Иһинээҕитигэр көс

Кэриэс (Тарас Шевченко)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Өллөхпүнэ, көмүҥ миигин
Таптыыр Украинам
Унаар күөх киллэм истиэбин
Үрдүк кургааныгар:
Онтон мин көрө сытыаҕым
Дойдум күөх быйаҥын:
Истиэм Днепр эҥсиллэр тыаһын.
Бардам барылҕанын...
Кини Украина устун
Хаһан күөх муораҕа
Өстөөх хаанын сүүрдэн устуо,—
Мин тиллэн туруоҕум.
Оччоҕо мин үҥүөх этим
Таҥарабыт диэҥҥэ…
Ол кэммит кэлиэр диэритин
Айбыт диэн суох миэхэ.
Миигин көмөөт, өрө туруҥ.
Хандалыны хампарытыҥ,
Өстөөх өһөх хаанын тоҕуҥ,—
Көҥүл уота кыыстын!
Саҥа улуу кэргэн үөскүө —
Миигин умнумаарыҥ,
Итии намыын тылгытынан
Истиҥник ахтаарыҥ.

(Васильев Георгий Митрофанович тылбааһа)

Тарас Шевченко бикипиэдьийэҕэ