Иһинээҕитигэр көс

Кэллим кэрэ Тааттаҕа (Күннүк Уурастыырап)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кэллим кэрэ Тааттаҕа


Аҕыйах да хонук буоллун,
Ааттаан-суоллаан тохтоон ааһа,
Сэргэҕэлээн истэр дьоннуун
Сэһэргэһэ, хоһоон ааҕа,
Кэллим үрэх ааттааҕа —
Кэрэ, үтүө Тааттаҕа.
Сорохторо — аныгылыы,
Килиэ-халаа көстүүлээх,
Сорохторо — "былыргылыы",
Килбик-кэмчи көрүҥнээх,
Араас бедөҥ, кыра дьиэлэр,
Алаас илин, хоту киэҥэр
Хойдон, убаан олороллор,
Буруолара хоройоллор.
Сандаҕара дайа үүнэн,
Сарсыардааҥы Таатта күнэ
Дэриэбинэ үрдүнэн
Чэмэлийэн көһүннэ,—
Ытык Күөлгэ ыаллар ылбыт
Муустарыгар чаҕылынна,
Тэргэн суолга сыарҕа сыыйбыт
Чигдитигэр саҕылынна.
Киһи бары кэтэһэр
Кэрэ кэмэ кэлэн иһэр.
Сылаас бөҕө: муус устар,
Сыһыы уҥуор туллуктар
Таатта сүнньүн ыраас, үрдүк
Халлаанынан көтөллер,—
Тойуллубут саахар курдук,
Туртаҥнаһан көстөллөр.
Истээх нэгин илгистиммит
Хара тыаны ирбинньиктии,
Илим баайан, дьэргэлгэммит
Харса суохтук дьирбинньиктиир...
«Арааһа, эн, сыыһа түһэн,
Арыый эрдэ кээлкин»,— дииллэр,
«Лаппа сааһын, сайын — ситэн,
Таатта ордук тупсар»,— дииллэр.
Угут дьылга Наммара,
Дьиэбэгэнэ халааннара,
Киэҥник эҥсэ кутуллан,
Киирэн күүскэ суккуллан —
Үрэх хаатын таһыйан,
Өнньүөс аайы халыйан —
Колхозтаахтар быйаҥнарын
Дэбилитэр ууланан,
Ытык Күөлбүт ыалларын
Быыстарынан суолланан,
Сорох дьиэни адьас ылан,
Сорохтору ыла сыһан,
Киэптээн аҕай ааһар эбит
Кэрэ Таатта эбэбит.
Илгэ-быйаҥ эмтээх тыына
Итии тыалга илгийэн,
Олох уота, таптал кыыма
Оонньуур хааннаах иҥҥэ кэйэн,
Отун-маһын күөҕэ күлэн,
Унаар-тунаар долгун түһэн,
Ол саҕана күннүүр—тиллэр,
Олус буолар Таатта дииллэр.
Оччоҕуна — дьоҥҥо өрүү
Уһун тускул, улуу үөрүү,
Салыйбакка эргиллэн,
Салаллыаҕын туһунан,
Саргыланан-көтөҕүллэн,
Саха тылын ууһунан,
Сарсыардааҥы саһарҕа
Саҕаланар тойугар
Үүнэр от-мас, айылҕа
Үөрэр-көтөр суугунугар
Ойуунускай ыллыыр үһү.
Оннук дьикти буолар үһү...
Таатта хотун аптаах уутун,
Ынахтарын сылаас үүтүн,
Уохтаах саамал кымыһын
Ордук таптаан испиттэр,
Олоҥхотун, ырыаларын
Умсугуйан истибиттэр,
Ийэ тылбыт эгэлгэтин
Эриэккэстээх кэрэтин
Эттэн-хаантан иэйэн этэн,
Илэ-чахчы кэрэхсэтэн,
«Ньимийбэккэ» дьиэрэйэр,
Тимирбэккэ күөрэйэр,
Өлбөт-сүппэт Өксөкүлээх
Үгэһигэр үөрэммиттэр —
Оннук дьиҥнээх биһирэллээх
Поэт буолар эбиттэр.
Анаан, сайын эргийиитэ,
Аны биирдэ кэлиэҕим.
Чахчы ситэн чэлгийиитэ,
Таатта бэрдин билиэҕим.
Сайылыкка көргө-нарга,
Хомус нарын иэйиитигэр,
Сардаҥалаах чараҥнарга
Хойуу лабаа сиккиэригэр
Үрдүк төлкө, үтүө ыра
Үүнэр күнүн ыҥырар
Дьоһун поэт ырыаларын
Дуоһуйбахтыы истиэҕим...
...Уонна колхоз ыалларын
Кымыстарын иһиэҕим...


1962