үчүгэйи, үйэлээҕи, туһа¬лааҕы оҥоруу, дьон олоҕо сайдыы диэки сыҕарыйарыгар көмөлөһүү, он¬тон атын өттө бэйэтигэр эрэ үчүгэйи оҥостоору атын дьоҥҥо куһаҕаны да оҥоруу буолар. Киһи оҥорор дьыалаларын барыларын куһаҕан уонна үчүгэй диэн араардахха бу икки өрүккэ сөп түбэһэллэр.
Сахалар былыргы кэпсээннэригэр уонна билигин баар да кырдьаҕастар айыы диэн тылы икки өйдөбүллээн тутталлара бэлиэтэнэр. Куһаҕаны да, үчүгэйи да оҥоруу иккиэн айыылар диэн ааттаналлар. Ол курдук элбэх үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥоруу киһиттэн бэйэтиттэн хайаан даҕаны өйүн күүскэ үлэлэтэрин эрэйэллэр. Сорох сатабыллаах дьон үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥороору араас элбэх саҥаны арыйыылары оҥорон туһаналлар. Сытыы өйдөөх дьон куһаҕан суолу тутустахта¬рына, кинилэри булан, тутан сууттуур олус ыарахан буоларын сурууларга ахталлар. (1,154). Буруйу оҥорооччуну булан ылар наадаҕа, кини туттубут ньымаларын барыларын баһылааһын, арыйыы хайаан да көрдөнүллэр. Ити иһин өйдөөх дьон уһуннук толкуйдаан оҥорбут буруйдарын, куһаҕан быһыыларын арыйыы ураты уустук үлэ буоларын элбэхтик бэлиэтииллэр. (1,221).
Сахалар былыргы итэҕэллэринэн «Айыы» диэн тыл, тыыннааҕы айар, дьоҥҥо үтүөнү оҥорор, кинилэри араҥаччылыыр тыын аата. Итини тэҥэ «Айыы» диэн тыл үгэһи кэһиини, буруйу оҥорууну эмиэ бэлиэтиир. (2,16).
Айыы өйдөбүлүн маннык быһаарыыта киһи олоҕун устата оҥорор дьыалаларыгар ураты сөп түбэһэр. Ол курдук киһи олоҕо үчүгэйи оҥоруу уонна куһаҕаны оҥоруу икки ардыларынан баран иһэр. Манна үчүгэйи оҥоруу элбэх буолан баһыйдаҕына, дьон олоҕо сайдыы, үчүгэй диэки сыҕарыйан барар, онтон куһаҕаны оҥоруу элбээтэҕинэ, сайдыы төннөр, кэннинэн кэхтэр.
Сахалар өйдөбүллэринэн дьоҥҥо куһаҕаны оҥоруу, хара дьай сабы¬дыала. Дьоҥҥо куһаҕаны оҥорууну айыыны оҥоруу диэн бэлиэтээн этиллэр, онтон киһини өлөрүү эҥин курдук ыар айыыны оҥоруу айыылаах¬-харалаах диэн ааттанар. Ол аата өссө ыарахан «Хара айыы» буолар. ханнык баҕарар куһаҕаны оҥоруу дьону сайдыы-үүнүү диэки баран иһэллэрин бытаардар. Сахалыы уоруйах, дьону албынныыр киһи аата түөкүн диэн. Онтон киһи тыыныгар турбут, өлөрбүт түөкүн аата хара түөкүн диэн буолар.(3,427).
Дьон олоҕор элбэх куһаҕаны оҥорон «Куһаҕанынан аатырыы» диэн эмиэ баар. Сорох дьон улаханнык толкуйдаан, бэйэлэригэр элбэх барыһы ылаарылар куһаҕан быһыылары оҥороллор. Манна улахан уоруйахтары, халабырдьыттары киллэриэххэ сөп. Дириҥник толкуйдаан көрдөххө, бу быһыыга хардары-таары күрэхтэһии билигин да бара турар курдук. Үчүгэй үлэһит дьон булан-талан үүннэрэн, оҥорон баайы-малы мунньуналлар, ону куһаҕан, бэлэми эрэ ылан туһаныахтарын баҕарар дьон бэйэлэригэр ылыахтарын саныыллар. Биир өттүттэн үчүгэй дьон оҥорон таһаарбыт баайдарын маныыллар, онтон атын өттүттэн куһаҕан дьон ылан бараары гыналлар. Маны барытын өйдөөх-санаалаах дьон үгүстүк толкуйдаан, ыараҥнатан, бэлэмнэнэн баран оҥороллор.
Киһи быһыытын маннык өйдөбүлэ үгүс дьон өйдөрө-санаалара хайа диэки салалларыттан тутулуктанар. «Вор в законе» диэн нууччаларга баар өйдөбүл уоруу-алдьатыы салгыы сайдан барарыгар тирэх буолар. Уоруйахтары өрө тутуу, кинилэри арбааһын биир көрүҥэр киирсэр. Ол эрээри Аан дойдуну аймаабыт улахан уоруулары, дьону өлөртөөһүннэри хайдах даҕаны кистээн-сабан хаайа сылдьар кыаллыбат. Арай маннык быһыылары дьон барыта билэр буолуута, кинилэр бэйэлэрин оҕолорун үчүгэй быһыылары оҥорорго үөрэтэллэригэр көмөлөһүө этэ. Ол курдук атын дьон бэлэмнэрин, баайдарын-малларын ылан туһаныы, дьоҥҥо сай¬дыыны аҕалбат, хата төттөрү эстиигэ-быстыыга тириэрдэр суол буо¬ларын оҕолор кыра эрдэхтэриттэн билэллэрэ үчүгэйи оҥороллоругар көмөлөһүө.
Сахаларга «Айыы-хара элбээтэ» диэн олохсуйбут этии баар. Бу этии куһаҕан быһыы эбиллэн иһэрин бэлиэтиирин таһынан куһаҕаны оҥоруу хара айыы буоларын өссө чуолкайдаан биэрэр. Ити этии киһи өйө-санаата куһаҕаны оҥорорго эмиэ үлэлиирин, олору эмиэ айан, үгүстүк толкуйдаан оҥорорун быһаарар.
Хара уонна үрүҥ дьүһүннэр уратылара киһи түүлүгэр ордук чуол-кайдык араарыллан бэриллэллэр. Түүлгэ көстөр үрүҥ, сырдык дьүһүн үчүгэйи, тупсууну түстүүр, онтон туох эмэ харааран, хара дьүһүн¬нээх көһүннэҕинэ мөлтөҕү, куһаҕан майгыны, ыараханы көрдөрөр. Түүл бу бэлиэлэрэ киһи Айылҕаттан тутулуга ураты күүстээҕин, Айылҕа бары көстүүлэрэ харааран, киртийэн көһүннэхтэринэ киһи эмиэ мөлтүүрүн бэлиэтээн көрдөрөллөр.
Айылҕаҕа киһи олоҕо куһаҕан уонна үчүгэй диэн быһаарыылар икки ардыларынан баран иһэр. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн куһаҕан уонна үчүгэй быһыылары арааран билэн, куһаҕан быһыылары оҥорбот буоларга үөрэннэҕинэ эрэ бэйэтин үйэтигэр элбэх үчүгэйи оҥороро кыаллар. Киһи олоҕо, кыратыттан улаатан кырдьыар диэри ити хааччахтааһыннар икки ардыларынан баран истэҕинэ эрэ, Айылҕа тэҥнэһиитин сокуонугар сөп түбэһэр быһыылары оҥорор.
Куһаҕаны оҥоруу ------ оҕо ------- Үчүгэйи оҥоруу
Куһаҕаны айыы, Хара айыы ------ киһи олоҕо ------ Үчүгэйи айыы, Үрүҥ айыы
Кэнники кэмҥэ куһаҕаны оҥорон айыы буолуутун үчүгэй, үрүҥ айыыттан туспа арааран аньыы диэн ааттааһыны олохсута сатыыллар. Икки тылынан этиллэн өйдөнүллэр «Куһаҕан айыы» диэн өйдөбүлү биир тылы¬нан «Аньыы» диэнинэн солбуйуу саҥарары уонна суруйары түргэтэтэр эрэ курдук санааһын улахан сыыһалардаах. Маннык ааттааһынтан куһаҕан айыы киһи өйүттэн-санаатыттан быһаччы тутулуга уларыйан, суох буолан хаалар. «Аньыы» диэн тыл бэйэтэ киһи өйүн-санаатын кытта ханнык даҕаны сибээһэ суох буолан «Куһаҕан айыыны» киһи оҥорботун, атын туохтар эрэ оҥороллорун курдук өйдөбүлү үөскэтэн өйү-санааны бутуйар, аҥардастыы үчүгэй эрэ дьон айыыны оҥороллорун курдук өйдөбүлү биэрэр.
Билигин биһиги сахалар «коммунизм» кэмин саҕана улаханнык току¬руйбут өйбүтүн-санаабытын көннөрөр кэмҥэ кэлэн олоробут. Киһи өйүгар-санаатыгар дириҥ өйдөбүлү оҥорор тылларбытын маннык уларытар¬быт сөбө дуу, сыыһата дуу диэн өссө толкуйдаан көрөрбүт наада буо¬лууһу быһыылаах. Былыргы кэмҥэ олорбут дьон Айылҕаҕа сыһыаннара ордук чугас эбитинэн, кинилэр «Айыы» диэн тылы икки өйдөбүллээн тутталлара ордук таба, киһи өйүн-санаатын олус табатык быһаарар. Ол иһин айыы диэн өйү-санааны быһаарар тылбытын харыстыырбыт наада.
АЙЫЫ ТОЙОН
Былыргы сахалар киһи олоҕо үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэр икки ардыларынан, үчүгэй диэки өттүн тутуһан баран иһэрин чуолкайдык арааран бэлиэтииллэр. Ол курдук дьон куһаҕан быһыылары оҥорол¬лоро эбиллэн хааллаҕына сайдыы-үүнүү тохтуур, олох кэннинэн кэхтэр кэмэ кэлиитин «Айыы-хара элбээбит» кэмэ диэн сахалар бэлиэтээн этэллэр.
Куһаҕан уонна үчүгэй диэн өйдөбүллэргэ киһи бэйэтин олоҕун ус¬тата оҥорор быһыылара барылара киирсэллэр. Киһи оҥорор куһаҕан быһыыларын - хараҕа, онтон үчүгэй быһыылары оҥоруутун - үрүҥҥэ холооһун олус былыргыттан олохсуйбут үгэс. Ол курдук киһи барыта сырдыгы, маҥаны сөбүлүүрэ, онтон хараттан, хараҥаттан саллара, сэрэнэрэ өйө-санаата сайдан барыытын салайан испит буолуон сөп.
Сахалар киһилии майгылаах үчүгэй киһини - үрүҥ айыы киһитэ эбэтэр көннөрү айыы киһитэ диэн ааттыыллар. Куһаҕан киһини туспа арааран абааһы киһитэ диэн ааттааһын кэлин нууччалары үтүктүү буолуон сөп. Былыргы сахалар абааһылар диэн араас ыарыы төрүттэрин уонна үөрдэри туспа арааран ааттыыллара биллэр. Киһи киһиэхэ сыһыанын тупсараары эбэтэр кини үчүгэйи оҥорор санаатын күүһүрдэн биэрээри, «Эн үчүгэй киһигин» диэн киһиргэтэ, дэбдэтэ түһэн биэрии хаһан баҕарар туттуллар. Киһи, киһилии майгына тупсан өссө үчүгэй буоларын наадатыгар «Айыы киһитэ буол», «Айыы санаалан» диэн ыҥырыылары элбэхтик туһаналлар.
Бу курдук быһаардахпытына саха дьоно үгүстүк туттар «Үрүҥ айыы» диэн өйдөбүллэрэ үчүгэй санаалаах киһи өйүн-санаатын бэлиэтиирин таһынан өссө үчүгэйи оҥороругар ыҥырар бэлиэ, сулус буолар. Саха дьоно үчүгэй киһи туһунан бары баҕа санааларын, үчүгэй киһи тугу оҥоруохтааҕын барытын мунньан, үчүгэй таҥараларын «Үрүҥ айыы тойон» диэн ааттаабыттар.
Таҥараны итинник ааттааһын, бу үчүгэй санаалаах таҥара диэн өйдөбүллээх. Кыра хара киһи ханнык баҕарар тойону итинник ааттаан ыҥырыан сөп. Мин туспар «Үрүҥ айыы» буол, көмөлөс» диэн көрдөһүөн сөп. Тоҕо диэтэххэ кыра киһи санаатыгар тойон майгына үчүгэй буоллаҕына, ки¬ниэхэ эмиэ тугу эмэни бэрсиэн, туохха эмэ тииһиннэриэн сөп. Былыр тойон аһара былаастаах эрдэҕинэ, үчүгэй майгына, айыы санаата киирдэҕинэ кырата буоллаҕына аһара кырбаабакка босхолоон ыытыан сөп. Ол иһин кыра, бу тойонтон улахан тутулуктаах киһи, тугу эмэ көрдөһөөрү, тойон үчүгэй санаатын уһугуннараары, бэйэтигэр тугу эмэ туһалааҕы оҥоттороору «Үрүҥ айыы тойон» диэн тыллары үгүстүк туттубутугар сөп.
Былыргы үйэҕэ тойоттор аһара улахан былаастаах буолаллара бил¬лэр. Кинилэр бэйэлэрин хамначчыттарын, кулуттарын, сэриигэ билиэн ылбыт дьоннорун барыларын талбыттарынан көрөн дьаһайаллар эбит. Тойон дьүүлэ талбытынан буоларын «Кутургуйа таптаабытынан тахсар, тойон талбытынан дьүүллүүр» диэн былыргы өс хоһооно быһаарар. Бу курдук үгүс дьон олохторо, биир тойон үтүө санаатыттан олус улахан тутулуктаах буолууларыттан, киниэхэ, тойон киһиэхэ үтүө санаата уһуктарын, ханнык эмэ да буоллар аһынар, харыһыйар санаа баар буо¬луутун баҕараллар. Ол иһин, тойон киһи үчүгэй, кыраларын харыстыыр санаатын уһугуннараары Үрүҥ Айыы Тойон диэн ааттаан ыҥыраллара быһаарыллар.
Кыра дьон баҕа санааларын «Үрүҥ Айыы Тойон» хайдах эмэ толордоҕуна, бу тойон үчүгэй, айыы санаалаах тойон аатырар. Сахаларга үчүгэй, сымнаҕас майгылаах, аһыныгас киһини «Айыы санаалаах» киһи диэн этии баар. Бу этии киһи аһыныгас, харыстыыр санаатын уһугуннарарга аналлаахтык эмиэ туттуллар. Тойону «Айыы санаата» киирдэҕинэ сымнаҕастык дьүүллүөҕэ, сөптөөх быһаарыыны биэриэҕэ диэн эрэл санааттан эмиэ этиллэр.
Онон бу быһаарыыбытын түмүктээтэхпитинэ, сахалар «Үрүҥ Айыы Тойон» диэн таҥаралара көннөрү, ханнык эрэ тойон буолуон сөп. Кини айыы санаатыттан, үчүгэй санаата киирэриттэн быһаччы тутулуктаах элбэх кыра дьон, тойон үчүгэй санаата киирдэҕинэ, онон туһанан кы¬ра эмэ туһаны бэйэлэригэр таһаарынаарылар кинини «Үрүҥ Айыы Тойон» диэн ааттыылларыттан үөскээбитигэр сөптөөх. Тойон киһи үтүө санаатын уһугуннараары, кыра буолан бэйэтин көмүскэтээри, харыһыттараары, тойону «Үрүҥ айыы тойон» диэн ааттааһын олоҕурбут.
Тойон уонна Айыы диэн тыллар бииргэ кыттыспыттара былаас уонна итэҕэл биир буолбуттарын халбаҥнаабат туоһута. Былыргы сахаларга оннук кэмнэр кэлэ сылдьыбыт буолуохтарын сөп. Ол курдук Одун хаан уонна Чыҥыс хаан остуоруйаҕа биллэр улахан салайааччы, баһылык, тойон дьон буолаллар. Кинилэри билиҥҥи кэм улахан салайааччылары¬гар В.И.Лениҥҥэ эбэтэр И.В.Сталиҥҥа тэҥниэххэ сөп курдук. Урут ыраахтааҕы былааһын, империятын саҕана Россия дьонугар барыларыгар христианствоны соҥнооһун ыытыллара. Оччолорго былаас уонна итэҕэл бииргэ түмсэн үлэлииллэрэ. Билигин эмиэ Россия былааһын күүһүрдүү христианствоны күүһүрдүүнэн ыытыллар уонна атын итэҕэллэри, ол иһигэр Үрүҥ Айыы итэҕэлин эмиэ туоратарга дьулуһар.
Норуот, омук туһугар элбэх үтүөнү оҥорбут тойону хайҕаан уонна арбаан «Үрүҥ Айыы Тойон» диэн ааттаан таҥара оҥостон үҥүү государ¬стволар, иллэр тэриллибиттэрин кэннэ буолбут курдук. Былыргы грек¬тэр таҥараларын модун күүстээх дьон курдук саныыллар эбит. (4,179). Таҥара диэн тылы быһаарарга, бу тыл «таҥаралаабыт» диэн өйдөбүлүн эмиэ туһаныахха сөп. «Таҥаралаабыт», барбыт, өлбүт киһи диэн өйдөбүллээх. (5,313). Таҥара буолуу диэн үчүгэй то¬йон өлбүтүн кэннэ аата суола хаалан, кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо ыҥырар сирдьит буолуутун аата. Ол киһи аата, атын хаалар дьоҥҥо холобур буолан үтүө дьыалалары оҥорорго ыҥырар аналланар.
Онон, сахалар сорох таҥараларын ааттара диэн өлбүт тойоттор аатынан ааттаахтар. Бэйэтин омугун дьонугар элбэх үтүөнү оҥорон аатырдыбыт, баҕар сэриилээн да кыайан буолуо эбэтэр саҥаны арыйтаран кыайыылары оҥорбут тойону, өлбүтүн кэннэ аатын-суолун үйэтитэн таҥараҕа кубулуталлар. Кэлэр көлүөнэ дьон үтүө ааттаах омуктарын аатырдыбыт тойон киһилэрин арбаан, таҥара оҥостон, кини ситиспит кыайыыларын өссө ситиһээрилэр, дьулуурдарын түмэллэригэр аналланар.
ҮРҮҤ АЙЫЫ ИТЭҔЭЛЭ
Ханнык баҕарар киһи аан маҥнай санаата тиийэн тугу эмэ быһаарыннаҕына эрэ ханнык эмэ дьыаланы оҥорор. Ол аата киһи тугу оҥоруохтааҕын эрдэттэн былаанныы сылдьыахтааҕын бэлиэтиир. Кини үчүгэйи санаатаҕына эбэтэр хантан эрэ таһыттан, кимтэн эмэ үчүгэй санаа киирдэҕинэ үчүгэйи оҥорор, онтон куһаҕан, хара санаа киирдэҕинэ, куһаҕаны да оҥоруон сөп. Ол иһин киһи ханнык баҕарар быһыыны оҥороро аан маҥнай ханнык санаа киирэриттэн, бэйэтин санаата хайдаҕыттан быһаччы тутулуктанар.
Саха дьоно ханнык баҕарар үчүгэй оҥорууларын үрүҥ, маҥан дьүһүннээн этэллэр. Омук итэҕэлэ үчүгэйи оҥорууга ыҥырар, үөрэтэр буоллаҕына, дьонугар барыларыгар үчүгэй санаа олохсуйарын үөскэтэр. Сахалар таҥаралара «Үрүҥ айыы» диэн ааттанара таах халлаантан ылыллыбыт буолбатах. «Үрүҥ» диэн тылга саха дьонун үчүгэйгэ баҕара саныыллара барыта түмүллэн сылдьар. Ол иһин таҥара аата үрүҥ диэн үчүгэй таҥара буоларын көрдөрөр быһаарыылаах буоллаҕына эрэ табыллар.
Үгүс дьоҥҥо туһалаах үлэни-хамнаһы, үчүгэйи, саҥаны арыйыылары оҥоруу үчүгэй айыыны, «Үрүҥ айыыны» оҥоруу буолар. Ол аата үрүҥ айыы дьону сайдыы, үүнүү диэки сирдиир, ыҥырар ол диэки хамсааһыны оҥороллоругар тирэх буолар. Саха дьонугар үчүгэйи элбэхтик оҥорон аатырбыт киһи өллөҕүнэ өйө-санаата «Үрүҥ Айыы» буолар. Ол аата Үрүҥ Айыы итэҕэлэ диэн үчүгэйи элбэхтик оҥорбут киһини үтүктэргэ, кини курдук буоларга ыҥырар өйдөбүллээх эбит. Элбэх үчүгэйи оҥорон баран өлбүт киһини уһун үйэлэргэ аатын-суолун үйэтитэн таҥара оҥостуу, «Үрүҥ Айыы» оҥоруу ол иһин олохсуйбут.
Сахалар үгүс дьоҥҥо элбэх үчүгэйи оҥорбут таҥаралара «Үрүҥ Күн», «Үрүҥ Аар Тойон», «Үрүҥ Айыы Тойон» диэн ааттаналлар. Бу таҥаралар ааттарыттан да көстөрүнэн сайдыы, үүнүү диэки сирдиир, дьоҥҥо элбэх үчүгэйи оҥороллоругар ыҥырар таҥаралар буолаллара быһаарыллар.
Билигин сахаларга тарҕанан эрэр итэҕэл былыргы бэйэтин аатынан «Үрүҥ Айыы итэҕэлэ» диэн ааттанара буоллар ордук итэҕэтиилээх буолуо этэ. Тоҕо диэн быһаардахха, кырдьаҕас сахалар бары айыы диэн тылы икки өрүттээн тутталлар. Бу тыл икки аҥы суолталааҕын саха киһитэ барыта билэр. Биир өттө үчүгэйи, онтон аҥар өттө куһаҕаны бэлиэтиир. Ол барыта айыы диэн тыл киһи өйүттэн-санаатыттан тутулуктааҕыттан үөскээн тахсар. Киһи барыта биир өйдөөх-санаалаах буолара билиҥҥитэ кыаллыбат суол быһыылаах. Сорохтор куһаҕаны билэ-билэ, өйдөрүн-санааларын барытын ууран туран ону оҥороллор. Ол иһин ай, айыы диэн тыллар киһи өйө-санаата үчүгэй дуу, куһаҕан дуу диэки хайысхалааҕыттан улахан тутулуктаахтар. Үчүгэйгэ баҕарар итэҕэл киһи өйүн-санаатын бу икки суолтатыттан биир үчүгэйин талан ыллаҕына эрэ үгүс дьоҥҥо таба өйдөнүөн сөп.
Онон, саха дьонун үчүгэйгэ баҕара санааһыннарын түмэр итэҕэл аата «Үрүҥ Айыы итэҕэлэ» диэн буолара оруннаах буолуо. Итини тэҥэ бу дьоҥҥо барыларыгар үтүөнү баҕарар итэҕэлтэн урукку диктатордар, аҥардастыы баһылыы сылдьыбыт дьон ааттара ылыллаллара буоллар ордук буолуо этэ. Былыргы кэмҥэ сахаларга итэҕэл уонна таҥара биир өйдөбүллээх курдуктар. Ол курдук былыргы үйэлэргэ сахалары таҥараны итэҕэйээччилэр диэн ааттыыллара эмиэ биллэр.
Дьон барыта кэриэтэ ханнык баҕарар дьыаланы үтүктэн оҥороллорунан сибээстээн, үтүктэргэ, батыһарга аналлаах ханнык эрэ киһи мөссүөнэ баара хайаан да наадалаах курдук. Бары атын омуктар таҥаралара ити үтүктэр сыалы толорорго аналлаахтар. Таҥараны итэҕэйэр дьон ханнык эрэ киһини батыһан ону-маны оҥороллорун ордук сөбүлүүллэр. Ол иһин үтүктэргэ аналлаах дьону олус ыраахтан буолбакка, былыргы сахалар курдук бэйэҕит аймахтаргытыттан, чугас биллиилээх дьоҥҥутуттан булан ыларгытыгар сүбэлиэм этэ. Чугас аймах киһи үчүгэй өрүттэрин булан үтүктэр дьонугар кини бэйэтин кута-сүрэ эмиэ көмөлөһөрүн былыргы сахалар билэллэр.
«Туос түүктүйэ» таҥара диэн буолар диэбит С.И.Боло. Туос түүктүйэ таҥара буоларын А.Е.Кулаковскай эмиэ эппит. (6,5). Былыргы сахалар таҥаралара «Түүктүйэ таҥара» диэн, өлбүт үтүө киһи улахан хомуһуннаах, күүстээх кутун-сүрүн хаайан, уура сылдьан үҥэн-сүктэн көмө көрдүүргэ аналланар эбит. Итини тэҥэ былыргы сахаларга маһынан оҥоруллубут киһи курдук быһыылаах, үтүө киһи кута-сүрэ иҥэриллибит таҥарата, эмэгэтэ баара биллэр. Үтүө киһи кута-сүрэ иҥмитэ, баарын биллэриэн, чугас дьонугар чахчы көмөлөһүөн да сөбүн сахалар былыргы кэпсээннэрэ бигэргэтэллэр.
Сахалар ордук күүскэ иччилэри итэҕэйэллэр. Киһи олоҕо барыта тулалыыр Айылҕаны кытта тулхадыйбат тутулуктааҕын саха дьоно билэллэр. Сир-дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун хайа баҕарар киһиэхэ быһаччы да көмөлөспүтэ элбэх буолуо. Иччилэргэ итэҕэйии Айылҕа күүһүгэр итэҕэйии буолар. Ол иһин сахалар иччилэргэ итэҕэйиилэрэ билигин да күүстээх.
Хос быһаарыылар.
1. Артур Конан Дойль. Знак четырех: Повесть. Рассказы: Якутск: Кн. изд-во, 1991.- 320 с.
2. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев ре¬дакциятынан - Дьокуускай: «Бичик» нац.кинигэ кыһата, 1994.- 264 с.
3. Н.М.Петров. Ол үйэлэр дуорааннара. Дьокуускай: «Бичик», 1999.- 432 с.
4. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: «Бичик» нац.кинигэ кыһата, 1994.- 264 с.
5. Далан. Дьылҕам миэнэ: Роман-эссе. Дьокуускай: Нац. кинигэ кыһата «Бичик» 1994.- 448 с.
6. К.Д.Уткин. Саха итэҕэлигэр «Кыыс таҥара». Дьокуускай: «Ситим». ЧИФ, 1994.- 8 с.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл
Олох оҥкула
Үгэстэр
Үгэс үөскээһинэ
Оҕо өйө-санаата үөскээһинэ
Телевизор уонна компьютер оҕо иитиитигэр буортулара
Кыра оҕону иитии, үөрэтии
Атаах оҕо
Илии барбат буолуута
Тулаайах оҕо
Киһи аата
Өй-санаа арахсыыта
Өй көтүүтэ
Өй баайыллар
Үчүгэй уонна куһаҕан
Үчүгэйгэ үөрэтии
Туһа киһитэ
Үлэҕэ үөрэтии
Государство оҕото
Куорат оҕото
Түүл уонна кут-сүр үөрэҕэ
Кут-сүр үөрэх сайдыыта
Сүр
Үс кут
Буор кут
Ийэ кут
Салгын кут
Куттар солбуһуулара
Куһаҕан быһыылар
Айыы этэн ыраастаныы
Сэт
Сэт – сэмэ
Сэт – сэлээн
Төннүбүт төрүөх
Хара уонна үрүҥ
Айыы тойон
Үрүҥ Айыы итэҕэлэ