Кыргыска киирэр алгыс (Д.М. Говоров тылыттан Е.И. Говоров суруйуута)
Мэҥиэ дьулурҕа төлкөтө
Соллоҥноох сулумах ох[1] дьолуота буолла —
Дьаҥхалаах түһүлгэ[2] тардылынна.
Хааннаах дапсы[3] өрөгөйө,
Эрбэх далаҕай төлкөтө
Элиэ чупчурҕан ох[4] тэлэйиитэ,
Хааннаах хайгыа эркээриитэ,
Алдьархайдаах аартык аһыллыыта буолла.
Чэйиҥ, көрүҥ эрэ,
Кыларыттар халлаан дайдылаах,
Кыһыл былыт дугуйдаах[5]
Кыыра хаан тойон,
Кырдаҕаччы хаан хатын
Кылааннаах кыыһа буолбут,
Кыыра Кыстай хатын эдьиий обургу,
Быыра быһаххын аргыстаһан,
Чөкөрөөн сүгэҕин дрҕордоһон,
Кылааннаах батаскын кымньыыланан,
Өһөхтөөх[6] үҥүүгүн тайахтанан,
Кыа хааны үктэллэнэн
Хара хааны моойторуктанан
Бөттэх көрөн
Мичиҥнээн көр!
Соллоҥноох суолгар
Нохтолоох сүрэҕинэн
Дьоһуннуур күммүт буолла.
Алдьархайдаах аартыккар
Хааннаах хайгыаны
Эккэйилиир күммүт буолла.
Өһөх хаанынан
Үктэллэнэн кулу!
Өрөгөй талааны
Үксэтэн кулу!
Хааннаах ньилбэги
Ньилбэктээн кулу!..
Харый буруй
Харыаһыыны харбат!..
Мэккиэ дьылҕа
Буурҕата буолла!
Уус-Алдан оройуона, 2 Өлтөх нэһилиэгэ. Д. М. Говоров тылыттан Е. И. Говоров cуруйуута, 1940 с. ССРС НА ССФ рукописнай фона.
Быһаарыылар
[уларыт]- ↑ Соллоҥноох сулумах ох — куйаҕы алдьатар ох.
- ↑ Дьаҥхалаах туһүлгэ — харах уулаах миэстэ.
- ↑ Хааннаах дапсы - кыргыска киириэх иннинэ ытыы аата
- ↑ Элиэ чупчурҕан ох-куйаҕы алдьатар элиэ кыыл куорсуннаах ох.
- ↑ Дугуйдаах — олохтоох.
- ↑ Өһөхтөөх — бөлүөх хааннаах.
«Былыр улахан кыргыс икки өттүттэн болдьоҕунан буолар эбит. Болдьохтоох кэмнэригэр уонна сирдэригэр икки өттүттэн тус-туспа мусталлар. Мустан баран бэйэлэрин киһилэриттэн, биирдии куһаҕан киһилэрин өлөрөн, бастыҥ ытааччыга өлбүт киһилэрин сүрэҕин элиэ кыыл куорсуна түүлээх «элиэ чупчурҕан» диэн, куйаҕы алдьатар ox төбөтүгэр анньаллар, хаанынан ох умнаһын үс сиринэн буоҕуралыы сотоллор. Ол курдук «Хааннаах дапсы» бэлэмнииллэр. Онтон ытааччы киһи, ох саатын халлааҥҥа тубус-туруору тутан туран, ыллыыр уонна манных алгыһы алгыыр. Ону кыргыс дьонуттан 7 дуу, 9 дуу киһи батыһан ыллаан иһэллэр. Ыллаан бүтэн баран, өрө ытар. Кыайыахтара буоллаҕына — сүрэҕэ суох, хаана кубарыйан «элиэ чупчурҕан» ох кэлэн түһүлгэ ортотугар тубус-туруору түһүөхтээх. Кыайтарар буоллахтарына, охторо түһүлгэ тас өттүгэр сүрэхтиин-быардыын сытыары кэлэн түһэр. Ох кыайтарыахтарын көрдөрдөҕүнэ, өстөөхтөрүн иннинэн, туора, «хара сиэги» диэн ситиинэн тардыллар. Өстөөхтөр ол сиэгини туораан киирэн сэриилээн барар бэрээдэктэрэ суох эбнт. Онтон «кыайтарааччылар» «даам биэрнн» диэн кэпсэтиини тэрийэллэр».