Иһинээҕитигэр көс

Күлүмнүүр Манчаары драматын 1996 с. тахсыытыгар Аан тыл (Копырин Н.З)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

В.В.Никифоров - Күлүмнүүр (18.05.1866 - 15.09.1928) саха бастакы үгүс өрүттээх бөдөҥ уопсастыбаннай деятеля, сырдатааччыта, литературатын, суругун-бичигин, бэчээтин, суруналыыстыкатын төрүттээччитэ, кыраайы үөрэтээччитэ, сокуонньута, саха революция иннинээҕи көҥүлгэ тардыһар национальнай интеллигенциятын баһылыга этэ. Кини Россия бастакы уонна иккис (олунньутааҕы) революцияларын Дьокуускайга буолуталаабыт сабыытыйаларыгар күүскэ кыттыбыта, холуонньа батталын утары "Сахалар союзтара" диэн аатырбыт босхолонуулаах хамсааһыны салайааччы, Россия федерациятын иһинэн уобалас бэйэтин дьаһаныытын (земствоны) туруулаһааччы уонна бастакы тэрийээччи буолбута. Сэбиэскэй иннинээҕи үгүс кулътурнай-сырдатар, социальнай-экономическай саҕалааһыннар, олохтоохтор тыын кыһалҕаларын ыраахтааҕы үрдүк сололоохторугар дьүккүөрдээх туруорсуулар кинитэ суох барбаттара. "Инородецтар" диэн ааттанааччылар съезтэрин, кулууптарын, куруһуоктарын сүрүннээһиҥҥэ, куоракка бастакы норуодунай ааҕыылары, публичнай библиотеканы, олохтоох музейы тэрийиигэ, кыраайы научнайдык чинчийиигэ, быыстапкаҕа көрдөрүүгэ, нуучча бааһынайдарын, интеллигенцияны түмэн Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын уопсастыбатын үлэлэтиигэ о.д.а. барытыгар кини бэрт элбэх сыратын биэрбитэ, баттаммыттар-атаҕастаммыттар адвокаттара этэ. Бу барыта ыйдаҥата суох хараҥа былаас, ньүдьү-балай олох бүрүүкээн турдаҕына, кыра да үтүө саҕалааһын кытаанахтык бобуллар, хам баттанар кэмигэр оҥоһуллубута.

Саха суругунан уус-уран литературата төрүттэниитигэр Никифоров сүүнэ улахан үтүөлээх. Литература саамай уустук көрүҥэр суруйбут "Манчаары" драмата бастаан бэчээттэммит уонна маассаҕа киэҥник тарҕанан биһирэммит, бары хаачыстыбаларынан национальнай классикаҕа киирэр үйэлээх айымньы. Атын үгүс суруйуулара, хомойуох иһин, көстө илик. Кини нууччалыыттан сахалыы улахан дьоһуннаах тылбаастары оҥортообута. Маны таһынан Василий Васильевич литератураны, бэчээти бастакы тэрийээччи быһыытынан сыаналанар. Сахалыы сурук өссө дьиҥнээхтик үөскүү илигинэ "Якутский край" (атын да аатынан тахсыбыт) бастакы көҥүл хаһыакка кини политсыылынайдары кытта ыкса үлэлэһэн сахалыы муннугу, балаһаны тэрийтэрэн норуот олоҕун-дьаһаҕын, кыһалҕатын кэпсиир матырыйааллары, бастакы уус-уран айымньылары балачча элбэхтик бэчээттэппитэ. Чэпчэки сыаналаах кинигэлэри таһаарар кооперативы тэрийсэн сахалыы айымньы күнү көрөрүн ситиспитэ. Аһара кытаанах кэмҥэ "Саха саҥата" (1912- 1913с.с.) диэн бастакы сахалыы уус-уран литературнай, уопсастыбаннай-политическай сурунаал үөдүйүүтүгэр В.В.Никифоров кыһамньыта эмиэ улахан. Бу сурунаал тула талааннаах эдэрдэр түмсүбүттэрэ, олортон А.Кулаковскай, А.Софронов, П.Черных о.д.а. саха литературатыгар сүдү кылааты киллэрбит суруйааччылар тахсыбыттара.

Кэлин Күлүмнүүр саха литературатын бастакы ситиһиилэрин туһунан суруйбут очеркатыгар ("Литературное творчество якутов", "Жизнь национальностей", М.,1923, кн.3-4) А.Кулаковскай, А.Софронов, П.Ойуунускай о.д.а. айымньыларыгар үрдүк сыанабылы биэрбитэ, онон сахаҕа литературнай кириитикэ үөскээһинигэр бигэ олугу уурбута, бу үлэтин киин бэчээккэ таһааран төрөөбүт литературатын киэҥ эйгэҕэ ким-хайа иннинэ билиһиннэрбитэ.

Сыылкаҕа сылдьан Никифоров Саха сиригэр сэбиэскэй автономия олоҕурбутун сөбүлээн Ойуунускайдаах ыҥырыыларын ылынан, Москваҕа кэлэн эдэр республика салайааччыларын сорудаҕынан элбэх улахан эппиэттээх эбээһинэстэри кыайа-хото толортообута, олоҕун тиһэх сылларыгар сүрдээҕин өрө көтөҕүллэн ордук научнай-чинчийэр үлэнэн күүрээннээхтик дьарыктанан испитэ, саҥа эпоха улуу босхолонуулаах идеятын ылыммытын тылынан эрэ буолбакка, дьиҥ дьыалаҕа көрдөрбүтэ.

"Манчаары" драманы В.В.Никифоров - Күлүмнүүр 1906 сыллаахха сайын ыраахтааҕы былааһын хаайыытыгар олорон суруйбута уонна хаайыыттан мэктиэнэн тахсан баран, ити сыл аан бастаан бэйэтин дьиэтигэр "Саха кулуубун" дьонун көмөтүнэн оонньотон көрдөрбүтэ. Онно Манчаары оруолун -А.Е.Кулаковскай, Манчаары ийэтин уонна Бэрт Маарыйаны - Ионов сыылынай хотуна М.Н.Андросова, Чоочону Т.В.Слепцов, Матырыананы - Е.Н.Аверинская, нуучча исправнигын - урукку сыылынай М.В.Сабунаев толортообуттара. Анал үөрэхтээх актер дьон оонньуулларын билэр нууччалар бу бастакы холонууну көрөн баран, сахалар да нууччаттан итэҕэс буолуо суохтар диэбиттэр. Драма суруллубута уонна сценаҕа турбута быйыл 90 сыла туолар.

Айымньы бастаан "Манчаары түөкүн" диэн ааттанан "Якутский край" хаһыат 1907 с. атырдьах ыйын 26, 30, балаҕан ыйын 2 күнүнээҕи ньүөмэригэр, салгыыта "Якутская жизнь" хаһыат 1908 с. кулун тутар 9, 16, ыам ыйын 11, 18, 25, 29, бэс ыйын 1, 8 күннэринээҕи ньүөмэрдэригэр бэчээттэммитэ. Манчаарыны "түөкүн" диэн оччотооҕу ыраахтааҕы цензуратыттан куотаары ааттаабытым диэн автор кэлин быһаарбыта. Бу "киһинэн үтүгүннэрэн көрдөрөр кэпсээн" өссө 1908 с. Дьокуускайга В.В.Жаров типографиятыгар И.Н.Эверстов таһаарыытынан туспа кинигэнэн бэчээттэммитэ. Онон бу саха литературатын историятыгар аан бастаан туспа кинигэнэн бэчээттэммит сахалыы уус-уран айымньы буолар. Кинигэ "Манчаары" диэн ааттанан ("түөкүнэ" оскуопка иһигэр суруллан) тахсыбыта. Кэлин М.Е.Николаева нууччалыы тылбааһынан айымньы "Ленские волны" сурунаал 1914 с. 5-9 ньүөмэрдэригэр бэчээттэммитэ. Пьеса улуустарга, нэһилиэктэргэ элбэхтик, Дьокуускайга нууччалыы эмиэ тура сылдьыбыта.

Сэбиэскэй былаас сылларыгар Никифоров "Манчаарыта" туспа кинигэнэн хаһан да бэчээттэммэтэҕэ, арай 1930-ус с.с. үөрэх оҕолорун хрестоматиятыгар кииртэлээбитэ. Адьас кэлин, суруйааччыны хараардыы букатыннаахтык уурайыытын утаата республика сурунаалларыгар хаттаан тахсыталаабыта. Оттон автор пьесатын бэйэтэ баарына көрөн 1908 с. туспа кинигэнэн таһааттарбыта билигин бэрт эрэйинэн көстөр буолла, онон биһиги кини төрөөбүтэ 130, айымньыта суруллубута 90 сылын туолууларыгар маассабай ааҕааччыларга анаан иккиһин туспа таһаарарга быһаардыбыт. Урут Бетлинг транскрипциятынан бэчээттэммити билиҥҥи сурукка түһэрдибит, 1908 с. тахсыбытыттан тугу да уларыппатыбыт, арай туһааннаах миэстэлэргэ "С" буукубаны "һ"-нан солбуйдубут. Холобур, "кусаҕан", "исин", "усуктаммыт", "киси", "асаабаккын"... оннугар "куһаҕан", "иһин", "уһуктаммыт", "киһи", "аһаабаккын" диэтибит.

Н.З.Копырин, филологическай наука кандидата. СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ 25.03.96.