Кэлэр кэскил ырыата (Ойуунускай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кэлэр кэскил ырыата


       Сайаҕас
       Сандал саас
Күөх урсун күөнүгэр,
Күн уотун күлүмэр
Балаҕан иһиттэн,
Баҕана төрдүттэн
       Ойоммун,
       Оонньооммун,
Дьэргэйэр-долгуйар
Дьэргэлгэн уотугар
Дьиэрэҥкэй тэбэммин,
Дьиэрэтэ туойаммын
       Доргутуом,
       Долгутуом...

       Билэҕиэт,
       Билбэккиэт —
Сир ийэм иэнигэр,
Симэҕин үрдүгэр
Күн күлүм уотуттан,
Күөх унаар урсунтан
       Ырыаһыт
       Ыччаккыт
Дьон-норуот дьолугар,
Дьол-соргу туһугар
Тускулбун тутаммын
Туойаахтыы турабын...
Дьэ-дьэ-дьэ!
Дьэ-дьэ-дьэ!
Көрөҕүөт,
Көрбөккүөт —
Тэллэхтиин чэҥнэрдээх,
Тэллэйдиин түүнүктээх
Балаҕан иһигэр, баҕана төрдүгэр —
Буруоттан,
Буоруттан
Хараххыт ыалдьаахтаан,
Хаанынан ытаахтаан,
Тыҥаҕыт сытыйан
Тыынаргыт кылгаахтаан.
Өлбөккүөт,
Өспөккүөт?!

    Мүҥ дьолуо,
    Муус болуо
Түннүккүт төрдүгэр,
Түптүргүт түгэҕзр
Туох кута кутуллан,
Туох дьоло тутуллан,
    Үүнүөҕэй,
    Үөскүөҕэй?!
Чэҥирбит ороҥҥор,
Чэлгирбит олбоххор
Төрөтөр төрүөххүт
Төннөрүн көрүөххүт...
Аай-аайбын!
Аанайбын!..

   Хайдахтык,
   Ханныктык
Нууччалыы дьиэлэргэ
Ньургуһун курдуктук,
Кыһыҥҥы күннэргэ
Кылбаарар кустуктук,
   Тэтэрэн,
   Тэлээрэн,
Сибэкки ситээхтээн,
Сирэмнээн-силиктээн,
Кутуллан-куоластаан,
Куоҕайан-нусхайан
Үүнэрий,
Үтэрий?!
 Буруоттан,
Буоруттан
Балаҕан иһигэр,
Ытыыргыт элбиэҕэ,
Ынчыккыт үксүөҕэ.
Муобуран,
Муоҕуран,
Дьахсайан-ньаҥхаран,
Дьарҕаран-дьаҥыран,
Күүстэргит быстаахтыа,
Күдэххит бараныа...
Ыый-ыыйбын
Ытыыбын...

    Үөрүүлээх,
    Үөскүүлээх
Күн уотун күлүмэр,
Күөх урсун күөнүгэр
Аныгы сэбинэн,
Алаһа дьиэлэнэн
    Оҥостон,
    Олорон —
Төрөтөр төрүөххүт
Төлкөтүн көрүөххүт,
Уһун дьол үрдүгэр,
Уоҕурар бэрдигэр
    Үүнүөххүт,
    Үөскүөххүт...

Буруоттан,
Буоруттан
Халтаһаҥ баранан
Хаан балай буоларыҥ,
Тыҥалыын сытыйан
Тыҥыахтыы тыынарыҥ
Аччыаҕа,
Ааһыаҕа...

Хоруйан-ходуйан
Хортуоппуй олордон,
Кутуллар куҥнаныаҥ,
Куланнаах уохтаныаҥ...
    Буо-буо-буо...
    Буо-буо-буо...

    Үөрэҥҥин,
    Үүнэҥҥин,
Массыына тэринэн,
Маҕыньыыт күүһүнэн,
Салгыҥҥа тирэнэн,
Сатаны тэбинэн
Көтөҥҥүн,
Көрөҥҥүн,
Күөх урсун күүһүнэн
Күн уотун көлүйэн
Сир ийэҥ иэнигэр,
Сирэмин үрдүгэр
Уйгулуоҥ,
Уруйдуоҥ...

     Айаҥҥын,
     Дьайаҥҥын,
Уу далай күүһүнэн
Уйгугун үксэтиэҥ,
Сатанан тэбинэн
Саргыгын элбэтиэҥ...
     Үөрүүнэн,
     Үҥкүүнэн
Дьон-норуот дьолугар,
Дьол-соргу туһугар
Күн уотун көлүйүөҥ,
Күлүмнүү көтөөхтүөҥ...
     Дьэ-дьэ-дьэ...
     Дьэ-дьэ-дьэ...


2.III.1927, Москва к.