Күлүмнүүр, Никифоров Василий Васильевич
Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр - Саха сирин уһулуччулаах общественнай, политическэй диэйэтэлэ, краевед учуонай, суруйааччы, публицист, Сахалар сойуустарын салайааччыта, Саха сиригэр земстваны киллэрии көҕүлээччитэ уонна тэрийээччитэ.
Василий Васильевич Никифоров 1866 с. Саха уокуругун Дүпсү улууһугар сэниэ дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата — Дьокуускайдааҕы уезднай училищаҕа үөрэммит киһи — улуус суруксута эбит. Кини бэйэтин оҕолорун дьиэтигэр оскуола арыйан үөрэппит. Василий бастакы учууталынан политсыылынайдар Н.П.Странден, П.Д.Ермолов, Д.А.Юрасов уонна П.П. Подбельскай этилэр. 1876 сыллаахха Дьокуускайга эр дьон прогимназиятыгар киирбит. Онтун 1885 с. бүтэрбит. Орто үөрэҕи ыларыгар каракозовец Н.П. Странден көмөлөспүт. Үөрэнэ сылдьан кэлин бииргэ үлэлэспит дьонун кытта — бырааттыы Илья, Федор, Иосиф Поповтары, П.А. уонна М.А.Афанасьевтары, П.Н.Сокольниковы, В.Я.Слепцовы, Е.Д.Николаев II, онтон биллиилээх общественнай диэйэтэл Е.Д.Николаевтыын — билсэр.
Оскуола кэнниттэн төрөөбүт улууһугар суруксуттуур, онтон кулуба буолар. Бу дуоһунастарга үлэлии сылдьан кини мири таҥастааһыны кэҥэтэргэ, культуураны көтөҕүүгэ, дьон ыраас олоҕун туһугар, арыгылааһыны уонна хаартылааһыны утары охсуһар. Атыыһыт К.Д.Спиридоновтыын кыттыһан Дүпсүҥҥэ бастаан приход оскуолатын, онтон кини олоҕор министерскэй оскуоланы арыйтарар. Үөрэҕириигэ үлэтин иһин үрдүк наҕараадаҕа тиксэр — тохсунньу 25 күнугэр 1895 с. император Станиславскай лиэнтэлээх үрүҥ көмүс мэтээл биэрэр.
1894 — 1896 сылларга Сибиряков экспедициятын үлэтигэр кыттар.
1906 сыллаахха Сахалар сойуустарын (Союз якутов) тэрийэр.
Саха суругунан уус-уран литератуурата төрүттэниитигэр Никифоров сүүнэ улахан үтүөлээх. Литератуура саамай уустук көрүҥэр суруйбут "Манчаары" драмата бастаан бэчээттэммит уонна маассаҕа киэҥник тарҕанан биһирэммит, бары хаачыстыбаларынан национальнай классикаҕа киирэр үйэлээх айымньы.
1927 с. Дьокуускайга кэлэ сылдьан конфедералиистар дьыалаларынан тыллаабатаҕын иһин тутуллар. Атырдьах ыйын 1928 с. В.В.Никифоров ытылларга ууруллубут, онтон бу бириигибэры концлааҕырга 10 сылга ыытыынан уларыппыттар. Балаҕан ыйын 15 күнүгэр 1928 г. Новосибирскай куорат түрмэтигэр өлбүтэ. 1992 сыл олунньутугар реабилитацияламмыта.
- Манчаары (Манчаары түөкүн), дыраама