Кыым (Сабыйа)
Тас көрүҥэ
Кыым
Сүргэбин көтөҕөн, быыкайкаан
Кыым түһэн сүрэхпэр хатанан,
Кыламныы-тыгыалыы умайан
Үөрүүнү күөртээтэ саҕыллан.
Ол түөһү сылытар кыым хантан
Эмискэ миэхэ уйаланан
Чоҕулхай бып-быыкаа бэйэтэ
Улахан үөрүүнү үөскэттэ?
Ол “эн суох этиҥ...”диэбиккиттэн,
Син сүтэрэн көрдөөбүккүттэн-
Ол аата суохтааҥҥын күүппүккүн,
Баҕарбыт эбиккин көрсүөххүн.
Таҥара биэриэ дии, баҕардар,
Кылгас да көрсүһүү кэмнэрин,
Эмиэ биир эдэрдии уматар
Олохпут умнубат түгэнин.
Кыраттан даҕаны мин үөрэн,
Эмиэ дьэ сэргэхтик сэгэйэн,
Туох эрэ кэрэни кэтэһэн,
Эрдийдим кэлэргэ эрэнэн. 03.12.13.