Иһинээҕитигэр көс

Кыһамньы (Афанасий Федоров)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Федоров Афанасий Игнатьевич (1926.07.30 – 1959.04.19) кэпсээнэ.

Кыһамньы

[уларыт]

Москватааҕы "Арс" кинотеатр ааныгар элбэх дьон үөмэлэһэллэр, сана фильм буолан, киһи баһаам. Билиэт бүппүтэ ырааппыт. Контролерша, аан биир өттүгэр өйөнөн туран, дьон билиэтин кичэйэн бэрэбиэркэлиир.

Уҥа атаҕа тобугунан суох, икки хонноҕун аннынан ыйаастан хаамар, баттык тайахтаах киһи ааҥҥа тохтоон, сиэптэран хастымахтыыр. Кэнниттэн дьон үтүрүйэллэр.

— Киирэн иһиҥ эрэ, иккис звонок буолла.

Киһи, туора сыҕарыс гынан, сиэптэрин мээнэ туппахтанар.

— Билиэтим сүппүт дии. Бу сиэппэр уктарга дылы гыммытым...

— Билиэтиҥ суох буоллаҕына мэһэйдээмэ, табаарыс, — контролерша кытаанах куоланынан эттэ.

Киһи ыксаан, уолугун сиэптэриттэн бары докумуоннарын хостоон таһааран, арыйбахтыыр. Тайахтара цемент муостаҕа талыгыраһа түһэллэр.
— Платокпун ылаары хостоон кээспит буоллаҕым...

— Киирэн иниҥ, билигин ааны сабыам, — контролерша дьону ыгылытар.

Киһи билиэтин көрдүүрүн тохтотор. Тайахтарыгар ыйаастан тэйэ хаамар. Итини барытын көрөн турубут эдэр киһи киниэхэ кэлэн:
— Табаарыс, билиэккин булбатыҥ дуу? — диир.

Кини үөһэ тыынан кэбиһэр.
— Булбатым. Төннөрбөр тиийдэҕим. Сатаан бардаҕына куорат таһыгар олоробун ээ.

Эдэр киһи, тугу эрэ толкуйдаан баран, бэйэтин билиэтин ойутан таһаарар.
— Мэ, маны ыл.

Киһи соһуйан көрө түһэр.
— Кэбис, кэбис, туох буоллаҥый. Оттон бэйэҥ?
— Мин манна, бу театр кэннигэр олоробун. Хаһан баҕарар көрүөм, — атахтаах киһи, билиэтин контролершаҕа быстара охсон баран, киһитэ туох диирин истэ барбакка эрэ, кинини театр иһигэр анньан кэбистэ.
— Баһыыба! Харчыгын ыл, — киһи эргиллэн сиэбин хаһынна, онуоха эдэрэ илиитинэн сапсыйда.
— Наадата суох, — кини киһитин соҕотох атаҕын көрөн кэбистэ. Онтон эргиллэн, тохтоон турар троллейбус иһигэр дьылыс гынна.

1952