Иһинээҕитигэр көс

Кэпсээ миэхэ, кырдьаҕас хатыҥым (Айыы Уола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кэпсээ миэхэ, кырдьаҕас хатыҥым


Кэпсээ миэхэ, кырдьаҕас хатыҥыам,
Төһө өр бу сиргэ турбуккун,
Төһө элбэх сыл устата эн
Арааһы көрөн кэлбиккин.

Кэпсээ миэхэ, кырдьаҕас хатыҥыам,
Хас сайыны сайыһа атаарбыккын,
Хас киһи эн сөрүүн күлүккэр
Дуоһуйа сынньанан ааспытын.

Кэпсээ өссө элбэҕи,
Сиккиэр тыалга суугунаан,
Оргууй аҕай далбаатаан..