Иһинээҕитигэр көс

Кэпсэтиэх (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кэпсэтиэх, эн биhи ааспыты,
Дьон туhун, дьол туhун ахтыhыах.
Ыараабыт санааны дьайҕарда,
Ыраастык оҕолуу мичээрдиэх.

Кэпсэтиэх бэйэни ѳйдѳhѳн,
Нап-намыын сахабыт тылынан.
Чэпчэки минньигэс күлүүнэн,
Дууhаны кынаттаан кѳтүтүѳх.

Кэпсэтиэх олох, сир кэрэтин
Эргийбэт эдэр саас дьиктитин,
Күн сирэ чэлгийэр тѳлкѳтүн.
Уйгу-дьол туhунан кэпсэтиэх…